Электронная библиотека » Багдарыын Сүлбэ » » онлайн чтение - страница 15


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:00


Автор книги: Багдарыын Сүлбэ


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 15 (всего у книги 52 страниц) [доступный отрывок для чтения: 17 страниц]

Шрифт:
- 100% +
КЫЫС КҮӨЛЭ

Кыыс Күөлэ сүрдээх киэҥ, мэндээрэн, күндээрэн күөл да күөл. Кини, тас өттүттэн да көрдөххө, олус кырасыабай. Ол курдук соҕуруулуу-илин кырыытынан Кыыс Күөлүн хайата кыйа барар. Кини чөмчөҕөр төбөтүн күөл сиэркилэ ньууругар көрүнэргэ дылы. Илин уонна хоту өттүнэн кыра аһаҕастардаах. Илин өттүнэн оттуур ходуһа көстөр. Онтон хоту өттүгэр күрүө баар. Уоннааҕы өттө үрдүк сыырдардаах. Ол сыыр үрдүгэр халыҥ мутукчалаах тиит ойуур төгүрүйэн турар. Саас күөлгэ үгүс кус, куба, хопто түһэр. Онтон сайыннарын эмиэ манна ылаллар. Бу күөл дьиктитэ диэн, уута биллэр-биллибэт туустаах, өрүс да уутуттан ыраас уулаах уонна киниэхэ өрүс балыктара үөскээбиттэр.

Кыыс Күөлэ диэн тоҕо ааттаабыттарын мин эмиэ билиэхпин баҕарарым. Ону аҕабыттан ыйыппытым.

Өрдөөҕүтэ бу күөл онно да суоҕа эбитэ үһү. Хата, ол оннугар көнө да көнө араас кэрэ сибэкки үүнэр кырдала эбитэ үһү. Бу тыа ырааһыйатыгар икки балаҕан дьиэ уонна сүр улахан хотон турбут.

Манна сүрдээх баай ыал олоортор. Кинилэр күҥҥэ көрбүт күөрэгэйдэрэ биир этиэхтэн эриэккэс кырасыабай кыыстаахтара. Хонон ааһар хоноһолор уу иһэ-иһэ хайҕаабыттар, сылдьан ааһааччылар, силлэригэр чачайа-чачайа, арбаабыттар. Суон сурах соҕуруулуу-илин дойдуну бараабыт. Оннук бэйэлээҕи истэн, чугас эргин уолаттар олорботохтор. Мин бэрпин дии санаабыттар ыйыттаран көрбүттэр да, бары сириллэн, төннөн испиттэр.

Бу сиртэн ыраах соҕус олохтоох Түҥкүр диэн баайга бу сурах эмиэ иһиллибит. Ол бэйэлээҕи истэн баран, кини олорбот, утуйбат, аһаабат да буолан хаалбыт.

«Мин баайбын, миэхэ күн талбыта барыта баар буолуохтаах. Миигин бүтүн улуус барыта билэр. Бэл ыраахтааҕы сибээстэһэр. Миэхэ бар дьон сүгүрүйэр. Онон кыыс миэнэ буолуохтаах. Кини, миигин күүтэн, кимиэхэ да сөбүлэммэт. Кыыс миэнэ, миэнэ… Хата, түргэнник тэринэ охсон, баран аҕалыахха», – диэн кылгас санаа кинини муҥнуур эбит.

Ол курдук биир киэһэ күүтүллүбэтэх ыалдьыт тиийэн кэлэр. Оҕонньордоох эмээхсин, сүдү киһи ыалдьыттанан, ханна да олордуохтарын билбэккэ, мух-мах буолтар. Сүр түргэнник эһэ тириитин аҕалан, уҥа ороҥҥо тэлгээбиттэр. Олорорго көрдөспүттэр, кэпсэтэн баартар.

Түҥкүр Баай олус кырдьаҕас, курупааскы хараҕыныы кыһыл харахтаах, балластыгас уостаах, саралыы сытыйбыт хаастаах, маҥан арбаҕар баттахтаах, бөкчөгөр, сатала суох суон орто уҥуохтаах, ынырык дьүһүннээх сүдү кырдьаҕас эбит.

Аһаан бүтээт, кини бэйэлээх соругун кэпсээбит. Ону истэн, оҕонньордоох эмээхсин, былыргы хараҥа, кэнэн сахалар, олус диэн үөртэр. «Кыыспыт сөбүлүүр эрэ буоллар, эйигинник киһини сирэн туруохпут дуо? Биһи кыыспыт сүрдээх сэмэй, үлэһит кыыс. Холоонноох доҕорбун, дьэ, буллум диэн, хата, үөрүө», – дэспиттэр. Түҥкүр баайы, санаатын көтөҕөөрү, ньыла көппүттэр. Кыыстарыттан ыйытан көөртөр. Кыыс кыккыраччы аккаастаабыт. Ааттаспыттар-көрдөспүттэр, сүбэлээбиттэр. Айаҕалыы сатаан, мөхпүттэр да, кыыстара эппитин этэ олорбут.

Кэлэр-барар үүт суох курдук буолбут. Эмээхсин кыыс туох диэбитин Түҥкүргэ кэпсээбит. Түҥкүр, кыыһырбыт омунугар, сирэйэ дыгдас гына түспүт, субу хайыта ыстаныах айылаах курдукка дылы буолбут. Хараҕын хааннааҕынан түҥнэри көрбүт, силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы бу курдук кэпсээннээх, сити курдук саҥалаах турбут: «Эһи бэйэҕит бэйэҕитинэн туох буола сылдьар дьоҥҥутуй? Мин диэтэх киһини утары көрөн туран, итинник бас-атах тыллаһаҕыт. Туохпун сирдигит? Баайбын дуо? Сирэйбин дуо? Үрдүк ааппын дуу? Биир кыыс айаҕын ииппэт киһи буолуо дии саныыгыт дуу? Сыллары буспут сыакаардар, кыыскытын биэриэххит иннинэ сүгүнүнэн сүгүллүөм, аанньанан араҕыам суоҕа! Баскытынан туруҥ, атаххытынан туруҥ, булгу кыыскытын илдьиэм!»

Дьиэлээхтэр кутталларыттан эппэт кэлэҕэй буолтар. Кэмниэ-кэнэҕэс оҕонньор: «Б-б-б-иэ-рэ-э-б-и-и-т…», – диэхтээбит.

Маны барытын, саһан, истэн турбут кыыс хаппахчытыгар ытыы бөҕөнү ытаабыт. Сиргэ тимириэн – сир кытаанах курдук, халлааҥҥа көтүөн – халлаан ыраах курдук буолан биэрбит. Толкуйдаан-толкуйдаан, сир үрдүттэн суох буоларга соруммут.

Хайаҕа тахсан, биир баараҕай тиити булан, ыйанаары туран, нарын уоһун хоҥнорон, бу курдук саҥалаах буолбут: «Оо, аан дойдум адьарай иччитэ, үрдүк сололоох улуу таҥара! Туох быһыы-майгы буолтун көрөн турдаххыт. Бука диэн баалаамаҥ. Халыҥ айыыны оҥорон эрэбин. Миигин, хара сордооҕу, бырастыы гыныҥ. Истиҥ уонна толоруҥ мин көрдөһүүбүн. Бу сир оннугар уолбат уулаах уолан улахан күөл үөскээтин!» – диэн.

Сити кэннэ манна, ити кыыс хараҕын уутуттан, күөл үөскээбитэ үһү. Ол иһин Кыыс Күөлэ буолбут эбит.

ТУОРА ҮРЭХ

Туора Үрэх хайдах эрэ сир хайдыытыттан үөскээбит курдук көрүҥнээх. Онно олоҕуран маннык диэн сэһэни кэпсээбиттэр.

Былыр бу үрэх суоҕа үһү. Кини арҕаа өттүгэр Дьултус Хайата баар. Бу хайа тэллэҕэр Кыһыл ойуун бэйэтин тоҕус кыыһынаан олоорто үһү. Кинилэр ууларын көс аҥаардаах сиртэн бастан иһэллэрэ үһү. Онон сүрдээҕин эрэйи көрөр эбиттэр. Ол эрээри, бу дойдуну олус таптыыр эбиттэр.

Киниэхэ чугас өлгөм от үүнэр Хара Сирэм диэн ходуһалаах эбит. Үгүс сибэкки үүнэр кырдаллардаах эбит.

Сотору соҕус буолан баран, Кыһыл ойуун өлөрө тирээн кэлбит. Оҕолоро киниттэн кэриэс тылын этэригэр көрдөспүттэр. Кыһыл ойуун тыына хаайтарбыт, ыгылыйбыт куолаһынан маннык диэн кэпсээбит: «Баайбын-дуолбун барытын тэҥник үллэстиҥ. Биһи ампаарбыт кэннинэн суолу туора сир хайыннын! Онон өрүстэн уу киирэн, үрэх буоллун! Үйэҕит тухары эрэйи көрүмэҥ, уһун үйэлэниҥ!» – диэн.

Ойуун өлөн хаалбыт. Сир, кини эппит сиринэн, хайа ыстаммыт уонна үрэх үөскээбит. Кини аартык суолун туора сытар. Ол иһин Туора Үрэх диэн ааттаабыттар эбит.

Афанасий Афанасьевич Заболоцкай I. Өймөкөөн улууһа, Үчүгэй. 1982 с. суруйарбар 61 саастааҕа.

ҮЧҮГЭЙ

Үчүгэй диэн былыр биир дьахтар олоро сылдьыбыт үһү. Ол ааттаах кыраһыабай дьахтар. Ол аатынан ааттаммыт. Үчүгэй, дьиҥэр, ааттаах куһаҕан сирдээх сир. Сиринэн буолбатах. Туох да быллараат сир.

ӨЛӨӨН

Прасковья Николаевна Прокопьева-Обуй ойоҕо. Өлөөн, Солоҕоон. 1995 с. кэпсэтэрбэр 61 саастааҕа.

СОЛОҔООН

Солоҕоонуҥ төрдө диэн былыргы кыргыс саҕана, аат-суол былдьаһыытын саҕана, – эмээхсин. Саха эмээхсинэ. Кэргэн таххан, холбоһон олордохторуна, саҥа холбоспут ыалга дьахтары былдьаһа кэлбиттэр. Сахалар. Ону буоллаҕына, кэргэнэ туохтаан, туорай маһынан кэлгийэн, хатаан баран, эмээхсинин турба үөлэһинэн таһаарбыт. Саха балаҕана, туруорбах балаҕан буоллаҕа. Көмүлүөк оһох. Саха оһоҕо.

Ол таһаарарыгар, өрүс кытыытынан кумаҕынан барар түгэҥҥэр кэннигинэн хаамаар диэбит. Кумаҕы кэнниҥ диэкки тэбэн хаамыаҥ буоллаҕа, утары кэлэн испит киһи дэтээри.

Онон оннук айаннаан, Оҥньоо 1 Төрдө диэн сиргэ, Марха өрүскэ кэлбит. Онно кэлэн, кыстаабыт. Көппөҕүнэн холомо туттан. Уонна баттаҕынан туһахтаан, курупааскынан аһаабыт. Ол сытан, уол оҕоломмут. Онтутун Уйбаан диэн ааттаабыт.

Онтон һаас тоҥустар кэлбиттэр. Онно кэлэн, аатын-суолун ыйыппыттарыгар, бэйэтин аатын эппэтэх. Аатым Солох диэбит. Оҕом аата Уйбаан диэбит. Онон ол сири Солох Олоҕо диэбиттэр тоҥустар. Оттон уолун Уйбаака диэн ааттаабыттар. Онтон Уйбаныаптар төрүттэммиттэр.

Онтон бөһүөлэк олохсуйарыгар, бу хайа сирий диэбиттэригэр, Солох Олоҕо диэбиттэр. Ону, ньууччалыы таһааран, Солоҕоон диэбиттэр. Солоҕоон төрүттэммитэ итинник. Ону эһэм Аппанаас оҕонньор кэпсээбитэ.

Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

 1 Оҥньоо – уута түһэн хаалар. Аллараанан. Ону оҥньоо дииллэр. Уута суох, куурбут диэн курдук өйдөбүллээх быһыылаах.

ӨЛҮӨХҮМЭ

Панкратий Афанасьевич Иванов. Өлүөхүмэ, II Нөөрүктээйи. «Хатыҥ Ууһа – Хатын Усовское селение диэн этэ урут», – диэбитэ. 1987 с. кэпсэтэрбэр 87 саастааҕа.

ЫҺЫАХ

Абаҕа урут Мэйик нэһилиэгэ диэн этэ.

Ити ыһыах 1952 сыллаахха Бэс Күөлүгэр тэриллибитэ. Онно мин партийнай тэрилтэ секретара этим. Ыһыаҕы тэрийэргэ бары маассабайдык кыттыбыттара. Мин, секретарь быһыытынан, дьонтон ыйыталаһан тэрийсибитим.

Ыһыах аан бастаан тэриллиитигэр, Хаастаайап этиитинэн, эмээхситтэр бары ситии хаттылар. Ол ситиигэ манчаары тистилэр уонна буолунай ыйаатылар.

Хатыҥ элбэх, онно бүтүннүү. Аан маҥнай 10 чаас саҕана ыһыах аһылынна. Хаастаайап Көстөкүүн диэн ситии курдаах, ол ситии куругар манчаарылардаах. Олох тула бүтүннүү. Ити малаецтар курдук. Оруобуна. Эмиэ ситиигэ манчаарылаах бастыҥалаах. Уонна куобах туохтаах эрэлээх этэ. Бу куйааска куобаҕы тоҕо кэтэрий диэн дьиктиргии санаабытым. Сэлиэт дуу, туох дуу. Дэйбиирдээх.

Эмиэ – манчаары. Ситии быанан кэлгиллибит. Чорооҥҥо арыылаах кымыстаах. Улахан баҕайы. Кыайа тутарын сөҕөбүн. Ити үлүгэри. Кинини арыаллыы сылдьар, кытыйаҕа арыылаах алаадьылаах эмээхсин баар. Тус-туспа ходуһаларын, сирдэрин ааттаталыы-ааттаталыы, ол кинилэр иччилэригэр аадырыстаан, тыл этэттээтэ.

Сороҕуттан көрдөһөн, сороҕун мөҥөн. Ону дьоннор барытыгар поддержкалаан иһэллэр. Ыччаттарыҥ сайын оттуулларыгар моһуоктаабаттарын курдук, тумууну, ыарыыны аҕалбаттарын курдук. Сороҕор киһи куттаныах курдук саҥарар, сороҕор киһи үөрүөх курдук саҥарар. Инньэ гына-гына, кымыһыгар дайбыырын уга-уга, кымыһын ыла-ыла ыскайдыыр. Туо хатыҥҥа, туо уокка. Эмээхсин хаалсыбат, саппай уопсан иһэр.

Матрена Романовна Зоркина (1916). Өлүөхүмэ, Абаҕа нэһилиэгэ. Холгуо аҕатын ууһа. 1987 с. суруйбутум.

ЫҺЫАХ

Сэрии иннинээҕи ыһыахтарга. Биэ тутан баран, кымыс оҥороллор. Урут дьиэ муостата суох, онно манчаарыны тэлгииллэр. Ыал үксэ оннук этэ. Түннүктэргэ, киистэ курдук, кыра-кыратык баайа-баайа, ыйыыллар. Ыһыахтыыр бириэмэҕэ, окко киириэх иннинэ, бырааһынньыктыыр бириэмэлэригэр.

Быһаҕас диэн сиргэ ыһыахтыыллар. Арааһынай сибэкки үүнэр, киэҥ баҕайы сир. Кырдай. Ойуура да үчүгэй. Талах ойуурдардаах. Үрэх кытыыта.

Гаврил Николаевич Сектяев-Хаалла. Өлүөхүмэ, Төгөөн. Оҕонньор бэйэтин маннык билиһиннэрбитэ: «5-й куоппун. Биир сылы эбинэ сылдьабын. Пааспарбар – чэтибиэртэй. Олом диэҥҥэ – Төгөөҥҥө. Саамай былыргыта – Кээччи, онтон Төгөөн буолар. Үөрэх суох, малысхах киһибин». 1987 с. кэпсэппитим.

ЫЛЛААҺЫННААХ СУОЛ

Куччугуй Дьаарбаҥ, Улахан Дьаарбаҥ диэн үрүйэлэр. Итиннэ былыр иккилии көс буола-буола аккыарайы тиэйиэхтээхтэр. Аанньааххар 1 киирэр. Ыллааһыннаах суол. Аккыарай ыллаан киирэр.

Өс хоһооно – Аккыарай курдук аччыыһыра сытаҕын диэн.

Икки көһүн толорон, успуушка туппуттар. Уон үс ат тардар сыарҕаҕа дьиэлээх, киппииччэ дьиэлээх үһү.

Ону кэтэһэллэригэр, дьаарбаҥ диэн аатырбыт. Хааттылыыр хааттылыыр, арыгылыыр арыгылыыр, көрүлүүр көрүлүүр. Аккыарайы көрөөрү – мунньустуу.

Ол суолу Ыллааһыннаах суол диэн ааттаабыттар. Бөрхөбүлүүскэй суола Намана баһынан биһиэхэ киирэр – Ыллааһыннаах Суол. Сунтаарыҥ суола Тыһакыыска диэри, ыллааһына суох.

Тылы быһаарыы:

 1 Аанньаах – Өлүөхүмэ.

КЫМЫС ҮРДЭ

Кымыс үрдэ диэн ыһыахтыыр киһи манчаарыны баайар. Кыра-кыра гына, уончалыыны. Уонна, бытырыыс курдук, быаҕа баайан кэбиһэллэр. Дьиэ иһигэр туохтууллар. Боппуудалаах ымыйа баар. Онно ытыйартан кутан биэрэллэр. Икки киһи буолааччы.

Били манчаарыларыгар кымыһы, ымыйахтаах кымыстарын анньан, уган иһэллэр, алгыыллар, «куу-ку» «куу-ку» дии-дии уонна баран, анньан бараннар, дьиэ муостатыгар манчаары оту дэлби тэлгэтэллэр. Саар ыаҕаһыҥ эҥин дьиэҕэ манчаары тэллэххэ, от үрдүгэр турар. Онтуҥ халыҥ буолар, чараас буолбат. Ымыйаҥ да ол манчаары окко сыталлар. Манчаары тэллэхтээх. Отуҥ тэллэҕэ диэн ааттаар. Ол «куу-ку» диэн баран, тобуктаан олороллор. Икки алгыыр киһи манчаарыны таҥнары бааналлар, төгүрүччү баттах курдук. Сырайдара көстөр. Икки киһиҥ, тобуктаан баран, кымыстарын иһэллэр. Оҕонньордоох эмээхсин кэтэҕэриин ороҥҥо олороллор. Оҕонньор: «Куу-куу», – диир. Эмээхсин: «Кытаатыҥ. Иһэн, түһэрэн биэриҥ, түһэрэн биэриҥ», – диир.

Төгөөн устатын тухары ыһыахтыыллар. Ыҥырсаллар. Абыычай буоллаҕа. Окко киириэххэ диэри ыһыах буолар.

АБААҺЫЛААХ

Абааһылаах – мин олорон улааппыт сирим.

Оҕус кыһын ыстаайатыгар хонор. Ыстаайа 1 эргийэр ааннаах.

Аҕам курулатан иитэр этэ оҕуһун. Ол эргийэр аанын кыһын күүлэбит ааныгар, улахан аан буоллаҕа, киэһэ аайы аҕалан быраҕар. Утуйдуҥ, сыттыҥ да аҕалан быраҕар.

Ону үс ыал алта ыта алтыан үрэллэр, тайах курдук хаайаллар. Чүмэчи уматтаҥҥын, ааны тэлэйэн, көрөҕүн. Туох да суох.

Ыттарыҥ, мээнэ үрэ-үрэ, айан суолугар киллэрэн, үүрэ тураллар. Сыһыыга киллэрэн баран, төннөн кэлэллэр.

Онтон көһөн хаалтара. Онно бэйэм хаалтым. Кыыс оҕолоох этим. Олорор оҕо. Онтум, аҕыйах хонон баран, өлбүтэ. Суукка эрэ ыалдьыбыта.

Ыт оҕото дьиэҕэ хонор этэ. Ыалтан ылбытым. Туус маҥан ыт оҕото этэ. Күнүс кыыспыт ыарыйда. Онтон түүн ыккардыбытыгар илдьэ сытан, миигин: «Утуй», – диэтэ. Эмээхсиним. Онтон: «Ыт оҕото оһоҕу тула эргийэ сылдьан үрэр. Тур, тур», – диэтэ. Ыт оҕото, эргийэн кэлэн, айаҕын аппытынан били оҕо дагдатыгар 2 түһүөх курдук, ытырыах курдук. Ону мин хаҥас илиибинэн эһэн кээстэҕим дии. Ыппын. Оҕону ытыттарыам дуо.

Онтон сарсыарда чаайдыы олордубут. Эрдэ туран. Эмээхсиним, көтөҕөн олорон, чаай кутар.

«Чаайдаан бүттүҥ дуо? Оҕоҕун ыл, дьаарбай», – диэтэ.

Үчүгэй баҕайытык кэллэ. Дьэ, суол аанын диэки бардым. Илиибэр кыаттарбата, чаачыгырыы-чаачыгырыы мөҕүстэ. Эмээхсиним сүүрэн кэллэ. «Аҕал», – диэтэ. Ол ыккардыгар өлөн хаалла. Чаачыгырыы-чаачыгырыы мөхсөн. Онтон халлаан сырдыыта били ытым оҕото өлөн хаалла. Тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ. Улахан ыттар таһырдьа буоллаҕа, таһырдьа киэһэ аайы, оруок курдук, үрэллэр.

Туох да байан-тайан олорбут сириҥ иччилэнэрэ кирдик эбит.

Тылы быһаарыы:

 1 Ыстаайа – сээкэйи уурар сарай. Өлүөхүмэлэр, бодойболор түөлбэ тыллара.

 2 Дагда – түөс, агда.

Павел Михайлович Модин (1910). Өлүөхүмэ уокуруга, Кыыллаах буолаһа, II Мэйик нэһилиэгэ, Молбо. Омуга саха. 1976 с. Токоҕо суруйбутум.

ОҔОННЬОР

Оҕонньор Күөлэ – көлүйэ. Биһиги төрүппүт ойун оҕонньор балыктаан олорбут. Онон, айыырҕаан, ким да сылдьыбата үһү. Онон – Оҕонньор Күөлэ диэн. Оҕонньор Аартыга – оҕонньор сылдьар аартыга. Уруулара эрэ сылдьаллар. Атын киһи – суох.

Ити оҕонньор икки уоллаах, бэйэтэ улахан ойун. Улахан уола Чыычырба диэн. Онтон билигин ити Чыычырбынаптар диэн үөскээн олороллор. Оччугуй уола Муода Уйбаан диэн. Онтон буоллаҕа ити билигин Модиннар диэннэр олордохпут дии. Ону ити Муодаскын диэн эмиэ ааттыыллар. Онон өссө мин аҕабын Мотачкин диэн суруйбут этилэр.

Ол оҕонньор буоллаҕына, уолаттара ситэн, кэргэннэммиттэрин гиэннэ, күһүн балаҕан ыйын диэки: «Кыыллыы, тайахтыы бардым», – диэн баран сүтэн хаалбыт. Бараары эппит улахан киниитигэр: «Өскөтүн мин эргиллэн кэлбэтэхпинэ, уолаттар миигин ирдии, көрдүү сылдьыбатыннар», – диэн.

Уолаттар, дьэ, көһүтэ сатаабыттар. Уонна, дьэ, түмүккэ кэлбиттэр бу оҕонньор соруйан барбыт диэн. Уонна кинини эргиллиэ диэн олох аахпакка сылдьыбыттар. Дьэ, оҕордук икки сыл устата туох да биллибэтэх. Оҕордук олорбуттар.

Онтон, дьэ, биирдэ кыһын тыаҕа тахсаллар. Бултуу тахсаллар. Тииҥнии. Тииҥнээн бүтэн баран, аны кыыллыыллар. Оччотооҕу тыа киһитэ бултаан аһыыр. Биир тайах бүгүҥҥү саҥа суолун булаллар. Ол сылдьан. Ону ирдээн, батыһан иһэллэр. Ол ирдии сылдьан, тайахтарын суолун сүтэрэн кэбиспиттэр. Дьэ, били суола сүппүт тайахтарын булаары, суолу эргийэ хаампыттар. Ол сырыттахтарына, сабыч-саҥа эһэ суола кэлэр. Дьэ, бу дьиэттэн саҥа тахсыбыт эһэ буоллаҕа, маны бултуохха диэн суоллаан бараллар. Ол баран истэхтэринэ, эһэлэрэ биир сиргэ хаарга олорбут. Ол эһэ олорбут сириттэн аны сатыы киһи барбыт суола буолар. Дьэ, ону батыспахтаан бараннар, били аҕабыт оҕонньор сылдьар эбит диэн, төннөн хаалаллар.

Дьиэлэригэр киирэн, оҕордук сырыттыбыт диэн кэргэттэригэр кэпсээбиттэр. Ээ, тыаттан туох даҕаны, биир да тайаҕы өлөрбөккө киирэллэр. Дьэ, оҕордук эр дьоннор да, дьахталлар да эһэбит абааһы буолта дуу, туох дуу диэн киэһэ буолла да кини туһунан олох ахтыспаттар эбит.

Онтон сайына буолар. Уолаттар иккиэн оттуу баран хаалбыттар. Күнүскү ынах ыанарын саҕана биир күн өрүс уҥуор кырдьаҕас киһи саҥата иһиллибит. Үөгүлүүр үһү, хаһыырар. Онно, дьэ, истэн икки дьахтар иккиэн киирэллэр. Ол киирбиттэрэ өрүс уҥуор били аҕалара оҕонньор кэлэн турар үһү. «Хотуктаар, куттанымаҥ. Мин кэллим, – диир үһү. – Үс сыл устатыгар тайах да буола сырыттым, эһэ да буола сырыттым. Киһи да буола сырыттым, – диэбит. – Быйыл саас уолаттар, бултуу сылдьаннар, мин суолбун көрбүт буолуохтаахтар, – диэбит. – Ол сылдьарым тухары табаах тардыбакка иэдэйдим. Биир сэбирдэх табаахта, оноҕоско баайаҥҥыт, ох саанан ытан кулуҥ», – диэбит.

Улахан киниит туран, кини эппитин курдук, оноҕоско сэбирдэх табааҕы баайан ыппыт. Ону ылан, былыргы киһи хататтаах буоллаҕа, хамсатыгар ууран, хататынан саҕан, табаах тарпыт.

«Дьэ, билигин туоратыҥ», – диэбит. Ону кинииттэрэ: «Тыыбыт суох. Кэһэн тахсаҕын дуу, хайыыгын дуу?» – диэбиттэр.

Онуоха оҕонньордоро (ол кини турар биэрэгэр кэлин төбөтө быстан хаалбыт туос тыы сытар үһү) ону ылан көрөн баран, суордуу хаһыыра-хаһыыра үрдүгэр силлээн-хаахтаан баран, ууга киллэрэн олорбут да туораан хаалбыт.

САДЫН

Николай Кузьмич Петров (1917). Уруккута Садын оройуона, Мэйик Татакаан нэһилиэгэ. Сабычах аҕатын ууһа. 1981 с. суруйбутум.

ЫАҔАЙАЛААХ

Куччугуй Ботуобуйаҕа түһэр Ыаҕайалаах Үрүйэ диэн Ала Үрэххэ барар суолга баар.

Ала Үрэххэ олорбуттар Омуннаах Уйбаан диэн оҕонньор уонна кини кэргэнэ Аллай Маарыйа диэн. Өрүүнэ уонна Өлөксөөн диэн дьахталлар кэлбиттэригэр алаадьылаан, арыы уулларан, сүөгэй үүттээн, хойуу чэй иһэрдибиттэр. Уганна баралларыгар кыллаах ыаҕайаҕа арыылаах алаадьы ыһык уган биэрбиттэр. Ону Өрүүнэлээх Өлөксөөн Ыаҕайалаах Үрүйэ халдьаайытыгар кэлэн, киэһэ күн киириитэ алаадьытын барытын сиэбиттэр уонна, ыаҕайатын түгэҕин көтүрэн бараннар, обургу соҕус маһы бүк тарданнар, кэтэрдэн кэбиспиттэр. Онтулара кэлин, маһа улаатан, ыаҕайаларын иитин быһыта тэбэн эрэр этэ. Онон бу үрүйэни Ыаҕайалаах диэн ааттаабыттар.

ХАТЫҤЫН

Бэс Үрэҕи Успурдуон Өтөҕүнэн күн диэки туораатахха, Хатыҥын Уҥуоҕа диэн киһи уҥуоҕа баар. Ити киһи Сабычах кыыһа ойохтоох эбит. Маарыйа диэн. Бодойбо Тайҕата аһылларын саҕана сылдьан, улаханнык байбыттар уонна, уоспа ыарыыттан куотаннар, дойдуларыгар кэлбиттэр. Испиир оҥорор дьонтон биэс пилээгэ испиири атыылаһан илдьэ кэлбиттэр.

Онтуларын бүтэһигин иһээри гыммыттара, мөксө турар эбит. Ону Хатыҥын: «Мөҥүстүн да хайаатын. Син биир иһэбин. Таһаарыҥ», – диэбит. Ону иһэн баран, өлбүт.

Онон, буоспаны таһаарбыккыт диэн, Тоос кинээс Хара Маарыйаны Тайҕаҕа төттөрү кыйдаабыт.

СУНТААР

Филипп Филиппов. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

ЫМСЫЫ

Сунтаар оройуонун II Бордоҥуттан, билиҥҥитинэн «Сунтаар» совхоз киин бөһүөлэгиттэн, арыый тэйиччи Ымсыы диэн уһун элгээн, хонуу баар. Бу хонуу кэрэ көстүүтүнэн, айылҕатынан киһини-сүөһүнү тардар дьикти аптаах сир. Дэлэҕэ да Ымсыы диэн ааттыахтара дуо?! Манна ханнык да ымсыы киһи да, баай да олорботох дойдута.

Былыр бу хонуу өҥ, сүмэһиннээх отугар хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ, отучча ынах сүөһү баар буолан хаалбыт үһү. Бу сүөһүлэр хантан кэлбиттэрин, хаһаайыннара кимнээҕин ким да билбэтэх. Арай тула өттө хахыйахтарынан симэммит, төбүрүөн-төбүрүөн хатыҥ арыылардаах, көлүччэлэрдээх, аата-суола биллибэт өҥ оттоох хонуу кинилэри бэйэтигэр тарда, аһаталыы сыппыт.

Сүөһүлэрин суоллаан, Элгээйи III Бордоҥуттан Мэйик диэн киһи бу быйаҥнаах хонууга тиийэн кэлэн, сүөһүлэрин булаттаабыт. Сүөһүлэрэ киһи билбэт гына төгүрүччү уойан хаалбыттар эбит. Киһини-сүөһүнү уйгу быйаҥынан угуйа турар хонууну ону сэлэлии үүммүт булкаастаах ойуур үрдүнэн көстөр хайа күөх тунарыгын диэки көрөн туран, Мэйик: «Бу уйгу быйаҥынан, өҥ, сүмэһиннээх отунан, тулалаан турар эйгэтинэн киһини-сүөһүнү ымсыырдан, бэйэтигэр угуйа турар дойду Ымсыы диэн ааттаныахтын», – диэн аат иҥэрбитэ үһү.

Ол кэннэ, биир уһун ньолбуһах хатыҥ арыыны талан ылан, дьиэ-уот туттан, сыһыытын муҥунан сыспай сиэллээҕи, хонууларын хонноҕунан хороҕор муостааҕы үөскэтэн, өр сылларга олорбута үһү.

Кини иҥэрбит аата билиҥҥэ дылы ааттана турар. Оттон олорбут хатыҥ арыытыгар өтөҕүн омооно, төрүттэрин уҥуохтара билиҥҥэ дылы көстөллөр.

Ити арыыны Мэйик Арыыта диэн ааттыыллар.

Зинаида Трофимова. Сунтаар, Тойбохой. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн. Үөрэнээччим «Анна Ильинична Болуроваттан суруйдум» диэбит да, кэпсээбит киһи кимин-тугун ыйбатах. Оттон миэхэ оччолорго, хомойуох иһин, ону чуолкайдаан, бэлиэтэнэр өй киирбэтэх.

ТОЙБОХ ТОҤУС

Былыыр-былыр биир Тойбох диэн тоҥус олорбута үһү. Кини биир оҕолоох уонна кэргэннээх үһү. Кини, тоҥус киһи буоларын быһыытынан, биир сиргэ тохтоон олорбот эбит. Көһө сылдьан бултуур-алтыыр идэлээх эбит. Сайын биирдэ ыам кумаарын саҕына Тойбох түптэлэммит. Онтон улахан баһаар турбут. Тойбох кэргэттэринээн атын сиргэ көһөн хаалбыт. Хас да сыл буолан баран кэлэн көрбүтэ, киэҥ баҕайы хонуу ортотугар тиит мастаах арыы хаалбыт.

Тойбох өлбүтүн кэннэ кини чиэһигэр ити хонууга олохсуйбут дьон сири Тойбохой диэн ааттаабыттар.

Прокопий Яковлевич Прокопьев. Сунтаар, Дьаархан. 1968 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа IV кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн. Үһүйээни аҕата Яков Васильевич Прокопьев кэпсээбит.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации