Электронная библиотека » Дмитрий Пономарёв » » онлайн чтение - страница 3

Текст книги "Биһик"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:21


Автор книги: Дмитрий Пономарёв


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 5 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Сарсыарда халлаан сырдыыта дьоммут харалла сытар сирдэригэр оҥкучах оҕото хаһаммыт, өрбөххө суулаан, оҕобутун харайбыппыт. Эдьиийим балаҕаныгар сытан хаалаахтаабыта, мин үлэбэр тиэтэйбитим. Куораттан тахса сылдьар боломуочунайы Бэстээххэ киллэриэхтээҕим. Оҕобут өлбүтүн кимиэхэ да эппэтэҕим, арааһа, ону кэпсиир түгэн да көстүбэтэҕэ быһыылаах.

Бэстээххэ тиийбиппит кытылы биир гына киһи-сүөһү бөҕө, кэлии-барыы, биир кэм ытыллан олороро. Чурапчылары хоту балык булдугар көһөрөн эрэллэр дэһэллэрэ. Били киһибин түһэрэн баран, итиччэни урут көрбөтөх киһи, түһүүлэнэн олорор дьону көрсөн кэпсэтэргэ сананным. Туох үчүгэйэ кэлиэй? Дойдуларыттан тэйэн эрэр дьон хоргуйуу буолан эрэр диэн ытамньыйаллара, саатар ис ыарыыта туран тымныйан, кырдьаҕас өттүттэн, кыра оҕо да өлүүтэ тахсыталаабыт этэ. Биир ытаан ыҥырҕыыр оҕотун көтөҕө сылдьар, бэйэтэ дэлби сылайбыт көрүҥнээх, нэһиилэ саҥа таһааран оҕотун ааттыыр эдэр дьахтары көрөн олус аһыммытым, эдьиийбин санаан сүрэхпэр ыттарбытым. Арааһа, онно санаа киирдэ быһыылааҕа. Ити эрээри ким да көҥүл өттүнэн оҕотун биэриэ суоҕун сэрэйдим, оҕону уоран эрэ ыллахха илдьэ хаалыахха сөп эбит диэн өйдөөтүм уонна оннук ыар дьыаланы оҥорорго быһаарыммытым. Кыра оҕолоохтору кэрийэ сылдьан көрөн, хайаларын киэнин ылар ордук табыгастааҕын үөрэттим. Мыраантан чугас, ойуччу соҕус үөттэр икки ардыларыгар, бэйэлэрэ эрэ отуулана сытар чороччу улаатан эрэр уоллаах уонна биһиктээх кырачаан оҕолоох дьахтары таба көрбүтүм. Оччотугар ол уол оҕо эн буоллаҕыҥ, – Дьөгүөссэ кэпсээнин тохтотон куруускалаах чэйиттэн омурдан ылла, остуолга тайанан олорор илиитин тарбахтарын сараадытан, төбөтүн хамсатан күрэҥсийбит баттаҕын өрө анньыалаата, тохтоон Сэмэннээх Киэсэтин олбу-солбу көрөттөөтө, көхсүн этиттэ. – Үгүс киэҥ толкуй суоҕа, ити биһиктээх оҕону ыларга диэн быһаарыммытым. Хараҥа буоларын, дьон утуйарын кэтэһэ таарыйа оҕоҕо иһэрдиэхтээх үүппүн олохтоох ыалтан атыылаһан, арыгы бытыылкалаахпар куттаран ыллым. Тэлиэгэлээх аппын суолум төрдүгэр, киһи-сүөһү мээнэ таарыйбат сиригэр, иһирдьэ ойуурга киллэрэн баайан кэбистим. Хараҥарыыта мыраан үөһэ кэлэн дьон утуйарын кэтээн саһан олордум. Сылаас, нуһараҥ түүн буолбута, халлааҥҥа сулус да көстүбэт ыас хараҥата бүрүүкээбитэ.

Мыраан аннынааҕы эҥээр дьон утуйдулар быһыылаах, кутааларын уота сөҕүрүйдэ. Түүн ортото буолла, мин оргууй сэрэнэн аллара түһэр туруору ыллык баарынан мыраан тэллэҕэр түстүм, өссө чуҥнаан олорбохтоотум, онтон оргууй хааман, манан буолуохтаах этэ диэн түөлбэ ырааһыйатыгар киирдим. Мантан тиийиэхтээх отуум ханан турарын өйдөөн хаалбыт буоламмын чопчу тиийдим. Ыкса кэлэн иһиллээн турдум, сүрэҕим тыаһа бөп-бөллүгүрэс. Иһирдьэ сытааччылар оргууй тыынан сурдурҕаталлар, тыыналларыттан быһаардахпына биһиктээх оҕо мин кэлэн турар өттүбэр сытар. Өрбөх быыһын сэрэнэн сэгэтэн, тарбаҕым иминэн биһиги көрдөөтүм, сэрэйбитим курдук, мин санаабыт сирбэр эбит. Быһаҕаспар диэри иһирдьэ өҥөйөн, икки илиибинэн биһиктээх оҕону көтөҕөн ыллым, төттөрү отуу аанын саба тарыйдым. Ити былаһын тухары тыымматым да быһыылаах, иһинээҕилэрим даҕаны хамсаан көрбөтүлэр. Үөттэр быыстарынан аһаҕас баарын эмиэ өйдөөн хаалбыппын булан, биһикпин кыбыммытынан тэскилиир аакка түстүм. Куттанарым диэн оҕом ытаан биллэриэ диэн. Эмискэ хамнаппат буола сатыыбын, дабайан иһэммин сотору-сотору кэннибин хайыһан көрөбүн, онно-манна аҕыйах уот кыламныыр, улахан саҥа-иҥэ иһиллибэт. Үөһэ тахсан өссө биирдэ хайыһан көрдүм: эккирэтэн иһээччи баара биллибэт, сар түспүт көлөһүммүн туора-маары сотуннум уонна бэс чагда устун атым турар сиригэр аҕыйахта үктээн тиийдим. Дьиэтигэр бараары турар ат барахсан иҥэрсийэ көрүстэ, суолугар киллэрээппин кытта хааман сиэллэрэн барда. Боломуочунайы тиэйэргэ анаан долгууһа тэлиэгэлэрин биэрбиттэрэ кыра силиһи, нэксиэни билиммэккэ оҥочо курдук долгуһуйар, киһи бигэнэн нухарыйыах курдук. Аппын тохтотон сотору-сотору тохтоон иһиллиибин, аны утары дьон иһэрин көрсүөм диэн. Ол баран иһэн оҕом уһуктан ытаан соһутта, суолтан туораан инчэйбит суутун туора ылан уурдум, көтөҕөн олорон бытыылкалаах үүппүн чачата-чачата син иһэртим быһыылаах, эрдэттэн бэлэмнээбит эмсэхпин үүккэ илитэн айаҕар уктум, эмсэҕин эмэн уоскуйда, иннибин-кэннибин иһиллэнэн баран салгыы айаннаабытым.

Улахан суолтан туораан, дойдум сиригэр-уотугар киирэн дьону көрсүөм диэн куттанан, мээнэ киһи сылдьыбат сирдэринэн эргийтэлээн, халлаан сырдыырын саҕана өтөхпүн буллум. Эдьиийим эрэйдээх үгэһинэн мин кэлэрбин кэтэспит быһыылааҕа, утары таҕыста.

– Хайа, Дьөгүөссэ, тоҕо хойутаатыҥ? – диэн ыйытта.

– Бэстээххэ киһи бөҕө. Чурапчылары, бүтүн улууһу хоту көһөрөөрү мунньа сыталлар, – аппын баайа туран сэһэргиибин. – Ол дьону кытта кэпсэтэн тардылынным.

– Хайа, ити тэлиэгэҕэр тугуй? – биһиги көрөн соһуйбуттуу ыйытта.

– Ити, эдьиэй, оҕо. Хоту баран эрэр кырбас курдук элбэх оҕолоох дьахтартан көрдөһөн илдьэ хааллым.

– Оҕо даа? – эдьиийим барахсан икки илиитин холбуу тутан мин диэки итэҕэйбэтэхтии көрөн ылла, мин кэҕис гынным, оргууй сэрэнэн тэлиэгэҕэ тиийэн биһик сабыытын арыйан көрдө.

– Чээн, мин Аанчыгым курдук кырачаан эбит дии, – таптаабыт куолаһынан саҥарда, сабыытын төттөрү бүрүйдэ уонна мин диэки эргиллэн, – кыыс быһыылаах, аата ким диэний? – соһуччу ыйытыыттан мух-мах буола сыстым, хата кыыс буоларын түүн суутун уларытаары билбит буолан, – ээ, кыыс, аатын эмиэ Аанчык диэбиттэрэ быһыылаах, – диэтим.

– Чэ, киллэрэ оҕус! – эдьиийим сэргэхсийбит куолаһын истэммин эгди буоллум.

Аппын ыытан, күннээҕи уубун баһан, маспын бэлэмнээн балаҕаммар киирбитим эдьиийим олох уларыйан хаалбыт, сирэйэ-хараҕа сырдаабыт.

– Оҕобут аата биһигэр сурулла сылдьар эбит, – эдьиийим чэйдии олорон эттэ, мин лэппиэскэбэр хара сыһан эдьиийим диэки көрдүм. – Кырдьык, Аанчык диэн эбит,– диэтэ.

– Эдьиэй, оҕобутун бэйэбит оҕобут диэхпит, дьоҥҥо иитэ ыллыбыт диэхпит суоҕа сөп? – эдьиийим диэки утары көрөн олорон эттим.

Ити тыллартан эдьиийим харахтара төгүрүһэн сирэйбин-харахпын одууласта, хамсаабакка тугу эрэ толкуйдаан олоро түстэ, онтон үөһэ тыынна:

– Чэ, буоллун, Айыы тойоммут анаатаҕа, – диэтэ. Эдьиийим хара өлүөр диэри уонна ити туһунан кэпсэппэтэхпит.

Эһиилигэр миигин сэриигэ ыҥыран илдьэ барбыттара. Сэриини ньиэмэс дойдутугар түмүктээн дойдубар эргиллибитим, эдьиийим сүүрэ сылдьар кыыһыныын көрсүбүттэрэ. Күтүөтүм олох да омук сиригэр көмүллэ сытарын туһунан сурук кэлэн сытара. Дьэ, итинник», – Дьөгүөссэ кэпсээнин түмүктээн үөһэ тыынан ылла, чэпчээбиттии олоппоһугар тиэрэ түспүтэ.

– Оччотугар эдьиэй Аанчык Сэмэн Андреевич балта буолар дуо? – үйэтигэр маннык буолуо диэн сэрэйбэтэх Киэсэ долгуйан аҕатын диэки көрдө. – Оннук! Аанчык Сэмэн балта, – аҕата бигэргэтэн биэрдэ.

Сэмэн Киэсэ диэки эргиллэн сөмүйэтин чочоҥнотон:

– Били дьиэ таһыгар эйигин кытта кэпсэппит дьахтар? – Киэсэ диэки ыйытардыы көрдө. Киэсэ төбөтүн кэҕис гыннарда.

– Ол иһин ийэм куолаһа эбит, олус сэргии истибитим, – Сэмэн кылгас кэмҥэ харахтарын симэн, ийэтин саҥатын истэргэ дылы гынна.

– Сэмэн Өндүрэйэбис, дьэ хайыыгын? – Дьөгүөссэ Сэмэн диэки утары көрдө, – дьыала тэрийэр буоллаххына утарбаппын. Оҥорбут буруйбар хаһан эрэ син биир эппиэттиэхтээх буоллаҕым. Бу уһун сыллар тухары хаста да сурук суруйан буруйбун билинээри бэлэмнээн баран, эдьиийим эрэйдээҕи санаан, кинини көрдүм да ол санаам уостан хаалара. Дьэ, хара сор! Өр даҕаны сүгэн кэллим. Билигин уоскуйдум, чэпчээтим, – Дьөгүөссэ хараҕыттан ыгыллан тахсыбыт ууну туора соттон өрө тыынан ылла, – эдьиийим быйыл саас өлөөхтөөбүтэ, онон көҥүл ылбыт курдук буруйбун билинэ, бу үлэ-хамнас үмүрүйдэҕинэ киирээри сылдьыбытым.

Бу быһымах санааттан ыар буруйу оҥорбут, онтун кыайан боруостаабакка санаа баттыгар уһун кэмҥэ хам ылларан утуйар уута уйгуурбут, чугас киһибэр үтүөнү оҥоруом этэ диэн уоруу суолугар үктэммит, саас ылан күрэҥсийбит маҥан баттахтаах, билигин да уоттаах харахтарынан ыйытардыы утары көрөн олорор киһи чэрдээх илиилэрин ытыһын иһигэр тутан олорон Сэмэн:

– Суох, Дьөгүөссэ, мин эйигин буруйдаабаппын! Ийэм бырастыы гыммыта. Өлүөн эрэ иннинэ дьүөгэтин ыҥыран ылан «Аанчыкпын Дьылҕа хаан тыыннаах хааллын диэн соруйан атын дьоҥҥо биэрбит эбит ээ» диэбитэ. Мин эмиэ онно сөпсөһөбүн. Балтым ол хоту дойдуга барсыбыта буоллар тыыннаах хаалбата биллэр этэ.

Дьөгүөссэ умса туттан саннылара оргууй ибигирээн бардылар. Сэмэн тутан олорор илиитин оргууй ылан, өлөөрү да сытан үтүө санаатын сүтэрбэтэх Өрүүнэ барахсаны аһына санаан, аламаҕай аанньалга тэҥнээн, махтанан көмүскэтин уутун кыатамматаҕа.

Киэсэ туох да саҥата суох туран таһырдьа таҕыста. Дьөгүөссэ атын сир диэки хайыһан, тугу эрэ санаан саҥата суох олоро түстэ.

– Оҥорбут аньыыбар буолуо, айыыларым төрөтөр оҕонон өлүүлээбэтэхтэрэ. Эдьиийим эмиэ иккиһин ыал буолбатаҕа. Киэсэни оҕо дьиэтиттэн иитэ ылбыппыт, баарбыт-суохпут кини эрэ. Билигин кини ыал буолан сиэн аҕаларын кэтэһэбит.

– Киэсэ ону билэр дуо? – Сэмэн ыйытта.

– Билэр, – Дьөгүөссэ үөһэ тыынна.

Сотору утуйардыы оҥостон сыттылар. Сарсын сарсыарда дэриэбинэҕэ барардыы сүбэлэстилэр.

Оо, биир күн! Түөрт уонча сыл олох кистэлэҥэ буола сылдьыбыт түбэлтэ баара-суоҕа биир күн иһигэр ыраас мууска уурбуттуу ырылыйа арыллан кэллэҕиэн! Биир күн иһигэр элбэх да санаа ытыллыыта, уйулҕа күүрүүтэ, дууһа айманыыта, харах уулаах ааста. Үөрүүтүөн, үчүгэйдик түмүктэммитэ! Сэмэн бүгүҥҥү күнүн эргитэ санаан сыппахтыы түстэ, санаата көнньүөрэн, сылайбыта таайан ханна эрэ ырыых-ыраах көтө турда.

Сарсыныгар эмиэ санаа хоту ыраас халлааннаах, чэмэлкэй күннээх күн үтүөтэ үүнэн үөртэ. Сайылык барахсан салгына ырааһыан, чэбдигиэн, бэйэтэ чуумпутуон! Сэмэн өссө да сылдьа түһүөн баҕарбытын иһин иннигэр олоҕун тухары күүппүт эрэлэ – балтын кытта көрсүһүүтэ кэтэһэрэ. Налыччы чэйдээн Сэмэннээх Киэсэ бултарын, малларын сааһыланнылар. Дьөгүөссэ өссө кэлиэм диэн сээкэйин хаалларда. Дьиэлэригэр төннөн кэлэн чэйдии олорон Дьөгүөссэ:

– Эмээхсиэн! – диэн сэргэстэһэ олорор кэргэнин диэки хайыста. – Бу Сэмэн кэлэн биһиги олохпутугар биир быһаарыллыбакка сылдьыбыт дьыала оннун булла.

– Туохпут дьыалата? – кэргэнэ соһуйан утары көрөн олордо.

– Чэ, эн соһуйума, куттаныма. Аанчык биһиэхэ уонна Сэмэҥҥэ сыһыаннаах. Барытын саас-сааһынан билигин быһааран биэриэхпит, – Дьөгүөссэ кэргэнин уоскутта. – Киэсээ, тоойуом, эдьиийгин ыҥыран киир эрэ, ыҥыртарар диэ, тоҕотун этимэ, бэйэм этиэм. Киэсэ илдьити тиэрдэн баран төннөн киирэн остуолга олоруста.

Күүлэ аана тыаһаабытыгар бары ол диэки хайыстылар, уу чуумпу буолла. Чэпчэки атах тыаһа кэлэн аан иннигэр тохтоото, дьиэ аана оргууй аһыллан, өссө да эдэр сэбэрэлээх дьахтар киирэн кэллэ. Киирбит дьахтары көрөн Сэмэн сүрэҕэ бокуойа суох күүскэ тэбиэлээтэ, долгуйбута бэрдиттэн тириттэ, тарбахтара сап-салҕалас буоллулар. Иннигэр ааспат-арахпат ахтылҕан быыһыттан киэҥ харахтара арылыйан, үүт-үкчү ийэтин курдук дьүһүннээх балта киирэн турара. Утары сүүрэн тиийэн кууһан ылыан баҕарда.

– Дорооболоруҥ! – диэн киирбит дьахтар эҕэрдэлэстэ уонна кинини тонолуппакка көрөн турар, долгуйбут көрүҥнээх ыалдьыты дьиктиргээбиттии көрдө.

Сэмэн иннин диэки хардыылаан долгуйбут, кэһиэҕирбит куолаһынан:

– Аанчыак! – диэтэ.

МАҤНАЙГЫ ТАПТАЛ
(кэпсээн)

– Доҕор, массыынаҥ кэллэ, – саала хостон дьахтар саҥата иһилиннэ.

– Ээ, бэрт, таҥна турабын, – Баһылай утуйар хоско бүрүүкэтин курдана туран, күүскэ тыынарын быыһыгар хардарда. – Кырдьан эрэбин дуу, аны ыстааммын кэтэрбэр кытары аҕылыыр буолаары гыммыппын, оҕонньор курдук, – диэн мөҕүттэн ылла. Бинсээгин тимэхтэнэн бүтэн, таҥас ыйыыр ыскаап ойоҕоһугар ыйанан турар сиэркилэҕэ сэбэрэтин көрүннэ, хаһааҥҥыта эрэ толбоннурар кугас, билигин лаппа сырдаабыт, эбиитин онон-манан маҥан сүүмэх эбиллибит долгуйдьуйар уһун баттаҕын икки илиитинэн кулгааҕын кэннинэн кэтэҕин диэки холбуу уһаты аста, сырдык күөх харахтарынан көстөр дьүһүнүн сирбэтэхтии көрдө, хаалтыһын көннөрүннэ уонна хостон тахсар аан диэки хаамта.

Саалаҕа тахсаатын:

– Туоххун да умнубатыҥ дуо? Аһары ыксаама, көрүн үчүгэйдик, кэтэһиэхтэрэ, – диэбитинэн үрдүк уҥуохтаах, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар кэрэ сэбэрэлээх, сулус курдук тырымнаабыт харахтардаах лаппа эдэр дьахтар чэпчэкитик дугунан кэлэн, иннигэр үрдүк түөһүнэн ыга анньан туран хаалтыһын көннөрдө, чараас ибир уостарынан иэдэһиттэн омуннаах соҕустук «чоп» гына уураан ылла.

– Чэ, пока, этэҥҥэ сырыт, – диэн бэрт намыын, эйэҕэс куолаһынан саҥарда.

– Сылдьа сатаан көрүллүө, – Баһылай үөннээҕинэн көрөн ымах гынан ылла, саҥа таһааран күлэн лэһигирэттэ.

– Дьээ, ону-маны, кэһэтиэм! – диэн кэргэнэ дьээбэлэнэн хайы үйэ таҥнары хайыспыт киһитин көхсүн оҕуста, иккиэн эйэ дэмнээхтик күлсэн ыллылар.

Баһылай тас таҥаһын таҥнан бүтэн, суумкатын хаҥас илиитигэр ылан тахсаары туран, кэнниттэн батыһан кэлбит кэргэнин эргиллэ түһэн уҥа илиитинэн синньигэс биилиттэн бэйэтигэр эпсэри тардан моонньуттан сыллаан ылла.

– Чэ, кытаат, дьонуҥ кэтэһэн эрэллэрэ буолуо, – кэргэнэ намыын куолаһынан атаара хаалла.

Баһылай уулуссаҕа тахсыбыта халлаан күөх өҥнөөх кыра массыына айаннаары суол диэки хайыһан турар эбит. Кэнники ааны кэлэн арыйа тардыбыта олбоххо ким да суох, инники олбохторго икки киһи баара төбөлөрүн умса туттан тугу эрэ букунаһаллар.

– Дорооболоруҥ! – диэн Баһылай модьу куолаһынан саҥарда. Улахан саҥаттан соһуйбуттуу дьоно эргичис гыннылар, онно өйдөөн көрбүтэ сүүрбэлэрин эрэ ааспыт эдэркээн баҕайы уолаттар эбит.

– Дорообо, дорообо! – эр-биир эҕэрдэлэһэн хардардылар. – Чэ, киир, – диэн уруулга олорооччута хайы үйэ суумкатын иннигэр анньан олорон эрэр Баһылайы ыҥырда.

Саҥа хоҥнон баран иһэн:

– Уонна киһи ылабыт дуо?– диэн Баһылай туоһуласта.

– Суох, бардыбыт, – уруулга олорор уол хардарда.

– Чэ, бэрт, – Баһылай сөҥүдүйдэ, туох «бэртээҕин» быһааран эппэтэр да.

Айан суолугар киирэн массыына түргэн соҕустук айаннаата, таах олоруохтааҕар муусука истэ-истэ дьиэ таһынааҕыны ыаспайдастылар, онтулара бүтүүтэ дойду, норуот кыһалҕатын ырытан мөҥүтүннүлэр. Уолаттара төһө да эдэрдэрин иһин бары дьон курдук үлэ, хамнас кыһалҕалаах буоланнар, санаалара тапсан бэркэ куолулаатылар. Баһылай умса түһэн уолаттарын саҥаларын истэ сатыыртан сылайан, олбоҕор тиэрэ өйөнөн бэйэтин санаатыгар бүктэ.

Оо, дойдутугар анаан-минээн бара сылдьыбатаҕа ырааппыт да эбит! Кэргэнэ барахсан бу орто дойдуттан барыаҕыттан онон-манан ускул-тэскил сылдьан баран, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр оҕолоругар көмө-тирэх буолаары, арыый үрдүк хамнаһы биэрэбит диэбит сирдэрин аайы көһөн испитэ. Идэтинэн баянист, аны ол үлэ миэстэтин тыа кулууптарыгар бары кэриэтэ сарбыйан олороллоро, улуус кииннэригэр эрэ үлэ баар курдуга. Ол курдук, онон-манан эргийэн Ньурбаҕа тиийэн хаалбыта. Ньурбаҕа бэйэтиттэн лаппа эдэр, үтүөкэннээх дьахтары көрсөн ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн олохсуйда. Билигин урукку буолбатах, култуураҕа үөһэттэн болҕомто ууруллан үлэ баар, хамнас да аһары мыыныыта суох, доруобуйа эрэ тулуктаһара буоллар үлэлээмэхтиэ этэ.

Баһылай санаатыттан аралдьыйан көмнөх хаары бүрүммүт кыһыҥҥы айылҕаны түннүк нөҥүө одууласта. Ыраахха диэри тэнийбит, уҥуоргута дьирбии буолан көстөр киэҥ сыһыыга киирдилэр. Суолтан тэйиччи соҕус күөл баарыгар хас да массыына турара көстөр, олор тастарыгар дьоннор адаарыҥнаһаллар, куйуурдуу сылдьаллар быһыылаах. Сибиэһэй собо барахсан баччаларга олус да минньигэс буоллаҕа! Баһылай санаатыгар саҥа хоторуллубут балыктаах тэриэлкэ буруолаан бурҕачыйа турара көстөн ылла.

Оҕо сааһа Баһылайы аһары ачаалаппатаҕа. Түөрт ыйын туолуута саҥа ыал буолбут сааһыра барбыт дьон: «Оҕоҕун биһиэхэ иитэ ыларбытын көҥүллээ, кэлиҥ бэйэҥ ычалаах ыччаттарданыаҥ»,– диэн сулумах ийэтиттэн көрдөһөн иитэ ылаллар. Биэһигэр сырыттаҕына бу дьоно иирсэн арахсарга күһэллэллэр, иитиэх ийэтэ Баһылайы: «Кэлин олохпун буллахпына кэлэн ылыам», – диэн ааттаан баран саас борохуокка олорсон барбыт айыытынан, соннук сураҕа суох сүтэн хаалар. Иитиэх, икки хараҕынан көрбөт буолбут аҕатыныын икки сылы быһа ыал муннугун кэрийэн сылдьаллар. Сэттэтин туолуута аҕата төрөппүт ийэтигэр аҕалан үөрэттэрэн, киһи гыныҥ диэн хаалларар. Бу кэмҥэ ийэтэ эргэ тахсан ыал буолан олорор этэ. Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, били иитиэх ийэтэ күөрэс гына көстө түһэн, оҕобун ыла кэллим диэн Бүлүүгэ илдьэ барар. Хата онно түөрт эрэ киһи олорор ПО-2 дьарапалааныгар олорсон дьоллонно даҕаны этэ. Кыраман үрдүктэн биир кэм дыыгыныыр мотуор тыаһыгар сир-дойду кэрэтийэн көстөрө, сүрэҕэ долгуйан биллигирээбитэ, санаатыгар бэйэтэ кынакка уйдаран көтөн иһэргэ дылыта. Ол түгэни олох умнубат, оҕо сааһын биир ураты көстүүтэ буолан сүрэҕэр иҥэ сылдьар.

Иитиэх ийэтэ туох да дэми көрбөт хабыр майгылааҕа. Баһылай ис-иһиттэн сытыы-хотуу, ардыгар аһары да мэниктээн кэбиһэрэ, буруйга, сэмэҕэ да тиксэрэ, оччоҕо ийэтэ илиитигэр туох түбэһиэҕинэн кулуура, кыанар буолан мүччү-хаччы оҕустаран куотара. Ити курдук илдьэ сылдьа сатаан баран: «Уолгут куоракка батарыттан ааста», – диэн матыыптаан бэһискэ үөрэнэ сырыттаҕына төрөппүт ийэтигэр төннөрбүтэ.

Баһылай элэккэй майгылаах буолан олус элбэх атастардааҕа, табаарыстардааҕа, оҕолору кытта дөбөҥнүк биир тылы булара. Алтыһы бүтэрдэҕин сайын муҥура ыалдьан оройуон киинигэр киирэн быстарбыта, манна балыыһаҕа сытан бэйэтин саастыы Ганя диэн уолу кытта билсибитэ. Ганя эмиэ муҥурдааҕын быстаран сытара. Баһылай балыыһаттан тахсан аймахтарыгар олорон бааһа оһуор диэри бэрэбээскигэ сылдьыбыта. Бу кэм устата Ганятын кытары чугастык бодоруспуттара, бииргэ киинэҕэ сылдьаллара, күөгүлүүллэрэ, киэһэтин өрүс үрдүгэр тиийэн оҕолор оонньуулларын көрөллөрө. Кинилэр баастара ситэ оһо илик буолан хамсаныылаах оонньууга кыттар кыахтара суоҕа, ол оннугар олоро түһэн ол-бу туһунан кэпсэтиигэ, эбэтэр «Биһилэх кистэһиитэ» дуу, «Алдьаммыт төлөпүөн» дуу курдук оонньууларга тэҥҥэ оонньоһоллоро. Ардыгар аҕыйах буолан өрүс үөһэ олорон ыллыыллара, оччоҕо Баһылай күнэ тахсара. Ып-ыраас аһаҕас, биллэр-биллибэт, арааһа, нуучча хааныттан бэриллибит быһыылаах, таттарыылаах куолаһынан ыллаан сыыйдаҕына, ыллаһан испит оҕолоро кинини истэн тохтоон хаалаллара. Итинтэн ыла Баһылай дьону тардар кэрэ куоластааҕын өйдөөбүтэ. Ол сайын олус элбэх оҕону кытта билсэн арахпыта.

Кыһын оскуолаҕа сылдьан муусукаҕа ылларан аны байааҥҥа оонньуурга үөрэнэн барбыта. Дьоҕурдаах эбит этэ, ким да такайыыта суох сотору кэминэн ырыа матыыптарын додо курдук таһаарар, устунан доҕуһуоллатан ыллыыр буолбута. Оччотооҕу ырыалар үксүлэрэ күүрүүлээх «Гастеллоттан» саҕалаан патриоттуу тыыннаахтара, олору ньиргиччи тардан солбуллубат артыыс аатырбыта.

Баһылай санаатын ситимигэр уйдаран дэриэбинэҕэ кэлбиттэрин билбэккэ хаалла, өрүс сыырын түһүүтүгэр массыына бытаарбытыгар өндөс гынан көхсүн этитэн тулатын көрбөлөөтө уонна төттөрү оннун булан уҥа-хаҥас хамсанан сиһин мускуйбахтаан ылла, үөһэ тыынна. Бээ эрэ, тугу саныы испитэй? Чочумча тугу санаабытын сыымайдаан ылла (ээ, били сэттис кылааска үөрэнэр кэмигэр тиийдэ этэ дуу) Баһылай эмиэ санаан барда.

Саҥа дьыл. Күүттэриилээх Саҥа дьыл бырааһынньыга улахан дьону, оҕолору барыларын үөрдэ-көтүтэ, туох эрэ таабырын таайыытын кэтэһэр курдук дьиктини эрэннэрэ тиийэн кэлбитэ. Тула барыта киэркэйэ, дьиримнии турара, харыйа оонньуурдарыттан атыны барытын: өҥнөөх кумааҕы тиһиликтэрин, флажоктары, хаардары, араас уруһуйдары, маскарааттарыгар тиийэ бэйэлэрин илиилэринэн кырыйан, силимнээн, быһан оҥороллоро. Баҕар, ол иһин ордук истиҥ, иһирэх бырааһынньык эбитэ буолуо. Баһылай били сайын билсибит атаһын Ганяны кытта сотору-сотору төлөпүөн нөҥүө билсэ турара, бу саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүлүгэр оройуон киинигэр киириэх буолан үлэстэ.

Оскуолатааҕы Саҥа дьыл бырааһынньыга олус тэрээһиннээхтик ааста. Өссө быйыл сэттис кылаас буолбуттары улахан кылаастары кытта холбуу бырааһынньыктаттылар, инньэ гынан бырааһынньык бүтүүтэ үҥкүүлээх, быһата «таанцылаах» буолла. Кыра кылаастар үҥкүүгэ сылдьар дьоллонон, сүөм үрдээтилэр эрээри улахан кылаас уолаттара, кыргыттара куустуһан кэриэтэ үҥкүүлүүллэрин көрөн күлсэн бычыгырастылар, ол оннугар хамсаныылаах үҥкүүгэ төгүрүччү туран баран тыыннара тахсыар диэри араастаан эрийдилэр.

Сарсыныгар Баһылай ойон тураат, ийэтиттэн харчы оҕото бэриһиннэрэн Үөһээ Бүлүү диэки түһүнэн кэбистэ. Сүүрүү, хаамыы былаастаах уон икки биэрэстэ сири өр гыммата, эбиэккэ баҕалаах сиригэр тиийдэ. Ганя оскуолатын саҥа дьыллааҕы бырааһынньыга бүгүн буолара, онон тиийээт да хаска, ханна көрсүһэллэрин болдьостулар. Үлэспит кэмнэригэр Ганяҕа дьиэтигэр таарыйан, оскуолаларыгар аргыстаһан тиийдилэр. Оскуолаҕа киирэн тас таҥастарын устан, таҥас ыйыыр хостон тахсааттарын кытта оҕолор да, учууталлар да харахтара Баһылайга хатаммыта: «Хантан нуучча оҕото кэлэн хаалла? Көрүүй, нуучча оҕото сылдьар!» – дэһэр саҥалар иһиллибиттэрэ. Сайын билсибит оҕолоро: «Баһылай, Бааска дорообо!» – диэн эҕэрдэлии көрсүбүттэрэ, ким илии тутуспута, ким саннын таптайбыта, кыргыттар пирибиэттэспиттэрэ. Сайын бииргэ сылдьан бодоруспут оҕолорун кытта хампаанньалаһан араас оонньууларга, аттракционнарга кыттыбыта. Манна эмиэ кинилэр оскуолаларыгар курдук, бырааһынньык тэрээһиннээх чааһа бүтээтин кытта, үҥкүү саҕаламмыта. Бааскалаах бэйэлэрэ туһунан бөлөх буолан сылдьаллара, сэттиэ этилэр: түөрт уол, үс кыыс – бары Ганя кылааһын оҕолоро. Кыргыттартан ордук сытыы соҕустара Саргы диэн ааттаах этэ. Икки аҥыы өрүммүт уһун, хойуу хара суһуохтааҕа, бааһынай да буолбатар сырдык, ыраас сэбэрэлээҕэ, өйдөөҕүнэн көрбүт бороҥ харахтардааҕа. Бу сайын билсиэхтэриттэн ыла атыттардааҕар ордук Бааскалыын өйдөһөр, тапсан кэпсэтэр этэ. Аҕыйах үҥкүүгэ төгүрүччү туран үҥкүүлээбиттэрэ, киин сир оҕолоро Бааска кылааһын оҕолорун курдук буолбатах этилэр, ордук дьоһуннаах курдуктара, ким даҕаны хаһыытыы-ыһыытыы бу киэҥ саалаҕа сырсыбат этэ. Бары үҥкүүлүүллэрэ эбэтэр истиэнэни кыйа бөлөхтөөн туран кэпсэтэллэрэ. Бааскалаах биир үҥкүү кэнниттэн эмиэ кытыыга тахсан кэпсэтэ турдахтарына, Саргы ханна эрэ атын сиргэ бара сылдьан баран тиийэн кэллэ, кэлээт Бааскаҕа сыста түһэн кулгааҕар:

– Бааска, кэл эрэ, онно бара сылдьыахха, – диэн баран саалаттан тахсар аан диэки хаама турда. Бааска туох да диэн ыйытыан билбэккэ оҕолорун диэки көрөн ылла, саннын ыгдах гыннарда уонна Саргы кэнниттэн батыста. Уһун көрүдүөр устун, аҕыйах кэлиилээх-барыылаах сиргэ тиийэн баран, Саргы Бааска диэки эргилиннэ. Бу кэм устата кыыс кэнниттэн саҥата суох батыһан испит уол бытааран кыыс иннигэр тохтоото, төбөтүн иһигэр араас санаалар элэҥнэһэн аастылар, сүрэҕэ түргэн-түргэнник тэбиэлээн долгуйан ылла.

Саргы былаачыйатын сиэбигэр уҥа илиитин уган, түөрт муннуктуу сууламмыт кумааҕыны таһааран Бааска диэки уунна. Сирэйэ оттомурбут, харахтара ыйытардыы көрөллөр, долгуйбут көрүҥнээх.

– Мэ, бэйэҥ эрэ аах, – диэн баран Бааска илиитигэр кумааҕытын туттараат, уолу эрийэ көтөн саала диэки сүүрүү-хаамыы былаастаах бара турда. Бааска кумааҕытын туппутунан кыыс кэнниттэн батыһа көрөн хаалла, долгуйбута өссө күүһүрдэ, кумааҕыны тэнитэн көрдө. Суругун чугаһатан ааҕан барда «Бааска, мин эйигин кытта доҕордоһуохпун баҕарабын. Саргы» диэн биир тэҥник иҥнэри түспүт буочарынан суруллубут бэрт кылгас сурук буолла. Урут кыыстан сурук диэни туппатах, уол-кыыс сыһыаннаһыылара диэни саҥа өйдөөн эрэр киһиэхэ соһуччу буолбута.

Массыына бытааран суол хаҥас өттүгэр тахсан тохтообута. Баһылай уҥа-хаҥас өттүн көрүөлээтэ.

– Түүкээҥҥэ кэллибит дуу? – эмиэ да ыйытар, эмиэ да быһаарар курдук массыына тохтообутугар саҥарда. Суумкатын сиэбиттэн салапаан мөһөөччүккэ угуллубут алаадьылартан үһү ылан массыынаттан таҕыста. Дьэ, бу үрэх улуустары араарар кыраныысса буола сытар, киһи үксэ тохтоон ааһар сирэ, айан суолун аартыга. Баһылай тохтоон сир-дойду иччилэригэр бэлэх-туһах уурбакка ааспыта суох, ханна эрэ баран иһэр буоллаҕына «этэҥҥэ сылдьан кэлэрин» туһугар, төннөн иһэр буоллаҕына «этэҥҥэ сылдьан кэлбитигэр махтанан» алаадьынан айах тутар, эбэтэр өҥнөөх таҥас кырадаһынынан салама ыйыыр. Бу сырыыга алаадьыларын маннык сиэргэ-туомҥа анаан оҥоһуллубут остуол үөһэ уурталаата, уоһун иһигэр көрдөһөн ботугураата. Анал сиргэ тиийэн чэпчэтинэн кэллэ, уолаттара массыыналарын таһыгар тугу эрэ кэпсэтэ табахтыы тураллара. Баһылай уолаттарыгар чугаһаан кэпсэтэр тиэмэлэригэр кыттыһан аҕыйах тылы кыбытыста, онтон бары массыыналарыгар киирэн айаннарын салҕаатылар. Баһылай санаата оҕо сааһын умнуллубат саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгар эмиэ салгыы иэҕилиннэ.

Бааска бу сурукка туох диэн хардарыахтааҕын тута өйдөөбүтэ, арай хайдах ону тиэрдиэн билбэккэ ол мучумааныгар түспүтэ. Саалаҕа киирэн оҕолоругар тиийбитэ, Саргы ыйыппыттыы утары көрбүт харахтарын көрөн симиттэн ылбыта. Бу кэмҥэ вальс нарын-намчы, күөгэтэ уһуннарар алыптаах дорҕооно саала иһин толорбута. Улахан кылаас оҕолоро киһи көрө ымсыырыах тыһыынчанан дьиримнэс уоттардаах харыйаны тула, абылаҥ муусука тэтимэр сөп түбэһэ үҥкүүлээн эргичийбиттэрэ. Бааска үҥкүүлүү сылдьар оҕолору көрөн чочумча абылатан турбута, онтон оҕолорун диэки эргичис гынаат:

– Биһи эмиэ үҥкүүлүүбүт дуо? – диэн ыйыппыта.

– Ээ, хайдах эрэ дии, сатаабат аата, – Ганя мух-мах баран хардарбыта.

– Үөрэниэхпит буоллаҕа, чэ, барыаҕыҥ.

Бааска барыларын кэриччи көрбүтэ, харахтара кытыыга турар Саргы харахтарын кытта хатыһа түспүттэрэ.

– Саргы-ыы, үҥкүүлүөх, – диэбитэ, сүрэҕэ битиргэччи тэппитэ.

Саргы имнэрэ кэйэн тэтэрэ түспүттэрэ, харахтара үөрүү кыымынан туолан сөбүлэһэн кэҕис гыммыта.

– Барыах, Бааска, үҥкүүлүөх, – диэн үөрбүт куолаһынан хардарбыта уонна утары хардыылаабыта. Бааска илиитин утары уунан кыыһын сиэппитэ уонна харыйа диэки үҥкүүлүү сылдьар оҕолорго илдьибитэ. Миэстэлэрин булан баран бэйэ-бэйэлэрин көрсөн мичээрдэһэн ылбыттара, сэрэнэн даҕайса тутуһан оргууй оҕолору үтүктэн үҥкүүлээн барбыттара. Бастакы аҕыйах хамсаныылара табыллыбатаҕа да буоллар, сотору биир тэҥник хамсанан атын оҕолортон киһи араарбат үҥкүүһүттэрэ буолбуттара. Бааска аан бастаан кыыһы кытта биир тэтимҥэ силбэһэн, кэрэ дьүрүскэн муусука долгураҥар уйдарбыта.

– Саргы, мин эйигин дьиэҕэр атаарыам, сөп? – Саргы харахтара чоҕулус гына түспүттэрэ. – Сөп, – диэн сибигинэйэн хардарбыта.

Муусука бүтэн оҕолоругар кэлбиттэрэ бары кинилэри көрө, кэтэһэ турбуттар эбит.

– Наһаа үчүгэй, хорсун баҕайы дьоҥҥут дии. Ээ, мин куттанабын. Хайдаҕый доо? – ити курдук үрүт-үөһэ ыйыталаһан табаарыстара сөп оҥордулар.

Аныгыскыга танго муусукатыгар бары киирэн үҥкүүлээбиттэрэ, аһары баран вальстаан эргийиэхтэрин баҕарбыттара. Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык киэһэтэ түмүктэммитэ, бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн үөрэ-көтө тарҕаспыттара. Бааскалаах Саргы таһырдьа тахсаат, доҕотторуттан арахсан туһунан барбыттара. Сабыы курдук ыйаммыт лаампалар уоттарыттан күндээрэ сырдаабыт уулусса устун атахтарын тыаһа куучурҕаан, киһи тыына бурҕачыйар тымныытын быыһынан бырааһынньык көрүн-нарын, оскуолатааҕы олохторун, көрбүт киинэлэрин туһунан күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ Саргы олорор дьиэтигэр тиийэн кэлбиттэрэ. Уһун соҕус салҕааһыннаах дьиэ өрүс үрдүнээҕи уулуссаны кыйа турара, сибэкки ойуулаах холуодалаах түннүктэрдээҕэ, хаптаһын олбуордааҕа, барыта силигэ сиппит, дьип-дьап көрүҥнээҕэ.

– Ычча! Халлаан тымныйбыт аҕай дии, – Бааска уҥа үтүлүгүн устан иэдэстэрин ньухханна. – Эн, тоҥмотуҥ дуо? – Саргыттан ыйытта.

– Суох, – Саргы күлэн бычыгыраата. – Көрбөккүн дуо, бу? – диэн баран Бааска диэки былаатынан тууна бааммыт сирэйин көрдөрбүтүгэр, кырыа буолбут кыламаннарын быыһыттан үөрбүт харахтара лаампа сырдык уотугар чаҕылыстылар. Кылгас кэмҥэ суолга туран кэпсэтэ түстүлэр.

– Бааска, тоҥоруҥ буолуо, – Саргы Бааска ыгдаҥныырын көрөн эттэ. – Ыалдьан хаалыаҥ, атаарбыккар баһыыба! – диэтэ.

– Ыалдьыбат инибин. Чэ, пока! – диэн баран Бааска кэлбит сирин диэки хаамта.

– Пока! – Саргы илиитинэн далбаатыы-далбаатыы дьиэтин диэки сүүрдэ.

Бааска өссө нэдиэлэ курдук уһаабыта, табаарыстарын кытта көрсөн сылаас күн таһырдьа оонньообуттара, киинэҕэ сылдьыбыттара.

Мантан саас, үөрэх дьыла бүтүөр диэри, Бааска хаста да Үөһээ Бүлүүгэ кэлэ сылдьыбыта. Халлаан сылыйан, сырыы аайы Саргытын кытта көрсөн уһуннук күүлэйдииллэрэ, дьиэтигэр атаарара. Саргылаах дьиэлэрин утары суол уҥуор оҥоһуллубут ыскамыайкаҕа ардыгар иккиэйэҕин, ардыгар доҕотторунуун олорон үгүһү кэпсэтэллэрэ. Биирдэ Саргы иккиэйэҕин кэлбит киэһэлэригэр кэпсэтэ туран:

– Көрүүй, Бааска, – диэбитэ уонна дьиэтин диэки ыйбыта. – Ол бүтэһик түннүгү, ити мин хоһум түннүгэ, – диэбитэ.

Штакетнигынан күрүөлэммит сабараанньа нөҥүө турар түннүгү кэнники Бааска хаста да тоҥсуйбута. Саргы баар буоллаҕына түннүккэ сыстан, үөрэн мичилиҥнии эҕэрдэлии көрсөрө олус да долгутуулаах этэ.

Биирдэ Саргы эбэтигэр түбэһэ түһэн, соһуйбут сирэйин көрөн, Бааска куота сыспыта. Хата эбэтэ сиэнэ кыыс бааһынай уолу кытта табаарыстаһарын билэр буолан кыыһырбатаҕа, дьиэтиттэн тахсан: «Тоойуом, Саргы маҕаһыыҥҥа барбыта», – диэбитэ.

Сэттиһи бүтэрдэҕин сайын Бааска оҕуруокка үлэлээбитэ, ардыгар көҥүллэтэн, ардыгар өрөбүлүгэр сөп түбэһиннэрэн Үөһээ Бүлүүгэ хаста да киирэн тахсыбыта. Ити сырыыларын кииринньэҥ аҕата олох сөбүлээбэтэ, манна диэн эттэххэ, хара маҥнайгыттан били иитиэх ийэтэ аҕалан хаалларыаҕыттан абааһы көрөрүн биллэрбитэ, ол эрээри ийэтэ көмүскэһэр буолан туттунара. Арыгы иһэн кэлбит күнүгэр иитэрэ, үөрэтэрэ киирэрэ. Билигин Бааскаҕа кини аҕа буоларын өйдөтө сатыыра, өссө куруубай соҕустук «биллэриэн» баҕарталаан ылара, ону ийэтэ бүөлүү түһэн иһэрэ. Биллэн турар, арыгы испит киһи үөрэтиитэ-такайыыта Бааскаҕа тириитин таһынан киирэрэ. Өсөһөн төттөрүтүн оҥорор да төрүөккэ тиэрдэрэ, өйдөспөт буолуулара сырыы аайы дириҥээн иһэрэ. Тоҕо эрэ арыгы испэтэх күнүгэр дьоһуннаахтык, эйэ-дэмнээхтик кэпсэтэ, быһаарса сатаабата, аҕыйах тылынан тугу эмит соруйара эрэ. Онтон Бааска истиҥ аҕалыы сыһыаҥҥа олус да баҕарара, табаарыстарыгар ымсыыран да биэрээхтиирэ. Иитиллибит икки хараҕа суох аҕатын санаан тахсара, баара буоллар элбэххэ да үөрэтиэ хааллаҕа. Бааска өйдүүрүн курдук күннээҕи түбүгү, дьону кытта сыһыаны быһааран биэрэрэ. Билигин бу уустук кэрдиис кэмигэр кини сүбэлэрэ, тосхоллоро олус да туһалыахтара эбитэ буолуо.

Бааска кэнники Үөһээ Бүлүүтээҕи сырыытын кэнниттэн эмиэ кииринньэҥ аҕатын уочараттаах «үөрэтиитэ» буолбута. Бу сырыыга Бааска утары саҥарсан туран кэлбитэ уонна дьиэтиттэн тахсан барбыта. Ийэтин балтын аахха баран хоммута, дьиэтигэр төннүбэтэҕэ. Оскуолаттан баран докумуонун ылбыта: «Бүлүүгэ иитиэх ийэбэр барабын», – диэбитэ.

Биир күн дьиэтиттэн таҥнар таҥаһын хомуна кэлбитэ, ийэтэ барахсан тахсаары турдаҕына кууһан ылбыта. Төбөтүттэн, иэдэһиттэн үрүт-үөһэ сыллаамахтаабыта, харахтарын уута иэдэһин устун субуруйа, ытаан саннылара дьигиҥнээбитэ, уолун түөһүгэр ыга кууһан тура түспүтэ, хараҕын уутугар бөтөн саҥарар да кыаҕа суоҕа. Бааска ийэтин сэрэнэн кууһан туран арахсыы аһыытыттан оргууй сыҥсыйа, харахтарыттан ыгыллан тахсар дьэҥкир ууну кыайан туттуммакка тэҥҥэ ытаспыта.


Страницы книги >> Предыдущая | 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации