Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 9


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 9 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Дьүөгэбин Торооһу кытары сэрииттэн эргиллэн кэлбит дьон кэпсэллэрин истэ туран, ортотугар, Мытыйыс Маарыйата «ааҕар хоско» ыҥырбытыгар бара сырыттыбыт, онтон Маарыйаны илдьэ хат төннөн кэлэн эмиэ дьоммут сэһэннэрин-сэппэннэрин болҕойон олорон салгыы иһиттибит.

Барантабыык Апанаас Ньукулаайап сэриигэ хайдах, туох сылдьыбытын хайыы-сахха кэпсээн бүтэн баран, аны, хайа эрэ атаһын дуу, доҕорун дуу туһунан сэһэргии олорор.

– …Холкуостаахтары булгуччулаах байыаннай үөрэххэ үөрэтии – түөрт уон икки сыл күһүнүттэн саҕаламмыта. Түөрт холкуостан мустан, Мастаах оскуолатыгар кииннэнэн, киэһэ үөрэх кэнниттэн, нэдиэлэҕэ түөрт күн үөрэнэллэрэ…

Чукааҕа ыттан олорбут Тартаайа, тугу эрэ ыстаан мултугулдьута-мултугулдьута, саҥара олорор киһини быһа түһэн:

– Чэ ол биллэр, ол маннааҕы диэн… Эн атыны, боруон уотун-күөһүн кэпсээ, – диир.

– Бэйи эйэ, быһа тү-үмэ, сү-үн иһит… – били, дьахтарга дылы бэрт синньигэс, былдьыры саҥалаах Холодоох Уйбаан сарай баҕанатыгар өйөнөн туран, бэркэ диэн сөбүлээбэтэхтии хойуу хара хаастарын түрдэтэр.

Тартаайа күлэн ыгыстаары чукаатыттан түптэҕэ сууллан түһэ сыһар.

– Онно кимнээх үөрэппиттэрэй? – Сахаарка, Дарайыы ыксатыгар күөх окко олорон, көхсө хара эбирдээх, кыһыл өҥнөөх ынах кута харытыгар сүүрэрин батыһа көрө-көрө токкоолоһор.

Ньукулаайап Апанаас салгыы кэпсиир:

– Үөрэтэр хамандыырдарынан учууталлар анаммыттара. Аарымыйаҕа сулууспалаабыт, дьиҥнээх саллаат олоҕун билбит Аньыыһын Сөдүөтэп взвод хамандыыра этэ. Дьоннорбутун өрөбүл күн эмиэ дьарыктыырбыт. Доруобуйаларынан байыаннай сулууспаттан сыыйыллыбыттар уонна учуутал кыргыттар сэриигэ барыахтаах байыастарбытын нуучча тылыгар үөрэтэллэрэ. Байыаннай үөрэхпит кэнниттэн – отделение, взвод хамандыырдарын мунньан Аньыыһын Дьөгүөрэбис аны, туспа, хамандыырдар үөрэхтэрэ диэни ыытара. Онно строевой бэлэмнэниини, тактическай занятиелары ыытыыга, бинтиэпкэ, бүлүмүөт чаастарын, илии кырынаататын туттууга – барытын көрдөрөн, ону үтүгүннэрэн үөрэтэрэ. Үөрэҕэ суох, саллаат диэни көрбөтөх, байыаннай устуруойга турбатах, нууччалыы тугу да ыйдаҥардыбат, «бар, кэл» да диэни билбэт дьону нууччалыы хамаандалаан эрчийии бэйэтэ, туһугар, кэккэ ыарахаттардаах этэ. Ону ол диэбэккэ кыһыҥҥы түптэлэс тымныыттан чаҕыйбакка, халыҥ хаарга быарбытынан сыыллан, хахха хастан, оҥостон саһан, сүүрэн, хайыһардаан – саллаат булгуччулаах үөрэҕин кытта өссө дойдубутугар билсибиппит…

Саас, кулун турар ыйга Мастаах бары сэттэ нэһилиэгиттэн сэриигэ барыахтаах дьону мунньан биир ый устата байыаннай үөрэххэ үөрэппиппит. Онно барытыгар ыйааччы-сүбэлээччи Аньыыһын Дьөгүөрэбис этэ. Эрчиллии сүрдээх буолааччы, ону Аньыыһын: «Хайаан да бары бэриллибит, ирдэниллибит сорудаҕы толоруохтааххыт…», – диэччи. Мэлдьи, улуу болхобуодьас Субуорап тылын хатылаан: «Үөрэххэ – ыарахан, сэриигэ – чэпчэки буолуо, сыралаһан эрчиллибииккит, билбиккит-көрбүккүт таах халтайга хаалыа суоҕа…», – диирэ. Кырдьыга да, оннук буолта, сэриигэ тиийэн баран: кыранаатаны, бинтиэпкэни хайыы-сах уруккаттан тутан-хабан билэр сэбим курдук илиибэр ылбытым…

– Түөрт уон үскэ барбыккыт буолба-ат? – Мичээр Баһылай уота умуллубут эрийии табаҕын кураанаҕынан соппойор.

– Анисим Егоровичтыын бииргэ сылдьыбыккыт дуо? – Сахаарка хороҥ оту быһыта тыытан тыга-тыга салгыы ыйытар.

Апанаас – таптыыртан харах, ыалдьартан илии арахпат диэн өс хоһоонунуу, уҥа атаҕын тобугуттан илиитэ арахпат, оннук үөрэнэн хаалбыт быһыылаах, биир кэм, сэмээр, ытыһын тилэҕинэн басыыс буулдьата тоҕо көппүт, дьарҕа буолбут атаҕын имэринэр.

– Үөрэх сыла бүтээтин, түөрт уон үс сыл, бэс ыйыгар үөрэппит дьоммутун кытта, Аньыыһын Дьөгүөрэбистиин аарымыйаҕа барбыппыт. – Апанаас доҕорун улаханнык ытыктыыр киһитэ быһыылаах, бэйэтин бараллаата эдэр киһини, наар «Дьөгүөрэбис» диэн ааттыыр. – Бастаан Чытаа уобалаһыгар Оловянинскай оройуонугар Дацан диэн сиргэ ыкса күһүҥҥэ диэри сынаайпар үөрэҕэр үөрэммиппит. Манна элбэх сахалар түмсүбүттэрэ, араас омуктар, нууччалар да элбэхтэрэ. Урут сулууспаҕа буспут-хаппыт Аньыыһын – саллаат олоҕор, үөрэҕэр соччо илистибэтэҕэ. Кини биир бэргэн ытааччы, барыга-бары бастыҥ, толоругас саллаат быһыытынан сылдьыбыта… Сотору сынаайпар буолан сорохтору арҕаа боруоҥҥа, атыттары салгыы сулууспаҕа буолкаларынан тарҕаппыттара. Биһиги Аньыыһынныын КВЖД суолун Сэбиэскэй өттүн бүтэһик ыстаансыйата Отпор таһыгар Мончуһууруйа кыраныыссатыгар турар тоҕус уон төрдүс стрелковай дибииһийэ алта уон төрдүс стрелковай полкатыгар түбэспиппит. Сэтинньи бүтэһигэр бу чаастан элбэх киһини арҕаа боруоҥҥа атаарбыттара. Мин доҕорбун Аньыыһыны кытта убай-быраат курдук быраһаайдаһан арахсыбыппыт… – Апанаас көхсүн этитэн, тохтуу түһэн ылар.

– Онтон кэлин көрсүбэтигит? – дүлүҥ мас үөһэ олорбут Дарайыы көхсүн иһиттэн кэҕиҥнэтэн, кэһиэхтэтэн таһаарбыт хойуу силин, туора хайыһаат, силлээн пылк гыннарар уонна уоһун араастаан хамсатан ньомуҥната-ньомуҥната кэлии киһи кэпсэлин салгыы истээри мылайар.

Киргиэлэй ойоҕо Богдьо Балбаара, илин саҕахха саһан эрэр үрүҥ ньалака былыттары одуулаһа-одуулаһа, балаҕаныттан кэлэн күөх окко дьон кэпсэлин сэргээн аҕай истэн олорор эмдэй-сэмдэй кыра ыамайдар төбөлөрүн эр-биир имэрийтиир.

Дулҕа сиэлинии хойуутук намылыйан түспүт баттахтаах, чөчүөккэ состуок анныттан илэ бэйэтинэн түөрэҥэлээн тахсан сэрбэкэчийэ сылдьарыныы дьэргэлдьийбит, үөннээҕинэн турулус-ирилис көрбүт, киһи күлүөн курдук сирэйдээх-харахтаах, Холодоох кыыһа Хобуоччу Хаача сөмүйэтин ортотугар диэри муннугар батары анньан баран хастан эрилиҥнэтэрин көрөн, Балбаара:

– Кэбис тыкаам, муннугун итинник хастыма, аны таныыҥ кэҥээн хаалыа, – диир уонна ис киирбэхтик сирэйин энньэтэн, мичээрдээн мыттыйар, кыыс кэтэҕин уолаҕаһын имэрийэр.

– Уу, тай… уу испит киһи… – Хаача күөх өҥө сүтэн кубарыйбыт даба ырбаахытын сиэҕинэн сүүһүн көлөһүнүн соттор. Бэл кыс ортото, көлүүр оҕуһугар дылы, тиритэн муннун төбөтүттэн хаһан да сүппэт таммах бычыгырыы сылдьар, наар уу тыыннаах кыыс, кырдьыга да, тамаҕа хатан ыксаабыт быһыылаах.

– Тыкаам, утаттыҥ дуо? – диир Балбаара.

– Ыыҥх!..

– Тыкаам, ыл дьиэҕэ киирэҥҥин утаххын ханнар, тамаххын астар, оргуйбут уу баҕас дэлэй, – Балбаара, Хобуоччу Хаачаны батыһыннарбытынан балаҕаныгар төннөр…

– …Дьокуускайга эмтэнэ сытарын көрсөн… Атаҕар хаста да бааһыран, улаханнык аһааҕыраахтаабыт, араас сирдэринэн бары тэлэһийэн сылдьыбыт, – Апанаас доҕорун туһунан салгыы кэпсиир: – Арҕаа боруоҥҥа тиийэн элбэх кыргыһыыларга кыттыбыт. Арассыыйа арҕаа уобаластарын үгүс куораттарын, дэриэбинэлэрин босхолоспут, инньэ Бөлөрүүсүйэ сиригэр тиийбит. Гомель куорат таһыгар биир улахан кимэн киириигэ, түөрт уон түөрт сыл, бэс ыйыгар, уҥа атаҕар улаханнык бааһырбыт…

– Эн курдук дуо-а?!. – Мордьоһун оҕонньор сиэнэ, Баһыычааннааҕы кытары иэл-тиэл саастаах, ол эрэн тоҕо эрэ, наар, сиппит-хоппут улахан киһилии Чөллөө Дьөгүөр диэн ааттыыр уолбут, билиэх-көрүөх санаата батарбакка ыйытан чалыгар гыннарар.

– Эн… эн, кэпсии олорор киһини быһа түһүмэ эрэ!.. – Тартаайа, халҕайбыт бэйбириэт ыстаанын сиэбигэр уктан аҕалбыт ынаҕын силгэтин тииһинэн сыыйа тардан ылан кэбийэ-кэбийэ, били, бэйэтэ тылга-өскө мээнэ тииспэт киһиэхэ дылы, атын аҕай күргүйдүүр, ыҕарыйар, кыра ыамайдарга баҕас муҥур тойон.

– Ыйыттын, ыйыттын… Ыйытара туох буолуой… – Апанаас кинини өрө мыҥаан истэн олорбут Чөллөө Дьөгүөрү аһыммыттыы эйэҕэс харахтарынан имэрийэ көрөр. – Суох тоом, миэнин курдук буолбатах, атыннык эрэмсэрбит… Миэнэ, тобугум хаппаҕын уҥуоҕа үлтүрүйэн уута сүүрэн хаалбыта… Онон улаханнык эрэйдэнним. Тобугун хаппаҕын уута сүүрбүт киһи атаҕынан улаханнык моһуогурар, тайахпын быраҕарым биллибэт. Маҥнай букатын да куҥ курдук этэ, билигин өссө кэм аматыйбыт быһыыта, – диэн Апанаас, урут учууталлыы сылдьыбыт, оҕо майгытын-сигилитин билэр киһи быһыытынан, наллаан, лоп бааччы быһааран биэрэр. – …Аньыыһын Дьөгүөрэбис икки ыйтан ордук эмтэнэн баран, аны, эмиэ боруон инники кирбиитигэр төрдүс Укарайыыныскай стрелковай дибииһийэ 768 стрелковай буолкатыгар аптамаатчыктыы сылдьыбыт. Карпат хайаларыгар хаххаланан бөҕөргөтүммүт ньиэмэстэр ордук улаханнык утарсыбыттара диирэ. Кыргыһыыга буспут-хаппыт, кыанар, кытыгырас ахан киһи Аньыыһын, сөмүлүөтүнэн илдьэн бырахпыт, ураты сорудаҕы толоруохтаах сирдэригэр, разведкаҕа элбэх мүччүргэннээх түгэннэри мүччү түһэн, инники сыҕарыйар чаастары кытта өстөөх бөҕөргөтүүтүн үлтүрүтүһэн үгүс дэриэбинэлэри, куораттары босхолоһон Чехословакияҕа тиийбит. Биир кыргыһыыга хаҥас тааһын көп этин дьөлө көтүттэрэн, иккиһин ыараханнык бааһыран, бааһа кыайан оһо охсон биэрбэккэ, түөрт ыйтан ордук куоспуталга эмтэммит. Онтон үтүөрэн баран, үсүһүн боруоҥҥа барбыт, сержант сыбаанньаламмыт, төрдүс Укарайыыныскай боруон, сүүс аҕыс уон үһүс стрелковай дибииһийэ, икки сүүс тоҕус уон бэһис стрелковай буолкатыгар отделение хамандыырынан анаммыт… Оруобуна ити буолкаҕа, взводка, мин билэр киһим, Үөһээ Бүлүүттэн, Кэймэтиинэп Килиим диэн уол сылдьыбыт. Сэнэрээт эстэн, икки атаҕын иккиэннэрин, ньилбэгинэн, уллугун уҥуоҕун ортотунан быһа охсубут, ол эрэн сордооҕуҥ хата тыыннаах хаалбыт. Кэлин хайдах, туох буолбутун Аньыыһын билбэт этэ, куоспуталга илдьэ барбыттарын айыыта үһү… Аньыыһын Германияҕа кимэн киирэр кыргыһыыга, Ратибор куорат таһыгар, сэрии бүтэрэ аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ, муус устар ортотугар, хаҥас атаҕар үсүһүн ыараханнык бааһыран эмиэ куоспуталга киирбит. Кыайыы күнүн онно сытан көрсүбүт…

– Куруук, чэҥкир атаҕар бааһырар киһи эбит дии… – Мытыйыс Маарыйата, Апанаас кэпсэлин сэҥээрэр, куоптатын байбарытыгар хатааста сылдьар этиҥ тииһин бытыгыттан ылан киэр быраҕар.

– Оннук.

– Улахан сэрии диэн ити курдук – ортоххуна ордоҕун, тыыннаах хааллаххына хаалаҕын, арыт-ардыгар, ходуһаҕа хотуур суолун кэнниттэн биир эмэ салаа от ордон, туран хааларын кэриэтэ ынырыктаах кыргыһыылар буолаллар дэһэллэр. Дьэ сэймэктэһии дии… Киһи эрэ хаана хамсыах дьаабыта… – Мичээр Баһылай, болҕомтолоро барыта барантабыык кэпсээнигэр буолан олорор кыра уолаттары тургуппуттуу сыныйа көрөр.

Бары да, сибилигин истибит кэпсэлбитин өйбүтүгэр-санаабытыгар хат-хат өрө-таҥнары сыымайдаан, саҥата-иҥэтэ суох таала түһэн ылабыт. Урут маннык сонуннары истибэтэх дьоҥҥо, кырдьыга да, дьикти. Саха киһитэ эҥин-эгэлгэ сиргэ-уокка тиийэн-түгэнэн…

Мин, ордук ол, Кэймэтиинэп Килиим диэн, сэнэрээт эстэн икки атаҕыттан иккиэннэриттэн маппыт киһини сүрдээҕин аһына саныыбын… Оо, төһөлөөх эрэ үгүс, чэгиэн бэйэлээх дьон ити курдук сэймэктэнэн эрдилэр…

Курус чуумпуну үрэйэ сатаабыттыы өрө сэгэс гынаат, атаҕа суох Апанаас Молотов аатынан холкуос киһитэ Өлөксөй Ньукулаайапка туһаайан:

– Дьэ, онтон эн, ханна, хайа дойдуларынан тэлэһийэн кэллиҥ, хаһан ыҥырык туппуккунуй, биһиги кэннибититтэн буолуохтаах этиҥ ээ? – диир.

Аны «Молотов» холкуос аҕыйах хонуктааҕыта сэрииттэн эргиллибит киһитин кэпсэлин истээри, хат өрөйө-чөрөйө түһэбит.

– Мин «Жданов» холкуоска үлэлии олорон барбытым… Иккис ыҥырыкка… Түөр уон иккигэ, бэс ыйын сүүрбэ икки күнүгэр Балаҕаччыттан аттаммытым… – Өлөксөй кэпсээн барар. – Бүлүү куоратыгар киирэн үс хонон баран, элбэх билэр дьоммун кытта «Лиэрмэнтэп» борохуотунан Дьокуускайдаабыппыт… Биир хоннороот Уркуускайга илдьэн, куорат таһыгар балааккаҕа, эмиэ хас да хоннордулар. Онтон Чилээбинискэй уобаласка «Чебаркуль» диэн байыаннай лааҕырга сүүрбэччэ хонук устата үөрэххэ сырыттыбыт. Ити кэмҥэ сэрии ордук ыара, ынырыктааҕа Сталинградтааҕы боруоҥҥа бара турар этэ. Биһигини онно илдьэн истэхтэринэ, аара биир хаһаах уола, богуоҥҥа илиитин ытынан тохтоппуттара… Байыаннай кэм сокуона кытаанаҕын көрдөрөөрү гыммыттара ырата буолуо, барыбытын устуруойдатан баран, илиитэ харытынан тостон туора барбыт ол сордооҕу, устуруой иннигэр туруоран, сонно көрөн турдахпытына, хапытаан сыбаанньалаах апыһыар, кэтэххэ ытан өлөрбүтэ… Көрүөххэ ынырыга, сүрэ… Урут киһини өлөрөллөрүн көрүөхтээҕэр буолуох, сүөһүнү сүүскэ охсоору гыннахха арыт-ардыгар илиибит салҕаластыыр дьоҥҥо, кырдьыга да, соччото суох дьаһал этэ…

…Дьэ ол «тиҥкир-таҥкыр» тыастаах тимир буойаспытынан, элбэх ыстаансыйаларга тохтоон тыын ыла-ыла айаннаан, сэрии туһунан улахан өйдөбүлэ суох дьон, били, этэргэ дылы «күн туллар, күһэҥэ быстар» ынырыктаах кыргыһыы, киирсии, сэймэктэһии буола турар сиригэр эмискэ баар буолбуппут, туох да диэбит иһин, дьулаана сүрдээҕэ. Дьүүлэ-дьаабыта суох иҥнэл-таҥнал түһэн урусхалламмыт, ыыс-быдаан буруо быыһынан хара хоруонан көрбүт, олоҥхоҕо хоһуллар илэ илиэһэй абааһы сиригэр-дойдутугар кэлэн түспүккэ дылы сананыллыбыта…

Кэлбиппит иккис күнүгэр, боруҥуй буолуута биир апыһыар кэлэн, дьыала кытаанах онон сэриигэ киирэҕит диэтэ. Онно байыаннай дьыалаҕа үөрэх суоҕа, дойдубутугар эрчиллибиппит улаханнык туһалаан турар… Киһибит эппитин курдук кыргыһыыга киирбиппит… Сэнэрээттэр ыйылыы-ыйылыы кэлэн аттыгар түһэн дэлбэритэ тэбэллэрэ, мэник, бырах буулдьалар ардах курдук ыйылаан ааһаллара – аан бастаан, саҥа сүрэхтэнэр киһиэхэ дьулаана сүрдээҕэ… Кэлин, киһи син үөрэнэр… Субу, күн бүгүҥҥүгэ диэри атас-доҕор оҥостон кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьыбыт дьонуҥ өлөллөрүн илэ хараххынан көрөр ыарахан… Уол оҕо уйана-хатана биллэр бастакы улахан кыргыһыыта хаһан да умнуллубат… Итинтэн уонча хонук устата, сэрии сэбин куруустааһыҥҥа сырытыннардылар… Өр-өтөр буолбатаҕым, эмиэ биир кимэн киириигэ, хаҥас атахпар бааһыран, Сараатап куоракка куоспуталга үс ый эмтэммитим. Үтүөрэн баран Украина сиригэр, Сталино куорат таһыгар сэрии сэбин хомуйар чааска түөрт ый кэриҥэ сулууспалаабытым. Ити сырыттахпына, арай, разведка чааһыгар ыыттылар. Икки ый устата туох да улахан быһылаана суох ааста…

Биир сарсыарда Үрүҥ Сиэркэп таһыгар, сэрии буолбут сиригэр, Семин диэн нуучча хамандыырдаах, уон түөрт буолан разведкаҕа баран иһэн, ыы муннубутунан, утары ньиэмэстэри көрсөн, ытыалаһан түөрт эрэ буолан хаалбыппыт. Ботуруоммут бүтэн атах балай, мээнэ иннибит хоту сүүрэн иһэн аны үс ньиэмэһи көрсө түстүбүт… Эргиччи өстөөхтөр ылан олорор сирдэрэ буолан, дьоммут маҥнай утаа кимнээхтэрбитин билбэтилэр да быһыылаах. Улаанап Ахмед диэн харса суох узбек уола баара, инники иһээччилэрин үөс-батааска биэрбэккэ харабыын саатын кэтэх маһынан өҥүс баска кибилиннэрбитэ тыла суох барбыта. Киһи хаана алдьанан кыыллыйдаҕына харсыттан тахсан букатын синигэр түһэр, хата ахсааммытынан баһыйар буолан кыайбыппыт… Салгыы сырсан иһэн эмиэ, биэс дуу, алта дуу басыыс арыы тыа иһиттэн утары тахсан кэлэннэр, түөрт үөдэммит бүөлэммит дьон, өлөн бүппүт курдук сананан баран, тыын былдьаһыгар туох да харса суох тиликтэһии, тунайдаһыы буолта… Эмискэ ханна да барбыппын билбэккэ хаалтым, арай, биирдэ өйдөммүтүм – атахпыттан таҥнары соһон иһэллэр эбит… Мин тыыннаах ордон Мэндэйэм өтөҕөр төннүөх дьолбор, сонно ытан кээспэтэхтэр… Киһи тугу да иилэн ылбат кус-хаас тойуктаах дьоно. Кэнсэлээрийэ дьиэҕэ киллэрэн ээхпин этитээри кырбыы-кырбыы, бэйэлэрин тылларынан ыйыта сатыыллар… Биир лаппа холуочук апыһыар баара, ас эгэлгэтин тартаран остуолга сыстан түөллэн олорон, чал курдугунан көрө-көрө, аһаан кимиритэр. Өтөр-өтөр кэтит баппаҕайдарынан остуол кырыытыттан лаппаччы тайанан нэһиилэ түөһүллэн тура-тура тугу эрэ ньаамыргыыр… Кинилэр ньуу-наа тойуктарын хантан билиэхпиний… Өй-мэй сылдьабын, барыта, хайдах эрэ түүл-бит курдук… Биир багдаллыбыт басыыс баара ойоҕоспор туран, чэчэгэйбэр тэппитигэр эмиэ ханна барбыппын билбэккэ өйбүн сүтэрэн кээстим… Төһө өр сыппытым эбитэ буолла, арай, массыына куусабыгар бырахпыттар; итиннэ икки билэр дьонум бааллар… Балтараа суукка устата айаннаабыппыт кэннэ, киэҥ миэлиҥсэ ампаарыгар туораах бурдук ортотугар хоннордулар. Харахпыт хараҥарыар диэри аччыктаан, бурдук бөҕөнү сиэн хоннубут… Салгыы Румыния сиригэр илдьэн истэхтэринэ, аара, биһиги таанкабай чааспытын көрсөн, утарыта ытыалаһыы буолан, билиэннэйдэри тус-туспа хайыталаан, араартаан, биһигини түөрт уонча киһини хайа эрэ ыал дьиэтигэр, биэс хонук устата хаайан олордулар. Биирдэ да киирэн өҥөйөн көрбөтүлэр… Түннүгүнэн кыранаата быраҕаттааннар үгүспүт онно өлбүтэ. Сэттэ эрэ буолан тыыннаах хаалбыппыт… Ол билиэн түбэһэ сылдьыбыт дьонтон үс сүүсчэ киһиттэн сүүһү кыайбата эрэ ордубута… Бары тахсан күөх оту сиэ да сиэ… Хаалбыт тыыннаах дьону салгыы илтилэр уонна Австрия сиригэр тиийэн атын курууппаны кытары холбоотулар. Бу лааҕырга икки ый кэриҥэ тохтоон, өлөр эрэ бэтэрээ өттүнэн олоҕу көрсөн, дьэ чахчыта да быстара сыһыллыбыта, омуна суох сап саҕаттан салҕанан ордуллубута…

Салгыы Германияҕа илдьибиттэрэ, онно тохтобул кэмигэр, табаарыһым нуучча уола Чукин Мишаны кытары сүбэлэһэн баран, ууну ыытар турба иһигэр киирэн саһан хаалан хаалбыппыт. Билигин санаатахха харса суох, баламат быһыы эбит. Туппуттара буоллар сонно куппутун көтүтүөхтээх этилэр. Күрээн баран тутуллубуттары, күрүүргэ холоммуттары тута ытан иһэллэрэ… Көстүбэт буолбуттарын кэннэ, сыыллан тахсан биир кыра дэриэбинэ баарыгар, туора турар соломо сарайдаах кыракый дьиэҕэ киириэхпит диэн боруҥуй буоларын күүппүппүт… Киэһэ үөмэн киирдибит, икки кыра оҕону кытта эмээхсин олорор эбит. Соһуйан өлө сыста, биһиги дьолбутугар нууччалыы куһаҕаннык да буоллар өйдүүр. Бу хантан кэлэн, тоҕо киирдигит, ньиэмэс сирэ диэтэ. Бас-атах туохха түбэспиппитин кэпсээн биэрдибит. Эмээхсин маҥнай утаа миигин өлөрүөхтэрэ диэн аккаастанна, онтон аһынна быһыылаах, муоста анныгар боппуолдьа баарыгар киллэрдэ уонна суухара, хортуоска бэристэ. Икки хонон, арыый да сэниэлэнэн, тыын ылбыппыт кэннэ, эмээхсиммит чугас саат баар онно тахсан салгыҥҥа сытыҥ диэн сүбэлээтэ. Омуһах иһэ кыараҕаһа, салгына ыара сүрдээҕэ… Аҕыс хонукка саакка саһан, эргиччи үүммүт араас оҕуруот аһын сиэн абыранныбыт… Биир ылааҥы күн, сырдык хото көрөр сиригэр сыттыбыт, күҥҥэ сыламнаан сурда суох утуйан хаалбыппыт… Ньуу-ньаа саҥаны истэн уһуктубуппут, икки унтер кэлэн тураллар… Биһигини тараччы тутан ылан, үүрэн илдьэн, лааҕырга туттаран кэбистилэр…

Бэйэбит сэрэҕэ суохпутуттан ыт өлүүтүн өлөн, эмиэ сор-муҥ бөҕөтүн көрдүбүт… Сотору-сотору билиэннэйдэри халҕаһалыы анньан аҕалтаан эбэн истилэр. Күн аайы сүүстүү киһини ыта-ыта сылбах курдук массыынаҕа тиэйэн, дэриэбинэ таһыгар баар үрэххэ илдьэн тоҕоллорун көрөн олус саллыбытым… Төрөөбүт төрүт буорбун, аймах-билэ дьоннорбун, дьиэ кэргэттэрбин аны көрбөккө өлөн эрдэҕим диэн хараастарым…

Сотору соҕус, ортун дуу диэбиттии, арҕаа Зоец куоракка таанка көлөһөтүн оҥорор собуокка үлэҕэ илдьэ бардылар. Онно баран иһэн, аара, балтараа тыһыынча киһи хаардаах самыырга баттатан, быстаран үс түүннээх күн сир-халлаан ыккардыгар чуучугураатыбыт… Соҕуруу сир хаара мэлдьи да ибис-инчэҕэй, тыалырдаҕына чысхаана сытыыта диибин диэн, уула сытыйбыт киһи аһаҕас халлаан анныгар хайдах да хоммот дьаабыта, онно холоотоххо биһиги дойдубут барахсан хаара кураанаҕа, көбө, бэйэтэ сылаас суорҕан кэриэтэ буоллаҕа… Бэрт элбэх киһи чаалыйан, муус кыаһаан буола-буола тоҥон өлөн, устуруойдатан баран ааҕыы түмүгүнэн, түөрт сүүс алта уонча ордубуттар собуокка тиийэн үс ый кэриҥэ үлэлээбиппит кэннэ, Амыарыка сэриитэ тиийэн кэллэ. Кинилэр кимэн киирэр кэмнэригэр биһиги собуоппут туох да бүттэтэ суох үлтү буомбаланан хаалбыта. Билиэннэйдэр аҥаардарын кэриҥэ онно өлбүттэрэ… Биһиги, сир анныгар, буомба көҥү түспэт сиригэр сыппыппыт. Аттыбытыгар – астаах табаар богуонун мэник сэнэрээт алдьаппытыттан, онтон үссэнэн, аһаан абыраммыппыт… Киһи иннин-кэннин иилэн ылбат сүпсүлгэнэ этэ. Амыарыка хайа эрэ байыаннай чааһын саллааттара лааҕырдарыгар илдьэн аһаппыттара. «Атастаһыыга» түбэһэн дойдубар эргиллибитим. Москубаҕа бэрт уһуннук, силиэстийэҕэ сыппытым… Онно да, ньиэмэс лааҕырыттан улахан уратыта суоҕа… Чэ ити хааллын… Һэ-һэ… Киһи өлөр күнэыйа, ыйааҕа кэлэ илик буоллаҕына, кэм быыс-арыт көстөн, кыл саҕаттан кытаахтаһан, сап саҕаттан салҕанан син тыыннаах хаалар, ордор буолар эбит ээ… Билигин бу кэлэн олорон санаатахха, барыта, туох да омуна суох, кырдьык, түүл-бит курдук. Ынырык түүлү түһүү сытан уһуктубут кэриэтэ…

Ньукулаайап Өлөксөй кэпсэлиттэн иһиттэххэ, үксүн да, ньиэмэстэргэ уонна бэйэтин дьонугар, биир кэм тутуллан, наар хаайылла сылдьыбыт киһи эбит.

Өлөксөй кэпсэлин бэркэ сэргээн истэн олорбут Мичээр Баһылай:

– Дээ, дьэ буоллаҕа, эҥин-эгэлгэ ханна барыай, – диир.

– Ити, бэйэм өтөхпөр, билэр дьонум буолаҥҥыт, хайдах, туох сылдьыбыппын, баары баарынан, суоҕу суоҕунан, кубулдьуппакка кэпсиибин. Атын сиргэ-уокка, туора дьоҥҥо – билиэн түбэспитим, өстөөх собуотугар үлэлээбитим диэтэххинэ – тылгыттан хабан, эрийэн ылан ынньаҕалатыахтарын, сөпсөөбөтөхтөрүн хаҕыстык биллэриэхтэрин да сөп. Чэ ол эрэн, ол диэн, билигин аны кэлэн. Күн сирэ күндү, айыы сиригэр аҕыйах да хонукка олох олоро түһэр туһугар тардыһыылаах, тыыннаах хаалар иһин сырыттахпыт. Ордук сүрүнэ – киһи быһыытынан кэхтибэтэхпит ол буоллаҕа… Дьол диэн ол ээ… Оннук буолбат дуо?!. – Ньукулаайап эмискэ, бэйэтин тылыттан бэйэтэ тэптэн, ис-иһиттэн санаата көтөҕүллэн, ыксатыгар, күөх кырыска тобуктаан олорбут Чоойуну бүлгүнүттэн ыга тардан илигирэтэн ылар. Уол муннун ньуххана-ньуххана симиттэр…

– Хайа доҕор, Өлөксөй кэлэн олорор эбиккин дуу!.. Көрсүбэтэх туома киһи үйэтэ буолла!.. Тыый доҕор!.. Хаһан кэллиҥ!.. – биһиги барантабыык кэпсэлигэр аралдьыйан, өтөх кырсынан тыаһа суох хаамтаран аттаах киһи кэлбитин көрбөккө олорбуппут.

Чөөдүү Миитэрэй сабыстыбыт дьүһүннээх, саастаах саарыл атыттан күөх кырыска тэп гына түһэн, тэһиинин аҥаар илиитинэн боотулу бүтэй тоһоҕотугар иилэ быраҕаат, Өлөксөйдүүн илии тутуһан илигирэтиһэн дорооболосто. Өлөксөй, Миитэрэй хаҥас илиитэ төрдүттэн суоҕун бэркэ атыҥырыы, дьиктиргии көрдө эрээри, ону улаханнык баардылаабатах киһилии туттан харахтарын атын сиргэ куоттаран доҕорун үөрэ-көтө ахан көрүстэ:

– Эн бу, хантан аттанан-атыырданан кэллиҥ?.. Миитэрэй!..

– Балаҕаччыга, сэлпиэҕэ харабынай диэн аатыран сылдьабын. Онтон ордук да үлэни үлэлээбэт дьон буолан турабыт…

Нэһилиэк араас эгэлгэ үлэтигэр-хамнаһыгар үгүстүк, тапсан, бииргэ алтыспыт доҕордуулар, аллар атастыылар сүргэлэрэ көтөҕүллэн көрсүспүттэрэ – көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх. Биһиги, туораттан көрөн олорооччулар, биир кэм мичээрдээн ыртайыы…

– Дьирики!!. Дьирики!!. – Холодоох кыыһа бүтэй сүрдьүгэһин устун, кутуругун хоротон баран сүүрэн эрэр күрдьүгэһи таба көрөн, сөмүйэтинэн ыйа-ыйа аймаммытыгар, кыра уолаттар олорбут сирдэриттэн ойон тураат тилэхтэрэ хараарда.

– Хобуоччу Хаача маладьыас!.. Куруук да ити курдук өрүүтүн, мэлдьитин хобулуур буолаар!!. – «таҥара сааҕын» хапчыҥнатан бурҕаҥната турбут, Ньохо уола Миитээ ойон иһэн мээнэнэн мэндээриччи көрөн олорор кыыска «махтанна», эбиитин эйэргээбитин туоһута суһуоҕуттан тардан ааста…

Бэл, солуута суох Тартаайа, ол айылаах «үтүө сураҕы» истэн, ыстыы олорбут сүөһүтүн силгэтин халҕайбыт ыстаанын сиэбигэр куду анньаат, эҥил баһынан эрэ төбөлөрө лэкээриҥниир ыамайдар кэннилэриттэн, били, бытаан, сыылба, нэс бэйэтэ бэрт чэпчэкитик, хорсоох этэрбэстэрдээх атахтарын атын аҕайдык тибигирэтэ ылбахтаан бэдьэйэ көттө. Биһиги сонньуйан баран, күлсэбит эрэ…

* * *

Ыһыах буолуон эрэ иннинэ, эмискэ, тэһэ астарбыкка дылы бала ыалдьан, Лэкээрэй эмээхсин кыыһа, биһиги дьүөгэбит Маарыйа, иһинэн моһуогуран соһуччу өлөн хаалла…

Мин, кыыс ыалдьыбыт диэбиттэригэр, көннөрү быстах-остох ыарыы ини дии санаабытым. Таарымта курдук эмискэ киирэн ааһар ыарыы-тайма ханна барыай. Онтум баара, Өксөөн Быркылаахтан кэлэн баран: «Маарыйа муҥнаах «быстаахтаабыт»», – диэбитигэр, соһуйаммын, бэл туох да диэхпин булбакка, тылбыттан маппытым… Кыргыттар Быркылаахха тахсан, дьүөгэлэрин тиһэх суолугар атаарсыбыттара. Мин, тоҕо эрэ, уҥуор барыах санаам кэлбэтэҕэ. Маарыйа эрэйдээҕи Томтор Суут халдьаайытыгар таһааран харайбыттара… Борускуо: «Ийэтэ эмээхсин хараҕын уутун таһаарбата…», – диэбитигэр эбэм: «Чэ, харах уута харама билбэт, Лэкээрэй сордоох иэдэйээхтээтэҕэ…», – диэн саба сапсыйан кэбиспитэ…

Куһаҕанчай Маарыйа Быркылаахха да олордор, син өтөр-өтөр көрсөрбүт, сайыҥҥы кэм буолан, төһө да ынах ыамыттан соло булбатар, быыс-арыт аттарынан, Айдаҥҥа субу-субу кэлэн барара. Биһиги, кыргыттар аҕыйах хонуктаахха диэри үөрэ-көтө алтыһа сылдьыбыт дьүөгэбитин эмискэ, соһуччу сүтэрэн улаханнык айманныбыт, куһаахарык сырыттыбыт… Этэргэ дылы – киһи сырыттаҕына сылдьар, өлүү – эдэргин, эмэҥҥин диэн тала барбат. Дьөрөллөөн – Маарыйа эрэйдээх өлүөҕүн өтө көрөн, түүйэн ыллаабытын бэри диэн бэркиһээн эрэ кэбистим…

Улуу өрүс уостубакка, тохтообокко, үйэттэн үйэлэр тухары биир кэм наҕыллык, холкутук устарыныы – олох эмиэ бэйэтин дьаалатынан хаһан да уҕараабат тэтиминэн устар… Эбээ эмээхсин этэринии «өлбүтү кытта өлүллүбэт», хас биирдии тыынар-тыыннаах Ийэ айылҕата кэмнээн-кээмэйдээн биэрбит тус олоҕун олорор: сорох кылгастык, сорох уһуннук; ким эрэ эрэйи эҥээринэн тэлэн, ким эрэ санаа курдук сатабыллаахтык сааһын моҥоон. Хас биирдии киһи, сирдээҕи олоҕор дьэбир аньыыны-хараны оҥорбокко, ыраастык олох олороро – айбыт айылҕатын иннигэр ытык иэһэ, киһи дьоло аҥаардас онно эрэ; кырдьаҕастар этэллэринии хас биирдии икки атахтаах «киһи сиэринэн, чэпчэкитик» олоҕун моҥуохтаах. Оччотугар төрүттэриҥ дойдутугар айанныыргар, аттанаргар судургутук көтөҕүллэн, сир-халлаан ыккардыгар мунан эрэйдэммэккин диэн иһэ истээх өйдөбүл былыр-былыргыттан баар. Бэл иннэни уорбут киһи өллөҕүнэ – иннэ үүтүнэн таһаараллар, оттон сүөһүнү уоран сиэбит киһини – өлөрбүт сүөһүтүн «тыынын» көрдөтөллөр үһү дииллэр. Ону туох билиэ баарай, ол дойдуттан төннөн кэлэн туоһу буолбут истэр тухары суохха дылы. Арай айылҕаларыттан айдарыылаах ураты айылгылаахтар арааһы этэллэр-тыыналлар быһыылаах. Туох билиэй, баҕар оннук эрэ этиллэн «эҕэлэнэн» эрдэхтэрэ. Өлүү – киһи сирдээҕи олохтон арахсан, атын «дойдуга, эйгэҕэ» олох олоро барыыта дииллэр, ол иһин итинник санаанан сиэттэрэн дьон өйдөөхтөрө өлөртөн куттамматтар…

* * *

Атын холкуостарга курдук, биһиэхэ эмиэ «кыайыы ыһыаҕа» диэн сүрэхтэммит ыһыах ыһылынна. Барыта эрэ баайтаһын диэбиккэ дылы – баайтаһын биэни, баайтаһын ынаҕы тутуннулар. Биэ ыан сүрдээх уохтаах, киһини холуочутар иҥиирдээх кымыс көөнньөрүллэн көҕүөр симиирдэргэ дьалкылдьыйда. Чорооннорго, матаарчахтарга бидиличчи кутуллан сырдьыгынаата. Кымыһа суох ыһыах – ыһыах буолбатах. Итэҕэл, үгэс да быһыытынан, ыһыах сүрүн сөлөгөй аһа – кымыс. Кымыс – Үөһээ Үрдүк Айыыларга айах тутар ас быһыытынан түлэй түҥ былыргы үйэлэртэн ылата биллэр. Кымыс – бар дьону маанылыыр бастыҥ, күн дьонун күндүлүүр күндү – саха айыы аймаҕын амтаннаах, маанылаах утаҕа.

Сир-сир аайы кымыс иитиитэ, көөнньөрүүтэ сүнньүнэн биир курдук эрээри, туох эрэ кэм атыннаах, уратылардаах; дэлэҕэ да «көйөргө кымыһынан көхсүнү дьэҥкэрдии, аарахтаах кымыһынан айаҕы сайҕатыы, саамал кымыһынан санааны дьэгдьитии» диэн олоҥхоһут олоҥхотугар, оһуокайдьыт оһуокайыгар, ырыаһыт ырыатыгар хоһуйуо дуо.

Эбэм: «Кымыһы утахтанар киһи – иһэ-үөһэ ыраас, этэ-сиинэ мэлдьи чэгиэн, чэбдик буолар», – диир. Кымыс – Үрүҥ Айыылартан айдарыылаах, дьиҥ айылҕа оҕотун энчирээбэтэх ис эйгэтиттэн кэлэр бастыҥтан бастыҥ ас. Кымыс – үйэни уһатар, уйулҕаны уйарҕаппат, куту-сүрү кутугуната өрүкүтэр, өйү-санааны өрүү өрөгөйдөтөр – өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх үрүҥ илгэ…

Урут кымыһы сүөһүлээх, сылгылаах сэниэ ыал сылы эргитэн утаҕы ханнарар симиин ас быһыытынан мэлдьи иһэллэрэ эбитэ үһү. Билигин ыһыахха уонна сайыҥҥы кэмҥэ эрэ үксүн кымыстыыллар. Ис-иһигэр киирдэххэ, кымыс иитиитэ (олоҕун оҥоруута), көөнньөрүүтэ туһугар ымпыга-чымпыга элбэх, улахан үөрүйэҕи, сатабылы эрэйэр. Дьэ ону, силигин, сиэрин-туомун ситэрэн эбээ эмээхсин миэхэ наллаан кэпсиир…

Кымыһы – биэ үүтүн ууга кутан былаан, ол кэннэ ынах арыытын уутун, кытарах ынах үүтүн булкуйан, эбэн, арыылаан оҥороллор. Ынах үүтүнэн булкуйууларын – «аарах», «аарахтаах кымыс» диэн ааттыыллар. Өссө туох-ханнык иннинэ бастаан, кымыстыыр ыалтан «олох» диэн ааттаан кыра иһиккэ бэриһиннэрэн аҕалан туспа көөнньөрөллөр. Биэ үүтүн оргутан баран биирдэ эрэ кымыстыыллар. Мин ордук дьиктиргээбитим диэн баар – кымыс оҥороллоругар «олоҕо» суох ыаллар «абааһы тайаҕа» диэн улахан баҕайы модьу умнастаах оту булан ону кырбастаан көөнньөрөллөрө. Өссө «абааһы илимэ» диэн мас умнаһын бата эриллэн үүнэр, туох да уһун, араас сэбирдэхтээх аһыы отунан көйөрөллөр. Сылгы хоболоох иҥиирин, бэстээҕин эбэтэр иэнин иҥиирин тутталлар. Иҥиирдэрин хатаран бараннар, сүллэдэһинэ сүппэтин диэннэр, имиллибит сүөһү хабаҕар уга сылдьаллар. Биэ үүтүгэр оргуйбут ууну кутан бараннар кымыс түгэҕэр түһэрэллэр, ол аһара күүстээхтик көөнньөрөр, утаҕы олус уоҕурдар. Ол да иһин: «…Хоболоох иҥиир кымыһын иһэн холуочуйбут, иэн иҥиирин кымыһын иһэн итирбит…», – диэн ырыа ылланан эрдэҕэ.

Сир-дойду сирэм күөҕүнэн ситэри силигилээн, араас чээлэй чэчик эгэлгэтинэн чэчирии симэнэн аҕай турдаҕына, күөрэгэй чыычаах көй салгыҥҥа көҥүл көччүйэн көрүлүү туойан дьирилиир-дьурулуур кэмигэр, саха киһитэ этэҥҥэ күөххэ үктэммит үөрүүтүн туоһутугар, уйгуну-быйаҥы уруйдаан-айхаллаан ыһар ытык ыһыаҕа – чөл куттаах-сүрдээх, дьэҥкир дьылҕалаах киһиэхэ – үтүө да буоллаҕа. Ким барыта: чуолаан эмээхситттэр, дьахталлар, ордук эдэр кыргыттар, баардарынан-суохтарынан маанытык, тупсаҕайдык таҥналлар… Ыһыах күн кыыһырсар, этиһэр – айыылары, иччилэри хомотор курдук өйдөнүллэр. Онон ар-бур дэһэн айдаарсар – төрүт сатаммат.

Дарайыы, Талыабай, Кыра Баһылай, Сахаарка буоланнар, кыайыы сылын ыһыаҕын үйэлээх өйдөбүлэ буоллун диэннэр, тиит мас талыытынан – ытык сэргэ маанытын умнаан-куоһаан араастаан оһуордаан, чочуйан, томторҕолоон оҥорбуттарын, оҕолуун-улаханныын, түһүлгэ хаба ортотугар туруоран кылбаттыбыт. Сэргэ иччитин Түһүмэл диэн ааттыыллар. Саха киһитэ Айыылартан быһаччы тутулуктааҕын көрдөрөр туоһута – сэргэ; кини – дьиэни-уоту араҥаччылыыр иччитэ сүрдээх күүстээх. Сэргэ – «көрөр» уонна «истэр» айылгылаах. Ол иһин сэргэҕэ дьон үөрбүт эбэтэр хомойбут-хоргуппут кэмнэригэр, тыыннаах, илэ иччини кытта алтыһардыы санааларын үллэстэллэр, оччоҕо чэпчииллэр. Ардыгар сэргэҕэ харах оҥороллоро үһү. Сэргэ – киһи «былытын» көрөр дииллэр, онон кинини ким да албынныыр кыаҕа суох эбит. Дьиҥ сахалыы куттаах-сүрдээх эрэ барыта сэргэни тыыннааҕымсытан көрөр. Ол да иһин, үксүн дьахтар аймах, сээкэй хобу-сиби хобугунаһаары гыннахтарына, хаһан да сэргэ аттыгар туран сип-сап сибигинэспэттэр. Бэл уоллаах кыыс, дьахтардаах эр киһи – сэргэ ыксатыгар куустуһан, сыллаһан иһэн, киһи көрөн турарыныы симиттэн, кыбыстан, туора баран, хахха сиргэ таптаһалларын туһунан остуоруйаҕа кытта кэпсэнэр. Көр, сэргэни ол курдук, дьиҥ кырдьык, илэ бааччы тыыннааҕымсыталлар. Иччилэммит сэргэ оннук буоллаҕа даҕаны, ону үксүбүт бүтэй эттээх-сииннэх дьон биһиги хантан билиэхпитий.

Сэргэни уматар, кэрдэр, тобулута быраҕар – ыар аньыы. Сэргэни сиҥнэрэр – син биир киһи тыыныгар турууга тэҥнээх, улахан сэттээх-сэлээннээх.

«Кыайыы сэргэтин» туруоруутун улахан үөрүүлээх ытык сиэрин-туомун эбээ эмээхсин силигин ситэрэн туран, алгыс тыл этэн ыытта. Инникитин олохпут огдолуйбакка этэҥҥэ буоларын туһугар, байылыат, үтүө күннэр, кэмнэр кэллиннэр диэн эттэ-тыынна. Сыспай сиэллээх сылгы сүөһү дэлэйдин диэн – уҥа илиитин тарбаҕын быыһыгар сиэл, хороҕор муостаах ынах сүөһү үксээтин диэн – хаҥас илиитин тарбаҕын быыһыгар ынах кутуругун түүтүн тутан, хайаан да илин диэки хайыһан, Үрүҥ Айыы тойоҥҥо сүгүрүйэн көрдөстө. Ол кэннэ сэргэ уҥучаҕын түгэҕэр сиэллээх түүтүн сэрэнэн уурда… Уолаттар сэргэ төрдө сытыйбатын диэн уокка кэриэрдибиттэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации