Текст книги "Тыа кэһиитэ"
Автор книги: Аким Татаринов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 4 страниц)
Көһүү
Тоолоох Кэрбииттэн Чаппандаҕа көһөн иһэллэр. Ортоку сыарҕаҕа оҕолор ийэлэрин кытта олорбуттар. Тооттон уратылары суорҕаҥҥа суулаабыттар. Акуу уһуктан кэлбитэ, үрдүк баҕайы таас хайа аннынан айаннаан иһэллэр эбит.
– Бу тугуй, ийээ? – Акуу үрдүлэригэр таҥнары сабырыйан турар таас хайаны сыҥааҕынан ыйан ыйытта.
– Бу өрүскэ түһэр Биэлэй үрэх таас хайата. Ыраахтан көрөр этибит дии. Сайын хайа үрдэ туртайан көстөөччү этэ дии, ол аата үрдүнээҕи хайа хаара хойут ууллар.
– Хайа үрдүгэр туох эмэ баар дуо?
– Туох да суох. Улаханнык айдаарыма. Хайа иччитэ тыалы түһэриэ.
Үрдүгэр сууллаары гыммыттыы сабырыйан турар хаас хайаны Акуу куттана, дьулайа көрө сытан, аны олордо. Хайаттан куттанара ийэтэ буойбутуттан өссө улаатан, саҥата суох хайаны өрө одуулуу истэ. Ити хайа үрдүгэр ыттан тахсан көрөр киһи, мууска сүөкэнэ сытар отторго тахсан көрөрдөөҕөр, ыраахха дылы көрүөххэ сөп эбит диэн санаа кылам гынан ааста. Бу айаннаан иһэн иһиттэҕинэ, сыарҕа ыллыгын тыаһа ыйылаан, хаһан да тохтуо суох курдук иһиллэр. Акуу кэнники иһэр сыарҕалаах аты көрөр. Ат сыарҕатын кэнниттэн Дьөгүөрүскэ хааман иһэр. Билигин хайа мэһэйдээн, кинилэри күн уота тыкпат эбит.
Манна өйдөөн көрбүтэ, айаннаан иһэр суоллара киэҥ баҕайы. «Массыыналар айанныыр суолларынан айаннаан иһэбит», – ийэтэ эттэ. Акуу массыына суолун хаста да көрбүт буолан, ол суол киэҥин, бу суол ураты сыттааҕын бэркэ билэр. Саарык сүүрэн кэлэн кинилэри сытырҕалаан ааста. Онтон хаалан кэнники сыарҕа аттынан кэккэлэһэ хааман иһэн, Акуулаах сыарҕаларын таһынан инники сыарҕа диэки ааста. Балай эмэ айаннаабыттарын кэннэ, таас суорба хайалара кэннилэригэр хаалла. Күн чаҕылыччы тыкта. Акуу суорҕаныттан оронон тахсан, иннин диэки көрбүтэ: инники ат сыарҕатын кэнниттэн аҕата хааман иһэр эбит. Саарык иннилэригэр ыраах сүүрэ турда. Акуу ол айаннаан иһэн, өрүс сыырын үрдүгэр кырыыһалаах дьиэ турарын көрө биэрдэ.
– Билигин баакынсык нуучча оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ тохтоон, чэйдээн ааһыахпыт. Ыаллар малларын мээнэ туппахтыы, таарыйа сатаамаҥ. Кыыһырыахтара.
– Баакынсык диэн тугуй?
– Түүн хараҥаҕа борохуоттар таас хайаҕа кэтиллибэтиннэр диэн борохуоттар устан ааһар сирдэригэр кыһыл уоттаах лаампалары уматан ууга туруорар киһини баакынсык дииллэр.
– Ол хайдах уматарый?
– Киэһэ хараҥа буолуута оҥочонон өрүскэ устан киирэн, лаампалаах уста сылдьар баакын лаампаларын уматар, сарсыарда халлаан сырдаан эрдэҕинэ ол лаампаларын умулларар.
Син балай эмэ айаннаан баран аттар тохтообуттарыгар, бары аттарыттан түстүлэр. Сыарҕалар суол кытыытыгар ыраас хаарга тохтообуттар. Аттары сыаҕаларыттан булгурутан сыарҕалар ойоҕосторугар баайдылар, аҕалбыт отторун аттар иннилэригэр быраҕан биэрдилэр уонна бары үрдүк сыыры киһи хааман тахсар ыллыгынан дабайан истэхтэринэ, ыт үрэн ньаҕыйара иһилиннэ. Үөһэ таҕыстылар. Арай биир үрүҥ түүнэн саба үүммүт кыра ыт кинилэр Саарыктарын кытта сыллаһа турар эбит, онтон эмискэ охтон түстэ, көхсүнэн сытан түөрт атахтарынан тэбиэлэннэ, илин атаҕынан Саарык муннун таарыйан ылла уонна сүр түргэнник ойон туран сүүрдэ. Кини кэнниттэн Саарык ыстанна. Кыра ыт сүүрэн иһэн, эмискэ туора ойоот, Саарык диэки эргиллэ биэрдэ, Саарыкка тугу эрэ этэр курдук үрэр. Онтон эмиэ сүүрэр. Тохтуур. Үрэр, сүүрэр.
– Ити тугуй? – Акуу кэнниттэн хааман иһэр аҕатын диэки көрөн, кыра ыты ыйан ыйытта.
– Тэллэх ыта.
– Тэллэх? – Акуу киһи сытар тэллэҕин саныы түстэ. – Киниэхэ сыталлар?
– Оо, бу оҕону, доҕоор. Ыт үрдүгэр сытыахтара дуо? Кыратын иһин итинник ааттаатахтара дии.
– Ити ыт оҕото дуо?
– Улахан ыт. Элбэх саастаах.
– Муодатыын. Кыра тэллэх ыта. Ааттаах дуо?
– Болуонка диэн ыҥыраллар.
Улахан дьон атахтарын хаарын тэбэнэр кэмнэригэр кыра ыт оҕолорго кэлэн, кинилэр атахтарын сытырҕалаан көрдө. Аача төбөтүттэн имэрийбитигэр, кыра ыт таптатан буолуо, хараҕын быһа симэр, кутуруга эйэҥэлиир, уһун үрүҥ түүлэрэ эйэҥэлэс үлүгэр. Кыра ыты Аачалаах Акуу имэрийэн бардылар. Кинилэр ыттара Саарык аттыларыгар турар, аҕылаан буолуо, тыла туора тахса сылдьар, аҕылыыр кэмигэр тиистэрэ килэһэн көстөллөр. Ити кэмҥэ хаачыгырыыр тыас иһиллибитигэр, Акуу ол диэки эргиллэн көрбүтэ: Тоо икки илиитинэн тутан хачыал курдугу хамсатар. Үөһэ туорайга баайыллыбыт быалардаах, суон маһынан оҥоһуллубут хачыал курдук. Онно араас маллар таҥаһынан бүрүллүбүттэр. Акуу итиннэ сүүрэн тиийэн, Тооттон ыйытта:
– Бу тугуй?
– Ыаллар лаабыстара үһү.
– Хачыал курдук дии.
– Ыаллар астарын кутуйах сиэбэтин диэн манна уураллар эбит.
– Хачыаллаабыт киһи.
– Кыыһырыахтара.
Ити кэмҥэ ийэлэрэ оҕолору ыҥыртаан дьиэҕэ киирдилэр. Дьиэҕэ киирбиттэрэ, утары үөрбүт сирэйдээх нуучча эмээхсинэ турар эбит. Кини таһыгар улахан баҕайы бытыктаах оҕонньор олоппоско олорор. Тугу эрэ саҥарар. Тастан киирбит дьон тас таҥастарын устан ылан ыйаан, остуолга олорбутунан бардылар. Эмээхсин остуол, оһох икки ардыгар сүүрэ сылдьар. Остуолга ас бөҕөтө тардылынна. Оҕолор аһаабытынан бардылар. Ыаллар килиэптэрэ наһаа үчүгэй сыттаах, сымнаҕас баҕайы. Дьиэлээх оҕонньор остуолтан тэйиччи олорон тугу эрэ кэпсиир. Акуу биирдэ көрө түспүтэ, эмээхсин оһоххо өйөнөн туран оҕолору көрө-көрө ытаан барда, хараҕын уутун баартыгынан соттор. Бытыктаах оҕонньор улахан баҕайытык саҥарбытыгар, эмээхсин оһох кэннигэр баран хаалла. Аһыы олорон Тоо ийэтигэр тугу эрэ сибигинэйэн эттэ. Ону истээт, ийэлэрэ оҕонньору кытта тугу эрэ кэпсэттилэр. Оҕонньор төбөтүн кэҕиҥнэтэ-кэҕиҥнэтэ күлэн ылбытын Акуу бэлиэтии көрдө. Тоо түргэн баҕайытык аһаан бүтээт:
– Акуу, аһаан бүт. Таһырдьа тахсыах, – диэтэ уонна таҥнаары олох мастан турда.
– Тоҕо?
– Хачыаллыы.
– Ыы.
Акуу, Аача, астарын бэрт түргэнник уобалаан аһаан бүтээт, таҥнар бокуойа суох таҥастарын кыбынаат, таһырдьа ойдулар. Тоолуун Акуу маллаах хачыалы анньыалаан көрбүттэрэ, хачыал бэрт улугумнук хамсыыр эбит. Аача хачыалга тахсан олорунан кэбистэ, Тоолоох харса суох чигдиттэн тирэнэ-тирэнэ бастаан кылгастык, онтон уһуннук хамсыыр гына хачыалы төттөрү-таары анньыалаатылар. Хачыал бэттэх диэки кэлэн баран, анараатах төннүүтүгэр Тоо:
– Акуу олор, – диэн дьаһайбытыгар, Акуу хап-сабар хачыалга биллэҕэ түһэн ыттан эрдэҕинэ, хачыал аны төттөрү барар кэмэ кэллэ. Төннөн эрдэҕинэ, Тоо хачыалга быардыы сытынан кэбистэ, онтон иннин диэки үҥүөхтээн, эргийэн хачыалга олордо. Акуу хачыалга быардыы сыппытынан айаннаан иһэн, хачыал төттөрү барыытыгар, атаҕа сиргэ соһулла сылдьар буолан, хачыалтан сыыйыллан, сиргэ тиэрэ түһэн, хачыал үрдүнэн ааһан эрэрин көрөн хаалла. Хачыал ааспытыгар, Акуу, ыстанан тураат, төннөн эрдэҕинэ, эдьиийин таһыгар хачыалга биллэҕэ түспүтүгэр, эдьиийэ тобуктаан олорон, сонун саҕатыттан харбаан ылан хачыалга соһон таһаарда. Акуу тиэрэ эргийэн олордо уонна үөһэ тыынан ылла.
– Бытаан эбит, – диэт, Тоо икки илиитинэн анньынан сиргэ ыстанан түстэ, турбакка охтон тиэрэ барда. Ат буолан туруутугар хачыала тиийэн кэлбитигэр, сиргэ хаптаччы сытан хачыал ааһарын кэтэстэ. Хачыал кини үрдүнэн ааста, төннөөрү кэлэн истэҕинэ, Тоо ойон тураат хачыалтан тутуспутунан кэннинэн сүүрдэ. Кини хаста да сүүрэ сылдьан, хачыалы күүскэ аспытынан барда. Хачыал хамсыыра уһаан барда. Тоо сүүрбүтүнэн анньан иһэн, сымса баҕайытык хачыал үрдүгэр таҕыста уонна хачыал быатыттан тутуһан туран кэллэ. Оҕолор хачыал үрдүгэр олороллорун көрөн, хантан эрэ сүүрэн кэлбит тэллэх ыта хачыалы эккирэтэ сылдьан үрэн ньаҕыйда. Саарык оҕолор бадьыыстарын билэр буолан, кинилэр диэки төбөлөнөн чигдигэ сытынан кэбистэ. Аны тэллэх ыта Саарыгы тула сүүрэ сылдьан үрбүтүгэр, Саарык туран эрдэҕинэ, тэллэх ыта сыыры таҥнары сүүрэ турда, Саарык кэнниттэн эккирэттэ.
Бу хачыал урут оҕолор оонньуур хачыалларынааҕар хамсыыра уһун уонна өр хамсыы турар эбит. Халлаан сылааһа, үчүгэйэ сүрдээх. Акуу манна өйдөөн көрбүтэ: дьиэ таһыгар хотон, ат дала, тиэллибит оттор суохтар эбит. Атын улахан тутуулар көстүбэттэр. Арай биир сарай көстөр. Ол аттыгар аргы маска илимнэр, сиргэ талах харчаагалар сыталлар. Ити хачыаллана оонньуу сырыттахтарына, улахан дьон дьиэттэн тахсыбыттарыгар, оҕолор хачыалтан түһэн дьоннорун батыстылар.
Ырыа-тойук аргыстаах устан иһэр дьиэ
Аллан өрүс үрдэ – Чаппанда симиэбийэтэ. Саас буолан халлаан сылыйан, хаар ууллубута ыраатта. Акуу көрдөҕүнэ, Кэрбиилэрин диэки көстөр үрдүк хайа үрдүгэр хаара ууллубакка туртайан көстөр. Өрүс мууһа дохсуннук тыаһаан-ууһаан устан бүттэ.
Билигин олорор сирдэрэ киэҥ, ыраахха диэри нэлэһийэн көстөр. Урут олорбут сирдэригэр Кэрбиигэ ынах мэччийэригэр толооно кыра уонна оттонор ходуһата суох буолан, манна көһөн кэлбиттэр эбит. Манна хас да дьиэ баар. Биир дьиэҕэ Боруопкуннар диэн нуучча ыала олорор. Биир улахан кыыстаахтар. Уоллара оскуолаҕа үөрэнэр үһү. Икки иччитэх дьиэ баар уонна сарай анныгар турбалаах, кирпииччэнэн оҥоһуллубут оһоҕу «нуучча оһоҕо» дииллэр. Ити оһоххо оҕолор ийэлэрэ килиэп астыыр. Ити оһох дьиэтин көтүрэн илдьэ барбыттар үһү.
Өрүскэ муус устуутугар уута эбиллэн улаатан истэ. Кэлин уһугар тыа диэки хонуу уунан туолла. Кураанах сир диэн уһун синньигэс хара сыыр арҕаһа дьиэлэри кытта хаалла. Улахан оҥочону дьиэ ойоҕоһугар, тыа диэки өттүгэр күрүө анныгар эһэ Торопуун, Дьөгүөрүскэ, оҕолор сыһан-соһон аҕалан баайбыттара. Аҕалара халаан уута кэлиэн иннинэ собуот бадыбаалын харабыллыы Кэрбиигэ барбыта. Ыаллара икки оҥочолоохтор. Иккиэн дьиэ ойоҕоһугар бааллан сыталлар. Эһэ Торопуун уу кэлэрин мээрэйдиир мастаах, ол маһа быһаҕынан кэрдиистэммит бэлиэлээх уонна туорай кыра мастаах. Эһэлэрин кытта ол маһы оҕолор сотору-сотору баран көрөллөр.
Халаан уута дьиэлэри ыллаҕына, оІочонон устан, ынахтарын барытын быанан соһон тыаҕа устан барыахтаахтар үһү. Акуу эһэтиттэн уу мээрэйдиир маһы көрө сылдьан:
– Эһээ, тыаҕа оҥочонон устан хаһан барабыт? – диэн ыйытан кэтэххэ охсуллубута.
Билигин өрүс мууһа суох. Оҕолор таһырдьа сылдьаллар. Ити кэмҥэ өрүс диэкиттэн туох эрэ дьикти тыас иһилиннэ. Тоо ол тыаһы истэ оҕуста уонна:
– Дьон ырыалара иһиллэр. Хормуоска тыаһыыр, – диэтэ.
– Бу оҕону көр эрэ. Бу үлүгэргэ ким ырыа ыллыа буоллаҕай? – эһэлэрэ Торопуун баһын илгиһиннэ.
– Кырдьык, кырдьык. Ырыа иһиллэр, эһээ. Хормуоска тыаһыыр.
– Бэй! Ол хайдах баҕайытай? – эһэлэрэ иһиллээн ытыһын кулгааҕар даҕайан, олойон турбахтаата.
– Тыый! Кырдьык ырыа иһиллэр дуу? Кэриим кэритиитин ырыата буоллаҕа дуу?
– Иһиллэр, иһиллэр! – Тоо хаһыыта сүрдэннэ. – Дьиэ устан иһэр!
– Оо! Бу туох алдьархайай, доҕоор? – диэт, Торопуун өрүс үөһээ өттүн одууласта.
Оҕолор өрүс сыырын диэки сырыстылар. Ол аймалҕаны истэн баар дьон бары өрүс диэки хаамыстылар.
Өрүһү таҥнары биир кырыыһалаах дьиэ өрүс сыырыттан чугас сиринэн устан иһэр эбит. Дьиэ түннүгэ көстүбэт гына тимирбит, кырыыса анныгар дьоннор хаамса сылдьаллара көстөр.
– Бу үлүгэри! Бу дьон дьиэлэрэ ууга былдьанан, дьиэлэрин үрдүгэр тахсан быыһаннахтара дуу? – эһэлэрэ дьону аһынар саҥата иһилиннэ.
– Ити дьону оҥочонон киирэн таһаардахха табыллара дуу?
– Дьөгүөрүскэ, ити Уйбаанныын киирэргит сөп дуу? Эчи эбэбит сүүрүгэ күүһэ бэрт дии.
Ити икки ардыгар уунан устан иһэр дьиэ уу кытыытыгар турар дьоҥҥо чугаһаата.
– Ноо! Бу дьиэ икки өттүгэр эрдии мастарын курдуктар кырыыһаттан быган көстөллөр дии, – Дьөгүөрүскэ саҥа аллайда.
– Ама оннук буоллаҕай?
– Кырыыһа анныгар араас маллардаахтар. Арааһа өрүһү таҥнары устан иһэр көс дьоннор буоллаҕа дуу? – Дьөгүөрүскэ кэтэҕин тарбана-тарбана саҥара турда.
Дьиэ адьас ыаллар тастарыгар устан кэллэ. Дьиэ кырыыһата икки өттө аһаҕас, кырыыһата аһаҕас өттүнэн кытыл диэки буолла. Ыаллара Уйбаан нуучча устан иһээчилэри кытта хаһыытаһан балай эмэ кэпсэттэ. Дьиэ өрүс сүүрүгүн таҥнары уста турда.
Дьөгүөрүскэ Уйбаанныын кэпсэппитэ: Элдьикээнтэн нуучча ыала Дьабарахыга таас чох хостооһунугар үлэлии баран иһэр дьон эбит. Ити дьиэлэрин үрдүгэр олорон көһөн иһэллэр үһү.
– Эмиэ сөпкө дьаһаммыт дьон буоллулар. Бэлэм дьиэни уһааран илдьэн, тиксибит сирдэригэр дьиэлэрин ыһан баран, үөһэ таһааран тутуута өр буолуо дуо? Олорор дьиэ бэлэм буола түһэр.
Сотору кэминэн өрүс халаанын уутун таһыма түһэн барда. Ити 1956 сыллаахха буолбут түбэлтэ.
Хара Алдан балыксыттара
Өрүс устун өрө-таҥнары араас борохуоттар усталлар. Хара буруону унаардан хастыы да баарсаны соспут, сороҕо сулумах, дьону таһар борохуоттар үгүстэр. «Пропагандист», «Красная Якутия», «Лермонтов» диэн ааттаах борохуоттары оҕолор улахан дьонтон истэн эндэппэккэ билэр буоллулар. Хас да күн майаактары, ууга дьаакырданар баакыннары көрөр-истэр катер кинилэргэ тохтоон турда. Оҕолор катерга тахса сырыттылар, аллара киирэн дьон утуйар, аһыыр хосторун көрдүлэр. Биир киэһэ оҕолор дьоннорун кытта чугас сиргэ муҥхааллаһа сырыттылар.
Эһэлэрэ өрүскэ ииппит бэрээмээтин күнү көтүппэккэ оҕолору илдьэ оҥочонон устан киирэн көрөр, бэрэмээттээн хатыыһы ылаллар.
Биир күн кыралар дьиэҕэ баар кэмнэригэр убайдара Тоо дьиэ аанын өҥөйөн туран:
– «Пропагандист» биһиги диэки иһэр! – диэн хаһыытын истээт, оҕолор таһырдьа ойон тахсыбыттара, ырааҕынан кылбайан ааһар борохуоттара бу күлтэйэн, кинилэр кытыыга тардыллан турар оҥочолорун таһыгар чугаһаат, киһи кулгааҕа дөйүөх айылаах хаһыытаан бытарыппытыгар, Акуу куйахата күүрбэхтээн ылла. Манна баар дьон бары таас кытылга киирдилэр. Борохуот уу кытыытыттан чугас ойоҕоһунан буолан тохтоото. Борохуокка баар дьон аллараа, үөһээ палубаларга тураннар кытыыга баар дьону көрөөрү үмүөрүспүттэр. Арай биир киһи улахан баҕайытык ордоотуура иһиллэр. Борохуот кэннигэр сиэтиллэн иһэр икки улахан оҥочолорго дьон быа кирилиэһинэн түһэн олордулар уонна оҥочо быаларын сүөрэн борохуоттан арахсан, кытыы диэки устан кэлэн тааска тигистилэр. Борохуот, кылгастык
үстэ хаһыытаат, ойоҕоһугар баар салбахтарынан күүскэ эрдинэн, ууну биллиргэччи охсуолаан, үөс диэки устубутунан барда.
Оҥочолортон дьон ыстаҥалаһан түһэн, кытыыга баар дьону кытта илии тутуһан дорооболостулар. Кэлбит дьон ортолоругар икки улахан кыргыттар баалларын өйдөөн көрдүлэр. Дьон малларын үөһэ таспытынан бардылар. Оҕолор кыра, кыайар соҕус малларын эмиэ таһыстылар. Кэлбит дьону кытта кэлсибит ыты олохтоох ыттар сытырҕалаһан билсэ сылдьан, оҕолор Саарыктара ол ыты кытта охсуспутунан барда. Ол икки ардыгар ыттар дьон курдук тутуспутунан өрө туран кэллилэр, иккиэн айах айахтарынан хапсан ыллылар уонна тааска сууллан түһэн, ырдьыгынаһа-ырдьыгынаһа ыытыспакка сыттылар. Кытыыга баар эр дьон ыттарга сырсан тиийэн, сытар ыттары тэбиэлээн көрдүлэр. Ыттар ытырсыбыт айахтарын ыытыспакка сыталларын биир хамсалаах оҕонньор анараа ыты кэлин атаҕыттан харбаан ылан уу диэки соһон эрдэҕинэ, эдэр уол Саарык кэлин атаҕыттан ылла. Иккиэ буолан көмөлөөн ууга тобуктарыгар дылы киирэн баран, арахсыһа илик ыттары бастарын ууга хам баттаан кэбистилэр. Өр буолбата, икки ыт ууттан тус-туһунан туран кэллилэр. Анараа ыты моойторугуттан эдэр уол харбаан ылла уонна кытыы диэки состо. Саарык ууттан кытыыга тахсан эрдэҕинэ, Тоо моонньуттан тутан ылла уонна ытын кытта үөһэ сыыр үрдүн диэки сырса турдулар.
Саарыгы эһэлэрэ тутан ылан, арҕаһыттан соһон илдьэн сарай баҕанатыгар баайда. Кэлбит дьон уот оттон, балааккалары туруоран, астарын бэлэмнээһин түбүгэр түстүлэр. Ыттары ууга соспут оҕонньор оҕолору барыларын төбөлөрүттэн имэрийтэлии сылдьар, ону-маны оҥоро сылдьан оҕолору кытта кэпсэтэн ыаһахтаһар. Акуу онно билбитэ, убайа сэттэ, Аача алта, Акуу биэс саастаахтар үһү. Тоо быйыл оскуолаҕа үөрэнэ барар үһү. Акуу саас диэни быһаарбат. Оҕонньору баар дьон бары Дадай диэн ыҥыраллар. Кинини оҕолор Дадай эһэ диэн ыҥырар буоллулар. Улахан остуолу оҥоро оҕустулар. Кэлбит дьон уонна олохтоох эр дьон кинилэри кытта аһастылар. Оҕолорго Дадай эһэ кэмпиэт, бэчиэнньэ биэртэлээтэ. Оҕолор олорортон сылайан дьон тастарыгар эккирэтиһэ оонньуу сырыттахтарына, Дадай эһэ ыллыы олорорун Акуу көрө биэрдэ. Чугаһаан кэлэн балай эмэ иһиллээтэ да, тугу да өйдөөбөтө, арай кини айаҕыттан куутук саҥатын курдук саҥа тахсарын чуо истэн, Дадай иһигэр куутук баара буолуо дуу диэн санаан ылла. Киэһэ ыраатан оҕолор дьиэҕэ утуйа киирдилэр.
Сарсыарда оҕолор турбуттара, дьиэ иһигэр, таһыгар туох да тыас иһиллибэт. Ийэлэриттэн билбиттэрэ: ити борохуотунан кэлбит дьон Хара Алдан диэн сиртэн балыктыы кэлбиттэр. Билигин кинилэр өрүс үөһээ өттүгэр балыктыы барбыттар. Хас да хонугунан манна кэлэллэр үһү. Онтон өрүһү таҥнары оҥочолорунан устан муҥхалыы-муҥхалыы дойдуларыгар тиийиэхтээхтэр эбит. Кинилэри кытта аҕалара Дьөгүөрүскэлиин балыктыы барсыбыттар.
Дадай тааһын тыаһа
Бу күн ыраас халлааҥҥа былыттар тахсаннар күнү бүөлээтилэр, тыал үрэн сирилэттэ да, ардах сыыйа таммалаабытынан барда. Таһырдьа сылдьар оҕолор дьиэлэригэр сырсан киирдилэр. Күүстээх ардах курулаччы куппутунан барда. Халлааҥҥа эмискэ үлүгэр дьиэ үрдүнэн туох эрэ бачыгырыы түстэ да, бэрт улахан тыас саа эстэринээҕэр улаханнык тыаһаан тоҕо барда. Остуол таһыгар турар Акуу ол улахан тыастан куттанан, остуол анныгар киирбитин билбэккэ да хаалла. Эдьиийэ эмиэ манна кииристэ. Этиҥ этэн субу-субу тоҕута барар.
– Ити халлааҥҥа этиҥ этэр, – Аача сибигинэйэн эттэ.
– Ол кимий?
– Билбэтим.
Этиҥ этэрэ оргууй сыҕарыйан, өрүс уҥуор диэки иһилиннэ. Арай этиҥ улахан тыаһын кэнниттэн куһурҕас тыас симэлийэн хааларын Акуу истэн:
– Этиҥ эһэ Дадай курдук саҥарар эбит.
– Хайдах?
– «Һу-һу» диир дии, – Акуу Дадай эһэ бэҕэһээ ыллаабытын курдук саҥарбыта буолла.
– Ол хайдах этиҥ киһи курдук саҥарыай?
– Ити улахан тыас кэнниттэн «һу-һу» диир ээ, Дадай эһэ ыллыырын курдук.
– Ити Дадай эһэ тааһы тааска охсуолуур тыаһа, – оһоххо өйөнөн турар Тоо күлэ-күлэ быһаарааччы буолла.
– Кини манна суох дии?
– Дадай эһэ элбэх балыгы муҥханан ылаары, тааһы тааска охсуолаабыт тыаһын иһиттибит.
– Мин наһаа куттанным ээ. Тыаһа маннык улахан, – Акуу икки илиитин быластаан көрдөрдө. Акуу ааҥҥа тиийэн ааны оргууй сэгэтэн таһырдьаны көрөөрү аһан эрдэҕинэ, Саарык кыбылла-кыбылла киирэн, аан таһыгар турда, хара түүтүттэн уута саккырыы сылдьар. Акуу сөмүйэтинэн инчэҕэй түүтүн баттаан эрдэҕинэ, ыта төбөтүн иннин диэки ньолбоччу анньаат, эмискэ дьиһигийэн, түүтүн уутун тула өттүгэр ыста.
– Оо! Уччаа! Саарык наһаа куһаҕан, – Акуу сирэйигэр ыһыллыбыт ууну ытыһын көхсүнэн туора-маары соттон кэбистэ.
– Бу уолу, доҕоор. Инчэҕэй ыт таһыгар турбат буол, – эриллэн түүрүллүбүт утуйар таҥаһыгар өйөнөн сытар эһэтэ Торопуун сэмэлээтэ.
– Саарык, миигин тоҕо уунан ыстыҥ? – Саарыга тугу эттиҥ буолла диэбиттии оҕо диэки көрөн баран, төбөтүттэн имэрийэн эрэр уолу иэдэһин салаан ылла уонна оһох таһыгар тиийэн түөрт атахтарын тыыллыы тэбинэн сытынан кэбистэ.
– Чэ, оҕолоор, халлаан көнүө. Сылаас бөҕө түһүө.
– Эһээ, ону хайдах биллиҥ? – Тоо ыйытаачы буолла.
– Ити ыт атахтарын тыыллыы тэбинэн сытарыттан.
– Оттон тымныы буоларын Саарык билэр дуо?
– Ону ханнык баҕарар ыт билэр.
– Хайдах? – Тоо токкоолоһон барда.
– Тымныы күн буоларыгар, ити кыһын, ыт түүрүллэн, муннун иһигэр анньан сытар буолааччы. Онтон кыһын былыттаах күн буолар буоллаҕына, атахтарын тыыллыы тэбинэн сытар буолааччы.
– Оттон ат хайдах күн кэлэрин билээччи дуо? – Тоо эһэтин диэки көрөн ыйытааччы буолла.
– Ат барахсан улахан былыт кэлэрин билэн сытар буолааччы. Ыт буоллаҕына сиргэ сытан күөлэһийэр үгэстээх. Эбэтэр сайынын улахан былыт кэлээри гыннаҕына, күөх оту сиэччи.
– Эһээ, аҕам атынан айаннаан кэлэн баран, атын хомуутун, сөдүөлкэтин уһулан иһиирдэҕинэ, ат тоҕо хаарга күөлэһийэрий?
– Ээ, ити ат тириппит, уутун түүтүттэн оботтороору хаарга күөлэһийэр баҕайы.
– Онтон аҕам иһиирбэтэҕинэ, Көҕүллээх күөлэһийиэ дуо?
– Күөлэһийэ үөрэммит ат көлүллэн кэллэ да, быатыттан сиэтэн турдахха күөлэһийээччи.
– Ээ, арба, Ычаандаҕа хапкааҥҥа ылларан өлбүт андаатараны түүтүн куурдаары хаарга сууйар этибит дии.
– Оннуок! – эһэтэ сөбүлэстэ.
Акуу ааны сэгэтэн таһырдьаны көрөн баран саІа аллайда:
– Оо! Таһырдьа уу бөҕө баар буолбут. Кирилиэспит устара буолуо?
Оҕолор кирилиэскэ тахсан ардах кэнниттэн сөрүүкээбит салгынынан тыына турдулар.
Тобурах
Оҕолор аҕалара балыктаан бүтэн, эһэлэрин кытта чугас оттууллар. Дьөгүөрүскэ Хара Алдан балыксыттарын кытта барсыбыта.
Мантан чугас аҕалара аах оттуур буоланнар, оҕолор сорох күн кинилэргэ тиийэн чэйдэһэн кэлэллэр. Ол сиргэ бырдаҕа хойуутуттан оҕолор ходуһаҕа уһаабакка дьиэлэригэр кэлэллэр. Ыттара Саарык кинилэри кытта барсар, кинилэри кытта төннөн кэлсэр.
Биир сырыыга иннилэригэр хааман иһэр ыт ойоҕоһугар Акуу тиийэн, ыты куотаары сүүрүүнэн түстэ. Ыта кинини куоттарбакка, өссө инники соҕус сиэлэн иһэр. Акуу сүүрэн иһэр тэтимин эбэн биэрдэ, ыта хаалбат, Акуу сүүрэрин өссө эбэн биэрдэ, ыта хаалбакка сиэлэн иһэр. Ыт аппыт айаҕыттан кыһыл тыла туора тахса сылдьар. Акуу күүһэ баранан барда. Ыта оргууй сиэлэн иһэр. Хайдах да түргэнник сүүрбүтүн иһин, Акуу ыт иннигэр түһүө суоҕун билэн, ыт кутуругун харбаан ылан, туппутунан сүүрэн көрдө эрээри, кыаҕа эстэн, кутуругу ыытан кэбистэ. Кэннин хайыһан эдьиийдээх убайын көрбүтэ, дьоно син балай эмэ сиргэ хаалбыттар. Оҕолор дьиэлэригэр тиийиилэригэр халлаан хара былытынан бүрүлүннэ.
– Эдьиэй, мин Саарыгы куотаары сырыстым да, кини түргэн эбит.
– Акаарыа! Саарык сүүрэн эйиэхэ кыайтарар буоллаҕына, тайаҕы, эһэни аҕабытыгар хайдах бултатыай? Куобаҕы ситэ баттаан тутан аҕалар дии.
– Дьиэттэн куотан тахсыбыт куобаҕы туппута дии уонна тыаттан тутан аҕалар дии.
Оҕолор дьиэлэригэр тиийиилэригэр, эмискэ күүстээх тыал түстэ. Ийэлэрэ оҕолору дьиэҕитигэр киириҥ диэн дьаһайбытыгар, оҕолор дьиэлэригэр киирдилэр.
Эмиэ урукку курдук этиҥ эппитинэн барда. Ардах түһэн эрэрин оҕолор мас ороҥҥо тобуктаан олорон түннүгүнэн көрөллөр. Өр буолбакка Акуу куобах атахтардаах эргэ, хайа барбыт туос мээрэйин орон анныттан ороон таһааран муостаҕа тэлгэтэн эрдэҕинэ Тоо:
– Тобурах түһэн эрэр, – диэбитигэр Акуу түннүккэ ойон тиийбитэ, туох эрэ кыра үрүҥнэрэ сиргэ түһэ-түһэ өрө тэйэн ылаллар. Тоо сүүрэн тиийэн ааны тэлэччи аһан кэбистэ. Оҕолор манна тоҕуоруһан туран, таһырдьа туох буоларын көрөн турдулар. Аттара Көҕүллээх сүүрэн кэлэн, аһаҕас көнньүүһүнэ иһигэр киирэн хаалла. Кини кэнниттэн ынахтара кыра сүөһүлэри батыһыннарбытынан эмиэ көнньүүһүнэ диэки сырсан иһэллэр эбит. Көнньүүһүнэҕэ киирээт, ынахтара Туома маІыраа да маІыраа буолла. Оҕолор саҥаларын истэн, Саарыктара сарай анныттан ойон тахсан, оҕолор икки ардыларынан дьиэ иһигэр киирдэ.
Дьиэ иннинээҕи мас үктэлгэ чыычаах сымыытынааҕар эрэ кыра хаар тобурахтар түһэр тыастара тобугурас үлүгэрэ буолла.
Тоо аантан илиитин быктаран таһырдьа уунаат:
– Айака! Тобурах таарыйара ыалдьар эбит, – диэт, илиитин сулбу тардан ылла.
Итини истээт Акуу илиитин таһырдьа быктарарын кытта, илиитигэр тобурах охсуллан аһый гыммытыгар, «аа» диэбитинэн илиитин төттөрү тарта. Таһырдьа тобурах түһэрэ хойунна. Дьиэ кирилиэһигэр тобурах түһэр тыаһа, тибигирэс буолла. Сир үрдэ сыыйа туртайан барда.
– Тобурах элбэҕиин!
– Улахан баҕайылар.
– Уу, куутук сымыытын саҕалар.
– Сымыйалаама, букатын кыралар дии.
Тобурах түһэрэ сыыйа бүттэ. Бары кирилиэстэригэр тахсан тобурахтары икки илиилэринэн ытыһан ыллалар. Тобурахтар үксэ чыычаах сымыытын саҕалар, сороҕо онтон улахаттар.
– Бачча улахан тобурах куутугу таарыйдаҕына өлөрүүһү.
– Арба, куутуктарбыт ханна баалларый? – Аача аймана түстэ.
– Хотон иһигэр куотан киирдэхтэрэ дии.
– Оннооҕор Саарыкпыт куттанан дьиэҕэ киирдэ дии.
– Эһэбит аах тобурахтан саспыттара буолуо дуо?
– Отуу иһигэр саспыттара буолуо.
– Ийээ, ньирэйбит ханна баарый?
– Улахан ынахтары кытта көнньүүһүнэҕэ киирбитэ буолуо.
– Тобурахтан аппыт, ынахтарбыт эмиэ куттаннылар.
– Эһэ эмиэ куттаммыта буолуо дуо?
– Эмиэ дьиэтигэр киирбитэ буолуо.
– Эһэ дьиэтэ суох. Мас анныгар саспыта буолуо. Кыыллар бары от-мас анныгар састахтара дии, – Тоо быһаарааччы буолла.
Сотору буолаат күн тыкта. Тобурахтар сыыйа уулланнар чалбах буоллулар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.