Текст книги "Үһүйээннэр, номохтор"
Автор книги: Багдарыын Сүлбэ
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 12 (всего у книги 52 страниц) [доступный отрывок для чтения: 17 страниц]
ОҔУҺУНАН…
Аан бастаан Тыгын саҕаттан, Тыгынтан куттанан, күрээн кэлбиттэр. Сатаҕа олохсуйбуттар. Олоруҥ буоллаҕына тимир ууһа, мас ууһа – мындыр дьоннор сайдан испиттэр.
Ити Хаҥалас эбэтин кытыытыгар Ойоҕос диэн киһи олорбут. Ол буоллаҕына, былыргы ыраахтааҕы суола диэн харчыны хомуйан баран, Дьокуускайга киллэрэн туттарар эбит. Оҕуһунан. Онно үс хонугунан тиийэр эбит.
Иннокентьев Афанасий Николаевич (1909). Марха улууһа, II Бордоҥ нэһилиэгэ. 1982 с. суруйбутум.
ДААДАППЫЙ ОҔОННЬОР
Былыр Тыалыкы баайа Бэкэй Оҕонньор 700 сүөһүлээх байан олорбута үһү. Мэҥэдьэк күөл кытыытыгар. Өтөҕө Бүдүргэй Бэс анныгар Бэкэй күөлэ диэн баар билиҥҥэ дылы.
Күрүөҕэ-хаһааҕа киирбэт кыыл атыырдааҕа үһү. Онтун абааһы көрөн, күһүн тутан сиэри сылгыһытын Даадаппый оҕонньору соруйбут. Үйэтин тухары таас дьүлэй оҕонньор. Ону хаста даҕаны, өйдөтө-өйдөтө, этэ сатаабыт: «Оҕуур быаҕын сырыһыннарар атыҥ агдатыгар баайан баран, атыыр моонньугар быраҕаар».
Ону кыайан өйдөөбөккө: «Бэйэм агдабар дуо?» – диэбит.
Этэ сатаан баран, баһын тоҥхох гыммыт. Бэкэй баай. Онто, бэйэтин агдатыгар маанан баран, атыырын моонньугар иилэ кээспит.
Ити аатырбыт Мэҥэдьэк күөлү эргитэн иһэн, Куртах Арыыта диэн алааска, иһин хайа тардан, куртаҕа хаалбыт. Моонньоох диэн тумулга моонньоох баһа хаалбыт.
Ити сирдэр билигин сити аатынан ааттана тураллар. Моонньоох Пиэрмэтэ диэн баар. Сурукка киирэр.
ДЬААРЫН ОЙУУН
Маалыкайга Дьаарын Түбэтэ диэн баар.
Дьаарын бу Бүлүү өрүс сүнньүгэр суох аатырбыт ойуун. Тоҕо диэтэххэ, былыр хара ыарыыны Бүлүү сүнньүттэн хоту дойдуга үүрдэрээри, үс түүннээх күн кыырдарбыттар. Ону, кыыра туран, көрүү көрбүт. «Тарбаҕым быыһынан биир сиргэ таммалаан хаалла. Кэнэҕэс бу ыарыы кыыбаҕа тахсара буолуо», – диэбитэ үһү.
Николай Федотович Осипов-Чоомуут. Ньурба, I Хаҥалас нэһилиэгэ. 1983 с. кэпсэтэрбэр 53 саастааҕа.
СААЛААХ
Былыр биһиги дойдуга Саалаах диэн киһи олорбут. 9 кэргэннээх. 9 аҥыы олороллоро үһү ити кэргэттэрэ. Биирдии хоно-хоно ааһа турара үһү.
Ити гэннэ, дьэ, кургуом оҕус сыарҕатыгар олоро сылдьара үһү. Оҕуһун буоллаҕына нөҥүө киһи буостуктуура үһү. Өлүөҕэр дылы ыҥыырдаах аты уонна оҕуһу миинньибэтэх. Оҕус сыарҕатыгар олорор. Кыһыннары-сайыннары. Олбоххо. Ол иһин «Саалаах курдуккун» диэн өс хоһооно – бу дойдуга.
Ити дьахталлар тэйиччи олороллор курдук үһү. Мээнэ билиһиннэртээбэт үһү.
Степан Петрович Андреев. Ньурба, Өҥөлдьө нэһилиэгэ. 1986 с. 76 саастааҕа.
ӨҤӨЛДЬӨНҮ СЭРИИЛЭЭН ЫЛЫЫ
Хаарыҥда. Эбэ диэн ааттыыр этибит. Омолдоон быраата өлбүт сирэ. Тоҥустары кытта сэриилэһэ сылдьан. Өҥөлдьөттөн үүттэлээри. Тоҥустары. Дьолуот диэн сиргэ сэриилэһэн хоппут. Маҥнай. Омолдоонуҥ хотор. Тоҥустары арҕаа үтэйэр. Уонна, Хаарыҥдаҕа киирэн, Дайыыла Тумула уонна Күүлэ Тумулга сытан, оҕунан ытыаласпыттар. Омолдоонуҥ быраата, ол тумулу (Күүлэ Тумулу) кэтэҕинэн эргийэн киирэн, ытыллан өлбүт. Омолдоон быраатын баһын төргү үлэнэн кэлбит. Онон Хааннаах Киһи Баһа Төргүүлээх Улуу Омолдоон диэн ааттаммыт.
Баһа суох көхсүн ол Күүлэ Тумулга араҥастаабыта үһү. Ол иһин Күүлэ Тумул диэн билиҥҥэ диэри ааттанан турар ол сир.
Ити, аахтахха, оруобуна аҕыс үйэ эбит.
Хотторон киирэн баран, Аканаттан Саадьаҕай диэн киһиттэн көмө ылан таххыбыт. Аймаҕа үһү. Ол таххан, тоҥустары Өҥөлдьөттөн үүттэлээбит.
Тоҥустар, маҕан Хайа дабаанынан түһэннэр, Чуукаар өттүнэн, Кукаакы нэһилиэгэ диэҥҥэ тиийбиттэр. Ол тийэннэр, Моҕулу диэн сиргэ олохсуйбуттар. Ону Омолдоон, иккиһин эккирэтэн, Саадьаҕайтан ылбыт хоһууннарынан уонна бэйэтин хоһууннарынан Моҕулуттан үүттэлээбит. Онно биир аҕа ууһун таһааран олордуталаан кэбиспит. Олор туймуулара 1 билигин элбэх киһи баар. Антипиннар диэн эҥин.
Бэс Атах диэн сыһыы баар. Улахан оттонор ходуһалаах, аҥаара сайылык. Улахан сир. Онно Саадьаҕайыҥ көмүллэ сытар. Өссө киһилээх, аттаах көмүллүбүт киһи. Булгунньахха, илин кытыылыы соҕус. Ону хостоору гыммыттарын мин хостотторботоҕум. Төрүппүт буоларынан.
Тылы быһаарыы:
1 Туймуулара – сиэннэрэ, ыччаттара.
Өҥөлдьө киниитин өҥөйөн көрбүтэ үһү. Төрөөбүтүгэр. Төрөөтүнэн киниитин өҥөйөн көрбүт тойоно. «Туох айылааҕы аҕалан, оҕом ытаатаҕай-соҥоотоҕой», – диэн баран.
Былыргы киһи киниитин көрөр бырааба суох. Төрөөн сытар дьахтары.
Прокопий Васильевич Филиппов-Көллүгэс Борокуоппай (1920). Ньурба, Малдьаҕар. 1986 с. суруйбутум.
ЧЫКЫЙА ИИКТЭЭБИТ
Чыкыйа Ииктээбит – маар. Тоһуукай оҕонньор, Дьокуускайга тохсуһун ыһыах уура киирэн иһэн, ол маарга, тоҕус үөрдээх атыыры киллэрэн иһэн, онно хоммут.
Һол түүн ойоҕо оҕо куоппут. Ол иһин ааттаабыт. Былыр оҕо куоппутун чыкыйалаан төнүннүбүт дииллэр үһү. Ааттаах улахан баай тиити түөрт өттүнэн буруустуу һуорбут. Мантан чыкыйалаан төнүннүм диэн.
Һитигирдик кэпсэтэллэр этэ кырдьаҕастар. Тоһуукайыҥ ойоҕо буоллаҕына Дьокуускай дьахтара үһү.
Былыргы киһи айыымсах, быһа-хото һаҥарбат.
Макар Васильевич Васильев-Уус Макаар. Ньурба, Акана нэһилиэгэ. 1987 с. 100 саастааҕа.
ҺААЛГАТ ААТТААХ УЛУУ ОЙУУНА
Һаалгакка олорбута үһү ааттаах улуу ойун. Ол олорон: «Ыалдьар, улахан ыалдьар ааста. Тоҥус сиригэр. Ол төннөрүгэр мин холоһон, баҕалаһан көрүөм этэ. Кини аддьаххайдаах өлүү. Ону мин кыайар-хотор буолуум, арай. Кэнэҕэһин кэнэҕэски диэри сүтүөх этэ кини», – диэбит үһү. «Онон төннөрүгэр мин тоһуйан көрүөм. Ону, оҕолорум эрэ буолларгыт, төһө даҕаны һаҥа, төһө даҕаны үөгүү-хаһыы баарын иһин, быган эрэ көрөөйөҕүт. Эһиги быган көрдөххүтүнэ, мин хотторобун. Бука, бука диэн, быган көрөөйөҕүт. Икки күөх эбириэн оҕус буолан хассыахпыт», – диэбит үһү.
Ойун биһирэнэрин һаҕанааҕы киһи буолан, оннук кэпсиэбит.
Таххан, дьэ, хассыбыт буоллахтара. Икки оҕус буолан. Үс сууккаҕа. Ол үс сууккаҕа хассыбыттарын кэннэ, оҕолор, тэһийбэккэ, халҕаҥҥа тыас бөҕө буолбутугар, өҥөйөн көрбүттэр.
Дьэ, онтон: «Үтүө бүттэ», – диэн дьиэтигэр киирэр. «Сыыстардыгыт. Өҥөйөн көрдүгүт», – диир. Дьэ, онтон кэриэс этэр: «Самнан түспүт Һаалгат Эбэ буоллуҥ диэн ааттаарыҥ. Мин самныбытым курдук. Ойуннаах ойуун төрүөн төннүбүт буоллахпына, бу Эбэҕит үрэҕин батан, алын киирээриҥ. Ол киирэн иһэн, кыыл өлө сытарын булан һиэххит. Үрэххитин, баппыт курдук, батан иһээриҥ. Ол иһэн, сиэҥи булан һиэххит. Ыһыккыт бүппүтүн кэннэ. Өкөгөр диэн ааттаарыҥ ону. Таҥара Эмиийэ диэриҥ, ол кыылы булан сиэбит сиргитин. Өйүөҕүт бүппүтүн кэннэ, ол сиэҥ булан сиэбит сиргитин Өкөгөр диэриҥ. Өкөгөр тиит төрдүттэн булан һиэххит. Онтон өлөр-хаалар күҥҥүтүгэр биир эмээххини булуоххут. Онно өрүөн-өһүөн, сынньанан, Эмээххин Толооно диэриҥ. Дьэ, онтон ол Эбэни булуоххут. Онно олорболуоххут. Ыал буолан. Ол олорболоон баран, уһун олоҕу олорбоккут оччо-бачча. Онон Кэттэгэй Арыы диэн ааттаарыҥ».
Биһиги кэттэгэй олоҕу олордубут диэн сэһэн баара.
Степан Иннокентьевич Иннокентьев. Ньурба, Акана нэһилиэгэ. 1987 с. кэпсэтэрбэр 88 саастааҕа.
САТА ОЙУН
Һатаҕа Сата Ойун диэн баар үһү. Эмиэ ойун. Һата төрдө. Бу Һата ойуну Тоторбот ыҥырар. Тоторбот Угалдьы диэн сырыытыгар һылдьар дохсун, бардам киһилээх. Бу киһитэ буоллаҕына күнүһүн ыалдьан һытар. Кымыһы, ымдааны иһэ-иһэ ыалдьар, хотуолуу һытар. Тоторбот Һата Ойуну ыҥырар: «Үлэһитим ыарыйда», – диэн.
Һата ойун кэлэн, дьэ, кыырар. Киһитэ өлөр бэт буоллаҕа. Тоторбот, батыйатын маннык уурунан баран, олорор. Ойунун ыккатыгар. «Ыалдьыбат эбит. Һымыйанан һытар эбит», – диэн көрүүлэнэр киһитэ.
Онуоха киһитэ, өһүргэнэн, түөкүнүнэн ойуннана һылдьар эбиккин диэн, батыйаннан анньаары, сыссар. Былыргы ыал оһоҕо дьиэтин оттотугар эбит. Ону оһоҕу үстэ эргитэр. Ол иһин, ойун баччыр оҕо саҕа баҕаннан хотуолуур. Ол баҕата буоллаҕына, Тоторбокко утары ыстана-ыстана, ыттыы үрэр. Онуоха: «Баайгын киэр гын, баайгын харай», – диэн көрдөспүтэ үһү. Онуоха, баайын харайан, барар. Элбэхтик ас-үөл биэрэн атаарбыт. Итинэн бүтэр.
Ол киһитэ тоҕо ыалдьарый? Түүнүгэр уорар, күнүһүгэр ыалдьар, өлөр бэрт.
МОХСОҔОЛ
Аканаҕа Кыыл Алааһа баар. Ити мин эһэм алааһа. Кыыл – Мохсоҕол уола. Мин – Кыыл кыыһын уолабын. Өтөҕүн үүтэ билигин да баар буолуо.
Ити Мохсоҕол диэн тоҕо ааттаммытый? Кыанар-хотунар, дохсун-бардам киһитэ үһү. Омуктарга хамначчыт һылдьыбыт. Табаһыт уол буолан. Үлэлэппэккэ аһатар буолан бартар. Уоталлар. Киһини һиир омуктар эбит. Түөртээх оҕону сүгэр-көтөҕөр, илдьэ һыддьар оҕолоох эбит. Ол оҕо: «Эдьийбин аҕалаллар. Икки хонон баран кэлэр. Оччоҕо эйигин һиибит», – диэбит.
Ону истэн, хаппыт балык һүгэн, хаппыт эт һүгэн, дьэ, күрүүр. Дойду һиргэ. Ол күрээн иһэн, ыһыга быстан хаалар. Мас саалаах
үһү. Биир куоҕаһы өлөрөн һиэн, дойдутун, ыалы, дьэ, булар. Аканаҕа киирэн, Таас Тумуһахха олохсуйар. Кэргэннэнэн кынан.
Матрена Егоровна Иванова. Ньурба, Эҥээрдэк. 1994 с. 65 саастааҕа.
СУОР БУУЛААБЫТ
Биһиги ийэбит айыыны-хараны наһаа итэҕэйэр. Биһигини сэрэтэр онно. Дьэ, онно ол үөрэтэр, үһүйээннэри. Онно буоллаҕына Тоҥус Сиригэр 1 истибитин кэпсиир. «Суору тыытымаҥ. Суору тыытар – улахан айыы», – диэн.
Былыр Тоҥус Сиригэр Тоҥус Байбал диэн олорбут. Соҕотох уоллаах эбит. Ол уола, улаатан баран, суору ыппыт. Ол суора, көхсүгэр табыллан баран, өлбөтөх. Хааннана-хааннана, хаана тохто-тохто, үөһэ таххыбыт. Халлаан үөһэ көтө турбут. Ону ол уол наһаа өр көрөн турбут. Ол суора, таххан-таххан, көстүбэт буолан хаалбыт. Дьэ онтон, ол уол, дьиэтигэр кэлэн баран, төһө өр буолан баран ыалдьыбытын билбэппин, сиһинэн ыалдьыбыт. Ол суору ыппытынан, көхсүнэн, ыалдьыбыт. Туох да эмтээбитин истибэтэх. Былыр ойуҥҥа эрэ эмтэтэллэр. Онтон ол ойуннара: «Суор буулаабыт. Биһиги кыайбаппыт. Суор төрдүн биһиги кыайбаппыт», – диэбит. Суор төрдүн туох да кыайбат диэн. Ол киһи кэлин, хас да сыл ыалдьа сытан баран, өлбөтөҕө. Сиһэ ньохчоҕор буолан турбута. Ол ньохчоҕор киһи хойукка дылы сылдьыбыта.
Ийэм ол курдук кэпсиир этэ.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Тоҥус Сирэ – билигин Өлөөнүнэн биллэр. Сыантардара Солоҕоон диэн быһыылаах. Оҥньоо, Таас Хороон диэн сирдэр. Кэлин, дэриэбинэ буоларыгар, Өлөөнү булбуттар.
ААТТАММАТ ОҔОННЬОР АРАҤАҺА
Өтөх Оҕонньор, бэйэтэ ойун оҕонньор, дьоннорбор кэпсиирин истэр этим. «Биһиги төрдүбүт – аата Ааттаммат Оҕонньор», – диир этэ. Эҥээрдэк төрдүтэ. Өтөх мин аҕабын кытта бииргэ төрөөбүт дьахтары ылбыт. Биһиги күтүөбүт.
Былыр ол Ааттаммат Оҕонньор араҥаска хаалбыт. Өтөх кырдьарын саҕана араҥаһа былыр сууллубут. Хаххыйах бөҕө үүнэн турар үһү. Оҥкучах курдук сиртэн үүммүт. Онно кэлэн, эһэтин санаан, сынньанан, табаахтаан ааһар.
Дьэ, онно ол сороҕор кукаакы буолар диир. Хаххыйахха олороллор үһү. Хантан кэлэрэ биллибэккэ. Сороҕор буоллаҕына кугас тииҥ буолан, сүүрэн таххар үһү хаххыйахха. Ону ол оҕонньор: «Эһэбит эмэгэтэ билигин да баар эбит биллэрэр», – диир.
Кыра эрдэхпитинэ отоннуур хордоҕойбут. Ол хаххыйахха чугаһаабаппыт. Ырааҕынан ааһабыт. Чугас куччугуй көлүйэ баар. Онно эһэбит төбөтүн уҥуоҕа, уулаан, кубарыйан олорор диэн кэпсиир этэ.
Итинэн мин билиим бүтэр. Оҕонньор кэпсиирин истэр этим.
Иннокентий Афанасьевич Петров-Чыычаах (1928). Ньурба, I Бордоҥ. Дьаарын аҕатын ууһа. 1994 с. кэпсэппитим.
УУЛААН ТАХСАР ҮҺҮ
Төрүппүт Дьаарыттар эбит. Айдаҕа төрөөбүттэр үһү. Оҕонньор. Ол Оҕонньоруҥ киирэн уулуур. Былыргы, былыргы-ы ити. Хас да хос эһэ. Үс хас буолуо, чэ.
Мин аҕам кэпсиир этэ: «Күн киириитэ, төкүнүйэн киирэн, уулаан тахсар үһү. Күөс быстыҥа. Инньэ диэн кэпсииллэр», – диир этэ. Бэйэтэ көрбөтөх. Ол Оҕонньор ааттаах ойуун үһү. Бу дойдуга хара өлүү баар үһү. Былыр. Ону үтэйбит үһү диэн кэпсииллэр этэ. Олох Хара Байҕалга илдьэн быраҕыахтаах үһү. Онто тарбаҕын быыһынан биир үөн түһэн хаалбыт. Бүлүү быыһыгар. Онон Бүлүүгэ ыалдьаллар билигин даҕаны диэн кэпсииллэр этэ.
Семен Васильевич Семенов-Сиэдэрэй Сэмэн (1927). Ньурба Малдьаҕара. 1994 с. кэпсэппитим.
АЛБЫННААБЫТТАР
Бу дойдуга киһи суох эрдэҕинэ, тоҕус ураһаннан кэлэннэр, тоҥустар түспүттэр. Тиит Ураһа диэн билигин ол сир. Ол кэлиилэригэр аҕыйах саха баар эбит. Сэриилэспиттэр балар. Биһиэннэрэ ох сааннан киирсибиттэр. Хотторбуттар сахалар. Били тоҥустарга.
Һоччоҕо даҕаны улахан өйдөөх дьоннор бааллар эбит. Былыргы ньүкэн үйэҕэ. «Бу үчүгэй сирбитин былдьаары гыннылар. Хайдах арахсыбат сүбэни булабыт», – диэбиттэр. Хотторон бараннар. «Хоттордубут, эһиги тойон буоллугут», – диэн тохтоппуттар сэриини. Албыннаабыттар.
Бу дойдуларын дэлби уоттууллар. Уот анньаллар. Кэрийэ сылдьаннар. Дьэ, били лабыктаны олоддьу уот сиэн кэбиһэр, эһэр. Тоҥустар, табаларын куоттаран, дьэ, үөһэ тахсаллар. Бу Марханы өксөйөн. Моркуоку диэки тиийэллэр. Дьэ, онно тиийэннэр, олохсуйаллар. Ити Ээйигинэн тобохторо, сыдьааннара олордохторо дии.
ДЬЫҤКЫЫДА ОЙУН КЫАЙТАРЫЫТА
Хаалыҥнар төрдүлэрэ Дьыҥкыыда ойун диэн. Дагдайар диэн ааттаах күүстээх убайдааҕа үһү. Итиэннэ биир бырааттааҕа үһү. Ол Долоон ойун диэн үһү. Ууһаан-тэнийэн олороллор. Туспа түбэ. Мантан алта көстөөх сиргэ. Хаалыҥ диэн түбэ.
Баһылай Оҕонньор хамначчыта Айанньыт Уола диэн киһи киллэрэн испит били биэни. Сэтиилэнэн. Били Дьыҥкыыда ойунтан. Кыстата иитиэххэ биэрбитин Баһылай Оҕонньор туттаран ылар. Хамначчытынан. Айахтарын быһар. Һити биэттэн төрүөттээн, дьэ, олохторо эстэр. Баай киһи ойуну кыайар. Дьоллоох киһи кыайар эбит. Өлбүт Үрэҕэ диэн баар. Ол иһэн биэтэ онно өлөр. Онтон дьиэтигэр тиийэн кэлэр. Били баай киһиэхэ. Атын сургуйга баайар. Киэһэ буолар. Дьэ, били оҕонньоруҥ, үөһэтээҕи оҕонньор, эһэ буолан кэлэр. Ону дьиэлээх тойон, Баһылай Оҕонньор, сэрэххэдийэн, тэринэргэ барар. Сүгүннүө суоҕа диэн. Онон хааннаах кырбастаах эти дуомугар оҕун төбөтүгэр иилэр. Бэйэтин үс төгүл эргиттэр. Ол кынан баран, ох һаатын бэлэннэнэн олорор. Кэлиэ диэн.
Боруҥуй буолуута, дьэ, оруобуна кэлэр. Били оҕонньор. Эһэ буолан. Кини хараҕар көстөр. Бу ыстаайаҕа турар акка. Сытырҕалыы-сытырҕалыы һөрүөстэргэ дылы кынар үһү. Онтон дьиэ ааныгар кэлэр. Дьиэҕэ киирээри оҥостон эрдэҕинэ, тэйиччи олорон, кыттыһар хонноҕун туһаайан баран, тардан кээһэр. Онуоха «һык» кынарга дылы саҥа иһиллэргэ дылы гыммыт. Һүтэн хаалбыт.
Онтон ол сассыарда көрбүтэ кыраһаҕа хара хаан тохто сытара үһү. Ол аата ол түүн, дьэ, оҕонньор өлөн хонор. Эмээххинигэр кэпсиир: «Дьэ, һиэтилэр. Тоһуйан. Мин һубу өлөбүн. Дойдуну былдьаһыҥ», – диэбит. Ону эмээххинэ: «Хайдах дойдуну булан киириэхпитий?» – диэбит. «Мин һирдиэҕим. Дойдулуур һуолгут төрдө бу баар», – диэн ыйан биэрэр. «Хара һуор буоламмын, даллаҥалаан иһиэҕим. Иннигитигэр. Ону батыһан иһээриҥ. Онтон, дьэ, буруо көстөр сиригэр тиийдэххитинэ, мин сүтэн хаалабын. Ыалы буллаххытына, бэйэҕитин бэйэҕит билиниэххит».
Бу түбэҕэ атын ыал һуоҕа үһү ол кэмҥэ.
«Дойдуттан таххан, өлүкпүн харайдыннар», – диэбит.
ААРЫМА ЭБЭ
Оҕо һыддьан айа тартым. Куобах орохтообутугар. Итиэннэ тиистээх бөрө капкаанын уурдум. Кэллэҕим аайы көрөн барар. Куобах. Иккитэ көрөн бартын кэннэ түһээтим.
Арай биир араҥас үрдүгэр сүөһү баһын, сүгэннэн кэлгийэн баран, уурбуттар. Ону көрөбүн. Түһээн. Ол тэйиччи һоҕус өттүгэр уһун улахан үөл тиит турар эбит. Маны эргийэ 9 көтөр кэккэлээн олорор. Тиити төгүрүччү. Бу хойут һууллубута. Сибилигин биир эмэ баар.
Бу көрдөхпүнэ, хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас эмээхсин, тайаҕар түөһүнэн өйөнөн олорон, мин диэки көрө биэрдэ: «Бу тоҕойуом, мин һыддьар һирбин тоҕо мэһэйдиигин? Мантыгын эһэттээ. Эспэтэххинэ куһаҕан буолуоҕа», – диэтэ.
Уһукта биэрбитим – түүлүм эбит. Ону аҕабар һити курдук, оруобуна баарынан, кэпсээн биэрдим. Истэн баран, өлө һыста.
«Ханна ол иитэлээн һытаҕын?» – диэтэ.
«Баахыллай Ойууругар», – диэтим.
«Оо, били аарыма Эбэлэрин киэнэ. Ону көрбүккүн. Бүгүн эһэттээн кэл уонна ити һиргэ һылдьыбат буол. Тулатын тэпсибэт да буол. Ити былыргылар ытык дабаппыт бэлиэлэрэ. Чэ, уонна һаҥарыма. Ону-маны үөтэ һылдьыма», – диэбитэ аҕам.
Таисия Гаврильевна Захарова. Ньурба, Тыалыкы нэһилиэгэ. 1994 с. 66 саастааҕа.
КИҺИ ТӨБӨТҮН УҤУОҔА
Ньурбаттан көстөн ордуктаах сир баар. Икки Күндэ: Улахан уонна Кыра Күндэ. Сэргэстэһэ сыталлар. Ханнык Күндэтигэр эбитэ буолла. Хордоҕойдоох, тумуһахтаах. Урукку Бараһыылап холкуос миэстэтигэр.
Онно былыргы ойун уҥуоҕа турар үһү. Онтон биир бириэмэҕэ киһи төбөтүн уҥуоҕа, күөлгэ киирэн, уулаан тахсар үһү диэн кэпсиир этэ. Хорулаҕа сиэстэрэлии сылдьан истибитим. Уйбаныап Арамаан Анисимович биһиги дойдубут туһунан үһүйээни кэпсиир этэ.
Ити ыалга мин дьуккаах олорбутум.
Николай Григорьевич Петров-Буруулгун. Ньурба улууһа, Үөдэй нэһилиэгэ. Буокалар аҕатын ууһа. 1994 с. 58 саастааҕа.
УОТ БУОЛАН КИИРЭР
Макаар эмээххиниттэн, Васильева Анна Михайловнаттан, 86-та буолуо, Акана олохтооҕо, истибитим. Атын да кырдьаҕастартан эмиэ истибитим. Ону быйыл сайын чуолкайдаатым.
Сирэ буоллаҕына былыр-былыргыттан баай дьон олорбуттар, Бэс Арыы диэн. Бэс Арыы Мархалыыр суол төрдүнэн, хаҥас өттүгэр куутуйа алаас оҕото баар. Онно Алаас диэн сайылык пиэрмэтэ олорор. Ол алаас аҥар баһыгар быытыкай, үйэтигэр уолбат көлүкэлээх. Быыкай. Кус хараҕын саҕа. Манна буоллаҕына, уҥуоргу кэриитэ сүүрбэччэ миэтир кэриҥэ буолуо. Ууга диэри.
Ол уҥуор, ойуур иһигэр ойун оҕонньор көмүллэ сытар. Аата да ааттаммат оҕонньор. Ол буоллаҕына, кусчуттар, куобахчыттар күһүн даҕаны, сайын даҕаны, куобах ороҕун курдук буолан, көлүкэҕэ киирэр диэн кэпсииллэр. Хараҥаҕа көстөр дииллэр.
Аана эмээххин эппитэ: «Былыр-былыргыттан, уот буолан, төкүнүйэн киирэн уулуура үһү», – диэн.
ЫЙЫЛАСТАН ТӨРҮТТЭЭХПИТ
Ыйылас Элэмэс – Омуоруйа Тумарча уола. Омуоруйа баай Амма, Таатта үрэхтэринэн дойдулаах Сэһэн Болугур ууһун баайа дэнэр кэпсээҥҥэ.
Ыйылас сүрэхтэммит аата Өлөксөөндүр. Сэһэн кэпсииринэн, Элэмэс диэнэ, хотуннан, илининэн айаҥҥа сылдьыбытыттан этин өҥө эриэн элэмэс өҥнөммүтэ дэнэр.
Эһэм, кырдьан баран, кэпсиир буолара: «Биһиги төрүттэрбит, Дьокуускай диэкиттэн кэлэн, үс бырааттыы Чиллэ Түүкээҥҥэ түһэр төрдүгэр олоҕурбуттар. Бу сирдэрин былыргы аата Кубалыҥда диэн. Кэлин, кинилэр аҕаларын ууһа тэнийбитин кэннэ, Ыйыластар, Ыйылас сирэ дэммит».
Бу дойдуга кэлэн, олоҕуран, хас сыл олорбуттара биллибэт. Биирдэ өйдөөбүттэрэ, сүөһү-ас ииттэргэ, бииргэ олорорго сирдэрэ кыараҕас буолан биэрбит. Биир үһүйээн этэринэн, бу сирдэригэр ким хааларын мөккүһэн, охсуһан, улахан убайдара кыайбыт. Онон кини хаалар буолбут. Биир үһүйээҥҥэ – сүбэлэһэн, үс аҥы олорорго, аҕа ууһун тэнитэргэ кэпсэппиттэр. Инньэ гынан, улахан убай Кубалыҥдаҕа олорон хаалбыт. Орто быраат Үөһээ Бүлүүгэ Сургуулук диэн сиргэ олохсуйбут. Сургуулукка кини сыдьааннара Самсоновтар диэн үһү, үөрэхтээх дьон, үөскээн сылдьаллар буолуохтаах. Ыйыласпыт дэһэллэр үһү. Кыра быраат Сунтаарга, Хадаҥҥа Ыйылас аҕатын ууһа баар дииллэрэ. Мин истэр этим.
Эһэм аҕата Бүөтүр сэттэ уоллаах, икки кыыстаах эбит. Бары да тура-олоро сылдьалларын саҕана, ат бөҕө, кус быһый дьоно үһү. Икки быраат, Семенов Петр Петрович уонна Семенов Софрон Петрович, Аҕа дойду сэриитигэр баран өлбүттэр. Уоннааҕылара дойдуларыгар олорбуттар. Бары уһун үйэлээхтэр этэ. Мин эһэм Тооспой-Семенов Дмитрий Петрович куска, куобахха, балыкка, онтон да атын кыра булка тойон этэ.
Аграфена Николаевна Тимофеева (1932). Сунтаар, Нөөрүктээйи. 1994 с. Ньурба Ньурбачааныгар суруйбутум.
ДЬААРЫН – ОҔУРУОТТААХ ОҔОННЬОРО
Бу дойдуга 8 саастаахпыттан олоробун. Ити Кураан диэн сиргэ. «Наука» холкуос. Баакаһылга олоробун. Убайааҥҥа олоробун. Үөрэнэрбэр Ньимискэннээххэ үөрэнэбин.
43 сыл сайын удаҕан Баачаанап эмээхсиҥҥэ дьуккаах олорбуппут. Аата Өксүөй диир ийэм. Баачаанап өтөҕө – Туойдаахха, Улахан Оҕуруоттаах тумус арыы курдук үрдүгэр, Ньурбачааҥҥа кэлэргэ. Ампаар дьиэлээх, хотоно туруорбах, салгыы тутуллан турар этэ.
Ол эмээхсин кэпсииринэн, ити былыргы өбүгэбит Дьаарын ойун диир этэ. Оҕуруоттаах тулатыгар олорор ыалларга кинээс үһү. Кини этэринэн.
Дьэ, киэһэ күн киириитэ, кугас сукуна дуу, суппуун дуу сонноох үһү, онто кытаран көстөрүн көрөллөр үһү дьоннор. Уонна сэлээппэлээх үһү. Дьэ, ол Быччайар үрдүнэн, икки Оҕуруоттаах ыккардыгар киэһэ күн киириитэ хаамар үһү. Дьэ, ону көрөннөр, тула олорор оҕонньоттор: «Тойон ыҥырар», – диэннэр бараллар үһү. Мунньахтыыр буолаллар үһү. Араас улахан дьыалаҕа. Баачаанап удаҕан кэпсиир этэ ити курдук диэн. Уонна этэр этэ биир дьиктитэ – бу Бүлүү сүнньүгэр ити хара ыарыы турарыгар баҕарбатах. Ону, ытыһыгар тутан илдьэ иһэн, ырааҕын быыһынан Мастаахха түһэн хаалбыт сороҕо. Онон итиннэ ол хара ыарыы үөскээбит.
Ол эмээххин итиэрдик кэпсиир этэ. Уончалаах сылдьан итини дьиктиргиир этибит. Киэһэ буолла да кэпсиир. Араас ойуну, удаҕаны, абааһыны, кими эмтээбитин. Итинник сирдэргэ сылдьымаҥ, маһын-отун тыытымаҥ. Мин маспын тыытымаҥ диэн боботтуур этэ.
Хааһах эмээххинэ диэн иккис эмээххин баар. Өрүүнэ диэн аата. Эмиэ ичээмсийэр эмээххин. Дьэ, ол Быччайарга Дьаарыныҥ, ат төбөтө буолан киирэн, уулуур диэн кэпсиир этэ. Ол Быччайарга араҥастана сытар уҥуоҕа – алдьархай аарыма тиит. Тыал суулларбыт. Төрдө турар билигин даҕаны. Ол мутуга бэйэтэ тиит курдук суон, икки салаалаах. Онон тиит төрдүнэн үстэр. Аҕыйах сыллаахха көрбүтүм. Сэрии саҕана буобардар, итиннэ киһи уҥуоҕа баара, ону оттубуттар. Тоҕус устуука остуолба кириэстэрэ туралларын көрөр этибит. Дьэ, ол Дьаарыныҥ дьаарбайар сирэ. Ол тумул.
Кыһыны быһа малатыылка үлэлиир, бурдук сынньар. Оҕуруоттаах бурдуктара ынырыгын үүнэллэр. Ону, мас кыайан булбакка, оттубуттара буолуо. Соруйан оттубаттар. Ону кырдьаҕастар сөбүлээбэттэр, абааһы көрөр этилэр. Ким сөбүлүөҕэй. Киһи уҥуоҕун оттору. Оҕонньор тиитин мутугуттан буобар кыыс уот оттубута буолуо диэн кэпсиир этилэр. Ол кыыс, төбөтүнэн ыалдьан баран, үтүөрбэтэҕэ, Мэгэдьэккэ таххан өлбүтэ. Ити Тамаара эмээххин бииргэ төрөөбүт балта.
Дьаарын ол баһын уҥуоҕа мээнэ көстүбэт үһү. Туох эмэ муокас буолаары гыннаҕына көстөр үһү. Ити Өрүүнэ эмээххин мээнэ аата ааттаммат, билигин аата ааттанар диир этэ. Оҕуруоттаах Оҕонньоро диирэ. Инньэ диэн ааттыыра.
Вера Федотовна Кононова (1910). Ньурба, Тыалыкы нэһилиэгэ. 1994 с. кэпсэппитим.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?