Электронная библиотека » Елена Филатова » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:00


Автор книги: Елена Филатова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 2 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Филатова-Сыгыйык Елена Афанасьевна
Хомурахха хоммут хоһооннор

«Мин, түлэй түүн ыалдьыта…»

 
Мин, түлэй түүн ыалдьыта,
Хомуһуннаах тыл хоноһото,
Атын эйгэ туора ырыаһыта,
Иэйии ыарыылаах дьахтара
буолабын.
Сир ийэ көстүбэт сииктэрин
Сытыы иннэлээх иистэнньэҥэ,
Үс дойду кичим кистэлэҥин
Күлүүһэ суох харабыла
буолабын.
Уулаах харахтаах одуулаабат
Инчэҕэй илиилээх туппат,
Сарымтах таҥастаах чугаһаабат
Соргулаах аартык доҕуһуолдьута
буолабын.
Сай барар салгын илгиэрдээх,
Суй гынар түргэн иэйиилээх,
Муус тыыннаах, итии сүрэхтээх,
Моһуок идэлээх суруксут
буолабын.
 

Муммут дууһа

 
Күндэлэс уоттаах түннүктэр
Көһүтэллэр дуо миигин,
Сылаас чэйдээх остуоллар
Ыҥыраллар дуо миигин?
 
 
Хараҥа кууспут далайыттан
Халты туттар буолуом дуо,
Эрэл угуйар кыымыттан
Эмэх бэйэм умайыам дуо?
 
 
Сору суорар олохпор
Соргу күнүн көрүөм дуо,
Аньыым аалар муҥуттан,
Айыым кутун тутуом дуо?
 
 
Муммут дууһам кыаһыта
Муннук чэҥэ ууллуо дуо,
Маннык ыарык кыһалҕа
Мүччү баран түһүө дуо?
 

«Түлэй хара түүн…»

 
Түлэй хара түүн
Хараҥалыын силбэнэн,
Тулам бүрэ күлүгэр
Холбоһобун кумунан.
 
 
Ый эрэ ытыһын таһынар,
Ыт эрэ улуйан хантайар,
Мин эрэ иһийэн сыһыйар
Чох хара түүнэ уһунуон…
 

«Саарбах санаа…»

 
Саарбах санаа
Сэбирдэҕэр олорсон,
Хахсаат тыал
Холоругар ытыллан,
Тыллыбыт умнастан
Туура тутуллан,
Умнуллубут ыллыкка
Умса түһэр ынырыгыан…
Кылгас санаа
Кыымыгар кыбыллан,
Күлүмнүү умайар
Көмүлүөк түөһүттэн
Кыырайа көтөн
Кытара түһээт,
Балаҕан буоругар
Умуллан хаалар ынырыгыан…
Көмүс санаа
Кынатыгар кыттыһан,
Кыаллары ыралаан,
Күөххэ тардыһан,
Көнө олоххо
Көҥүл тыынар,
Кылгаһын да иһин,
Күндүркэй ини ньии…
 

«Хоһоон холбоон хоҥкуйан…»

 
Хоһоон холбоон хоҥкуйан,
Хомоҕой тылы халбыйан,
Хараҥа иэйиини хаһыйан
Хоройо хонобун хорооммор.
Тоҕо эн, тыыппа тыл,
Тыын сирбэр уйаланан,
Тоҕо куппун хат тарбыы
Туой туолбаккын астынан?
 

Хоһоон

 
Хомурахха хоммут хоһооннор
Хабдьы буолан көппүттэр,
Сииккэ сүппүт тылларым
Сиккиэр буолан сайбыттар.
Үрэххэ сырсыбыт иэйиилэр
Үрүмэччи кыната буолбуттар,
Хатыҥҥа саспыт санаалар
Хампа күөххэ умсубуттар.
Дууһа муҥур дайыыта
Ырыа ыллаан сапсыммыт,
Кутум көмүөл күрүлгэнэ
Куйаар устун кутуллубут.
Хоһоон уохтаах атынан
Хоту Чолбону табыйбыт,
Хотой кыылга олорсон
Халлаан сиигин тарыйбыт.
Хоһоон көҥүл боотура,
Харса суоххун, хоодуоккун,
Хоһоон ураты ууһа,
Хомуһун уоххун сөҕөбүн.
 

«Олох долгунун быыһынан…»

 
Олох долгунун быыһынан
Оҥочом устан түөрэҥниир,
Оргууйдук эрдинэр кыахтарым
Оргуйар айаммар күүһүрэр.
 
 
Ыйдарар сулуһум – Чолбон,
Ыйытар таҥарам – Чыыбыстай,
Ырыам сырдык ыралаах,
Ырам ыраах сүүрүктээх.
 
 
Күрүлгэн күүтэр иннибэр
Кыахпын тургутар көтүү,
Кытаат, тулус, оҥочом!
Күлэр күнүм, кииримэ!
 

«Түүҥҥү хара халадаай…»

 
Түүҥҥү хара халадаай
Эҥээриттэн тутуһан,
Түүлүм түлүк дойдутугар
Түлэй-балай түһэбин.
 
 
Күөх айылҕам былаатын
Көҕөрүмтүйэр күөнүгэр,
Күн уотун анныгар
Көтөн-дайан иһэбин.
 
 
Күһүнүм кыһыл атынан,
Көҕүлүттэн тутуһан,
Сырдырҕас тыаһынан
Тэйэн-тэбэн сыыйабын.
 
 
Сороҕор суор буолан
Сэргэбэр түһэбин,
Саба үүммүт эрбэһини
Соҥуора-сонньуйа көрөбүн.
 
 
Түүл даҕаны араастаах,
Аптаах дойду быһыылаах…
 

Ньургуһун

 
Сылластым, сылаас иэйиинэн
Саһархай бэйэҕин ахтаммын,
Сэрэнэн таһааҕын бигээммин,
Сэрбэйбит төбөҕүн уурааммын.
 
 
Аттыбар саас үҥкүүтэ,
Араҕас оһуор үктэлэ,
Алааска олох тиллиитэ,
Айылҕа уһуктар эргиирэ.
 
 
Ньургуһун сиэттиһэр түгэнэ,
Тапталым эргийэр иэдэһэ,
Ньургуһун кыбыстар киэлитэ,
Талаһар эрэлим иэйиитэ.
 
 
Сиккиэр тимэҕэ сөллүүтэ,
Симиктик тэлээрэ көтүүтэ,
Ньургуһун төбөтүн өндөтүө,
Ньургуннук олоххо талаһыа.
 

«Сааскы ырыа таптала – дииллэр…»

 
Сааскы ырыа таптала – дииллэр
Сиргэ быкпыт ньургуһуну,
Лоокуут Ньургун дьоло – дииллэр
Хорсун кэрэ сибэккини.
 
 
Кини курдук, сырдык сааска
Ситэн-тупсан нуоҕайыахха,
Кини курдук өрө анньан,
Сайан-сырдаан нуурайыахха.
 
 
Көрбүт бары үөрэ түһэр,
Сүрэх тэбэн мөҕүл гынар,
Намчы-намчы ньуолах төбө
Нарын-нарын Ньургу кыыс.
 

«Тааттам нарын хатыҥа…»

 
Тааттам нарын хатыҥа
Талах уолу кууспута,
Таптыыр сүрэх ытыһын
«Тутус» диэхтии ууммута.
 
 
Онно, үрэх уутугар,
Уоттаах иэйии күлбүтэ,
Онно, сүүрүк атаҕар,
Уохтаах илдьит көппүтэ.
 
 
Маҥан намчы харылар
Эдэр талаҕы бигииллэр,
Тулам бары иһийэн
Таптал кыымын кистииллэр.
 
 
Үөһэ, мэҥэ халлааҥҥа,
Үрүҥ күнүм үҥкүүлүүр,
Үрэх чуумпу күлүгэр
Үрдүк иэйии уураһар.
 

Сайын

 
Куйаас тыынын бүрүнэн,
Кустук курун тардынан,
Чээлэй күөҕүн тэлгэтэн
Кэллэ сайын, илгийэн.
 
 
Хамсыыр бары көҕүйэн,
Халлаан эмиэ көҕөрөн,
Тулам бары киэркэйэн,
Хаамта сайын, сайбайан.
 
 
Ылбай олох салҕанан,
Ырам ыллыга аһыллан,
Күөгэл-нусхал тыыннанна,
Күөйэн-хаайан күөгэйдэ.
 
 
Сайын, сайын барахсан,
Сайыһыаҕым, ыксаама,
Сайын, сайын, биһигим,
Сатыылыахха, куотума.
 

«Күлүм-чаҕыл күнүм уота…»

 
Күлүм-чаҕыл күнүм уота
Күлэн-үөрэн мичилийдэ,
Куйаас-найаас саба кууһан
Күөгэл-нусхал тула түстэ.
Алаас аайы солко от
Аргыый-аргыый хамсаата,
Сиккиэр тыалым тарбаҕа
Оргууй-оргууй тараата.
Үрэҕим уута, мөлбөһүйэ,
Халлаан чэмэлин бүрүннэ,
Сөрүүн күлүк талах төрдүн
Сөрүү тардан, онно саста.
Өрүс эбэм тааһын сууйа
Кытыл устун ыкса сүүрдэ,
Дьэҥкир уута араас өҥнөөх
Кустук курун сайгыы турда.
Көҥүл көтөн, күөҕү үктээн
Эн биһикки көрүлүөх,
Самаан сайын кыл кылгаһын
Сатыы сылдьан кэм уһатыах.
 

«Уһун кыһын кылгаата…»

 
Уһун кыһын кылгаата,
Уһун тыына мөлтөөтө,
Утах уота сырдаата,
Уоһум күлэн ыртайда.
 
 
Лабаа хаара чаҕылла
Тоҥ умнаска дьэргэйдэ,
Харах саатыах дьиримэ
Хардыы аайы имнэннэ.
 
 
Саас иһэрэ билиннэ,
Санаам эмиэ киэркэйдэ,
Саҥа ырам тилиннэ,
Сонун баҕам күүһүрдэ.
 

Ардах

 
Ыадаһан ыанньыйбыт былыттар
Ыарахан ыарынан тэниһэн,
Ыыстыйбыт санаанан сундуһан
Ыргыһан кэллилэр үрдүбэр.
 
 
Күндээрэр күнүм кубарыппыт
Көҕөрөр күөҕүн кэбирэппит,
Кураанах буорун өрүкүппүт,
Куолайа кууран күкээрбит,
Куйаартан сииги эрэйбит,
Көбүөхтээн сэниэтэ эстибит,
Күөгэйэн, ардаҕы ааттаспыт
Көҕүөрдээх сирим барахсан.
 
 
Чаҕылҕан курунан таһыллан,
Чыпчаххай тыаһынан куһууран,
Хайыта бардылар былыттар,
Хаһыыра түстүлэр дьааһыннар,
Хатан-хабараан халлаантан
Халыс гынна уу муора,
Хатан сыппыт хара буорга
Хабах үллэн тэһэ барда,
Чоҕул таммах тэйэ-тэйэ
Чобуо битии тэптэ, тэптэ.
Куттас куттаах быкпат гына
Курбуу уота күлүмнээтэ,
Кэрэ-намчы көрбөт гына
Көҥдөй тыас лүҥкүнээтэ,
Иҥнэри барыах илиттэ
Түҥнэри барыах инчэттэ,
Лүҥсүйэн-лоҥсуйан олордо,
Лаппыйан-липпийэн биэрдэ,
Сүүрүктэр сүүрүгүрдүлэр,
Үрүйэлэр үҥкүрүстүлэр,
Хара уу халыйда,
Үрүҥ уу үлүннэ,
Олус омуннуран
Уоҕа хараата,
Уостан хаалла,
Халлаан халынна,
Үрүҥ Айыы тыынна.
 
 
Сир ийэ тилиннэ,
Симэҕин иилиннэ,
Сир киһитэ илгиһиннэ,
Сирэм күөх эргилиннэ.
 

Күһүн

 
Түүнүм кэллэ, барыйа,
Күнүм куотта, сыбдыйа,
Турдум манна, хомойо,
Барбыт кэммин бэрийэ.
 
 
Күһүн буолла, кытара,
Көмүс суола дыргыйа,
Көтөр санаа үрдүккэ
Көтөр курдук сапсына.
 
 
Сарсын кэлиэ, кылыйа,
Саҥа суолу арыйа,
Арай хаалыа, сайыһа,
Ааспыт сайын амтана.
 

«Лыҥкынас мин көмүс тапталым…»

 
Лыҥкынас мин көмүс тапталым
Лабааттан лабааҕа даҕайа ыллаата,
Сүүс араас куоласка ыһылла,
Күһүҥҥү үҥкүүгэ тэлээрэ кыттыста.
 
 
Айылҕам араҕас хараҕын уулара
Алары, алааһы бүрүйэ толордо,
Сайыҥҥы кэрэни сүтэрэр хомолто
Сиккиэргэ суулана кэриини кэрийдэ.
 
 
Күһүнүм, көмүһүм, кэтэспит уоскулаҥ,
Кэллэҕиҥ, сурдурҕас тыаһынан үктэнэн,
Эн эрэ саһархай суһуоххун
Эрдийэ тарыыбын, тапталбын билинэ.
 

Түүҥҥүгэ

 
Тула дьикти иһийии
Саба тутта түбэйи,
Им балай чуумпу,
Симик тыын, кэтэһии.
 
 
Түлэй түүн халыйда,
Туман түһэн тэнийдэ,
Арай сүрэҕим тиҥийдэ,
Аҥыр саҥаран соһутта.
 
 
Түлүк ууну үргүтэ
Имэҥ иэйии кыттыста,
Иирэ талах анныгар
Итии илии ирдэстэ.
 
 
Онтон аргыый үрэххэ
Тыы кытылтан анньынна,
Ити кистэлэҥ тэйиини
Түүнүм эмиэ мэлдьэстэ.
 

Кыһыҥҥы дьүһүйүү

 
Аргыйар амырыын тымныылаах,
Хам тутар халыаннаах будулҕаннаах,
Күн көрбөт хойуукан туманнаах,
Чускуйар чымаан чыс дьыбардаах,
Хоочугурас үрүҥ көмүс олбохтоох,
Күлүмүрдэс кырыа көп суорҕаннаах,
Чолбоодуйар чоҥ сытыы харахтаах,
Үлүтэр үлүгэр үрэр тыыннаах,
Хатан чысхаан хабар аһыылаах,
Хайыр муус халҕаһа муустаах,
Курдары кууһар чэҥ тарбахтаах,
Бурҕаччы куһуйар сытыы кымньыылаах,
Тоҥ торулас дорҕоон дуорааннаах
Тос тыастаах кыаһаан торуоскалаах,
Үс муостаах модун оҕустаах,
Халыҥ көмүрүө көрдүргэс хаардаах
Кыһын обургу суодала кэллэ.
Аҥааттар Тойон Чысхаан оҕонньор,
Айгыстан аҕылыы түһэн баран,
Адаар-мудаар акыйаан диэкиттэн
Суостаах кыыһын ыҥыран ылан,
Суо тарбаҕынан ыйа былаастаан,
Соруйан-суоһанан киирэн барда —
Күнүстэри-түүннэри кэрийэ сылдьан
Арҕаа халлаан дьыбарын ыһан,
Илин халлаан итиитин үрэйэн,
Соҕуруу дайды имин үлүтэн,
Хоту дайды хонугун холбоон
Холуон холорук түргэн табалан.
Хобоҕун-чуорааҥҥын хото иилин,
Тоҥ тобурах торулас туйахтан,
Олбоххор олорон куоһанан бар.
Сулус курдук чолбоччу көрбүт,
Сырдык имэ дьайҕара көстүбүт,
Күлүмүрдэс-кыыһырҕас уһун сонноох,
Субуруйбут үрүҥ кырыа суһуохтаах,
Чыпчаххай чулуута элэс туттунуулаах,
Чымаан-имээн чараас таһаалаах,
Этиэхтэн эрэ кэрэ дьүһүннээх
Сүүйэ дьүһүйэр тыл тиийбэт
Кыыс дьахтар имиллэн турда,
Ананан кыһыллыбыт таас олбохтон
Хайыр муус сабыытын арыйан
Хам тоҥмут анабылын иилиннэ,
Айа тиргэтин кэриэтэ тиириннэ,
Олоотуу-олоотуу, көмүс кымньыытынан
Үөгүлүү-үөгүлүү кууһурҕаччы куһуйда,
Дөйөн төйүөрбүт орто дойдубар
Тумарык-имэрик хойдо түстэ,
Кымньыы куһуйбут аан аартыктарынан
Аан-мудаан будулҕана хойунна,
Сир ийэ логлорута барда,
Тыа хайыҥ лиһиргэччи тоҥно,
Кыыс хотун, аһына былаастаан,
Кылбачыйар үҥүүтүн өрө уунан
Халлаан хаппаҕын тэһитэ аста,
Баараҕай былыты оҕуурдаан ылла,
Батарыта биэрдэ, сиидэ оҥордо,
Халыҥ хаарынан үктээн үҥкүүлээтэ,
Тобурах хаарынан толбоннуран тэйдэ,
Хаардаах буурҕанан күүлэйдээн эргийдэ.
Үс түүннээх күн кэрийдэ,
Ыйы-күнү көрдөрбөккө түбүлээтэ,
Түннүгү-үөлэһи өҥөйө үрбэхтээтэ,
Суолу-ииһи үнтү үлбүрүйдэ,
Үлүйүөх кэриҥнээҕи саба тарыйда.
Соругун тос курдук толороот,
Суостаах соҕустук эргиччи көрдө,
Үҥүүтүн төбөтүнэн былыты халбарытта,
Кылаан батыйатынан туора сууралаата,
Субуллаҕас буруо суолун курдук
Сыарҕатын үктэлин булкуйа тарта,
Кыһыҥҥы кустугун куоһаан иилээт
Үрүт олбоҕор субурус гынна,
Суһуоҕун хаара таммалыы хаалла…
Тойон Чысхаан астыммыт сиэринэн
Үүс киис үтүлүгүн көтөҕөн
Тоҥ муус сүүһүгэр даҕайда,
Муҥура биллибэт кудулу дайдыны
Таптаабыт хараҕынан одуулуу турда…
 
 
…Кыһын олоҕо олохтонно,
Кыһарҕан кэм сатыылаата…
 

«Сүктэр кыыстыы симиттэ…»

 
Сүктэр кыыстыы симиттэ,
Сарыал оргууй кылайда,
Оргуһуохтаах ый кыыһа
Хара суһуоҕун хомунна.
 
 
Үрүҥ көмүс симэхтии
Үрдүк халлаан килбэйдэ,
Тымныы оҕуһа, дьүккүйэн,
Хоту диэки хайыста.
 
 
Сааскы санаа салаллан,
Сүрэх үөрэн даллайда,
Сылаас утах сыллаһан
Сырдык кынат сапсынна.
 

Саас

 
Оҕом үөрбүт мичээринии,
Ойон-тэбэн эрэринии
Оройбор күн тыкта,
Ойуолатан-ыллатан ылла.
 
 
Ити саас кэллэ,
Илдьитин эттэ,
Өрүкүтэ үөртэ,
Өҥөйө турда.
 
 
Ийэм эргэ сиидэһинии,
Тырыта-хайыта барбытыныы,
Сир ньуура эриэннэннэ,
Чуккураан-чаккыраан барда.
 
 
Үрүйэ уута сүүрдэ,
Үрүлүйэ түстэ,
Үөрүүнү үксэттэ,
Үктүү турда.
 
 
Саас саннын хамсатта,
Сылаас салгын хаамта,
Олох тыаһа туолла,
Күйгүөр көрүлүү түстэ.
 

«Кэлбиккин эрэ кэлэнэ…»

 
Кэлбиккин эрэ кэлэнэ
Турума эн, ааммар нүксүйэ,
Буруйгун эрэ кэмсинэ,
Ааттаһа эн миэхэ, көрдөһө,
Санааҕар эрэ эрэнэ,
Иэйиини эн хаттаан көбүтэ…
Көппүтэ тапталбыт чыычааҕа
Көстүбэт лабааҕа талаһа,
Дайбыта соҥуорбут уйаттан
Дьолунан угуйар урсуҥҥа
Эрэли эрэ уруйдуу,
Эйэни эрэ кэтэһэ…
 

«Аны кэлэн кистиэм дуо…»

 
Аны кэлэн кистиэм дуо?
Ааһар ааһан хааллаҕа,
Таптал мүөтэ, кытаатан,
Талах курдук хаттаҕа.
 
 
Аны кэлэн этиэм дуо?
Арда атан хааллаҕа,
Албын таптал кулута
Алтан өҥүн куттаҕа.
 
 
Аны кэлэн таайыаҥ дуо,
Ала аккын таһыйан,
Арҕаа түспүт сулустан
Ааппын аараан сураһа?
 

Билинии

 
Билэҕиэн, билбэтэх буруйбун,
Барыга аахайбат быһыыбын,
Болҕомто киинигэр буолбатах
Бүгүрү, судургу бэйэбин.
 
 
Буруйдаах мин бэйэм буоллаҕа,
Баҕардар, туманы бүрүммүт
Бутуйар бу иэйии кытыла
Булкуйар ыллыгын киэҥ ыыра.
 
 
Баалаама эн кэнэн бэйэбин,
Бүөлээмэ ол кыра сырдыкпын,
Быырайа көтөллөр күннэрим,
Быыллыйа уосталлар суолларым.
 
 
Билинии тыллара көҥдөйдөр,
Билиниэх санаалар куоталлар,
Билбэппин эйигин таптыырбын.
Бүгүн мин эллэммэт эдэрбин.
 

Бэлэхтээ

 
Бэлэхтээ бу орто дойдуга
Бэлэми буолбатах – эрэли,
Ыксаллаах кэмнэргэ тирэнэр
Ыллыктаах санааны, эрчими.
 
 
Бэлэхтээ бу кылгас кэрчиккэ
Бэрт кыра үөрүүнү, мичээри,
Умнубат түгэни, сүрэхпэр сааскыны,
Улахан тапталы, уостубат сылааһы.
 
 
Бэлэхтээ бу күҥҥэ дьиктини,
Билбэтэх туох эрэ саҥаны,
Кэмсиммэт кырдьыгы, көнөлүү ырааһы,
Кэхтибэт аналлаах кэнчээри күөхтэри.
 

Кэргэммэр

 
Дьоллоохпун эбээт кэргэмминэн,
Миигин кууһар доҕорбунан,
Олоҕум күөрчэҕин ытыйар
Орто дойдум аргыһынан.
 
 
Харыстыыбын бары ымсыыттан,
Хаххалыыбын үгүс ырбыыттан,
Таптыыбын, өрүү өрүкүйэ,
Таалабын, саҥа умсугуйа.
 
 
Сиэлэбин айаммар, сиэттиһэ,
Сүрэхпэр эйигин саһыара,
Кырдьыбыт киһи бииргэ,
Көмүлүөк иннигэр сэлэһэ.
 

«Хаһан этэй…»

 
Хаһан этэй,
Эдэр сааһым мыраанын
Эридьиэһин кэтэҕэр,
Эмньик бэйэм умайа,
Эн тапталгын күүппүтүм?
 
 
Хаһан этэй?
Саһан, уоран одуулуу,
Сайыһа, эмиэ аймана,
Салҕалас тарбахпын мускуйа,
Сүрэхпин уоскута турбутум.
 
 
Хаһан этэй?
Аттыбар чугас туран
Алҕас көрөн ылбытыҥ,
«Атын эбит» диэбиттии
Антах хайыһа түспүтүҥ.
 
 
Билигин кэлэн этэллэр:
Баһаам буолуо таптаабыт,
Билэбин бэйэм эрэ
Бастакы таптал куоппутун.
 

Ымыыбар
(Анабыл хоһоон)

 
Сиэттиһэн испиппит ыллыкка,
Сайын этэ, сиэдэрэйэ, сылааһа,
Сэһэн-сэппэн дэлэйэ,
Ситтэриэ суохтуу элбэҕэ.
 
 
Эдьиий кэриэтэ эрэллээҕэ,
Этэр тыла эйэлээҕэ,
Эриэннээн эргиппэт эйгэлээҕэ,
Эриэккэс эдэр дууһалааҕа.
 
 
Сэмэйин сороҕор сөҕөрүм,
Сэмэлээн даҕаны ыларым,
Таһымнас талаанын билэрим,
Тылбыттан бэл матарым.
 
 
Хорсуннук хото хоһуйан,
Хайдах эрэ ыксыыра,
Хоһоон оҕотун төрөтөн,
Хараҕа үөрэн сырдыыра.
 
 
Аргыстаһыах эрэ, – диирэ,
– Айар аартык айаҕар.
 
 
Мүчүк-мүчүк гынара,
– Мэниктээмэ, – дэтэлиирэ.
 
 
«Барбыта куотан» диэбэппин
– Баар кини аттыбар,
Бэлэх ууммут хоһоонунуун,
Умнуллубат мөссүөннүүн.
 

Н.С.К

 
Эн санныҥ уҥуор
Эриэккэс олох кытылын
Оргууй одуулуубун,
Оломмун кэһэбин.
 
 
Эн хараҕыҥ уотугар
Этиэхтээх киччим тылгын
Сэрэйэ күүтэбин,
Сэрэхпин сүтэрэбин.
 
 
Эн кытаанах илиигэр,
Эр киһи кыаххар
Эрэлбин уунабын
Эйэбин биэрэбин.
 
 
Эн миэхэ тапталгар,
Эрэйэ суох сыһыаҥҥар
Сыһыйа үөрэбин,
Сүрэхпэр саһыарабын.
 

Хомус

 
Орто дойдум
Омооно оҥоһуллуоҕуттан,
Аан дайдым
Анала айыллыаҕыттан,
Биир күлүктээҕим
Биллэр буолуоҕуттан,
Иннинэн сирэйдээҕим
Илин тоҥхойуоҕуттан,
Уран тарбахтааҕым
Ураты уһаныаҕыттан,
Мындыр сахам
Мэйиитэ үллэҥниэҕиттэн,
Айгыр силик айылҕам
Айыыһыта алгыстыаҕыттан,
Улуу ууһум
Уйулҕата уһуктуоҕуттан,
Аал уотум
Абырала айхаллыаҕыттан,
Күннээх халлаан
Күлүм-чаҕыл буолуута,
Ыйдаах түүнүм
Ылбаҕай тойуга
Ыпсан-ипсэн иһиитэ,
Үөһээлэр үөрүүлэрин
Үтүктээччитэ буолан,
Үрүҥ Аар тойон
Үтүө илдьитэ түһэн,
Кыһыл төлөн ийэлээх,
Кыстык дьэбир аҕалаах,
Игии хатыы эдьиийдээх,
Балта нүһэр убайдаах,
Итии иэйии илбистээх,
Этэр эгэлгэ эҥэлэйдээх,
Эҥин тыас дьүһүйүүлээх,
Ытыыр-ыллыыр аналлаах,
Айыы дьонун абырала,
Урааҥхай саха уратыта
Уһаарыллан-айыллан,
Сүрүннэнэн-сүрэхтэнэн,
Сүүс сүдү күүстэнэн,
Тоҕус туйгун тойуктанан,
Тимир чараас тылланан,
Нарын-намчы таһааланан
Айыы тыыннаах,
Алтан тыастаах,
Чобуо тыллаах,
Имигэс иэҕиилээх,
Ийэ үүтэ эмсэхтээх,
Аҕа күүһэ эрчимнээх,
Эмтиир эмиэ эпсиилээх,
Тыйыс эрээри, сайаҕас,
Тымныы эрээри, сылаас,
Суоҕу сүһүйэр сүдүлээх
Ыраны ыҥырар ырыалаах,
Тапталы сиэтэр талбалаах,
Сылааны сыҕарыччы анньар,
Хомолтону хоно хоһуйар,
Өрөгөйү өрө көтөҕөр,
Кэрэни эрэ кэскиллиир,
Күндүнү эрэ күөннэнэр,
Көтөрү-сүүрэри киллэрэр,
Көрү-нары көҕүлүүр,
Күөх сайыны уруйдуур,
Ыһыах уйгутун олохтуур,
Үҥкүү үрдүн көтүтэр,
Сүдү күүстээх,
Хобул бэйэлээх
Өбүгэлэрим бэлэҕэ —
Өлбөт-сүппэт хомуһа,
Эн модун күүстээххин,
Эн сүппэт номохтооххун,
Эн дохсун кыахтааххын,
Эн сахалыы тыыннааххын!
 

Алампа

 
Ыччакабын даа…
Күлүмүрдэс күннээх
Күөх унаар дойдубуттан күрэнэн,
Алтан сэбирдэхтээх
Аан ийэ дойдубуттан арахсан,
Үөл талахтаах
Үөскээбит сирбиттэн көрө матан,
Сайдан силигилиир
Сахам ууһун ортотуттан сүтэн,
Тыыннаах бэйэм
Тыыммат буолан,
Кэм кэрдии туолан
Кэхтибит сирбэр кэллэҕим…
Сарбынньахтаах тылым саҥарбыт,
Сарадахтаах санаам сааһылаабыт,
Суруйан сурдурҕаппыт,
Сөллүбэт хоһооммор эппит
Сундулуһан ааһар сыллар
Саҥата суох сабыллан сүппүт
Сыа хаардарын анныгар сытан,
Салгын кут буолан
Субуллан тахсан көрдөхпүнэ,
Саһан туран иһиттэхпинэ…
Аан ийэ дайдым барахсан
Араҕыахпыттан ыла айманан,
Түҥкэлийиэхпиттэн ыла сүтэрэн,
Төннүөхпүттэн ыла дөйөн,
Хаарыаннаах бэйэтэ хоҥкуйан,
Кырыктаах кыһын устата
Кураанах балаҕаммын
Кырыа хаарынан үллүктээбит,
Кэспит уубун көмүс долгунугар
Кистии суулаан суккуйан,
Кытылларга суурайан
Кылыгыраччы кыйдаабыт.
Хайгыы көрбүт арыы чараҥым
Чаллах хатыҥ буолан суугунаабыт,
Лоһуор сэбирдэҕин тамнаабыт.
Одуулаан үөрбүт
Ойуу-бичик тыаларым
Омуннук үүнэн адаарыспыттар,
Олуона умнаһынан сиппиттэр,
Түптэм буруота
Унааран бүппүт,
Ача күөх отум
Араҕас өҥү бүрүммүт,
Ахтыбыт даа эбит…
Оо, көөрөттөн хаалбыт
Көмүс уҥуохпун
Көҥүл ылан көһөрөн,
Күнү көрөн көччүйбүт,
Көрүлээбит сирбэр
Көйгөтүтэ көрбөккө
Курустаал курдук тутан
Иккистээн көтөхпүттэр,
Кэриэс тыл кириэстээн
Илэ-чахчы көмпүттэр эбит…
Сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьар
Сахам дьоно барахсан,
Саҥата суох бокуйан,
Сатала суох санаан,
Санаарҕыы туттан
Сибэкки ууран тоҥхойор,
Сыгынньах таас хаппахтаах
Сөҥөдүйэн турар күлүкпэр
Сылдьан ааһар буолбуттар эбит…
Төрөөн төлөһүйбүт,
Тилэхпин тэппит,
Тобукпун көннөрбүт,
Тыҥабын кэҥэппит,
Тыыллан турбут алааһым
Оккуодайым барахсан,
Оҕо сааһым орохторо
Оргууй аҕай
Оччотооҕуну ордорон,
Оҥхой сирдиин
Оҥой-соҥой көрөн,
Одуулуу түһэн
Ороһуйа күүппүттэр эбит…
Хайыам баарай…
Кураанах кутум курутуйда,
Иччитэх иэйиим имэҥирдэ,
Илэтэ суохпуттан эһинним,
Тыыннааҕа суохпуттан хоргуттум,
Тыла суохпуттан салынным,
Эргийбэт эбиттэн эймэһийдим…
Арай…
Дайдым дьоно барахсаттар
Умсугуйан үөрэппиттэр,
Эрэйдээх дьылҕабын саныы,
Сатамматах төлкөбүн көмүскүү,
Айбыт айымньыларбын кэпсии,
Суруйбут суруктарбын харысыһа,
Кичэспит хоһооннорбун ааҕа,
«Үтүө ыччаттаах этибит ээ», – дии,
Үрүҥ туллукпун көтүтэ,
Үрдүк ааппын ааттата,
Кэриэс тылбын кэрэһилии,
Олороллор эбит ээ диэн,
Ойдубут бэйэм омуннурдаҕым,
Охтубут бэйэм дьоллонноҕум,
 
 
Алампа бэйэм алаарыйдаҕым эбит…
Халлаан аанньала
Ханыылаһа түһэн хайҕаатым,
Күн уола
Күлүбүрүү түһэн күндээрдим,
Саппаҕырбыт тылым сайдыыһы,
Сүппүт аатым өндөйүүһү диэн
Сатала суох салалыннаҕым эбит…
 

Ойуунускайга

 
Кини аатын өрүү кистээн,
Сипсиһэн кэриэтэ ахталлара,
Кэтэхтэринэн өрүү чуҥнаан,
Сапсыйан тохтуу түһэллэрэ.
Уостан түспэт ол номох
Уота-күөһэ сырдыга,
Умнуллубат дьикти мөссүөн
Уоҕа-төлөнө тыыннааҕа.
Таатта улуу киһитин
Таалан туран суохтуура,
Төлө көппүт урсунун
«Төннүө» диэхтии одуулуура.
Былатыан барахсан
Ойуун ууһун удьуора,
Быралыйан да баран,
Баараҕайыҥ дэлэ дуо…
Быстан-ойдон да баран.
Баһырхайыҥ дэлэ дуо…
Ааттыын-суоллуун сүтэн баран
Аарымаҥ-сүдүҥ дэлэ дуо…
Амырыын тыыннаах сойуоттан,
Үҥэр эмэгэт хоруотуттан
Үҥсүү сурук тиһиллэрэ,
Хара хапсыы хаһыытыттан
Хатан куорсун кыһыырара,
Хааннаах тарбах анныттан
Күтүр балыыр көтөрө.
Көҥүлү туойбут тойуккуттан
Көһөҥөтүн үлтү охсон,
Ыйбыт суолгун хайытан,
Ырбыы гынан ыһыахтаан,
Кылгас ыча ыаһахтаан
Кэрчик хонукка күһэйбитэ.
Чачархай бэйэҕин,
Саһарчы көрбүккүн,
Мичээргин мэлитэн,
Дууһаҕын мэлийэн,
Норуоттан саһыаран,
Сүдүгүттэн саллан,
Кутталы кытары
Кум-хам тутан
Суох гыммыттара абатыын…
Будулҕан сылларга
Туманнаах кэмнэргэ,
Ыйыстыбыттара,
Ыйаахтаабыттара…
Саҥата суох сундулуспут,
Чабылаҥа суох суккураспыт,
Кэм-кэрдии кэтэҕэр,
Сыл-хонук айаныгар
Саһыарбыттара,
Симэлиппиттэрэ…
Ол эрэн
Кэрэкэ бэйэҥ
Кэриэс тылыҥ
Кэхтибэккэ,
Көһөҥө бэйэҥ
Көмүөл үлэҥ
Киртийбэккэ,
Өссө ордук кылбайан,
Өрүү кэҥээн-тэнийэн,
Дириҥээн-тупсан истэҕэ,
Үрдээн-күөрэйэн көттөҕө…
 
 
Тааттаҕар – татыйык ырыата,
Тырымнас күн уотун чаҕыла,
Алааскар – балаҕан буруота
Ахтыбыт норуотуҥ ыллыгын субуйар.
Бу манна олоҥхо ылланар,
Уол оҕо хоһооно суруллар,
Кэхтибэт кэриэһиҥ тыллара күөдьүйэр,
Кэмэ суох сайдыыбыт салаллар…
 

Дойдубар

 
Эн эрэ долгутар туонаҕар
Туойар ээ сүрэҕим тапталы,
Көстүбэт биһикпин хамсата
Мин ийэм уостара мичийэр.
 
 
Бу салгын сылаастык убуруу
Көтөҕөр, санаабын илгэлии,
Барбатын диэбиттии эргийэ
Балаҕан ааныгар кэтэһэр.
 
 
Тохтообут ол түгэн абылыы
Оҕо саас күнүгэр угуйар,
Ньээм отун амтана минньийэ
Ньүөл олох кэрэтин санатар.
 
 
Бу Тааттам, ахтылҕан уйата,
Барыбыт сүрэҕэр биир эбээт,
Бу олох ыллыгын түмүгэр
Эргитэн аҕалыа, күүт эбээт.
 

Эргиллии

 
Көстүбэт атахтаах кэм-кэрдии,
Көнтөһүн туттарбат күн эргиир,
Күлүкүнэһэн ааһар хонуктарыттан
Туора түһэн, халты хааман
Кэллим манна, өтөхпөр,
 
 
Түүлбэр эрэ көрөн көччүйэр
Төрөөбүт көмүс ыырбар,
Ыра буолан ыраах саспыт
Ырай сирбэр – илэ бэйэҕэр.
 
 
Ууламмыт хараҕым атыҥырыы
Имэрийдэ иһийбит көстүүгүн,
Ахтылҕан, сүрэхпин нүөлүтэ,
Аһаҕас уолукпар ньиргийдэ.
 
 
Тиллэн күөгэлдьиһэр санааларым
Тилэхтэрин тыаһа тоһугураата,
Оҕо сааһым орохторунан
Оһуор суугуна сүүрэлээтэ.
Тойон сэргэм тэллэҕэр
Сибэкки бөҕө тэлгэммит,
Күрүө маһын үрдүгэр
Кыра чыычаах дьиэтийбит.
Эрдьигэс маһым, улаатан,
Эрдийбит сотото дьоройор,
Чэчирим, куота уһаан,
Чүмэчи хатыҥ дыабайар.
 
 
Солко оккор күөлэһийэн
Соспут санаам сүөкэннэ,
Көлүччэ уугар сөтүөлээн
Курус кутум сайҕанна.
 
 
Төрөөбүт дойдум барахсан,
Тарда турар ахтылҕан,
Эргиллиэм, эһиил кэтэһээр,
Эбиллэн кэлиэм, эрэнээр.
 

Таатта үрэхпэр

 
Талба тылы таламмын,
Таптал уоҕун кутаммын,
Талыы Тааттам, иэйэммин
Төннө туруом, ахтаммын!
 
 
Мөһүүрэ уугар киирэммин,
Муҥур кэрэҕин сөҕөммүн,
Мааны бэйэҕин көрөммүн
Манньыйыа этим, үөрэммин.
 
 
Төрөөбүт үрэхпэр кэлэммин,
Талаҕым күлүгэр олороммун,
Туойуом, ырыа ыллааммын,
Туолуом, хоһоон айаммын.
 
 
Таатта үрэх, чулуугун,
Түмсүү күүһэ буолаҕын!
Таатта үрэх, улуугун,
Тылым кута буолаҕын!
 

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации