Электронная библиотека » Иван Сысолятин » » онлайн чтение - страница 12

Текст книги "1986. Аргыардаах саас"


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 12:40


Автор книги: Иван Сысолятин


Жанр: История, Наука и Образование


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 12 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Хаhан эрэ син биир оннук буолуохтаах этэ. Хаhааҥҥа диэри биhиги эрэ аан дойдуга, маҥан тураах буолан, бэйэбит эрэ билэрбитин соҥноон, киhи аймаҕы баррикада икки өртүгэр араартаан олоруохпут этэй?!

Кэм-кэрдии кэлбитэ, үтэhэбит туолбута…

УОН АХСЫС БАҺА

– Дьэ, кыысчааным муҥнаах, ийэҥ эрэйдээҕи соhутарыҥ элбээн эрэр ээ… Аны кэргэн тахсабын диэн турдуҥ! Тоҕо ыксалай дуу, соhуччутай дуу? Адьаhын харааччы мунан хааллым, – Галина Егоровна ньилбэгин охсуммахтаан ылла.

– Оттон… эрдэттэн тылбын биэрбитим ээ, үөрэхпин бүтэрдэхпинэ холбоhуохпут диэн… – Күннэй ийэтин сирэйин-хараҕын сирийэн одууласта.

– Олус эдэр сааскар, уон аҕыскын эрэ туолаат, кэргэн тахсаары гынаҕын дуо? Хайа, уонна салгыы үөрэниэхтээх этиҥ дии? Билиҥҥи үйэҕэ орто үөрэхтээх эмчит диэн улахаҥҥа ылыллыбат.

– Буоллун-буоллун! Кэлин да үөрэниллиэҕэ.

– Ээ, оҕо көтөҕүүлээх сылдьаммын диэ.

– Оҕолоохтор да үөрэммэттэр диэтиҥ дуу?

– Чэ, оччоҕо сыбаайбаҕыт тоҕо саас эрэ буоллаҕына сатанарый? Аны күhүн оҕуруот аhа баарыгар оҥоруохха сатаммат дуо? Сыбаайба аhа-үөлэ диэн баар ээ!

– Оо, күндү ийэкээм, аны күhүҥҥэ диэри уhатар кыаҕым суох ээ… – Тыый, бу кыыс хайдах буолбутуй, ээ? – Галина Егоровна кыыhын илиититтэн хабан ылла. – Букатын төбөҕүн сүтэрэн баран сылдьаҕын быhыылаах… хайыы-үйэҕэ хоонньоhон бүтэн баран олороҕун дуу, тугуй? Ол ыарахан буоллуҥ дуо?!

– Чэ, ийээ, төhө баҕарар мөх-эт… кырдьыгынан этэбин: оҕо үөскээбит үhү… бырааска көрдөрбүппүн инньэ диэбитэ… – Оо, дьэ, ол иhин оннук буолуохтаах этэ… сэрэйэр этим. Иэдээннээх да кыыскын! Киhи туох да диэн булбат… Күннэй хардарбатаҕа, саҥата суох өрүтэ уhуутаан кэбистэ.

Ийэтэ эмиэ, бөтө бэрдэрбит курдук, саҥатыттан матан, умса туттан олордо. Онтон иккиэн тэҥҥэ утарыта көрсө түhэллэрин кытта эмискэ харахтарын уута халыс гынан тахсыбытыгар ыгыта куустуhа түстүлэр.

– Чэ, оҕоккоом сыыhа, Күннэйим, кэбис, акаары ийэҕин бырастыы гын дуу? Ийэҥ муҥнаах хаhан даҕаны күүппэтэҕин истибит буолан, соhуйан хаалан, тута өйдөөхтөөбөтөх, – Галина Егоровна, кыыhын кууhан олорон, өрүhүспүттүү саҥаран барда. – Оттон… бу сиргэ киhи оннугар киhи кэлэрэ диэн үчүгэй, үөрүү бөҕө, дьол буоллаҕа дии! Бэйэм этим-хааным, бэйэм сиэним. Онуоха үөрүөм‑көтүөм оннугар хараҕым уутун көрдөрө олордоҕум! Оо, дьэ киhи да бөҕөбүн быhыылаах… Тукаам, бырастыы гын дуу?

– Сөп, сөп, өйдөөтүм, ийээ.

– Чэ, бүт, ытаама дуу… – Оччоҕо эн эмиэ тохтоо ээ, ийээ. Эн ытаабыккын көрөммүн.

– Тоойуом, күҥҥэ көрбүт эрэ көмүhүөм, Күннэйиэм! Тохтуохха, уоскуйуохха, уhуну-киэҥи саныахха. Оччотугар олохпутун атыннык оҥостор, тэринэр буоллахпыт дии, – Галина Егоровна хараҕын уутун туора соттон кэбистэ уонна кыыhын сүүhүттэн, иэдэhиттэн сыллаан, уураталаан ылла… Сахабыт сирин хаардаах сааскыта сандаарыйан ааhа охсубута. Унньуктаах уhун уутуттан айылҕа, сир-дойду барыта уhуктубута, саҥа тыллыбыт мутукча сытыттан сүрэх-быар сүр минньигэстик өрө эппэйэрэ.

Бэс ыйын саҥатыгар Орто Эбэ бөhүөлэгэр Александра уонна Сорогот Таскиннар улахан уоллара Ст¸па кэргэн ылар уруута буолар үhү диэн сонун тарҕаммыта.

– Ээ, били, биэлсэрбит кыыhын ылар эбит дии. Бу оскуолаҕа үөрэниэхтэриттэн бэртиилэр үhү диэн иhиллэр этэ.

– Иккиэн уон аҕыс саастарын саҥа туолбуттар үhү ээ. Кыыс медучилищены быйыл саас бүтэрбит.

– Уол буоллаҕына педучилище физкультурнай отделениетыгар былырыын үөрэнэ киирбитэ. Үлэhит буола илик… – Оҕолор барахсаттар ыал буолаллара үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии, эдэр саастарын баттаhа.

– Кыыс өттүттэн аймах-чаҕар чараас, аҕыйах быhыылаах.

– Төhө киhилээх сыбаайба буолар үhүнүй?

Тыа сирин дьоҕус, бүк бөhүөлэгэр ханна баҕарар буоларын курдук, итинник ис хоhоонноох кэпсэтиини ол күннэргэ Орто Эбэҕэ түбэhэн истиэххэ сөп этэ.

Биир субуота күн күнүскэттэн киэhэ маанытык таҥныбыт-симэммит дьахталлар, эмээхситтэр бөhүөлэк устун илин диэки оргууй аҕай хаамсан налыҥнаhаллара элбээбитэ.

Таскиннар дьиэлэрин-уоттарын киэҥ бэйэлээх тэлгэhэтэ кыараабыкка дылы буолбута. Кэрэ ойуулаах-мандардаах ат төбөлөөх суон сэргэ туруоруллубута. Онно: «Күннэй, Ст¸па. 12—VI—1988 сыл» диэн оҥо быhан суруллубут этэ. Ол киэhээни быhа хойукка диэри: «Күндү оҕолорбут Күннэй уонна Ст¸па!» диэн тыллар, онуоха тилэх баттаhыннара «Горько-о!» диэн күргүөмнээх хаhыы, ырыа-тойук элбэхтик ыраахха диэри дуораhыйбыта.

Онно Таскиннар ыаллара Мааппа эмээхсин, уруу тэрийбит эдэрдэри алҕаан, хараҕын симириктэтэ-симириктэтэ, бүтэhигэр бу курдук диэбитэ: «Чэ, оҕолорум сыыскааннара, этэҥҥэ сылдьыҥ, кытаатыҥ, кии буолумаҥ, киhи буолуҥ!»

– Кии буолумаҥ, киhи буолуҥ!

Ытык кырдьаҕас атах анныгар кэhиллэр сүөhү кур киитин курдук туhата, суолтата суох эбэтэр дьон бөхтөрө буолумаҥ, ол оннугар киhи тэҥинэн олохтоох-дьаhахтаах, удьуору ууhатар уонна уhатар, төрүтү түстүүр, түҥнэстибэт төлкөлөөх ыал буолуҥ диэн бэргэн, дириҥ ис хоhоонноох тыллары эппитин, хомойуох иhин, ол түгэҥҥэ долоҕойугар тохтотор, тиhэҕэр тириэрдэ дьиҥнээхтик өйдөөччү бэрт ахсааннаах этэ. Уруу үгүс ыалдьыттара, ол иhигэр ордук эдэрдэр, аарыма кырдьаҕас саҥатын көннөрү тыас, тыал тыаhын эрэ курдук истэн кэбиспиттэрэ.

Кии буолумаҥ, киhи буолуҥ!

Ый аҥаара буолан баран, Таскиннарга эмиэ биир суол үөрүү-көтүү буолбута: баар-суох кыыстара, маанылара Вера орто оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕин үчүгэйдик түмүктээбитэ, аттестатыгар наар «түөрт» уонна «биэс» сыаналар кэчигирээбиттэр этэ.

Вера аҕыйах хонуктааҕыттан ыла саҥаhа буолбут Күннэйдиин олус тапсан бодоруhан аҕай сылдьар. Күннэй, соторутааҕыта куорат үөрэҕин бүтэрэн тахсыбыт киhи быhыытынан, Вераҕа кэпсиирэ-ипсиирэ, сүбэлиирэ бэрт элбэх этэ.

Кыргыттар, аҕастыы-балыстыы курдук буолан баран, кыра даҕаны сылтаҕынан маҕаhыынынан, почта дьиэтинэн эҥин кэрийэн кэлэллэрэ. Онтон күнүс аhаан, иhити-хомуоhу хомуйан, сууйан-сотон баран, үрэххэ сөтүөлүү киирэллэрэ. Вера үрдүк үөрэххэ киирэргэ туттарса бараары сылдьар киhи быhыытынан кырдьык-хордьук история эбэтэр нуучча тылын кинигэтин илдьэ барара.

Оҕолортон туспа баран, тэйиччи элгээҥҥэ астыныахтарыгар, дуоhуйуохтарыгар диэри сөтүөлээн, оонньоон-көрүлээн, мэниктээн тахсыбыт кыргыттар, сып-сымнаҕас кумахха таҥас тэлгэтэн баран, күн уотугар сыламныы кэккэлэhэ сыттылар. Вера историятын кинигэтин түбэhиэх арыйаат, саҥа таhааран ааҕан иhэн, дьааhыйан ылла.

– Учебниккыттан аллергиялыах курдуккун дуу? – Күннэй уҥа илиитин Вера санныгар уурда. – Сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии ааҕар туhата суох буолааччы. Син биир өйгөр түспэт.

– Кырдьык, сүрэҕэлдьиибин аҕай.

– Оччоҕо ааҕа сатаама, кинигэҕин сабан кэбис.

Вера, кинигэтин туора ууран баран, тиэрэ түhэн сытан, тыыллаҥнаталаан ылбыта уонна: «Оо, арай мин кынаттааҕым эбитэ буоллун, оччоҕо үөhэнэн да үөhэнэн көтө сылдьыам этэ», – диэбитэ.

– Киhиэхэ кынат наадата суох, кини өйүн күүhүнэн көтүөхтээх, киhи кыната – өйө! – диэн баран Күннэй күлэн кэбистэ. – Көр эрэ, кыыhыҥ мээнэ бэргэнник этэр дуу? Крылатай, кынаттаах тыллары таах таhаарабын дуу?

Вера, өттүгэстии түhэн, эмиэ да ымсыырбыт, эмиэ да чинчилиир хараҕынан саҥаhын одуулаhа сытта. Күннэйи маннык кыраhыабай, чочуонай гына айылҕа дуу, туох дуу анаан-минээн айбыт быhыылаах. Хап-харанан чоҕулуҥнаспыт харахтара үөрдэҕинэ-көттөҕүнэ ис-истэриттэн уоттанан дьиктитик тырымнаhа, чаҕылыҥныhа түhэллэр. Муус маҥан сүүhүн аннынан дыр курдук синньигэстик тардыллыбыт хаастара, тэрбэлдьиспит кыламаннара, чочуйан, уустаан-ураннаан оҥоhуллубут курдук сыыйа тардыы мунна, кыhыл сибэкки кэриэтэ нарын намчы уостара аhылыннахтарына туналыhа, сандаарыс гына түhэр муус-маҥан тиистэрэ, томтоҕоркоон түөhэ, кулуhун курдук дьулугураабыт көбүс-көнө уҥуоҕа, ону ситэрэн самыытынан охсуллар субуруйар суhуоҕа – бука барыта улуу ходуоhунньук тыыннаах хартыынатын санатар.

«Маннык бэйэлээх Кэрэчээнэ Куо эбэтэр Кыталык Куо мин убайбын Ст¸паны тоҕо сөбүлээбитэ, таптаабыта буолуой?» – диэн Вера иhигэр саныы сыппыта. Кыысчаан санаабытын таhыгар таhаарар үөрүйэҕинэн саҥаhыттан тута-бааччы ыйытааччы буолбута:

– Күннээй, ити Ст¸паны эн хайдах, тоҕо таптаабыккыный? Мин убайым диэн… туох диэххэ сөбүй? Оттон… красавчик буолбатах буоллаҕа дии, кырдьыга да?

– Эс, Ст¸па тоҕо кыраhыабайа суох аатырдаҕай? Мин көрдөхпүнэ үчүгэй, наhаа үчүгэй! Дьыраллан, уҥуоҕунан үрдүк, көбүс-көнө. Ол кэннэ киhи тас көстүүтэ диэн… кылаабынайа өйө-санаата, төбөтө хайдаҕа быhаарар буоллаҕа эбээт! Хайа, ол кэннэ Ст¸па сүрдээх чиэhинэй, көнө, эрэллээх доҕор. Кинини кытта саараҥнаабакка, куттаммакка ханна баҕарар барыахха сөп.

– Кырдьык этэҕин дуо?

– Тыый, кырдьык буолумуна! Ол даҕаны иhин киниэхэ кэргэн таҕыстаҕым дии! Оттон эн, Вера, таптыыр уоллааххын дуо? Кини билигин ханна баарый? – Күннэй кыыс кулгааҕар сибигинэйбитэ.

– Ээ, суох-суох… оннук суох.

– Хайдах суох буолуой, доҕор? Орто Эбэ оскуолатын бастыҥ кыраһаабыссата эрээригин… – Ээ, наhаа хайҕаама ээ… мин саҕалар бааллар ини.

– Уолаттар эрийсибэттэр этэ дуо?

– Баҕар, оннуктар бааллара эбитэ буолуо да, мин бэйэм сөбүлээбэт этим. Абааhытын!

– Чэ, оччоҕо ол дьыала эн иннигэр турар эбит. Аны күhүн үрдүк үөрэххэ киирдэххинэ, дьэ таба көрүөхтэрэ.

– Онно даҕаны мин саҕалар баар буолаллар ини… – Кэбис, инньэ диэмэ. Хата, эрдэттэн бэйэҕин бэлэмнии сырыт. Саамай, кылаабынайа, хаhан даҕаны бэйэҥ төбөҕүн сүтэриэ суохтааххын.

Биир өрөбүл күн күнүс Галина Егоровна саҥа аймахтарыгар Таскиннарга ыалдьыттыы кэлбитэ.

Аҕалара Сорогод, илин күөлтэн илимин көрөн кэлэн, собо бөҕөтүн аҕалбыт этэ. Өлөксөөс кыыhыныын Вералыын ол балыктарын хатырыктыы, үөстүү олороллоро. Киэҥ тэлгэhэлэрин хайыы-үйэҕэ сиппит отугар ньирэйдэрэ мэччийэн, кутуруктарын тойтороҥното оонньуу сылдьаллара.

Вера дьиэҕэ ас бэлэмнээн, кэлэн-баран кэдэкэччийбитинэн, элэстэммитинэн барда.

– Хайа, Вера, үөрэххэ туттарса бараарыгын бэлэмнэнэ аҕай сылдьаҕын дуу? – Галина Егоровна остуолга олороллоругар кыыстан ыйытта.

– Ээ, ханна баарый, бу курдук күнү быhа дьиэ үлэтиттэн ордубаппын, – диэтэ Вера, мичээрдии-мичээрдии, кырдьык-хордьук.

– Оо, дьон булан үчүгэй баҕайытык эппиэттииллэрэ кэбирэҕэ сүрдээх ээ, – ийэтэ саҥа таhааран күлбүтэ. – Утуйан турбуппут сотору буолла уонна эбиэттэн киэhэ, үгэс курдук, сөтүөлүү барыахпыт дии. Дьэ, ол кэннэ кэпсээммит кыайыылаах, сүүйүүлээх өттүнэн эбээт! Ону хайыаххыный?

– Мин киhим эмиэ ханна даҕаны үлэлиирэ дуу, туга дуу биллибэккэ таах сылдьар. Сүрүн үлэбит диэн эмиэ сөтүөлээhин, загардааhын, – Галина Егоровна остуолга кэлэн олордо.

– Кэбис, Күннэй үөрэҕин бүтэрбит, үлэhит буолбут киhи… кыратык ийэтигэр сынньана, атаахтыы түстүн ээ, – дьиэлээх хаһаайка күөрчэх ытыйан бидилиттэ.

– Дьиҥинэн, салгыы үөрэниэхтээх этэ. Онтукабыт аны хаалар буоллаҕа дии.

– Биhи киhибит аны биир сыл хайдах эмэ этэҥҥэ сылдьан үөрэннэр, син идэ ылбыт аатырыах этэ.

– Оннук ээ. Оччоҕуна эдэр ыаллар иккиэн хамнастаах үлэhит буоллаллар, син бэйэлэрэ бөрөhөн‑тараhан олоруохтар этэ.

Сорогод, илимнэрин бэрийэн бүтэрэн киирэн, остуолга олоруста. Сэhэннэрэ-сэппэннэрэ наар оҕолорун тустарынан эрэ буолла.

– Билигин, мин санаабар, бу эдэрдэрбит тустарынан сүбэлэhэн, быhаарсан кэбиhэрбит сөп этэ, – диэн Галина Егоровна ис санаатын этэн саҕалаата.

– Сөпкө этэҕин. Эрдэттэн сүбэлэhэр наада, – Өлөксөөс кэргэнин диэки хараҕын быраҕан ылла.

– Дьэ, онон бу Вера университекка үөрэнэ киирдэҕинэ икки киhини тэҥинэн үөрэттэрэр буолаҕыт. Хайа уонна ордук саҥа үөрэнэр устудьуоннары уопсай дьиэҕэ ылааччылара суох. Ол иhин буоллаҕына, мин маннык саныыбын: күhүөрү сайын бу дойдуттан куоракка көhөн киирэр былааннаахпын. Онно миэхэ да, Күннэйгэ да эмчит үлэтэ түргэнник көстүөҕэ. Оттон олорор дьиэ чааhынан ыллахха, куортамҥа дьиэ көстөр ини? Оччоҕо бука бары төрдүөн бииргэ суулаhан олоруохпут этэ.

– Оннук буоллар, үчүгэй этэ. Куорат курдук сиргэ бэйэ-бэйэҕитин хардарыта көрсөн, манаhан сылдьыах этигит. Хайа, аhыыргыт-сииргит да табыллыахтаах, – Өлөксөөс сэргэхсийэ түспүтэ.

– Бу кыыскыт үөрэҕин кыайан туттарыа үhү дуо, ол? Үрдүк үөрэххэ киирэр олус кытааппыт курдук истэбин ээ, – Сорогод соhуччу тыл кыбытта.

– Чэ, кэбис, мин дьарыктана, ааҕа бардым, – диэт Вера остуолтан сулбу ыстанан турда да, таhырдьа диэки хааман хантаhыйа турда.

– Вера туттарар ини, үөрэҕэр үчүгэй этэ буолбат дуо? – Галина Егоровна салгыы кэпсии олордо. – Мин сотору, от ыйын сүүрбэтин диэкиттэн, уоппускабын ылабын. Онно босхолоннум даҕаны куоракка киирэ сылдьыахтаахпын, ол киирэн төhө кыайарбынан кэпсэтиhэн көрүөм этэ. Аймахтарым, дьүөгэлэрим да көмөлөhө сатыыллар ини. Былырыыҥҥыттан быhа Дьокуускайга киир диэн ыҥыран тахсаллара эрэ бэрт дии! Мин даҕаны сөптөөҕүн тыаҕа олордум.

– Сөп буоллаҕа дии, бэйэҥ олоххун бэйэҥ оҥостумунаҕын, атын ким кыhаллыаҕай? Олох олоруохха наада, эдэрдэр кыhалҕалара туспа, эйиигин өйдөөбөттөрө элбэх буолуо… Аҕыйах хонон баран Вералаах Күннэй Дьокуускай куоракка аттаммыттара. Вера Таскина СГУ биология-география факультетыгар туттарсар докумуоннарын киллэрэн биэриэхтээҕэ. Онно Күннэй сирдьитинэн барбыта. Кырдьыга даҕаны, Вера куораты бу диэн үчүгэйдик билбэт этэ.

Оннон Ст¸па аҕатын кытта оттоhо барбыта. Быраата Костя отделение оттуур звенотугар ат кыраабылынан от мустарааччынан үрэх баhыгар барбыта.

Кэтэhиннэриилээх самаан сайын барахсан сайа тыынан кэлбитэ эрээри, алаастар, үрэхтэр үрдүк сирдэрэ үчүгэйдик үүммэккэлэр хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи эрэ иитэр сүрүн кыhалҕалаах тыа дьонун олохтоохторугар эмиэ тоҕус көлөhүннэрин тоҕон, онтон-мантан тирбэҕэлэhэн оттуур-мастыыр күннэрэ-дьыллара үүммүтэ.

Дьиҥэр даҕаны, ол оттооһуҥҥа эрэ буолуо дуо, аҕыс иилээҕинэн-саҕалааҕынан аатырар аан дойду кыhарҕаннаах айылҕалаах сиригэр-уотугар үгүс үйэ устатыгар киhи-сүөhү төрдө буолар, удьуору ууhатар туhугар илэ бодотун тардынан, дьүккүhэн, туруулаhан баччаҕа кэлбит, тох курдук санаммыт саха омуга барахсан олоҕун-дьаhаҕын оҥоhуута бүтүннүүтэ даҕаны ураа муостааҕын иитээри токур хотуурданан умса-төннө түhэн сиэлэригэр-хаамарыгар дьүөрэлээҕэ.

Сирин анныгар бараммат баайдааҕынан-дуоллааҕынан аан дойдуга аатырбыт-сураҕырбыт дойдулаах тыа сахата күннээҕи аhыыр-таҥнар кыhалҕатыгар эрэ умса-төннө түhэн тахсаахтыыра. Кини ньуулдьаҕай санныгар сүүhүнэн сылларга сүгэн кэлбит сүгэhэрэ көҕүрүөхтээҕэр, чэпчиэхтээҕэр эбиллэн, өссө ордук ыараан иhэр курдуга.

Ол да буоллар, саха барахсан, айылҕаттан киэҥ көҕүстээх, тулуурдаах муҥутаан, кии буолбат, киhи буолар туhугар саллар сааhын тухары туруулаhан, мөккүhэн, дьүккүhэн кэлбитэ. Кини төбөтүн олоруута төрүкү оннук – орун-оннугар.

1994—1998 сс.

Майа



Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации