Текст книги "Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан"
Автор книги: В. Окорокова
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 19 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
Төһөлөөх дьулууруй уонна тулууруй бу! Айарга, бэйэтин норуотугар үйэлээҕи-туһалааҕы, кэрэни, үчүгэйи биэрэргэ төһөлөөх кыһамньы, баҕарыы баар буолан, бачча үлэлиирэ буолла?
Биирдэ эмэтэ көрдөххө, кини айымньытын хас тылын, хас этиитин хат-хат чочуйар, көннөрөр, улам тупсаран иһэр идэлээҕэ. Арыт миигин ыҥыран ылара: «Тооруом, кэл эрэ манна. Иһит эрэ хайдаҕый?» Платон ол кэннэ айымньытыттан тугу эмэ ааҕан биэрэрэ. Үчүгэйдик ааҕар. Куолаһын эҥин араастаан уларыта-уларыта, артыыстардыы. «Хайа, хайдаҕый?» – диэн ыйытар. «Бэрт дии. Арай бу тылы атыннык эттэргин…» – «Эһээ? Ханныгы?!» Саҥа истибит тылын суруйа охсор, онтон эмиэ ааҕар: «Эс, сатаныа суох», – диир, эбэтэр: «Арааһа, син да буолсу дии, быһыыта», – диэт, сөбүлээбитин айымньытыгар киллэрэр.
Сорох ардыгар кини үлэтиттэн кэлээт, хоһугар киирэн эрдэттэн ыла үлэлээччи. Бука, туох эмэ ыксалга-тиэтэлгэ, эбэтэр айыаҕа-суруйуоҕа ыган кэллэҕинэ буолара эбитэ буолуо ээ, ол. Оччоҕо биһиги туспа хоско тахсан биэрэбит. «Паапа үлэлиир, айдаарсымаҥ», – диэн оҕолорбун буойа сатыыбын. Хата, быыс-арыт булан, кыргыттара тиийбиттэрэ, сэлээннэнэн туран, тобугар көтөхтөрбүттэрэ эрэ баар буолар. Нэһиилэ араараҕын оччоҕо кинилэри аҕаларыттан. Көр, оннооҕор онно биир тылы эппэт, наар оҕолорун таптаан ымманыйа, араастаан баллыгырыы олорор буолааччы.
Платон бэйэтэ да ис-иһиттэн наһаа оҕомсох киһи этэ. Мин киниттэн түөртэ оҕоломмутум, онтон билигин Москваҕа оҕоломмут икки бастакыларым эрэ бааллар. Саргылаана 1931 с. балаҕан ыйын 16, Сардаана 1934 с. балаҕан ыйын 6 күнүгэр төрөөбүттэрэ. Оттон Октябрина алта ыйдааҕар, Платон Тааттаҕа быыбардааччылары кытта көрсүһэ сырыттаҕына, өлбүтэ. Оттон кыра кыыһын Платониданы төрүт да көрөөхтөөбөтөҕө, хаайыллыбытын кэннэ төрөөбүтэ уонна биирин туолуутугар өлбүтэ.
Үс кыыһыгар – Саргылаанаҕа, Сардаанаҕа, Октябринаҕа бэйэтэ аат булан ааттаабыта. Оҕолонорбун кытта, төһө да солото-билэтэ суох буоллар, родилкаҕа тиийэн кэлбитэ эрэ баар буолар уонна сурук оҕото ыытааччы: «Эҕэрдэлиибин Саргылаананан…» эбэтэр «Сардаананан», «Октябринанан» – диэн. Төрдүс кыыспар бэйэм аат биэрбитим, баара эбитэ буоллар, бу да сырыыга эмиэ ким эрэ диэн бэйэтэ ааттыах киһи эбитэ буолуо.
Платон оҕолоругар тапталын дириҥ төрүтүн кини «Татыйык ыллыыра», «Бу уоттаах бакаалы» диэн хоһооннорун аахпыттар даҕаны толору өйдүөхтэрин сөп дии саныыбын.
Мин оҕом – Лаанык кыыс,
Күндү кыыс, көмүс кыыс,
Туллукчаан,
Туораахчаан…
Аҥардас бу аҕыйах тылларга, Саргылаанатыгар анаабыт хоһоонун тылларыгар, төһөлөөх истиҥ, минньигэс таптал, сүрэҕи-быары сылаанньытар намчы-нарын нуурал баарый! Эбэтэр:
Удьуорбут уһуоҕа,
Уруйдуу туруоҕа…
Биир өлөн сүтүөҕэ,
Биир үөскээн төрүөҕэ… —
диэтэҕэ үһү иккис хоһоонугар. 1936 с., үһүс кыыспыт төрөөбүтүгэр, суруйбут бу хоһоонун драматизма, дириҥ бөлүһүөктүү көрүүтэ, олоххо кырдьыга киһини сөхтөрөр. Бу биир эрэ олоҕу, тус биир олох кыараҕас эйгэтин быдан баһыйар.
Арыт мин быыһаныым кэнниттэн этэрим: «Эмиэ кыыс!» Платон оччоҕо буойара: «Кэбис, инньэ диэмэ. Кыыс буоллун, уол буоллун – иккиэн биһиэннэрэ, биһиги оҕолорбут. Хойут кыыспыт уолу аҕалыаҕа, оттон кыыһа суохтарга уоллара кыыһы биэриэҕэ. Оччоҕо итэҕэс син биир ситэр буолбат дуо? Уонна биһиэхэ онтон ордук туох нааданый?» – диэн.
Платон оҕону олус таптыырын итинэн эрэ быһаарыахха сатаммат. Дьааҥыга бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэһэн өлбүт Никита Слепцов уолун Васяны, бииргэ төрөөбүт Иван Слепцов уолун Дьулустааны, төгүрүк тулаайах хаалбыт Паша Аянитованы иитэ ылаттаабыта. Ол оҕолору бэйэтэ төрөппүттэриттэн итэҕэстик туппат этэ, син биир тэҥник маанылыыра, болҕойоро. Олоҕун тиһэх күннэригэр кини наар оҕолорго тугу эмэ суолталааҕы айдарбын диэн тыллааҕа. Оҕолорго анаан хас да кэпсээннэри, остуоруйалары суруйда быһыылааҕа. Кэлин хас да тэтэрээттээҕэ, онно наар: «Оҕолорго анаммыт айымньыларым бааллар, соҕурууттан кэлэн баран салгыам, ситэриэм», – диирэ.
Холбоспуппут, Саргылаанабыт төрүөн иннинэ, Платон миэхэ сотору-сотору этэр: «Чурапчыга тахсан, бэйэҥ оҕоҕун киллэр. Оҕо ийэтин аттыгар сылдьыахтаах». Хаста да аккаастанан баран, олус хаайара бэрдиттэн, Чурапчылаабытым. Онтон урукку кэргэммиттэн төрөппүт бэйэм кыыспын Машаны, тыллаах-өстөөх бүтүн киһини, аҕалбытым. Платон орон, утуйар таҥас атыыласпыт, оонньуур бөҕөнү муспут. Оттон кэмпиэтэ, бэчиэнньэтэ баһаам. Оҕом кэлээт, сылайбыта бэрт буолан, утуйан хаалбыта. Киэһэлик Платон көтөн түһэр, үөрбүт аҕай: «Кэллигит дуу? Хайа, оҕобут? Ханна баарый?» – «Утуйа сытар. Кыратык сыта түстүн, уһугуннарыма», – диибин. Суох, киһим истибэт, таҥаһын устаат, илиилэрин ириэрэн тиэтэйэ-саарайа мускунаат, хаһааҥҥыттан эрэ арахсан олус ахтыбыт оҕолоох киһилии баллыгырыы-баллыгырыы, кыысчааны сулбу тардан ылар, «чуу» дии-дии, саба түһэн уураабытынан-сыллаабытынан барар. Кыысчааным, бастаан соһуйан өрө көрө түһээт, сонно сыста түһэр: «Паапа!» Платон син биир бэйэтэ төрөппүтүн курдук таратара, таптыыра.
Биһиги онон, мунньан-тараан сэттэ оҕолоох ыал буолбуппут. Эттэххэ дөбөҥ бу. Хайа оҕону таптаабат, оҕону сөбүлээбэт киһи бачча элбэх оҕону иитиэ үһү?
«Олоҕун үгүс өттүгэр бөдөҥ салайар дуоһунастарга, бар дьон дириҥ ытыктабылыгар сылдьыбыт, аҥаардастыы «Ойуунускай дуо?» дэппит киһи ол балаһыанньатынан туһанар этэ дуо?» – диэн ыйытааччылар эмиэ баар буолуохтарын сөп. Саха норуотун тапталлаах уола, коммунист П.А. Ойуунускай бу да өттүнэн курустаал таастыы ыраас киһи этэ диэн быһаччы этэбин.
Биһиги ордук өр олорбут дьиэбит урукку Ворошилов уулуссатын 14-дэ, ити билигин музей буолбут дьиэ. Билигин көрдөхпүнэ, олус да бэрт дьиэ эбит, оҥорбуттара-тупсарбыттара бэрдикэтин! Оччолорго ити тулатыгар бадараан уонна чалбах халыйбыт, наһаа тымныы, наһаа сииктээх дьиэ этэ. Сайын буора-сыыһа, кыһын тымныыта-чэҥэ. Ыксаан арыт тыл көтөҕөрүм: «Тоҥон өлөрбүтүгэр тиийдибит, оҥотторо-өрөмүөннэтэ түспэккин эбээт», – диэн. Платон оччоҕо күлэр-салар: «Маннык дыбарыаска олорон эмиэ тугуҥ тылай? Итии буолбат дуо? Олус итии дьиэ доруобуйаҕа куһаҕан буолааччы». Арыт этэр: «Хайдах эмэ гынан олоро сатыахха, дьон биһигиннээҕэр куһаҕан усулуобуйаҕа олороллорун көрбөккүн дуо?»
Бу кэнниттэн эбии өрө баран, өссө тугу этиэххиний? Ол да буоллар, биллиилээх поэкка Сергей Степанович Васильевка махтаммыппын хаһан да умнуом суоҕа. Биирдэ, адьас ыксаабыт кэммитигэр, кини дьиэбитин өрөмүөннэтэн абыраабыта. Сергей Степанович оччолорго куорат Сэбиэтин исполкомугар бэрэссэдээтэллиирэ. Кини биһиги дьиэтээҕи усулуобуйабытын хантан билээхтээбитэ эбитэ буолла? Платон бэйэтэ көрдөһө барбатаҕа чахчы, бука, биһиэхэ сылдьар дьоннортон хайалара эрэ тыл тириэртэҕэ.
Дьиэбитигэр киһи таба көрөр мала-сала суох ыалбыт. Баар-суох миэбэлбит сыыһа ити билигин музейыгар турар. Кинигэ ыскаабын соҕуруу барарыгар М.К. Аммосов бэлэхтээбит этэ. Суругун остуола. Хас да венскэй иэҕии олоппостордоохпут. Иһит ыскааба – буфет баара, ол ханна-ханна тиийбитин өйдөөбөппүн. Итиэннэ Сүөкүччэ кэриэһэ диэн биир кыра көбүөрдээҕэ. Мантан ордук малбыт-салбыт суоҕа, аҕабыт була-тала да сатаабат этэ.
Таҥнар таҥаһыттан биир хара көстүүмнээҕин өйдүүбүн. Хаһан булуммут көстүүмэ эбитэ буолла, мин кэлиэм инниттэн баара. Уопсайынан, Платон ураты чэнчис-чэбэр киһи этэ. Кини ол соҕотох көстүүмүн, икки-үс ырбаахытын хаһан да киртиппэт, хараардыбат этэ, куруутун тэп курдук тутта-оҥосто сылдьаахтыыра. Ааттаах табахсыт этэ да, бэл диэтэр ону да биллэрбэтэ, барытын бэйэтэ хомуйара, алҕаска бөппүрүөскэ күлэ саккыраабытын, испиискэ тоһоҕоһо, бөппүрүөскэ төрдүгэһэ остуолга, муостаҕа түспүтүн, саараама, көрүөҥ суоҕа. Киниэнэ туттар мала барыта бэрээдэктээх, анал-анал уурар миэстэлээх буолааччы. Оннооҕор күнүс суоҕар кинигэтиттэн ылан ааҕан баран, алҕаска лииһин бүк туттахпына, киэһэ кэлэн, ол лиис бүк тутуллубута биллибэт буолуор диэри имэрийэ, көннөрө олорооччу. «Тооруом, маннык гыммат буол, кинигэ лииһин бүк туппат куолу», – диэччи ол кэннэ. Түүнү быһа суруксуттаабыт кумааҕытыттан сылайан, уута кэлэн: «Чэ, бэйи, сарсыарда хомуйуом», – диэн, остуолугар биир лииһи хаалларбытын өйдөөбөппүн. Үлэлээн бүтээт, остуолун бэрээдэктээн, орун оннугар түһэрэн кэбиһээччи. Суох, ити бириинчигэ буолбатах, ити кини үөрэммит үгэһэ, өйүн-санаатын бэрээдэгэ этэ. Кини, бэйэтин бэйэтэ харана, бэйэтин бэйэтэ көрүнэ ол курдук үөрэнэн хаалбыт. Бириинчигэ эбитэ буоллар, бас билэрдии да миэхэ кыҥкыйдыа, саҥарыа эбитэ ини. Саараама, оннук түгэн биһиги олохпутугар суоҕа.
«Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан» диэн 1917 с. биир хоһоонугар суруйан турардаах. Бу строкалары ааҕан баран сорохтор саныахтарын сөп: «Ок-сиэ, Ойуунускайдара диэн, быһыыта, олус да дойдумсах киһи эбит, «Таатта оҕотобун» дэнэн түһэн». Дьиҥэр, бу хоһоон норуот улуу ырыаһыт уолун дьиҥнээх өйдүүр өйүн, саныыр санаатын этэр диир сатаммат. Платон Ойуунускай бу боппуруоска сыһыанын дьиҥнээхтик билиэҕи баҕарар буоллахха, «Син-биир буолбаат?!» диэн кини М.К. Аммосовка анаабыт айымньытын үчүгэйдик сыныйан ааҕар сөп.
Төрөөбүт ийэ буор сирбитигэр
Төннөн өлбөтөхпүтүн даа! – диэммин
Хомойорбун билбэппин
Хоргутарбын көрбөппүн…
Дьэ, бу баар Ойуунускай олоххо көрүүлэрин дьиҥнээх саҕыллыыта. Итиэннэ кинини «өтөхтөөҕүмсүйбүт», «алааһымсыйбыт» диэн хайдах этиэххиний? Платон дойдум диэн өрөспүүбүлүкэтин, Сэбиэскэй дойдутун бүтүннүүтүн ааттыыра, дьиҥнээх большевик, интернационалист быһыытынан арбааһыннаахтык, киэҥник көрөрө.
Төрөөбүт оройуонун, өтөҕүн саныыр эбит да буоллаҕына, «сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу» быһыытынан, биирдэ эмэтэ сыл баһыгар-атаҕар, ордук саас от-мас тиллиитин саҕана, быктарара эбитэ дуу? Кини оччоҕо оннооҕор миигин, кыһыл оҕолоох дьахтары, кутугунатара: «Бардыбыт, тооруом, бардыбыт, тугу гына дьиэҕэ хаайтара олордохпутуй?» Хайыахпыный, сорох ардыгар барсабын. Барсан да, мин чугас ыалга хонобун, Платоннаах бэйэлэрэ саалана бараллар. Оттон сайын сир астыы соһор, мыраан кэтэҕэр тахсан сугуннуубут. Дьэ, бу кэмнэргэ төрөөбүт алааһын, кустаабыт-балыктаабыт ууларын ахтан ааһааччы этэ.
Дойдулаахпын диэн оччо-бачча барбытын-кэлбитин, тиэстибитин да өйдөөбөппүн. Мин билэрбэр, депутат буоларыгар эрэ быыбардааччыларын кытта көрсө, Тааттаҕа биирдэ тахса сылдьыбыта. Онно эмиэ барыс диэбитин, Октябрина диэн кыыспыт ыалдьар буолан барсыбатаҕым.
Кини арай биир бэлиэ тыллааҕа: ол ийэ таптала. «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» диэн хоһооно поэт дьиҥ чахчы дууһатыттан суруллубут хоһоон, дьиҥнээх олоххо баар суол. Ийэтин наһаа ахтара, туой Октябринатын: «Эбэтин курдук кыыс, Тэттэкиэй-Моттокуой», – диэн таптыыра.
Платон саамай таптыыр, саамай харыстыыр мала диэн саата. Икки уостаах үс биһилэхтээх «зауэрдаах» этэ – ол.
…Уохтаах уот курбуула,
Уһуутуур уһун турба,
Сатарыта оонньуур
Саа саара саабыйар,
Саам барахсан дорообо! —
дии-дии, хааҕа угуллан баран оронун үрдүнэн көхөҕө ыйанан турар сааны ороон, түннүк сырдыгар кыһайан иһин кыҥаан көрөрө, тас лааҕын сууйа-сото, имэрийэ-томоруйа олороро бу баарга дылы. «Оо, паапа кустуу бараары гыммыт», – дэһэбит биһиги оччоҕо. Кыс хаар ортото ханна туох куһа буоллаҕай? Таах, дьээбэбитигэр. Паапа мүчүк гынар: «Эдэр-сэнэх эрдэххэ, кустаныллара, доҕор». Онтон тэптэрэн, аны хаһан эрэ хайдах бултаабытын, төһөнү тэлэ тэптэрбитин кэпсээн-ипсээн күппээллиир. Саабытын, ол кэпсээн бүттэҕинэ эрэ, төттөрү уурабыт.
Суруксуттуур тэриэбэтэ да көннөрү прибордар буолаллара. Литературнай үлэтэ-хамнаһа сүүрбэ сыла туолуутугар кимнээх эрэ бэлэхтээбит прибордарын остуолуттан араарбат буолара.
Кырдьыгын ыллахха, үп-ас, харчы да өттүнэн дэлэй-былас барбатах ыал этибит. Син уонча кэргэммит, ол үрдүгэр ыалдьыт-хоноһо, тыаттан киирээччилэр дьиэлэнээччилэр. Соҕотох киһи хамнаһа онтон төһөтүгэр тук буолуоҕай? Суруйара-суруйара да, мин билэрбэр, боччумнаан гонорар ылбытын өйдөөбөппүн. Үгүс өттүгэр урут суруйбутун хаттаан эллиир, үрүт үрдүгэр көннөрөр, тупсарар быһыылааҕа. Олоҥхотун хат-хат устара, итиэннэ «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куону» оҥороро-суруйара. Кэпсээннэриттэн «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулайы» балачча өр үлэлэһэн бүтэрбитэ. Итиэннэ үгүс хоһооннору-ырыалары, кыра кэпсээннэриттэн «Омуннаах оҕону», «Өйдөөх оҕону», «Оҕо куйуурдуу турарын», «Сүрэҕи» уо.д.а. суруйталаабыта. Өссө төгүл этэбин: Платон айымньытын наһаа кичэйэн таҥастыыра, бүтэрэ-оһоро охсорго дьулуспат буолара. Этэн көрө-көрө, саҥаран көрө-көрө, аахтахха ханан да иҥнигэһэ суох үөрэ-дьүөрэ, утум-ситим, уу сүүрүгүн курдук тахса турар гына суруйар буолара. Бука, ол үгүс сыраны, үгүс бириэмэни ылара эбитэ буолуо. Итиэннэ Платон бэйэтигэр уонна айымньыларыгар наһаа дьэбирдик сыһыаннаһар, аныгы тылынан эттэххэ, бэйэтигэр үрдүк көрдөбүллээхтик сыһыаннаһар киһи этэ. Москваҕа айымньыларын сэттэ томнаах хомуурунньуга тахсыахтаах этэ, ону санаатаҕына, арай онно этэр буолара: «Тооруом, сотору үчүгэй буолуохпут, сотору элбэх да элбэх гонорары ылыахпыт». Ханна баарый, онтукатыгар кыайан тиийбэтэҕэ.
Арыт иккиэйэх эрэ олорор буоллахпытына, ырааҕы-киэҥи саныырдыы чуумпуран олорон, тэһэ астарбыт курдук, ыраланар буолаахтыыра: «Тооруом, мин хойут наука доктора буолуом, онуоха диэри үлэлиэм да үлэлиэм! Көр эрэ, ити билигин мин институтум улахан төрүттээх-силистээх тэрилтэ: мантан сэдиптэнэн хойут өрөспүүбүлүкэбитигэр Наукалар академияларын филиала аһыллыаҕа, үгүс да үгүс да учуонайдар үөскүөхтэрэ». Туохтан уонна тоҕо миэхэ итилэри этэрин билбэтим. Бэйэтин кытта бэйэтэ кэпсэтэрэ, ис санаатын таһыгар таһаарара эбитэ дуу, эбэтэр оччотооҕу олох хобдоҕуттан миигин арылдьыта – алы гына сатыыра дуу? Туох билиэ баарай!
«Тооруом, тэһийбэккин дуу? Оччоҕо Өссүөнтэйдээххэ бара сырыт ээ». «Ээ, хайа муҥун, тура-тура биир ыалы салгытан!» – мин төттөрүлэһэбин. Кырдьык да, сотору-сотору бара сылдьар ыалбыт диэн Авксентий Егоровичтаах буолаллара, кинилэр тустарынан кэпсэтиибит ити. «Чэ, оччоҕо киэһэ театрга бараар, мин уолаттарга этиэҕим». Киэһэ институтугар бииргэ үлэлиир уолаттарыттан ким эрэ тиийэн кэлэр, миигин театрга илдьэ барар. «Доҕоор, хотуммун соҕотохтуу ыытымаар эрэ, дьиэтигэр аҕалан биэрээр», – дии хаалар Платон арыалдьыппар.
Платон табаҕы тардара, оттон арыгыны төрүт сөбүлээбэт, бэйэтэ испэт этэ. Ол оннугар дьону хайаан да ыалдьыттааччы. Ким эмэ кэллэҕинэ: «Тооруом, хайа, туохтаахпыт-эмэлээхпит дуо?» – диэбитинэн барааччы.
Платон хаһан даҕаны «ол киһи маннык, бу киһи маннык» диэн кэпсии-ипсии, сиилии сылдьарын ончу истибэт этим. Кини киһини ол-бу диири адьас өлөрдүү абааһы көрөрө. Ол да буоллар, кырдьаҕастартан Өксөкүлээх Өлөксөйү, Алампа Софроновы айаҕыттан түһэрбэт буолара. Олоҥхотун, остуоруйатын суруйарыгар Өксөкүлээх уобарастарыттан үгүстүк туһанара. «Бээ эрэ, Өксөкүлээх обургу туох диир эбитий?» – дии олорооччу. Алампа Софронов биһиэхэ сылдьара, өлбүтүгэр Платон наһаа хараастыбыта. Платон олоҕор өлүүнү-сүтүүнү үгүстүк көрсүбүт киһи. Бэйэҕит да санааҥ көрүҥ, икки кэргэнин көмөр, балта Маня, инитэ Иван Слепцов, тастыҥ аймахтара Василий Слепцов уонна Местниковтар ийэлэрэ, ииппит кыыспыт Паша Аянитова ийэтэ, бэйэбит кыыспыт Октябрина өлөллөр. Үгүстэрэ мин баарбар. Платон онуоха аһыы аһыйан аймаммытын, ытаабытын-соҥообутун биирдэ да көрбөтөҕүм. Көннөрү саҥатыттан-иҥэтиттэн матааччы, санньыйааччы. Кистэнэрэ-баттанара бэрдэ оччо эбитэ дуу? Онтон эрэ ордук Алампа өлбүтүгэр наһаа буорайбыта, Алампаны бэйэтэ сүүрэн-көтөн уҥуох туппута, литературнай нэһилиэстибэтин уонна рукопистарын сонно сылааһыгар институт архыыбыгар туттарбыта. Мин ону сөбүлүүрүттэн-таптыырыттан эбитэ буолуо дии саныыбын.
Г.В. Ксенофонтовы, Н.Д. Неустроевы эмиэ сыаналыыра, А.Д. Неустроеваҕа ураты суолта биэрэрэ.
Эдэрдэртэн сөбүлүүрэ үгүс этэ. Ол эрээри, саамай таптыыра А.Е. Мординов диэри гынабын. «Киһи тахсар киһитэ», – диэччи кини туһунан. Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап сотору-сотору сылдьар буолаллара. Тугу кэпсэтэллэрин, хайы үксү, өйдөөбөппүн. Ол эрээри Күннүк Уурастыырап кэллэр эрэ, сэһэн-сэппэн элбиирэ, олоҥхо дуорайара оһуоба буолааччы. Бииргэ үлэлээччилэрин П.П. Барашковы, Н.М. Заболоцкайы, Н.Н. Павловы сотору-сотору ахтар буолара, анарааҥҥылара да биһиэхэ үгүстүк сылдьаллара. Уопсайынан, ыалдьыт сылдьар, хоноһо хонор ыала этибит биһиги. Суруйааччылар, артыыстар, учуонайдар, революционердар, бартыһааннар, тус доҕотторо, тыа дьоно – ыалдьыт-хоноһо үгүс этэ. Эдэрдэр, литератураҕа саҥа холонооччулар, эмиэ үгүстүк сылдьаллара. Платон кинилэри кытта син биир тэҥнээхтэрин курдук болҕойон кэпсэтэр, сүбэлиир-амалыыр идэлээҕэ. «Па, эйигиттэн туох да тахсыа суох», – диэн кими эмэ быһа-бааччы этэн хомоппутун өйдөөбөппүн, наар өйдөтө-быһаара, үөрэтэ-такайа сатааччы.
Москваҕа олорор кэммитигэр Саха сириттэн төрүттээх революционердар, партийнай-советскай деятеллэр, байыаннайдар үгүстүк сылдьар да, ыҥыран сырытыннарар да этилэр. Кинилэртэн Феликс Кону, Клавдия Кирсанованы, Иван Строду, Емельян Ярославскайы уонна да атыттары өйдүүбүн. Строд Москваҕа бастаан тиийэн, дьиэтэ суох эрэйдэнэ сырыттахпытына, олус абыраан турардаах. Кимин хантан билиэхпитий, биир кып-кыһыл нуучча утуйар таҥаспыт, чымадааммыт сыыһын туох да кэпсэтиитэ суох харбаан ылаттаат, этириэс эппитэ баара: «Чэ, бардыбыт, биһиэхэ бардыбыт. Суох, суох, аккаас ылыллыбат». Ол киһим Строд эбит, оччолорго Новомир биэстээх-алталаах оҕо этэ. Аҕыйах хонукка да буоллар, Стродтаахха наһаа үчүгэйдик олорбуппут, Иван Яковлевич Платоммун кыһыл оҕолуу ньилбэгэр өрө көтөхпүтэ, оччо өрө тутара.
Биирдэ аҕабыт үлэтиттэн кэлэн баран, утуйар хоһуттан тахсыбата. Мин тугун билиэхпиний, «киһим сылайдаҕа, аччыктаатаҕа» дии-дии, куолубунан ас бэлэмнии, остуол тарда сырыттым.
Ас тардылынна, оттон Платон остуолга суох. «Паапаа!» Эппиэт син биир суох. Сүрэҕим мөҕүстэ, хоско ыстанан киирдим. Киһим дэлби кубарыйбыт, таҥастыын-саптыын ороҥҥо сытар. Кини хаһан да маннык буолбат этэ, наһаа уолуйдум. «Тыый, ыалдьыбыккын дуу, паапа?» «Ээ, суох, ыалдьыбатым», – аат харата хардарда. Итиэннэ үөһэ тыынан кэбистэ. Түргэн үлүгэрдик төбөтүн тутан көрдүм. Сөрүүҥҥэ дылы. «Паапа, чэйдиэххэ ээ, оҕолорбут кэтэһэн олороллор». Платон аргыый аҕай турда, суунар сиргэ сакыҥнаан тиийэн, илиитин суунна. Нэһиилэ ыстакаан аҥаара чэйи истэ, онтон ордук тугу да аһаабата. Эмиэ хоһугар киирдэ.
Мин муодарҕаатым, батыһан киирдим. Киһим эмиэ оронугар сытыммыт. Олоппоһу чугаһатыммыт, онно табаҕын күллүүр иһитин уонна бүтүн хаа бөппүрүөскэни ууруммут уонна туох да бокуойа суох табахтаан бурҕат да бурҕат. «Бэйи, бу эн туох буоллуҥ? Үлэҕитигэр туох үлүгэр таҕыста дуу?» – «Ээ, суох, бэйэм». Хайдах да моһуогурбут, ыалдьыбыт быһыылаах дии санаан, эмиэ этин тутан көрөбүн: этэ сып-сылаас. «Паапа, ыалдьыбыккын дии. Тугуҥ ыарыйда?» – «Суох, ыалдьыбаппын».
Киһибиттэн итинтэн ордугу тугу да ыган ылбатым. Кини табахтыырын син биир тохтоппот. Онтон өйдөөн көрбүтүм, арай киһим хараҕа саатын диэки. Мин дьэ иэдэйдим: «Тыый, туох үлүгэрэ буоллаҕай?» – диибин испэр.
Платон онтон оргууй аҕай турда уонна Максим араамалаах хаартыскатын истиэнэттэн ылла. Эргим-ургум тутта, остуолун холбуйатын аһан, хаартысканы онно уган кэбистэ.
«Хайа, Максимы тоҕо ыллыҥ?» – соһуйан ыйыттым. Били сааны одуулаһар диэн куттаммытым, Максимы көрө сытар эбит, ону бутуйбуппун. «Ээ, дьыала куһаҕан», – диэтэ, онтон эмиэ сытта. Өр саҥата суох сытта, онтон аргыый аҕай эттэ: «Максимы ылбыттар…» – «Тыый, ол хайдах?» – «Оттон хаайбыттар, бүгүн мунньахха эттилэр…»
Бу түүн иккиэн утуйбатыбыт. Платон утуйбат. Бииргэм эргичиҥнии, үөһэ тыына сытар буолтун кэннэ, эгэ, мин утуйуох үһүбүн дуо? Дьиксинэрим бэрт, туой киһибин кэтиир курдукпун.
Аны кэлэн өйдөөтөххө, Платон доҕорун Максимы туппуттарыттан наһаа хараастыбыт, наһаа санаарҕаабыт эбит. Итиэннэ оччотооҕу быһыыны-майгыны, тутууру-хабыыры истэ-билэ да сылдьаахтаатаҕа. Ол түгэннэргэ иһигэр тугу өйдөөбүтүн-санаабытын билбит суох, бука, элбэҕи уонна арааһы өрө-таҥнары сыымайдаабыт буолуохтаах…
1983 с.
С.П. Ойунская
Аҕам сырдык аата
Ойуунускай эт-хаан төрөппүт оҕолоро иккиэ этибит. Саргылаана 1991 с. олохтон туораабыта. Эдьиийбин Саргылаананы аҕатын хаартыската диэн ааттыыллара. Билбэт дьон эмискэ көрөн соһуйар этилэр: «Тыый, бу кыыс Ойуунускайга дылы буолан түһэн», – дииллэрэ. Онон мин көрөн, наар аҕам тыыннааҕын оҥорон көрөр этим. Майгытынан эмиэ эдьиийим майгынныыра үһү. Сүрдээх туруору, кыра да дьиэги тулуйбат киһи этэ. Наһаа көнө, кырдьыксыт.
Аҕабын субу диэн утары сирэйин өйдөөбөппүн. Көхсүнэн олорорун наһаа өйдүүбүн. Кэтэҕин… Баттаҕын… Тараах ойуулаах көстүүмүн… Уруучука тутан олорор буолара.
Кэргэним – оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыһым Сергей Петрович Соловьев Москваҕа тыа хаһаайыстыбатын механизациялааһын уонна электрофикациялааһын институтн бүтэрбитэ. Техническэй наука кандидата, билигин тыа хаһаайыстыбатын институтугар конструкторскай бюро директорынан үлэлиир.
Улахан уолбут – Платон. Эһэтин аатынан. Төрүүрүгэр аат тала барбатахпыт. Ыал буоларбыт саҕана уол оҕо төрөөтөҕүнэ, хайаан даҕаны эһэтин аатынан буолуохтаах диэн кырдьаҕастар сүбэлээбиттэрэ. Улахан кыыһым – Мария, эбэтин, кэргэним ийэтин аатынан. Аччыгый кыыһым мин ийэм Акулина аатынан – Лина. Уолум манна СГУ-ну бүтэрбитэ. Идэтинэн – историк, археологиянан дьарыктанар. Институкка бииргэ үлэлиибит. Кэргэннээх. Сардаана Платоновна диэн кыракый кыыстаах. Улахан кыыс Мария университекка ассистент-преподаватель. СГУ-га нуучча тылыгар үөрэммитэ, МГУ-га үс сыл үөрэнэн аспирантураны бүтэрбитэ.
Аччыгый кыыһым Лина Михайлова омук тылын бүтэрбитэ. Кэргэнэ – юрист. Платон диэн уоллаахтар. Онон, Ойуунускай ситимэ салҕанар.
Оҕолорго «бу эһэлэрин курдук ээ» диэн хайаларыгар да тугу да бэлиэтии көрбөппүн. Биһиги кэргэмминээн оҕолорбутугар биир буруйдаахпыт. Оччотооҕу олох сүүрээнин сиэринэн төрөөбүт тылларын мөлтөхтүк билэллэр. Улаатан баран биһигини буруйдууллар, бэйэлэрэ билэргэ кыһалла-мүһэллэ сатыыллар. Эһэлэрин аата кинилэргэ улахан моральнай баттык, эппиэтинэс. Онон, эһэбитигэр, кини аатыгар күлүк түһэрбэтэх киһи диэн санаанан улааппыт дьон. Бэйэлэрэ сүрдээх сэмэйдэр. Мин сааһым тухары кинилэргэ аҕам аатын үрдүктүк тутан ииппитим: туох кылах гынар да, кырыйан, мунньан, альбом бөҕөнү оҥортообутум.
Аҕабын соччо өйдөөбөппүн, үстээх оҕо хааллаҕым, ийэм, эдьиийдэрим кэпсээннэринэн өйдүүр курдукпун. Үдүк-бадык уонна тоҕо эрэ көхсүн көрөбүн – эриэн дьураа көстүүмнээх аҕам остуолга нөрүйэн, төбөтүн кыратык кыҥнатан суруйа дуу, ааҕа дуу олорорун. Ардыгар кини төттөрү-таары хаамарын эккирэтэн сэрбэкэчийэрбин саныыбын. Уонна туман иһиттэн курдук аһыы олорорбут көстөр, аҕам ытыһыгар кэмпиэт уурар, онтун үрэрин кытта кэмпиэт мэлис гынан хааларын олус сөҕөрүм… Кабинет аанын аргыый сэгэтэн үс сирэй былтаҥнаан аҕабытын көрөбүт, аллара – мин, ортоку – Лаана, үөһэ – Муся. Аҕабыт бөппүрүөскэтин ыллаҕына: «Паапа бүттэ!» – диэн сүүрэн тиийэн, киниэхэ хатана түһэрбит. Аҕабыт остуоруйалыырын наһаа сөбүлүүрбүт. Иллэҥсийдэр эрэ, мин тобугар, эдьиийдэрим кириэһилэ икки өттүгэр олорунан кэбиһэрбит. Аҕам сирэйин араастаан тутта-тутта, саҥатын уларыта-уларыта кэпсиир. Биһиги күлсэбит, арыт куттанан ытаары гынабыт… Сороҕор кириэһилэ тиэрэ түһэн сыарҕа буолар, тустан-мөхсөн, сүрдээх көрдөөхтүк оонньуур буоларбыт… Аҕам, омос көрдөххө, суостаах курдук эрээри, эмиэ аламаҕай хаһаайын, ыалдьыкка үөрүнньэҥэ…
Эдьиийим Лаана аҕатын көрсөн турар. Эдьиийим аҕабыт тыыннааҕын көрбүт, сүрэх баастаах буолан, хаһан да, ханна да кини туһунан кэпсээбэт этэ. Долгуйан, куолаһа титирэстээн кыайан кэпсээбэт буолан хаалара. Оттон үс кыыс үһүөн мустан олордохпутуна кэпсиирэ. Биһиги аҕабыт төрөөбүт, өлбүт күннэригэр кэриэстэбил күннэрин оҥорон кэпсэтэр этибит… Ийэбитин кытта НКВД-га тиийэн, билиҥҥи Дзержинскай уулуссатыгар араас мөһөөччүктээх, суумкалаах дьон хаайыыга сытар аймахтарын, доҕотторун көрсөөрү, субуруһан тураллара өйбөр үдүк-бадык көстөн ааһар. Күнү күннээн кэтэһэн баран, аҕабытын кыайан көрсүбэккэ төннүбүппүт…
Үөрэхпин бүтэриэхпиттэн, ол аата 1962 с., харыс халбарыйбакка институппар үлэлиибин. Аҕам институт директора эрдэҕиттэн А.Е. Кулаковскайга, А.И. Софроновка, Н.Д. Неустроевка уо.д.а. анал архыып фондалара тэриллибиттэр. Оттон аҕам кырдьыга тахсыбыта ыраатта да, баччааҥҥа диэри анал фонда суох. Дьэ, билигин бөлөх тэриллэн, Ойуунускай нэһилиэстибэтин хомуйабыт, ол бөлөҕү салайабын. Университекка анал кууруһу ааҕабын, фольклорга үлэлиибин. Соторутааҕыта Санкт Петербурга «Якутские народные загадки. Специфика жанра» диэн монографиям тахсыбыт. Иллэҥ кэммэр кыралаан хоһоон, оҕолорго кэпсээннэри суруйарга холонобун.
Аҕам үс томнаах кинигэтэ тахсара, ити иһигэр «Русско-якутский термино-орфографический словарь» диэн үлэтэ бэчээттэнэрэ үөрүүлээх. Кини научнай үлэлэрэ, суруйсуулара (холобур, М.К. Аммосов архыыбыттан 20-чэ суруга көһүннэ), учуутал семинариятыгар үөрэнэр кэмнээҕи докумуоннара, араас суруйуулара уо.д.а. ааҕааччыларга биллибэттэр, ол бар дьоҥҥо тиийдэр. Уонна биир ыра санаам – аҕам «Ньургун Боотура», нууччалыы тахсыбытын курдук, ойуулаах-бичиктээх, өҥнөөх дьүһүннэнэн үчүгэй кумааҕыга туспа кинигэнэн сахалыы бэчээттэнэрэ буоллар диэн.
Аҕам туох ханнык иннинэ – суруйааччы уонна учуонай. Политикаҕа, салайар үлэҕэ тардыспат этэ. Институт директора эрдэҕинэ, Певзнякка уонна Окоемовка суруга баар, онно кэнники икки сылга литератураҕа, наукаҕа тугу да үлэлиир кыах, бириэмэ адьас булбатым, онон туох да дуоһунаһа суох көннөрү үлэһит оҥоруҥ диэн көрдөспүт. Аҕам кырдьыар диэри олорбута буоллар, төрөөбүт литературатыгар, наукаҕа олус улахан суолу хаалларыахтааҕар саарбаҕалаабаппын. Москваттан дойдутугар төннөн, 1935–1936 сс. дьоҕус да, обургу да кэпсээннэри үлүмнэһэн суруйбутуттан сылыктаатахха, кини, арааһа, улахан прозаическай айымньыга бэлэмнэнэн испит. «Оҕо куйуурдуу турарынан» толкуйдаатахха, ол, баҕар, автобиографическай да хабааннаах буолуон сөбө. Наукаҕа – саха норуотун кэскилигэр, урукку төрүттэри быһаарыыга, тылга, төрөөбүт культурабытыгар, фольклорбутугар, үгэстэрбитигэр уо.д.а.
Ол эрээри кинини политикаттан хайдах да туора туппаккын. Ойуунускай уһулуччулаах общественнай деятель. Кини М.К. Аммосовы кытта кииҥҥэ туруулаһан туран, Саха сиригэр автономияны ылары ситиспиттэрэ. 70 сыл устата Саха Автономнай Республикатыгар олордохпут дии.
1994 с.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?