Электронная библиотека » Багдарыын Сүлбэ » » онлайн чтение - страница 16


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:00


Автор книги: Багдарыын Сүлбэ


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 16 (всего у книги 52 страниц) [доступный отрывок для чтения: 17 страниц]

Шрифт:
- 100% +
КУОҺААН

Былыр бу дойдуга тоҥустар аҕаларын уустара бултаан-алтаан бэрт үчүгэйдик олорбуттар.

Бу сиринэн хам-түм кыргыстарбыт дэнэр дьоннор сылдьан ааһаллар эбит. Балары маанылаан, сынньатан аһараллар.

Дьэ, биир үтүө күн соҕорууттан ох саалаах дьон кэлэн, сэриилээн киирэн барбыттар. Кинилэртэн биир оччугуй уҥуохтаах киһи, охтон аһаран биэрэ-биэрэ, сороҕун ырааҕын быыһыгар кыбытан ыла-ыла, киирэн испит. Ытарыгар кураахтаах саатын кулгаах тааһыгар диэри тардар, хас ыттаҕын аайы тоҥустар өттүлэриттэн киһи өлөн испит. Ону тоҥус бэргэн ытааччыта (сытыы киһи) көрөн, хайҕахтаах хара быара манан буолуо диэн баран ыппыта, били киһи өрө көтөн биэрэригэр, уллуҥун уҥуоҕун тосту көтүттэрэр.

Тоҥустар, арыый тыын ылан, сэриилээн киирээччилэри чугуталлар. Били бааһырдыбыт киһилэрин тутан ылаллар уонна этэллэр: «Эһиги биһиэхэ туох даҕаны сэрэтиитэ суох киирэн сэриилээтигит. Оттон эн үгүс чулуу дьоннорбутун өлөрдүҥ. Эн биһиэхэ бу хатыҥтан 9 охто оҥорон кулу. Оччоҕуна тыыннаах хаалыаҥ. Чэ, тал!»

Тутуллубут киһи ох оҥорорго сөбүлэспит. Тоҕус оҕу начаас оҥорон биэрбит. Тоҥустар дьиибэргээннэр: «Эн хайдах оҥордуҥ?» – диэбиттэр. Биэрбит мастара сүгэ угунааҕар оччугуй үһү. Били киһи: «Куоһаан, самаан-имээн, салҕаан оҥордум», – диэбит.

Охторо баранан, ол иһин бу киһини өлөрбөккө, ох оҥорторбуттар. Сэриилээн киирээччилэри үүрэн кэбиспиттэр. Киһилэрин, уус тарбахтааҕын ытыктааннар, Куоһаан диир буолбуттар.

Онон бу сир киһи аатынан ааттаммыта дииллэр былыргы кырдьаҕастар.

БЭЙБИРИЭТ АРЫЫТА

Былыр Чуукаарга Бэйбириэт диэн оччотооҕуга киһиттэн эрэ ураты өйдөөх-санаалаах киһи олорон ааспыт. Кини ойууну, абааһыны итэҕэйбэт, баайдартан да толлон турбат киһи. Инникини өтө көрөн этэр идэлээҕэ үһү.

Бэйбириэт Терешкин атыыһыты саакка киллэриитэ

Сайын. Бэйбириэт оҕонньор ыт саҥынньаҕын бобо курданан, чомпой бэргэһэтин оройугар уурунан, улууһун баайыгар, Терешкиҥҥэ, дьаарбайа барар. Тиийбитигэр баай, киһи кэллэ ээ диэн, кэпсэппэтэх. Тоҕо кэпсэтиэй, куһаҕан, кырдьаҕас оҕонньору кытары. Терешкин күнүскү аһылыгын аһыыр, оҕонньору чэйгэ ыҥырбатах. Бэйбириэт, уоһун иһигэр тугу эрэ ботугураат, мас мастыыр сиргэ тахсан, оллоон анньан, чэй өрүнэр. Ааһан иһээччи киһи кэлэн: «Ытыктабыллаах ытык кырдьаҕас, бу тоҕо ыалга киирбэккин, үчүгэй астаах-үөллээх буолуохтара буолбат дуо?»

Онуоха Бэйбириэт оҕонньор: «Терешкиммит баайа баранан, аччыктаан, иһиттэн саҥата кыайан тахсыбат, сэниэтэ эстибит, эргиллэн да көрбөт».

Баран иһэр дьоннор, бу туох солунун кэпсэтэ олороллоруй диэн, кэлэн истибиттэрэ – тосту-туора атын. Сарсыныгар дьон бары: «Терешкиммит эстибит, сатаатар, Бэйбириэт курдук ытык кырдьаҕаһы аһатар кыаҕа суох буолбут», – диэн кэпсээннээх буолбуттар. Бу Терешкин кулгааҕар тиийэр. Көрсүбүт дьонноро хайдах эрэ кинини кытта күлүү-элэк курдук кэпсэтэллэр.

Бэйбириэт ойууну таһыйыыта

Бэйбириэт аҕыс кырыылаах минтиэпкэ саалаах. Бу саатынан эдэр эрдэҕинэ кыылы элбэхтик охторбут, көтөр кынаттааҕы үгүстүк сууһарбыт.

Дьэ, биирдэ саам таппат буолла диэн, Охонооһой ойууҥҥа барар. Ойуун сааны эргим-ургум көрбүт, хаһааҥҥыттан таппат буолбутун ыйыталаспыт. Онуоха Бэйбириэт, Урдаах ойуун араҥаһын таһыттан чакыр улары өлөрбүтүн кэпсиир (суос сымыйата).

Охонооһой ойуун, кыаһааннаах таҥаһын кэтэн, дүҥүрүн ылан, былаайаҕынан охсо-охсо кыыран, иһил-таһыл ыстаҥкалаан барбыт. Кыыран бүтэн баран: «Абааһы муокастаабыт. Ол иһин сааҥ таппат. Ити миинньэн кэлбит чокуруос харахтаах хара аккын туттарыҥ буоллар, хайыа этэ?»

Онуоха Бэйбириэт: «Абааһыҥ ханна баарый? Көрдөр!» – диэбит.

Ойуун мух-мах курдук туттан баран: «Сааҥ иһигэр», – диэбит.

«Хара баранаак! Хас киһини албыннаан, аһаан-таҥнан олорор буор сирэйгиний, түптүр тиҥилэххиний?!» – диэбитинэн ойууну, кэтэҕин аһыттан ылан, умса баттаан баран, чуумпурунан таһыйа түһэн биэрбит (Бэйбириэт улахан күүстээх киһи үһү) уонна тахсан барбыт.

Бэйбириэти бөлүһүөк дииллэр

Кини инникитин туох быһыы-майгы буолуохтааҕын өтө көрөн билэр. Холобур, былаас уларыйыытын сүүрбэччэ сыл инниттэн эппит: «Билиҥҥи уу ньуҕай оҕо саамай тыылла-хабылла сылдьар кэмигэр хараҥа олох халбарыйыа, оччоҕуна сырдык олох сыдьаайыа», – диэн.

Аччык дьыл кэлиэн быдан иннинэ, эдэр сылдьан, эппит: «Аны аҕыйах сылынан улуу уот кураан буолуо, дьоннор куулунан харчылаах сылдьан, оҕус да кутуругун кыайан булан сиэхтэрэ суоҕа», – диэн. Бу этэригэр: «Чуукаар сыһыытын ортотунан түнэ этэрбэстээх киһи быһа сатыы туоруо», – диэбит эбит. Оччолорго Чуукаары, омуолаан эттэххэ, хара маһыттан уу ылан сытар сирэ буоллаҕа. Тулатыгар өтөхтөргө ыаллар олороллор. Маны бу дойду ыала-күүһэ эстиэҕин эппит. Билигин бу сиргэ ыал суох. Бэйбириэт өлөрүгэр кэриэс эппит: «Өлүкпүн түҥ тыаҕа көмөөрүҥ», – диэн.

Уҥуоҕа сис ортотугар, үрдүк чагдаҕа көмүллүбүт.

Бэйбириэт Арыыта диэн Чуукаар сыһыытын ортотугар баар. Бу сиргэ Оҕонньор ыһыах ыһар, оонньууну, көрү-күлүүнү көҕүлүттэн тутар уонна мэлдьитин таптаан таалалыыр, сынньанар сирэ эбит.

СҮҮҺҮГЭР МУОСТААХ ХАРА АТЫЫР

Былыр биир баай киһи олорбут. Кини сылгыны ордук сөбүлээн иитэр. Инньэ гынан, 700-чэкэ сылгыламмыт. Ол гынан баран, бачча баайдаах эрээри кэччэгэйиттэн, таҥна сылдьар таҥаһа көрүөхтэн сүөргү куһаҕан, аһыыр аһа – ыран өлбүт сылгы этэ. Үлэһит дьоннорун, эгэ кэлэн, үчүгэйдик аһатыа дуо? Куһаҕаннык, тыыннаах сылдьалларын эрэ курдук аһатта да сөп.

Дьэ, биир дьылга бу баай эмискэ быста дьадайар.

Дьыл кэлэн эрэр кэмэ. Сылгыһыттар дойду сиргэ киирэллэр. Киирбит түүннэригэр сүрдээх халыҥ хаар түһэр. Күнүс ириэрэр. Бу кэнниттэн тымныы тыйыс күннэр буолбуттар. Сылгыһыттар хайыһарынан тахсаллар.

Дабаан Үрэххэ тиийэн иһэн иһиттэхтэринэ – сылгы кистээһинэ үлүгэр. Тиийэн кэлэн көрбүттэрэ, биир хап-хара, сүүһүн ортотугар муостаах атыыр туох баар үөрүн тула сүүрэ сылдьар. Хараҕа күөх уотунан чаҕылыҥнас. Атыыр кими даҕаны чугаһаппатах.

Сылгылар, хаар халыҥа уонна тоҥот кэмнэрэ буоланнар, тугу даҕаны аһаабатахтар. Тоҕус түүннээх күн устата ол 700 сылгы барыта өлбүт. Оттон атыыр, үөрэ бары өлүөр диэри, тула сүүрэ сылдьыбыт уонна саамай кэнники өлбүт.

Ол атыыр төбөтүн уҥуоҕа аҕыйах сыллаахха дылы баар үһү. Кырдьык, сүүһүн ортотунан муос оннун курдук дьөлөҕөстөөх (тырыта-хайыта барыы суол суох). Билигин Дабаан Үрэҕин үрдүгэр сылгы уҥуоҕа аһара элбэх.

Виктор Павлов. Сунтаар, Түбэй. 1966 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

ТИРЭҔЭ

Тирэҕэ диэн аат манныктан төрүттээх үһү.

Тирэҕэ диэн ааттаах былыргы Дыгын кыргыттарыттан биирдэстэрэ биһиги дойдубутугар кэлэн олохсуйбута эбитэ үһү. Ол киниттэн саҕаланан биһиги дойдуга дьон олохсуйбута үһү. Онон ол эмээхсин аатынан Тирэҕэ диэн ааттаммыт үһү. Билигин ким да Тирэҕэ диэбэт. Бары Түбэй диэн ааттыыллар.

Валерий Егорович Михайлов. Сунтаар, Куокуну. 1960 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

МОЛОТКОВ БУЛГУННЬАҔА

Ортотугар улахан булгунньахтаах обургу төгүрүк хонуу. Булгунньах оройун диэкинэн үс баараҕай тииттэр бааллар. Былыр, бу булгунньахха олорон, улуус кулубата Молотков күүлэйгэ дьон от охсоллорун көрөрө эбитэ үһү.

Молотков Нүүнэттэн тахсан олохсуйбут нуучча киһитэ эбитэ үһү. Бэрт өйдөөх, үөрэхтээх киһи эбитэ дииллэр. Үлэһит дьонугар оччо баттыгаһа суох эбит. Оччолорго кини судьуйалаан, кулубалаан сылдьыбыт. Ханнык эмэ алааска тиийэн, атын ыытан баран, тугу эрэ суруйа олорорун дьон көрөллөрө үһү. Ол гынан баран, бу суругун ким да билбэт эбит (туох туһунан суруйарын). Эт-арыы бэдэрээттээн Бодойбоҕо ыйы-ыйдаан киирсэн хаалар эбит. Оччоҕо эмээхсинэ ойууттары ыҥыран, кыырдаран көрүлүүр эбит. Ойууттар туой хара харахтаах, намыһах уҥуохтаах кыыс эрэ уһун үйэлэниэ дииллэр эбит. Бу этиллэр эмээхсин билигин 120-н туолан олорор.

Ийэм этэринэн, Молотков оччо элбэҕэ суох ынах-сылгы баайдаах эбит. Ол курдук, ынаҕа-сылгыта туой 399 буолан иһэр эбит. 400 буолуоҕун мэлдьи биир эмит сүөһү өлөн, туораан хаалар эбит.

Оҕонньор уолаттардааҕа үһү. Оччолорго Якутскайга үөрэнэллэр эбит. Бүтэрэн кэлэн баран дуу, хайдах дуу, кинилэр утуу-субуу сөтөллөөн, өлүтэлээн хаалбыттар. Уопсайынан, дьиэ кэргэн сөтөлтөн быстыбыт үһү.

Кэлин, дьоно-сэргэтэ быстан сырыттаҕына, биир дьахтар кэргэн тахсыбыт. Ону дьоннор «баайын сиэри» тахсыбыта буолуо дииллэр.

Ити иннинэ өрүс кытыытыгар олорбут. Аннынан улахан аартык оҥотторбут (урут). Биирдэ, уу баһа киирэн истэҕинэ, саанан ыппыттар. Кимнээхтэрэ биллибэт эбит. Хата, табыллыбатах. Оҕонньор соруйан, ханнык эрэ киһи аатын ыҥырбыт. Киһилээх эбит дэтээри. Онтон ыла түүн аанын хатанан утуйар буолбут да хас да түүн ааны тардыалыы сылдьыбыттар.

Өлбүтүн кэннэ эмээхсинэ (хойуккута), сирэйин улаҕаа диэки хайыһыннаран баран, баайын дэлби таһан ылбыт. Дьоҥҥо: «Оҕонньор ыалдьа сытар», – диир эбит.

Биир хара дьааһык баара дииллэр. Ол эмиэ барсыбыт. Били суруга онно буолуохтаах диэн сэрэйэллэр.

Уолаттарыныын саҥа былаас туһунан мөккүһэр эбит. Бу былаас үчүгэйин туһунан куруук этэр үһү.

Судьуйанан сылдьан, И. Я. Строду кытта баран көрсүспүт. «Дьону сууттуур – мин эбээһинэһим», – диир эбит.

Кини өлбүт. Оҕонньору ким да оннук араҥаччылаан көмпөтөхтөр. Көннөрү оҕо уҥуоҕун курдук уҥуох туппуттар.

Соҕотоҕун хаалан баран, аһылыга кырыымчытыйан буолуо, биир куруппааскыны иккитэ сиир буолбут. Ону сорохтор: «Эчи, Молотковка дылы буолан», – диэччилэр

Маргарита Иванова. Сунтаар улууһа, Сунтаар сэлиэнньэтэ.

1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

БЫРАҺААЙ ТИИТ

Сунтаар бүтэһик уһугар кылабыыһа баар. Бу кылабыыһа миэстэтин Быраһаай Тиит диэн ааттыыллар. Тоҕо итинник диэн ааттаммыта маннык.

Былыр Сунтаары аан бастаан уу ылбыт. Бу манна биир нуучча баар эбит. Кини, ууттан куотан, биир улахан тиит үрдүгэр тахсан олорбут. Уу улам-улам элбээтэр элбээн испит. Нуучча хас да күн олорбут. Дэлби аччыктаабыт, сэниэтэ эстибит. Уу кини олорор мутугар дылы тиийэн кэлбит. Били нуучча, туох эмэ бэлиэни хааллараары, тииккэ быһаҕынан кыһыйан: «Быраһаай, тиит», – диэн суруйбут дииллэр. Оттон сорохтор олох да атыннык кэпсииллэр.

Ол кини олорбут мутуга киһи илиитин курдук биэс салаалаах уонна быраһаайдаһа турар курдук үүммүт. Ол иһин итинник ааттаабыттар дииллэр. Кырдьык, ол мутуга киһи быраһаайдаһа турар илиитигэр майгынныыр. Бу тиит билигин кырдьаҕас баҕайы.

Валентина Иванова. Сунтаар, Кутана. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

КҮҮКЭЙ КҮӨЛЭ

Былыр, быһата 300-чэ сыл кэриҥэ кэм анараа өттүгэр, Күүкэй ойуун диэн киһи Дьокуускай куорат диэккиттэн тэскилээбит. Кини, олохсуйар сир көрдүү сылдьан, Күүкэй Күөлүн булбут. Күүкэй ойуун бу күөлүн буларыгар Чээккэ диэн киһи көмөлөспүт. Чээккэ (бу киһи аатынан Чээккэ Хайата ааттаммыта) олорор сирэ Күүкэй Күөлүттэн 4 көстөөх сиргэ баар.

Күүкэй ойуун Чээккэҕэ кэлэн: «Мин олохсуйар сир көрдүү сылдьабын. Эн киһи олоруох-ууһуох дойдутун билэриҥ буолаарай?» – диэбит.

«Суох, суох! Арай, ити турар хайа оройугар таҕыстахха, биир бэрт сир көстөр. Ону көрдөргүн», – диэбит Чээккэ.

Онон Күүкэй ойуун Күүкэй Күөлүгэр кэлэн олохсуйбут, уһун үйэлэммит. Кини өлөрүгэр эппит: «Күөлүм, миигин эн киһи-хара оҥорбутуҥ. Онон эн Күүкэй Күөлэ буол».

Бу кэмҥэ дылы күөл аата суох турбута үһү.

САҺАР ҮРЭҔЭ

Биһиги сэлиэнньэбит күөлүн хабайар хаба ортотунан Саһар диэн от үрэх ааһар. Саһар Үрэх – биһиги биир сүрүн ходуһабыт.

Саһар Үрэҕэ хайдах ааттаммытын маннык кэпсииллэр.

Былыр буоспа ыарыы сири-дойдуну тилийэ көппүт. Киһи аймах өлөн-быстан барбыт. Арай биир дьахтар, бу ынырык ыарыыттан куотан, атах бэйдиэ барбыт. Ол сылдьан, Саһар үрэҕэр тиийэн кэлбит. Бу кэмҥэ дылы Саһар үрэҕэ аата суох эбит.

Били дьахтар, манна кыбыллан, ыал-күүс буолан олорбут. Кини өлөрүгэр эппитэ үһү: «Киһи-хара буолбут үрэҕим Саһар диэн буол. Мин манна ынырык ыарыыттан саспытым, тыыннаах буолбутум».

Саһар Үрэҕин туһунан маннык эмиэ кэпсииллэр.

Кыргыс үйэтин саҕана туматтар кэлэн биһиги диэки сахалары үүрэн-үтүрүйэн барбыттар. Онно Күүкэй Күөлүн аттыгар олорор сахалар Саһар Үрэҕэр күрээн киирбиттэр, саһан хаалбыттар. «Тыыннаах ортубут, биһигини быыһаабыт үрэх Саһар диэн буол», – диэн ааттаабыттара үһү ол куоппут дьон.

ОЧОҔОС

Хаҥалас нэһилиэгин соҕуруу өттүгэр, уруккунан Кыайар аҕатын ууһун сиригэр, Очоҕос диэн олус улахан, күүстээх аҕа ууһун баһылыга киһи олорбут. Кини тоҕус ойохтооҕо үһү. Олортон кэпсээҥҥэ киирбит Күүстээх Сүөдэр уонна Иэҕэлдьийэ Малбаара диэн оҕолордооҕо үһү.

Очоҕос олоҕун кэнники аҥаарыгар сырыттаҕына, көскө диэн биир сыылынай нуучча кэлбит. Ол сыылынай Сиэр Ат Маара диэн сиргэ олохсуйбут, сытыары (ампаар) дьиэ туттубут.

Очоҕос олохсуйбут нууччаны олох сөбүлээбэтэх. Биирдэ Очоҕос нууччаны дьиэтигэр тиийэн кырбаары гыммыт. Нуучча аанын хатаммыт. Очоҕос ааны кыайан аспатах. Кини оччотооҕу кыра түннүгүнэн төбөтүн уонна илиитин укпут, майдааннаспыт.

Дьиэ иһигэр турар нуучча хардаҕаһы хаба тардан ылбыт, Очоҕоһу төбөҕө биэрбит. Онтон өр ыалдьан, Очоҕос күһүөрү сайын өлбүт.

Ити саҕана киһи хоруоба бүтэй маһынан хорууда курдук хаһыллан оҥоһуллар эбит. Очоҕос улахана бэрт буолан, сөптөөх мас көстүбэтэх. Онуоха Намана тыатыттан Дүлэй Муунньа диэн аатырбыт күүстээх хамначчыт икки мастан холбо (хоруоп) оҥорон тиэйэн киирбит.

Очоҕоһу икки ситэри тэриллээх ыҥыыр аттаах, ол дойдуга барсар таптыыр энньэ кулут киһилээх көммүттэр. Аттар даҕаны, энньэ кулут даҕаны тус-туһунан уҥкучахха көмүллүбүттэр.

Очоҕос уҥуоҕа Ытанньах диэн сир арҕаа кэриитигэр өтөрдөөҥҥө дылы турбута. Очоҕос уҥуоҕа ампаар курдук улахан, тэрилэ барыта уҥуоҕун иһигэр турбута үһү.

Очоҕос үйэтигэр биһиги дойдубутугар киһини нууччалыы ааттыыр, ыраахтааҕы суолун хомуйар кэмнэрэ үөдүйбүт. Ол эрээри кини онно бас бэриммэтэх. Оттон оҕолоро тоҕо эрэ нууччалыы ааттаммыттар эбит.

Милатория Амбросьева. Сунтаар, Кириэстээх. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

СЭРИИ КИИРБИТ

Саха омук атамаана Маччаҕа, Якутскайтан күрээһин саҕана, быраатыныын, кэргэниниин, оҕолорунуун Хатанга өрүскэ, Тоҥус сиригэр, олохсуйа диэн ааттаан, көһөн барбыт. Тиийбит сирэ улахан баҕайы күөллэрдээх, үрдүк томтордордоох. Маччаҕа биир томтор анныгар ураһа туруоран, тоҥустарга ыал буолан, буруо таһааран олорбут. Бу дойдуга дьон-сэргэ бултаан аһыыр сирэ эбит. Тайҕа талыы булда тайаҕы, куһу өлөрөн баран, саайбалаан кэбиһэллэр. Итини таһынан, арҕахтаах эһэни булан, халыҥ сыанан мааныланаллар. Оттон боростой булда диэн буолунай эбит.

Тоҥустар Маччаҕаны абааһы көрөр эбиттэр. Кини ыксатыгар 15 ураһа тухары олорор тоҥустар Маччаҕа баар-суох биэтин, күөл оҥуор аһыы сырыттахтарына, оҕунан ытан өлөрөллөр.

Ити ала биэ өлүөн үс хонук инниттэн Маччаҕа биир тоҥус кыыһын, сэмээр кэпсэтиһэн, иккис кэргэн гыммытын аҕата билбит.

Маччаҕа быраата уолу тоҥустарга ыытар. Тоҥус кырдьаҕаһа уолу оҕунан ытыһарга ыҥырар. Уолга бастакы ытыы түбэһэр. Уол оҕонньору төбөтүн сиигинэн сыыһа ытан кэбиһэр. Оттон оҕонньор уолу биир ытыыннан өлөрөр. Маччаҕа, итини билээт, олус куттанар. Сиргэ киириэн сир кытаанах, халлааҥҥа көтүөн халлаан ыраах буолбут. Кини били тоҥус кыыһа кэргэнигэр: «Дьэ, иэдээн. Тоҕо эн дьонуҥ миигин өһөөн биэбин, бырааппын өлөрдүлэр?» – диэн ыйытар. Тоҥус кыыһа: «Эйигин имнэри эһэргэ соруналлар. Онон сэрэн, куот. Миигин илдьэ бар», – диир.

Маччаҕа кыыска маннык усулуобуйаны туруорар. Миигин аһынар буоллаххына, дьонноруҥ сэптэрин-сэбиргэллэрин бу томтор аллараа кытыытыгар чохчолоо диэн.

Ити киэһэ Күөлгэ күтүр улахан ойбону алларан, Маччаҕа элбэхтик бэлэмнэммит. Тоҥус кыыһа дьонун сэбин, Маччаҕа эппитин курдук, чохчолоон биэрбит. Түүн үөһэ буолбут. Маччаҕа эмээхсининиин тиийэн, били сэби ойбоҥҥо тимирдибиттэр. Онтон хааннаах кыргыһыыга туруммуттар. Ураһа дьоннорун барытын өлөрөн-өһөрөн баран, дьиэлииллэр. Ол иһэн Маччаҕа эмээхсинэ:

 
Өстөөхтөрү өһөрдүбүт,
Сааныылааҕы самнардыбыт.
Биилээх тимир көмөлөөх
Биэбин эмиэ ситистим, –
 

диэн туойан дьэрэлитэр. Ол истэхтэринэ, тиит төрдүттэн кыынтан быһаҕы ылар тыас иһиллэр. Били тоҥус кыыһа, ойон тахсан, Маччаҕа кырдьаҕас эмээхсинин искэ быһаҕынан анньан эрдэҕинэ, биирдэрэ экчэс гынан биэрэр, кыратык бааһырар. Маччаҕа ити кыыһы онно тута өлөрөн кээһэр.

Сарсыарда, сырдаабытын кэннэ, өлөрбүт дьоннорун аахпыттара, биир 17 саастаах кыыстара суох эбит. Кыыс атаҕын суола, хаарга түһэн, Хатанга өрүс төрдүн диэки бара турбут. Маччаҕа, иэдээн буоларын сэрэйэн, табанан сырсыбыт да сиппэтэх. Саас сэриинэн кэлиэхтэрэ диэн, ити сиртэн көһөр. Бүлүү өрүһүгэр көһөн тиийээт, кириэппэс туттар. Кириэппэһэ алта кырыылаах, онон ох саа оноҕоһо хоппот эбит. Сэрэйбитин курдук, саас сэрии кэлэр. Ону Маччаҕа, чуолҕаннарынан ытыалаан, хотор. Тоҥустар, хотторон баран, куоталлар.

Нөҥүө сылыгар Маччаҕа кыыһа ынах хомуйа барар. Кини көрдөҕүнэ, дьикти хомурах сытар эбит. Онтон өйдөөн көрбүтэ, имиллибит таба тириитин бүрүммүт дьон сытарын көрөөт, куттанан, муҥ кыраайынан дьиэтигэр сүүрэр. Кыыс олус сүүрүгүн иһин, сыалы булларбакка, кыайан ыппаттар. Ити кэнниттэн сэрии саҕаланар. Тоҥустар кырдьаҕастара, хотторон, эйэлэһэргэ тыл киллэрэллэр. Ону Маччаҕа ылынар. Түмүгэр улахан уруу буолар. Маччаҕа сүүрүк кыыһын тоҥус быһый уола кэргэн ылар. Кыыс тоҥустары кытта барсар, түөрт оҕолонор.

Тоҥустар бултуу-алтыы баран кэллэхтэринэ, Байанайтан маттахтарына, кэргэннэрин өлөрөр түбэлтэлэрин дьахтар көрөр уонна олус куттанар. Кини дьоно икки төгүл булда суох кэлэллэр. Дьахтарга наһаа кыыһыраллар, онон-манан сылтаан саҥараллар. Онтон кыыһы сорукка ыыталлар, ийэбит балык астыыр быһаҕын ыыттын диэн ийэлэригэр илдьиттииллэр. Ийэлэрэ быһаҕын ыыппат: «Бэйэҕин астатаары гынаҕын дуо?» – диир. Ийэлэрэ кэлэн, уолаттарын уоскутар. Байанай биэриэ, кэллэҕинэ биэрэр, биэрбэтэҕинэ таах хааман хаалаҕыт диэн өйдөтөлүү сатыыр.

Сарсыныгар уолаттар эмиэ бултуу бараллар. Арай дьахтар оҕолоро мөккүһэр саҥаларын истэр. Улахан уола: «Мин ийэбин өлөрдөхтөрүнэ, биһилэхтээх илиитин ылан оонньуом», – диир. Саамай куччугуйа: «Мин эмиийин убайбынаан эр-биир ылан, хата, мээрин эмэ сылдьыахпыт», – диир.

Дьахтар наһаа куттанар, сыарҕалаах табанан дойдутугар куотар. Ол истэҕинэ, буурҕа түһэр. Табата быстар, ырар. Тоҥустар эккирэтэн иһэллэрин билэр. Ыксаан, табатын суолга быраҕар уонна, дойдум ойуура миигин харайдын диэн, муҥурах маска тахсан, туруору түһэн хаалар. Ирдээччилэр кэлэн, ырбыт табаларын өлөттөөн сииллэр уонна, кулуһун оттон, аһаан баран, кыһыытыгар ойууру ыталлар. Онтон, дьахтары өлбүтүнэн ааҕан, дойдуларыгар бараллар. Ити тыаһы Маччаҕа истэн баран, ким кэлэн сэрии курдук элбэхтик ытыалыырын билэ барар. Дьахтар суолун, тибии тибэн, тоҥустар булбаттар. Оттон Маччаҕа элбэх киһи кэлэн, табаны сиэн-аһаан барбыттарын, кулуһун уота ситэ өһө илигин – барытын чинчийэр. Арай ол сырыттаҕына: «Ким бааргыный? Маччаҕам киһитэ буоллаххына, өрүһүй», – диэн дьахтар бөҕүөстүбүт саҥата иһиллэр. Атамаан сүрэҕэ мөхсө түһэр, муҥураҕы баран көрөр. Дьахтарын таһаарбыта, бэйэтин ойоҕо буолан хаалар.

Сааһыгар тоҥустар сэриилээх кэлбиттэрин Маччаҕа утары көрсөр. Тоҥустар куота-куота ыталлар. Куокуну Сэрии Киирбитигэр баран, хоттороллор. Онтон куоталлар, сахалар сырсаллар.

Билиҥҥи Быараҕаска тиийэн, тоҥустартан биир киһи: «Мин быар аҕылас буоллум», – диэбит. Онтон бары: «Биһиги бары быар аҕылас буолан, ситтэрэрбитигэр тиийдибит», – дэспиттэр.

Ол иһин ити сири Быар Аҕылас диэн ааттыы сылдьыбыттар. Онтон кэлин тупсаран, Быараҕас диэбиттэр.

Куотан иһэр тоҥустар биир күөлгэ тиийэн, бүтэһиктэрин сэриилэспиттэр. Тоҥустар сэриилээн киирэ сылдьыбыт сирдэрэ Сэрии Киирбит диэн ааттанар. Бу сиргэ колхозтаахтар 1942 с. саһаан охсо сылдьаннар тиит мас төргүү мутугар ох саа тимирдээх оноҕоһун хаһы даҕаны булбуттара.

КИРИЭСТЭЭХ

Бэрт былыргыта Бүлүү өрүс кытылыгар Дьокуускай диэкиттэн Маак диэн салайааччылаах нууччалар бастакы экспедициялара кэлэ сылдьыбыта. Олортон Зандгаген диэн киһи салайааччылаах экспедиция дьоно, билигин Кириэстээх Айаҕа диэн ааттанар үрэх үрдүгэр өр соҕус балаакканан олорбуттар.

Бараары туран, үчүгэйдик сылдьан олорон барбыт бэлиэлэрин үрэх үрдүгэр үүнэн турар тииккэ, илин өттүнээҕи сирэйин суоран, хаһыс сыллаахха, хайа күҥҥэ, ыйга сылдьыбыттарын оҥо хаһан суруйбуттар уонна ол тииккэ кириэс оҥорбуттар. Ол саҕына суругун дьон, үөрэҕэ суох да буоллар, бу тиити кириэһин көрөн, киһи үксэ бэлиэ сир курдук ааттыыр үгэстэммиттэр.

Элбэх сыллар ааһаллар. Биир саас Бүлүү өрүс наһаа халаанныыр. Тыаны, хонууну уу халыччы ылар. Били үрэх үрдүгэр турар кириэстээх тиит, сууллан түһэн, өрүс устун устар. Билиҥҥи Кириэстээх бөһүөлэгэ турар сиринэн, тоҕой буолан, кытыыга тиксибитин, Иван Петерин диэн нуучча киһитэ тутан, мас кириэһи үрдүнэн алтан кириэһи аҕараадалаан, үрдүк кырдалга туруору олордон кэбиспит. Онтон ыла ити бөһүөлэк Кириэстээх диэн ааттанар буолбут. 1858 с. куччугуй таҥара дьиэтэ тутуллар. Аҕыс куолакал баара. Олортон саамай улаханнара 54 буут.

Иван Алексеевич Николаев-Төөтөкөөн. Сунтаар, Хаҥалас нэһилиэгэ (билигин Кутана). Кыайар аҕатын ууһа. 1986 с. Кэппэндээйигэ суруйарбар 84 саастааҕа.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации