Текст книги "Тыллыы"
Автор книги: Мария Андреева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 2 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Андреева Мария
Тыллыы
Тарбачыс
Мин Мария Андреева айар үлэтин, хоһооннорун кини саха поэзиятын алааһыгар саҥа киириэҕиттэн кэтээн көрөбүн. Мария эдэрдэр хас да мунньахтарыгар, сэминээрдэригэр сырытта, ырытылынна, бэлиэтэннэ даҕаны, кыратык кириитикэлэннэҕэ да буолуо.
Литератураны олоҕун тутаах дьыалатынан ааҕар киһи суруйар, айар эйгэттэн арахсыбакка, олус инники күөҥҥэ да буолбатар, мэлдьи чугас истэ, көрө, иҥэринэ сылдьара кэлин олус улахан суолталанар. Бука, ити кэми нууччалыы «ученичество» дииллэрэ буолуо. Мария Андреева ити кэрдиис кэми дьоһуннаахтык ааста. Бэйэтэ киһи быһыытынан олус холку майгылаах, кыраттан ымыттыбат, өрүкүйбэт идэлээх. Ол холку көрүҥ ардыгар күүстээх иэйиилэри, имэҥнээх этиилэри, олоҕу мындырдык анаарыыны кистэнэрэ биллэр, көстөр.
Бастаан утаа кини хоһоонноро элегическэйдэр, туораттан көрөн олорордуу холкулар. Ол эрээри, итиннэ саха дьахтарын олоҕу көрүүтэ кистэнэр. Мария Андреева мындыр, наада буоллаҕына кытаанах, үөрүүнү да сатаан үллэстэр, чаҕылыйа кыыһар күүстээх саха кыыһын, дьахтарын уобараһын итэҕэтиилээхтик ситимнээн таһаарар. Кини дьоруойа «күн кутаата, ый суһума ыпсыһар ыырдарынан» сылдьар, «мэник уоланныын-ардахтыын» аргыстаһар, «сэбирдэҕинэн саптыбыт сөрүүн киэһэлэри» болҕойор, «сулумах сулустары» кытта сипсиһэр. Хас биирдии устуруокаҕа сонун, саҥа уобарас!
Мария Андреева поэзията тутул өттүттэн ураты, туспа. Кылгас хоһооннору суруйар олус уустук. Тэттик формаҕа санааны, иэйиини батарыахха, киллэриэххэ, тыынныахха наада. Ону Мария кыайа тутар. Бу атын омук поэзиятын үтүктүү буолбатах, бу аныгы саха дьахтара олох тэтимин бытаардан, үтүөтүн сомсор түгэннэрэ…
Кини биир кылгас хоһоонугар:
Бэҕэһээ хаар, бүгүн ардах,
Бириэмэ көтөр олус үлүскэнник.
Тарбачыһыах.
– диэбит. Ити тыллары мин бүгүн Мария Андрееваҕа бэйэтигэр аныахпын баҕарабын. Кытаат, үлэлээ, ай, тарбачыс!
Алгыһы кытта, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева
Хоһооммор эрэ мин көҥүлбүн…
Мин кэлбитим бу дойдуга…
Мин кэлбитим бу дойдуга
Дьоллоох олох олороору,
Өрүс долгунун устунан
Эрчимнээхтик дьулуһаары.
Мин кэлбитим бу дойдуга
Күн үтүөтүгэр тиксээри,
Төрөөбүт төрүт алааһым
Кэрэтин булан көрөөрү.
«Үөлээннээхтэрим бүктүлэр…»
Үөлээннээхтэрим бүктүлэр
Олох араас эргииригэр —
Күнү барыы сатаан
Олордохторо оһохторун иннигэр.
Оҕо сааспыт өйдөбүлэ
Сылын аайы өлбөөдүйэр:
Күннээҕи түбүккэ баттатан
Суураллыахтара көмүс күннэр…
«Олох устуо дьаалатынан…»
Олох устуо дьаалатынан,
Күн-дьыл солбуйсан иһиэ.
Кыра, бороҥ дэриэбинэм
Кэмэ кэлэн киэркэйиэ…
Көлүөнэлэр уларыйан,
Кэнчээри дьон кэлиэхтэрэ,
Биһигини умнуохтара —
Үһү диэн кэпсэтиэхтэрэ…
«Сииктээх сэбирдэхтэринэн симэнэн…»
Сииктээх сэбирдэхтэринэн симэнэн,
Көрсүө миигин ахтылҕан хатыҥа.
Инчэҕэй күн намыһахтык устуо,
Көх-нэм буолуохтара чыычаахтар.
Эгди буолуом, эрэллээхтик сананыам,
Эмиэ да сонньуйуом бэйэм бэйэбиттэн…
Барыта баара
Сүүһүнэн сыллар,
Ааттамматах ааттар,
Тыйыс сыһыаннар,
Халбархай кэмнэр…
Саспыт санаалар,
Муунтуйбут дууһалар,
Таҥнарбыт илиилэр,
Мүччү түһүүлэр…
Тылы ыйыстыы,
Кырдьыгы кыбыйыы,
Түгэни туһаныы,
Алҕаһы утарыы…
Сэрэнэн сипсиһии,
Сыыһалыын сөпсөһүү,
Сыппах үйэ
Солко бүрүөһүнэ —
Барыта баара
Устар утумҥа…
«Сылайдым соҕотохсуйартан…»
Сылайдым соҕотохсуйартан —
Сырдык иэйии киирбэтиттэн.
Тумнаһынным салгынтан —
Саҥа тыын илгийбэтиттэн.
Сүрэҕим мөккүһэр түүнүгэр
Мин өрүү соҕотох буолабын.
Саһарбыт сэбирдэх түһүүтэ
Ардаҕын кытары ытыыбын.
Ким кэлэн илиитин уунан
Соҕотохсуйуубун үрэйиэй?
Тыгар күнүм болоорбут
Сардаҥатын кырааскалыай?
Дьиксинии
Хаһыс халлаан хаттыгыттан,
Ханнык хайа тоҥ хаспаҕыттан,
Хабараан тымныы илгийэрий,
Хайаары харса суох дьүккүйэрий?
Айылҕам аарыма аартыктара,
Айыылар алтыһар ыллыктара
Ханна тиийэн араҕыстылар,
Халҕаннара сабылыннылар?
Айыым сирин дьонун
Алгыстаах олоҕо,
Айгыр-силик айылгыта
Алыс да айгыраата…
Ол онтон мин сүрэҕим
Ыарыылаахтык кэйиэлиир.
Олус да дуона суох эбит
Ыллыыр ырыабыт дорҕооно.
Кырдьыма, букатын кэхтимэ
Кырдьыма, букатын кэхтимэ,
Эдэр саас күргүөмнээх ырыата.
Түөстэрбит төлөннөөх уотунан,
Кытыаста, умайа туойдуннар.
Эдэркээн эйэҕэс сүрэхпит,
Тохтоло суох битийдин, битийдин!
Сарсыҥҥы үүнэр күммүт үтүөтэ
Сэттэ кустук өҥүнэн сууланнын!
«Бааллар олоххо араас дьоннор…»
Бааллар олоххо араас дьоннор:
Сырдык, хара да санаалаахтар,
Киэбирэ да туттубуттар,
Көнө да майгылаахтар.
Ким эрэ кими эрэ баттыы сатыыр,
Онтон сүөм үрдээри,
Ким эрэ кими эрэ арбыыр,
Онтон үтүөмсүйэ көстөөрү,
Ким эрэ кими эрэ таҥара оҥостон,
Тапталым диэн ааттыа
Биирэ онно сөбүлэммэккэ,
Атын кытылы манаһыа.
Ким эрэ кими эрэ хатыйан,
Халлааҥҥа харбаһа сатыа,
Биирэ онно бэриммэккэ,
Бүтэһик күүһүн толук ууруо.
Олордохпут ээ, бары даҕаны,
Букатын кэлбиттии…
Син биир бүтэр уһук,
Ситэн кэлиэ дии, ыйыппакка.
«Хаһыс сылын ыллык суолбар…»
Хаһыс сылын ыллык суолбар
Хаарыан хатыҥым сайыһан,
Хаарыс солко суһуоҕун
Тиэтэйбиттии ыһарый?
Бүгүҥҥү олох мөккүөрүгэр
Сүрэҕим тэбиитэ сылайар,
Күнүн аайы сулус түһэрин
Санаа ырата оҥосторуттан.
«Күн-дьыл…»
Күн-дьыл
Тарбаҕым быыһынан тохтор,
Кэм-кэрдии
Кэтэспэт эйигин да, миигин да.
Кэннибэр тугу хаалларабын —
Санаа үүйэ-хаайа тутар.
Онтон мин биири эрэ баҕарабын:
Киһилии киэппин сүтэрбэккэ
Олохпун моҥуохпун,
Уонна миигин салҕааччылар
Үтүө тылынан ахтыахтарын.
«Халыҥ хаары, өксүөнү…»
Халыҥ хаары, өксүөнү,
Билиммэккэ, бэриммэккэ,
Сылтан сылы сүгэннэр,
Муҥур үйэлэр олороллор.
Кинилэр дириҥ кистэллэрин,
Кимиэхэ да кэпсээбэттэр,
Аара ааһар устугаһы,
Аймаһыйа сайыспаттар.
«Сылтан сыллар субуһуохтара…»
Сылтан сыллар субуһуохтара,
Силис тардан сириэдиһиэхтэрэ,
Күнтэн күннэр ааһыахтара,
Көмүс утаҕы өрүөхтэрэ…
Эдэр сааспыт элэс гынан,
Айаас аты миинэн ааһыа…
Эргиллэн кинини одуулуохпут,
Ахтылҕан утаҕын уулуохпут…
«Кынаттаах ырабын…»
Кынаттаах ырабын
Аргыс оҥостон,
Көппүтэ кыталык
Сандаарар саҕахха…
Мин онно сайыһа хаалбытым кинини,
Көппөт аналым суоҕуттан абара…
Эйэлээх буолуохха
Аан дойду албаһа араас,
Иннитин тымтыктаммыт суох,
Ол эрэн бүргэс үрдүгэр
Сылдьар норуот күн анныгар.
Кыраттан атааннаһар,
Кыараҕас санаатыттан
Өһүргэнэн чиҥ өйүн,
Өһөрөргө салайар.
Биир көдьүүстээх суол-сүбэ,
Кыргыһа суох кыайыыга,
Кынаттыырын умнумуох.
Эйэлээх ил олоххо,
Эйэргэһэр күндүтүн,
Эн, мин билэн эрдэхпит…
«Сылаас киэһэ үүннэ…»
Сылаас киэһэ үүннэ —
Сылаанньыйда сүрэҕим.
Түөһүм муҥунан тыынабын,
Сыһыыны кэриччи одуулуубун.
Үчүгэйиэн олох олорор!
«Сарсыарда сатыылаан…»
Сарсыарда сатыылаан
Илин бастан өҥөйдө,
Сайын өссө биир күнүн
Сиэтэн, симээн илдьэ кэллэ.
Маннык күҥҥэ баҕарыллар:
Ырыа ыллыах, үҥкүүлүөх,
Олох чахчы кэрэтигэр,
Өссө төгүл итэҕэйиэх.
«Хоһуйуум ээ, хоһуйуум…»
Хоһуйуум ээ, хоһуйуум,
Хоһоонум күөх хонуутугар,
Бүгүҥҥү күннэр бутуурдарын,
Кэлэр кэмнэр кэрдиистэрин.
Хоһооммор эрэ мин хотуммун,
Хоһооммор эрэ мин көҥүлбүн,
Ол иһин хоһуйабын,
Ол иһин суруйабын…
«Баҕарабын – хаһан да, ким да…»
Баҕарабын – хаһан да, ким да
Эппэтэх эриэккэс тылларын
Булан ылан кэпсиэхпин.
Баҕарабын – сиэдэрэй сибэкки
Тыаһа суох тылларын көрүөхпүн,
Уонна ону уратытык хоһуйуохпун.
Баҕарабын – хаар бэргэһэлээх,
Үрдүк хайалар хабараан күүстэрин
Сөҕөммүн хоһооммор туойуохпун.
Ааспыты уонна кэлэри,
Таабырыны уонна чахчыны,
Бэргэнник тылбар тиһиэхпин.
«Өссө биир кинигэ ааҕыллан…»
Өссө биир кинигэ ааҕыллан,
Ыскаап үөһэ уурулунна,
Өссө биир күн
Тыаһа суох устан ааста…
Санаа кулута буоламмын,
Бүгүн бүктүм чуумпу хоспор…
«Сүрэҕим тыаһын иһиллээн…»
Сүрэҕим тыаһын иһиллээн,
Сүмэлээх тыллары тиһэбин.
Ким эрэ таба булан ааҕыа,
Сүтэрбит сааталын.
Бүгүн да буолбатын, кэлин…
«Биирдэ кэлэр олоххо…»
Биирдэ кэлэр олоххо,
Бэйэ-бэйэни өйдөһүөх.
Алҕастары сатаан уйарга,
Аһаҕас буоллун сүрэх.
Биирдэ кэлэр олоххо,
Бэйэ-бэйэни таптаһыах.
Мунаарар да күннэргэ,
Муммакка суолбутун салайсыах.
Биирдэ кэлэр олоххо
Бэйэ-бэйэҕэ аһаҕас буолуох.
Арахсар да түгэҥҥэ,
Алгыс тылын уунан тэйсиэх.
Хаар түһэ турара ол киэһэ
Таптаабытым, бука…
Хаар түһэ турара ол киэһэ,
Дьиктини, ырааһы саната…
Өйдүүбүн дьикти түгэни,
Сулустар имнэммит түүннэрин.
Саныыбын долгуйбут долгуммун,
Өй, сүрэх сүргэтэ сүүрбүтүн…
Ол кини этэ… Кэтэспит кэрэм этэ…
Угуйар уохтаах куолас,
Уоттаах умсулҕан уос,
Уонна эмиэ истиҥ иэйии,
Имэҥнээх, эриэккэс эгэлгэ.
Онно
Күүстээх иэйии сыдьаайын
Сыралыгар куустарбытым.
Таптаабытым, бука, кинини,
Таптаабытым…
«Тугу да саҥарымыах…»
Тугу да саҥарымыах,
Чуумпуран олоруох.
Тыаһа суох устар
Күһүҥҥү киэһэни маныах.
Кулуһунна оттуох,
Сулустары одуулаһыах.
Эн биһикки иккиэйэхпит —
Саҥарымыах…
Эйигинэ суох
Эйигинэ суох сирим сиҥнэн,
Сиигэ суох сир курдук
хайыта барбатаҕым.
Эйигинэ суох иинэн-хатан,
Иирэ талах курдук
ибигирии турбатаҕым.
Биитэр төлө баран,
Төлөнү күөдьүтэн атыҥҥа
дураһыйбатаҕым.
Ааспыт аастаҕа, аны кэлэн
аһыйбаппын.
Өйдүүгүөн
Үчүгэй да этэ ол чуумпу киэһэ,
Эйигинниин хаамсар кытыл устун,
Оргууй сэрэнэн ытыспын
Бигии тутар тарбаҕыҥ сылааһын…
Өйдүүгүөн, ол онно ый тахсан
Кыырай далайтан өҥөйөн турбутун?
Көмнөххө баттаппыт харыйа
Төбөтүн хоҥкутан ылбытын?
Түөспэр сулус кыыма
Көҥүл уотун сахпытын,
Эдэр сүрэх үөрүүтэ,
Иккиэммитин кууспутун?
Таптал тылларын истэн,
Күөл ньуура долгуйан ылбытын,
Тыы тумсуттан тохтор таммахтар,
Ырыа буолан иһиллибиттэрин?
Өйдүүгүөн?..
Ахтылҕан
Саһарҕа кытархай суһуоҕун ыһан,
Киэһээҥҥи сарыалга аргыый бигэннэ.
Халлаантан таммалаан түспүт сулус,
Көлүйэ уутугар сөтүөлүү умуста.
Сиик силбик таммаҕын иилинэн ,
Сибэкки төбөтүн хоҥкутта.
Оргууй чараас киэһэ уһунна,
Отуум иһэ чуумпурда…
Маннык нуһараҥ түүннэргэ,
Мин тоҕо эрэ эйигин суохтуубун.
Ол онно
Ол онно – өй-санаа өрөгөйө
Өҥөйбөт сиригэр,
Ол онно – илбистээх тыл иччитэ
Хоммот сиригэр,
Ол онно – дириҥ чүөмпэ
Далайа тиийбэт уорайыгар,
Күн кутаата, ый суһума
Ыпсыһар ыырдарыгар?
Мин эйигин таба булан көрбүтүм,
Мичээриҥ сылааһын илдьэ түспүтүм.
«Ыраатар бэйэҕин сайыһа…»
Ыраатар бэйэҕин сайыһа,
Хаалбытым күһүнү мэлдьэһэ,
Хаһыҥ хаарыйбыт хатыҥар
Ханыылаабытым бэйэбин.
Онно эн,
Самыыр сабыытын хаһыйан
Сүппүтүҥ күннээх алааспар..
Курус сулус сууллан түһэн
Күөл ньууругар ууллубута.
«Элбэх да сыл ааста…»
Элбэх да сыл ааста…
Дьоллоохтук олордум эйигинэ суох.
Биирдэ эмэ миигин
Саныырыҥ дуу, суоҕа дуу?
Ардыгар бу санаа
Миигин үүйэ-хаайа тутар…
Ол эрэн былыыр бүрүллүбүт
Тоҥуу хаардаах тоҕойго тахсымыах,
Көрсүһэр суолу тэлэ сатаамыах…
«Уруккуну уйгуурдан…»
Уруккуну уйгуурдан,
Тоҕо хаттаан эн кэллиҥ?
Ааспыты амсатаҥҥын,
Сүрэхпин ньүөлүттүҥ?
Төннө сатыыр,
Төлөнү күөдьүтэр ,
Туһата татымын
Таайбаккыан?!
Түҥ балай түүн,
Түннүкпүн манаама.
Кэлэрбин-барарбын
Кэтиир буолума.
«Эн миигин сураһан булбутуҥ…»
Эн миигин сураһан булбутуҥ
Ааспыты алҕаска балыйан,
Урукку тапталбыт суоһуттан
Ууллубут күннэргин суохтааҥҥын.
Онтон мин тоҕо куруук
Эн ааккын ааттаан олордум,
Сойо илик иэйиибин
Эйиэхэ иккиһин анаары?
«Үрүҥ хаар оргууйдук түһэрин…»
Үрүҥ хаар оргууйдук түһэрин
Эн сымнаҕас илиигэр холуубун,
Сып-сылаастык сири үллүктүүрүн
Эн тыыныҥ суоһугар тэҥниибин.
Тыаһа суох нарыннык,
Тулабын симиигин,
Ыраах да буолларгын,
Таптыыргын билэбин.
«Өйдөө миигин…»
Өйдөө миигин,
Барар-кэлэр сирэ суох
Тымныы дьиэбэр
бүктэхпинэ.
Өйдөө миигин,
Үөрүү аргыстаах
Балаҕаҥҥар көтөн
түстэхпинэ.
Өйдөө миигин,
Хомойон, хоргутан,
Бүтэһик эрэлим эн
диэтэхпинэ.
Өйдөө уонна өйөө,
Бу күн сиригэр
Эйиэхэ тэҥнээх суоҕар
итэҕэй.
«Мин эйиэхэ анаабыт иһирэх тылларым…»
Мин эйиэхэ анаабыт иһирэх тылларым,
Тиийбэккэ муус көһөҥө буолан,
Лабааларга ыйаммыттар.
Ким сылаас ытыһыгар уулларан,
Сыа-сым курдук тутан илдьэн,
Эн кулгааххар сипсийиэй?
Санаар миигин
Санаар эн миигин,
Сыа хаар ыллыкпытын
Таптыы үллүйдэҕинэ.
Санаар эн миигин,
Сулустар сууллан
Тулаҕар тоҕуннахтарына.
Санаар эн миигин
Оччоҕо…
Суоҕум да иһин,
Аттыгар сэргэстэһэ хаамсыам.
Күн кутаата, ый суһума
Хайалар
Сир үрдүгэр сүдү тыыннаахтар – хайалар!
Оо, хайалар! Халлааны хайытар хайалар!
Ханна тиийэн саллар сааскыт ситиилэрин
өрөҕүт?
Ханан тиийэн муҥур үйэҕит үктэллэрин
дабайаҕыт?
Хараара барыаран, ардыгар дьиппинийэн,
Ааһар тыалы хаххалыыгыт.
Тахсар күн сарыалыттан сыраллан,
Сороҕор күн уотунан оонньуугут.
Халыҥ хаары бүрүнэн,
Санньыар санааҕа ыллараҕыт.
Биитэр кустугу маамыктаан,
Сэттэ өҥүнэн күлүмнүү киэркэйэҕит.
Хайалар, хайалар,
Хардарбат хаҥыл хайалар.
Хараҕым хайҕыы, санаам көнньүөрэ
Эһиэхэ тардыһабын.
«Былыттар ытыыллар ыанньыйан…»
Былыттар ытыыллар ыанньыйан,
Суолу-ииһи алдьатан,
Барар сирим баҕана үүтэ буолан
Ыксыыбын, ыгылыйабын.
Эйиэхэ тиэтэйэн
Күммүн-дьылбын ааҕабын.
Халлааны кытта этиһэбин
Хардарбатын биллэрбин да…
Миэхэ түүлбэр…
Миэхэ түүлбэр мэлдьи
Биир билбэт дойдум көстөр.
Онно үрдүк хайалартан
Күрүлгэннэр сүүрэллэр,
Кырылыы кыынньар кумаҕар
Кырыымпа тыаһа иһиллэр,
Күн, ый ыпсыбат ыырдарыгар
Кустук түһэн арылыйар,
Ардах илимэр иҥнибит былыт
Халлаан диэки оргууй үөмэр…
Ол түүлбэр кэрэ да бэйэлээх
Биир билбэт киһим,
Утары устан кэлэр,
Сулустары хомуйан
Мин ытыспар уурталыыр.
Миэхэ түүлбэр наар диэтэр
Биир билбэт дойдум көстөр…
«Кустук мастан тайанан…»
Кустук мастан тайанан
Үөһэттэн өҥөйбүтүттэн,
Эбэтэр илгэлээх ардах
Омуннура куппутуттан
Тиһэҕэр туох хааларый?
Арай этиллибэтэх тыллар
Ырыа буолан көтөн иһэн,
Кэм-кэрдии илимигэр
Сөрөнөн иилистэн хаалаллар.
«Сайыҥҥы түүҥҥэ туох эрэ…»
Сайыҥҥы түүҥҥэ туох эрэ
Ураты таайыллыбатах баар…
Түптэ буруота сыыйыллар
Сыгынньах талахтар быыстарынан.
Муҥурун булларбатах санаам
Сибэкки таммаҕар ыйанар.
Халлааны кыҥастаһабын…
Харданы күүппэккэ
Хараҥаттан саһабын.
«Сайыҥҥы күн кылгас да түүнэ…»
Сайыҥҥы күн кылгас да түүнэ
Санаабын сааһылыа, бадаҕа…
Оччоҕо саҥаттан саҕалыам,
Саҥалыы мин тыын ылыам,
Эһиилгибэр күүс эбиниэм.
«Алаас арҕаа саҕатыгар…»
Алаас арҕаа саҕатыгар
Эйигин күүппүт сайыным,
Көмүс ытарҕатын иилиммит
Күрэнэргэ оҥостубут.
Ааспыт сайын туолбатах эрэллэрэ —
Халтаҥ тураллар хатыҥнар.
Сэбирдэхтэрин киэр илгибиттэр,
Тиэргэммин тилэри тэлгэппиттэр.
«Тыаҕа күһүн кистээн ытыыр…»
Тыаҕа күһүн кистээн ытыыр,
Сэбирдэҕин аргыый тамныыр.
Кэмэ кэлэн иһэриттэн,
Кини да хараастар…
Киһи эмиэ күһүн курдук
Кэхтэр, кырдьар, кэбириир…
«Суһуохтарын ыһаннар…»
Суһуохтарын ыһаннар
Суугунаһа хаалбыт үөттэри,
Чуумпуга бэринэн иһийбит
Күөл ньуурун,
Эн сиэтэн илдьибит
Сибэккилээх алааскын…
Барытын өйдүүр эбиппин —
Хаһан да хатыламматын эмиэ.
«Суолум үрдүгэр…»
Суолум үрдүгэр
Ый ыйаммыт,
Миигин таба көрөн
Ыллыкпын сырдатар.
Кэпсиибин киниэхэ
Сүрэҕим кистэлин,
Муммут ыырдарбын,
Куоттарбыт күннэрбин…
Субу сууллан түһүөхтүү
Ыйым маска биэтэҥниир,
Төгүрүк сирэйин кыбыстан
Былытынан бүөлэнэр.
«Чуумпурбут халлаан устунан…»
Чуумпурбут халлаан устунан
Сылайбыт былыттар хаамсаллар,
Аастыйбыт баттахтаах оҕонньор
Илим хараҕын бэрийэр.
Билгэлиир кини ардах түһүөн,
Уйгу-быйаҥ салҕаныах түһүн…
Хаһыс хаарын уулларан,
Күөххэ үктэммитин санаан
Мунчааран ньим барыа.
Сайыһыа ааһан эрэр кэм-кэрдии
Сүтэн эрэр күлүктэрин…
«Уруут-урут…»
Уруут-урут
Күн эмиэ бу курдук
Күлүмнүү тыкпыта буолуо дуу?
Сулус эмиэ бу курдук
Халлаантан түспүтэ буолуо дуу?
Билбэппиттэн сонньуйабын…
«Хаар түһэн кыыдамнаан олорор…»
Хаар түһэн кыыдамнаан олорор…
Ыраах да буолларгын,
Эн эмиэ бу хаары көрөҕүн.
Миигин санаан ылаҕын,
Уоскулаҥы көрдүүгүн…
Таптаа сааһы
Саас эргиллэн кэллэ,
Сылааһынан кууста.
Санньыар санаа тобоҕо
Сүүрүк буолан уһунна.
Түлүк ууттан уһукта
Тыа хаарын тэбэннэ.
Тыыллаҥнаата ыарҕа,
Тырыбынаата туллук үөрэ.
Тыллыы, тиллии —
Тулабыт кэрэтиэн!
Тахсыахха хаамса —
Тапталы туойуохха!
Тыллыы
Саас мин тыллабын,
Сандаара сырдыыбын.
Кыһыҥҥы доҕууртан
Көҥүллүк тыынабын.
Саас мин иэйиим
Сарыаллыын уһуктар.
Хаардаах кытылым
Халаан уутунан халыйар.
Саас мин таптал
Омун уотугар ууллабын,
Санныбыттан тайаммыт
Саҥа күнү кууһабын.
«Ардах мэник уоллуу…»
Ардах мэник уоллуу
Түннүкпүн тоҥсуйар.
Онтон эбии сэтэрэн,
Талахтарга ыстаҥалыыр.
Сүллэр этиҥ тыаһыттан
Соһуйан ах барар халлаан.
Түс-түс ардах,
Уйгу-быйаҥы түстүү!
Түс-түс ардах,
Куурбут сири угуттуу!
«Дойдуҥ диэтэхтэринэ…»
Дойдуҥ диэтэхтэринэ —
Харахпар көстөн кэлэр
Оҕо сааһым самнайбыт эргэ
Түөрт ыаллаах мас дьиэтэ.
Онно,
Ыалбыт оҕонньор үүннэрбит
Сарбынньах маһа
Сылаас тыалга бигэнэ
Отоннорун таммалатар.
Абына-табына күрүөҕэ,
Өйөнөн турар кырдьаҕас
Ийэм,
Тахсан ырааҕы одуулуурун
Туоххаһыйа көрөрбүн.
Кыараҕас олбуор иһигэр
Олох устар биир күдьүс
Оҕо саас аны төннүбэтин
Туоһулуур туртайбыт мас сэргэ.
«Төрөөбүт алаһа дьиэ…»
Төрөөбүт алаһа дьиэ
Көмүстээҕэр күндү:
Ким эрэ хаалыа —
Төлөнү күөдьүтүө,
Ким эрэ барыа —
Тайахтааҕы да кытары…
«Сир-халлаан икки ардыгар умнуллан…»
Сир-халлаан икки ардыгар умнуллан,
Суола-ииһэ суох сүппүт суох ини.
Ким эрэ таба булан көрүө:
Хагдарыйан хаппыт сибэккигэ
Ааспыт сайын үтүө күннэрин,
Уолан бүппүт көлүччэ уутугар,
Көмүс хатырыктааҕы туппутун.
Саһарара эрэ хаалбыт хонуу отугар,
Кустук курдуу түспүт күнүн.
«Хоту дойду кэрэтин…»
Хоту дойду кэрэтин:
Дьүкээбилин, буурҕатын,
Таас сымара хайатын,
Чубукутун, табатын,
Маамыкталаан да туттарбат
Үрдүк мэҥэ халлаанын,
Илэ көрө барыахпын
Илдьэ барыый эн миигин.
«Кырыыһаттан оргууй сурулаан…»
Кырыыһаттан оргууй сурулаан,
Кыһын түстэ дойдубар.
Уу чуумпу, уу чуумпу тулабар,
Улук уутугар утуйда сир-дойду.
Эйиэхэ тиийиэхтээх ыллыкпар,
Муус кырыа оһуора түстэҕэ.
Эн биһикки күөх тыабытын,
Маҥан хаар суорҕана саптаҕа.
Хаар түһэр, түһэр күргүөмнээн,
Тапталбыт уотун уҕарытар.
Хаһан эрэ хаампыт кытылбытыгар,
Туманнаах дьыбар хомурахха хонноҕо…
«Ыыстыйбыт буруоттан тумнастан…»
Ыыстыйбыт буруоттан тумнастан,
Халлааҥҥа күн кытары чачайда.
Хараара ыараабыт салгынтан,
Ыркый ойуур көхсө көһүйдэ.
Айгыр-силик айылҕам
“Абырааҥ” диирдии суугунуур.
Арай ханна эрэ ыраах
Ардах тыаһа иһиллэр дуу…
Өлүөнэ очуостарыгар санаа
Өлүөнэм очуостарыгар ытынным —
Быралыйбыт былыргыны бүрүммүт
суорба таастар,
Субуллаллар харах дала ылбат ырааҕар…
Илгийэргэ дылы кинилэртэн
Ааспыт кэм суураллыбат суугуна,
История таайыллыбатах таабырына.
Охсуһуулаах одун үйэлэр
Кыргыс кэмин буойуттара,
Кыр таас кириэппэс буоланнар,
Аараан аартыктары арчылыы турдахтара…
Бу туруук хайалар хаһан эрэ ааспыт,
Хараан күннэрин сайыһа,
Өлүөнэ долгунугар бигэнэн,
Түһүүллэр күннээх хочону.
«Хатыҥчааннарым киэркэйэҥҥит…»
Хатыҥчааннарым киэркэйэҥҥит,
Тулабар куустуһан тураҕыт.
Күөх будьурхай суһуоххутун,
Ыһаҥҥыт мичээрдии көрсөҕүт.
Билэбин тапталы туойаргытын,
Ол иһин күн ахсын тупсаргытын.
Истэбин кистээн сипсиһэргитин,
Үйэлээх тапталы түстүүргүтүн.
Дьол эйигин тумнубатын
«Санаа киһини…»
Санаа киһини
Баттыыр биитэр көтүтэр,
Самнарар уонна саататар.
Арай кэм-кэрдии тыалын
Мэлдьэспит баара дуу?
«Саха киһитин сайаҕас сүрэҕэ…»
Саха киһитин сайаҕас сүрэҕэ
Алгыстаах тылтан саҕыллар.
«Соҕотохсуйууну кыйдыыллар…»
Соҕотохсуйууну кыйдыыллар
Уһун кэпсэтиилэр,
Ону да кылгас кэмҥэ…
«Санааҕар туппат буол…»
Санааҕар туппат буол,
Оччоҕо барыта судургутуйуо.
«Сулумах сулустар…»
Сулумах сулустар
Ыас хара түүннэрбэр
Доҕор буолаллар.
«Улуу өрүстэр усталлар холкутук…»
Улуу өрүстэр усталлар холкутук,
Таас хайалар соҥуора сөҥөллөр,
Арай киһи эрэ ыксыыр, айманар…
«Ыраатта дии, ыраатта…»
Ыраатта дии, ыраатта,
Ыллыкпыт отунан үүммүтэ.
Була сатаан, буулуу сатаан,
Буруйдуурдуу көрүмэ.
«Кыраттан да үөрэр…»
Кыраттан да үөрэр,
Алгыһынан күнү көрсөр,
Дьол эйигин тумнубатын.
«Эйигинниин билсэрбэр…»
Эйигинниин билсэрбэр
Бөдөҥ да бөдөҥ хаар үллүктүүрэ…
Ээр-сэмээр кэтэһэбин ол хаары,
Таба тайамматым дьэ дьикти!
«Үргүүк үйэлэри сууһаран…»
Үргүүк үйэлэри сууһаран,
Ордон кэлбиппит – үөрүү.
«Сэбирдэҕинэн саптыбыт…»
Сэбирдэҕинэн саптыбыт
Сөрүүн чуумпу киэһэлэр
Бааһы-үүтү кистииллэр…
«Аара түһэн иһэн умуллубут сулустуу…»
Аара түһэн иһэн умуллубут сулустуу,
Тиһэҕэр диэри ситэриллибэтэх хоһооннуу,
Эн миэхэ сыһыаныҥ солотуу…
«Махтанабын олохпор…»
Махтанабын олохпор:
Үтүө да, мөкү да күннэри
Дьэллэмник бэлэхтииригэр.
«Хомурах хаар, саамал сайын…»
Хомурах хаар, саамал сайын,
Ардахтаах күһүн, сайдам саас,
Хаалларбыттар арай сурааһыннары —
Эн сылайбыт мөссүөҥҥэр…
«Ый хаамар…»
Ый хаамар
Мастар быыстарынан,
Чараас киэһэ
Лабааларга биэтэҥниир.
«Бу курус хара харахтары…»
Бу курус хара харахтары
Бүгүн эмискэ көрсө түстүм.
Ааспыт сайын ардаҕын
Амтана уоспар билиннэ.
«Сир, халлаан биир дииллэр…»
Сир, халлаан биир дииллэр.
Өйдөһөн эрдэхтэрэ…
«Ыараабыт былытынан сабыллар халлаан…»
Ыараабыт былытынан сабыллар халлаан.
Тугу толкуйдуура буолла…
«Баҕа санаа туолбатынан эрэ умсугутар…»
Баҕа санаа туолбатынан эрэ умсугутар .
«Орто дойдуга ыалдьыттарбыт диибит…»
Орто дойдуга ыалдьыттарбыт диибит,
Онтон анараа дойдуга?
«Кыраттан да үөрэбит…»
Кыраттан да үөрэбит,
Биир тылтан кынаттанабыт.
«Бэҕэһээ хаар, бүгүн ардах…»
Бэҕэһээ хаар, бүгүн ардах,
Бириэмэ көтөр олус үлүскэнник.
Тарбачыһыах.
«Тулабын сырдатар мичээргинэн…»
Тулабын сырдатар мичээргинэн,
Эйэҕэс эрэллээх харахтаргынан
Олохпун ойуулуохпун баҕарарбын
Сэрэйэн билэриҥ дуу, эн…
«Күн сириттэн күрэнэр да күммүтүгэр…»
Күн сириттэн күрэнэр да күммүтүгэр,
Дьыл-хонук солбуһуутунан
Олох эргийиэ туруо,
Иҥнибэккэ.
Хараастымыах…
«Алааска турар соҕотох…»
Алааска турар соҕотох
Алдьаммыт сэргэ,
Тугу кэпсиирин
Таайыахпыт дуо?..
«Хас сыл тухары мин ааппын ааттаан…»
Хас сыл тухары мин ааппын ааттаан,
Боруогум аанын атыллаан киирэҕин?
Хаһыс сылын хойуу көтөҕөнү бүрүммүт
Ыллыкпын эн хаттаан тэпсэҕин?
«Былыттар ытаабыттара…»
Былыттар ытаабыттара,
Эйигин сайыһан.
Көрсүөхпүт хайаан да диэбиккин
Мин мэлдьи кэтэһэр курдукпун…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?