Текст книги "Саллаат уонна таптал"
Автор книги: Сомоҕо
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
– Оо, Эрчим, Саҥа дьылынан эҕэрдэ! – Зоя сирэйдиин-харахтыын сырдаан, мичилийэн эҕэрдэлии тоһуйбута.
Эрчим үөрүөн иһин, кыыс хоско соҕотох этэ.
– Зоя, мин… Мин эйиигин Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! – уол долгуйарыттан титирэстээбит куолаһынан, нэһиилэ ыган-ыган, саҥа таһааран эҕэрдэлээбитэ.
Ол кэнниттэн кэннигэр кистии тута сылдьар хоруопкалаах сакалаатын кыыска туттарбыта.
– Уой, Эрчим, наһаа даҕаны үчүгэй подарок! Улахан махтал, баһыыба! – Зоя уолу иэдэһиттэн сыллаан ылбыта.
Эрчим кэрэчээн кыыс кинини сыллаан ылбытыттан долгуйан, сүрэҕэ күүскэ тэппитэ. Үөрүүтүттэн ханна да барыан-кэлиэн билбэтэҕэ. Эргиллэ түһээт, куотар киһилии хостон тахсан барбыта. Бүгүн киэһэ киниттэн ордук дьоллоох киһи суоҕа, түөһүн иһэ үөрүүнэн туолбута. Тулалыыр дьон барыта кинини эҕэрдэлииргэ дылылара. Эргиччи музыка тыаһыыра, араас дьэрэкээн уоттар күлүмүрдүү умайаллара.
– Эрчим, дорообо, Саҥа дьылынан! – бииргэ үөрэммит уолаттарын Сенялаах Романы көрсө түспүтэ.
– Уолаттар, дорооболоруҥ. Саҥа дьылынан! Хайа Рома устудьуон уол, сонунна кэпсээ… – доҕотторун кытта илии тутуһа-тутуһа, Эрчим эҕэрдэлэспитэ.
– Үөрэх үчүгэй. Бырааһынньыкка дойдубар күүлэйдии тахса сылдьабын. ЯГУ-га кылааһынньыктарбыттан Винокуров Петя историческай факультекка үөрэнэр уонна Слободчиков Петя медицинскэйгэ баар… – Рома хап-сабар сонунун кэпсии испитэ.
– Эрчим, кыргыттар бүгүн Милалаахха кылааһынан Саҥа дьылы көрсүөҕүҥ диэн ыҥыраллар. Бардыбыт?! Хайаан да кэлээриҥ диэбиттэрэ, – доҕоро Сеня Гоголев ылыннарыылаахтык барытын быһааран кэбиспитэ.
Эрчим манна Зоя аттыгар сылдьыан баҕата сүрдээх этэ да, кылааһынньыктарыттан ойдон сылдьара эмиэ хайдах эрэ табыгаһа суох курдук буолла. Инньэ гынан, доҕотторун кытта, икки аҥыы хайа тартара-тартара, барсарга сөбүлэммитэ, ыксалынан хоһугар баран таҥнан кэлбитэ. Ол кэлэн иһэн Зоялаах Галяны, сценаҕа киирэн иһэллэрин, уун-утары көрсө түспүтэ. Зоя кинини сонноох, бэргэһэлээх тахсан иһэрин муодарҕаабыт курдук көрөн хаалбыта. Эрчим, буруйдана саныы-саныы, кулук-халык туттан тахса турбута.
Бииргэ үөрэммит оҕолор оскуоланы бүтэрэн, улахан дьон ахсааныгар тахсан баран, аан бастаан Саҥа дьылы көрсүһэр бырааһынньыктара этэ. Бары ахтыспыт быһыынан үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн бырааһынньыктаабыттара. Үрдүк үөрэххэ киирбит доҕордорун Романы истиҥник-иһирэхтик эҕэрдэлээбиттэрэ. Бырааһынньык кэнниттэн бары тутуспутунан, Культура дьиэтигэр үҥкүүлүү барбыттара. Эрчим Зояны көрсүөм диэн үөрэ-саныы истэ, бириэмэ ыраатан Культура дьиэтигэр киһи аҕыйаабыт этэ. Онно-манна бөлөх-бөлөх ыччаттар үҥкүүлүү сылдьаллара. Эрчим санаатыгар Зояны көрдөөн көрбүтэ даҕаны, булбатаҕа. Кинилэр иккиэн Галялыын хайыы-үйэҕэ барбыт этилэр. Уол кылааһынньыктарын кытта кыратык үҥкүүлэспитэ, онтон бары түмсэн хаартыскаҕа түспүттэрэ. Эрчим хайдах эрэ Зоя суох буолан, курус соҕустук сылдьыбыта. Онтон, оҕолорго эппэккэ эрэ, дьиэлээбитэ.
Бырааһынньык кэнниттэн Эрчим үлэтигэр тиийбитэ, кыргыттар хосторугар үөрэ-көтө, күлсэ аҕай олороллоро. Ыйыппытыгар, Саҥа дьыллааҕы биэчэри санаан күлсэллэр эбит. Былаан быһыытынан, бырааһынньык куонкурустарыгар бириис бөҕө бэлэмнээбиттэр уонна кыайыылаахтарга «Кафеҕа» билиэт туттартаабыттар. Онтукалара «Кафе» үлэһиттэрэ сценаҕа куонкурус буола турдаҕына, астарын-үөллэрин атыылаан бүтэрэн кэбиспиттэр эбит. «Арааһа, «Кафе» үлэһиттэрин сэрэппэтэхпит дуу?» – диэн, саныы-саныы, күлсүбүттэрэ.
Галялаах Зоя наһаа истиҥ дьүөгэлиилэрэ. Сотору-сотору биэчэрдэргэ иккиэн солбуһа сылдьан баяҥҥа оонньууллара уонна ыллыыллара. Ол баянныы сылдьан, бэйэбэйэлэрин хаадьылаһаллара. Ол курдук, Галя баянныы олорон, Зояны ким эмэ ыҥыран вальстыы сылдьар буоллаҕына, кыыһа аттыгар кэлэн хараҕынан «бүт» диэн имнэннэҕинэ, оччоҕо тохтоон хаалара. Оттон сороҕор дьиибэлээн көрбөтөҕө буолара уонна уһуннук оонньуура. Дьэ, ол кэнниттэн Зоя уочарата кэллэҕинэ, онтукатын иэстэһэн олох көрбөтөҕө буола-буола, өссө уһуннук оонньуура. Эрчим ону билэр этэ, ол иһин кинилэр бэйэбэйэлэрин дьээбэлэһэллэрин көрөн үөрэрэ. Саас диэки кыргыттар аны уолаттары түмэн, гитара, контрабас, ударнай буланнар, оркестр тэрийэн, таансыга оонньуур буолбуттара. Салайааччынан Киселев диэн нуучча киһитэ этэ, сүрүн көмөлөһөөччүнэн Раев Дима сылдьыбыта. Эрчими, музыкаҕа олох туох да сыһыана суох киһини, Зоя хаайан-хаайан контрабаска туруорбута.
– Туох даҕаны уустуга суох… Аҥаардас ритми туттуҥ да бүтэр, – диэн көрдөрөн биэрэрэ.
Инньэ гынан, уол бэрт кыһалҕаттан, аҕыйах кэмҥэ музыкант буола сылдьыбыта. Биэчэр кэнниттэн киэһэ Зояны атааран истэҕинэ, кыыс дьиибэлээн кини контрабаһы тутан турбутун көрдөрө-көрдөрө, күлэрэ:
– Эрчим, эн контрабастаах турдаххына дьиҥнээх музыкант курдуккун. Уруһуйу бырах, музыкаҕа көс… – диидии, ис иһиттэн үөрэрэ-көтөрө.
Уопсайынан, Зоялыын бииргэ сылдьар хайдах эрэ судургу, чэпчэки этэ. Кини сороҕор уолтан икки сыл аҕатын күлүү-оонньуу курдук ахтан ааһара. Эрчим даҕаны үксүн Зоя этиитин, сүбэтин ордук ылынара.
Бэс ыйыгар өрүс эҥээр баар нэһилиэктэри агит-биригээдэнэн кэрийэ сырыттахтарына, Төхтүргэ Эрчим аатыгар телеграмма кэлэн сытара:
«Түргэнник Майаҕа киирэ оҕус. Ленинградка Акимов аатынан кинематография уонна музыка институтугар «художник-постановщик театра» диэн идэҕэ миэстэ кэллэ» диэн ис хоһооннооҕо. Уол соһуйан эрэ хаалбыта. Инньэ гынан, бэрт ыксалынан Майалаабыта. Барыан иннинэ Зоя көрсөн баҕа санаатын эппитэ:
– Эрчим, кытаат, худуоһунньук буолуоххун баҕарар этиҥ дии. Үрдүк үөрэххэ Ленинград курдук сүдү куоракка киирэн хааларыҥ буоллар, олоххор улахан ситиһии буолуо этэ.
– Ким билэр, бэйэм эрдэ Дьокуускайдааҕы художественнай училищены муҥ саатар бүтэрбитим буоллар. Ол Ленинград куорат үрдүк үөрэҕин кыһатыгар орто оскуола үөрэхтээх киһини ылбаттара буолуо ээ.
– Чэ, санааҕын түһэримэ. Кытаат, туттарса сатаа… – дии-дии, Зоя уолу ыга кууһан ылбыта.
Эрчим дьон көрөн туралларыттан кыбыстан тэйэ охсубута. Онтон таһаҕас массыынатыгар олорсон Майалаабыта.
Дьэ ити курдук, бэрт судургутук Ленинград куоракка үөрэх туттарса барар буолан хаалбыта. От ыйыгар туох баар докумуонун оҥорторон соҕуруу көппүтэ. Ленинград курдук үтүө куоракка ыйы быһа туттарсан, бүтэһик «композиция» диэн предмеккэ проваллаан дойдулуур буолбута. Докумуонун ыла кэлбитигэр, онно олорор кыргыттар уолу аһынан-харыһыйан:
– Эн бачча ыраах сиргэ кэлэн бараҥҥын, таах төннүмэ. Мантан чугас кукольнай театр художниктарын бэлэмниир училище баар. Онно бараҥҥын бу сыаналаргынан туттарсан боруобалаа, – диэн бэрт эйэҕэстик сүбэлээбиттэрэ.
Эрчим биир ый буолаары, улахан куорат тыаһын-ууһун сөбүлээбэтэҕэ. Дьиэтин даҕаны ахтыбыта, онон этириэс аккаас биэрэн дойдулаабыта.
Сахатын сиригэр кэлбитэ уот куйаас сатыылаан турара. Бэрт ыксалынан трамвайынан уҥуор туораабыта. Эбиэттэн киэһэ дьиэтигэр Майаҕа баар буолбута. Ийэтэ кыра быраатын уонна балтытын илдьэ дойдуларыгар Чурапчыга аймахтарынан күүлэйдии барбыттар этэ.
Киэһэ чэйдээри олордоҕуна, Зоя дьүөгэлэрэ киирэн кэлбиттэрэ. Кини Эрчим кэлбитин истэн, кыргыттарын ыыппыт этэ.
– Зоя үөрэх туттарса Свердловскайга бараары сылдьар ээ. Эн кэлбиккин истэн бу биһигини ыытта, рестораҥҥа тахсар үһүгүн, – диэн кыргыттар илдьити этээт, ыксал бөҕөнөн тахсан барбыттара.
Зоя туһунан истэн, уол наһаа долгуйда, ыксал бөҕөнөн мааны таҥаһын таҥныбыта. Муус маҥан водолазка, кубинскай куурка, джинсы кэтэн рестораҥҥа тахсыбыта. Кини өссө Ленинградка сылдьан Зояны кытта переговорынан кэпсэтэ сылдьыбыта. Ол эрээри кини Свердловскайга үөрэх туттарса барарын туһунан бу саҥа истибитэ.
Рестораҥҥа киирэн кэлбитигэр, кыргыттар үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, Эрчими Зоя аттыгар олордубуттара. Кыыс кини ытыһын тутан ылбыта, аҕыйах бириэмэ иккиэн илии-илиилэриттэн ыга тутуһан олорбуттара. Эрчим таптыыр кыыһа кинини кытта эйэргэһэн сиэттиһэн олороллоруттан сүрэҕэ мөхсүбүтэ. Этин сааһын устун сылаас, минньигэс сүүрээн кутуллубута. Иккиэн наһаа долгуйбуттара, үөрэ-көтө, утарыта көрсөн ылбыттара. Кыргыттар биир-биир тура-тура тыл эппиттэрэ. Бүтэһиккэ Зоя туран махтаммыта:
– Дьүөгэлэрбэр махтанабын, биһиги өссө оскуола саҕаттан истиҥник доҕордоһобут. Инникитин даҕаны сибээспитин быһыахпыт суоҕа.
Бүгүн өссө биир доҕорбор, эдэр киһиэхэ, бэйэм баҕа санаабын этиэхпин баҕарабын. Эн санааҕын түһэримэ, өссө инниҥ диэки баран ис. Эн эдэргин, олоҕуҥ барыта иннигэр. Бу күнтэн саҕалаан салгыы ханнык үрдүк үөрэххэ туттарса барыахха сөбүн толкуйдаа. Мин саныахпар, эн Хабаровскайдааҕы пединститут художественнай-графическай факультетыгар туттарса барыаҥ этэ. Бэйэҥ худуоһунньук буолуоххун баҕараҕын, онон ыра санааҕын толорор туһугар инниҥ диэки дьулус. Быйыл үөрэххэ киирбэтиҥ да, аармыйаҕа ылаллар. Оччоҕо икки сылгын таах хааллараргар тиийэҕин… Иккиэн аргыстаһан барыахха, мин сарсын куоракка барабын, – уонна уол диэки эрэнэрдии көрбүтэ.
Эрчим наһаа үөрбүтэ, кини дьылҕатын туһугар кыһаллар күндү киһи баарыттан. Бырааһынньык кэнниттэн иккиэн хаалан, уол Зояны атаара барбыта. Ленинград куораты көрөн, элбэҕи билбитин-көрбүтүн, музейдарга сылдьыбытын, куорат кэрэ миэстэлэрин көрөн сөхпүтүн төһө кыалларынан киэҥник сырдатан кыыска кэпсээбитэ. Ол аайы Зоя олус астынан, сэҥээрэ истибитэ.
Кини дьиэтин аттыгар тиийэн кэлбиттэрэ. Онтон кыыс, тугу эрэ кэтэспиттии, саҥата суох турбахтаабыта. Эрчим буоллаҕына, истиҥ иэйиитин биллэрэн, тугу эрэ этиэн баҕарбыта даҕаны, тыла тахсыбатыттан абаккара санаабыта.
– Ити үөрэх туһунан эппиппин үчүгэйдик өссө төгүл толкуйдаа. Өскө үөрэххэ барбатаххына, син биир аармыйаҕа ылаллар, – диэн баран, Зоя аргыый аҕай олбуорун ааныгар тиийэн тохтоон туран эрэ: – Туох диэн быһаарыммыккын сарсын эрийэн биллэрээр, – диэт, олбуор иһигэр киирэн хаалбыта.
Эрчим хайдах эрэ кыыс сүбэтин ис дууһатыттан ылына санаабыта, наһаа көнньүөрбүтэ. Хайаан даҕаны үөрэх туттарса барарга санаммыта.
Эрчим дьиэтигэр тиийэн баран, ийэтин кытта кэпсэтээри, төлөпүөннээх ыалыттан тахсан таайын аахха эрийбитэ. Хата, ийэтэ аах кинилэргэ баар буолан биэрбиттэрэ.
– Ийээ, дорообо. Мин Ленинградтан бэҕэһээ кэлбитим. Үөрэххэ кыайан киирбэтим… Инньэ гынаммын, Хабаровскайга үөрэх туттарса барарга сананным.
– Эрчим, тоҕо ыксалай? Биһиги үс-түөрт хонугунан дьиэлээри сылдьабыт. Кэтэһэн, көрсөн бараҥҥын барыаххын… Хабаровскайга сылдьаргар харчылааххын дуо?
– Ийээ, экзаменнар буолаллара аҕыйах хонук хаалла. Ленинградка сылдьаммын харчыбын улаханнык туттубатым. Онон, син сөп буолар харчы баар. Сарсын куоракка киирээри сылдьабын. Эһиги, аймахтаргытыгар тиийбит дьон, холкутук күүлэйдии түһэн бараҥҥыт кэлиэ этигит буоллаҕа дии…
– Чэ… сөп. Кытаатан, үөрэххэ киирэ сатаа. Анараатах тиийэҥҥин сылдьар харчылаах буоллаххына, барарыҥ ордук. Оҕобун үөрэххэ туттарсыа диэммин эрэнэбин. Кытаат, манна аймахтарыҥ эҕэрдэ ыыталлар.
– Бырааттаах балтым убайдарын аҕыннахтара буолуо?
– Ахтан бөҕөтө, убайбыт кэһии аҕаллаҕа буолуо дэһэллэр.
– Оҕолорбор соҕуруу дойдуттан кыра кэһиилээхпин, кэллэхтэринэ көрүөхтэрэ буоллаҕа дии. Чэ, пока, аймахтарга эҕэрдэ!.. – Эрчим дьонун ахтыбыта таайан, кыратык уйадыйан ылбыта.
Сарсыныгар Зоялыын аргыстаһан, автобуһунан куораттаабыттара. Тиийээт даҕаны «Авиакассаҕа» көтөр билиэттэрин ылбыттара. Зоя Свердловскайга арыый эрдэ көтөр буолбута. Оттон Эрчим рейсэ эбиэт саҕана көтөр эбит. Иллэҥсийбиччэ, малларын авиапорка, таһаҕас уурдарар сиргэ, илдьэн туттарбыттара. Ол кэнниттэн куоракка киирэн күүлэйдээбиттэрэ. Эрчим маннык кэрэ кыыстыын сэргэстэһэ сылдьарыттан сүрэҕэ үөрүүнэн туолбута, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Пааркаҕа тиийэн сиэттиһэн баран, балачча уһуннук дьаарбайбыттара, аттракционнары, мааны дьону-сэргэни көрбүттэрэ. Эрчим кыыс сылаас-сымнаҕас ытыһын тутан иһэн үөрүүтүттэн көтүөн кыната эрэ суох курдук санаммыта. Зоя, кэпсии-кэпсии, күлэн лыҥкынатара, эдэр уол санаатыгар тула туох баар барыта ыллыыртуойар курдуга. Паарка түгэҕин диэки дьикти үчүгэй музыка тыаһа эдэр сааһы уруйдуура. Киэһэ Эрчим, Зояны атааран баран, аймахтарыгар кэлэн, бүгүҥҥүнү эргитэ саныы-саныы, сүрэҕэ дьикти минньигэстик нүөлүйэн ылбыта. Кэрэ кыыс унаарыччы көрбүт киэҥ хараҕа, сырдык мөссүөнэ көстөн кэлэ тураллара… Итинник сырдык санааҕа уйдаран эдэр киһи кытаанахтык утуйан хаалбыта.
Сарсыарда эрдэ уһуктаат, оҥосто охсон Зояны көрсө барбыта. Бэрт ыксалынан такси тутан аэропорка киирбиттэрэ. Балачча кэтэспиттэрин кэннэ, Зоя рейсин Свердловскайга «задержка» биллэрбиттэрэ. Эбиэт чугаһыгар Хабаровскайга самолет көтөр диэн буолбута. Уоллаах кыыс сиэттиспитинэн регистратураҕа сүүрбүттэрэ. Эрчим кыыс иннинэ айанныырыттан, эмиэ туох да истиҥ тыллары кыайан эппэккэ хаалбытыттан хомойо санаабыта.
– Эрчим, чэ кытаат, үөрэххэ туттарсан киир. Мин эйиэхэ эрэнэбин… Свердловскайга тиийэн бараммын, тэлэгирээмэ охсоммун аадырыспын биллэриэҕим… Переговорнайтан бириэмэ болдьоһоммут төлөпүөннэһиэхпит, – кыыс имэ тэтэрэн, арахсыы түгэнэ ыган кэлбитигэр, Эрчимҥэ чугаһаан кууһан ылбыта.
Онуоха уол холус соҕустук Зояны сыллаан ылбыта. Уонна кыбыстан ыксал бөҕөнөн, көтөр балаһаҕа киирэн эрэр дьон диэки сүүрэ турбута.
Хабаровскайга тиийэн докумуонун пединститукка туттарбыта. Кини Ленинградка биир ый устата сылдьан, хараҕын дала кэҥээбит киһи быһыытынан, бу сырыыга Хабаровскай куоракка балачча хотоойулаахтык туттан-хаптан сылдьыбыта. Аны идэни туттарар экзаменнарга – уруһуйга, живописька оҕолору сүбэлиирамалыыр киһи буолбута. Экзаменнарын үксүн үчүгэйдик туттаран, пединститут художественнай-графическай факультетын устудьуона буолбута.
Эрдэ Зоя Свердловскайга көтөн тиийэн баран, Эрчим ыыппыт аадырыһыгар тэлэгирээмэ охсубута. Онтон хас да төгүл төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сылдьыбыттара. Үрдүк үөрэххэ киирбит үөрүүтүн бастакынан Зоялыын үллэстээри почтамтан кыыска тэлэгирээмэ ыыппыта: «Я студент Хабаровского педагогического института. Благодарю за все. Желаю успехов, Эрчим.
28 августа. Хабаровск, 1970 год.»
* * *
Эрчим үксүн кулуупка сылдьар, инньэ гынан ротаҕа аҕыйахтык көстөр. Ол иһин Леонтьев диэн моржа аһыытын уруһуйдуурга үөрэтиэхтээх уол кинини балачча өр көрдөөн булла. Эрчим үчүгэйдик уруһуйдуурун көрөн хайҕаата:
– Молодец, в нашем деле самое главное – рисунок. А так, сразу видно, что ты умеешь. Прошел хорошую школу, это главное. Выжигателем рисовать очень просто. Главное, нужно найти тему Чукотки – охоту на моржей и китов, яранги и олени, чукотские танцы, национальные костюмы. Многих очень интересует охота на белого медведя.
Ол кэнниттэн штабка тиийэн, уруһуйдуур хоһун көрдөрдө, выжигателинэн хайдах туһанарга үөрэттэ. Чукчалар олохторун-дьаһахтарын көрдөрөр уруһуйдары биир-биир ылан, быһаара-быһаара, көрдөрдө. Ыскааптан моржа аһыыларын хостоон, остуолга тэлгэттэ. Эрчим урут хаһан даҕаны моржа аһыыта диэни көрбөтөх киһи, сүрдээҕин диэн сөхтө. Чахчы даҕаны, моржа аһыытын анал станокка чочуйан, полировкалаабыттарын кэннэ көрдөххө, эчи кылабачыйан, көрөртөн ураты үчүгэй. «Манна анаан-минээн уруһуйдаан ойуудьарҕаа түһэрдэххэ ураты көстүү буолуо ээ… Маннык аһыылары ойуулаан оҥоруох диэтэххэ, балачча элбэх бириэмэни ыытан, киһи сыралаһан оҥорууһу», – диэн уол салла санаата.
– Эрчим, знаешь, здесь на Чукотке есть в поселке Уэлен косторезная мастерская. Там работают настоящие профессиональные художники. Их ручные работы по моржовому клыку отправляют на экспорт. Тебе бы поехать в командировку туда. Посмотреть, как они работают специальными резцами на поверхности полированного моржового клыка. Что интересно, чукотские художники раскрашивают картинки, втирая в шероховатые поверхности, которые оставляли резцы мастеров на полированном моржовом клыке. Тонко размолотые натуральные краски – охру, разного рода смеси из копоти, жира и крови морских зверей. А я после выжигания рисунка для раскрашивания использую цветные чернила – черные, зеленые, красные. Тогда на клыке, где выжигалось, остается цветной оттенок чернил. Где выжжен рисунок, от черных чернил получается хороший, четкий контур.
Эрчим Леонтьевы олус сонурҕаан иһиттэ. Ол кэнниттэн кыһаллан-мүһэллэн выжигателинэн уруһуйдуурга үөрэннэ.
Аҕыйах кэм иһигэр моржа аһыытыгар сөптөөх, киһи интэриэһиргээн көрөр ойууларын өҥнөөх гына оҥорор буолла.
Леонтьев эдэр саллаат ситиһиититтэн үөрэн, кинини сгущенка, эт, балык кэнсиэрбэлэринэн уонна атын да аһынан хадаҕалыыр. Эдэр саллаакка ити барыта олус наадалаах этэ. Онон, уруһуйдуур дьоҕурунан хата аһынан-үөлүнэн көмөнү үйэтигэр бастакытын туһанна.
Кэлин хамыыһыйа кэлэр буолла даҕаны, кинини анаан-минээн хас да хонукка көҥүллээн, күнүстэритүүннэри моржа аһыыларын чочуйар-нарылыыр идэлэннэ. Чукоткаҕа командировкаҕа ханна даҕаны тиийиэн иннинэ, «полкаттан моржа аһыытын өҥнөөх гына уруһуйдуур саллаат кэлэр үһү» диэн кэпсээн кини иннинэ тиийбит буолар. Ол иһин эписиэрдэр, атын байыаннай чаастартан тиийэ кэлэн, моржа аһыытын уруһуйдаталлар.
* * *
Эдэр саллаат «отбой» кэнниттэн хаһаарымаҕа чапчараас байковай суорҕаннаах, кыра сыттык дуомнаах тимир ороҥҥо ыбыгыраччы тоҥон ибигирии сытта. Халтаҥ суорҕанын бүрүнэ-бүрүнэ: «Ыччабын даа, ыччабын… Сайын бэс ыйа ааттаах, туох ааттаах тымныытай… Аны саатахха, кыһыҥҥы таҥаспытын сайыҥҥыга уларытан х/б форманы кэтэппиттэрэ. Синиэл уонна пилотка биэрбиттэрэ тымныыттан соччо абырыа суох таҥастар быһыылаах ээ…». Эдэр уол ороҥҥо токуллан сытан эрэ, эдэр сааһын умнуллубат түгэннэрин саныы сытта.
Иккис кууруһу бүтэрээри сылдьан, самаан сайын кэлэн айылҕа барахсан силигилии ситэн тупсан аҕай турар кэмэ этэ. Эрчим иллэҥ буолбучча, Амур үрдүгэр кэрэ көстүүлээх, күөх тополь мас быыһыгар турар Сынньалаҥ пааркатыгар күүлэйдии барбыта. Онно аргыый аҕай дьаарбайа сылдьан, манна үөрэх туттарса кэлэн баран кыайан киирбэккэ, дойдуларыттан тэйэн үтүөх-батаах сылдьар, быстах үлэ буллахтарына биригээдэ тэринэн үлэлиир үс-түөрт уолу көрсө түспүтэ.
– Оо, хайа, саха биир ньургун уолугар Эрчимҥэ эҕэрдэ буоллун! Хайа диэки хаамтардыҥ? – уолаттар күө-дьаа буолан кинини уруйдаабыта буолбуттара, бэркэ билэр киһилэрин курдук эйэргэспиттэрэ.
Эрчим бу ыччаттары үксүн күүлэйи батыспыт, устудьуон оҕолортон «шибайдаан» иһэ-аһыы сылдьалларын билэр буолан, сэрэхэдийэ соҕус туттубута.
– Ээ, бүгүн экзаменым, зачетум суох буолан сынньана таарыйа, пааркаҕа күүлэйдии сылдьабын.
– Биһиги эмиэ өрөбүл күммүт, ол иһин кыратык «тэп» гыннаран бараммыт эмиэ «мэччийэ» сылдьабыт. Хата, биһигинниин бииргэ сырыт, кыратык кыттыһан, көрсүһүүбүтүн бэлиэтиэххэ.
– Уолаттар, мин арыгы испэппин ээ, аны сессиям саҕаланна. Онно бэлэмнэниэм, хайыам этэ… – Эрчим уолаттартан тэйэр санаалаах быһаара сатаабыта.
– Эс, бу да киһи доҕоор. Аата, кыра оҕоҕо дылы, бачча үчүгэйгэ сайын кэлэн иһэринэн, эдэр саас умнуллубат түгэннэрин өйдүү-саныы сылдьар гына, Амур-батюшка үрдүгэр бачча кыраһыабай куоракка үчүгэйдик күүлэйдээн-көрүлээн хаалыахха буоллаҕа дии… Сөпкө этэбин буолбат дуо, уолаттаар?.. – уһун хатыҥыр уол, саамай бас-көс киһилэрэ быһыылаах, күлэн алларастаабыта.
– Оннук бөҕө буоллаҕа дии… Уол оҕолоро, саха ыччаттара уонна хаһан бу курдук соҕуруу куоракка кэлэн маннык көҥүллүк күүлэйдиэхпитий? Аһаан-сиэн айбардыахпытый? – атыттара эмиэ күө-дьаа буолбуттара.
– Чэ, доҕоор… Аата, кыыска дылы чымаадыстаама… – баһылыктара Эрчими санныттан күөйэ кууһан ылбыта.
Бары күйгүөрэн-айманан паарка түгэҕин диэки хаамса турбуттара. Бэрт сотору ким төһө харчылааҕынан кыттыһан, ол иһигэр Эрчимтэн эмиэ харчы көрдөөн ылан, биир сылбырҕа соҕус уолларын гастрономҥа сүүрдүбүттэрэ. Уол начаас элээрдэн кэлэрин кытта, бары тутуспутунан паарка түгэҕэр, бүччүм сири булан иһэнаһаан ампаалыктанан барбыттара. Эрчим арыгыны урукку өттүгэр амсайбатах буолан, кыраадыстаах утаҕа начаас икки ардыгар төбөтүгэр тахсан, түҥ-таҥ барбыта. Эрдэттэн бу ыччаттары кытта бииргэ сырыттахпына арааска түбэһиэм диэн, дьааххана санаабыт буолан, уолаттартан хайдах эрэ тэйэр санааны ылыммыта. «Экзамеммар бэлэмнэниэм этэ, сарсын туттарабын», – диэн сылтахтанан түргэнник уолаттары кытта быраһаайдаһан барардыы оҥостубута. Ол кэнниттэн син балачча тэйэн, хайдах эрэ туймааран, хараҕа ирим-дьирим барбыта: «Оо, тоҕо сүрэй… мэйиим эргийдэҕин… Эчи, сылааһа да сүрдээх, ханна эрэ сөрүүн сири булан олоро түспүт киһи…» Онтон паарка иһигэр кытыыга, мастар быыстарыгар күлүк сиргэ турар ыскамыайканы булан олорбута. Ол аньыыта онон. Ханна да барбытын билбэт… Арай биирдэ кимнээх эрэ илиититтэн тардыалаабыттарыгар соһуйан олоро биэрбитэ. Арай икки эдэр милииссийэ уолаттара кинини уһугуннаран тардыалыыллар эбит:
– Молодой человек, проснитесь!.. Пройдемте в отделение… – диэн хамаандалаатылар.
Эрчим саҥата суох туран, тэмтээкэйдии-тэмтээкэйдии кинилэри батыспыта. Уолаттар чугас турар милииссийэ массыынатыгар олордон илдьэ бардылар…
Өлүү түбэлтэлээх, кинини кытта бииргэ үөрэнэр, эмиэ Быгаанап диэн араспаанньалаах биир дойдулаах уола, бэҕэһээ куорат таһыгар ыччаттары кытта күүлэйдии сылдьан милииссийэҕэ түбэспит этэ. Сарсыарда Эрчим медвытрезвительтэн босхолонон тахсан баран, уопсайыгар нэһиилэ саллаҥнаан кэлбитэ, Вася ыһа-тоҕо кэпсии-ипсии аҕай олорор эбит.
– Сатана баара, бэҕэһээ кыргыттары кытта куорат таһыгар айылҕаҕа күүлэйдии тахсан бараммын, итирэн хаалбыппын… Арай биирдэ өйдөммүтүм, олох билбэт сирбэр сылдьар эбиппин. Эмиэ да оптуобуһунан айаннаан иһэргэ дылы этим. Онтон билиэт ылбатыҥ диэн үөхсэн баран, оптуобустан түһэрэн кэбистилэр. Ол туран көрдөхпүнэ, куорат олох чугас, ол курдук сопка тэллэҕэр уота-күөһэ күлүмнээн көстөр. Ээ мин сатыы түһүнэн кэбистим. Араас күрүөнү-хаһааны туораан, эмиэ да ыкка ытыттара сыһаммын, хатыылаах боробулуохалаах үрдүк күрүөнү түһэн саҥа баран истэхпинэ, ый-хай бөҕө буолла: «Стой, стрелять будем!» – диэн хаһыытаатылар. Харса суох сүүрэн кэлэн хатыйан түһэрээт, аптамааттаах саллааттар үрдүбэр олордулар. Онтон өрө-таҥнары үтэн-анньан ханнык эрэ буудкаҕа аҕаллылар. Кэпсэтэллэрин иһиттэхпинэ, төлөпүөнүнэн биир хара сирэйдээх омук киһитин туттубут, байыаннай чааска киирэн «вылазка» оҥорбут, үспүйүөн быһыылаах дииллэр. Мин куттанан сүрэҕим бар гына түстэ, холуочуйбутум ханна да суох буолла. Арыгылыы оонньообутум ойоҕоспунан тахсар буолла диэн олус куттанным. Кытай кыраныыссата олох чугас, Амур өрүстэн наһаа ырааҕа суох сиргэ баарын өйдөөн кэллим. Билэҕит дии, кытайдары кытта сыһыаммыт аһара кытааппыт кэмэ… «Дьэ хайдах гынарбыный? Туох өйү-санааны буларбыный?» – диэн мучумааҥҥа түстүм. Сотору буолаат, командирдара кэллэ. Киммин-туохпун ыйыталаһан баран, милииссийэни ыҥырдылар. Онно мин устудьуоммун, пединститукка иккис кууруска үөрэнэбин, Саха сириттэн сылдьабын диэн быһааран биэрдим. Дьонум маатмуут бөҕөнү түһэрэн баран, массыынаҕа олордон отделга тиэйэн илдьэн хаамыраҕа уган кэбистилэр. Хата, бүгүн сарсыарда уопсайбар тиэйэн аҕаллылар. Киирэн уолаттарбыттан туоһулаһан, докумуоммун бэрэбиэркэлээн, ыытан кэбистилэр.
Ити кэнниттэн син балачча кэм ааспытын кэннэ, институт көрүдүөрүгэр Эрчими декана көрсө түспүтэ.
– Быганов, это ты в милицию попал? – диэн ыйыталаспыта.
Эрчим эмискэ тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолла. Тимирэн эрэр киһи хомустан тардыһарын курдук, өйүгэр Вася Быгаанап милииссийэҕэ түбэһэ сылдьыбыта элэс гынан ааста, баҕар, кини буолуо диэн санааттан уонна эстэр-быстар быатыгар, кыбыстан, кырдьыктаахтык билинэрин оннугар кыккыраччы мэлдьэспитэ:
– Анатолий Иванович, мин милииссийэҕэ түбэһэ иликпин, – уонна куотар киһилии, көрүдүөр устун сирэйин хоту түһэ турбута.
Өр-өтөр буолбата, милииссийэттэн кэлбит докумуоҥҥа олоҕуран, кинилэр куурустарын уопсай мунньаҕа ыытылынна. Эрчим арыгыны испэтин билэр оҕолор, кини милииссийэҕэ түбэспитин истэн олус соһуйдулар. Үгүстэр кинини көмүскэһэн тыл эттилэр. Декан Анатолий Иванович Козловскай өр баҕайы саҥата суох туран баран:
– Мин устудьуон Быгановы олус үчүгэйдик өйдүүбүн, кини аҥаардас ийэ оҕото. Ол эрээри эдэр дьон, биири өйдөөҥ, эһиги учуутал буолаҕыт. Оттон учуутал диэн эҥкилэ суох ыраас, кырдьыксыт, оҕолорго холобур буолар киһи буолуохтаах. Онон, Эрчим Быгановы миэхэҕэ сымыйалаабытын уонна мэлдьэспитин иһин үөрэхтэн тохтоторго, биир сыл баран дойдутугар учууталлыырыгар быһаарабын. Өскөтүн кини эһиил үлэлээбит оскуолатыттан үчүгэй характеристикалаах кэллэҕинэ, үөрэҕэр төттөрү ылыахпыт, – диэтэ.
Дьэ ити, эдэр киһи олоҕор биир сыыһа туттунуута инники дьылҕатыгар улахан охсууну оҥорбута.
Ити кэнниттэн Эрчим өйө-санаата олус аймаммыта, бэйэтин сэнэммитэ, барытыгар ээл-дээл сылдьыбыта. Ол түмүгэр бу муус-хаар буурҕа дойдутугар кэлэн тоҥо-хата сыттаҕа…
Эрчим өндөс гынан мас хаһаарыма иһин эргиччи көрдө. «Дедтар», «фазаннар» бары наһаа тымныы буолан, хастыы да матарааһы бүрүнэн утуйаллар. Оттон саҥа сулууспалаан эрэр саллааттар, чараас байковай суорҕаны бүрүнэн, токуллан, тоҥоллоруттан бабыгыраһа сыттахтара.
* * *
Эрчим бастакы командировкатынан «Останец сопка» диэн хайа олох үрдүк арҕаһыгар турар туочукаҕа тахсыыта буолла. Бу хайаҕа тахсарыгар танкетканан алтынньы 3 күнүгэр айаннаатылар. Урукку өттүгэр хайа диэҥҥэ сылдьыбатах киһиэхэ саллыылаах соҕус. Хайыы-үйэҕэ кыһын кэлэн, тулата муус, хаар – халтархай бөҕө. Эрчим аан аттыгар олорон, хайа хаспаҕын көрүмээри водитель диэки өттүгэр иҥнэри түһэн олордо. Танкетка гусеницата бытархай тааска тимир тиһилигэ батары үктээн, хачыгыраан-хучугураан хайа үрдүк чыпчаалыгар ыттан истэ. Эдэр уол сороҕор аллара диэки көрүмээри хараҕын быһа симэр. Эбэтэр танкетка халтарыйан, иҥнэр-таҥнар түстэҕинэ, ойоҕос тутуһар тимиртэн, ытыһа ыалдьыар диэри ыбылы тутуһан олорор. Оннук балачча уһуннук айаннаан, хайа чыпчаалыгар тиийдилэр.
Танкеткаттан түһэн тула көрүннэ да, барыта РЛС станциялар уонна высокомердар эрэ үлэлээн кулахачыһа тураллар. Тэйиччи соҕус шар курдук дьикти көстүүлээх, урут Эрчим хаһан да көрбөтөх үс оҥоһуктара тураллара. Ханна даҕаны дьиэ-уот баар сибикитэ суоҕа. Уол кэлбит дьону батыһан, сиртэн балачча үрдээн көстөр тимир ааннаах бункерга киирбитэ, онно саллааттар хаһаармалара, остолобуойдара, Ленинскэй хостора – барыта бииргэ баара. Үөрүөн иһин, манна икки бэйэтин призывын уолаттарын көрсүбүтэ: Стручков Костя диэн Горнайтан уонна Еловскай Миша, Дьокуускайтан сылдьар нуучча уола, повар этэ. Кинилэр Эрчими үөрэ көрсүбүттэрэ, сулууспа хайдах баран иһэрин ыйыталаспыттара. Бэйэлэрэ Останецка «дедтар», «фазаннар» сыһыаннара мөлтөҕүн кэпсээбиттэрэ. Эрчим полкаҕа даҕаны инники призыв эдэрдэргэ сыһыана кытаанаҕын эппитэ. Кини кулуупка сулууспалыыр эрэ буолан, этэҥҥэ сылдьарын кэпсээбитэ. Костя бэйэтэ үөрэнэн оператордыы сылдьара. Сарсыарда туран таһырдьа тахсыбыттарыгар, кини сонун көстүү быһыытынан шарга майгынныыр тутуулары көрдөрө-көрдөрө:
– Бу радиолокационнай станциялары буурҕа кэмигэр бүрүйэргэ аналлаах бөҕө матырыйаалтан оҥоһуллубут сабыылар, – дии-дии, көрдөрбүтэ.
Ол кэнниттэн төгүрүк холлороон курдугунан иһирдьэ киирбиттэрэ. Эрчим көрдөҕүнэ, бу улахан шатер ортотугар РЛС-станция турара. Киһи саҥардаҕына, акустикалаах буолан, ой дуораанын курдук иһиллэрэ.
– Кыһын, саас тымныыга станция антенналара мууһуран хаалан моһуоктууллар эбит. Быһаччы ону «обледенение» диэн быһаараллар, оччоҕуна антенналар эргийэллэригэр мэһэйдэтэллэр. Манна хайа саамай үрдэ буолан, ханнык да хахха суох. Ол иһин станциялар түргэнник мууһураллар. Дьэ онтон харыстыыр, бу шатер курдук саҥа көрүҥү толкуйдаан, бөҕө матырыйаалынан оҥоһуллубут сабыылары аҕалан эксперимент быһыытынан туруордулар. Төһө туһалыыр – көрүөхпүт, – Костя судургутук Эрчимҥэ быһаарда.
Итини таһынан киһи сөҕөрө бу олох хайа үрдүгэр өрдөөҕүтэ бөҕөргөтүү быһыытынан тутуллубут бункердар бааллара. Бу биллэн турар, Эмиэрикэни кытта «тымныы сыһыан» үөскээбит кэмигэр оҥоһуллубут бөҕөргөтүүлэр буолаллара өйдөнөрө. Ханан да салгын киирбэт буолан, ис өттүгэр истиэнэтэ мэлдьи таммахтарынан бүрүллэн турара. Ону «дедтар» молодуойдарынан тирээпкэнэн кураанах гына соттороллор эбит. «Останец» туочукаҕа биир нэдиэлэ үлэлээн баран, Эрчим алтынньы 10 күнүгэр аллара полкатыгар киирдэ.
Сарсыныгар остолобуойга аһыы тиийэн, учебкаҕа Владивостокка барбыт саха уолаттарын көрсөн үөрүү-көтүү бөҕөтө буолла. Устинов Ганя – «хлеборез», Петров Коля, Контоев Борис повардыы кэлбиттэр. Васильев Колялара Уссурийскайга, атын байыаннай чааска, пекарынан сулууспалыы хаалбыт эбит.
Кулуупка тиийбитигэр, аны Валентин Васильев үөрдэ-көтүтэ Зояттан кэлбит үс суругу туттаран кэбистэ. Эрчим хоһугар киирэн суруктары аахта: «…Эрчим, арай эн эрдэ Ленинградка үөрэххэ туттарсан киирэн хаалбыт буол. Билигин бииргэ сылдьар буолуо этибит, төһө эрэ үчүгэй буолар этэ. Оччоҕо сыһыаммыт олох атын буолара хааллаҕа…» Зоя хоргуппут-хомойбут саҥата иһиллэргэ дылыта. Кыыс ити тылларыттан Эрчим эмиэ аймана санаата. Соҕуруу сылаас, сайдыылаах киэҥ сиргэ үөрэнэ сылдьыан оннугар бу буурҕалаах муус-хаар дойдуга саллааттыы сырыттаҕа…
«Кырдьык, баҕар, оннук буолуо эбитэ дуу?» Эрчим суругу ааҕа олорон, ону-маны барытын эргитэ санаата. Били кини Ленинградтан үөрэххэ киирбэккэ, төннөн кэлбитин кэннэ, Зоялыын иккиэн үөрэххэ бараары, аргыстаһан куоракка киирбиттэрин. Онтон кыыс Свердловскайга культура үөрэҕэр туттарса барбытын уонна баала хапсыбакка киирбэтэҕин. Онно хаалан биир кыһын фабрикаҕа үлэлээбитин – барытын санаата. Эһиилигэр Зоя Ленинградтааҕы культура институтугар хор отделениетыгар туттарсан үөрэххэ киирбитэ. Арай, кырдьык, Дьылҕа хаан оннук салайан, Эрчим Ленинградка хаалан хаалбыт буоллун… Били эппиттэрин курдук, куукула театрын худуоһунньугар үөрэтэр училищеҕа туттарсан үөрэммитэ буоллар, баҕар, кинилэр икки ардыларыгар олох атын сыһыан үөскүө этэ…
Уол Зояттан сурук туттар эрэ, киниттэн ордук дьоллоох киһи суох буолар. Эппиэтин уһаппакка, суруйа охсон ыытар. Кыыс суругун бириэмэ буллар эрэ, ылан хастыыта эмэ төхтүрүйэн ааҕар. Оччоҕо Зоялыын бииргэ сылдьыбыт түгэннэрэ бу баардыы көстөн кэлэллэр…
Кэнники Эрчим поварга үөрэммит уолаттара кэлэн, улаханнык табыллан сылдьар. Бастаан кэлэн ас астыы сырыттахтарына, куукунаҕа кэннинэн киирэн көрбүтэ. Улахан баҕайы тимир илиискэ эт бөҕөнү буһаран хоторбуттар этэ.
– Оо, бу үчүгэйин! Хайа, уолатта-ар, бу эттэн сиибин дуо? Туох этэй?
– Бараан этэ. Эрчим, төһө кыайаргынан сиэ, – диэн, уолаттар күлсэ-күлсэ, эппиттэрэ.
Оччону истэн баран Эрчим, итиччэ элбэх эттэн сиэри биир обургу быһыыны ылан амсайан көрбүтэ. Онто тууһа суох, «ньах» курдук эбит этэ. Кинини көрө-көрө, уолаттар өссө күлсүбүттэрэ.
– Хайа, доҕоор, бу эккит олох даҕаны тууһа суох дии.
– Аармыйа повардарын элбэх киһини аһатарга итинтэн атыннык үөрэппэттэр. Ол улахан олгуйу көрөҕүн дуо? Онно ууну оргутабыт, оргуйбутун кэннэ ити улахан мас буочукалартан хомуоһунан квашенай хаппыыстаны эбэбит. Уонна эһиги түүннэри хастаабыт хас да куул хортуоскаҕытын уонна ити буспут эти барытын кутан баран, амсайан көрө-көрөбүт, туустаан-тумалаан биэрэбит.
Эрчим ол улахан хочуолу өҥөйөн көрдө: чахчы даҕаны, ийэ иһит эбит. Киһи иһигэр туран эрэ сууйуон сөптөөх курдук. Уол чаҕыйда.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?