Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 11


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 11 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Саҥа ситэн-хотон эрэр оҕо киһиэхэ – ый буолуохтааҕар, хонук да улахан суолтаны ылар, мин маҥнай окко киирдэхпит утаата, эппин наһаа «үөрэтэн» кээһэн улаханнык көһүйэ сылдьан баран, кэлин иэмэх талахтыы имиллэн, эт-этим кииллийэ кытаатан, этэргэ дылы «сиһим этэ ситэн, холум этэ хойдон», от охсуутугар эр дьонтон, убайдарбыттан харыс да хаалсыбакка тэҥҥэ сырыттым. Баҕар ол, үрдүк айыылартан хара үлэҕэ ананан айыллыбыт ыйааҕым буолан гынан эрдэҕэ… Кыыс оҕо эрэ барыта от охсуутун курдук «күүһү-күдэҕи эһэр, сыраны-сылбаны быһар» күүс үлэтин кыайбат. Охсууга – аҥаардас тура күүс-уох, сыра, туппут илиини ыһыктыбат ньоҕой майгы, хадаар хаан быһаарар буолбатах. Оту кыайа-хото, чахчы хотоойулаахтык охсуу – айылҕаттан айдарыллыы, туох да омуна суох, сэдэх эрэ баһылыыр ураты идэтэ, дьарыга. Дьүөгэм Килээҥкий Ааната, сүнньүнэн, аҥаардас охсууга сырытта, сүрдээх кыайыгас-хотугас, хоһуун үлэһит кыыс.

Сайын, Илдьиин таҥара күнүн иннинэ уонна Иккис, Үһүс Ыспааһаптарга эрэ улаханнык ардаталаата. Быстах-остох самыыр үгүстүк түһэн от үлэтин атахтаабата. Халлаан ардаатаҕына – биирдэ, уһуннук ыанньыйан, олохтоон-сиэрдээн кэлэн уһуннук түһэр, оттон аһынна да куйааран төһө эмэ өр, сирин-уотун лоһугуратан, отун-маһын сааҕыначчы куурдан турар. Онон от үлэтин кыаҕа эрдэ ылыллан, урут оттоммотох адаал сирдээх ходуһалар кытта охсулуннулар.

Одуҥдаҕа, бүтэһик хас да оппутун «хаар бэргэһэлэнэн» баран биирдэ кээһэн бүтэрдибит.

От үлэтин курдук киһи этин-хаанын, өйүн-санаатын чэбдигирдэр ама хайа үлэ баар үһүө. Күһүнүгэр тиийэн отой, эт-этиҥ кыдьыгыран, кычыгыланан, биир кэм өрө экчэҥкэлии, ойо-тэбэ сылдьар буолан хаалаҕын, хайа да хара үлэни ис-искиттэн баҕаран туран хабытайданан бэрт түргэнник бүтэрэ-оһоро охсон иһэҕин. Оҕолор да буолан буолуо – туох эмэ үлэни соруйдулар, ыйдылар да наар сүүрүүнэн түһүнүү, атаранан ойуу, сонно сабыта тутуу, атын аҕай халыкынайыы, туттуу-хаптыы тиэтэлэ-ыксала…

Сэмэнэп таҥара күнүн кэннэ хотуттан хаас хойуутук айаннаата. Дьон үксэ да оттоон бүттүлэр. Бурдук ситээтин, туорааҕа тохтуон иннинэ өрүсүһэн, от биригээдэлэриттэн биирдии, иккилии киһини хомуйан, бэрт түргэнник быһа охсубуттара. Огдооччуйа бурдук кылааттаһа сылдьан араҥас эргинэтиттэн халты тэбинэн охтон, иһин доргутан моһуогура сырытта. Аҕыс ыйын ааспыттаах, тэри-тэскэҕэр истээх дьахтар, хайа да үлэҕэ биир кэм хачыгырайан олорор. Огдооччуйа: «Оҕом мөхсүбэт буолан хаалла…», – диэн хас да хонукка туруох-олоруох сирин булбакка ыксаабыта, онтубут, «кырабыт» хата биир күн хат «бүллүгүрүү тэбиэлэнэн» дьиэ иһинээҕилэри барыбытын үөрдүбүтэ. «Түөкүн киһини куттаан, дьэ бэйиккэй…», – диэн Ылдьаа ис иһигэр сылдьар оҕону мөҕүттэн ийэтин сонньуппута.

Баһылайдаах, ыраах ыырдарыгар айаннаары сылдьар, уойан нэмэнирбит куһу мэнээк бултууллар; эбэбит собото иһэ мэскэччи өл, миинэ хамыйаҕынан халбыллар хоргун. Туу мундута, күөнэҕэ да дэлэй, били, этэргэ дылы «күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн…» диэбиттии ас-үөл дэлэй кэмэ.

От үлэтэ бүппүтүн кэннэ Кыра Баһылай, Лөөксөөр оҕонньор уола Дөйүө Дьөгүөрдүүн Дьабарахаан Бэрэтин үрэҕиттэн, налыы иһигэр талахтаан сиэн омугулдьута сылдьар тыһы тайаҕы ыкка үрдэрэн бултаатылар…

Баһылайдаах кыылы бултаабыттара аҕыйах хоммутун кэннэ, биир күн, аны Сахаарка – Арыылаах уҥуор, биһиги Маанчыкпыт, Күртэ Хабырыыллаах ыттара Кыыстаралыын, тыһы доҕор көрдөөн хаамаайылаан кэлбит биэстээх атыыр тайаҕы үрбүттэрин, туох ааттааҕы кыайдылар диэн дьиктиргээн тахсан баран, сонно охторон кэллэ.

Кыраһаны уонна хайыы-сахха обургу буолбут, били, ыамайдар борсоон, хадаҕалаан аһатаннар мөдөөннүк мөөһөрүйбүт бэйэтэ улаатан, сүүрэн-көтөн ыанан ньылбыйбыт Биэрэ ытын Чоҕулугу – табаһыт уолаттар, дьиэ сүөһүтүн буулаабыт эһэни үрдэрээри уларсан барбыттара. Кыраһа кэннэ эһэҕэ барар ыт өтөхпүтүгэр суох…

Сахаарка улахан булду бултаан үөрбүтэ сүрдээх. Кыылын охтороот да быһа биһиэхэ кэлбит, ааны арыйан киирээт:

– Баһылай баар дуо? – диэн ыйыта оҕуста.

Сибилигин эбэттэн кус ытан тахсан баран, быыс кэннигэр оронугар кэтэх тардыстан нуктуу сыппыт Кыра Баһылай, тастан тэлэмээттэнэн киирбит уол, туох эрэ, бэрт сэргэх сонуннаах көтөн түспүтүн сэрэйэ охсон ойон турда:

– Хайа, ити айылаах тугу үрбүттэрий? – тута токкоолосто. Маанчык сиэгэни, үүһү маска таһаардаҕына, ардыгар, уһун күнү быһа, кыылы хаайбыт, туруорбут ыттыы дьаныһан үрэр үгэстээх, ол иһин тугу үрбүтэ биллибэтэ.

– Тайаҕы… – Сахаарка биир уостаах субуйааҥкы саатын, омунугар буолан, сиэр быһыытынан таска хаалларбакка тутан киирбитин аан чанчыгар өйөннөрө уураат, ыксал-тиэтэл бөҕөнөн ойон-тэбэн кэлбит киһи утатан – остуолга турар чаанньыгы тутааҕыттан ылан иҥнэрэн иҥсэлээхтик ыйырбахтыыр, куолайын нөмөгөйө бир кэм култарыҥныыр.

– Бултуйбут дуу… арааһата… – Настааччыйа алтан солуурчахха уурбут үүтэ кыынньан тахсан үрүҥ күүгэнинэн үллүбүтүн умса нөрүйэн үрэ-үрэ, ырбаахытын эҥэлэйинэн кытыыга тарда туран, Сахаарканы уорбалаабыттыы, тургуппуттуу одуулаһар.

– Арааһата адаарыппыт быһыылаах, сирэй-харах мааны, – Кыра Баһылай оронун атаҕар өйөннөрө уурталаабыт тирэҥсэ этэрбэстэрин, сып-сап атахтарыгар анньыталаан, ыксары тардан быаларын баайталыыр.

– Ыттар барахсаттар бэркэ да хаайан турдулар, отой субу ыкса киирэн бараммын, били эн биэрбит эрэдэһиннээх сүнньүөххүнэн биирдэ эрэ ытан кэбистим. Иккис сүнньүөхпүн уктан халыкынайа турдахпына, сүүрбэччэ хаамыыны барда дуу, суох дуу, сонно сууллан күр гына түстэ…

– Көр эрэ, эр бэрдэ… Эһиги Сахаарканан оонньоомоҥ, отунан-маһынан оонньооҥ… Киһи баара холлуо дуо… Ыа-а ытаһа киһи буоллаҕа… Уол оҕото… Иһин да тыыра тардыбакка сүүрэн кэллиҥ ини?..

– Һуох… Дьэ барыахха… Сатыыр, үөрүйэх дьон эһиги астыыргытын-үөллүүргүтүн көрүллүө, сорох бэл сүөһү өлөрүүтүгэр илии-атах эрэ буолуллааччы…

– Хайа нохоо, ол кыылыҥ өллө ини?.. Үөрүүгэр, омуҥҥар буолаҥҥын сууллары ытаат да ыксаан кэлбитиҥ кэннэ, туран баран хаалбыт, суола сойбут кыылга илдьэн кураанаҕы куустараайаҕын, били, мин атастарым Бадьыыс Ньукулай икки Сөдүөтэп Миитэрэй курдук, – диэн Кыра Баһылай урукку үөлээннэхтэрин көрүдьүөс сырыыларын ахтар.

– Эс… муоһун тутан, арҕаһын туппахтаан баран кэллим…

– Ол аата атыыр тайах буоллаҕа? – быдараахха күөрчэх ытыйа туран булду чуолкайдыыбын.

– Биэстээх… Биэстээҕи лөкөй да диэххэ сөп буоллаҕа…

Биэрэлээх Маарыйаҕа кыынньыбыт үүт итир-татыр үрүмэтин хамыйаҕынан халбыйан ылан тэҥ гына үллэрэн биэрэбин. Оҕолор үрүмэлэрин бэрт минньигэстик ньэлибирэтэн кээһэллэр. Бэйэм буоллаҕына тымтыкка ыйаммыт хаппыт үрүмэттэн хайа тардан ылан сиэн хачыгыратабын.

Сахааркаҕа Байанайа мичик гынан улахан булду өлүүлээбититтэн сүргэтэ көтөҕүллэн сэк курдук үөрбүт Кыра Баһылай чохоолго дьэс алтан чаанньыгы иҥнэрэн, саҥа кээһиллибит хоп-хойуу чэриинэн, чөчөгөйүнэн тумалаан чэй кутта-кутта:

– Бэйи, өссө биирдэ үчүгэйдик ньир-ньар чэйдээн баран барыахха, өлбүт кыыл ханна да куотуо суоҕа… Ыттарыҥ хааллылар ини?..

– Хаалан.

– Бултарыттан дэлэҕэ араҕан, – диир Настааччыйа.

– Хата ырааҕа суох сиргэ, дьиэ таһыгар охторбуккун… Көлөлөммөт инибит, бу ыккардыгар сүгэн да таһыахпыт… Куска үөмэ сырыттахпына үрэллэр этэ ээ. Ити ыт, үнүр, Ойуун Тумуһаҕын кэриитигэр уһун түүнү быһа дьаныһан маргыйбытыгар сарсыарда барбытым, били, «ойуун эрийбит» эриллэҕэс маһын таһыгар, синньигэс титириккэ солоҥдону таһааран олорор этэ… Эбэҕэ сылдьан истибитим ээ, саҥаларын… Манна тахсыбыппар, Аана эйигин күөл уҥуор ыттар үрэллэригэр барда диэбитэ. Сүнньүөх, харчыас хааччыммакка киирбит киһи тугун быһа түһүөмүй…

– Барсабын дуо мин? – диэн ыйытабын.

– Саатар эрэ, элбэх буолан баран биирдэ сүгэн кэлиэхпит, – Сахаарка сөбүлэһэ охсор.

Кыра Баһылай, Сахаарка, Сартаанай уола Дайыыл, бэтэринээр Маппый, Ньукулаайап Уоһук, Мичээр Баһылай, мин уонна оскуолаҕа үөрэнэр обургу уолаттардыын тиийэн, Сахаар бултаабыт биэстээх атыыр тайаҕын сүлэн, үөрэҕэстээн баран, сынньана-сынньана бүүс бүтүннүү биирдэ лөглөччү сүгэн аҕаллыбыт. Арай муоһа, тириитэ уонна түөрт туйаҕа эрэ хаалла. Ону да сарсын Сахаар хомунуох буолла.

Тыһытын булан хааһа илик лөкөй эмиһэ сүрдээх. Түүтэ-өҥө тупсан, арыынан-сыанан аҕаабыкка дылы астыктык кылааннанан, килбэчийэн; муостарын маска-окко ыаһаан сытылаабыта үҥүү-өргөс төбөлөнөн кылбайан, атыыр аарымата – ыас хара тыстаах дырайбыт уһун атахтарын тыыллыы тэбэн үллэн сытара, ама хайа киһи, ордук уол оҕо хараҕын астыннарбатаҕа, кутун долгуппатаҕа баарай…

Улахан булт, ардыгар, хас да «ханыылаах, аргыстаах» буолар – аны табаһыттар, Ньукулаччаан оҕонньордоох Чачаҥда эбэттэн Кыраһалаахха үрдэрэн эһэ бултаан табаҕа ырдан аҕаллылар. Эсэһит ыт диэн туспа айылгылаах ыт. Ойуурдааҕы – тиистиир эрэ ыкка тохтуур. Тайаҕы үрэрдии күөйэ түһэн аҥаардастыы, наар тула көтө сылдьан үрэр ыкка турбат. Харса суох, эрдээх ыт тыатааҕыны борбуйдаан дэлби кыынньыыр, оччоҕо эһэ киҥэ-наара холлон, хаана хойдон ыты тута сатыыр, сылбырҕа ыт таба оҕустарбакка кыылы биир сиргэ туруоран, уҥа-хаҥас эргичиҥнэтэн тохтотор, ол кэмҥэ булчут нэмин көрөн, сэмээр үөмэн кэлэн булдун ытар.

Былыр, саа-сэп үөдүйэ илигинэ, дьон чулуулара, сыыйыылара тыатааҕыны тайыыга түһэрэн бултуулларын саҕана, сыыһа-халты туттуу түбэлтэтигэр, эрдээх ыттар иччилэрин өлөр өлүү айаҕыттан быыһаабыт түбэлтэлэрэ үгүс. Дэлэҕэ «куһаҕан киһитээҕэр үчүгэй ыт ордук» диэн өс хоһооно үөскүө дуо.

Кыра да булт буоллун, улахан да булт буоллун – Айдаҥ ыаллара бары уос-тиис үллэстэн аһыыбыт. Ньукулаччаан оҕонньор «амсайыыга» диэн ойуурдааҕы этин бэрсибитин буһаран баран: «Куук!.. Хоок!..», – дэһэн, ким хайа сатыырынан суордуу хоҥсуотуу-хоҥсуотуу сиэтибит. Арай эбээ эрэ төрүт амсайбат да аһа уонна хат киһибит Огдооччуйа чугаһаабата. Оһоҕостоох дьахтар тыатааҕы этин сиирэ былыр-былыргыттан бобуллар. Эһэ этин сиэтэҕинэ оҕото кырыктаах, киҥнээх буолар диэн ысталы даҕаны ирээттээбэттэр.

Табаһыт Ньукулаччаан – эдэр эрдэҕиттэн баай хара тыа адьарҕатын бултуур, бэйэтэ туспа оҥоһуулаах, айылгылаах байанайдаах булчут. Өлөрбүт кыылын астааһына кытары, киһи эрэ дьиктиргиэх, ураты сиэрдээх-туомнаах эбит. Кырдьаҕас киһи кэпсиирин биһиги оҕолор мэлдьи сэргээн, сэҥээрэн истэбит…

Аар тайҕа анаҕастаах кыылларыттан өбүгэлэрбит ордук эһэни өрө тутан аатырдаллара. Ойуурдааҕы киһи саҥатын өйдүүр, олус чуор, оннооҕор кыһын, хара тыа хайа эрэ хонноҕор-быттыгар кыстыы, утуйа сытан – дьон кини туһунан тугу үөтэллэрин төһөөн истэрэ үһү диэн – ылбычча, бас-баттах, халы-мааргы айахтатартан туттуналлара, дьаарханаллара. Ол иһин, бэл аатын харыстаан мэлдьи – тыатааҕы, ойуурдааҕы, оҕонньор, кырдьаҕас, мэппэрдээн, тыа тойоно диэн ханарытан ааттыыллар. Дьиҥэр, отой түҥ былыр эһэни – хадьырҕай дииллэрэ эбитэ үһү. Кэлин, олус ытыгылааннар, күөлү эбэ дииллэрин кэриэтэ, эһэ диир буолбуттар. Онтубут кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайытын бэйэтэ туспа «иччилэнэн хаалан», атын харыс тылларынан солбуйбуттар.

Булчуттар тыатааҕыны бултуулларыгар туспа, ураты үгэһи тутуһаллар. Хаһан да утуйа сыттаҕына өмүтүннэрэн: өтөрү түһэн, тобулу ытан өлөрбөттөр, хайаан да булгуччу уһугуннараллар. Эһэ утуйа сытар киһини тыыппата үһү диэн кэпсииллэр. Бэл Балаҕат Баалатыгар олорбут, Арбаҥда Ааҥнааҕа диэн кырыгынан, таһыырынан аатырбыт Бүлүү баайа – хамначчыта утуйа сытар түбэлтэтигэр, төһө да икки хараҕын үүтэ бүөлэниэр диэри иннин-кэннин билбэт буола бабыгыраан киирдэр, киһи түлүк уутун аймаан, уһугуннаран, ыган-түүрэн барбата үһү. Онон тыатааҕылыын, бэл аҥаардастыы айбардыыр уордаах, баламат баайдыын кытта – утуйа сытары «түүрэйдиири» улаханнык аньыыргыыллар эбит. Киһи кырдьаҕастартан эҥин-эгэлгэ дьиктини, арааһы бары истэр, билэр-көрөр…

Өбүгэлэрбит барахсаттар үгүс элбэх үһүйээннэригэр, номохторугар кэпсэнэринэн, быдан былыр, эһэ – киһи эбитэ үһү. Чахчыта да, сүлүллүбүт ойуурдааҕы үүт-үкчү сыгынньах дьахтар нанайа сытарын курдук буолар. Төһө да остуоруйа буолан омуннаммыттарын иһин итинник үһүйээннэр оҕо дьону улаҕалаах өйдөөх-санаалаах, сиэрдээх быһыылаах-майгылаах буола улааталларыгар улахан суолталаахтар… Биир номоххо маннык кэпсэнэр: арай биирдэ ини-бии булчут уолаттар тыһы тыатааҕыны бултаабыттар. Сүлэн баран көрбүттэрэ табаҕайын салаатыгар – биһилэхтээх, оттон атахтарыгар – өрдөөҕүтэ тыаҕа мунан уҥуох-тирии сүппүт балтыларын бөҕөхтөрө иилиллэ сылдьаллара эбитэ үһү.

Ньукулаччаан оҕонньор: «Урут, тыатааҕыны бултаатахтарына, төһө да бадьыыстааҕын иһин, аҥаардастыы биир өттүнэн сыллараҥнааччылар, сүөһүлүү икки эҥээринэн тэлэкэлээтэхтэринэ, итэҕэл быһыытынан, аныгыскы сырыыга, кыыл булчуту уҥа-хаҥас таптаабытынан тунайдыыр үһү диэн дьаарханааччылар, ол бэйэтэ аны билигин хайа баҕарар эргитэ сылдьан «хастыыр» буоллулар…», – диир. Ойуурдааҕыны хаҥас өттүгэр көнтөрүк дэһэллэр. Ол иһин булчуттар былыр хас да буолан тайыынан, үҥүүнэн бултуулларыгар, наар соххор өттүнэн кэчэһиннэрэ киирэн супту түһэ сатыыллара эбитэ үһү.

Кырдьаҕастар ойуурдааҕыны астыылларыгар кытта харыс тыллары тутталлар, ол курдук: төбөтүн – харанньыта, тылын – амсайара, хараҕын – кылатара, кулгааҕын – иһиллиирэ, тириитин – үллүгэ, быарын – харата, үөһүн – аһыыта, очоҕоһун – кыймата, муннун – сытыргыыра, түөһүн – түһүлгэтэ, ханнын – кыһыла дииллэр.

Биһиги эргин – тыатааҕы кыыһырбатын, өстүйбэтин диэн, бултаат да сүрэҕин хостоон таһааран, кыра кырбаһы суордуу хоҥсуотуу-хоҥсуотуу ыйыстан кэбиһэллэр. Уҥуоҕун араҥастыыллар, төбөтүн тииккэ ыйыыллар. Өтөхтөр саҕаларыгар саһарчы барбыт тыатааҕы чөмчөкөтүн уҥуоҕун киһи мэлдьи түбэһэ көрөр, ону ким да тыыппат, үгүс сыллар тухары, уолбут көмүскэлэринэн салгыбакка чөҥөрүччү одуулаан, «сир буруота» буолан тураллар.

Тыатааҕы этин-сиинин дьайар күүһэ араас. Баппаҕайын – ымыы буоллун диэн оҕо биһигин үрдүгэр ыйыыллар, искэҥҥэ, бааска тутталлар. Сорох, оҕолоругар өлүүлээх, оҕо турбат ыала – кыра киһи түһээтин кытта «кырдьаҕас» тириитигэр суулууллар, «эһэччээн» диэн «муннаран» ааттыыллар, оччоҕо абааһы сиэбэтэ үһү. Тыатааҕы сыата үлүйүүгэ олус туһалаах (ол эрээри киһи «ылынар» айылгыта араас: сорохтор үлүйбүккэ, иһэлийбиккэ, наар, бэлиэлээх мэйиитин тутталлар), илбийэн эмтииллэригэр туһаналлар. Оттон эһэ үөһүн абыралын туһунан киһи кэпсии да барбат, ол кимиэхэ да сонун буолбатах; үөс – үөһэттэн айдарыылаах отоһут ураты тылынан-өһүнэн «иитилиннэҕинэ», арыт-ардыгар, өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнэнэр улахан эмп…

Куһаҕан тыыны дьиэҕэ-уокка киллэрбэт албас олус элбэх. Сорох дьахталлар саас буоллар эрэ, сүөһү төрүөҕүн иннинэ, тарбыйах абааһытын куттаары, үтэйээри хотон иһигэр хомус тардар үгэстээхтэр. Хайаан да хотон иччитин аһаталлар. Хотон иччитэ Ньаадьы (Ньаадьы Ньаҥхалыын) диэн. Кини кып-кыра дьахтар буолан көстөрө үһү. Хотоҥҥо Ньаадьыны олохсутаары кыра тууйаска ынах түүтүнэн уйа оҥороллор. Ньаадьы ынах айыыһытыттан Мылахсынтан төрүттээх.

* * *

Огдооччуйа: «Арааһата, чугаһаатым быһыылаах…», – диэн дьахтар киһи сиэринэн бэйэтин сибикилэнэн уонна биэлсэр кыыс кэлэ сылдьан сүбэлээбитин хоту, биир күн ат миинэн, кэргэнэ Ылдьаалыын Балаҕаччылаата. Туун дьахтар оҕолоноругар хаһан баҕарар ордук долгуйар…

Өр-өтөр буолбата, болдьообут курдук Исийээнэп таҥара күн, Өксөөн кэлэн Огдооччуйа уолламмытын, бэйэтэ этэҥҥэтин туһунан бэрт үтүө сонуну кэпсээн дьиэ иһинээҕилэри барыбытын үөртэ. Кыра уол байах баҕайы үһү диэн буолла.

Эбээ ампаарыттан оҕолоро бары сыппыт көмүс бээгэй уйаларын хатыҥ биһиги киллэрэн сотто, сүнньүгэ иилиллэр гына быалаан оҥордо-тутта. Аҕыйах хоноот, Огдооччуйа баччаҕа кэллиннэр диэн илдьиттээбитигэр, Ылдьаа холкуоспут сымнаҕас атын Үргэли миинэн, Мытыйыс оҕонньор бороҥ өҥнөөх эрээри, тоҕо эрэ, Хараарыс диэн ааттаах атын уларсан сэтиилэнэн Балаҕаччылаата.

Өксөөннөөх аҕалара Кудугуй Борокуоппай иэҕэн оҥорбут хайа сахтааҕы хатыҥ биһигэ, Балаҕаччыга «биэлсэр пууна» тэриллиэҕиттэн элбэх оҕону бэйэтигэр бигээн, биэтэҥнэтэн аҕалбыт ытык-мааны мал. Балаҕаччыттан оҕо аҕалаары гыммыт эрэ: «Эмээхсиннээх биһиктэрин уларсан илдьэ барыахха», – дэһэллэр.

Огдооччуйа «быыһаммыта» лоп бааччы сэттис хонугун киэһэтигэр, Ылдьаа уолун биһиккэ сүгэн, кыра киһини аҕалан кэллилэр. Сөрүүн буолан оһохпутун оттон тоһуйдубут. Өксөөн утары тахсан биһиктээх оҕону дьиэҕэ көтөҕөн киллэрэн баран, сүүһүгэр хоруо биһэн тордоон бэлиэтээтэ. Онтон оргууй, сэрэнэн ороҥҥо ууран, суутун арыйан өрө көтөҕөн таһаарда. Оҕо – кып-кыһыл, бып-быытыкаа мытталлыбыт сирэйдээх, сыбыс-сыгынньах, арай төбөтүгэр бороҥ табысхаан тириититтэн тигиллибит бэргэһэлээх эрэ.

– Көрүүй Биэрэ!.. – Өксөөн уу кыһыл уолу Биэрэ үрдүгэр аҕалан тэйгэтэр…

Аҕата оҥорон биэрбит хатыҥ хамыйаҕынан удьурҕай кытыйаҕа ытыллыбыт күөрчэҕи байым соҕустук баһан, эбиитин хаппыт лэппиэскэни ууга уган сиигирдэн баран сиэн ньомуҥната олорбут биһиги киһибит Биэрэ – кутуйах оҕотунуу кып-кыһыл, кып-кыракый, ньирэй оҕону соһуччу көрөн, мэктиэтигэр айаҕын алаарыччы атан олуһун диэн дьиктиргээтэ, онтон тоҕо эрэ, ала-чуо кыра киһи бэргэһэтин таба харахтаан:

– Бэлтэһэлээх эрэ!.. – диэтэ уонна өссө хамыйаҕын бобо туппут этиргэн илиитинэн ыйан көрдөрдө… Дьиэ иһинээҕилэр бары сэмээр симиктик күлүстүбүт. Бу күнтэн ылата Айыыһыт хотун арчылаан бэлэхтээбит саҥа киһитэ төһө да сурукка киирэр аата Ньукулай дэннэр, сахалыы аата Бэргэһэчээн дэнэн, мэлдьи ити эрэ аатынан ыҥырыллар буолла.

Дьиэ кэргэҥҥэ саҥа киһи эбиллиитэ – улахан үөрүү, дьол. Ол эрээри, ол үөрүү-көтүү, сиэр быһыытынан таска улаханнык биллиэ-көстүө суохтаах. Оҕо төрөөтөҕүнэ Айыыһыт сиргэ түһэр, кыра киһи киирбит ыалыгар ыалдьыттыыр. Онон кинини тэһииркэтимээри дьиэлээх дьон улаханнык ыһыытаһан-хаһыытаһан саҥарсыа суохтаахтар. «Бүтэй» эттээх-сииннэх киһи хараҕар көстүбэт Айыыһыт – барыны-бары көрө-истэ, сэргэҕэлии, өрө чөрбөҥнүү олорор. Айыыһыт Хотун аттаныар диэри дьөрү иһити да улаханнык тыаһаппаттар. Биһиги киэҥ киэлилээх иһити сууйан баран кирээдэҕэ түҥнэри уурарбыт, оттон Айыыһыт сиргэ түспүт кэмигэр хайа да иһит умса ууруллубат: үөрүү-көтүү истиҥ иэйиитинэн томточчу туолан, уйгу-быйаҥ олох туоһута буолан нэлэйэн-хотойон – барыта олордьу, өрө өндөйөн эрэ туруохтаахтар…

* * *

Сир тоҥуон иннинэ тутуу былдьаһан, Уолбут бааһынатын паардыы, сыарҕалаах оҕустары миинэн, айаннаан истэхпитинэ, арай, аара, суолбут ортотугар, саҥа иһиллэр…

– …Бурулук!.. Бурулук!..

Туохпут-туохпут бурдургуур диэн дьиктиргии санаан аһардым… Аргыһым, били, Сангаарга таас чоххо үлэлээн баран, дойдутугар бу сайын кэлбит Сэмиэнэбэ Харатыана саадьаҕай оҕуһун самыытыгар ороннуу олорон иннибэр уонча хаамыы курдук иһэн, хаахымай сонноох көхсө уҥа-хаҥас иҥнэҥниир… Тугу да истибэт быһыылаах… Үһүс киһибит Кыыллай Мэхээлэ – аттаах. Сыыдам көлөлөөх киһи биһигини кытары аргыстаһыа баара дуо, иннибитигэр түһэн, куота барбыта ыраатан турар.

Ити ыккардыгар эмиэ:

– …Бурулук!… Бурулук!.. – диэн саҥа иһилиннэ… Харатыана дьэ чөрбөс гына түстэ, оҕуһун дөрөтүн тардан ходьох гына тохтоото…

…Арай көрбүппүт, ити курдук, ойоҕоспутугар, бэс мас быыһыгар, саа сүгэһэрдээх киһи сүөдэйэн турар… Күлэн ыртайар…

Били күрүөйэх дьоммутуттан биирдэстэрэ – Буолкап Бүөтүр эбит. Таҥаһа-саба сэнэх, атын сир күрүөйэхтэрин кэпсииллэринии бытык иччитэ да буолбатах; салбаҕырбыт, кута-сүрэ тостубут да дьүһүнэ көстүбэт…

– …Хайа кыргыттар, испиискэлээххит дуо?..

– Ээ-э?

– …Испиискэлээххит дуо?

– Бу хайа үөдэнтэн көһүннүҥ доҕор?.. – диир Харытыана.

– …Испиискэлээххит буолаарай?..

– Баар… – мин халтаҥ сонум сиэбиттэн икки хаа испискэ укта сылдьарбын ылан ууммуппар, Бүөтүр хап-сабар хаба тардан ылар:

– Эһиги, миигин көрбүккүтүн кимиэхэ да кэпсээйэҕит, этээйэҕит дуу-у? – Бүөтүр көрдөһөр.

– Ыы-ык…

– Ээ-эх… – дэһэбит биһиги сонньуйа-сонньуйа.

Киһибит ол-бу диэки көрүөлэнэн баран, ойуур өтөн сүөдэкис гынан хаалар…

Уолбукка тиийбиппит Кыыллайбыт суох. Аттыын бэйэлиин мэлигир… Биһиги кэтэспэлии түһэн чэйдээн эҥинээн баран, үлэлээтибит. Оҕустарбытын солбуһа сиэтэ-сиэтэ сирбитин тиэрдибит, ити тухары тула-мала мэлээриҥнэһэн Мэхээлэбитин кэтэһэбит.

Күн ортото быдан ааспытын кэннэ, киэһэлик да диэххэ сөп, Кыыллайбыт дьэ тиийэн кэллэ.

– Хайа, Мэхээлэ, бу ханна дьөлө түһэ сырыттыҥ, биһиги кэтэһэн туома кэтэхпит көһүйдэ дии, – диир Харытыана.

– Ии, иһим ыалдьан доҕор… Иэдэйдим… – ити кэннэ киһибит уонна тугу да саҥарбат. Кырдьык, улаханнык моһуогурбут быһыылаах, өтөр-өтөр, иһин туттан бөкчөйө-бөкчөйө, атахтарын туотаайы көтөр курдук кыпчыта-кыпчыта, ыстаана борбуйугар түһэн баран, арыы талахтар кэннилэригэр дьөгдьөрүйэр, кыапарыйар… Харытыана биһикки күлсэбит эрэ…

Кэлин билбиппит Кыыллайбыт, биһиги иннибитигэр күрүөйэхтэри көрсүбүт эбит. Испиискэ көрдөөбүттэрэ суох буолан биэрбит. Ол иһин Бүөтүр кимнээх иһэллэрин токкоолоһон баран, аара тоһуйан умналаспыт. Мэхээлэ буоллаҕына Өндөрөйдөөҕү кытары барсан, бу обургу, бэрдин бэрт, дэһэртиирдэр бултаабыт тайахтарын иһин-үөһүн, этин сиэспит, ити кэннэ күһүҥҥү хааһыы саҕанааҕы тастаах, эмис кыыл бырдьыгынас сытыы сыатыгар «иһин алдьатан» дьаам сүүрдүбүт. Чахчы да иэдэйэ сыспыт…

* * *

Бокуруоп күнүн саҕана, «арааһата, кыстык хаарбыт түстэ быһыылаах» диэбит үллүк хаарбыт сири-дойдуну кылбаппытын кэннэ: «Күрүөйэхтэр букатын киирбиттэр үһү…», – диэн сонун сонно тута нэһилиэк-нэһилиэги тилийэ көттө… Сотору бэбиэскэ кэлбитигэр – диһэртиирдэр куоракка киирдилэр. Тоҕо эрэ милииссийэлэр тахсан үүрэн-үтүрүйэн, хомбуойдаан илдьэ барбатылар. «Дьэ хайа буолаллар…», – дэһэн кэчэһэ сырыттахпытына дьоммут куораттан төттөрү тигинээн таҕыстылар – букатын ыыталаан, босхолоон кэбиспиттэр. Былырыыҥҥа диэри сэрииттэн куотан, күрээн сылдьыбыт күрүөйэхтэр тутулуннахтарына, үгүстэрэ, эргиллибэт сиргэ утаарыллар этилэр, ону баара, дьолго, Улуу Кыайыы буолан, кыра аньыы-хара аахсыллыбакка амньыыстыйалаан абырыыр күннэр-дьыллар үүнэннэр, күрүөйэхтэр көҥүл-босхо бардылар, өссө эбиитин туох да буолбатаҕыныы, уруккуларын курдук холкуостарыгар үлэҕэ ананнылар. Дьон майгыта араас: сорох, сэриигэ баран өлбүттээх дьахталлар, эмээхситттэр диһэртиирдэри кырыы харахтарынан көрөн арааһы бары саҥарсаллар. Арай, эбэм – ким да буоллун мэлдьи аһынар, эмээхсин хайа да киһини куһаҕаннык ахтыбытын, сэтэрээбитин истибэппин: «Эрэйдээхтэр этэҥҥэ эрэ сырыттыннар ээ…», – диир. Хас биирдии киһи өйө-санаата араас. Күн сиригэр хонук да олох олорор тустаахха, бэйи, күндү. «Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанарыныы» туох-хайа биллиэр диэри, баҕар татым толкуйдарыттан, баҕар күлүм гынан ааһар быстах санааҕа ытылҕаныгар салайтаран буолуо, хара тыаны дугуйданнахтара. Мин испэр арааһы бары эргитэ саныыбын: Буолкап Бүөтүр икки Уйбаныап Өндүрэй (биһиги ааттыырбытынан Култууралаах Өндөрөй) арай сэриигэ барбыт буоллуннар – тыыннаах эргиллэн кэлиэх этилэр дуо? Бастакы ыҥырыкка барбыт дьон арааһата саарбах ини… Толору ыйаахтаах буолан ордуохтара ырата буолуо. Маҥнайгы хомуурга барбыттартан эмсэҕэлээбэккэ, этэҥҥэ, эргиллибиттэр, бэл ыаллыы холкуостары ыатаран ырыттахха суох да кэриэтэ быһыылаахтар, биир эмэ баара дуу?..

* * *

Кыайыы үөрүүтүнэн кынаттаммыт дьон-сэргэ, ааспыт сыллардааҕар ордук өрө көтөҕүллүүлээхтик, бэрт сэргэхтик үлэлээн-хамсаан кыстыгы этэҥҥэ туораатыбыт.

Кыс устата сэриигэ барбыттартан, биһиги холкуоска: Баһылаайап Сүөдэр, Баһылаайап Мэхээлэ уонна Дьөгүөрэп Уйбаан диэн дьон этэҥҥэ өтөхтөрүгэр эргилиннилэр. Уйбаан Дьөгүөрэп кыайыы буолуон иннинэ бэрт уһуннук куоспуталга эмтэммит: өстөөх буулдьата сүнньүн иҥиирин быһа көтөн, сылаарҕаабыт киһилии кыҥначчы туттан ээр-сэмээр хаамар үгэстэммит. Урут Уйбаан ити курдук тутта сылдьарын көрбөтөх дьон, маҥнай утаа, кылдьыр моойдоммут киһини, бэркэ атыҥырыы, дьиктиргии одууластылар…

* * *

Саас. От-мас сир уутун иһэн силигилии тыллан эрэр кэмэ. Кэҕэ көтөр күнүстэри-түүннэри кэрээбэккэ биир кэм этэр. Үгүрүө үрдүк мэҥэ халлаантан «үлтү түһээри» сурулуур…

Айдаҥтан көстөн ордуктаах сиргэ баар Одуҥда диэн күн туллар дьоһуннаах эбэ киэҥ бааһынатын булууктуу-булууктуу бурдук ыһабыт, боромньулуубут. Хаппыт буор күүдээнэ сиккиэр тыалга охсуллан өрүкүйэ ытыллар. Икки оҕустаахпыт. Тороос уонна мин оҕус сиэтэбит. Булууксуттар, бурдук ыһааччылар – бэйэбит туспа биригээдэ тэринэн сылдьабыт: Ноотоҕой Борокуоппай, Мохчолоһо Уйбаана, Лэкээрэй эмээхсин уола Бүөтүр (Мөчүкүлүөп), Улахан Баһылай, Тороос уонна мин.

Үрдүк сонуок намтыы-намтыы өрө сүгүллүбүт, сыллата тиэриллэн көпсөрүйбүт сымнаҕас өҥ буорун – килбэйбит биилээх тимир булуугунан, сойбут халадьыаһы хамыйаҕынан хастыы тардан баһардыы, харса суох тэлибирэччи тэллэрэн, илимэҕинэн ньылҕаарыччы тиэрэ уурдаран оҕустарбытын хаамтара-хаамтара, уҥуоргу тыата бэрт ыраах дьирбиилэнэн көстөр, өссө да мууһа хоҥнон хоппойо илик киэҥ эбэ мэндээркэй иэнин одуулаһа-одуулаһа, күн эгэлгэ араас чыычаах, көтөр-сүүрэр саҥатын истэ-истэ, устар уһун күнү быһа, Одуҥда эбэ барахсан буолатыгар, ынах этэрбэс баһа саллайыар диэри, тохтоло суох биир тэбинии…

Хайа кэлиэхпититтэн сэттэ туруйа бааһынаттан арахпакка, саҥа тиэриллибит хара сиргэ түһэн такыҥнаһа сылдьан үөннээн-көйүүрдээн сииллэр. «Туруйалар тоҕо сэттиэлэрий, оччоҕо биир туруйа доҕоро суох буолуо дуо?..», – диэн, хас омурҕан аайы тыл дэгэтэ, кэпсэтии төрүөтэ гынан ыаһахтаһабыт.

Кырдьаҕаспыт Ноотоҕой Борокуоппай булуук тутар, төһө да саас баттаан «оҕонньор» диэн ааттанан сырыттар, үйэтин тухары хара үлэни кытта тустан сүгүн олорбот, тугу эмэни, кыраны да түбүгүрэн букунайдаҕына эрэ астынар, тэһийбэт…

Биһиги түһүүлэнэн сытар сирбит – улахан өтөх онно. Бурдук кутар, кутуйах ыттыбатын диэн олуктаах модьу атахтардаах маҥхааһай баарыгар хонобут. Эбэбититтэн Одуҥдаттан ууланан чэйбитин өрүнэбит.

Саас кэлэн, күн уһаан, айылҕа тупсан, киэркэйэн – киһи эрэ үлэлии-хамсыы сылдьыах үтүө күннэрэ үүнэн тураллар…

Ыксабытыгар, сытар сирбититтэн соччо ырааҕа суох сиргэ, салгын да киирбэт хойуу бочур ойуур иһигэр, кыракый көлүйэ баар. Урут бу көлүйэттэн ким да уу бастан чэй өрүммүтэ, балыктааҕа буолуо диэн туу укпута, илим үппүтэ биллибэт…

Биир киэһэ үлэбититтэн тахсан, чэйдээн бүппүппүт кэннэ, Борокуоппайбыт көлүйэҕэ баран кэллэ.

– Балык оонньоон бөҕө, мунду тахсыбыт быһыылаах. Дьэ бэйи, итиннэ туута киллэрэн угуохха, сарсын хата мунду сиэхпит, – инньэ диэт оҕонньорбут саҥа өрүллүбүт икки туутун сүкпүтүнэн көлүйэтигэр тэп гынан хаалла…

Киһибит төһөҕө кэлбитэ буолла, биһиги хонук аһылыкпытын үссэммит дьон, күүстээх үлэттэн сылайан, сонно утуйан буккураабыппыт.

Сарсыарда турбуппут Ноотоҕой хайыы-сах чэй өрөн, аһаан бүппүт, туутугар бараары кыра туос тымтайын санныгар сүкпүт.

– Уугутун оргутан бэлэмнээн олорооруҥ… – диэн күллэ-салла.

Биһиги мунду, күөнэх сиэн абыраныах дьон: «Кытаат!..», – дэһэн эгэ-дьэгэ буолан чөрбөҥнөстүбүт. Суунан-тараанан чэйдээри сүпсүгүрдүбүт.

Өр-өтөр буолбата.

– Оок, оҕонньор бэлиэр иһэр… хайа… хайдах-хайдах буоларый?… – диэн кэлтэгэй отуу таһыгар, оллоон ыксатыгар олорбут уолаттар аймаммыттарыгар көрбүппүт, арай, Борокуоппайбыт – этэрбэстэрэ суох хаан-сиин буолбут сыгынньах атахтарынан, тигээччилээбит сүөһүлүү, туора-маары тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ, сүүрэр-хаамар ыккардынан бэдьэйэр… Биир кэм:

– Сир мундута… сир мундута… – диир. Харахтарын тиэрэ көрөн, аһара баран, дьиҥ чахчы өйө көппүккэ дылы…

Киһибитин нэһиилэ олортубут, илиитин тарбахтарын күүрдэн сараччы тутта сылдьар, сыгынньах атахтарын, уҥа-хаҥас садьыйа тэбиэлээн, илигирэт да илигирэт… Кырдьаҕас оҕонньор ити курдук бэдьэҥэлээбитэ, илгиэлэммитэ көрөргө олус сүөргүтэ. Кэлин уоскуйбута, ол эрэн, эй да, ээх да диэн тугу да саҥарбата… Туох ааттаах буолан кэллэҕэй дэһэн улаханнык дьиктиргээтибит. Баҕар кыылы ыы муннунан көрсө түһэн, соһуйан, кута көппүтэ буолуо диэн сабаҕалааһыннар кытта этилиннилэр. «Сааһын тухары бултаабыт киһи кыылтан итиччэ айылаах куттаннаҕай, айманнаҕай…», – дэһэллэр сорохтор.

Бүөтүрдээх дьиктиргээн сааларын ылан көлүйэҕэ бардылар. Оҕонньор иҥэн-хаһан сир мундутуттан сиргэнэн кута көппүтэ буолуо диэн ким да өйүгэр оҕустарбата… Тиийбиттэрэ – Борокуоппайдарын этэрбэстээх тымтайа, ити курдук, үөт төрдүгэр сыталлара эбитэ… Арай көрбүттэрэ – тууларын таһаарбатах. Бэттэх биир туу тумса быга сытара үһү. Уолаттар киирэн туулары өндөтөн көрбүттэрэ – көрүөхтэн эрэ түктэри көстүү эбитэ… Иккиэннэригэр тобус-толору, кыймаҥнас сир быртаҕа хааланан хаатыйаламмыта биир кэм өрө оргуйан олорор эбит… Ол хаарыан туулар көлүйэҕэ хаалбыттара…

Ноотоҕойбут сир мундутуттан сиргэнэн өйө көтө сыспыт. Борокуоппай көлүйэтигэр тиийэн тымтайын хаппыт үөт төрдүгэр уурбут, этэрбэстэрин устан, ыстаанын тиэринэн баран, туутун көрөөрү көлүйэтигэр киирбит. Бастакы туутун ылан өндөппүтэ – биир кэм бып-бырдьыгынас мунду курдуга үһү… Онтон доҕоор, өйдөөн көрбүтэ, туутун иһэ түөрэтэ, быллаччы, кып-кыймаҥнас сир быртаҕа эбит… Оҕонньор сүр куһаҕаннык часкыйа түһээт туутун ыһыктан кэбиспит… Күлгэрилэр мэктиэтигэр, ньилбэгэр диэри ууга турбут атахтарын сыгынньах сотолоругар тахса сатаан таймаҥнаһар курдуктара үһү… Иккис туутун өндөтө да барбатах…

Мин урут эбэбиттэн истибит үһүйээммин, Улахан Баһылай уолаттарга кэпсээбитэ: «Кырдьаҕастар сэһэргииллэринэн – ити көлүйэ оннугар былыр, балаҕан тутан, араҥ ыарыылаахтары олордубуттар. Ыалдьыбыт муҥнаахтар түөрэ өлбүттэрин кэннэ дьиэлэрин уоттаан кэбиспиттэр. Киһи дьиктиргиэх, нөҥүө сылыттан, хара хоруонан көрөн сыппыт балаҕан онно хоточчу түһэн, симэлийдэр-симэлийэн барбыт. Балаҕан турар кэмигэр – үрдүк соҕус, кырдал сир эбитэ үһү. Хас да сыл буолан баран тохтоло суох түһэ турбут балаҕан оннугар уу хонон, мустан, бырдыргыы сытар бырдьыгынас муохтаах көрдүгэн үөскээбит. Кэлин отой да, бэрт дириҥ, эбиитин аҥаар эҥээрэ куталаах чөҥөрө көлүйэҕэ кубулуйбут. Көлүйэ уута көрдөххө хап-хара өҥнөөх, оттон баһан ыллахха син биир уу-уу курдук. Киһи хараҕын баайар хара уулааҕын иһин – Хара Уулаах диэн ааттаабыттар…

Мин үһүйээни отой умнан, санаабакка да истэн олорон баран, Баһылай: «Хара Уулаах…», – диэбитигэр эрэ эмискэ тэһэ санаан кэлтим, «ээ, эбэм ити көлүйэ туһунан кэпсээбит эбит дии», диэн дьэ эбии сэргэҕэлээн өрө өгдөҥөлүү түспүтүм. Торооһу кытары көлүйэни көрө бараары гынан баран тохтообуппут… Кэлин да, биирдэ эмит ат миинэн, сылгы көрдүү сылдьан, Хара Уулаах ыксатынан аастахпына – санаабар көлүйэ иһэ бүтүннүүтэ сир быртаҕынан туолан кыынньа сытарга дылы буолааччы, оччоҕо ис-испиттэн этим сааһа дьырылыы аһыллан кэлэн, аппын тиҥилэхтээн, бу сиртэн түргэнник дьаадьыйа охсорго дьулуһааччыбын…

Ноотоҕой Борокуоппай төбөтүнэн улаханнык моһуогуран «түҥ-таҥ» тыллаһан мээнэ буолан хаалбытын, Улахан Баһылай булуук тиэйэн аҕалбыт оҕуспут сыарҕатыгар олордон, олордон да диэн, тиэйэн илдьэн Балаҕаччы балыыһатыгар туттаран кэлбитэ (оҕонньор онно уһун сайыны быһа сыппыта, күһүнүгэр кэм аматыйан, өтөҕөр эргиллибитэ)…

Биһиги аҕыйах хонугунан бурдукпутун ыһан бүтэрэн, сонуокпут бүтэйин эргийэ көтө сылдьан көрөн-истэн, быстахха торутуллубут сирин өрө тадан абырахтаан, эмэҕирбитин саҥанан солбуйан дьаптайан баран, Айдаҥмытыгар көһөн күккүрээн кэлбиппит. Бурдук аны – айылҕа барахсан илиитин иһигэр киирэн, төһө өнөрдөөн дуу, отохтоон дуу үүнэрэ сыччах киниттэн тутулуктанан, бааһына өҥ буоругар силис тарда хаалбыта…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации