Электронная библиотека » Дмитрий Пономарёв » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Биһик"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:21


Автор книги: Дмитрий Пономарёв


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 5 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Алҕас төрөөбүт муҥнааххын дуу, хайдах? – ийэтэ быһаарыыта суох ытыырын быыһыгар эппитэ. – Таах сибиэ иитиэх биэрэн кэбиһэммин. Акаары ийэҕин бырастыы гын.

– Ийээ, – Бааска итинтэн ордук тугу да кыайан эппэтэҕэ, ийэтин санныгар умса түһэн хараҕын уутун кистии сатаабыта.

Иитиэх ийэтэ Баасканы, биллэн турар, үөрэ көрсүбэтэҕэ, арыгытын син биир иһэрэ, кыраттан да тымтан кэлэрэ, үөхсэрэ. Арай уруккутун курдук охсуоламмат этэ, уола улааппытын көрөн салла саныыра быһыылааҕа. Манна кэлэн Бааска санаата уларыйбыта, ийэтэ хайдах да кыра хамнаһыгар кинини үөрэтэр кыаҕа суоҕа, инньэ гынан киэһээҥҥи оскуолаҕа үлэлии-үлэлии үөрэнэргэ санаммыта. Табаарыс уол булунан промкомбинакка үлэҕэ киирбиттэрэ. Хантан истибиттэрэ буолла, үөрэх салалтата уон алтаҕын да туола илик эбиккин диэн биир үтүө күн ийэтиттэн көһөрөн илдьэн интэринээккэ олохтообуттара.

Бааска кэмиттэн-кэмигэр чуумпуран олорон дойдутугар хаалбыт табаарыстарын санаан ылара, ордук Саргыны ахтара. Саргыны кытта сылдьар олус үчүгэй этэ. Икки өттүттэн тапсан кэпсэтэллэрэ, ыллыыллара, мэниктииллэрэ, туох барыта судургу уонна кэрэ буолан көстөрө. Манна кэлиэҕиттэн икки төгүл сурук ыытта да харда суох, саатар кэлээри сылдьан көрсүбэтэҕэ, төлөпүөнүнэн эрэ кэпсэппиттэрэ, онно хайаан да суруйуох буолбута, ама, суруктарын туппатаҕа буолуо дуо? Эбэтэр туох эрэ атын санааттан суруйбат дуу? Бу ыйытыктарга Бааска кыайан эппиэт биэрэр кыаҕа суоҕа. Санаа баттыга оҥостон илдьэ сылдьа сатаан баран өссө биир суругу суруйбута, иһигэр хайдах эрэ «буруйдаах дуу, сыҥаланар дуу» курдук дьикти турук үөскээбитэ эрээри, онтун баһыйа тутан суруктаах кэмбиэрин почта дьааһыгар түһэрбитэ. Ээр-сэмээр сурук кэтэспитэ, Саргыны өйүттэн ылан быраҕан кэбиһэр кыаҕа суоҕа, саҥа билсиһэр кыргыттарын Саргыга тэҥнээн көрөрө, киниэхэ тэҥнээҕи була сатыыра. Сурук суоҕун курдук суоҕа. Күнтэн-күннэр солбуһан кэм-кэрдии иннин диэки сыҕарыйан испитэ. Бааска ис-иһиттэн элбэх оҕону түмэ тардар аһаҕас майгылаах буолан бэйэтигэр бүгэн хаалбакка, маннааҕы олоххо үөрэнэн урукку олоҕун умна быһыытыйбыта. Ону сэргэ Саргы эмиэ кэрэ өйдөбүл буолан санаатын түгэҕэр саспыта, биирдэ эмит иһийэн олорон дойдутун, доҕотторун ахта санаан кэллэҕинэ күөрэс гына өйүгэр киирэн ылара.

Саас кэлбитэ. Бүлүү эбэ мууһун көтөҕөн хоту уһуннарбыта, ону кытта кыһарҕаннаах кыһын кырыалара, саппаҕырбыт санаалар эмиэ устан симэлийэ сүппүттэрэ. Тула сырдыга, сылааһа, оҕо аймах күлүүтэ, чыычаах ырыата, ийэ сир уһуктан тупсарынар, кэрэтийэр кэмэ үүммүтэ. Бааскалаах ахсыс кылааһы бүтэрэн ону туоһулуур аттестат ылар эксээмэннэрэ чугаһаан, түбүк бөҕө буолбуттара. Суох, бу киһини сылатар санаа аймалҕана буолбатах, бу киһини кынаттыыр, олох киэҥ аартыгар сирдиир, сиппиккин-хоппуккун көрдөрөр тургутуу түбүгэ этэ.

Бааска эксээмэннэрин үчүгэйдик туттаран көтүөн кыната эрэ суох курдуга, үөрэххэ туттарса барар баҕалаах сылдьара, учууталлара да ону сөбүлүү истибиттэрэ, киирии эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэригэр күүс-көмө буолбуттара. Хаһан да көрө илик куоратыгар барартан сүрдээҕин долгуйара, саатар түһэр да ыала суоҕа. Хата интэринээтин үлэһиттэрэ өйүөх буолбуттара, уларыттар таҥас, туттарыгар диэн харчы хомуйан биэрбиттэрэ, сөмөлүөккэ билиэт ылбыттара. Үөрэххэ киириэр диэри олорон эрэригэр Бааскаҕа баспытаатала Дьөгүөр Уйбаанабыс онно олорор убайын сөбүлэһиннэрэн, Бааскаҕа аадырыһын биэрбитэ.

Куоракка барара аҕыйах хонук хаалла. Бааска бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүттэн кэлэр трамвайы маныыр идэлэнэ сылдьар. Кытылга киирэн, баҕар, биир эмит билэр киһим кэлээрэй диэн куораттыан иннинэ ахтылҕанын аһара дуоһуйа кэпсэтиэн, саатар аҕыйах тылынан дьонун-сэргэтин туһунан билиэн-көрүөн баҕарар. Дьэ бүгүн бүтэһик күнэ, сарсын куораттыыр. Бааска кытылга киирэн кумахха тардыллыбыт оҥочо үрдүгэр аҥаар атаҕын үөһэ ууран, аҥаарын салгыҥҥа биэтэҥнэтэ олордо. Трамвай үлэхтээх кэмигэр кэлэн инники хайыһардарын кумахха батары анньан тигистэ, элбэх киһи кэлбит. Уол хас тахсар киһини болҕойон көрө олордо. Эмискэ сүрэҕэ мөҕүл гынна, трамвай ааныттан билэр баҕайы киһитэ чымадаан тутуурдаах тахсан кэллэ. Саргы! Кини дии! Бааска оҥочотуттан ойон туран утары барда, сүрэҕэ айаҕар тахсыах айылаах түргэнник тэбиэлээтэ, куолайа кууран силин нэһиилэ ыйыһынна. Саргы трамвай сыҥаһатынан хааман иһэн кинини таба көрөн тохтуу биэрдэ.

– Бааска-аа! – Саргы дьон саҥатын баһыйа үөрбүт хаһыыта тоҕо барда, дьон бары кини диэки хайыһа түстүлэр. Кыыс онно эрэ кыһаммата, турар сиригэр эккирээн ылла уонна түһэр сир диэки түргэн үлүгэрдик хаамта. Бааска түһэр сиргэ ыксары кэлэн уҥа илиитин уунан Саргы чымадаанын ылла, хаҥас илиитинэн кыыһын илиититтэн өйөөн сиргэ түһэрдэ. Кыысчаан үөрүүтэ муҥура суох, ыксалаһан турар дьонтон тэйээт Бааска моонньугар ыйааста түспүтэ, икки атаҕын үөһэ көтөҕөн тэбиэлэнэн ылбыта, онтун быыһыгар үөрэн бычыгырыыра.

– Бааска, мин кэлэрбин хантан биллиҥ? Көрсө киириэ эрэ диэбэтэҕим, дьиҥинэн баҕарар этим. Кэлэрбин кыайан илдьиттиир кыаҕым суоҕа, аадырыскын билбэппин дии, – Саргы үрүт-үөһэ элбэҕи саҥарда.

– Мин… Мин… – Бааска тугу саҥарыан булбакка, биир үксүн долгуйан хаалан, итинтэн ордугу тугу да эппэтэ. Бааска бу туран көрдөҕүнэ Саргы олус да тупсубут, уруккутуттан ураты, улахан кыргыттар курдук быһыылаах-таһаалаах кэрэ куо буолбут. Саргы бастакы омуна ааһа быһыытыйан Баасканы утары көрөн туран:

– Бааска, тоҕо суруйбатыҥ? Суруйуох буолбутуҥ дии. Мин күүппүтүм аҕай. – диэн баран харда эрэйэн көрөн турда.

– Мин суруйбутум, үс суругу ыыппытым. Кэтэһэ сатаабытым да эйигиттэн харда суоҕа, ол иһин кэнники тохтообутум, – Бааска уоскуйа быһыытыйан саҥарда.

– Суох, Бааска! Мин биир да суругу туппатаҕым, – Саргы Бааска диэки итэҕэйбэтэхтии көрдө. – Кырдьык этэбин, олох сурук туппатаҕым.

– Дьикти эбит, онтон эн биэрбит аадырыскар ыыталаабытым дии, – уол мунаахсыйбыта.

– Хайдах? Оччоҕо ханна барар? – Саргы эмиэ дьиктиргээн, толкуйдуу сатаан уостарын үмүрүҥнэппитэ.

Бааска ыыталаабыт суруктара ханна барбыттара кэнники да биллибэтэҕэ, таайыллыбатах таабырын буолан хаалбыта. Саргы маннааҕы педучилищеҕа туттарса кэлбит этэ. Бааска сарсын куоракка көтөрүн истэн олус хомойбута: «Эн таскар сылдьаары, уруккубут курдук бииргэ буолаары ыраланан аҕай кэлбитим, баран эрэҕин. Чэ, хайыахпытый, бачча кэлэн баран төттөрү барбат буоллаҕым», – диэбитэ. Саргы түһэр ыала наһаа ырааҕа суох этэ, онон киэһэ көрсүөх буолан үлэспиттэрэ. Бааска атаҕа сири билбэт буола сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, түөһүн иһэ дьолунан туола, нарын ырыа матыыбын киҥинэйэн ыллыы-ыллыы Саргылыын көрсүһэр чаастарын кэтэһэ таарыйа дьиэтин диэки хаампыта. Болдьоспут кэмнэрин инниттэн уол Саргы дьиэтин таһыгар кэлэн хаһан тахсарын кэтэһэ, тэһийбэккэ-тулуйбакка долгуйа турбута. Саргы тахсыбытыгар бастаан киэҥ уулусса устун хаамсан пааркаҕа тиийбиттэрэ, бэс чагда устун сиэттиһэн хаамсыбыттара, күлүккэ олорон сөрүүкүү да түспүттэрэ, онтон өрүс кытылыгар тиийэн, киирэр сарыалы атаара оҥочо үрдүгэр сэргэстэһэ олорбуттара. Бу былаһын тухары айахтара хам буолбакка сэһэннэрэ-тэппэннэрэ өссө күөдьүйбүтэ, аргыый унаарыта ыллаан да ылбыттара, ойон туран мэниктээн да сырсыбыттара. Дьылҕалара анаан бэлэхтээбит курдук дьикти, кэрэ да киэһэ этэ.

Бааска оҕотук уйан сүрэҕэр бастакы хаар курдук ыраас, сир симэҕэ сиэдэрэй сибэкки тэҥэ нарын-намчы, сүрэҕи өрүкүтэр маҥнайгы таптал кыымын уота сахпыта. Саргы аатын ааттаан утуйар, уһуктар буолбута. Сарсыныгар Дьөгүөр Уйбаанабыс матаһыыкылынан кэлэн Баасканы ылбыта, онтон Саргыга таарыйан салгыы аэропорка тиийбиттэрэ.

Болдьохтоох кэмигэр бэлиэтээһин бүтэн, сөмөлүөккэ олоро тахсарга ыҥырбыттара. Пуорка киириэхтэриттэн Саргы Бааска таһыттан арахпатаҕа, илиитэ иллэҥ буолла да сиэттиһэн иһэрэ.

– Тиийдиҥ да суруйаҕын, сарсыҥҥыттан сурук кэтэспитинэн барабын, – Саргы харахтара үөрэн тырымнаспыттара.

– Хайаан да суруйуом. – Бааска мас-таас курдук эрэннэрбитэ.

Тахсар ааҥҥа чугаһаан эрдэхтэринэ Дьөгүөр Уйбаанабыс кэлэн мотоҕоно курдук толору эттээх, чэрдээх ытыһын уунан Бааска илиитин сэрэнэ тутан илигирэппитэ.

– Чэ, Бааска, этэҥҥэ сырыт. Бу диэки охсулуннаххына биллэн ааһаар, – диэбитэ.

– Сөп, хайаан да! – уол хардарбыта.

Тахсар ааҥҥа Бааска бүтэһик кэлбитэ, сиэттиһэн испит Саргы бэйэтин диэки тардан хаамарын тохтоппута уонна сыста түһэн иэдэһиттэн уураан ылбыта.

– Чэ, пока, – Саргы сиигирбит харахтарынан унаарыччы батыһа көрөн хаалбыта.

– Пока, – бөтө бэрдэрэн Бааска атын тугу да саҥарбатаҕа.

Сөмөлүөт көтөр балаһаҕа киирэн көлөһөлөрө сэниэлээхтик сүүрэн лиһигирэйбиттэрэ, онтон дьэндэс гынан салгынтан тайанан көтөн күпсүйэн тахсыбыта. Бааска били кыра сылдьан дьарапалаанынан көппүтүн санаан ылбыта, түннүгүнэн өҥөйөн ыраатан эрэр дьиэлэри одууласпыта. Түннүктэн тэйэн олоҕор тиэрэ түспүтэ, хайдах сиргэ-уокка тиийэрин өйүгэр оҥорон көрөн үөһэ тыыммыта. Кэннигэр эрэйдээх-буруйдаах, эмиэ да элбэх үөрүүлээх, дьоллоох күннэрдээх оҕо сааһа оҥой-соҥой көрөн сайыһа туран хаалбыта.

Бааска санаатыгар эрэ оҥорон көрөр куоратыгар үктэммитэ. Пуортан тахсар ааҥҥа аҕамсыйбыт, тас көрүҥүнэн Дьөгүөр Уйбаанабыска улаханнык майгыннаабат, орто уҥуохтаах хатыҥыр киһи турара. Арай көтүөх курдук түрдэстибит хаастара, тургутардыы көрбүт хара харахтара үкчүлэр этэ: «Дорообо, Бааскаҕын дуо? Мин Бүөтүр диэммин, Дьөгүөр убайабын», – диэн билсэн, оптуобус тохтуур сирин диэки батыһыннарбыта.

Бааска үөрэниэхтээх сиригэр докумуоннарын туттаран баран эксээмэннэр буолуохтарыгар диэри куораты эт атаҕынан, сүрүннээн киин өттүн уһаты-туора хаампыта. Ханна туох баарын, хаһыс нүөмэрдээх оптуобустар ханна тиийэллэрин үөрэппитэ. Тугу билбитин-көрбүтүн киэһэ аайы Саргытыгар ыытар суругар тиһэрэ уонна киниттэн бастакы суруктарын тутан дьолломмута.

Сотору эксээмэннэр саҕаламмыттара, муусукаҕа, ырыаҕа дьоҕурун көрүү буолбута. Маны барытын этэҥҥэ ааһан, баҕалаах үөрэҕэр педучилище муусука учууталын бэлэмниир салаатыгар киирбитэ. Уопсайга миэстэ биэрэннэр оҕолорун курдук көрөн-истэн олордубут ыалыгар Бүөтүрдээххэ махтанан, баһыыбалаан уопсайыгар көһөн кэлбитэ. Бэйэтин бэйэтэ бас билинэр тус олоҕо саҕаламмыта.

Устудьуон үөрүүлээх-көтүүлээх, түбүктээх олоҕунан аргыстанан биир үөрэх дьыла биллибэккэ ааспыта. Бааска дойдутун, дьонун, Саргытын ахтан тиийэр күнүн ааҕа сылдьара. Быйыл кыһын Саргытын кытта тиһигин быспакка суруйсаннар ордук чугаһыстылар, мэлдьи кини таһыгар баар буолуон баҕарар буолла. Кыыһын кытта болдьоһон өссө истипиэндьийэ кэлбит кэмигэр төлөпүөнүнэн кэпсэтэр дьолломмута.

Бааска бэйэтин курдук устудьуон уолаттары кытта булсан, кыттыһан ыһык ылынан теплоходунан дойдуларын диэки айаҥҥа туруннулар. Теплоходунан устар сороххо сылаалаах да буоллар эдэр дьон ону билиммэтилэр. Көрдөрө-нардара, ырыалара-тойуктара уонна бу Сахаларын сирин айылҕатын бииртэн биир кэрэ көстүүтэ иннилэригэр арыллан иһэрэ эдэр сүрэхтэри ордук умсугутар, угуйар этэ. Теплоход биэрэккэ анньыллан турар баарсаҕа тиксээри чугаһаан бытаарда. Үөмэхтэс курдук көрсүһээччи да, атаарааччы да өрүс кытылынан, баарса үрдүнэн аалыҥнаһаллар. Бааска дьон быыһыттан Саргытын булан көрөөрү дьааһык үөһэ таҕыста, мантан дьэ көрсүһээри киирэн турааччылар ытыска уурбут курдук ааҕа көстөллөр. Саргы дьонтон арыый туора, аһаҕас сиргэ күөх сибэкки ойуулаах маҥан былаачыйатын синньигэс биилинэн курданан, хойуу баттаҕын икки аҥыы өрүнэн турара.

– Саргы-ыа! – Бааска туттуммакка хаһыытаан дуораппыта.

Саргы саҥа кэлэр сирин диэки көрө сатаан атаҕын төбөтүгэр туран өгдөҥнөөбүтэ, онтон дьэ дьон үрдүнэн быһаҕаһыгар диэри быган далбаатыы турар уолу таба көрөн, үгэһинэн оҕолуу өрүтэ ыстаҥалаан ылбыта, илиитинэн далбаатаабыта. Икки оҕотук таптаһар сүрэхтэр көрсүбүт үөрүүлэрин киһи туохха тэҥниэй? Бэйи эрэ, бу дьикти абылаҥ күүһүн, тулуурун күн-дьыл эрэ көрдөрүө турдаҕа.

Бааска Үөһээ Бүлүүгэ аймахтарыгар тохтообута. Сайыҥҥы кылгас сынньалаҥар кыһыҥҥытыгар туттар харчы булунар санааттан, РАЙПО-ҕа үлэҕэ киирбитэ. Сайыҥҥы таһаҕас кэлиитин үгэнэ буолан үлэһит илиигэ наадыйан аҕай олорор кэмнэрэ этэ. Кэллэҕин утаа дойдутугар тахсан ийэтин көрсүбүтэ. Куоракка сылдьар кэмигэр харчынан көмөлөспүтүгэр махтаммыта, кииринньэҥэ сөбүлээбэт буолуохтааҕын да үрдүнэн күүһүнэн ыытарын сэрэйэр этэ. Ийэтэ оҕото улааппытын, эр киһи киэптэнэн эрэрин, хайы үйэҕэ устудьуон буолан үөрэнэ сылдьарын, бу кинини көрсө кэлэн турарыттан уйадыйан хараҕын уутун кыатамматаҕа. Сүрэҕиҥ анныгар бүөбэйдээн, истиҥ, кэрэ тылларынан иитиэхтээн күн сирин көрдөрбүт көмүс чыычааҕыҥ этэҥҥэ сылдьарыттан ордук ийэ киһиэхэ туох дьоло кэлиэй ?

Саргы эмиэ үлэҕэ киирбитэ, оҕолор уһуйааннарын өрөмүөннүүллэрэ. Эдэр дьон үлэлэрин кэнниттэн көрсөн киинэҕэ сылдьаллара, кытыл устун дьаарбайаллара, ардыгар доҕотторун кытта көрсөн күлүү-үөрүү, ырыа-тойук аргыстаах иллэҥ кэмнэрин атаараллара. Бааска сырыы аайы сибэкки дьөрбөтүн хомуйан аҕалан Саргыга уунара, оччоҕуна кыыс бэйэтэ сарсыардааҥҥы сарыал утаҕын иилиммит сардаана курдук тэтэрэ кыыһара.

Үөрэх дьыла саҕаланара бу тиийэн кэлбитэ. Бааска хамнаһын аахсан бүтэн сарсын Бүлүүлүөхтээҕэ, онтон сөмөлүөтүнэн куоракка көтүөхтээҕэ. Саргытынаан арахсар күннэрэ тиийэн кэлбитэ. Ол күн киэһэ хойукка диэри сылдьыбыттара, кытылга киирэн эрэр күн тиһэх сардаҥалара ибир долгуҥҥа олорсон дьиримнии сырсалларын кэрэхсии көрбүттэрэ, сиэттиспитинэн өрүс үрдүгэр таптаан олорор ыскаамыйаларыгар сэргэстэһэ олорбуттара. Саргы төбөтүн Бааска санныгар уурбута, уол хаҥас илиитинэн кыыһын бэйэтигэр сыһыары кууспута.

– Бааскаа, сүрэҕиҥ наһаа күүскэ тэбэр дии, иэдэспэр биллэр уонна түргэн баҕайы, – Саргы долгуйбут намыын куолаһынан оргууй саҥарбыта.

– Саргы, мин эйигин таптыыбын, наһаа күүскэ таптыыбын, – Бааска кэнники кэмнэргэ иитиэхтии сылдьыбыт санаатын, өр этиэн баҕарбыт тылларын таска таһаарбыта.

– Мин эмиэ наһаа-наһаа таптыыбын, – Саргы уолга өссө күүскэ сыстыбыта. Бааска Саргыга утары чугаһаан сылаас, сииктээх уостарын Саргы уостарыгар даҕайда. Оо, маҥнайгы уураһыы! Билбэт иэйииҥ сирдээҕи олоххун умуннара кый ыраах талбаара көтүтэр дьикти абылаҥнаах. Халлааҥҥа тырымныыр сулустар күүстээх таптал тыллыытын киэҥ халлаан кэтит иэниттэн саҥата суох көрөн турбуттара.

Эдэр саас умнуллубат, хатыламмат, уоскуйары билбэт омуннаах, уҕараабат уоттаах олохтоох үөрэҕин дьыла түмүктэммитэ. Тула торҕо күөх сирэми иилинэн, сылааһынан угуттуур сандаар маҥан күн аргыстаах сайын барахсан сайбалдьыйа наскыйан тиийэн кэлбитэ. Бааскалаах Саргыга былырыыҥҥы сайыннарын курдук дьоллоох кэмнэрэ саҕаламмыттара. Бэйэ-бэйэлэригэр тардыһар иэйиилэрэ өссө күүһүрэн, көрсүһэр күннэрин ааҕа кэтэспиттэрэ.

Биир субуота күн Бааска өрүү буоларыныы сибэкки дьөрбөтүн тутан Саргы тахсарын кэтэһэ өрүс үрдүнээҕи ыскамыайка таһыгар кэлэн, өрүс киэҥ иэнин одуулуу турбута. Кэннигэр кэлииккэ аана кыыкынаабытыгар хайыһан көрбүтэ, Саргы дьиэҕэ кэтэр таҥаһынан кэлэн иһэрэ. «Арааһа бүгүн ханна да барбат буоллубут быһыылаах, туох буолбута буолла?» – диэн саныы-саныы Саргы тиийэн кэлэрин кэтэспитэ.

– Бүгүҥҥү букетым, – диэн баран Бааска тутан турбут сибэккитин Саргыга ууммута.

– Уай, наһаа үчүгэй! – Саргы сибэкки дьөрбөтүн ылан муннугар даҕайан сытырҕаан баран үөһэ тыыммыта. – Баһыыба, – диэбитэ. Бааска Саргы тугу диирин кэтэһэн ыйытардыы утары көрөн турбута.

– Манна олоро түһүөх, наһаа үчүгэй киэһэ буолбут дии, – кыыс саҥаран унаарыппыта. Бааска кэлэн аттыгар сэргэстэһэ олорбута, онтон тулуйбакка ыйыппыта.

– Бүгүн ханна да барбаппыт дуо? Туох буолла? – Саргы уол диэки хайыспыта, бороҥ арылхай харахтара тугу эрэ таайтарардыы дьээбэлээх кыымнарынан тырымнаспыттара.

– Су-уох, бүгүн ханна да барбаппыт, тэлэбиисэргэ кэнсиэр көрүөхпүт. Мин дьонум бүгүн дэриэбинэҕэ бардылар, сыбаайбаҕа. Дьиэбэр соҕотохпун, сарсын биирдэ кэлэллэр, онон миэхэ барыахпыт.

– Эйиэхэ дуо? – Бааска өйдөөбөтөхтүү ыйыппыта. Хаһан да сылдьыбатах дьиэтигэр киирэриттэн салла санаабыта.

– Даа, миэхэ. Миигиттэн ураты ким да суох, өйдөөбөтөхтөргө өссө төгүл хатылыыбын, – Саргы күлэн бычыгыраабыта.

– Ээ, хайдах эрэ, хаһан да сылдьа иликпин дии, – Бааска мунаарбыта.

– Хаһан эрэ син биир сылдьыахтаах буоллаҕыҥ, – Саргы утары көрбүтэ.

– Чэ, буоллун, – Бааска сөпсөспүтэ.

Ону-маны кэпсэтэ өрүс устун ааһар мотуоркалары, кытылга күөгүлээн аймалаһар оҕолору көрөн олоро түспүттэрэ. Күн киирэн сөрүүдүйэн барбыта.

– Чэ, барыах, – Саргы туран кэлбитэ, уол диэки көрөн ылбыта уонна инникилээн дьиэтин диэки хаампыта.

Күүлэҕэ киирэннэр атахтарын таҥаһын устубуттара, Саргы Бааскаҕа эрэһиинэ түгэхтээх дьиэҕэ кэтиллэр таапачыканы биэрбитэ. Дьиэ аана аһаҕаһа, уол оргууй үктэнэн аан модьоҕотун атыллаан киирбитэ. Дьиэ иһигэр тыа ыалын сиэринэн оһох, аһыыр остуол, иһит уурар ыскаап, олоппостор, куукуна тэриллэрэ баара. Оһох кэннинэн хаптаһын быыстаах хос оҥоһуллубут этэ.

– Аһыыгын дуо? – Саргы Бааска диэки эргиллэн ыйыппыта.

– Суох, топпун ээ, – Бааска аккаастаммыта.

– Чэ, оччоҕо кэл манна, – кыыс уолу илиититтэн сиэтэн атын хоско киирбиттэрэ. Бу бары түмсэн сынньанар саала хосторо этэ. Аҥаар өттүгэр улахан дьыбаан турара, ол утары кинигэ ыскааба, туумба, тэлэбиисэр, истиэнэҕэ хаартыскалар, хартыына ыйаммыттар этэ. Бааскалаах кэлэн дьыбааҥҥа олорбуттара, холбонон турар тэлэбиисэргэ «Сонуннар» биэрии көстө турара.

– Ити кэнниттэн кэлиэхтээх, – Саргы кэнсиэрин туһунан быһааран биэрбитэ, – Билигин мин эйиэхэ тугу эрэ көрдөрүөм, – диэн баран ойон туран хоһугар киирбитэ. Сотору от күөх тастаах альбом тутуурдаах тахсыбыта, онтун Бааскаҕа ууммута.

– Бу мин альбомум, онтон өссө… – Саргы саҥара-саҥара кинигэ ыскаабыгар тиийэн үөһээҥҥи долбууруттан халыҥ, сибэкки ойуута тастаах альбому ылан кэлэн уолу кытта кэккэлэспитэ.

– Онтон бу… – Саргы түһэҕэр уурбут альбомун икки ытыһынан имэрийэн ылбыта. – Онтон бу дьиэ кэргэнинэн альбоммут, – диэбитэ.

Сонуннар бүтэн кэнсиэр саҕаламмыта, сэбиэскэй эстрада бастыҥ ырыаһыттара бары бааллара. Ырыа куттаах киһи Бааска тоҕоостоох түгэн түбэһэн, кэнсиэр көрөрүттэн уонна аттыгар таптыыр доҕоро Саргы баарыттан үөрэрэ. Ырыа истэ-истэ хаартыска көрбүттэрэ. Саргы аҕата, онтон убайа хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэр буоланнар хаартыската элбэҕэ, кыра сылдьан араастаан туттан түспүт хаартыскаларын көрө-көрө күлсүбүттэрэ. Бааска, Саргы хайдах эрэ туттан түспүт хаартыскаларын көрө-көрө, Саргыны дьээбэлээн күлбүтэ. Саргы көмүскэнэ сатаан баран бүтэһигэр Бааска үрдүгэр түһэн: «Кэһэтиэм ээ, дьээбэрбиккин!» – дии-дии бобута тутан кымаахтаан айакалаппыта. Уол икки илиитинэн Саргы илиилэрин киэр анньан көмүскэнэ сатаабыта, кэнники ыксаан Саргыны бүтүннүү хам кууһан ылбыта, тустан эрэр курдук мөхсүбүттэрэ, онтон олох да куустуспутунан киэҥ дьыбааҥҥа охтон түспүттэрэ. Саргы Бааска үрдүгэр түспүтүгэр икки толору түөстэрэ чараас таҥас нөҥүө уол түөһүгэр биллибиттэрэ. Дьикти турук Бааска этин сааһынан быырпах курдук дьырылаан киирбитэ. Күлэллэрэ тохтоон, үөһэ тыынан эппэҥнэһэ утарыта көрсөн сыппыттара. Саргы харахтарын симпитигэр уол кыыһын дьэдьэн курдук обуйук уостарыттан сэрэнэн уураабыта. Дьыбааҥҥа тиэрэ сытан сибигинэһэр кэриэтэ ону-маны инникини ыралана кэпсэппиттэрэ, онтон кыыс Бааска диэки хайыһан долгулдьуйар кугас баттаҕын имэрийэ, тарбаҕар эрийэ оонньообута.

Дьыбааннарыттан туран ас бэлэмнэнэн аһаатылар, утуйар да кэм тиийэн кэллэ. Таһырдьа сылдьан баран Бааска устунан дьиэлээри үктэлгэ тахсан туран Саргыга:

– Чэ, мин барыым, бириэмэ да ыраатта, – диэтэ.

– Бараҕын даа? Хаалбаккын дуо? – Саргы бу тыллара Баасканы саараҥнаппыттара.

– Хайдах эрэ, билбэтим ээ, – диэн быһаарыыта суох этэн баран Саргы диэки көрбүтэ. Билигин Саргыта били саҥа дьыллааҕы бырааһынньыкка сурук биэрэн баран Бааска тиийэн кэлбитигэр эппиэт эрэйэн харахтара чаҕылыһан, долгуйан турарын санаппыта.

– Кэл чэ, хаал, – диэбитэ уонна үктэл аллараа турар Бааскаҕа илиитин ууммута.

Күүлэҕэ киирэн ааннарын хатаммыттара. Саала хоско киирбиттэрэ Саргы дьыбааҥҥа орон оҥорон бэлэмнээбит этэ. Уоттары арааран Саргы кэтэ сылдьар халаатын устан олоппос үөһэ ууран баран, ис ырбаахылаах суорҕан анныгар киирбитэ. Бааска дэлби долгуйан тимэхтэрин да сыыһа-халты тутан ырбаахытын, онтон бүрүүкэтин устан атын олоппоско уурбута уонна сэрэнэн оргууй суорҕаны сэгэтэн киирэн, Саргыттан тэйиччи бэтэрээ кытыыга тиэрэ түһэн чөкө сыппыта, сүрэҕин тэбиитэ икки чэчэгэйигэр тыгыалыырга дылыта. Уу чуумпу, хайалара да тугу да саҥарбакка оргууй иһийэн сыппыттара.

– Бааска-аа, кууһууй, – Саргы долгуйбут куолаһынан көрдөспүтэ.

Бааска долгуйан, тыын быһаҕаһынан тыынан, оргууй Саргы диэки эргийбитэ, илиитин уунан сэрэнэн кууспута. Илиитэ Саргы көхсүн устун аллара диэки оргууй түспүтэ, синньигэс биилин ааһан сиитэс ырбаахы нөҥүө кыыс ис таҥаһын иҥиннэрэр быатын таарыйан эр киһи хараҕа манньыйа, ымсыыра көрөр самыытыгар тайаммыта. Саргы имиллэҕэс таһаата кэдэс гынан, сыста биэрбитигэр, тыҥаан сытар уол өрө мөхсүбүтэ.

– Бааска-аа, мин эйиэнэбин, – диэн Саргы титирэстээбит куолаһынан саҥа таһаарбыта, уол төбөтүн бэйэтин диэки сыһыары тардан уостарын уоһугар даҕайбыта. Эдэр дьон уохтаахтык, омуннаахтык, эт бэйэлэрэ эймэһийэ, харса суох уһуннук уураспыттара.

– Саргы-ыы, доҕоруом, эйигин эрэ таптыыбын! Эн миэнэ буолаҕын, мин эмиэ бүүс-бүтүннүү эйиэнэ эрэ буолабын! Саргыы, тапталыам, баалаама, мин билигин… эйигин… – Бааска туох диэн этиэн билбэккэ тохтуу түстэ. – Саргы, эн кыыс чиэскин тыыппаппын. Кэнники, ыал буолар күммүтүгэр, сөп?

Саргы төбөтүн Бааска түөһүгэр сыһыары анньан оргууй ытаан сыҥсыйда.

– Хайа, Саргы, туох буоллуҥ? Тоҕо ытаатыҥ? – Бааска Саргыны көхсүттэн имэрийдэ.

– Бааскаа, наһаа да аһыныгас сүрэхтээххин, – Саргы төбөтүн көтөҕөн Баасканы утары көрдө. – Сөп, доҕоччуок, сөп. Кэнники, ыал буоллахпытына.

Таптал кынатыгар уйдарбыт, эдэр саас умнуллубат ураты күннэрин бэлэхтээбит күөх сайын барахсан көмүс күһүҥҥэ үтүрүйтэрэн аргыый сыҕарыйан, кэрии тыа кэтэҕэр түспүтэ. Бааскалаах Саргы суругунан сонуннарын суруйсар кэмнэрэ кэлбитэ. Үөрэх дьыла саҕаланан сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы элбээбитэ. Ол быыһыгар уон аҕыстарын туолбут уолаттар аармыйаҕа бараары доруобуйаларын көрдөрүнэн саҕалаабыттара. Бааска олор истэригэр эмиэ баара, аҕыйах хонугунан ким барара-барбата быһаарыллыбыта, уолбут барар буолбута. Саргытын кытта болдьоһон, междугородкаҕа тиийэн үгүөрү соҕус бириэмэни сакаастаан уһуннук дуоһуйа кэпсэппиттэрэ, Саргы бүтэһигэр ытамньыйан да ыллар «тулуурдаахтык кэтэһиэх, суруйуох» буолан эрэннэрбитэ.

Сарсыардаттан, хараххын хайа тардыаххыттан, хамаанданан сылдьар саллаат олоҕо саҕаламмыта. Баасканы хара маҥнайгыттан музвзводка ылбыттара. Кэнэн санаатыгар мусукааннар үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуу-оонньуу, ыллыы-ыллыы сылдьаллара буолуо дии санаабыта ханна баарый? Син биир атын саллааттар курдук аптамаат сүгэн кросс сүүрэллэрэ, нэрээккэ сылдьаллара, маны таһынан «строевой подготовка» диэн кытаанаҕа кинилэргэ баара. Өҥүрүк куйааска, курулас ардахха, курдары үрэр тыалга үнүстүрүмүөннэрин сүктэрэн баран плаһы эргийэ кыайан төҥкөйбөт, ох саа чаачарын курдук кэдэччи туттан баран сылдьар буолуохтарыгар диэри хаамтараллара. Бааска бииргэ сулууспалыыр уолаттарыгар да, хамандыырдарга да сөбүлэппитэ. Талбыт үнүстүрүмүөнүгэр оонньуура, хайа уонна ырыаһыта, киэһэ иллэҥ кэмҥэ атын взвод уолаттара кэлэн көрдөһөн ыллаталлара. Бааска үөрүүнү кытта баҕаларын толороро, өссө икки төгүл ырыа күрэҕэр кыттан «Хайҕал суруктаах» кэлбитэ улахан ситиһии этэ.

Саргытын кытта тиһигин быспакка истиҥ-иһирэх суруктары ыытыһаллара. Бииргэ сулууспалыыр уолаттара бастаан утаа бары да кэриэтэ кыыстан сурук туталлара, ол эрэн иккис сылларыгар ахсааннаахтара эрэ сурук кэтэһэр, тутар буолбуттара. Төрүөтэ диэн кыргыттара атыны таптаабыттара, эргэ тахсыбыттара, сорохтор туох да быһаарыыта суох суруйбат буолбуттара.

Бааска Саргытыгар бүк эрэнэр этэ. Балаҕан ыйын саҥатыгар өрүү буоларыныы таптал тыллардаах суругу тутан үөрүү кынаттана сылдьыбыта, ол кэнниттэн олох даҕаны ый кэриҥэ кэлбэтэҕэ. Бааска өссө да эрэнэ сылдьан баран бүтүн ый буолбутугар санаата оонньоон барбыта. Туох буолла? Тоҕо суруйбат? Ама, умнуо дуо? Суох, оннук буолуон сатаммат. Саргы тапталбытын таҥнарыа дии санаабаппын. Арааһа улаханнык ыарыйда дуу, хайдах? Сэгэрим сыыһа, көмүс чыычааҕым! Тулуй! Мин сотору тиийиэм! Хайа да түгэҥҥэ бииргэ буолуохпут! Суруй, суруй эрэ, бааргын, күүтэргин биллэрэ! Ити булкуллар, бутуллар санааларын сурукка тиһэн ыыппыта да, син биир харда суох этэ. Уһаппакка оҕо сааһын доҕоругар Ганяҕа суруйбута эмиэ харда кэлбэтэҕэ.

Бааска улаханнык санааҕа ылларбыта. Уруккутун курдук үөрэ-көтө сылдьыбат, ыллыыр буоллаҕына манна кэлэн истибит курус ырыаларын толороро. Ол ырыаларын уолаттар тоҕо эрэ ордук чуумпуран саҥата суох олорон истэллэрэ, үөһэ тыыналлара, күүтүөх буолан эрэннэрэн баран куота көппүт тапталларын санаан эрдэхтэрэ. Бааска санаата тууйуллан кутун-сүрүн баттыыра, хаһыытаан дуу, ытаан дуу онтун таһаарыан билбэтэ.

Биир күн эбиэттээн киирэн олордохторуна: «Почта кэллэ!» – диэтилэр. Уолаттар үөрбүт хаһыылара: «Вася, тебе письмо!» – диэн чоргуйдулар. Бааскаҕа кэлэр суруктар буочардарын билэр буоланнар: «Это от нее, Вася!» – диэн үөрбүт саҥалара иһилиннилэр. Бааска оронуттан ойон турда, көрүдүөргэ тахсан эрдэҕинэ Алтаайтан сылдьар нуучча уола кэмбиэрдээх суругун утары аҕалан туттарда. Бааска долгуйан сүрэҕэ сүр күүскэ тэбиэлээтэ, сирэйэ сырдаата. Оронугар төттөрү кэлэн олордо, кэмбиэрэ тоҕо эрэ чараас, муодарҕыы санаата, Саргы киэнэ өрүү киһи илиитигэр биллэр халыҥ буолааччы: «Чэ, туох буолуой, ыксаан эҥин олорон аҕыйах тылы суруйуон сөп буоллаҕа», – диэн бэйэтин уоскутунна. Кэмбиэрин арыйан көрбүтэ бүк тутуллубут соҕотох ыраас лиис сылдьара. Бааска сүрэҕэ тугу эрэ таайан мөҕүл гынан ылла, лииһин арыйа баттаабыта, «Бааска, аны суруйума, Ганя биһикки ыал буолан эрэбит. Бырастыы. Саргы», – диэн аҕыйах тыл суруллубут. Бааска чочумча суругун көрө, аахпытын итэҕэйбэккэ, үрүт-үөһэ хаттаан ааҕа олордо, лииһин эргитэн атын тугу эрэ булаайабын диэбиттии көрүтэлээтэ. Кэмниэ– кэнэҕэс аахпыта чахчы эбитин итэҕэйэн тыына тиийбэт курдук буолла, гимнастеркатын үөһээ тимэхтэрин төлөрүттэ, суругун бүк тутан түөһүн сиэбигэр угунна. Оронуттан туран таһырдьа тахсар ааҥҥа тиийдэ, саҥата суох ыйыппыттыы көрөр табаарыстарын да аахайбата. Таһырдьа тахсан киэҥ плаһы уҥуордаан сөбүлээн сылдьар сиригэр, сэбирдэхтэрэ суйдаммыт мастар быыстарыгар киирэн, ыскамыайка баарыгар олордо. Бу икки сыл иһигэр төһөлөөх манна кэлэн Саргытын кытта атаарбыт күннэрин санаан дьолломмута, көрсүһэр күннэрин оҥоро сатаан долгуйбута буолуой? Ханна баарый? Ол барыта ханна симэлийдэ? Ама, таптал баар дуо? Бааска түөһүн иһэ кураанахсыйан, хаҕа эрэ өйөнөн олордо. Соҕотохсуйуу, кэлэйии курус тыына биллэн, иэдэһин устун хараҕын уута быыстала суох сүүрбүтэ.

Сылаас, чаҕылхай күннээх кэрэ да күннэр тураллар. Сайын күһүннүүн солбуйсар быыһык кэмнэрэ. Саргы кыра кылаастарга учууталлыы сылдьара, бэҕэһээ Бааскаҕа үлэтин, үөрэтэр оҕолорун уонна кинини ахта-саныы күүтэрин туһунан сурук суруйан ыыппыта. Бу күннэргэ суругар харда кэлиэхтээҕин кэтэһэ сылдьара. Биир күн үлэлээн кэлэн олордоҕуна, Ганя киирэн:

– Бүгүн киэһэ субуоталыы, айылҕаҕа тахсаары тэринэ сылдьабыт. Кыргыттар эйиэхэ таарыйан эт диэтилэр, – диэтэ.

– Оо, мин олох атын былааннаах олорор этим. Хайдах эмит атын күҥҥэ сатаммат дуо? – Саргы ыйытта.

– Саргы, атын күн диэн уонна суох, бары бокуойа суохпут уонна маннык үчүгэй күн туруо да биллибэт. Аһары ыксала суох үлэ буоллаҕына сарсыҥҥа диэри тохтотон эриэххин, кыргыттар эйигин хайаан да барыстын диэбиттэрэ, көрсүспэтэхпит да ыраатта дии.

– Оо, дьэ, хайыах баҕайыбыный?– Саргы саараҥнаабыта.

– Чэ-чэ, бардыбыт. Мин кэлэн сылгылыам, – Ганя быһаарылынна диэбиттии быһа баттаабыта.

– Чэ, буоллун, тугу ылабын?

– Ыһыкта ылаар, атына барыта баар. Ичигэстик таҥнаар, киэһэ сөрүүдүйэр, – диэн баран матасыыкылын эһэн оргууй хоҥнубута.

Айан суолунан барбахтыы түһэн баран хаҥас диэки туораан, аҥаар эҥээрэ оттоммут дьоҕус сыһыыга киирэн, отчуттар отуулана сылдьыбыт сирдэригэр тохтообуттара. Уолаттар түргэн үлүгэрдик уу баһан, уот оттон уулаах биэдэрэлэрин уокка уурбуттара. Үс кыыс, икки уол буолан кэлбиттэрэ. Кыргыттар бэлэм остуол баарыгар ыскаатар тэлгээн, күлэ-үөрэ кэпсэтэн илдьэ кэлбит аһылыктарын хостотолообуттара. Чэйдэрэ оргуйан бары остуол тула олорбуттара.

– Ээ, сирбитин-уоппутун аһатарбытын умнаары гынныбыт, – диэн Ганя ойон туран мас төрдүгэр уурбут үрүсээгиттэн икки бытыылкалаах арыгыны таһаарбыта, үөһэ ууммута. – Кыргыттарга – кыһыл, уолаттарга уохтаах соҕус, – дии-дии миэстэтигэр кэлбитэ уонна бытыылкаларын аһар аакка түспүтэ. Хантан эрэ кыра, кырыылаах ыстакааҥҥа маарынныыр үрүүмкэлэр хостоммуттара. Ганя арыылаах алаадьыны, биир илиитигэр үрүүмкэлээх арыгыны тутан оллооҥҥо тиийэн өссө да умайан тыһыргыы сытар уокка тугу эрэ ботугураан баран арыгы куппута.

– Чэ, бэрт! Сир иччитэ үөрдэ-көттө, – дии-дии оннугар кэлэн олордо.

Бастакы туос «көрсүһүүнэн» диэн ааттаан көтөҕүлүннэ, Саргы испэтэ. Уруккуну ахтыы, күлсүү-салсыы үксээтэ.

Саргы бу олорон Бааскатын санаан кэллэ: «Ханна эрэ, тугу эрэ гына сылдьар? Оо, көрсүбэтэхтэрэ ырааппытыан. Кып-кыратык быыс быыһынан уоран көрөр курдук көрөн ылбыт киһии. Көтөхтөрөн, атаахтаан ылбыт киһи баар ини. Манна баара буоллар, оо, дэлэ үчүгэй буолуо этэ дуо?! Аҕыннахпыан! Оо, сүрэҕим тууйулуннаҕыан!» Саргы бу күлүү-үөрүү күүгэнигэр аахайбакка санааҕа ылларан олордо, күөмэйигэр туох эрэ кэлэн бүөлүү турунан кэбистэ. Хаҥас илиитинэн үөһэ тимэҕин сүөрэн, уолугун аһан тыын ылла.

– Саргыы! Саргы! Бу кыыс ханна олороҕун? Олох сөҥөн хааллыҥ дии. Настарыанньаҥ дуостал суох, туох буоллуҥ? – утары олорор дьүөгэтэ хаста да төхтүрүйэн ыҥырбытыгар биирдэ сонньуйан ылла.

– Кырдьык даҕаны, Саргы, мэ маны көтөҕөн кэбис, тута бэһиэлэй буолуоҥ, – Ганя Саргы иннигэр турар арыгылаах үрүүмкэни үҥүлүттэ. – Кыратык амсайыый. Саргы Ганя ууммут үрүүмкэтин ылан сытырҕалаан көрдө. Билбэт хабархай сыта муннугар билиннэ, онтон уоһугар даҕайан сыыйан амсайда, саахара биллибэт хомпуот амтаныгар майгынныыр эбит. «Пей до дна! Пей до дна!» – киксэрэр саҥалар иһилиннилэр, Саргы барытын иһэн кэбистэ. Хаһан да арыгыны испэтэх киһи хайдах буолар диэн кэтэһэ саныы олордо, бастаан куртаҕа сылыйда, онтон иэдэстэрэ итийэн ылла, ол кэннэ: «Доҕотторум барахсаттар мичилиһэн тоҕо үчүгэйдэрэй! Дьиэбэр симиллэн олоруохтааҕар манна кэлсибитим да бэрт эбит. Наһаа да чуумпу, кэрэ киэһэ буолла, ыллаабыт киһи», – диэн санаалар дууһатын толордулар.

– Оҕолоор! Ыллыыбыт дуо? Чэйиҥ, ханныгы ыллыыбыт? – Саргы сүргэтэ көтөҕүллэн уруккутун курдук чугдааран барда. Ырыа бөҕө ылланна, сотору-сотору туос этиллэн үрүүмкэлэр көтөҕүлүннүлэр, Саргы тэҥҥэ түһэрсэ олордо. Ганя аттыгар олорон кэнники үрүүмкэлэригэр үрүҥ арыгы эбэн биэрэн, Саргы олох да буорайда. Онон-манан үдүк-бадык өйдөөтөҕүнэ халлаан хараҥаран: «Барыаххайыҥ, сөп буолуо!» – диир саҥалар иһиллэр этилэр, ким эрэ кэлэн аатын ыҥыра-ыҥыра хонноҕун анныттан үөһэ көтөҕөлүү сатыыр этэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации