Текст книги "Таас Хайа. Бастакы версия"
Автор книги: Эрнест Яхонт
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
Возрастные ограничения: +18
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 4 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Таас Хайа
Бастакы версия
Эрнест Яхонт
© Эрнест Яхонт, 2024
ISBN 978-5-0064-2996-3
Создано в интеллектуальной издательской системе Ridero
Киирии тыл.
Эһиги билэргит курдук, биһиги дойдубутугар араас түбэлтэлэр буолан турардаахтар. Олортон биирдэстэрэ чучунаа туһунан кэпсээни, үһүйээни уонна номоҕу хас биирдии саха киһитэ, бу олорор үйэтигэр саатар биирдэ истэн аһарбыт буолуохтаах. Биллэн турар, киһи олоҕор бар дьоно киниэхэ улахан дьайыылаах буолаллар. Холобур бу сэһэҥҥэ, өскөтүн силиэстийэни ыытар киһи үлэтинэн кэлбит буоллаҕына, бу улаатан эрэр уол оҕото, бэйэтин баҕатынан дьонун-сэргэтин көмүскээри, кырабын дэммэккэ бэйэтинээҕэр улахан күтүрү бултаһара ааҕааччыны уйадытар. Бу кинигэҕэ таптал күүһэ киһи ыарахан түгэҥҥэ түбэстэҕинэ, киһи дууһатын уоскутарын. Онтон хорсун быһыы, эр киһини хайдах курдук киэргэтэр бигэргэтэн суруллубут буолан, бу кинигэни ааҕа олорор киэһэхэ элбэҕи даҕаны кэпсиэ диэммин, бэйэм ис санаабыттан үчүгэйи баҕаран тура, сынньана таарыйа диэн дуоһуйа ааҕарҕытын көҥүллүүбүн!
Махтаныам этэ дьиэ кэргэммэр, кинилэр эрэллэринэн уонна көмөлөрүнэн, бу бастакы кинигэм күн сирин көрдө. Туспа махтаныам этэ эбээбэр уонна эдьиийбэр. Хас биирдии ааҕааччыларбар баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, чэгиэн олоҕу уонна дьолу-соргуну. Бу буола урар ыарахан кэмҥэ, бары бииргэ түмсүүлэх буолуох тустаахпыт, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөһөн олороргут киһини үөрдэр. Саха норуотун тыла сүтүө суоҕа диэн Таҥараҕа улаханнык эрэнэбин. Ол иһин аныгыс сырыыга тахсар кинигэлэрбин, эһиэхэ диэн төрөөбүт тылбынан суруйуом. Туругурдун сахам тыла!
Бастакы чааһа.
– Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар. (Саха өһүн хоһооно).
Өр өтөр буолбатаҕа, сайын саҕаланаат оҕо-аймах оскуолатын чиэппэрин түмүктээн, бары даҕаны «һуу» диэбиччэ дьиэлэрин хоту ким дэриэбинэҕэ, ким даачаҕа, ким тас дойдуга күүлэйдии бараллар. Биллэн турар, хас биирдии оҕо бэйэтэ туспа баҕа санаалаах, өскөтүн быраата манна барабын диэтэҕинэ эдьиийэ онно диир, онтон сылтаан мөккүөр таҕыста даҕаны ийэлэрэ «бүтүн!» диэн мөҕөн эрэ кэбиһэр. Дьэ быйылгы дьыл сайына бэрткэ саҕаланна, тоҕо диэтэр, куйаас кэмнэргэ сымнаҕас ардах түһэн сири дойдуну курааҥҥа былдьаппата. Онон быйыл барыта этэҥҥэ буолуохтаах, барыта тупса туруохтаах
Мичил хаһан даҕаны мээнэ хой баһын туойбат, мээнэ солуута суох күлбэт, ыраас санаалаах, сымнаҕас майгылаах, холку үчүгэй уол. Куруутун түөрткэ-биэскэ үөрэнэр, үөрэҕэр кыһаллан 7-с кылааһы быйыл этэҥҥэ түмүктээн баран, быйыл хайаан даҕаны худуоһунньуктар лааҕырдарыгар барыахпын наада диэн кытаанах санаалаах. Ол даҕаны буоллар, аҕыйах кэмҥэ абаҕатын аахха дэриэбинэҕэ көмө киһитэ буола таҕыста.
Толбон диэн дэриэбинэ уруккута кыһыллар уонна үрүннэр харах харахха көрсөн киирсибит сирдэрэ. Гражданскай сэрии кэмигэр, кыһыл этэрээттэр бу сири оборона оҥостон үрүннэри тоһуйбут сирдэрэ, ол кэмнээҕи кэмҥэ сыһыаннаах бу олохтоох дьоҥҥо, араас номох буолбут үһүйээннэр бөҕө тылтан тылга, уостан уоска бэриллэн билигин даҕаны дьон-сэргэ дьикти буолбут түбэлтэлэри кэпсиирэ. Дьиҥинэн Толбон дэриэбинэтэ туох даҕаны атын дэриэбинэлэртэн уратыта суоҕа эрээри… Таастаах хайаҕа улахан киһи суола баара…
2. Өр да айаннаан, уһун суолу массыына түннүгүн нөҥүө көрөн олорон «хаһан бу тиийэммин саҥаһым Кэтириис алаадьытын амсайарым буоллар» диэн саныы иһэн, уута кэлэн утуйан хаалла. Арай эмискэччи такси массыыната тохтуу биэрдэ, Мичил уһуктан кэллэ, өҥөйөн көрбүтэ билэр сиригэр кэлбит эбит. Тэрээһэ ааныттан абаҕата Миитэрэй өҥөйөн туран илиитин уунна. Бырайыаһын төлөөн, малын суумкатын ылан баран ааны аһаат абаҕатыгар сүүрдэ, күрүө аанын арыйаат Миитэрэйи кууһан ылла. Миитээ бэйэтэ эйэҕэс киһи, сымнаҕас майгылаах, үлэһит бэрдэ. Урут быраата тыыннаах эрдэҕинэ элбэх сиринэн үлэлиир-хамныыр эбитэ. Холобур тас омук дойдутугар тахсан биир хампаанньаҕа балыксытынан үлэлээн турардааҕа. Оннук курдук эрчимнээхтик үлэлии хамныы сырыттаҕына, дойдутуттан эмискэ ыраас халлааҥҥа чаҕылҕан эппитин курдук куһаҕан сонун кэлэр, Мичил аҕата Дьулус ууга түһэн өлбүт үһү диэн. Өр гымматаҕа, аҕыйах хоноот дойдутугар төннүбүтэ, кэлээт даҕаны ханна даҕаны тохтообокко, утуйбакка сынньаммакка Толбоҥҥо түһүнэн кэбиһэр, ол кэнниттэн биирдэ быраатын харайсар. Ол дьыл күүстээх тыал, ардах-этиҥ хаста да түһэн турардаах.
Миитэрэй быраатын Мичили кууста, оруйуттан ылан сыллаата уонна эмискэ баҕайытык -хайа доо, иккини ылбатыҥ ини, нохоо– диэн ыйыппытыгар Мичил – бу үйэҕэ үчүгэйдик үөрэнэн кэлбитим– диэн бэйэтигэр төттөрү хардары эппиэт биэрдэ, Миитэрэй күлэн эрэ бистэ. Дьиэҕэ киирээт Мичил улааппыт түөлбэтин, тапталлаах сирин салгынын эҕэрийэ биэрдэ. Дьиэ иһигэр киирбитэ кэм буолуо, кийиитэ Кэтириис барахсан дьиэтин сууйан, аһын астаан, чэй өрөн барытын бэлэмнээн баран кыра уолун Ньургуну аһата олороохтуур эбит.
– Эдьий Кэтириис, дорообо!
– Оо, Мичил! Төһө бэрткэ айаннаан кэллиҥ?
– Үчүгэй, ол эрэн суолбут өссө тупсан биэрбит дуу? Олох көнө баҕайы дии.
– Бу соторутааҕыта суолу оҥорбуттара, малгын хоско киллэрэн уураар, онно бэйэҥ оронуҥ бэлэм уонна кэлэҥҥин аһаар.
– Так точно, эдьий Кэтириис.
Хоһугар киирбитэ Миитээ улахан кыыһа Маайа кинигэ ааҕа сытар эбит, Мичили көрөөт үөрдэ, санаатыгар оҕо сааһын санаан ылла.
– Айуу, пирибиэт! Хайа Мичил, хантан көһүннүҥ?
– Ээ пирибиэт, Маайыс (Мааппа диэччим оҕо сылдьан, тоҕо диэтэр эбээтэ кинини Мааппа диэн хос ааттааччы)! Ээ оттон, куорат айдааннаах олоҕуттан куотан, аҕыйах кэмҥэ диэн сынньана кэллим.
– Эмиэ тоҕо аҕыйах күҥҥэ? Биир дьыл сайыныгар, саатар биир-икки ый хаалыаҥ этэ буоллаҕа.
– Ээ суох, лааҕырга барыахпын наада
– Туох Лааҕырай?
– Уруһуйдьуттар гиэннэрэ
– Дуо? Онтон манна эмиэ уруһуйдьуттар лааҕырдара сотору аһыллар үһү диэн сураҕы истибитим ээ.
– Эс? Кырдьык дуо?
– Сымыйатын кырдьыгын билбэппин, баҕар ийэлээх-аҕам билэллэрэ буолуо, хата кинилэртэн ыйытаар.
Малын уураат, умывальникка илиитин суунан баран остуолга олордо. Миитэрэй таһырдьа табахтыы түһэн баран дьиэҕэ киирдэ, Мичил диэки үөннээх баҕайытык көрдө уонна остуолга олорунан миинин иһэн саҕалаата.
– Чэ кэпсээ, Мичил. Ийэҥ хайдаҕый?
– Барыгытыгар «Дорообо» тириэрдэр.
– Онтон кыра балтыҥ Нарыйа?
– Этэҥҥэ, быйыл подготовкаҕа киирэр.
– Ээ, улааппыт дии, наһаа минньигэс иэдэстээх оҕочоон. Кэтэриис, өйдүүгүн били урут Нарико кыһыл оҕо эрдэҕинэ бырааппар Дьулуска ыалдьыттыы тиийбиппитин?
Кэтириис ол бу диэки көрдө, хайдах эрэ умнубуттуу истиэнэ диэки көрөн баран -Өйдөөтүм быһыылаах, били Дьулус эйиэхэ саха быһаҕын илии ууммута дуо?
Миитэрэй хайдах эрэ муода баҕайытык кэргэнин диэки көрөн баран -Бүт эрэ, ол кэм Нарыйа биирин ааспыта, өссө ол иннинээҕи дьыл.
– Ээ сөп, дьэ өйдөөтүм– диэн Кэтириис нэһиилэ ол ааспыты сэгэтэн көрөн, дьэ кэлэн өйдөөтө -Онно эн вахтаттан кэлбит кэмиҥ этэ ди?
– Вахтаттан кэлэн бараммын ити билиҥээҥҥигэ диэри сүүрэр массыынаны ылбытым.
– Оччолорго Нарико эһээхэй оҕо буоллаҕа, онно мин баттахпын кугас гына кырааскалаппытым, ону көрөн баран Дьулус «аны хаһан даҕаны баттаххын кырааскалаама, эйиэхэ ити өҥ барсыбат» диэн киһини соһуппута.
– Кырдьыгы эппит, эйиэхэ кугас өҥ дьиҥ чахчы барсыбат этэ.
– Оо дьэ, Миитээ! Бэйэм билэр буоллаҕым эбитэ, ханнык өҥү хайдах кырааскалыырбын.
Кыра уоллара Ньургун аһыы олорон утуйан хаалбыт, Мичил түргэн-түргэнник аһаат даҕаны быраатын Ньургунчугу аа-дьуо хонноҕуттан ылан хос диэки илтэ. Ороҥҥо сытыаран, суорҕанынан сабан баран төттөрү остуолга кэлэн чэй куттан баран бичиэнньэ уонна кэмпиэт сии олордо.
– Дьээдьэ Миитээ, эдьиий Кэтириис. Манна сотору уруһуйдьуттар лааҕырдара аһыллар үһү диэн, Маайа киһини соһутта ээ, ол төһө кырдьыгый?
– Аһыллар-аһыллар, онно суруттарыаххын баҕардыҥ дуо – диэтэ Миитэрэй уонна чэй кутуна барда.
– Оччоҕо ийэбиттэн арай көҥүл ыллахпына, манна хаалан лааҕыр толоонугар тахсан, оҕолору кытта билсэн-алтыһан, дьэ бэртээхэй да буолуо эбит.
– Сөпкө этэҕин, оҕо саас кэрэтэ, тоҕо бэрдэй – диэн баран остуолтан турда Кэтириис, уонна аргыый аҕай иһитин хомуйан саҕалаата
Чэйин туппутунан Миитэрэй кэлэн олоппоско олоруна биэрдэ, уонна чуолаан кэпсээн барда.
– Ол эрэн ити лааҕырдара Таас хайа диэки аһыллар үһү диэн сурах тарҕаммыта, ол диэки кутталлаах соҕус буолсуһу диибин ээ.
– Ол тоҕо? Туох куттала баарый? Мичил хайдах эрэ дьиктиргии биэрдэ.
– Чэ иһит. Былыр сэбиэскэй кэм эрдэҕинэ, Толбон нэһилиэнньэтэ бастыҥ аакка сылдьар этэ. Эн эһээлээҕин уонна кини көлүөнэтэ күүскэ үлэлээн-хамсаан, бары дьон колхозка, совхозка үлэлээн кэлии – барыы элбэх кэмэ эбитэ үһү. Биир үтүө күн эһээҥ Хабырыыс оҕонньор, оччолорго эдэр киһи, өрөбүллэригэр табаарыстарын кытта Таас хайа диэки, түбүктээх-ыарахан үлэ кэнниттэн сынньана тахсыбыттар. Оччолорго күһүөрү эбитэ үһү, балааккаларын туруоран, уот уматан, күөс өрүнэн, дьэ костёр тула эргиччи олорон эрэ кэпсэтэ олордохторуна, арай Таас хайа диэкиттэн хайдах эрэ киһиэхэ майгынныыр диэххэ киһи хаһыыта буолбатах, тыатааҕы диэххэ тыатааҕы да хаһыыта буолбатах, улахан баҕайы ой-дуораана иһиллибит. Ону истэн бары уолуйбуттар.
– Ол туох хаһыыта үһүнүй? Мичил соһуйбуттуу көрөн кэбистэ.
– Дьэ билбэтим. Онтон ыла эһээҥ ол диэки үктэммэт буолбута, оскуолаҕа сылдьан биирдэ Дьулустуун уонна атын уолаттары кытта ол диэки пикнииктыы тахсаары гыммыппытыгар, эһээҥ биһигини туох даҕаны иһин ыыппатаҕа.
Кэтириис иһитин хомуоһун сууйан бүтэрээт, аа-дьуо хоһун диэки бара турда.
– Чэ Мичил, ол иһин ити сир диэки үктэнимиэххин наада – диэн Миитэрэй түннүк диэки көрдө.
– Ол эрэн, дьээдьэ Миитээ, мин уруккаттан худуоһунньук лааҕырыгар сылдьыахпын баҕарбытым, букатын үйэ буолла. Быйыл бачча кэлбиччэ, эһигиттэн чугас олорон эрэ, син-биир сылдьыахтаахпын диэммин, кытаанах санаалаахпын.
– Бэйэҥ тускар бэйэҥ эппиэттиигин, ол эрэн биири өйдөө, сэрэхтээх эрэ буоллаххына табыллар!
– Сөпкө этэҕин – диэтэ Мичил уонна чэйдээн баран айаннаан сылайбыт киһи быһыытынан, киэһээ утуйар бириэмэҕэ хоһугар киирэн, оронугар сытынан кэбистэ.
Сытан эрэ арааһы барытын саныы сытта, ол туох ааттаах адьырҕа кыыла баарый ол сиргэ? Эбэтэр туох эрэ киһи аҥаардаах кыыл дуу?
3. Сарсыарда тураат, Мичил суунан-тараанан баран дьонун кытта аһаат даҕаны, оҕо сааһын доҕоругар суол нөҥүө кэккэлэһэ турар дьиэҕэ Чэгиэнэп (Чегененов) Уйгуҥҥа тахсыбыта. Уйгун урут оҕо сылдьан, Мичил киниэхэ дьаарбайа кэллэ даҕаны, араас кэмпиэтинэн-сакалаатынан күндүлээн көрсөр буолааччы. Мичил ааны тоҥсуйбутугар, арай ким даҕаны ааны кэлэн арыйбата, онтон иккистээн тоҥсуйбутугар Ньургуйаана арыйда, Мичил хаһан даҕаны Ньургуйаана бачча улааппытын көрбөтөҕө, тугу гыныан-туох диэҕин булбата, нэһиилэ – Эээ, Уйгун баар дуо – эрэ диэтэ. Ньургуйаана бэйэтэ быйыл ахсыс кылаас буолла, убайыттан Уйгунтан биир сыл балыс, Мичили көрөөт -хайа Мичил, привет! Хаһан кэллин? – диэн бу хаһан даҕаны кинини кытта пирибиэттэспэтэх кыыс, Мичили өссө уулларда.
– Ээ суох оттон, бу бэҕэһээ киэһээ кэлбитим.
– Оннук эбит дуу, Уйгун сотору кэлиэҕэ, маҕаһыыҥҥа барбыта. Эн чэ киир дьиэҕэ, киирэҥҥин остуолга олор, чэйдээ.
– Бэрт эбит, киириэм – диэтэ Мичил, уонна холку соҕустук дьиэ иһигэр киирэн, куухуна остуолун төгүрүччү олоруна биэрдэ. Ньургуйаана күөх куруусканы ылан, кофе кутан биэрдэ. Мичил аа дьуо кофетын иһэн саҕалаата.
– чэ кэпсээ Мич, куорат олоҕо хайдаҕый?
– Ээ, үчүгэй бөҕө буоллаҕа, интэрниэт түргэнэ, манна курдук буолбатах
– Оннук ээ – диэбитин кытары аан эмискэччи аһылла түстэ, арай Уйгун киирэн кэллэ. Мичил Уйгуну көрбөтөҕө сылтан оттоҕо, Уйгун улааппыт, кэтирээбит эбит.
– Айуу, Мич – Уйгун табаарыһын көрөн күлүмүрдээн ылла.
– Ооо, Уйгубор – Мичил эмиэ астынна.
– Иэскин хаһан төнүннэрэҕин? – диэтэ Уйгун уонна дьиибэлээх баҕайытык Мичил диэки көрөн кэбистэ.
– Туох иэһин? Хаһааҥҥы иэспин?
– Былырыын миигиттэн иэс ылан бараҥҥын, маҕаһыынтан утах ылбыккын өйдөөбөккүн дуо? – Уйгун тииһэ сырдаан ылла.
– Ээ сөп, субу кэлэммин дьэ саҥа өйдөөтүм – диэн баран Мичил хармааныттан мөһөөх солкуобайы хостоон истэҕинэ
– Э суох, бротишка. Бэйэҕэр хааллар, бачча кэлбит ыалдьыты, аны хармаанын ырааһыраммын ол иэдээнэ – Уйгун остуолугар килиэп уурда, холодильнигын аанын аһан баран продукталарын сааһылыы турда.
Ньургуйаана куораттан кэлбит уол хараҕын одулуу көрдө, Мич төһө даҕаны кыбыһыннар, эр киһи буоларын быһыытынан, бэйэтин утары көрөн кэбистэ – бу да кыыс кэрэтин – диэтэ санаатыгар.
– Чэ аһыаххайыҥ, килиэби кырбаа эрэ Ньургу – Ньургуйаана түргэн-түргэнник килиэби кырбаат да убайыгар кофе кутта уонна ыалдьыт сонунун истэ таарыйа аттыларыгар олордо.
– Кэпсээ эрэ, какие новости? – Уйгун Мичил диэки килэччи көрөн кэбистэ.
– Ээ суох, үчүгэйдик айаннаан кэлбитим, дьоммор Миитэрэйдээххэ тохтообутум.
– Үөрэҕин төһө үчүгэйдик түмүктэннэ?
– Этэҥҥэ – Мичил уол, Ньургуйаана моонньугар хараҕын бырахта.
Оннук гынан үһүөн көрсүбүччэ, ахтыспычча атах тэпсэн олороннор кэпсэтэ олордохторуна, эһээлэрэ Чегенов Василий Тимофеевич киирэн кэллэ. Эһээлэрин көрсөн чэй кутан биэрдилэр, Тимофеевич оҕонньор Мичили көрөн үөрдэ, ким хайдах, төһө бэрткэ олорорун ыйыталаста, ол эрэн Мичил быйыл сайын художниктар лааҕырдарыгар сылдьыан баҕарбытын оҕонньор соччо сөбүлээбэтэҕэ.
– Ити Таастаах хайа диэн куттал-суһал дойдута.
– Дьээдьэм Миитэрэй эмиэ ити сири тоҕо эрэ сөбүлээбэтэҕэ.
– Сөпкө этэр, ити сиргэ чучунаа баар дииллэр.
– Чучунаа? – Мичил айаҕын ата биэрдэ
– Чэ иһит…
1922-с сыл, күһүҥҥү Балаҕан ыйа
Толбоҥҥо үрүҥнэр этэрээттэрэ кыһылларга кыайтаран, биэһэнчэкэ киһиттэн уонча киһи тыыннаах хаалар, ол хаалбыт дьоннор аҥар гына хайдыһаннар, араас-араас сиринэн куоталлар. Биир уоллара Степанов Болат Александрович, оччолорго эдэр сүүрбэ үстээх эрээри, биир дьыл хорсун быһыытын иһин, хамандыыра Георгиевскай кириэскэ наҕараадаҕа түһэрбитэ. Болат бэйэтэ кыра уҥуохтаах, саха боростуой киһитэ, төрөппүттэрэ орто кыахтаах дьон эбиттэрэ үһү. Арай ол куотан истэҕинэ Таастаах хайа диэки халыйбыт, бэйэтин кытта маллаах, астаах-үөллээх, иккис флягатыгар водкалаах, биэстэ эстэр Мосинка винтовкалаах уонна бэстилиэтин сиэбигэр Нагааннаах эбит. Тоҕо эбитэ буоллар, кыһыллар Толбонтон хоту диэки кими да эккирэтиһэ барбатахтар (баҕар тугу эрэ билэллэрэ эбит буолуо, туох эрэ эбэтэр ким эрэ баарын). Болат эдэр-сэнэх киһи, түргэн хаамыылаах эр бэрдэ хайа хаспаҕын (пещера) булан, онно уот уматынан, күөһүн тардынан, аһаан сиэн баран күн киирбитин кэннэ утуйаары сыттаҕына, арай хаспаҕын аттыгар туох эрэ улахан баҕайы тыас тыаһаабыт. Дьэ бу кэлэн нууктаан истэҕинэ эмискэ уһукта биэрбит – кыһыл бандьыыттар син-биир миигин эккирэтэн кэлбиттэр эбит, ол да буоллар, сирэҕэстэр – диэн ботугураан ылла. Аа-дьуо хардыылаан хаспаҕыттан тахсан таһырдьаны одуулаабытыгар, ким да баар сибикитэ биллибэтэҕэ. Күһүн төһө да киэһээҥҥи халлаан да буоллар, син мээнэ сырдык соҕуһа этэ. Арай хойуу тыа быыһыттан, үс миэтирэлээх улахан да улахан киһи диэххэ киһи буолбатах, кыылга да майгыннаабат күтүр тахсан кэлбит. Болат ыксаабыт киһи быһыытынан, Мосинкатын иитэн бэлэм олордо – бу баҕас чахчы кыһыллар буолбатахтар, туох абааһыта эбитэ буоллар – диэтэ уонна ол турар күлүк диэки хаһыытаата -ЭН КИМҤИНИЙ? ХАНТАН КЭЛЛИҤ? – туох даҕаны эппиэт суох – ӨССӨ БИИРДЭ ЫЙЫТАБЫН, ЭН КИМҤИНИЙ? – диэбитигэр, күтүрэ киһи куйахата күүрүөх хаһыытын хаһыытаата! Болат Александрович дөйөн ылла. Онтон абааһыта кини диэки утары хаамта.
Бастакы саа тыаһа иһилиннэ, иккис сааһа тыаһа, үһүс уонна төрдүс, онтон киһи өлөр хаһыыта иһилиннэ. Хайа аттыгар турбут тайах хаһыыны истээт, иннин хоту диэки куота турда.
Сарсыарда кыһыл этэрээттэр Таас хайаны таарыйан ааспыттар, онно хаспах баарын көрөннөр «баҕар үрүҥнэр манна саһа сыталлара буолуо» диэннэр өҥөйбүттэрэ ынырык хартыына эбитэ үһү. Үрүҥ уол иһин-үөһүн тырыыта тыыппыт, куртаҕа уонна даҕаны атын уорганнара ыһылла сыталлар үһү, икки хараҕа иккиэннэрэ суохтар эбитэ үһү, икки атаҕын буутун кэбийэн кэбиспит. Ол кэнниттэн ити сир диэки, дьон сэргэ мээнэ үктэммэт буолан турардаах.
4. Сайыҥҥы халлаан ырааһа диэн, сибиэһэй салгына диэн, ол иһин куораттан оҕолор дэриэбинэҕэ сынньана кэлэннэр, уулуссаҕа оҕо саҥата элбии түһэрэ. Бары оҕолорго кэриэтэ велосипедтаахтар, ким эрэ улаатан матыысыкыл ыытар буолан, киэһэтин дэриэбинэ олоҕо тыастаах-уустаах буола түһэр. Күн киириитэ оҕолор биир киэҥ сиргэ мусталлар, мээчиктииллэр, лапталыыллар уонна да атын араас оонньуу көрүҥүн оонньууллара. Сорохтор ким эрэ баанньыгар эбэтэр гарааһыгар олорон эрэннэр хаартылыыллар, дуобаттыыллар уонна бэйэ икки ардыларыгар араас сонуну ырыталлара.
Мичил уол бачча кэлбиччэ дьээдьэбэр көмөлөһөбүн диэн кытаанах санаалааҕа, иннэ гынан оҕуруот үлэтигэр Миитэрэйгэ көмө киһитэ буола сылдьыбыта. Миитэрэй кэлин атаҕа ыалдьар буолан, бырааска көрдөрүнүөм этэ диирэ даҕаны, бэйэтэ уруккаттан көрдөрүммэт киһи этэ. Ону Мичил бэрткэ диэн өйдүүрэ, ол иһин Миитэрэйгэ «бу сырыыска хайаан даҕаны оройуон киинигэр Хаптаҕайҕа тахсыахтааххын, бырааска барытын туох-ханна ыалдьарын эт, мин эйигин манна солбуйуом» диэн туран, дьээдьэтигэр олус да улахан көмөнү оҥорон турардаах.
Биир үтүө күн Мичил таҥас сууйа олордоҕуна, Чегенова Ньургуйаана тиийэн кэллэ. Мичил тугу гыныан булбата, тымныы уунан ыстарбыт киһи курдук хараҕын эмискэ аһа биэрдэ.
– Мич, привет!
– Пып, пыр, пирибиэт!
– Мин эмиэ эйигин кытта лааҕырҕа барар буоллум.
– Оп, хмм… хмм, ол тоҕо?
– Эйигин кытта просто нескучно.
– Эсс, мин-мин жооско ускуучунайбын ээ.
– Хи хи хи, этэн көр өссө.
– Ол эрэн баары эттэххэ, дьолбун дьол оҥордуҥ– диэбитигэр Ньургуйаана кэлэн Мичили кууһан ылла, арай эдьиийэ Маайа маҕаһыынтан соһуччу тиийэн кэллэ. Ньургуйаана хайыһа биэрбитигэр Маайа кини диэки кырыктаах хараҕынан көрөн турар эбит.
– Тугу гына кэллиҥ эн? – Маайа кыырт курдук туттан, саба түһээри соруммутун курдук туттан турар. Ол да буоллар Ньургуйаана даҕаны иннин биэрбэтэ.
– Ол тугуй? Баар-суох доҕорбор Мичилгэ кэлиэ суохтаах үһүбүн дуо?
Мичил ойон турда, уонна саҥата суох Ньургуйаананы илиититтэн сиэтэн ылан дьиэтигэр дылы атааран биэрдэ. Ньургуйаана Мичили кытта покаалаһан баран, олбуорун аанын аһан киирэн истэҕинэ Мичил сүүһүттэн сыллаан ылла. Ньургуйаана бастакы уонна бүтэһик таптала, кэлин оҕолорун аҕата, эрэнэр киһитэ буолар. Ол күнү ити кыыс олоҕун тухары субу диэн өйдүү-саныы сылдьыа.
5. Киэһээлик Мичил дьиэтигэр аһаан баран Оленовтарга таҕыста. Баарамай Егорович Оленов аҕата суох, соҕотох уол, бэйэтэ ийэтигэр иитиллибит. Быйыл Дьокуускайдааҕы Государственнай Университет филология факультетын устудьуона, үөрэҕин кыайар-кыайбат икки ардыгар үөрэнэр, ол эрэн бу сайыҥҥы каникулугар лааҕырҕа баһаатайдыы практикатыгар диэн дойдутугар кэлбит. Толбон олохтооҕо буолан Мичили уруккаттан билэрэ, ол иһин Мичили саха киһитэ буолан туран, маанытык көрүстэ.
– Сураҕа быйыл баһаатайдыыр үһүгүн ди. Хата миигин суруй эрэ – диэтэ Мичил уонна чэйин иһэн бурдьуҕуната олордо.
– Суруйан бөҕө буоллаҕа, уонна ким баҕалааҕый доҕотторгуттан?
– Ньургуйаана.
– Манна элбэх Ньургуйааналар бааллар, чопчу араспаанньата кимий?
– Чегенова
– Айучэ, подружкан да?
– Миэнэ бөҕө буоллаҕа – Мичил хайдах эрэ кыайбыт-хоппут киһи курдук көрүҥнээх буола түстэ
– Айкабын да, уонна? Ким даҕаны өссө суруттарыан баҕарбат дуо бу үлүгэрдээх? – Баарамай өссө биирдэ тоһоҕолоон ыйытта.
– Суох быһыылаах, баҕалаахтар эйиэхэ биллэр инилэр.
6. Эһиги оҕо лааҕыра диэни хайдах өйдүүгүтүй? Бастакы таптал? Элбэх доҕоттор? Остолобуой минньигэс аһа? Костёр тула олорон кэпсэтии-ипсэтии? Гитара тыаһа?
Бастакы күнтэн ыла лааҕыр олоҕо бэрткэ саҕаламмыта, баһаатайдара Баарамай барыларын стройдатан туоруоран, биир биир билиһиннэттээбитэ. Элбэх оҕо улуустартан киирэннэр, бары кэриэтэ талааннаах, ким эрэ эрдэ уруһуйдьут начаальнай оскуолатын бүтэрэн, ким эрэ отой даҕаны худуоһунньук төрөппүттэрдээх буолан биэрбитэ, этэргэ дылы муостаах-куйахтаах оҕо элбэҕэ. Арай Мичил эрэ улаханнык уруһуйдьут буолбатах этэ, ол эрэн бэйэтин санаатын хомуйан, сыал-сорук туруорунан хайаан даҕаны уруһуйдуур буолуохтаахпын диэн тылланан, бэйэтин кыахтаахтык көрдөрбүтэ. Лааҕырҕа уопсайа сэттэ киһи үлэлиир, Яна Афанасьевна – повар, Лена Владимировна – остолобуой үлэһитэ, Сүөдэр Харитонович – салайааччы уонна түөрт баһаатайдар (баспытааталлар) Баарамай, Мария, Киэсик уонна Марина. Оҕо ахсаана сүүрбэ аҕыс.
Бастакы нэдиэлэ. Билсии-көрсүү, сорох оҕолор аймахтыы доҕордуу буоланнар бэйэлэрэ тус-туһунан группа курдук сылдьаллара, ол эрэн үгүс оҕо бары биир дьиэ-кэргэн курдуктар этэ. Остолобуойга олус да минньигэстик астыыр Яна Афанасьевна оҕолортон элбэх хайҕабыл ылара.
Киэсиктээх Мирина баһаатай буолалларын быһыытынан, 1-кы биригээдэ оҕолорун мунньан биэрэккэ тахсаннар, ыраах турар Таас Хайаны уруһуйдатаннар, үлэлэрин биир-биир бэрэбиэркэлииллэрэ. Онтон Баарамайдаах Мария иккис биригээдэни кытта тыаҕа тахсаннар сири-дойдуну чинчийэллэрэ, мас мастыыллар, оҕунан сыал ыталлар уонна даҕаны араас оонньуу көрүҥүн боруобалыыллара. Оннук сылдьан Мичил уонна Ньургуйаана, иккис биригээдэ оҕолорун буолалларын быһыытынан, бэйэ икки ардыларыгар сэлэһэн ылааччылар, арыт сиэттиһэннэр оҕолору соһутан, баспытааталлартан сэрэтии ылааччылар.
Киэһэлик бары уот төгүрүччү олороннор араас буолбут-буолбатах түбэлтэри арай кэпсэтэ олордохторуна, аттынааҕы улуустан сылдьар Сэргэй уол – МИН МААҔЫЫН ХАРА КИҺИНИ КӨРБҮТҮМ – дии түстэ. Бары кэриэтэ истэрин хайа түстүлэр, ким эрэ хараҕыттан уу кэлиэр дылы күлүү элэк гынна – Насмешил дурачок, а теперь иди, подтирайся – диэтэ аттыгар олорбут эмис уол. Ол эрэн Киэсик эрэ күлбэтэ, олох отой күлбэтэҕэ, ол оннугар куттаныах санаата кэлбитэ – СТОП! ХВАТАТИТ! ВСЕ! – диэбитин кытары бары тохтуу биэрдилэр, санаатыгар Киэсик бу Таас Хайа туһунан буолбут түбэлтэлэри кэпсиэн баҕарбыта даҕаны туттуна биэрбитэ, аны итиччэ кэлбит дьону куттаан кэбиһиэм диэн. Онтон кэлин оҕолору сэрэппэтэҕиттэн, олоҕун тухары бэйэтэ кэмсинэр буолар, онтукатыттан сылтаан…
Иккис нэдиэлэ. Арыт сорох оҕолор иитиилэрэ букатын мөлтөх буолан, лааҕырга арааһы барытын гынан турардаахтар. Биир кэм биир уолу атаҕастыыр этилэр, ону Мичил олохтоох уол буоларын быһыытынан дугда-хахха буолааччы. Мичилтэн элбэх оҕо толлоро, кини уҥуоҕунан улахан, эттээх-ыйааһыннаах буолан кими баҕарар «хум-хам» тутан кэбиһиэх кыахтааҕа, ол даҕаны буоллар бэйэтэ боростуой уол буолан күүһүн мээнэ көрдөрбөт майгылаах этэ.
– Иһит эрэ да, өссө биирдэ Яшаны тыытыаҥ, тиискин хампы охсон кэбиһиэм, өйдөннө да? – Мичил кыыһырбычча бастакы биригээдэ уолун саҕатыттан ылан олоххо-дьаһахха үөрэтэ турда.
– Сөп, Мич-Мичил. Аны Яш-Яшаны сордуом суоҕа – диэтэ уһун баттахтаах, күөх харахтаах уол.
– Киэр бар, сүөһү бл* – диэн баран эмэһэҕэ тэптэ, онтуката остолобуой диэки сүүрэ турда.
Яша бэйэтэ хатыҥыр, кыра уҥуохтаах уол буоларын быһыытынан баһыйтарара, оскуолаҕа сылдьан өскөтүн биир атаҕастабыла суох күн аастаҕына Таҥараҕа махтана саныыра. Ол да буоллар бэйэтэ уруһуйу баһылаабыт киһи, конкурска кыттан бастакы миэстэттэн аллараа түспэт идэлээҕэ.
– Мич, мин эйиэхэ иэстээх курдук сананным – махтаммычча Мичил диэки көрдө.
– Туох даҕаны иэһиҥ суох, Яша. Өскөтүн ким эмит эйигин сордуур түгэнигэр миэхэ эт.
– Мич – Яша хайдах эрэ уолуйбуттуу көрдө.
– Тугуй? – Мичил тугу эрэ сэрэйдэ.
– Бэҕэһээ түүн туалетка тахсан иһэммин киирии суол диэкиттэн туох эрэ улахан, хара шуубалаах киһини көрбүтүм.
– Оо иэдээн эбит, ону вожатайдарга эппитиҥ дуо?
– Баарамайга эппитим, ону киһим тугу даҕаны улаханнык саҥарбатаҕа, алҕас көрбүтүҥ буолуо диэбитэ.
– Баҕар оптическай иллюзия кырдьык буолуон сөбө дуу – Мичил бэйэтэ хайдах эрэ этин сааһа арылынна
– Буолуон даҕаны сөп – диэтэ Яша, уонна Мичиллиин ону-маны кэпсэтэ ипсэтэ лааҕыр диэки хаама турдулар.
Үһүс нэдиэлэ. Өскөтүн урут сурук суруйаннар, конвердарын почта дьааһыгар уган, өр да бириэмэ эппиэти күүтэр эбит буоллахтарына, билигин нокиа төлөпүөнэ сибээс хапта даҕаны, кимиэхэ баҕар, хаһан баҕарар эрийэҥҥин, чугас киһин куолаһын истэҥҥин төһө баҕарар кэпсэтиэххэ сөп. Оннук курдук оҕолор эмиэ кнопка телефоннарын хостоон таһааран, ким подругатыгар, ким ийэтигэр, ким аҕатыгар эрийэннэр, эбиэт кэнниттэн сынньалаҥ чааһыгар бары даҕаны кэриэтэ ирэ-хоро кэпсэтэллэрэ. Мичил тото-хана аһаан баран төлөпүөнүн туппутунан ийэтин кытта кэпсэтэ ороҥҥо сытынан кэбиспитэ. Арай эмискэ баҕайытык Ньургуйаана тиийэн кэллэ уонна түөһүгэр сытына биэрдэ, орон пружината икки киһи ыйааһынын уйбакка аллараа «кыычык» гына биэрдэ.
– Кимниин кэпсэтэҕин, Мич? – тугу эрэ интэриэһиргээбит курдук Ньургуйаана ыйытан саҕалаата
– Ийэбин кытта кэпсэтэбин – Мичил утуйан турбут киһиэхэ дылы, суон куолаһынан саҥарда. Өр буолбата, ийэтин кытта покаалаһан баран Ньургуйаананы кууһан ылан сыллаан-уураан саҕалаата. Арай дьиэ аанын тоҥсуйдулар. Мичил туран кэллэ.
– Кимий? – диэн ыйыппытыгар аны иккистээн тоҥсуйдулар
– Арыйыый ааны, Дёмабын – Мичил ойон туран ааны арыйда.
– Дорообо, Мич! Яшаны көрбүтүҥ да? Манна суох дуо? – диэн Мичили уонна Ньургуйаананы соһутта. Тоҕо диэтэр, Яшалаах Дёма куруутун эбиэт кэннэ хас күн ахсын сынньалаҥҥа олорон эрэннэр саахыматтааччылар эбэтэр хаартылааччылар.
– Ээ дорообо, Дём! Яшканы манна көрбөтөхпүт. Ол эрэн эбиэккэ баар этэ дии, биһигини кытта остолубуойга олорон аһаабыта батта?
– Баара-баара. Ол эрэн ханна эрэ тахсан барбыта.
– Дуо? Оччоҕо баҕар биэрэк кытыытыгар киирэн дьаарбайа сылдьаарай дуу? – диэн Ньургу ону-маны толкуйдаан ылла – Эбэтэр тыаҕа «вдохновение» ыла тахсыбыта буолуо баҕар бу кэлэн санаатахха.
– Хайдах даҕаны оннук буолбат – диэбитэ Дёма туохтан эрэ куттаммычча – бэйэҕит бэрткэ диэн билэҕит, биһиги куруутун Яшалыын биир сиргэ мустан оонньуурбутун.
– Билэн бөҕө буоллаҕа, ол эрэн баҕар кырдьык туох эрэ наадаҕа сылдьара буолуо – диэннэр иккиэн Дёманы уоскуттулар – өскөтүн киэһээҥҥигэ дылы биллибэтэҕинэ Баарамайдаах Киэсиккэ этиэхпит.
– Сөп, хорошо – диэн баран Дёма оҕолор диэки беседкаҕа бара турда.
Ньургуйааналаах Мичил санаа бөҕөтүгэр түстүлэр.
Сайыҥҥы халлаан төһө да сырдык буолбутун иһин хараҥарбыта, ол эрэн Яша эрэйдээх биллибэтэҕэ. Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн оҕолор лааҕыр дьиэтин иһигэр киирэннэр, ким сэлэһэ – кэпсэтэ, ким оонньуу, ким кинигэ ааҕа, ким биэриллибит сорудаҕы толоро сылдьаллара. Ол эрэн Киэсик: «биир оҕо итэҕэс быһыылаах» диэн сэрэйдэ. Өр буолбата, Дёмалаах Мичил анаабыттарын курдук тиийэн кэллилэр да Баарамайга тугу баарынан кэпсээтилэр. Алдьархай буолбутун истэн баһаатай киһи буоларын быһыытынан, сүүрүүннэн уопсай коллектив мунньаҕын тэрийдэ.
– Оччоҕо тугуй? Баһаатайдар тоҕо эппиэтинэскит суоҕуй? – диэн Сүөдэр Харитонович салайааччы ааттаах киһи оргуйан турда.
– Бачааҥҥыга дылы оҕолор эйэ дэмнээхтик сылдьан кэлбиттэрэ, биһиги ким төһө кыайарынан үлэлиибит, хамныыбыт – диэтэ саамай улахан үлэни толорор кыыс баһаатай Марина.
– Биһиги иккис биригээдэ куруутун үчүгэй түмүгү көрдөрөбүт. Яша бэйэтэ бастакы биригээдэ, оччоҕо Киэсиктээх Марина бэйэлэрин оҕолорун кэтии-маныы сылдьыахтаах этилэр – диэн Мария характерын көрдөрдө.
– Иннокентий! Эр киһи буоларын быһыытынан оҕолор бэрээдэктэрин, ким ханна тугу гыммытын, тоҕо тугу да билбэт баҕайыгыный? – диэн Киэсик кулгааҕын аттыгар Сүөдэр хаһыытыы биэрдэ – өскөтүн Яшаны буолуоҥ суоҕа, бары улахан эппиэтинэскэ дьэ тардыллабыт! Өскөтүн бу лааҕыр сезонун этэҥҥэ түмүктүөхпүт суоҕа, аныгыс сезону аны хаһан даҕаны тэрийбэппит.
– Мантан киэһээ дьэ улахан түбүк саҕаланар, уолбутун булуох тустаахпыт – диэт Баарамай уонна олоппостон ойон турда – Бары бииргэ! Барыта үчүгэй буолуо Таҥара көмөтүнэн!
– Чэ, көрдүү тахсарбытыгар эрэ тиийэбит – өрө тыынан ылла Сүөдэр Харитонович уонна оҕолору-баһаатайдары хомуйан бары түмсүүлээхтик Яшаны көрдүү таҕыстылар.
Хойуу тыа төһө даҕаны сайыныҥҥы киэһэ сырдыгын иһин хайдах да гыныҥ, син-биир хараҥаран көстөр, ол иһин фонарь уоттаах оҕо аймах бары тыаны кыраабыллы тахсыбыттара. Ол эрэн лааҕыр хаһаайыныгар Сүөдэргэ ыттааҕа, Жока диэн ааттаах. Ол ытын биир илиитигэр быатыттан тутан испитэ, онтон атын илиитигэр фонарьдаах этэ. Оннук курдук хас биирдии талах-хаамыска аннын өҥдөйөн көрөрө. Баарамай, Мичил, Ньургуйаана уонна Дёма биэрэккэ тахсаннар киһи атаҕын суолун булбатахтара, ол иһин биэрэги эргийэн тыаҕа дьоннорун кытта холбоспуттара. Сотору-сотору бары даҕаны кэриэтэ «Яяяшооо» диэн хаһыытыыллара да ким даҕаны «Манна баарбын! Манна кэлин!» диэн хомойуох иһин, ким да хардары хаһыытаабатаҕа.
Яшаны көрдөөбүттэрэ номнуо икки чаас ааһа охсубута, уолларын булбатылар. Сүөдэр санаатыгар үчүгэйгэ эрэнэ сылдьара, өскөтүн баҕар көстүбэтэҕинэ «МЧС-тары ыҥырарбытыгар эрэ тиийэбит» диэн хааман иһэн саныы истэ, аттыгар Киэсиктээх Марина бааллара.
– Марина, Киэсик. Туох эмэ көстүөх курдук дуо? – диэтэ Сүөдэр, баҕар тугу эмит көрөн аһарбыттара эбитэ дуу диэбит санаатыгар.
– Ким да суох, тугу даҕаны көрбөтүбүт – диэтэ Киэсик уонна үөһэ тыынна.
Сүөдэрдээх көрдүү сылдьар сирдэриттэн бэйэлэрэ туспа арахсан хоту диэки Мичиллээх хааман испиттэрэ. Хас биирдии хардыы аайы болҕомтотун ууран хааман истэҕинэ, арай баһаатайдара Баарамай биир улахан бэс мутугар, киһи хаанын суола хаалбытын өйдөөн көрө биэрбитэ.
– Мичил, Ньургу! Кэлин манна – Баарамай туохтан эрэ кутаммыт саҥатын иһиттилэр.
– Хайастыҥ? Тугу эмит көрдүҥ дуо? – диэтэ Мичил уонна Баарамай диэки Ньургуйааналыын хааман кэллилэр.
– Көрүүй бу, хаан суола – Баарамай уолуйбут киһи Мичил диэки хайыста.
– Оо, бу иэдээнин көрүҥ! – диэтэ Ньургуйаана.
– Тохтооҥ эрэ – Мичил хас биирди турар мастары өйдөөн көрүтэлээтэ – ол турар маска эмиэ хаан суола баар эбит дии – Мичил фонаарынан тыктарда. Баарамай этин сааһа арыла түстэ, кыайан тыла өҕүллүбэт да буолла ылла, дьэ дьиҥнээхтик бу олорор олоҕор бастакытын уолуйбутун бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалла, тоҕо диэтэр хаан тохтубут суола хоту диэки сирдээн барбыт, мантан хоту Таас хайа кэлэр.
Урут Баарамай оҕо эрдэҕинэ, дьукаах ыалга Дормуонаптарга тахсан оҕолору кытары оонньуур-көрүлүүр идэлээҕэ. Оччолорго Дормуонаптар кырдьаҕас эбээлэрэ Күбэйэ-Маайа тыыннаах этэ. Биир үтүө күн хаар түһэрин саҕана оскуолаттан дьиэтигэр кэлэн, ийэтигэр илии-атах, көмө киһитэ дьиэтин үлэтин бүтэрэ охсоот дьукаах ыалыгар дендилыы тахсыбыта. Онно тахсан оҕолору кытта дьиэ иһигэр көрүлүү олордоҕуна уот баран хаалта. Хайыахтарай, оһох иннигэр төгүрүччү олороннор эбээлэриттэн көрдөһөн туран «олоххо буолбут түбэлтэни кэпсээ» диэннэр, эбээлэрэ барахсан төһө даҕаны дьиэ-уот түбүгэр умса түһэн сырыттар, оҕолорбор диэн оһох иннигэр олорон эрэ биир дьикти буолбут түбэлтэни кэпсээн саҕалаабыта.
Оччолорго дьыл-кэм даҕаны атын эбитэ. Дьон сэргэ хамнастарын аһынан үөлүнэн эрэ ылар кыахтаахтара. Сэрии иннинээҕи кэм бу олохтоох дьоҥҥо уустуктаах бириэмэлэр этилэр диэннэр хойуккааҥҥыга диэри саныыр этилэр. Сотору буола-буола НКВД-лар ким хайдах олорорун кэлэннэр кэтээн-манаан көрөр идэлээхтэрэ эбитэ үһү. Оннук гынаннар элбэх киһи тутуллан, ким «дьоппуон өспүйүөнэ», ким «норуот өстөөҕө» диэннэр докумуоҥҥа илии баттааннар, биллибэт хайысхаҕа илдьэ бараллара эбитэ үһү. Ол дьылларга биир иэдээннэх кэм буолбут, Иосифовтар дьадаҥы ыаллар оҕолоро сүппүт диэн дэриэбинэ иһигэр ыар сурах тарҕаммыт. Ол сарсыҥҥы күнүгэр силиэстийэ үлэһитэ эдэр лейтенант уол Суоргун Сылаабык улахан үлэни ыытан, хас олохтооҕу барыларын кэрийэ сылдьан туоһулаһан, туох буолбутун, ким кими көрбүтүн барытын доппуруостаан, кырдьык уонна соччо кырдьыга суох информацияны хомуйан, Иосифовтар оҕолоро Таас хайаҕа тахсыбыт буолуон эрэ сөп диэн түмүккэ кэлбит.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?