Текст книги "Үһүйээннэр, номохтор"
Автор книги: Багдарыын Сүлбэ
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 52 страниц) [доступный отрывок для чтения: 17 страниц]
КЫРГЫДАЙ
Мин олорор сирим кыракый дэриэбинэ. Кини аата Кыргыдай диэн. Былыр манна тоҥустар олорбуттар. Онно сахалар кэлбиттэр. Кыргыһыы буолбут. Ол саҕана туттар сэптэрэ ох саа эбит. Бу кыргыһыыга тоҥустар хотторбуттар. Ол иһин бу кырыыстаах сири Кыргыдай диэн ааттыаҕыҥ дэспиттэр. Онтон ылата Кыргыдай дэнэр.
Биһиги дэриэбинэбит таһыгар Эргичийэр диэн сир баар. Ол сир туһунан маннык кэпсииллэр. Ити кыргыһыы саҕана биир киһи элбэх тоҥус тоһууругар түбэспит. Ол дьон, кинини төгүрүктээн баран, ох саанан ытыалаабыттар. Ону туран, кини эргичийэ, тула холоруктуу сылдьан, охторун барытын тарбаҕын ыырааҕын быыһыгар кыбытан испит. Бэйэтэ элбэх киһини өлөрбүт. Онтон, биир оҕо хаалбытын кэннэ, кинини сүрэххэ түһэрбиттэр. Кинини чиэстээн, ити сир Эргичийэр диэн ааттаммыт. Онон сахалар Кыргыдайы улахан эрэйинэн ылбыттар.
Дьахтар Күөлэ. Бу күөл туһунан маннык үһүйээн баар. Бу күөл таһыгар сэттэ дьахтар олорбут. Онно кыргыстар кэлэн, дэлби сэймэктээн, эттэрин-сииннэрин алдьаппыттар. Өлөрбүттэр. Ол иһин Дьахтар Күөлэ дэнэр.
Зоя Степанова. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
КЫАДАҤДА
Бу сир тоҕо маннык ааттаммытын туһунан маннык сэһэн баар.
Былыр Луоҕа Боотур диэн киһи 40-ча киһилээх, сүөһүлээх-астаах Тыгынтан күрээн кэлэр. Кини Чыыбы хайатыттан чугас элбэх күөллэр баалларын көрөр. Онно биир күөлгэ хопто курдуктар сылдьаллар эбит. Ол тоҥустар туос тыынан балыктыыллар эбит. Бу тоҥустар күөл уҥуоргу өттүгэр олороллор эбит. Луоҕа Боотур манна барарга сананар уонна дьонноругар этэр: «Сааҕыт кирсин холкутатыҥ уонна аһаттахтарына, хамыйаҕынан аһаайаҕыт, тарбаххытынан аһаарыҥ».
Тоҥустарга кэлэллэр. Тоҥустар кинилэргэ барчаҕа балык хоргунун кутан аҕалан биэрэллэр уонна хамыйах уураллар. Ыалдьыттар хамыйаҕынан аһаабакка, тарбахтарынан аһыыллар. Ону көрөн, тоҥустар дьиксинэллэрэ уурайар. Үчүгэй дьон кэлбиттэр дии саныыллар. Хоргун буолбут илиилээх киһи саа кирсин кыайан тардыбат. Онтон Луоҕа Боотур баһылыктарыттан ыйытар: «Бу диэки эн ыыргыттан ураты ханна үчүгэй сир баарый? Ыйан биэрбэккин ээ». Онуоха тоҥус баһылыга: «Мантан бачча күннүк айаннаах сиргэ, илин диэки үчүгэй сир баар (билиҥҥи Лүүчүн). Онно табанан аастахха, таба атаҕа күп-күөх буолар этэ. Күөлүгэр, биэрэктэн ураҕас усталаах сиргэ түөрт былас усталаах сап илими үттэххэ, хараҕын аайы собо тутара. Көлүйэтин диэки көрдөххө, кус тумсуттан уу үрдэ килэрийэн олорор буолара».
Луоҕа Боотур ол ыйыллыбыт сиргэ баран иһэн, ол күөлтэн чугас сиргэ хонор. Бу хоно сытан, кыыһыран, түөртээх уолун төбөтүн быһа тэбэр. Ол гынан баран, оҕотун аһыйан: «Бу сиргэ оҕо хаана тоҕунна. Хаан тохтубут сирэ. Онон Кыадаҥда буоллун», – диир. Онтон ыла бу сир Кыадаҥда диэн ааттаммыт.
Былыр хааны кыа дииллэрэ үһү.
АРЫЫЛААХ
Былыр, сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр, Арыылаах Муоһааны диэн ааттанара. Кини хара маһын саҕатыттан уулаах сүрдээх улахан күөл этэ. Ортотугар улахан арыылааҕа. Кыргыс үйэтин кэмигэр манна тоҥустар олорбуттара. Бу арыы сорох маһыттан кэлиҥҥэ диэри оноҕос төбөтүн булаллара.
Хампаҕа ыраахтааҕы суолун хомуйа Хаппытыан кинээс Поскачин диэн кырдьаҕас кулубалыын бу күөл таһынан ааһан иһэн, аттарын хаптарбыттар. Дүлүҥ үрдүгэр олорбохтообуттар. Поскачин кулуба Хаппытыантан ыйыппыт: «Эн бу Эбэни туох дии саныыгын?»
«Бу күөл хоту диэки улаханнык иҥнэри турар быһыылаах».
«Туохтан инньэ диигин?»
«Сирин-уотун быһыытын көрөбүн».
«Киһи туһаҕа таһаарыныан сөп этэ. Мин кырдьан хааллым».
Кэлин Хаппытыан: «Поскачин кулуба инньэ диэбитигэр төбөм хаппаҕа аһылларга дылы буолбута», – диэн кэпсиирэ.
Мантан ыла Хаппытыан күөлү хорор санааҕа киирэр. Кэлин, кулуба буолан баран, Өргүөт, Тоҕус, Тааһаҕар дьонун күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ уонна саас мунньан хордорор. Манна хороллоругар туох да хамнаһа суох, хорбут киһи, бу сир алаас буоллаҕына, онтон сир ылыа диэн этиинэн үлэлииллэр.
Биир киһиэхэ икки саһаан сир тиксибит. Дириҥэ 4–5 м кэриҥнээх гына. Буора тохтубатын диэн икки өттүттэн сындырыыстаан иһэллэр эбит. Буору тэптиргэнэн, саар ыаҕаһынан таһаллар эбит. Манна дьон: «Хаппытыан иинин хаһабыт», – дии-дии үлэлииллэрэ. Бу курдук биир биэрэстэ кэриҥэ уһуннаах хорууну 2,5–3 сыл кэриҥэ үлэлээн бүтэрбиттэр.
Ыкса күһүн бары баайдар, хорууну хаһыыга үлэлээбит дьон хоруу аһыллыытыгар мустубуттар. Хорууну хаспыттар. Уу кыайан барбатах, дьоҕойон сыккыраабыт эрэ. Онно баар кырдьаҕастар этиилэринэн, туох да бэлиэтэ суох буор хара тиҥэһэ оҕуһу сүрэҕин, тыҥатын, быарын, икки бүөрүн бырахпыттар. Уонна алгысчыт ойууну аҕалан тыл этиттэрбиттэр. Ол кэнниттэн үс хонон баран, сүрдээх күүскэ этиҥ тыаһын курдук тыаһаан барбыт. Уута Тайыллар диэн күөлгэ түһэр. Сүрдээх элбэх балык чүөмпэлэргэ олорон хаалбытын күһүн куйуурдаан сииллэр. Үһүс сылыгар ходуһа буолар. Баайдар үчүгэйин бэйэлэригэр ылаллар. Хаппытыан кулуба билигин Пятилетка Үөһэ диэн ааттанар сири ылбыт. Атыттар биэстии дьэһээтинэнэн үллэстибиттэр. Маҥнайгы сылларыгар мантан от бөҕөнү ылаллара. Бу сир, уута барарын кытта, Муоһааны аата умнуллан барар, ортотугар арыылааҕын иһин Арыылаах диэн ааттыыллар. Манна күөл уута маҥнай Тайылларга түһэригэр Тайыллар Күөл тамаҕар олохтоох ыаллар дьиэлэрин Арыылаах уута кэлэн тимирдэн кээһэр. Дьонноро тыаҕа нэһиилэ куоталлар.
Билигин Арыылаахха икки күөл онно баар: Арыылаах уонна Тамах. Арыылаах иэнэ 800 га. Оттон оттонор ходуһата 500 га этэ. Мантан 500–600 тонна оту ылаллара. Кэлин, уута суох буолан, курааннаан, сирэ барыта хара дубдук буолан хаалбыт. Дэлби хайыта хатан хаалбыт. Уонна аһыыка сиэн кэбиһэр. Ходуһатын талах, хатыҥ бөҕө былдьаабыт. Кэлин, 1965 сылга, 10 т оту да ылбыттара биллибэт. Бу бачча улахан алаас таах хаалан эрэр.
Бу күөл хоруллубута 100-чэкэ сыл буолуо диэн сабаҕаланар. Хаппытыан, онтон кини уола Ньукулааһа, онтон кини сиэнэ бандьыыт Маччааһай үйэлэрэ.
Хорууну аһарга, сорохтор этиилэринэн, уу кыайан барбатаҕын иһин, дьадаҥы оҕонньору умса анньан кэбиспиттэрэ дииллэр. Сорохтор бу күөлү хорору утарсаллара үһү. «Бачча улахан күөлү хорор сэттээх-сэмэлээх буолуо», – дииллэр эбит.
Анна Семенова. Бүлүү Бороҕоно. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ХАҺА ЭМЭЭХСИН
Уруккута бу томторго Хаһа диэн эмээхсин олорто үһү. Бу эмээхсин иннинэ кимнээх олоро сылдьыбыттарын билэр кырдьаҕастар суохтар. Кини олоро сылдьыбыт дьиэтин онно дэриэбинэ арҕаа өттүгэр аймаҕын уһаайбатыгар баар. Хаһа эмээхсин, дьон этиитинэн, биллэр-көстөр күүстээҕэ дииллэр. Бэл кырдьан да баран, улааппыт отуччалаах уолаттарын, хам тутан туран, кырбыыра үһү. Бу эмээхсин, дьиктитэ диэн, үөһээ уоһугар тор курдук бытыктааҕа дииллэр.
ЭМЭЭХСИН
Сымыйа эбитэ дуу, кырдьык эбитэ дуу, Олохтоох дьоҥҥо маннык сэһэн баар.
Былыр Бороҕоҥҥо биир эмээхсин кэлэн олохсуйбута үһү. Кини томторго турар мастары, хара холоругу түһэрэн, уулусса саҕа киэҥ гына солоппут үһү. Онтута билигин уулусса буолан турар. Бу эмээхсин аата Аана диэн үһү. Ол гынан баран, ким да кинини Аана диэн ааттаабат, бары Эмээхсин дииллэр. Кини уҥуоҕа Орто Күөл уҥуор, Сэлтиэрэ Өтөҕүн аттыгар тумуллуу киирэн турар сиргэ баар. Уҥуоҕун таһыттан улахан да улахан тиит үүммүт. Манна билигин даҕаны эмээхситтэр салама илдьэн ыйыыллар уонна сорохтор аһыыллар эбит. Сирбитин бу эмээхсин Бороҕон диэн ааттаабыт үһү. Сорохтор, сэрэйэн, Уус Алдан Бороҕонуттан кэлтэ буолуо, ол иһин ааттаатаҕа дииллэр.
Светлана Захарова. Бүлүү, II Күүлэт. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
Үһүйээни Дмитрий Федотович Федотов (1889) кэпсээбит.
КҮҮЛЭТ
Былыр тус-туспа омуктар сэриилэһэр идэлээхтэрэ. Билиҥҥитэ Күүлэт Күөлгэ тоҥус дьоно кэлэн тохтообуттар уонна онно балаҕан туттан олорбуттара үһү. Ол балаҕан күүлэлээҕэ эбитэ үһү. Омук дьонун кистээн көрдөрө-биллэрэ олохтоохтор биир эмээхсини ыыппыттар. Бу эмээхсин күн тахсыытын эргин, ситэ балаҕаҥҥа тиийбэккэ эрэ, чарапчыланан ол дьиэ диэки көрбүт. Күүлэҕэ сытар харабыл тоҥус ытан, бу эмээхсини өлөрбүт. Уонна, кими да чугаһаппакка, ытыалаан, өлөрөн испиттэр. Оттон бараллара кэлбитигэр, бу күөлү, чиэстээннэр, Күүлэт буоллун диэбиттэр.
Тоһуур оҥоһуллубут бу күөл билиитин Саллаат Билиитэ диэн ааттаабыттар. Бу күөл атын өттүгэр дьоннор сайылыыллара. Онно маҥан ураһа турбут сирин Суурт диэн ааттыыллара. Онон бу Күүлэт күөлгэ түһэр үрэх таһынааҕы сири Суурт дииллэр. Сууртаах диэн күөлү эмиэ сити тылтан таһаарбыт буолуохтаахтар.
Үһүйээни Николай Иосифович Кириллин (1912) кэпсээбит.
ТҮӨРЭЧЭЭН
Түөрэчээн диэн саха хорсуна киһи олорбут.
Мастаахха, Хаҥын диэки олорор сахалары тоҥустар кэлэн кыргыбыттар. Бу сахалартан обургу уолчаан ордон, Түөрэчээҥҥэ барбыт. Тоҥустар тустарынан кэпсээбит. Түөрэчээн, дьону мунньан, тоҥустары эккирэтэн, кырган кэбиһэр. Бу Түөрэчээн Мастаахтааҕы сахалары тоҥустар имири өлөртүөхтэрин өрүһүйбүт.
Кэлин Түөрэчээн Эдьигээҥҥэ барбыт. Онно биир сиргэ ураһа турарыгар киирбитэ, тоҥус эдэр дьахтара олороро үһү. Түөрэчээн ыйыталаһан билбитэ, бу дьахтар икки убайдааҕа бултуу бартар.
Түөрэчээн бу дьахтары күүһүнэн күрэтэн илдьэ барар. Кинини кэнниттэн убайдара эккирэтиэхтээхтэрин дьахтар сэрэйэрэ. Түөрэчээн куйах кэтэ сылдьара үһү. Утуйарыгар онтун кэтэн сытар эбит.
Дьахтар убайдара Түөрэчээннээх аттыларыгар кэлэн хоноллор үһү да, ону сахаҕа биллэрбэттэр. Балтыларыгар кистээн, саха куйаҕын хайа эрэ ньыманан уһуллар диэн кикпиттэр. Нөҥүө күнүгэр хонор сирдэригэр тиийбиттэригэр, дьахтар Түөрэчээҥҥэ: «Кэргэн гына илдьэ иһэр ааттаах эрээригин, саатар куйаххын устубакка утуйаҕын. Эчи, тымныыта, кытаанаҕа бөҕө», – диэбит. Түөрэчээн куйаҕын устан баран утуйбутун кэннэ, дьахтар дьонугар биллэрэр. Биир убайа ураһа төбөтүгэр күүппүт. Биирэ, ураһа аанынан киирэн, батаһынан быраҕан, Түөрэчээни бааһырпыт. Онуоха сахабыт ураһа үөлэһинэн куотан истэҕинэ, иккис тоҥус сыыһа-халты куоттаран хаалбыт. Эккирэтэн, Дьыыппаҕа тиийбиттэр. Түөрэчээн Дьыыппаҕа түһэр үрэҕи ыстанан туораан истэҕинэ, тоҥустар ытан, араанньы гыммыттар. Саха онуоха тэҥкэ мас үөһэ ыттыбыт. Тоҥустар аллараттан ох саанан ытыалаабыттар да, сахалара улаханнык өлөрдүү эмсэҕэлэппэтэх уонна эппит: «Дьэ, миигин син биир хотоҕут. Мин түһэн биэриэм. Ол эрээри биир кэриэстээхпин. Ону истиҥ. Сүрэхпин хостооруҥ. Уонна сүрэҕим иһигэр туос хаалаах убаҕас баарын иһээриҥ». Түөрэчээни өлөрөн баран, кини кэриэһин толорбуттар. Убаҕаһы иһээт, тута өлбүттэр.
Түөрэчээн чиэһигэр ити үрэҕи Түөрэчээн диэбиттэр.
Екатерина Кузьминична Григорьева. 1965 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн. Үһүйээннэри аҕата Кузьма Дмитриевич Григорьев-Быычыгырас (1899) кэпсээбит.
БААЙ ЭБЭ
Баай Эбэ диэн улахан күөл. Былыр бу Баппаҕаайы нэһилиэгэр, киһи-сүөһү үөскүү илигинэ, саамай бастаан, Баай Эбэҕэ сутаан өлөөрү сылдьар сэттэ дьиэ тоҥустар хантан эрэ хотуттан көһөн кэлбиттэр. Баай Эбэ куруҥ тыатыгар куобахтаах, салаҥ элбэх саһыллаах, табата, тайаҕа ахсаана биллибэт элбэх эбит. Балыгын туһунан этэр буоллахха, Баай Эбэ кыыһыран, дохсун долгун баалынан быраҕаттаннаҕына, собото-мундута таска килэс гына түһэрэ үһү. Дьэ маннык баай сиргэ кэлэн, сутаан өлөөрү гыммыт тоҥустар балыгы хомуйан сиэн, сэниэ ылан, олохсуйан, Баай Эбэ бастакы хаһаайыннара буолбуттар. Кинилэр Баай Эбэҕэ Хампа Чинэкэ диэн аат биэрбиттэр. Өлөөрү сылдьан, мантан чирэстэһэн-чирэстэһэн киһи буоллубут диэн итинник ааты биэрбиттэр.
Былыргы дьон ханнык баҕарар сири, үрдүгэр сылдьан, аатынан ааттаабаттар. Айыырҕаан. Ол иһин таптаан, Баай Эбэ диэбиттэр. Ол саҕана Баай Эбэ 2 көс усталаах, көс кэриҥэ туоралаах, былыргы саха дьонугар муораҕа тэҥнээх күөл үһү.
Бу маннык баай сиргэ олорон, 7 дьиэ тоҥустар, хоргуйан өлүөхтээҕэр буолуох, байалларыгар күн солото суох буолбуттар. Манна уонча сыл барҕара байан, бөскөйө уойан олорбуттар.
Ол саҕана Бүлүү, Дьокуускай икки ардыгар сылдьыһыы суола баар буолбут. Ол суолунан Баай Эбэни хоту өттүнэн, Чоогдоор диэн хайанан ааһаллар үһү. Манан ааһан иһээччи биир атыыһыт, Баайга сылдьан, тоҥустары кытта билсибит. Кини ол дьонтон уонча сыл муспут үрүҥ-хара кылааннаахтарын көһөрөн ылбыт. Ити курдук сайын аайы кэлэр буолбут. Кини нуучча аһын, таҥаһын тарҕаппыт.
ЭНЭЛГЭН
Биирдэ тоҥустар атыыһыты, албынныыгын диэн, үлтү сынньан кэбиспиттэрэ тыына эрэ куоппут. Онтон бэттэх кини кэлбэт буолбут. Үс сыл буолан баран дьэ кэлбит. Өссө элбэх аһы-таҥаһы аҕалбыт. «Иллэһэ кэллим», – диэбит. Тоҥустар сөбүлэммиттэр. Аһын аһаан, таҥаһын таҥнан барбыттар. Атыыһыт түүлээҕин ылбыт да, хоммокко эрэ төннүбүт. Тоҥустар, куттанар дии санаан, кыһамматахтар.
Ол саҕана Дьокуускайга Улахан Маама диэн буоспа ыарыыта турбут кэмэ үһү. Ону аһыгар, таҥаһыгар булкуйан аҕалбыт эбит. Сылаабай доруобуйалаахтар ол киэһэтиттэн ыалдьан барбыттар, сарсыҥҥытыттан өлүтэлээбиттэр. Ситэ уонча хоммотохтор, ураһалар күнтэн күн кураанахтанан испиттэр.
Саамай кэлин биир уон икки саастаах кыыс эрэ тыыннаах ордубут. Кини туох баар дьону барытын биир оҥкучахха көмпүт. Арай бэйэтин аҕатын эрэ кыайбакка, ураһатын айаҕар соһон кэбиспит. Аҕата балтараа саһааннаах, Улахан, бухатыырдыы көрүҥнээх киһи үһү.
Кыыс соҕотоҕун ытыы-соҥуу олордоҕуна, арай кугас баттахтаах, сараппааннаах нуучча кыыһа киирэн кэлбит. Кини кыыһы аһынар, саататар эбит. Аралдьыйан, оонньуур буолбуттар. Биирдэ нуучча кыыһа эппит: «Бүгүн Дьокуускайтан күөх элэмэс аттаах киһи кэлиэ. Эн кини кэнниттэн барардыы быһаарын. Үс буур табата булун. Биирин миҥэ гын (миинэр таба), иккитин көтөл гын (ырдар). Онно саамай үчүгэйин, наадалааҕын ырдан бараар. Оттон мин, бастаан суор буолан, халарыктыам, онтон, табах буруота буолан, симэлийэн сүтүөм. Эн миигиттэн куттанар буолаайаҕын. Мин Улахан Маама иччитэбин. Эн оҕолоргун, эн харыһыйар дьоҥҥун хаһан да өлөрүөм суоҕа, чэпчэкитик сылдьар буолуом», – диэн баран, мэлис гынан хаалбыт.
Кырдьык, кини эппитин курдук, киһи кэлбит. Дьоно өлбүттэрин туһунан эппэтэх. «Бултуу барбыттара», – диэбит. Айан киһитэ, наҕылыччы аһаан-сиэн баран, салгыы аттаммыт. Сотору буолан баран, кыыс эмиэ батыспыт. Дьонунаан байан-тотон, көрүлээн-нарылаан олорбут сирин быраҕан, собус-соҕотоҕун арҕаан айан суолун тутан бара турбут. Ол саҕана сыарҕа суох үһү. Ыҥыыр атынан, табанан сылдьаллар эбит. Суоллара да суол буолбатах, мас дьүөккэни батыһан ыллык устун айанныыллар эбит. Ол эрэйдэнэн-сордонон айаннаан, Бүлүүнү ааһан баран, олохсуйбут. Элбэх оҕолонон-урууланан, байан-тайан олорбут. Төһө да үчүгэй олоххо олорбутун иһин, тоҥхойо кырдьыар дылы дьонун санаан эрэйдэнэр, ытыыр эбит. Ол иһин эмээхсин дойдутун Энэлгэн нэһилиэгэ диэн ааттаабыттар. 1936 сыллар саҕана итинник ааттаах нэһилиэктэн сылдьабыт диэн обуоһунан ааһаллара үһү.
ТАРТА АРЫЫТА. КИРИЭС ЭЛГЭЭНЭ
Баай Эбэ хоту өттүгэр Тарта Арыыта диэн арыы уонна ол анныгар Кириэс Элгээнэ диэн түгэҕэ биллибэт кыра элгээн оҕото баар. Ити тоҕо итинник ааттаммыта эмиэ остуоруйалаах. Былыр Бүлүү диэкиттэн баай бөҕөлөөх дьоннор Дьокуускайга көһөн испиттэр. Ол иһэн, биир элгээҥҥэ тохтоон, хонорго быһаарыммыттар. Икки турбут уолаттардаах оҕонньордоох эмээхсин эбиттэр. Түөртэр эбит да, түөрт көмүс ыҥыырдаах, биирдии көмүс үүннээх, кычымнаах баай ыаллар. Элгээн кытыытыгар чаайдыы олордохторуна, икки орулуос кустар, көтөн куһугураһан кэлэннэр, элгээн ортотугар тэлээрэн түспүттэр. Уолаттар обургулар, оччону көрүөхтэрэ дуо: «Биһиги аспыт», – дэспиттэр да ох сааларын үрдүгэр түспүттэр.
«Ама итини баҕас. Ийээ, хата миини өр. Билигин таһааран, бэлэмҥэ угуохпут». Ийэлэрэ буойбут: «Үрэх баһа, аата-суола биллибэт сиргэ, аргыый саҥарыҥ эрэ. Иччилээх буолуо. Ийэ сир буолуо. Аргыыйыҥ, нохолоор», – диэбит. Ону аҕалара: «Ээй, эмээхсин, хаалары саҥарыма. Ама, ити кус хараҕын саҕа чалбахха түһүөхтэрэ диэтэҕиҥ дуу?» – дии-дии күлбүт.
Уолаттар, сырсан бөтөҥкөлөһөн киирэн, орулуостары хоннохторун анныгар түһэрэн, тыла суох ыыппыттар уонна бултарыгар иккиэн ыстанан кэбиспиттэр. Харбаан ыһыахтанан иһэн, ылыахча буолан иһэн, иккиэн хаһыытаһа түспүттэр: «Атахпытыттан туох эрэ тардар. Абыраа, таҥараа!» – диэн хаһыытаһа-сарылаһа сылдьыбыттар. Мөхсө-мөхсө тимирэн ылаттаабыттар.
Оҕонньор, атахтарын иҥиирэ тартаҕа дуу дии санаан, соччо кыһаллыбатах. Былыргыта бэрт ууһут киһи үһү. Бэйэтэ харбаан барбыт. Ол эрээри кини тиийиэн иннинэ икки уола тимирэн хаалбыттар. Ол элгээнтэн оҕонньор да тыыннаах тахсыбатаҕа үһү.
Эмээхсин эрэйдээх, хайдах да быыһыыр кыаҕа суох буолан, ити алдьархайы көрөн, уолуйан, элгээни тула сүүрэ сылдьыбыт. Өлбүттэрин эрэ кэннэ өйдөнөн, икки салаалаах муҥураат, хаппыт бэһи кэрдэн түһэрэн, бүтэй анныкытын саҕа сиэрдийэнэн куормаланан киирэн, тордуохтаах маһынан дьоннорун состорон булаттаабыт. Үрдүк арыыга таһааран, үс аты сэптэрин-сэбиргэллэрин кытта үс киһитин көмпүт. Ол элгээн кытыытыгар сүрдээх улахан баҕана олордубут уонна кириэс саайбыт. Ол иһин бу элгээни Кириэс Элгээнэ, арыыны Тарта Арыыта диэн ааттаабыттар.
ТАХТАҔАС ЭЛГЭЭНЭ
Былыргы суол ыал ханан олорорун батыһа барар. Баай Эбэҕэ дьон суох буолбутун кэннэ, арыый быһалыытын иһин уонна ыал баарын иһин, Силээнинэн сылдьар буолбуттар. Ол саҕана Силээн аата суоҕа үһү. Билиҥҥитэ Бэс Күөлэ диэн дьиэлээх эҥин, сайын дьоннор оттуур сирдэрин аттыгар биир элгээн баар. Онно Тахтаҕас диэн собус-соҕотох эмээхсин дьахтар олорбут. Сүрдээх сытыы-хотуу үһү. Ол эмээхсин суолунан киһини аһарбат эбит. Эдэригэр үчүгэй дьүһүннээх. Кэлбит киһи, ыал буолла да, хонор эбит. Ону түүн, утуйбутун кэннэ, төбөтүн сүгэнэн быһа охсор эбит уонна, Луҥха диэн Танара үрэх салаатыгар киллэрэн, ууга тимирдэр эбит. Ону ким билиэй? Эмээхсин байа олорор эбит.
Кэнники, биир эрэ киһи куотан, биллибит ол эмээхсин киһини өлөрөрө. Ол маннык буолбут. Бүлүү диэккиттэн испит. Кини билэрин тухары, 4–5 сылтан бэттэх, Дьокуускайтан иһэбит диэбит киһини көрсө илик эбит. Онон дьиктиргии сылдьыбыт. Тахтаҕас эмээхсиҥҥэ кэлбитин үөрүүнэн көрсүбүт. Киһи дьиксинэ-дьиксинэ хоммут. Эмээхсин хойут, түүҥҥэ дылы, утуйбакка сылдьыбыт.
Эмээхсин таһырдьа тахсыбытыгар, дьиэ сыбаҕа сулламмытынан көрдөҕүнэ, сүгэ аалынан килэбэчитэ олорор эбит. Ону көрөн, киһи этэ саласпыт, куйахата күүрбүт. Сотору соҕус буолан баран, сүгэтин туппутунан эмээхсин киирэн кэлбит. Киһи уһукта сытарын көрөн, сүрүргээбитэ буолуо, көрө сытар киһини өлөрүөн. Утуйбута буолбут. Утуйда ээ быһыыта дии санаан, киһи, түүн туран, күрүүр. Тахсаат, үүт маҕан атыгар түһэр да, уута киирэн турар Луҥханы харбатан ортолоон эрдэҕинэ, кэннигэр эмээхсин ыһыы-хаһыы бөҕөнөн сүүрэн тэйэн иһэр эбит. «Хара түөкүнү, били, киирээт өлөрбөккө, куоттардахпын көр эрэ!»
Үрэҕи туораан баран хайыһан көрбүтэ, үрэххэ кэлээт, Тахтаҕас эмээхсин сүгэтинэн быраҕан кыыратар. Үтүө киһи буолан, киһи, хаптас гынан, аһаран биэрбит. Төбөтүн үрдүнэн ыһыыран ааһан, сүгэ тииккэ угугар дылы батары түһэн хаалбыт.
«Оо, абам да баар эбит! Хайдах гынан ситиэм баарай», – дии-дии кыыһырбыт эмээхсин эккирии хаалбыта үһү.
Ол кэнниттэн итиннэ икки атах үктэммэтэх. Хайдах олорон өлбүтэ биллибэт. Ол элгээни билигин да Тахтаҕас Элгээнэ дииллэр.
СИЛЭЭН
Силээҥҥэ ити эмээхсин олорбутун кэннэ Дагдаҕар Силээн диэн киһи (кимтэн кииннээҕэ, хантан хааннааҕа биллибэт), буруо-тараа таһаарынан, олорбута үһү.
Ити олордоҕуна, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, Уһуктаах Түмэппий диэн киһи Силээни булбут. Ол эрээри былыр икки киһи биир сиргэ сатаан олорботторо үһү. Ол да иһин буолуо, үс хонук бэлэмнэнэн баран, кыргыһарга диэн хааннаах хабала, буордаах баппыыска бэрсибиттэр.
Уһуктаах Түмэппий улахан уҥуохтаах, модун быччыҥнардаах, бухатыырдыы майгыннаах киһи үһү. Дагдаҕар Силээн, төһө да дагдайдар, дьулайа көрбүт, онон сарыы аһатын көстүбэт өттүн суллаан ылбыт. Уотугар муҥураат тиит чөҥөчөгүн анньан кэбиспит. Онтуката үс күн буруолуу турбут. Уонна күрээн хаалбыт. Уһуктаах Түмэппий көрдөҕүнэ, уота быстыбакка буруолуу турбут, ураһата, кини көрдөҕүнэ, турар.
Үс хонон баран, кыргыһардыы хонууга тахсан күүтэр да киһитэ кэлбэт. «Куттанан сытаҕын дуо? Дагдайа сытыйбыт Дагдаҕар Силээн, көҕөрө сытыйбыт күөх көппө!» – диэн үөхсэ-үөхсэ кэлэр.
Киһитэ суох. Хата, сарыы ураһа аҥарын туһанан хаалар.
Ол курдук Уһуктаах Түмэппий Силээн олорбут сирин күүс өттүнэн былдьаан ылбыт. Ол да буоллар, сир Силээн диэн ааттаммыт. Онно Уһуктаах Түмэппий киһи төрдө буолбут.
СЭТТЭ СОРТУОЛЛАР
Сортуолга олохсуйбут киһи улуу ойуун үһү. Ол киһи, дойдутугар олорон, быраатын кытта иирсэн баран, былыкка олорон, сири-дойдуну кэрийбит. Ол сылдьан, бүтэй оттоох-мастаах Бүтэйдээх Алаас диэн баар эбит диэн, онно көһөн кэлбит. Ол Сортуол ойуун 7 уол оҕоломмут. Онтон буолуо, Сортуоллары Сэттэ Сортуоллар диэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин үгүстүк истэр этим.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?