Текст книги "Өлүү-тиллии икки ардынан"
Автор книги: Прокопий Чуукаар
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 12 страниц)
САП САҔАТТАН САЛҔАНАН…
Уйбаан дьоннорун дьиэлэригэр үҥүлүтээт, иһирдьэ киирбэккэ таһынан сылдьан аҕалбыт малларын-салларын хахханы буллартыыр, ыттарын бэрт барбах өл хаптарар уонна бэйэтэ, аара айаннаан иһэн аһыам диэн, балык кэнсиэрбэтин хоонньугар уктар. Тааҥ балачча кэҥээбит этэ, ону дьонугар эппэтэҕэ. Хайдах эмэ гынан Киһилээхтэн аҕыйах куул бурдугу аҕалар баҕалаах. Чэпчэки таһаҕастаннаҕына, суукка аҥаарынан эргиллиэн сөп. Оччоҕо эрэ кус-хаас кэлэригэр тиийэр кыахтаахтар.
Ыттара муҥ кыраайынан ойон иһэн, туох эрэ көстүбэт истиэнэҕэ кэтиллибиттии, хорус гына түһэллэр. Кутуруктарын купчутан илэ-чахчы туохтан эрэ олус куттаммыт көрүҥнэммиттэр. Уйбаан, соһуйбут омунугар, ойон турарыгар сыарҕатын түҥнэри көтөн кэбиһэр. Бэриэччитигэр тиийбитигэр ыта ыйылыы-ыйылыы мууһу сытырҕалыыр. Үрүҥ эһэ сытын ыллахтара, өссө чугас быһыылаах. Хантан эрэ муус халҕаһатын быыһыттан кэтээн сыттаҕа дуу? Бэл күнүс үрүҥ тунахха балыйтаран көстүбэт аарыма кыыл бу айылаах балай хараҥаҕа субу да саба барыйан турдаҕына көҥүл. Бэрт чугас буолан ыттар сыт ыллахтара. Сыарҕатыгар сыҕарыйар-сыҕарыйбат сыылыҥхайдаан тиийэн саатын сүөрэр. Бэл табаны хотуппат баҕайы үрүҥ эһэни хайыа эбитэй. Тирээн туран ыта сатаан көрөрө дуу. Аны ыттара куотан хаалыахтара турар. Тарыыр маһы иҥиннэрэр тоҕоостоох муус чөмөҕө суох быһыылаах. Бэриэччитигэр тиийэрэ буоллар, ытын бэйэтигэр хам кэлгиниэ эбит. Ытыгар сынан тиийэн, быатын туппахтыы сылдьан сылбырхай ууну чалымнатан ылар. Бай! Тааҥар бэлиэр кэлбит буоллаҕа дуу. Бу сырыыга сулбу-халбы сыарҕатыгар батыччахтаан тиийэн тарыырын тардыаласпыта мууска хам тоҥо охсубут. Быһаҕынан чээччэйэн онтун бэрт өр астаһан араарар. Барыахтаах сирин маһынан анньыалыы сылдьан муус ырбыыламмытын булан ылар. Ураҕас тиийбэт кэтиттээх аһаҕас уу субу бургучуйа сытар эбит. Ыттара ырбыы адьас кыламаныгар тохтообуттар. Кыл мүччү муораҕа умсаахтана сыспыттар. Курумуутун уллуҥа мууска сыстаҥныыр гына илийбит. Ыттарын атахтарыгар инчэҕэй биллэн эрдэҕэ, кэннилэринэн тэйэн сыарҕаларыгар ыга сыстыбыттар. Халлаан сырдыырын манна кэтэһэрэ кутталлаах буолсук. Ууга да былдьатыыһыктар, тоҥон да буорайыыһыктар. Хаар тохтообот килэҥ муус чысхаанын туох тулуйуо буоллаҕай! Сыарҕатын төттөрү соһон балачча барбахтыыр, онтон ыттарын быаларын бэрийэ-бэрийэ дьиэтин туһаайыытын булларар.
Сарсыарда сырдыкка кэлэн көрбүтэ, уонча миэтэрэ кэтиттээх муора мууһа ыраахха диэри хайа барбыт. Уҥуоргу өттүгэр муус модьоҕото кими да ыыппат гына өрө күөрэлэммит. Муус үрдүнэн сылбырхай уу килэччи тоҥмута ыты да таба тирэннэрбэт үлүгэрэ. Тыал күүһүттэн сыарҕата ыттары талбыт сиригэр тамнаталыыр. Чараас муус араастаан тоҥмутугар тилэхтэрин быһыта үктээн ону салана сытаахтыыллар. Маннык буоллаҕына, өтөрүнэн Киһилээххэ сананыа суохтар. Үстүү сүүс кыраамнаах уонча бааҥка балык кэнсиэрбэлээхтэр. Онон хас хонуохтарай?! Ыттарын аһылыгын сиэн кэбистэхтэринэ, күнүнэн буруолара сабылларыгар тиийэр. Онтулара да үксэ саллааттар аһылыктарын тобоҕо, ону кытта икки-үс куул куһаҕан балык эрэ. Ыксаатахтарына, бэйэтэ соҕотоҕун сатыы баран кэлэрэ дуу, Тароторины хабарҕалаан да туран аҕыйах куул бурдугу син аҕалтарыа этэ.
Уйбаан саатын сүгэ-сүгэ туундараны күн тура-тура кэрийэ сатыыр да, кыыллара хараҕар да көстүбэттэр.Үһүс күнүгэр эмиэ туга да суох дьиэлээн истэҕинэ, арҕаалата соҕус саҕахха, кини көрдөҕүнэ, кутаа уота көстөргө дылы. Дьиэтэ тус соҕуруу, оттон ол диэки уот оттуох ким да суох буолуохтаах этэ. Хайа дьаабыный? Баалаан хараҕа иирэр дуу? Суох, илэ умайар. Котельнай арыытыттан хайа эрэ булчут кэлэн истэҕэ. Атын ким да кэлиэх туһа суох. Баран сэрэтиэххэ. Этэрикээн билиитин арҕаа өттүнэн Киһилээххэ быһа астарыан наада. Илдьит да тириэрдиэн сөп.
Уоту туһулаан барбахтаабытын кэннэ кутаа эмискэ көстүбэт буолан хаалар. Утуйдахтара. Бинокулунан саҕаҕы көрө сатыыр. Киһи хараҕар хатаныах баара көстүбэт. Сатахха утары сытыы тыаллаах. Оннук санаа мучумааныгар ылларан саараан турдаҕына, туох эрэ харалара хаар үрдүнэн төкүнүһэн таһынан кэлэн ааһаллар. Таах туруохтааҕар биир хараны төҥкөс гынан ытыһыгар түһэрэн ылар. Таба түүтэ тыалга үрдэрэн тэлээриҥниир эбит. Баччаҕа таба түүлүөх туһа суох. Хаһааҥҥы эрэ кыыл сиэҥин сэмнэҕэ сыттаҕа. Онтон тугу эбит киһи туһанара хаалбатаҕын биллэр даҕаны, тыалы утары дьүккүйбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Бэрт ыраах туох эрэ хараарара көстүбүтүгэр Уйбаан, хомурах үрдүнэн халтарыйа-халтарыйа, сүүрэн бэдьэйэр.
Хаһан, туохтан өлбүт таба сэмнэҕэ сытара буолла. Хабарҕатын туох эрэ быһа хадьырыйбыт, иһин бүтүннүү орообуттар, кэлин атаҕыттан улахан аҥаара уҥуоҕа эрэ килэйэр. Атына бүтүннүү сыалай сытар. Сыата да аҕыран көрбөтөх. Баҕар, кини ыппыт табата кэлэн оҕуттаҕа дуу? Билиҥҥи диэтэххэ эмис. Чэ, хаһан да өллүн. Аҕыйах хонукка ыттыын бэйэлиин үссэнэр эттэннэхтэрэ. Илин атахтарыттан ньылбы тардан ылан санныгар манаагылыы уурунан кэбиһэр да дьиэтин диэки түһүнэ турар.
– Хайаа, таба өлөрдүҥ дуо? – диэн кэргэнэ түннүгүн өстүөкүлэлии сылдьан утары сүүрэн кэлэр.
– Ким да өлөрбүтэ биллибэт кыылыгар түбэстим. Дьэ, хата, хоргуйдубут диэн аны ытыс тоһуйбат дьон буоллубут.
– Чээн, маны төһө өр сиэхпит дии саныыгын?
– Доҕоор, сир-дойду иччитэ биһигини аһынан бэрсибит аһын мыыныма. Баҕар, мантан ыла биһиги да өттүкпүт хараланыа, илиибит тутуурданыа.
– Оо, оннук эрэ буоллун.
– Чинчи үчүгэй! Кэлэн иһэн куруппааскы халыҥ үөрүн көрдүм. Били илим куукулатын булаар эрэ. Сарсын иккиэн көмөлөөн тардан кэбиһиэхпит.
Ити киэһэ күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ табаларын көп этин ыргыччы күөстэнэн тото-хана аһыыллар. Өссө да бу курдук сүүрэр атахтааххыттан сөп-сөп өлүүлүү тур диэн сир-дойду иччитин үөрдэ-көтүтэ аһаталлар.
– Доҕоор, мин ыттарым эрэйдээхтэргэ бириһиэнинэн кэтинчэ тигэттээтим ээ. Ыыраахтарын хайыта үктүүллэрэ арыый да буолар ини.
– Сулбу түһэ сылдьыа суоҕа дуо?
– Быалаатахха тулуктаһыыһы.
– Ол кэтирдэтэлии оҕустуҥ дуо?
– Баастарын оһуута кэтэрдиллиэ. Саланалларын мэһэйдиэ диэн тохтоотум.
– Уста сатыыр «дьон» буолуо ээ.
– Ээ, үөрэнээ инилэр.
– Мин Котельнай диэки булчут кутаатын көрдүм. Хайа эрэ киһи ыттара быстан хонно дуу, хайа үөдэн.
– Ээ, ол уот биһиги кэлиэхпититтэн умайар. Арааһа, Байанай биэрээри гыннаҕына, уоттанар-күөстэнэр эбит буоллаҕа.
– Бай даа?! Мин ол уокка баран иһэн таба этигэр түбэстим.
– Баалаан, Байанайыҥ өлүүтүн аҕаллыҥ эрэ, хайа үөдэн…
– Сарсын ханан умайарын көрдөрөөр эрэ. Туох дьикти уота умайар баҕайыный. Иккиэн, баҕар, биир уоту көрбүппүт буолуо.
Сарсыныгар оһохторун туттарар боробулуохаларыгар илимнэрин аҥаар уһугун баайан туундара диэки субуйа тардан тимир турбаларга иилэ быраҕаллар. Бу турбалары Тиксииттэн мээнэ соһуспатах эбит, син көдьүүстээн эрдэхтэрэ. Куруппааскылар хойуутук иҥиннэхтэринэ, бу быстарыктан чахчы быыһыа этилэр.
Бүгүн Уйбаан өрүүр, үчүгэйдик сынньанар санаалаах аа-дьуо киирэ-тахса ону-маны өрө тарда сырыттаҕына, эмискэ оҕолор үөмэхтэһэ түстүлэр:
– Табалаар-табалар!
Арыы үөһүн диэки налыы хотоол туундараҕа табалар арҕам-тарҕам мэччийэ сылдьаллар эбит. Киһи ханна да үөмэн чугаһыыр сирэ суох. Таах ымсыырдар быһыылаахтар, эрэйдэммиккэ остуойута суох буолууһу.
– Оҕолоор, баҕар, чугаһыахтара, мээнэ сүүрэкэлэһимэҥ. Хараххытын быраҕа сылдьыҥ. Хас таба баарын билэ сатааҥ.
Ол эрээри ээр-сэмээр бары табалартан харахтарын араарбакка кэтэһэ-манаһа сырыттылар. Кэмниэ-кэнэҕэс аҕалара тулуйбата:
– Доҕор, саабын, батарантааспын таһаар эрэ. Тоҕо кыһыытай, үөмсэн көрбүт киһи.
– Уйбаан, бастаан туоһапкалаан көрбөккүн дуо? Биэрэстэни кыайбат сири ылыа дуо?
– Ити ымсыырбыт санааҕар чугас курдуктар. Хотоол сир хоннохтоох буолааччы.
– Чэ, оттон боруобалаа ээ, баҕар, биир эмэ табыллаарай.
– Таах кыыллаан кэбиһэбит эрэ, хайдах эрэ. Боруобалыахха даҕаны. Эн бинокулунан хайдах хамсаналларын көрөн этэн биэрэн иһээр.
Били сирэр буулдьа сааларын кытта туоһапканы Шура холбуу тутан таһаарар.
– Бар, аҕаҥ хайыһарын, быатын бэлэмнээ, – диэн уолугар соруйар.
– Наһаа бэлэмнэнимэ эрэ…
– Чэ, таһаардын-таһаардын. Оол өрө чолоҥнооччу, арааһа, буур быһыылаах, онтон арыый бэттэх турары ытан көр.
– Хайа? – Уйбаан биирдэ «чус» гыннаран баран ыйытар.
– Хамнаабатылар. Өссө ыт.
– Ити аата биэрэстэттэн ордук эбиттэр. Арыый чугаһыах эрэ. Эн чолоҥноһоллоро элбээтэҕинэ сибис гынаар.
Иккиэн сүүсчэ хаамыы иһирдьэ киирэллэр.
– Уйбаан, ыт-ыт! Хамсыах курдуктар. Һок! Били тыһы эмискэ ходьох гынна!
– Төбөтүн хайа диэки хайыһыннарда?
– Иннин диэки биирдэ ойдо.
– Ол аата буулдьа кэннинэн чуһууран ааспыт. Бэйи, ити буоллаҕына…
– Һок! Тобуктуу түһээт, ойон турда. Атыыры тула сүүрэкэлиир. Атыттар букатын кыһаллыбаттар.
– Итиччэтигэр, ыппахтыы түһэрбит буолуо. Дьэ, доҕор, туоһапкабыт туһалаары гынна ээ.
– Улаханнык саҥарыма. Ол атыыр кэннинээҕини ыт. Көрдүҥ дуо? Икки кэлин атаҕынан өрө тэбэн ылла буолбат дуо?
– Көрдүм да, өйдөөбөтүм ээ. Ити аата хайаабыт быһыытай? Бэйи, билигин атыыры бэйэтин мөхтөрө түһүөххэ. Үчүгэйдик көр.
– Соһуйан кэдэс гынна.
– Сөп. Итини өйдөөтүм. Арыый иннин туһаайан аллара соҕус көрдөххө хайыыр эбит.
Туоһапка «чус» гынаатын кытта таба, өрө ходьорус гынаат, иннин хоту уончата ойор. Онтон төбөтүн илгистэ-илгистэ кэннинэн буолбахтыыр. Атын табалар бары тилигирэһэ түһэллэр.
– Чэ, Шура, тохтуохха. Арааһа, үчүгэйдэттилэр быһыылаах. Аны таах кыыллаан ыраатыннартаан кэбиһиэхпит. Налыйдыннар. Сарсын сарсыарда эккирэттэхпинэ туга-ханныга биллиэҕэ. Табыллыбыт буоллахтарына, түүн көһүйүөхтэрэ, оччоҕо ыттар начаас саба көтөн ылыахтара. Хата, били этэрбэстэрин кэтэрдитэлиэх. Уксууһунан ибиирэ түһэриҥ дуу, баҕар, уста сатыылларын бопсуоҕа.
Дьиэлэригэр киирэн бэҕэһээҥҥи күөстэрин тобоҕун сыпсырыйа олордохторуна, эмискэ турбалара кырылыы түһэр. Бары таһырдьа ойон тахсан илимнэрин көрбүттэрэ биир куруппааскы иҥнэн өрө тилигирээн эрэр эбит. Саба сырсан тиийэн хам тутан ылаллар. Аны харахтара илимнэриттэн арахпат. Ити күн устата хас да халыҥ үөр сири кырыйа көтөрүн көрдүлэр. Ол аайы илимҥэ биир-икки эрэ иҥнэр, үгүстэр субу илими кэтиэхчэ буолан иһэн, өрө хололоон суй гына ааһан хаалаллар.
– Бу да ас, – дии-дии Уйбаан куруппааскылар төбөлөрүн хампы ытыртыыр, – киэһээҥҥи миин баар. Күн аайы итиччэ да иҥнэрэ улахан. Байылыат олоххо тиийэр дьон буоллубут.
– Оннук эрэ буоллун! – Шура биир да түүнү энчирэппэккэ үргээн бурҕаҥнатар. – Оҕолорум ааҕа түү бэриинэлэниэхтэрэ буоллаҕа. Таба тириитэ тэллэх кытаанаҕар сөбүн эрэйдэннилэр.
– Ийээ, били уотуҥ умайара чугаһаата, – диэн улахан уол таһырдьаттан быган туран хаһыытыыр.
– Чэ, мин тахсан кэтээн көрүүм, туох уота умайар баҕайыный?
Уйбаан уола ыйбыт туһаайыытын диэки көрбүтэ, саҕахха соҕотох сулус санньыйбыта көстөр. Атын сулустар көстүөхтэрэ эрдэ. Чаас аҥаара саҕахтан хараҕын араарбакка кэтиир. Сулуһа саҕаҕы кытта ыпсыһыах буолан иһэн, төлөннүрэр курдук өрүтэ көтүөлээн барар. Хаар үрдүнээҕи салгын хамсыыра кытарары барытын «уокка» кубулутар эбит. Арааһа, былыргы өбүгэлэрбит итини көрө-көрө ол-бу үһүйээни оҥорон кэпсиир буоллахтара.
– Хайа? Уоккутун көрдүгүт дуо? – Шура күөһүн хотороро буолбут, остуолугар иһит тарда сылдьан ыйыта тоһуйар.
– Ээ, дьэргэлгэн нөҥүө сулус көстөрүн «уот» диир эбиппит.
– Оннооҕор тимир ылтаһыны өрбөх курдук тэлимнэтэр этэ буолбат дуо?
– Киһилээх чочумаастара ыраахтан кырдьык-хордьук хамсыыр курдук буолааччылар.
– Ол иһин «Киһилээх» дэммит дуо? – уоллара ыйытан чап гыннарар.
– Баҕар, буолуо. Өрүү дьоннооҕун иһин эмиэ ааттыахтарын син.
– Оччоҕо «Дьонноох» диэ этилэр, – диэн уол иннин биэрбэт.
– Тоҕо эрэ «Таастаах» диэбэтэхтэр.
– Баҕар, «Иччилээх» диэбит дьүһүннэрэ ини. Дьэ эрэ, эрэстэрээҥҥэ да дэҥҥэ көстөр аста боруобалыаҕыҥ. Сап саҕаттан салҕанан тот олоххо үктэнэр дьон буоллубут. Дойдубут иччитин эрэ кэлэппэтэрбит.
– Биһиги иннибитинээҕилэр кэлэтэннэр, маҥнай утаа атыҥырыы көрүстэ дии санаабаккын дуо?
– Суох. Биһиги күһүн эрдэ бу дойдуну булбуппут буоллар, муннубут тыбыырбакка кыстыахтаах этибит. Киһилээхтэр киһилии көрсүбэккэлэр эрэйдээтилэр. Хара сиргэ этэҥҥэ үктэннэхпитинэ, ким бу дойду дьиҥнээх хаһаайына буоларын көрүөхпүт. Бачча киэҥ дойдуттан көҥөнө оонньообуттарын көрдөрүллүө. Дьону итирдэ-итирдэ хаартылыылларын ыраас мууска таһаартаан тэйиэм.
Сарсыарда, дьоно тура иликтэринэ, Уйбаан ыттарын көлүйэн хотоол диэки көтүтэн хаалар. Олохтоох таба ханна сир өтүөй, хотуттан соҕуруу сыҕаллан истэхтэрэ. Ону хотоол нүөл отугар киллэрбэккэ кыйдаталыы сылдьыбыт быһыылаах. Сэрэйбит курдук, үс таба үөрдэриттэн ыраах быстан мэччийбитэ буола сылдьар. Олору быһа охсон ыллахха, үөрдэригэр холбоһо сатаан, саа тэбиитигэр киирииһиктэр.
Ыттарын ырааҕынан салайан, санаабытын курдук, быһа сүүрдэн истэҕинэ, табалар үһүөн ыт иннин быһаары батыччахтаһан субу аҕылаһан сааҕа утары кэлэн биэрэллэр.
Уйбаан ыскылааттах сүрүн «аһа» кэбэҕэстик бултанарын биллэҕэ ити. Өссө туох эрэ саҥаны тобулуохха баара.
СААС КЭЛИИТЭ
Сыарҕатыгар үс табаны адаарыччы тиэйэн иһэрин дьоно ыраахтан көрөн утары сырсан кэлэллэр.
– Түргэнник иһиттэ таһаар!
– Туох иһити?
– Хаан-хаан кутар!
– Аҕаа, паапаа, биһиги буоллаҕына үс куруппааскыны туттубут.
– Ону?
– Ону маамабыт бастарын тосту эрийтэлээтэ.
– Оо, бултуйбут дьон эһиги эбиккит. Билигин таба сылаас хаанын иһиэхпит.
– Буһарбакка дуо?
– Таба сылаас хаанын иһэр, быарын-бүөрүн сиикэйдии сиир киһи доруобай буолар. Булчут оннук аһыахтаах.
– Пыы.
Уйбаан табаны тиэрэ быраҕан иһин хайытан эрдэҕинэ кэргэнэ:
– Хайа, бастаан хабарҕатын быспат эбиккин дуу?
– Табаны астааһын арыый атыннаах. Сылгыны былыр тыыннаахтыы үөс тардаллара үһү.
– Сүүскэ охсубакка дуо?
– Оччоҕо этигэр хаана хаалбат диэччилэр.
Иһин ороон кэргэнигэр үҥүлүччү анньар, онтон сис хорук тымырын быһа сотор.
– Чэ, Шура, хомуоскунан баһан, бастаан бэйэҥ ис, оҕолор көрдөхтөрүнэ, баҕар, исиһиэхтэрэ. Бу бөһүйэ да илик быарда амсай. Субу курдук сибиэһэй аһылыктаах киһи сынгаалааччыта суох.
– Оо, дьэ, сии үөрэммэтэххэ, хайдах эрэ ээ.
– Тоҥ балыгы кыһыны быһа сиэбитиҥ буоллар, эн да ыалдьыа суох этиҥ. Бу табалары дьиэбититтэн чугас өлөрөн эн өссө хааны амсайдыҥ. Ыраах өлөрдөххүнэ, таах тоҕон кэбиһэҕин.
– Хаарыан аһы. Оһоҕоско кутан оҕолорбор амсатыам. Ону баҕас сирбэттэр ини.
– Бээрэ, Шура, миэхэ өй киирдэ. Билигин аһаан эрэр астаннахпыт дии. Бу табаларбын саа тэбэр сиригэр туруортаан «мончуук» оҥоһуннахпына хайдаҕый?
– Миэхэ тириилэрэ наада эбиттэр. Тааҥ уутун кэһэр анал таҥас тигэ охсубут киһи.
– Кыыллаабатахха, ити табалар хотоолго сылдьымахтыахтара. Оччоҕо «мончуукпутугар» биир эмэ сыстыаҕа. Сарсын сииргэ туоҕа да суох дьон буолбатахпыт. Аҕыйах хонукка куруппааскыбытынан да сылдьымахтаа инибит.
Киэһэ аһылыкка Шура таба иһиттэн чохочу курдук сыа-арыы быргыйа сылдьар суон оһоҕостору буһарбыт уутугар хааны ытыйан хос оргута түспүтүн оҕолор ордук биһирээтилэр. Бэл көтөххө сылдьар уоллара ону эрэ көрдөөн даллаҥныыр киһи буолла. Онон биэдэрэни толору баспыт хааннарын кыра-кыра иһиккэ тоҥорон оҕо «үүтэ» оҥостор буоллулар.
Ити курдук миннэһэн дьиэлэрин тула өлөрбүт табаларын араас моһуоннаан туруоран кэбиспиттэрэ тыыннаах табалар мэччийэ сылдьалларын курдук. Биир да таба бэйэ-бэйэлэрин хатыласпат гына көрүҥү ылыналларыгар Шура ураты дьоҕурдааҕа арыллар: кини кыптыыйынан хаартыска кумааҕытыттан кырыйталыырын Уйбаан үүт-үкчү үтүгүннэрэ туруортуур.
Сарсыарда арыт күн түөрт-биэс табаны охторор. Онон аны таба тыһын, тириитин таҥастыыртан соло булбаттар. Киһи түөһүн тылыгар диэри дириҥнээх тааҥ уутун Уйбаан хайа баҕарар кэһэн туоруур кыахтанна. Аны кулгаах, иэдэс, моой, тобук, бэгэччэк, түөс, сис анал таҥастара диэн баар буоллулар, үтүлүк, кэтинчэ арааһа тигилиннэ.
Бастаан утаа күннээҕи аһылык көстөрө бэрт эрэйинэн быһаарыллара уурайан, аны кэлэр сылга хаһаанар гына бултуйан, ыкка, мэҥиэҕэ диэн араараллар. Байанай күндүлээтэҕинэ кэччэммэтин аҕыйах хонук иһигэр өҥнөрө-түүлэрэ уларыйыар диэри биллилэр.
Бултарыттан өлүүлээн, куруппааскы этэ, таба чоҥкута кэһиилээх Уйбаан Киһилээххэ анаан-минээн бара сырытта.
Аан бастаан саллааттар остолобуойдарыгар тиийэн: «Ыттарбын аһатаргыт иһин», – диэн, үс куулга симиллибит таба этин повардарыгар куду аста. Онтон станция начальнигын таһырдьа ыҥыртаран ылла:
– Эйиэхэ махтана кэллим, – диэн баран, сыарҕатын диэки ыйан кэбиһэр. – Өйдүүр инигин, бу компаһы?
– Ну-ну, дьэ өйдөөтүм. Ол мин көмөм да диэн, бэйэҥ да булан тэйэр киһи киилэ быһыылааххын. Хата мин махтанаргын кавычкаҕа ылан этэр диэн бастаан утаа өйдөөбүтүм.
– Биһиги көнөтүнэн этэр, кэпсэтэр үгэстээхпит.
– Ол үчүгэй. Хайа, компаһыҥ өстүөкүлэтэ түһэ сылдьар эбит дии. Сибилигин силимнэтиэхпит.
– Сүпсүгүрүмэ. Билигин компаска эҥин олус бааспаппын. Тыал, сулус хайа да компастааҕар эрэллээхтэрин билэн эрэбин. Ол эрээри аан бастаан айанныырбар эн эппит хайысхаҥ улаханнык туһалаабыта. Тааһа оччоттон түһэ сылдьарын билбэтэх этим. Бу куруппааскы этэ, таба чоҥкута аҕаллым. Бука, күн аайы амсайбат аһыҥ буолуохтаах.
– Поварбыт Ленинград рестораныгар үлэлээбит улахан маастар. Кини сатаабата диэн суох. Оттон бу уҥуох иһигэр баар мэйии хайдах сиэнэрин да билбэппит. Тароторин ыттарбар диэн ылааччы.
– Аны биэримэҥ. Мэйии буолбатах – силии диэн бэйэтэ анал ааттаах. Нууччалыы туох дэнэрэ буолла? Сүгэтэ, иһиттэ аҕалтар, поваргын таһаар, бэйэм хайдах астанарын көрдөрөн биэриэм.
Уонча чоҥку силиитэ улахан миискэни толору өрөһөлөммүтүн, киирэ-тахса сылдьар үс-түөрт киһи үмүөрүһэ түһээт, «боруобалаан» бүтэрэ сыһаллар: «Үтүө да аһы Тароторин ыттарыгар сиэтэр эбит!» – дэһэллэр.
– Миигин кытта дуогабарда түһэрсиҥ. Мин эһигини талбыт эккитинэн хааччыйыам.
– Бэйэбит да ытабыт ээ.
– Эһиги бу Киһилээх эргин бултуохтааххыт. Кадровай булчуттар ыырдарын тугунан да тэбистэриэ суохтааххыт. Түүлээх – государство баайа, айманыа суохтаах.
– Биһиги эрэ тэпсибэппит. Манна күһүн киһи бөҕө тиэстээччи. Дьокуускайтан тиийэ кэлээччилэр. Хата кинилэр ордук кырсаҕын эһэр инилэр.
– Ону баҕас бопсуллуоҕа.
– Оройуон, республика дуоһунастаахтарын барыларын хайдах бопсор үһүгүн?
– Көрүллүө!
Начальник Уйбааны эбиэттэтэ ыҥырар. Аһыы олорон, булчут киһи туохха наадыйарын сураһар. Дьэ онуоха саата эргэтин, буулдьата уоҕа суоҕун кэпсиир. Тахсан сыал ытан көрдөрөр.
– Буулдьа ойоҕоһунан баран сааллар саатын дьэ көрдүм. Биһиги буулдьанан босхо хааччыйыахпытын сөп. Өссө туохха наадыйаҕын?
– Мотуорка чүмэчитэ, үчүгэй карбюратор, кыракый радиоприемник, хаартыска эмэ эҥин курдук. Миэхэ Тиксиигэ дэбигис көстө охсубат бытархай сээкэй наада.
– Биһиги сорох дьоммут дуогабардара бүтэн дойдулаары сылдьаллар. Кинилэри кытта кэпсэтиэххин наада эбит. Оттон сибилигин ити деликатеска биһиги тугунан хардарабытый?
– Аччыгый Лээхэпкэ биир да браконьер атаҕа үктэниэ суохтаах. Эһиги онно кими да арыаллаан илпэккит наада. Сотору кырса төрүүр-ууһуур кэмэ саҕаланыа. Онно вертолеттанар, вездеходтанар букатын табыллыбат.
– Вертолету кыайан бопсубаппыт чахчы. Эн ити этиигин ол эрээри райкомҥа тириэрдиэхпит.
– Бэрт сөп. Дьокуускайга да тириэрдиэххитин сөп этэ. Биһиги бу дойдуну бэлиэр сөбүлээтибит. Эдэр дьоммут. Олорбохтуур баҕалаахпыт. Онон хардары-таары көмөлөсүһэри биһиги да сирбэппит. Биһиэхэ билигин бурдукпут суох. Доруоһа бэрт кыра наада. Килиэп олоҕор. Быйыл хойутаан кэлэн, кырса суох. Онон Тароторин саба баттаан сытар бурдугар, туга да суох сылдьан, ытыс тоһуйсубаппын. Аны күһүн саҥа сааҕа туруорсуом.
Уйбаан дьонугар элбэх сонуннаах эргиллэр, тыытын эҥин бүтүннүүтүн лөглөччү тиэйэн аҕалар.
– Дьэ, доҕор, сырыы-айан табылынна, сыһыан олохтонно, өйөбүл-тирэх буолар дьоннордоннубут, – диэн бэркэ көнньүөрэн сэһэргиир. – Аны Маай бырааһынньыгын иннинэ кэлэ сылдьаар диэтилэр. Дойдуларыттан посылка күүтэллэр. Мин үлэхпин, баҕар, онно холбуу уган ыытыахтара дэһэллэр.
– Ол тугу үлэстиҥ? Оҕолоргор дуо?
– Суох-суох. Мотуор чааһа эҥин. Кэлэн иһэн муус ортотугар кутуйахтары көрдүм. Этэрикээни туорууллара буолбут.
– Ол эмиэ туохпут кутуйахтарай?
– Кырса ууһуур дьылыгар материктан арыыларга кутуйах хойуутук киирэр диэччилэр.
– Ол оччо ыраахтан киирэллэр дуо?
– Дьэ, киирэллэр эбит. Чаас курдук, бэйэм да дьиктиргээн, кэтээн көрөн турдум. Утуу-субуу быыстала суох хас да кутуйах кэлэн ааста. Бары хороҥ от ытырыылаах айанныыллар эбит.
– Бу эрэйдээхтэри. Ол эмиэ туохтарын отун ытырыытай?
– Ыһыктара диэҕи – аҕыйахха дылы. Арааһа, аҕылаабат албастара быһыылаах. Сөҕөн кэбистим. Хаар эбэ арыалдьыттаахтар.
– Сирдиир буоллаҕа дуу?
– Сиэтэлиир ини. Иннибиттэн кутуйах тутан көтөн тахсыбытыгар дьиктиргээн тохтоотоҕум дии. Онтон атын олох да көрбөккө ааһыа эбиппин. Дьэ, аны мантан инньэ хаар эбэни бултастахпытына табыллар.
– Тоҕо?
– Хайдах «тоҕо»? Өлөрбөтөхпүтүнэ, кутуйахпытын эһэр буоллаҕа дии. Бэйэтин мэҥиэ да гыныахпыт, ыттарбыт да сириэхтэрэ суоҕа. Арба, аны үс күнүнэн Тароториннаах түүлээхтэрин туттара манан Котельнайга кэлэн ааһаллар үһү… Мин, икки кырсабын туттара таарыйа, сири-дойдуну билэ барсыах буоллум.
– Чээн. Киһинэн да ыытыа эбиккин.
– Дьон түүлээҕи хайдах быһыылаахтык таҥастыылларын көрүөм. Баҕар, эһиил бултуйдахпытына, сатаан таҥастамматах диэбэттэрин курдук, эрдэттэн дьаһанар ордук.
– Кырдьык даҕаны. Оччоҕо били тыһыгын илдьибэтиҥ ордук буолара дуу? Хаалларан бараар. Биһиэхэ да доҕор буолуоҕа.
Котельнайтан нэдиэлэ курдук буолан эргиллэригэр оҕолор ыттара төрөөбүтүн кэпсии тоһуйбуттара.
– Оо, куоттарбыппын! – диэн Уйбаан ону хайдах эрэ хомойо истибитэ. – Бэйэм баарым буоллар, ийэлэригэр биллэрбэккэ эрэ тыһыларын чыыскалыырдаах этим ээ.
– Бөлүүн төрөөбүттэр. Хаһыаларын бэйэбит да билбэппит.
– Аҕаа, «чыыска» диэн тугуй?
– Чэ, бэрт эбит. «Чыыска» диэн көлүүргэ анаан атыырдары эрэ талан хаалларыы ааттанар.
– Тыһылары биһиэхэ биэрээр.
– Суох. Киһиэхэ туһалыыр эрэ ыттар хаалаллар. Манна бөһүөлэк буолбатах. Арыы бэйэтэ туспа сокуоннаах. Ону өйдөөҥ.
– Оччоҕо атыырдары биэрээр.
– Суох. Ыт – оонньуур буолбатах. Булчукка ыт да, киһи да тэҥ суолталаахтар. Онон ыт оҕотунан оонньуур туһунан санаамаҥ даҕаны.
– Оттон мин ыт оҕотун булка үөрэтиэм дии санаабытым ээ, – уола иннин букатын биэрбэт.
– Биһиэхэ көлүүр ыта наада. Оттон көлүүр ыта булка букатын да сыстыа суохтаах. Бэйэҥ ыта да суох бултуу үөрэнээр ээ.
Маай бырааһынньыгын көрсө бука бары Киһилээххэ күүлэйдии баран кэллилэр. Оҕолор дуоһуйуохтарыгар диэри киинэ көрдүлэр. Оттон Уйбааннаах илдьэ кэлбит астарынан станция үлэһиттэрин күндүлээтилэр. Дойдуларыгар бараары сылдьар дьоҥҥо таба тыһынан унтуу сотото тигэн аҕалбыттарын сыымайдаатылар. Саллааттар да таба муоһуттан маппатылар. Онон табаары табаарга атастаһан дэлби байан эргилиннилэр. Уйбаан тимири уһанарыгар наадалаах тэриллэрин кэбэҕэстик булунна, оттон Шура эбии сакаас ылла, оҕуруонан дэлэйдик хааччынна.
– Аччыгый Лээхэпкэ дьиҥнээх хаһаайын уһуннук олохсуйарыгар, – диэн начальник тост көтөхтөрбүтүн мустубут дьон сүһүөхтэригэр туран истилэр.
1963 сыл сааһа ити курдук үүнэр. Ол эрээри саас сибикитэ ханан да суох. Арай харах дьүккэтэ ыалдьар гына хаар үрдэ күҥҥэ кылабачыйара хонон турдах аайы күүһүрэр. Ол быыһыгар күһүҥҥү буһурук курдук муора үрдэ будуллумахтаан ылар, арыт кураанаҕынан, хас да күн олоон оҕолору таһырдьа быктарбат курас тыал таҥнары дапсыйар. Саас кэлэрэ олус да күүттэриилээх буолар эбит. Байанайдара үчүгэй сирэйин көрдөрбөтөҕө буоллар, бу айылаах уҥуоҕу-силиини хайа охсор улугуруу тугунан дьааһыйыа эбитэ буолла.
Биир сарсыарда турбуттара арыы хотооло хороҥнос таба буолан соһутар. Улахан Лээхэп табалара сыҕаллыбыттара дуу, материктан кыыл киирэн эрдэҕэ дуу? Туундара онон-манан хараланара бэҕэһээҥҥэ диэри биллибэккэ дылыта, оттон бүгүн ол харалар киһи хараҕар таба буолан көстөргө дылылар. Уйбаан ол харалары чинчийэ бара сылдьан хаас тутуурдаах кэлэн дьонун олус үөртэ.
– Табалар оҕолонон эрэллэр. Өлбүт тугуттары аҕаллым – тириилэрин киһи туһаныах курдук. Оттон бу хааһы сыарҕабыттан турбакка да өлөрдүм. Ыттарбын хара сир диэтэхтэрэ – субу утары түспүтүнэн тиийэн кэллилэр. Дьэ, көр олох саҕаланнаҕа диэн кэбис. Сааҕын мэлдьи бэйэҕин кытта илдьэ сырыт.
Ол эрээри Лээхэпкэ саас кэлэрэ соһуччутун биир сарсыарда туран дьэ дьиҥнээхтик итэҕэйбиттэрэ. Түүн тыал бөҕө түһэн, тыас-уус таҥнары дапсыйбыта. Арай сэрии тыаһа итинник дьулаан буолаа ини. Сарсыарда уу чуумпу сатыылаабытыгар тахсан көрбүттэрэ, били бэҕэһээҥҥэ диэри кыһыҥҥылыы саба бүрүллэн турбут муораларын мууһа, ханна барбыта биллибэккэ, суй гынан хаалбыт этэ. Адаар долгуннар турбалаһан кэлэн кытылы сабыта сынньа сыталлара көрүөххэ дьулаана да, туох эрэ биллибэт тардылыктааҕа да.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.