Текст книги "Үһүйээннэр, номохтор"
Автор книги: Багдарыын Сүлбэ
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 14 (всего у книги 52 страниц) [доступный отрывок для чтения: 17 страниц]
ИЭСТЭРИН ИРДЭЭБИТТЭР
Пиэрибэй Малдьаҕарга Чээчээлиир диэн киһи олорбут. 38 сылга быһыылаах этэ. Ойоҕо ыалдьыбытыгар, эмп ыла, Маалыкайга барбыт. Эмин ылан баран, дьиэтигэр төннөн испит. Донускуой кулуба өтөҕөр тиийэн кэлэр. Хантан да кэлбиттэрэ биллибэт, икки моонньугар быалаах киһи, биир дьахтар курдук быһыылаах, баар буолан хаалбыттар. Кэннибин да хайыспаппын», – диир.
«Сыарҕаҕар олорт. Биһигини оскуолаҕа дылы илт. Онно мунньахтыыбыт. Мунньахха баран иһэбит. Иэстээхпит, ону ирдиибит», – диэбиттэр. Онтон, дьэ, оскуола таһыгар кэлэн түһэн хаалаллар. Сити буоллаҕына, өктөөп ый ортотун диэки быһыылаах этэ. Сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ. Онтон, дьэ, оскуолабыт 5-с икки, 6-с икки түүнүгэр умайар.
Ат нэһиилэ тиэйтэлээн аҕалбыт, алдьархайын илистибит, ууттан хостообут курдук буолбут. Олох.
Итини олохтоохтор этэллэр: «Аанньанан сылдьыбаттар», – диэн.
Донускуой кулуба уҥуоҕа Малдьаҕарга Булгунньахтаах диэн сиргэ иккиэйэх эрэ буоллаҕа. Эмээххинин киэниниин. Түөрт муннуктаах. Түөрт эккини туруоран таһаарбыттар. Үөһээ өттө купол курдук уонна кириэстээх. Кириэһэ күн таххыыта бирээмэ чаҕылыйан турар буолар этэ. Туох да элбэх суруктаах. Муннуктарыгар аанньаллардаах, кынаттаах. Акылаата хас да дьапта-дьапта тапталлан таххыбыт быһыылаах этэ.
Ол иннинэ кулуба уҥуоҕун чугууннайын, кэтит баҕайы чугууннайы, көтүрэн аҕалан, оскуола оһоҕор билиитэ гыммыттар. Бастаан суруктаах өттүн үөһэ гыммыттар этэ. Ону остуорастар, ону-маны өрөргө куһаҕан диэн, түҥнэри уурдарбыттара. Ону олохтоохтор олох сөбүлээбэтэхтэрэ. Киһи уҥуоҕун алдьаталлар, иэстэстэхтэрэ диэн.
Донускуой кулуба урут өлбүтэ. Эмээххинэ кэлин. Хаалан баран, ыйанан өлбүтэ.
Иккис быалаах киһилэрэ Сөдүөт Соппуруонап аймаҕа Мииккэ диэн киһи. Эмиэ ыйанан өлбүтэ. Эдэр сааһыгар. Ол буолуо дииллэр этэ. Тоҕо инньэ дииллэрэй? Ол киһи улахан үөр буолбута дииллэр. Саас бурдук ыһыытыгар Лаабыччах диэн сиргэ үлэлиир этибит. Онно, Бэстээх Сыһыыга, киирдибит да, биирдии аттаах буолабыт, сэлиилээх бөтөрөҥүнэн сүүрт да сүүрт. Ону кырдьаҕас оҕонньоттор саҥараллар: «Айдаара-айдаара аты сүүрдэҕит. Кэннигититтэн Мииккэ сырыһыннарыаҕа». Сырыһыннарар идэлээх эбит. Мииккэ маҥан аттаах дииллэр этэ.
Чуумпутук сылдьар буолуохха наада.
Елена Николаевна Чарпыкова (1912). Ньурба, Кукаакы нэһилиэгэ. Окуон аҕатын ууһа. «Эбэбитинэн буоллаҕына – Дьаарын». 1993 с. суруйбутум.
СЫАЛААХ, ХАРСА СУОХ ИККИ
Ити былыр, төһөтөөҕүтэ биллибэт. Сэниэ баай ыаллар икки оҕолоохтор. Икки уол оҕо. Ааттара биллибэт. Биирэ 4–5 саастаах, иккиһэ 7–8 саастаах.
Дьонноро һүөһүлэрин көрө барбыттарын кэннэ, убайа быраатын: «Эн баайтаһын сылгы буол. Мин эйигин өлөрүөм. Хаһаҕын тыырыам», – диир. Ону сүүскэ охсубута буолар, уола тиэрэ түһэр. Инитэ һыгынньах оҕону һаха быһаҕынан кыратык тараһатын тыыра быһар. Тыыра һотор, һыата быттас гыммыт. Оҕо сарылыыр. Убайа куотар. һаһан хаалбыт. Хас да хонукка һаһа һылдьыбыт.
Уччугуй уолу, ол һыата быттайбытын иһин, Һыалаах диэн ааттаабыттар. Киниттэн төрөөбүттэр Сыалаах аҕатын ууһа диэн аатырбыттар. Холобур, ити мин билэрим хараҕа һуох Даниловтар төрүттэрэ. Онтон били улахан уолу, инитин иһин тыыра быспытын иһин, Харса Суох диэн ааттаабыттар. Кини удьуордара Харса Суох аҕатын ууһа буолбуттар.
Василий Иванович Тимофеев (1948). Ньурба, Сүлэ нэһилиэгэ. Дьэргэбил аҕатын ууһа. 1998 с. суруйбутум.
ОРДЬОҤХОЛОР
Ордьоҥхолор. Сантаҥаттан Элэйбит төрүүр. Таҥараҕа бастакы сүрэхтэммит, Ыстаппаан диэн буолбут. 70 сааһыгар диэри оҕоломмотох. Ойоҕо 60 сааһа. Ойуун Күөлүн икки Очуурап Даркылааҕын ыккардынан олорбут. Ойоҕо: «Эн төрүөх-ууһуох киһигин. Мин төрөөбөппүттэн ыччата суох буолаары гынныҥ. Төрүүр-ууһуур дьахтарда булан ыл», – диэбит. Сүбэлээбит.
Инньэ гынан, кыһын, суол баарыгар баран, Чохороон Түбэтигэр, билиҥҥитинэн Тириэтий Бордоҥ диэҥҥэ, Нөөрүктээйи диэкки дииллэр, баай ыал, кинээстэр үһү, ол кыыһын, 17-лээх кыыһы, кытта сөпсөһөн кэлэр. Саас, көмүөл ыраастаннаҕына, аҕалыах буолар.
Кыыс кыһыны быһа санааргыыр, таах сөбүлэстим диэн. Аҕабынааҕар аҕа, эһэм саастыыта киһиэхэ биэриэх буоллулар диэн. Хаста даҕаны өрүскэ киирэн, муус бара турдаҕына, ууга түһэн өлбүт киһи дии саныыр. Онтон түһүүр. Түһээтэҕинэ, ортотугар булгунньахтаах, ача күөх оттоох, уһун кэтит ньолбуһах алааска тиийэн кэлбит эбит. Онно үс буруо тыгыырар буолбут. Унаар-унаар буруолуур эбит. Кырдалыгар, томторго. Түүлүм үчүгэй эбит, барыыһыкпын диэн өрө тыынар. Ууга түспэтэх.
Кэмэ кэлэн, сүгүннэрэн кэлэллэр. Үс уол оҕо төрүүр. Бастакыта – Лэглэй Киргиэлэй. Мантан тахсаллар: Ырыакаптар, Алаҥныырдар, Ибиикэлэр, Дьиктилэр. Ити сыдьааннара Тукааралар диэн бааллар. Итиэннэ Һырааннар диэннэр.
Иккис уол Мугучай Сэмэн. Итинтэн төрүүллэр Сүөдэрэптэр бүтүннүү, Одьо Мэхээлэ. Одьо Мэхээлэ үс уоллаах: Хаабыкый, Сиэнньэ, Мас Атах Сааба.
Үһүс уол Ордьоҥхо. Оссоҕор тиистээх үһү. Ол иһин Ордьоҥхо диэн ааттаабыттар. Ордьоҥхоттон төрүүллэр: Сөдүөт, 200–300 сүөһүлээх; Муҥур Илии Өлөксүөйэп – Уйбаан Өлөксүөйэп аҕата. Үсүһүнэн – Тураах Дьөгүөр, төрдүһүнэн – Ыстаппаан. Тураахтан Сэлиэһин төрөөбүт.
Бу аҕа ууһа сир солоон, бурдук ыһан, чыыстай онон дьарыктаммыт дьон. Олорбут сирдэрэ: Дьиикимдэ Хотоҕоһо бүтүннүү, Саһыл Тыыппыт, Туора Күөл, Ойун Күөлэ, Кураанах Хонуу, Бэтэ уонна Дьиикимдэ Эбэтиттэн ылаллар.
Дмитрий Дмитриевич Елегяев-Бурҕай (1910). Ньурба, Бэстээх нэһилиэгэ. Кулан аҕатын ууһа. 1999 с. кэпсэппитим.
НЬЭГЭБИЛ
Ньэгэбил диэн киһи баара үһү. Ол: «99 эһэни өлөрдүм, сүүһү толорбокко өллүм», – диэн, өлөөрү сытан, муҥатыйбыта үһү. Былыргы киһи олох. Һаалтааны диэкки олорбут. Хачыгыр диэн бырааттаах үһү. Эһэ арҕаҕын үктээтэҕинэ, дэлби кыйаханар үһү. Дьиэтигэр. Эмээххинэ Хачыгырга этэр үһү: «Оҕонньор, кыйаханан, батымаары гынна. Эһэ арҕаҕын үктээбит быһыылаах. Һассын таххар. Оҥостон олорор. Батыһан көрөөр эрэ», – диир үһү. Ону батыспыт.
Биир сиргэ, таххан киирэбин диэн баран, эһэ арҕаҕар бүөлүү олорон кээспит. «Ис ыарыыта булан, өлөөрү олоробун. Ырааҕынан, ырааҕынан барыҥ», – диир. Көҥөнөн.
Дьонноро ааспыттарын кэннэ туран: «Сытыкан борбуй! Киһи эмэһэтин хайыта тыытан бүтэрдиҥ дии», – диэн баран, маһынан сууралаан, быгыалатан таһааран баран, сабырҕаҕыттан ылар. Өрө ыйаан таһааран, быһаҕынан анньан, өлөрөн кээһэр.
Елена Петровна Васильева (1937). Үөһээ Бүлүү, Сис Мэйик. Оҕо эрдэҕинэ Ньурба Таркаайытыгар көһөн кэлбиттэр. Баачыҥка аҕатын ууһа. 1994 с. суруйбутум.
ОЙУУН ТӨБӨТҮН УҤУОҔА
Мөрөөйүгэ олорор Борокуоппай Сахаарабыс аҕата, Идэлээх Сахаар оҕонньор кэпсээбитэ. Ол аатын эппэтэҕэ. Билэр буолан баран, эппэт. «Билбэппин», – диэн будуҥкурдан кэбиспитэ. «Куһаҕаны соччо төлкөлөспөт буол, тоҕойуом», – диэбитэ.
Чоҥнооҥҥо биир эмээхсин, от мунньа сылдьан, аата ааттаммат оҕонньор, ойуун, ороҕун кэспит. Ол, дьиҥинэн, көстүбэт үһү. Киһи хараҕар. Ол ороҕо. Түөртүүр ынах саҕана, холорук буолан, ол эмээххини эрийбит. Охторбут ээ. Онтон эрийбитэ – үс-түөрт эрэ хонон хаалбыт. «Өлөр буоллум», – диэбитэ үһү.
Аата ааттаммат оҕонньор төбөтүн уҥуоҕа, төкүнүйэн, уулуу киирэр үһү. Ону аһаҕас харахтаахтар көрөллөр үһү.
Ол оҕонньор сэрии иннинээҕи оҕонньор үһү. Ол сэрии ото-ой иннигэр. Итини кэпсиэхпин баҕарбаппын ээ, дьиҥэр. Итиэннэ кэпсээн кэбистим дии.
ОРТО ХАЛЫМА
Николай Михайлович Винокуров. Орто Халыма, Уһун Хаҥалас нэһилиэгэ. 1981 с. суруйарбар 54 саастааҕа.
КИРИЭҺИ ТУРУОРБУТТАР
Лайылла диэн сир баар. Биһиги хат эһэлэрбититтэн ыла, Дьархатаах уолбутуттан ыла туһанар буолбуттар. Манна дьиэ-уот турар, сылгы төрүүр. Манна былыр буоспаҕа киһи бараммыт сирэ. Оһуобай бэлиэтэ диэн өлбүт дьону, кыайан харайымына гынан баран, уопсай подвалга түөрт уонча киһини хаалаабыттар уонна ампаар үрдүгэр биир кириэһи туруорбуттар. Ол билигин да турар. Бэлиэ туга – ити.
Алексей Митрофанович Колесов (1932). Орто Халыма, Байды нэһилиэгэ. 1981 с. суруйбутум.
ИҺИИРЭР СЭРГЭ
Алыбына – иһиирэр сэргэлээх сир. Ити сэргэ урут, аныгы наука дакаастааһынынан, 150–200 сылга диэри бириэмэ олорбуттара. Улуу күөл атаҕа. Алыбына диэн улуу күөл, баараҕай күөл атаҕа.
Бэрэһинэй диэн баай киһи олорбута диэн биллэр. Ол сүрдээх киэҥ ыырдаах. Өтөҕүн ыыра киэҥ буоллаҕа. Кини хотоно, күрүөтэ, хаһаата, бөгүрүөбэ барыта биллэллэр. Баар сирдэрэ. Уот сиэбит да гыннар. Дьэ, ол сэргэ саамай улахан дьиэлэрин илиннэтэ соҕуруу өттүгэр турар. Сөпкө аҕай мастан оҥоһуллубут, быһа холоон 25–30 см диаметрдаах буолуо. 30–40 см буолуо – кыратыта эттим. Сыл барбытынан, элэйии улахан. Тыал элэтиитэ. Онон-манан кыһыл муох үүммүт. Сэргэ сиртэн метр 70-нунан, 60-нунан ат баайар кэрчиктээх. Онтон үөһээ өттүгэр метр аҥаарын курдук барар. Онтон туспа куполлаах. Бэйэтиттэн оҥоһуу. Ону, дьэ, тула өттүттэн алта сиринэн хаһыы, ньолбоҕор хаһыы. Уһун синньигэс. Орто киинигэр тиийэ хаһыы. Ол иһин силлиһэн хаалар. Ону иһиирэр сэргэ диэн ааттыыллар эбит.
Ол сэргэҕэ сиртэн, чэ, метр курдугунан тула моой тахсыбыт. Элэйии. Бэрээдэгэ суох. Ону сылгы көмүллээбитинэн ааҕаллар. Кырдьаҕастар. Ахсым аттар баайыллан.
Николай Михайлович Сивцев. Орто Халыма, II Хаҥалас. 1981 с. суруйарбар 68 саастааҕа.
ӨРӨК ЧӨРӨК, ӨРӨ ЧӨРӨГӨР ИККИ
Бу дайдыга киһи-сүөһү бастаан булан олохсуйбутун саҕана, ол бириэмэҕэ эбээннэр элбэхтэр эбит. Онно саха дьонноро: убайдыы-бырааттыы Өрөк Чөрөк, Өрө Чөрөгөр кэлэннэр булбуттар. Онно сылдьаннар, эбээн оҕолоро хачыыскалыыр суолларыгар үөрбэ маһы саайбыттар. Онно биир оҕо үөрбэҕэ түһэн өлбүт.
Онтон өстөһөннөр, баарыгы дьон өлөрөөрү гыммыттарыгар, убайдыы-бырааттыы күрүүллэр. Өрүс кырыытыгар баран утуйа сыттахтарына, суоллаан ситэллэр. Онтон маннык бэртээх киһини биллэрбэккэ өлөрөн кэбиһэр сатаммат диэннэр, тииккэ тахсан, кэҕэлии саҥаран, уһугуннаран баран өлөрүөххэ диэтэхтэрэ дии.
Онуоха кэҕэлээбиттэригэр, быраатын тоҕонохтоон баран, ыстанар. Дьиҥинэн, истэ сытар буоллаҕа, биллэрбэккэ сытар. Истибитин. Өрүһү ыстанар. Дьону бастаан үрдүнэн ыстаннаҕа дии. Өрүс уҥуоргу дьаарыгар түһэр бэйэтэ. Быраата кытта ыстансан, дьаар ортотугар түһэр. Онтон өрө сүүрэн тахсан истэҕинэ, сулумах оҕунан ытыалаан өлөрбүттэр.
Онтон, быраата өлбүтүн гэннэ, баарыгы дьоннорго: «Эһиги умнаргыт саҕана, мин өйдүүрүм саҕана көрсүһүөхпүт», – диэн баран, баран хаалар.
Онтон, хас да сыл буолан баран, саалаах-саадахтаах дьоннору аҕалтанар. Эбээннэр Үүһээ Хайыырдаах диэн сиргэ сайылаан олордохторуна кэлэн, саһан сылдьаннар, күөл кырыытыгар хоруоҥканы ыспыттар. Ону эбээннэр, уу баста сылдьан көрөн баран, Аан Дайдыбыт симэҕин тоһуйбут диэн бараннар, биллэрсэннэр, бары ирдэнэллэр. Сайылаан олорор дьон бары. Ол кииртэрин кэннэ, кэтэхтэриттэн кэлэннэр, сэриилииллэр. Ол сэриилии сырыттахтарына биир эбээн куоппут. Дьэ, ол куотан, ити күөлгэ сиппиттэригэр: «Каалгын, каалгын», – диэн саҥарбыт үһү. Кинилэр истиилэригэр. Ол иһин онтон Каалгын диэн ааттаммыт сир үһү.
Алексей Дмитриевич Оконешников (1921). Орто Халыма, Сыбаатай. 1975 с. суруйбутум.
ЛОЙУТ УЙБААН
Колуоткалаах – күөл. Бу таас күөлүгэр Лойут Уйбаан диэн күүстээх, үс дьахтардаах киһи олорбут. Кини ойууттары сымыйалыыгыт диэн сөбүлээбэт үһү. Арыт, ыарыйдым диэн, ойууну ыҥыран аҕалан баран, кыырдар уонна туран таһыйар эбит. Онуоха талах бэлэмнээх эбит. Эриллибит талах. Оннук хас да таһыйбыт түбэлтэлээх эбит.
Хаатыркаҕа дьону аҕалар суоллара кининэн кэлэр эбит. Кини сиринэн. Биирдэ хандалалаах киһини аҕалбыттар. Тимир. Оттон ити нуучча хандалата. Ону: «Бу туоххутуй? Тоҕо киһини маннык муҥнуугутуй?» – диэн ыххайбыт уонна уһулалларыгар модьуйбут. Ол дьон уһулбуттар. Ону ылан баран тахсан барбыт, ханна гыммыта биллибэт.
Иккис түбэлтэҕэ эмиэ хаайыылааҕы илдьэ испиттэр. Атаҕар мас кэтэрдии колуотка баар үһү. Ону, Лойут сиригэр чугаһаан баран, биир күөл кытыытыгар тохтоон, сирдьиттэрэ этэр буоллаҕа: «Лойут Уйбааҥҥа билигин тиийиэхпит. Маннык колуоткалаах киһилээх буоллахпытына, кини дьиэтигэр киллэриэ да суоҕа», – диир.
Онтон колуоткаларын устан, ол күөл кытыытыгар бырахпыттар. Онтон күөл Колуоткалаах аатырбыт.
Николай Митрофанович Винокуров. Орто Халыма, II Мээтис нэһилиэгэ. 1975 с. кэпсэтэрбэр 62 саастааҕа.
АҔА УУҺУН ААТА УТУМНУУР
Пиэрибэй Мээтиспит – билигин Сиэн Күөлүн нэһилиэгин сиригэр. Оттон Иккис Мээтис билигин баар. Сыбаатай кииннээх, билигин туспа нэһилиэк. Үһүс Мээтис Сылгы Ыытар кииннээх. Билигин даҕаны баар.
Били Сиэн Күөлүн нэһилиэгэр баар буола сылдьыбыт нэһилиэк – Билии Байдылара диэн. Онно аҕыйах киһилээхтэр үһү. Биир сыарҕа үрдүгэр олорон мунньахтыыллар үһү. Революция буолтун кэннэ ити нэһилиэк, Эҥэ нэһилиэгин кытта холбоһоннор, Сиэн Күөлүн нэһилиэгэ диэн буолтар.
Билиги Пиэрибэй Мээтиһи урут Илин Мээтис диэн ааттыыллар этэ. Оттон билиги Иккис Мээтиһи Куолай Мээтис диэн ааттыыллар. Туохтан ааттаабыттара биллибэт. Баҕар, саха тыла буолуо. Саха тыла буоллаҕына, ырыаһыт иттэ диэн буолуо. Куолай диэн биһиэхэ ырыаны ааттыыллар. Былыргы өйдөбүлүнэн. Куолайдаах киһи диэн ыллыыр киһини этэллэр. Биирэ ити. Иккиһинэн, ити нэһилиэккэ былыргыта нууччалар олоро сылдьыбыт сирдэрэ. Онон, баҕар, нуучча тылыттан ылыллыбыт буолуон сөп. Куолай диэн тыллара.
Оттон ити Мээтис диэн киһи аата буолуохтаах. Аҕа ууһа буоллаҕа буолуо былыргыта. Ол ити туох баар. Мээтис Үрэҕэ диэн, Мээтис сирэ диэн ааттыыллар эбит. Бу оройуон таһыгар даҕаны. Онон аҕа ууһа буолуо. Бэл Абый диэки баар ээ Мээтис Үрэҕэ диэн. Онон киһи аата буолуохтаах.
Оттон ити Хаҥалас нэһилиэгэ диэн буоллаҕына эмиэ аҕа ууһун, киһи аатынан буоллаҕа буолуо. Саха сирин бүтүннүүтүнэн баар.
Хаҥалас диэн. Икки нэһилиэктээх Хаҥалас диэн. Өлөөкө Күөл сыантаралаах нэһилиэк уруккута Уһун Хаҥалас диэн этэ. Олохтоох сахалар бэйэлэрин ааттааһыннарынан. Оттон Кылгас Хаҥалас диэн билигин Эбээх сыантырдаах Иккис Хаҥалас нэһилиэгин ааттыыллар этэ.
Борҕон нэһилиэгэ диэн, Бороҕон да дииллэр эбит – билигин Алаһай нэһилиэгэ. Сорох өттүн ааттыыллар.
Билии Байдылара, Эҥэ нэһилиэгэ чугас-чугас олорбуттар. Сүрдээх аҕыйахтыы киһилээхтэр.
Урут аан бастаан ким ханнык нэһилиэк дэнэрэ олорор сириттэн тутулуга суох ааттанар этэ. Урут төрдө ханнык нэһилиэк этэй да – онон. Холобура, биһиги бэйэбит. Эбэтэр. Мээтис Мэхээ Эбээххэ олорор, мунньахтыы Куолай Мээтиһигэр барар. Мэхээ диэн элбэх. Мээтис киһитэ буоларын быһыытынан Мээтис Мэхээ дэнэр.
ОСТОРУК
Саха кэпсээнинэн, Осторукка куорат туттубуттар үһү диэн. Онтон буоллаҕына, бу Орто Халыма куоратыгар көспүттэр. Орто Халыма куората тутуллубутунан сибээстээн диэн. Онно саамай кэнники Мохчооло Бэрэһиниэп диэн киһи хаалбыта үһү диэн. Кыыһа Фекла – удаҕан. Ону кэнники бу ырыа оҥостоллор этэ. Ити Осторукка олорор Антипиннар диэннэр бааллара. Ол дьону: «Бараммыт куорат барахсаттара, эстибит куорат элэркэйдэрэ», – диэн ыллыыр буолаллара. Элэркэй диэн эйэҕэс диэн тылтан дуу.
Оттон, мин санаабар, Халыма куората тэриллибитин гэннэ ити диэки олорор нэһилиэнньэни нуучча миэрэтигэр киллэрэргэ уонна оттон ити туоҕу хомуйарга диэхпит буоллаҕа дии, өлбүгэ хомуйарга, атыыны-тутууну тэнитэргэ быстах бириэмэҕэ тахсаннар, осторук тэринэн олоро сылдьыбыт буолуохтарын сөптөөх. Онно географическай өттүнэн сөп түбэһэр дойду буолар. Бииринэн, Алаһай үүһэ уонна аллараа өттүнэн эҥээрдээн олорор дьоннорго уунан сылдьалларыгар сөптөөх буолуохтаах. Холобура, Осторуктан сүүс уонча километрдаах, уон ордуга биир көс, сиргэ Алаһай өрүстэн чугас сытар Хайырдаах диэн сиргэ туох даҕаны наһаа элбэх эбээннэр олоортор үһү былыр. Ол эбээннэри, үһүйээн быһыытынан, Алаһай устун өксөйөн бараннар, көһүн билбит суох, сэриилээн ылтара үһү диэн кэпсииллэр этэ. Ону, билигин даҕаны, кырдьаҕастар этэллэринэн, ол Хайырдаах диэн сиргэ, кирдик, эбээннэр олоро сылдьыбыт бэлиэлэрэ баара үһү.
Ол буолан баран, атыы-эргиэн, нуучча табаара тэнийбитин кэннэ олорбут бэлиэлэринэн сиртэн оҕуруону булаллар. Онон кыйданан хаалбатахтар. Оҕуруолара ыһыллыбытынан, булалларынан.
Иккис өттө. Осторуктан аллараа Алаһай өрүс сүнньүнэн нууччаларга сыһыаннааах ааттар уонна үһүйээннэр бааллар. Холобур, Алаһай нэһилиэгин сиригэр Орлово диэн сир баар. Итиннэ таҥара дьиэтэ тутулла сылдьыбыта үһү. Ол дьөссө аллараа өттүнэн Алаһайга киирэр үрэх баар. Маһы иттэни уһаарар үрэхтэрэ. Ол үрэххэ Саллаат Үрэҕэ диэн үрэх киирэр үһү. Ол Саллаат Үрэҕэ диэн ааттаныыта, үһүйээн кэпсииринэн, нуучча саллаата олоро сылдьыбыт үһү.
Ярмаҥса диэн сиргэ ярманканы тэринэ сылдьыбыт буолуохтарын сөптөөх.
Дьокуускай диэки суол, үһүйээн кэпсээнин быһыытынан, Халыма сиһинэн, ити Абый диэкинэн эмиэ ньууччалар кэлбиттэрэ үһү диэн кэпсээн баар. Онон, ол курдук сылдьарга эмиэ удуобунай ити Осторук. Суол аана буолар ити Абыйга барарга.
Ити Осторуктан чугас, палтараа көс, Маалай диэн сиргэ ыраахтааҕы дьаама тутуллубута. Кэнникигэ-э дылы баар этэ. Биһиги улааппыппыт кэннэ эспиттэрэ. Букатын өтөр эһиллибит дьаам, трасса. Самолет эрэ үөдүйүөн иннинэ эһиллибит суол. Социализмы туппут кэннэ уурайбыта.
ӨЙМӨКӨӨН
Иннокентий Максимович Готовцев. Байаҕантай улууһа, Өймөкөөн нэһилиэгэ (билигин Өймөкөөн улууһа, II Бороҕон нэһилиэгэ). 1975 с. Уус Ньараҕа кэпсэтэрбэр 63 саастааҕа.
СААДЬАҔАЙ ОҔУҺУ МИИНЭН
Үс аҕа ууһа баар сурахтааҕа. Өллүөтү аҕа ууһа, Бороҕон аҕа ууһа, Хаҥалас аҕа ууһа. Сити курдук үс баар сурахтааҕа. Мин да дьонтон истэбин.
Уус Алдантан биир, туох, саадьаҕай оҕуһу миинэн биир киһи тахсыбыт үһү. Ол тахсан, ити Торуой Бороҕон, Пиэрибэй Бороҕон диэн нэһилиэк буолан олордохторо.
Ити Хаҥалас аҕатын ууһа диэн бу Тарын Үрэхтэр. Ол хантан кэлбиттэрэ биллибэт. Мин – Бороҕоммун.
Вера Слепцова. Өймөкөөн, I Бороҕон нэһилиэгэ. 1965–1966 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
АРАҤАСТААХ УДАҔАН
Былыыр-былыр ханна эрэ ыраах Араҥастаах Удаҕан диэн удаҕан дьахтар аатыран ахан олоорто үһү. Ол олорор дойдутугар урааннаах уһун кураан түспүт. Ол кэннэ бу дойду булда-аһа баранан, уута-маһа кууран-хатан хаалбыт. Үгүс дьон хоргуйан өлбүттэр. Арай Араҥастаах Удаҕаннаах эрэ кэмнэринэн олорбуттар.
Ол эрээри Араҥастаах удаҕан оҕонньоро Бэрт Хара, эт хааннаах киһи, дьон өлөрүн көрөн олорон, тулуйбатах. Хас күн аайы кэргэниттэн көрдөһөр буолбут: «Эн диэтэх киһи ханна үчүгэй сир баарын билэриҥ буолуо. Онон биһини, бар дьону сирдээн иттэргин олус да бэрт буолуо этэ», – диэн.
Маҥнай утаа удаҕан кыыһырар, ардыгар эппиэттээбэт да эбит. Ол эрээри кинини хоргуйан өлөөрү гыммыт дьон сүгүн олордоллоруттан ааспыттар. Хайа уонна бачча дьон өлөн эрдэҕинэ, кини эрэ соҕотохтуу байан-тайан олороро олус сүрэ бэрт курдук буолан барбыт. Онон иккиэйэҕин эрэ сир көрдүү барарга быһаарыммыт.
Араҥастаах Бэрт Хараҕа улахан салааска оҥороругар эппит. Бэйэтэ хас күн аайы көрүүлэнэр буолбут. Салааска оҥоһуллан бүппүтүгэр, удаҕан эппит: «Дьэ, доҕор, мантан син чугас соҕус, хас да хайа нөҥүө, сүҥкэн диэн бултаах-алтаах, уолбат уулаах, охтубат мастаах дойду диэн чулуута, сир диэн симэһиннээҕэ баар эбит», – диэн. Оҥостон-түрбүнэн айаҥҥа туруммуттар. Өр да өр айаннаабыттар да, дойдулара кэлэн биэрбэтэх. Бэрт Хара олус сылайбыт, тулуйбат буолан барбыт. Субу-субу охтор, салааскалаах малын соһуспат буолбут. Хата соһон иһэр киһиэхэ мэһэйдиир буолбут.
Тохтоон биир сиргэ сынньаммыттар. Араҥастаах, кэлэйбит киһи быһыытынан, тииһин быыһынан оргууй саҥарбыт: «Эн, эр киһи эрээри, мөлтөҕүҥ сүрэ. Саатар аны түөрт хонугу тулуйбутуҥ буоллар, тиийиэхтээх сирбитигэр тиийиэ, олоруохтаах сирбитигэр, бука диэн, тиийиэ этибит», – диэн. Онтон тугу эрэ толкуйдаан, чочумча буолан баран, эппит: «Чэ, хаһан да хайыамый?! Мин эйигин салааскаҕа кэлгийиэм уонна бэйэм сыһан барыам. Ол эрээри манныгы сэрэтэбин. Эн миигин көрүө суохтааххын. Сыппытыҥ курдук сыт. Көрүөҥ да, бэйэҥ бэйэҕиттэн кэлэйиэҥ».
Олус сылайбыт, аччыктаабыт, утаппыт, сэниэтэ эстибит киһи үөрүүнү кытта: «Ээх!» – диэбит.
Өр дуу, өтөр дуу айаннаабыттарын билбэккэ, сылаатыттан кытаанахтык утуйбут киһи, туох эрэ нэксиэттэн сүҥкэнник диэн соһуйан, олуһун диэн уолуйан уһуктан кэлбит. Арай салааскатын тыаһа бииргэм куугунуур-сырылыыр уонна туох эрэ хардырҕаан тыынар эбит. Бэрт Хара суорҕанын, хараҕа эрэ кылайан көстөр гына, арыйан көрбүтэ, арай халлааҥҥа былыттар уонна тиит чыпчааллара элэҥнэһэн ааһаллар эбит. Кини, бу туох ааттаах айанай диэн дьиктиргээн, көрүөн олус баҕарбыт. Ол эрээри, эмээхсинин тылын өйдөөн, тохтообут. Өр баҕайы сыппыт да, отой тулуйбатах. Ээ, чэ, хараҕым кырыытынан кылап гына көрөн ыллахпына, аата, туох буолар үһү дии санаан, суорҕанын арыйан көрбүтэ, арай эмээхсинэ, эһэ буолан баран, сиэлии-көтүү аҥардаах сыһан иһэр үһү.
Хара дьиктиргээн, бэри диэн бэркиһээн, көрөр хараҕын эрэммэккэ, иккиһин көрүөн олуһун баҕарбыт. Ол иһин өндөйөн көрбүт. Ол көрөөтүн кытта, Араҥастаах Удаҕан бэйэтигэр кубулуйа охсон хаалбыт. Кыыһырбыт. Кыыһырбыт омунугар, тугу диирин баһын-атаҕын да билбэккэ, саҥаран киирэн барбыт: «Оо, хара сордоох! Икки чааһы тулуйбутуҥ эбитэ буоллар, бу курдук айаннаан тиийиэ этибит! Аны хайдах буолабыт?! Эн ити да салаасканы кыайан тардар үһүгүөн?! Туох буруйу оҥорбуккун тобулан өйдөөбөккө турдаҕыҥ, сыакаар! Мин туох баар аҕыс албаспын, тоҕус кубулҕаппын суох оҥорбут аанай-туонай абаккаҕын көрүөҥ этэ!» – дии-дии, сири тиҥилэхтии-тиҥилэхтии, аҥар уһугуттан быдьар тыллары быраҕаттыы-быраҕаттыы, сыллары буһа-буһа, ытаан сыҥырҕаабыт. Ол гынан баран, уора-кылына түргэн үлүгэрдик ааһан хаалбыт.
Бэрт Хара, бэркэ сэрэнэн, эргиллэн көрбүтэ, кырдьык да, Араҥастаах Удаҕан урукку уоттаах-уордаах хараҕа сымнаан, бэйэтэ нарын-намчы көрүҥнээх кыыс оҕо чулуута буолбут эбит. Хайыыр да сирдэрэ суох буолан, тохтообут сирдэрин эргиччи одуулаан көрө турбуттар. Хайдах эрэ бу дойдуга киһи тулуйуон-тэһийиэн сөп курдук санаабыттар уонна манна олохсуйарга быһаарыммыттар. Кэнэҕэс, дьиэ-уот туттан, иллээх ыал буолан олоортор. Тоҕус оҕоломмуттар. Ол оҕолоро эмиэ тоҕустуу оҕоломмуттар. Ити курдук Өймөкөөн үөскээбит үһү.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?