Текст книги "Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан"
Автор книги: В. Окорокова
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 19 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
А.В. Хоноехова
Олус истиҥник санаһаллара
Мин П.А. Ойуунускайы аан бастаан А.Д. Неустроевалаахха сылдьан көрбүтүм. Оччолорго мин педтехникумҥа үөрэнэрим. Анна Денисовна Тыл уонна литература институтугар үлэлиирэ. Онон, Ойуунускайы кытта биир дойдулаахтар, биир идэлээхтэр быһыытынан чугастык билсэллэрэ, дьиэ кэргэнинэн ыкса доҕордоһоллоро. Ойуунускай биһиги техникуммутугар кэлэн, устудьуоннарга лекция ааҕар. Бу кэмҥэ «Якутизация и коренизация Якутии» диэн политика сытыытык турда. Дьокуускайга үлэлиир атын омук дьоно саха тылын хайаан да билиэхтээхтэр диэн буолла. Комсомольскай тэрилтэ бюротунан комсомолецтары ити үлэҕэ анаатылар. Миигин пригород диэки анаабыттарын, ыраах диэн аккаастанным. Чугас анаатаххытына үлэлиэм диэн эрэннэрдим. Биир үтүө күн Анна Денисовна: «Эйигин Ойуунускай ыҥыттарбыт, барар үһүгүн», – диэн илдьит тириэртэ. Платон Алексеевич «нууччалары үөрэтэртэн тоҕо аккаастанаҕын» диэн ыйыппытыгар санаабын эттим. Бу иннинэ Таатта устудьуоннарын мунньан, лекция аахпыт этэ. Таатталары саха тылын үөрэтиигэ туһаммыта. Мин электростанция рабочайдарын үөрэтэр буоллум. Дьонум үөрэхтэригэр кыһамньылаахтар. Ааҕан сордоноллор. Сахалыы хоһоон, ырыа үөрэтэбин. Субуотаҕа ырыа ыллыыбыт. Ити курдук 1930–1931 үөрэх дьыла бүттэ. Үөрэппит дьоммор ааҕа, суруйа үөрэннилэр диэн дастабырыанньа туттартаатым. Ойуунускай саха тылын өрө туппута, кэлин санаатахпына, эрдэлээбит эбит. 1936–1937 сс. Конституцияны дьүүллэһии комиссиятыгар миигин чилиэнинэн талбыттара. Комиссия мунньахтарыгар бырайыагы дьүүллэһиигэ Ойуунускай көхтөөхтүк кыттара, санаатын толлубакка аһаҕастык этэрэ. Ол кэнниттэн оройуоннарбытынан Конституцияны дьүүллэһэ тарҕастыбыт. Иккиһин 1937 с. саас түмүстүбүт. Нэһилиэнньэ санаатын түмэн тириэртибит. Конституцияны дьүүллэһии олус көхтөөх, мөккүөрдээх этэ. Ордук Алдан делегацията мөккүөрү тарта. Биир түгэни өйдүүбүн. Ойуунускай буряттары холобур оҥостон, «Конституция Сахатской Республики» диэн ааттыырга этии киллэрдэ. Мин кинини өйөөн тыл эттим. Оройуон делегаттара бииргэ олоробут. Кыыспыт бэркэ эттэ диэн хайҕаатылар. Фекла Лопатиналыын бииргэ сылдьабыт. Күнүскү сынньалаҥы биллэрбиттэригэр, Ойуунускай биһигини көрсөн: «Кыргыттар, ханна эбиэттии бараҕыт?» – диэн ыйыппытыгар: «Анна Денисовнаҕа барабыт», – диэн хоруйдаатым. Онон легковой массыынаҕа олорсон, дьоммутугар тиийдибит. Үөрдүбүт аҕай. Өр баҕайы мөккүһэн, дьүүллэһэн баран, Конституцияны ылынныбыт. Дойдубар тахсыам иннинэ Анна Денисовна Ойуунускайдааҕы ыҥырбыт. Кэргэнинээн, икки кыыһынаан кэллилэр. Онно «Өкүүчэ» диэн хоһоонун аахта.
Ойуунускай Тааттаҕа ССРС депутата буолан баран, кэлэ сылдьыбыта. Оччолорго Уолбаҕа учууталлыырым. Ойуунускайы кытта көрсүһүү Ытык Күөлгэ култуура дьиэтигэр буолбута. Ойуунускай тылын-өһүн истэн, ийэтэ Байаҕантайтан төрүттээҕин иһин, «биһигини таайдарым диэн уруурҕаата» диэн уолбалар үөрбүттэрэ. Биирдэ, Дьокуускайга киирэ сырыттахпына, Анна Денисовна Ойуунускайбыт сессияттан кэлбэтэ диэн кэпсээбитэ.
Ойуунускай оҕону да, оҕонньору да кытта тапсара. Кини дьону бэйэтигэр тардар боростуой майгылааҕа-сигилилээҕэ. Саха саарынын П.А. Ойуунускайы кытта көрсүһүүлэрбин олус истиҥник саныыбын.
2003 с.
С.С. Саввин
Умнуллубат күннэр
Мин Платон Алексеевич Ойуунускайы бэйэтин уонна кини төрөппүттэрин, бырааттарын, балтыларын, атын да аймахтарын тус бэйэм бэрт кыра эрдэхпиттэн үчүгэйдик билэбин диэн этэр кыахтаахпын. Мин аҕам Сергей Саввич, кини балта Матрена Слепцова – аатырбыт капитан Афанасий Богатырев бастакы кэргэнэ, Платон Алексеевиһы чугастык билэллэрэ. Платон Слепцов куоракка үөрэниэҕиттэн ылата Матрена уонна Афанасий Богатыревтар күндү ыалдьыттара уонна хоноһолоро буолара. Аҕам кыһын ахсын куоракка киирэн, Афанасий Богатыревтаахха олорон үлэлиирэ. Кини дойдутугар эргиллэн таҕыстаҕына, Платон Слепцов туһунан бэрт кэрэхсэбиллээхтик кэпсиирин өйдүүбүн. Аҕам киниттэн истибит көрдөөх-нардаах кэпсээннэрин уонна остуоруйаларын уоһуттан түһэрбэт буолара. Кини куораттан тахсыбыт киэһэтигэр биһиги дьиэбит үөлэһиттэн түүн хойукка диэри хойуу кыым көтөрө. Көмүлүөк сырдыгар олорон, аҕам кэпсээнин дуоһуйа истэрбит. Мин аан бастаан Платон Слепцову маннык көрсөн турардаахпын. Даайа Кытыла диэн бэрт кэрэ көстүүлээх Амма өрүс биэрэгэр биһиги Оһоҕостооххо олорбуппут. Мин дьоммун кытта ыаллыы Платон Слепцов убайа Никита олороро. 1915 с. сайыныгар Платон Слепцов ыҥыыр атынан соҕотоҕун куораттан тахсан иһэрэ. Кини биһиэхэ сылдьан, чэйдээн ааспыта. Аҕабын кытта бэрт элбэҕи кэпсэппиттэрэ. Онно мин аҕам аттыгар олорон уруккуттан истэр киһибин бэркэ сыныйан одууласпытым. Платон аа-дьуо кэпсиирэ. Тыла-өһө сүрдээх ылыннарыылаах быһыылааҕын өйдүүбүн. Ардыгар, кэпсии олорон, дьээбэлээхтик күлэн ылара. «Бу үөрэниэх оҕону пансиоҥҥа туттарбакка сылдьар эбиккит, – Платон миигин төбөбүттэн имэрийэ-имэрийэ аҕабар эппитэ, – Афанасий Богатыревтаахха киллэриэх этиҥ. Күтүөтэ соҕотох кыннын үөрэттэриэҕэ. Сиэнэ Данил уолу кытта бииргэ сылдьан үөрэниэх этилэр», – «Оҕобун үөрэттэрэр санаа баар». Аҕам миигин үөрэттэрэр санаалааҕын истибит ыалдьыппыт үөрэ-көтө түспүтэ: «Сергей, үөрэн, кытаат, ыччаттар бары үөрэхтээх буолаллара наада, – Платон бэрт эйэҕэстик мичээрдээн ылбыта. – Аҕаҥ, хата, ону өйдүүр киһи эбит».
Сити сайын мин кинини үгүстүк көрбүтүм. Бу бэрт сайаҕас, элбэҕи билэр-көрөр, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, аламаҕай эдэр киһи сайылык оҕолорун бэйэтин тула биллибэтинэн-көстүбэтинэн түмэ тардыбыта. Амма эбэ хотун кылбаһыйар сүүрүгэр көтөхтөрбүт күн уота сандаара оонньуур кэмигэр сөтүөлүү киирэрэ. Биһиги кыра оҕолор, куораттан сылдьар киһини көрөөрү, биэрэккэ мустарбыт. Кини өрүс үөһүгэр тиийэ бэрт сыыдамнык харбаан киирэрин умсугуйа көрөрбүт. Биир сайыҥҥы күнү умнубаттык өйдүүбүн. Биһиги үгэспитинэн сарсыарда эрдэ биэрэккэ киирбиппит. Платон эмиэ биэрэк үрдүгэр киирэн олороро. Кини муннун анныгар ыллыы-ыллыы суруйара. Бу санаатахха, кини хоһоон суруйар быһыылааҕа. Кумаар элбэҕэ. Онон биһиги түптэ оҥорбуппут. Ол түптэ аттыгар олорон, кини балачча өр суруйбута. «Хайа оҕолоор, эһигиттэн хайаҕыт абааһыны итэҕэйэрий?» – «Сорохпут итэҕэйэрэ буолуо», – «Чуолаан, кимий?».
Биһиги сирэй-сирэйбитин көрсөн кэбиспиппит. Платон күлэ түһэн баран, биһиэхэ абааһы суоҕун, таҥараны итэҕэйии ньүдьү балайын туһунан оҥостон олорон кэпсээбитэ. Аҕабыыттар, ойууттар уонна баайдар дьадаҥы киһини көлөһүннүүр сыалтан ситинник итэҕэли тарҕаталларын, албынныылларын кини кэпсээниттэн билбиппит. Сити уһун кэпсэтии этэ. Биһиги түптэни быыстала суох оҥорбуппут. Платон күн ахсын биһиэхэ сонунтан сонун остуоруйалары кэпсиирэ. Мин онно аан бастаан «Улуу Кудаҥса», «Соломуон», «Дойду иччитэ» уо.д.а. остуоруйалары олус умсугуйан истибитим. Кини элбэх кинигэни ааҕара. Кинигэ аахпат кэмигэр бөлкөй талах кэтэҕэр олорон, өөр-өр суруйара. Платон эмискэ ойон турара уонна биэрэк устун сүүрэн элэстэнэрэ. Билигин санаатахпына, кини быһый быһыылааҕа. Сүүрэн кэлэн баран, эмиэ аахпытынан эбэтэр суруйбутунан барара. Ити биһиги сөтүөлүүр кытылбыт уҥуоргу өттүгэр Тэйэр Хайа ыраахтан дьэндэйэн көстөрө. Платон Слепцов ити хайа туһунан бэрт кэрэхсэбиллээҕи кэпсиирин өйдүүбүн. «Оҕолоор, ити хайаҕыт үрдүттэн ойууттар Чочур Мурааҥҥа тиийэ ыстанан кэбиһэбит диэн кыырааччылар, – кини ойууттары элэктээн итинник кэпсиирэ. – Киэҥ хардыылаах ойууттар диэбэккит дуо? Айылҕа үтүө-кэрэ сирин бэл дьадаҥы дьону албынныылларыгар туһана сатыыллар. Ол курдук кинилэр сирэйэ-хараҕа суох быһыыланаллар». Биһиги төрөппүттэрбит, аймахтарбыт уонна чугастааҕы ыалларбыт сэллик ыарыыттан ыалдьан өлөн-сүтэн, эстэн эрэр кэмнэрэ этэ. Онон биһиги диэки ойуун, удаҕан уонна аҕабыыттар өрүүтүн тиэстэллэрэ. Былыр-былыргыттан Тэрээки Арыыта диэн тыа бөдөҥ салаалаах тииттэригэр кэрэх бөҕөнү ыйыыллара. Платон Слепцов ити ойууттары күлэ-оонньуу кэриэтэ элэктээн саралаабытын кэнниттэн мин кыра оҕолору мунньа сылдьан, ойууттары күлүү-элэк оҥосторум. Ол сайын үгүс кэрэхтэри суох оҥорбуппут. Сүгэлээх сылдьан, кэрэхтээх аатырбыт тииттэри кэрдэрбит. Платон Слепцов сынньалаҥар үксүн кырдьаҕас дьону кытта кэпсэтэрэ. Онно мин өйдүүрбүнэн, ойууттар, удаҕаттар тойуктарын үөрэтэр быһыылааҕа. Аҕабын кытта оҥостон олорон, олох-дьаһах туһунан үгүстүк кэпсэтэллэрэ. Сити сайын оҕо аймахха биллибэккэ ааспыта. Мин нөҥүө сылыгар пансиоҥҥа ылыллан, үөрэнэ киирбитим. Онно сылдьан, кинини көрүөхпүн олус баҕарарым. Куораттан тахсыбыт дьоннортон Платон Слепцов туһунан үгүстүк ыйыталаһар буолбутум. Куораттан сиэним Данил Богатырев Аммаҕа сайылыы тахсыбыта. Кини миигиттэн икки сыл аҕа этэ. Данил куоракка үөрэнэр саха ыччаттарыттан ордук Платону чорботон кэпсиирэ. «Платон түүннэри кистэлэҥ мунньахтарга сылдьар, – Данил утуйаары сытан сэһэргиир. – Мин олус ытыктыыбын. Оннооҕор дьээдьэм Афанасий Богатырев кини тылыттан-өһүттэн тахсыбат буолла. Платон биһиэхэ үгүстүк сылдьар». Аҕам Данил кэпсээнин олус сэргээн истибитэ. Сити киэһэ түүн хойукка диэри күө-дьаа кэпсэппиппит. «Эн, Сергей, баайдарга бэдэрээккэ үлэлээҥҥин көлөһүҥҥүн тоҕоҕун, – диэн Данил аҕабын мөҕөрө. – Эһиги бэйэҕит олоххутун оҥостуох тустааххыт». Аҕам уонна ийэм кини сэмэтин ылыммыт курдук туттубуттара. Ол эрээри оччотооҕу кыһалҕалаах олоххо баайдарга хамсыырга эрэ тиийэллэрэ. 1917 с. кыһыныттан ыла Платон Слепцову ыраахтааҕы батталлаах былааһын Дьокуускайга суулларыыга уонна сэбиэскэй былааһы туругурдууга биир активнай охсуһааччы быһыытынан сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ. Оннооҕор үөрэнэр оҕолор уостарыттан түһэрбэт буолбуттара. Революция өстөөхтөрө уонна колчаковецтар былааһы быстах былдьаабыт бириэмэлэригэр Платон Слепцову дойдутугар тахсан истэҕинэ, Чурапчыттан туппут уонна хаайбыт сурахтарын сири-буору аннынан истибиппит. Кэнники көскө ыыппыт сурахтара иһиллибитэ. Сайын дьоммун кытта оттуу сырыттахпына, Таатта биир бөдөҥ баайа быыпсай кулуба Нээстээр Слепцов оҕонньор: «Хоочугур уола Платон соҕурууттан кэлбит кыһыл этэрээтин кытта Якутскайга күөрэс гына түспүт үһү, – диэн өһүөннээхтик көрө-көрө отчуттарга кэпсээбитэ. – Бэрт элбэх үтүө дьону революция өстөөхтөрө дэтэн өлөртөрөн уонна баайдарын халатан эрэр дииллэр». Мин итини тириим таһынан истибитим. Быыпсай саҥа айаҕа аһыллан кэпсээн эрдэҕинэ чобуо баҕайытык: «Эн Платону тоҕо сымыйанан холуннара сылдьаҕыный?» – диэбитим. Оҕонньор сирэйэ уһуу түспүтэ. Аҕам диэки көрө-көрө: «Бу уолуҥ түөкүн буолсу, – диэн бардьыгынаабыта. – Уолгун буойдаххына сатаныыһы». Кулуба атын миинэн түргэнник тэскилээбитэ.
Мин Платон Алексеевич Ойуунускай тус бэйэтэ тэрийбит уонна кыттыыны ылбыт икки улахан ыһыаҕар сылдьыбытым. Маҥнайгы ыһыах 1920 с. бэс ыйыгар Тохтобул диэн улахан алааска буолбута. Чурапчы, Амма уонна Өймөкөөн улуустарын ревкомнарын представителлэрэ кэлэннэр эҕэрдэ тылы эппиттэрэ. Платон Алексеевич Советскай Россия ис-тас олоҕун политикатын туһунан кэрэхсэбиллээх дакылааты оҥорбута. Кини дакылаатын бүтүүтүгэр Саха губерниятын уонна улуустар уочараттаах соруктарын тустарынан иҥэн-тоҥон кэпсээбитэ. Ыһыахха олус элбэх киһи мустубута. Ыччаттар бэрт элбэх этибит. Мин быыс булан Платон Алексеевиһы көрсөн кэпсэппитим. Чычымах церковнай-приходской оскуолатын бүтэрбитим туһунан үөрэ-көтө истибитэ. «Дьэ, маладьыаскын, – Платон Алексеевич бэркэ астынан эппитэ. – Салгыы үөрэниэххин наада». Аҕабын кытта үгэһинэн бэрт өр үөрэ-көтө кэпсэппитэ. Бу санаатахха, кинини кытта кэпсэтиэх баҕалаах киһи элбэх быһыылааҕа. Таатта, Чурапчы интеллигенцията уонна кыаммат-түгэммэт дьадаҥы дьоно бары кини тула үмүөрүһэллэрэ. Бэл баайдар тоҥхоҥнос буолбут этилэр. Хаһан да абааһы көрбөтөх курдук уруйдуу-айхаллыы сатыыллара. Бу ыһыахха аан бастаан «Интернационалы» уонна «Марсельезаны» сахалыы ыллаабыппыт. Түһүлгэҕэ оонньуу-көр бөҕө тардыллыбыта. Харах ыларын тухары элбэх плакаттар көстөллөрө. Хас да үрдүк ааркалар кыһыл былаахтарынан, лозуннарынан киэргэтиллэн, киһини барытын ыраахтан угуйа кыыһаллара. Ыһыах ис хоһооно саҥа былаас туругурарын иһин туһуламмыт буолан, дьону-сэргэни улаханнык үмүрү тардыбыта. Платон Алексеевич 1920–1921 үөрэх дьылыгар Тааттаҕа тахсан ревкомнар мунньахтарын оҥорбута. Чычымах церковнай-приходской оскуолатын бүтэрбиттэртэн мин, Николай Егорович Мординов, Николай Майданов Чөркөөх пансионугар ылыллан үөрэнэ сылдьар этибит. Үөһэ ахтан аһарбытым курдук, 1924 с. Платон Алексеевич Ойуунускай кыттыбыт иккис ыһыаҕар эмиэ сылдьар дьолго тиксибитим. Бу сырыыга Чөркөөххө улахан түмсүүлээх ыһыах буолбута. Платон Алексеевич доҕорунаан Иван Николаевич Винокуровтыын оччотооҕуга куораттан эмиэ атынан тахсыбыттара. Билигин өйдөөтөхпүнэ, Ойуунускай байыаннай таҥастаах этэ. Ыһыахха эмиэ сүүһүнэн дьон мустубуттара. Платон Алексеевич улаханнык көтөҕүллэн туран эйэлээх социалистическай олоҕу тутуу саҕаламмытын кэпсээбитэ. Бу ыһыахха учительница Вера Давыдова салалталаах улахан ырыа-тойук буолбута. Учуутал элбэх ыччаттары, аныгылыы санаалаах кыргыттары уонна дьахталлары мунньан революционнай ырыалары ыһыахха ыллаппытын иһин Платон Алексеевич Ойуунускайтан улахан махталы ылбыта. Платон Алексеевич ити киэһэ Табаахырап олоҥхоһуту булларан кылгастык олоҥхолоппут сурахтааҕа. Сарсыныгар оскуола оҕолорун ыҥыран ылан, күөх кырыска олорон эрэн сэһэргэспитэ. Кини онно ыччаттар балайда үөрэнэн эрэллэрин, араас идэлээх дьоннор тахсыахтарын туһунан мичээрдии-мичээрдии кэпсээн-ипсээн, советскай-партийнай үлэһиттэр балайда үөскээн тахсан иһэллэрин бэлиэтээбитэ. «Дьэ, уолаттар, биһиги кыайыыбыт ситиннэ буолар, – Платон Алексеевич биһигини эргиччи көрбүтэ. – Ол эрээри культурнай революция саҥа саҕаланан эрэ эрэр. Билигин улахан мэһэй суох буолла. Өстөөхтөрү эстибит. Онон социалистическай олоҕу тутарга эһиги иннигитигэр киэҥ суол арылынна. Билигин үөрэниэххэ наада. Эһиги бэйэҕит билэргит курдук соҕотох Тааттаҕа урукку олох хараҥатыгар тэптэрэн төһөлөөх элбэх талааннаах дьон өлбүттэрэ буолуой. Табаахырап, Егоров курдук улахан олоҥхоһуттар, Ньорулла уола Уйбаан, Өлөксөй Бырдылин курдук көрдөөх-нардаах, илбистээх, уус-уран тыллаах дьоннор үөрэхтээхтэрэ эбитэ буоллар, хайдахтаах курдук суруйааччылар, поэттар уонна артистар буолуох этилэрий?» Бу ахтыллыбыт ыһыахха Буор Булгунньах диэн алааска Анемподист Софронов «Манчаары» диэн драматын туруоран оонньообуттара. Манчаары оруолун Михаил Слепцов, Чоочо баайы Трифон Кулаковскай, иккиэн олохтоох, кыра үөрэхтээх дьоннор киһини итэҕэтэр гына оонньообуттарыттан Платон Алексеевич санаата ордук көнньүөрбүт этэ. Платон Алексеевич сити сырыытыгар миигин куоракка киирэн үөрэнэрбэр сүбэлээбитэ.
Москваҕа БРКСК Президиумун иһинээҕи урукку сэбиэскэй тутуу кууруһугар үөрэнэ сылдьаммын Платон Алексеевиһы үгүстүк көрсөрүм. Көрсүһэ түстэрбит эрэ өрөспүүбүлүкэ уонна төрөөбүт оройуоммут сонуннарын хардары-таары кэпсэтэрбит. Москваҕа тиийбит маҥнайгы күннэрбэр П.А. Ойуунускайга Чурапчы, Таатта уонна Байаҕантай улуустара биир оройуон буолан, бастакы оройуоннааҕы съезд ыытыллыбытын, онно туох мөккүөрдэрэ буолбуттарын сиһилии сэһэргээбитим. Платон Алексеевич бэркэ сэҥээрэн истибитэ. Кини оройуоннар наһаа бөдөҥ-киэҥ буолбуттарын сөбүлээбэтэҕэ. Чурапчылар ити съезкэ арахсан туспа оройуон буолбуттарын саамай сөбүнэн аахпыта. «Эн Чурапчылар күтүөттэрэ буолаҥҥын сөбүлээтиҥ дуу?» – диэн оонньуу-күлэ эппитим. «Доҕоор, оонньоон саҥардыҥ ини, – Платон Алексеевич боччумнаахтык хардарбыта. – Улуустары холбоон, оройуоннары тэрийии биир улахан үлэ буолар».
Платон Алексеевич аспирантураҕа үөрэнэ сылдьар кэмигэр иллэҥ бириэмэтэ суох буолара. «Аспирантураҕа партийнай ячейка секретара буолан үлэм-хамнаһым сүрдээх, өрүүтүн солото суохпун, дьиэбэр хонукпар эрэ кэлэбин», – диэн кэпсиирэ. Кини кэргэттэринээн «Якутпредставительство» дьиэтин аллараа подвальнай этээһигэр олороро. Өрүү ыалдьыттарын күлэ-үөрэ көрсөрө. Чэй иһэ-иһэ кэпсэтэрин сөбүлүүр буолара. Мин кинилэргэ сылдьар кэммэр Платон Алексеевич суруйа-үлэлии олороругар куруутун түбэһэрим. Дьоннорун мэһэйдээмээри ардыгар көрүдүөргэ тахсан кэпсэтэрбит. Кини табахсыта суох этэ. Ол эрээри ити көрүдүөргэ уһуннук туран кэпсэтэр кэмнэргэ табах тардыһар буолара. Биирдэ миигин Саха сиригэр сыылкаҕа сылдьыбыт политсыылынайдар обществоларын кулуубугар илдьэ барда. Онно Максим Кирович Аммосов «Саха сирин экономикатын сайдар кэскиллэрин тустарынан» диэн тиэмэҕэ дакылаат оҥорбута. Ону мустубут дьон бары бэркэ хайҕаабыттара. Дакылаат бүппүтүн кэннэ үгүстэр баһыыбалыы-баһыыбалыы Максим Кировиһы куус да куус буолбуттара. Ити икки ардыгар Платон Алексеевиһы көрө охсоннор эмиэ үөрэ-көтө айхаллаабыттара. 1932 с. Закавказскай федерация 10 сыла туолбут юбилейнай мунньаҕар ыҥырыы билиэти кууруспуттан ылан, сылдьан турардаахпын. Платон Алексеевич эмиэ кэлбит этэ. Онно кини Серго Орджоникидзены, Емельян Ярославскайы кытта сэргэ хаамса сылдьан, күө-дьаа кэпсэтэрин, үөрэрин-көтөрүн көрбүтүм. Кэнники үөрэҕи бүтэрэн кэлэн баран, төлөннөөх революционер, уһулуччу талааннаах салайааччы уонна суруйааччы Платон Алексеевич Ойуунускайы кытта үгүстүк көрсүспүтүм. Ол умнуллубат күннэри бүгүн долгуйа ахтабын.
1963 с.
С.И. Прокопьев
Эр санаалааҕын өйдүүбүн
П.А. Ойуунускай туһунан бэйэм өйдүүр түбэлтэлэрбин кэпсиим.
Мин Дьокуускайга 1907 с. народнай училищены бүтэрэн баран, урукку Таатта оройуонугар Чөркөөх оскуолатыгар учууталлыы тахсыбытым. 3–4 кылаастарга литератураны үөрэппитим. Оччолорго Платон Алексеевиһы биллиилээх революционер уонна саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи киһи тахсыаҕа диэн ким даҕаны санаабатаҕа буолуо. Инньэ гынан кинини оһуоба бэлиэтии көрбөт этибит. Ол эрээри, маннык икки түбэлтэ мин өйбөр билинҥэ диэри хатана сылдьар. Кини литература уруогар атын оҕолортон уһулуччу этэ, сүрдээҕин иҥэн-тоҥон, кичэйэн ааҕара, өйдөөбүтүн кэҥэтэн-уһатан кэпсиирэ. 1910 с. Л.Н. Толстой өлбүтүн истэн баран, бадаҕа сэтинньигэ эбитэ дуу, эбэтэр ахсынньыга дуу, үрдүкү кылаас оҕолоругар мин ол туһунан ахтыы оҥорбутум. Мин сэһэммин Платон олус сэргээн, сүргэтэ көтөҕүллэн истибитэ. Кини тыл көрдөөбүтэ. Мин ону көҥүллээбитим. Платон Л.Н. Толстой туһунан, кини айымньыларыгар үрдүк сыанабылы биэрэн, улаханнык ытыктаан, улахан суруйууларын тус-туһунан ырытан кэпсээбитэ. Итини мин сөҕө-махтайа, сүрдээҕин сөбүлүү истибиппин билигин даҕаны бу баар курдук өйдүүбүн.
Биирдэ, кыһын биһиги оскуола оҕолорун кытта Таатта үрэҕин быһыытынан быһан дьадаҥылар оттуур ходуһаларыгар сааскы халаан уута халыйарын ситиспиппит. Ол дьыл дьадаҥылар ходуһалара олус үчүгэйдик үүммүтэ, от бөҕөнү оттообуттара. Оччотооҕу улуус аатырбыт баайа Нээстээр Слепцов ити быһытынан ууну тохтотууну букатын сөбүлээбэтэҕэ, кыыһырбыта, араастаан үөхсүбүтэ. Иккис сылыгар биһиги быһыты эмиэ хат бүөлээбиппит, ону Нээстээр Слепцов үрэйтэрэн, алдьаттаран кэбиспитэ. Киниэхэ Силин диэн аҕабыыт сүрдээҕин көх-нэм буолбута, биирдэ биһигини кэлэн дэлби мөхпүтэ-үөхпүтэ. Онно Платон Ойуунускай аҕабыыты кытта кыһыйан-абаран туран, улахан киһи курдук мөккүспүтэ. «Эһиги баайдар бэйэҕит эрэ иннигитин көрүнэҕит, бар дьон кыһалҕатыгар кыһаммаккыт, тоҕо кыра-дьадаҥы дьон ити быһытынан ходуһаларын нүөлсүтэллэрэ сатамматый?» – диэбитэ. Онно Силин аҕабыыт: «Итини барытын биһиги бэйэбит эрэ быһаарар дьыалабыт, тойоттор дьыалалара», – диэн көбдьүөрүйбүтэ. Платон аҕабыыт уордайыытыттан толлубатаҕа. Ити курдук кини эрдээх санаалаах, хорсун оҕотун өйдүүбүн. Платон миигиттэн сотору-сотору кинигэ уларсан ааҕар буолара. Кини оҕолору бэйэтин тула бөлөхтөөн мунньар этэ, кинилэргэ тугу эрэ кэпсиир, сүбэлиир-амалыыр, түмэр курдук сылдьарын өйдүүбүн.
Платон Ойуунускай 1911 с. оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайга үөрэнэ киирбитэ. Дьэ, онтон ылата кинини сирэй көрсүбэтэҕим. 1919 с. мин Өлүөхүмэҕэ продовольственнай комиссар буолан олордохпуна, Максим Аммосовы кытта Рыдзинскай этэрээтиниин кэлэн ааспыттарын истибитим, көрсүбэккэ хаалбытым. Онтон кэлин 1938 с. Бүлүүгэ үлэлии сылдьан Платон Алексеевич Ойуунускай тутуллан хаайыллыбыт сураҕын эрэ истэн хаалбытым…
2003 с.
П.И. Кочнев
Биһиги бииргэ үөрэммиппит
Мин учительскай семинарияҕа Платон Алексеевич Ойуунускайы кытта бииргэ үөрэммитим. Семинарияҕа Платон Алексеевич куруутун бастыҥынан үөрэммитэ. «Слепцовтан учуонай тахсыа», – диэн учууталлар этэр буолаллара. Платон Алексеевич кинигэни ааҕарын олус таптыыра. Оскуолатыгар сарсыарда эрдэ кэлэн, туой кинигэ aaҕa олорор буолара. Бастыҥнык үөрэнэбин диэн бэйэтин үрдүктүк туттуммат этэ. Геометрия уонна физика задачаларын ыарырҕаттахпытына, кини ханнык теоремалары уонна физика сокуоннарын тутуннахха задачаны оҥорору сүбэлээн биэрэрэ. Семинарияны бүтэрэр 1916–1917 дьылбытыгар баскыһыанньа аайы кэриэтэ литературнай сарсыарда диэн тэриллэр буолбута. Онно үксүн кэриэтэ Платон Слепцов уонна Максим Аммосов реферат ааҕаллара. Биһиги литературнай сарсыардаларбытыгар оччотооҕу орто оскуолалар – реальнай училище (уолаттар) уонна женскэй гимназия (кыргыттар) үөрэнээччилэрэ эмиэ сылдьаллара. Кинилэр Платоннаах Максим этиилэрин бэркэ сөбүлүү истэллэрэ, хайгыыллара. Платон истиҥ доҕоро Максим Аммосов этэ. Кинилэр куруутун бииргэ сылдьаллара, биир ыалга, билиҥҥи Каландаришвили уулуссатыгар, олорбуттара. Сити кэмнэргэ иккиэн Н.В. Гоголь «Ревизорун» сахалыы тылбаастыыр этилэр. Олунньутааҕы революция саҕана күн аайы митиннэр буолуталаабыттара. Онно Платон Алексеевич уонна Максим Кирович политсыылынайдары кытта бииргэ араатардыыр этилэр. Мунньустубут дьон: «Бу уолаттар дириҥ хоһоонноох, дьоһуннаах ыраас тыллаах оҕолор», – диэн сөҕө кэпсэтэллэрин истэн, биһиги үөрсэр этибит. Биирдэ киэһэ митинг кэнниттэн Земскэй управаҕа баран былааһы туттарыҥ диэн тойотторго тиийэр делегаттары талбыппыт, ол делегаттар истэригэр биһиги табаарыспыт Платон эмиэ баара. Онон биһиги улаханнык киэн туттарбыт. Кэнники мин Платон Алексеевиһы кытта 1937 с. Тулагы Киллэм оскуолатыгар көрсүбүтүм. Ол А.С. Пушкин төрөөбүтэ 100 сылын туолуутун бырааһынньыктыыр дьыл этэ. Ойуунускай Тулагы-Киллэм оскуолатыгар тахсан А.С. Пушкин туһунан дакылааттыыр үһү диэн сурах бэрт өртөн иһиллибитэ. Үөрэнээччилэр А.С. Пушкин юбилейыгар уонна Платон Алексеевиһы кытта көрсүһүүгэ улаханнык үөрэн-көтөн бэлэмнэммиттэрэ. А.С. Пушкин айымньыларыттан хоһооннору, ырыалары бэлэмнээбиттэрэ. Биир улахан кылааһы киэптии кини олоҕун, айымньытын туһунан монтажтары оҥорбуттара. П.А. Ойуунускай дакылаатын истэ Тулагы Киллэм оскуолатыгар хаһан даҕаны мустубатах киһи мустубута. Массыына киэһэликтии тиийэн кэллэ. Дьон бөҕө таһырдьа тоҕуоруйдулар. Платон Алексеевич, массыынаттан тахсаат, миигин бэлиэтии көрдө (Тулагыга баарбын билбэт эбит быһыылааҕа). «Тыый, Пана, эн манна баар эбиккин дуу?» – диэбитинэн, икки илиитин даллаппытынан кэлэн кууһа түстэ. Бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэр сүүрбэ сыл буолан баран көрсүһүүбүт долгутуулаах мүнүүтэлэрэ ааһалларын кытта, кинини дьиэбэр ыҥыран киллэрдим. Сахалыы сиэр быһыытынан эмээхсиним чаанньыгын үрдүгэр түстэ. Платон Алексеевич дьиэҕэ киирэн дорооболоһоот, үтүлүктээх бэргэһэтин да устар бокуойа суох, мин оҕолорбун эмдэй-сэмдэй, сорохторо сиринэн сыылла сылдьар уолаттары көрөөт: «Бу эн бытырыыстарыҥ дуу?» – диэтэ уонна, саамай кыраларын көтөҕөн ылан өрө анньа-анньа, хоһоон ааҕан биэрдэ. Онтон табаарыстыы быһыынан миигин найааннаата. Мин, кырдьыга, киниттэн кыбыста, толло саныырым. Онон кини оонньоон-көрүлээн, истин атас-доҕор курдук кэпсэппититтэн хайдах эрэ олус үөрдүм. Оскуолабытыгар киһи бөҕө күүтэн олорор буолан, Платон Алексеевич өр чэйдээбэтэ. Мунньахпытыгар таҕыстыбыт. Сыана диэн суох этэ. Онон хаптаһыннары тэлгэтэн, үрдүк сир оҥорбуппут. Онно туран, Платон Алексеевич лоскуй да кумааҕыта суох сахалыы эппитэ. Кини киһи эрэ истэн олоруох курдук үчүгэйдик дакылааттаабыта. «А.С. Пушкин айымньыларын аахпыт киһи биир харыс үрдүөх тустаах», – диэн баран, төбөтүн үрдүгэр илиитин харыстаан турара харахпар субу баар курдук. Аттыбар олорор дьону хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, кинилэр Платон Алексеевич хайдах туттан-хаптан туран тыл этэрин мүччү түһэрбэккэ кэтэһэллэр, сороҕор уостарын хамсатан, этэрин батыһарга дылы гыналлар. Сөбүлээн кэҕиҥнэһэллэр. Дакылаат кэнниттэн оҕолор концертара буолла. Платон Алексеевич бэркэ сэргээн истэн олордо, онтон бүппүттэрин кэннэ, концерка кыттыбыт оҕолору ыҥыртаан ылан: «Дьэ, маладьыастар, концеркыт олус кэрэ, үөрэххитигэр кыһаныҥ, кылааска икки сыл хаалбат курдук үөрэниҥ», – диэн баран, төбөлөрүттэн имэрийтэлээтэ. Оҕолор А.С. Пушкин үбүлүөйүгэр анаан оҥорбут монтажтарын көрдөрбүттэригэр Платон Алексеевич быыстапканы сиһилии көрдө уонна үөрэнээччилэргэ махтанна. Платон Алексеевич онно мунньустубут колхозтаахтары кытта бэрт өр сэһэргэспитэ, киэһэтигэр миэхэ тахсан хоммута. Платон Алексеевич биһикки сүүрбэ сыллааҕыта үөрэммит семинариябыт, бииргэ үөрэммит доҕотторбут уонна учууталларбыт тустарынан кэпсэппиппит. «Закон Божий» диэни үөрэтэр аҕабыыт уруоктарыгар олуурдаах ыйытыылары биэртэлээн, кинини ыксатарбытын өйдөөн бэркэ күлсүбүппүт. Оннук ыйытыыларга ордук Платон үчүгэй этэ. Аҕабыыт, кыайан эппиэттээбэккэ, сирэйэ кытаран хаалан баран, булкулла олорор буолара. Үөрэнэ сылдьаммыт, чааһынай биэчэр оҥорорбутун эмиэ ахтыспыппыт. Оннук биэчэрдэргэ батталы утары хоһооннору ааҕар, сценка туруорар этибит. «Дьадаҥы Дьаакып» диэн пьесаттан быһа тардан эмиэ туруора сылдьыбыппыт. Онно Платон Дьадаҥы Дьаакыбы оонньообута. Биһиэхэ хонон олорон, Платон Алексеевич мин дьиэм кэргэттэрин кытта хаартыскаҕа түһүспүтэ. Биһиги, уруккубутун санааммыт, ол киэһэ бэркэ оонньообуппутун-көрүлээбиппитин билиҥҥэ диэри олус үчүгэйдик саныыбын. «Пана, балалаайкаҕын ылаҥҥын, кылыгырата түһэн кулу эрэ. Бу хотуттары мин үҥкүүгэ ыҥыртаан көрүөм этэ», – диэбитэ Платон Алексеевич. Мин балалаайкабын харбаан ылбытым. Оччолорго, тарбахтарым имигэс буоланнар, балалаайкаҕа, кырдьык, үчүгэйдик оонньуур этим. Платон Алексеевич мин кэргэммин уонна биир учууталынсаны кытта олус имигэстик, чэпчэкитик туттан-хаптан үҥкүүлээбититтэн үөрбүтүм. Сарсыныгар кини, учууталларга саха тылын орфографиятын туһунан кэпсээн баран, Дьокуускайга төннүбүтэ.
1963 с.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?