Текст книги "Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан"
Автор книги: В. Окорокова
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 6 (всего у книги 19 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
Б.Б. Альперович
Биһиги биир кэмҥэ үөрэммиппит
Адьас сибилигин даҕаны харахпар илэ-бодо көрөргө дылыбын умнуллубат биир кэрэ-бэлиэ күнү. Холобура диэн эттэххэ, өскөтүн айылҕа миэхэ тыһыынча сыл устата тыыннаах буолар төлкөнү тосхойдун, син биир умнуом суох этэ ол күнү… Ол күн Петроградка Олунньутааҕы революция буолбутун туһунан соһумар үөрүүлээх сурах, сири-сибиири тилийэ көтөн кэлэн, Дьокуускай куораты долгуһуппута. Ол күн куорат олохтоохторун миитинигэр мин Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускайы кытта аан маҥнай билсиспитим… Оччолорго мин дьахтар гимназиятыгар үөрэнэрим. Сарсыарда уруок бара турдаҕына, арай эмискэ, тыал түспүтүн курдук, кылааска сипсигинэһии, суугунаһыы буолла. Онтон айдаан, мөккүөр, ураатааһын: «Революция!.. Ыраахтааҕы престола сууллубут»… Учууталынсабыт ыксаата, буойан көрдө. Ким да истибэтэ. Онтон гимназия начальнига Е.Н. Кузнецова сүүрэ былаастаан киирдэ. Бэйэтэ сүрдээҕин уолуһуйбут аата, биһигини араастаан уоскута сатаата: «Оҕолор, айманымаҥ, өссө туох-ханнык буолбута чопчу биллибэт…» Уруок син биир үрэлиннэ. Биһиги, хас да кыргыттар буоламмыт, куорат миитинигэр сүүрдүбүт. Дьокуускай «улахан» уулуссатын киэбин тухары дьон халҕаһалыы устар колонналар үрдүлэринэн, революционнай ырыалар кынаттара буолан, кыыһар кыһыл былаахтар тэлимнииллэр. Сыылынай революционердар, олохтоох большевиктар уонна кыра-хара дьон сирэйдэригэр-харахтарыгар дохсун үөрүү күлүмэ, дьол сырдык сыдьаайа охсуллубут. Ол дьон халҕаһатын быыһыгар, онно-манна, куорат баайдарын, чиновниктарын уонна мещаннарын уолуйбут, өлөрдүү куттаммыт кубаҕай сирэйдэрэ былтас гынан элэҥнээн ааһаллар. Үйэлэр усталарыгар сыылка, хаатырга хара кырыыстаах дойдута ааттанан, халыҥ хаар анныгар өлүктүү иһийэн сыппыт Саха сиригэр урут хаһан даҕаны киһи бу курдук көҥүллүк өрө тыынар, күлэр-үөрэр, сирэй-харах кэтэммэккэ, саныыр санаатын дорҕоонноохтук саҥарар, таптыыр ырыатын күөрэччи ыллыыр дьоллоох күнэ күөрэйэ илигэ. Миитиҥҥэ дьон бөҕө тоҕуоруйбут. Манна учительскай семинария уонна реальнай училище үөрэнээччилэрэ эмиэ кэлбиттэр. Олор ортолоругар Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Степан Аржаков бааллар. Доҕор кыыһым Таля Атласова кинилэри кытта уруккуттан билсэр. Мин үһүөннэрин кытта илии тутустум. Мин урут кинилэри көннөрү көрөрүм эрэ. Бу сырыыга бэркэ үөрэ-көтө кэпсэттим, өй-санаа өрө күүрбүт уопсай долгунугар көтөҕүллэн, өрдөөҕүттэн билсэр ыкса доҕотторум курдук, бэл куустустум, уурастым. Мин Платону урут да көрөрүм, олус дуоспуруннаах, аҕыйах саҥалаах киһи курдук саныырым, толлорум. Оттон бу күн кини чыҥха атын көрүҥнэммит этэ: сүрдээх элэккэй, көрдөөх, кэпсэтинньэҥ. Аламаҕайдык көрбүт, сып-сытыы тырымнаах саһархайдыҥы хараҕа үөрүүнэн мичилийбит. Миитини Григорий Иванович Петровскай аһар уона Миней Израилович Губельмаҥҥа (Емельян Ярославскайга) тыл биэрэр. Емельян Ярославскай Петроградка үлэһиттэр уонна саллааттар ыраахтааҕы былааһын суулларбыттарын, Россия бу күнтэн ыла көҥүл дойду буолбутун туһунан уоттаах-төлөннөөх этиитин мустубут дьон ытыс таһыныынан, ураа хаһыынан эҕэрдэлииллэр.
Кини кэнниттэн К.И. Кирсанова, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, мин дьүөгэм Таля Атласова, Дора Жиркова уо.д.а. тыл эттилэр. Тыл этэр дьон трибунаҕа нэһиилэ тахсаллар: ол курдук саалаҕа дьон кырыы-кырыытынан симсэн турар. Платон Алексеевич сүгэ-батас тылларынан сахалыы этэр. Нууччалар даҕаны, сахалар даҕаны бары революцияны ис сүрэхтэриттэн эҕэрдэлииллэр. Икки тыл иккиэн – нуучча, саха тыла, биир тыл курдук, – барыбытыгар чуолкайдык өйдөнөргө дылы. Миитин бүтүүтэ «Интернационал» ырыаны ыллаан ньиргитэбит. Платон Алексеевич эмиэ ыллаһар. Кини бэркэ ыллыыр быһыылааҕа, сөҥ куоластааҕа. Кэлин бу ырыаны кини сахалыы тылбаастаабыт этэ. Саха дьоно таптаан ыллыылларын истэрим. Оччолорго күн ахсын кэриэтэ миитиннэр, мунньахтар буолаллара. Мин дьүөгэ кыыспынаан онно хайаан да сылдьар этибит. Биирдэ приказчиктар обществоларын кулуубугар миитин буола турдаҕына, президиумҥа икки киһи тахсан олордо. Биһиги урут көрбөтөх дьоммут. Иккиэн саҥыйахтаахтар, күрүмэлээхтэр. Таля Атласова биһикки Серго Орджоникидзе таһыгар турабыт. «Ити Константинов уонна Волковинскай… Халыматтан кэллилэр. Биһиги доҕотторбут, сыылынайдар», – диэн Серго биһиэхэ сибигинэйдэ уонна, ытыс таһынаат: Константинов, «Дубинушканы!» «Ду-бинушканы!» – диэн эпчимнээхтик хаһыытаата. Онуоха ким эрэ, миитин кэнниттэн ыллаатын диэн, саба саҥарда. Президиумҥа олорооччулартан Платон Алексеевич ойон турда уонна Серго көрдөһүүтүн өйөөтө. Константинов сөҥ, сатарас куолаһынан ыллаан дьигиһиттэ. Ыллыыра истиэххэ үчүгэйэ бэрдэ. Серго ордук умсугуйан: «Өссө!» Константинов «Дубинушканы» иккиһин толордо. Миитин бүппүтүн кэннэ, Константинов эмиэ бу ырыаны ыллаата, биһиги бары хос ырыатын ылластыбыт, Платон Алексеевич бу нуучча народнай ырыатын эмиэ бэркэ таптыыр эбит этэ. Бу миитиҥҥэ Саха сирин революционнай органын – Ревком – састаабын талбыппыт. Ол састаапка Ярославскай, Петровскай, Кирсанова, Орджоникидзе, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай киирбиттэрэ. Мин Платон Алексеевиһы кытта «Юный социал-демократ» диэн революционнай куруһуокка бииргэ үөрэммит дьоллоохпун. Бу куруһуокка миигин доҕор кыыһым Таля Атласова, саҥаһым Вера Синеглазова угуйан киллэрбиттэрэ. Краеведческай музей олбуорун иһигэр баар кыра дьиэҕэ мустан үөрэнэрбит. Бу дьиэҕэ Емельян Ярославскай уонна Виленскайдаах кэргэннэрэ олороллоро. Куруһуогу В.И. Ленин уһулуччулаах үөрэнээччилэрэ – Ярославскай, Петровскай, Орджоникидзе уонна арыт К.И. Кирсанова салайаллара. Куруһуокка революционнай охсуһуу тосхоллорун, ньымаларын уонна партия тустарынан, сэриини уонна таҥараны, абааһыны итэҕэйии тустарынан үөрэтэрбит, ырытарбыт. Бу боппуруостарга Емельян Ярославскай тыл этиитэ ордук умсулҕаннааҕа, киһи өйүн-санаатын күүһүрдэрэ. Кини бэрт судургутук, холкутук, чуолкайдык өйдөнөр гына кэпсиирэ. Куолаһа истэргэ үчүгэй, киһи сүрэҕэр-быарыгар сайан киирэргэ дылыта. Атын киһи саҥарарын бэркэ болҕойон истэрэ, пенснетын анныттан аламаҕай саһархай хараҕынан көрүтэлиирэ. Тас көрүҥүнэн сабаҕалаатахха, оччолорго кини 30–35 саастааҕа. Оттон Г.И. Петровскай балачча сааһыран эрэр, дьиппиэн соҕус көрүҥнээх киһи этэ. Тобугар тиийэ сыһар уһун ырбаахылааҕа, онтун синньигэс курунан курданара, өрүүтүн саппыкылаах буолара. Ким эрэ көрүдьүөстээҕи кэпсээтэҕинэ эбэтэр бэргэнник эттэҕинэ, бэрт истиҥник, киһини көҕүтэрдик күлэрэ, оччоҕуна эйэҕэс, соччо дьиппиэнэ суох киһи эбит ээ дии саныырбыт. Серго Орджоникидзе буоллаҕына аан маҥнайгы көрсүһүүттэн ыла биһиги, эдэрдэр, сүрэхпитин туппута. Ол курдук кини киһи иһигэр кииримтиэ, судургу, кэпсэтинньэҥ, көрдөөх табаарыс этэ. Серго үрдүк көнө уҥуохтааҕа, будьурҕай хара баттаҕа эмпэрэлээх үрдүк сүүһүгэр кыратык саба түһэрэ, эрдээх сэбэрэлээҕэ, кип-киэҥ сытыы хара харахтааҕа. Гимнастеркатын синньигэс кавказскай курунан курданара. Туохтан да дьулайбат, хорсун-хоодуот, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус диэн сэргэх, кырдьыксыт майгылааҕа; киэҥ политическай билиилээх, элбэҕи көрбүт-билбит, революционнай охсуһууга буспут-хаппыт киһи буолара өтө көстөрө. Дьэ, биһигини куруһуокка сүнньүнэн бу албан ааттаах үс ленинец үөрэппиттэрэ. Үөрэнээччилэр, биһиги бэйэбит эмиэ биирдиилээн боппуруостарга ырытыы, реферат оҥорорбут уонна бары дьүүллэһэрбит.
Платон Алексеевич, Шура (Александр) Поповтуун Байаҕантай улууһугар биир оннук сорудахха сылдьан баран, кэлэн биһиэхэ үөрэ-көтө сэһэргээбитин өйдүүбүн. Таҥара дьиэтигэр кураанах күннэнээччи олохтоохтор мустан үҥэн суотуйа турдахтарына, Платоннаах түөстэригэр кыһыл баанчыктаах киирэн кэлбиттэр уонна алтаар иннигэр тахсаннар, саҥа үйэ илдьиттэрэбит диэбиттэр уонна политическай агитацияларын тардан кэбиспиттэр. Аҕабыыт, тэрэпиэһинньик соһуйан уҥан түһэ сыспыттар. Таҥараһыттар маҥнай эмиэ уолуйбуттар, «һуу», «уой» дэһэ-дэһэлэр, уостарын иһигэр мэлииппэ ааҕан ботугураспыттар. Биһиги дьоммут, онуоха кыһаммакка, холкутук кэпсии-ипсии, этэ-тыына турбуттар. Ону таҥараһыттар чаас кэриҥэ таалан туран истибиттэр. Платон Алексеевич бу түбэлтэни бэйэтэ олус көрүдьүөстээхтик кэпсиирэ…. Саас 1917 с., Лена мууһа суйданаатын кытта, биһиги учууталларбыт, салайааччыларбыт бары кэриэтэ, революция оргуйар киинигэр, соҕуруу дойдуларыгар, барар буолбуттара. Кинилэр босхолонон дойдуларыгар төннөллөрүттэн биһиги үөрсүбүппүт, ол гынан баран эмиэ да тулаайахсыйа саныырбыт: кинилэр биһиэхэ ол курдук ыкса чугас, хаан-уруу аҕаларбыт кэриэтэ дьон этилэр. Куруһуок кыттыылаахтара бары, борокуокка олорсоммут, Табаҕаҕа диэри атаарбыппыт. Бу иннинээҕи быраһаайдаһар биэчэргэ уонна борокуоттан түһээри турдахпытына даҕаны бэрт элбэх истиҥ тыл-өс, сүбэ-ама, кэс тыл итиэннэ биһиги өттүбүтүттэн итии махтал, андаҕар тыллар этиллибиттэрэ… Табаҕаҕа тиийэн баран арахсар кэмҥэ буолбут биир дьикти-кэрэ, символическай түгэни мин сибилигин да көрөн олорорго дылыбын. Арай борокуоттан түһэн, оҥочоҕо олорон, кытыл диэки устан истэхпитинэ, уҥуор, адьас уу анныттан кэриэтэ, сып-сырдык күндэлэс уоттаах күн күөх унаар саҕахха мөлбөйө устан таҕыста. Ону көрөөт, Максим Аммосов, оҥочо ортотугар туран, борокуот диэки далбаатаан баран, уҥа илиитин күн диэки быластаата уонна: «Табаарыстар! Социализм сардаҥалаах күнэ таҕыста. Ураа-а!» – диэн хаһыытаата. Биһиги бука бары иилэ хабан ылан, ураатастыбыт. Онуоха борокуоттан, уу урсунун устун ыраахха диэри дуораһыйан, харда иһилиннэ: «Ура-а, табаарыстар! Сотору көрсүһүөххэ диэри!..» Табаҕаттан Якутскайга сатыы төннүбүппүт. Тулаайахсыйбыттыы хааман сукуҥнаһан истэхпитинэ, Максим көрдөөх түбэлтэлэри, инники кэрэ кэскиллэри кэпсээн-ипсээн санаабытын көтөхпүтэ, онтон ыла суолу быһа өрө күүрүүлээх революционнай ырыалары ыллаан долгуһутан испиппит.
Куоракка кэлээт, бары РСДРП бюротугар аастыбыт. Платон доҕотторбутун хайдах атаарбыппытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ ыйыталаһа көрүстэ. Истэн баран, боччумурбут сытыы хараҕынан биһигини кэриччи көрө-көрө, кылгастык, чуолкайдык эттэ: «Барбыт аҕа табаарыстарбытын биһиги бука бары, күүспүтүн, сүбэбитин холбоон, солбуйуохтаахпыт. Онон, хас биирбит уон төгүл ордук биилэниэхтээх-уһуктаныахтаах…» Баҕар, итинтэн атыннык уонна хомоҕойдук эппитэ буолуо да, мин өйдүүрбэр, ити кини тыла этэ. Бу сыл күһүнүгэр Платон Томскай куоракка учительскай институкка үөрэнэ барар. Кини кэнниттэн биһиги доҕорбунаан Таля Атласовалыын эмиэ Томскайга медицинскэй институкка үөрэнэ тиийэбит. Маҥнайгы сылбытыгар биһиги, үөрэхпитин ыарырҕатар буоламмыт, иллэҥмит суоҕа, онон куорат общественнай-политическай үлэтигэр тута кыттыыны ылбатыбыт. Ону таһынан, бу кэмҥэ РСДРП Томскай куораттааҕы тэрилтэтэ икки аҥыы хайдыбыт, атын сиртэн кэлбит киһи дьүүлүн-дьаабытын быһаара охсубат бутуура этэ. Ол да буоллар, Платон хайыы үйэ барытын өйдүү-билэ охсон, большевиктар диэки турунан, революционнай үлэҕэ кыттыбытынан барбыт. Кини манна коммунистическай партия кэккэтигэр киирэн, кыһыл гвардияны уонна Советтары тэрийэр инструкторынан үлэлии сылдьарын истибиппит. Үөрэнэр ааттаах да, биир сиргэ таба олорбот этэ, онон биһиги кыайан көрсүбэккэ хаалбыппыт. Онтон ол сыл сааһыгар Дьокуускайга контрреволюционердар олохтоох Советтар депутаттарын хаайбыттарын туһунан абалаах сурах иһиллибитигэр, Платон Центросибирь представителинэн ананан дойдутугар бэрт суһаллык төннүбүтэ. Онтон ол сыл кыһыныгар Платон эмиэ Томскай уеһыгар Казанка дэриэбинэҕэ көскө кэлэн учууталлыы сылдьарын истэн соһуйбуппут. Ону биһиги урут Якутскайга сыылкаҕа олоро сылдьыбыт Виленскайдаахтан истибиппит. Оччолорго Сибииргэ, Томскайга кытта, Колчак сабардаан олорор күчүмэҕэй кэмэ этэ. Биһиги Атласовалыын аҥаардас үөрэхпитинэн уолдьаһан олорорбутун аны ууратан, олохтоох большевиктары кытта кистэлэҥ политическай үлэҕэ туруммуппут. Подпольнай тэрилтэ сорудаҕынан, биһиги иккиэн онтон-мантан революционнай үлэҕэ кэлэр уонна ханна эмэ ааһар большевиктары Колчак былааһын милициятыгар пропискалыыр идэлэммиппит. Биир сыттык хаатыгар толору араас бэчээттээх этибит, онон паспордары көҥүл уларытарбыт-тэлэритэрбит. Сүрдээх бырыынчык уонна олус сэрэхтээх үлэ этэ. Бу сылдьаммыт Платон Алексеевиһы тоҕо эрэ адьас көрбөппүт. Көрсүөхпүтүн баҕарарбыт диэн сүрдээх. Туох эмэ сылтаҕы буламмыт, Казанка дэриэбинэтигэр баран кэлэргэ соруннубут. Ону салайааччы дьоммутугар эппиппитин бобон кэбистилэр. Кинилэр Платону кытта сибээстээх быһыылаахтара. «Платоҥҥа ким кэлэрин-барарын кэтии сылдьаллар, кини онно бэйэтэ боччумнаах эбээһинэстээх. Эһиги эмиэ сүҥкэн эппиэттээх үлэҕэ сылдьаҕыт. Кини да, эһиги да уорбаланыаххыт, онон билиҥҥитэ сатаммат», – диэн булгуччу боптулар. Хомойбуппут иһин, хайыахпытый – революционнай дьиссипилиинэ. Платон да биһигини, биир дойдулаахтарын, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит табаарыстарын, көрсүөн баҕарара эбитэ буолуо да, эмиэ ити биричиинэттэн туттуммут быһыылааҕа. Биһиги Атласовалыын иккиэн ыалга биир хоһу куортамнаһан олорорбут. Дьиэлээх дьахтар кэргэним ханна эрэ ыраах командировкаҕа сылдьар диирэ, кэнники билбиппит – Колчак сойуолуур этэрээтин офицера эбит. Биир сарсыарда эрдэ арай аан звонога чылыгыраата. Аан тэлэллэ түстэ – мин убайым Иосиф Альперович, Максим Аммосов уонна Гриша Шергин киирэн кэллилэр. Доҕор кыыспынаан олус үөрдүбүт. Ону-маны сурастыбыт. Кинилэр, мичээрдии-мичээрдии, Томскайга үөрэнэ кэллибит диэтилэр. Биһиги ону, биллэн турар, итэҕэйбэтибит. Кэнники билбиппит – оһуобай сорудахха кэлбиттэр, ханна эрэ ааһыахтаахтар. Дьиэлээх дьахтарбытыгар үөрэнэ кэлбит оҕолор диэтибит. Дьоммут биһиэхэ түөрт хоннулар. Киэһэ ахсын Дьокуускайдааҕы табаарыстарбыт, дьоммут, олохпут уонна үөрэхпит туһунан ахтыһан сэһэргэһэбит. Максим күнүһүн Казанка дэриэбинэтигэр баран кэлэр быһыылааҕа. Ону биһиги кини тылыттан сэрэйбиппит. Платону көрсүөхпүтүн баҕарабыт диэбиппитигэр, Максим истибэтэх курдук туттан баран, эппитэ: «Сибииргэ быстах былыт сабардаан турар. Сотору хайаан даҕаны дьайҕарыаҕа, эрэниҥ. Сахабыт сиригэр луохтуур идэтэ, революционер идэтиттэн итэҕэһэ суох, олус наадалаах буолуо. Онон, эһиги, доҕоччуктаар, үөрэххитин кытаатыҥ. Платон эмиэ ити курдук сүбэлиир…»
Ити биһиэхэ хоммуттара бэһис түүнүгэр этэ. Арай эмискэ дьиэ аанын тоҥсуйар тыас иһилиннэ. Аан звонога үлэлиир этэ да, кэлбит киһи тоҕо эрэ тоҥсуйарын ордордо. Хаһаайкабыт сүрдээҕин үөрэ-көтө көрүстэ – кэргэнэ кэлбит эбит. Кимин-туоҕун биһиги маҥнай билбэтибит буолан баран, тас сонун устубутугар көрбүппүт – бай, доҕор, Колчак офицера эбит… Таля Аммосова биһикки, дьэ түбэстибит дии санаан, куттанныбыт: хоно кэлбит доҕотторбутун тутаталыан сөп уонна, ыларга-уурарга чугас буоллун диэн, ороммут анныгар ууран туран сыттык хаатыгар толору кутуллубут кистэлэҥ бэчээттэрбитин да булуон сөп. Доҕотторбут эмиэ ыксаатылар, сарсыарда тыҥ хатыыта тураннар, биһигини кытта быраһаайдаһан баран, тэскилээтилэр. Офицер арыый хойутаан уһуктубута, эмиэ ханна эрэ суус гынан хаалта – өлөрдүү тиэтэйбит көрүҥнээҕэ. Платон туһунан Томскайга биһиги билсэр большевиктарбыт хаа-дьаа, кистии-саба кэпсэтэллэрин истэрбит: «Бурят дуу, казах дуу, олус улахан үөрэхтээх, хас да омук тылын билэр, учуонай быһыылаах». Эбэтэр: «Дьиҥнээх бэйэбит киһибит. Большевик бэрдэ эбит». «Биһиги бааһынайдарбыт сүрэхтэрин туппут. Үлэ бөҕөнү ыытан эрэр…» Ханна баар киһи туһунан кэпсэтэллэрэ биллибэт этэ да, Таля биһикки бэркэ билэр этибит. Ол гынан баран, истибэтэх-билбэтэх курдук туттарбыт. Арай бэйэ-бэйэбитигэр кистээн мичээрдэһэрбит. Ол мичээрбитигэр үөрүү күлүмэ уонна биир дойдулаах истиҥ, чугас доҕорбутунан муҥура суох киэн туттуу баара…
1963 с.
Д.Е. Габышев
Мин Ойуунускайы чугастык билэрим
Биирдэ 1929 с. Горкомҥа киэҥ ыҥырыылаах аһаҕас партийнай мунньах буолбута. Онно Ойуунускайы уонна хас да атын дьон личнай дьыалаларын көрөн дьүүллээбиттэрэ. Бу мунньахха бэрт элбэх киһи мустубута, онно мин эмиэ барбытым. Бастакынан Дьаадьаннырап диэн эргиэн үлэһитэ киһини дьүүллээн, бэрт түргэнник үлэтиттэн уонна партиятыттан устубуттара. Иккис киһинэн П.А. Ойуунускайы дьүүллүү киллэрдилэр; аан бастаан автобиографияҕын кэпсээ диэн сорудахтаатылар (мунньаҕы Горком секретара И.Е. Винокуров салайан ыыппыта). Онуоха Ойуунускай: «Мин урут автобиографиябын элбэхтик кэпсээн, үлэлэрбин кытта эмиэ бэчээттэтэн турабын, онон киһи үксэ билэр», – диэн аккаастаан кэбистэ. «Оччоҕо эн тоҕо олоҥхону суруйаҕын, холобур «Кыһыл Ойуун»?» – диэн сүрүн буруйдуур боппуруостарыгар эппиэттииригэр күһэйдилэр. Ойуунускай олус холкутук туттан туран бу курдук хоруйдаан тыл эппитэ: «Саха олоҥхото муора курдук киэҥ, тыла-өһө уус. Олоҥхо элбэх үйэлээх, элбэх омук санааларын, олохторун түммүт бэрт баай, бэрт күүстээх… Ырыаҕа, олоҥхоҕо саамай сыаналааҕа баар – тылын күүһэ, илбиһэ, дьүһүнүн күүһэ, этиитин күүһэ. Остуоруйаһыт, үөрэхтээх ырыаттан, олоҥхоттон сирдэтэн урукку ааспыт олохтору үөрэтэллэр… Хайа да омук сайдарыгар, үрдээн үүнэн тахсарыгар маҥнайгы кирилиэһинэн, үктэлинэн норуот олоҥхото, норуот фольклора буолар, онон эһиги олоҥхону сатаан тууйуоххут, сиргэ-буорга тэпсиэххит суоҕа», – диэн. Ити кэнниттэн кини «Кыһыл Ойуун» диэн олоҥхотун дириҥ философскай ис хоһоонун туһунан эмиэ бэрт астыннарыылаахтык быһааран кэпсээбитэ. Саалаҕа тыас иһиллээбит курдук уу-чуумпу буолбута. Кириитикэҕэ ким тыл этэр диэбиттэригэр, сыччах икки эрэ киһи тыл көрдөөбүтэ. Бастакынан, Амма кыһыл партизана Михаил Дьячковскай диэн, ыарыһах көрүҥнээх киһи туран олоҥхо туһунан ахтыбакка эрэ, урут гражданскай сэрии саҕана Ойуунускайтан биир кыра түбэлтэҕэ хомойбутун туһунан аҕыйах тылы этээт олорбута. Иккис киһинэн Ойуунускай биир дойдулааҕа Тамара Дмитриевна Мончурина диэн кыыс туран: «Эн, Ойуунускай, «Кыһыл Ойууну» суруйаҥҥын былыргы абааһыны эргиттиҥ, кулаак кыыһын ойох ыллыҥ, ньээҥкэни тутаҥҥын баайдардыы быһыыланныҥ», – диэн кириитикэлээн тыл эппитэ. Бу кириитикэҕэ Ойуунускай бэрт аҕыйах гынан баран олус сытыы, судургу тылларынан бу курдук хардарбыта: «"Кыһыл Ойуун" туһунан сибилигин быһааран турабын, онон иккиһин хатылаабаппын, онтон мин кэргэним кулаактан-баайтан төрөөбүтүгэр туох да буруйа суох дии саныыбын. Кини сэбиэскэй былааска, норуокка бэриниилээҕин туһунан, бэйэтин дьиҥнээх үлэтинэн-хамнаһынан урут дакаастаан турар, ол туһунан киһи барыта билэр. Ньээҥкэ туһунан эттэххэ, биһи кэргэмминээн Татьяналыын иккиэн үрдүкү эппиэттээх, кэлиилээх-барыылаах үлэлэргэ үлэлиирбитин учуоттаан Горком бэйэтэ көҥүллээн турар, оҕобутун көрдөрөргө», – диэн. Мантан салгыы Ойуунускайы ким да кириитикэлээбэтэҕэ, утарбатаҕа. Онон мунньах уурааҕар П.А. Ойуунускайга ханнык да буруй-сэмэ, ыйыы да оҥоһуллубатаҕа.
2003 с.
К.И. Борочков
Мин кинини үчүгэйдик билэрим
Мин Былатыаны аан маҥнай билсибитим Николай II Германияны кытта сэриилэстэҕин сыл. Дьокуускай куоракка Береговой уулуссаҕа, Мадьаах Онтоон олбуоругар көрсүбүппүт. Онно кэпсэтэн, иккиэн биир нэһилиэк оҕолоро эбиппит диэн үөрсүбүппүт.
Дьокуускайга былааска олорор земство большевик диэбит дьонун тутан хаайталаан барар. Сайын от ыйын саҥатыгар сарсыарда 10 чаас саҕана, миэхэ олорор Михаил Наумов («Лена» борокуот көмө машиниһа) уонна Марк Охотин тиийэн кэллилэр. «Бу киэһэ 6 чааска уруккуттан сураҕырар сэрии үөһэттэн үс борокуотунан кэлэр. Сарсыарда, үөһэттэн иһэр сэрии кыайдаҕына, кыһыл былаах ыйааҥ диэн уулуссаҕа хаһыы буолуо, оччоҕо эн Aппа уҥуор Август олбуоруттан баран ат ылыаҥ уонна үлэлиэҥ», – диэтилэр. Киэһэ 6 чаас саҕана А.Д. Богатыревтыын иккиэйэҕин олордохпутуна, эмискэ саа тыаһаан барда – үс-түөрт хайысханан ытыалаһыы түүннэри буолла. Сарсыарда 7 чааска мин баран сорудаҕы толорон, дьиэбэр 9 чааска кэлэн чэйдээн бүтэн иһиппин хомуйаары турдахпына, Алексей Кулаковскай кэргэнэ икки оҕотун илдьэ киирэн кэлбитэ уонна Богатыреву ыйыппыта, ону үлэтигэр барбыта диэм икки ардыгар, таһырдьа калитка аана улаханнык тыаһаабыта. Сотору соҕус кыра уҥуохтаах киһи ааны аһар: «Эдьиийдэрим, саҥастарым, дорооболоруҥ!» – диир. Көрбүтүм, Былатыан эбит. Дорооболоһуу, үөрүү буолла. Онтон кэпсэтэн бардыбыт, Былатыан Кулаковскай кэргэнин Дуняны билэр буолан, дойдутугар тахсарыгар пропуск биэрдэ. Былатыан Кириһээнинэн Таатта быраабатыгар служебнай, Костя Сокольниковка личнэй сурук ыытта. Икки уолаттарга: «Бу Дуняны аргыстаһан илдьэ тахсыҥ», – диэтэ. Онтон бары олоро түһэн чэйдээтибит, Былатыан, бэҕэһээ түөттүүр ынахтан ыла аһыы иликпин диэн, олорон чэйдээтэ. Онтон мин кинини кытта штабка барыстым. Аара суолга кэпсэттибит, онтон биллэххэ, Казанка дэриэбинэҕэ учууталлыы олордоҕуна оҕону большевиктыы тыыҥҥа иитэр диэн тыллаан биэрэннэр, чех сэриилэрэ тутан ыланнар куоракка киллэрбиттэр. Штабка Казанка учуутала Былатыан Слепцов бу дуо диэн ыйытан баран, силиэстийэҕэ уочаракка олорпуттар. Хоско киһи толору эбитэ үһү. Онон туһанан, аралдьыйыыларыгар түбэһиннэрэн, аргыый көрүдүөргэ тахсыбыт, онтон соруйан холкутук туттан таһырдьа тахсан уулусса устун ыстаммыт. Сотору большевиктарга холбоһон Лена өрүс баһыгар кэлэр. Онтон, борокуот ылан, таҥнары устан киирэллэр.
Сүүрбэччэ хоноот, большевиктар бөлүүн түүн үс борокуотунан Ленаны таҥнары устубуттар, үөһэттэн чехтэр иһэллэр үһү диэн сурах буолар. Били хааллыбыт үрүҥнэр бары тахсан төттөрү сааланаллар. Онтон уонтан тахса хоноот Тулагыттан тыллабыр кэлэр: «Большевиктар үс борокуотунан төннөн кэлэн, биэрэккэ тахсан эрэллэр». Били төттөрү сааламмыт үрүҥнэрбит ону истээт, сарсыарда 10 чаас саҕана соҕуруу күрүүллэр, аны үрүҥнэр түрмэлэрэ аһаҕас хаалар. Күнүс 3 чаас саҕана куоракка кыһыллар киирдилэр уонна баһаартан баран ас атыылаһан, Манастыырга бары түмсэн, үрүҥнэри кытта сэриилэһэргэ сананаллар. Онуоха духовнай консисторияттан аркыырайынан сирэйдээн, көрдөһүү киллэрэллэр, бу норуот ытыктабыллаах дьиэтэ, манна хааны тохторумаҥ диэн. Кыһыллар сөбүлэһэн пиво заводун ыскылаатыгар бараллар. Онно сүбэлэһэллэр уонна, чахчы күүс да, ас да өттүнэн кыах суоҕун учуоттаан сэриилэспэккэ биирдиилээн тарҕаһан хааларга быһаарыналлар. Үрүҥнэр киэһэ 8 чаас саҕана, ардах түһэ турдаҕына, куоракка киирэллэр, сарсыҥҥытыгар тарҕаспыт кыһыллары ирдээн тутуталаан бараллар. Иккис күн миэхэ дьиэбэр сарсыарда 10 чааска Былатыан көтөн түспүтэ уонна: «Дорообо! Хата, баар эбиккин», – диэбитэ. Кини: «Мин дойдубар тахсыам этэ, ону хайдах биллибэккэ биэрэккэ тиийэбин», – диэтэ. Иккиэн сүбэлэстибит: киэһэ 6 чааска аһылык кэмигэр, аттаах, икки тимир күрдьэхтээх, корзиналаах, ол иһигэр Былатыан мин таҥаспын таҥнан олоруох буолла, мин аты муоһалыахтаахпын. Киэһэ болдьоммут кэмҥэ аппытын тэлиэгэҕэ көлүйэн, корзина тиэйэн, икки тимир күрдьэх ыллыбыт. Былатыан мин суккуун соммун уонна сэлээппэбин кэттэ, уруккуттан кэтэр ачыкыта сарсыарда кэлиэҕиттэн суоҕа. Барыыбытыгар кини корзина иһигэр тиэрэ түстэ, икки атаҕын өрө тэптэ уонна баллыгырыы-баллыгырыы күрдьэҕинэн, далбаатаан кыра оҕолуу оонньуу истэ. «Силипиэн, тохтотон ыйыттахтарына, холкутук эппиэттээр, үрүҥнэр миигин билбэттэр, олохтоох эрэ өттө көрбөтөр», – диэн сүбэлээбитэ. Күн тахсыыта, улахан эрэйэ суох Хатыҥ үрэҕинэн чиэрэстээн, Соппуон биэрэгэр тиийбиппит. Аппытын (ити Богатырев служебнай ата этэ) үөһэ биэрэккэ баайбыппыт, кини: «Бараргар, корзинаҕар отто симээр, көрсөн ыйыттахтарына, аппын бостууктаан баран от илдьэ иһэбин диэр», – диэн сүбэлээбитэ. Кумах устун киирэн иһэн уу аҕалбыт күрүө тоһоҕотун ылбыппыт уонна өрүс кытыытыгар тиийэн мин соммун устан, ону тоһоҕобутугар иилэн, хардары-таары уҥуор турар үс борокуоттарга далбаатаабыппыт. Сотору биир борокуот хоҥнон биһиги диэки устан кэллэ, көрбүппүт, Богатырев боцманныыр «Лена» борокуота эбит. Биһиэхэ чугаһаан баран, тохтоон хаһыытаан ыйыппыттарыгар, Былатыан бэйэтин эппитэ. Онтон шлюпканы түһэрэн икки матрос устан таҕыстылар, Былатыанныын илии тутуһан быраһаайдастыбыт: «Сотору киириэм, үчүгэйдик сырыт», – диэтэ. Былатыаны Дьаарбаҥҥа илдьэн түһэрбиттэр уонна дьаам атын ылан биэрбиттэр. Онон иннигэһэ суох Таатта диэки баран истэҕинэ, Буоратай дьаамыгар Едлин, эрдэттэн куораттан тыллабыр ылан, үһүө буолан, дьаам бүтэйин ааныгар тоһуйан тутан ылбыттар, Былатыаны төттөрү куоракка түрмэҕэ киллэрэллэр. Уонча хоноот, соҕуруу көскө большевиктары илдьэллэр үһү диэн буолар. Илдьии сарсыарда буолта, барыларын түрмэ ааныттан биэстии кэккэ стройдаан, икки өттүлэринэн уонна иннилэригэр саалаах саллааттар харабыллаан испиттэрэ. Дьону үүртэлиир аттаах казактар строй устун тула көтүтэ сылдьаллара. Былатыан бастакы кэккэҕэ иһэрэ, кинини кытта Максим Аммосов баара. Иккиэн хардары-таары тула дьоҥҥо туһаайан саҥара, хаһыытыы иһэллэрэ: «Сотору биһиги төннүөхпүт, өлө-сүтэ бардахтара диэн хомойо-курутуйа хаалымаҥ!» – диэн. Оччолорго Былатыанныын тиһэх көрсүһүүбүт итинник этэ.
2003 с.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?