Текст книги "Кырыыстаах кылаат"
Автор книги: Данил Макеев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Данил Макеев
Кырыыстаах кылаат
КЫРЫЫСТААХ КЫЛААТ (сэһэн)
Ини-биилэр
Ыстапаан бөлүүн дэлби ыалдьан, сүгүн утуйбата. Сарсыарданан нуктуу эрэ түһэн ылбыта. Арааһа, бу Орто дойдуттан арахсар кэмэ ыган кэлэн иһэр быһыылаах. Кытта кырдьыбыта Маайа даҕаны былырыыҥҥыттан ыла улаханнык аалларан ыалдьар буолла. Билигин дьиэ иһигэр эрэ сылдьаахтыыр, үксүн сытан тахсар. Хайыай, саастара да ыраатан эрдэҕэ. Ыстапаан быйыл аҕыс уон иккис хаара, эмээхсинэ киниттэн түөрт сыл балыс. Бииргэ олорбуттара биэс уон ахсыс сылыгар барда. Түөрт оҕону улаатыннаран киһи-хара оҥорбуттара. Кыыстара Ульяна куоракка дьиэлэнэн-уоттанан олорор. Орто уоллара Сааска ыаллыы улууска күтүөт буолбута отучча сыл буолла. Билигин бэйэтэ ыал эһэтэ. Улахан уоллара Баанньа оһолго түбэһэн суох буолбута. Кыра уол Киэсэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, уонтан тахса сыл хас да улууһу кэрийэн үлэлээн көрөн баран, быйыл дойдутугар эргиллэн кэлэн кинилэри кытары кыстаан эрэр. Аччыгый оҕо буолан бэркэ мааныланан улааппыта. Үрдүк үөрэхтэнэн, кийиит сүгүннэрэн аҕалан ийэлээх-аҕатын бэркэ үөрдүбүтэ эрээри, биир да сиргэ түптээн-таптаан үлэлээбэтэ. Арыгы диэн аһы олус биһириир буолан үлэттэн үлэҕэ, сиртэн сиргэ көһө сылдьан олоҕо огдолуйа сыһан баран быйылгыттан, дьэ, көнөн, өйдөммүт курдук. Сахалар отох киһи отутугар өйдөнөр дииллэр ээ. Оттон кини түөрт уончата буолан эрдэҕэ дии. Онуоха эбии үс эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр уолаттардаах киһи иннин-кэннин саныыр да кэмэ кэлэн эрдэҕэ. Кийиит манна кэлэн, хата, оҕо саадыгар үлэлээн эрэр. Эр киһи үлэтэ суох. Хотонун көрөн, муус-мас тиэйэн, дьон массыынатын оҥорсон күнүн барыыр. Уолаттар маннааҕы оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаллар.
Ыстапаан бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн холкуоска оҕус сиэтэн, кэлин биригэдьиирдээн, сопхуоска кыладыапсыктаан пенсияҕа тахсыбыта. Эмээхсинэ маҥнай өр кэмҥэ ыанньыксытынан үлэлээбитэ, кэлин оҕо саадыгар ньээньэлээбитэ. Кинилэр саастыыта дьонтон билигин бөһүөлэккэ тарбахха баттанар киһи хаалла. Сэрии кэминээҕи сут-кураан, холкуос, сопхуос ыар үлэтэ үйэлэрин кылгаттаҕа буолуо ээ. Ыстапаан даҕаны сэрии саҕана бэрт элбэхтэ аччыктыыр иэдээнин билбитэ, үгүс эрэйи-муҥу көрбүтэ.
Аҕата Хонооһой кыһыл, үрүҥ буолан кыргыһыы саҕана убайа Өлөксөйдүүн кутуу чэй, хамса табах иһин үрүҥнэргэ холбоһон куораты сэриилээн ыла киирэн баран, Никольскайдааҕы кыргыһыы кэнниттэн нэһиилэ тыыннарын тэскилэтэн, быстах баандаҕа холбоһон, Дьааҥы диэки түспүттэр этэ. Кыайтаран кыыллыйбыт тойотторо аара баай-дьадаҥы диэн араарбакка аҥаар кырыытыттан халаан-талаан, субай хаанынан суунан, алдьархай бөҕөнү тардыбыттара үһү. Балачча өр оннук, кинилэри эккирэтиһэр кыһыллар этэрээттэриттэн мүччү-хаччы түһэ сылдьан баран, Дьааҥыга тиийэн биир таас үрэх баһыгар талаабыт көмүстэрин, түүлээхтэрин кистээбиттэр. Ол күнтэн ыла бэйэ-бэйэлэрин кыыл курдук көрсөр буолан барбыттар.
Оннук буолуохтааҕын сэрэйэн Хонооһой Өлөксөйдүүн адьас кэтэнэ-манана сылдьыбыттар. Атыттар кими да эрэммэт буолан быстыбыттара диэн аҕата биирдэ быктаран ааспыта. Көмүстэрин кистииллэрин саҕана сэттиэ буолан хаалбыттар: Хонооһой биитинээн Өлөксөйдүүн, Мэҥэ атыыһытын уола Испирдиэнэп-Хабыр Хабырыыс, Таатта кинээһин күтүөтэ, суруксут Ньукулаайап-Кур Уйбаан, Дьааҥы атыыһыта Сэмэн Силэпсиэп-Кыбытыы Харах, Сүллүгэс Сүөдэр уонна оҕо, дьахтар, оҕонньор, эмээхсин диэн аһынар санаата суох, тойотторо тугу эппиттэрин тук курдук толорор Сэттэ Быһах. Көмүстэрин кистээтэхтэрин үһүс күнүгэр Өлөксөй Сүллүгэһи уонна Сэттэ Быһаҕы кытары табаларын көрдүү бараары туран:
– Биһиги барааппытын кытары уу баһабын диэн үрэххэ киирээр, – диэн Хонооһойго сибис гыммыт. Хонооһой дьоно хотоолго киирэн көстүбэт буолааттарын кытта уу баһардыы туттан үрэххэ киирбит. Уутун баһан ураһаҕа тахсан истэҕинэ убайа Өлөксөй бу аҕылаан-мэҕилээн кэлбит:
– Сүллүгэстээх Сэттэ Быһаҕы сайылаатым. Аны тойотторбутун дьакыйыахха наада, – диэт ураһа диэки дьулуруйбутунан барбыт. Хонооһой хаҥас илиитигэр саатын, уҥа илиитигэр солуурун туппутунан батыһан истэҕинэ Өлөксөй:
– Эн ураһаҕа кииримэ. Мин бэйэм… – диэн сибис гыммыт. Тиийэн диэли тэлэйэ баттаат, иккитэ ытаатын кытары иһирдьэ бэстилиэт тыаһа баһырҕаабыт.
Өлөксөй саатын төлө тутан кэбиһэн баран, иһин түгэҕин харбаммытынан кэннинэн тэйэн тахсан иһэн умса хоруйбут. Хонооһой туора ыстанаат, ураһаны курдары ытыалаан сигийбит. Балачча өр кэтэһэн сыта түһэн баран, Өлөксөйү сүгэн үрэх диэки сыыллыбыт. Киһитэ уоһа кубарыйа өһөн, өйө суох сытан хараҕын көрөн кэлбит.
– Көмүһү атын сиргэ уларытан кистээр. Кэлин бэйэҥ билэргинэн туһанаар, – диэн баран нукус гынан хаалбыт. Хонооһой биитин үрдүгэр саҥата суох ытаан, санна титирэстии-титирэстии, бэрт өр олорбут. Онтон ураһаҕа үөмэн тиийэн, иһиллээн көрө-көрө, сэрэниин-сэрэнэн киирбитэ – Кур Уйбаан уонна Кыбытыы Харах тиэрэ түһэн, оттон Хабыр Хабырыыс уҥа илиитигэр наганын туппутунан ойоҕоһунан түүрүллэн өлө сыталлара үһү.
Малын-салын хомуйан, өлбүт дьону биир сиргэ мунньан ураһа тириитинэн, тааһынан-маһынан сабыта быраҕан баран, түөрт табаны тутан аҕалан биитэ Өлөксөйү ындан көмүһү кистээбит сирдэригэр тиийбит. Көмүһү, түүлээҕи хостоон, ол оннугар Өлөксөйгө уҥуох тутан баран бу иэдээннээх сиртэн тэйэн, өссө биир арҕас хайаны нөҥүө түһэн Олдьо диэн үрэх кытылыгар көмүһүн, түүлээҕин кистээбит. Хаһан эрэ эргиллэн кэлиэм диэн бэлиэ сири тала сатаабыт. Үрүйэ соҕуруу саҕатыгар уҥуоргу сис хайаттан уулуу киирэн иһэн, булчут бэргэн буулдьатыгар таптаран сөһүргэстии түспүт аарыма буур тайаҕы санатар көһөҥө таас баара үһү. Сааскы хаар, сайыҥҥы самыыр уута хайаттан аппа устун халыйан киирэн иһэн, ити сымара тааска кэтиллэн икки өттүнэн тумна көтөн ааһар эбит. Таас үрүйэ диэки өттүгэр, уу халыйбат сиригэр, хотонноох балаҕан оннун саҕа ычык ойуурдааҕа эбитэ үһү. Ол ычык ортотугар сытар ынах саҕа дэриэспэ таас анныгар көмүһүн көмпүт. Ити үрүйэ Олдьо диэн үрэх уҥа салаата эбит. Ол тааһы уун-утары үрэх уҥуоргу өттүттэн биир үрүйэ киирэн, үрэххэ түһэр эбит. Үрүйэ үрэххэ түһүө биэрэстэ аҥаара эрэ хаалыыта үс атын үрүйэни үмүрү тардан ылбыта, Хонооһой көмүһү кистээбит тааһыттан көрдөххө үс салаалаах кымньыыны санатан сис хайаларга тыраадыйан тахсара үһү.
Итини барытын Хонооһой өлөрүн чугаһыгар уолугар Ыстапааҥҥа чып кистэлэҥинэн кэпсээбитэ. Көмүһүн кистээн баран дьонтон дьалты буола сатыы сылдьан соругар дуу, дьолугар дуу эмиэ быстах баандаҕа кэтиллэ түспүт. Ол урдустар эмиэ хара тыаны дугуйдана сылдьар бандьыыттары бэйэлэригэр сыһыаран, кыһыары отучча киһилээх, олохтоох тоҥустартан былдьаан аҕыс уонча табалаах, уонча аттаах «этэрээт» буолбуттар.
Саас, кулун тутар саҕана, үһүө буолан нэһилиэк кырыытыгар олорор ыалга тиийэ сылдьан аатырар Бартыһаан Дьөгүөрэп Бэрхэйээнтэн Дьокуускайга ааһан эрэрин истэн тойонноро Хонооһойу кытары Хасха Байбал диэн киһини эккирэтиннэрэ ыыппыт. Ситэ икки көс сири барбакка Бартыһаан Дьөгүөрэп ырыган соноҕос атынан баран иһэрин ыраахтан көрөн, сиһи быһа түһэн тоһуйан сыттахтарына киһилэрэ бу лобуохтатан кэлбит. Саһа сытар сирдэриттэн саанан тирээбитинэн сулбу ойон турбуттар. Саатын-сэбин былдьаан кэлгийээри турдахтарына Хабырылла Дьөгүөрэп ыаллыы нэһилиэгин киһитин, Хонооһойу билэн:
– Бэйэҥ буор дьадаҥы киһи оҕото буолан бараҥҥын бандьыыттарга холбоһон кыра-хара дьону утары бара сылдьаҕын. Миигин быһа тутан өлөрбүккүт да иһин хаһан Сэбиэскэй былааһы кыайаары тииһэргит буолла. Билигин көҥүл өттүнэн бэриммиттэргэ амыныыстыйа биллэриллэн турар. Онон туох баар буруйгут-сэмэҕит барыта сотуллар. Акаарытыйыма, сааҕын-сэпкин туттаран дойдугар киир. Эһигини букатыннаахтык уодьуганныы Дьокуускайтан улахан этэрээт иһэр, – диэн дэлби мөҕөн-этэн биэрбит. Киһитинээн сүбэлэһэн баран Дьөгүөрэби ыытан кэбиспиттэр уонна тойонноругар тиийэн «сиппэтибит» диэбиттэр. Сотору, кырдьык, кыһыл этэрээт кэлэн барыларын имири-хомуру тутан кэбиспит.
Амыныыстыйалыыр хамыыһыйаҕа Бартыһаан Дьөгүөрэп баара үһү. Хонооһойу эмиэ үлтү мөҕөн баран, «күн сарсын дойдугар бар» диэн ыытан кэбиспит. Онуоха үөрүүтүн кытары дойдутун быспыт. Өссө киһиҥ аараттан ойох ылан дойдутугар сүгүннэрэн аҕалбыт. Хабырылла Дьөгүөрэп итинник абыраан турар диир буолара.
Көмүс ухханыгар ылларыы
Хонооһой кистээбит көмүһүн туһунан атын оҕолоругар кимиэхэ да кэпсээбэккэ, соҕотох Ыстапааҥҥа эрэ эппитэ. «Баҕар, хаһан эрэ биһиги удьуорбутуттан ким эмэ туһаныаҕа», – диэбитэ. Оччолорго Ыстапаан аҕата оҕонньор кэпсээнин улаханнык сэҥээрбэтэҕэ, кырдьыгынан эттэххэ, оччо итэҕэйбэтэҕэ даҕаны. Ол иһин, ити туһунан, бэл, хоонньоһо сытар холоонноох доҕоругар Маайаҕа да быктарбатаҕа.
Кэлиҥҥи кэмҥэ сэттэ уон сыл силигилээбит сэбиэскэй былаас эстэн, өй-санаа уларыйан, урут үрүҥ диэбиттэрэ хара, хара диэбиттэрэ үрүҥ буолан өрөтаҥнары ытыллыы буолбутугар туой аҕата кистээбит көмүһүн туһунан саныыр буолан хаалла. Бэйэтэ кырдьан, буорайан аны киниэхэ көмүс наадата суох. Уолугар Киэсэҕэ кэпсиэҕин сахалар кыһыл көмүс ыар тыыннаах буолар дииллэриттэн тардынар курдук. Ол эрээри, олоҕун тиһэх күнэ ыган кэлэн эрэр быһыылаах. Кистэлэҥи эппэккэ иинигэр илдьэ бардаҕына аҕата Хонооһой тиһэх кэриэһин толорботох курдук буолар ээ. Итинник ыар баттык санаалар быйыл күһүҥҥүттэн, ордук уола көһөн кэлиэҕиттэн, күн аайы киирэн сордуур буоллулар. Бэйэтэ да күн-түүн кэбирээн иһэрин үрдүнэн аны ити санаа дьэбин кэриэтэ кэрбээн ордук мөлтүүр-ахсыыр бадахтаах. Маайа ол көмүс туһунан билбэтэ ордук. Бэл, урут эдэригэр эппэтэх буолан баран билигин кэлэн ону кэпсиир сатаммат. Аны ол санаатыгар-оноотугар эмтэрэн эрэйдэниэ дуо. Ол иһин быыс булан кини истибэтигэр уолугар кэпсээтэҕинэ сатаныыһык быһыылаах. Ону биир дьиэҕэ олорон, хайдах ийэтэ истибэтигэр этэрэ эмиэ туспа моһуок. Бэҕэһээ Маайаны балыыһаҕа киирэн сыта түһэн тахсыбаккын дуо диэбитигэр быһа-хайа аккаастаабатаҕа. Бээ, күнүс кийиитэ кэллэҕинэ эмээхсини балыыһаҕа киирэн эмтэнэ түһүө этэ диэххэ баара. Уонча хонукка укуол, систиэмэ ыла түстэҕинэ туох да куһаҕана суох буолуо этэ. Дьэ, уонна ол кэмҥэ уолун кытары наллаан кэпсэтиэ. Эдэр киһи көмүһү, баҕар, сатаан туһаныаҕа. Государствоҕа туттар – сүүрбэ биэс бырыһыана эйиэнэ буолар, онон сатаннаҕына дьиэ-уот, техника да ылыныаҥ диэн көрүөҕэ. Аҕата Хонооһой балачча элбэх көмүс курдук кэпсээбитэ. Икки табаҕа ындан илдьэн кистээбит этэ. Ол чиэппэрэ балачча сыанаҕа турар ини.
Итинник санааны ылынан хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолла. Оронуттан орҕостон туран олоппос сиһиттэн, остуол сирэйиттэн тайанан аан хоско тахсан эрдэҕинэ эмээхсинэ:
– Хайа, тоҕо турдуҥ? – диэн ыйытта.
– Эбиэт буолара чугаһаата ээ. Оһох оттон чэй өрүөм этэ буоллаҕа дии, – дии-дии, оһох сабыытын аһаары тарбачыста.
– Арыый эрдэ буолбатах дуо? – диэн Маайа өскүөрүтүн эрэ саҥарбытыгар:
– Ээ, сөп-сөп. Чаһы уларыйбыта буолбат дуо, – диэт аан хоско тахсан, хаһан эрэ бэйэтэ оҥорбут кэтит сирэйдээх намыһах олоппоһугар олорон оһоҕор хардаҕастары хаалаата. Онтон холумтантан тайанан туран, иһит ыскаабыгар тиийэн, элэйэн чулбуйан хаалбыт саха быһаҕын ылан кэллэ. Мутуга суох хардаҕаһы талан чыыппаан тыыран аҕыластаата. Кырдьар диэн кырыыс дииллэрэ кырдьык ээ. Бэл, бу чыыппаан тыырыыта да бэрт эрэйинэн оҥоһуллар буоллаҕа үһү. Кумааҕы сыыһын кыбыта анньан уотун күөдьүтэн баран, кыһыл төлөн өрүтэ үөмэхтээн хаппыт чыыппааны хабан ылан тыһырҕаан-таһырҕаан барарын көрөн олорбохтоото. Онтон оһоҕун аанын тимир лиис хаппаҕынан сабан кэбистэ. Уот тута күүһүрэн хардаҕастары хабан, таһыгырыы түстэ. Уу чуумпу дьиэ иһэ хайдах эрэ сэргэхсийэ, сылаанньыйа түһэргэ дылы гынна.
Чаанньыгын толорон оһох үрдүгэр ууран баран, уокка сиһин ититэрдии туттан олордо. Сотору соҕус чаанньык араастаан сыыгынаан-сааҕынаан барда. Онтон оргуйан хаппаҕа лабыгыраата. Ыстапаан ону өрө тардан баран, эмиэ олоппоһугар олорон эрдэҕинэ күүлэҕэ ким эрэ киирэр тыаһа иһилиннэ. Аан эрчимнээхтик тэлэллэ түстэ, уола муус көтөҕөн мадьалытан киирэн иһэн, мууһун хаҥас илиитигэр көһөрөөрү мэтэҥнээтэ, онтон ааны сабан лип гыннарда. Тымныы туман өрүкүйэн киирэн, остуол аннынан халыйан өрөһөлөнөн иһэн аан сабыллыбытыгар иҥэн-сүтэн, симэлийэн хаалла.
Киэсэ ылтаһын буочукаҕа мууһун уган баран, аҕата уунан биэрбит быһаҕынан көйөн курдурҕатан эрдэҕинэ Ыстапаан:
– Аккын уулаттыҥ дуо? – диэн ыйытта.
– Уулатан. Халлаан сүрдээҕин тымныйбыт. Ойбоммут хойуоран эрэр. Хайалара ойбон алларар уочарата эбитэ буолла? – дии-дии, мууһун көйөн бүтэрэн, таҥаһын устан барда.
– Өндөрүүскэ уочарата диэбиттэрэ. Ол киһи эйиэхэ саҥа ойбону быйыл алларбата буолуо. Били, ырыаҕа ылланар түөһэтин курдук барахсан. Бэлэм тэһиллибит да ойбону сүгүн ыраастаабакка, бүтэйэ тоҥорон кэбиһээхтиир, – диэн хобдьооро-хобдьооро, Ыстапаан эмиэ уотугар көхсүн ититэрдии оҥостон олорунан кэбистэ.
– Ээ, дьэ, кырдьык, ол киһи саҥа ойбону алларара саарбах. Хайа, Соня киирэ илик дуу? Аһыы охсон баран Махачкала массыынатын оҥоро барыам этэ.
– Махачкала диэн Дьөгүөрэп Сэргэйи ааттыыгыт дуо?
– Ээ, кинини. Махачкалаҕа сулууспалаабытым диэн кэпсэнэрин иһин аат иҥэрэн кэбиспиттэр.
– Ол массыыната эмиэ көтүрү сытыйбыт дуо? Соторутааҕыта оҥорор курдук этигит дии.
– Ээ, бэрт кыра. Арааһа, көрбүрээтэрэ хаппырыыстыыр быһыылаах. Бөтүөхтээн ылар диир.
– Чэ, оччоҕо остуолгун тарда тур. Суонньа билигин киирэр ини, – дии-дии, Ыстапаан сиһин имэринэ олордоҕуна, күүлэҕэ атах тыаһаата. – Дьэ, ити кэллэ.
Аһылыкка ийэлэрэ остуолга кэллэ. Ыстапаан эрдэттэн былааннаабыт санаатын этэн, Маайа сарсын балыыһаҕа киирэн сыта түһэн тахсар буолла.
Сарсыҥҥытыгар Киэсэ Махачкала массыынатынан ийэтин балыыһаҕа киллэрэн кэлбитин кэннэ, Ыстапаан уолун ыҥыран ылла. Бэрт ырааҕынан эргитэн, эһэтэ Хонооһой кистээбит көмүһүн туһунан кэпсээбитигэр Киэсэ балачча өр сөҥөн олордо, онтон ойон туран хоһугар киирэн магнитофон тутан таҕыста. Аҕатын таһыгар кэлэн олорон баран:
– Аҕаа, эһэм көмүһүн ханна, хайдах сиргэ кистээбитин өссө сиһилии кэпсээ эрэ, магнитофоҥҥа уһулуом этэ, – диэтэ.
Ыстапаан маҥнай хайдах эрэ мух-мах барыах курдук буолан иһэн, өссө биирдэ сиһилии кэпсээн баран:
– Билигин ити көмүһү киһи туһаныа дуо? – ьдиэбитигэр:
– Толкуйдуохха наада, толкуйдуохха, – дии-дии, уола тарбахтарын лачыгырата-лачыгырата, төттөрү-таары хаамыталаата. Ыстапаан уолун сирэйэ-хараҕа хайдах эрэ уларыйан хаалбытын дьиксинэ көрдө. Кэпсээбитин кэмсинэ санаан эрдэҕинэ Киэсэ:
– Аны сааскыга диэри бириэмэ баар. Эн биһикки итини өссө үчүгэйдик сүбэлэһиэхпит, – диэн баран аны эһэтэ Дьааҥыттан хаһан, хайдах, ханан кэлбитин туоһуласта.
Ыстапаан аҕата Дьааҥыттан күһүн, муус турбутун кэннэ, Тукулаан үрэҕин таҥнары батан, билигин Түүлээх нэһилиэгин киинэ буолан турар сири көрбү-түнэн Алдаҥҥа түспүтүн, онтон дойдутун булбутун туһунан кэпсээбитигэр, Киэсэ аҕыйах сыллааҕыта икки уол мунан сатыы биэс уонтан тахса хонук айаннаан кэлбиттэрин туһунан хаһыаттар суруйбуттарын өйдөөн кэллэ… Түүлээх бу кинилэр олорор сирдэриттэн аҕыс көс курдук буолуохтаах. Аҕатыгар мунан кэлбит уолаттар тустарынан кэпсээн эрдэҕинэ оҕонньор: «Аахпытым. Эн эһэҥ даҕаны ити суолунан киирбит буолуохтаах. Былыр айаннарын суола итинэн буоллаҕа дии», – диэтэ. Уоллаах аҕа итинтэн салгыы Дьааҥыга хаһан, хайдах тиийиэххэ сөбүн сүбэлэстилэр. Киэсэ самолетунан айанныыры тута сөбүлээбэтэ. Ким да билбэтинэн баран кэлиллиэхтээх. Онон сааһа кырдьык ордук буолсу диэн санааҕа кэллилэр. Түүлээххэ тиийэн, өрүс эстиэн иннинэ Алданы туораан, Тукулаан үрэҕин өрө бардахха тиийиэххэ сөп. Арай сааскы халаан уута, кыыл-сүөл эрэ моһуоктуо. Аттаах, ыттаах, саалаах-сэптээх киһи үчүгэйдик сырыттаҕына балтараа-икки ыйынан эргиллэн кэлиэн сөп курдук. Оннооҕор муммут уолаттар аһаүөлэ суох, суос-сатыы кэлбиттэр этэ дии. Көмүс кистэммит сирин көрдүү сылдьан киһи хараҕыттан дьалты буолуохха эрэ наада. Дьону көрүстэххэ туох диири эрдэттэн толкуйдаатахха сатанар. Оттон көмүһү хайдах туһанар туһунан сыыйа, сыта-тура ырыҥалыахха наада диэн кырдьаҕастаах эдэр сүбэлэстилэр.
Ити күнтэн ыла Киэсэ өйө-санаата наар Дьааҥыга баран кэлии туһунан буолла. Суол-иис эрэйин, кутталын туһунан санааны көмүһү аҕалан туһана охсор баҕа хам баттыыр курдук. Биллэн турар, улахан сындалҕаннаах, кутталлаах айан буолуохтаах. Суоссоҕотоҕун сылдьар киһи биир сыыһа туттууттан өлөнсүтэн хаалара да өртөн буолбата чахчы. Онон чахчы бэйэ бодону тардынан, үчүгэйдик оҥостон-тэринэн бардахха сатанар. Ол иһин олохтоох библиотекаҕа сылдьан «Эдэр саас», «Якутия» хаһыаттарга мунан кэлбит уолаттар тустарынан суруйуулары сирийэн аахта. Дьааҥы туһунан кинигэлэри ылан ааҕар буолла. Куоракка олорор бииргэ үөрэммит уолаттарыгар эрийэн ити эргиннээҕи сир картатын булларда. Онтун сиһилии үөрэтэн, көмүс ханна кистэммит сирин син удумаҕалатта. Аҕата тугу кэпсээбитин чып кистэлэҥинэн кэргэнигэр кэпсээн баран, өссө магнитофоҥҥа уһултарбытын иһитиннэрдэ. Соня маҥнай көмүһү көрдүү бараары гынарын истэн улаханнык уолуйда. Кини итиччэ ыраах суос-соҕотоҕун ким эрэ барыа диэн өйүгэр да батарбата биллэр. Ол эрээри Киэсэ ханан, хайдах тэринэн айанныахтааҕын туһунан кэпсээбитигэр бэркэ саарбахтыы-саарбахтыы ылынна. Хас эмэ хонугу быһа сипсиһэн, сүбэлэһэн аны саас кустуу диэн Алдаҥҥа киирэр, интернакка бииргэ олорон үөрэммит уолаттарын кытары аҕыйах күн бултуур, онтон дойдутугар төннөрдүү тэринэн баран өрүһү туораан, Тукулаан үрэҕин өрө батан Дьааҥылыыр гына быһаарыстылар. Соня манна дьон ыйыталастаҕына бастаан кустуу барбыта, онтон уолаттары кытары кыттыһан куоракка тутууга үлэлии киирбитэ диэн кэпсиэхтээх.
Тукулаан үрэҕин өрө батан
Киэсэ, кыһын былааннаабыттарын курдук, кустуу диэн интернакка бииргэ олорон үөрэммит уолаттарыгар тиийэн баран өрүс эстиэн иннинэ уҥуор тахсан, Тукулаан үрэҕин өрө батан айаннаан иһэр. Икки ыттааҕа иннигэр-кэннигэр түһэн эйэҥэлэһэллэр. Бэрэмэдэйигэр аҕыйах кустаах, суухаралаах, астаах-үөллээх. Ону таһынан утуйар мөһөөччүгэ, балаакката, кыракый эрэһиинэ тыыта баһаам. Аһыттан аара хас да сиргэ хаалларан ааһар санаалаах. Төннөрүгэр наада буолуо этэ. Таһаҕаһа элбэх буолан, атын харыстаан сиэтэн иһэр. Маннык уонча хонукка айанныан наада. Онтон таһаҕаһа чэпчээтэҕинэ, дьэ, мииниэҕэ. Хата, аҕата аттаах буолан абыраата. Онтон атын хантан ат булуо эбитэ буолла.
Сааскы айылҕа киһини абылыыра элбэх эбит. Ыттара хаста да моҕотойу тииккэ таһаара сырыттылар. Иччилэрэ кыһамматын иһин кэлин суолтатыгар эрэ үрбүтэ буолан баран, тылларын былас түһэрэн ситэн кэлэллэр. Ньалыар уулартан кустар көтөн күлүбүрэһэллэр. Кукаакылар иннигэр-кэннигэр тэлээрбэхтээн ааһаллар. Ханна эрэ киргил тыҥкыныыр. Арай, үрэх сир буолан, күөрэгэй ырыата иһиллибэт. Хата, бэрт чугас туруйалар лоҥкунаһаллар. Суола-ииһэ суох буолан хаамарга олус эрэйдээх эбит. Ата сотору соҕус ыараханнык тыынар буолан барда. Бэйэтэ да улаханнык тириттэ, илиһиннэ. Онон тохтоон, тыын ыла түһэ-түһэ, айанныыллар. Сорох сиргэ сөкүтэ киһитээҕэр үрдүк буолар эбит. Онно киирэн умса-төннө түһүү сэниэтин эстэ. Ол да буоллар, иннин диэки дьүккүһэн иһэр. Дулҕата киһини киининэн буолар сирдэрдээх. Тыаны быыһынан барыаҕын куобаҕын уоһа киһини да, аты да сатаан хаамтарыа суох. Онно эбии ындыыта элбэҕэ бэрт буолан окко-маска тардыллан эрэйдиир. Ити быыһыгар эмиэ дэхси соҕус үктэллээх сирдэр кэлэллэр. Оччоҕо сынньанан, тыын ыла түһэн баран, эмиэ түҥ-таҥ түһүү, батыччахтааһын бөҕө буолар.
Маҥнай айаҥҥа турунарыгар эһэ түбэһиэ диэн дьиксинэ саныыра. Биэстэ эстэр автомат саатыгар сүнньүөхтэри уктан кэбиспитэ. Тулатын көрө-истэ, кэтэнэманана испитэ. Билигин ол дьиксинэр санаата ханна эрэ үтүрүллэн хаалла. Атаҕын анныттан атын сири көрбөт да буолан барда. Биирдэ эмэтэ уоскуйаары тохтоон ыллаҕына тулатын кэриччи көрбөхтөөн ылар.
Дулҕанан, сөкүнэн саба үүммүт кытыллардаах, талах, хахыйах, титирик хаймыылаах үрэх тус хотуттан көбүскөнөтүк дьурулаан киирэр эбит. Ол диэки ырыых-ыраах хайалар төбөлөрө көҕөрүмтүйэн көстөргө дылылар. Ыраас күн Алдан уҥуоргу мырааныттан Дьааҥы хайалара наһаа ырааҕа суох курдук өрөһөлөнөн көстөөччүлэр. Билигин буһуруктаах буолан, ол диэки хайалар баалларын билэр эрэ киһи барбах көҕөрүмтүйэр дьураалар былыттар буолбатахтарын сэрэйэр.
Киэсэ, дэлби сылайан, киэһэлик биир көнө кырдалга тохтоото. Атын тииккэ баайан баран, бэрэмэдэйин ньылбы тардан ылан тиит төрдүгэр уурда. Ыҥыырын устан атын тириппит көхсүн таптайбахтаата, ыҥыырга астарбыта буолаарай диэн сирийэн көрдө уонна сүгэтин туппутунан тыаҕа таҕыста. Сотору уокка оттор мас уонна оллоон көлөтө буолар үөл титириги соһон кэллэ. Түүн оттуом диэн сытынньаҥ уккунньаҕы, абырҕалы таста. Онтон оллоонун оҥостон, уу баһан таһааран баран, уотун отунна. Хаппыт туос сипсинньигэс өһөх хара буруону тыргытан иһэн кыһыл төлөнүнэн кытыаста түстэ. Ону эрэ күүппүттүү кураанах амынньыар, өрө бачыгырыы-бачыгырыы, омуннаахтык умайан күүдэпчилэннэ. Улахан кэнсиэрбэ бааҥкатыттан оҥоһуллубут чараас хочулуок сонно тута сыыгынаабытынан барда. Бэрэмэдэйиттэн биир моонньоҕону ороон таһааран үргээн бурҕаҥнатан, иһин-үөһүн оруу тардан баран, иккис хочулуокка буһара уурда.
Чэйэ оргуйан, куһа буһан, үгэс быһыытынан уотун аһатан баран, наҕылыччы аһаата, быыкаайык балааккатын туруорунан, утуйар мөһөөччүгүн хостоон оронун оҥоһунна. Уотугар уккунньаҕы быраҕан, атын өртөөн баран кэлбитэ, ыттара балаакка ойоҕоһугар утуйардыы түүрүллэн сытынан кэбиспиттэр. Кини кэлбитигэр Ураанньык төбөтүн өндөтөн, сытан эрэ кутуругун сырбаҥалатан ылла. Киэсэ түөрт атах буолан балааккатыгар киирэн иһэн, ытын төбөтүттэн имэрийбитигэр илиитин салаамахтаан хаалла. Утуйар мөһөөччүгэр киирэн, эбии сонунан үллүнэн баран бүгүн төһө сири барбытым буолла дии санаата. Өрүһү күн ортото ааспытын кэннэ бэрт эрэйинэн, сэрэҕинэн туораабыта. Онтон дуоннаах сири хоруппатах буолуохтаах. Баара-суоҕа көс сири сыҕарыйбыта дуу, суоҕа дуу. Аны отуттан тахса көһү бардаҕына биирдэ Дьааҥы хайаларын тардыытыгар тиийэрэ буолуо. Онтон аны Олдьо үрэххэ диэри эмиэ тойук сир буолуохтаах. Били уолаттар биэс уонтан тахса хонук айаннаан кэлбиттэр этэ. Кини, этэҥҥэ бардаҕына, ый курдугунан соруктаах сиригэ тиийэ сыһар ини. Аара үрэхтэр хаайан моһуоктууллара буолуо. Оччоҕо тардыллар.
Эмискэ аан таһыгар сытар Ураанньык үрэн эрэрдии буһурҕаата. Киэсэ уҥа өттүгэр ууруммут саатын илиитин иминэн бигээн булан баран балачча өр иһиллээн иһийэн сытта. Онтон ыта түһээн үрэн буһурҕаабытын сэрэйэн уоскуйда. Урут кинилэргэ Ураанньык диэн саҥарбат эрэ буруйдаах, сүрдээх өйдөөх ыттаах этилэр. Убайа Баанньа ол ытыгар кимнээҕэр да эрэнэрэ. Кырдьык, киһи үйэтигэр биирдэ түбэһэр үчүгэй ыт этэ. Бэл, икки ынахха атыылааҥ диэччилэр кытары бааллара. Аҕалара бэйэм да уолаттардаахпын диэн биэрбэтэҕэ. Бу да ыт оччо куһаҕана суох, киһи син эрэнэр ыта буолсу быһыылаах. Оттон кыра ыт билиҥҥитэ туга-ханныга биллибэт.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?