Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 10


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 10 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Үйэлээх өйдөбүнньүк сиэрин-туомун кэнниттэн малааһыннаатыбыт, ытык айыыларга малааһын аһыттан өлүүлээтибит. Кыракый ыаҕайаларынан, томторуктарынан, тымтакаларынан киэркэйбит дэлбиргэ саламалаах хойуу чэчир иһигэр, сэргэни тула, күн эргиирин хоту, илии-илииттэн ылсыһан, сэмээр дэгэйэ үктээн оһуокайдаатыбыт. Үҥкүү тылын, бастыҥ оһуокайдьыппыт Ньөкөөрөр оҕонньор, чахчы ис-иһиттэн аһыллан, өрө көтөҕүллэн туран эттэ.

Уолаттар тустан тунайдастылар, мас тардыстылар; туос уурталаан кылыйан, ыстаҥалаан кыыралдьыттылар; кыргыттар сырсан сырбайан саары, тирэҥсэ этэрбэстэрин тилэҕэ хараарда…

Эр дьон тусталларын көрөн турдахпына ыксабар киһи кэлэн өттүккэ имнэммитигэр көрбүтүм, Мэкчэкиирэп Уйбаан диэн Балаҕаччы уола кэлэн мичээрдээн быһа ыртайан турар:

– Хайа, Аана тустан көрбөккүн дуо? – диир, мүчүк-мүчүк күлэр. Уйбаан итинник тыллаһара бэйэтэ төрүөттээх. Мундулуҥдаҕа олорор эрдэхпитинэ, сайын үгэспинэн сибидиэнньэ илдьэн Балаҕаччыга бара сылдьан Мэкчэкиирэптэргэ сылдьыбытым. Быһа ааспат ыалым. Уйбаан онно бэсиһи бүтэрбит бэдик, миигиттэн аҕа. Дьиэҕэ уол бэйэтэ эрэ баара. Оҕо дьон мэниктээтэхпит ырата буолуо – тустан хачымахтаспыппыт. Бэйэм да тугум тэбэнэтэ эбитэ буолла, уолаттары кытары тустан көрөр дьээбэ соҕус майгылааҕым… Уйбааны хонноҕун анныттан ылан туора садьыйан кэбиспитим, киһим доҕоор, состуок кырыытыгар муннун тоҕо түһэн, хаан-сиин бөҕөтө буола түспүтэ… Улахан киһи буоллаҕа, ытаабатаҕа. Дьиксинэ саныы-саныы уолум сиһик мунду буолбут сирэйин сото сатыы турдахпына ийэтэ Кэтириин киирбитигэр барахсаным: «Олоппостон иҥнэн охтоммун…» – диэн сымыйалаан кубарытан кэбиспитэ… Кэлин Уйбаан биһикки көрүстэрбит эрэ саныы-саныы күлсэбит…

Ыаллыы холкуостартан ыһыахха кэлбиттэр бааллар. Дьон көҕө-нара сүрдээх. Мин маннык түгэннэргэ, тоҕо эрэ, мэлдьи, дьоммун кытта Тээкиччэ өтөҕөр олорбут үтүөкэн кэмнэрбин саныыбын… Таайым аах, үлэ-хамнас да кэмигэр, барыга-бары көхтөөх ахан эдэр дьон, быыс-арыт булан онньууну-көрү көҕүлүттэн туталлара… Бүөтүрдээх олус үлүһүйэн кэрэккии (ол саҕана тыаҕа, арааһа, саҥа үөдүйэн, тарҕанан эрэр быһыылааҕа) оонньуулларын, олох бу баар курдук өйдүүбүн. Кэрэккии (мохсуо) буоллар эрэ биһиги өтөхтөн Мискээйэп Көстөкүүн хайаан да кыттыһара… Дурда, Уоллара диэн Арҕаа Кыргыдайга олохтоох, таайбын кытта араабараа саастаах, сүрдээх сытыы, кытыгырас уолаттар бааллара. Айан суолугар олорор дьоҥҥо, атынан кэлэбара ааһан иһэн сээкэйи сэһэргэһэн, оонньоон уһаантэнийэн, тардыллан, ардыгар түүннэтэн, хонон да хаалаллара… Эдэрдэр көрдөрүн, оонньуулларын кырдьаҕастар кытта олус сэҥээрэн, дьахталлары, ыамайдары кытары күөх кырска олорон, туран, ыһыы-хаһыы бөҕөтө буолаллара. Сорох оҕолор күрүө үөһэ ыттан туран эккирэһэллэрэ… «Сэрэниҥ!!. Сэрэниҥ!!. Чугаһаамаҥ!!.» – таайым аах биһигини кыра ыамайдары эпчиргэҕэ таптарыахтара диэн оонньуур хонууларын иһигэр чугаһаппаттара. Эпчиргэ эргийэ-эргийэ элээрэрэ, буорга түһэн бурҕачыс гынара, кэрэккии маһа уҥа-хаҥас ыһыллара, төкүнүйэрэ харахтарбар букатын бу баар курдук көстөр…

Мас тардыһыытыгар, биһиги киһибит, Чукчакыын тэҥнээҕин булбата. «Куһаҕан уолга» айылҕа барахсан тура күүһү-уоҕу баҕас бэрсэ, хадаҕалыы сатаахтаабыт. Маһын туппута соҕотох, отой ыыппат. Утарылаһааччылара, иҥиир-ситии күүрэн, былчыҥнара түллэҥнээн хайдах да иҥнэйэ-иҥнэйэ, кыҥнайа-кыҥнайа тарда, дьирээлэһэ сатаан баран, ыытан кээһэллэр, сөҕөн-махтайан бастарын быһа илгистэ-илгистэ саба сапсыйаллар эрэ. Чукчакыын эрэйдээх дьон хайҕаан кэтит саннын таптайдахтарына, кыра оҕолуу үөрэн сыҥааҕа биир кэм эйэҥэлиир, киһи эрэ уйадыйа аһыныах курдук.

Ыһыах биир ордук сэҥээриитинэн, бэлиэ түгэнинэн – дьахталлар тустуулара буолла. Бүтэһиккэ, биһиги Өксөөммүт, Калинин аатынан холкуос хонуутун биригэдьиирэ Лукунаа Татыйааналыын туһуннулар.

Лукунаа Татыйаана – от охсуутугар холкуоһугар кимиэхэ да иннин биэрбэтэх, туох да сүрдээх хоһуун, баабый дьахтар. Хара үлэ ханныгар да кыайыгаһынан-хотугаһынан, туохтан да иҥнэн-толлон турбакка бары үлэҕэ барытыгар аҥаардастыы баран түһэ сылдьар тип-тилигирэс быһыытынан дьонугар-сэргэтигэр: «Татыйаана дуо?!.», – дэппит ытыктанар ахан киһи. Көрүнэн-нарынан, үтүө майгытынан, кини обургу саҥаран-иҥэрэн батыгыратан, чэпчэки-чэпчэкитик сэгэйэ көтөн сиэлэ хааман сэгэлдьитэн, түргэн-түргэнник уҥа-хаҥас эргичийбэхтээн, кырыылаах сыҥааҕын былчыҥын күүрдэ-күүрдэ көрөн-истэн чаҕылыҥнатан, дьэ чахчыта да киһи киһилээхпин диэн астына, дуоһуйа, тумус тутта, холобур оҥосто көрөр ытык мааны дьахтара… Таһаҕас курууһугар, Балаҕаччыга, Өксөөннөөх Татыйаана иккиэн – биирдиитэ сэттэ уон биэстии киилэлээх кууллаах бурдуктары, икки хоннохторугар биирдиини кыбынан тахсан, ат сыарҕатыгар ууралларын эр дьон улаханнык сөҕө көрөөччүлэр.

Лукунаа Татыйаананы мин аан маҥнай туона муҥхатыгар көрөн турабын. Ыҥыырдаах атынан Айдаҥҥа кэлэ сылдьан, Арыылаах эбэ муҥхатыгар түбэһэ түһэн сылдьыбыта. Саһыл тыһа бэргэһэлээх, эр киһи курдук ыстаанын таһынан ыт сутуруо кэппит сүрдээх улахан уҥуохтаах дьахтар, чолоохтообут сиэр өҥнөөх атын күрүө тоһоҕотугар баайан баран, муҥха тардыһа үөскэ киирбитин бэркэ диэн сонургуу одууласпытым…

«Дьэ хайалара эрэ буолар» диэн ыһыах дьонун болҕомтото барыта – Өксөөннөөх Татыйаанаҕа.

Иккиэн былааттарын устан баран киирдилэр, кылгас лэппиллибит баттахтаахтар. Татыйаана уҥуоҕунан Өксөөнтөн өндөс, эр киһилии бөҕө-таҕа киппэ таһаалаах, кэтит дараҕар сарыннаах – хайдах эрэ киһи эмиэ да сонньуйа, эмиэ да сөҕө көрүөн курдук көстүүтэ…

Түһүлгэ ортотугар киирэн, маҥнай утаа күрдьүөттээбит оҕустар курдук, бэйэ-бэйэлэрин тургутуспуттуу бүлгүн-бүлгүннэриттэн ылсан, күөх кырыска чиҥ-чиҥник үктэнэн иҥнэҥнэстилэр. Иккиэн көрү көҕүлүттэн тутаннар мичээрдээн ыртайыы. Ол эрэн хайа-хайалара да, хапсыһыы эмискэ тыҥыырыгар бэлэмнэр быһыылаах – бэрт сэргэх өрө күүрүүлээх сирэй-харах…

Татыйаана уҥа харытыгар хаһан эрэ өрдөөҕүтэ үөр атыыра моҕойунан ойо тардан дириҥ чэр хаалларбыта кылбайан көстөрүн одуулаһа олордохпуна, Өксөөн эмискэ хаҥас диэки халбарыс гынаат утарсааччытын синньигэс биилиттэн бобо кууһан ылла да, өттүгэр мииннэрэн уҥа садьыйан бырахта… Татыйаана Өксөөнү хонноҕун анныттан ылбыт аҥаар илиитин ыһыктыбата, атахтарыгар тура түстэ уонна эгдэс гынан иҥнэйээт уҥатынан биһиги киһибитин кыыс бэрбээкэйиттэн лап гыннаран бобуччу кытаахтаата. Хамсаммыта түргэнэ, сылбырҕата, хапсаҕайа сүрдээх – туома, чыпчылҕан түгэнэ. Татыйаана туппут илиитин ыыппата, Өксөөн охтумаары Татыйаананы икки хонноҕун анныттан ыбылы кууста… Иккиэн хамсаналларын тэтимэ, эрчимэ сүрдээх, түһүлгэ тула олорбут ыһыах дьоно кэчэһэннэр мэктиэтигэр өндөҥнүү-өндөҥнүү, хапсыһыы тугунан түмүктэнэрин кэтэһэн туома тыыммакка да тааллылар… Сотору онно-манна: «Чэ!.. Ыа!.. Хайа!.. Кытаат!..», – диэн быһыта баттаабыттыы саҥа аллайыылар иһиллитэлээтилэр… Тустааччылар хайа-хайалара да, бэйэ-бэйэлэрин кыайан охторсубакка тутуспутунан булумахтаһан сылдьа түһээт – ыытыһан кэбистилэр… Иккиэн – күлсэн бөҕөлөр… Ким да, кими да кыайбата. Тэҥ-тэҥэ буолла. «Кэбис бүтүөххэ…», – дэһэн дьоммут саба сапсыйан кэбистилэр…

Ыһыах күнэ бэрт үчүгэйдик, көрдөөхтүк-нардаахтык ааста. Аны Бүлүү куоратыгар бары холкуостары мунньан, улуус Улуу Кыайыыга анаммыт улахан ыһыаҕа ыһыллыахтаах.

* * *

Айдаҥ ыһыаҕа ааспыта хас да хоммутун кэннэ, кыркаҕа да суох сууйбут курдук биир ып-ыраас күн: Тороос, мин уонна отороох-мотороох кыра ыамайдар буолан боотулу бүтэй үөһэ кэчигирэһэн сээкэйи буолары-буолбаты кэпсэтэ олордубут.

Эҥин-эгэлгэ араас чыычаах саҥата тохтоло суох биир күрүс күйгүөрэр. Кэҕэлэр кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии өрүһүспүттүү чоргуһаллар. Тыллаах чыычаах тиэргэн тиитин лабаатыгар, тыҥыы тыллан сахсайбыт хойуу мутукча быыһыгар түһэн, саһан олорон: «Бучу-бүчү-бүчү си-иэ-эх…бучу-бүчү-бүчү си-иэ-эх…», – диэмэхтиир. Күөрэгэйдэр күөх халлаан киэҥ нэлэмэн таһаатыгар, дьэҥкир көй салгыҥҥа уйдаран тырыбынаһа-тырыбынаһа, дьирилии-дьурулуу ыллыыллар уонна күһүҥҥү тыал көтүппүт сэбирдэҕинии эгдэс гына-гына тэлбээрэн түһэн тэлгэһэ, хонуу ситэ симэммит дыргыл сыттаах чэчигин быыһыгар кирийэллэр.

Аһыыка буутун тыаһа тохтоло суох «сыр-сыр-сыр» сырдыргыыр, көтөн тирдьигинэһэллэр…

Дэриэбинэ үрдүнэн, үөһэнэн, уҥа-хаҥас эргийэ охсо-охсо хараҥаччылар сылыпычыһа көтөллөр. Хараҥаччы сир кырсынан, намыһаҕынан элиэтээтэҕинэ – бүгүн буолбатаҕына сарсын ардаҕы күүттэҕим диэн кэбис. Дэриэбинэ хараҥаччылара – дьиэ, ампаар чарапчытын муннугар уйа тутталлар, онтон өрүс хараҥаччылара буор хайа туруору кумах сирэйин ыҥырыа уйатыныы тобулу хаһан оҥостоллор. Түҥ өрүс Мохсоҕоллоох бириистэнин хараҥаччыларын көрөөрү, бөдөҥ оҕолор түмсэн, сайын окко киириэх иннинэ, анаан-минээн сорук оҥостон кытта баран кэлэллэр. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор учууталларын сорудаҕынан, айылҕа дьиктилэрин, арааһы бары чинчийэллэр, суруналлар, уруһуйдууллар; өрүс, үрэх умнастарыгар, кытылларыгар үүнэр от-мас (тирэх, сарбанньах, тамылҕан, долохоно, хаппырыас, кыһыл талах, сиимэлэс) сэбирдэхтэрин, астарын хомуйан аҕалан хатараллар…

Арыылаах эбэҕэ тыыраахылар, куйааска итииргээн, түүлэрин дөрүн-дөрүн илбийэн ааһар сиккиэр тыалга оҕустаран сахсата-сахсата аа-дьуо тэлбиҥнэһэллэр.

Бөлүүнү быһа, күөдьүйэн умайа-умайа, ыыс-быдаан буруонан бурҕачыйа сыппыт ыаллар түптэлэрэ хаптайаннар аат эрэ харата сыыгынаһаллар; киэһэ күн арҕаалыырын саҕана хат күөдьүйэн, ытыллан туруохтарыгар диэри уоста, нуктуу түһэн ылаллар…

Окко киириэх иннинээҕи нус-хас уу-нуурал кэм. Күүстээх үлэҕэ аны күһүҥҥэ диэри олорор-турар да солото суох букунайыах иннинэ – сэниэ, сыра-сылба сомсорго анаан анаммыт курдук үтүөкэн күннэр.

Боотулу бүтэй искээҕэр атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, ынах түүтүн хаппыт туой таһынан мэкэчитэлээбитин эр-биир үөһэ быраҕа-быраҕа хаба олорбут Чоойун уол, эмискэ чөрбөс гынаат, өрө хантайа-хантайа тыллаах чыычаах саҥатын иһиллиир:

– Истиий, Баһыычаан… тыллаах чыычаах эйигин сиэххэ диир дии…

– Кырдьык да, үүт үкчү… инньэ диир… ити, ити истиҥҥитиий… – Суудаа оҕонньор үсүһү бүтэрбит кыыһа Харахтаах Аана ньээм от түүтүн үрэ туран дьэргэйэ түһэр. Аана – тэһииркээбит табалыы тэрбэччи көрбүт кип-киэҥ арылхай харахтааҕын иһин – Харахтаах Аана диэн ааттыыбыт. Ааналар үгүстэр, онон киһини киһиттэн араарарга дьэ ити сөптөөх быһыы-майгы.

Тороос биһикки оҕолор ыксаларыгар олорон, дьээбэҕэ тиллэр дьон, Чоойун саҥатын бэркэ диэн сэҥээрэбит. Тороос чыычаах саҥатын чуолкайдаары ытыһынан кулгаахтарын таллата-таллата кыҥнаҥныыр.

Тыллаах чыычаах, кырдьыга да, туох саҥаны-иҥэни истиэххин баҕараҕын да ол хоту араастаан уларыйа сылдьарга дылы, туһугар, дьикти тойуктаах көтөр. Чахчыта да: «Бачыы-чааны си-иэх… Бачыы-чааны си-иэх…», – дииргэ дылы.

Баһыычаан, үгэһинэн, атах сыгынньах, лаҕыай буола хатырбыт атаҕын тилэҕэр дөлүһүөн хатыыта батары киирбитин тыҥыраҕынан тарбыы олорон, эмискэ бүтэй үөһээ сиэрдийэтигэр ойон тахсар, күрүө тоһоҕотуттан аҥаар илиитинэн тутуһан баран, кинини сиэххэ-аһыахха диир чыычааҕы таба көрө сатыыр, уҥа-хаҥас тыыр-таар сыыҥтыыр, дьоһумсуйа туттар… Бу кэмҥэ тыллаах чыычаах, биһиги санаабытыгар өссө чуолкайдык: «Бачыы-чааны си-иэх… Бачыы-чааны си-иэх…», – диэн саҥаран чыбыгырыыр. Баһыычаан кыһыылаах саҥалаах чыычааҕы дьэ таба көрөн таалан турар, онтон уҥа илиитин өрө уунан, сутуругун кумуччу тутан тойон эрбэҕин былтатар:

– Маны сиэ!!. – диэн ыһыытаан бытарытар.

Биһиги күлсэн тоҕо барабыт.

– …Хайа бу, кус оҕолорун курдук куутуйаланаа олорон туохтан күлсэҕит, дьоҕойон миигин күлүү гынаҕыт дуу?.. – табаһыт, Ньукулаччаан оҕонньор саҥа чоройон, үүнэн эрэр түүлээх муостаах уучаҕын сиэтэн бырабылыанньа диэки ааһан иһэн саҥаран сэҥийэтин бытыга сэпсэҥэлиир, кыралары кытта ыаһахтастаҕым буолан мүчүк-мүчүк күлэр.

Баһыычаан бүтэй үөһэ кыҥналлан туран аттынан ааһан эрэр табаны батыһа көрөр:

– Муо-муоһун бы-быһан сиэбит киһи… – диир. Биһиги эмиэ күлсэбит.

Бырдах, күлүмэн сүүллээн түһэн табаһыттар кырыс кырыстаан халтаама иһигэр чукааҕа түптэ түптэлииртэн соло булбаттар быһыылаах. Түптэтэ суох таба иэдэйэр, бырдах хаанын супту уулаатаҕына ырар-быстар, мээнэ кый-бырах ыһыллан эһэ, бөрө аһылыга да буолуон сөп.

– Һоо!.. Дайыыл Мөөчөһү илдьэ иһэр!.. – Чоойун күрүө тоһоҕотугар иилбит уһун куондардаах хортууһун ылан төбөтүгэр уурунаат, түү мээчигин сиэбигэр куду анньаат, аллар атаһын көрөн утары сүүрэр. Баһыычаан бүтэйтэн ыстанан кээһээт Чоойун кэнниттэн түһүнэр.

Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ, эһэм Өлөксөй миэхэ хаппыт буор таһынан ынах суҥ түүтүн мэкэчитэн, киһи төбөтүн саҕа, илиигэ лаппа биллэр, тэс курдук мээчик оҥорбута (кыра мээчик ахсаана хаһа биллибэт). Онон олус сөбүлээн оонньуурум. Улахана, кытаанаҕа бэрт буолан тарбахха таба туттарбата, ол иһин наар хапса оонньуурбут; муостаҕа бырахтахпытына төкүнүйэн хааларын сырсан тибигирэһэн тиийэ-тиийэ доҕотторбун кытта бэйэ-бэйэбитигэр тэпсэрбит. Биирдэ оннук тэбэ, хапса оонньуу сылдьан киһи төбөтүн саҕа түү мээчикпитин оргуйа турар мундулаах күөскэ түһэрэн турардаахпыт эҥин… Эһэм барахсан: «…Оо, оҕом хотоку, алҕас аны күөскэ түһэрдэ…» – дии-дии ороон биэрэн турар. Атаах ахан, соҕотох кыыс оҕо киэнэ барыта «алҕас» диэн буолан иһэрэ… Онтон атын буолуо дуо…

Киргиэлэйэп Дайыыл – мэнигинэн баппатах киһи – лаппаллыбыт кыра уҥуохтаах олус улгум, сымнаҕас быһыылаах, киһи хайа туппутунан сылдьар холкуос оҕуһун Мөөчөһү, хантан ылбыта биллибэт тыйыс хатыһынан дөрөлөөн, дьоҥҥо көстүбэтэрбин ханнык диэн, үөмэр-чүөмэр үктэнэн Ыстапааннаах хотоннорун кэнниттэн, сылгы ньургуһунун быыһынан, хооһолдьуйан тиийэн кэлэр…

– Нэһиилэ туттум… Сатана үөс күрүөҕэ киирэн мэччийэ турар эбит. – Дайыыл, күн бэҕэһээ ийэтэ күүһүнэн кырыйбыт, бырдах сиэн бааһырдыбыт тараҕай төбөтүн тутур-татыр тарбанар.

– Хабах бас, эр бэрдэ тутумуна, – Чоойун доҕорун хайгыыр. Биирдэһэ, тараҕай диэтиҥ диэн өһүргэммэт, доҕотторугар улахан үтүөнү-өҥөнү оҥорбут киһи буолан, аҥаар илиитин – хас да сиринэн саба ууруу абырахтаах, иэннэриктээх дьыгынаал ыстаанын сиэбигэр уктан, тээтэллэн турар.

– Атах тардыстан көрдөхпүт дии… – Баһыычаан сирэйэ-хараҕа туран, харахтара атын аҕай чаҕылыҥныы-чаҕылыҥныы, тула-мала көрүөлэнэр, ким эрэ бырахпыт сэтэлгэтин булбутун баайан баран харытыгар кэппитин көннөстөр.

– Атах тардыстан эҥин диэмэҥ хайаамаҥ, ыл сибилигин оҕуһу ыытыҥ! Көлүүр оҕуһун сүгүн аһаппакка туппут буола-буолалар! – Тороос уолаттары мөҥөн күргүйдүүр.

– Тороос… эдьиийбит кыыһырбыккын кыатаннаххына, уордайбыккын уҕарыттаххына сатанар, – диир Дайыыл Киргиэлэйэп. Уолаттар күлсэн бычыгыраһаллар.

– Ээ-э, эдьиийбит дэһэ-дэһэ… Сибилигин ыытыҥ!.. Дайыылы ийэҕэр этиэҕим!.. – Тороос ойон турар.

– Араҥ дьоно, мииннэрбэттэригэр тиийдилэр, атын с-сиргэ барбаппыт дуо? – диир Баһыычаан.

Киһи аһыныах, «хайа да кэбилээҥ» диэбиттии, санаарҕаабыттыы төбөтүн хоҥкутан соҥуйбут, кэбирэх, уйан сирин күлүмэн, бырдах быһа сиэн уулааҕынан-хаардааҕынан унаарыччы көрбүт Мөөчөһү аһынан:

– Баһыычаан!.. Оҕуһу миинимэҥ, Өксөөн биллэҕинэ сөбүлүө суоҕа, – диибин.

– Бэрт кыратык… Сибилигин манна, көннөрү кыратык миинэн көрөн баран ыытыахпыт… Бэрт кыратык…

Уолаттар Мөөчөһү күрүө ыксатыгар сиэтэн аҕалан, сиэрдийэттэн тэбинэ-тэбинэ үһүөн миинэн кээһэллэр. Үөрэн-көтөн атын ырсайыы…

– Ыа, үһүөҥҥүтүн үчүгэй аҕайдык киэр илгитэлээн, быраҕаттаан адаарыталаабат даҕаны ээ, көтүрүөскүтүн көтүрүтэ түстэххитинэ билиэххит, – диир Тороос.

– Чэ, сөп буолуо Чоойун, түһүҥ…

Уолаттар өс киирбэх оҕустарыттан түһэллэр.

– Үөскэ илдьэн ыытыахпыт, – Дайыыл хатыс дөрөтүн илиитигэр эрийэр.

– Мин бэйэм ыытыам, эһиги ханна эрэ, киһи көрбөт сиригэр тиийэн өрө мэҥитэ сылдьыаххыт, – Тороос оҕуһу, дөрөтүн кытыан чурумчутуттан сүөрэн баран, эбэ диэки үүрэр. Мөөчөс аччаҕар дьэҥкир муостардаах төбөтүн илгистэн булкуйбахтаан ылар, күлүмэннэнэн кэлин атахтарын хардары-таары такытан тэбиэлэммэхтиир уонна аҥхалаат сиргэ хоммут ардах уутун таба көрөн, аа-дьуо алтахтаан тиийэн умса нөрүйэн уулуур. Сотору силтэллибит эриэн муннулаах төбөтүн биһиги диэки хайыһыннаран көрөр, «дьэ, дьон да бөҕөҕүт, үлэ сүөһүтүн аанньа мэччиппэккэлэр» диэбиттии, кэлэйбит киһилии баһын быһа илгистимэхтиир, мин санаабар, оҕус мэктиэтигэр, чыпчырынан ыларга дылы гынар, ол-бу диэки олоотоомохтоон көрүөлээмэхтиир, уһуу үүммүт сэҥийэтин түүтүттэн ып-ыраас дьэҥкир уу оҕуруо сыыйылла чоккуруур. Мөөчөс ити курдук хаста да төхтүрүйэн уулаан бүтэн баран, кыҥнайбахтаан ыла-ыла Арыылаах эбэ илин түөлбэтин ходуһатын көрдө-көрбүтүнэн тиэтэйэ-сарайа хааман дөөдөкөччүйэ турар…

Үчүгэйкээн өҥнөөх: кэлин кынаттарыгар чопчулаах, тэтэркэй чуоҕурдаах таҥара лыаҕа оҕуруот үрдүнэн тэлбээрэ көтөн бүтэй таһыгар тахсыбытын көрөн, уолаттар ону тута охсоору сырыстылар.

– Биэрэҕэ…

– Маарыйаҕа…

– Ээ, Биэ-рэҕээ… Маарыйаҕа бэҕэһээ туппуппут дии, – Баһыычааннаах Чоойун балтыларыгар дьэрэкээн лыаҕы тутаары сылгы далын диэки ойо-тэбэ тураллар.

– Бу эмиэ сылдьар… ол түстэ, сэмээр-сэмээр… – Дайыыл халба тумсунуу ньаппаллыбыт ынах этэрбэстэрдээх атахтарын атын аҕайдык дэгэйэ ылбахтаан, куска үөмэр булчуттуу, хаптаҥныы-хаптаҥныы лыахха үөмэр.

– Таҥара ылааҕа буолбатах буолбат дуо, – Харахтаах Аана талымастыыр.

– Аргыый… Долохунаһыт дии…

– Ээ, хайа долохунаһыты…

– Хата, ол сылдьар…

– Туох?..

– Хатыҥ ылааҕа…

Дайыыл хас да үрүмэччини, лыаҕы тутан Харахтаах Аанаҕа биэрэн баран, хайыы-сахха ыраатан, оол курдук, сылгы далын иһигэр турар, саас дурда оҥостон туллуктуур ампаардарын кэтэҕэр, таҥараларын лыаҕын тутаары икки ытыстарын холбуу туппутунан чэчик быыһыгар ньыкыҥнаһар, такыҥнаһар доҕотторугар, омунугар өрө көтөн ойо-ойо, кэдэйэ-кэдэйэ сүүрэр.

Куорсуна Суох тыһы доҕорун кытта Арыылаах үрэҕин уҥуор, куруҥах лабаатыгар сэргэстэһэн олороллорун көрөн, Харахтаах Аана:

– Үүт үкчү, саҥа дьылга, оскуолабыт харыйатыгар хордуоҥканы кырыйан оҥорон ыйаабыт киэргэллэрбитин санаталлар, – диир.

– Быйыл хайа да дьыллааҕар элбэх оҕоломмуттар, былырыын – түөрт, иллэрээ сыл – үс эрэ оҕолоох этилэр, – күн чаҕылхай сардаҥатыттан саатан харахтарбын симириктэтэ-симириктэтэ үрэх уҥуоргутун кыҥастаһабын.

– Быйыл алта оҕоломмуттар дии…

– Өҥ сайын кэлээри гыннаҕа, – Тороос, икки тэмэлдьигэн бэйэ-бэйэлэригэр хатыһан сардьыгынаһа-сырдьыгынаһа төбөтүн үрдүгэр кэлбиттэригэр, бүтэйин сиэрдийэтигэр кэдэччи түһэ-түһэ ытыһынан сапсыйар…

Бу олордохпутуна күөл уҥуоргутуттан, айан суолун аартыгар будьуруйа ытыллан үүммүт хойуу үөттэр, талахтар кэтэхтэриттэн, үс аттаах киһи атара сэлиинэн астаран өрө көтүөккэлэтэн киирдилэр… Ити кимнээх буолалларын мин тута биллим, аттарын эмиэ эндэппэтим, бары да дуолурҕаан таныыларын тардырҕаппыт эдэр соноҕостор. Бастакы – Балаҕаччы уола Бааска Кэлээрэп (Атыы Бааската) – кэтит түөстээх, уһун дьулугур атахтардаах тураҕас аты Чолбону мииммит. Кини кэнниттэн Киэсэ Дьохсоороп диэн Илин Кыргыдай «Чернышевскай» холкуоһун уола – умса кэлэн түһүөххэ айылаах иҥнэри уҥуохтаах, сиһигэр хам сыстыбыкка дылы чылбыччы ыаммыт истээх, сур өҥнөөх Мохсотун тэһиинин күүскэ тардан, ойоҕоһунан үҥкүүлэтэн ыла-ыла, тэпсэҥэлэппит. Үһүстэрэ, эмиэ Балаҕаччы уола, биһиги Дьыксаах Апанааспыт аллар атаһа Лэгиэнтэйэп Кууһума – хара ала өҥнөөх, олоҥхо бухатыырын атыныы сиэлэ, кутуруга арбаллыбыт, сиртэн силис тардан тирэммиккэ дылы, модьу-таҕа атахтардаах, бэрт кэтит агдалаах Чакыры мииммит, кулунчугун батыһыннарбыт саарыл биэни сэтиилэммит… Тыа саҕатынааҕы үүт күрүө бэтэрээ өттүнэн сиэллэрэн сэксэлдьитэн кэлэн, Өксөөн тэлгэһэтин бүтэйин айаҕар тохтоотулар.

Биһиги, оччону көрбүт дьон соноҕостору чугастан сыныйан сылыктаары сүүрэн мэҥилэһэн тиийдибит.

Атыы Бааската – сааһын саҥа ситэн сэриигэ барбатах уол; Киэсэ – миигин кытта араа-бараа саастаах; Кууһума – отутун ааспыт, бэйэтэ этэринии «киһини билиэҕиттэн сылгыһыттаабыт», бэрт элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх, көрдөөх-көрүдьүөстээх киһи, ол да иһин, кини кэллэ да мэлдьи, өрүү сэргэхсийии буола түһэр.

– Хайа Аана, убайгыт Ылдьаа Балаҕаччыга кэлээ олорор… Балыыһаҕа сылдьардаахпын уонна кэнсэлээрийэҕэ туохха эрэ тардыллардаахпын диэн биһигинниин кэлсибэтэ… Атын тутан биэрбиппит, арааһата киэһэлик сөпкө соҕус биллэрэ дуу… – Кууһума холкутаабыт холуннарын ыксары тардан чиҥэтэн биэрэ-биэрэ сонунун кэпсиир.

– Ылдьаа оччоҕо, Балаҕаччыга баар дуо?..

– Балаҕаччыга…

Тороос биһиги Ылдьаабыт бүгүн киэһэ өтөҕөр кэлэр сураҕын истэн улаханнык сэргээн:

– Дойдутун ол аата этэҥҥэ буллаҕа… – диир.

– Бу, туох биэтин аҕаллыгыт?..

– Харачаас анараа атыырга былдьаппыт биэтэ, – Кууһума быһаарар.

– Бу айылаах ахсым айаҥҥытыгар кулунчуктаах биэ иэдэйдэхтэрэ дии, – ол эрээри эмиэ да тириппэтэхтэрин көрөн дьиктиргиибин.

Элбэх киһи тоҕуоруспутугар тэһииркээтэҕим аатыран, ийэтин хонноҕор-быттыгар сыстаҥнаан кирийэ, саһа сатыыр чоҕулуччу көрбүт, бырдахтан көмүскэнэн будьуруйбут кылгас кутуругунан уҥа-хаҥас сытыытык дэйбиирдэнэр кулунчугу аһына одуулуубун. Харахтаах Аана кулуну имэрийээри чугаһаабытыгар, биэ оҕотуттан көҥөнөн сэтии көнтөһүн чиккэччи тарда-тарда хаһыҥыраан ылар, тартаҕар таныытын тардырҕата-тардырҕата биир сиргэ тэпсэҥэлиир…

– Ээ суох, биэлээх кулуну Улахан Үрэҥтэн, аараттан, аҕаллыбыт, бу дьон туппуттар этэ. Мин, Чакырбын сиртэн саҥа хомуммутум, аа-дьуо хаамтаран кэллим.

– Биэни хайдах туттугут?

– «Уоруйах күрүөҕэ» хаайан, – диир Киэсэ.

Эдэр уолаттар саас айааһаабыт соноҕосторун солбуһа-солбуһа өрүү миинэллэр, биһиги холкуоспут сылгыһыттарыгар наар кэлэллэр-бараллар, төттөрү-таары сыбыытаһалларын баҕас сөбүлүүр дьон.

Киэсэ соноҕоһо Мохсо ордук тириппит, саннын хаптаҕайыттан аллара хараара эриэннэнэн түспүт дьаҕыла өссө чуолкайдык көстөргө дылы буолбут. Аттар барахсаттар уйуһуйан кэлэн тута уоскуйа охсубакка, тыбыырса-тыбыырса, уһуктаах кулгаахтарын уҥа-хаҥас эрилиҥнэтэн чөрбөҥнөһөллөр; күлүмэннэнэн, бүгүлэхтээн эт-эттэрин дьигиһитэ-дьигиһитэ тэбиэлэнэн, илгистэн ылаллар: чараас, халтаҥ түүлээх сирдэрэ бүтүннүү бырдах…

* * *

Күнүс оҕолор айдааннарынан туолбут өтөх, сайыҥҥы уу нуурал киэһэ дьэ нам баран уоскуйбутун, күн барахсан чэмэлкэй сардаҥаларынан күлүмүрдүү оонньоон, кытара кыыһан арҕаа саҕах кэтэҕэр киирбитин, Арыылаах эбэ тэҥкэ тыата хара чуумпу ууга сэбэрэтин көрүнэн иһийбитин, буор сыбахтаах балаҕаннар, соҕуруу эҥээрдэрэ тураҕастыйа кэриэрбит ампаар дьиэлэр – хонуу, сыһыы үүт тураан туманыгар, түптэ унаара сыыйыллыбыт устаҕас буруотугар «көстүбэтэрбит ханнык» диэбиттии саһан, симэлийэн хаалтарын кэннэ – Ылдьаа кэллэ…

Сылгыһыт уолаттар киһибит иһэрин эрдэ кэпсээннэр, сотору кэлиэ диэн эрэх-турах, киирэ-тахса кэтэһэ сылдьыбыппыт. Өксөөн алаадьылаабыта, эбээ биһикки кус үргээн буһарбыппыт, Настааччыйа өссө ыһыахха көөнньөрүллүбүт көйөргө кымыс «олоҕо» бүппэккэ кэм да оҥоһулла турарыттан, Талыабайдартан баран тууйаска толору кутан аҕалбыта. Ыаллар кымыстыыллар эрээри, үксүн кыра ыамайдар сыппааһыны да хаалларбакка олохтуун иһэннэр, кымыс иитиитин бэрсиһии үгэс курдук.

Чоойуннаах бүгүн табыллан сылдьан, уонча маттаҥааны бултаабыттарын сүлэн, талах киэптэригэр тиирэ тэптэрэн таһааран балаҕан өһүөтүгэр ыйаталаан баран, убайдара кэлэрин кэтэһэн, остуолга тардыллыбыт аска саантыы-саантыы, дьиэттэн-дьиэ ыккардыгар сүүрэкэлэспиттэрэ…

Киэһээ аһылыктарын аһаабыт Баһылайдаах, Талыабай оҕонньордооххо сээкэйи баллыгыраһа диэн тахсан баран – Ылдьаалыын бииргэ киирэн кэлбиттэрэ. Кинилэри кытта өссө Саабынап Ыстапаан киирсибитэ…

Дьиэтиттэн тэлэһийбитэ быданнаабыт, өтөҕүттэн быралыйбыта ырааппыт Ылдьаа эргиллибитэ улахан үөрүү. Саха киһитин сэмэй майгытын сиэринэн, ордук күүскэ киһи – иһигэр үөрэр, ону сүргэ сүр күүскэ көтөҕүллэн сирэй-харах өрөйбүтэ-чөрөйбүтэ эрэ туоһулуур. Улахан үөрүү иэйиитин таска таһааран солуута суох сарахачыйыы – биһиги дьиэ иһинээҕилэр майгыбыт буолбатах. Барыта лоп бааччы, сэмэй, холку, истиҥ, наҕыл быһыы-майгы…

Сэмээр, аалан ыалдьар ыарыылаах киһи быһыытынан Ылдьаа сирэйэ-хараҕа мөлтөҕө, алларыйбыта, ылларбыта харахха тута быраҕыллара. Эбээ уола киирэн кэлбитигэр саба кууһан биирдэ эпсэри сыллаан ылбыта уонна күөһүн хоторо баран иһэн, сиидэс былаатын уһугунан харахтарын соттубута, ити кэннэ Ылдьаатын кытта бэрт холкутук, биһигини кытары күннээҕини ыаһахтаһарыныы судургутук сээкэйи ыйыталаһан кэпсэппитэ…

* * *

Ылдьаа кэллэ-кэлээт холкуоһугар сээкэй кыра иирбэҕэ-таарбаҕа үлэни үлэлээбитинэн барда…

Кэргэнэ Огдооччуйа Дьэримиэй оҕонньордооххо дьуккаах тахсыбытын, Сэксэкэ Сэмэнтэн ыарахан буолбутун эрдэ истибит этэ. Кэлбит күнүн нөҥүөтүгэр, мин дьиктиргиэм иһин, Огдооччуйатын төттөрү көһөрөн киллэрбитэ. Кэргэнин таптыыра бэрдэ быһыылааҕа, туох да диэн ордук хоһу саҥарбытын кэлин да отой истибэтэҕим. Сэриигэ барыан иннинэ хайдах олорбуттарай да ол курдук олордулар. Сэксэкэни да кытта сыһыаннара уруккутун курдук…

Ылдьаа улаханнык баалатан ыалдьарын, мин бэйэм илэ харахпынан көрөн салынным. Күн аайы ырбаахытын устан, уҥа бүөрүн туһаайыытынан, быттыгын үрдүнэн тэһэ сиэн тахсыбыт, ылгын чыҥыйанан тэһэ аспыкка дылы чөҥөрүйбүт үүтүнэн – чөлкүрэҥи, хааннаах ириҥэни ыгар. Хайдах тулуйан сылдьарын бэркиһээн, сөҕөбүн эрэ. Тас көрүҥэр санаата түспүт быһыыта биллибэт, наар үөрэ-көтө хас күнүн кээрэтэр. Бааһын, дьиэҕэ ким да суох кэмигэр, үксүн бэйэтэ ыктар. Сороҕор кэргэнэ көмөлөһөр, Огдооччуйа кэргэнин бааһын ыраастаан, сууйан-сотон баран, арыт-ардыгар, кистээн ытыыр…

Баһыычаан аҕата кэлэн – күнэ таҕыста. Хайыы-сах бэйэтигэр уонна Чоойуҥҥа саҥа чаачар саа оҥорторо оҕуста, ону кытары бэрт тупсаҕай ойуулаах, оһуордаах таймалаах, биэс кырыылаах өртүбүөй оҥоһуллан остуол үрдүгэр дьиэрэҥкэйдии, тэлэкэчийэ оонньоото. Баһыычаан доҕотторугар:

– Аҕам кэллэ уонна аны кини дьиэтиттэн хаһан да, ханна да барбат… – диэн кэпсиир. Мин ону истэн, кыра уолу олус диэн аһынан уонна Ылдьаа улаханнык ыалдьарын санаан уйадыйан хараҕым ууланар… Хаарыан, этэҥҥэ чэгиэн-чэбдик сылдьыах дьоммутун, хара кырыыстаах сэрии – киһи аҥаардара, сэмнэхтэрэ оҥортообута абатын…

…Ыппыт оҕото Чоҕулук эмискэ улаатта, биир кэм мөкүнүйэн хаалла. Маҥнай утаа, саҥа иччитин Ылдьааны атыҥыраан, боотурҕаан баран, бэрт түргэнник үөрэнэн, кэлин тула-мала түһэн эккэлииртэн соло булбат. Уолаттар Чоҕулугу борсоон аһаталлар, бултаабыт кутуйахтарынан, күтэрдэринэн, күрдьүгэстэринэн наар кыра ыты аҥаардастыы хатаҕалыыллар. Биэрэ олус үлбүрүйэрин иһин ыт оҕото кыыһы көрдөр эрэ куотан хаалар. Ол иһин Биэрэ «тииҥ мэйии» албаһырар, аһынан манчыыктаан, түөкэйдээн дьиэҕэ эбэтэр балаҕаҥҥа киллэрэн баран тутар уонна ыбылы кууһан олорон таптыыр: муннун ытын сииктээх хара муннугар үҥүлүтэр, атахтарын эр-биир илиитигэр тутан «дорооболоһорго» үөрэтэр. Онтон да атын араас саарыыра үгүс.

Кыраһа дөрүн-дөрүн, үгэһинэн кус, куобах тутан аҕалар. Мээнэ онно-манна кэлбэт-барбат, сааһыран эрэр ыт сиэринэн үксүн, тиэргэнигэр хайа эрэ күлүк сири булан, уһун күнү быһа утуйан буккуруур. Арай Маанчык баар, киһи хараҕар сэдэхтик көстөр ыт, болдьообут курдук биир кэмҥэ кэлэн аһаан барар. Ардыгыр ааһар айанньыты батыһан, хайа эмит хаамаайы ыттыын булсан Балаҕаччыга кытары тиийэ сылдьар сураҕа иһиллэр.

Ньаалаҕай сүүллээн түһэн турар кэмэ буолан ынахтарбыт ыраата барбаттар, эбэлэригэр дээдэҥнэһэн киирэн сөлөгөйдөөх күөх оту симинэ охсон тахсаат, түптэлэригэр кэлэн сытынан баран, бырдахтанан ньылаҥнаһа-ньылаҥнаһа, били, ситэ мэлийбэтэх отторун хат илдьиритэн биир кэм кэбинэн ньоймоҥноһоллор. Кэлиҥҥи кэмҥэ үүттэрэ лаппа эбилиннэ.

Ньирэйдэрбит ыаллар томуйахтарыныын бары бииргэ, киэҥ быыс бүтэй иһигэр хааллан тураллар, чукаалаах түптэ тула сырсыакалаһаллар, саҥа болчойо үүнэн эрэр өҥүргэс муостара кыһыйан харса суох харсан хабытайданаллар…

Биһиги күннэтэ тыаҕа тахсан амынньыар хомуйан ситии быанан олбуйа тардан сүгэн киирэбит. Итиитэ бэрт буолан ампаар дьиэ оһоҕо оттуллубат. Кураан күн таска, тиэргэҥҥэ кулуһуннанабыт. Онон амынньыар, абырҕал хомуйуута биир сүрүн үлэбит. Уһуннук олоотоҕуна, ардах түөһүөх чинчилэннэҕинэ, хас да хонук оттуллар маһы балаҕан иһигэр өрөһөлүү кыстаан кээһэбит. Халыҥ даҥнаах, собо хатырыгыныы хардарыылаах саҥа хатырык сарайдаах сайыҥҥы дьиэбит дохсун да ардахха тэстибэт. Сирэй оһоҕу тигинэччи оттон ас-үөл буһара-буһара, чэй оргута-оргута, халҕаны тэлэччи аһан баран, ып-ыраастык сиппиллибит, чөрү-чөкөччү хомуллубут балаҕаммыт иһигэр, кубус-кураанахха олорон, самыыр түһэрин көрө-көрө, ардах курулас тыаһын истэ-истэ, арааһы сэһэргэһэр, остуоруйалаһар, таабырыннаһар – туһугар эмиэ кэтэһиилээх, күүтүүлээх түгэн…

Чугастааҕы, дьиэ таһынааҕы хаппыт маһы, куруҥаҕы чордоон бүтэрэннэр, сорох дьон аанаан-минээн тыаҕа тахсан, үлэ оҥостон үөл тиит хатырыгын эттиин хастыы охсон, оттук ганаары моойдоон кэбиһэллэр. Саас хаардаахха моойдоммут мас күһүнүгэр тиийэн куура хатар.

Холкуоспут суотчута, эбээ кыыһа Тыккыр Маарыйа – Халбаакы киһитэ Мүөт Бүөтүр уола Уйбаныап Ньукулай диэҥҥэ кэргэн тахсан Арҕаа Кыргыдайга «Социализм суола» холкуоска көһөн хаалла. Күтүөт – учуутал идэлээх. Аҕата Мүөт оҕонньор сайын Муосталаахха балыктыы сылдьан, сааһын тухары сэллик быһа сиэбит, эмпит киһитэ, эмискэ хаана тоҕо баран өлбүтүн, онно, эбэ халдьыыйытыгар харайбыттар. Саҥа суотчутунан Сонтуок уола Дьөгүөрэп Сэмэн диэн киһи ананна…

Бөтүрүөп таҥара күнүн иннинэ чачыгырас чаҕылҕаннаах, сүллэр этиҥнээх дохсун ардахтар түһүтэлээтилэр. Тыаллах-куустаах, ол эрэн түүннэри ип-ичигэс салгыннаах, бүркүк туман суорҕаннаах түүннэр сатыылаатылар. От-мас муҥутуу ситтэ: кута сиэлэ бөтө хойдон кутаҥныы оонньоото, кулун кутуруга бастанна, чоокура от төбөтө кыаһааннана кытарда, халба дабыдалын хайыата хайа ыстанан хаар кыыдааныныы ыһылынна, кылыс от кылаана кыймыыланна – ходуһаҕа киирэн хоннох аһыллан хотоойулаахтык от оттуур хонуктар хотоһон кэллилэр; саха киһитэ санаата сайан туран сайыҥҥы күөх илгэни үлүмнэһэ сомсор үтүө күннэрэ үтүрүһэ-үтүрүһэ үүнэн таҕыстылар…

Өй-санаа, эт-хаан өттүнэн чэгиэн-чэбдик киһиэхэ, от үлэтэ барахсан күүтүүлээх, ахтылҕаннаах да үлэ буоллаҕа. Үүнүүлээх ходуһаҕа киирэн күлэ-үөрэ, ис-искиттэн имэҥирэн туран оттоон үлүмнэһэ сылдьар диэн, саха киһитигэр кэтэһиилээх биир кэрэ кэм.

Быйыл кэҕэ Борокуоппайап чугаһыар диэри эттэ, онон кырдьаҕастар кураан сайын буолуоҕун сылыктыыллар. Кыһын көмнөх хойуута сүрдээҕэ, ол да сиэринэн сайын от хото, өлгөмнүк үүннэ…

* * *

Сайыҥҥы от үлэтин былдьаһыктаах күннэрэ бииртэн-биир, илим хотоҕоһунуу субуллан, биллибэккэ да аастылар.

Быйыл биһиги Арыылаахха уонна Одуҥдаҕа оттоотубут. Сайыны быһа сүнньүнэн сэттиэ буолан сырыттыбыт: Улахан Баһылай, Кыра Баһылай, Ылдьаа, Огдооччуйа, Настаа, мин уонна, били, бурдук хомууругар Мундулуҥдаҕа билсибит дьүөгэм, Килээҥкий кыыһа Ааната.

Арыылаахха – дьиэбититтэн, Одуҥдаҕа – үрдүттэн сытан үлэлээтибит.

Олорор эбэбит арыытын айылҕата, ото-маһа – ким да тыыппат, кэрдибэт буолан, лөглөйөн хойуута сүрдээх: оттуу сылдьан арыы лиҥкинэспит тииттэрдээх үрдүк кырдалын томтойор саалыгар сүүрэн тахсан, ыраах көстөр тыаны, Чоҥоро хайатын, дэриэбинэни одуулаһар – бэйэтэ туспа, ураты дьикти кэрэмэн көстүү. Баҕардыбыт да тыынан тахсан арыыга дьаарбайабыт, сир астыыбыт…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации