Текст книги "Киһи биирдэ олорор"
Автор книги: Софрон Данилов
Жанр: Литература 20 века, Классика
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 12 (всего у книги 41 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]
– Манна ол туох баар үһү? Бассабыыктар илэй-балай тойуктара ини, – Аргыылап хаһыаты өрө-таҥнары туппахтаата. – Хотуой, кэл аах эрэ.
Кыыча үгүстүк ыҥыттарбата, таҕыста. “Хаһыат!.. Якутскайтан!..” Аҕатын илиититтэн эһэ охсон ылла. “Автономная Якутия”! Аҕыйах хонуктааҕы… “Бука бары Пепеляев генерал авантюратын үлтүрүтүүгэ!” диэн үөһэ улахан хара буукубаларынан бэчээттэммит. “Саха норуота советскай былаас көмүскэлигэр турунна” диэн инники ыстатыйа. Ол аллараа өттүгэр “Якутскай комсомолецтара кыһыл сэрии кэккэтигэр киирэллэр” диэн заметка. Улуустартан информациялар. Хаһыат страницата бүтүннүүтэ ыстаал ыстыык уһугунан адаарыйбыкка айылаах. “Бэйи, бу заметкаҕа, баҕар, педтехникум комсомолецтарын туһунан баара буолаарай?”
– Хайдах атын сири көрөн дьэлтэриҥнэтэ тураҕын?! – Аргыылап хаһыаты сулбу тардан ылан, кэтэх страницатыгар бэлиэтэммит сири ыйда. – Маны аах! Туох диэбиттэрий? Маны! Маны!
“ГПУ Саха уобаластааҕы отделын иһитиннэриитэ”. Кыыча сүрэҕэ мөҕүл гынан ылла: арааһа… Хараҕа аллара халтарыйда.
– Хайа, ааҕыый!
– “ГПУ Саха уобаластааҕы отделын иһитиннэриитэ. Аҕыйах хонуктааҕыта үрүҥ бандьыыттарга актыыбынайдык кыттыбыттарын, кинилэргэ көмөлөспүттэрин, кинилэр туһаларыгар үспүйүөннээбиттэрин иһин Саха уобалаһын Революционнай Трибуналын бириигэбэринэн ытылларга уурулуннулар: 1) Аргылов Валерий Дмитриевич…”
– Туох даа?! – оҕонньор чинэрис гына түстэ.
Кыыс саҥата суох хаһыаттан хараҕын араарбакка турда.
– Тугу-тугу баллыгырыыгын? Аах!.. Аах!
Кыыча аҕатын батары көрөн ылла, сымыһаҕын быһа ыстаата.
– “…ытылларга уурулуннулар: 1) Аргылов Валерий Дмитриевич…”
Балаҕан иһигэр уу чуумпу буолла.
– Сиэбиттэр!.. Аа-ыы-ыы! – эмискэ Аргыылап киһиттэн да, кыылтан да ураты куһаҕаннык хаһыырбытынан хаһыаты сулбу тардан ылан үрүт-үрдүгэр хайыта тыытан барда. – Аата, абам да буолар эбит! Абакка-быы-ыын!.. Кырам-мыттар!.. Оо, үтэһэҕит тостуо баара дуо?.. Оо, оҕом сыыһа!.. Бырастыы…
Хаҥас диэкиттэн саҥата суох истэн турбут Ааныс кэлэн кыыһын кууһа түстэ:
– Тоойуом… ити тугу аахтыҥ? Бэлиэрийи ити… хайаабыттар?
– Ытарга уурбуттар, – Кыыча сибигинэйдэ уонна ийэтин санныттан кууста.
– Хайда-ах?! Оҕобун дуо?.. Бэлиэрийбин дуо?.. Һуу!.. – Ааныс өрө уһуутаабытынан муостаҕа сууллан ньыкыйан барда. – Оо, оҕом… оҕом…
Аргыылап хаһыат лоскуйдарын тэпситэлээн тэлэкэчийэ туран кыыһын көрө түстэ.
– Хайа, эн тоҕо тураҕын?! Тоҕо тугу да саҥарбаккын? Тоҕо?!
Кыыча уйуттубат буолбут ийэтин кууспутунан аҕатын утары хайыста.
– Тоҕо саҥарбаккын диибин дии! Тоҕо ытаабаккын? Убайгын тоҕо аһыйбаккын?!
– Оҥорбутугар түбэстэҕэ дии… – Кыыча ити саҥатын кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
– Ээ?! Туох даа?!
Аргыылап, баҕанаҕа ыйанан турар кымньыыны сулбу тардан ылан, кыыһын харса суох кулаабытынан барда. Ол кулаан, сүрэҕэр сөҥмүт туох баар аһыытын-абатын сүөкүүргэ дылы буолла.
– Бу баар эйиэхэ!.. Бу баар!..
13
Аргыылап оҕонньор уолун кытта арыый эрдэ бырастыыласпыта. Валерий өссө да тыыннаах этэ. Үнүр уураахтаммыт киэһэтигэр ааны дарбыйан астарбытын кэннэ силиэдэбэтэлгэ аҕалбыттара. Ойуурап хоһун боруогун бу сырыыга букатын атын Аргыылап атыллаабыта. Били сэнээбиттии хоноччу туттан, көбүс-көнөтүк дьирэлдьиччи үктэнитэлээн киирэр урукку уола хаан буолбатах этэ. Бу сырыыга быһа тэптэрбит тэллэх ытыныы куймуччу туттубут, албыннаһан кирик-хорук көрбүт, уота-күөһэ умуллубут киһи мөҥүөхтэрэ диэн сэрэммиттии аа-дьуо киирбитэ. Били урут чуор мутук төрдүнүү дьэрэличчи көрбүт хамнаабат харахтара сүүрэкэлэс буолбут этилэр. Ону көрөн баран Томмот биир-икки чаас иккэрдигэр киһи уларыйар да эбит диэн сөҕөн кэбиспитэ. Сөхпүтэ уонна сиргэммитэ.
Ол киэһэ Валерий силиэдэбэтэлигэр үгүһү кэпсээбитэ: Пепеляев туох сорудахтаах ыыппытын, хайдах айаннаабытын, аара ханна сылдьыбытын, куоракка киирэн кимнээҕи көрсүтэлээбитин. Ордук иҥэн-тоҥон, бары ымпыгар-чымпыгар тиийэ Соболев туһунан сэһэргээбитэ: кинини Пепеляев этэрээтигэр кимнээх билэллэрин, полковник Рейнгардт суругун, ону толоруох буолан Соболев сөбүлэспитин. Итини барытын туустаан-тумалаан кэпсии-кэпсии, иһигэр олус диэн сэтэрии санаабыта: “Дьиккэр, кэһэйдин. Миигин ыйан, бэркэ сөмүйэтэ чочоҥноон эрэрэ. Миигин толук биэрэн тыыннаах ордуом дии санаабыта буолуо, түөкүн! Кинини даҕаны саа уоһугар туруораллар ини. Туруордуннар!”
Ити курдук тоҕо тэбээн кэпсээн иһэн, Аргыылап, уоска бэрдэрбиттии, ах барбыта. “Эмиэ алҕаһаан эрэбин…” – дии санаабыта кини. Билэрин барытын сибилигин сүөкээн кэбистэҕинэ, кини сыаната улаханнык чэпчиир ээ. Оччоҕо, туһалааҕы этэрэ бүтэн, салгына тахсыбыт хабах кэриэтэ “хоос” гынан хааллаҕына, сарсыарда илдьэн ытан кэбистэхтэринэ да көҥүллэрэ. Кэпсиэх иннинэ торгуйдаһыах баар этэ. Кэпсээбитим манньатыгар ытымаҥ диэн. Ойуурап силиэстийэлииригэр төһөтө эмэтэ: “Барытын билиннэххинэ, ону түрүбүнээл аахсыа”, – диэн эппитэ ээ. Билигин даҕаны, билиммитим кэннэ, бириигэбэрдэрин уларытыахтарын тоҕо сатамматый? Уларыппат да буоллахтарына, сатаатар арыый уталыта түһүөххэ баар… толороллорун. Аҕыйах да хонук иһигэр быһыы-майгы араастаан уларыйыан сөп. Кэбис, тохтуохха…”
– Гражданин силиэдэбэтэл, мин барытын ис сүрэхпиттэн билинним, – Валерий аллара ньыкыйан олорон Ойуурап сирэйин эккэлээбиттии өрө көрбүтэ. – Трибунал бириигэбэрин көтүрүө дуо? Эн эппитиҥ ээ…
– Мин түрүбүнээл уурааҕын иннинэ эппитим. Ону истибэтэҕиҥ, – Ойуурап, кини билиниитин соччо улахаҥҥа уурбатахтыы, тымныытык хардарбыта.
Ити хаҕыс саҥаттан Валерий өссө ньыкыс гыммыта.
– Мин өссө да… элбэҕи кэпсиэм этэ… ыппаккыт буоллар…
– Ытыахпыт суоҕа диэн эрэннэрбэппин. Мин ону быһаарар кыаҕым суох. Эн көрдөһүүгүн түрүбүнээлгэ тиэрдиэхпин сөп. Ону эрэннэрэбин.
– Мин өссө да кэпсиэм этэ. Өйбүн-төйбүн булуннарбын. Сарсын… өйүүн…
Дьэ ити курдук торгуйдаһан, Валерий Аргыылап бириигэбэр толорулларын уталытта. Билиҥҥитэ кини тыыннаах. Өлөрүллэртэн быыһанара дуу биитэр өссө төһө өр тыыннаах буолара дуу биллибэт. Инникитэ бүтүннүүтэ субу үүнэр чыпчылҕантан ыла хабыс-хараҥа. Кини бэйэтин олоҕун биир да мүнүүтэтин, биир да чааһын бас билбэт. Кини аны отут мүнүүтэнэн дуу, аны биир чааһынан дуу тыыннаах буолуом диэн бигэтик этэр кыаҕа суох. Ол барыта – таҥара илиитигэр. Таҥара киэнигэр буолуо дуо – чыкаалар илиилэригэр. Силиэстийэҕэ илтэхтэрин ахсын: “Миигин хайыахтарай?.. Мин көрдөһүүбүн ылыналлар дуо?..” – диэн Ойуураптан ыйыта сатыыр да, анарааҥҥыта “мин билбэппин”, “мин ону дьаһайбаппын” диэн иһэр.
Күн киэһэрдэ быһыылаах. Түннүгүн оннугар киһи уунан тиийбэт үрдүк чуолҕаннаах кыараҕас хаамыра, хараҥаран, өссө ордук кыараабыкка дылы буолла. Үөһэ кыракый лаампа аатыгар эрэ кылахачыйар. Кими эрэ силиэстийэттэн аҕаллылар быһыылаах: атах тыаһын даҕаспытынан хаамыра аана хаахынаан сүттэ.
Валерий оронугар көхсүнэн истиэнэҕэ өйөнөн олорон нуктаан иһэн хараҕын аһа биэрдэ. Бэйи эрэ, киэһэрэн эрэр дии. Кинини бүгүн тоҕо ыҥырбатылар? Дьиибэ. Ыйыталлара, наадыйаллара бүттэ буолуо дуо? Биитэр аны силиэстийэлээн да туһа суох буолсу диэн быһаарбыттара дуу? Валерий бэйэтэ даҕаны бэҕэһээ, иллэрээ күн наһаа кэччэннэ быһыылаах. Кини, силиэстийэни уһатаары, күннэтэ ахсын кыра-кыраны быктара сатыыра. Итиэннэ тугу быктарарын эмиэ ыараҥнатан көрөрө наада этэ. Кини, холобур, аара били кыһыл разведчиктары өлөртөөбүтүн букатын мэлдьэспитэ. Итинник чахчылар кини дьылҕатын, тимир дьаакырдыы, таҥнары тардаллара биллэр. Силиэстийэ уһуура Валерийга хайаан да наадалаах этэ. Пепеляев бирикээһэ этиитинэн, кини бастакы этэрээттэрэ Дьокуускайга субу күннэргэ чугаһыахтаахтар. Оччоҕо чыкаалар даҕаны, хайаан да хоттороллорун биллэхтэринэ, бириигэбэрдэрин толортуулларын тохтотуохтарын сөп. Хас быстыбыт тыын кинилэр көхсүлэригэр ыар баттык буолан сүктэриллиэ турар ээ. Ол кинилэри сыанан-арыынан аҕаабата чахчы. Кинилэргэ даҕаны күн сырдыга баҕалаах ини. Оччоҕо эмискэ кимэн киирэн, пепеляевецтар быыһаан ылыахтарын эмиэ сөп. Сэриигэ өлөргө ууруллубуттар быыһаналлара үгүс буолар…
Бэйи, ол эрээри тоҕо кинини бүгүн ыҥырбатылар? Бэйи-бэйи… Бэҕэһээ Валерий бириигэбэрин туһунан ыйыппытыгар Ойуурап хайдах эрэ муодатык ымах гыммыта ээ. Баҕар, көннөрү уоһун хамнаппыта эбитэ дуу? Суох, чахчы хайдах эрэ куһаҕаннык ымах гыммыта. Уонна кини кэпсиирин адьас аахайбатахтык туттара. Кини дьылҕата хайыы-үйэ быһаарыллан бүппүтэ эбитэ дуу? Кэпсиэҕин кэпсээн, көрдөрүөҕүн көрдөрөн бүппүт киһини тоҕо өр… Оччоҕо тугуй? Оччоҕо бу түүн… Ол иһин бүгүн ыҥыттарбатылар буолуо дуо? Оо, оо!..
Валерий ыстанан турда. Бадык-бүдүккэ тохтоло суох тилигирэйэн уҥуоргу-маҥааргы истиэнэлэртэн иҥнитэлээтэ. Хайыахха? Тугу гыныахха? Аҕыйах хонугу уталытар эрэ туһугар кини тугу билэрин барытын тоҕо тэбээбит муҥа дуо? “Кинилэргэ туһалааҕы үгүһү көрдөрбүтү тоҕо аахсыбаттарый? Аахсыах тустаахтар!.. Аахсыахтаахтар!.. Мин этиэм… Мин ааттаһыам… Арай аахсыбатыннар?.. Оо!.. Ама бириигэбэрдэрин хайаан да толорорго быһаарбыттара буолуо дуо? Аны түүн… Түүн үөһэ ааһыыта. Хас чаас хаалар оччоҕо?.. Тугун соторутай? Хаһан кэлэн илдьэ баралларын көһүтэн хам-бааччы олорор дуо? Оо, һуох! Тугу гыныахха?..”
Эмискэ ойон тиийэн, Валерий халҕаны тоҥсуйда.
Чуолҕан аһылынна.
– Силиэдэбэтэли!
Харабыл атаҕын тыаһа көрүдүөр уһугун диэки барда. Саҥарар. Төлөпүөннүүр быһыылаах. Валерий кулгааҕын халҕаҥҥа даҕайан иһиллээн чөрбөйө сатаата да, биир да тылы чопчу истибэтэ. Атах тыаһа бэттэх кэллэ. Илдьэллэрэ буолуо. Ойуурапка тахсан туох диэҕэй? Туох диэтэҕинэ, ордук ылыннарыылаах буолуоҕай?
– Силиэдэбэтэл эйигин көрсөрү наадалааҕынан аахпат! – чуолҕан “хап” гынна.
Валерий өрүһүйэн тугу да ыйыппакка хаалла. Хайдах?! Хайдах “наадалааҕынан аахпат”? Ол аата бүттэҕэ. Дьылҕата быһаарылыннаҕа. Билигин кини киһи буолбатах – өлүк. Ким өлүгү кытта кэпсэтэри “наадалааҕынан ааҕыай”? Аҕыйах чаас… Түүн үөһэ… Уонна? Оо, бу сору… Кэбис!.. Кэбис!..
Валерий эмиэ халҕаны дарбыйда.
– Түргэнник – силиэдэбэтэлгэ! Сип-сибилигин!.. Түргэнник!.. Сип-сибилигин!.. – диэн үрүт-үрдүгэр субурутта кини харабыл сирэйэ көстүбүтүгэр.
– Эппитим буолбат дуо: силиэдэбэтэл “наадалааҕынан аахпат” диэн?!
– Мин улахан наадалааҕы этиэм! Наадалааҕы да наадалааҕы!
Харабыл барда.
Аргыылап эмиэ иһиллээн турда. Эмиэ “наадата суох” диэхтэрэ дуо? Иттэхтэринэ, дьэ тугу этиэҕэй? Кини биири адьас тиһэххэ диэн хаһаанан сылдьардаах. Саамай муҥур уһукпар туттуом диир хаһааһа. Ол Дьокуускайга Пепеляев листовкаларын кимнээх тарҕаталлара. Ону эттэҕинэ этэрэ да бүтэр. Тыын былдьаһар кэм кэлбитин кэннэ тугун хаһааһай, тугун харысхалай!.. Ол эрээри кини итини киирдэ киирээт кэпсээн биэриэ суоҕа. Бастаан атынынан аралдьыта сатыа. Онтон…
– Таҕыс!
Валерийы силиэдэбэтэл хоһугар киллэрдилэр. Ойуурап остуола кураанах эбит.
– Олор, – диэтэ киниэхэ Чыычаахап.
Валерий, саарбахтаабыттыы турбахтаат, олордо.
– Туох наадалааҕы этиэм диэбиккиний? Кэпсээ. Истэбин.
– Гражданин Ойуурап…
– Ойуурап солото суох… Мин истэбин…
– Мин Ойуурапка кэпсиэм этэ.
– Миэхэ да, Ойуурапка да кэпсиириҥ син биир. Мин Ойуурапка тиэрдиэм.
– Мин Ойуурапка… – Валерий санаатыгар, этиэх буолбутун бу уолга эттэҕинэ суолтата мөлтөөн хаалыан сөп.
– Оччоҕо хаамыраҕар төннөргөр тиийэҕин, – Чыычаахап турда.
Валерий туох да түмүгэ суох төннөрө кэлбититтэн ыгылыйда. Ойуурап арай букатын кэлбэтин? Оттон кинини түүн…
– Гражданин Чыычаахап, Ойуурап миигин истиэхтээх. Мин улахан наадалааҕы…
– Этэбин ээ: мин киниэхэ тиэрдиэм.
Валерий саарбахтаан олордо. Эттэххэ? Оччоҕо кини эппит өҥөтө намтыыр. Итиэннэ бу уолуҥ туох диэн тиэрдэрэ биллибэт ээ. Мин бэрдим бэрдинэн ыга үктээн ыйытан биллим диэтэҕинэ көҥүлэ. Ол кэриэтин…
– Суох, киниэхэ эрэ…
– Ол айылаах туох туһунан этээри гынаҕын?
“Бэйи, кыратык быктаран мэҥиэ быраҕыахха”, – дии санаата Валерий.
– Пепеляев листовкаларын куоракка ким тарҕатарын этиэм.
– Ойуурап ону билбэтэ буолуо дии саныыгын дуо?
Аргыылап ити тыллартан, сүнньүгэ оҕустарбыттыы, дөйөн ылла. Чочумча хараҕын сабан олордо. Төбөтө биир кэм куук-хаах курдук. Кулгааҕар туох эрэ часкыйарга маарынныырдыы чускуутуур. Аргыылап төбөтүн илгиһиннэ уонна ытыһыгар умса түстэ. Ол курдук сирэйин баччыктаммытынан төҥкөйөн олордо. Кулгааҕар чускуутуур тыас кэнникинэн аҕыраан барда. Төбөтө онуоха арыый дьайҕарарга дылы гынна. “Бэйи эрэ, ити аата тугуй? “Билэр” диир дии. Биллэхтэрэ. Тутуталаатахтара. Эмиэ хойутаабыппын. Кэччэнэн, кичэриһэн хойутаабыппын. Эрдэ эппитим буоллар… Бүттэҕим. Бүгүн ол иһин ыҥыттарбатахтар эбит. Барытын билэр буоланнар. Аны кэлэн, туохпунан толук туттан быыһаныахпыный? Аны кэпсиирим да мэлийдэ…”
Аргыылап хараҕын кырыытынан Чыычаахап диэки кылап гынна. Көстөр дьүһүнүгэр соччо туох да биллибэккэ дылы. “Аны түүн өлүөхтээх киһини кытта кэпсэтэрэ буоллар, сирэйигэр туох эмэ сибики көстөө эбитэ ини. Баҕар, хайдах ис санааны биллэрбэт буоларга чыкааҕа үөрэтэллэрэ дуу? Ойуурап адьас хамнаабат маасканы кэппит кэриэтэ ээ: тугу санаан олорорун сэрэйбэккин. Бу уол мин дьылҕабын билэрэ чахчы. Киниттэн, бэйэлэрин үлэһиттэриттэн, тоҕо кистиэхтэрэй? Уонна Ойуурап кинини итэҕэйэр быһыылаах. Уолга туһаайан биирдэ эмэтэ саҥардаҕына бэрт сылаастык саҥарар. Ыйытыахха дуу? Ойуураптыын кэпсэтэллэриттэн сылыктаатахха, уол чыкааҕа адьас соторутааҕыттан бэттэх үлэлиир быһыылаах. Тимир тириини кэтэргэ соччо уһуйулла илик бадахтаах. Билэр буоллаҕына, баҕар, этиэҕэ”.
– Гражданин Чыычаахап, көҥүллүөҥ дуо, мин биир суолу ыйытыахпын?
Аргыылап саҥата ньуолбарын, эккэлэһин бэйэтэ да сөбүлүү, астына иһиттэ.
– Ыйыт, – диэтэ Чыычаахап, саарбахтыы түһэн баран.
– Трибунал мин көрдөһүүбүн хайдах быһаарбыта биллэр дуо?
– Билбэппин.
“Суох, сирэйигэр туох да көстүбэт. Кырдьык, билбэт быһыылаах, – дии санаата Аргыылап, уолу супту көрөн олорон. – Итиэннэ саҥата-иҥэтэ олус хабыра суох, сымна соҕус дии. Педтехникум студена буоллаҕа. Көмүүгэ техникум колоннатыгар кэлбит этэ. Кини мин Кыыча бииргэ төрөөбүт убайа буоларбын биллэҕэ. Ону баҕас билиминэ. Кини Кыычалыын төһө чугас эбиттэрэ буолуой? Түбэһэ түһэн сэргэ хаампыттара эбитэ дуу биитэр доҕордуу эбиттэрэ дуу? Соҕотох балыс кими-тугу кытта куодарыһарын билиэххэ да баар эбит. Кырдьыга, ону ыйыталаһа сатыыр түгэн суоҕа. Уонна ол оччо наадата да суох курдуга. Ким бу уолу кытта манна, чыкааҕа, көрсүһүөм дии санаабыта баарай? Камерабар төттөрү үүрбэт дии. Олорор. Ойуурабын көһүтэрэ дуу? Кыыча туһунан ыйыттахха хайдах буолуой? Кыыһы чахчы сөбүлүүр буоллаҕына, миигин даҕаны олус туора көрүө суоҕун сөп этэ. Өссө тугунан эмэнэн көмөлөһүөн эмиэ сөп. Таптыыр дьахтар туһугар оннооҕор өлөллөр дии. Маннык түгэн өссө түбэһэрэ биллибэт…”
– Көрдөһөбүн… Кыычаҕа, балтыбар, бирибиэттэ тиэрт… Бирибиэттэ да буолуо дуо – бырастыыта. Убайыҥ эйиэхэ дьоллоох олоҕу… дьоллоох тапталы баҕарбыта диэр…
Томмот ити аргыый сибигинэйэ былаан этиллибит саҥаттан “дьик” гына түстэ. Силиэстийэ былаһын тухары кини баарына Кыыча туһунан биир да тыл этиллибэтэҕэ. Томмот Кыычалыын доҕордуутун хаайыылаах хантан билэрий? Кыыс этиэ дуо? Тутуллуон иннинэ балтынаан көрсүспүтэ буолуо дуо? Оччоҕо Кыыча убайын адьас биир куомуннааҕа буолан тахсар. Комсомолга киирэргэ сайабылыанньа биэрэ сылдьан убайын, Пепеляев генерал ааҕынын, кытта кистээн көрсүһэр… Убайа хаайыллыбытын истээт, күрүүр… Тугун сүрэй. Оннук үлүгэр дьүһүн кубулунара, оччо үлүгэр хос дууһалааҕа буолуо дуо? Оннугар тахсар. Бөрөттөн бөрө төрөөн эрдэҕэ…
Аргыылап кыыс аатын ааттаабытыгар уол “дьик” гыммытын, сирэйэ-хараҕа уларыйа түспүтүн бэлиэтии көрдө. “Чугастыылар быһыылаах. Туора кыыс аатын тоҕо итинник соһуйа истиэй? Хапта… Хапта…” – диэн кини үөрэ санаата. Итинник буоллаҕына…
– Хаайыылаах, тур! Барыах!..
“Куолаһын сонотор… Күргүйдүү сатаахтыыр. Ити ыксаан гынар. Ойуурап түбэһэ кэлиэ диэн куттаннаҕа… Чэ бэйи, мэҥиэтэ көһүннэ. Эрдэттэн ыйан-хайан көрбөккөбүн. Баҕар, билигин да хойутаабатым ини…”
Көрүдүөр уһугар, тахсар ааҥҥа чугаһаан иһэн, Аргыылап кэннин хайыста уонна, чугас, истиҥ киһитигэр этэрдии, аргыый ботугураата:
– Кыычам барахсаны атаҕастаамаар дуу… Көрдөһөбүн…
– Хаампахтаа!
“Бардырҕаахтаа… Ол да буоллар эн ити тыллары умнуоҥ суоҕа…”
Ойуурап үлэтигэр ыкса киэһэ төнүннэ. Сонун, бэргэһэтин муннукка турар иллэҥ олоппоско быраҕан баран, тугу эрэ өйдүү сатыырдыы, хараҥа түннүк диэки көрөн, сөмүйэтинэн остуолун сирэйин тоҥсуйан тобугурата олордо. Сирэйэ-хараҕа тыйыһырбыт. Урут даҕаны салгын сиэн боруорбут уҥуох сирэйэ өссө ордук күлүгүрбүт, хараарбыт курдук буолбут.
– Балаһыанньа күн-түүн ыараан иһэр, – диэтэ кини аргыый. – Сүүс түөрт уонча киһилээх Аракыытын кыньараал этэрээтэ Кириэс Халдьаайыны, Тааттаны, Уолбаны ылаттаабыт. Аракыытын этэрээтэ – Бэппэлээйэп инники этэрээттэриттэн биирдэстэрэ. Бороҕон эмиэ бандьыыттар илиилэригэр киирбит. Аракыытын этэрээтин сороҕун Чурапчыга ыыппыт, сороҕунан Мэҥэҕэ кэлиэ үһү. Баартыйа обкуомун сэкэрэтэрийээтэ буолла. Обкуом хомуньуустары уонна хомсомуолустары сэриигэ хомуйар туһунан уураах ылынна. Быһыы-майгы итинник. Охсуһуу киэнэ кытаанаҕа, алдьархайдааҕа дьэ саҕаланан эрэр.
Ойуурап үөһэ тыынна. Кураанах хамсатын ылан оборон соппойон көрөн баран, табах ууруммакка, чэрэниилэтин иһитигэр өйөннөрдө.
– Биһиги тугу көмөлөһөбүт ити охсуһууга? Билиҥҥитэ көмөбүт адьас ситэтэ суох. Ол иһин сөпкө мөҕөллөр. Ааҕыннарбыт эрэспиэскэлиир үлэлэрэ мөлтөх, бытаан. Өстөөх тугу былаанныырын, ханна барарга, тугу оҥорорго тэринэрин дьиҥинэн хас да хонук инниттэн билэ олоруохтаах этибит. Биһиги буоллаҕына сорох чахчылары байыаннай хамаандабанньаттан хойутаан билэбит биитэр букатын да билбэккэ хаалабыт. Уонна дьэ туох көмөлөөх буолуохпутун сөбүй? Үлэһит тиийбэт. Бэйэм барабын диирбин ыыппаттар. Оннук кыһалҕа. Оннук, – Ойуурап сүүһүн имэринэ чочумча саҥата суох олордо, онтон Томмокко хайыста: – Хайа, манна туох сонун баар буолла?
Чыычаахап кини суоҕар туох буолбутун кэпсээтэ. Аргыылап туһунан эмиэ. Пепеляев листовкаларын Дьокуускайга ким тарҕатарын Ойуурапка этиэх буоларын, Кыыча туһунан ахтыбытын. Барытын кэпсээтэ.
– Сөөп-сөп. Саа уоһуттан куотаары сордонон эрдэҕэ. Листиэпкэлэри ким тарҕатарын билэбит да, киниттэн истэр эмиэ наада. Баҕар, биһиги билбэппитин этиэҕэ. Сарсын ыйытыахпыт. Билэрин барытын түөрэ сүөкэттэриэхпит. Ол эрээри, дьоннорун төһө да укталыы сатаатар, ытыллартан куотара саарбах, – Ойуурап сараадыспыт тарбахтарынан өрө адаарыйа сылдьар баттаҕын кэтэҕин диэки анньыммахтаата. – “Кыычаҕа бирибиэттэ тиэрт” диир дуу? Балта тыаҕа тахсыбытын билбэт буоллаҕа дии оччоҕо? Биитэр көннөрү эйигин үтэн-анньан көрөр дьүһүнэ эбитэ дуу? Билбэт буоллаҕына, Кыыча кинини кытта сибээһэ суоҕар тахсар. Эн кыыһы олус кыраама-таныйыма. Куоракка убайын букатын көрсүбэтэх уонна тыаҕа күүстэринэн таһаарбыт буоллахтарына, кини тугун буруйай? Чэ көстөн иһиэҕэ.
Ойуурап, туран барааҥкатын санныгар быраҕынан баран, хоһугар аа-дьуо төттөрү-таары хаама сырытта.
– Кыыча… Кыыча… Убайдыы-балыстыы… – диэн ботугураата кини уонна уол остуолун иннигэр тохтоото. – Иһит эрэ, Томмот, маннык гыныахха. Аргыылап балтын туһунан саҥардаҕына, эн сөп да, сөтөгөй да диэмэ. Кыыһырыма даҕаны, үөрүмэ даҕаны. Истэ эрэ сырыт. Баҕар, биир эмэ утаҕы быктарыаҕа. Сөп дуо?
14
Кэтэҕэриин ороҥҥо таҥара долбуурун анныгар сытан Миитэрэй Аргыылап оҕонньор өлөр саҥатын саҥарбытынан уһукта биэрдэ. Бэйэлээх бэйэтин балаҕаныгар сытарын итэҕэйбэккэ, хараҥаҕа тула өттүн туппахтанна: истиэнэ… суорҕана… Түүл эбит. Туох эрэ умайар уот кыһыл баҕайы, эмиэ да киһиэхэ, эмиэ да кыылга маарынныыр ынырык күтүр, кинини түөһүттэн сиргэ эпсэри үктээн баран, хабарҕатын хам тутан муомахтаан испитэ. Һуу… Аргыылап ытыһын тилэҕинэн сирэйин көлөһүнүн туора-маары сотунна. Үнүрүүн уолун туһунан ынырык сураҕы истиэҕиттэн оҕонньор аны бу орто аан дойдуга туохтан да куттанарбын аастым ини дии санаабыта. Кырдьык даҕаны, уола суох буоллаҕына, кини күн сиригэр олорбут олоҕо туох даҕаны суолтата суох буола түһэрэ. Кини бу мутугунан быраҕар муҥур үйэтин усталаах туоратыгар туох туһугар сүөһү-ас иитэн, үп-баай мунньан үрүлүйбүтэ-харылыйбыта буолуой? Аргыылаптар ааттарын ааттатар, кинилэр төрүөхтэрин салгыыр уолун туһугар. Миитэрэй оҕонньор өллөҕүнэ даҕаны уола Бэлиэрий, “Аргыылап баай” аатыран, өссө ордук ньиргийэн-ньаргыйан олорон хаалыахтаах этэ. Бэлиэрий кэнниттэн – уолун уола. Ол курдук салҕанан бара туруохтаах этэ үйэттэн-үйэҕэ Аргыылаптар ааттара.
Билигин дьэ ол сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар аҕаан, уллуҥаҕын көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан, түптээн-таптаан сыта-сынньана түспэккэ, нус-хас утуйан турбакка муспут баайын кимиэхэ хаалларар? Кыыһыгар дуо? Эчи суох. Киниэхэ биэриэн кэриэтин… Чыкаалар кыраммыттар оҕонньор олоҕун, кэскилин, ыратын күл-көмөр оҥорон кэбистилэр. Кини: “Уолбуттан мэлийэн баран, аны туохпун, тоҕо харыстаан, туохпун, тоҕо көмүскүү сатаан куттаныахпыный?” – диирэ. Бэйэтигэр тиийинэрэ сүрэ бэрдин эрэ иһин тыыннаах саллаҥнаан сылдьар курдуга. Тугу да оҥоруох санаата кэлбэт этэ. Тугу эмэ үлэлээри гыннаҕына, барыта бары илиититтэн мүччү түһэрэ. Ол да буоллар, өлөр тирээн кэллэҕинэ, син куттанар эбит. Куттаммата буоллар, тоҕо итинник куһаҕаннык хаһыытаан, ийэ-хара көлөһүнүнэн суунан уһуктуо этэй? Ити аата, тыыннаах сылдьыаҕын, олох олоруоҕун билигин да баҕарар буоллаҕа дии. Дьэ дьиибэ…
Оҕонньор сыттыгын анныттан сонун ылан санныгар саба быраҕынан, сыгынньах атаҕар этэрбэһин анньынан, бааллыбатах быаларынан сардырҕаан, таһырдьа таҕыста. Киһи хараҕа тэстиэх хараҥата. Түүн туман дьайҕарар үгэстээх этэ да, бу түүн өссө ордук хойдубут. Оҕонньор баккы эрэ хаххалаах сотото аһыйбахтаан барда. Хабыалаан түһэн тымныыта тугун хабараанай! Дьыл олунньуга үктэннэ даҕаны, тымныы уора-кылына уҕарыйыахтааҕар ордук кыынньыбыт.
Оҕонньор, күрдьүгэр чэпчэкилэнээт, дьиэтигэр дьөгдьөрүйдэ. Куобах уорҕата суорҕанын анныгар киирэн кирийдэ. Ирдэ да, хараҕа силимнэһэн барда. Икки-үс хонуктан бэттэх тоҕо бачча дөбөҥнүк утуйар буолбутун оҕонньор бэйэтэ да дьиктиргиир. Уолун туһунан куһаҕан сураҕы истиэҕиттэн ыла уута көтөн адьас килэччи көрө сылдьыбыта ээ. Аны туран уу мээрик буолла. Тугун муодатай…
Түүн үөһэ ааһыыта, эмиэ туох эрэ түҥ-таҥ түүлгэ эриттэрэн, сырдыкка-хараҥаҕа киирэн иһэн, оҕонньор хаппахчыттан эмээхсинэ хаһыытыырыттан уһугунна.
– Оҕонньоор!.. Оҕонньоор!.. Бу балай утуйбута тугун кытаанаҕай! Оҕонньоор!
Аргыылап өндөс гынна: ааны тоҥсуйан дарбыйаллар эбит.
– Эмиэ хайалара түүнү сырайданан кэллэҕэй, – оҕонньор абатыйан ботугураата. – Кыһыллар баҕайылар, иҥсэлэрэ батарбакка, ас хомуйа сырыттахтара дуу? Эчи, төрөөрү ыксаабыт дьахтарга дылы татакайданан түһэннэр.
Ити баллыгырыы олорон, Аргыылап улахан суол сүнньүгэр тиийэ баһаам үгүс ыллык кыыкырдыырын иһиттэ. Ат сыарҕатын тыаһыгар маарыннаабат чэпчэки тыас уонна туох эрэ биир кэм үрүт-үрдүгэр хабылык тымтыгыныы лачыгырыыр.
Оҕонньор олууру түһэрдэ. Халҕан тэлэллээтин кытта аан туман ортотугар баһаам элбэх күлүк булумахтаста.
– Уоккун умат! – туман ортотуттан хаһыытаатылар.
Аргыылап ыһыырынньык сырдыгар кыһайан көрбүтэ: сорохторо таба, сорохторо бөрө саҕынньахтаах, маҥан, хара тыс курумуулаах күтүр улахан дьон, нууччалыы туох эрэ диэн дабдыгыраһа-дабдыгыраһа, дьиэни киэптии кутулуннулар. Ол дьон ортотуттан быыһык саҕынньахтаах, кыһыл саһыл тыһа бэргэһэлээх, намыһах уҥуохтаах, бэрт куйа көрүҥнээх киһи тахсан оҕонньорго илиитин уунна:
– Миитэрэй оҕонньор, дорообо!
– Дорообо…
– Билбэтиҥ дуу? Саарбалаахаппын, Саарбалаах уолабын. Аҕам ааттаах атаһыҥ буолуохтаах этэ.
– Уу, билэн бөҕө. Тараас эбиккин дуу? Бу хантан иһэҕит?
– Илинтэн. Охуоскай муора диэкиттэн. Пепеляев генерал диэни истибитиҥ дуо?
– Истэн-истэн.
– Дьэ ол генерал сэриилэрэ иһэбит бу. Суолбут былаһын тухары, инньэ Охуоскай муораттан ыла, сэбиэскэй былааһы сиҥнэрэн кэллибит. Биһиги – инники этэрээппит. Суол аһааччыларбыт диэххэ сөп. Кэннибититтэн генерал бэйэтэ аата-ахсаана суох халыҥ сэриини илдьэ иһэр, – Саарбалаахап, дьүһүнэ бүрэ эрээри, уһаат иһигэр саҥаран эрэрдии лөҥкүнээтэ. – Ыраахтан силистээх-төрүттээх дьону сирдээн аҕаллым, оҕонньор. Бу былырыыҥҥы Коробейниковка эҥин туох да дьүөрэтэ суох дьон. Хас эмэ омугу кытта сибээстээхтэр. Быһата, сэбиэскэй былаас аны хаһан да эргийиэ суоҕа. Биһиги күммүт күөрэйдэҕэ диэн кэбис. Ол күнү бу дьон ыстыыктарын уһугар илдьэ кэллилэр.
– Тыый, тоҕо тураҕытый? Сыгынньахтаныҥ! Күүтүүлээх күндү ыалдьыт буолуҥ, – Аргыылап холоруктуу түстэ. – Суонда! Эмээхсин! Тура тардыҥ! Уотта оттуҥ! Аста астааҥ!
Оҕонньор көмүлүөк аттыгар кыстаммыт хардаҕастарга түспүтүн көрөн, бөрө саҕынньахтаах, ыйдаҥатааҕы тиит саҕа үрдүк киһи Саарбалаахапка тугу эрэ эттэ.
– Миитэрэй оҕонньор, биһиги тиэтэйэбит. Ыалдьыттыы олорор солобут суох, – Саарбалаахап оҕонньор көтөхпүт хардаҕастарын ылан төттөрү быраҕаттаата. – Ити биһиги тойоммут турар. Инники этэрээт хамандыыра. Рейнгардт Август Яковлевич диэн. Генералы эрэ аннынан полковник диэн чыыннаах киһи. Кини эйигин кытта кэпсэтиэн баҕарар.
Рейнгардт, аатын истэн, быыһык бэргэһэтин устан, төбөтүн биллэ-биллибэттик төҥкөттө. Полковник уҥа диэки хаптаччы тарааммыт саһархай баттахтаах, ыһыырынньык кэмчи уотугар даҕаны сырдаан көстөр дьэҥкир харахтаах, үрдүк, синньигэс муруннаах, суптугур, ньолбуһах сирэйдээх киһи эбит. Бэл үллэҕэр бөрө саҕынньах уҥуор кини көбүс-көнө, дьыралдьыйбыт таһаата биллэр. Оҕонньор өрө көрбүтүгэр полковник, төбөтүн эмиэ аатыгар төҥкөтө түһээт, чинэс гынна. Онуоха айа чаачарын кэдэрги тардыбыкка маарыннаан ылла.
Полковник Саарбалаахапка тылбаастатан кэпсэтэн барда. Кини, кэпсэтэр киһитин диэки хайыспакка, букатын атын сири, балаҕан хараҥа үрдүн, көрөн туран быһыта баттаан саҥарар киһи буолла.
– Араспаанньаҥ кимий диир полковник.
– Оттон… Аргыылаппын. Тукаам, ону бэйэҥ даҕаны киниэхэ этиэххин. Миигин…
– Оҕонньоор, кини миигиттэн ыйыппат ээ, эйигиттэн ыйытар. Ону мин хайдах сир хаба ортотуттан эппиэттии туруохпунуй? – Саарбалаахап сөбүлээбэтэхтии саҥарда. – Валерий Аргылов аҕатаҕын дуо диир.
– Аҕатабын-аҕатабын…
Полковник, онуоха дьэ арыый сымнаабыттыы, балаҕан барык-сарык муннуктарын, көмүлүөк оһох иннигэр куурдулла кэккэлээбит этэрбэстэри, оҕонньору бэйэтин кэриччи көрүтэлээтэ. Ол көрөн иһэн, икки дьабадьыта сиргэммиттии, аллара иэҕилиннилэр. Кини эмиэ дьиэ үрдүн диэки хантайда.
Аргыылап оҕонньор, бу улахан чыыннаах тойон иннигэр ис таҥаһынан эрэ турарын өйдөөн, баккыта тимэхтэнэр сирин бүүрэ харбанна.
– Уолгун полковник билэр үһү. Хайгыыр. Үчүгэй уолу төрөппүтүҥ иһин баһыыба диир.
Рейнгардт илиитин уунна. Аргыылап оҕонньор ону ыга тутан махтанарбын биллэриэм дии санаан эрдэҕинэ, анарааҥҥыта, тарбахтарын төбөтүн даҕайа түһээт, төттөрү тардан ылла.
– Уолгуттан туох биллэрий диир.
– Чыкаалар хаайан сууттаабыттар…
– Ноо! – Саарбалаахап соһуйда. – Ол сууттаан?
– Ытарга уурбуттар…
– Ыппыттар дуу?
– Билбэтим да… маннык күҥҥэ-дьылга…
Саарбалаахап оҕонньор эппитин Рейнгардтка тылбаастаата.
Аргыылап көрдөҕүнэ, полковник ону адьас ымыр да гыммакка иһиттэ, туттан турар быһыытын кубулуппакка, соччо-бачча кыһаллыбатахтык, улахаҥҥа уурбатахтык саҥарда. Кини Бэлиэрий түбэспититтэн хомойбут чинчитэ биллибэтэҕиттэн оҕонньор иһигэр абатыйа санаата.
– Аймамматын, биһиги аҕыйах хонугунан Якутскайга тиийэн быыһыахпыт диир. Хата герой уолун көрсөргө бэлэмнэннин диир.
“Аймамматын” ааттаах ээ. Чыкаалар эһиги тиийэн быыһыыргытын күүтэн олороллоро биллибэт… Оо, арай, кырдьык, быыһаатаргыт, таҥараҕа махтал буолуо этэ…” Оҕонньор өһүргэниэн дуу, махтаныан дуу билбэккэ турда.
– Полковник Солобудаҕа төһө элбэх кыһыл сэриитэ баарый диир.
– Икки сүүсчэкэ курдук этэллэр.
– Кэтэбиллэрэ ханан баарын бэлиэтии көрбүтэ дуу диэн ыйытар.
– Бадаҕа, үс сиргэ баара. Мантан тиийэр суол төрдүгэр, сыыр үрдүгэр балыыһа аттыгар уонна дэриэбинэ арҕаа уһугар.
– Чэ таҥна охсор үһүгүн. Биһиги онно баран иһэбит. Утуйа сыттахтарына тиийэн Солобуданы ыллахпытына сатанар.
– Мин онно тоҕо…
– Сирдьит буолар үһүгүн. Саба сүүрэн киириэххэ сөптөөх кэтэбилэ суох сири ыйан биэрэр үһүгүн.
– Мин…
Полковник дьоннорун диэки түҥнэри хайыста.
– Чэ, оҕонньор, түргэнник, – Саарбалаахап сүбэлиир– дьаһайар иккэрдинэн саҥарда. – Байыаннай дьон ол-бу диэн уҕалдьытары, куотунары сөбүлээччилэрэ суох.
Миитэрэй оҕонньор олоппоско олоро түстэ. Чыпчылҕан түгэнигэр кини төбөтүгэр элбэх санаа эймэҥнээн ааста. “Бэйэ дьоно эрээрилэр сатаатар куолутугар даҕаны “барсаҕын дуо?” диэн ыйыталаспат, быһа “таҥна оҕус!” диир дьон буоллулар. Чэ ол эрээри эмиэ даҕаны сөп ээ. Ыалдьыттыы барбаттар, уоттаах сэриигэ киирсээри тиэтэйэн иһэллэр. Оннук дьон ону-маны торгуйдаһа, сөбүлэһиннэрэ сатыы олоруохтара дуо? Уонна хайа миигин барсыа диэн бүк эрэнэн эрдэхтэрэ. Оҕобун билэллэр эбит дии. Бу барахсаттарга билигин көмөлөспөтөхпүнэ, хаһан көмөлөһүөмүй? Кинилэр кыайдаллар, биһиги аймах дьэ күммүт күөрэйиэ этэ. Төһө баҕарар киэбирдиннэр, сиргэнниннэр, улахамсыйдыннар, миэхэ көҥүл дьаһайар-дьарыйар, байар-тайар кыахпын эрэ төнүннэрдиннэр. Дьолум-соргум таайдаҕына, баҕар, оҕобун быыһыахтара. Чыкаалар дьиккэрдэр тутуу былдьаспатах буоллахтарына…”
– Оҕонньоор, чэ-чэ! Тойоттор ыксаталлар, – Саарбалаахап тула холоруктаата. – Таһырдьа бүтүн этэрээт күүтэн турар!
– Сип-сибилигин…
Аргыылап оҕонньор таҥнан хачыгырайан барда.
– Өссө барсан сирдиэх киһи баар дуо?
Аргыылап өс киирбэх арыычча “баар” дии сыста. Киирэр аан аттынааҕы ороҥҥо Суонда үллэн сытарын хараҕын кырыытынан көрөн аһарда. Ити баҕайы соруйан утуйбута буолар быһыылаах… Ама кинитин да иһин бачча үлүгэр күүгээҥҥэ утуйан оҥторо сытар үһүө. Билигин саҕатыттан өрө анньан туруордахха даҕаны, өтөр-наар уһуктан быстара биллибэт. Итиэннэ, иттэхтэринэ, аны баҕар, саа туттаран саллаатынан хаалларан кэбиһиэхтэрэ. Суондата суох кини хайдах да сатаммат. Илиитэ-атаҕа мэлийэрин тэҥэ. Кэбис, бэйэтэ да барсара сөп…
– Суох. Ити биир илини-арҕааны аанньа быһаарбат дьүлэй-балай киһийдэх эрэ баар.
– Чэйиҥ!
Үмүөрүһэн тахсан бардылар.
Тас халҕан сабыллаатын кытта хаппахчы аана тыаһаата.
Маҥан күлүк суол аанынааҕы ороҥҥо тиийдэ.
– Суонда! Суонда-а! – ыгылыйбыт саҥа сибигинэйдэ.
– Ээ-э… – хойуу саҥа аргыый көөҕүнээтэ.
Суонда, кырдьык, уһуктаҕас сыппыт эбит.
– Суонда! Аттаргыт далга тураллар буолбат дуо?
– Ы-һы…
– Суонда, чэ, тура оҕус! Кытаат!
Анарааҥҥыта саҥа таһаарбата.
– Суондаа, тиэтэйиий! Барыах! Бара охсуох!
Суонда ыйытардыы ыҥыранна.
– Аммаҕа, Суонда, Солобудаҕа. Кыһылларга. Ити утуйа сыттахтарына өмүтүннэрэн киирээри бардылар буолбат дуо? Урут тиийэ охсон тыллыахха! Суондаа, эн атын сиринэн быһа түһэр ыллыгы билэриҥ буолуо. Суондам барахсаан, абыраа даа! Тоҕо хамнаабаккыный? Турууй даа… Ааттаһабын…
– Ы-ы-ы… – оронтон быһаарыыта суох ыҥыранар саҥа иһилиннэ.
– Чэйиий, Суондаа, чэйиий..
Орон ньим курдук.
– Оо, дьэ, хара сордоох! Бачча сааскар диэри үчүгэйи-куһаҕаны араарбатыҥ тугун сүрэй! Бэйэҥ кыайан быһааран билбэт буоллаххына, сатаатар миигин итэҕэйиэххин! Мин эйиэхэ куһаҕаны оҥорторуом үһү дуо? Кыракый Кыычаҥ көрдөһүүтүн тоҕо ылыммаккын? Суондаа… Мин Суон-таам…
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?