Электронная библиотека » Багдарыын Сүлбэ » » онлайн чтение - страница 17


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:00


Автор книги: Багдарыын Сүлбэ


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 17 (всего у книги 52 страниц) [доступный отрывок для чтения: 17 страниц]

Шрифт:
- 100% +
ОҔУС КӨЛӨЛӨӨХ

Бааҕы – туус үллэр, туус хостонор сирэ. Былыргы аата Өлөҥ Салаа диэн. Хойут Бааҕы диэн – дьиҥнээх аата.

Былыр кыргыс сэриититтэн күрээн иһэр киһи, Баҕа диэн ааттаах киһи, оҕуһунан күрээн испит. Ол таххан, Күүкэй күөл кытыытыгар олохсуйбута үһү.

Михаил Спиридонович Григорьев. Сунтаар, I Бордоҥ нэһилиэгэ. Одуну Һуопчу аҕатын ууһа. 1986 с. 75 саастааҕа.

ОРОХ ТУҺУНАН

Былыр биир баай киһи киниитэ, элбэх оҕолоох дьахтар, огдообо буолбут. Дьахтар, оҕолорун иитээри, тойонун баайтаһын биэтин уоран сиэбит. Уонна кыһыны быһа этин таһарыгар орох тэппит. Ол дьахтар Орох Тэппит диэн ааттаммыт.

Кини оҕолоро кэлин, үөскээннэр, байаннар, аҕа ууһун баһылыктаабыттар. Ол аҕа ууһа кэлин Орох аҕатын ууһа диэн ааттаммыт. Ити Пиэрибэй Бордоҥ нэһилиэгэр киирэллэр этэ.

Онтон, революция иннигэр, Григорий Ноговицын диэн, Пиэрибэй Бордоҥтон нэһилиэк сороҕун арааран ылан, Тириэтий Бордоҥ диэн нэһилиэк тэрийбит. Орохтор, хас да ыал, Тириэтий Бордоҥҥо барсыбыттар. Онон Тириэтий Бордоҥҥо эмиэ Орох аҕатын ууһа диэн баар буола сылдьыбыт.

ОДУНУ ТУҺУНАН

Ньуучалар баһылаабыттарын кэннэ билиҥҥи Сунтаар оройуонун дьонноро, баһыйар үгүс өттө, Дьокуускайтан күрэммиттэр. Хаҥаластар, хоролор, чакырдар, дьаарханнар, бордоҥнор, наахаралар. Ол иһигэр Одуну аҕатын ууһуттан хас да киһи кэлбит: Чэппэй, Одуну, Атарба уонна да атыттар.

Чэппэй ыраахтааҕы өлбүгэтин быһа суолунан, Куунуннан, Туобуйанан, Атах Оттоох Өргүөтүнэн, Дьокуускай суолугар түһэн, сыл аайы тиэрдэрэ үһү. Оннук биир сырыытыгар түөкүттэр тоһуйаннар өлөрбүттэр.

Чэппэй удьуордара Ботомоойу үрэҕин баһыгар олохсуйбуттара уонна син добуолун үөскээбиттэрэ.

Атарба күрүүрүгэр, икки хараҕа һуох удаҕан ийэтин сүгэн, айанныы сатаан баран, оҥкучах хаспыт уонна, маһынан сиэтэн иһэн, оҥкучаҕы үрдүнэн ойон ааспыт. Ийэтэ, оҥкучахха түһэн баран, үөгүлүү, кырыы, кылана хаалбыт: «Бэйэкэй уус! Уол оҕоҥ оноҕос тутарын һаҕана, кыыс оҕоҥ кыптыый тутарын саҕана хара түөкүнү суолгун суоллаан тиийиэҕим», – диэбит.

Онтон хойукка дылы Атарба удьуордарыттан өллөхтөрүнэ эбэтэр дэҥҥэ түбэстэхтэринэ, ол Атарба ийэтин кырыыһа тиийбит дииллэрэ.

Одуну аҕатын ууһун сирдэрин уопсай аата урут Одуну Сирэ диэн буолара. Билигин ону арааран ылыллыбата буолуо. Одуну сирдэрэ билигин Элгээйи нэһилиэгэр, Кутана нэһилиэгэр, Күүкэй нэһилиэгэр – ити үс сиргэ барытыгар баар. Районированиеҕа быһыта тыытан.

Мин эбэм эһэтэ ньуучча үһү. Ону Чааккы Харах диэн ааттыыллара үһү. Ол элбэх уолаттардаах, кыргыттардаах эбит. Чааккы. Онтон удьуордара кэлин өссө кэргэннии буолан хаалаттаабыттар эҥин. Холобур, мин ийэм, аҕам, ити кэргэним эмиэ Чааккыттан төрүттээх эбит.

Атах Оттоох Өргүөтүнэн. Кэпсээнньит алҕаһаабыт. Дьиҥэр, ити сир – Алтан Оттоох Өргүөтэ.

ТААТТА

Парасковья Романова. Таатта, Чөркөөх. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

ТАРАТААЙ

Таратаай диэн Чөркөөх бэйэтин иһин да курдук кэриэтэ сир. Кини литератураҕа да, дьоҥҥо-сэргэҕэ да биллибэт кыра суолталаах сир.

Манна ыраахтааҕыны утары барбыттары кытта биир политсыылынайы аҕалбыттар. Бу политсыылынай Трощанскай диэн нуучча киһитэ эбитэ үһү. Аатын, аҕа суолун өйдүүр дьон биллибэт быһыылаах. Трощанскайы биһиги Чөркөөхпүт хараҥа олохтоохторо, баайдар этэллэрин кырдьыктанан, күн ыраахтааҕыны утары барбыт хара буруйдаах киһи диэн, уоттан куотар курдук, бэл олорор дьиэтин тэйэ тумнан ааһаллара үһү.

Трощанскай, дьон олох да суоҕун курдук, соҕотоҕун чуҥкуйан, үөрэнэн хаалан, дьиэтигэр бүк түһэн олороро эбитэ үһү. Өссө биир саха кыыһа кэргэннэммитэ диэх курдук кэпсээн баара. Олохтоохтор кэлин бу киһи тугу гынарын билиэхтэрин баҕаран, биир саамай хорсун сүрэхтээхтэрэ дьиэ иһин өҥөйтөлөөн көрүтэлээтэҕинэ, биир кэм үрүҥ кумааҕыга тугу эрэ суруйан тахсара үһү.

Политсыылынай Трощанскай кэлэ сылдьыбыта кырдьык. Ол гынан баран, дьиҥнээх туоһулуур туох да хаалбатах. Онон дакаастыырга кытаанах соҕус. Арай көмүллүбүт уҥуоҕун маһа соторутааҕы сыллардаахха баара үһү да билигин ол – суох. Кини аатынан уулусса баар.

Валентина Огонерова. Таатта, Чөркөөх. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

ЧӨРКӨӨХ

Мин кэпсиэм этэ бэйэм Чөркөөҕүм остуоруйатын.

Биһиги Чөркөөхпүт оройуон биир улахан дэриэбинэтинэн буолар. Урукку «Бойобуой» колхоз киинэ. Бу – сүрдээх улахан дэриэбинэ. Таатта үрэх адьас үрдүгэр турар. Биһиги Чөркөөхпүт Чөркөөх диэн алаас үрдүгэр олорор.

Дьон этиитинэн, былыыр-былыр бу кыракый чоҥкучах алааска собус-соҕотох эмээхсин олорбут. Төһө да буолбутун иһин бу эмээхсин өлөр күнэ тирээн кэлэн, өлөн хаалбыт. Дьэ, онтон ыла бу алааһы Чөркөөх Алааһа диэн диэбиттэр. Онтон кэнники аны ити алаас үрдүгэр дэриэбинэ олохсуйан барбыт. Ону эмиэ Чөркөөх аатынан ааттаабыттар. Онон билиҥҥэ диэри Чөркөөх диэн аатыран турар. Дьэ дьикти. Ол биир соҕотох эмээхсин аатынан бүтүн дэриэбинэ ааттаммыта. Итинник номох баар.

Федор Неустроев. Таатта, Баайаҕа. 1967 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

АБААҺЫЛААХ

Үрэх баһа дойду. Кыра алаас оҕото. Тула өттө куруҥ. Уот сиэбит, күөрэ-лаҥкы түспүт адаархай мастардаах, куобах уостардаах лааҥкы дойду. Алаас ортотугар төгүрүк уулаах. Көлүччэтин адьас саҕатыттан ыла адаархай дулҕалаах. Арҕаа өттүгэр үтэн киирбит тумус үрдүгэр, эмэхтийэн, аҥаар өтто сууллубут киһи уҥуоҕа харааран турар. Бу барыта хайдах эрэ киһи санаатын баттыыр. Бу алааһы киһи дьиксинэ-дьиксинэ ааһар.

Бу сискэ, лааҥкы быыһыгар дьордьума сыта үүнэр. Сыл аайы үргэнэр да хаһан да аҕыйаабыт сибикитэ биллибэт.

Кырдьаҕастар этэллэринэн, бу сиргэ биир кимэ-туоҕа биллибэт киһи кэлэн саһа сылдьыбыт. Ол киһи хас да сыл олорбут. Ол устатын тухары, эһэ буолан, айанньыттары дьиибэлиир идэлэммит. Ол сылдьан, иинин тумул үрдүгэр хастан, уҥуоҕун оҥорон бэлэмнээн кэбиспит. Маҥнай утаа дьоннор бу алааһы абааһылаах диэн ырааҕынан тумнан ааһар буолбуттар.

Арай биир булчут бу алааска охсуллан ааспыт. Эмискэ тумус үрдүттэн эһэ ыстанан тахсыбыт да харса суох кини үрдүгэр түспүт. Булчут үҥүүтүн тоһуйбут. Эһэтэ сүүрэн кэлбит күүһүгэр үҥүүгэ иһинэн түспүт.

Дьэ, доҕоор! Өлөн эрэр киһи хаһыыта тыа баһынан дуораһыйан бара турбут. Булчут, дьэ, дьиҥнээх абааһыга түбэстэҕим диэн, уолуйан хаалан, үҥүүтүн ыһыктан кэбиспит. Эһэтэ тумул диэки ыстаммыт уонна, киһи уҥуоҕун кэннигэр тиийэн баран, сүтэн хаалбыт.

Бу булчут дьиэтин нэһиилэ булбут. Онтон, аҕыйах хонон баран, өлөн хаалбыт. Онтон ыла бу алааһы Абааһылаах диэн ааттаабыттар.

Климентий Степанович Неустроев (1927). Таатта, Уолба нэһилиэгэ. Орто үөрэхтээх. 1980 с. суруйбутум.

ДОЙОМПО

Дойомпо диэн ойуун. Бу Уолбаҕа олорбут. Уолба илин өттүгэр. Ол төрөөбүтэ үһү диэн буолар. Уолбаттан сэттэ километрдаах булгунньах төбөтүгэр таххан. Оҕото – сордоҥ. Сордоҥ оҕонон төрөөбүт диэн буолар. Онтон күөлэ, тоҕо ыстанан, Тааттаҕа түһэр. Ол билигин түспүт курдук аппалаах. Хайдах эрэ барбыт курдук. Оҕото, Тааттаны таҥнаран, Алдаҥҥа түһэн, Алданы, Ленаны таҥнаран, Бүлүүнү өксөйбүт быһыылаах. Бүлүүгэ тиийэн олохсуйбут. Онно Дойомпо уолабын диир ойуун үөскээбитэ үһү.

Араастаан кэпсииллэр этэ. Умнан кэбиспиппин.

Семен Гаврильевич Собакин-Томойо. Таатта, Тыараһа нэһилиэгэ. 1969 с. суруйарбар 74 саастааҕа.

ИҺИГЭР ОҔОЛООХ ЭҺЭНИ…

Эһэ ыам ыйыгар иссэр. Ол иссэн баран, күһүн тиийэҥҥин, киһи барыта тыһы эһэни өлөрөр да, ким даҕаны иһигэр оҕолоох эһэни өлөрбүт өрүү суох.

Арай кэпсээҥҥэ баар. Бу Былахылар диэн ааттаах булчуттар, хас да быраат бааллара эбитэ үһү. Ол күһүн биир тыһы эһэни өлөрбүттэрэ үһү. Ол иһигэр үс оҕолоох эбитэ үһү. Ол дьон, ол эһэни өлөрөн баран, бары эстибиттэрэ үһү диэн кэпсииллэр.

Ити кэлин өттүгэр, бу саҥардыы соҕус Соҥуй Аммата диэн сиргэ икки улахан булчут кырдьаҕас дьон бааллара. Ол биир уолу батыһыннаран, биир күһүн бултуу тахсыбыттар. Ол таххан баран, биир тыһы эһэни арҕахтан булаллар. Онтукалара иһигэр икки оҕолоох буолар. Ону, өлөрөн бараннар, сүлэн-астаан баран, уолларыгар: «Кимиэхэ да, икки атахтаахха кэпсээйэҕин», – диэн уолга кикпиттэр. Ол кигэн баран, дойдуларыгар киирэллэр.

Ол уол арыгыһыт баҕайы эбит, биирдэ итирэн баран, дьоҥҥо: «Биһи оҕордук, иһигэр икки оҕолоох тыһы эһэни өлөрдүбүт», – диэн кэпсиир.

Ол кыһыныгар ол икки бырааттыы булчут өлөн хаалбыттар.

Икки атахтаах истибит тухары иһигэр оҕолоох эһэни өлөрбүт диэн суох. Бу өлөргө-алдьанарга түбэстэҕэ. Онон бу дьон эстээри гыннахтара диэн буолбут. Ол булчут дьон ол кыһыныгар иккиэн өлөн хаалаллар. Бу саҥардыыҥҥы. Мин булка сылдьыһар буолтум кэннэ.

Оттон Былахылар – өрдөөҕү дьон.

Иннокентий Алексеевич Уваров-Кыладыкы Уус (1914). Таатта, II Игидэй нэһилиэгэ. 1979 с. кэпсэппитим.

САЛАМА КЭРЭХ

Аччы Булгунньаҕа – үрэх ортотугар турар булгунньах. Кыргыс сэбэ көмүллүбүт сирэ.

Ити булгунньах төрдүгэр 700 сүөһүлээх Үрэх Ньукулайа олорбут. Кини Аччы Күөлүттэн уулаабыт. Ол уулууругар уутун кээмэйдиир. Ураһа ииччигэнинэн. Туруору анньыллар ураҕаһынан. Ииччигэнэ уутун түгэҕин булбатах. Ону: «Сөп буолууһу», – диэбит.

Ол кэмнээтэҕин түүн тиэргэн түгэҕинээҕи 1 бастыҥ биэтэ өлөн хоммут. Ити биэ сыҥааҕын уҥуоҕун биһиги, раскопка оҥороммут, булбуппут. Оҕонньор: «Кээмэйдээбиппин сөбүлээбэтэх буоллаҕа», – диэбит.

Өтөҕүн халдьаайытыгар, үрэх халдьаайытыгар, кэрэх туруорбут. Ити кэрэҕи, норуот суруйааччыта Уот Хойостоон сылдьан, туох кэрэх буоларын быһаарбыппыт. Кэрэхпит салама кэрэх эбит. Салама кэрэҕэ диэн онно бырааһынньыктаабыт. Сүрдээх киэҥ сиргэ уот оттубут. Холумтанын онно кытара сытар. Ону биһиги хаспыппыт.

Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

 1 Тиэргэн түгэҕинээҕи – саамай бастыҥ диэн. Үүттээх. Былыр кымыс үйэтэ буоллаҕа.

ДЭРИЭТИННЬИК ДЬАБЫНЫГАР КӨҺҮҮТҮГЭР

700 сүөһүлээх Үрэх Ньукулайа аймаҕар Кылачыыс Ууска 9 сыл устата дэриэтинньик буулаабыт.

Халҕан Күрүө диэн сир баар. Ити дэриэтинньик дьабыныгар көһүүтүгэр, холорук түһэн, халҕаны көтүтэн, алаастан сиһи уҥуордатан, Ньимиидэ Үрэххэ тиэрдэн түһэрэр.

Итинтикэҥ ыраах сир. Букатын сиһэ халыҥ. Ол – мин эһэм эдэригэр. Ол халҕан бэрт өргө диэри сыппыта үһү. Онон Халҕан Күрүө диэн ааттаммыт.

СУОНДА ТУМУҺАХ

Былыр, кыргыс саҕана, Байаҕантай уонна Таатта буҕатыырдара кыргыспыттар. Байаҕантайдар Амманы өрөтөн айаннаабыттар. Онно Уодай уонна Чымынаайы ыккардыгар сискэ һаамай оҕо буҕатыыр хаанынан саккырыы турар титириги көрөр. Ону: «Бу миэхэ үҥүү дуу, батас дуу уга буолар мас. Миэхэ анаммыт», – диэн эппит. Ону кырдьаҕас буҕатыыр: «Эн ылыаҥ дуо?! Мин ылыам буоллаҕа!» – диэбит.

Онуоха уол, биэримээри, мочоолоспут. Онтон кырдьаҕас буҕатыыр, кыыһыран, оҕону үҥүүнэн курдары түһэр. Онтон төрүттэнэн, ол сис Курдат Сиһэ диэн ааттаммыт. Күн бүгүҥҥэ диэри. Ол оҕо кэлэн, Ытык Күөл таһыгар, алта килэмиэтир буолуо дуо, көҥүскэ өлөр. Хадаайы көҥүһүгэр. Ол көҥүс күн бүгүҥҥэ диэри Оҕо Кээспит Көҥүһүнэн ааттанар. Оҕолорун онно көмнөхтөрө дии.

Кыргыс буҕатыырдара, таатталар уонна байаҕантайдар, Ытык Күөл таһыгар Киэҥ Эбэ диэн алааска кыргыспыттар. Онно буҕатыырдар атынан сүүрдэн киирбиттэр. Биирдии атынан. Таатта буҕатыыра урут кыргыска сылдьыбатах аты миинэн киирбит. Ата үөрүйэҕэ суоҕуттан, Байаҕантай буҕатыыра тайыылаабыт. Таатта буҕатыыра, өлөн сууллан иһэн, үҥүүнэн таак аспытыгар, Байаҕантай буҕатыырын ата Суонда Тураҕас нөмөйүн аспыт. Субурдук – уолугун. Ол ата, хоту Уолба сирин ааһан, Суонда Үрэҕэр Суонда умуһах диэҥҥэ өлбүт. Ол тумуһаҕы күн бүгүҥҥэ дылы Суонда Тумуһах диэн ааттыыллар.

Уолба сиригэр кэлэн, Таатта үрэх уутуттан ата, хааттаран, чугурус гынар. Онтон буҕатыыр соруйбут буолуохтаах. Ата үрэҕи ойон истэҕинэ, буҕатыыр сүгэтэ түһэн хаалар. Үрэххэ. Онтон ол сир аата Сүгэ Сүппүт диэн. Ааттаах үчүгэй баҕайы чүөппэлээх.

Бу кыргыс Кээрэкээн ойуун кэмэ быһыылаах. Бу кыргыһыыга таатталар кыаттараллар.

Михаил Герасимович Соров. Таатта улууһа, Дьиэбэгэнэ нэһилиэгэ. «Адьас төрдүбэр биир Суор диэн хос ааттаах бухатыырдыҥы киһи баар үһү. Билиҥҥээҥҥэ диэри Суор удьуора дииллэр», – диэбитэ. 1979 с. кэпсэтэрбэр 61 саастааҕа.

ТОЙУКУ

Былыр Тойуку диэн олоҥхоһутун иһин ааттаабыт киһилэрэ баар эбит. Ол киһи суон тиити хаспыт. Былыргынан баат 1 диэн ааттыыллар. Билигин ол баат олох хаалла.

Илим көрө сылдьан ууга түспүт уонна, ууһута суох эрээри, харбаан, чампаан тахсыбыт. Үөрбүт: «Эбэм иччитэ соруйан, аһынан, ылбата, – диэбит уонна: – Кэриэстээн, мин ааппын иҥэриэххэ», – диэбит.

Ону кэриэстээн, кини аатын биэрбиттэр. Онон, урукку Нэлэгэр аата умнуллан, Тойуку диэн буолан хаалбыт.

Тылы быһаарыы:

 1 Баат (нууч. бат) – дүлүҥү хаһан оҥоһуллубут кыра тыы. Түөлбэ тыла.

ДААЙА АММАТА

Тыараһа Амматыгар былыр Даайа диэн сүрдээх кырасыабай үчүгэй дьахтар төрөөн-үөскээн олорбут. Киһимсэх эмиэ эбитэ үһү. Көрбүт эрэ ымсыырар дэгиттэр үчүгэй дьахтар эбитэ үһү.

Ньокучахы диэн күөл уонна Аччыгый Күөл диэннэр бааллар. Ол икки күөл икки ардыгар баар томторго олохтоох эбит. Кини өлбүтүн кэннэ бу дойдуну барытын Даайа Аммата диэн ааттаабыттар.

Байбал Арамаанабыс Кулаковскай-Лөҥкө (1926). Таатта, Сиэллээх нэһилиэгэ. Үөрэнээччим, Тааттатааҕы Харбалаах оскуолатын учуутала А. Н. Иванов 05.05.1979 с.: «Төҥүттэ диэн сиргэ андыга сытан», – диэн бэлиэтээбит. Бу сурунуутун үөрэнээччим миэхэ киллэрэн биэрбитэ.

МЭҤЭ КУЙАХТАММЫТ

Доо, Тааттаҕа былыр холун улахан (ол аата олус улахан) оҕо киһи үөскээбит. Бу оҕо аҕата оҕоҕо 16 сааһыгар туспа дьиэ туппут. Оҕо улаатан, ааҥҥа батан киирбэт буолбутун иһин оҕону Боруҥку диэн ааттаабыттар. Ыал икки оҕотуттан бастакылара эбит.

Бу киһи аҕата куоракка киирэн тахсар идэлээх эбит. Онно кини аара Мэҥэ улууһугар 9 оҕолоох ойууну кытта билсэн, онно сылдьан, хонон-өрөөн ааһар эбит. Дьэ, манна биир хонуутугар дьиэлээх ойуун этэр: «Үөлээннээҕим, кытта кырдьыбытым, биһиги диэки суох улахан оҕолоох үһүгүн. Ол оҕоҕун мин көрүөхпүн баҕарабын. Онон мин эйиэхэ бара сылдьыахпын баҕарабын. Мин, туома да буоллар, 9 оҕолоохпун: сэттэ уол, икки кыыс. Инникитин, кэнэҕэс ыччаттар билсиэ этилэр», – диир.

Ону биһиги киһибит этэр: «Этиэххин эттэҕиҥ, кырдьаҕас. Ол гынан баран, мин оҕом сүрдээх ордуос. Туһунан олорор киһи. Ылынар эрэ, суох эрэ».

Дьэ, манна сааскытыгар ойуун, эппитин курдук, били оҕону көрө, бу Тааттаҕа кэлбитэ үһү. Киэһэ, хонукка уолу аҕата ыҥыран таһааран, ойууҥҥа көрдөрөр. Дьэ, ону көрөн баран, ойуун этэр: «Мин тоҕус оҕолоохпун. Эдэрдэр билсиэх этигит. Биһиги аҕаҕынаан үйэбит тухары билсэбит. Онон эн биһиэхэ баран ыалдьыттаа, оҕолордуун көрүлээҥ, оонньооҥ, билис», – диир.

Оҕо эппитэ үһү: «От-мас хагдарыйыыта аны күһүн тиийиэҕим», – диэн.

Былыргы киһи эппитин курдук, тыл баһа быстар (ол аата булгуччу) тиийэр. Дьэ, оҕонньор туох да наһаа үөрэр.

Былыргы бириэмэҕэ саамай маанылыыр киһилэригэр сүөһү уллуктаах уҥуоҕун толору күөстүүр. Ону таһынан былыргы сүрдээх улахан туойунан оҥоһуллубут хобордооххо били этин, буут быһаҕаһын, биир бөҕө оҕотугар көтөхтөрөн аҕалан, ууран биэрэллэр уонна аттыгар сытыы үлүгэр быһаҕы уурбуттар. Маны бу оҕо быһаҕы билбэтэх илиитинэн быһыта тыытан ылан, бобута тута-тута, айаҕар уган испит. Өр кэтэһиннэрбэтэх, утаа буолбатах. Оҕо аһаан бүтэрбит уонна уҥуоҕун икки баһын үлтүрүтэ ыстаан, силиитин оборон баран, оһох кэннигэр кыыраппыт.

Дьэ, сөп. Ойуун, кэтэх тардыстан сытан, ыалдьыта аһыырын кэтээн көрө сыппыт уонна эппит: «Үөлээннээҕим оҕото, хор, аһыырдыын-сиирдиин үтүө ыччат эбиккин. Онон аатыҥ Боруҥку Омоллоон буоллун», – диэбит.

Маны оҕо иһигэр: «Маҥай аллаах. Аат-суол биэрэн, хоһулуур киһиҥ мин эбит дии. Ити буоллаҕына, аны саас харалдьык тахсыыта өссө биирдэ көрсөрбүт буолуо», – дии саныыр.

Итинник буолар. Оҕо дойдутугар төннөн кэлэр. Үчүгэй, куһаҕан диэн тугу да эппэт, кэпсээбэт. Били ылыммытын, санаабытын курдук, ону толорон, саас үрүҥ, хара тэҥнэһиитэ (хаар ууллан, хара сир тахсыыта) били ойуунугар тиийэр. Бу тиийэн баран, дьиэ айаҕын утары тумул тыаҕа, кэриигэ саһан сытынан кэбиһэр.

Былыргы бириэмэ буоллаҕа, ойуун арбаҕаһын бүрүнэн, күн киириитэ ииктии тахсар. Ииктии турдаҕына, соҕотохто ох сурулаан кэлэр да хара быарынан курдары ааһар. Ойуун өлөр түһүүтүн өйө-төйө суох охтор.

Дьэ, бу ойуун кыталык элэмэс дьүһүннээх аттаах үһү. Үөһээттэн айыллыбыт диэн аатырар. Бу аты уол, күрүөнү үрдүнэн ойон киирэн, миинэр да, атах гынан, уоран кэлэр.

Уолаттар, таһырдьа тахса сылдьан, оҕонньору көрөн, көтөҕөн киирэн, олбоҕор сытыараллар. Бу сытан, ойуун кэриэһин эппит:

«Миигин өлөрбүт киһини өлөрөн, сүрэхтээх тыҥатын аҕалан уоптараарыҥ. Оччоҕо эрэ, оҕолорум, эһиги киһи-хара буолуоххут. Бу киһини өлөрүөххүтүгэр диэри миигин быстах хоруоннан, көмөрүнэн көмүҥ», – диир.

Аччыгый, сэттис уолугар этэр: «Бу оххо илбис иҥэрдим. Онон тобуктаан баран, алҕаан: «Эргийбитиҥ эккэ, хайыспытыҥ хааҥҥа буол», – диэн баран, үөһээ өрө ыттаххына, бу ол миигин өлөрбүт киһини төттөрү түһүүтүгэр бэйэтэ булан өлөрүө. Ол гынан баран, ити, кыайбатаххытына, муҥур уһукка итинник гынаарыҥ», – диир.

Итиэннэ аҕалара өлөн хаалар. Аны туран, аттара сүтэллэр. Ону көрдүү, өлөрсө, кыргыһа сэттэ суол хайысхатынан сэттэ аҥы ыстаннарбыттар. Бу түүн тугу да булбакка, туох да суолу хайбакка, төннөн кэлбиттэр.

Бу дьон үс төгүрүк сыл көрдөөбүттэр. Сэттиэн бииргэ сылдьаллар үһү. Кэлин Амма өрүс эҥэр, Чымнаайынан эҥин кэрийэллэр. Сайын от ыйыгар билиҥҥи Арҕаа Эбэ диэҥҥэ тиийэллэр. Арҕаа Эбэҕэ Күөл Бүтэйэ диэн синньигэс атахтаах кыра булуҥҥа оттуу турар кырдьаҕас оҕонньор оҕотунаан били дьон ааһан эрэллэрин көрөллөр. Оҕонньор оҕотугар, ону көрөн, кэпсиир: «Тукаам, көр эрэ, ити биһиги Боруҥку Омоллооммут аҕаларын өлөрбүт оҕолоро ити кэрийэ сылдьаллар сэттиэн», – диир.

Ону суолунан ааһан иһэн, аччыгый уол истэ охсон убайдарыгар этэр: «Тугу билэ-көрө иһэҕит, убайдарым. Мин истиэ суохпун иһиттим. Алдьархайы иһиттим». «Ити оҕонньору, дэлби таһыйан, ээҕин этитиэххэ», – дэһэ түһэллэр убайдара.

Битигирэтэн киирэн, оҕонньору өрө-таҥнары тутан, кыргыс дьоно төгүрүччү туран: «Аҕабыт туһунан билэр эбиккин. Ыйан кулу, кэпсээ. Эппэтэргин – өлөрөбүт», – дииллэр.

«Оокколоруом, сырдык тыыммын быһымаҥ, этэбин. Дьэ, маннык. Боруҥку Омоллоон, аҕаҕытын өлөрөн баран, куттанан, күрээн, Дьааҥыга баран, Тоҥус Сиригэр тахсан, кыргыһан өлбүтэ. Кини быраата Илгэн диэн 16 саастаах оҕо эһиги аҕаҕыт кыталык элэмэс атын миинэн отчуттарыгар ас, үтэ таһар. Бу Ойоҕос илин өттүгэр турар отууга», – диир оҕонньор. Маны истээт да бэс чагдаҕа, иэйэҕэ (төгүрүк оҥкучах сир баар) түһэллэр.

Бу кыргыс дьоно хоммут сирдэрэ күн бүгүнүгэр дылы Мэҥэ Куйахтаммыт диэн ааттанар. Били дьон куйах кэппиттэрин, таҥныбыттарын, оҥостуммуттарын иһин оннук ааттаабыттар.

Сарсыарда халлаан сырдыыта отуу чугаһыгар тиийэн саһан сытынан кэбиһэллэр. Кырдьык, оҕонньор эппитин курдук, уҥуоргуттан кыталык элэмэс аттаах, бэрэмэдэйдээх киһи таҥнары хаамтаран дыбдытан киирэн кэлэр. Имнэнсэн кэбиһэллэр. Аҕаларын атын билбиттэр. Оҕо отууга тиийэн кэлэр. Бэрэмэдэйин түһэрэн, сиргэ ууран эрдэҕинэ, сэттэ оҕунан тэҥҥэ ыппыттар үһү. Онно оҕо барахсан биир да оххо таптарбакка, аһаран биэрэн баран, аллараа күөлгэ сүүрэн киирэн, ууга умсан хаалбыт. Бу күөл уутун тула хомус от үүнэн турара үһү. Дьэ, мэҥэлэр сүбэлэһэллэр. «Күөлү тула туран, кэтэһэн, быктар эрэ тэһэ ытан ылыахха», – диэн буолар. Киһилэрэ ханан да быкпатах. Дьэ, манна аччыгый уол ыксаан, аҕата кэриэс эппитин курдук, тобуктаан туран, алҕаан баран, били оҕунан өрө ытар. Ох төттөрү түһүүтүгэр, хомуһу ытыран баран тиэрэ түһэ сытан хомуһунан тыына сытар уолу хара быарыгар түспүтэ үһү. Онон оҕону, киирэн, соһон таһааран, сүрэхтээх тыҥатын, кырдьык, илдьэ барбыттара үһү.

Маннааҕы олохтоохтор, бу оҕону кэриэстээн, күөлү Илгэн диэн ааттаабыттар. Ити күөл билигин да баар.

Кырдьаҕастар итинник кэпсииллэрэ.

Дмитрий Данилович Гуляев. Таатта, Дьүлэй нэһилиэгэ. 1982 с. суруйарбар 74 саастааҕа.

ОҔУС БУУТА

Ити Оҕус Буута диэн улаххан иччилээх, киһитэ-сүөһүтэ эстибит дойду. Сэттэ ойуун табык охсубут сирэ. Бэт элбэх тумуллардаах. Былыргылар элбэх тумустардаах сири сөбүлээбэттэр. Иччилээх сиринэн ааҕаллар. Үөһээттэн таба көрөллөр диэн ааттыыллар.

Ойууттар күрэстэһэллэр эбит. Ону табык диэн ааттыыллар быһыылаах. Дьэ, ол тумулларын ахсын кэрэх оҥороллор. Онно ааттаахтык кутурар, кыырар буоллахтара.

Бу Дьүлэй нэһилиэгэр 9 ойуун үөскээбит сирэ. Дьэ, ол онтон сэттэтэ биир бириэмэҕэ мустан, күрсэн ылбыт буолуохтаахтар.

Большаковтар төрүттэрэ Муҥутаан ойуун диэн үһү. Ол ити Оҕус Буутугар сытар буолуохтаах. Орулуос удаҕан диэн эмиэ Большаковтар төрүттэрэ.

Гаврил Родионович Колодезников-Хабычча. Таатта, Алдан нэһилиэгэ. 1982 с. суруйарбар 81 саастааҕа.

СОРУКУОМ БААЙ

Сиҥнэҕэс диэн күөл. Туох да алдьархайдаах дириҥ. Итиннэ үс сүүстэн тахса сүөһүнү ииппит, оччоҕо сүрэхтэммэтэх киһи Сорукуом диэн олорбут эбит. Ол киһи аҥардас оҕуһун сүүс оҥорор.

Ол сүүс буоллаҕын аайы, иккилии-үстүү оҕус өлөн иһэрэ үһү. Үс төгүл дуу, бадаҕа, түөртүү саастаах түөрт уоннуу тыһы сүөһүнү, бургунастары, быралгы диэн, букатын үрэх баһыгар үүрэн кэбиһэрэ үһү.

Аны бу Сиҥнэҕэс диэн күөлү: «Үүт күөл оҥоруохха», – диир эмээххинин. Инньэ гынан, хас да сыл үүттэрин туох баарын онно куппуттар да нэктэл буола иирэн таххар үһү.

Николай Яковлевич Горбунов. Таатта, Игидэй нэһилиэгэ. Төйүҥү аҕатын ууһа. 1984 с. кэпсэтэрбэр 54 саастааҕа.

Прокопий Самсонович Бойтунов. Таатта, Игидэй нэһилиэгэ. Төйүҥү аҕатын ууһа. 1984 с. кэпсэтэрбэр 51 саастааҕа.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации