Электронная библиотека » Василий Егоров » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Кырыыстаах таас"


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:00


Автор книги: Василий Егоров


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


Возрастные ограничения: +16

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Дьоно ындыыларын көтөҕөн хомуна сылдьаллара. Үстүү аты кутуруктарыттан холботолоон миҥэ аттарыгар сэтиилэммиттэр. Тойон Сиидэр кинээс эрэ атын сулумахтыы сиэтэн аллара диэки хаамта. Бу сис хайаттан соҕуруу диэки таҥнаран, Буйунда өрүс хаҥас салаатын тутуһан Хобочоон диэн үрэх хочотугар киирдилэр. Бу үрэх төрдүттэн биир көс аллара Буйунда соҕотох ыала Лөкөй Лөгөнтөй олоҕо баар. Сиидэр кинээс Лөгөнтөйгө сылдьар наадалаах буолан, хотугулуу-илин иэҕилиннилэр. Онон кэлэ-бара икки көс сири сүтэрэр буоллулар. Лөгөнтөйдөөххө хонуохтаахтар. Кинилэргэ хайата да биир. Хата, бу түүн Лөгөнтөйү кытта кэпсэтиэхтэрэ. Ону-маны ыйыталаһар да санаа баар. Ыаллара киэһэ аһылыктарын аһаан утуйаары олордохторуна тиийдилэр. Хоноһолор кэлбиттэригэр, ордук тойоннорун көрөн уот оттор, күөс буһарар түбүгэр түстүлэр. Кинээс дьиэҕэ киирдэ. Дьоно ындыыларын түһэрэ, аттарын сыбыдахтыы хааллылар.

– Хайа, бу кэпсээҥҥит? – тойон киирэн уҥа ороҥҥо олорон сөҥүдүйдэ.

– Суох. Эн кэпсээниҥ? – Лөкөй улахан талах олоппоһугар олорон симиттибиттии хоруйдаста.

– Кэпсээн кэмчи. Хайдах олороҕут, туоххут кэллэ-барда?

– Кэммитинэн олоробут, кэлии-барыы суох.

– Быйыл от хайдах буолсунуй? Бачча бэдиктэрдээх киһи оту баҕас курулаамахтаатаҕыҥ буолуо, – кинээс чороччу улаатан эрэр уолаттары ордук санаабыттыы өтөрүтэ-батарыта көрдө. – Арба кыһыл көмүһүнэн эргинэр киһи оттооһун, сүөһү иитэр барыһа суох диэн эрдэҕиҥ буолуо. Ол да буоллар быйыл биир эмэ ынаҕы уостатар инигин, – кинээс тыла-өһө чиҥээн, кыйаханан барыах курдук буолла.

Лөкөй тугу даҕаны саҥарбата. Тойон киһи хайыай, үгэргээн эрдэҕэ. Дьиҥин баран эттэххэ, ол босхоҕо кэлбит табаар кини ынаҕын уоһугар биэрбит малынааҕар холооно суох элбэх этэ. Табаҕы бу билиҥҥэ диэри тарда олордоҕо. Хайа уонна оттон бэйэтигэр, уолаттарыгар тиктэрбит суккун сонноро саҥаларынан сырыттахтара дии.

Таһыттан Борискалаах Сафейка, Миитэрэй киирдилэр. Бориска Лөкөйү мичээрдээбитинэн кэлэн илии тутуһан дорооболосто.

– Лөгөнтөй, туох кэпсээн?

– Суох. Эһиэхэ туох баарый? – Лөгөнтөй сэргэхсийэ быһыытыйда.

– Суох. Бу Уолаҕа баран иһэбит.

– Ээ… Бүтэн баран эрдэххит дии.

– Дьэ, биллибэт. Баҕар, төннүөхпүт, баҕар, сир уларыйыахпыт, – Бориска икки саары икки ардынан хоруйдаата.

– Тугу эмэни буллугут дуо? – Лөкөй тойонуттан толуннар даҕаны, билиэх баҕата батарбакка, көмүс туһунан ыйытта. Туран күөһүн булкуйбута буолла.

– Мэлийдибит. «Суолун» сибикитэ баар эрээри, киһи туһанара суох.

– Ок-сиэ, таах эрэйдэнээхтээбиккит. Суох бэйэкэтэ эбит буоллаҕа.

– Дьэ, туох да билбэт. Өссө эбии атын үрүйэҕэ көрдөөбүт киһи хайыа эбитэ буолла? – Бориска атын үрүйэҕэ хайыы-үйэҕэ уонча иин хаһыллан баран сууйуллубакка сытарын туһунан кинээстэн мэһэйдэтэн Лөгөнтөйгө эппэтэ.

Алааппыйа эмис тайах этин кырбастарын улахан мас кытыйаҕа хоторон остуолга уурда. Дьон олоро түһэн, аһаабытынан бардылар.

– Бу хаһан бултаабыт кыылгыный, бэрт эмис тайах эбит ээ? – кинээс сыалаах эти ытыра-ытыра сытыы быһаҕынан элийбэхтээтэ.

– Быйыл быстар саас тоҥокко охторбутум. Байтаһын тыһы бэйэтэ этэ.

Лөкөй быһаас Борискалаахтан төннөөт, бөрөлөрү эккирэтиспитэ. Киэҥ сиринэн сылдьар ыырдарын хайан, эргиччи айа тардыталаабыта. Кини сытыы ырбаларыттан түөрт адьырҕа сыһыйбыта, иккини хааннаан ыыппыта. Онно таарыччы бу кыылы бултаабыта.

Хоноһолор тото-хана аһаан, аттарын ыыталыы таҕыстылар. Лөкөй чэпчэтинэ таарыйа кэннилэриттэн батыста. Кинээс аһылыгын ситэрэ Алааппыйаны утары остуолга олорон хаалла. Сайыҥҥы күн ырдьаччы киирбит. Уу-чуумпу нуурал түүн аргыый саба халыйан, сылаас суорҕанынан сир ийэни итииргээбэтин диэбиттии сэрэнэн сэгэччи сабан эрэрэ. Көлө көрөөччүлэр аттарын атах тардыталаан ыыталаатылар. Бориска Лөкөй таһыгар кэллэ.

– Биһиги Туора салааҕа уонча иини хаһан баран сууйбакка хааллардыбыт, онон төннөрбүт буолуо. Тугу үлэһэҕин? Аҕалыахпыт.

– Ээ, төннөр эбиккит дии, – Лөкөй хайдах эрэ үөрэ иһиттэ. – Тугу үлэһиэм буоллаҕай? Арай хотуур көстөрө буоллар бэрт этэ.

– Сөп, була сатыахпыт.

Сарсыарда эрдэ туран айанньыттар хоҥнубутунан бардылар. Лөкөй кыра уола Уйбааскы эмиэ соруктаах курдук эрдэ турда. Эргэ чабычаҕы толору хааламмыт элбэх араас таастары хасыһан биир хара өҥнөөх куһуогу булла. Онтун быыһыгар, кыбыталаан кэбиспит курдук, түөрт муннуктаах хараҥатыҥы саһархай өҥнөөх элбэх кыырпахтар килэбэчиһэллэр. Уйбааскы ат холунун тарда турар Борискаҕа сүүрэн кэллэ.

– Көр эрэ, бу маны, туох буолуой, ээ? – диэн синньигэс ыраас куолаһынан чаҕаарыйда. Оҕолуу симиттигэс мичээринэн кэтэһэрдии көрөн турда. Бориска чобуо уолчааны дьиибэргээбиттии көрдө. Тааһын ылан эргим-ургум туппахтаата. Дьиктиргээтэ. Били кинилэр Сиридикээҥҥэ сууйбут кумахтарыгар маннык килэбэчигэс эттиктэр олус элбэх этилэр. Ол аата кинилэр маннык хара тааска үөскээбит эбит буоллахтара.

– Тукаам, маны хантан ылбыккыный?

– Бу үрэх кытыытыттан булбутум.

– Но, дьэ, дьиибэ эбит, – Бориска тугу эрэ толкуйдуурдуу саҕах диэки мэндээриччи көрөн турда. Бу кыракый эттиктэр кыһыл көмүс аргыһа буолалларын Бориска уруккуттан билэр этэ. Кинилэр пирит диэн ааттаналлар. Өскөтүн Сиридикээҥҥэ көмүс көһүннэҕинэ, манна эмиэ баар буолуон сөп эбит дии. Уолчааны төбөтүттэн имэрийдэ, мичээрдээбитигэр хойуу бытыктарын иһиттэн бөдөҥ маҥан тиистэрэ биир тэҥ лэчигирээн көһүннүлэр.

– Дьэ, маладьыас киһигин, доҕоор. Бу тааскын миэхэ бэлэхтээ дуу?

– Ыл ээ, – уолчаан киһи күүппэтэх түргэнинэн чап гыннараат, сүүрэн тиийэн, Миитэрэйи кытта кэпсэтэ турар аҕатыгар сөрүөһүннэ.

– Лөгөнтөй, үчүгэй уолчааннаах эбиккин. Хойут киниттэн үчүгэй көмүс сонордьута тахсыыһы, – Бориска атын сиэтэн иһэн, быраһаайдаһан, илиитинэн далбаатаата. Айанньыттар Буйунданы өрө наҕыл хаамтарыынан ыллык тоҕойун, токурун ааҕа араастаан өҕүллэн субулла турдулар. Лөкөй оҕотунаан тиһэх ат бөлөх үөт кэннигэр сүтүөр диэри батыһа көрөн турдулар.

18

Уолаҕа Солобуйуоп атыыһыт олбуоругар тохтоотулар. Орто уҥуохтаах, халыҥ, киппэ эрээри түргэн хамсаныылаах киһи Борискалаах Сафейканы, былырыыҥҥы Шпак ындыыһыттарын, эндэппэккэ биллэ. Өртөн күүппүт курдук эҕэрдэлии тоһуйда. Бориска Солобуйуопка кинээһи билиһиннэрдэ. Туох соруктаах кэлбиттэрии аҕыйах тылынан кэпсээтэ. Түүлээх сураҕын истэн хаһаайын үөрбүтэ өтө билиннэ. Кэтит баппаҕайдарынан Сиидэр кинээс илиитин бобо тутан туран ибигирэппэхтээтэ. Тугу эрэ түргэн баҕайытык саҥаран куллугураабытын Бориска тылбаастаан биэрдэ.

– Кинээс тойон, эйигин кытта билсиһэрбиттэн олус үөрэбин. Хомойуох иһин, быйыл Кушнарев атыыһыт базатын пароходунан Халыма төрдүгэр көһөрбүтэ. Шпак соторутааҕыта табаарын онно илдьибитэ. Миэхэ кыра табаар баар, онон кэпсэтэн көрүөхпүтүн син. – Дьиэлээх атыыһыт көрүҥэр холооно суох түргэн туттунуулаах киһи буолла. Ындыылары тэҥҥэ көтөхсөн ампаарытар тастаран кэбистэ. Аттары сарай күлүгэр баайтарда. Суһаллык тардыллыбыт остуолга чэйгэ ыҥырда.

Киэһэ икки тойоҥҥо тылбаасчытынан Сафейка хаалла. Бориска Миитэрэй билэр ыалыгар барыста. Биэрэги батыһа дэриэбинэ хотугу уһугун диэки хаамыстылар. Муора кырылас таастаах сытыары биэрэккэ, ыаҕастаах уулуу, аатын эрэ дьалкылдьыйар. Сииктээх сиккиэр тыал сирэйгэ ибиирбэхтиир. Бысталаммыт сарадах былыттар быыстарынан киэһээҥҥи күн саһарҕата арҕааҥҥы кэрискэ хайалар кэтэхтэриттэн сандаара саһарар. Киэҥ хомону иилии эргийэр хайа соҕуруу уһуга тумустуу токуруйан киирэн, намтаан-синньээн муора мэндээрхэй урсунугар уйдаран турардыы тунаархай саҕахха сыыйыллаҕас күлүк буолан дьирбиилэнэн көстөр. Бориска кэннин хайыһан, чуумпурбут муора модун күөнүгэр килбэчийэ оонньуур сарыал чаҕылын, ыраас саҕахха кылдьыы курдук кырыыланан көстөр бүүрүк хайаны одуулаһан турбахтаата. Онтон киэҥ-киэҥник атыллаталаан, сис туттан холкутук хааман иһэр Миитэрэйи ситэн ылла. Уһук дьиэлэртэн иһирдьэ соҕус турар үүт бүтэй олбуордаах туруорбах балаҕаҥҥа киирдилэр. Ааны аһалларын кытта муннуларыгар буспут балык сыта билиннэ. Көмүлүөк оһох иннигэр улахан үскэл көрүҥнээх, кыырыктыйбыт баттахтаах оҕонньор олоппос өйөнөрүгэр сыҥаах баттанан аргынньахтаан олорор. Оһох чанчыгар, сирэйигэр көрүөхтэн ынырык, чэрдийбит баастаах хатыҥыр киһи сыпсынан чох ытыттаран ылан хамсатын уматта турар. Кэтэҕэриин ороҥҥо сэргэх сэбэрэлээх эдэрчи киһи кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн сытан, дьон киирбиттэригэр соһуйбут курдук тура эккирээтэ. Миитэрэйи билэн мичээрдээбитинэн утары кэллэ. Оҕонньор эмиэ олоппоһугар хонос гына түстэ. Хаҥас диэки, соҕуруокка кэннигэр, оҕолор тугу эрэ былдьаһан айдаарсаллар. Ону ханна баара көстүбэт дьахтар саҥата буойталыыр. Холумтаҥҥа улахан төгүрүк лэппиэскэ тимиргэ ыраахтан хатарылла турар.

Дьиэлээхтэр киирбит дьону кытта сахалыы сиэринэн иҥнигэһэ суох хардарыта тыл бырахсан кэпсэтэн-ипсэтэн, сонуннарын үллэстибитинэн бардылар. Ыалдьыттар сыгынньахтанан бу ыалга хонордуу оҥоһуннулар. Бориска кэпсээнин дьиэлээхтэр сонургуу иһиттилэр. Бодойбо курдук ыраах сиртэн кыһыл көмүс көрдүү кэлбиттэрин олус сөхтүлэр, сэҥээрдилэр. Бухатыырдыы көрүҥнээх дабдыгыраабыт оҕонньору саҥа ыалдьыт ордук астына көрдө.

– Мин эдэрбэр киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьыбыт киһибин. Бэйэбин кыанар, сырыыны-айаны тулуйар эрдэхпинэ Кылааннаах Ньукулайынан аатырарым. Билигин оҕонньор буолан бүдүгүрэн олордоҕум. Сүөһү үүрэн, таһаҕас түһэрсэ хаста даҕаны Маачаҕа тиийэн төннүбүтүм. Бүлүү куоратыгар тиийэ сылдьыбытым. Кэнники бу Макаардыын куорат атыыһыттарыгар ындыыһытынан Охуоскайынан, өймөкөөнүнэн, Кулуманан сылдьыталаабыппыт. Уруккута Дьокуускай олохтоохторо этибит. Кэлин тиһэҕэр бу дойдуга тэбиллэн, манна олохсуйбуппут уонтан тахса сыл буолла, – оҕонньор нүксүччү туттан туран, атах ороҥҥо утуйар таҥаһын анныгар тугу эрэ хаһыста.

Холтуунун булан аҕалан олоппоһугар төттөрү олордо. Холумтан таһыгар иттэ турар Борискаттан төбө быһаҕаһынан үрдүк, быдан халыҥ, модороон көрүҥнээх эбит. Ыалдьыт оҕонньору салла көрдө. «Сахаларга даҕаны күүстээх, бөдөҥ дьоннор аҕыйаҕа суохтар быһыылаах» дии санаата.

Кылааннаах билигин даҕаны киэбин-таһаатын сүтэрэ илик көрүҥнээх. Сааһа аҕыс уон иккитэ үһү. Иккиһэ даҕаны киһи астына көрөр көрүҥнээх, сайаҕас, дьэллэм тыллаах-өстөөх, көрсүө көрүҥнээх киһи үксүн наар сэҥээрэр, дьонун тэптэрэн кэпсэтиннэрэ олордо. Бу биэс уончалаах, эмиэ сырыыны-айаны элбэҕи көрсүбүт Мүөттээх Макаар диэн киһи эбит. Уонча сыл устата Кылааннаахтыын бииргэ Халыма, Өймөкөөн аартыктарын тэлбиттэрэ.

Улахан остуолу тула олорон буспут кэтэ балыгы сиэтилэр. Бориска миискэни толору тууһаммыт искэхтэн сөбүлээн сиэмэхтэстэ. Остуол баһыгар олорор, сирэйин бүүрэ тардан килэриччи оспут баастаах киһи аһыырытар айаҕын аанньа атыппат быһыылаах. Балыгы илдьи тыытан кыралаан миинигэр булкуйан хамыйаҕынан сиир. Хоноһолор харахтара киниэхэ хатанарын көрөн, Макаар тыл кыбытта.

– Бу биһиги ыалбыт, уруккута улуу булчут Ли Сюн. Урут баабыр кыыл тардан сэбэрэтин кэбилээбит. Ли, хата, олоруохтааҕар хоноһолорго мүччүргэннээх түбэлтэлэргиттэн кэпсээ эрэ.

Дьон кэпсээн истээри ах бардылар. Ли күлбүтүгэр сирэйин тириитэ бүрүтэ тыытан, бааһа өссө ордук ынырыктыйан көһүннэ. Кэмниэ-кэнэҕэс уһун умнастаах таас хамсатыгар табах уурунан ыһыырынньык уотугар уматынна. Сөтөллүмэхтээн баран, кэһиэхтээх синньигэс куолаһынан саҥаран барда.

– Мин өр сыл устатыгар кулааһай табалары бултаһар идэлэммитим. Эдэр кулааһай кытаата илик эттээх муоһа улахан сыанаҕа турара. Ол сылдьан араас быһылааннарга түбэспитим элбэх. Хаста даҕаны эһэни, баабыр кыылы көрсүтэлээн турабын. Өлө сыспыт түбэлтэм үгүс этэ. Олортон бу кэнники көрсүбүт кыылым маннык кэбилээтэ, – Ли көрүҥ диэбиттии тохтоон дьонун диэки мылах гынна, хамсатын оборбохтоото. Уонна кэпсээнин салҕаан барда. – Ол сыл кулааһай элбэх этэ. Мин күһүн маҥнайгы хаар кэнниттэн икки кыылга түбэһэн биирдэрин охторон баран, иккиһин бааһырдан ыыттым. Маҥнайгы кыылбын түргэнник астаан лаабыстаан кэбистим. Аһыы түһээт, кыра үтэ эт ылынан иккис кулааһайбын суоллаатым. Ыраах сири бардым. Кыылым улаханнык хаанырбыт эрээри, тохтообокко сиэлэ былаастаан хааман бара турбут. Киэһэрэн барда. Тохтоон, хонорго сөп этэ буолан баран, тоҕо эрэ миэхэ күрэхтээх санаа киирэн, өссө даҕаны хатыһан туран батыһан истим. Сотору кыылым суола үрдүк мырааны таҥнары түһэн улахан өрүс хочотугар киирдэ. Мин өрүскэ диэри батыһарга сананным. Мырааны таҥнары түһэн, сэдэх мастаах маардары туораталаатым. Ол иһэн маар быыһынааҕы ойуурга киирбитим, кыылбын баабыр суола батыспыт. Мин саабын бэлэмнэнним. Төһө да дьулайдарбын, урут хаста да баабыры бултаһан турардаахпын. Киэһээҥҥи барыамах түстэ. Ол да буоллар хонук сирбэр, өрүс үрдүгэр тиийэргэ сананным. Үрдүк сөкү оттоох бөлөх-бөлөх талах ойуурдаах күөл баһыгар кэлиибэр, баабырым суола хаҥас диэки туораабыт. Кулааһай сөкүнү силэйэн уҥуоргу тыаҕа тахсыбыт. Баабыр киһи иһэрин биллэҕинэ, туораан чуҥнааччы. Саам сомуогун туруоран ытарга бэлэмнэнним. Мас-от аанньа көстүбэт буола хараҥаран барда. Аҕыйахта хардыылаат, баабыр суолун эмиэ көрдүм. Бу сырыыга кэлэн уҥа диэки быһа охсон туораабыт. Ол курдук сөкү ортотугар киириэхпэр диэри хаста даҕаны төттөрү-таары ааһыталаабыт. Мин ыксаатым. Муҥ саатар сөкү ортотугар киирэн биэрдим. Хайа өттүбүттэн түһэрэ биллибэт. Оттон миэхэ хаххаланарбар туох да мас-от суох. Сатаан бардахха, аһаҕас сир буолан, тыал суугуна тыас ылары мэһэйдиир. Бу түгэҥҥэ саба түһүөхтээҕин мин эппинэн-хааммынан сэрэйдим. Ону адьырҕам уодаһыннаах санаатыттан биллим. Миигин муннаран уонна уолутаары суолун хаста даҕаны төттөрү үктээн ааһыталаабыт. Тыҥааһын улаатта. Тымныы ууну испит курдук, уҥуоҕум салҕалас буолла. Оттон бэйэм тириттим. Быһахпын ылан тииспэр ытырдым. Бэркэ сэрэнэн иннибин-кэннибин кэтэнэн сөкүттэн тахса охсор баҕалаах баран истим. Туораатарбын эрэ тыа саҕатыгар тахсан уот оттунар санаалаахпын. Уот туһунан санаат, сөкүнү уматаары хатаппын ылан эрдэхпинэ, кэннибэр от кэһиллэр суугунас тыаһа иһилиннэ. Мин эмискэ эргиллэрбэр, атахпын окко эрийэ үктээн, тэмтэрийэн тиэрэ баран иһэн көрбүтүм, кэннибиттэн ойоҕолуу соҕус хара күлүк сөкү быыһынан көстөр халлаан лоскуйун сабардаан үрдүбэр түһэн эрэр эбит. Сатаатахха төттөрү өттүбүнэн эргиллэн, кыылым күлүгэ хаҥас өҥүс баһым туһаайыытынан буолла. Мин охтон иһэн иэҕиллэн, куһу күөрэтэр курдук иннинэн соҕус туһаайан чыыбыспын тардан кэбистим. Алыс иннинэн көрөн кэбиспиппин, сыыстым быһыылаах. Дьэ, өллөҕүм диэн санаа төбөбөр охсуллан ааста. Ол икки ардыгар сирэйим, куйахам биирдэ атый гынан, уҥуох алдьанар тыаһа «харк» гына түстэ, ханна да барбыппын билиминэ хааллым. Биирдэ өйдөнөн кэлбитим, хабыс-хараҥа. Сирэйим, куйахам уотунан аһыйар. Хаҥас илиим хамсаппат буолбут. Бастаан ханна баарбын, туох буолбуппун билбэтим. Онтон сыыйа барытын өйдөөн кэллим. Өндөйөн көрбүтүм, аттыбар хара күлүк тыыллан сытар. Сыыспатах эбиппин ээ диэн үөрэ санаатым. Онтон сэрэнэн олордум. Өлүөр илиибинэн төбөбүн туттубутум, балай да хаан бөлүөхсэн хаалбыт. Сирэйим уонна куйахам уотунан салаһар. Баабыр төбөбүн хадьырыйан эрэрин чуолкай өйдүүбүн. Туох эрэ алдьанар тыаһын истибитим ээ. Аҥаар харахпын хааным бүөлээбитин ыраастанным. Ырбаахым эҥэрин хайа тардан ылан сэрэнэн сирэйим, кэтэҕим хаанын соттубута буоллум. Хата, хараҕым дэҥнэммэтэҕиттэн үөрдүм. Сыылан тиийэн, кыылбын бигээн көрбүтүм, хамсаабат буола көһүйэн хаалбыт. Сирийэн көрүөхпүн хараҥата бэрт. Илиим иминэн харбыалаһан саабын буллум. Нэһиилэ атахпар туран тыа саҕатыгар таҕыстым. Күүспүн мунньунан мас, мутук хомуйан уот оттон итинним. Ол түүнү быһа хараҥаҕа харбыалаһан мас көрдөөн, уот оттор кыһалҕатыгар түстүм. Ол үрдүнэн олус тоҥнум. Күн тахсыбытыгар эрэ кыратык нуктуу түһэн ыллым. Уһуктубутум, баастарым көһүүкээн адьас хамсаппаттар. Сирэйим бүрүтэ тыытара сүрдээх. Туран кыылбын баран сырдыкка көрбүтүм, айаҕын аллаччы атан кэбиспит. Арай сыҥааҕын икки ардыгар тэптиргэ мас угуллубут. Дьиибэргээн харахпын соттумахтаатым. Ол-бу диэки көрүөлээтим. Ким угуон сөбүй? Онтон тутан көрбүтүм быһаҕым эбит. Тимирэ көстүбэт гына хаан буолбут. Уһугунан таҥалайыгар батары киирбит. Нэһиилэ арааран ыллым. Сирийэн көрбүтүм, буулдьам адьырҕа сыҥааҕын уҥуоҕун үлтү тэбэн, кэтэҕинэн тахсыбыт. Онно өйдөөтүм. Били мин төбөбүн хадьырыйарыгар, ытыра сылдьыбыт быһаҕым тэптиргэ буолбут, алдьаммыт сыҥааҕа ыллан хаалбыт. Ол тыаһын истэн аһарбыт эбиппин. Икки иэдэспин, кэтэҕим аһын аһыыларынан сиирэ тардыбыт этэ. Онтукаларым бу бүүрэ тарда оһоннор, аһыырбар эрэйдэнэбин. Мөхсөрүгэр бүлгүммүн илдьи охсубут быһыылааҕа. Уҥуоҕум бүтүн буолан, үчүгэйдик оспута, – Ли истээччилэрин итэҕэйдилэр дуу, суох дуу диэбиттии эргиччи көрүтэлээтэ. Ыһыырынньык симик уотугар сирэйин баастара туоһу буолардыы килэрийэн көһүннүлэр. Истээччилэр дуоһуйбуттуу өрүтэ тыыммахтаатылар. Хатыҥыр кыра киһини сөҕө көрдүлэр.

– Кэлин бултуурбун быраҕан балыктыыр пароходтарга поварынан сылдьыбытым. Кырдьан баран, бу дойдуга уолбар кэлбитим биэс-алта сыл буолла, – диэн, санаарҕаабыттыы өрө тыынан кэбистэ.

19

Сарсыарда хоноһолорго анаан эһэ этин ыргыччы буһардылар. Сэлиэһинэй лэппиэскэтин ылтаһын тэриэлкэҕэ кырбаан кэбистилэр. Остуол аҥаар уһугар улахан алтан сылабаары ыадаччы туруордулар.

– Бу тыатааҕыны быйыл бултаатыгыт дуо? – Миитэрэй сыа быыстарайдаах сымнаҕас эт куһуогун ылан, лэппиэскэ үрдүгэр чараас чараастык сытыы быһаҕынан элийэ олордо.

– Аҕыйах хонуктааҕыта кытылтан икки кыылы бултаатыбыт. Саас муораҕа балыктаан сии киирээччилэр. Сыл аайы баччаларга биһиги өрүүтүн бултаһааччыбыт. Ити бэҕэһээ киэһэ Ли эһэ үөһэ ылаары киирэ сылдьыбыта, – Макаар холку намыын куолаһынан сэмээр кэпсии олордо.

– Биһиги сааспытыгар кыһыл көмүс үлэтигэр сыстыбатах дьоммут. Тугу билээхтиэхпитий? Кулумаҕа көмүс баарын-суоҕун туһунан. Ол эрээри эһиги идэтийбит дьон мэлийбит эбиккит. Оттон Лөкөй хантан булбутай? Ама, ол соҕотох куһуогунан бүппүтэ буолуо дуо? Дьэ, дьиибэ эбит, – Кылааннаах кимиэхэ да туһаайан эппэккэ, дабдыгырыы олордо.

– Сөпкө этэҕин, итиччэ киэҥ дойду биир куһуок кыһыл көмүһүнэн муҥурдамматаҕа чахчы. Кини хайаан да баара саарбаҕа суох. «Суолун», олус бытархай да буоллар, аҕыйаҕы көрдүбүт. Өлгөмнүк үөскээн сытар сирин таба тайанар кыаллыа суох быһыылаах, – Бориска аргыый аҕайдык үҥсэргээбиттии хоруйдаата. Сыалаах эти сиэн ньалҕарыйбыт уоһун, бытыгын соттумахтаата.

– Кэлэр кыһын үлэлиир санаалааххыт дуу? – Макаар сэҥээрэн ыйытта.

– Эмиэ сордоһон көрөрбүт буолуо. Бэйэм баҕам оннук. Киһим туох диир.

– Буолаахтаамына. Оо, дьэ биһиги дойдубут киэҥ сир. Лаппаакынан оймоон, хойгуонан ойутан көрдүөх диэтэххэ, сыарҕалаах окко иннэни көрдүүр кэриэтэ буолуо ээ. Манна Охуоскай бириискэлэригэр үлэлээбиттэрэ ыраатта да, соччо өнүйбэтилэр быһыылаах, – хас да сиринэн үүдэһиннээх улахан чааскытыгар Кылааннаах бэһис төгүлүн чэй куттарбытын Бориска сөҕө көрдө.

– Эһиги дойдугут былаана, хайаларын быһыыта киһини кэрэхсэтэрэ элбэх. Тоҕо эрэ мин санаам тохтуур. Эрэйдэнэрбин даҕаны кэрэйиэ суох курдукпун.

– Хоһуун, сылайбат сүрэхтээх эр бэртэрэ эбиккит. Кытаатыҥ, санааҕытын ситиһиҥ. Дьол-соргу тосхойдун. Кыһыылаах, эдэрим эбитэ буоллар, бэйэм кытта барсан үлэлэһиэм этэ.

– Үтүө санаалаах кырдьаҕаас, алгыс тылгар, ыраас санааҕар махтанабын. Дьиҥин эттэххэ, биһиги байан-тайан барар элбэх көмүһү буларбыт биллибэт. Саатар эрэйбитин төлөтөр кыраны эмэни булларбыт, онтуҥ кэнэҕэс атын дьон утумнаан үлэлииллэригэр төрүөт буолуо этэ.

Хоноһолор чэйдээт, дьиэлээхтэри кытта быраһаайдаһан, дьонноругар бардылар. Бөлүүн кыратык ардаабыт. Халлаан иэдьэгэйдиҥи саһархай халыҥ былыттарынан бүрүллэн, күлүгүрэн турар. Өссө даҕаны эрдэ. Ыаллар саҥардыы туруталаан эрэллэр. Ханна эрэ сөҥ куоластаах ыт үрэн моргуйар. Муораттан сииктээх сөрүүн салгын аҥылыйар.

Атыыһыттар уопсай тылларын булсубуттар быһыылаах. Ампаардар ааннара аһаҕас. Табаардарын мэнэйдэһэн киирэ-тахса сылдьаллар. Сиидэр кинээс сүргэтэ көтөҕүллүбүт. Үгэргиирдии үрүт-үөһэ ыйыталаста.

– Ок, мин эрэттэрим номнуо кэллилэр. Хайа төһө бэрт ыалга хоннугут? Туту күндүлэттигит-маанылаттыгыт? – кэрэхсээбэт эрээри таах ыйытан кэбиспитин кэмсиммиттии, эппиэт күүппэккэ тутатына дьаһайсыбытынан барда.

– Миитэрээй, кэл эрэ, эн биһиги ындыыларбытын бэлэмниэх. Оттон эһиги эрэттэр, аттаргытын тутуталааҥ. Бүгүн төннүө этибит.

– Оттон эһиги төһө бэрт ыалга хоннугут? Төһө күндүлэттигит? – Бориска сэргэ хаамсан иһэн, кинээһи үтүктэн Сафейкаттан ыйытта.

– Күндүлээһин-маанылааһын чааһа баһаам. Хаһаайын өлгөм күндү түүлээҕи көрөн уҥуоҕа хамсыар диэри үөрбүт. Киэһэ ас, арыгы бөҕөнү тэрийдэ. Түүн үөһүгэр диэри быһа кэпсэтэн, торгуйдаһан таҕыстылар. Кинээс даҕаны төбөлөөх, киитэрэй киһи эбит. Арыгыны итирэр гына испэтэ. Кэпсэтиитигэр даҕаны баһыйтарбата. Өссө инники өттүгэр бииргэ эргиниэх буолан илии тутустулар.

– Сафи, биһиги хайдах былааннанабыт. Хамнаспыт суотугар эбии тэрил, ас-таҥас булунан Сиридикээммитигэр төннөн көрөрбүт дуу? Эн саныаххар хайдаҕый?

Сафейка, дьиҥинэн, Сиридикээҥҥэ төннүөн саллар этэ. Былырыын уһун кыһыны быһа биир даҕаны киһини көрсүбэккэ иккиэйэҕин чуҥкуйан олорбуттарын санаатаҕына, сүрэҕэ ытырбахтыыр. Ол тухары биирдэ амтаннаах аһы аһаабакка, аанньа сууммакка-тарааммакка, куруук күүстээх, ыарахан үлэҕэ мискиллэн туох даҕаны түмүгү ситиспэтилэр.

Охотскайга хаалан, кэм дьон-сэргэ ортотугар сылдьан үлэлэһэн көрүөххэ баара. Тоҕо ала-чуо биһиги дьонтон туораан кураанах сири хасыһыахтаахпытый? Кыһын ортото быстаран эбэтэр ыалдьан-сүтэн хаалыахха эмиэ сөп. Быһаас оттон өлө сыспыттара дии. Дьолго Лөкөй Лөгөнтөй баар буолан быыһаммыттара.

Сафейка толуннар даҕаны, дьиксинэр санаатын доҕоругар иһитиннэрдэҕинэ сатаныыһы. Саараабыттыы ол-бу диэки көрүтэлээтэ. Тирии хортууһун өрө сэгэтэн, тириппит сүүһүн тарбаамахтаата. Күөмэйин оҥостордуу көхсүн этиппэхтээтэ. Кэһиэҕирбит, симик куолаһынан саҥара истэ.

– Бари, Сиридикээҥҥэ биһиги сөбүн биир сыл эрэйбитин буорга көмнүбүт дии. Ити иччитэх дойдуга тиийэн быстаран өлүөхпүт. Быһааскы түбэлтэ хатыланыан сөп. Ол аайы куруук Лөкөй Лөгөнтөй көмөтүгэр эрэнэр сатаммат. Ол кэриэтин дьонноох-сэргэлээх сиргэ, маннааҕы бириискэлэргэ хаалан кыра да буоллар кэм хамнас аахсан үлэлээн көрбөппүт дуо?

Бориска доҕорун ис санаатын бэйэтэ даҕаны бүтэйдии сэрэйэр этэ. Онон ити этиини соһуйа истибэтэ.

– Сафи, эн этэргин олус өйдүүбүн. Сөпкө этэҕин, кырдьык, маҥнайгы сыллаах эрэйбит тиллибэтэ. Ол эрээри мин эрэлбин сүтэрэ иликпин. Былырыын биһиги кураанах сиргэ хаспыппыт. Быйыл атын сиргэ көрдүөхпүт. Хайа уонна оттон Туора салааҕа уонча ииммит кумаҕын сууйуохпут этэ дии. Хайа дьолбутун онтон булаайабытый?

Балачча саҥата суох истилэр. Бориска доҕорун диэки чинчилээбит хараҕынан көрөн ылла. Долгуйбуттуу хара, хойуу бытыгын мускуммахтаата. Уулаах аппаны батыһа үүммүт бөлкөй талахтар кэннилэригэр күөх алыыга аттара аһыы сылдьаллара көһүннэ. Сафейка кэрискэ хайалар үрдүлэринэн саҕахха тунаарар боруҥуй былыттар диэки санаарҕаабыттыы көрөн кэбистэ.

– Эн курдук күүскэ эрэнэрим буоллар, мин даҕаны төннөргө саарыам суоҕа этэ. Туора салаабыт эмиэ былырыыҥҥыбыт курдук аҕыйах кыырпаҕынан муҥурданаарай? Уонна мин киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ уһуннук тулуйан сылдьыа суохпун.

– Санааҕын аһаҕастык эппитиҥ үчүгэй. Миигин даҕаны чуҥкуйбат диэтэҕиҥ дуу? Сафи, эн биһикки сааспыт тухары көмүс үлэһиттэрэбит. Көмүсчүттэр хайаан даҕаны эрэл сулустаах буолуохтаахтар. Биһиги сулуспут – Халыма. Манна хааллахпытына саллаакка ылыахтарын сөп. Сэриигэ баран өлүөхпүт кэриэтин, бэйэбит үүтээммитигэр бүгэн олорбуппут ордук буолаарай? Наадыйдахтарына биһигини киэҥ тайҕаттан көрдөөн ыллынар ээ.

Сафейка саҥата суох умса көрөн истэ. Кырдьык даҕаны, кини сэрии туһунан букатын умнан кэбиспит эбит. Мантан саллаакка кэбэҕэстик ылыахтарын сөп. Кини эмиэ Бориска курдук сэриигэ баран сэймэктэниэн баҕарбат. Сафейка сыыйа төбөтүн өрө көтөҕөн, доҕорун диэки сэмэйдик мичилийэн ылбытыгар, сирэйэ сырдыы түһэргэ дылы гынна.

Бориска махтаммыттыы кинини санныттан кууһан ылла.

20

Халыма кылгас сайынын оройо. От үлэтин үгэнэ. Борискалаах Сафи Миитэрэйи кытта Балыгычаан төрдүгэр биир отууга хоно сылдьан оттууллар. Быйыл сааскы өттө ардахтаах буолан, от үүнүүтэ өлгөм. Уонча хонук иһигэр үс сүүсчэкэ бугулу туруордулар. Бориска ыстаанын таһынан түһэрбит кыһыл ырбаахытын уолугун нэлэккэйдэнэн, көнөтүк хоноччу тутта сылдьан, кырыытынан кыараҕас-кыараҕастык хааман «битийэн» охсор. Сафейка Миитэрэйи үтүктэн, умса түһэн имиллэҥнээн бытааннык барар. Үһүөн дьүккүөрдээхтик илиилэрин араарбакка үлэлииллэр.

Уолаттар тойонноро санаа хоту табыгастаахтык эргинэн кэлэн, бэркэ көнньүөрэн сылдьар. Аҕыс акка ыҥырдан таһаарбыт табаарынан эргинэн, күн аайы дьиэтин таһыгар дьон бөҕө тоҕуоруйар. Кыһыны быһа чэйэ, табаҕа суох муунтуйбут дьон хабалаҕа киирэллэрин кэрэйбэттэр, иэс ылан бараллар.

Борискалаах хамнастарын аахсан, биир куул бурдугу, балайда чэй, табах, саахар, сэп-сэбиргэл, быа-туһах, таҥас ылынан, биир акка ыҥырдан, сорҕотун миинэр аттарыгар төргүүлээн таһаарбыттара. Сэйимчээнтэн тута төннөөрү санаммыттарын, кинээс хаайан туран көрдөспүтэ.

– Дьэ, ол Сиридикээн буора ханна да куотуо суоҕа. Күһүн сир ириитэ хаспыккыт ордук буолуоҕа. Билигин миэхэ окко үлэлэһэн барыҥ. Үчүгэйдик үлэлээтэххитинэ борооскулаах ынаҕы биэриэм. Оччоҕо баҕар Сэйимчээҥҥэ хаалан ойохто ылан ыал буолуҥ. Кыргыттары да булан биэриэм, – диэн барыны бары биэриэх буолан арахсыбакка хаайбыта.

Дьон били кыһын хостообут кумахтарын сууйан, түмүгүн билэ охсор баҕалаахтар этэ да, тойон тылын ылымматахха, ол кэлин иэстэбиллээх буолара чахчы. Хайыахтарай, буор аата буор, тойон этэринии күһүҥҥэ диэри күүтэригэр тиийэр, онон хааларга сөбүлэспиттэрэ.

Күнүскү омурҕан буолан отчуттар үрэх үрдүгэр ойуччу турар отууларын диэки хаамыстылар. Чаҕылхай күн уотунан сырайар. Кыра да салгына суох бүтэй куйаас бүрүүкээтэ. Бориска этэ көймөстөн суунаары быһа үрэххэ киирдэ. Үрэх төрдүгэр тумустаан турар эмпэрэ тааһы эргийэ хаамта. Бокуойа суох сототун ортотугар диэри ууга киирэн ыраас, тымныы уунан дуоһуйуор диэри, тыбыыра-тыбыыра суунан булумахтанна. Кытыыга тахсан ырбаахытын эҥэринэн сирэйин сотто туран, хараҕын кырыытынан эмпэрэ тэллэҕэр кыстана сытар хараҥа өҥнөөх туох эрэ ойуулаах чараас билиигэ таастары дьиибэргии көрдө. Биир обургу чараас куһуогу сулбу тардан ылла. Таас үрдүгэр элбэх баҕайы кулахыттан эрэ обургу туох эрэ үөннэрэ лаглаҕай курдук, үрүт үрдүлэригэр кэлимсэ тааһыран хаалбыттар. Дьиҥнээх муораҕа үөскүүр, хаалаах үөннэр курдук дьураалаахтар, тумустаахтар. Барыта чуолкай баҕайы ырылыччы көстө сылдьаллар. Тоҕо дьиибэтэй? Атын таастары ылан көрбүтэ, эмиэ биир үкчү элбэх үөннээхтэр. Бориска урут манныгы көрө илигэ да, сорох таастарга үөннэр баар буолалларын бириискэҕэ сылдьан истэрэ. Ол былыргы муора олохтоохторун уу түгэҕэр сөҥөн хаалбыт тобохторо муора көспүтүн кэннэ хас эмэ уонунан, сүүһүнэн мөлүйүөн сыллар усталарыгар сир анныгар улахан дириҥҥэ көмүллэн тааһыран хаалаллар үһү. Ону кэлин өрүс уута хайа охсон суурайан, сир үрдүгэр тахсар дииллэрэ. Оннук үөннэр хайа кэмҥэ үөскүү сылдьыбыттарынан сылыктаан, сири үөрэтэр аналлаах үөрэхтээх дьон ол таастар саастарын быһаараллар үһү. Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта Черскэй диэн үөрэхтээх киһи Халыма устун кэлэн ааспытын туһунан Сэйимчээн олохтоохторо кэпсээбиттэрин санаан кэллэ. Ол киһи бука маннык таастары эмиэ булбута эбитэ буолуо. Бориска хас даҕаны куһуок тааһы ылан дьонугар көрдөрө илдьэ барда. Миитэрэй чаанньык оргута охсубут. Сафейка отуу күлүгэр аһын бэлэмнии сылдьар.

– Көрүҥ эрэ, мин тугу булбуппун, – Бориска сэрэнэн таастарын дьонун иннигэр кэккэлэтэ уурда.

– Бу туохтарый, үөннэр дуу? Хайдах маннык тааһыран хаалбыттара буолуой? – Сафейка таастарын ылан, олбу-солбу чинчийэ олордо. Миитэрэй куттаммыт киэҥ харахтарынан Борисканы уорбалаабыттыы көрүтэлээтэ.

– Тыый, бу таастары хантан ыллыҥ?

– Үрэх төрдүнээҕи эмпэрэ анныттан. Туохха миигин уорбалаатыҥ, Миитэрээй?

– Оттон бу кыһын Тысхаан ойуун тааһырдыбыт үөннэрэ үкчү манныктар этэ дии.

– Тугу, тугу саҥараҕын, Миитэрээй? Киһи өйдүүр гына кэпсиэххин, – Бориска соһуйан өрүкүйэ түстэ.

– Ээ… бу кыһын Сэйимчээҥҥэ биир киһи таарымталанан ыалдьыбыта. Ону ойуун эмтээбитэ.

– Но, хайдах эмтээбитэй? – Сафейка сэргэҕэлээн ыйытта.

Миитэрэй аны ким эмэ истиэ диэбиттии эргим-ургум көрүннэ. Сибигинэйэ былаастаан аргыый кэпсээн барда. Кини хараҕар кыһыҥҥы хараҥа киэһэ кыракый балаҕан иһигэр, лыык курдук мустубут дьон ортотугар Тысхаан ойуун кыыран дьуһүлэнэ турара бу баардыы көһүннэ. Кэтэҕэриин ороҥҥо ыарыһах киһи уһуутаан кэбиһэ-кэбиһэ, мөхсөн өрө эргичиҥнии сытар. Кыыран бүтэригэр ойуун үрдүгэр саба барыйан туран абааһыларын ыҥыран алҕаан, көрдөһөн баран чыпчырына-чыпчырына былаайаҕынан дүҥүрүн тоҥсуйбутугар, иһиттэн таас түһэн кэлбитэ. Ол тааһы үөрэн-көтөн ыарыһахха үҥүлүтэн көрдөрө-көрдөрө, кэһиэхтээх сөҥ куолаһынан кутуран ордоотуу, биир сиргэ бэдьэҥнии, битийэ турбута.

 
Дьэ, нохойдоон,
Тостубат тоноҕостоох,
Тэстибэт үөстээх,
Өлбөт оҥоһуулаах,
Уһун үйэлээх
Уол оҕо
Одьунааһа эбиккин.
Көр бу!
Хайҕахтаах хара быаргар
Хам хатанан
Хара хааҥҥын
Харса суох уулаабыт
Хара куйукта үөннэри
Биири да ордорбокко
Суптурута оборон,
Ылҕаан ыламмын,
Хаһан даҕаны тиллибэт
Хара бэлиэ буоллунар диэммин
Сымара тааска
Хам симэн
Тааһырдан кэбистим.
 

Онтон дьон диэки эргиллэн иччитэ суох дьэҥкир харахтарынан өһүөннээбиттии диэличчи көрүтэлээт, салгыы саҥаран барбыта.

 
Бу тааһы
Хаардаах уулаах
Хаҥыл үрэх
Халыан элбэх
Хара тааһын
Халыҥ дьапталҕатыгар
Хаһан эмэ
Көрөр буоллаххытына
Халты хаамаарыҥ,
Харбаан ыллаххытына
Хаттаан эргийиэ.
Ону оройдооҥ, одууласпат буолуҥ,
Толкуйдааҥ, туппат буолуҥ, –
 

диэн эҥсилгэннээхтик энэлийэн, суостаахтык суоһурҕанан олорор дьону өтөрүтэ көрүтэлээт, үөннээх тааһы көрдөрө-көрдөрө, эргиччи хаамыталаабыта.

– Ол тааһа үөннүүн-күрдьэҕэлиин үкчү бу балар курдук этэ. Эн бостуой бу таастары ылбыккын, – Миитэрэй кыайан көннөрүллүбэт ыар алҕас тахсыбытыттан хараастан нэһиилэ саҥарда. – Өссө ким бу тааһы илиитигэр ылбыт, тарбахтара такыччы тардыа, үөннэрэ тиллэн бэйэтигэр көһүө, – диэн эппитэ.

Борискалаах Сафейка бэркиһээбиттэрэ бэрдиттэн туох да диэн этиэхтэрин булбакка, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. Саҥата суох аһыы олордулар. Миитэрэй айаҕар туох да куһуогун ылбакка кытыйалаах чэйин бүлүүһэ курдук үс тарбаҕын үрдүгэр күөрэччи тутан, биир сири тобулу көрөн олорон, тугу эрэ саныырдыы, чараас уостарынан чаастатык сыпсырыйбахтыыр.

– Тууй-сиэ, сүрдээх да киитэрэй оҕонньор эбит. Бу албыннаатаҕа сүрүн! Булугас өйүн иһин мин кинини өссө ытыктыах курдукпун, – Сафейка сөҕөн икки ньилбэгин тыастаахтык охсунна. Көхсүн этитэн, саҥа аллайда. Бориска сөбүлэһэн саҥата суох мүчүҥнээн ылла, төбөтүн кэҕиҥнэттэ. Онтон сонньуйбуттуу эбэн эттэ.

– Ойуун өйүнээҕэр дьон хараҥата, кэнэнэ киһини сөхтөрөр. Ону таба туһанан талбытынан албыннаан, дьаһайан эрдэҕэ дии.

– Бээрэ, эһиги тугу-тугу саҥараҕыт? Ким тугу албыннаабытын этэҕит? Хайа мээнэ тыллаһаргыт сэттээх-сэлээннээх буолаарай? Эчи, куттаммаккыт даҕаны бэрдэ, – дьоно ити үлүгэрдээх улахан аньыыны оҥорон баран, өссө элэктээх кэпсэтиилэриттэн Миитэрэй кыйаханыах курдук буолан барда. Сафейка тугу эрэ этээри өрө хонойон эрдэҕинэ, Бориска саба сапсыйан кэбистэ. Бэркэ дуоспуруннанан Миитэрэйи утары көрөн олорон, хас тылын барытын ыараҥнатан, саҥаран барда.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации