Электронная библиотека » Иван Сысолятин » » онлайн чтение - страница 5

Текст книги "1986. Аргыардаах саас"


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 12:40


Автор книги: Иван Сысолятин


Жанр: История, Наука и Образование


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Туох диэн улахан түмүгү оҥоруохпунуй? Бу Ганя этэрин курдук, ардыгар киhи санаата түhэр, наhаа куhаҕан эрэ диибин, – Тараас сибилигин аҕай өрүкүйбүтэ, эппитэ-тыыммыта уоста, ааhа охсон хаалбыт. – Оттон тоҕо манныкка тиийдибит… олоробут диэтэххэ барыта уруккутунан, үөhэттэн быhыылаах дии саныыбын. Уонна ону хайдах гынан уларытар туhунан, суох, мин түүлээх холбукам кыайан буhарбат, тобулбат… Арай ардыгар с горя бу маннык арыгылыахха эрэ сөп курдук.

– Арыгылаан абыраммаккын, аҥаардас алдьанаҕын эрэ.. Ол алдьаммыккын кэлин абырахтыырын сүрдээх уустук буолуоҕа, – диир Айаал, симик куолаhынан, хараҕын быhыччы көрөн, мылаллан олорон. – Биhиги куораппытыгар, бүтүн Сахабыт сирин да үрдүнэн олохтоох төрүт омук үтүөх‑батаах сылдьарыгар, быhаччы эттэххэ, иккис суортаах балаhыанньаламмытыгар, бастатан туран, бэйэбит өрөспүүбүлэкэбит урукку уонна билиҥҥи да салайааччылара буруйдаахтар. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирэ оччоттон баччаҕа диэри муҥура суох баайдаах-дуоллаах ампаар быhыытынан дойдуга сыаналанар, ол да курдук сыhыаннаhаллар. Биhиги салалтабыт сирэй көрбөх, атыыламмыт салалта, бастатан туран олорор кириэhилэтин сүтэрбэт эрэ туhугар охсуhар. Соҕурууҥҥуларга, үрдүкүлэргэ эрэ сөп түбэhэр иhин, кинилэр санааларын табар иhин – туох баар дьулуhар дьулуhуута оннук. Бэйэ норуотун, омугун интэриэhин сиэртибэҕэ биэрэн туран… Оҕолор урукку өттүгэр хаhан да истибэтэх кытаанах тылларын истэн, соhуйан мах бэрдэрбит курдук, ылы-чып баран, иhийэн аҕай олордулар.

– Оччоҕо бу балаhыанньабыт көнөрүгэр туох нааданый? Билиҥҥи обкуоммут, Совмиммыт салайааччылара уурайыахтарын, уларыйыахтарын наада дуо? – Тараас Айаалтан ыйытта.

– Суох-суох! Уйбааны Баhылайынан солбуйаҥҥын да диэн син биир төрдүттэн түөрэ уларыйыы тахсыбат, – дии-дии, Айаал ыстакааннаах чэйиттэн сыпсырыйда.

– Онон тугу гыныахха сөбүй? Хайдах?

– Мин санаабар, бу олорор тутулбут уларыйыан наада! Систиэмэбит!

– Эс, ол аата тугуй? Эмиэ өрөбөлүүссүйэ наада буолуо дуо, ама?

– Баҕар, оннук да буолуо… Тоҕо диэтэххэ, биhиги компартиябыт тойотторо олус аhара бары былааhы илиилэригэр ыллылар. Сиэри таhынан! Тугу барытын кинилэр эрэ быhаараллар, кинилэр эрэ дьаhайаллар.

– Эн хомуньуус буоллахына оhуобай балаhыанньалааххын, көннөрү киhиттэн биир кэрдиис үрдүкү тураҕын.

– Ээ, ол көннөрү хомуньуустар диэхтээн ааттарыгар эрэ буоллаҕа дии! Погоданы оҥорбот дьон. Балаhыанньаларын дьиҥнээхтик туhанааччылар – дуоhунастаахтар, – Айаал тоҕо эрэ биллэр-биллибэттик мүчүҥнээн кэбиhэр. – Партияҕа ордук хайдах киhини дөбөҥнүк ылалларый диэ: истигэн, улгум, кыаҕа суох… бэйэтэ мненията суох киhини ким-хайа иннинэ ылаллар. Ол даҕаны иhин партияҕа норуот дьиҥнээх өйдөөх‑санаалаах араҥатын – интеллигенцияны ылыыны хааччахтыыллар, нуормалыыллар. Тоҕо диэтэххэ, интеллигенцияттан куттаналлар. Өйдөрүттэн куттаналлар. Оттон көннөрү тырахтарыыс, ыанньыксыт, сылгыhыт эрэйдээх ханнааҕы билиитинэн-көрүүтүнэн, кыаҕынан мөккүhүөҕэй? Хайдах аахсыаҕай?! Дьэ, оннук тутулга олоробут… – Айаал аны быар куустан, төбөтүн хантаччы туттан олорбута.

– Ол даҕаны иhин дьиҥнээх кырдьык диэн суох буолла, барыта көрүнньүк, тас кырааска, албын курдук. Наар кыайыыны-хотууну, ситиhиини араапардааhын, бэйэ-бэйэни хайҕаhыы. Онтон наҕарааданы, уордьаны-мэтээли үллэстии, Кыhыл Знамянан саптыныы. Ол курдук салҕанан бара турар… Дьэ, хаhааҥҥа диэри маннык олоххо олоробут? – Тараас эмиэ көөнньөн, итийэн-кутуйан кэллэ. – Арай Генеральнай сэкирэтээрбит уларыйда, уруккулартан быдан эдэр, эрчимнээх киhи буолла дии? Онон, баҕар, туох эмэ уларыйыы кэлээрэй, саҥа салгын, сибиэhэй тыал сайа үрээрэй?

– Ким билэр, партия программата, устааба син биир уруккунан турдаҕа дии уонна урукку каадырдар… Биир киhи барытын эмискэ хайдах түөрэ эргитиэй?!. Саамай кылаабынайа, билигин дьон өйдөрө-санаалара уhуктуон, уларыйыан наада. Аллараттан хамсааhын, уларыйыы, урукку халыыптан туорааhын тахсыахтаах.

– Оннукка тиийэрбит ыраах буолуо ээ… – Ким хайа иннинэ эдэрдэр, бу биhиги курдук, бу олорор биhигиннээҕэр эдэр ыччаттар, билиҥҥи быhыыны-майгыны өйдүөхтэрин уонна уhуктуохтарын наада. Сахабыт сирин сарсыҥҥыта бу манна, Сэргэлээххэ, баар. Билиҥҥи эдэр киhи аныгы олох, сайдыы тыынын эрдэттэн өтө билэр, сэрэйэр, ылынар буолуохтаах.

– Сөпкө этэҕин! Сөпкө этэҕин!

– Уонна олохтоох киhи аатын-суолун, достоинствотын өрө таhаарыахха наада. «Мин сахабын!» диэн, атыттартан итэҕэс туттубакка, тэҥник сананан, дорҕоонноохтук, киэн туттан этэр-тыынар буолуохтаахпыт. Ону эмиэ ким-хайа иннинэ биhиги, эдэрдэр, өйдүөхтээхпит уонна ол туhугар туруулаhыахтаахпыт, – Айаал, остуолтан туран, төттөрү-таары хаамыталыыр.

– Дьэ, уолаттаар, көрдүгүт-иhиттигит? Мин бөлүhүөгүм төбөтө хайдахтаах курдук уратытык буhарарый? – дии-дии, Тарас Ильялаах Степаны санныларын таптайда.

Ити курдук кэлбит уолаттар, аhыллан, олоҕу көрүүлэрин, тус-туспа быhаарыыларын тэҥэ бэйэлэрин кыhыыларын-абаларын, ис санааларын барытын киэhэни быhа тоҕо тэбээбиттэрэ.

Ол киэhэ Степа Тараастаах кэпсэтиилэриттэн, сорҕотун ситэ өйдөөбөтөр даҕаны, бэрт элбэҕи билбитэ уонна үгүhү саҥалыы хараҕынан көрбүтэ. Уолаттар билиилэрэ-көрүүлэрэ киэҥин, өйдөрө-санаалара сытыытын, хорсунун сөҕөн эрэ кэбиспитэ. Ол кэннэ университет устудьуоннара бука бары итинник киэҥ билиилээх, олоҕу дириҥник сыаналыыр, ырытар буоллахтара диэн салла санаабыта.

АХСЫС БАҺА

Сэтинньи саҥатын биир киэhэтигэр борук-сорукка Нина Николаевна, Районотун хонтуоратыттан тахсан, Сэбиэскэй уулуссанан соҕотоҕун дьиэлээн истэҕинэ, арай биир таhаҕас массыыната тигинээн-таҕынаан кэнниттэн ситэн кэлэн, кыратык аhара түhэн баран, хорус гына тохтуу биэрдэ. Сонно кэбиинэ аана аhылларын кытта, суоппара ыстанан түстэ.

– Көр эрэ, оройуон киhитин билбэккэбин боруоста ааhа көтүтэ сыстаҕым үhү, – дии-дии, Миша Отуукап, күлэн-үөрэн, бу дабдалыйан тиийэн кэллэ. – Эйиигин көрдүү сылдьабын дии: бу аата эн дьиэҕиттэн төннөн түҥкэлийэн-таҥхалыйан кэлэммин, хонтуораҕыттан ир суолгун ирдээн иhэр дьүhүнүм эбээт!

Нина Николаевна, билбэккэ, кэтэспэккэ сылдьыбыт буолан, олус соhуйда уонна тоҕо эрэ наhаа долгуйда, сүрдээҕин үөрдэ. Мэктиэтигэр, уол тугу баҕарар диирин, биир тылы утары эппэккэ, тута толорон иhиэх курдук.

Массыынанан айаннаан истэхтэринэ, Миша: «Сарсын Орто Эбэҕэ муҥха бөҕөтө буолар. Бу киэhэ миигин кытта барсаҕын – дьүөгэлэриҥ хайаатар даҕаны боруоста тутан таhаараар диэбиттэрэ», – диэн соhутта. Кыыс тута толкуйдаан көрбүтэ: сарсын, өйүүн өрөбүлэ эбит, атын ханнык даҕаны улахан былаана суоҕа. Ол иhин үөрүүнэн сөбүлэстэ.

Онон ол киэhэ хараҥаҕа айаҥҥа туруммуттара.

Халлаан сотору-сотору эбэн хаардаан уонна үчүгэйдик тоҥоро илик буолан, суол сүнньэ сүрдээх халтархай, сорох сиринэн адьаhын чоху көхсүн курдуга. Хата, массыыналара таhаҕастаах, таас чоҕу тиэммит буолан, быдан тирэхтээх. Суолу быhа айахтара хам буолбакка эҥин арааhы кэпсэтэн, сороҕор хардарыта хаадьылаhан таҕыстылар. Аара Төрүт бөhүөлэгэр Миша, аҕатын аахха сылдьан ааhар наадалаах буолан, туораан таарыйдылар. Уол: «Киирэн аhаабаппыт дуо?» – диэн хаайбытын кыыс ылыммата, кэбиинэттэн түhэ да соруммата.

Онтон салҕыы айанныылларыгар Миша соччо-бачча саҥарбат-иҥэрбэт буолбут.

– Хайа-а, дьонуҥ үчүгэй аҕайдык мөҕөн, саҥарбат оҥорон ыыттылар дуу? Тугуй? – Нина Николаевна аргыhын күллэ.

– Ээ, тоҕо, туох диэн мөҕүөхтэрэй?! Мөҕөөрү гыннахтарына, боруоста үс муннуктааҕынан көрүтэлээн кэбистэхпинэ, ньам барар буолаахтаатахтара эбээт! – диэн Миша эмиэ көрүдьүөстээҕин булан эттэ.

Орто Эбэҕэ Миша олорор уонна Нина Николаевна урут олорбут уопсай дьиэлэригэр хабыс-хараҥаҕа тигинэтэн-таҕынатан тиийэн тохтуулларын кытта, Устинья Егоровна дьиэтиттэн тас таҥаhа суох сыгынньах ыстанан таҕыста. Сыл аҥаарын устатыгар түптээн-таптаан көрсүспэтэх истиҥ дьүөгэлиилэр, астаах остуолларыгар наҕылыччы олорон, эҥин араас сонуннарын хардарыта тэбээбитинэн бардылар. Устя быйыл нуучча тылын бүтэрэн үлэлии кэлбит Татьяна Константиновна Соломова диэн эдэр кыыстыын дьукаахтаhан олороллор эбит. Ол күн дьукааҕа кыыс хомсомуолга киирэр оҕолору илдьэ оройуон киинигэр Харбалаахха барбыт этэ. Онон Устя дьиэтигэр соҕотоҕо. Арай ортолуу аhыы олордохторуна, ааннарын тоҥсуйдулар.

– Ээ, ыалбыт Айылгы сылдьар ини… – диэтэ Устя, иhиллэр-иhиллибэттик.

– Кэрэ киэhэнэн, үтүө чааhынан, дьоллоох мүнүүтэнэн, ыкса ыалларым! – диэбитинэн Айылгылаан, ааны тэлэччи аhан, киирэн кэллэ, кэнниттэн Миша Отуукап атаҕа күөрэс гынна.

– Хайуо-о! Уолаттарбыт, кэлиҥ-кэлиҥ… манан олоруҥ да, көххө чэйдэспитинэн барыҥ! – Устя бэрт сылбырҕатык элэстэнэн, уолаттарга олоппос, онтон ыстакаан аҕалтаабыта.

– Бу тугуй? Чэй дуу, туох дуу? – Айылгылаан, дьэҥкир ыстакааҥҥа кутуллубут хара чэйи ылан, сытырҕалаабыта буолар.

– Туох буолуой?! Ханньаах, ханньаах, армянскай! – Устя ытыhынан Айылгылааны кэтэххэ таҕайда.

– Баҕар, оройуон киhитэ, үрдүкү тэрилтэ үлэhитэ кэhиилээх кэллэҕэ дии санаабытым буруйум буоллаҕай!

– Ээ, аҕалан бөҕө, бу чэйбитигэр кутан иhэ аҕай олоробут. Ыл, хата, иhэ оҕус. Ханньааҕын амтана ситэ биллибэтэх буоллаҕына өссө эбэн кутан биэрэрбит дуу? – Нина Николаевна, кырдьык-хордьук төҥкөс гынан, остуол аннынан харбыалаабыта буолла.

– Кэбис, Нина, уолу дьээбэлээмэ… аны кырдьыктана сылдьыа, – диир Устя, күлэ-күлэ.

– Аны урукку курдук санаатаҕыҥ ахсын арыгыны атыыласпаккын, күн аайы уочарат-хаачарат бөҕөтө, мөлтөх киhи чугаhаабат үлүгэрэ. Арыгыны атыылааhыны бобуу-хаайыы туhунан ыйаах үөhэ ыйаах, дьаhал бөҕөтө таҕыста дии… Бэйэҕит даҕаны барытын билэн-истэн сырыттаххыт. Уопсайынан, арыгылааhыны хааччахтыыр, урууллуур наада, сороҕор наhаалыыбыт. Арыгылааhын ордук эдэр дьоҥҥо, ыччакка охсуулаах буолан иhэр, – Нина Николаевна кэпсии-ипсии олордо.

Устя остуол иhитин хомуйаат, Айылгылаанныын туох да саҥата суох эмискэ баҕайы таhырдьа элэс гынан хааллылар.

– Антах тэлэбиисэр көрөөрү таҕыстылар быhыылаах, – диэн Миша быhаарда. – Дьэ, уонна тугу кэпсиигин, тугу сырдатаҕын? Кэпсэппэтэх да ыраатта… – Оннук ээ… Өссө сайын «капитальнай боппуруоhу быhаарса» оройуоҥҥа киириэҕим диир киhи баарга дылы этэ. Ол киhибит билигин ханна тиийбитэ-түгэммитэ буолла? – дии-дии, Нина Николаевна күлэн лэhигэрэттэ.

Миша субу аҕай бэрт сэргэхтик көрөн‑истэн, туттан-хаптан олорбута тоҕо эрэ тута-бааччы уоста охсон, хайдах эрэ ийэтиттэн мөҕүллүбүт оҕо курдук буолан, сүөм түhэн хаалла. Онтон киэhэ сэhэргэhиилэрэ хайдах эрэ аанньа тахсыбата. Олорбохтоон баран, эмиэ тэлэбиисэр көрө диэн тахсыбыттара да, биэриилэр бүтэн эрэллэрэ. Онон кыргыттар, сотору буолаат, дьиэлэригэр төннөн киирбиттэрэ… Нөҥүө күн сарсыардаттан Орто Эбэ бөhүөлэгиттэн алта-сэттэ биэрэстэлээх Балыктаах диэн эбэҕэ уопсай муҥха саҕаламмыта. Миша массыынатыгар Ньукулааhа оҕонньор муҥхатын, сэбин-сэбиргэлин тиэйэн эбэҕэ илдьэн түhэрэн баран, бөhүөлэккэ иккистээн кырынан, Нина Николаевнаны уонна Устяны массыынатыгар олордон барда.

Силбиhэ сытар үс күөлү тилэри муҥхалааhын күнү быhа буолбута. Кыргыттар, өрүү буоларын курдук, маҥнай нырыылааhыҥҥа сырыттылар. Ардыгар, бэрт уhуннук биир сиртэн халбарыйбакка туран, хахыйах синньигэс умнаhынан харах курдук кыараҕас ойбонунан тохтоло суох ууну булкуйуу, мууhу сууралаан тахсыы салгымтыалаах, сылаалаах да курдук. Ол эрээри күнүhүн күhүөрү-кыhыҥҥы күн, куула арҕас тыа үрдүнэн кыҥаhахтаан олорон, ып-ыраастык, чэп-чэмэлкэйдик кылбаарыччы тыкпыта үчүгэйэ сүрдээх. Тулаҕар – ханан даҕаны кыракый даҕаны кыырпаҕа суох туналы маҥан хаар, үрдүгэр – түгэҕэ көстүбэт, муҥура биллибэт күөхтэн күөх, дьэп-дьэҥкир үрдүк мэҥэ халлаан. Хайа уонна сөрүүн, чэбдик салгын хайдахтаах курдук дьиктитик эккэр-хааҥҥар сайан киирэрий?

Ол чэбдик салгыны кытта эн эккэр-хааҥҥар сүрэххинэн сүүрүгүрэн, тымыргынан тыгыалаан бу аламай маҥан күн анныгар, Орто дойдуга олох олоруу дьолун минньигэстэн минньигэс амтана сайа биэрэн киирэргэ дылы.

Нина Николаевна, нырыы маhынан оргууй аҕай ойбонун булкуйа туран, Миша Отуукап күөлгэ ханан сылдьарыгар дөрүн-дөрүн хараҕын быраҕан ылар. Биирдэ көрдөҕүнэ, уол ортоку муҥха илиҥҥи кынатыгар ойбон аллара сылдьар. Онтон кэлин көрбүтэ, аны бэчимэ тардыhан бүгүллэҥнээн-сүгүллэҥнээн эрэр.

Күнүс икки чаас саҕана ортоку күөлгэ муҥхаларын таhаардылар. Ортоку муҥхаҕа балык син кэлбэхтээбит. Балык баhарга аналлаах тимир сүүрдэр чардаат хараҥа уутугар быыстала суох умсаахтаатылар, ол ахсын бу тырыбыныы мөхсө сылдьар кып-кыhыл собону түөрэ баhан таhааран, эмиэ аныгы үйэ сиэринэн тимир баахтарга таhынан баран балыга таммалыар диэри кутуталаабытынан бардылар. Уhун остоох уу саппыкылаах уолаттар, сүүрүүнэн сылдьан, тимир баахтары икки өттүттэн ылан, хаара күрдьүллүбүт мууска – майдааҥҥа чөмөх‑чөмөх оҥорон, умсарыта уурталаан истилэр. Ыраас мууска ыыс-араҕас мору-мотоҕор соболор мөхсөн тырыбынаhа сыталларын көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх.

Киhи үксэ, оҕолуун-дьахтардыын, балыктаах чардаат тула, ол чугаhынан муhунна.

Сорохтор хомуллан бүппүт икки муҥханы илдьэ үhүс күөлгэ бардылар. Ол кэмҥэ хаалбыттар массыыналарыгар итии чэй иhэ, аhыы таҕыстылар.

Устя, суоппардарын Миша Отуукабы көрдөөн көрөн баран, Нина Николаевнаны илдьэ массыыналарыгар тахсан, тиэрмэстэриттэн итии чэй иhэ-иhэ, өйүөлэриттэн сии олордулар.

– Табаарыспыт табаарыстарын булла дуу, хайдах дуу? Күөлгэ сылдьара бу кэлин эмиэ да көстүбэккэ дылы этэ, – дии-дии, Устя массыына ойоҕос түннүгүнэн күөл кытыытынан онно-манна турар массыыналар диэки көрбөхтөөн ылла.

– Ол аата… туох диэн эттэххиний? Иhэ-аhыы сылдьара буолуо дуо? – Нина Николаевна, соhуйан, дьүөгэтин диэки хараҕын муҥунан көрөн кэбистэ.

– Түбэстэҕинэ бөрүкү көрөн олорбот дьээдьэ ини?

– Ол манна арыгылара хааччаҕа суох атыыланар дуо?

– Хааччахтааhын баар даҕаны, айаҥҥа‑сырыыга сылдьар уолаттар онтон-мантан син биир булаллар быhыылаах, – Устя итии чэйин тыастаахтык сыпсырыйбахтыы олордо.

– Оннук да буолуо, – диэн баран, Нина Николаевна өрө тыынан кэбистэ.

– Ол эрээри Миша оннук иhээччи, киhи куттанар киhитэ буолбатах уонна кини… сүрдээх сымнаҕас майгылаах, киhи тылын истимтиэ, үчүгэй бөҕө уол, – Устя сибилигин аҕай бэйэтэ эппитин көннөрөрдүү, кэпсии-ипсии, саҥара-иҥэрэ олордо.

Эмискэ кэбиинэлэрин аана аhылла түстэ – Миша илэ бэйэтинэн бу турар. Кини хайа диэкиттэн кэлбитин кыргыттар көрбөккө хаалбыттар. Уол уоhа ыпсыбат гына үөрбүт аҕай, мэктиэтигэр, хайдах эрэ итииргээбит курдук.

– Хайа, кыргыттаар, миэхэ аскытыттан ордордугут дуо? Чэйгит баар ини? – диэбитинэн Миша, уруулуттан тардыhан кэбиинэҕэ киирдэ.

– Тыый, Миша, эйигин тоҕо матарыахпытый? Сүтэрэн, сүтүктээн олоробут ээ, – Устя хап-сабар тиэрмэс хаппаҕар чэй кута оҕуста.

– Ханна эмэ аhаатыҥ дуо? Табаарыс уолаттаргар эҥин? – Нина Николаевна ыйыта тоhуйда.

– Сэмэн Миитэрэйэптээх газиктарыгар ыҥыран киллэрэ сырыттылар, арыгы, ас бөҕөлөр да, тоҕо мээнэ иhиэхпиний – уруулга олороммун… бэрт кыратык биирдэ эрэ түһэрдим. Уонна боруоста атахха биллэрдим, – Миша, кэпсии-кэпсии, аhаан имитэн-хомутан барда.

– Инньэ гынарыҥ сөп буоллаҕа дии массыына ыыта сылдьаҥҥын. Кырдьыга да, илэ өйүнэн сылдьар диэн үчүгэйэ сүрдээх ини, бэйэҕэ да, дьоҥҥо‑сэргэҕэ да, эргиччи өттүнэн… – Устя, саҥарбахтаан иhэн, эмискэ тохтоон хаалла уонна кыhыл саhыл бэргэhэтин кэтээт, кэбиинэ аанын аспытынан барда.

– Хайа-а, тоҕо таҕыстыҥ? Атын дьон өссө да аhыы олороллор дии? – Нина Николаевна соhуйда.

– Ээ, бэйэм… кыргыттарга бара сылдьыам, – Устя бэрт чэп-чэпчэкитик массыынаттан ыстанан түстэ.

– Ити кыыс дьээбэтин көр эрэ, собус-соруйан тахсан барда ээ! – Нина Николаевна күлэн кэбистэ.

Миша, саҥата суох аhаан имитэ-хомута олорон, сойбут чэйин иhэн киллиргэттэ уонна чыпчылыйыах түгэнигэр Нина Николаевна диэки көрөн ылла. Онтон:

– Дьэ, доҕоор, туох… хайыыбыт… кэпсэтэбит дуо? – диэтэ, бэрт хотоойута суохтук.

– Һы, оттон кэпсээ, саҥар ээ төhө баҕараргынан… – Нина Николаевна, эмиэ күлүөхчэ гына-гына, туттунна.

– М‑мин, мин эйиэхэ боруоста этээри гынарым оннук… оннук көннөрү буолбатах ээ… – Миша куолаhа хайдах эрэ уларыйан хаалбыт. Онтон зажиганиетын күлүүhүн холбоон, массыынатын собуоттаан үлэлэттэ. – Чэ, Ниинээ, онон-манан эргиппэккэ боруоста быhаччы этэбин… оттон туох… оттон олохпутун оҥостуохха диэн… Ол аата, эн биhикки ыал буолуохха диэн, боруоста… Дьэ, ону эн туох диигиний?

– Ээ, били быйыл сааскыттан туруорсуох буолар капитальнай боппуруоhуҥ ити этэ дуо? – Нина Николаевна хап-хара харахтара тэбэнэттээхтик чаҕылыҥнаhа түстүлэр.

– Кэбис-кэбис, доҕоор, эмиэ күлүү гынан барыма ээ… Оттон мин этэрбин эттим. Онон бүтэр. Уоннааҕытын бэйэҥ биллэҕиҥ дии? – Миша кэнники тылларын хайдах эрэ сибигинэйэр курдук эттэ.

Онуоха Нина Николаевна тугу даҕаны хардарбата. Уол даҕаны, чочумча кэтэhэн көрөн баран, массыынатын гааhын педалын биллэр-биллибэттик үктэтэлии, түннүгүнэн күөлү, уҥуоргу хара тыаны одуулаhа, саҥата суох олордо.

Сонно атын массыыналартан уонна эбэ кытыытыгар оттуллубут кутаа аттыттан дьон, сорохтор нырыылыыр мастарын күөрэччи сүкпүтүнэн, утуу-субуу соҕуруу диэки аа-дьуо хаамсыбытынан бардылар. Устя биир кыыстыын, массыына диэки хайыспаккка буола-буола, ааhан эрэрин көрөн Нина Николаевна кэбиинэтин аанын аhа охсон, көп, сымнаҕас хаарга ыстанан түстэ.

Онтон Миша кыыс туох да диэн хардарбатаҕын иhин сүрдээҕин сүөм түhэн, хомойо хаалла. Массыынатын мотуорун умулларан баран, уруулугар түөhүнэн өйөнөн, тахсыан саараабыт курдук, олорбохтоото… Хайдах хайдаҕый? Ити аата тугуй?.. Баҕар, миигин букатын да сөбүлээбэт киhиэхэ бэйэм аҥаардастыы, хара күүспүнэн сыҥалана сылдьарым буолаарай? Кырдьыга даҕаны, мин, боростуой үлэhит, улахан үөрэҕэ‑хаара, чыынахаана суох киhи, Ниинэҕэ хаhан уонна туохпунан тэҥнэhиэхпиний?.. Ол туhунан бэйэм даҕаны өйдүөхпүн сөп эбит! Хайа, уонна бу курдук киниэхэ дураhыйааччы мин эрэ буолбатаҕым буолуо, киэҥ уонна киин сиргэ, үрдүк дуоhунаска киирбит киhиэхэ атын ким эмэ, бэйэтин тэҥнээҕэ, миигиннээҕэр хас эмэ, уон да төгүл бары өттүнэн үчүгэй киhи көстүбүт буолуон сөп… Кини тоҕо миигин эрэ өрө мыҥаан сылдьыахтааҕый, били, улахан бөҕө дьаалыны? Мин туох ордук үчүгэйдээхпинэн кинини умсугуппут буолуохтаахпыный?

Ити курдук, Миша, эргитэ өйдөөн‑санаан көрбүтүттэн санаата өссө эбии түhэн, сүрдээҕин мунчааран, санаарҕаан ылла. Ол эрээри күөлгэ киирэн муҥхаҕа үлэлэhэн, бэчимэ тардыhан, уолаттарын кытта тылларынан хаадьылаhан, суустаhан, били мунчаарбыта дьайҕарбыт, ааспыт курдук буолла. Онтон улам-улам санаата күүhүрэн, чэ, туох да диэтин, кыыhы кытта бу киэhэ хайаатар даҕаны бүтэhиктээхтик быhаарыстахха, иккиттэн биирин биллэххэ сатанар диэн биир бигэ санааны ылынна.

– Дьэ, ыалым Үстүүнньэ хотуой, улаханнык ыарырҕатыы буолла, боруоста муҥур уhукка тиийии буолла быhыылаах… Мин тугу этэрбин эн сэрэйэр, билэр инигин? – диэн Миша, киэhээҥҥи борук-сорукка муҥха балыгын үллэрэллэрин кэтэhэн, кураанах куулларын кыбынан баран, төттөрү-таары хаамсан аалыҥнаhа сырыттахтарына, биир түгэҥҥэ кыыhы соҕотохтуу быhа тутан эттэ.

– Эс, хайда-ах? Кырдьык дуо? – Устя соhуйбутун омунугар улахан баҕайытык саҥарда уонна онтукатын билинэн, уҥа‑хаҥас диэки көрбөхтөөн кэбистэ. – Кэпсэттигит, быhаарыстыгыт дуо? Туох диэтэ, ылыммата дуо? – кыыс Мишаҕа өссө чугаhаан, сибигинэйдэ.

– Ээ, оттон… этэн көрдүм да, туох да диэн… үрүҥ да, хара да диэн харда суох. Арааhа, миигин боруоста сөбүлээбэт быhыылаах, таах эрэйдэнэбин… – Инньэ диэмэ, доҕор, быhа тоhутаҥҥын… Оннук буолбатах, ис дьиҥэ атын. Эн өссө төгүл кэпсэт, үчүгэйдик, наҕылыччы… – Устя, ким эрэ кинилэргэ чугаhаан эрэрин көрөн, өрүсүhэн, түргэн-түргэнник сибигинэйбэхтээбитэ.

– Эйиигин көмөлөс диэри… бу киэhэ.

– Ол аата тугуй? Миигинэн этиттэрээри гынаҕын дуо, нохоо?

– Суох, суох, бэйэм-бэйэм… – дии-дии, дьон бөлөҕүн диэки хайыhан, Миша дьалты хаамта.

Хас да массыына харахтарын уотунан сырдатынан, бэрт уhуннук аалыҥнаhан, үллэhик буолан, муҥхаҕа кэлбит киhи бука барыта балтараалыы биэдэрэ кэриҥэ лэп-лэhигирэс, мору-мотоҕор собоҕо тииhиннилэр. Миша самосвалыгар Ньукууhа оҕонньорун муҥхатын тиэйэн, кэбиинэтигэр кыргыттары кытта кырдьаҕаhын олордон, тигинэтэн-таҕынатан, бөhүөлэккэ кэллэ. Маҥнай кыргыттарын уопсай дьиэлэригэр илдьэн түhэрдэ. Кэбиинэттэн түhэригэр Устя туох да саҥата суох, кистээн Мишаны өттүккэ аста. Ол аата: «Дьэ, кытаат!» диэн ис хоhооннооҕун Миша сонно тута өйдөөтө.

Айылгылаан, күөс хайдарынан ынах этин ыдьырыччы буhарбытын тэриэлкэҕэ хоторо-хоторо, кэпсии-ипсии турда:

– Бүгүн «Водабыт» алдьанан сүүрбэккэ, сүөhүлэрбит уулаабакка тураллар. Отторун буоллаҕына күнүс биирдэ состорон аҕаллылар. Ол иhин хойутуу соҕус үлэлээн тахсаммын, бу киэhэ күөспүн хойутата сыстым ээ. Эчи, киhи ыксаатаҕына оhоҕум баҕайы, багдайа сытыйан, умайан, итийэн биэрииhик дуо? Хайа, биhиэхэ, хотон үлэhиттэригэр, балыктарыттан бэрсэллэр үhү дуо? Үллэhиккэ туох диэн дьаhайдылар, быhаардылар?

– Дайааркаларга эҥин диэн саҥа баара… быhа тардан ордордулар ини? – Миша, күлүүкэни ылан, оhоҕун маhын, чоҕун булкуйан биэрдэ.

– Хайа уонна муҥхаҕа, эбэҕэ туох сонун баарый? Киhи-сүөhү бөҕөтө дуу? Атын сирдэртэн кэллэхтэрэ аҕай дии? – Айылгылаан иhитин-хомуоhун тардан халыгыраппытынан барда.

Анараа дьиэттэн кыргыттар күлсэр-салсар саҥалара иhиллэр. Миша, дьукаах уолун кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, аhыы олорон, эркин уҥуор баар, сүрүнэн-кутунан тартаран, сүрэҕин-быарын ууран сөбүлүүрэ күн-түүн күүhүрэн иhэр киhитин, туохха даҕаны, кимиэхэ даҕаны тэҥниэҕин билбэт, күндүттэн күндү сэгэрин ыраас дьикти куолаhа иhиллэрин, хайдах эрэ икки кулгааҕынан эрэ буолбакка, бүтүн этин-хаанын хас биирдии сааhынан кытта истэр курдук… Арай уолаттар ортолуу аhыы олордохторуна, анараа дьиэттэн Таня кыыс элээрэн киирбитэ да, бу киэhэ кулуупка аҕыс чаастан кэнсиэр буоларын, Толоонтон ыччаттар гастроллуу кэлбиттэрин туhунан кэпсээн-ипсээн тылыбыратта.

– Ол аата, икки дьиэнэн кэлэктиибинэн кулуупка барар буоллахпыт дии? – Айылгылаан сонно иилэ хабан ылла. – Хайа, бу оройуонтан тахсыбыт киhи кэhиилээх кэллэҕиҥ буолуо? Бэйи, биhиги ону сиэhэ уонна исиhэ таарыйа кэнсиэргэ барарбытыгар тахсыахпыт. Инньэ диэҥҥин анараа дьүөгэлэргэр тириэрт.

Кыыс, кулахачыс гынан эргиллэ түhээт, аан ыарахан халҕанын икки ытыhынан үтэйэ аста:

– Бараргытыгар тахсаарыҥ, – халҕанын лип гына сабарыгар эбэн эттэ.

«Нина бу киэhэ эрэ манна баар, сарсын барар. Ол кэннэ аны хаhан бу дойдуга тахсара биллибэт…» – диэн саныы-саныы, Миша чэйин сыыйа сыпсырыйа олордо… Онон кыыhы кытта хайаатар даҕаны бу киэhэ чуолкайдык быhаарсыахха наада! Боруоста иккиттэн биирин билиэххэ!.. Боруоста!

Аҕыс чаас иннинэ уолаттар, туох баар мааны таҥастарын таҥнан, дьиэлэриттэн таҕыстылар. Ол тахсалларыгар Айылгылаан: «Былыты быыhынан ый тахсан устар, Күөх баархат тыатыгар күүлэйдии оонньуур…» – диэн киҥинэйэн ыллыы сырытта.

Миша дьиэтин аанын кирилиэhигэр туран көрбүтэ – халлаан илин саҕаҕыттан эмтэркэй ый өрө күөрэйэн, үрдээн, охтубут бугул курдук лоскуй хараҥа былыттан тахсан эрэр… «Былыты быыhынан ый тахсан устар… Биир тылы кэрэтик эйиэхэ этиим. Сэгэрим, сэгэрим, сэгэрим, истиий!» – диэн аны Миша сибигинэйэн ыллыы, ыйы, халлаан саҕаҕын одуулаhа, кирилиэстэн түспэккэ турда.

Ол кэмҥэ Айылгылаан, кыргыттар дьиэлэрин аанын тэлэйэн баран, киhитин кэтэhэн эргиллэн көрөөт, бэйэтэ эрэ иhирдьэ киирэн хаалла.

Оттон Миша, кирилиэhиттэн түhэн баран, сүрэҕэ хайдах эрэ уратытык мөҕүл гынан тэбэ-тэбэ, хайа да диэки хардыылыан тоҕо эрэ саараабыт курдук, хамсаабакка хороллон турда…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации