Текст книги "1986. Аргыардаах саас"
Автор книги: Иван Сысолятин
Жанр: История, Наука и Образование
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 11 (всего у книги 12 страниц)
– Оо, эдэр дьон өйдөөбөккүт… хантан да өйдүөххүт буоллаҕай?! Бу үрүксээкпэр оппун охсооччулары уонна кэбиhэн биэрээччилэри сүгэн иhэбин эбээт! Аны бэйэм хотууру кыайан туппаппын, мөлтүүр-ахсыыр диэн баар ээ.
– Оҕонньоор, бэрт ыраах айанныыр эбиккин, онон суолуҥ төрдүн, айаныҥ аартыгын үчүгэйдик аhата-аhата алҕаатаххына эрэ этэҥҥэ айанныырыҥ буолуо.
– Ээ, бу да киhи чуолкайдык, киhи өйдүүрүн курдук гына саҥарыаххын – аhата-аhата диэбэккэ, иhэрдэ-иhэрдэ алҕаатаххына диэн.
– Тылбай-өспөй буола турбуккутун, хата, тырааптан түҥнэритэ анньыталаан кэбиhээйикпиний?! – оҕонньор кырдьык-хордьук кыыhырбыта буолбута.
Дьон, кытылга үктэнээт, тэйиччи турар оптуобус диэки кыл тыыннарынан сырсыбытынан, харбыаласпытынан барбыттара. Ол кэмҥэ иккис оптуобус иhэрэ көстүбүтэ.
Күннэйдээх Степа, ол оптуобуhу тоhуйа сырсан, хорус гына тохтууругар оруобуна инники ааҥҥа түбэhэн бастакынан киирэн хааллылар. Бу да оптуобуска дьон толору симиллибитэ. Киирэргэ кырдьаҕас, кыаммат киhи, оҕо‑дьахтар диэн аахайыы суоҕа, соҕотох күүс, эрчим уонна сирэйэ-хараҕа суох буолуу быhаарара.
Мыраан үөhэ автовокзалга бирилэтэн-барылатан тиийбиттэрэ. Оптуобус аана аhылларын кытта оройуон киинигэр Харбалаахха барааччы уолаттар, кыргыттар бэрт сылбырҕатык уhулута ойон тахсан, автовокзал дьиэтигэр муҥ кыраайдарынан ыстаммыттара.
Күннэй көрдөҕүнэ, арай Степа хараҕа оптуобус кэннин диэки буолан турара.
– Көр эрэ ол, көрдүҥ дуо? Ол остолобуой иннигэр Орто Эбэлэр массыынабыт кэлэн турар быhыылаах, – диир Степа, үөрбүт куолаhынан Күннэйгэ.
– Кырдьык дуо? Чахчы кини дуо? – Күннэй хараҕа уоттанан чаҕылыҥныы түстэ.
– Нүөмэрин кэлин сыыппаратын эрэ көрөн хааллым, 42 диэни. Мин сибилигин… – диэт, Степа оптуобус кэлиҥҥи аанынан элэс гынан хаалбыта.
Кыыс эмиэ ол диэки түhүнэн кэбиспитэ.
Остолобуой иннигэр хас даҕаны массыына турара. Степа остолобуойтан үөрэн аҕай, уоhа ыпсыбат буолан, тахсан кэлбитэ:
– Массыына баар! Үс чааhынан дойдубутун булар дьон буоллубут. Ураа! – дии-дии, уол маллаах суумкатын өрө бырахпыта. – Суоппар Силип Суркуоп аhыы олорор. Биhигини эмиэ киирэҥҥит аhааҥ, айаммыт уhун диир.
Айаннара табыллыбытыттан эппэйэ үөрбүт эдэр дьон остолобуойга киирэн, утахтарыгар чэй эрэ ылан истилэр уонна тобус-толору кууллаах бурдугу тиэммит массыына иннигэр киhилэрин күүтэн турдулар.
Халлаан уоттаах куйааhынан кутааланар. Кумахтаах, тураҥнаах сир итии хобордоох курдук суоhуур. Бэл, өрүс диэкиттэн үрэр тыал кытта ип-итиинэн илгийэр.
Эдэр дьон тиэтэйбит, кэтэспит санааларыгар киhилэрэ уhун баҕайытык аhаата. Атын суоппардар, итииргээн сүүстэрин көлөhүнүн харыларынан туора сотто-сотто, биир-биир тахсыталаан истилэр.
Онтон дьэ Силип Суркуоп, быhаҕас сиэхтээх чараас ырбаахытын нэлэккэйдэнэн, мөтөгөр түөhүн уонна иhин таhааран, остолобуой ааныгар көстө түстэ.
– Абытай, абытай! Аhаан да диэн испит уум тута көлөhүн буолан тахса турар, – дии-дии, Силип массыынатыгар кэлбитэ. – Баран иhэммит бадарааннаах да уу буоллун, сөтүөлээтэхпинэ эрэ сатаныыhыбын.
Массыына кэбиинэтигэр, икки ойоҕос таастара аhаҕаhынан салгын сирилэччи охсор буолан, быдан сөрүүн этэ. Суоппардара маҥнай утаа быыстала суох саҥаран, ону-маны кэпсээн кута-симэ истэ. Кини Степаны уонна ийэлээх аҕатын үчүгэйдик билэр буолан, уолу хаадьылаан да ылла, хайҕаата даҕаны.
– Өстүөп, ээ Өстүөп, дьэ хаhан сыа сиэтэҕин? – диир Силип, уруулун уҥа‑хаҥас диэки эргитэн мускуйа иhэн.
– Сыа сиэххин баҕардаххына сибиинньэ сыата элбэх буоллаҕа дии. Бу киэhэ да биhиэхэ тиийээр, сыа баҕас баар ини, – Степа тута өйдөөбөтөҕө буолар.
– Ээ, бу да киhи саха тылын ис хоhоонун кырдьык өйдөөбөккүн дуу, тугуй? Дьыссаат оҕотугар дылы.
– Хата, хаhан сөтүөлүүгүн? Уулаах сирдэри аастыбыт дии? Оол эмиэ көhүннэ.
– Өстүөп, онон-манан, уунан-хаарынан аралдьытыма! Иhит эрэ, сыа диэн тыл өйдөбүлэ сы-баай-ба диэн буолар. Өйдөөтүҥ дуо, товарищ Степ? – Силип, уҥа илиитин Күннэй кэннинэн уунан, Степаны ытыhынан кэтэххэ охсор.
Тохтоло суох айаннаан дьигиhитэн, тигинэтэн-таҕынатан истилэр. Таас суолтан уҥа диэки туораатылар. Мантан Орто Эбэҕэ диэри биэс көс, ол аата икки чааhы кыайбатынан дойдуларыгар тиийиэхтээхтэр.
– Дьэ, бу киэhэ дьонноргут уурбут, муспут араас кэhиилэрин сиир буоллаххыт дии! Абыраммыт дьоҥҥут! Төhө эрэ үчүгэй, минньигэс, амтана айахпар кытта кэлэргэ дылы, – Силип уоhун-тииhин туора-маары соттор. – Бырааппар, Өстүөппэр, кырдьык даҕаны, тиийэрим дуу? Ээ, суох, ол эрээри эдьиийим Александра мөхпүтүнэн барыаҕа. Хараҕар көрдө эрэ туох эрэ, туох эмэ диэн саҥарбытынан барааччы. Оччотугар Галина Егоровнаҕа тиийэрим дуу? Кыыскын бу курустаал иhит курдук тутан, харыстаан аҕаллым диэҕим уонна ис хоhоонноохтук көхсүбүн этитиэҕим. Хайдаҕый, Күннээй, ити мин этэрим?
– Бэйэҥ билэҕин, – диир кыыс, имэ кэйэн олорон.
– Чэ, сөп, оччотугар бэйэм быhаарынабын… – Ок, ол сөтүөлүөххэ сөптөөх уу көhүннэ-э, – Степа тыл кыбытар.
– Ээ, ол наhаа чычаас уу буолуо ээ, киhи тимирбэт ини? Бэйи, ол эрээри тиийэн, сатаатар, сөрүүкүү таарыйа сирэйи-хараҕы ньуххардыахха.
Суолларыттан туораан, алаас бэтэрээ саҕатынааҕы күөл кытыытыгар тигинэтэн тиийдилэр. Силип, ырбаахытын устан, тобугар диэри кэhэн киирэн туран, төбөтүн ууга уган ыла-ыла, суунна. Степалаах массыыналарыттан тахсан сөрүүкээтилэр.
Ол кэмҥэ тэйиччи этиҥ этэн лүhүгүрэппитэ. Онно өйдөөн көрбүттэрэ: халлаан арҕаалыы-хоту саҕаҕын улаҕатыттан этиҥ былыттара, хос-хос хаттыктанан, өрө үллэн, өрөлөhөн тахсан эрэллэр эбит.
– Тыый, доҕоттоор, ардах бөҕөтө иhэр эбит дуу? Суолбутун быhа түстэ даҕаны, уот сирэй барар буоллахпыт дии! – Силип массыынатын собуоттаабытынан барбыта. – Арыый сөрүүкээн абыраннаҕым үhү… Чэ, бэйи, ол эрээри хайдах эмэ мүччү-хаччы түhэн ардахтан куотар инибит.
– Баҕар, бу диэки кэлиэ суоҕа… сир үрдэ киэҥ, – диэтэ Степа эрэллээх баҕайытык.
– Көр эрэ, Өстүөп, ити бэркэ даҕаны эттиҥ – сир үрдэ киэҥ диэҥҥин, – Силип эмиэ саҥаран-иҥэрэн, күлэ-үөрэ испитэ. – Кырдьык даҕаны, сир үрдэ киэҥ, син биир буолбаат! Массыынам эрэйдээх эрэ этэҥҥэ баран истэр, моhуоктаабатар, онтуката-мантыката аара саккыраабатар.
Айаннара өссө түргэтээн, тохтоло суох куугунатан-тигинэтэн истилэр. Оттон ардахтарын былыта куоттарыах быhыыта суоҕа, өссө иннилэрин күөйэ түhүөх курдуга. Төрүт бөhүөлэгин ортотунан киирэн түҥкэлитэн-таҥхалытан ааhан эрдэхтэринэ, этиҥнэрэ массыына тыаhын баhыйан иhиллэр буолбута, күнү былыт саппыта. Күүстээх тыал түhэн, суол буорун өрө ытыйан өрүкүнэтэн таhаарда, тииттэр төбөлөрүн бүк баттаан, лабааларын тиэритэ тардан арыйбахтыы, сири-дойдуну бүтүннүүтүн сиппиирдээн барда. Ол кэннэ өр‑өтөр буолбата, бастакы бөдөҥ таммахтар кэбиинэ инники тааhыгар тыастаахтык түhүтэлээн, табыгыраппытынан бардылар.
– Аат ардаҕа баара, син биир ситэн ыллаҕа дии! – Силип ойоҕоhунааҕы тааhын сабынна.
– Дьэ, итииргии оонньообут дьон сөрүүкүүрбүт кэллэ быhыылаах, – Степа эмиэ кэбиинэ ойоҕоhунааҕы тааhын, өрө эрийэн таhааран, саптан кэбиспитэ.
Сайылыгы аастылар, син көс аҥаарын курдук сири бардылар. Эмиэ сып-сытыытык чаҕылҕан субурус гынна, сонно этиҥ этэн бачыгыратта, сүүнэ үлүгэрдик лүҥсүйдэ. «Дьэ, туттумахтаан, куппахтаан хаалыахха!» – диэбит курдук, ардах туох да саарабыла, кэтэмэҕэйдээhинэ суох түhэн батыгыраппытынан, курулаппытынан барда. Көрүөх бэтэрээ өртүгэр буор суол ньалҕарыйа түстэ. Маҥнай утаа массыыналара, бытааннык да буоллар, суол сүнньүнэн көнөтүк тутуhан баран истэ.
Ардахтара өссө күүhүрдэ, этиҥ тыаhа сотору-сотору тоҕута барда. Суол куоhаахтарыгар чалбах килэйэ оҕуста. Массыыналара, салайары истибэккэ, туора-маары айанныыр, кыра даҕаны эниэни бэрт арыычча тахсар буолла.
– Аат халлаана таҥнары саахтаатаҕын көрбөккүөт! – Силип, уруулун кытта мускуhа иhэн, халлааны кытта үөҕүстэ.
Биирдэ массыыналара суол кытыытыгар ханаабаҕа туораан таҕыста, биллэрдик иҥнэйдэ. Күннэй, суоппарга анньыллымаары, тутуhуоҕунан тутуhан, олордо. Хаста даҕаны иннинэн-кэннинэн астаран, син суол сүнньүгэр киирдилэр. Ардах, бастакы уоҕа‑кылына ааhан, арыый намыраата. Этиҥэ аны иннилэрин диэки, чаҕылҕанынан оонньуу, сотору-сотору ньириhийэр.
Аны суоллара үрдүк, модьоҕо буолла, уҥа өттө уулаах дириҥ аппа этэ. Онно эрдэттэн мунньараҥнатан-ханньараҥнатан тиийэн эрдэхтэринэ, массыыналара маҥнай кэннэ куйбах гынан туора барда. Онтон суол сүнньүгэр киирэн көнүөхчэ курдук буолан иhэн, аны суол нөҥүө ыстанан таҕыста. Өлүү түбэлтэлээх манан суол уу диэки иҥнэри буолан биэрбитэ, онон массыына халтарыйан туора баран, кэлиҥҥи икки көлүөhэтэ модьоҕо кытыытын тоҕо үктээн аллара түстэ.
– Бүттүбүт! Приехали! – Силип, түhэн көрөөт, түргэн үлүгэрдик мүччү-хаччы үктэнэн, массыынатыгар төннөн киирдэ, бачыыҥката бүтүннүү бадараан буолбут. – Бу үлүгэрдээх таhаҕастаах самосвалы улахан эрэ тыраахтар соhон таhаарыаҕа. Онон ардах тохтоотоҕуна эhиги бөhүөлэккэ сатыы түhүнэн кэбиhээриҥ, тиийэҥҥит управляющайга тыллаарыҥ. Мин манна массыынабар олоруом. Айыкка, сатыылаан эрэйи көрбөппүн.
– Мантан бөhүөлэкпит төhө ырааҕый? – диэн ыйытта Күннэй уонна өрө тыынан кэбистэ.
– Наhаа ырааҕа суох, бэркэ гыннаҕына көстөн кыра тахса буолуо, – диэбитэ Силип. – Эдэр дьон ону тулутуоххут дуо, икки чааhынан тиийиэххит.
Кэбиинэлэрин иhигэр олорбохтообуттарын кэннэ, ардах тыастаахтык кута туран, эмискэ аҕырыс гынан тохтоон хаалла. Сонно Степалаах суумкаларын туппутунан, массыынаттан тахсан, муус-маҥан кроссовкаларынан суол бадарааныгар мүччү-хаччы үктэнэн, хаамсыбытынан бардылар. Кэннилэригэр суолга туора турбут, кэлин көлүөhэлэрэ аппа эниэтигэр түспүт массыыналара хаалла.
Суол бадараана хаамарга халтараана, куhаҕана сүрдээҕэ. Ол иhин суол кытыытын тутуhаллар. Дьэ, бырдах бөҕөтө, кинилэри эрэ кэтэспит курдук, өрө кыынньан тахсан, сирэйдэригэр-харахтарыгар сапта түстэ. Степа Күннэй суумкатын ылан көхсүгэр сүктэ, бэйэтин киэнин хаҥас санныгар иилэ бырахта.
– Чэ, туох буолуой, кыратык сатыылыахха даҕаны, хата ыраас салгынынан тыыныахпыт буоллаҕа дии, – Степа кыыhы хаҥас илиититтэн ылла. – Бу курдук сиэттистэхпитинэ, халтарыйбаппытыгар көмөлөөх буолуо.
– Кырдьык, этиҥ кэнниттэн салгыҥҥа озон үөскээтэҕэ дии, – Күннэй, чэпчэки-чэпчэкитик дугунан иhэн, кэннин диэки хайыhан ылла. – Былыппыт тоҕо эрэ ааhа охсубат, ардах эмиэ түhээри гынар быhыылаах.
– Ама, доҕор, бу үлүгүрдээх дьаабылаан, оҥорон баран, өссө кэллэҕэй?!
Суолларын икки өттө тыа этэ. Сороҕор куоhаахха баhыллыбыт чалбаҕы тумнаары суол кытыытыгар тахсан, талаҕы, титириги быыhынан бараллар. Оччоҕо от-мас уутуттан таҥастара илийэр. Ардыгар хайа да өттүнэн тумнар сир суох буолан, чалбаҕы ортотунан быhа кэhэн тахсаллар.
– Чэ, атахпытыгар уу киириэ уонна киирбит сиринэн төттөрү тахсыа буоллаҕа дии! Кылаабынайа, тохтообокко хааман иhиэххэ, оччоҕо тоҥуохпут суоҕа, – диэбитэ Степа, кыыс санаатын көтөҕөөрү.
Ол курдук ньаҕара бадараан суолунан мүччү-хаччы тэбинэн, үс биэрэстэ кэриҥин баран эрдэхтэринэ, халлаан хоту диэкиттэн эмиэ тыалыран, тыа баhын куугунаппытынан барда. Онтон эмиэ маҥнай абына-табына таммахтарынан тамнааттаан иhэн, улам-улам күүhүрдэ.
Степа: «Саахар буолан ууллар үhүбүөн!» – дии-дии, кууркатын устан, Күннэйгэ биэрдэ. Бэйэтэ буоллаҕына, биир суумкатын төбөтүгэр уурунан истэ. Суолларын хоту өртүгэр былыргы үйэтинээҕи улахан балаҕан турара көстүбүтэ, кэҥэс соҕус хонуу кэлбитэ.
– Итиннэ киирбэппит дуо, ардах ааhыар диэри? – диэн ыйытта Степа.
– Кэби-ис, хайдах эрэ куттанабын ээ, – Күннэй, балаҕан диэки хараҕын кырыытынан көрө-көрө, сибигинэйдэ.
Ардах биир тэҥ сэниэлээхтик түhэн табыгырата турда. Эбиитин тыалынан сабыта оҕуста. Таҥастара сытыйан сарт барда. Үөhэттэн – уу, аллараттан – уу. Ханна даҕаны саhар, хорҕойор сир суох. Илин диэки ыраах этиҥ өссө да ньириhийэр.
Барбахтаатылар. Аны суол уҥа өттүгэр өтөх кэлбитэ: кыараҕас түннүктэрдээх эргэ ампаар дьиэ. Ибили сытыйбыт, дьагдьайбыт дьон бу сырыыга хайыахтарай, ардаҕы аhараары дьиэҕэ киирэллэригэр тиийдилэр.
Дьиэ түннүгэ-үөлэhэ барыта аhаҕас этэ да, кэм хахха аата хахха этэ. Уҥа эркин диэки сонос дүлүҥ сытарыгар Күннэй кумуччу туттан олордо. Степа эмиэ тугу эмэ булан олороору дьиэ иhин көрүтэлээтэ да, атын мас-от суох буолан биэрбитэ. Үөhэттэн ардах тохтоло суох кутарыттан куоппуттара үчүгэй курдук эрээри, дьиэҕэ киирэллэрин кытта курдаттыы сытыйбыт таҥастара муус тымныынан хаарыйара өссө ордук биллибитэ. Иккиэн дьагдьайан ып-ыбыгырас буолбуттара.
– Манна кэлэн олор ээ, ити курдук тура хаама сылдьыаҥ дуо? – Күннэй олорор дүлүҥүн биир уhугар сыҕарыс гынан биэрдэ уонна уолга кууркатын төттөрү уунна. – Уута саккырыы сылдьар, ыган биэр.
Степа дүлүҥ уhугар олорунан кэбиспитэ. Сонно Күннэй: «Ыч-чуу!» диэн дьигиhийэн ылаат, өссө ордук кумуччу тутунна. Уол, тоҥон ибигирии-ибигирии, кыыhы көхсүттэн кууhан ылла уонна куурканан иккиэн бүрүннүлэр. Кыыс тоҥон өссө ыга сыстан биэрдэ. Онтон эр ылан Степа өссө күүскэ ыбылы кууспута сымнаҕаhа, сылааhа үчүгэйэ сүрдээх этэ. Иккиэн суос-суостарыгар таттаран, сүрэхтэрэ битигирэччи тэбэ, хайа-хайалара биир да тылы саҥаран дорҕоон таhаара соруммакка, туймаарбыт курдук олордулар. Били, дьагдьайан титирээбиттэрэ ааhан хаалла. Таhырдьа ардах түhэр эрэ, хайыыр, онно эрэ кыhаммат курдуктар.
– Хайа, тоҥмутуҥ ааста дуо? – Степа уоhун кыыс кулгааҕар таарыйа-таарыйа, сибигинэйэн ыйытта.
– Ирдим ээ… үчүгэй баҕайы, – Күннэй уолга хардары сибигинэйдэ.
– Кырдьык, үчүгэйэ сүрдээх… Бу сир үрдүгэр эн биhикки иккиэйэх курдукпут, – дии-дии, хаҥас илиитинэн Күннэй инчэҕэй баттаҕын имэрийэн ылла.
– Доҕоччуок, ардахпыт тохтообут быhыылаах, – диэбитэ кыыс уонна харытын чаhытын көрдө. – Түөрт чааhы ааhан эрэр… Ардах түhэрэ иhиллэр-иhиллибэт буолбут этэ. Чугастарыгар кэҕэ этэн чоргуйан барда. Степа, бүрүнэн олорор кууркаларын өрө тардан, көннөрөн биэрдэ.
– Чэ, доҕоор, тахсан хаамсыбаппыт дуо? – Күннэй эмиэ сибигинэйдэ.
– Ээ, кыратык олоро түhүөххэ, бириэмэ эрдэ… – Степа, хараҕын быhа симэн баран, уоhун кыыс иэдэhигэр сэрэниин-сэрэнэн даҕайда.
Онтон… иккиэннэрин уостара бэйэлэрэ булсан, холуоннук уонна кылгастык да буоллар, бэрт омуннаахтык сыстыhа түстүлэр. Ол кэннэ хайа хайалара кыбыстан, харахтарынан утарыта көрсүбэккэ, умса туттан, өйөhөн олорбохтоотулар. Онтон Күннэй, бүрүммүт кууркаларын туора хайыhаат, соhуччу сулбу ыстанан турда. Степа эмиэ даҕаспытынан туран кэлээт, кыыhы синньигэс биилиттэн уонна көхсүттэн ыбылы кууhан ылла… Эмиэ уос уостара, тиис тиистэрэ омуннаахтык тиксиhэ түстүлэр.
Бу күн анныгар үүнүү уонна кэхтии сиэттиhэн сылдьалларын быhыытынан олох салҕанарын кэрэhитэ буолан, былыргы үйэтинээҕи өтөх дьиэтигэр эдэркээн уоллаах кыыс ис-истэриттэн иэйэ ууллан, аан бастаан уоттаахтык, омуннаахтык уҥа‑таала уураhа турдулар… Нөҥүө күнүгэр эмиэ сарсыардаттан уоттаах куйаас бөҕөтө сатыылаата. Айаннаан иhэн болдьоспуттарын курдук, Степа күнүскэттэн киэhэ аҕатын «Планета» матасыыкылын ылан, сөтүөлүү бараары, Күннэйгэ дьиэтигэр тиийдэ. Кыыс ийэтэ Галина Егоровна үлэтигэр, балыыhатыгар этэ.
Күннэй матасыыкылга мэҥэһиннэ. Үлэспиттэрин курдук, атын киhи суох сиригэр иккиэйэҕин эрэ сөтүөлүүргэ оҥостон, илин диэки бөhүөлэктэн тэйиччи бардылар. Үрэх биир бастыҥ кырдалыгар Угдайга саҥа оҥоhуллубут бурдук бааhынатын хоту өттүнэн кыйа баран, сэндэҥэ хатыҥнар, талахтар быыстарынан үрэх ааhар сиригэр, биир көлүкэ үрдүгэр тохтоотулар.
– Дьэ, сөтүөлүүргэ уу, загаардыырга кумах баар, баhаалыста! – дии-дии, Степа кроссовкатын устубутунан барда.
– Чээн, сөтүөлүүр уубут кып-кыра-а, икки эрэ киhиэхэ сөптөөх, – Күннэй ып-ыраас куолаhынан тэбэнэттээхтик күлэн лыҥкынатта.
Кини кулуhун курдук дьулугураабыт көбүс-көнө быhыытыгар-таhаатыгар сөрү-сөп, сырдык халлаан күөҕэ өҥнөөх сөтүөлүүр көстүүмү кэппитэ көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх.
Дьиҥэр, көлүкэлэрэ оннук кыра буолбатаҕа, син кэҥэс уонна арҕаа атаҕа дириҥ, түгэҕэ кытаанах кумах этэ. Дьэ, сөтүөлээн, көҥүл-босхо көрүлээбитинэн бардылар. Төттөрү-таары харбыыллара, эмиэ да умсан ылаллар, онтон уунан ысыhан күндээриҥнэттилэр. Онуоха Степа, харса суох «атаакалаан» киирэн, кыыhы кууhан көтөҕөн ылла уонна кытыыга таhааран, кумахха туруоран кэбистэ.
Күннэй аҕалбыт чараас бакырыбаалатын кумахха тэлгэттэ. Онно иккиэн кэккэлэhэ сытан, күн уотугар сыламнаатылар, сыралыннылар. Онтон эмиэ итииргээн сиэттиспитинэн ууларыгар сырсан киирдилэр. Кус курдук умсумахтаан ыллылар.
Степа, бэҕэhээттэн ыла сүрэҕэ‑быара атыннык, дьиктитик өрүкүйэн, эмиэ даҕаны сүр минньигэстик сылаанньыйа ууллан уонна бу сир үрдүгэр бэйэтин саамай дьоллоох киhинэн сананан сылдьар буолан, хайдах эрэ ардыгар холуочуйбут курдук холуон баҕайытык хамсанан, туттан-хаптан ылар.
Эмиэ кумахтарыгар сыламныы сыттылар. Үрэх уҥуорунан ырааҕынан матасыыкыл тыаhа торулаан ааста. Мыраан диэки кэҕэ этэн чоргуйбахтаан иhэн, тоҕо эрэ тохтоон хаалла. Күн уота күлүмнүү тохтор, сырайар. Ууттан тахсалларыгар Степа кыыhы эмиэ көтөҕөн ылла. Онуоха Күннэй кинини моонньуттан кууста. Онтон эр ылбыт, өрүкүйбүт уол, тэллэххэ тиэрэ сытыараат, туох да бокуойа суох уураабытынан-сыллаабытынан барда… Сонно кыыс сүр сымсатык төлө мөҥөн, ньылбырыс гынна, куота көтөн, олоро биэрдэ уонна: «Наhаалаама эрэ!» – диэн баран, уолу түөскэ аста.
Ити кэннэ Күннэй кулгааҕар чыпчылыйыах түгэнигэр саас хаардаахха ийэтэ: «Уолгун наhаа чугаhатыма эрэ!» – диэн сэрэппит саҥата илэ-бааччы иhиллэргэ дылы гынна.
Степа, кыыстан буолбакка, бэйэтин харса-хабыра суох быhыытыттан сүрдээҕин кыбыһынна. Кутталыттан буолан Күннэй диэки көрүөн даҕаны саллан, чаҕыйан, умса туттан олордоҕуна, арай кыыс сып-сымнаҕас илиитинэн кэтэҕиттэн имэрийэ сотон ылла уонна уол санныгар уоhун даҕайда…
УОН СЭТТИС БАҺА
Уларыта тутуу хамсааhына саҕаламмыт 1986 сылын бүтүн Сойуус үрдүнэн иhиллэр гына «бэлиэтээбит» Саха сирэ түөhүн муҥунан көҥүллүк, чэбдиктик тыынара хааччахтаммытын норуокка киэҥник биллэр суруйааччылар, учуонайдар эрдэттэн өйдөөн бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар элбэхтик санаа атастаhаллара, муҥатыhан кэпсэтэллэрэ. Үөhэттэн сабардааhыҥҥа, түүрэйдээhиҥҥэ түбэспит үрдүк үөрэх кыhатын үөрэтээччилэрэ, ордук историктар, тыл, литература үөрэхтээхтэрэ, ол иhигэр Иван Данилович Таскин курдуктар үөскээбит балаhыанньаттан мунчаараллара, хомойоллоро. Партия обкомун үhүс пленумун уурааҕа «интернацционализациялааhын» диэн дэбигис киhи тыла өҕүллүбэт тиэрминин үөскэппитэ. Ол аата наар саха нэhилиэнньэтэ кэримник олорор сиригэр нуучча тыллааҕы олохсутуу соруга турбута. Инньэ гыннахха эрэ олохтоох дьону интернационалист тыыныгар иитиэххэ сөптөөҕө эбитэ үhү.
Оччоттон баччаҕа диэри обкуом баартыйа уурааҕа «биир санаанан ылыллан» баран толоруллубата диэн кэлиэ дуо?! Тута-бааччы олоххо киллэриллибитинэн барбыта: нуучча дьонуттан салайар үлэhиттэр тыа оройуоннарыгар, оттон сахаттан Нерюнгри, Мииринэй курдук куораттарга үлэҕэ ыытыллыбыттара. Дьокуускай куоракка эмиэ оннук үлэ саҕаламмыта. Үрдүкү салалта соруйан уонна оруо-маhы ортотунан күүркэтииттэн, ардыгар, нэhилиэнньэ ортотугар өйдөрүгэр-санааларыгар «сахалар омугумсахтар», «сахалар кэлии дьону атарахсыталлар» диэн баhыылаах өйдөбүл соҥноммутуттан, тыҥааhын тыына куорат салгыныгар кытта иитиллэн турарга дылыта.
Ол эрээри көннөрү үлэhит дьон, ханнык омугуттан тутулуга суох, киhи бу сир үрдүгэр олоххо биир тэҥ аналлааҕын, дьылҕалааҕын быhыытынан, уруккуларыныы көнөтүнэн, сиэрдээҕинэн тулалыыр быhыыны-майгыны ылынан, кыратык даҕаны кырыктаммакка, былыр-былыргыттан бэйэ-бэйэлэрин кытта холкутук, ыллыктаахтык, эйэ дэмнээхтик сыhыаннаhаллара.
Төрөөбүт норуоттарын кыhалҕатынан олорор, бар дьоннорун олохторун суолун эркээйитин охсон биэрээччилэр, инникилээн иhээччилэр хаhан баҕарар олох ханнык да бэйэлээх дохсун долгунун арҕаhыгар буолар аналлаахтар. Оттон сорохтор бэйэлэрин сымнаҕас, сылаас кириэhилэлэрин сүтэримээри эбэтэр дуоhунастарыгар кирилиэс өссө биир үктэлин өрө тахсаары былааhы тутан олорор үрдүк тойотторго сөп түбэhэ, үрдэр – антах, өҕүрүйдэр – бэттэх буола сатаахтыыллара.
Бүтүн саха омугун аатыгар-суолугар хара мэҥ түспүтүгэр, күн улууhун көмүскэс сүрэхтээхтэрин кэриэтэ, кэннилэрин кэтэммэт, дугдуҥнаабат-чугуҥнаабат хоодуот, күүстээх күн айыы санаалаахтар баар буолбуттара. Ол эрээри кинилэр маҥнай утаа биирдиилээн, тус-туспа туруулаhан киирсибиттэрэ. Саха дьонугар Михаил Ивановунааҕар Багдарыын Сүлбэтинэн ордук киэҥник биллибит, урукку, сэбиэскэй тутулга хатыылаах эрбэhинтэн атыннык көрүллүбэтэх киhи үс кырыылааҕа кырдьык иhин турууласпытынан, дьүккүспүтүнэн, мөккүспүтүнэн барбыта. Кини 1987 сыл олунньуга ССКП Партийнай хонтуруолга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр Михаил Соломенцевка партия обкомун үhүс пленумун уурааҕар сөбүлэспэт өрүттэрин биир-биир быhааран уонна КГБ үлэhиттэрэ соруйан оҥорууларын туhунан сурук суруйан ыыппыта. Алта ый кэриҥэ кэм устатыгар Москваттан ханнык даҕаны харда биллибэтэҕин иhин, аны партия Киин Кэмитиэтин Генеральнай сэкирэтээрэ Михаил Горбачев аатыгар 1987 сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр суруйбута. Эгэ, үрдүк сололоох муҥур салайааччы хардарыа дуо диэн иhигэр бөрүкү эрэммэт этэ… Арай ити дьыл Дьокуускай куорат барахсан дьыбара уонна муус тумана сатыылаан аҕай турдаҕына, ахсынньы 1 күнүгэр партия обкомун иккис сэкирэтээрэ Владислав Шамшин сурук ааптарын ыҥыртаран ылан, пропаганда уонна наука, үөрэх тэрилтэлэрин икки отделларын сэбиэдиссэйдэрин кытыннаран туран, кинини кытта кэпсэппитэ.
Ол кэпсэтии түмүгэр олохтоох КГБ салайааччыта уонна атын үлэhиттэрэ саха ортотугар омугумсуйуу баар курдук көрдөрөргө соруктанан була сатаан күүркэтиилэрэ, ускайдааhыннара чахчы баарын үрдүнэн, ол наhаалааhыны бохсорго обком иккис сэкирэтээрэ курдук үрдүк дуоhунастаах киhи тугу даҕаны гынар кыаҕа суоҕа биллибитэ. Кини Саха сиригэр КГБ партийнай хонтуруол таhыгар турарын аhаҕастык эппитэ. Онон Михаил Иванов баар кырдьыгы суруйбут диэнинэн кэпсэтии туох даҕаны быhаарыыта суох бүппүтэ.
Оттон Багдарыын Сүлбэ онон сөп буолан, дуоhуйан, тохтоон хаалбат хорсун-хоодуот киhи этэ. Туруорсубутун, турууласпытын тиhэҕэр тириэртэҕинэ, үрүҥүн-харатын биллэҕинэ эрэ биирдэ намырыыр, уоскуйар дьүккүөрдээҕэ.
Кини обкомҥа ол сырыытын сыта-тура сыаналаан, сыымайдаан көрөн баран, ахсынньы 18 күнүгэр эмиэ Михаил Горбачев үрдүк аатыгар сурук суруйан сырылаппыта. Онно кини Саха АССР КГБ-тын бэрэссэдээтэлин Выймены сахалары утары быhыыны-майгыны сытыырхатыыга быhаччы кыттыбыта диэн буруйдуурга туруорсан, КГБ үлэhиттэрэ 1985 сыл ыам ыйын 19 уонна 21 күннэригэр «Социалистическая Якутия» хаhыакка саха дьонун утары ис хоhоонноох ыстатыйаны бэчээттэппиттэрэ, эмиэ ити сыл бүтэhигэр, ахсынньы 14 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ КГБ-н пресс-бөлөҕүн салайааччыта Мунтян эмиэ провокациялыыр ис хоhоонноох лиэксийэ аахпытын, 1987 сыл олунньутугар «Молодежь Якутии» хаhыакка Мунтяны солбуйбут Суровецкай эмиэ провокациялыыр тыыннаах уочарканы бэчээттэппитин холобур быhыытынан эридьиэстээн дьэбэлэйдээбитэ.
Багдарыын Сүлбэ онтон салгыы 1986 сыл кулун тутар 28, 29, 31 уонна муус устар 1 күнүгэр куорат нуучча ыччаттарын бөлөҕө тэринэн кэлэн саха ыччаттарын, ол иhигэр кыргыттары кытта, кырбаабыттарын, онуоха олохтоох милииссийэ үлэhиттэрэ тутатына быhаарыылаах дьаhалы ылбатахтарын, ити күлүгээннии дьайыылар күүркэтиллэн, дуорааннанан, пропагандалыыр, идеологическай үлэ бүтүн дойду үрдүнэн сахалар «националистическай көстүүлэрин» утары ыытыллар буолбутун суруйбута.
Суругун бүтэhигэр ССКП уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Юрий Прокопьев партийнай салайыыны хааччыйбатаҕын иhин эмиэ кытаанахтык дьүүллэниэх тустаах диэн эбэн биэрбитэ.
Ити курдук эмиэ норуоттарын туhугар бастакынан турууласпыттартан биирдэстэринэн историк-учуонай Егор Алексеев буолбута. Өссө кини айдааннаах 1986 сыл сайыныгар, от ыйын 5 күнүгэр обком бастакы сэкирэтээригэр киирэргэ сайабылыанньа биэрбитин аны биир ыйынан кэлээр, «пиэрибэй сэкиритээр» солото суох, оттооhун дьыалатынан дьарыктанар диэн батан ыыппыттара. Ол курдук «барыта – норуот уйгутун туhугар үлэлиир» ааттаах хаан-уруу партиябыт Саха сиринээҕи салайааччытын сирэй көрсөр, бэйэ санаатын биллэрэр олус уустук дьыала эбит этэ.
Суох, Егор Алексеев эмиэ онон тохтоон, муҥурданан хаалар киhи буолбатаҕа: кини суруйбут «Историческая перспектива или возврат к 1937 году?» диэн ыстатыйата Киин Кэмитиэккэ 1987 сыллаахха атырдьах ыйын 25 күнүгэр тиийбитэ. Сэрэйиллэрин курдук, ол суругу «футбол мээчигин курдук» эрчимнээхтик төттөрү тэппиттэрэ Дьокуускайга кэлэн, улуу Ленин сылайбакка, салгыбакка уҥа илиитин уунуоҕунан уунан турар сиригэр – «обкуом паартыйа» дьиэтигэр кэлэн түспүтэ.
Оттон ол дьиэ киэҥ уораҕайыгар соҕурууҥҥулартан соччо хаалсыбат «футболистар» эмиэ бааллара. Онон «пиэрибэй» «үhүс» сэкирэтээргэ тэбэн кэбиспит этэ. Ол үhүс сирэй, Анатолий Попов, обкомҥа ыҥыран ылан кэпсэтиититтэн дохсун уонна хорсун учуонай астымматаҕа.
Ол иhин салгыы туруорсан Политбюро чилиэнигэр, ССКП Киин Кэмитиэтин сэкирэтээригэр Александр Яковлевка сурук ыыппыта. Суругар 1988 сыл тохсунньу 8 күнүгэр Саха государственнай университетын история-филологическай факультетыгар аhаҕас партийнай мунньахха Оhороков, Сириикэп уонна кинилэр диэки буолааччылар Киин Кэмитиэт партийнай хонтуруолун кэмитиэтин быhаарыытыгар олоҕуран факультекка национализм баарын билинэргэ, партия райкомун, куораттааҕы кэмитиэтин уонна университет парткомун сэкирэтээрдэрин, ону тэҥэ факультет хомуньуустарын эппиэккэ тардарга ыҥырбыттарын туhунан суруйбута. Түмүгэр: «Кинилэр курдуктар хаhааҥҥа диэри сибэтиэйтэн сибэтиэй ССРС норуоттарын национальнай сыhыаннаhыыларынан үспүкүлээнниэхтээхтэрий?» – диэн быhаччы ыйытыыны туруорбута.
Күн-дьыл буоллаҕына түргэтээбэккэ даҕаны, бытаарбакка даҕаны бэйэтин чэрчитинэн биир кэмник устан, ааhан испитэ. Соҕурууттан эбэтэр бэтэрээттэн даҕаны саҥа, чэбдик салгын сайа охсон салгыйара өтөрүнэн-наарынан биллибэт этэ. Ол иhин саха омугун инники дьылҕатын туhугар күүскэ кыhаллар туруулаhааччылар: норуодунай суруйааччылар Софрон Данилов, Күннүк Уурастыырап, ССРС норуодунай депутата Андрей Борисов, Тыл, литература уонна история институтун дириэктэрэ Василий Иванов, ССРС норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осипов ССКП КК Генеральнай сэкирэтээригэр Михаил Горбачевка саха интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрин быhыытынан сурук суруйбуттара.
Туруорсууларын төрүттэрин этитэлээн бараннар, суруктарын бу курдук диэн түмүктээбиттэрэ: «Дьокуускай куорат ыччаттарын ортотугар сорох сөбө суох быhыылар күөрэйиилэрин тустарынан» ССКП КК Сэкирэтээриатын 1986 сыл ыам ыйын 5 күнүнээҕи уурааҕа чахчыларга алҕас сыанабылы биэрэр, саха норуотугар сыhыаннаhыыга элбэх олоҕо суох бигэргэтиилэргэ төрүөтүнэн буолар. Ити уураах национальнай сыhыаннаhыылар проблемаларыгар сиэрдээх, бары өттүнэн ыараҥнатан көрүллүбүт, сэрэхтээх сыhыаннаhыыларга усулуобуйалары тэрийбэт, хардарыта өйдөhүү уонна хардарыта эппиэтинэстээх буолуу климатын үөскэтиигэ туhалаабат. Итинэн сибээстээн биhиги ити уурааҕы көтүрэргитигэр көрдөhөбүт, ол кэннэ Эhиги В. И. Ленин «араас нациялар интэриэстэригэр сүҥкэн болҕомто эрэ иирсээннэр үөскүүр төрүөттэрин туоратар, хардарыта өйдөспөт буолууну туоратар…» – диэн ыйыытын учуоттуоххут диэн эрэнэбит».
Оттон ол кэмҥэ бүтүн дойду үрдүнэн дуорааннанан дуораhыйбыт «националистическай көстүүлэринэн доҕуhуолламмыт» диэн ааттаммыт дьыала «оноҕосчоон чоохоонноро» – Саха государственнай университетын устудьуоннара ханна этилэрэй?
Биллэн турар, кинилэртэн ордук хардааччылара уонна ырааҕы урутаан ыллыктаахтык өйдүүр дьоҕурдаахтара партия обкомун үhүс пленумун уураахтарын үгүс быhаарыылара норуот инники кэскилигэр улахан охсуулаах буолуохтаахтарын тута өйдөөбүттэрэ уонна ону көннөртөрөр туhугар араас суолларынан туруорсубутунан барбыттара.
1989 сыл сэтинньи 17 күнүгэр Саха государственнай университетын сүүрбэ тохсус отчуоттуур-быыбардыыр хомсомуол конференциятыгар «1986 сылга муус устар ыйга Дьокуускай куорат ыччаттарын ортотугар сөбө суох көстүүлэр» боппуруостарыгар устудьуоннартан уонна ыччаттартан анал хамыыһыйа тэрийэргэ быhаарыллыбыта. Ол быhыытынан аҕыйах хоноот, сэтинньи 28 күнүгэр СГУ хомсомуол кэмитиэтин мунньаҕа тоҕус киhилээх устудьуоннар уонна ыччат хамыыһыйаларын тэрийбитэ.
Ити хамыыһыйа 1989 сыл ахсынньыга бэйэтин түмүктээhиннэрин оҥорбута. Ыччаттар уон пууннаах туруорсууларыгар киhи сиэр-майгы, тыл-өс, култуура өттүнэн көҥүлүн оччотооҕуга сыыhа өйдөөhүн таhаарыллыбытын, дьону омугунан араартааhын өссө ордук күөртэммитин, университет, факультеттар сорох салайааччылара, преподавателлэрэ үлэлэриттэн тохтотуллубуттара сыыhатын, устудьуоннар Дмитрий Винокуров, Михаил Барашков, СГУ лаборана Петр Сивцев дьыалаларын саҥалыы көрөргө, муус устар 1 күнүгэр катокка айдаан милииссийэ үлэhиттэрин эппиэтинэhэ суохтарыттан күөдьүйэн тахсыбытын уонна партия обкомун үhүс пленумун уураахтарын саҥалыы көрөргө диэн оҥорбуттара.
Киин куоракка эрэ буолбакка, тыа сиригэр кытта дьон-сэргэ партия обкомун 1986 сыллааҕы үhүс пленумун быhаарыыларын сөбүлээбэт буолуулара улаатан, кэҥээн испитэ.
Онон 1990 сыл тохсунньутугар «Дьокуускай к. ыччатын ортотугар сорох сөбө суох быhыылар тустарынан» ССКП КК 1986 сыл ыам ыйын 5 күнүнээҕи уурааҕын олоххо киллэриигэ уобаластааҕы партийнай тэрилтэ соруктарын тустарынан» ССКП обкомун үhүс пленумун (1986 с) уураахтарын толорууну ырытарга ССКП обкомун 15 киhилээх хамыыһыйата түмүктээhиннэри оҥорбута. Ол хамыыһыйа маннык этиилэрдээҕэ:
ССКП обкомун 3‑с пленумун (1986 с.) үөhэ этиллибит балаhыанньалара уонна түмүктээhиннэрэ сыыhаларынан уонна республикаҕа национальностар сыhыаннаhыыларыгар баар быhыыны-майгыны алҕас көрдөрөллөрүн быhыытынан күүстэрин сүтэрбиттэринэн ааҕарга. ССКП обкомун үhүс пленумун (1986 с.) уурааҕын хонтуруолга ылары тохтоторго уонна инники үлэҕэ «Билиҥҥи усулуобуйаҕа партия национальнай политиката» диэн ССКП платформатынан салайтарарга.
«Дьокуускай к. ыччаттарын ортотугар сорох сөбө суох быhыылар тустарынан» КК Сэкирэтэрийээтин 1986 сыл ыам ыйын 5 күнүнээҕи уурааҕын көтүрэр туhунан боппуруоhу ССКП КК иннигэр туруорары сөптөөҕүнэн ааҕарга.
Онтон обком алтыс пленума 1990 сыл олунньу 16 күнүгэр 1986 сыллааҕы үhүс пленум балаhыанньаларын алҕастаахтарынан сыаналаабыта. Сиэрдээх быhыы өрөгөйдөөбүтэ, ол эрээри Иван Таскин курдук буола турар быhыыны-майгыны дириҥник көрөн ырыҥалыыр, сыана быhар билиилээх-көрүүлээх дьон ситэ астымматахтара. Кинилэр санааларыгар кэмигэр олус дарбатыллыбыт айдаан аллараттан туруорсуу күүhүнэн үрдүттэн ити курдук саба быраҕан быhаарыллыбыта. Ол «алҕастаахтарыгар» ким буруйдааҕа, ким эппиэтинэhи сүгэрэ букатын биллибэккэ хаалбыта. Сабыллыбыта… Оттон олох сайдыыта иннин диэки дьулуhар күүhүн ханныктаах уонна туохтаах да бэйэлээх тохтотор, харгыстыыр кыаҕа суоҕа. Дойдуга уларыта тутуу политикатын чэбдик тыала, сайаҕас тыына, сааскы күн уота күрдьүктээх хаары улам-улам уоhуннара уулларарын курдук, сэттэ уонча сыл олорон «аатыран-сураҕыран», аҥаардастыы айаатаан аҕай кэлбит, били, «тулхадыйбат» бөҕө дэммит тутулбутун сүргэйэн, симэлитэн, мөлтөтөн барбыта.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.