Электронная библиотека » Багдарыын Сүлбэ » » онлайн чтение - страница 13


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:00


Автор книги: Багдарыын Сүлбэ


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 13 (всего у книги 52 страниц) [доступный отрывок для чтения: 17 страниц]

Шрифт:
- 100% +
САССЫАРДА ЭРДЭ…

Күндэ диэн сиргэ ойун көмүллүбүт. Хордоҕойго. Ону кэпсииллэр, сассыарда эрдэ, күн тахсыыта ууну киирэн чыпчырыйан иһэрэ үһү. Сыыллан киирэн. Сыыллан киирэр суолугар орох курдук суол хаалар эбит. Үс сайын уот баһаара буолбут да кини эрэ уҥуоҕун тумнубут. Онтон хойут умайбыт үһү диэбиттэрэ.

Владимир Иванович Саввинов (1941). Ньурба, Кугдаар. Лесхоз үлэһитэ. 1995 с. суруйбутум.

ААТЫРБЫТ УДАҔАН КӨМӨЛӨСПҮТЭ

Лаппаакы Борокуоппай Мэлэкэҕэ олорбута. Ийэтэ аатырбыт удаҕан этэ. Быһыттаах диэн сиргэ дьиэлээхтэрэ.

Ыт Бастаах үрэҕин баһыгар улахан ойуур уота турбут. Сааскы өртөн. Сайын, атырдьах ыйын чугаһыгар, Мэлэкэҕэ чугаһаан кэлбит. Ходуһаларга бугуллары сиэтэлээбит.

Быһыттаах оҕонньотторо, сүбэлэһэн баран: «Эмээхсинтэн көрдөһөн көрбүт киһи», – дэспиттэр. Кинилэр баҕалара – ардаҕы түһэртэрии. Кини кыра туруорбах балаҕаҥҥа олорбута. Кэлэннэр: «Дьэ, иэдээн буолла. Эмээхсин, саҥаран көрдөргүн хайдах буолуо этэй?» – диэн көрдөспүттэр. «Көрдөһүүгүтүн толорон көрүөххэ», – диэбит. Уонна эппит: «Сүүрүктээх уута икки ыаҕайата аҕалыҥ». Балаҕантан Ыгыатта 3–4 килэмиэтир эбит. Дьалкыйыа диэннэр, түөрт ыаҕайа ууну баһан таһаарбыттар. Икки киһи. Эмээхсин өрүнэ сылдьар баттаҕын ыһан кэбиспит уонна, төбө аҥаарын биир ыаҕайаҕа уган ылан баран, илгистибит. Онтон кутуран турбут. «Самыыр буолан саккыраа! Ардах буолан таммалаа!» – диэбит. Тула көрөн олорооччулар таҥастара-саптара дэлби сытыйан хаалбыттар. «Сарсын киэһээҥҥэ дылы кыра ардах кэлэрэ дуу», – диэн саҥа таһаарбыт.

Сарсыардаттан олус күүстээх ардах түһэн, ыаллар дьиэлэрин-уоттарын хоппут. Дьоннор көрбүттэрэ, эмээхсиннэрэ, тиэргэҥҥэ тахсан, бэриинэтин дэлби сытыйбытын куурда сылдьар эбит. «Адьарайы кыратык угарга дылы гыммытым, туох ааттааҕа дьөллөн түстэҕэй», – дии сылдьар эбит.

Бу ардах кэнниттэн тыа уота умуллубута үһү.

ТҮҤ КЫЫҺА УДАҔАН

Кинини быһа ааттаабат эбиттэр. «Сир, халлаан түннүгэ» дииллэрэ. Арааһа, бу былаас буолбутун кэннэ өлбүтэ буолуохтаах. Балаҕаннаахха, Туобуйаттан 30 килэмиэтир сир ыккый ойуурга көмпүттэр. Кэлин дьоннор көрдөөн көрөн баран булбатахтар. Булларбат эбит. Көмүстээх көмүллүбүт.

Ыалдьа сыттаҕына, ийэ кута киирбит. Маҥан ыт буолан, орон анныгар. Түҥ Кыыһа эрдэ дьоннорун сэрэппит эбитэ үһү: «Ийэ кутум, маҥан ыт буолан, киириэҕэ. Наай диэҥҥит, үүрэн таһаараайаҕыт, – диэн. Ону истибэккэлэр, үөттүрэҕинэн үүрэн, таһырдьа таһаарбыттар. Ол аймахтара үксүлэрэ эстибиттэр. Өлөннөр, төбөлөрүнэн булкулланнар. Өлбүтүм кэннэ хос сиэним дьоллоох уол төрүөҕэ», – диэбит. Ол дьоллоох уолунан буолар Сидоров Михаил Афанасьевич, 6–8 оҕолоох буолуохтаах.

Николай Николаевич Мартынов-Соһор (1939). Ньурба, Омолдоон. Хоробой аҕатын ууһа. Үрдүк үөрэхтээх, учуутал. 1994 с. кэпсэппитим.

СЭРГЭЛЭР

Сэргэни улахан гынабын. Былыр-былыргыттан. Мин санаабар, өйдөбүлбэр сэргэ мэнээк баҕана, сүрдьүгэс буолбатах. Саха санаалаах, тыллаах-өстөөх, олоҕор буолбут түгэни бэлиэтээн, санаатын иҥэрэн, түмэн, кэнники хаалынньаҥнарыгар, ыччаттарыгар өйдөбүнньүк буоллун диэн, саха сиэрин-туомун толорон туруорар.

Сэргэни мас, баҕана диэхпин тылым барбат. Сэргэ аата сэргэ. Маны мэнээк тыытыллыбат, алдьатыллыбат.

Кырдьаҕастар этэллэр этэ: «Былыргы дьон өтөҕөр суулла сытар сэргэни, сиэрин-туомун тутуһан туруордаххына, оҥорбут үс улахан айыыҥ боруостанар», – диэн. Ол гынан баран, сиэрин-туомун билиллиэхтээх. Үлүбээй туруору анньан кэбиһиллибэт. Инньэ дииллэр этэ.

Ону санаан, 68 сыллаахха үлэ, сынньалаҥ лааҕырын салайыахпыттан, аан бастаан Акана Улахан Сээйэтигэр, Чкаловтан биир хонон тиийэр сиргэ, Билиргэ, тиийбиппит. Онно 18 оҕону кытта 6 улахан киһи элбэх оту оттоон, олус үчүгэйдик сайылаабыппыт. Уонна онтубут бэлиэтин Улахан Сээйэ биир үтүө сиригэр сэргэ туруорбуппут. Бу сэргэ турар сирин онтон ыла аканалар Оскуола Сэргэлээҕэ диэбиттэр уонна улаханнык сэргииллэр.

Онтон, Ньурбачаан сиригэр кэлэн, 77 сыллаахтан үлэ, сынньалаҥ лааҕырын салайбытым уонна үлэлээтэҕим устатыгар бэрт элбэх оту оттоон, барыта Ньурба оҕолорун илдьэ тахсан. Бу оҕолор үлэҕэ үөрэнэн, улаатан, төлөһүйэн, араас дьону кытта көрсөн, күһүнүгэр киирэллэрэ. Оҕолор даҕаны, төрөппүттэр даҕаны астыналлара. Ол иһин, оҕолорго оннук сэргэ туруорбуппут диэн кэпсээбиккэ, биһиги эмиэ сэргэ туруоруохтаахпыт дэспиттэрэ.

Оҕолорго кэпсээтим, сэргэ диэн мэнээк баҕана буолбатах, элбэх киһи көрөр, онно сэргэ турбут диэн сэһэҥҥэ киирэр. Силигэ сиппит, ойуулаах-дьарҕаалаах, Үрдүк Үөһээ Айыыларга ананар диэтим. Уонна сиэри-туому ситэриллиэхтээх диэтим. Сэргэлэри, сиэрин-туомун толорон, хас сыллаахха оҥоһуллубуттарын, бу сылга төһө от оттоммутун, муҥутаан 430 тоннаҕа тириэрдибиппит, кимнээх оҥорбуттарын суруйан туруортаабыппыт.

Туруорарбытыгар үстүү сүүмэх арыылаах сиэли сэргэ турар оҥкучаҕар түһэртээбиппит, үстүү манньыаты уурбуппут уонна, уот оттон, арыылаах сиэлинэн аһата-аһата, күн тахсар өттүгэр сөһүргэстээн туран, сир-дойду иччилэригэр анаан, Үөһээҥҥи Үрдүк Айыыларга анаан, бэйэм сахалыы алҕаабытым. Дьон барытын ортотугар. Ыалдьыттар кытта бааллара. Уонна туруортаабыппыт.

Сэргэлэр турар буордара икки метрэҕэ тиийэ, тоҥор тиийэ, хаһыллыбыттара. Сэргэ төрдө уотунан хоруордуллубута. Үйэлээх буоллун диэн. Бэйэтин алыыппалаабыппыт. Тоҕустуу курдааһын ойуулаахтар.

Онтон 1983 сылга сайын көрбүтүм, сэргэлэр хайдах эрэ айгыраабыт көрүҥнээхтэр: МТЗ тракторынан, Бөлөрүүс диэн ааттыыр трактордара, сорунан тураннар түҥнэри көтөн сууллара сатаабыттар да, кыайбатахтар. Дьэ, олус абардым уонна айыыны оҥостубут дьоннор эбит дии санаатым. Бу сылга 50-тан тахсалыы оҕо өйө-санаата өйдөбүнньүк буолуо диэн иҥпит сэргэлэрэ эбээт. Дьэ, маны алдьата сатаабыттар. 5 сэргэ. Үс сүүсчэ киһи өйүн-санаатын сууллара сатыыллар. Бу дьоҥҥо араас оҕо баар буолуохтаах. Араас өйдөөх-санаалаах, төрүттээх-уустаах.

Өһүргэс, уһун сутул барыа, онон ааттарын, хаһыакка таһаараргар, ааттаайаҕын. Өс-саас барыа. Ыччаттардаахтар, уруулара да бааллар. Мантан көһөн-көтөн барбат дьоммут биһиги.

Агропромхимияҕа 1985 сылга үлэҕэ киирдим. Онно иһиттим, дьэ, Омолдоон аттыгар сир хорута сылдьыбыт уолаттар эн туруортарбыт сэргэлэргин түҥнэри көтүтэ сатаабыттар да, кыайбатахтар диэн буолла. Хайдахтаах оҥорбуккутуй диэн буолла. Дьэ, сөҕүү-махтайыы итиннэ. Трактор кыайбат диэн.

«Дьэ, ол кимнээҕий?» – диэтим. Герасимов Миисэ, сахалыыта Манзыы. Ону ыйдылар, «Бу турар», – диэтилэр. Үөрэппит уолум.

Бэйэтэ онно, лааҕырга, сылдьыбыт уол. Дьэ, үрдүгэр түстүм. «Туох быһыытын быһыыланныҥ? Ити быһыыҥ сэттээх-сэмэлээх буолуо. Мээнэ баҕаналар буолбатах, ытык сэргэлэр. Көхсүгүнэн бүөлүөҥ», – диэтим. Уолум, дьэ, ыксаата. «Үс буолан сылдьыбыппыт. Мин олох буолбатах. Мин балааккаҕа утуйа сыппытым». «Утуйа сытан хантан билэҕин?» – диэтим. «Барымаҥ диэн тута сатаабытым. Икки тракторы эһэн, илдьэ барбыттара, тылбын истибэтэхтэрэ», – диир. «Ол айылаах хайалара буоллулар?» – диэбиппэр: «Н уонна Б», – диэтэ. «Дьэ, ол дьоннор ханна баалларый?» – диэбиппэр, бэйэтэ ыйаттаан биэрбитэ.

Онтон дьонтон иһиттим, бу Б, эдэр баҕайы киһи, отут биэһэ хаһа киһи, эмискэ ол күһүнүгэр босхоҥ буолбут этэ. Сити астардаҕын күһүнүгэр. Босхоҥ буолбут этэ. Биэс хас сыры-сыллата оҕолоох. Билигин киһи илиитигэр киирбит киһи. Мин саныырбар – ол онтон. Олох муус өлүөр, чэп-чэгиэн сылдьыбыт киһи, кыанар-хотунар баҕайы киһи эмискэ, мас тосторун курдук. Ол күһүнүгэр буолбута. Аны Н. олох эһиннилэр. Ол дьыл олох инбэлиит буолбута. Ыалдьан. Туохтан буолбута биллибэт. Аны, буккуллан, ойоҕун ытан өлөрөр уонна бэйэтин ытыммыта. Ол эһиилигэр дьиэтэ кытта умайбыта. Оттон барсыбатах, буойа сатаабыт уол ыал аҕата буолла, өлүөр баҕайы үөрэ-көтө, үлэлии-хамныы сылдьар.

* * *

Улахан уонна Оччугуй Боллохтоохторго оттуу сырыттыбыт. Икки быраатым, кырдьаҕас саҥаһым бааллар. Күһүөрү, атырдьах ыйыгар, эргэтигэр, киэһээҥҥи омурҕаҥҥа кэллибит. Балааккабытыгар. Онно Кууллаах уола Ыстаппаан тэлиэгэлээх аттаах тиийэн кэллэ. Кэпсэтии буолла. Онтон саҥаһым кэпсэтэ хаалла. Кууллаахтыын. Мин уу баһа киирдим. Уолаттар уот отто хааллылар. Уу баһар сирим кытыытыгар үс сэргэ турбута. Онтум һуохтар. Уубун көрбүтүм, ол һэргэлэрим онно бааллар. Хас да маһы холбуу оскуоманнан саайаннар, биэс хас маһы холбуу һаайаннар, болуот оҥостубуттар. Уу баһар далаһам аттыгар тиксэ сытар онтулара. Саа тыаһаабыта ээ, биһиги от охсо сырыттахпытына. Салла көрдүм, доҕор, мин. Туох ааттаах айыыны-хараны санаабат киһитэй диэтим. Саха майгытыгар баппат быһыы ити. Олох. Уубун баһан таҕыстым. Ыстаппааным налыйан олорор. «Дьэ, саҥаас. Сүрдээх дьоннор сылдьыбыттар. Били үс итиннэ турар кырдьаҕас сэргэлэри, турута тыытан, болуот оҥостубуттар. Арааһа, кус ылбыттар быһыылаах», – диэтим.

Саҥаһым, кырдьаҕас киһи, өмүрэн өлө сыста: «Хайдах буоллаххыный? Айыыны саҥарыма», – диэтэ.

Бэл уолаттар дьылыччы бардылар. Онуоха, били, Кууллаах Ыстапааммыт, туох да улахан хоҥуруутугар хоҥнорбот курдук, күн кыһалҕатыгар уурбатах курдук: «Аа, мин биир халбаны өлөрбүтүм. Уута дириҥэ бэрт эбит. Ол иһин итиннэ турар баҕаналары турута тыытан, мас эбэн, болуот оҥостубутум. Эмэҕирбиттэр этэ ээ», – диир. Туох да хабаана суох саҥалаах киһи этэ.

«Һоо! Дьэ, алҕаһаабыккын быһыылаах», – диэн буолла.

«Сэргэни, турута тыытыахтааҕар, илииннэн да таарыйыллыбат, күлүгүн да быһа хаамыллыа суохтаах. Дьэ, сыыстарбыккын», – диэн саҥаһым Настаа эмээхсин биһикки сэмэлиир, үөрэтэр быһыынан эппиппитин улахаҥҥа уурбатаҕа, этигэр-хааныгар ылымматаҕа. Чайдаан барбыта, тэлиэгэтигэр олорон.

Биһиги оттуу хааллахпыт дии. Ол гынан баран, оттоон бүтэн дьиэбитигэр киириэхпитигэр дылы туохпут эрэ итэҕэс, хайдах эрэ дьик-дьах курдук буолан хаалбыппыт. Онтон кэлин истибиппит, Кууллаах Ыстаппаан кэргэнэ Балбаара, ити умайбыт Пиэрибэй оскуолаҕа остуорас этэ, ыалдьыбыт, врачтар диагноһын быһаарбаттар үһү диэн буолта. Ыалдьарыгар мээнэ саҥарар эҥин, чэ, сахалыы муокаһырар курдук кэпсииллэр этэ. Онтун эһиилигэр оннук өлбүтэ. Балыыһаҕа. Ыстаппаан да уһаабатаҕа. Эмээххинин кэнниттэн, эмиэ төбөтүнэн ыалдьан, өлбүтэ.

Аҕата Кууллаах диэн. Бэйэтин эмиэ Кууллаах диэбиттэрэ.

ОЙУУН УҤУОҔА

Ньурбачаан Бакамдатын арҕаа өттүгэр Хонорҕох Алааһа эбэтэр арыт Арыылаах Алаас диэн ааттыыр сирдэрэ баар. 59 сылтан Заготскот диэн тэрилтэ соҕотуопкаҕа киирбит сүөһүнү хаайан аһатар киэҥ даллаах, сүөһү өлөрөр сирдээх бостууктар олорор дьиэлээх сир этэ.

Дьиэттэн аллара Бакамда диэкки өттүгэр, ыарҕа саба үүммүт сиригэр, көлүйэлээх сиргэ, муус туран, эт тоҥноҕуна, сүөһү өлөттөрүллүө диэн бүтэй туттараары, 6–7 оробуочайы таһаараллар. Саас.

Көлүйэлэрин үрдүгэр бүтэй тоһоҕото, сиэрдийэтэ буолар бэртээхэй арыы мас баара. Үлэһиттэр үөрэ-көтө бу маһы кэрдэн бараллар. Ол кэрдэн эрдэхтэринэ, ыарҕа иһигэр турар былыргылыы хабарҕа муннуктаах, арааһа, кус түөһэ диэн ааттыыр, төкүнүк мастан оҥоһуллубут, тутуллубут диириҥ ордуга дуу, уҥуохтан туох да үлүгэрдээх, субу турар курдук, ойун дүҥүрүн тыаһа лүһүгүрээбит, кыаһаанын тыаһа өрө кыынньа түспүт. Үлэлии, аймалаһа сылдьыбыт дьоннор, соһуйан, уолуйан, сүгэлэрин кытта ыһыктыбыттар. Уолуйбуттар даҕаны, куттаммыттар даҕаны. Бары ах баран турбуттар. Саҥа саҥарар, тыл таһаарар суох үһү.

Онуоха арыый аҕа саастаахтара, сэриигэ сылдьыбыт киһи, сахалыыта Буруо Хоноһо, Данилов Дабыыт, Чуукаартан төрүттээх, бэргэһэтин устан туран, ити тыас кэлэр сирин диэкки хайыһан туран, билэринэн ааттаспыт: «Тойон убайбыат! Биһиги диэн кыра дьоннор муҥнаахтарбыт, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыгар, тыыннаах буолар туһугар тойоттор сорудахтарынан үлэлии таххыбыппыт. Алҕаска, билбэккэ эн чуумпугун уйгуурдубуппут. Ону биһиэхэ буруйга холоомо. Алҕаспытын бырастыы гын. Ирдэһэр, туоһулаһар да буоллаххына, тойоттортон туоһулас, олортон ыйыт», – диэбит үһү.

Онуоха улам нуурайан барбыт. Тыаһа. Эмискэ уурайан барбатах. Аа-дьуо намыраан барбыт үһү. Тыаһа.

Дьэ, бу дьонноруҥ, бүтэй тутар сирдэрин үрдүттэн охторон тутаары гыммыттара – табыллыбат. Тохтоон хаалаллар. Кэрдибит мастарын да харайбаттар. Билигин да арааһа, сытара буолуо. Туох харайбыт үһү ону. Бүтэй тутуллуохтаах сирэ онно. Ол көлүйэҕэ эрэ.

Бүтэйдэрин тутаары, икки биэрэстэ курдук Борокуруор Маара диэн сиртэн сиэрдийэлэрин көлөннөн таһан тутан бүтэрэллэр.

Онно баар дьоннортон Ыарахан Ыаҕас диэн киһи өлбүтэ. Ол олох кэпсээбэт этэ. Саллан. Арай итини кэпсээбитэ Васильев Владимир Яковлевич-Оҕус Болуодьа. Бииргэ үөрэммит уолум. Билигин да саллар. Ити туһунан санаппат. «Иннинэн-кэннинэн барыах-кэлиэх да, хамныах да кыах суох. Буолар да эбит. Оннук саллыбытым, куттаммытым», – диир этэ.

Онтон сыллар ааһаллар. 72 сылга этэ. Аны, дьэ, били бүтэйи сэлбийэ тахсаллар. Сүөһүлэрэ киириэн иннинэ. Сайын, оттуу таарыйа. Ол тахханнар, ол саҕана арыгы диэн ас буолунай, дэлэйбит ахан кэмэ. Аһаан-һиэн баран, дьэ, кэпсэтии буолар. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы, арыгылыы олорон. «Дьэ, онно, өрдөөҕүтэ биһиги күрүө тута сырыттахпытына, ол сыһыы уҥуор сытар кырдьаҕас, дьэ, куттаталаабыта», – диэн буолар.

Ону икки уол: Львов Ньукулай Баһылайабыс, тапталлаах аата Халаат диэн этэ, уонна Уйбаныап Баһылай Баһылайабыс-Хороодьуйа Баһылай уола Балтараа Бааска диэн: «Ойуун диэн баар үһү дуо? Абааһы диэн баар үһү дуо? Ол-бу тыастан киһи куттанара диэн баар үһү дуо?» – диэн утары мөккүһэн тураллар. Кырдьаҕастара буойан көрбүттэрин, утары, дөссө өрө барбыттар. Тэптэрээччи да баар үһү онно: «Чахчы, чахчы! Ол аайыттан киһи куттана сылдьыа дуо», – диэн.

Мөккүөн түмүгэр бу икки уол киирэннэр, ойуун уҥуоҕун түөрт эркинин түөрт аҥыы тэлгэтэн кэбиһэллэр.

Ол оннук ааһар.

Мин оҕолору илдьэ өрүс уҥуор Мэгэдьэккэ оттуу сырыттахпына: «Табаарыһыҥ куһаҕан буолбут», – диэн илдьит кэлбитэ. Атырдьах ыйын 22-гэр быһыылаах этэ. 23-гэр таһаарбыппыт. 72 сыллаахха. Ол Львов Ньукулай Амакинскай экспедиция пилораматыгар, ити билиҥҥи быткомбинат дьиэтин таһыгар, бэйэтигэр тиийинэн, ыйанан өлбүт этэ. Оттон Балтараа Бааската балаҕан ыйыгар эргэ Буойуна дьиэтигэр оскуомаҕа ыйанан өлбүтэ. Иккиэн биир ый иһигэр буолта. Дьэ, сүрдээх дьыала этэ. Ол Львов Ньукулайдыын мин бииргэ үөскээбитим. Туох да наһаа аһыйбытым. Итинник дьаабыламматаҕа буоллар, билигин да сылдьыа этэ. Муннугар тумуу да киирбэт этэ. Аҕата сэриигэ баран өлбүтэ. Соҕотох уол этэ. Токостор. Бүтүн аҕа ууһа эһиннэ. Ити уолунан. Дьэ, бүттүлэр. Биирдэ сыыһа туттууттан.

УҺУЛУЧЧУ ЫТЫКТАНАР КӨТӨР

Былыргыттан саха тыҥырахтаах көтөрдөрү (элиэни, суору, мохсоҕолу, кырбыйы, оннооҕор кутуйахсыты) бултаспат, өлөрбөт. Ити көтөрдөрү өлөрөр, бултаһар аньыынан ааҕыллар. Өлөрдөххө иэстэбиллээх буолар дииллэр. Элиэ – Уордаах Күрүө Дьөһөгөй көтөрө. Суор – Улуу Хара Суорун көтөрө. Онон, кинилэри өлөрдөххө, ити икки ааттаммыт Айыылар улаханнык иэстэһэллэр.

Уһулуччу ытыктанар көтөрүнэн хотой буолар. Кинини ытыктаан, аатын мээнэ хотой дэммэт, Аҕа Тойон дииллэр эбэтэр Тойон Көтөр дииллэр. Тойону бултаныллыбат, кини уйатын тыытыллыбат. Уйата баар сирин чугаһыгар айдаарыллыбат. Аймаабаттар. Тойон – Үрүҥ Аар Тойон көтөрө. Ол иһин саха олус ытыктыыр. Кинини өлөрөр, аймыыр улахан иэстэбиллээх буолар үһү. Кырдьан дьүдьэйдэҕинэ, харайтараары, аатырбыт булчукка эбэтэр сиэрдээх-туомнаах киһиэхэ кэлэн, олорон биэрэн, өлөртөрөрө үһү. Ону өлөрбүт киһи өлөрдүм диэбэт: «Тойон көтөрү дьоҕулаатым», – диирэ үһү уонна, үөн-күрдьэҕэ, ыт эҥин үрэйбэтин, сиэбэтин курдук, туоска эбэтэр хатырыкка суулаан, араҥастыыра үһү. Туспа алгыстаах, тыллаах-өстөөх буолар үһү. Ити үгэһи кэһии саха киһититтэн иэстэнэрин туһунан биир түбэлтэ баар. Ону кэпсиим.

Мин ийэлээх аҕам, ыалларынан бодоруһан, Абыраамаптары кытта сылдьыһар эбиттэр. Ыал аҕата Абыраамап Аппанасий, аҕатын аата, бадаҕа, Өлөксөй. Оройуоҥҥа биир улахан үлэһит. Сир салаатын начальнига. Кэргэнэ бааһынайдыы хара бараан сэбэрэлээх дьахтар.

Сэрии саҕана, 1942 сыллаахха саас, ыал аҕата «Үлэ күүһэ» холкуоска, билиҥҥитэ Сүлэҕэ, ыһыыга боломуочунайдыы тахсар. Сааскы кэм, кус саҕана буолан, кусчут, сааһыт идэлээх киһи сааланар. Билиҥҥи Сүлэттэн Ньурбачаан диэкки барыыга, дэриэбинэ олоҕун таһыгар, кырдьаҕас тииттэр бааллар. Онно биир тойон көтөр олороро үһү. Кини аттынан ааһан истэҕинэ, көппөтөх, үргүбэтэх, тоҥхоҥнообут. Төбөтүнэн. Ону бу киһи Тойону көмөгөйүгэр, уолугун үүтүгэр, ытан түһэрбит. Өлөн түһэн иһэн, Тойон, сиргэ тиийбэккэ, тиит лабаатыгар хатанан, таҥнары ыйанан хаалбыт. Тыҥырахтарынан тиит лабаатыгар хатаммыт.

Сүлэ олохтооҕо, сир түннүгэ, Сээркээн Сэһэн, Ордьоҥхолор сиэннэрэ Уйбаан Өлөксүөйэп кырдьаҕас улаханнык салла истибит уонна эппит: «Бу киһи улахан иэстэбиллээх, улахан айыыны оҥорбут. Тоҕо бэрдэй!» – диэбит.

Оччотооҕуга баартыйалаах, оройуон биир ботуччу тойонун, болумуочунайы быһа-хото саҥарбатах. Атын да кырдьаҕастар сэмэлээбиттэр үһү да улаханнык тастарыгар таһаарбатахтар. Кэлин, мин улаатан баран, ити туһунан кырдьаҕастартан истибитим.

Сүлэ былыргы төрүт аата Айыы Тайбыт. Эппитим курдук, Тойон – Үрүҥ Аар Тойон көтөрө. Кини мээнэ сиргэ түспэт, тохтоон, аараан ааспат. Былыр-былыргыттан ити Сүлэҕэ саас эрдэ икки, арыт үс Тойон кэлэн түһэрэ үһү. Ол кэлэн түстэхтэринэ, Сүлэ сис баайдара Ордьоҥхолор биир эмэ борооскуну өлөрөн, тириитин сүлэн, хотоннорун халҕанын устан, онно тириитин тэлгэтэн, бу борооскуну тугун да энчирэппэккэ, сүһүөх-сүһүөх араартаан, этин бүтүннүү тэлгэтэн, этин үрдүгэр борооску сүрэҕин, быарын, тыҥатын ууран биэрэллэрэ үһү. Ону бу көтөрдөр үс-түөрт хонук устата сиэн-аһаан, сынньанан барар эбиттэр. Бу көтөрдөр баар кэмнэригэр ол кинилэр аараан, тохтоон олорор сирдэригэр мээнэ сылдьыбаттар, айдаарбаттар да эбит. Ону кырдьаҕастар этэллэрэ үһү: «Бу Ордьоҥхолор баайдарын, сүөһүлэрин, сылгыларын Тойон Көтөр араҥаччылыыр. Онон өрө байан иһэллэр», – диэн.

Сүөһүлэрин ахсаана биэс сүүскэ тиийбитэ үһү. Инньэ дииллэрэ. Уонна, дьиктитэ баар, Айыы Тайбыкка ыһыах буолар күнүгэр булгуччу, оннооҕор сэрии кэннинээҕи уот курааннарга, самыыр түһэрэ.

Дьэ, бу көтөрдөртөн ордо сылдьар бүтэһик Тойон Кыылы Абыраамап өлөрдөҕө. Хойукку кэмҥэ Сүлэҕэ, Айыы Тайбыкка, Тойон тохтоон ааста дэспэттэр. Өлөрдөҕүн үһүс күнүгэр Тойону ыппыт сиригэр, уолугун үүтүгэр, кутургуйа курдук искэн тахсар. Ону быраастарга көрдөрөр. Эмтииллэр. Эмтииллэр даҕаны искэнэ улам улаатар. Ыксаан, оччотооҕу кэмҥэ орускуотун аахсыбакка, сөмөлүөтүнэн Дьокуускайга ыыталлар. Онно даҕаны бу искэн кыайтарбат. Ньурбаҕа төннөн кэлэр уонна Тойону өлөрбүтүн 40 хонугар тиийбэккэ, бу искэнтэн сылтаан өлөр. Мин ийэлээх аҕам, ыалдьа сыттаҕына, киирэн көрсөллөр, сылдьаллар эбит. Онно муҥатыйар үһү: «Алҕас быһыыланан, өйдөөбөппөр Тойон көтөрү өлөрөн, онон өлөн эрэбин, кылгас үйэлэнним», – диэн муҥун туойара үһү. Сааһынан эдэр эбит. Отуччатын эрэ ааспыт киһи.

Бу кэлин эмиэ Ньурбаҕа Захаровтар диэннэр олорбуттара. Ийэлэрэ Аачар Сөдүөт кыыһа. Арҕаа Бэстээх. Аҕалара учуутал эҥин этэ. Олор улахан уоллара өрүс уҥуор ити билиҥҥи Мэҥэдьэк күөлүн диэкки, Күөх Хайа диэкки кустуу сылдьан, эмиэ Тойону өлөрбүт. Онтун илдьэ киирбитин, ол түүтүнэн, куорсунунан чугастааҕы ыаллар оҕолоро оонньообуттар. Бөххө-сыыска быраҕыллыбыт. Бу ыаллар эмиэ өнүйбэтилэр. Дьонтон иһиттэххэ, сурастахха, ол уол бииргэ төрөөбүттэрэ олохторугар табыллыбатахтар, дэҥҥэ-оһолго өлбүттэр эҥин.

Итини сахалыы өйдөөх-санаалаах киһи өйдүөхтээх. Оннооҕор тоҥсоҕойуҥ, киргилиҥ ымыылаах. Сылгы чыычааҕын сымыытын илдьэ кэлбиппэр хос эбэм – сыллыы эрэ, төбөбүн имэрийэ эрэ сылдьар эмээхсин – таһыйан турар. Ынах быатынан. «Итинтиҥ кырыаҕа, кыраатаҕына дьиэ кэргэнтэн киһи өлөр», – диэн.

Ирина Ивановна Афанасьева (1921). Ньурба, Кукаакы нэһилиэгэ. Лахсыыр аҕатын ууһа. 1995 с. суруйбутум.

МАНЧААРЫ МАЛДЬАҔАРГА

Манчаарыны бэйэтин дьиэ туттубута диэн ким да кэпсээбэт этэ. Букатын. Тиэргэн тэпсэ олорор кырдьаҕастар бааллар этэ. Дьэ, олор кэпсииллэринэн, ити Сөкү Үрэҕин төрдүнэн от отуунан олорбута үһү. Ураһаны хантан тиктэ олоруой. Дьэ, онно сылгы туоҕуттан ылан, тиргэлээн туулаан аһаан олорбут.

Итиннэ Бугдутардар диэннэр олорбуттар. Бугдутар Өтөҕө дииллэр этэ. Элбэх оҕолоохтор эбит бу ыаллар. Кыыстара – Мототто. Бу кыыс Эбэттэн уу баһар эбит. Ол сылдьан, Манчаары отуутугар сылдьар эбит. Ол сылдьан, кэргэннии буолбуттар. Онтон оҕо төрөөбөтөх. Оҕолоро суохтар эбит. Онтон Бадыай Сааба диэн оҕону ылан ииттибиттэр. Ол ииттэн, улаатыннаран, кэргэннэммит. Били Бугдутардар өлбүттэр. Дьэ, бу Бадыай Сааба кэргэннэммит. Ол кэргэннэнэн, биир уоллаах этэ. Уруукай диэн. Ол Уруукайы мин көрбүтүм. Уруукай биэс оҕолоох этэ. Ол кинилэр тастарыгар Уруукай дьиэ туттубут. Чугастыы тураллар этэ.

Ол Уруукайбыт ыйанан өлөн хаалта. Бэйэтин дьиэтигэр. Биһиги куттаныы бөҕө буоллубут. Ол диэки быкпат этибит. Букатын.

Сити Уруукай уола Ньурбаҕа киносетька үлэлиир Саввинов Ньукулай диэн баар буолуохтаах. Миигиттэн балыс киһи. Кыыстара Саввинова Татьяна диэн Ньурба балыыһатыгар дьиэ сууйааччынан үлэлээбитэ. Кэргэннэммэтэҕэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации