Текст книги "Үһүйээннэр, номохтор"
Автор книги: Багдарыын Сүлбэ
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 6 (всего у книги 52 страниц) [доступный отрывок для чтения: 17 страниц]
БӨТҮҤ ОҔОННЬОР
Амма Бөтүҥүттэн, Бөрө Бөтүҥнэртэн, биир киһи кэргэнэ өлөн хаалбыт. 4 уол оҕолоох эбит. Бу киһи буоллаҕына ынтах ойуун кыырдарбыт. Ол ойуун буоллаҕына көрүүлэммит: «Эн бу мантан уларыйдаххына, атын сиргэ бардаххына, хас да нэһилиэк аатын ааттатар ыччаттаныах эбиккин. Онон мантан тус арҕаа барыаххын наада. Ол бардаххына, Бүлүү өрүһэ диэн өрүс бэтэрээ өттүгэр, илин өттүгэр тараҕай төбөлөөх орҕооттоох 1, иһигэр киирдэххинэ, илин өттүгэр оруктаах тииттээх, хоту, соҕуруу ньолбуһах оҕуруос 2 күөлгэ тиийиэҕиҥ. Ол тиийэҥҥин, ол күөлгэ түһүүлэнээр. Билиҥҥитэ ити күөл аата Мундуйа диэн эбит. Ити һиргэ тиийэҥҥин, эн өр буолуоҥ суоҕа. Тэһийбэккин. Онон, дьэ, олохсуйар сиргин тарбаххынан талан, сөмүйэҕинэн сүүмэрдээн, ылгыҥҥынан ылҕаан, онно тиийэн, бэйэҥ көрдөөн булаар», – диэбит.
Бу киһибит айаннаан кэлбит айана диэн. Лиэнэни хайдах туораабыта биллибэт. Икки ынахтаах эбит. Онтон биир ынаҕын көлүнэн, туос тыытын тиэйэн, илимин кытта аһыыр иһитин тиэнэн, түөрт уолун батыһыннаран, аара илимнээн аһаан, айаннаан кэлбит. Ол иһэн, биир ойууҥҥа хоммут. Ол ойууна 4 уолуттан биир уолун көрдөөбүт. Онуоха уолун биэрбэтэх: «Түөрт тарбахпын быһар курдук саныыбын. Онон оҕолорбуттан биэрбэппин», – диэбит.
Онуоха ойуун куттаабыт: «Биэрдэргин да ылыам, биэрбэтэргин да ылыам», – диэбит.
Оҕонньор биэрбэтэх. Турбут да кэлэ турбут. Ойуун, кэнниттэн батыһан, биир уолун сиэри оҥостубута, уолаттар, туллук буолан, көтөн хаалбыттар. Ол иһин биир ынаҕын сиэн кээспит. Ол гынан баран, үйэлээх сааһыгар кэмсиммит бу ойуун. Ойуун аата Болуоһар диэн. «Нэһилиэги тэнитэ, улууһу олоҕурда баран иһэр киһини, биир ынаҕын сиэммин, улахан моһуогу оҥордум. Орто дойдуга улахан аньыыны оҥордум киһи төрөөммүн», – диэн кэмсиммитэ үһү диэн сурахха сылдьар.
Этиллибитин курдук, ити сиргэ кэлбит. Кэлэн баран, дьиэ туттан олорбут. Онно өтөх омооно баар. Олохсуйар сирин бэйэтэ көрдөөбүт. Көрдөөн, бу Бөтүҥ дэриэбинэтин олоҕор, төгүрүйэ бултуур сирдээх, күөллээх диэн, үчүгэй дойду диэн, манна олохсуйбут.
Биир уола сыылба, бытаан баҕайы үһү. Ол уол Иэһэр диэн ааттааҕа үһү. Ол иһин бу Иэһэрдээх диэн көлүйэ баар. Ол кини аатынан ааттаммыта буолуохтаах. Онно өтөх омооно баар. Ойбоннотор көлүйэ.
Иккис уола Чэҥээркэ диэн. Ити Торуой Чочуга Балаҕаннаах диэн сиргэ олорбут. Кини сиэннэрэ, аймахтара Орулуос диэн, Күүлэй диэн киһи. Дьон сэрэйэринэн, Күүлэй диэн күүлэҕэ төрөөбүтүнэн буолта буолуо.
Биир уола бу Дьаамҥа Дайыла оҕонньор төрдө. Дайыла – мин хос эһэм. Ол уол аатын билбэтим.
Төрдүс уол бу Бөтүҥҥэ хаалбыт. Тоноҕос ууһун төрдө буолуохтаах. Ол кэнниттэн элбэхтэр. Элбэх баҕайы ыччаттаах. Тугуйук диэн, Дордуун, Бөрчөс…
Соҕуруу барбыт Дайыла ууһуттан баһаан элбэх оҕо төрөөбүт. Лэһээтэ ууһа, Тэлэбис ууһа диэн. Буоспаҕа өлбүттэр элбэх киһи, сэттэ дьиэ ыал. Буоспа кэлэ һылдьыбыт.
Элбэх оҕо төрөөбүтүнэн Бөтүҥ оҕонньор кэриэс эппит: «Бу мин киниитим Улахан Боруулаах соҕуруу өттүгэр көмүллэ сытар. Онно бу мин элбэх ааты ааттаппыт киниитим таһыгар көмөөрүҥ», – диэбит.
Иккиһинэн. Дьөгүөр Тумуһаҕар көмүллэ сытар дииллэр. Бу манна Арҕаа Күөлгэ – Чиҥнээни диэн. Ханна көмүллэ сытара биллибэт. Улахан Боруулаах соҕуруу өттүгэр ала бэлиэ уҥуох баар. Кус түөһүн курдук.
Онон бу Бөтүҥ дэриэбинэтэ киһи аатынан ааттанан турар.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Орҕоот – үрдүк, томтор сир.
2 Оҕуруос – дьоҕус соҕус, ортокуйа күөл. Улахан да буолбатах, кыра да буолбатах.
Былатыан Баһылайабыс Уйбаныап-Чыычаах (1935). Бүлүү, Тааһаҕар нэһилиэгэ. 1999 с. суруйбутум.
ЛУОҔА БООТУР ТӨРҮТТЭЭБИТ
Былыр Луоҕа Боотур диэн киһи, Тыгынтан күрээн иһэн, онтон быстан хаалан, бу нэһилиэккэ олохсуйбута үһү. Ол иһэн, Арыылаах бэтэрээ өттүгэр улахан алаас баар, Хомустаах диэн, ол күөлүнэн тоҥус сирэ эбит. Тоҥустар олоортор. Луоҕа Боотур кэлиэр диэри. Оччотооҕу Арыылаах дуоланнаан турар 1 улахан күөл эбитэ үһү.
Ити күөл соҕуруу өттүгэр Чыыбы хайата диэн үрдэл баар. Ити күөлтэн көс кэриҥэ ыраах бэскэ турар. Луоҕа Боотур онно кэлэн көрбүтэ, туос тыылаах киһи тыыраахы курдук үһү. Тоҥустар барыта. Ыалдьыттаабыттар. Онуоха Луоҕа Боотур дьонугар эппит: «Мин хайдах хамнанабын да, ол курдук хамнанаарыҥ. Айаннаан, сылайан иһэр дьоммут».
Онтон Арыылаахха кэлбиттэрэ, киһи аҕыйах эбит, ураһа диэн элбэх эбит. Дьэ, били баар дьоннор тиит хатырыгынан остуол бөҕөнү тарпыттар уонна онно хаппыт балык бөҕөнү туруорбуттар. Ыалдьыттарыгар. Уонна туос тордуйаҕа балык сыата бөҕөнү туруорбуттар. Балыктарын быыһын аайы. Хас биирдии киһи аайы мас биилкэни туттарбыттар, балыгы хоргуҥҥа булкуйан сииргэ анаан.
Онно Луоҕа Боотур мас биилкэни, хомуйан ылан, ууран кэбиспит. Уонна хаппыт балыгы били хоргуҥҥа булкуйан сиэн барбыттар.
Дьэ, онуоха ойууртан ох тутуурдаах тоҥус бөҕө киирэн кэлбит.
Ол түөрүйэтэ буоллаҕына, балык сыатын биилкэнэн сиэбиттэрэ буоллар – ытыалаан барыах эбиттэр. Ону буоллаҕына балык сыатын илиитинэн сиэбит киһи ох кирсин кыайан туппат буолар эбит. Ол аата сэриилэһэр санаата суох диэн. Ол иһин тоҥустар ойууртан киирбиттэр. Эйэлээх дьон кэлтэр диэн.
Ол дьоннортон икки киһи быстан, бу дойдуга хаалбыт. Убайдыы бырааттыы. Биирдэһэ Тааһаҕар диэн ойуун эбит. Биирдэһэ Бахсы Боотур диэн улахан күүстээх уонна баай киһи эбит. Ити дьон баһылыктааннар, манна хас да киһи хаалбыт. Онтон тэнийэн-ууһаан, тоҥустар үтүрүллэн, өрүс уҥуор хоту диэкки баран биэрбиттэр.
Ити Бахсы Боотур сүрдээх дохсун, баттыгастаах баҕайы киһи эбит. Аҕатын ууһа элбээбитин кэннэ, биир аҕа ууһун Күүлэт диэкки үүртэлээн кэбиспит. Сир биэрбэккэ. Онтон кэлин, быраата Тааһаҕары кытта иирсэннэр, Бахсы Боотур кэлин бэйэтэ эстэн хаалбыт. Ол иһин бу нэһилиэк Тааһаҕар аатын сүгэн хаалбыт. Ол ойун тэнийбитинэн сибээстээн.
Онтон кэлин киһи ньуучча аатын ылбытын, сурук-бичик үөскээбитин кэннэ ол үүрүллүбүт аҕа ууһуттан, Күүлэттэн, үс бырааттыы төттөрү дойдуларыгар киирбиттэр. Онтон ол бырааттыылар улахан убайдарын аата Баатаҕай диэн эбит. Биир бырааттара Аччыгый Киһи диэн баар эбит. Биирдэрин аатын умнан кэбиспиппин. Баатаҕай диэн киһиттэн Хаппытыан диэн кулуба буолар киһи төрөөбүт. Ол буор дьадаҥы киһиттэн.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Дуоланнаан турар – тобус-толору уулаах. Хаһан даҕаны түспэтэх уулаах.
ГОРНАЙ
Анатолий Степанович Максимов. Горнай, Атамай. 1996 с. кэпсэтэрбэр сааһын ыйыппыппар: «80-муттан чорбойдум. 70-ҥар дылы лоппоччу ааҕан биэрэҕин. Онтон 70-ҥуттан чорбойдоххуна, өстөөх сааһым диэн, чорбойдум диэн сыыппаратын эппэккин. Барыахтарыгар диэри. 80-мар үктэнэ сылдьабын диир. 70 – өстөөх саас диэн. 70-нун аастаҕына, өлөрүгэр да сөп диэн. Айыыһыт айбытын толордо диэн».
МООННЬОҔОН ОЙУУН УҤУОҔУН КӨТӨҔҮҮ
Атамайга Бэс Күөлэ диэн сиргэ, Дьаарбаҥ Толоон диэн сиргэ төрөөбүтүм. Сайылыкка.
Атамайга, ити мин үлэлээбит сирбэр, Моонньоҕон ойуун диэн олорбут. Оҕото суох, ойохтоох. Өлөн хаалбыт. Өлүүтэ маннык. Туруору, быыкаан үүтээн курдук сиргэ олорбут. Оҕонньор үс сылы быһа ыалдьыбыт. Оҕонньору араҥастаан кэбиспиттэр. Иккиһин оҥотторбут. Ол иккиһин оҥотторбута сууллаары гыммытын, биһиги оҥотторбуппут. Итиннэ мэнэрийэллэр, манна мэнэрийэллэр. Оҕонньоттор, муста-муста, бу оҕонньору уҥуоҕун, ытык көтөҕөн, саҥалыы сүөһү сиэн, саҥа оҥотторуохха диэн кэпсэтэллэр. Эргэтин уларыттарыахха, саҥаны оҥотторуохха. Саҥа маһы хастаран.
Биһи мунньах оҥордубут. Наар бастаах өттө мустан. Кырдьаҕастар. Нэһилиэк сыантыра икки көс. Онно ыһыах буолуохтаах. Ол ыһыаҕы бэйэбитигэр оҥоруохха диэн матыыптаан. Матыып оҥордубут. Манна ойуунун кими оҥоруохха? Ытык көтөҕөргө ойуун булаллар үһү. Биһиги талкабаанньа буолла. Ол буолууга Обокуумап Бүөтүр диэн кырдьан эрэр, эмэн соҕус оҕонньор баар. Ону буллубут биһиги. Бырайыактаан. Барарыгар хайдах аҕалыахха сөбүй. Уһанар оҕонньор этэ. Нэһилиэги ортотунан хайытан кэлэригэр күөрдүн аҕалыахха диэн буолла. Матыыптанарга. Уһана кэлэр курдук оҥоруохха диэн. Биир аты, Кырбыһааҥкын Мэхэйиил диэни ат холбооммут, сассыарда ыыттыбыт. Күнүнэн тиийэр сирэ. Оҕонньорбут киэһэ тиийбит. Оҕонньор: «Олохтоохтон кэллиҥ дуу?» – диэбит. Бэйэтэ ыйыппыт. «Ол иһин. Били оҕонньор үһүс күнэ буолла ээ. Бөөлүүн көрдүм ээ. Нэк сонноох, куобах бэргэһэлээх оҕонньор киирэн: «Мин уҥуохпун эн бараҥҥын көтөҕөр инигин. Оҕолор оҥорор буоллулар. Сарсыарда барарбар тиийдэҕим дии», – диэбит.
Бүөтүр оҕонньор тиийэн кэллэ. Обокуумап диэн. «Киһигитин-сүөһүгүтүн буллугут дуо?» – диэн ыйытта.
Кэлтэгэйтэн, Күүлэччимэттэн оҕонньоттору аҕаллыбыт. Дьахтар биир да суох. Ким да суох. Барыта уолан киһи буолбатах. 70-наах эҥин оҕонньоттор бааллар. Ону Бүөтүр оҕонньор: Сөп буолуо. Оҕонньор ылыныаҕа. Кырдьаҕаһа туох буолуой», – диэн быһааран кэбиспитэ.
27 киһи буолуохтаах. Үс тоҕус киһи. Оҥорор сирбит таһыгар мунньан кэбиспиппит. Дүлүҥ Отуу диэн сиргэ, биир сиргэ хоннорбуппут. Дьоммутун. Үс биэрэстэ курдук сир – хонор сиртэн лаабыһа.
Эриэн ситии, сиэл биэрэн баран, оҕонньорбут бабыгыраата: «Кыһыл өрөҕөлөөх, кыһыл хатырыктаах, туора мастаах хаҥкыйан эрэр мас баар. Үс сааһыгар киирэр дьэҥкир муостаах тыһаҕас баар. Ону маһы охтороргутугар сүүскэ биэрэн өлөрүҥ», – диир.
Бүөтүр оҕонньор ити аата тылбаастыыр.
Мас оҥорооччу мас оҥорор, чөкчөҥөө оҥорооччу оҥорор. Киһи тэрилин оҥорор курдук, үс күн сылдьабыт. Тыыраахы оҥордубут. Кунаммыт этин сии-сии. Иккис күнүгэр бүтэрдибит. Үһүс күнүгэр биир аты сиибит.
Тый эрдэҕинэ уолаттар сиэлин, кутуругун кырыйа сылдьыбыттара. Ону, мэнэрийэннэр, быспат буолан хаалбыттара. Мэнэриктэр: «Мин бэйэм көлүнэр көлөм, миинэр миҥэм. Тыытымаҥ, сиэлин, кутуругун тыытымаҥ», – диэбит. Ону тыыппат буолан хаалбыттар.
Атыыр балтараа биэрэстэлээх сиргэ турар. Ону Билиикэп Өлөксөй Уйбаанабыс тутан аҕалбыта. Туран биэрбит. Үөрүттэн быстан кэлбит. Сэттэ дуу, хас дуу биэ баар үһү. Төбөтүн суларыгар ньолойон биэрбит. Өлөксөй: «Иччиҥ ыҥыттарда. Онон миигин кытта барсаҕын», – диэбит.
Туттарарын билэн сытар ыччат эбит оҕонньор.
Өлөксөй сиэтэн кэлтэ.
Биир киһи баһыттан, түөрт киһи – түөрт туйаҕар. Тиэрэ тартылар. Биир киһи быһаҕынан түөһүн хайытан баран, сиһин үөһүн быһа тардан кэбиспитэ. Онтон тириитин сүлэн баран, сүрэҕин, сиһин үөһүн, уокка ылан быраҕан кэбистилэр. Баһын сүлбэккэ, моонньоон ылан баран, түөрт кырыылаах сэргэҕэ баһын быатынан баайан кэбиспиттэрэ. Ол мин аармыйаттан кэлиэхпэр дылы турбута.
Оҕонньору тэриинэн бүрүйбүттэр эбит. Ону хайыта тыытан баран, уҥуоҕун барытын сааһылаан уурдулар.
Оҕонньор: «Барытын үчүгэйдик оҥордугут. Ханнык да уҥуоҕум сүппэтэ. Урут ортоку араҥастыырга ортоку тарбаҕым биир уҥуоҕа сүтэ сылдьыбыта. Ону бэйэм толоруммутум. Онуоха биир үстээх оҕо өлөн хаалаахтаабыта», – диэбит.
Евдоким Петрович Алексеев. Горнай улууһа, Кировскай нэһилиэгэ. 1983 с. кэпсэтэрбэр 55 саастааҕа.
АЙЫЫ АТТАММЫТ
Айыы Аттаммыт – ходуһа кытыыта. Бүтүннүү хатыҥ, ортотугар биир бэс үүнэн турар.
Урут өрдөөҕүтэ, сэрии кэмигэр, оҕонньор баар этэ Кириллов Василий Федотович диэн. 70-ча саастаах этэ. Ол оҕонньор сэһэнинэн, үс Айыы бухатыыра халлааҥҥа үөһэ көтөн тахсыбыттар үһү. Былыргы ойууттар көрүүлэринэн. Үрүҥ көмүс таҥастаах, аттарын сэбэ – эмиэ. Үрүҥ көмүс сэптээх-сэбиргэллээх дьон үөһэ көтөн тахсыбыттар. Онтон ыла Айыы Аттаммыта диэн ааттаммыт. Күн бүгүнүгэр диэри. Оруобуна кинилэр көппүт сирдэриттэн соҕотох кырдьаҕас бэс үүнэн турар.
Иван Григорьевич Тимофеев-Нэлим Уйбаан. Арҕаа Хаҥалас улууһа, Маҥыны нэһилиэгэ. Харба аҕатын ууһа. 1982 с. кэпсэтэрбэр 90 саастааҕа
АБААҺЫ УОЛ
Абааһылаах – элгээннээх, ходуһалаах сир.
Дьахтартан түһээт, оҕо тиэрэ түһэ сытар үһү. Аны уот диэки көрбүт. Уот умайан тиҥинии турар үһү. Онтон буоллаҕына, былыргы киһи дьиэ үрдүгэр, оһох иннинэн кыраада буолар. Онно буоллаҕына, сүгэ уга дэгэпчилэнэн 1 анньан турбуттар. Аҕата.
Малааһын – ынах холо киллэрэн ириэрбиттэр. Ол сүгэ угун кэккэлэһэ.
Чэ, билигини көрбүт. Били тиэрэ түһэ сытан баран көрбүт.
Дьэ, тугу да билбэт буолан хаалбыт. Ол гынан баран, хойут, улаатан, өйдөнөн баран, ыйыппыт: «Мин төрөөтөхпүнэ, сүгэ уга, дэгэпчилэнэн баран, кыраада үрдүгэр турбута дуо? Ынах холо турбута дуо?»
Ол баттахтыын, тиистиин үүнэн баран төрөөбүт. Аҕата, ийэтэ Абааһы Уол диэн ааттаабыттар. Дьэ, ол оннук киһи төрөөбүт сирэ.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Дэгэпчилэнэн – баллырдаан суоран кэбиһэҕин сүгэ угун. Кыспакка, кыһарга бэлэмнээн. Хатара уурбут кыраадаҕа.
Елена Григорьевна Оленова (1927). Нам улууһа, Ойуун Ууһа нэһилиэгэ (билигин Горнай улууһа, Октябрьскай нэһилиэгэ). Мэйик аҕатын ууһа. 1999 с. суруйбутум.
МЭЙИК АҔАТЫН УУҺА
Аҕабынан эһэм Бүлүүттэн кэлбит. Аҕам ийэтин аҕата. Айалаан кэлбит киһини аҕабыт Сиркуоп буол диэн сүрэхтээбит. Бэйэтэ Урууппун диир үһү. Хос аата Лөһөкө Көстөкүүн диэн. Бөдөҥ киһи буолуо. Ол Синньигэс диэн сиргэ кэлэн олохсуйбут. Күөл үрдүгэр.
Онон кинини, бу сири барытын, чугас ыаллары барытын Мэйик аҕатын ууһа диэбиттэр.
Улахан уола Сиркуоп Бүөтүр Көстөкүүнэбис – улуу олоҥхоһут уонна эмчит. Туох баары барытын – сүөһүнү да, киһини да эмтиир. Бүөтүр Көстөкүүнэбис – Өрөөх Бүөтүр диэн. Оҕото һуох.
Кыра уола Ыстапаан-Ньоҕой. Сэттэ оҕолоох этэ. Уола Көстөкүүн-Хахай Көстөкүүн.
Биир уола – Эчикийэ Дьөгүөр. Абаҕата ииппитэ.
Мэйик аҕа ууһун дьоно Бүлүүттэн кэлбит диэн ийэм этэр этэ.
Ньэгэбил аҕатын ууһа.
Кырамданнан, Бадарааннааҕынан, Салдаатынан, Туостайынан уонна Кировскай аҥаара быһыылаах – Ньэгэдьэк аҕатын ууһа.
Ол Ньэгэбил иҥсэ кэбистэрэн кэбиспит. Өлөрүгэр. Наһаа уһуннук олорон. Үс уоллаах үһү. Аттаах киһи кэллэҕинэ, атын сэҥийэтин быһан ылан, үтэн сиир үһү. Кинииттэрин эмиийин тутан көрөр үһү. Быһан ылаары. Ону тулуйбаккалар, уолаттара: «Оҕонньор, дьэ, бөрө һаҥыйаххын кэт», – диэбиттэр. Иин хаһан бэлэмнээбиттэр. Ону эппит: «Бөрө һаҥыйахтанан мөлбөрүһэн эрэбит ээ. Хайдах-хайдах буоларбыт буолла», – диэбит.
Онтон иин үрдүгэр илдьибиттэр, аччыгый уолу: «Эн ыт, эн ыт», – диэбиттэр. Эрбэх тыаһа хабылла түспүт. Онно оҕонньор эппит: «Аччыгый оҕом Эрбэхтэй Бэргэн эрчимнээх эрбэҕин тыаһа тыаһаата ээ», – диэбит. Онон олоҕо бүппүт, чэ.
Баһылай Уйбаанабыс Түмэппиэйэп. Арҕаа Хаҥалас улууһа, Мытаах нэһилиэгэ. Дьаанай аҕатын ууһа. 1998 с. 79 саастааҕа.
БЫЙАҤНААХ БЫЙАА
Быйаа диэн баар эбит. Саамай былыргы киһи. 1700 сыллааҕы буолуо, бука.
Биир кэргэҥҥэ тахсыбатах кыыс дьахтар баар эбит. Ол кыыс дьахтарга түүн биир киһи киирэн кэлбит. Ол киирэн кэлэн, көссүүлэспит. Ыйдыҥа курдук сырдаан көстөр киһи. Ол көссүүлэһэн баран эппит: «Мин Халлаан уолунабын. Миигиттэн Быйаҥнаах Быйаа диэн уол оҕо төрүөҕэ. Ол Быйаҥнаах Быйаа улаатан, баай, улахан, төрүт киһи буолуоҕа», – диэбит.
Ол былыргы Мытаахтар, Дьаанай аҕатын ууһун төрдө киһи үөскээбитэ үһү. Ол Быйаҥнаах Быйаа сүөһүнэн туох да алдьархай байбыт киһи. Сэттэ ойохтоох. Ол ойохторун буоллаҕына, онтон-мантан кэллэҕинэ, атыырҕаан, эттэрин быһа ыстаан кэбиһэр эбит. Оккумалларын. Оннук уохтаах киһи. Ону, ити түнэ диэн тайах тириитинэн оҥоһуллар, ону илдьэ сылдьан, айаҕар уоптаран кэбиһэллэр. Оччоҕо уоҕа таххар уонна оттон атыырҕаан, уоҕа таххар буоллаҕа ойохторугар.
Ити Быйааттан Доҕой ойуун диэн төрүүр. Быйаа олорбут сирэ Эбэ диэн баар. Син обургу алаас. Алаас Маатта үрдүгэр турар. Ону Быйаа хордорбут. Күөл үрдүгэр Тэлэдьээк ойуун диэн олорбут. Онтон, табаах, чэй оҕото биэрэн баран, атыылаһан, хордорбут. Быйаа хордорбут. Ол хордорбутугар, үчүгэй үүнүүлээх сир тахсан, алаас тахсыбыт. Ол хоруута Сиэн диэн үрэх баар. Онно ааттаах ойууттары кыырдаран, малааһын тэрийэн, хордорбут. Ойуун кыырдарыытыгар эмэгэт эҥин ыйаабыттар, тиитэ, эмэхсийэн, аҕыйах сыллааҕыта охтубут этэ.
Эбэ урукку аата Тэлэдьээк ойуун аатынан – Тэлэдьээк. Тэлэдьээк диэн урукку да дьон, хойукку да дьон харыстаан ааттаабакка Эбэ диэн ааттаабыттар.
Доҕой тоҕус уоллаах эбит. Кинээстэр, улахан баай дьоннор.
КЭБЭЭЙИ
Петр Егорович Яковлев. Кэбээйи улууһа, Мукучу нэһилиэгэ. 1975 с. 84 саастааҕа.
ТАҤНАРЫ ХАТЫРЫКТААХ БАЛЫК
Алыһардаах диэн күөл кытыытыгар төрөөбүтүм. Былыр ити сир олохтоохторо, кырдьаҕастар, икки хаһаайыстыба олорбуттара.
Ол онно ити күөлтэн балыктаан сииллэр этэ. Ол балыга буоллаҕына, аҕыйах бырыһыана, уонча бырыһыана буолуо, таҥнары хатырыктааҕа үһү. Мин харахпынан көрбөтөҕүм. Туолка дьон кэпсэтэллэрин истэр этим.
Ол күөл уопсайынан дириҥин муҥха килиэһин быатын 1, икки килиэс быатын, 40-ча миэтэрэни, түһэрэн көрбүттэр. Дьаакырдаан түһэрбиттэр. Онтукалара тиийбэтэх. Ол онтон ордук ким да кини дириҥин мээрэйдээбитэ биллибэт. Ол күөл аата Сунтаар Үҥкүрэ диэн. Төгүрүйэ өттө суулар күрүлгэн 2. Маһа барыта умса тоҥхойон турар. Тула өттө. Этэллэр этэ: аннынан сир тымыра, көҥдөй үрэх, баара буолуо дииллэр этэ. Ол иһин балыга таҥнары хатырыктаах буолуо. Ол балыга таҥнары хатырыктааҕын иһин, уорбалааннар этэллэр. Балыга тоҕо таҥнары хатырыктааҕын ким да дакаастаабат.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Муҥха килиэһин быата – мууһу аннынан тардар быа. Үтүмэҕи батыһыннаран. Оччоҕо онтон атын уһун быа суох буоллаҕа дии. Сүөһү тириитинэн оҥороллор.
2 Суулар күрүлгэн – күөл төгүрүйэтэ үрдүк сыыр.
Прокопий Прокопьевич Семенов. Кэбээйи улууһа, Мукучу нэһилиэгэ. 1975 с. 40 саастааҕа. Киниэхэ 70 саастаах Дороппуй Николаевич Ильинов-Чоомпуй Дороппуй, идэтинэн муҥхаһыт, кэпсээбит.
ТАҤНАРЫ ХАТЫРЫКТААХ СОБО
Илин Мукучуга, Уулаах диэн күөлтэн соҕуруу, Сунтаар уонна Үҥкүр диэн кыра көлүйэлэр бааллар. Онно ол оҕонньор Үҥкүр диэн күөлгэ илимнээбит. Ол илимин көрбүтүгэр, балык хаппыт. Ол балыктарын тыыга ылан быраҕаттыы олорбут. Ол олорон эрэн, биирдэ биир собону көрбүтэ, таҥнары хатырыктаах эбит. Ону, хас да оннук туппутун, тыытын кэннигэр бырахпыт. Уонна тахсан, биэрэккэ мээнэ быраҕан кэбиспит. Куһаҕан балык буолуо диэн. Айыырҕаан сиэбэтэх.
Григорий Самсонович Сметанин (1921). Кэбээйи улууһа, Кэбээйи нэһилиэгэ. 1975 с. кэпсэппитим.
КЫРГЫС ҮЙЭТИГЭР
Улуннаах диэн киһи аата. Тоҥус атамаанын аата. Былыргы Бадьаайы диэн ааттаах саха бухатыырын кытта охсуспут. Бадьаайы Улуннааҕы өлөрбүт уонна кутаҕа киллэрэн, тимирдэн кэбиспит. Онтон аатырбыта үһү диэн.
Малыыда буоллаҕына. Былыр манна тоҥустар олоро сылдьыбыттар. Уоспа ыарыы кэлэн, онно улаханнык өлбүттэр. Эстибиттэр. Онно эбиитин Бүлүүттэн Бадьаайы баһылыктаах сахалар оруодалара киирэн, кыргыһан, сахалар кыайаннар, тоҥустар кыайтаран, аҕыйахтара ордон, куоппуттар. Ол куотан баралларыгар: «Биһиги манна кэлэммит, малыйан бардыбыт. Онон Малыыда буоллун», – диэбиттэр. Күөл аата.
Кэбээйи эмиэ Малыыда курдук. Кыргыска уонна уоспаҕа эстэннэр, тоҥустар: «Биһиги манна кэлэн, кэбэлийэн бардыбыт», – диэбиттэр.
Иван Яковлевич Сметанин (1932). Кэбээйи улууһа, Кэбээйи нэһилиэгэ. Үөгүлүүр аҕатын ууһа. «Мин бу кэпсээни 1966 сыллаахха күһүн Кэбээйи нэһилиэгиттэн төрүттээх Сметанин Дмитрий Дмитриевич, Миитэрэпээн диэн сахалыы ааттаах аатырбыт булчут, оччотооҕуга 60 саастаах кырдьаҕастан истибитим», – диэбитэ. 1994 с. суруйбутум.
ҮӨГҮЛҮҮР АҔАТЫН УУҺА
Былыр, сахалар маҥнай ньуучаларга сүрэхтэнэллэрин саҕана, билиҥҥи Кэбээйи нэһилиэгин сириттэн, Умсаннаах диэн күөл кытыытыгар олорор Мөкү Сирэй диэн ааттаах киһи ньууччаларга сүрэхтэнээри билиҥҥи Дьокуускай сиригэр кэлбит. Сүрэхтэнэр манньатын үс кыһыл, биир хара саһылы көҥүччэххэ 1 уган кэлбит.
Кэлэн күбэрнээтэргэ киирээри гыммытыгар, харабыл хаһаахтар саһылларын былдьаан ылаары гыммыттар. Ону биэрбэккэ, утарылаһан, улаханнык ыһыытаабыт-хаһыытаабыт. Ону күбэрнээтэр тойон, бэйэтэ тахсан, буойан тохтоппут. Кэлбит киһи туохха наадыйан кэлбитин эппит. Ону күбэрнээтэр, аҕалбыт манньатын ылан баран, Сметанин диэн араспаанньа иҥэрбит. Онтон тахсарын саҕана: «Эн ыһыытыырыҥ, үөгүлүүрүҥ улахана бэрт эбит. Онон эн аҕаҥ ууһа Үөгүлүүр аҕатын ууһа диэн аны мантан ыла ааттаннын», – диэбит. Онон Кэбээйигэ баар Сметанин ааттаах аҕа ууһун дьонноро Үөгүлүүр аҕатын ууһун дьонунан ааттаналлар.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Көҥүччэх – тириинэн оҥоһуллубут иһит.
Егор Прокопьевич Кычкин-Дьөгүөрсэ (1902). Кэбээйи, Мукучу. Кырыкый аҕатын ууһа. 1990 с. кэпсэппитим.
ЭМЭЭХСИН БААРЫН БИЛЛЭРЭ СЫТАР
Эмээхсини атаҕастаан, дүҥүрүн ылан барбыта. Бандьыыт сэриитин бэтэрээ өттө. 25–26 сыллааҕы эргин буолуо. Бука. Киэсэ Сэмиэнэп быраата. Тааһаҕарга учууталынан олорон. Дүҥүрэ эһэ тириитинэн оҥоһуллүбут кыракый дүҥүр этэ. Этэр баҕайы.
Ол дьон эстэн хаалбыт үһүлэр. Убайа, бултаан кэлэн баран, саас саатын остуолга ууран кээһэр. Ону оҕото, сүүрэн кэлэн, чыыбыһын тардан, быарга түһэрбит. Тута өлбүт. Нэһиилэ таһырдьа тахсан.
Бу Эмээхсиниҥ 1 туох да сүрдээх. Киһи кэпсиир кыаҕа суох. Ити турбаны 2 алдьаттаран, элбэх хоромньуну оҥорторо сырытта. Турба начаальнига, андаатарын ылаары, саатын маһынан тарпыт уонна эмиэ, саата эстэн, иһин тоҕо ытан кэбиспит.
Бу сэрэхтээх этиини этэн кэбистим. Итини бэйэҥ туттунан көрөөр. Кини сытар сиригэр дурууспанан саһаан охсор идэлээхтэр. Ньууччалар. Дурууспата олох хоппот үһү. Онтон кыыһыран, Баҕадьаҕа баран, дурууспатын хампы сынньыбыт уонна бэйэтэ өлөн хаалбыт.
Тылы быһаарыы:
1 Эмээхсин – Алыһардаах удаҕан.
2 Турба – газ турбата.
Геннадий Васильевич Иванов (1948). Кэбээйи, Куокуй нэһилиэгэ. Дойдутун сирдэрин суруна сылдьар эбит. 1999 с. онтун миэхэ: «Айымньылаах үлэҕэр өссө да кэскиллээх ситиһиилэри, уһун дьоллоох олоҕу баҕаран туран, бу сэмэй бэлэхпин ыытабын», – диэн суруктаан бэлэхтээбитэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?