Электронная библиотека » В. Окорокова » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: В. Окорокова


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 19 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +
М.Н. Слепцова-Егасова
Бииргэ үөскээбиппит

Мин аҕам Нээстээр Платонович Слепцов 81 сааһын туолан баран, кулаахтааһын саҕана Ойуун күөлүгэр Түмэппий Сиипсэп ийэтин аахха сытан өлбүтэ. Биһиги кыстыкпыт Көрдүгэн диэн сир, чугас аймахпыт Бүөтүр кыстыга – Дэлбэрийбит. Бүөтүрдээх улахан дьадаҥы ыал этилэрэ. Кини Өлөксөй диэн уоллааҕа. Өлөксөй кыра эрдэҕиттэн хара үлэ арааһын билэн, ыар үлэҕэ миккиллэн улааппыта. Наһаа судургу, өс киирбэх, көнө, мэктиэтигэр кэнэн курдук киһи этэ. Оҕо эрдэҕиттэн Хоочугур диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Ити, бука, бэйэтин быһыытыттан-таһаатыттан, хаамыытыттан төрүттэммит быһыылааҕа. Дьадаҥы эрэйдээх этэрбэһин тилэҕэ тэһэҕэс, көтүллүбүт буолааччы. Онон хаар киирэн баран, куруутун, хас хардыылаатаҕын ахсын хоочугурас тыастаах хаамара.

Хоочугур Өлөксөй, этэллэрин курдук, сытыары-сымнаҕас киһи этэ. Икки кэргэнтэн 12 оҕоломмута. Иккис ойоҕо Дьэбдьиэй үтүө дьахтарынан биллибитэ. Хоочугурга былаана суох киэҥ-куоҥ көҕүстээҕэ, кыыһырар диэни билбэтэҕэ.

Былатыан миигиттэн аҕыс сыл балыс этэ. Кинини кыһыл оҕо эрдэҕинэ, тылланан, хаамар, сүүрэр да буолбутун иһин, көтөхпүт, сүкпүт оҕом этэ. Ордук сайынын биир тэлгэһэҕэ олорон, оонньоон улааппыппыт. Уҥуоҕунан кыратын, хатыҥырын иһин, сүрдээх кытыгырас, сытыы тыллаах-өстөөх, дэбигис атыттарга атаҕастаппат уол буола улааппыта. Обургу уолаттар күүстэринэн кыайар буоланнар, ардыгар атаҕастыах курдук буоллахтарына, көмүскэһэрим. Мин төһө да улаханым, кыаллар ийэҕэ-аҕаҕа үөскээбитим иһин, кинини биирдэ да атаҕастаабатаҕым. Ол да иһин Былатыан кэлин үлэһит да киһи буолан баран, миигин куруутун «Эдьиэй Маша» диэн ыҥырааччы. Ыраатан тэлэһийэ да сылдьан, Москваттан, Томскайтан, атын да сирдэртэн суруйар буолара. Хаартыскаларын, суруктарын хойукка диэри илдьэ сылдьан бараммын, бэйэтэ мэлийэрин кытта аны бу суруктар туохха туһалаахтарый диэммин мэлиппитим.

Сайылыкпыт – сэһэҥҥэ киирбит ааттаах Тохтобул хаҥас хонноҕо. Ордук сайылыкка көстөх утаа бииргэ кыыртаах кус буола, сасыһа, харах симсэ, бырыычыкалаһа, анньа-бөрдө буолан оонньуурбут. Былатыан биһигиттэн барыбытыттан уһулуччу уус тыллааҕа, көрдөөҕө. Чугастааҕы тыаларга моҕотойдуурун наһаа сөбүлүүрэ. Ионов сыылынайы дьонум билсиһэр этилэр. Кини баай библиотекалааҕа, онтон бары ааҕар этибит, Былатыан эмиэ. Аахпытын оҕолорго, улахан да дьоҥҥо кэпсиир буолара. Мин кинини кытта бииргэ үөрэммэтэҕим, ол эрээри үөрэҕэр үчүгэйин истэр этим. Былатыаны, М. Аммосовы мин кэргэним Е.М. Егасов куорат оскуолатыгар үөрэппитэ. Оччолорго кинини таптыыр учууталларынан ааҕаллара. Кэлин араас быһылааннар буолан барбыттара. Былатыан куоракка үөрэнэ сылдьан, биһиэхэ үс сыл олорбута. Кэлин Охнянскай бэлиитиккэ көспүтэ, ол да буоллар биһигини умнубатаҕа, быыс буллар эрэ, кэлэн барара, сонуну кэпсиирэ.

1983 с.
К.А. Слепцов
Платон оҕо эрдэҕинэ

Боотуруускай улуус Таатта, Чурапчы буола илигинэ, Нээстээр Слепцов, кулубалыы сылдьан, Чурапчы диэкиттэн Петр Петров диэн киһини, элбэх оҕолооҕун иһин, үлэһит-хамначчыт дьон буолуохтарын сылыктаан бэйэтин нэһилиэгэр аҕалан хамначчыт оҥостор. Кини үс оҕотун, ини-бии Петровтары: Хоочугур Өлөксөйү, Дойоҕолук Охонооһу, Хара Сүөдэри, – Нээстээр оҕонньор ийэтин ууһун хаҥатаары, бэйэтин араспаанньатын биэрэн, Слепцовтар дэтэр.

Алексей Нээстэргэ хамнаска оттуура, кэргэнэ хаһааска ынахтарын ыыра. Бастакы кэргэнэ – бэйэтин нэһилиэгин Күнээйи аҕатын ууһун Местников диэн киһитин кыыһа этэ. Киниттэн Трофим, улахан Никита, кыра Никита диэн үс уолламмыта. Бу оҕолоро улааталларыгар тиийбэккэ ийэлэрэ өлөн хаалбыта. Ити кэнниттэн Алексей Дьүлэй нэһилиэгиттэн Дьэбдьэкиэйэни ылбыта. Дьэбдьэкиэйэттэн бастакы оҕото – Платон, онтон Улахан Маайа, Василий, кыра Маайа, Марина, Иван төрөөбүттэрэ.

Алексей өтөҕө Таатта үрэх куулатыгар Муҥха Дэлбэрийбит диэн тоҕойго баара. Үрэх көлүйэтигэр ойбоннооҕо. Платоннаах өтөхтөрүгэр буор оһохтоох балаҕан дьиэлэрэ билигин да турар. Сайылыктара Тохтобул хоту саппыйатыгар этэ.

Платон аҕата саамай күнүгэр кыралыын-бөдөҥнүүн уон биэс ынах, икки биэ сүөһүлэнэ сылдьыбыта эбитэ буолуо. Ыанар ынаҕа биэстэн орпотоҕо. Саталынан хайа да үлэттэн көрөн турбатах, ааттаах куйуурдьут, тууһут, отчут-масчыт киһи этэ. Оттон саҥа-иҥэ, кэпсээн өттүттэн маппыт, мас көнө оҕонньор. Улахан сут дьылларга Алексей үгүс оҕолорун куйуур, туу балыгынан ииппитэ.

Ийэлэрэ Дьэбдьикиэйэ ыраас хааннаах толуу дьахтар этэ. Сут дьылларга, сааскы быстарыыларга ас-таҥас көрдөһөр, кэлэр-барар киһилэрэ диэн ийэлэрэ. Бэдэрээти быһаарсааччы, дьиэҕэ-уокка бас-көс киһилэрэ эмиэ кини.

Алексей мадьаҕар атахтаах, нүксүгүр, кыра уҥуохтаах, 1916 с. кулун тутарга эбитэ буолуо: ампаарын таһыгар буор куонда оҥостубутугар соҕоҕунан сиэмэ астаары, биэс түүтэҕи түһэрэн баран, иккиһин кырынан, бурдугу тохтубутун хомуйан, аҕыйах куолаһы илиитигэр туппутунан, кирилиэс оҕолооҕун сыыһа үктээн, ампаарын үрдүттэн сууллан түспүт да, өлөн хаалбыт. Хоолдьугун булгу түһэн өллө дииллэрэ.

Платон кыра сылдьан Пантелеймон Слепцов диэн чугас ыалын олоҥхотун, ырыатын арахпакка истэрэ. Онтон 8–9 сааһын диэки дьиэтин иһигэр оҕолорго ыллыыр, олоҥхолуур, тас ыаллар оҕолоругар ыҥырыллар буолан барбыта. Улахан да дьон сэҥээрэр буолбуттара. «Уус тыллаах, үчүгэй ырыалаах-хоһоонноох», – дэтэр буолта.

Платон үгүс тэбэнэтэ суох, сэмэй оҕо этэ. Арай биирдэ дьиибэлэммиттээх. Бадаҕа, оскуолаҕа барыан иннинээҕи сайын этэ. Ыаллар сайылыкка тахсыбыттарын кэннэ кыһыҥҥы балаҕаннары кэрийбиппит. Күөгү уола Мииппэр Манчурин өтөҕөр биир кырааскалаах мас таҥараны, Саахарыма Татыйаана эмээхсин дьиэтигэр икки кырааскалаах мас таҥараны үлтү тэпсэн, хайыта сынньан, алдьаталаабыппыт. Платон миигиттэн үс сыл аҕа этэ, онон кини тугу оҥорор да, мин үтүктэн испитим. Тоҕо, туох дии-дии алдьаппыппытын букатын өйдөөбөппүн. Таатта үрэххэ сөтүөлүү киирэ сылдьан, улдьааран, итинник буолбуттаахпыт.

Платон бастаан, 11 саастааҕар, Наммара Төрдө диэн сиргэ икки сыл оскуолаҕа үөрэммитэ. Онтон Чөркөөххө пансиоҥҥа киирбитэ. Чөркөөхтөн куоракка үөрэнэ барбыта. Үөрэххэ барыыта эмиэ хос кэпсээннээх. Тойонноро Нээстээр Слепцов: «Бу уол чап курдук ээ, үөрэттэриҥ эрэ», – диэн ийэтигэр Дьэбдьикиэйэҕэ эппит. Оччолорго дьадаҥы ыал оҕото үөрэххэ кэбэҕэстик тиксибэт эбит, онон ийэтэ үөрүүтүн кытта сөбүлэһэн, уолун үөрэххэ биэрбит. Платон ол үөрэнэр сылларыгар тоҕус сыллаах улахан сут кэлбитэ, ону «телеграмма сута» диэбиттэрэ. Дьон-сэргэ олус иэдэйбитэ. Платон дьоно кумалааҥҥа эрэ барбатахтара, кыһалҕа кытаанаҕар олорбуттара.

Кэлин куоракка үөрэнэ сылдьан, Платон сайын аайы дойдутугар тахсара. Ону көрсө Костя, Сергей Сокольниковтар, Костя Слепцов эмиэ кэлэллэрэ. Оччолорго кини били бастаан олоҥхоҕо, ырыаҕа үөрэммит оҕонньорун, Пантелеймон Слепцову эмиэ көрсөрө. Платон оҕонньор олоҥхотун, ырыаларын истэ-истэ суруйталаан да ылара. Онон, кырдьаҕастаах эдэр бэркэ тапсаллара, сэҥээрсэллэрэ, күө-дьаа буолаллара.

…1917 с. сааһа этэ. Платон Чөркөөххө кэлээт, дьон дьорҕоотторун Денис Софроновы, Фотий Щукины – Дьүлэйтэн, Конон Попову, Егор Суҥхалыырабы – Тыараһаттан, Данил Попову – Уус-Амматтан, Капитон Новгородовы, Костя Сокольниковы – бэйэтин нэһилиэгиттэн чопчу ыҥыртаан ылан кэпсэппит, сүбэлэспит. Дьиэ аайы кини туһунан кэпсэтии, ахтыһыы буолар: «Хоочугурбут уола тойон буолан тахсыбыт үһү!» – дэһэллэрэ дьон бастаах өттө. «Платон Алексеевич, оҕобут, уобаласка уон баһылыктан биирдэстэрэ буолбут, кулуба уһуллар мунньаҕын ыыта тахсыбыт үһү!» – дэһэллэр кыра-хара, дьадаҥы өттө. Онтон, дьэ, бырааба дьиэҕэ баппат дьон муһунна. Сэргэҕэлэһии-чөрбөҥнөһүү сүрдээх. Дьон ортотуттан Күнээйи киһитэ үөрэҕэ суох Ефим Никитин, ойон тураат, Платоҥҥа кэлэн илии тутуһан дорооболосто: «Оҕом, Платон Алексеевич, кулуба уһуллар, баайдар батталларын арыйар мунньаҕы ыыта таҕыстыҥ дуо? Дьокуускай салайааччыларыттан биирдэстэрэ буолла дииллэрэ ээ», – диэн саайда. «Кырдьык мунньаҕы ыыта кэллим», – диэбитигэр Никитин, истиэхпин иһиттим диэбиттии туттунан, дьону силэйэ-силэйэ, оннугар тиийэн олорунан кэбистэ. Дьохсоҕон чаччыына кинээһэ Харлампий Обоюкин, итини көрөн олорон, көхсүн этитэ-этитэ, кэлэйбиттии иэдэс биэрбэхтээтэ. Улуус бастаахтара бары да ыараан, дьэбин уоһуйдулар.

Ол мунньахха Платон уонна кини доҕотторо баайдар батталлара арааһын арыйбыттара, салыннарар уоттаах-төлөннөөх тыллары элбэҕи эппиттэрэ. «Хааннаах хабалалаахтары, быалыктаах бырыһыаннаахтары тимир сиппииринэн сиппийиэхпит, былааһы норуот илиитигэр биэриэхпит, ол иннигэр үөрэнэбит, ол иннигэр охсуһуохпут», – диэн Платон тылын түмүктээбитин, онно ытыс тыаһа өрө хабылла түспүтүн билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Биһиги улууска ити бастакы ытыс таһыныыта этэ. «Дьэ, бэлэһигэр силлэппит, уһуйтарбыт да баҕайы», – дэһэн баайдар ботугурастылар.

Дьон өйүгэр хатанар тылы Костя Сокольников, Егор Суҥхалыырап, Денис Софронов, Данил Попов, Фотий Щукин эппиттэрэ. Кинилэргэ утарылаһан, уруккута кинээс Прокопий Охотин этэн көрдө да, ким да өйөөбөтө. Атын баайдар көхсүлэрин этитэ, иэдэс биэрэ олорон хааллылар. Мунньах саҥа салалтаны талбыта. Ол салалтаҕа Данил Попов, Егор Суҥхалыырап уо.д.а. киирбиттэрэ.

1963 с.
Ф. Егоров
Тулаайах дириҥник махтанар

Таайыгар олорбут балтын кыыһа Прасковья Терентьевна Аянитова-Сыромятникова ахтыытын билиһиннэриэхпин баҕарабын:

«Мин ийэм Мария Алексеевна Хоочугурдарга 8-с оҕонон төрөөбүт. Кини дойдутун киһитигэр Терентий Михайлович Аянитовка кэргэн тахсан 4 оҕону төрөппүтүттэн мин соҕотоҕун ордубуппун. Ийэм кырабар өлбүтэ, аҕам 1936 с. өлөн, мин тулаайах хаалбытым.

1937 с. ахсынньытыгар таайым быыбардааччыларын кытта көрсө Ытык Күөлгэ тахсыбыта. Бу инниттэн кэпсэтии баар буолан, миигин Боробултан көрсүһүү буолар дьиэтигэр аҕалбыттара. Миитин бүтэрин кытта кэтэҕинэн сыанаҕа өрө сүүрэн тахсан көрсүбүтүм. Мин иннибэр кыра уҥуохтаах, сырдык мичээрдээх, маҥан ыраас сэбэрэлээх, наһаа эйэҕэс киһи көрсө түспүтэ. Кып-кыра тулаайах аймаҕар сонно тута болҕомтотун ууран, түспүт хоһугар илдьэ тахсан, өр истиҥник кэпсэппитэ. Мин онно кини тулаайах аймахтарыгар дьиҥ ис сүрэҕиттэн кыһалларын билбитим. Аара Чөркөөххө балтыгар Маринаҕа сылдьан, Чурапчыга табаарыстарыгар хонон, Төҥүлүгэ балыксыт оҕонньорго сылдьан, Дьокуускайга тиийбиппит. Мин тиийэрбэр, бэйэтин оҕолоруттан ураты, эмиэ киниэхэ иитиллэр тулаайах бырааттара Василий Никитич уонна Дьулустаан бааллара.

Таайым наһаа оҕомсоҕо, биһиэхэ барыбытыгр тапталлаах аҕа этэ. Сотору арахсалларын билбит курдук, кыргыттара Саргылаана уонна Сардаана илиитин да ититэр бокуой биэрбэккэ, икки өттүгэр ытарҕа буола түһэллэрэ. Хас киэһэ аайы аһылык иннинэ соло булан кэпсэтэн-ипсэтэн, сээкэйинэн аралдьытан, тэҥҥэ оонньоон-күлэн ылара. Үөрэнэр оҕолортон үөрэхпитин ыйыталаһара, ирдиирэ, ол иһин хайаан да ааҕа, толоро сатыырбыт. Арыт барыбытын түмэн, патефон ыллатан иһитиннэрэрэ, сэргэхситэн ылара. Платон наһаа истиҥ, ытыктабыллаах ыал аҕата этэ. Ол курдук, баарыгар аһыы да олорон, иллэҥ да кэмҥэ бары кыратыттан улаханыгар тиийэ, кинини тула түмсэрбитин өйдүүбүн. Кини болҕомтолоохтук киһини бэйэтигэр тардан кэпсэтэрэ-ипсэтэрэ. Үлэ кэнниттэн үгүс киһи мустан, бары уһуннук кэпсэтэн үөрэн-көтөн бараллара.

Мин наһаа үтүө майгылаах ыалга иитиллэн абыраныым, хомойуох иһин, уһаабатаҕа… Кыргыттара Саргылаана, Сардаана алталаах-үстээх саастарыттан тулаайах хаалан эрэйдэнэр, «норуот өстөөҕүн» кыргыттара аатыран сирэйгэ-харахха анньыллар, үөрэхтэн матар ыар олохторо саҕаламмыта. Таайым: «Паша, балтыларгын куруук көрөр-истэр буолаар», – диэбитин уулуссаттан сэрэтэр буоллаҕа дии саныырым, кэлин санаатахха дириҥ ис хоһоонноох сэрэтии сүбэ эбит…

Таайым тапталлаах кэргэнэ, оҕолорун ийэтэ – Акулина Николаевна хаһан да, кимиэхэ да кыыһырбат, наһаа үчүгэй майгылааҕа. Эмискэ тиксэн хаалбыт ыар олоҕун кимиэхэ да соҥнообот этэ. Саҥаһым кэлин дойдутугар Чурапчыга тахсан аймахтара, оҕону иитэр тэрилтэ көмөлөрүнэн, ыарыһах бэйэтэ үлэлээн, оҕолорун киһи оҥортообута. Мин тэҥҥэ тулаайах хаалан, оҕотук буолан кыайан көмөлөспөтөҕүм. Кэлин Чурапчыга педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, Сардаананы Чөркөөххө аҕалан аймах-билэ дьоннорун кытта билиһиннэрбитим, сырытыннарбытым. Мин олохпор кимиэхэ, туохха да тэҥнэспэт сырдык сарыал, истиҥ иэйии көстөн ааспыт хомолтолоох өлүү былдьаабыт күндү аймаҕым туһунан кылгас көрсүһүү өйдөбүлэ итинник…»

Иккиһин тулаайахсыйан хаалбыт кыыс кэлин дьылҕата хайдах буолбутай?

Айманан, үрүө-тараа тарҕаһаннар, Паша дойдутугар тахсан, үтүө дьон көмөлөрүнэн Ытык Күөл орто оскуолатын 1943 с. бүтэрбитэ. Учууталлар куурустарын баран, Игидэй оскуолатыгар учууталынан, онтон Уолба детдомугар иитээччинэн үлэлээбитэ… 1950 с. кэргэн тахсан, кэргэнэ эрдэ өлөн, 4 оҕону төрөтөн-иитэн бэйэтэ атахтарыгар туруорда, эбэ буолла. Оҕолорун дьон оҥортоото.

1993 с.
А.Н. Борисова-Ойунская
Биһиги аҕабыт

Ойуунускайга мин үһүс кэргэнэ этим. Платон бастакы кэргэнэ – Сүөкүччэ – Фекла Алексеевна Сокольникова. Кини Костя Сокольниковы кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар эбитэ үһү. Сокольниковтар уонна Платон аҕата Хоочугур Өлөксөй аах Тааттаҕа биир алаас иһигэр олорбуттар. Сайылыктара Көөдөккө, быһата, тэлгэһэлэрэ биир. Кыстыктарын буруота көстүһэ турар. Сүөкүччэлээх Платону дьоно оҕо эрдэхтэриттэн холбооттуох буолан үөскэппиттэрэ дэһэллэр. Ол гынан баран, Платон ол былыргы үгэһи тутуспатах буолуохтаах, кини оннуга суох киһи этэ. Дьүһүннээх кэрэтэ, уҥуохтаах көнөтө, майгытынан-сигилитинэн даҕаны бар дьоҥҥо сирдэрбэтэх кыыһы – Сүөкүччэтин Платон, кырдьык, күүскэ таптаабытын итэҕэйэбин. Таптаабыт да буолан, аймахтара икки өттүттэн сөбүлээбэттэрин үрдүнэн, кэргэн ылбыт эбит. Сокольниковтар этэллэрэ үһү: «Ама, биһиги оҕобут дьадаҥы Хоочугур уолугар кэргэн барыах бэйэтэ дуо?». Оттон Платон дьоно: «Уолбут ыарыһах, сөтөл буолан өлөөрү сылдьар кыыһы ойох ылан эрэр», – дэспиттэр. Эдэрдэр икки өттүттэн таптаспыттар. Ол эрээри Сүөкүччэ: «Ыарыһаҕым бэрт, эн дьолгун алдьатар кыаҕым суох», – диэн хас да сыл буолумматах. Платон ону этэрэ үһү: «Бу аан дойдуга таптал баар туохтааҕар да күүстээх. Сүөкүччээ, мин итии тапталым эйигин хайаан да үтүөрдүөҕэ. Холбоһуох, ыал буолуох, буруо таһаарыах». Платон «Доҕорбор Сүөкүччэҕэ», «Куоттарбыт кутурҕана» диэн хоһооннорун аахпыттар бу этиллибиттэри кытта сөбүлэһиэхтэрэ.

Платоннаах Сүөкүччэ балтараа сылтан эрэ ордук бииргэ олорбуттар. 1921 с. ахсынньыга Сүөкүччэтин Тааттаттан сүгүннэрэн, куоракка киллэрбит, онтон 1923 с. от ыйыгар соҕуруу эмкэ илпит. Сүөкүччэ онтон кыайан эргиллибэтэх: 1923 с. от ыйын 14 күнүгэр Ишим уонна Тюмень икки ардыларыгар тимир суолга өлбүт. Кини уҥуоҕа Тюмеҥҥэ сытар буолуохтаах.

1925 с. ахсынньы 10 күнүгэр Платон иккис кэргэнин кытта саахсаланар. Иккис кэргэнэ – Татьяна Дмитриевна Александрова. Татьяна Дмитриевнаны мин билэбин, өлүөр-сөлүөр эрдэҕинэ, саха дьахтарыгар эмиэ толуу үчүгэй дьахтар этэ. Татьяна Дмитриевна төрдө-ууһа Мэҥэ Хаҥалас диэки, Нөөрүктээйи нэһилиэгин (Павловскай) кыыһа. Кини бастаан аатырбыт кыһыл бартыһааҥҥа Георгий Осипович Петровка (Халлааскыга) кэргэн тахсыбыт эбит. Халлааскы кэлин Алдаҥҥа баран хаалбыт, онно тиийэн баран, «кэл» диэн ыҥырбытын Татьяна Дмитриевна барбатах. Кини онтон Дьокуускайга киирбит, сотору оччотооҕу Таатта оройуонугар дьахталлар ортолоругар үлэһитинэн ананан тахсыбыт. Ол сырыттаҕына тиийэн, Платон Чөркөөхтөн булар уонна кэргэннэнэр.

Платоннуун биһиги 1930 с. сэтинньи 6 күнүгэр холбоспуппут. Онтон ыла син ыал аатын ылан, кини былаҕайга былдьаныар диэри сэттэ сылтан ордук бэрт үчүгэйдик бииргэ олорбуппут.

Ол туһунан кэпсиэм иннинэ кылгастык бэйэм туспунан билиһиннэрээри гынабын. Мин 1906 с. бэс ыйын 8 күнүгэр төрөөбүтүм. Төрөөбүт сирим – Чурапчы. Чурапчы уруккута саҥа дэриэбинэ, билигин интернат-оскуола диэн ааттанар, ити Чурапчы күөлүн хотугулуу-арҕаа өттүгэр. Онтон тус хоту диэки үс километр холобурдааҕы бардахха, Бэттиэмэлээх диэн алааска тиийэҕин. Аҕам Николай Петрович Борисов олоҕо онно этэ. Ийэм – Евдокия Андреевна Саввина, аныгы дьон өйдөрүгэр дөбөҥнүк түһэринэн эттэхпинэ, С.А. Саввин-Күлүүк уол Күн Дьирибинэ аҕата Афанасий Андреевич Саввины кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар эбит.

Ийэлээх аҕата иккиэн эрдэ өлөн хаалбыттара. Ийэм өлөрүгэр таайбын, Күн Дьирибинэ аҕатын, ыҥыран ылан кэриэһин эппит: «Кыыспын эн көр-харай, уолгар ханыылаан иит, киһи-хара оҥор», – диэн. Онон мин таайым аахха, А.А. Саввиҥҥа, иитиллибитим. Таайым оччолорго Чурапчы балыыһатыгар П.Н. Сокольников луохтуурга үлэлиирэ. Балыыһа хаһаайыстыбатын дьаһайара, аныгы сиэстэрэлэр курдук эмтииргэ, араас операцияларга көмөлөһөр этэ. Кини бас билэр алта аттааҕа, хортуоппуйу уонна араас оҕуруот астарын таптаан үүннэрэр дьарыктааҕа. Атын сүөһүтэ-аһа суоҕа. Онон оҕуруоту кытта булкуһан, араас үүнээйилэри бэрийэн улааппытым.

1917 с. Чурапчы оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Оччолорго уон биирдээх кыысчаан этим. Хас да сыл үөрэммитим кэннэ, Саха сиригэр гражданскай сэрии турбута. Устунан мин да, атыттар да үөрэммэккэ хаалбыппыт.

1923 с. таайым аах миигин, уон алталаах кыыһы, «син биир үөрэммэт оҕо буолла, эрдэ сылла оннун буллун» диэн, Алексей Дмитриевич Федоров диэн киһиэхэ эргэ биэрэн кэбиспиттэрэ. Федоровтыын алта сыл олорбутум, ол кэннэ арахсан хаалбытым. Арахсыым төрдө көннөрү дьиэ-кэргэн иһинээҕи иирээнтэн буолбатах, эмиэ олох туһуттан этэ диэхпин баҕарабын. Мин бастакы кэргэним, А.Д. Федоров, эдэригэр мэник-тэник соҕус киһи этэ, кэлин өйдөммүтэ, өссө партийнай үлэһит буолбута.

Эрбиттэн арахсаат да, общественнай үлэҕэ төбөм оройунан түһэбин. Эмиэ да оччотооҕу кооперацияҕа, эмиэ да остолобуойга үлэлиибин, тыа сиринээҕи политическай-маассабай үлэҕэ күүһүм кыайарынан кыттабын.

1929 с. олунньу 17 күнүттэн кулун тутар 4 күнүгэр диэри, ый аҥаарын устата, Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи алтыс съезтэрэ үлэлиир, аны онно Чурапчы оройуонуттан соҕотох делегатынан кыттабын.

Куоракка билэрим-көрөрүм суоҕа, дойдум дьонугар Митрофан Кампеевтаахха түһэбин. Убайым Степан Саввин эмиэ онно олороро. Кампеевтар олорбут дьиэлэрэ билигин онно да суох, саҥа таас типография тутуллубут. Композитор Адам Скрябин ийэтин дьиэтэ дэһэллэрэ, обургу соҕус мас дьиэ этэ. Бу дьиэҕэ үгүс дьукаах бииргэ олороллоро, Платон Алексеевичтаах эмиэ. Платон Алексеевиһы кытта утарыта көрсөн манна кэпсэппитим, манна билсибитим. Оччолорго кини иккис кэргэнэ Татьяна Дмитриевна баара, наһаа ыарытыйара.

Съезд үлэтигэр кыттыбытым. Төһө да сүүрбэччэбин аастарбын, былыргы килбик тыа кыыһа буоллаҕым. Итиэннэ куорат аата куорат, муммут кус оҕотун курдук эбиппин. Аны Ойуунускайтан толлорум диэн биир өлүү. Ойуунускай мин көрөрбөр хамыһаар. Киһим ону ол диэбэт, бииргэ батыһыннара сылдьар. Сарсыарда съезпитигэр аргыстаһан барабыт, киэһэ дьиэбитигэр бииргэ төннөбүт. Күнүс тугу да булан аһаабакка сылдьар киһини: «Кэл, ас баар, бииргэ аһыах», – диэн аны аһатар. Биэсэлкэттэн соммун ыла охсон биэрэр, кэтээн туран таҥыннарар. Симиттэрим иһин хайыахпыный, аҕа саастаах киһи, хамыһаар тылын истэрбэр тиийэбин. Улахан тойон буолан баран, наһаа да көнө, судургу киһи диэн испэр сөҕөбүн эрэ. Кэлин дьиҥнээхтик билсиһиибитигэр, баҕар, бу көрсүһүү эмиэ суолталаммыта эбитэ буолуо.

Ойуунускайы аан бастаан 1920 с. Чурапчыга көрбүтүм. Ойуунускай дойдутугар Тааттаҕа баран иһэн, Чурапчыга тохтообута, чугас эргиннээҕи олоҥхоһуттары мунньан олоҥхолоппута. Биһиги, хас да кыыс уонна уол буолан, олоҥхо истэ, Ойуунускайы көрө барбыппыт. Аҕабыыт дьиэтин киэҥ саалатыгар киһи бөҕө мустубут этэ. Улаҕа биһиги билэр киһибит Эрилик Эристиин олорор. Кини аттыгар сырдык ыраас сэбэрэлээх, байыаннай таҥастаах, куругар бэстилиэттээх киһи ачыкыта чаҕылыйар. Оҕолор: «Ойуунускай. Ойуунускай ол олорор», – дэһэ-дэһэ үтүрүйсэллэр. Ол икки ардыгар биһиги дьон, анньыалаһыы-үтүрүһүү күүһүрдэ быһыылаах, уокка оттор мас кыстаабыттарын сууллардыбыт, мас тыаһа өрө лиһигирээтэ. Дьон барыта биһиги диэки эргилиннэ. Ойуунускай эмиэ. Ойуунускай онтон Эрилик Эристииҥҥэ тугу эрэ эттэ. Эрилик саҥата дуорайда: «Оҕолоор, бу диэки кэлиҥ, манна миэстэ элбэх». Уолаттарбыт олоҥхо истэ хааллылар, оттон биһиги, кыргыттар, таһырдьаны булбуппутугар үөрүстүбүт. Дьэ, хаһан эрэ кутталбыттан атахпынан куоппут киһибин кытта сэргэстэһэ хаампытым, кэпсэппитим хайдах эрэ дьикти этэ. Дьылҕа оҥоһуута диэҥ дуо ону? Суох, оччолорго биһиги икки ардыбытыгар киһи санаатын тутара туох да суоҕа.

Съезтэн төннөөт, общественнай олоххо өссө күүскэ кыттабын. Оччолорго актыбыыс дьахталлар бары биир пуорма таҥастаахпыт. Хара дьууппа, үрүҥ куопта, кыһыл былаат, лэппээһиннээх баттах. Итиэннэ түөспүтүгэр Ленин оҕо эрдэҕинээҕитэ ойууламмыт значогун анньынабыт…

Күһүнүгэр элбэх оҕону, ол иһигэр миигин, оройуон салалтата Иркутскайга дуу, Читаҕа дуу үөрэххэ ыытарга быһаарар. Мин баҕарбыт баҕам туолар буолла диэн үөрүү бөҕө. Ол эрээри, дойдубуттан наһаа ыраатыыһыкпын диэн испэр дьулахаччыйабын. Ити сырыттахпына, кэлин А.Ф. Бояров кэргэнэ буолбут Маршинкевич диэн врач дьахтар миигин кутугунатар: «Ээ, онно барыма, ырааҕа бэрт. Хата, эмчит үөрэҕэр Дьокуускайга медтехникумҥа киир, ол быдан ордук буолуоҕа».

Мин ити сүбэни ылынан куораттыыбын. Үөрэнэ. Бу сырыыга эмиэ, атын ханна барыахпыный, Кампеевтарга түһэбин, кинилэргэ дьиэлэнэбин. Платон арбы-сарбы соҕус этэ. Кэргэнэ Татьяна Дмитриевна бу сайын өлбүт.

Мин ЯФАШ-ка үөрэнэбин. Платон кинигэ издательствотыгар дириэктэрдиир. Арай Платон киэһэ үлэтиттэн кэлэн аһаатар, сарсыарда оронуттан турдар эрэ, наар биһигини кытта тыл бырахсар, дьээбэлэнэр идэлэнэр. Арыт наһаа найааннаннаҕына куотан хаалабыт, хата, ону булбута эрэ баар буолар. Арыт уруок ааҕа олордохпуна, кэккэлэһэн кэбиһэр: «Көрдөр эрэ, туга ааҕаҕын?» Биһиги ити курдук улам бодоруһан, бэйэ дьоно буолан истибит. Ол эрээри мин син биир салларым-дьулайарым сүрдээх.

Биирдэ, ити билиҥҥи Ленин проспегар куорат поликлиникатын аттыгар, бадаҕа, Национальностар кулууптара диэн баара, онно туох эрэ мунньах буолбутугар бардыбыт. Платон эмиэ барда. Саала тымныы баҕайы эбит, мин маркизет солко куопталааҕым, дэлби тоҥнум. Платон ону көрө түстэ: «Тоҥнуҥ дуу?» «Ычча, бу дойдугут тымныыта бэрт эбит дии», – өс киирбэх хардарабын. Платон ойон турда, биэсэлкэттэн сонун элэстэтэн аҕалла уонна санныбар бүрүннэри бырахта. Киһи эрэ буоллар, мин бу сырыыга бырдаҥалаабатым, сон сылааһыгар таттаран уонна «бу туох амарах киһитэй» диэн, нам-бааччы олордум. Кэпсэттибит. Мунньах кэнниттэн аргыстаһан дьиэбитигэр кэллибит.

Хонуктар аа-дьуо ааһан истилэр.

Биирдэ, сарсыарда, ороммун хомуйа сылдьан, сыттыгым анныттан бүк тутуллубут суругу булан ыллым. Арыйа баттаатым – Платон суруга эбит. Наһаа сааттым, наһаа кыбыһынным. Ол да буоллар санаам батарбата, кистээн аахтым. «Мин эйигин сөбүлүүбүн, эн биһикки билсиэх», – диэбит.

Урут да сэрэйэ саныырым, кэм туох эмэ санаалаах киһи буолан, ыксалаһар быһыылаах диэн. Уһун күнү быһа сурукпун сыымайдаан таҕыстым. Ол да буоллар, туох да диэн кыайан быһаарымматым. Платон оччолорго отут сэттэлээҕэ, мин сүүрбэ үһүм. Онон, бастакытынан, кырытыннара саныыбын. Иккиһинэн, бэйэтэ ыарыһах, урут икки кэргэнэ өлбүт киһи диибин. Кэргэнэ өлбүт эр киһини да, дьахтары да күлүктээхтик көрөр идэ хаһан баҕарар баар дьыала этэ буоллаҕа. Аны бу киһини кытта билсистэхпинэ, били таласпыт үөрэҕим хайдах буолуой диэн биир муучу.

Киэһэ аһаан бүтэн баран, хоспор киирэн соҕотоҕун олордохпуна, Платон көтөн түстэ. Мичээрдээбит. «Хайа, аахтыҥ дуо?» – диэтэ, онтон аттыбар олорунан кэбистэ. – «Ааҕан». – «Туох диэтиҥ?» Мин өс-саҕа буолан: «Ол туох диэх үһүбүнүй?» – диэтим. Ити итинэн ааста.

Онтон биирдэ, эмиэ соҕотоҕун олордохпуна, Платон киирэн кэллэ уонна эттэ: «Эн, арааһа, кыбыстаҕын, бэйэҕин бэйэҥ кыайан быһаарыммаккын быһыылаах. Мин адьас кырдьыкпын этэбин. Уонна эйигин тиэтэппэппин, эн үөрэххэр мэһэйдиэхпин баҕарбаппын. Хата, көмөлөһөөрү гынабын. Мин аны сайын соҕуруу үөрэнэ барабын. Онуоха диэри быйылгы үөрэххин бүтэр, ол кэнниттэн биһиги күһүөрү холбоһуох тустаахпыт. Итини үчүгэйдик сыта-тура толкуйдаа». Мин эмиэ туох да диэн быһаарыммаппын.

Ол да буоллар, улам бодоруһан, сыстыһан истибит. Киинэҕэ бииргэ сылдьабыт, арыт маҕаһыыннарга барабыт. Арыт Күөх Хонууга киирэн дьаарбайабыт, пистолетынан сыал ытабыт. Платон брауниннааҕа. Кини миигин ытарга үөрэтэр.

Биирдэ Платон эттэ: «Ээ, туох ааттаах баҕайытай! Икки өттүттэн мэһэйдэтэрбит туох да суох, холбоһуох». Мин: «Ким билэр…» – диэнинэн аһарынабын. Платон ону истибэт: «Киэһэ үлэбиттэн кэлэрбэр, мин дьиэбэр баар буолаар».

Наһаа мунаардым, дьүөгэбэр, Адамов милиционер кэргэнигэр, Наташаҕа таҕыстым. Наташа сүрдээх хорсун, уруккута бартыһаан дьахтар этэ. Наташа өрө күлүбүрүү түстэ: «Тыый! Олус бэрт буоллаҕа дии. Холбос, холбос! Платон Алексеевич – наһаа үчүгэй киһи. Дьолгун мүччү түһүмэ. Үөрэххэр да көмөлөһүө». Киэһэ Платон эмиэ көтөн түстэ: «Хайа, эмиэ суоххун дуу?»

Итинтэн биир хонук ааста дуу, икки хонук дуу, сыттыгым анныттан сурук, күлүүс тылын уонна элбэх баҕайы харчыны булан ыллым. Платон: «Наташаҕа таҕыс, көмөлөһүннэр, киэһэ аста астааҥ», – диэбит. Наташа оччону истэн баран, куорат маҕаһыыннарын ылан кэбистэ. Оһох отунна, астаан-үөллээн сырылатта-бырылатта. Бэйэтэ миигин туох иһин ыыппат: «Платон сибилигин кэлиэ, тохтоо-тохтоо».

Ити курдук бутулла олордохпуна, Платон көтөн түстэ. Үөрбүт, чаҕылыҥнаабыт: «Дорооболоруҥ!» – диэтэ. Онтон бокуойа суох саба түһэн уураан-сыллаан барда. Ол икки ардыгар Наташабыт аһа остуолга тардыллан бэлэм буола охсубут.

Сыбаайбабыт манан бүттэ. Ити 1930 сыл сэтинньи 6 күнүгэр этэ.

Платоннуун биһиги сэттэ сыл биир ый 23 хонук устатыгар бииргэ олорбуппут. Мин эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сиппит-хоппут, олох уонна охсуһуу итиитин-буһуутун билбит-көрбүт киһиэхэ кэлбитим. Икки кэргэн тухары дьиэ-уот, күннээҕи олох-дьаһах боппуруостарыгар даҕаны ким баҕарар чопчу сүрүннэниэхтээх кэмэ ини ити. Онон даҕаны, биһиги олус эйэлээхтик, наһаа тапсан олорбуппут. Платону мин дьиэҕэ-уокка «паапа» диэн ыҥырааччы этим, оттон кини миигин үксүн «тооруом» диэччи этэ, кыргыттара «паапа» да «паапа».

Көрө түһүүгэ, Платон уҥуоҕунан кыра киһи этэ. Дьон ол да иһин Ойуунускай кыратын, хатыҥырын урут бэлиэтээн этээччилэр. Ити гынан баран, эр киһитэ да өтөн эрдэҕэ, миигиннээҕэр өндөс курдуга. Оттон миигин саха дьахтарыгар эдэрбэр-сэнэхпэр оччо наһаа кыра диэбэттэрэ ини. Платон уһун суптугур сэҥийэтэ, имнэрин уҥуохтара дэбдэгэрдэрэ хатыҥыр киһи дииллэригэр көмөлөһөн эрдэҕэ. Дьиҥэр, кини наһаа оннук дьарамай киһи буолбатах этэ, сыгынньахтаннаҕына бэйэтигэр сөп толору эттээх-сииннээх, уҥуохтара ханан да биллибэт, сөп киппэ буолара. Уоруйах эттээх-сииннээх киһи баар буолааччы дэһэллэр, бука, оннук киһи эбитэ буолуо.

Платон ийэтэ Дьэбдьиэй кугастыйан көстөр баттахтаах, саһархайдыҥы сырдык харахтаах, үрүҥ туртаҕар субалаах ыраас дьахтар эбитэ үһү. Платон ийэтиттэн үгүһү ылбыт эбит, кини эмиэ сырдык, ыраас эттээх-сииннээх киһи этэ, оҕо эрдэҕинэ эрбэһин курдук кугас баттахтааҕа үһү, ол кэлин хараарбыт. Аҕатын арай уҥуоҕун, быһыытын-таһаатын баппыт.

Киһи ордук бэлиэтиирэ – харахтара. Ис-иһиттэн сырдаан көстөр кугастыҥы харахтааҕа. Кырыытынан көрдөххө, мэктиэтигэр сандааран, чаҕылыйан олорорго дылыта. Оччо сытыы, оччо ыраас буолара харахтара. Ол гынан баран, ачыкыта суох аахпат да, суруйбат да этэ, көннөрүтүгэр да куруук ачыкыланара.

Доруобайа эбитэ буоллар, бука, бэйэтин бараалаахтарыгар соччо баттаппат, сөпкө кыанар киһи дэтиэх эбитэ буолуо. Дьиэтигэр даҕаны, онно-манна сырыттаҕына даҕаны, наар дьону кытта тустар, өрө хачымахтаһар, кылыйа-ыстаҥалыы сатыыр идэлээҕэ. Онно үксүгэр кыайарыттан, уолаттары дөбөҥнүк айыка дэтэриттэн сылыктаатахха, син кытаанахтык тутар-хабар быһыылааҕа. Миигин даҕаны дьээбэлэнэн туттаҕына-хаптаҕына, илиитэ биир кэм кытаҕас курдук буолааччы. Аны үҥкүүлээн тэлээрэрин көрүөҥ этэ. Платон үҥкүүнү олус таптыыра. Оччоҕо кини атаҕын тыаһын истиэм диэн санаама даҕаны, оччо чэпчэкитик дэгэһийэр буолара. Онон, Платону букатын быста ырбыт, нэһиилэ сакыҥныыр киһи буолуо дии саныыллара алҕас.

Олус үчүгэй майгылаах, саҥардар эрэ хайаан да ырааҕынан эҥсэн, олохтоохтук эргитэн кэпсэтэр, наһаа чэнчис-чэбэр киһи этэ кини. Биирдэ дьоҥҥо кыыһырбытын, биирдэ дьону кытта улаханнык саҥарсыбытын, эбэтэр киһини өһүргэтэр-хомотор гына тылласпытын өйдөөбөппүн. Күлэ түһэ-түһэ, дьээбэлээхтик саҥаран-иҥэрэн бардаҕына, кими да сүргэтин көтөҕөөччү. Эбэтэр бэйэтэ ис-иһиттэн тэһитэ кэйэн мэниктээн кэлээччи. Дьээбэлэнээри гыммыта ала-бэлиэ буолар. Ойон турар, тыыллаҥныыр, төттөрү-таары хаамыталыыр. Онтон: «Ээй-чэ!» – диэт, ороҥҥо эбэтэр дьыбааҥҥа умса сөрөөн түһэрэр, хайаан да күллэрэн-үөрдэн тэйэр. Тоҕо итиннигин, мин кэлин билбитим. Үйэтин-сааһын тухары наар олорор үлэлээх, куруутун мунньахтаан, арааһы санаан-толкуйдаан тахсар киһи кыратык аралдьыйа түһүөн, этин-сиинин имитиэн син баҕарар буоллаҕа. «Ок-сиэ, сылайдым даҕаны, көхсүм саалынна даҕаны. Чэ, кыратык тустуохха эрэ», – диэччи оччоҕо. Ол кэнниттэн хамсаннаҕына-имсэннэҕинэ, арыый чэпчээн эрдэҕэ.

Платон дьиэтигэр-уотугар хайдах эрэ расписаниелаах курдук туттара-хаптара, үлэлиир-хамсыыр, сынньанар кэмэ анал буолара. Сарсыарда чэйдээт, үлэтигэр барар. Күнүс дьиэтигэр эбиэттии кэлбэт, бутерброд оҥотторон, өйүө илдьэ барар. Аҕабыт киэһэ үлэтиттэн бүтэн кэлэрин бары кэтэһэрбит. Сылааска, саас-сайын кыргыттарын илдьэ таһырдьа кэтэһэбин. Кыһын таһыттан киирэр ааҥҥа тоһуйабыт. «Оо, паапа кэллэ!» – дэһии, өрө сахсыныы буолар. Үрдүгэр түһэн таҥаһын сыгынньахтыыбыт, биир-биир ыйаталыыбыт. Платон сонно оҕолорун сыллаан-уураан баран, бэйэтин хоһугар ааһар. Онно киирэн, чаас аҥаарын кэриҥэ оронугар сытар, сынньанар. Туох эмэ сонуннаах буоллаҕына, бу сытан онтун кэпсиир. Аа-дьуо табахтыыр. Онтон дьэ суунар-тараанар. Саха ыалын быһыытынан, киэһэ эт буһарабыт, остуол тула олорон бары эппитин сиибит, мииммитин иһэбит. Бу кэнниттэн Платон кыргыттарын кытта бадьыыстаһар: көтөҕөр, сүгэр, кинигэ ааҕар, остуоруйалыыр. Арыт муостаҕа сөһүргэстиир, ат буолар, кыргыттара паапаларын миинэн кэбиһэллэр. Чаас кэриҥэ саалабытын түөрэ сүргэйэллэр.

Онтон хоноһо, ыалдьыт суох буоллаҕына, таһырдьа тахсан хаамсабыт. Арыт театрга барабыт. Хоноһо, ыалдьыт баар буоллаҕына, кинилэри кытта сэлэһэр, олоҥхолотор, остуоруйалатар.

Платон киэһэ кыргыттарын бэйэтэ сыгынньахтаан, бэйэтэ сууйан-тараан утутар. Хайаан да бэйэтэ утутарын сөбүлүүр. Кыргыттарыгар: «Чэ, утуйуҥ дуу, оттон паапа үлэлиэ, паапа үлэлиирин мэһэйдээмэҥ. Сөп дуо?» – диир. Анарааҥҥылара ол курдук үөрэнэн хаалбыттар, аҕалара сытыарда да, им-дьим бараллар, сотору утуйан муннулара сурдурҕаабытынан барар.

Мантан киэһэ дьиэ уу-чуумпу. Мин иһит хомуйабын, сээкэйи бэрийэбин, киһим сарсын кэтэр таҥаһын-сабын ыраастыыбын, өтүүктүүбүн, уруок ааҕабын. Оттон Платон үлэтэ-хамнаһа дьэ киирэр. Кини түүн үс чаас саҕана биирдэ утуйар. Онуоха диэри быһа суруйар-ааҕар. Ити курдук киэһэ аайы.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации