Текст книги "1986. Аргыардаах саас"
Автор книги: Иван Сысолятин
Жанр: История, Наука и Образование
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 10 (всего у книги 12 страниц)
УОН БЭҺИС БАҺА
Муус устар ый Нина Яроева олоҕор тосту уларыйыыны аҕалла.
Кыhын олунньуга Харбалаах орто оскуолатын үлэтин инспекторскай бэрэбиэркэлээhин кэнниттэн тыл-тылларыгар киирсибэккэ, оройуоннааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ Николай Иванович: «Мин этэрбин, сүбэлиирбин ылыммат, учуоттаммат буоллаххына салгыы бииргэ үлэлиирбит уустук буолууhук», – диэбит тыллара Нина Николаевна сүрэҕэр-быарыгар, хара хоруончаха курдук, дьөлө дьуоҕаран сылдьыбыттара. Сэбиэдиссэйэ өрүүтүн тимир-тамыр курдук туттар буолбут уонна «манна эн баарыҥ да, суоҕуҥ да син биир» диир кэриэтэ сыhыаннаhар.
Биир күн Нина Николаевна тулуурун кыла быhа ыстанна – бэйэм баҕабынан бу үлэбиттэн уурайабын, учууталлата ыытыҥ диэн сайабылыанньа суруйан Николай Ивановичка киллэрэн биэрдэ. Сэбиэдиссэйэ суругу аахта уонна муннунан да, айаҕынан да тыыммата, кыратык даҕаны сирэйэ ымыр гыммата.
– Дойдубар, Хомустаах орто оскуолатыгар, нуучча тылын учууталын миэстэтэ тахсыбыт эбит, онно ыытыҥ, – диэтэ Нина Николаевна, кэтэспэхтээн көрөн баран.
«Тоҕо барарга быhаарынныҥ?» эбэтэр «Ол учууталлара ханна барбытый?» – диэн курдук өскүөрү ыйытыы да иhиллибэтэҕэ. «Баҕардаххына бар, бэйэҥ көҥүлүҥ», – диэбит курдук.
– Көрүөхпүт, – диэн кэмниэ-кэнэҕэс сэбиэдиссэйэ биир эрэ тылы ыhыгынна.
Дьиҥинэн, оннук буолуохтааҕын Нина Николаевна эрдэттэн сэрэйэрэ.
Биир күн ааспыта, иккис күн үүммүтэ – туох да биллибэтэҕэ. Үhүс да күн оннук ааспыта. Нина Николаевна сэмээр күүтэ сырытта.
Оройуоннааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ Николай Иванович райком бастакы сэкирэтээригэр Гаврил Ивановичка эhиилги үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии туhунан боппуруоhунан приемҥа киирдэ. Ол кэпсэтиигэ каадыр боппуруоhун киэҥник таарыйдылар. Ордук оскуолалар дириэктэрдэрин барыларын биир-биир ырытан көрдүлэр. Онтон үөрэх салаатын аппараатыгар тохтоотулар.
– Бэйэҥ штабкын баҕас бэйэҥ хайдах эмэ дьаhанар, бөрүүр инигин? – дии-дии, Гаврил Иванович эҕэлээхтик күллэ.
– Сорох-сороҕор дьаhайтарымаары хаайаллар ээ… Бу аҕыйах хонуктааҕыта Яроева диэн инспекторым тыаҕа учууталлата ыытыҥ диэн сайабылыанньа биэрдэ, – диэн Николай Иванович кэпсээтэ.
– Ээ, били, ааспыт күhүн олорор сиринэн үлэ мунньаҕар тыл этэн соhуппут кыыс дуо? Өйдүүбүн-өйдүүбүн. Ол барарын туох диэн матыыптыыр эбитий?
– Туох улахан матыып кэлиэй, бэйэтэ санаатын таптарбат быhыылаах. Куруутун бэйэтэ туспа көрүүлээх, мнениелаах буола сатааччы. Бу кыhын маннааҕы орто оскуолаҕа инспекторскай бэрэбиэркэ кэнниттэн эмиэ тыл-тылбытыгар киирсибэтэхпит, быhатын эттэххэ, бэйэ-бэйэбитин өйдөспөтөхпүт.
– Ону үчүгэйдик өйдөтөн, тута саба охсон биэриэххин. Туга кыаллыбатый?
– Киhи тылыгар киириэх быhыыта суох. Бэйэтэ даҕаны ааспыт сайыҥҥыттан эрэ ыла үлэлиир.
– Партиялаах дуо?
– Суох.
– Ол аата тутуллар тутааҕа суох эбит. Оччоҕо сырыттын, бардын, ханна эрэ оройуон уhугар ыытан кэбис, баҕатын хоту. Өссө да олоҕу билэ, амсайа түстүн!
– Мин даҕаны оннук түмүккэ кэлэн сылдьабын, – диэтэ Николай Иванович.
Саҥа үүммүт нэдиэлэ бастакы күнүгэр эбиэттэн киэhэ сэбиэдиссэйэ Нина Николаевнаны ыҥыртаран ылла. Кэпсэтии сүрдээх судургу буолла.
– Хайа, үнүргү санааҥ, быhаарыныыҥ уларыйбата дуо? – сэбиэдиссэй кэпсэтиини саҕалаата.
Итиннэ урукку эбитэ буоллар «Нина Николаевна» диэн икки тыл хайаатар даҕаны кыбыллыахтаах этэ. Ол туттуллубатаҕыттан кыыс сэбиэдиссэйэ сиэрин ситэрэн, өскүөрүтүн эрэ ыйыппыта буоларын тута сэрэйдэ.
– Суох! Тоҕо уларытыахпыный?
– Баҕар, сыыйа-баайа толкуйданыа диэн… – Быhаарынным да бүтэр.
– Оччотугар ол Хомустааҕыҥ оскуолатыгар барар гына бирикээскэ илии баттыыбын.
– Нуучча тылын уонна литературатын учууталынан.
– Оннук.
– Хаhааҥҥыттан?
– Өйүүҥҥүттэн.
– Сөп.
Дьэ онон, икки хоноот, Хомустаах бөhүөлэгэр таhаҕас массыыната кэлэн, Нина Николаевна соhуччу көhөн таҕыста. Бэйэтин төрөөбүт-үөскээбит сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр үлэлии, олохсуйа тиийэрэ эмиэ даҕаны үчүгэй курдук эрээри, атын өттүттэн көрдөххө, эмиэ да кыбыстыылаах этэ: үөрэх салаатын инспекторынан, бүтүн оройуон учууталларын дьаhайааччынан үлэлээн иhэн, биир да сыл буолбакка, туохтан эрэ тапсыбакка бурайсан, төннөн тахсыбыт үhү диэн сурах-садьык, өссө ол-бу диэн эбии кутуруктанан-сиэллэнэн, тарҕанан бара туруо буоллаҕа.
Оттон ийэлээх аҕата Өрүүнэлээх Ньукулай кыыспыт олоҕун оҥосторго, ыал буоларга сананан таҕыстаҕа диэнтэн атын санаалара суоҕа. Ол иhин үөрүүлэрэ үс халлаан этэ.
Кырдьыга да, хайдах эрэ кинилэр санааларын хоту буолла.
Муус устар ый ортотугар Хомустаах бөhүөлэгэр биир уруу малааhына ньиргийдэ. Дьон-сэргэ Нина уонна Михаил Отуукаптар диэн саҥа ыалы уруйдаан-айхаллаан, алҕаан, тыл сүөгэйин, сүмэлээҕин эттилэр-тыыннылар, ыллаатылар-туойдулар. Ол быыhыгар аныгы үгэhинэн эдэрдиин-кырдьаҕастыын: «Горько-о! Куорка-а!» диэн ыhыы-хаhыы бөҕөтүн түhэрдилэр. Эдэр өттүлэрэ дьээбэлэнэн, саас ортолоохтор дьон көҕөр, оттон сааhырбыттар, кырдьаҕастар быданнааҕыта уонна эргиллибэттии ааспыт эдэр-сэнэх эрдээҕинээҕилэрин эргитэ санаан ылаары… Дьэ, кырдьыга да, Нина айымньылаах үлэ умсулҕанын таhынан тус олох минньигэс отонун амтанын дьэ илэ-бааччы билэн барда. Ол сүрдээх таттарыылаах, умсугутуулаах буолар эбит. Оттон Миша букатын атын олоххо, бэлэм далбарга кэлбитин, ардыгар, бэйэтэ даҕаны итэҕэйбэт курдуга. Оҕонньордоох эмээхсин, күтүөттэммит дьон уонна төрүт айылҕаттан аламаҕай барахсаттар, туох баардарынан маанылааhыннара, Нина урукку өттүгэр биллэрбэтэх сүрдээх истиҥ сыhыана, дьиҥ ыраас, сэмэй таптала, кырдьык даҕаны, уол урут хаhан даҕаны түhээн да көрбөтөх күн далбарай олоҕо буолла.
Дьиҥнээхтик хардарыта сөбүлэhэр икки сүрэх ыал буолууларын маҥнайгы күнүттэн тапталларын бастакы түүнүттэн ыла бэйэ-бэйэлэригэр тардыhыылара, умсугуйуулара күн-түүн ордук күүhүрэн, тэбиэhирэн уонна дириҥээн иhэрэ. Ордук умсугуйан, үлүhүйэн уоттаахтык уураhаллар, сүрэхтэрэ-быардара быллыгырыы мөхсүөҕэр диэри куустуhаллар, устунан имэҥирэн, абылатан, кылгас түгэҥҥэ өйдөрүн сүтэрэн ылар курдуктар. Ыбылы куустуспутунан утуйаллар. Сүрэхтэрэ тэбис-тэҥҥэ тэбэр, иккиэн тэбис-тэҥҥэ тыыналлар. Таптаhыыларын күүhүттэн, мэктиэтигэр, сүрэхтиин-быардыын, эттиин-хаанныын холбоhон, силбиhэн биир киhи буолан хаалбыт курдуктар…
* * *
Иван Данилович Таскин муус устар ый ортотугар биир субуота киэhэ дойдутугар Орто Эбэҕэ аймахтарыгар күүлэйдии тиийдэ. Ол иннинэ, өссө кулун тутар саҥатыгар убайа Сорогодтаах улахан массыынанан даачатын дьиэтин эркинин куоракка тиэйэн киллэрэн биэрбиттэрэ. Онно соhуччу баҕайы тиийэн кэлэн, бэлэмэ суох буолан, туох даҕаны кэhиини-тутууну булан биэрбэккэ ыыппыттара. Харчы биэрээри гыммыттарын Сорогод: «Эс, аймахтыы ааттаах буолан бараммыт, харчынан быhаарса сылдьыахпыт дуо?» – диэн ылбатаҕа. Ол иhин Саргылааната бу сырыыга сөп соҕустук кэhиилээн, тэрийэн ыытта.
Ыраахтан, куораттан кэлбит кэhиини хостооhун, көрүү-истии ордук оҕолорго үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдээх. Халҕайбыт хара суумкаттан халбаhыы хас да көрүҥэ, сыыр, тууhаммыт балык, аҕаларыгар халыҥ ырбаахы, ийэлэригэр сайыҥҥы былаачыйа тахсан кэллилэр. Арай бүтэhиккэ суумка түгэҕэр хаhыатынан хос-хос кичэллээхтик сууламмыт дьаабылыка сытарын ким-хайа иннинэ Вера обургу, сытыттан билэ охсон, биири сулбу тардан ылаат, айаҕар укпутунан барда.
– Бу кыыс оботун көр эрэ! – диэн ийэлэрэ кыыhын суолтатыгар эрэ дьаҕарыйбыта буолла.
– Оботтоох, оботтоох! Пахайбын, оботтоох кыыс! – Костя, оччону истибит киhи, эдьиийин хайдах хаадьылаабакка хаалыаҕай!
Инньэ гынан, үгэстэринэн, эмиэ хардарыта тардыалаhан, охсуолаhан ыллылар.
– Дьэ эмиэ ыттаах куоска курдук буолан эриҥ! – диэн ийэлэриттэн дьиҥнээхтик мөҕүллэн хааллылар.
Иван Данилович убайа Сорогодтуун киэhэни быhа наҕылыччы олорон, аhыы-аhыы, сэhэргэhэн таҕыстылар. Хайа-хайалара оҕо саастарын, уруккуларын ахтан-санаан аhардылар, булт-алт туhунан сэhэргэһэллэрэ үчүгэйэ сүрдээх… Тыа дьоно барахсаттар бэйэлэрин кыахтарын таhынан улахаҥҥа, аhара үрдүккэ талаhа сатаабакка, тус кыhалҕаларынан, бэйэлэрин ыырдарынан түбүгүрэн, туох да муоҕа‑чуоҕа суох, судургутук, көнөтүнэн олороллоругар туораттан кэлбит киhи ымсыыра, ордургуу саныах курдуга… Оттон дьол көмүс уйатынан аатырар Дьокуускайбытыгар хайдаҕый? Үөрэхтээхтэр, «өркөн» өйдөөхтөр, бука бары «талыыкааннар», үрдүк сололоохтор мустан хаалан баран, бэрт былдьаhыы, түөлбэлэринэн хайдыhан түөрүтэ тэпсиhии, тырыта тыытыhыы, бэйэ-бэйэни бадараан дьуоҕатыгар тимирдиhии, ким эрэ киминэн эрэ кирилиэстэнэн, үктэллэнэн үрдүк солоҕо, ордук олоххо тахсарга үөhээҥҥилэр харахтарыгар «үтүөкэннээх» киhи буолан көстөргө дьулуhуута. Оннук унньуктаах охсуhуу ухханыгар аймах-хаан диэн аахсыллыбат буолла, сиэр-майгы диэн сиргэ-буорга тэпсилиннэ, аhыныгас амарах санаа диэн антах анньылынна. Үрдүүр, «үүнэр» туhугар сирэй көрбөх буолуу, ньылаҥнааhын-хаптаҥнааhын, хобулааhын, хобу-сиби, тылы-өhү тарҕатыы ньыматын туйгуннук баhылаатылар… Биллэн турар, дьон барыта оннук түктэри быhыыланнылар-майгыланнылар диэн буолбатах.
Иван Данилович бэйэтин төрөөбүт-үөскээбит төрүт буор дойдутугар тахсан олорон итинник өйгө-санааҕа кэллэ. Кини итинник санааҕа кэлбитэ түбэспиччэ уонна соhуччу буолбатах этэ. Куорат эбэ хотуҥҥа үрдүк үөрэххэ үөрэнэн, онтон үлэhит, учуонай буолан тулалыыр, аалсар эйгэтиттэн бэйэтин этинэн-хаанынан билэн кэлбитин түмүктээhинэ, сыаналааhына этэ.
Тыа дьоно кулун тутар бүтүүтүгэр, муус устар саҕаланыытыгар Дьокуускайга буолбут ыччат айдаанын баhын-атаҕын эрэ истэн олороллоро. Оттон куоракка үөрэнэр, Сэргэлээх иккитигэр олорор уоллаах дьон быhыытынан Таскиннар дьиксинэн, дьаарханан ыйытан сурастылар.
– Куоракка устудьуоннар нуучча оҕолорун кытта охсуспуттар үhү дуу? Онно биhиги киhибит кыттыбата ини? – диэн ортолуу аhыы олордохторуна, Өлөксөөс хоноhотуттан ыйытта.
– Кырдьык, кырдьык, оннук айдаан буола сырытта эрээри, биhиги Степабыт онно биирдэ даҕаны букатын кыттыбата. Кинилэр өссө кыралар, оскуола үөрэнээччилэрэ буоллахтара дии. Иитээччилэрэ оҕолорун бэркэ көрөллөр‑истэллэр, киэhэтин баҕас онно-манна мээнэ ыыппаттар, – Иван Данилович наҕылыччы кэпсии олордо.
– Оннук эрэ буоллун. Эчи, киhи истэ-истэ да куттанар, арааска түбэhэн, тэбиллэн хаалыаҕа диэн. Биhиги киhибит өйүн-төйүн ситэ тута илик тойооску буоллаҕа дии. Онон табаарыстарын, улахан уолаттары батыhан онно-манна тиийэн-түгэнэн хаалыан сөп. Куорат аата куорат буоллаҕа эбээт, – ийэ барахсан дьиксинэр санаатын таhыгар таhаарда.
– Ол айдааннара олус улахан буолбата ини? Хайалара буруйдаах үhүнүй: устудьуоннар дуу, куораттар дуу? – аны Сорогод ыйытааччы буолла.
– Дьиҥинэн, оннук улахан айдаан тахсыа суоҕун милииссийэ үлэһиттэрэ устудьуоннар үҥсүүлэрин, этиилэрин аахайбатахтарыттан сылтаан улаатан, күөдьүйэн тахсыбыт. Мууска хаҥкылыы сылдьар ыччаты куорат уолаттара анаан-минээн үс төгүл кэлэн, кыыс—уол диэн араарбакка кырбаталаан барбыттар. Ол иннинэ даҕаны саха оҕолорун онно-манна кырбаабыт түбэлтэлэрэ тахсара. Ону барытын хаалларан иhэллэриттэн, өссө милииссийэ улахан тойоно эрэннэрэн баран, кэлбэтэҕиттэн устудьуоннар кыhыыларыгар, өhөстөрүгэр даҕаны уулуссанан хаамсан, Ленин болуоссатыгар тиийбиттэр. Онтон төннөн кэлэн, университекка миитиннииллэр. Ол кэмҥэ сорох устудьуоннар Аппа Уҥуор ыччатын эккирэтэн тиийэн, милииссийэлэри кытта тардыаласпыттар. Барытыгар даҕаны милииссийэ үлэhиттэрэ тоҕо эрэ наар нуучча дьоно буолан биэрэн испиттэр. Олор катоктан төттөрүтүн охсуллубут, эмсэҕэлээбит СГУ уолаттарын тутуталаан барбыттар.
– Оччотугар кимнээх эрэ собус-соруйан оҥороллор эбит буолбатах дуо? – Сорогод көбдьүөрэ түстэ.
– Эн сөпкө этэҕин, киhи тоҕо эрэ инньэ диэн баҕарар, – Иван Данилович илиитин убайын тобугар ууран ылла. – Уопсайынан ыллахха, бу айдааны таhаараары соруйан оҥоруу, үктэтии буоларын туhунан куоракка сорох табаарыстарбыныын сэhэргэhээччибит. Адьас быhаччы эттэххэ, кимнээх эрэ кигиилэринэн эдэр оҕолорунан саха устудьуоннарын кырбаттаран айдааны таhаартараллар уонна айдааны өссө ордук күөдьүттэрээри собус-соруйан саха ыччатын туталлар, оттон туох да сылтаҕа суох саба түспүт, чуолкай буруйдаах Аппа Уҥуор уолаттарын көрдөрөн туран босхо ыыталаан кэбиhэллэр.
– Дьэ кырдьык, кыhыылаах суол эбит… Бэйи, инньэ гынан, ол охсуhууларыгар хайалара хотуулаах тахсыбытый, устудьуоннар дуу, анарааҥҥылар дуу? – Сорогод мүчүк гынан ылаат, ыйытта.
– Аата, ыйытыым диэн ыйыттаҕын, булан-булан… – Өлөксөөс кэргэнин хомуруйда.
– Һы, оттон тугун-ханныгын билиэхпин баҕарар буоллаҕым дии, – Сорогод төбөтүн имэринэн мүлүкүчүҥнэтэн ылла.
Оттон салгыы Иван Данилович университекка бу күннэргэ сотору-сотору араас мунньахтар буолалларын, соҕурууттан улахан хамыыhыйа кэлиэхтээҕин туhунан кэпсээтэ.
Уоллара Степа катокка сылдьан тимир сыабынан охсуллубутун туhунан сурах ыраах тыаҕа олорор ийэлээх аҕатыгар иhиллибэтэҕэ. Дьиҥинэн буоллаҕына, Иван Данилович тыаҕа тахсыан нэдиэлэ иннинэ, Степа табаарыhын Илья Бояровтыын университет кылаабынай куорпуhун иннинэн мууска сылдьааччылары куорат уолаттара элбэх буолан кэлэн кырбааhыннарыгар түбэспиттэрин, онно уол тимир сыабынан агдакатыгар таптарбытын туhунан университеттан кэргэнэ Саргылаана Семеновна истэн кэлбитэ. Хата, эчэйиитэ халымыр эбитэ үhү. Степа оннукка түбэспитин дьонугар туох баарынан кэпсээбитэ буоллар, ордук ийэтэ эрэйдээх улахан санааҕа‑онооҕо түhэрэ көстөн турар суол этэ.
Иван Данилович дойдутуттан куоракка кэhии эт бөҕөтүн илдьэ киирбитэ. Бэйэтэ элбэҕи ылыаҕын сүрдээх кыбыстар да, убайа букатын үөс‑батааскы биэрбэтэ: куулга ынах, убаhа, сибиинньэ этин толору хаалаан баран, аргыhын массыынатыгар тиэйэн биэрдэ. Уоллара Степа сылдьан асаhыа диэхтииллэр да, ол киhилэрэ, даарым биир куоракка олордоллор да, ый баhыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ охсуллан ааhааччы, ыалга сылдьарын соччо сөбүлээбэт, эмиэ наhаа көнө, судургу киhи быhыылаах.
Ийэлээх аҕата уолларыгар өрүскэ суол сабыллаары турдаҕына дойдутугар тахса сатаабатын диэн илдьиттээтилэр.
УОН АЛТЫС БАҺА
Сэргэлээх иккитин уопсай дьиэлэригэр куораттааҕы ис дьыала отделыгар хаайыллан сытар физическэй факультет устудьуоннара Винокуровы уонна Барашковы босхолуурга модьуйар ис хоhооннох сурукка илии баттатыыга Тараас Иванов, Айаал Оруоhун быhаччы кыттыбытынан барбыттара. Үс‑түөрт күн иhигэр аҕыс сүүсчэкэ устудьуон илии батааhына баар буолбута. Ол эрээри прокуратураҕа илии баттаабыт хас биирдии киhи аата-суола, паспорын дааннайдара, аадырыhа барыта баар буолуохтаах диэн тутуhаннар, кумааҕыларын уолаттарга төттөрү быраҕан биэрбиттэрэ. Дьэ, ол иhин иккистээн, саҥалыы илии баттааhыны хомуйарга тиийбиттэрэ. Иккистээн кэрийэллэригэр үгүстэрэ, куттананнар, илии баттыыртан аккаастаммыттара.
Кырдьыга да, устудьуоннар дьиксинэллэригэр, куттаналларыгар төрүөттэр бааллара. Университет уонна факультеттар партийнай кэмитиэттэрин чилиэннэрэ, актыбыыстара, били Ленин проспегынан хаамсыыга КГБ үлэhиттэрэ түhэрбит хаартыскаларын көрдөрө-көрдөрө, «Эн кыттыбыккын. Бу бааргын!» диэн устудьуоннары ыгаллара-түүрэллэрэ, куттууллара, аны туохха да кыттымаҥ диэн модьуйаллара.
Биир күн физика отделениетын үhүс куурсун устудьуона Тараас Ивановы ис дьыала отделыгар бэбиэскэнэн ыҥыран ыллылар. Омугунан саха да буоллар, следователь, сахалыы сүрдээх олуттаҕастык саҥаран, хара маҥнайгыттан тугу даҕаны кистээбэккэ туох баарынан кэпсээтэххинэ бэйэҕэр үчүгэй буолуо диэн сүбэлиибин дии-дии ньымааттаста уонна ол устудьуоннар айдааннарын көҕүлээччилэртэн биирдэстэринэн көстөҕүн диэтэ.
– Мин итинник уопсайынан саба быраҕан буруйдааhыны ылыммаппын, – диэн Тараас тута утарыста.
– Тоҕо оннук буолуой? Биhиэхэ факты… фактар бааллар, вот, – капитан уол иннигэр хас даҕаны хаартысканы ууран биэрдэ.
Ол хаартыскаларга барытыгар Тараас ыччаттары кытта Ленин проспегынан хаамсан иhэрин, болуоссакка пааматынньык аттыгар аҥаар илиитин уунан тугу эрэ саҥаран эрэрин түhэрбиттэр.
– Вот манна впереди сылдьаҕын, вожак курдук… – Курдук диэн… ол аата дакаастабыл буолбатах, – Тараас бааҕынаата.
– Аны актовай саалаҕа тугу эппиккин… внимательнайдык иhит, – следователь аттыгар туумбаҕа турар магнитофону холбоото.
«Куоракка маннык быhыы-майгы, ол аата саха ыччаттарыгар баттыгастаах микроклимат үөскээбитин сүрүн биричиинэтэ биhиги Өрөспүүбүлүкэбит билиҥҥи салалтатын үлэтин итэҕэhэ буолар…» – диэн Тараас эппит саҥатын чуолкай баҕайытык устан ылбыттар этэ.
– Вот, эн куолаhыҥ буолбат дуо? Отрицайдаабат инигин? – следователь тииhин быыhынан саҥаран оргууй аҕай сыыйда.
– Суох, мэлдьэспэппин, итинник эппитим. Ол эрээри итиннэ киhи тутуhара, баайсара суох дии саныыбын, – Тараас хардары быhаарааччы буолбута.
– Ол эн санааҕар… кажется… Оттон, дьиҥэр, эн этииҥ саха ыччаттарын партия ыытар политикатын утарарга, действиеҕэ ыҥырар ис хоhоонноох. Саха ыччатын баттыыллар-атаҕастыыллар диэн четко, ясно эппиккин.
– Мин действиеҕэ ыҥырбатаҕым, баар чахчыны, киhи барыта билэр суолун бэйэм хайдах өйдүүрбүнэн көннөрү быhаарбытым.
– Эн хас да сүүс студент, масса иннигэр тахсан тыл эппиккин, олорор комнатаҥ иhигэр буолбатах. Вот в чем разница… – Ити аата, эhиги буруйдааҕы хайаатар даҕаны булуохха диэн установка ылбыккыт, биhигини ханнык эмэ суолунан баайсан түбэhиннэрэр эрэ толкуйдааххыт быhыылаах… – Тараас, тулууруттан тахсыахча буолан, улахан баҕайытык саҥаран бааҕынаата.
Ити курдук өссө даҕаны мөккүспэхтии түспүттэрин кэннэ следователь Тарааска ыраас илиис биэрэн баран, устудьуоннар айдааннарыгар кыттыбыккын барытын сиhилии быhааран суруй диэбитэ уонна бэйэтэ кэбиниэттэн тахсан биэрдэ.
Уол быhаарыы суругун следователь, ааҕан баран, быhаарыыҥ киhини астыннарбат, барытын кистиигин, онон өссө төгүл ыҥырыахпыт диэтэ уонна дьиэтигэр барарын көҥүллээтэ.
Ол курдук Тараас милииссийэҕэ аны хаhан ыҥыраллара буолла диэн ыарахан санаа аргыстаах үөрэнэ сырыттаҕына, аны кууруһун устудьуоннарын мунньахтарыгар кини дьыалатын көрдүлэр: үөрэҕиттэн тохтоторго дуу эбэтэр салгыы үөрэнэригэр итэҕэйэбит дуу диэн чопчу боппуруос турда.
Үөhэттэн деканаттан, ректораттан кытта ыгыы-түүрүү баара көһүннэ. Декан солбуйааччыта, факультет партийнай тэрилтэтин сэкирэтээрэ Павлова боппуруоhу туруорарыгар быhаччы буруйдаахтартан биирдэстэринэн Тараас Иванов буолар уонна салгыы устудьуон аатын-суолун сүгэр бырааба суох диэн университет партбюротун мунньаҕар быhаарбыттарын иhитиннэрэн туран, куурус устуудьуоннара ону учуоттуохтаахтарын туhунан бэлиэтээн тыл эттэ.
Куратордарын Альбина Васильевнаны кытта деканакка эрдэ кэпсэтэн, тылын ылбыттар быhыылааҕа. Ол даҕаны иhин кини бастакынан тыл этэригэр: «Эн, Иванов, биhиги кууруспут эрэ буолбатах, бүтүн университет аатын түhэн биэрдиҥ, кини үтүө аатыгар хара мэҥи түhэрдиҥ. Быйыл кыhын эмиэ милицияҕа хонон тахсыбытыҥ! Ол кэнниттэн бэйэҕэр сөптөөх түмүгү оҥостубатаххын көрдөрдүҥ, буолан ааспыт айдааҥҥа биир бастакы кэккэҕэ сырыттыҥ, тыл эттиҥ хайаатыҥ! Онон бэрээдэккин көннөрүнэр суолга турбатыҥ. Ол аата эн устудьуон аатын мантан салгыы сүгэргэр достойнайа суоххун», – диэбитэ.
Устудьуоннар, маҥнай соhуйан хаалан, мах бэрдэрбит курдук, иhийэн, чуумпуран хааллылар, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр.
– Хайа, манна мин саҥарар быраабым суох дуу? – диэн Тараас бааҕынаата уонна түөhүллэн туран кэллэ. – Бэйэм бэрээдэкпэр, бэйэм дьайыыбар быhаарыы биэрбэппин дуо?
– Онно туох улахан быhаарыыта нааданый? И так барыта өйдөнөр, чуолкай, – Альбина Васильевна саба саҥаран кэбистэ.
– Ээ, туох үлүгэрдээх бобуутай-хаайыытай?! – Тараас илиитин нэлэҥнэттэ.
– Сах сиэтин! Наhаа этэ сатаама! – аттыгар олорор Сеня Алексеев, сиэҕиттэн тардыалыы-тардыалыы, оргууй сибигинэйдэ.
– Чэйиҥ, табаарыскыт туhунан бэйэҕит сыанабылгытын принципиальнай позицияттан туран этитэлээн иhиҥ, – Альбина Васильевна салгыы саҥаран барбыта. – Эhиги чопчу биир боппуруоhу – Тараас Иванов устудьуон аатын мантан салгыы сүгэригэр достойнай дуу эбэтэр онуоха эппиэттэбэт дуу диэн быhаарыахтааххыт. Атыҥҥа мээнэ тарҕаммакка эрэ. Ити истибиккит курдук, партбюро оҥорбут сыанабылын тыл этэргитигэр хайаатар даҕаны өйдүөхтээххит. Ол биhиэхэ сүрүн установка буолар.
Аан маҥнайгынан куурус старостата Степан Кузьмин тыл этэр буолла:
– Мин санаабар Тараас Иванов оннук улахан буруйа суох, ол уулуссанан хаамсыбыта буруй буоллаҕай?! Онно тыhыынча устудьуон барбыта, ол аата, кинилэр бары буруйдаахтар дуо? Оччотугар барыларын үөрэхтэриттэн устаҕыт дуо, установкаҕыт оннук дуо? Тараас тыл эппитэ эмиэ буруй-сэмэ буолуон табыллыбат, баар суолу, баар чахчыны көннөрү эттэҕэ дии!
– Сөп, олор! Бэйэҕэтигэр тугу даҕаны сыhыарбаккыт, барытыгар эhиги эрэ буруйа суох аатыраҕыт, – Альбина Васильевна кыйытта олордо.
– Мин ити Степа этиитин кытта сөбүлэhэбин, – диэтэ куурус комсора Аня Семенова, ыллаан эрэрдии унаарытан саҥарар, үрдүк уҥуохтаах, сып-сырдык кыыс. – Чэ, уонна куоластааhын быhаардын, ким хайдах мнениелааҕа онно көстүө, биллиэ буоллаҕа дии… Альбина Васильевна саҥата суох Аня диэки кытаанах баҕайытык кынчарыйан ылла.
– Чэйиҥ, куоластыаҕыҥ!
– Кырдьык, куолас быhаардын!
– Тыл этэн да диэн барыта өйдөнөр буолаҕа дии!
– Оннук-оннук!
– Оччоҕуна куоластыаххыт иннинэ мин өссө төгүл биирдэ өйдөтөн этэрим дуу? – дии-дии, декан солбуйааччыта Павлова туран кэллэ. – Эhиги боппуруоhу иҥэн-тоҥон өйдүү сатаабаккыт быhыылаах, бииргэ үөрэнэр табаарыскытын көмүскүөххэ эрэ диэн санаанан салайтараҕыт, туох да сирэйэ-хараҕа суох быыhаан ыларга турунаҕыт. Сыыhа суолу тутуhар эбиккит. Онон өссө төгүл үчүгэйдик толкуйданан көрөргүтүгэр сүбэлиибин уонна ыҥырабын!
– Тараас Ивановы салгыы үөрэнэрин тохтоторго диэччилэр куоластаан көрдөрүҥ, – диэтэ Альбина Васильевна, аудитория иннигэр туран.
– Туох диэний, тохтоторго диэн дуо? – Сеня Алексеев, собус-соруйан улахан баҕайытык саҥаран, хат ыйытта уонна илиилэрин хоннохторун анныгар анньыталаан кэбистэ.
Биир даҕаны илии күөрэс гыммата, үгүстэр төбөлөрүн умса туттан олороллор. Куратордара «ким сөбүлэhэр илиигитин уунан көрдөрүҥ» диэн хатылаата да, туох даҕаны уларыйыы тахсыбата.
– Оччоҕо боппуруос итинэн бүтэр буоллаҕа дии? – диэтэ Альбина Васильевна.
Сонно декан солбуйааччыта Павлова саҥаран киирэн барда:
– Суох, эhиги, ыччаттар, манан бүттэхпит, боппуруоhу быhаардыбыт дии санаамаҥ. Деканат уонна ректорат даҕаны бүтэhиктээх быhаарыыны бэйэлэрэ оҥоруохтара дии саныыбын. Ону умнубаккытыгар көрдөhөбүн.
– Как это так? – диэбитинэн Даша Фролова, куоракка төрөөбүт-улааппыт нуучча кыыhа эмискэ ойон турда. – Ну, если дело такое, я со своей стороны ответственно заявляю, что если деканат и ректорат будут волевым решением отчислять нашего сокурсника Иванова, то я в порядке протеста оставляю учебу в университете и призываю своих товарищей поддержать мой почин!
Сонно устудьуоннар өрүкүнэhэ түстүлэр:
– Наша Даша права!
– Мы все поддерживаем е¸ почин!
– Даша молодец, так держать!
Онон физика отделениетын үhүс куурсун устудьуоннарыгар мунньах ити курдук барда уонна ол туhунан кэпсээн, сурах-садьык ыччаттан ыччакка, хостон хоско тарҕанан барда… Ол 1986 сыллаахха Дьокуускай куоракка устудьуоннар долгуйуулара сиэри таhынан олус күүркэтиллэн, күөттэнэн, дарбатыллан, араас үрдүк таhымнаахтык көрүллэн, ырытыллан, дьүүлгэ туран, түhүмэх түhүмэҕинэн бара турбута.
Партия уобаластааҕы кэмитиэтин салалтата, тигээйигэ тиктэрбит ат оҕус курдук, соhуйан-өмүрэн өрө батыхчахтыы, туора-маары ойуоккалыы түспүтэ. Бэйэтин аатын-суолун, уу нуурал олохторун, сылаас, сымнаҕас уонна үрдүк кириэhилэлэрин мүччү туппат туhугар бэйэ омугун аатын-суолун, чиэhин даҕаны бүтүн сэбиэскэй дойду норуоттарын харахтарыгар түhэн биэрэртэн туттуммат, кыбыстыбат буола туруммута, түбүгүрбүтэ, мөхсүбүтэ-тахсыбыта.
Муус устар 14 күнүгэр Саха уобаластааҕы партийнай тэрилтэтин бюротун мунньаҕа уратылаахтык барбыта: ССКП Киин Кэмититэтин отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччы уонна хас да сектор сэбиэдиссэйдэрэ кэлэн кыттыыны ылбыттара.
Боппуруоhа биир – «1986 сыл кулун тутар бүтэhигэр уонна муус устар саҥатыгар Дьокуускай куоракка обургу оҕолор, үлэhит ыччат уонна университет устудьуоннарын өттүлэриттэн күлүгээннии быhыы итиэннэ уопсастыбаннай бэрээдэги кэhии чахчыларын туhунан» диэн этэ.
Обком бюротун уурааҕын халбаҥа суох толорууга ылан, буруйдаахтары булуу, ылҕааhын саҕаламмыта: университет ректорыттан, обком сэкирэтээриттэн саҕалаан хас да киhи үлэлэриттэн уhуллубуттара эбэтэр атын үлэҕэ сыҕарытыллыбыттара.
Муус устар бараныытын диэки обком бастакы сэкирэтээрэ Прокопьев Москваттан Киин Тэлэбиидэнньэнэн интервьюга Дьокуускай куоракка ыччаттар күлүгээннии быhыыланыыларын туhунан бэрт сиhилии быhаарыы биэрбитэ.
Ыам ыйын 5 күнүгэр Москваҕа ССКП Киин Кэмитиэтин Секретариатын мунньаҕар 1986 сыл кулун тутар бүтэhигэр – муус устар саҥатыгар Дьокуускай куоракка обургу оҕолор, үлэһит ыччат уонна СГУ устудьуоннарын сорох өттүлэрэ националистическай көстүүлэринэн доҕуhуолламмыт күлүгээннии дьайыылара уонна уопсастыбаннай бэрээдэги кэhиилэрин чахчылара таhаарылыннылар диэн уодаhыннаах, олус баhыылаах, баhааҕырдыылаах уураах ылыллыбыта бүтүн дойду үрдүнэн хас эмэ төгүл дуорааннанан-уорааннанан иhиллибитэ.
Ол секретариат уурааҕынан кымньыыламмыт обком ыам ыйын ортотугар өссө аhары түhүүлээх быhаарыылаах, түмүктээhиннэрдээх уураахтаах үhүс пленумун ыытар. Саха омук сайдыытын атахтыырга, бытаардарга анаммыт күннэр-дьыллар күөйэ көтөн кэлбиттэрэ. Уларыта тутуу саҥа, чэбдик салгына сайа охсон киирэн иhэн, эмискэ эҕирис гынан, тохтоон хаалбытын курдуга… Саха государственнай университетын история-филологическай факультетын преподавателэ Иван Таскин ССКП Уобаластааҕы кэмитиэтин үhүс пленумугар обком бастакы сэкирэтээрэ Ю. Н. Прокопьев «Интернациональнай иитии – уобаластааҕы партийнай тэрилтэ бүттүүнүн дьыалата» диэн киэҥ дакылаата уонна пленум уурааҕа «Социалистическая Якутия» хаhыакка бэчээттэммитин барытын сирийэн ааҕан баран, олус диэн соhуйбута, сөхпүтэ-бэркиhээбитэ. Куорат обургу оҕолоро саха устудьуоннарын хаста даҕаны төхтүрүйэн кырбааhыннарыгар куорат милииссийэтэ сөптөөх дьаhалы ылбатаҕын бырачыастаан ыччаттар уулуссанан хаамсыылара уонна ис санааларын аhаҕастык тастарыгар таhаарыылара собус-соруйан күүркэтиллэн, дарбатыллан, саха норуотун бутүннүүтүн улуу нуучча омугу абааhы көрөр курдук балыырдаах буруйдааhын, сэмэлээhин буолбута, ама, кими долгуппат, бэркиhэппэт, хомоппот буолуой?!
«…Наблюдаются проявления национальной кичливости, ограниченности и замкнутости, местнический подход в решении тех или иных вопросов», – диэн дакылаакка этиллибитэ хайдах даҕаны киhи өйүгэр-санаатыгар баппат. «Ама, саха омуга эрэйдээх ханнааҕытынан уонна хаhааҥҥыттан, буолаары буолан улуу нуучча омугун уу хараҕынан утары көрөн туран киэбириэх, үрдүктүк туттуох тустааҕый? Былыр-былыргыттан нуучча ыраахтааҕытын ыйааҕын толорторооччулары кэлтэччи ылына, биир-биэс тыла суох толоро эрэ үөрэммит уонна бэйэтин өрүү намтатына, сэнэнэ сананан кэлбит, истигэн муҥутаан омук хайдах даҕаны олус олохтооҕумсуйуох, ордук туттуох туhа суох этэ. Барытын үрдүттэн саба быраҕан, оруо маhы ортотунан буруйдааhын буолбатах дуо?!
Ити курдук, Чурапчы оройуонугар ССКП чилиэнигэр сахаттан атын 10 эрэ киhи учуокка турара, кэлин үс сылга партия чилиэнинэн биир даҕаны атын омук киhитин ылбатахтар диэн сэмэлээhин буолбут. Бу эмиэ саба быраҕан, була сатаан буруйдааhын оҥоhуллубут: ол оройуоҥҥа нуучча, атын да омук суох, олорбот эбэтэр аҕыйах буоллахтарына, партия чилиэннэригэр атын омук ахсаана хантан элбэх буолуоҕай?! Эбэтэр интернациональнай иитиини үчүгэйдик ыытар оройуон аатыраары, хас быстах кэлбит атын омук киhитин аҥаар кырыытыттан коммунист оҥорон иhиэхтээхтэр этэ дуо?!
Дьэ, барыта итинник. Саха суруйааччыларын нуучча киhитин ураты уобараhын баччааҥҥа диэри айа иликкит диэн, култуура үлэhиттэрин кэлин сылларга араас көрүҥнээх фольклорнай ансаамбыллары тэрийиинэн, национальнай уратыны була сатаан көрдөрүүнэн үлүhүйэҕит диэн сэмэлээhин буолбут. «…но национальные различия, обусловленные традициями, особенностями уклада жизни, остались. Эти различия вс¸ больше стираются…» Омук быhыытынан уратыбыт сэбиэскэй кэмҥэ суураллан иhэринэн киэн туттарбыт эмиэ улуу алҕастарбытыттан биирдэстэринэн буолбатаҕа буолуо дуо?! Омук быhыытынан уратыбытын суох оҥорон иhэрбитинэн киэн туттуохтааҕар, төттөрүтүн ол уратыбытын өссө тупсаран, сайыннаран, ыраахтан-чугастан кэлбит эҥинэ бэйэлээх таhымнаах, харахтара кэҥээбит уола хааннарыгар кыбыстыыта суох, киэн туттан көрдөрөр дьиҥ сайдыылаах буолуохтаах этибит. Онтукабыт ханна баарый – үөhээҥҥи чөмчөкөлөрбүт бэйэлэрин омуктарын инники кэскилин тыhын иҥиирин бэйэлэринэн быhыта баттыы сырыттахтара… Ол кэннэ дьиҥнээх омук быhыытынан сайдыыны күүтэ сырыт!
Ити курдук ыарахан буруйдааhыны баар-суох үрдүк үөрэхпит кыhатыгар – госуниверситет салалтатын аатыгар сүктэриллибит: «…Контингент студентов университета становится вс¸ более однонациональным. На дневном отделении якуты составляют 79,5 процентов, русские и другие национальности – 20,5 процентов. Ежегодно доля абитуриентов из числа русских составляет лишь 10—15 процентов…»
Дьэ, ити нуучча, атын омук ыччаттарын собус-соруйан туоратан, күhэйэн үрдүк үөрэххэ ылбат үлэ барарын курдук түмүк оҥоруу буолбут. Өссө: «Профессорско-преподавательский состав становится вс¸ более однонациональным, повышается возрастной уровень», – диэн сэмэлээбиттэр.
Уопсайынан, партия уобаластааҕы кэмитиэтин үhүс пленумун уураахтара саха ыччатын кэрэ кэскилин түстүүр баар-суох университеппыт инники үлэтэ-хамнаhа, саха омук сайдыытын күүhүрдэр аналын толоруута бука барыта улаханнык атахтанар буолбут.
Иван Данилович, төhө даҕаны оҕо сааhыгар тыа сириттэн тэйэн, Дьокуускай куоракка олохсуйдар, сахалыы сүрүн-кутун, өйүн-санаатын сүтэрбэккэ тута сылдьар киhи быhыытынан «кыайыыттан кыайыыга тиэрдээччи хаан-уруу партия сирдьитинэн» аатырар Коммунистическай партия уобаластааҕы кэмитиэтэ улахан охсуулаах, уодаhыннаах уурааҕы, быhаарыыны ылыммытын аҥаардас эт өйүнэн эрэ буолбакка, бүтүн ис кутунан, этинэн-хаанынан тута өйдөөбүтэ уонна сүрдээҕин санаата түспүтэ, мунчаарбыта…
* * *
Күннэйдээх Степа, от ыйын саҥатыгар сайыҥҥы сынньалаҥнара саҕаланан, Дьокуускайтан трамвайынан айаннааннар, Өлүөнэ эбэ илиҥҥи кытылын күн ортотугар булбуттара.
Трамвайга дьон лыык курдук симиллэн таҕыстылар. Үгүс эр дьон, уолаттар сүгэhэрдэрэ, суумкалара онно-манна анньылыннахтарына, кылыр-халыр гына тыаhыыр. Трамвайтан тахсаары туран эр дьон бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаhан кэпсэтэллэр:
– Байбаал, бу үрүксээк муҥунан сүгэн иhэҕин?.. Сухуой сокуон диэни букатын чыхаал диир оҕонньоргун дуу, тугуй? – дии-дии, субу аҕай сиртэн-буортан тахсыбыт курдук, сирэлийбит-боролуйбут хара бараан, бэрт үскэл, эдэрчи киhи аттыгар турар атаhыгар хараҕынан имнэнэн кэбиhэр.
– Сухуой эрэ мохуой, миэхэ ол сыhыана суох, нокоолор! Хайа, от оттуохха, сүөhү ииттиэххэ наада буолбат дуо? Уонча баранчаахпын иитиэххэ, аhатыахха наада дии… – Хайа, ол баранчаахтаргын буокканан аhатаҕын дуо?
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.