Электронная библиотека » Софрон Данилов » » онлайн чтение - страница 11

Текст книги "Киһи биирдэ олорор"


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:00


Автор книги: Софрон Данилов


Жанр: Литература 20 века, Классика


Возрастные ограничения: +12

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 11 (всего у книги 41 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Тоҕо?

– Мин манна сытыахпын баҕарбаппын! Мин…

– А-аа, баҕарбаккын?..

– Аһыҥ! Аһыҥ!..

– Аргыый буол!

Чуолҕан сабылынна.

Аргыылап халҕаны сабыы сатаан баран, аны тыҥырахтарынан хатанаары өрө-таҥнары тарбыалаан көрдө да, тарбахтара быыс-хайаҕас булбатылар. Ол курдук тыҥырахтаах кыыл кэриэтэ тарбыаласпытынан нук буолбут атаҕын үрдүгэр охтон түстэ. Өрө хоройон тахсыбыт тобугар сирэйин умса анньан: “Һы-һы-һы-ы-ы-ы… – диэн иһин түгэҕиттэн тартаран ытыыр-күлэр иккэрдинэн бабыгыраата. – “…Ытарга!” Ол аата ытан… өлөрөр буоллахтара дии миигин? Миигин… Тутуһан туран ыталлар… Өлөрөллөр… Уонна? Уонна? Тоҥ ииҥҥэ… Уу-у-у! Ычча-ка-ка-тыын!..” Аргыылап, тоҥ ойбоҥҥо уулаабыт сылгылыы, титирээн дьигиһийэн ылла.

“…Ытарга!” Ити соҕотох тыл кини мэйиитигэр дьэбиннээх тоһоҕо буолан дьөлө саайыллыбыт курдук. Ити дьэбиннээх тоһоҕоттон ураты туох да суохха дылы. Оо, сор да буолар эбит! Тоҕо кини бу орто аан дойдуга төрөөбүтэ буолуой? Бу түүн дуу, сарсын дуу ытыллан өлөөрү дуо? Оо, сору даа! Кини ити бүгүн манна кэлэн иһэн күн сырдыгын бэстилиэнэй көрүүтэ буолуо дуо? Уонна аны аһаҕас халлаан анныгар саа уоһугар тураары эрэ тахсыа дуо? Оо, тугун сүрэй! Кини тугу көрдө-биллэ бу орто дойдуга? Тугу? Оскуола, учительскай семинария уонна… Артемьевы кытта. Уонна? Сүүрбэттэн эрэ тахса сыл олордо. Сүүрбэттэн тахса сыл. Олоҕо диэн дьиҥэ дьэ саҥардыы саҕаланыахтаах этэ. Онтуката хайа баарый? “…Ытарга!” Тоҕо? Туох иһин?..

Аргыылап санаатын ситимэ эмискэ бысталана түстэ. Кини хараҕар били кыһыл түөстээх аттаах киһи аттыын бэйэлиин умса хоруйбута элэс гынна, ону даҕаспытынан аҥаар хараҕа күөх баламах буолан дьолтойо испит, икки дьабадьытынан хаан сынньылыйбыт, уҥуох сирэйдээх аҕамсыйбыт саха киһитэ – ревкомовец аатыгар эрэ хаһыллыбыт иин буоругар батары үктэнэн турара көстөн кэллэ. Онтон… Ким эрэ сирэй-харах анньан эрэрин мэлдьэспиттии, Аргыылап: “Суо-ох! Суо-ох…” – диэн сибигинэйбитинэн кумуйуоҕунан кумуйан, чинэрийэн, аан холуодатыгар симилиннэ. Ол курдук сирэйин тобугар анньан, бүк-тах түһэн олордо. Онтон: “Һуу-у-у…” – диэн сүрдээх ыраахтан аҕалан уһуутаата.

“…Ытарга!” Арыый тыын ылыах курдук буолан эрдэҕинэ били дьэбиннээх тоһоҕо эмиэ мэйиитигэр батары саайылынна. Оо, иэдээни даа! Инники олоҕун уһун да курдук саныыра. Мэктиэтигэр хаһан да бүтэр уһуга суохха дылыта. Дьикти үчүгэй даҕаны баай-талым, уйгу-быйаҥ олоҕу ыралана саныыра. Баайга-дуолга, көргө-нарга, дьолго-соргуга ананан төрөөбүт курдуга. Кырдьык даҕаны, туох суоҕай киниэхэ? Үп диэтэр үп баара, сүөһү-ас диэтэр сүөһү-ас, үөрэх диэтэр үөрэх баара. Ону барытын кыраммыт бассабыыктар революциялара таҥнары дьылҕалаан таһаарбыта. Саҥа былааһы, сэбиэскэй былааһы кытта сөбүлэһии, бу былаас ыйааҕын ылыныы ол аата бэйэ үчүгэй олоҕуттан, кэрэ ыратыттан бүтүннүүтүттэн аккаастаныы этэ. Дьэ кини хайдах оннук аккаастаныа этэй! Ол иһин саа туппута. Урукку баай-талым олоҕун эргитээри. Урукку баһылыктыыр былааһын төнүннэрээри. Онтукалара бастаан табыллыбатаҕа. Кинилэр быстах этэрээттэрэ нуучча ол-бу авантюрист офицердарын дьаһалларыгар киирэн эстэн испиттэрэ. Валерий ырата, дьулуура дьэ бу билигин өрөгөйдүүр кэмэ кэллэ. Пепеляев генерал хайаан да кыайыа. Кини Сибиири кутаа уотунан самнаран Москва Кремлигэр тиийиэ. Ханнык эрэ дьоллоохтор ону көрүөхтэрэ. Валерий көрүө суоҕа. Бу түүн дуу, сарсын дуу быычыкайкаан симилиэс тоорохойо кини тыынын быһыа. Букатын. Үйэ-саас тухары. Тыыннаахтар бу күн сиригэр талбыттарынан көрүлүү-нарылыы олоруохтара. Оттон кини сири кытта сир, буору кытта буор буолан сытыа. Көмүллүбүт иинэ да суох буолуо. Чыкаалар ыппыт дьоннорун көмпүт сирдэрин сири кытта сир оҥорон тэҥнээн кэбиһэр сурахтаахтара. Аҕалаах ийэтэ өлүөхтэрэ. Оччоҕо кини орто дойдуга төрөөн сылдьыбытын ким да өйдүө суоҕа. Өлөр-хаалар түгэн кэллэҕинэ, күн сырдыга баҕалаах да эбит. Оо, бу бүгүҥҥү күнүнэн кини олоҕо бүттэҕэ буолуо дуо? Аны кэлэн туох быыһыай кинини бу аана суох алдьархайтан? Бүттэҕэ. Сарсын тоҥ буор анныгар сытыа. Тоҥ буор…

Аргыылап субу үрдүгэр тохтон эрэр тоҥ буортан өрүһүммүттүү ньыкыс гынна. Кини эмискэ сыбыс-сыгынньах кэриэтэ буолан хаалбыт төбөтүн үрдүгэр туох эрэ көстүбэт ыарахан тохтоло суох самнары түһэн эрэргэ дылы буолла. Оо, итэҕэс аналламмыт абатын даа, суорума соруктаммыт сорун даа! Аргыылап, тобугар умса түһэн, саҥа таһааран маккыраата, иһин түгэҕиттэн таттара-таттара, эҥин араастаан иэрийэ былаастаан уһуутаата. Ол тухары хараҕар биир да таммах уу кыайан тахсыбата. Ону ол диэбэккэ, муҥ саатар ытыыр баҕалаах диэн өссө эбии абатыйан, тохтоло суох маккырыы олордо.


Күн киэһэрэн, түннүк барыла барбах туртайар буолла. Аргыылап сэниэтэ эстэн, аргыый сыҥырҕаата. Төбөтүгэр туох даҕаны чопчу санаата суох, туймаарбыт курдук. Ол туймаархай туман быыһыттан эмискэ аҕата эппит тыллара өйүгэр көбө түстүлэр: “Бары, туора киһиэхэ тиитин охтотторон баран, тииҥин ичигэстииллэр…” Кырдьык даҕаны, бэйэлэрэ онно хаалбыттара, миигин соҕотохтуу манна, өлүү айаҕар, ыыппыттара. Бука, түбэстэҕинэ, өллөр өллүн диэтэхтэрэ. Ону баара бу акаары улахан итэҕэлгэ тигистим диэн өссө үөрбүтүм ээ. Билигин ханна эрэ, адьас куттала суох сиргэ, эмиэ мин кэриэтэ акаары саллааттарын кэтэҕэр, арыгы иһэн хантата-хантата, айахтарын муҥунан алларастаһа олордохторо. Мин өлүөм, кинилэр бары тыыннаах хаалыахтара… Дьиккэрдэр… Тоҕо мин эрэ өлүөхтээхпиний, кинилэр тыыннаах буолуохтаахтарый? Өлбүтүм кэннэ миэхэ туохха нааданый ол-бу үп-харчы, баай-талым? Буорга көмүллүбүт киһиэхэ тугун наадатай ол-бу аат-суол, идея, политика? Барыта тыыннаах тухары эрэ наада. Сытыйбыт өлүккэ туох да наадата суох. Оччоҕо бу мин туох туһугар өсөһөн сордонобун? Тоҕо тыыннаах хаалар иһин кыһалла сатаабаппыный? Мин силиэстийэ, суут былаһын тухары тылбын быһа ыстаммытым, наар мэлдьэспитим кимиэхэ нааданый? Кинилэргэ, антах үрүҥ армиятыгар хаалбыт дьоҥҥо дуо? Кырдьыгы эттэххэ, өлөр буоллахха, кинилэргэ, кинилэр идеяларыгар, кинилэр охсуһууларыгар силлиибин! Миэхэ бэйэбэр дуо? Ол миэхэ, өлбүт киһиэхэ, туох наада үһү? Миэхэ тыыннаах буоларым наада! Миигин тыыннаах эрэ хааллардыннар! Тыыннаах! Тыыннаах!

“…Ытарга!” Ытыахтара… Оо, эрдэттэн көрдөспөккөбүн… Тоҕо өрөлөспүтүм буолуой? Тоҕо өһөспүтүм буолуой? Тугу күүтэн? Туохха эрэнэн? Ытыллан өлө охсоору дуо? Өлөргө тиэтэйэн дуо? Ак-каары!.. Хара маҥнайгыттан билиммэккэбин… Ыйыталларын барытын эппэккэбин… Ыйыппатахтарын даҕаны барытын, барытын этиэххэ баара. Оччоҕо, баҕар, тыыммын өрүһүнүөм хааллаҕа. Баҕар, билигин да хойутаабатаҕым буолаарай? Барытын кэпсээн биэрдэхпинэ, бириигэбэрдэрин, баҕар, сымнатаайаллар? Оо, оннук буоллар ньии… Сотору, бука, ыта илдьээри кэлиэхтэрэ… Ол иннинэ… өрүсүһэн… түргэнник…”

Аргыылап сулбу ыстанан турда уонна туох да бокуойа суох икки илиитинэн ааны сырбатан барда:

– Аһыҥ! Аһа охсуҥ! Түргэнник!

Чуолҕаҥҥа харабыл сирэйэ көһүннэ.

Аргыылап аны халҕаны тэбиэлээн кибиргэттэ:

– Чэйиҥ даа! Аһа охсуҥ! Силиэдэбэтэли!..

Халҕан тэлэлиннэ.

Аргыылап охсо турбут омунугар тобуктуу түстэ:

– Түргэнник! Мин барытын кэпсиэм!.. Барытын! Бүүс-бүтүннүүтүн!..

12

Амма өрүс тунаара долгулдьуйар киэҥ иэнэ, харах ылбатынан нэлэһийэр налыы сыһыыта эмискэ дьирибинии, дьэргэлдьийэ түстэ. Уҥуоргу кэрискэ тыа кэтэҕиттэн баадай алтан олгуй түгэҕин саҕа күтүр бэйэлээх күн күлтэс гынан сири-халлааны бүтүннүүтүн кытарымтыйар тоҥ сарыалынан саба ыста. Тымныы уҕарыйыахтааҕар дьыбара эбии күүһүрэн истэ. Бэл итиччэ улахан күҥҥэ ичигэһи иҥэриммит биир даҕаны кыракый кыым ордубатах, уота-күөһэ адьас умуллубут быһыылаах. Ити дьэс алтан күн, өһөҕүрэ кытарар сарыалынан ыһыахтаннар даҕаны, киһи силиитигэр тиийэ дьаралыйан киирэр амырыын тымныынан аҥылыйарга дылы.

Уу чуумпу. Бу дьыбардаах салгын чуумпутун арай ат туйаҕа суол чигдитигэр чыбыргыыра, дуҕалаах хомуут хардыы аайы сахсыллан хаачыргыыра, сыарҕа ыллыга хаар устун халтарыйан кыыкырдыыра эрэ аймыыллар. Ол быыһыгар өрүскэ муус дэлбэритэ тоҥон саа эстэринии эҥсиллэрэ хам-түм иһиллэр.

Миитэрэй Аргыылап оҕонньор улахан от тиэйэр сыарҕаҕа токуччу түспүт. Кини өрөпкүөмнэр түһээннэринэн Солобудаҕа кыһыл сэриигэ от тиэйэн киллэрэн баран төннөн иһэр. Уон сыарҕаны түһэрбиттэриттэн, айахтарын бүөлээн, биири киллэрдэ. Аны тоҕуһу тиэрдиэхтээх. Онтукаларын бэрт сыранан толоттороллоро буолуо ээ. Кинилэр дьаһайбыттарын аайы улгумнук тиэйэ охсон биэрэр санаата суох. Хайа, бүгүһүн эмиэ ылбыттара дии. Оҕонньор бэҕэһээ киэһэ соруйан түүннэтэ киирэн хоммута. “Баҕар, уолум туһунан тугу эмэ истээйэмий”, – дии санаабыта да, тугу да истибэтэ.

Аргыылап чугас дьиэ эргин үлэҕэ-хамнаска кэтэр таҥаһын таҥныбыт: моонньугар эрэ барбах көстөр куобах баттаҕа саҕа дуомнаах, түрүкүө тастаах кылгас сонун харбыччы кэппит, эргэ таба бэргэһэтин сыҥааҕын ыксары бааммыт. Ону таһынан уһун саал былаатынан моонньун иккитэ хаста эриммит. Суол эниэлэригэр төҥкөҥнүүрүттэн дьүүллээтэххэ, олорон эрэ утуйан иһэргэ дылы. Дьиҥэр кини хата кимнээҕэр да сэргэх иһэр. Омос көрөргө халтаһатын саппыт курдук да буоллар, кини бэл түүн даҕаны уута көппүтэ ыраатта. Инньэ били Суонда куораттан тахсыаҕыттан. Хас-хас хонно ол?..

Кыычаны дьиэҕэ сиэтэн киллэрэн баран, хаҥас диэки кыыстаах ийэ көрсүспүт үөрүүлэригэр хайа түбэһиэх убахтаһалларын одуулаһан, били күтүр ымайан багдаллан турбута ээ. Миитэрэй оҕонньор онуоха ойон тиийэн Суонданы эргилиннэри тардыбыта:

– Хайа, баҕайыа, хайдах сырыттыҥ?

Анарааҥҥыта тоҥхоҥноон кириэхтээбитэ. Бука, үчүгэйдик сырыттым диэбит дьүһүнэ буолуо.

– Туох сонун баар куораккар?

Суонда, Кыычаттан хараҕын араарбакка, кэм да мичээрдээн аллайан туран, төбөтүн илгистибитэ.

– Суох… дуо?

Суонда аргыый төбөтүн тоҥхоппута.

– Хайда-ах?! Ханна барбыт?!

Суонда көхсүн иһигэр хордьугунуур бүтэҥи тыас иһиллибитэ.

– Бу дьиккэр тылыттан букатын матан тахсыбыт дуу, тугуй? – Миитэрэй оҕонньор тымта түспүтэ. – Бэлиэрийи көрүстүҥ дуо, сатанаа?

Суонда сонун түөһүттэн илгиэлии турар Аргыылабы дьэ таба көрөн, онон-манан атын өҥнөөх абырахтардаах саал былаатын сүөрүнэн барбыта. Уолун туһунан истэ охсоору ыгылыйбыт Аргыылап санаатыгар, анарааҥҥыта саалын бүтүн күөс быстыҥа сүөрэн, тэбээн, тэнитэн, көмүлүөк иннигэр кирээдэҕэ илдьибитэ.

Оҕонньор, балтыгар биллибэтэҕэ буолуо диэн санаатар да, тулуйбакка, Кыычаҕа хаһыытаабыта:

– Хотуой, убайгын биллиҥ дуо?

– Суох! – кыыс хайыһан көрбөккө да эрэ быһа биэрбитэ.

Суонда буоллаҕына, суолун ааныгар эмиэ төттөрү кэлэн, аны бэргэһэтин быатын кытары астаһан эрэрэ.

– Күтүөр, Бэлиэрийи көрүстүҥ дуу, суох дуу?

Аргыылап оҕонньор сити ыйытыыга хоруй истэ охсоору тиэтэйэрэ. Уола баар, этэҥҥэ сылдьар эрэ буоллун. Онтон ордук билигин киниэхэ туох да наадата суоҕа. Ону баара Суондата сэҥийэтин өрө анньан, мастыйбыт тарбахтарынан сыҥааҕын аннын булкуйа туран эмиэ быһаарыыта суохтук ыҥыраммыта.

– Баҕайыа, ити аата баар диигин дуу, суох диигин дуу? – диэн бардьыгынаабытынан Аргыылап Суонда бэргэһэтин, быатын быһа тардан, төбөтүттэн умса хастаан ылан ороҥҥо элиппитэ. Онтон сонун тимэхтэрин сорохторун көтүрүтэ, сорохторун төлүтэ тыытан, эргийэ сүүрэн уһулу баттаан, эмиэ уҥа кыыраппыта. Суонда, онно бөрүкү ороһуйбакка, аны сылгы тыһа этэрбэһин тэбэнээри аан таһыгар өйөммүт сиппиири харбаабытын Миитэрэй оҕонньор эһэ охсон былдьаабыта уонна хамначчытын түөһүттэн кэйиэлээн илдьэн көмүлүөк иннигэр олоппоско тиэрэ анньыбыта.

– Көрүстүҥ дуу, суох дуу?

Суонда төбөтүн илгистибитэ.

– Тоҕо? Ханна барбыт?! Этэ тарт, дьиккэр!..

Аргыылап, айа кирсин курдук, дьирдьигинии турбута.

– Хаай-быт-тар… – Суонда дьэ кэмниэ-кэнэҕэс саҥа таһаарбыта.

– Уу, абаккам да эбит! Ону этээригин үөрэн ымайан турбутуҥ дуо, сатана?! – Аргыылап кыһыытыгар Суонданы сиппииринэн төбөҕө кууһуннарбыта.

– Тугу-тугу дэһэллэрий? Бэлиэрийи хайдах… хаайаллар? – диэн аны хаппахчыттан ийэлэрэ айманан тахсыбыта. – Кимнээх?!

– Чыкаалар, акаарыа, чыкаалар!

Аргыылап Суонда төбөтүттэн төттөрү тэйбит сиппииринэн аны эмээхсинин далайыахча буолан иһэн тохтообута уонна умайа турар көмүлүөк бэлэһигэр элиппитэ.

Миитэрэй оҕонньор икки оҕотуттан биирдэһин былдьаттаҕа ол. Саамай таптыыр оҕотун. Туйахпын хатарыа, муспут баайбын-дуолбун илдьэ хаалан, хас эмэ бүк хаҥатан, торҕо буруону унаарытан олоруо диэн эрэнэр эрэ уолун. Кыыс диэн уолга холоонноох буолуо дуо? Кыыс оҕону сахалар омук анала диэччилэр. Чахчыта да оннук ээ. Эн төрүөххүн салҕаабат, эн ааккын ааттаппат. Онуоха эбии Аргыылап оҕонньор кыыһыгар Кыычаҕа кыра эрдэҕиттэн даҕаны соччо ымманыйбат этэ. Кини эмээхсининээн оҕолорун саҥата суох чаастаспыт курдуктара: уола – аҕатыгар, кыыһа – ийэтигэр. Итиэннэ уола улаатан истэҕин аайы аҕатын өйүн-санаатын төһө ылынар да, кыыһа сыллата ахсын киниттэн соччонон тэйэн, ыраатан иһэр курдуга.

Кыыча хайыы-сах быһайын адьас атын майгыланан тахсыбыт этэ. Аҕалаахпын диэн сай устата биирдэ даҕаны киһилии кэпсэппэтэҕэ, наар “суох”, “баар” иккинэн муҥурданара. Ходуһаҕа даҕаны, сайылыкка даҕаны мэлдьитин отчут-масчыт уолаттары, кыргыттары кытта сэмдэлиһэрэ. Кинилэргэ эҥээрдэстэҕинэ айаҕа аһыллара, сэһэнэ-тэппэнэ элбиирэ, ырыата-тойуга чугдаарара, күлүүтэ-оонньуута үксүүрэ. Оттон сүрдьүгэс сиэрдийэни аһан дьиэтин тэлгэһэтин иһигэр киирдин да, дьэбин уоһуйан хаалара. Аһаҕас уолуктаах сиидэс ырбаахытын иһигэр икки киһи сылдьарын курдуга.

Бу билигин Кыыча өссө ордук туспа өйдөнөн-санааланан тахсыбыт быһыылаах. Ити бэйэтэ хайдах үөрэҕин быраҕан ол кыһыл куоратыттан араҕыста буолла? Оҕонньор биирдэ далга сүөһү аһата сылдьан ону ыйыппытыгар, Суонда баҕайы көхсүн этитэн эрэ кэбиспитэ. Кэпсээтэҕэ ол. Көхсүн этиттэ да, киниттэн үгүһү истибэккин. Ыйытан эрэйдэммэтэҕиҥ ордук. Ыллам Ыстапаан албыннаан-көлдьүннээн тылыгар үктэттэҕэ. Тахсымаары гыннаҕына, ийэҥ улаханнык ыарыйда, тахсан көрөр үһүгүн диэ диэн Суондаҕа лэбэйдэммитэ да, сымыйалыырын аньыыргыыр муҥутаан, ону эппэтэх күтүр буолуо ээ. “Үөрэхпиттэн тоҕо таһаардыгыт?” – эҥин диэн айдаарбакка, Кыыча хата син сылдьар дии. Миигин кытта кэпсэппэт. Баҕар, инньэ диэн ийэтигэр этэрэ, ийэтин кыһарыйара буолуо”.

Суондалаах тахсыахтарыттан Миитэрэй оҕонньор кэтэҕэриин ороҥҥо көспүтэ. Хаппахчыга ийэтэ кыыһынаан утуйаллар. Бастакы түүннэригэр, хаптаһын быыс нөҥүө иһиттэххэ, ботугураһыы, сибигинэһии бөҕө этэ. Сарсыарда иккиэн харахтара дьолточчу иһэн турбуттара. Түүнү быһа ытаспыт быһыылаахтара. Ол сарсыарда чэйдии олорон, Аргыылап, үгүһү-элбэҕи быһаара барбакка, Кыыча тэлгэһэтин иһиттэн харыс да халбарыйыа суохтаах диэн булгуччулаахтык дьаһайбыта. Кыыһа ону истэн эрэ кэбиспитэ, саҥарбатаҕа. Оҕонньор бары кулут-чаҕар дьонноругар итинник бакааттаабыта. Билиҥҥитэ кыыс ханна эмэ бара сатыыр чинчитэ биллибэт. Баран да ханна, кими кытта барыай? Ол да буоллар кыыһын сүрэҕэ бу тэлгэһэттэн тэлэһийиэн баҕарарын, кини санаата ханна эрэ ыраах, атын сиргэ тиийэрин оҕонньор бүтэйдии сэрэйэрэ. Улахан айан суолунан сыарҕалаах аттар Солобуда диэки, кыһыллар этэрээттэрэ баар Солобудатын диэки, баралларын Кыыча сайыһа одуулаһарын оҕонньор көрөрө. “Көрдүүн-көрдүүн! Көрөрүн ааһан, дьүгэлийдин даҕаны ол бассабыыктарыгар! – диэн арыт Аргыылап кыыһыран быып– пастан кэлэрэ. – Кини эмиэ улахан аҕай буолан! Уолум эрэ баар буоллар! Бэлиэрийим… чыычааҕым… сиэтэхтэрэ… Бэйэм даҕаны киирэн быыһыырым суох. Хата бэйэбин былдьатыам. Оҕом буруйун эбии хаҥатыам… Оо, туох быыһыа баарай оҕобун?..”

Уола бытырыыстаах да быыһаабат, арбаҕастаах да абыраабат аана суох алдьархайыгар түбэспитин оҕонньор өйдүүрэ. Буруйа даҕаны ботуччу соҕус буолуохтааҕын эмиэ сэрэйэрэ. Бэппэлээйэп кыньараал бэйэтинэн ыыппыт итэҕэллээх киһитин чыкаалар хайдах да аһыныах тустара суоҕа. Муҥар ханна даҕаны аны саа уоһугар туруорартан атын буруйдааһын мэлийбитэ быданнаата. Хайыай, тутуу былдьаһыы, алын баттаһыы буоллаҕа дии. “Чыкаалар түбэспиттэрэ буоллар, мин оҕом даҕаны аһынара биллибэт этэ. Оо, ол эрээри саа уоһа баҕайы киһиэхэ бэйэтигэр биитэр саамай чугас киһитигэр туһуланара ынырык да буолар эбит. Хайдах түбэһээхтээбит сорой ити Бэлиэрий? Наһаа баламаттаан көстөн-биллэн хаалбыта дуу? Баламаттыа даҕаны. Үнүрүүн олус кыыла туран уонна барыта-бары табылларыгар олус эрэнэн иһэр этэ. Биитэр ханнык эмэ “атаһа” тыллаан биэрбитэ дуу? Оннук буолуон эмиэ сөп.

Бассабыыктар быйыл сайынтан бэттэх дьон санаатын бэйэлэрин диэки олус охтордулар. Буруйдаах, буруйа суох диэн соччо ордорбокко, аҥаар кырыытыттан кытаанахтык тутуу-хабыы, тугу оҥорбутун-оҥорботоҕун үгүстүк ырыҥалаабакка дьэбирдик сууттааһын дьиҥэ биһиги аймахха бэрт туһалаах этэ. Итиччэтигэр ньуур туттар холобуруҥ кырдьыктаах, этэр тылыҥ ылыннарыылаах курдук буолара.

Ону баара били Төхтүргэ тоһуурга өлбүт Харандасыыл хамыһаара – Бэлээнискэй дииллэр дуу? – кэлэн барытын эргитэ тутан кэбиспитэ. Ол киһи дьаһайан сүрүннүөҕүттэн ыла кыһыллар аны наар өйдөтөр, быһаарар, сүбэлиир суолга туруммуттара. Инньэ гынан үрүҥ этэрээттэригэр саа тутан сарахачыйа сылдьыбыт үгүс дьадаҥылар “итинник эбит буоллаҕына, сэбиэскэйи утарбаппыт”, “сэбиэскэй былаас бэйэбит былааспыт эбит дии ону баара…” дэһэ-дэһэлэр, үрэл-тарал барбыттара.

Бэлээнискэйдэрэ манна, Аммаҕа, Хоҥкоойуку аттыгар син буору уоппута. Сүрдээх харса суох киһини кэпсииллэр. Чөҥөчөккө сөрүөстэн ытыалыы сытар үрүҥ саллаакка атынан саба сүүрдэн кэлбит уонна: “Сааҕын бырах, бэрин, өлөрүөхпүт суоҕа”, – диэбит үһү. Ону били саллаат нууччалыы билбэт буолан истибэтэх, түҥнэри ытан түһэрбит. Саллааты тараччы тутан ылбыттар. Ону Бэлээнискэй ыттарбатах, өссө аһаттарбыт, чэй, табах, ас-үөл бэрдэттэрбит, дьиэтигэр ыыталларыгар дьаһайбыт уонна эппит: “Кини биһиги тоҕо, туох иһин манна кэлбиппитин олох олорон биллин: бар дьоҥҥо кырдьыгы кэпсээтин…” Эчи бу киэҥин, холкутун! Бэйэм буолларбын – мин эрэ буолуом дуо, атын ким баҕарар буоллар – тыыммар турбут киһини көҥүл ыыттарбатах баҕайым ини! Сонно тута, көрөн сыттахпына, накаастатан өлөттөрүөм этэ. Хамыһаардара итинник дьаһайан баран өлөн хаалбыт. Били саллаат, ону көрөн, оҕолуу маккыраччы ытаабыт. “Мин эһиги маннык үтүө санаалааххытын билбэтэҕим. Биһиэхэ кыһыллар, ким да буоллун, аҥаар кырыытыттан кырган-өлөрөн, уоттаан, халаан иһэллэр диэбиттэрэ. Мин ыар буруйу оҥордум. Миигин ытыҥ…” – дии-дии, көрдөспүт. Ол киһи, үрүҥ этэрээтигэр тиийэн, тугу билбитин-көрбүтүн кэпсиир аакка сылдьыбыт. Үрүҥ этэрээтэ устунан ыһыллан хаалбыт. Ол иһин бандьыыт тойотторо кыһыл аҕытаатара эбиккин диэн били киһини тутан, ыттаран кэбиспиттэр этэ. Көр, Бэлээнискэйдэрэ бэл өлөөрү туймаарыйа сытан оннук ырааҕы эҥсэн саныыр кыахтаах эбит. Өллөр даҕаны биир үрүҥ этэрээтин ыһан кэбистэҕэ ол.

Үрүҥ аймахха сатаатар биир итинник улахан өйдөөх киһи баара буоллар дуу. Бассабыыктар улахан хамыһаардара өлөн, бэлиитикэлэрэ уларыйыа, уруккутугар төннүө, оччоҕо эмиэ тыын киллэриэхпит диэн эрэммиппит туолбата. Аны аптаныамыйа диэн иирэн турдулар. Саха бэйэтэ туспа судаарыстыбалаах буолар үһү. Судаарыстыбалаахтар ээ, ыт сыалыйаламмытыгар дылы… Инньэ гынан саха үөрэхтээхтэрэ кыһылларга холбоһон, үлэлэһэн эрэллэр дииллэр. Өссө саха кыһыл этэрээтэ диэни туспа тэриммиттэр. Дьэ оннук буолбутун кэннэ Бэлиэрийи тыллаан биэриэхтэрин да сөп. Ити эрээри кини халымыр соҕустук түбэһиэн эмиэ сөп ээ. Бачча эйэ-тупсуу диэн айаҕалана олорон, баҕар, кытаанахтык дьүүллүөхтэрэ суоҕа. Оо, оннук баҕас буоллар дуу!.. Итинтэн мүччү туттардаҕына, уолбун, бэйи, аны оннукка-манныкка убаныма, кутталлаах соҕуһун тумна хаама сырыт диэн кытаанахтык бакааттыам этэ. Чэ бэйэтэ даҕаны кэһэйэр ини. Тыыннаах эрэ төлө көттөр… Муҥ саатар били Бэппэлээйэптэрэ сүттэ дии. Эчи айана тугун бытаанай…”

Иччитэ санааҕа түһэн кыһаллыбакка олорорун туһанан, ат аа-дьуо хааман липпирдээн истэ. Ону өйдөөн көрөн, Аргыылап муоһанан садьыйбахтаата. Сыарҕа, суол килэҥнэригэр уҥуор-маҥаар охсуллан, элээрэн барда.

Аргыылап тыа ыалын күнүскү чэйэ буолуута дьиэтигэр тиийдэ. Тэлгэһэ сүрдьүгэс күрүөтүн баҕанатыгар биир сыарҕалаах ат баайыллан турар. Оҕонньор ону дьиксинэ көрдө. “Эмиэ киммит түбүлээтэҕэй? Эчи, киһи аны айан дьонуттан да дьулахачыйар күнэ-дьыла кэлэн турар”. Аргыылап, дьиэҕэ киирэр кэмин уталыта таарыйа, атын анараатах, ойуур саҕатын диэки далга салайда. Суонда үлэтин бүтэрэн дьиэҕэ киирэ охсубут быһыылаах: дал иһин кылбаччы ыраастаабыт, ынахтарын аһаппыт. Аргыылап атын булгуппата: чэй кэнниттэн Суонданы мас тиэйтэрэ ыытыа. Сиһин быатын эрэ холкутатан, хабыалатар от биэрдэ. Дьиэ диэки хараҕын кырыытынан көрө-көрө, атын кырыатаата. Сотору дьиэттэн оҕо таҕыста. “Ээ, били дьаамсык оҕо, Солобуда бааһынайын уола, эбит. Кэбис, барыахха. Мантан антах киһи бэйэтин күлүгүттэн кытта куттаныыһы быһыылаах”.

Миитэрэй оҕонньор тэлгэһэтигэр үктэниитэ дьиэтин аана иккиһин тыаһаата. Кини, муннугу эргийэн иһэн, ийэтин тииҥ истээх кылгас сонун санныгар саба быраҕыммыт Кыыча сыбдыгырайан тиийэн атын сүөрэ турар уолга туох эрэ маҥаны биэрбитин көрдө. Онтукатын биэрэ-биэрэ, кыыс тугу эрэ саҥаран кубугураата: айаҕыттан туман бурҕаҥнас. Уол сөбүлэһэн кэҕиҥнээтэ, били маҥанын хоонньугар угунна. Уол атын эргилиннэрэн эрдэҕинэ эрэ Аргыылап “сурук!” диэн өйдүү түстэ.

– Тохтоо! Нохоо, тохтоо! – диэн хаһыытаата кини.

– Бар! Бара оҕус! – Кыыча уолга кыланна. – Түргэнник!

Аргыылап сүүрэн истэҕинэ кыыһа иннин күөйэ түстэ.

– Тугу биэрдиҥ?

– Куттаныма: эн эккин, арыыгын биэрбэтим!

– Кимиэхэ сурук ыыттыҥ, соруоха?!

– Кимиэхэ да ыытыым – эн наадаҥ суох!

– Тохтоо! – Аргыылап илиитигэр иилистэ сылдьар кыыһын киэр хаһыйда. – Нохоо-о!

– Куот! – күрдьүккэ батары түһэ сытан Кыыча хаһыытаата.

Аргыылап сиэрдийэ быыһынан кыбылла-кыбылла тахсыар диэри уол ыраатта. Оҕонньор абатыгар туох да хоһооно суох бабыгырыы түһэн баран далыгар тэбиннэ. Аһыы турар атын эргилиннэри тардаат, кымньыынан самыыга сабаата. Болточчу уоппут отун ыстыы-ыстыы, кэннин, хаалларбыт отун, диэки хайыһан иһэн, ат соһуйан ыстанан кэбистэ.

Уол улахан айан суолугар киирэрэ чугаһаан эрэр эбит.

Аргыылап кымньыыта атын самыытыгар куһууран олордо.

Улахан суолга киирээри өҕүллэн иһэн оҕонньор эккирэппитин уол көрдө. Талах чыпчаххайын эмиэ быыстала суох ууммахалаата.

Иккэрдилэрин ырааҕа биллэ кыччаан барбытыгар Аргыылап үөрдэ. Ол иһин дьаамнар үлбүрүйбүт аттара туох аанньа көлө буолуоҕай. Тэлгэһэ аттыгар бэрт мөлтөх сүөһү турара. Атын сырбатан иһэн, оҕонньор сэдиэлкэтэ хайдах эрэ улаханнык өрүтэ мөхсөрүн көрдө. Ээ, сатана баара, арба, сиһин быатын холкутатан кэбистэ этэ дуу! Аны олгуобуйалара сөллөн түһэн хаалыахтара. Дьэ оччоҕо иэдээн. Оччоҕо ити быччаҕар көрдөрбүтүнэн куотарыгар тиийэр. Ол эрээри таҥара көмөлөһөр ини…” Бэйи, ити кыыс ханна сурук ыыппыта буолуой? Кимиэхэ? Солобудаҕа дуо? Онно суруйсуох киһитэ урут суохха дылы этэ дии. Баҕар, биир эмэ дьүөгэ кыыстааҕа дуу онно? Солобудаҕа буолбатаҕына, ханна суруйуой? Дьокуускайга дуо? Онно кимиэхэ суруйуой? Ити сатана ол куоракка туох-туох дьоннору билэттиирин айбыт билэр. Кини туох диэн суруйуон сөбүй? Итинник түҥнэри сүргүөхтээх баҕайы манна оннуктар-манныктар бааллар, миигин тутан-хабан олороллор, убайым Бэппэлээйэптэн сорудахтаах барбыт үһү (ийэтиттэн истибитэ чахчы) эҥин диэн суруйдаҕына даҕаны көҥүлэ. Чэ туох да диэн була сатаабыт иһин биһиэхэ туһалааҕы суруйбатаҕа чахчы. Аны Солобудаҕа баар чыкааларга баайбын ханна кистээбиппин суруйда дуу? Үнүр муҥар кыыһыраммын, кини истэригэр айахтатан кэбиспитим. Хайаатар даҕаны туох эрэ алдьархайдаах сурук быһыылаах. Дэлэҕэ уолун куоттара сатыа, аҕалаатар аҕатыгар илиитинэн түсүһүө дуо?”

– Нохоо, тохтоо! – Аргыылап, сыарҕатыттан былтайа сатыы-сатыы, күөмэйин муҥунан хаһыытаата. – Син биир ситиэм! Эрдэтинэ тохтоо!

Уол тохтуох быһыыта биллибэтэ.

– Нохоо, бэйикэй! Ситтэхпинэ, сиһиҥ үөһүн быһа тардыам!

Дьаамсык уол ата мөлтөөбүтэ билиннэ. Аргыылап чугаһаатар чугаһаан барда. “Олгуобуйаларым эрэ дуҕаттан арахсыбаталлар…” – диэн ыгылыйа саныы истэ. Анараа ат, сэниэтэ эстэн уҥан баран, адьас аатыгар эрэ көппөрөҥнүүр буолла. Оҕонньор ыкса чугаһаата. Атын күөнүнэн уол сыарҕатыгар астарда.

– Тохтоо, нохоо!

Уол тохтообото. Тохтуохтааҕар, атын эбии күүскэ соруйа сатаата.

“Бу хайдах куотуом диэн саныыр быччаҕарый!”

Суол өҕүллүүтэ кэллэ. Аргыылап тоҥуу хаарынан быһа көтүтэн, уол иннигэр түһэн, суолга туора тартаран кэбистэ. Уол ата эрэйдээх сэбирийэ кырыарбыт төбөтүнэн оҕонньор атын буутугар анньыллан көбүөхтүү турда.

Аргыылап кымньыытын ууммутунан уол сыарҕатыгар тиийдэ.

– Нохоо, суруккун аҕал!

– Сурук суох… Мин туох да суругум суох, – уол ботугураата.

“Аны, кырдьык, суругун ааһан иһэн ханнык эмэ талах төрдүгэр батары анньан кээспитэ буолуо, – диэн Аргыылап куттанна. – Уонна хаһан эмэ хойут – сарсын дуу, өйүүн дуу – кэлэн ылан барыа”.

– Аҕал!

– Суох!.. – уол сиэҕинэн сирэйин хаххаланна.

Аргыылап субу охсуох быһыынан кымньыытын өрө ууммутунан уолу уолугуттан харбаата уонна сыарҕатыттан суол чигдитигэр соһон түһэрдэ. Хаҥас атаҕын тобугунан куттанан тылыттан маппыт уолу түөһүттэн хам баттаата, сонун тимэхтэрин турута тардан хоонньугар илиитин укта уонна түөрт муннуктаах кэмбиэрдээх кумааҕыны ороото.

– Түөкүн, өссө мэлдьэһэ сытар!..

Аргыылап уолу кымньыынан сирэйгэ сырбатан иһэн тохтоото. Кэбис, бааһыртаҕына, аны айдаан тахсыа. Төрөппүттэрэ кыыһырыахтарын сөп. Дьаамсыктарын көмүскэһэн, өрөпкүөмнэр даҕаны өрөкөчүһэн таҕыстахтарына көҥүлэ. Кэби-ис! Оҕонньор ол да буоллар кыайан туттуммата: турарыгар тобугунан уол түөһүн батары баттаан ылла, этэрбэһин тумсунан ойоҕоско тэбэн “кип” гыннарда. Уол саҥата “һык” эрэ диэн хаалла.

Сыарҕатыгар олорон иһэн, Аргыылап суругун эргим-ургум туппахтаата. “Туох диэн ис хоһоонноох үөдэн буолла? Аны кыыс кыыска ол-бу буоссата суоҕу тараапайдаабытын эккирэтиһэ сылдьабын дуу?” Оҕонньор үөрэҕэ суоҕуттан кэлэнэн сиргэ силлээтэ. Былыр оскуолаҕа киирээри гыммытын аҕата буолбатаҕа: үөрэхтээх саханы саллаакка илдьэ бараллар үһү диэн. Онтон кэлин үөрэнэр да түгэн көстүбэтэҕэ: биир кэм үлэ-хамнас, сүөһү-ас, атыы-тутуу айдаана. “Бэйи, хайыах баҕайыный? Ээ чэ, Оппооройдорго барыахха. Кинилэр кыра уоллара суругу ааҕар буолуохтаах…”

Аргыылап дьиэтигэр кыыл тириитин кэтэн төнүннэ. Оппооройдор уоллара, айаҕар куотаары муҥнуур сыыҥын өрө сыҥсыйа-сыҥсыйа, дьоҕойон хамсалаах табах быстыҥа көлөһүн-балаһын аллан ыскылааттаан аахпыта, суруктара Дьокуускайга эмп техникумун студенткатыгар Адамова диэҥҥэ аадырыстаммыт сурук буолбута. “Миигин манна күүстэринэн кэлгийэн таһаардылар. Ол-бу сымыйа сураҕы итэҕэйимэ. Мин эн итэҕэлгин кэспэтэҕим. Кэһиэм даҕаны суоҕа. Хаһан даҕаны. Миигин буруйдаама. Мин туох да буруйум суох. Мин хайаан да үөрэхпэр төннүөм. Инньэ диэн курсум оҕолоругар илдьиттэ тиэрт. Кинилэр төһө да миигин туора анньа сатаабыттарын иһин, мин кырдьыкпын дакаастыам, кинилэр кэккэлэригэр киирэр дьоллонуом. Кытаатан били кинини – кими этэрбин эн билэҕин – көрүс уонна мин илдьиппин тиэрт: миигиттэн кэлэйбэтин. Миигин куһаҕаннык санаабатын”, – диэн суруйбут этэ Кыыча.

Уолу кыһарыйан туран суругу эргитэ сылдьан хас биирдии буукубатыгар тиийэ хос-хос аахтардар да, кыыһа чопчу туох диэн суруйбутун Аргыылап кыайан өйдөөбөтөҕө. “Ол Адаамаба диэн кыыс тугу итэҕэйбит баҕайыный? Харчы иэс биэриэ дуо? Эс, оччоҕо тоҕо Кыыча “итэҕэлгин кэспэтэҕим” диэҕэй? Андаҕарга дылы. “Миигин туора анньа сатаабыттара” диэбит. Чэ ити сөп: баай кыыһын туора анньыахтара суоҕа дуо? Оттон “кырдыкпын дакаастыам” диэн тугу этэрий? Ханнык “кырдьыгын”? Өссө “кинилэр кэккэлэригэр киирэр дьоллонуом” диэбит ээ. Кимнээх кэккэлэригэр? Билиҥҥи тиэхэньикиим оҕолоро бука бары хомсомуоллар буолуохтара. Хомсомуолга киириэм диэн этиэ дуо? Ама дуу, хайа үлүгэрий… Ээ чэ, буолуон да сөп, дэлэ түҥнэри сүргүөхтээх бэдик диэтэҕиҥ дуу. “Күүстэринэн кэлгийэн таһаардылар” диэн тыллаабыт буола-буола! Көр эрэ маны! Дьэ, хотуой, аны ханнык да “кэккэҕэ” киириэҥ суоҕа! Үөрэххэр да төннүөҥ суоҕа. Үөрэнэн бүттэҕим диэн кэбис!”

Аргыылап иччитэх кэриэтэ иһийбит дьиэтигэр киирдэ. Кэлбитин биллэрэн көхсүн этитэ-этитэ, тас таҥаһын устан ыйаата. Хаппахчыттан ким да тахсыбата.

– Хайа, бу ким эмэ баар дуу, суох дуу?

Им-ньим.

Аргыылап хаппахчы аанын тэлэйэ баттаата. Кыыча истиэнэ диэки хайыһан оронугар сытар эбит. Оҕонньор, ойон тиийэн, кыыһын илиититтэн туруору тарта.

– Аҕаҥ саҥарарын истэҕин дуу, суох дуу?

Кыыс сымыһаҕын быһа ытыран турда.

– Таас дьүлэй буола оонньообуккун кулгааххын чөллөрүтүөм! Тыла суох буолан кубулуммуккун тылгын тылбыйыам! Миэхэ өсөһөн үтүөнү көрүөҥ суоҕа.

Оҕонньор кыыһын хаппахчыттан соһон дэллэритэн таһааран көмүлүөк иннигэр аҕалла.

– Көр эрэ маны! – Аргыылап хоонньуттан суругу таһааран сөҕүрүйэн эрэр уокка бырахта. – Истэн кэбис: аны букатын суруктаммат-бичиктэммэт буол! Аны биирдэ туттахпына куһаҕан буолуо. Сэрэтэбин. Уонна үөрэниэм диир санааҕын букатын умун. Бу дьиэттэн эн биир эрэ түбэлтэҕэ атын сиргэ барыаҕыҥ. Эргэ таҕыстаххына. Иһиттиҥ дуо?

Кыыс хараҥарбыт хараҕын симириктэтэн аҕатын батары көрдө.

– Иһиттиҥ дуо диибин дии!

Кыыс ньыгыл таас кэриэтэ ньимийэн турда.

– Ыл миигин көрүмэ! Көрүмэ диибин дии!

Кыыс эбии хараҥарбыт хараҕын көрбүтүн кубулуппата.

– Ха-хараххын тэһитэ сынньыам, сир… сиргидэх!

Бабыгырас буола кыыһырбыт Аргыылап икки илиитин ууммутунан кыыһыгар дьүккүйэн эрдэҕинэ хаҥас аантан Ааныс тахсан иккэрдилэригэр быыһыы түстэ.

– Аргыыйый бу! – диэтэ сибигинэйэ былаан гынан баран дьэбирдик.

Аргыылап ол саҥаттан соһуйан илиитин ууммутунан тохтуу биэрдэ. Тугуй бу? Бу кини ойоҕо, отучча сыл бииргэ олорбуттарын устатыгар киниэхэ биир да тылы утары эппэтэх ойоҕо дуо бу? Туох буолла бу кини? Дьоҕойоно ини. Киниэхэ баҕас биир күүстээх тыл, биир эрчимнээх хамнаныы сөп ини. Аргыылап, кыыһыгар барыахтыы, харытынан ойоҕун санныттан хаһыйда. Хайа, бу тугуй? Дьахтар дьигис да гыммата. Муостаҕа батары хатаммыт курдук. Аргыылап ойоҕун сирэйин көрдө. Уйуһуйбут ат кэриэтэ икки таныыта үллэҥнээбит. Хараҕа, кыыһын киэнинии, боруорбут. Тугу да кэрэйиэ суох, туохтан да толлуо суох харахтар. Аргыылап билигин аҕай чиччигинээбит илиитэ улук буола түстэ.

– Дьэ бэйикэйдэриҥ! Кэһэтэлиэм! – диэн бабыгырыы-бабыгырыы, сонун, бэргэһэтин кыбыммытынан оҕонньор таһырдьа ыстанна.


Аҕыйах хонон баран Суонда Солобудаҕа киирэ сырытта. Тойоно дэриэбинэҕэ олохтоох Баллаанай диэн билэр киһитигэр ыытта. Уолун сураһыннараары. Тугу эмэ истибит-билбит буоллаҕына, илдьиттээтин диэн. Суонда баҕайы төһө даҕаны илдьит аҕалан сэһэргээн үллэҥнэппэтэр, быһыта-орута да буоллар, кэм биир эмэ тылы – саамай кылаабынайын – этиэ этэ буоллаҕа дии. Бу иэрэҥ-саараҥ кэмҥэ киниттэн ордук эрэллээх киһини булар күчүмэҕэй.

Суонда киэһэлик төнүннэ. Киһитин сирэйэ-хараҕа арыый уларыйбытын көрөн, Аргыылап куйахата түрүтэ тардыталыырга дылы гынна.

– Хайа?!

Суонда саҥата суох хоонньуттан хаһыаты ороон уунна.

– Маны ким биэрдэ? Баллаанай дуо? – оҕонньор салҕалас илиитинэн хаһыаты ылла.

Суонда тоҥхох гынна.

– Тылынан тугу да эппэтэ дуо?

Суонда хара сөмүйэтинэн хаһыат кэтэх страницатыгар харандааһынан төгүрүтүллүбүт сири ыйда уонна суол аанын диэки чинэрийдэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации