Электронная библиотека » Данил Макеев » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Кырыыстаах кылаат"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:40


Автор книги: Данил Макеев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Санааттан санаа салҕанар

Итинник ону-маны саныы сытан, Киэсэ оҕо эрдэҕинээҕи сорох түгэннэрин олус чуолкайдык өйдөөн кэллэ. Ол, арааһа, ханна даҕаны сылдьан ыт туһунан кэпсэтии буоллар эрэ ис-иһиттэн иэйэн-куойан туран кэпсиир Ураанньыгын санаан кэлбититтэн төрүөттэннэ быһыылаах.

Күһүөрү сайын этэ. Ардах ньиккирэччи түһэ турара. Эдьиийэ Уля куукунаҕа оһох оттон алаадьы буһаран сырылата сылдьара. Киэсэ биэсэлкэ таһыгар кинигэ ааҕа олорбута. Аһаҕас аанынан таһырдьа ардах түһэрэ сэниэтэ суохтук, салгымтыалаахтык курулаан иһиллэрэ. Араадьыйанан Валерий Ноев ырыата кутуллара. Ийэлэрэ оҕо саадын өрөмүөнүгэр үлэлии сылдьара. Аҕата күтүөтүнээн илимин эһэ таарыйа күөл арыытыгар оттообут отун күрүөтүн тута барбыттара.

Ити олордохторуна атаҕа тобугар диэри бадараан, көп түүтүн төбөтүгэр бытархай оҕуруо курдук сиик кылабачыйан көстөр буолбут Ураанньык албыннаһан кылбар-халбар көрө-көрө, сырбаҥалаан киирэн эрдэҕинэ эдьиийэ дьөлө хаһыытаан үүрэн таһаарбыта. Кырааскалаах муостаҕа халты тэбинэ-тэбинэ, таһырдьа талаһан эрэр ыты батыһан, Киэсэ күүлэҕэ ойон тахсыбыта. Ураанньык мээнэҕэ кэлбэт. Бөһүөлэктэн көстөн ордук Таппаҕа үрэҕэр убайа аах звеноҕа оттуу сылдьаллара. Ардах түһэн бөһүөлэккэ киирэн эрэллэрэ буолуо. Баһаам үгүс сабы сыыйан кэбиспиттии, быыстала суох түһэр самыыры быыһынан Алаас Эбэттэн кэлэр суол төрдүн одуулаһа турдаҕына, ыта атаҕар аалынан, кибис-кирдээх атахтарын түөһүгэр уураары ыксаппыта. Ахтыбыт быһыылааҕа. Көрбөтөҕө ыйтан ортоҕо дии. Куукунаҕа ойон киирэн, эдьиийэ билбэтинэн үс-түөрт алаадьыны ойутан таһааран Ураанньыкка биэрбитэ. Ыта итии алаадьыны омунугар эмискэ уобан тыбыыра түспүтүгэр күлэн тоҕо барбыта:

– Э-һээ! Иҥсэҕинээҕэр итии эбит дуу?

Ураанньык муостаҕа түспүт алаадьыны атаҕынан хаһыйбахтыы турдаҕына, эдьиийэ өҥөс гынаат:

– Хайа, ким кэллэ? Оо, бу алаадьыны ыкка биэрэр дуу?! Үчүгэй аҕай, ыппытын алаадьынан аһатыыһыбыт дии, – диэн биир тыынынан кутан кэбиспитэ. Ураанньык буруйдаммыттыы уулаах бөтүөн кэннигэр түһэн эрдэҕинэ, ойон кэлэн сиргэ сытар алаадьыны ылан, сойутаары эргитэ сылдьан үрбэхтээт ытыгар ууммута.

– Ураанньык, мэ. Сиэ-сиэ. Оонньоон этэбин. Оо, эрэйдээҕим, ырбыккын даҕаны. Адьас уҥуох-тирии буолбуккун дии. Ноо, эн, алаадьынан күндүлээбэккэ ҕин, булуустан ыт аһын таһааран, үчүгэйдик аһатаар эрэ, – диэт, төттөрү ыстаммыта.

Киэсэ Алаас Эбэлиир аартык диэки көрбүтэ, сүөһү ыллыгынан биир бэрт кыра киһи, халты-мүлтү тэбинэн халдьаайыны түһэн эрэрэ. Чугаһаабытын кэннэ Артем буоларын, дьэ, билбитэ. Ураанньык утары сырбаҥалаан тиийбитигэр Артем:

– Хайа, эн кэлэ охсубуккун дуу? Сискэ киириэхпэр диэри иннибэр сылдьыбыта ээ, – дии-дии, кэлэн Киэсэҕэ илиитин биэрбитэ. Таҥаһа биир да кураанах сап хаалбат гына ньылбы сытыйбыт, саппыкытын иһэ халлырҕас уу буолбут этэ. Ону устан астаһа олордоҕуна эдьиийэ эмиэ өҥөс гыммыта.

– Ээ, Артемка кэлбит эбит дии. Хайа, оттон дьонуҥ?

– Ардах сэллээтэҕинэ киирэллэрэ буолуо. Мин сатыы түһэ турдум.

– Ити киһилиин оонньуу охсоору тиэтэйдэҕиҥ дии. Ноо, ыл, бу кураанах таҥаста биэр эрэ уонна хоспох оһоҕун отун. Таҥастарын онно куурдуҥ. Сотору убайдарыҥ эмиэ ньылбы сытыйан кэлиэхтэрэ, – диэт төттөрү ньимис гыммыта.

Таҥас уларыттан, хоспох оһоҕун оттон киирэллэригэр остуол номнуо тардыллан тоһуйбута. Төһөнү оттообуттарын кэпсэтэ-кэпсэтэ, сүөгэйдээх алаадьыны мотуйбахтаабыттара. Онтон хоско киирэн, Киэсэ оронун анныттан «Настольный хоккей» диэн суруктаах хоруопканы ороон таһаарбытыгар киһитэ хараҕа уоттана түспүтэ. Артем быйыл алтыһы, Киэсэ сэттиһи бүтэрэн сылдьаллара. Киһитин дьиэтэ кинилэртэн көстөн турар. Сотору-сотору хардары-таары хонсоллор. От ыйын бастакы күнүгэр Киэсэ эдьиийин сыбаайбатыгар Бүлүүгэ сылдьан баран бу, бэҕэһээ, кэлэн олороро.

Хоккейдарын туруоран оонньоон киирэн барбыттара. Киэсэ эрдэттэн эрчиллибит буолан маҥнай киһилээбэтэҕэ. Ол эрээри киһитэ сотору үөрэнэн тэҥҥэ киирсэр буолан барбыта. Ууларыгар-хаардарыгар киирэн оонньуу олордохторуна аттыларыгар Ураанньык киирэн илгистэн ибис-инчэҕэйинэн саба ыспыта. Иккиэн чаачыгырыы түһээт, сыыһа-халты охсон хаалбыттара. Ыттара иччитэ Баанньа оронун анныгар дьылыс гыммыта. Ити аата иччитэ кэллэҕэ. Баанньа баарына уһун ырбаахылаахтартан соччо толлубат. Тайахсыт бэрдэ буолан аҕалара да бэркэ маанылыыр ыта.

Сотору Киэсэ убайдара Баанньалаах Сааска чоккураһан киирбиттэрэ.

– Хайа, Артемка дьиэтигэр барбакка манна олорор эбит дуу? Аҕаҥ кэллэ ээ. Арба, бу киһи баарына манна хонор буоллаҕыҥ дии, – Баанньа ырбаахытын тимэхтэрин сүөрбэккэ төбөтүнэн ньылбы тарда сатыы-сатыы оронугар ааспыта. Онтон хоккейы көрөөт:

– Ха, доо! Бу тугуй? Хоккей дуу? – диэбитинэн ыстаанын уларыттарын да умнан ойон кэлбитэ.

Сааска таҥаһын уларыттан, куурда ыйаан баран эмиэ кинилэр үрдүлэригэр саба нөрүйбүтэ. Хайдах оонньонорун билсиһээт:

– Сынньаныҥ. Аттар сойдохторуна ыытаарыҥ, – диэн баран бэйэлэрэ оонньообутунан барбыттара.

«Эһиги аһаан баран кэлээриҥ» диэбиттэрин истэ да барбатахтара. Хайыахтарай, оонньуулларын көрө түһэн баран хоспоххо тахсан Киэсэ Дьокуускайга, Бүлүүгэ хайдах сылдьыбыттарын кэпсээбитэ. Артемка хаһан, ханна, хайдах кустаабыттарын сэһэргээбитэ. Аттары ыытан, булуустан ыт аһа таһааран Ураанньыгы аһатан баран киирбиттэрэ дьоннорун ыһыыларахаһыылара, кыһытыһыылара-абатыһыылара өссө сэтэрбит этэ. Онон бу киэһэ хоккейдаан бүппүт эбиппит дии санаабыттара.

Ардах кэм да ньиккирэччи түһэрэ. Уһуур чинчилээҕэ. Онон отчуттар сарсын да өрүүр буоллахтара буолуо. Сотору дьиэ иһинээҕи дьон бары мустан чэйдээбиттэрэ. Онтон киэһэ солбуһа сылдьан хоккейдаабыттара. Бэл, аҕалара кэлэн хайдах оонньуулларын көрө түспүтэ.

Сарсыарда турбуттара халлаан куорсуйбут этэ. Хараҥа былыттар бэрт намыһаҕынан сүр түргэнник соҕуруу диэки усталлара. Баанньа дьонун кытары көрсөн кэлбитэ. Сарсын тахсар буолбуттар. Киэсэ эмиэ барсар буолбута. Артемка ийэтигэр көстө түһэн кэлээри дьиэтигэр ыстаммыта.

Ол күһүн олус бэркэ оттоон киирбиттэрэ… Ити дьыл Киэсэ ахсыс кылааһы «үһэ» суох бүтэрэн күннээбитэ.

Үөрэх дьыла бүтээтин кытары сотору буолаат ыһыахтаабыттара, онтон окко киирии сүпсүлгэнэ эмиэ ыган кэлбитэ. Биир киэһэ окко киириигэ аналлаах мунньаҕын ыыппыттара. Киэсэлээх онно улаханнык наадыйбат дьон билисибиэттэрин хасыһа сылдьыбыттара. Киэһэлик Баанньа мунньахтан кэлбитэ. Күүлэҕэ тардыллыбыт остуолга аһыы олорон мунньах хайдах барбытын кэпсээбитэ. Ийэлэрэ кимнээх звеноводунан анаммыттарын ыйыталаспыта. Былырыыҥҥыттан уларыйыы суох этэ.

– Уйбаан Турантаайап уонна Тарабыыкын Мэхээчэ бу дьону былдьаһан этиһэ сыстылар. Уйбаан акка сыстаҕас, үлэһит оҕолору куруук эһиги ылаҕыт диэн айдааран турда. Ону Мэхээчэ истиэн да баҕарбат. Уолаттарбын биэрбэппин, убайдарын кытары сылдьыбакка хайаан эһиэхэ барыахтарай диир. Дьэ, онон, нохолоор, син дьон эбиккит ээ, – диэн баран Баанньа күлэн кэбиспитэ. Кини Киэсэлээх Артему өрүү сэнии санааччы. Тугу да сатаабат, кыайбат дьонунан ааҕааччы.

Киэсэлээх үлэһит быһыытынан хайҕаммыт, өссө звеноводтар былдьаһан «бырта сыата» буолбут дьон эгди буола түспүттэрэ. Онтубутун дьоммут билиэхтэрэ дии санаан Киэсэ Артемкаҕа:

– Сөтүөлүү барыахха эрэ, – диэбитэ. Киһитэ:

– Чэ, – диэт, бэлисипиэтигэр сүүрбүтэ.

Киэсэ тэрилэ «куругулуойдаан» сордуурун кэлин көлүөһэ ис буотараҕын онтон-мантан хомуйан оҥорбуттара үчүгэй буолбут этэ. Үрэххэ сырылатан тиийбиттэрэ: Артемка бииргэ үөрэнэр уолаттара уонна кыра оҕолор сөтүөлээн булумахтана сылдьаллара. Таҥастарын ньылбы тардынаат ууга ыстаммыттара. «Акулалаах» оонньоон бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэ сырыттахтарына, соҕурууҥҥу чүөмпэ уута өрө бүллүгүрүү түспүтэ. Туох тыаһыырын көрөөрү көҥүс үрдүгэр ойон тахсыбыттара. Чүөмпэ уута оргуйан эрэрдии бидилийэн аҕай эрэр этэ. Киэсэ хаһан эрэ лабыҥкыр күөлгэ баар дьикти харамай туһунан аахпытын санаан иэнэ тымныйталаан ылбыта. Эмискэ туох эрэ күөхтүҥү хараҥа уу үрдүгэр сүгүллэн тахсыбыта. Бары өрө уһуутаһа түспүттэрэ. Били баҕайы төттөрү тимис гыммыта, онтон тэлгэһэ аҥаарын саҕа хап-хара муус дагдас гына түспүтэ.

Манна саас эрдэ бөһүөлэктэн чалбах уута халыйан киирээччи. Биирдэ уу баһар «Беларусь» систернатыгар уу оборторбута тардан ылан, халтарыйан чүөмпэ ортотугар киирэн хаалбыт этэ. Онно Соппуруонап Бааска хаайтаран хаалбытын быыһыыр, тыраахтары состорон таһаарар аймалҕаныгар оскуола оҕото барыта мустубута. Баасканы быа быраҕан соһон таһаарбыттара. Түгэҕэ чэҥ буолан киһи таба үктэммэт үлүгэрэ быһылааҕа. Тыы аҕалан, трос холбоон тыраахтары соһон таһаарыахтарыгар диэри оҕолор киинэ курдук көрөн турбуттара. Оннук уу анныгар хаалбыт муус бу бэс ыйын бүтүүтэ биирдэ күөрэйбитэ быһыылааҕа.

Улахан уолаттар, оччону көрбүт дьон, хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн киирэн муус диэки харбаан күллүргэппиттэрэ. Тымныыкката сүрдээх этэ. Киэсэ мууска тахсан халты-мүлтү тэбинэ сылдьан кытыы диэки көрбүтэ: кыра оҕолор кинилэр харса суохтарын сөҕөн аллаһан аххан тураллара. Сотору тиистэрэ ыпсыбат буола титирэһэн, күлэн-салан айманан төттөрү харбаан тахсыбыттара. Өрүтэ ыстаҥалаан, төттөрү-таары сүүрэкэлээн ирэ түһээт таҥнан хачыгыраспыттара. Кыралар кинилэри чахчы сөхпүт, ымсыырбыт харахтарынан көрөллөрө. Чүөмпэ ортотугар багдаллан сытар мууһу буорунан-сыыһынан тамныыллара.

– Ээй, эһиги аны ити мууска тахса сылдьаайаххытый. Иҥииргит тардыа, ууга түһүөххүт, – диэн Киэсэ ордоотообута. Уолаттар эмиэ буойсан хаһыытаһа түспүттэрэ. Дьонноро тута кытылтан тэйэн биэрбиттэрэ.

Киэсэ дьиэтигэр тиийэн ийэтигэр муус тахсыбытын туһунан кэпсээн үллэҥнэппитэ. Арай мууска тахса сылдьыбыттарын эрэ эппэтэҕэ. Утуйаары сытан Мэхээчэлээх Уйбаан кинилэри былдьаһан этиһэ сыспыттарын, убайа «син дьон эбиккит» диэбитин, кыра оҕолор сөхпүт-махтайбыт харахтарын саныы-саныы мүчүҥнээн ылбыта. Хайдах эрэ хайҕаммыт, дьону тугунан эрэ умсугуппут, таптаппыт саҕа санана сытан ороно күөгэҥнээн барбыта.

Сарсыҥҥытыгар мунньар, охсор массыыналары сэлбийиигэ көмөлөспүттэрэ. Артемкалыын уус дьиэтин таһыгар ыһылла сытар тимирдэртэн буолта, гайка өһүлэ тиийбиттэрэ. Син балаччаны хомуйбуттара. Кутуйах да элбэх дойдута эбит этэ. Биир бытаһыты эккирэппиттэрэ сеялка оһоҕос курдук тимир шлангатыгар киирэн хаалбыта. Ону хаарбах биэдэрэҕэ таҥнары сүөкээбиттэрэ. Түспүтүн кэннэ көрбүттэрэ: аҥаар хараҕа суох, кэлин уҥа атаҕа тостон баран уҥуоҕа таһыгар кылбайа сылдьар гына оспут чахчы кутуйахтар атамааннара буолан биэрбитэ. Арааһа ким эрэ арагаатканан ыппыт быһыылаах. Дорубуонньук эрэ маннык бааһырдыан сөп диэн ити дьыаланы чахчы билэр дьон быһыытынан быһаарбыттара. Биэдэрэни туппутунан бөһүөлэги кэрийэ сылдьан дьоҥҥо көрдөрбүттэригэр сөҕүү бөҕө буолбуттара. Үгүстэр, ордук чараас сүрэхтээх дьахтар аймах: «Эрэйдээҕи даа, ыытан кэбиһиҥ», – дииллэрэ. Ол сүбэни ылынан уотурба, сиэмэ ууруллар маҥхааһайыгар тиийэн ыытан кэбиспиттэрэ. Инбэлиит кутуйах элбэх астаах сиргэ сылдьыахтаах диэн буолбута…

Киэсэ оҕо эрдэҕинээҕитин санаан уута адьас көтөн хаалла. Сытан эрэ сиэбиттэн табах ылан тарта. Таһырдьа уу чуумпу. Арай ханна эрэ дулҕа быыһыгар чөкчөҥө айманан ылбахтыыр. Ата дөрүн-дөрүн тыбыырбахтыыр. Табаҕын кичэйэн умулларан баран дьэ утуйардыы оҥостон улаҕа хайыһан сытта. Сотору мунна сурдурҕаан утуйан киирэн барда.

Үрэх элгээнин үрдүгэр

Күп-күөх халлааҥҥа көбүс-көнө үрүҥ дьурааны субурутан кыырай үрдүгүнэн самолет дыыгынаан ааста. Кэнниттэн миэлинэн суруйбуттуу тунаарар үрүҥ дьураа сыыйа кэтирээтэр-кэтирээн, симэлийдэр-симэлийэн сүтэн иһэр. Күн уотугар сырдык туочука буолан кылабачыйар самолет саҕахха тиийэн сүттэ. Сотору үрүҥ дьураа эмиэ мэлийэн хаалла. Киэсэ хараҕа аны от төбөтүгэр биэтэҥнии олорор кыракый хомурдуоска хатанна. Сырдык от күөҕэ дьүһүннээх. Кырыылаах от умнаһын устун оргууй сыҕарыйан иһэн, киһи сэрэниин-сэрэнэн тутан ылаары гыммытыгар, аллара ыһыктынан кэбистэ да ханна да барбыта биллибэккэ сүтэн хаалла.

Атын көнтөһүн эрийэ туппут кыракый хахыйаҕа сырдык кугас ат от сиэри моонньун уһата-уһата кэҕиҥнииригэр илигирээн ылбахтыыр. Бүгүн айаҥҥа туруммута уон бэһис күнэ. Ыраас күн буолан Дьааҥы хайалара ырыых-ыраах хаардаах төбөлөрө кылбаһан көстөр буолбуттар. Аны уонтан тахса хонугунан ол хайаларга тиийэрэ буолуо. Онтон тосхолун булан эһэтэ көмүс кистээбит сирин диэки айанныахтаах. Билиҥҥитэ туох да моһоло суох иһэр курдук эрээри улаханнык илиһиннэ. Саатар биир күн өрөөн, сынньана түспүт киһи бэрт буолуо эбит да, туох эрэ биллибэт күүс иннин диэки угуйан иһэр.

Бу өрө батан иһэр үрэҕин биир бэртээхэй элгээнин үрдүгэр сынньана түһээри тохтообута. Арааһа, манна өрөөн сынньаныыһы. Бэрэмэдэйин түгэҕэр илим баарын өйдөөн, ойон туран атын сыгынньахтаата. Илимин хостоон бэрийбитинэн барда. Сотору тыытын үрдэрэн элгээҥҥэ киирдэ. Илимин үтэн тахсаат, балаакка туруорунан барда. Хонордуу оҥостон баран пластиковай бытыылкаҕа кутта сылдьар сойбут чэйин ыймахтаата. Атын сиэлин анныгар илиитин уган имэрийбэхтээн баран, сойбут дии санаан атаҕар былас кэриҥэ уһуннаах тимир сыабы баайан ыытан кэбистэ. Аныгы дьон адаҕа оннугар итинник сыабы баайар буолбуттара. Илдьэ сылдьарга да үчүгэй, кэтит тирбэҕэнэн баайыллар буолан ат атаҕын да бааһырдыбат. Хайа уонна хайдахтаах да сылгы атаҕар сыап соһуулаах ырааппат, ыыппыт сиргиттэн чугас мэччийэ сылдьар буолар. Ата сыабын үктээмээри кырыытынан соҕус туттан хааман иһэн, күөх окко күөлэһийбэхтээтэ, илгистэн дьигиһийэ түһэн баран аһаан курдурҕаппытынан барда.

Киэсэ кичэйэн суулуу сылдьар быыкаайык радиоприемнигын холбообутугар, өтөр-наар киһи үктэммэтэх сиригэр музыка тыаһа кутулла түстэ. Батареятын харыстаан радиотын биирдэ эмэ холбуур. Ыттарын, атын эрэ кытта баллыгыраһа сылдьар киһиэхэ атын киһи саҥата, төһө да кый ыраах баар буоллар, олус кэрэтик иһиллэрин бу күннэргэ бэйэтэ да дьиктиргии санаата. Хаһан эрэ университекка үөрэнэр кэмигэр психологияҕа киһи өр кэпсэппэккэ, атын дьоннуун алтыспакка сылдьара олус ыарахан диэн үөрэппиттэрэ. Онно преподавателлэрэ биир собуот сыаҕар үлэһиттэр төһө да хамнастара үрдүгүн, үлэлиир усулуобуйалара толору баарын үрдүнэн уһуннук тохтооботтор үһү диэн кэпсээбитэ. Тоҕо оннугун чинчийбиттэрэ: күнү быһа бэйэ-бэйэлэрин кытары кэпсэппэккэ станоктарын таһыгар үлэлээн тахсаллар эбит. Чаас аайы уоннуу мүнүүтэ сынньалаҥнаах үлэлиир буолуохтарыттан уурайан барааччы суох буолбут уонна, киһи дьиктиргиэҕэ, оҥорон таһаарыылара биллэ үрдээбит. Кырдьык, киһи кими да кытта кэпсэппэккэ сылдьара куһаҕана сүрдээх эбит. Ол иһин киниэхэ, бэл, радио саҥата күндүркэйэн иһиллэр буоллаҕа буолуо.

Утуйар мөһөөччүгүн тэлгээн, «Маяк» радостанция биэриилэрин истэн сыта түһэн баран, илимин көрө киирдэ. Уонтан тахса урут хаһан да харахтаабатах, дьорохойдооҕор эрэ бөдөҥ, арҕаһын диэкинэн көҕөрүмтүйэн көстөр толбонноох, оҕуруо кэриэтэ төп-төгүрүк хара ойуулардаах, сиһигэр улахан лапчааннаах балыктар туппуттар. Арааһа, дьарҕаа диир балыктара быһыылаах. Балыктарын таһааран сороҕун үтэн, сороҕун буһаран сиэтэ. Суухарата эмиэ аҕыйаан эрэр. Килиэп сиэн олус баҕарар да, манна хантан кэлиэй? Үс киилэ курдук бурдуктааҕын билигин тыытар санаата суох. Кэлин лэппиэскэ курдук оҥостон сиир санаалаах. Исай Никифоров «Сүрэх кэпсиир» диэн кинигэтигэр Дьэллик кэтит үтэһэҕэ үөлэн бэртээхэй лэппиэскэни буһарар этэ дии. Киниэхэ да сатанар ини. Эбэтэр кыракый сыыҥкабай хобордооҕор да буһарыан сөп.

Тото аһаан баран, радиотын истэ-истэ ыҥыырын чинчийэн көрдө. Атым сиһин астарыа диэн бэркэ сэрэнэр. Үрэх уута түһэн эрэр. Онон кытылы батыһа син ат үктэнэн хаамар сирэ баар. Антах, хайалаах сиргэ тиийдэҕинэ, хайдах буолара буолла. Сарсын өрөөн балыктыы түһүүһү. Үөллэххэ хас да хонукка сиир астаныа этэ.

Дьоно хайдах олороллоро буолла. Аны икки ыйынан дьиэтигэр-уотугар тиийэрэ буоллар. Быйыл сайын оттообото буолуо ээ. Көмүстэннэҕинэ сүөһүтүн да эһэр ини. Куоракка көһөн киириэ этилэр. Тыа сиригэр көмүстэнэн да тугу гыныаҥый.

Ити олорон биирдэ оттуу сылдьан көмүс көрдөөбүттэрин санаан сонньуйан ылла. Оппуонньа диэн уол ийэтэ өлөр ыарыыга охтубутугар киирэн баран, аҕыйах хонугунан ийэтин кистээн тахсыбыта. Киэһэ эргэ ампаарга утуйаары сытан ийэтэ өлүөн аҕай иннинэ эһэҥ өтөҕүн оһоҕун холумтаныгар көмүс манньыаттары кистээбитэ диэн кэпсээтэ диэбитэ. Ол алаас кинилэр оттуу сылдьар сирдэриттэн биир чараас сиһи быһа түстэххэ баара. Ону истээт Буурсап Баанньа:

– Оо, онтон ону баран хаһан ылыахха буоллаҕа дии. Бэркэ гыннар, биир бырысыап буор буолуо, – диэбитигэр бары күлсэн ньиргиһэ түспүттэрэ. Сарсыныгар хаһыа да буолан тиийэн, хас да бырысыап буору хаспыттара да – көмүс көстүбэтэҕэ. Онтон ыла Иван Гоголев «Хара кыталык» диэн романыгар баар Тээллээрис курдук хас киэһэ аайы буор хаһар идэлэммиттэрэ да, кылаат көстүбэтэҕэ. Бүтэһигин Киэсэ убайа Баанньа уонна тастыҥ убайа Коля кустуу таарыйа кылаат көрдүү баран баран дэлби күлэн кэлбиттэрэ. Кус көтүөн иннинэ Баанньа буор хасыһан иһэн сүрэҕэлдьээн күөлгэ кус кэтии киирбит. Арай халлаан хараҥарыыта киһитэ сүүрэн тибигирэйэн кэлбит уонна чугаһынан ким да суоҕун үрдүнэн:

– Доо, буллум быһыылаах, – диэн кулгааҕар сибигинэйбит.

Ким эрэ истиэ диэбиттии сибигинэһэн эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ күрдьэх тиийэн иҥнибит туох эрэ төгүрүгэ баарын хостоон таһаарбыттара – бурдук тардар таас буолан хаалбыт. Олус хомойон саҥата суох сукуһан туран баран, ити тоҕо биһиги сибигинэһэн кэпсэттибит диэн күлсэн тоҕо барбыттар.

Ити сайын өссө биир дьикти түгэн буолбутун Киэсэ билигин да умнубат. Çвеноводтара өйүө уонна охсорго, мунньарга барар биир хайа эмэ аты булан таһаарар соруктаах бөһүөлэккэ киирбитэ. Саҥа сиргэ көһөн кэлэн – оҕолорго мунньуу тахса илигэ. Улахан дьон Маайа өтөҕө диэн сир соҕуруу саҕатыгар от охсо сылдьаллара. Уолаттар чэй өрөн баран, былыргы үүт бүтэй ортоку сиэрдийэтэ эрэ ордон турарын миинэн олорон бэйэ-бэйэлэрин сыттыгынан түөрэ саайса оонньуу сылдьыбыттара. Ол сырыттахтарына тыа саҕатыттан аттаах киһи киирэн кэлбитэ. Халампааһынан көрбүттэрэ: звеноводтара эбит. От күөҕэ өрүү бэргэһэлээх, кубарыйан хаалбыт сырдык халлаан күөхтүҥү чараас сонноох этэ. Ханнык аты миинэн иһэрин эмиэ билбиттэрэ. Кыһын хаһан аһыы сылдьан солоҥдоҕо иитиллибит хапкааны уобан үөһэ уоһа быстан түспүт, ол иһин күлэн ырбайа сылдьар курдук Оскуола диэн ааттаах ат этэ. Бэрт сымнаҕас эрээри аллаах буолан, аттары көрөр-харайар эбээһинэстээх дьон быһыытынан уолаттар бары да үөрбүттэрэ. Ким ата буолуохтааҕар мөккүһэ түһэн ылбыттара. Киһилэрэ кинилэр диэки кэлэн иһэн, арыы үөттэр кэтэхтэрин диэки от охсооччуларга туораан тахсыбыта. Сотору чэй оргуйан, уолаттар дьоннорун ыҥыран ыһыы-хаһыы бөҕөнү түһэрбиттэрэ. Аһыы олорон лэгэнтэйбит ханнаный диэбиттэригэр, хата, соһуйбуттара. Алта уол бары көрбүт буолан, кэлбитэ-кэлбитэ диэн саҥардыбатахтара даҕаны, өссө Оскуоланы миинэ сылдьара диэбиттэрэ. Дьонноро лэгэнтэйбит сир көрө барбытын аахайбакка хааллахпыт дуу диэн мунаахсыйыах курдук гынан иһэн, «итинэн чугас киһи көрөр да сирэ суох» дэспиттэрэ. Аара арыгы иһэн баран, талахтар быыстарыгар утуйан хаалбыта буолуо диэн, икки уолу сүүрэн баран көрөллөрүгэр соруйбуттара даҕаны, – киһи да, ат да суоҕа. Дьэ, мунаахсыйыы буолбуттара. Киэһэ киһилэрэ үүт-үкчү уолаттар көрбүттэрин курдук таҥастаах-саптаах, Оскуола диэн ааттаах аты миинэн тиийэн кэлбитэ. Күнүс кинини көрбүттэрин кэпсээбиттэригэр, «бэриэччитим кэлэ сырыттаҕа дии» диэн холкутук быһаарбыта. Итинтэн ыла Киэсэ туох эрэ биллибэт эйгэ баарыгар чахчы итэҕэйэр.

Убайа Баанньа оһолго өлүөн иннинэ эмиэ биир дьиктини истибитэ. Онто – кэритии эбит. Бөһүөлэктэн көс курдук ыраах, отутус сыллардааҕыта холкуос учаастага буола сылдьыбыт сиргэ күһүөрү кустуу сылдьыбыта. Арай өтөх кэннинээҕи тыаҕа ыһыы-хаһыы, аймалҕан бөҕө буолбута. Бачча эрдэттэн кимнээх куобах күрэтэн эрэллэрэ буолла диэн бэркэ соһуйбута. Ойуур диэки көрө сатаабыта да туох да көстүбэт этэ. Саҥалара эмиэ дьүүлэ-дьаабыта биллибэт этэ. Ол иһин оҕолорун көтүппүт туруйалар сырыттахтара дуу дии санаабыта. Ол быыһыгар чуолкай баҕайытык «Ээй! Ээй!» дииргэ дылылара. Онон туруйалар буолаллара эмиэ табыллыбат курдуга.

Онтон били саҥата адьас үрдүгэр айманан тиийэн кэлбитэ. Өрө хантаарыҥныы-хантаарыҥныы тула холоруктуу түспүтэ да – туох да көстүбэт этэ. Ол эрээри бэрт элбэх киһи кими эрэ аһыйан айманар, эбэтэр былдьаһан мөккүһэр саҥаларыгар майгынныыр аймалҕаннара адьас үрдүгэр эймэнийэрэ. Эмиэ тугу да өйдөөн-дьүүллээн истибэтэҕэ. Дьон саҥатын курдук эрээри ис хоһооно суоҕа. Оннук айманан ааһа турбута… Сотору соҕус убайа массыына саахалыгар түбэһэн өлбүтэ. Дьэ, ол иһин бу үрүҥ күн анныгар икки атахтаахтар, тыынар тыыннаахтар эрэ баарбыт дии саныыр алҕас быһыылаах диэн өйдөбүлгэ кэлбитэ. Атын ханнык эрэ эйгэ баарыгар саарбахтаабат.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации