Текст книги "Таптал уонна дьүккүөр"
Автор книги: Гавриил Адамов-Сайдам
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 6 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
14
– Бэриэт, дьэ, бэлиэтэн, кумааҕыта ыл, – Владимир Ефимович өҥөлөһөрүнэн өттөйөн дьээбэлэнэрэ киирбитэ. Дьоһуннанан олорон төлөпүөнүнэн дьаһайбыта. – Туох даа? Хайдах кумааҕыта суох, маннык улахан историческай түгэни? Үтүө айылааҕын буоллар улахан, былыргы амбаарнай тэтэрээти булан онно сурунуоҥ этэ. Суруй, 2009 сыл, олунньу, – ити тыллары этээт, күлэн тоҕо барбыта, онтон уоскуйан, – чэ, Бэриэт мунньахпыт буолар буолла. Кэлэр ый, олунньу саҥатыгар. Күнүн-дьылын чуол-кайдыахтара, этиэм. Үчүгэйдик бэлэмнэн. Бырайыак көмүскэлэ диэни миигиннээҕэр ордук билэриҥ чуолкай. Оннооҕор космическай сибээһи тупсарыыны көмүскээбит киһи буоллаҕыҥ дии…
Ситэри олох да көмүскээбэтэҕим буоллар?! Көрдөһөн-ааттаһан, этиһэн-охсуһан туран эрэйи булан ылыы диэн итини ааттаан эрэллэр ини. Көстөн турар көдьүүһү, чэпчэки сыананы, дьэ, утарсыы гиэнэ алдьархайа. Ити бырайыактыыр институттар оҥорор үлэлэрин тоҕо үлэ киһитигэр анаан, арыый судургутан, ордук табыгастааҕа буолаарай диэн өйүнэн салайтаран оҥорботторо буолуой, ээ? Мин биллэхпинэ саамай ыарахана уонна исхиэмэтэ эриэхэбэйэ манан буолаарай диэн тобула сатыыр курдуктар. Оо, дьэ, харчы туһугар хараҥарыы буолбут эбит! Хайдах эмэ гынан ыарата сатаан харчыны эрэ баһыахха диэн санаа бүрүүкээбит. Ол чахчы олохсуйбут. Атын да бырайыактар итинтэн туох атыннаах үһүлэр. Эккирэтиһии, ситиһэ сатыыр суол соруга биир – харчы уонна харчы!
Онтон атыны харахтарыгар көрбөт буолбуттар, аныгы үйэ өйдөөхтөрө. Дьэ, муода – эмиэ ыстандаар диэн тыл син биир инники сылдьар. Ол аата ыстандаартан атыннык сатаммат! Сатанарын илэ билэ, көрө олорон итинник син биир сатаммат диэхтээххин. Дьэ, доҕоор, оттон сайдыы суолун тобулууну урукку сэбиэскэй тутул мэһэйдээн олорбута диэн айах хайдарынан хаһыытыы олорон аныгы кэмҥэ туох да мэһэйи тэрийбэтиннэр ээ. Сатанар, табыллар, көдьүүс баар буолла – баһаалыста. Бүттэҕэ дии. Суох, син биир табыллыбатын эрэ тобула сатаан ону ситиһии. Тойон-хотун эрэ ону билэллэр, быһаараллар. Быһаарыллыбыты утарар, сыыһа диэн ыйар буруйга тэҥнээх. Оо, дьэ, киһи туох диэх эбитэ буолла…
Алдьархай, накаас да буолар эбит, оттон. Ити барыта итинник салҕанан бара туруох бэйэтэ дуу, тугуй?!
Бэриэт Сиидэрэбис бэйэтэ да баҕарбатын үрдүнэн араас санаалар хара күүстэринэн киирэн кэлэллэрэ уонна кини кыракый төбөтүн иһигэр мунан хаалан баран, тахсар сирдэрин булбакка будулуйаллара. Эмчиттэр оннук быһыыны-майгыны төһө да бобо сатаабыттарын иһин кыйахаммыт, абарбыт уоҕун, үлүскэнигэр бэйэтэ даҕаны кинилэри кыйдыы сатаабат буолан хаалара.
Кини оронугар эргичиҥнии сытан сиэннэрин санаан өйө-санаата манньыйбыта, сымнаабыта. Ол сытан утуйуон, сынньаныан баҕарбытын билбитэ. Онно сөбүлэһэн хараҕын быһа симмитэ.
* * *
– Бүгүҥҥү сүбэ түмсүүгэ дьүүллэһэр боппуруос биир. Бэриэт Сиидэрэбис Түбүктээхэп бэйэтэ оҥорбут, 25 төбө сүөһүгэ аналлаах хотонун бырайыагын ырытыы, сыаналааһын, – тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Петр Николаевич Петров мунньаҕы саҕалаабыта уонна киирии тылга Бэриэт туһунан киэҥ соҕустук сырдаппыта. Олох мээнэ киһи кэлэн олорор буолбатаҕын өйдөппүтэ. – Онон тылы биэрэбин Бэриэт Сиидэрэбискэ.
Түбүктээхэп бырайыагы оҥорорго, бастатан туран, хотон сыанатыгар, онтон үлэ киһитигэр табыгастаах буоларыгар болҕомтотун уурбутун эппитэ. Каркаснай-разборнай тутуу сүрүн матырыйаала сэндвич-панель. Атына хаптаһын буолан үлэһит илистибэккэ үлэлиир. Түннүктэр улаханнара сырдыгы дэлэтиигэ көмөлөөх. Подсобнай хос-торго сынньанар, аһыыр, таҥаһы уларыттар кыах баар. Хаһаайыстыбаннай блокка ууну сылытар баах, электро-мотуордар, носуостар соруктарын быһаарбыта. Ынах сааҕын көлүөһэлээх таачыканан таһаарыыга киһи улахан эрэйи көрсүбэт. Уопсай сыаната сэттэ мөлүйүөнтэн чорбойор.
Дьүүлгэ-дьүһүҥҥэ бастакынан бырайыактыыр институттар салайааччылара кыттыбыттара.
Тихон Степанович бырайыактыыр үлэҕэ судаарыстыбаннай ыстандаартар тутуһуллар ирдэбиллэрин эппитэ. Бэриэт хаптаһыннары сүрүн матырыйаал оҥостубутун быстах санаанан салайтарыы, чэпчэки суолу батыһыы курдук сыаналаабыта. Маннык хотон аҕыйах сылынан ыһыллыаҕын билгэлээн быһа-бааччы түмүк оҥорбута.
Иван Семенович коллегатын өйөөбүтэ уонна саҥа матырыйаал баһаарынай өттүнэн кутталын чорбоппута. Ки-ни дьиҥинэн полистиролу туттууну бэйэтин институтугар бырайыактарга сыһыарбыта син балай да буолла ээ. Ону тоҕо эрэ олох умнан кэбиспитэ, саҥа истэр, көрөр курдук буолбута. Ол тыыллан-хабыллан тыл этэ турдаҕына Бэриэт быһа түһэн, олох да умнан турарын сүөргүлээн санаппыта. Иван Семенович ити тыллартан чахчы кытарбыта буолан баран, истибэтэҕэ буолбута, салгыы күрдьэн бара турбута. Кини этиитин былаһын тухары наар ыстандаар кэһиллиэ суохтааҕын, туох баар саҥа саҕалааһын барыта экспертиза барыахтааҕын чорбото сатаабыта.
Уопсайынан, бу икки дириэктэрдэр кинилэр хонууларыгар маннык хорсуннук орооһууну сөбүлээбэтэхтэрэ өтө көстөрө. Уопсай дьыала туһугар туох эрэ сүбэни бииргэ көрдүүр, булар туһунан тыллар иһиллибэтэхтэрэ. Кинилэр Бэриэт бырайыагын сатаммат өттүн була сатаан хаста да тура сылдьыбыттара.
Миниистир солбуйааччыта Петр Николаевич чэпчэки сыаналаах хотоҥҥо интэриэстээх буолан кэпсэтиигэ Бэриэт өттүн көмүскүүр, онно бүгүн көмө наадатын санаппыта. Бу улахан, тыа сирин олоҕун инники дьылҕатын быһаарар боппуруоска институттар үрдүттэн сыһыаннара баарын, ону тохтотор, саҥа суоллары көрдөһөр наадатын хаста да быктарбыта, ирдэбил оннук буолуоҕун өйдөтүүнү умнубатаҕа.
Киниэхэ тирэҕинэн бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэлэ Владимир Ефимович Потапов буолбута. Кини норуот, үлэ киһитин туһугар үлэлиир буоллахха наар итэҕэһи эрэ көрдүүргэ сорунар сыыһатын, онон судаарыстыбаннай дьон буолалларын өйдөөн атыннык кэпсэтэр, көмөлөһөр, биир өлүүгэ өлө сылдьан сөпсөһөр суолу көрдүүр эбээһинэстээхтэрин санаппыта. Бырабыыталыстыба өттүттэн ирдэбил кимиэхэ барытыгар биир буоларын бэрт кытаанахтык эппитэ.
Ити кэннэ эрэ кэпсэтии сиэрдээх соҕустук, кэлин дьүүллэһии бэрээдэктээхтик барбыта…
Бэриэт бырайыагын биһирээһин буолбута. Бэйэтэ олох-хо киллэрэр санаатын сөбүлээбиттэрэ, хайҕаабыттара. Онон кэккэ баҕа санааларын эппиттэрэ, киниэхэ ситиһиилэри баҕаран тарҕаспыттара.
15
Тыл барда – бас барда.
Кини бырайыага 50 сүөһүгэ анаммыта. Дьиҥинэн, 25 сүөһүгэ анаан оҥорор баҕалааҕа. Ону судаарыстыба көмөтө 50 сүөһүттэн итэҕэһэ суох хотоҥҥо эрэ ананар буолан биэрбитэ. Сыаната чэпчэкитин министиэристибэ дьоно биһирээбиттэрэ.
Саҥа дьыала тула мөккүөр балачча бириэмэни сиэбит. Муҥур уһугар, араас утарсыылары кыайыыга, салалтаны ылыннарыыга Бэриэт «…бырайыагы бэйэм олоххо киллэрэбин…» диэн быһаарыныыта улахан кыайыылаах буолан биэрбитэ.
Кини кирэдьиит ылан тутууну ыытар. Оттон өйөбүл көмөнү, кредит бырыһыанын төлөөһүнү уонна тутуллан бүттэҕинэ, уопсай балаһыанньа быһыытынан, тутуу сыанатын 80 % төнүннэрэргэ министиэристибэ эрэннэрбитэ.
* * *
Кэтэспиттэрин курдук Бэриэт дьиэ кэргэн иһигэр сүбэ тэрийбитэ.
Кини төрөөбүт түөлбэ тардыытын, оҕо буолан төрөппүт иннигэр иэс диэн баарын, ханна да сырыттар, ханнык да үлэҕэ төрүт-уус дьон, аҕа ууһун чиэһэ, суобаһа өрүү өрө тутуллуохтааҕын, биирдэ баран эттэххэ, хас биирдии киһи саха омугун иннигэр эппиэтинэстээҕин барытын ахтыбыта. Онон дьыаланы ылсыыга ити үөһээ этиллибит өрүттэр кырата суох оруолларын киһи өйдүүр гына сыһыаран эппитэ.
Кини министиэристибэ мунньаҕар бырайыактыыр институттар өттүлэриттэн тахсыбыт утарсыылары быһаарбыта. Ол эрээри сиэрдээх дьыаланы өйдөөччүлэр, өйөөччүлэр баалларын бэлиэтээбитэ. Хотон 50 төбөттөн итэҕэс кыамталаах буолбат балаһыанньатын сиһилии быһаарбыта. Баар балаһыанньаны, сокуону, ыйыыны-кэрдиини убаастыыр наадатын умнубатаҕа. Туохха барытыгар ол учуоттаныахтаах диэн этиитэ сүбэ буоларын, ону эдэр дьон инникитин умнубаттарын санаппыта.
Кини дьиэ кэргэнигэр бу саҕаланар дьыала кирэдьиит күүһүнэн тутулларын өйдөппүтэ, ол тула туох көмө кө-рүллэрин уонна ол туоларыгар салалта эбээһинэһин кэпсээбитэ.
– Аҕаа, иһиттибит, барытын быһаарбыккын. Туох да диэбэппин, хорсун быһаарыныы, – кыра уол Афоня кэп-сэтиигэ бастакынан кыттыспыта. – Оттон кирэдьиит ыларга мэктиэлээччи эбэтэр туох эрэ солуок наада дии. Ону туох диэн быһаардылар?
– Биллэн туран, ити улахан дьыала. Туох да туораттан эрэннэрии, көмө суох, – аҕа баһылык ити тыллары этэн баран сөҥөдүйэн, дириҥник үөһээ тыынан баран остуолу эргиччи көрө олорбута. – Дьэ, ону сүбэлэһээри ийэҕит биһикки эһигини мустубут. Эппиэтинэс барыта бэйэбитигэр. Бары үлэлиигит, мин биэнсийэлээхпин. Кыра да буоллар туораттан харчыны киллэриигэ бары хачыгыраһа мөхсөбүт. Аньыы, онтукабыт сатаммат диэн этэр сыыһа буолуо. Онон толкуйда тобулуоҕуҥ, – аҕалара тугу даҕаны чопчу эппэккэ боппуруос туруорбута хайдах эрэ соһуччу, соччо күүтүллүбэтэх буолан биэрбитэ.
Остуол тула чуумпу сатыылаабыта. Арай саалаҕа туох да кыһалҕата суох оонньуу сылдьар оҕолор саҥалара чуораанныы чугдаарара. Ийэлэрэ Сардаана сылыйбыт чаанньыгы аҕалан:
– Ким чэй куттарар? – диэн саҥата сэргэхситиини таһаарбыта.
Чааскылар бары даҕаны тыаһаан-ууһаан барбыттара, «миэхэ» диэн тыллар дуораһыйбыттара.
– Бээ, мин санаабын этиим, – улахан киһи Болот тылламмыта. – Аҕаа, эн бэйэҥ барытын быһаарбыккын дии. Онон төннөр суол суоҕун мин билэбин. Ол эрээри санаабын син биир этиим. Эн үөрэтииҥ оннук.
– Эт, эт, Болот. Кэтэмэҕэйдээмэ. Ол иһин мустан олордохпут.
– Мин ийэбиттэн истэн баран соһуйбутум, кырдьыгынан эттэххэ, олох сөбүлээбэтэҕим. Дьон барыта сүөһүтүн эһэ, киин сирдэр диэки талаһа сырыттаҕына, арай, биһиги аҕабыт төттөрү тыа сирин диэки талаһарын өйдөөбөппүн. Төһө да өйүүбүт диэн тылларынан эппиттэрин иһин дьиҥ дьыала хайдах буолуо биллибэт. Кирэдьиити кырата 8 мөлүйүөнү ыллахха эрэ дьыала хамсыаҕа. Улахан харчы. Ким гарант буолар онно? Туох солуок баарый? Мин бэйэм эрэ өйүм онно тиийбэт курдук. Аҕаа, аны эн быыбарыҥ дьыалата умнуллубута буолуо диэн эрэнэҕин дуо? Мин эрэммэппин.
– Хайатын мэлдьи, умнуллар ини. Ону соһо сырыттахтарай? Мин ол дьыалаҕа төлөһөн турабын – үлэбиттэн уурайбытым.
– Эн оннук саныыгын. Атыттар, ордук билиҥҥи салалта, атыннык саныахтарын сөп буоллаҕа дии. Чэ, онон билбэтим. Авантюрнай соҕус дьаһаныы диэн санаабын син биир этэбин, – Болот төбөтүн тарбаммыта, аҕата туох диирин кэтэспитэ.
Бэриэт тоҕо эрэ тугу да саҥарбатаҕа. Кэргэнин диэки көрүтэлээбитэ. Тугу эрэ толкуйдуура, баттаҕын имэрийтэлээбитэ, чэй куттара чааскытын ууммута.
– Афоня, сүбэтэ тобул, предприниматель, аныгы үйэ киһитэ, – ийэлэрэ тыҥаабыт балаһыанньаны сымнатыахтаах киһини булан ылбыта, күлбүтэ буолбута. – Ыл өйдө салҕаа.
– Мин туох диэхпиний, улахан суох буоллаҕа дии. Авантюрнайын иһин, дьиҥинэн, улахан сыыһата суох дии саныыбын. Ас боппуруоһа хаһан, ханна даҕаны инники күөҥҥэ сылдьара чуолкай. Онон сылыктаатахха бэттэх диэки эргиллии буолар ини, хаһан эмэ. Ол кэми оруобуна баттаһыахха эмиэ сөп ээ. Санаммыт, быһаарбыт. Бүттэҕэ дии. Сүбэлэһэр буоллахха арыый эрдэ буолуон сөп эбитэ буолуо да, оннук буолбатах, – манан бүттүм диэх айылаах кини тохтоон хаалбыта, кэмпиэт үрдүгэр түспүтэ.
– Өйдө салҕаа диэбитим буолбат дуо. Тугу да эппэккин дуо? Кирэдьиит ылар айдааҥҥыт элбэх буолааччы дии. Төлөһөр, уҥа, хаҥас бырахсар буолан сылдьар инигит, – ийэлэрэ оҕонньорун аһынан уолугар, үбү-харчыны эргитэри сатыыр киһиэхэ, өс саҕа буолуох буолбута.
– Атын ким да гарант, мэктиэлээччи буолбат буоллаҕына туох эрэ баайы солуок эрэ уурар буоллаҕа дии. Холобур, дьиэни-уоту, – ити тыллар кэннэ туран кэлбитэ, куукунаттан тахсыбыта, туалет аана тыаһаабыта.
Эмиэ чуумпу сатыылаабыта. Сардаана кыыс киирбитэ:
– Оҕолор утуйуохтарын баҕарбыттар, утутуох баара, – ыстакаан ылан уу куттан испитэ. Баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут кийииттэр «хата бэрт» диэххэ айылаах сулбу ойон турбуттара, оҕолорун утута тиэтэйбиттэрэ.
– Сөп, сөп. Барахсаттары утутуҥ, биһиги ороммутугар. Бээ, мин суорҕан биэриэм, – эбэлэрэ кийииттэрин батыспыта. Сотору төттөрү киирбитэ. – Бэриэт, дьэ, туох диэни тобуллуҥ? Толкуй моһуоктаан саҥаҕыттан төрүт матан хааллыҥ быһыылаах. Уолаттарыҥ кэтэһэн мылаһан олороллор.
– Кэтэһэн буоллаҕа, – Бэриэт адьас холкутугар түспүт курдуга, ол эрээри сэниэтэ суохтук саҥарбыта. – Атын суол суох быһыылаах. Чэ, доҕоттоор, бу дьиэбитин солуок ууран кирэдьиит ыларбытыгар тиийэбит.
– Туох диигин, ноо? – Сардаана өрө көрө түспүтэ, мэктиэтигэр олоппоһуттан туруох буолбута. – Хайдах?! Ол дьиэҕин биэрэҕин дуо?
– Дьиэни биэрбэппит, аньыы даҕаны. Ыл уоскуй. Дьиэни солуок уурабын, ол аата төлөспөт түбэлтэҕэ бу дьиэни эһиэхэ биэриэхпит диэн буолар. Төлөһүөхпүт буоллаҕа дии. Министиэристибэ бырыһыаны уйунар, тутан бүтэрдэххэ хотон сыанатын 80 % төлүүр. Онтон ордук тугу гыныахтарай? – барыларын кэрийэ көрбүтэ. – Ол кэнниттэн барыта бэйэбит киэнэ буолар.
– Дьиҥинэн даачаны солуок ууруохха баара. Сир сыаната үрдүүр, өссө үрдүөҕэ. Тутуулардаах, – Болот эппит саҥатыгар эрэлэ суох куолаһа иһиллибитэ. Кини этиитэ сатала суоҕун билэр эрээри, дьиэ кумааҕыга сурулларын сөбүлээбэтин итинник биллэрбитэ.
– Пахай, кини сыаната сөп түбэспэт, – Афоня быһаччы эппитэ.
– Доҕоттоор, солуоктан куттанар наадата суох. Бэйэҕэ эрэниэххэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ, салалтаҕа итэҕэйиэххэ наа-да. Барыта сатанан иһиэҕэ, өскөтүн өйү-санааны, илиини-атаҕы араарбакка туруулаһар, туруорбут сыалы ситиһэ сатыыр буоллахха. Ол бэйэттэн тутулуктаах, – аҕаларын тыла эрэллээх этэ.
Салгыы ким даҕаны, тугу даҕаны утары саҥарбатаҕа, «саамай сөп» диэн өрө күүрэ өйөөбөтөҕө. Саҥата суох сөбүлэһэр курдук буолбуттара. Арай мааны кыыс Сардаана:
– Мин аҕам билбитэ буолуо. Кини кыайбатаҕа, сатаабатаҕа диэн суох, – диэбитэ уонна иэдэһиттэн олус диэн минньигэстик сыллаан ылбыта.
16
Сэттэ мөлүйүөн солкуобай кирэдьиити биэриигэ сөбүлэҥ баар буолбута. Ол эрээри ону барытын биирдэ биэрэр кыах суоҕа соһуччу буолбута. Оннооҕор буолуох сууманы ылааччы үгүс ээ. Аны туран Бэриэт солуога үс хостоох дьиэтэ этэ – ити эрэл солуок, бааҥҥа табыгастааҕа.
Кирэдьиит икки төгүллээн, үс аҥаардыы мөлүйүөн солкуобайынан бэриллэрин эппиттэригэр Бэриэт сүрэҕэ тугу эрэ таайан, сэрэйэн, соччо сөбүлээбэтэҕэ. Ол да буоллар хайыай, сөбүлэспитэ.
Тутуу саҕаламмыта.
Урут сопхуос саҕана тутуу прорабынан үлэлээбит, би-лигин бэйэтин хотонун «тойонунан» буолар, Бэриэт күтүөтэ, балтын Фрося кэргэнэ Мэхээлэ Ноговицын бэрт дөбөҥнүк сөбүлэһэн үлэни салайбыта. Кини тутуу үлэтин суохтаабыт, туоххаһыйбыт этэ. Саҥа технологиянан тутууну биһирии көрсүбүтэ – остуолбалары туруоран ону эргитэ хаптаһынынан каркас оҥорор. Ол каркаастарга сэндвич-панелы тиһэр. Панель итиини көтүппэт, тымныыны киллэрбэт аналлаах, тутарга-хабарга чэпчэки, сууммут-тарааммыт тэҥэ ып-ыраас маҥан дьүһүннээх полистиролтан турар. Кинини биир өттүттэн чап-чараас тимир илииһинэн, иккис өттүттэн OSB диэн матырыйаалынан бүрүйэн уон биир сантымыатыр халыҥнаах истиэнэ оҥороллор. Үлэ улахан сылаата суоҕун уонна ырааһын уолаттар бары да биһирээбиттэрэ.
Үлэ көхтөөх этэ. Аны туран уу харчы диэни умна быһыытыйбыт тыа сирин дьонугар бу тутуу улахан сэҥээриини таһаарбыта. Туораттан ымсыырааччы да суох буолбатаҕа. Улахан тутуу диэни өтөрүнэн билбэтэх Барҕа дэриэбинэ сэргэхсийбит курдук буолбута.
Тутуу ситэн олоххо киирдэҕинэ, сүөһүнү киллэрэн үүтү үрүлүтэр сорук тирээн кэллэҕинэ бу уораҕайы сылытар уонна уотунан хааччыйар сорук турар. Былыргы трансформаторы сопхуос эстэрин кытта устан ылан ханна эрэ илдьэ барбыттар. Оттон уот остуолбаларын оттукка диэн ааттаан олох да эрбээн мэлиппиттэр. Ол уонунан сылларга куурбут-хаппыт дьылыгырас мас сылааһы биэриитэ дэлэ буолуо дуо. Онон, бука былдьаһыгынан бэрт дөбөҥнүк ыраастаммыт буолуохтаах.
Сүөһү чааһынайга барыта түмүллэн, үүтү ыан харчылаһыы – бу Барҕа олоҕун сүрүн дьарыга этэ. Онон, хата, сэппэрээтэр пуунун харыстаан илдьэ хаалбыттар. Үүт туттарыллар, арыы оҥоһуллар, учуокка ылыллан отчуот оҥоһуллар. Барҕа барахсан судаарыстыбаны байытыһа олорор. Манньатын, үүт сыанатын харчытын, хас унаарар буруолаах дьиэ өрүү маныыһыт курдук кэтэһэр дьарыктаах. Дьэ, кыһыл көмүскэ тэҥнээх кэтэһиилээх харчы. Кэлэн быстыбата сүрүн. Сыл аҥаарыгар тиийэ, сүнньүҥ көһүйүөр диэри кэтэһии манна улахан сонун буолбатах. Оннук буолуохтаах быһыылаах…
Кэмниэ кэнэҕэс син кэлээхтиир. Оо, онно үөрэн-көтөн били кыйаханыы эрэ, үөдэн эрэ – сэргэхсийии, кэпсээн-ипсээн дэлэйэ, иэстэри-күүстэри оһорсуу ситимэ силигилиирэ. Туох баар куһаҕан тыл-өс умнуллара, олох күө-дьаа буола түһэрэ. Боростуой киһи барахсаҥҥа кыра да наада буоллаҕа. Олох ол иһин даҕаны интэриэһинэй, умсугутуулаах буоллаҕа дуу?!
Кыыдааннаах кыһын кэм кимиитигэр кыайтаран сааскы ылааҥы күннэр кэлиилэригэр Барҕа дэриэбинэтэ айылҕаны кытта тэҥҥэ уһуктан сэргэхсийэрэ. Оҕо-уруу таһырдьа тахсан мэниктиир аймалҕана дэриэбинэ иэнин биир гына тэнийэрэ, уулуу тахсыбыт сүөһүлэр суол кытыытыгар тохтубут оту салбаан, атын олбуордары, кыбыылары өҥөҥнүү сатаан сырыылара кэҥиирэ.
Оҕус борооскулар ордук болҕомтону тардаллара. Кимиэнэ ордук улааппыта, ситэн туһалыыр кэмэ кэлбитэ ураты учуокка сылдьар. Быйыл били Күттээнэй диэн ааттаах абыраллаах атыыр оҕустара суох. Эрэйдээх кырдьан, кэмэ кэлэн былырыын күһүн дьаһаллыбыта. Кинини ахтан кэпсэтии дэриэбинэҕэ баар аххан, абыраабыта бэрт буоллаҕа. Быйылгы борооскулартан кини дьыалатын салгыыр хас да оҕуһу иитиэххэ диэн кэпсээн баар буолбута. Ол барыта сопхуос саҕанааҕы сиэмэлээһин былыр үйэҕэ мэлийбититтэн этэ. Ону тилиннэрэр туһунан этии да турбат быһыылааҕа.
Сүөһү, сылгы төрүүр, үксүүр буоллаҕына үлэ-хамнас баар. Оччоҕо, оттон дьон-сэргэ даҕаны олохсуйар, оҕо-уруу төрөтөр, олох салҕанар.
Онон бэйэлээх бэйэлэрин киһилэрэ Бэриэт Түбүктээхэп саҕалаабыт дьыалатын манна уруйдуу көрсүбүттэрэ. Сүбэлээччилэр, көмөлөһөөччүлэр да бааллара.
Нэһилиэк баһылыга Сүөдэр Уйбаанабыс Барыыһап олохтоох киһи быһыытынан бу Түбүктээхэптэри төрдүлэриттэн ыла бэркэ диэн билэр. Бу аймахтары кини сөбүлүүр – үлэһиттэрин, судургуларын иһин.
– Бэриэт Сиидэрэбис, үлэ бэркэ баран иһэр буолбат дуо?
– Этэҥҥэ. Уолаттар үчүгэйдэр. Сатыыллар, сороҕор бэйэлэрэ тупсарары да тобулаллар. Үлэлэрин сирбэттэр, сөбүлүүллэр. Астынар да баар быһыылаах.
– Оннук буолуохтаах, – Сүөдэр Уйбаанабыс хайдах эрэ чуумпура түспүтэ, ким да истибэтэр ханнык диэбиттии, сибигинэйэр кэриэтэ. – Мин биир бүччүм санаалаахпын. Ону этиэхпин баҕарабын. Эн улахан үлэҕэ үлэлээбит, киэҥ сиринэн сылдьыбыт, билсии-көрсүү да баар киһитэ буоллаҕыҥ дии. Онон кыайдаххына эн эрэ кыайыаххын сөп диэммин этэбин.
Ити кэннэ кини тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ билиҥҥи балаһыанньата тыа сирин сайыннарбатын, тыыннаах эрэ олорор кыаҕы тэрийэрин, наар буойуу-хаайыы, эрэммэт буолуу баарын чорбото кэпсээбитэ. Сүөдэр соҕотуопка үлэтэ кииннэммитин табыгаһа суоҕунан ааҕар – манна миэстэҕэ үс киһи эрэ үлэлээн хамнас аахсар, киилэ үүккэ 17 солкуобайы утары ууналлар. Онон бүтэр. Оттон тыа сиригэр сүрүн дьарык сүөһү, сылгы иитиитэ, оттон уонна булт буоллаҕа. Сайдары саныыр буоллахха переработка миэстэҕэ баара ордук көдьүүстээх буолуохтаах. Арыы таһынан барыны бары оҥорор дьоҕус технологическай линияны атыылаһар уонна табаары миэстэҕэ оҥорору булгуччу наадалааҕынан ааҕар эбит, Сүөдэр Уйбаанабыс. Тоҕус ый кыһыннаах, ол кэмҥэ суоллаах буоллахха, аныгы үйэҕэ, бу техника дэлэйигэр, ханна баҕарар тиийэн атыылыахха сөп диир. Харчы манна сытар. Уонна ол харчы нэһилиэккэ киирэр, ханна да барбат. Үлэ харчылааҕа биллэр буолла да, онно норуот хараҕа кыраҕытык хатанар. Хонтуруол баар буоллаҕа ол дии! Үлэҕэ интэриэс үөскүө, кэҥиир суолга тахсыа. Кэҥиэххин баҕардыҥ, кыттыспакка ханна барыаххыный, кыттыһаҕын. Олох ону бэйэтэ ирдиэ, дьон сотору өйдүө. Норуоту өйдөөбөт, бил-бэт диэн итэҕэйбэт буолуу, аныгы салалта саамай улахан итэҕэһэ. Били мээрилиир кооперациялара тиийэн кэлиэ, тэриллэн барыа. Суол тобуллуо. Үлэ киһитигэр итэҕэл эрэ наада.
Бэриэт ити кэпсээни олус сэргээн, болҕойон истибитэ. Итинник санааны кини бу хаһыс да киһиттэн иһиттэ ээ. Норуот билэн этэрэ буолуо диэн санааны кини ылынар.
– Сүөдэр Уйбаанабыс, олус сөпкө этэр быһыылааххын. Оттон ону эн туруорус, дакаастаа, салалтаны итэҕэт.
– Оо, инньэ эрэ диэмэ, – эмиэ саҥата намтаан хаалбыта. – Ону эттиҥ да – өстөөххүн. Биир тэҥ соҕутуопка диэн олох алыптаах тыл баар ээ. Ону эрэ тутуһуу. Биһигинньик кыра дьону ким да истибэт. Аны муниципалитет оҥорон таһаарыыга орооһуо суохтаах үһү ээ. Биһириэхтээх, көмөлөһүөхтээх эрэ үһү. Онтукаларын содействие дииллэр. Ол хайдах оҥоһуллар баҕайыта буолла – мин билбэппин, ким эрэ билэн эрдэҕэ, оттон.
– Мин ити эн эппиккин хас да киһиттэн иһиттим. Наада быһыылаах, – Бэриэт Сиидэрэбис ити кэннэ икки ытыс-тарын тарбахтарын хатыйа тутаат остуолга уурбута, саннын хамсатан ылбыта. Онтон сымнаҕас баҕайы харахтарынан баһылыгы утары көрбүтэ. – Сүөдэр Уйбаанабыс, бастаан хотоммутун тутуохха, сүөһүтэ туруоруохха, онтон итинэн дьарыктанар кэм үүнүө. Туох дии саныыгын?
– Оннугун оннук буолуо. Сөпкө этэҕин, – баһылык сөбүлэһэрэ хараҕар, туттуутугар-хаптыытыгар көстөрө. Ол эрээри кини, син биир көрдөһөрдүү төбөтүн кыҥнах гыннарбыта. – Ити дьыаланы Барҕаҕа эн эрэ аҕалыаххын сөп. Атын киһибит суох. Төбөҕүттэн итини кыйдаама.
– Сөп, кыйдаабаппын. Толкуйдуохпут…
* * *
Быйаҥнаах уута быйыл толору этэ. Балыга уонча сыллааҕыта мөлтүү сылдьыбыта. Тоҕо эбитэ буолла? Билигин, дьэ, тупсан аҕай турар. Сир-дойду араас муннугуттан сураһааччы, илдьиттэһээччи, тиийэн да кэлээччи үгүс.
Бүгүн халлааҥҥа былыт олох сэдэх. Өссө да сэниэтин былдьата илик күн уота сырылас сылааһын кутар. Арҕааттан кыракый сиккиэр тыал илгийэр. Долгуннар холкутук эбэ иэнин тилэри дьиримнии үҥкүүлүүллэр. Ону ситэрэн кытылы кэрийэ үүммүт өлгөм от долгулдьуйа мөхсөр. Тыы-раахылар уонна хоптолор сырыылара сэдэхсийбит, онон кыра балык сэмсиирэ мөлтөөбүт буолуон сөп. Ыраах эбэ ортотугар кус арааһа мустан умсаахтыы оонньууллар. Саҥа көппүт кус оҕолоро чаламааттаһар буолуохтаахтар.
Тутааччы күнэ диэн бырааһынньык баар ээ, атырдьах ыйын саҥатыгар. Ити күнү Бэриэт «кырдьаҕас» тутааччыны, күтүөтүн Мэхээлэ Ноговицыны кытта сүбэлэһэн бэлиэтииргэ быһаарбыта.
Быйаҥнаах кытылын үрдээбит кырдалыгар бэртээхэй миэстэни булан түһүлгэ тэрийбитэ. Астааччынан, көмөлөһөөччүнэн балта Фрося буолбута.
Бырааһынньык бэркэ ааспыта. Кэпсэтии-ипсэтии дуос-пуруннаах этэ. Саҥа тутуллар хотон Барҕа олоҕор саҥа кэрдиис кэм кэлиитин кэрэһитинэн буолар диэн буолбута. Инникигэ ханнык эрэ эрэл үөскээбитин эппиттэрэ.
Бырааһынньык ураты түгэнинэн арыгы суоҕа буолбута. Ол оннугар баара – ынах үүтүттэн быыппах утах. Бу көстүүнү толкуйдаабыт Бэриэт быһаарыыта судургу:
– Арыгы суох диэн баалаамаҥ. Сүөдэр Уйбаанабыс, биригэдьиир Мэхээлэ буолан сүбэлэһэн бараммыт ити аһы тохтоттубут. Кэм-кэрдии арыый уларыйан үлэ-хамнас туһунан санаалар кимиэхэ барытыгар уһуктуох курдук буолан эрэллэр. Ол биир көстүүтэ – тутуллар хотоммут. Онон бырааһынньык сахалыы-махалыы дэлэй астаах уонна дойдубут инникитин туһунан илэ өйүнэн кэпсэтиилээх буоллун диэн санааны тутустубут.
– Мин Бэриэт Сиидэрэбис дойдутугар маннык тутууну саҕалаан үлэ-хамнас тэриллэр төрүтүн олохтууруттан олус үөрэбин, – баһылык киһи астына бэлиэтээбитэ. – Кырдьык, истиҥник санаһан эн-мин дэсиһэн кэпсэтэр да ахсааннаах ээ. Барыта туох эрэ кыһалҕа, өйдөспөккө киир-сэн да кэбиһии, тиийбэт тирии, таппат тараһа буоларбыт үгүс буолар. Ону билэҕит. Бүгүн биир өйгө-санааҕа түмсүбүт дьон мустан бырааһынньыктыыбыт. Бырааһынньыгы дьыалабыай быһыыга-майгыга тэрийиэххэйиҥ диэн этии баар, – Сүөдэр Уйбаанабыс улахан баҕайытык күлэн лаһыгыраабыта. Быыппахтаах ыстакаанын өрө анньан баран утары ууммута. Бары күө-дьаа буолан күлсүбүттэрэ, иһиттэрин охсуһуннарбыттара, аһын тобоҕо суох охсон кэбиспиттэрэ. – Эбэбит барахсан кытыытыгар илэ өйүнэн олорон инникини түстүүр, санаабытын ырытар хайдах курдук үчүгэйий. Бу санааны Бэриэт Сиидэрэбис эппитэ. Олох сөп эбит. Киэҥ сирдэринэн сылдьар, араас бэйэлээхтэри кытта алтыһа үөрэммит, биир баар-суох киһибит тылын ылынабыт.
– Доҕоттоор, хайдах эрэ, бырааһынньык ааттаахха, – хойутуу соҕус тыл ылбыт сып курдук Сэмэн соһуйбут, муодарҕаабыт этэ. Онон соччо астыга суох диэн өйүн итинник быктарбыта. Ол эрээри уопсай настарыанньаны өйдөөбүт этэ. – Бары даҕаны ити аһы ахсарбат дьоҥҥут. Мин баҕас сэҥээрэр, аккаастаммат киһи буоларбын билэҕит. Хайыамый, туран барбаппын. Син сэргэх эбит ээ. Кэпсээн-ипсээн тахсар уонна онтубут дуоспуруннаах. Биирдэ баран эттэххэ, дьиҥинэн сөп быһыылаах, – диэбитэ уонна уопсай туругу ылыммыт быһыытын-майгытын биллэрэн улахан баҕайытык күлэн күһүгүрээбитэ, тутан турар быыппаҕын өҥөйөн көрбүтэ. – Үлэ баар буолбута үчүгэй баҕайы. Киһи сэргэхсийдэ ээ. Бэрт бөҕө! Үчүгэйдик ситэрэн хотону тутан кэбиһиэҕиҥ. Бээрэ, кыаллар буоллаҕына, салгыы хотоҥҥо үлэлээбит киһи, муҥ саатар саах таһаарааччынан…
Сэмэн тыллара сып курдук этилэрэ. Дьон астынан күө-дьаа буола түспүттэрэ, биһирээбиттэрэ. Ноһуом таһаарар курдук ыарахан үлэни кини тулутуо суоҕун ахтыбыттара…
– Мин ийэ киһи арыгыта суох түмсүүнү сөбүлээн бөҕө, – быыппахтан сыпсырыйан баран уоһун-тииһин соттубутунан Фрося туран кэлбитэ. – Чөл олох баар буоллаҕына үлэ-хамнас кыайтарымына. Кыайтарар. Урут сопхуос саҕана үчүгэйдик да олорбут эбиппит. Онно ис буолбакка арааһынай буоларбыт, топпуту уйбакка арыгыны да ыймахтыырбыт. Барыта уопсай буолан эбит, ити кыыбаҕа тиргиллиитэ. Билигин, дьиҥинэн, чааһынай куһаҕана суох курдук көрөбүн. Бэйэҥ дьиэ кэргэҥҥин сыаналаа, таптаа. Оччоҕо, ол туһа диэн кыһаллар, ама, ыраахтан буолуо дуо?!
Бырааһынньык сиэрин ситэрэн киэһэ муҥхалаабыттара. Быйаҥнаах барахсан баарыттан бэрсибитэ. Арааһа, бачча үчүгэй күҥҥэ, этэҥҥэ олоҕу ыралыыр, инники үтүөнү эрэ сибикилиир санааны өрө туппут дьоҥҥо анаан бултаппыта буолуо.
Биирдии солууртан итэҕэһэ суох лэһигирэс собону үллэстибиттэрэ. Үөрбүт-көппүт, астыммыт дьон кэһиилэрин ким солуурга, бакыакка, мөһөөччүккэ куттан тарҕаспыттара…
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?