Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 7 (всего у книги 62 страниц)
Киэһэ борук-сорук буолан эрдэҕинэ Харатаайап кулуба Сыгынньах ойууну дьиэтигэр аҕалла. Ат тутар уол ойуун кыырар таҥаһын, дүҥүрүн дьиэҕэ киллэрдэ.
Ханнык эрэ улахан мааны ыалдьыт кэлбитин курдук, остуол муҥунан ас тартылар, арыгы туруордулар. Ойуун остуолга олорон аһыан иннинэ биир үрүүмкэ арыгыны аҕалан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, уокка кутта. Имик-самык умайа сытар уот өрө күлүбүрүү түстэ. Аһаары остуол аттыгар олорор дьон, арыгыны куттахха уот күлүбүрүүрүн төһө да уруккуттан биллэллэр, ити Сыгынньах ойуун куппут арыгытыттан оһох уота күлүбүрээбитин туспа, иччилээх курдук көрдүлэр, эттэрин сааһа аһыллан ылла.
Ойуун киһи аһаата диэхтик соччо аһаабата. Арыгыны биир эрэ үрүүмкэни истэ.
– Мин туттар малларбын куурда ууруҥ эрэ, – диэн дьон аһаан бүппүтүн кэннэ Сыгынньах ойуун соруйда.
Харатаайап кулубаны кытта барса сылдьыбыт уол ойуун кыырар таҥаһын уонна дүҥүрүн ылан уот иннигэр кирээдэ маска куурда уурда.
Бу күннэргэ Маайаны көрдөөн сыраларын бараабыт хамначчыт уолаттар, кыргыттар таһырдьааҥҥы туруорбах балаҕантан киирдилэр. Дьиэ иһигэр, өлбүт киһи сытарын курдук, им-ньим буолла. Дьон «кырдьаҕас» туох диирин, хайдах хамсанарын кэтээн олордулар.
Аһаабыт остуолларын хомуйан бүппүттэрин кэннэ, өр соҕус кэтэһиннэрэн баран, ойуун хамсатын күлүн тэбээн тобурҕата-тобурҕата:
– Эрэйдэнэн көрүөх муҥум буоллаҕа, – диэн сөҥ-сөҥнүк саҥарда.
– Кыһалҕалаах дьон көрдөһүүбүт оччо, – диир Харатаайап.
Ойуун дьиэ аанын саптаран, оһох иннигэр олбох уурдаран баран эттэ:
– Таҥаспын таҥыннарыҥ, көлөбүн аҕалыҥ!
Икки эр киһи кэлэн ойуун кыырар таҥаһын кэтэртилэр, дүҥүрүн ылан туттардылар.
Сыгынньах ойуун өр соҕус дөйбүт курдук барыаран турда. Онтон эмискэ дьигис гынан ылла, кыырар таҥаһын кыаһааннара лыҥкынастылар, дүҥүрүн тыаһа ньиргийдэ. Сыгынньах ойуун, сири сыллыахха айылаах ньүксүччү туттан баран дүҥүрүн охсон дьигиһитэ-дьигиһитэ, олбоҕун үс төгүл эргийдэ. Тохтуу түстэ. Онтон, эмиэ дүҥүрүн дөрүн-дөрүн охсо-охсо, аргыый аҕай олбоҕор олордо. Дүҥүрүн тобугар тиэрэ уурда. Хатан баҕайытык иһиирэн сирилэттэ, тиэрэ ханарыйа-ханарыйа дьааһыйда. Тохтуу түһээт, аны чөкчөҥөлөөн чобурҕаата, кэҕэлии этэн куккууктаата. Дьэ ол кэнниттэн, эмиэ дүҥүрүн охсон ньиргитэ-ньиргитэ, абааһыларын ыҥыран кутуран барда. Кини хас саҥаттан-саҥа абааһытын ыҥырдаҕын аайы саҥата-иҥэтэ, быһыыта-тутуута, киэбэ-киэлитэ уларыйан, тыла-өһө улам иччилэнэн истэ: ороҥҥо олорор дьон санааларыгар, дьиэлэрин иһин толору абааһылар мунньуһуннулар. Ойуун абааһыларын барыларын ыҥыртаан киллэртээн баран, дьэ туран, Аал уот, Аан дойду иччилэриттэн: «Аартыктаргытын арыйан биэриҥ», – диэн ааттаста. Итиэннэ дүҥүрүн айаннаан эрэрдии дэгэрэҥнэтэн охсо-охсо:
– Күн сирин дьоно көрүҥ, орто дойду дьоно истиҥ! Мин бэйэлээх, суптугур тумустаах, субуруйбут кутуруктаах, соһохтоох түүлээх Сур бөрө буоламмын, кыыс оҕо тоҥ суолун тордоон, ириэнэх суолун ирдээн, хардыытын ааҕан, хаамыытын арыйан батыһан истэҕим, – дии-дии сыт ылаары гыммыт ыттыы ньылбыҥныы хаамыталаата, онтон сылгылыы өрө хаҥсырыйан дьиэни тула эргийэ сырытта. Мустан олорор дьон атахтарын туох эрэ кэлэн сытырҕаан ааһарга дылы гынар. Дьон куттанан атахтарын хомуна тардаллар, сүрэхтэрэ айахтарынан эрэ тахсыбат.
– Ытык кырдьаҕаспыт, инньэ эрэ гыннаргын абырыаҥ этэ, – диэн дьиэлээх Харатаайап оҕонньор сэҥээрдэ.
Ойуун бөрөнү үтүктэн, дьиэ иһин өр соҕус кэрийэ хааман ньылбыҥныы сылдьымахтаан баран, эмиэ олбоҕор баран олордо, дүҥүрүн аргыый аҕай охсон дэгэрэҥнэттэ:
– Бу харааран уулбут кырса маҥан хаар муҥутуур кылааныгар улахан уруу-уйгу буолбут эбит. Онно ойуун киһини өһүргэтэн, кыыскытыгар Иирэр абааһытын иҥэттэрбиккит, Эмсэхтэнэн эмэр абааһытын баайтарбыккыт…
Харатаайап кулуба Маайа уруутугар Хаххан ойуун итирэн баран хайдах дьүһүлэммитин саныы биэрбитэ. «Ол да иһин оҕом күннэтэ олус дьүдьэйэн, хатан-иинэн испит ээ», – дии саныы олордо. Оттон Ылдьаана эмээхсин: «Оҕом иирэн ыалдьыбыт эбит… Ону билбэтэх муҥум эбит буолаахтаатаҕа», – дии санаан хараҕын уутун сотунна.
Сыгынньах ойуун дүҥүрүн охсон дэгэриппэхтээт, тугу эрэ одуулаһан эрэрдии, былаайаҕынан чарапчыланан көрдө:
– Ойуун абааһыта кыыс оҕо өйүн иирдибит, санаатын баайбыт. Хотон ортотуттан, тойон баҕанаттан ынах быатын ылларан, тас таҥаһын аннынан, ис таҥаһын үрдүнэн кистэнэ сылдьыбыт эбит…
«Оҕом ол иһин ынах ыыр баҕаламмыт эбит буоллаҕа, – Ылдьаана быһаарар. – О-о, оҕом сүтэрин кытта, тоҕо бу кырдьаҕаһы ыҥыран көрүү көрдөрбөтөх бэйэбитий?»
– Аламай күн арҕаа тыа кэтэҕэр саһара саһыыта, ыыр ынахтарыттан бастыҥа – салдьыгыр муостаах саадьаҕай ынахтааҕа…
– Чахчы?.. Ити Хотооной! – диэн Сүөкүлэ кыыс саҥа аллайар.
– Аргыый! – диэн кыыһы саба саҥаран кэбиһэллэр.
– Киирбэтэҕин көрдүү, ойуурга тахсыбыт эбит…
– Чахчы!.. Чахчы! – диэн сэҥээрэллэр.
– Ол сылдьан дьон хараҕыттан куотан, бэйэтигэр тиийинэр сөптөөх маһы көрдөөбүт. Онуоха диэтэҕим – хара тыа иччитэ – күөх сэбирдэх таҥастаах, көмнөх хаар бэргэһэлээх, көтөҕө бытыктаах, көҥдөй чөҥөчөх дьиэлээх, көҕөччөр тииҥ көлөлөөх, сур кырынаас соноҕостоох, соҕох солоҥдо баайдаах, Хараҕалдьын тойон хараҕын баайан, муннарбыт эбит… – ойуун өрө эҕирийэн түргэн-түргэнник дүҥүрүн охсумахтаан ньириһиттэ. – О-ок-сиэ, доҕоттоор, тиийбит сирэ – дьэгинин ньии, тохтообут сирэ – олуонатын ньии!.. – диэн баран, туран кыыран илгистэн барда.
Бу күннэргэ Маайаны көрдөөн эрэйдэммит дьон, кини ханна барбытын, билигин ханна баарын истээри, кэтэһэн олордулар. Ойуун субу этиэхчэ буола-буола эппэт. Ол ахсын кэтэһэллэрэ ордук күүһүрэр.
Сыгынньах ойуун, өр соҕус кыыран илгистэн баран, кэлэн олбоҕор олорор уонна эмиэ аргыый аҕай кутуран, көрүүлэнэн барар:
– Эҥкэркэй эҥээрдээх, эмпэркэй хайалаах, аҥылыйбыт салгыннаах, ааһа турар уулаах сүҥкэн өрүс кытылыгар тахсыбыт…
Ойуун инньэ диирин кытта истэн олорор дьон ботугураһа түстүлэр:
– Бүлүүгэ киирбит…
– Мантан аҕыс биэрэстэлээх сиргэ тиийбит.
– Ол да иһин… Манна, чугас баара буоллар көстүбүт буолуо этэ…
Ойуун, дьон кэпсэтэрин иһиллээбит курдук, саҥата суох сөҥөн олордоҕуна, дьиэлээх тойон Харатаайап:
– Көрөр хараҕыҥ ырааһырдын, истэр кулгааҕыҥ сэргээтин! – диэн сэҥээрэн, кымньыылаан биэрдэ.
Ойуун, дүҥүрүн охсон дэгэрэҥнэппэхтээн баран, эмиэ көрүүлэнэн:
– Ол тахсан, уҥа-хаҥас өттүн одуулаан көрбүтэ: быстан түһэр мыраан үрдүгэр хоҥкугур төбөлөөх, куурбут лабаалардаах, хоҥноххой хатырыктаах, хоппоҕор силистээх хохудал мас өрүскэ түһээри өҥкөйөн турарын булан, оҕоҕут барахсан ол маска… Сайыҥҥы күн саарыы тахсыыта эриэн ситии быатын иилэ бырахпыт, моонньуттан муомахтаммыт… – диэн ойуун көрүүлэнэ олордоҕуна Ылдьаана:
– Оо, оҕобун ньии!!! – марылаччы ытаан барда.
– Өлүү кыыһыгар үтүрүттэрэн, икки хараҕын быһа симэн, ыстанан кэбистэ…
– Ы-ы-ы-һы-һы!.. Ы-ы-ы-һы-һы! – диэн Ылдьаана туттуна сатыы-сатыы ытаан энэлийдэ. Кини энэлийэрин баһыйан ойуун көрүүлэнэн бөөҕүнүү олордо:
– Кыыс оҕо ыраас кутун ол мас уйумуна будулҕаннаах сүүрүктээх, долгуйар уулаах улуу өрүскэ сууллан түспүт. Өрүс иччитэ – дириҥ хомо дьиэлээх, тиистээх балык көлөлөөх, өрүкүйбүт сүүрүк суһуохтаах Өрүкүйэ дохсун хотун – оҕоҕут өлүгүн сүүрүгэр сүктэрэн, долгунугар көтөхтөрөн, Аҕа тойонугар, аҥылыйбыт Байҕалга, кэһии оҥостон илдьэ бара турда…
Оһоххо уот отуннулар. Түннүктэри астылар. Таһырдьа хайа сахха күн тахсан илиҥҥи күөх тыа маһын үрдүнэн күөгэйэ устан эрэр эбит.
Хамначчыт уолаттар Сыгынньах ойуун кыырар таҥаһын устан хомуйдулар. Кыргыттар остуол муҥунан ас тартылар. Ойуун кыырарыгар сылдьыбыт дьон бары аһаатылар. Ол аһыы олорон:
– Ол да иһин дэлэлээхтик көрдөөбөтөхпүт.
– Өрүскэ эрэ түһэн көстүбэт, – диэн ойуун көрүүлэниитин бигэргэтэн кэпсэттилэр.
Сыгынньах ойуун, ол күн өрөөн, аһаан, арыгылаан баран, көрүүлэммит соболоҥун – биир тиҥэһэ бургунаһы сэтиилэнэн, сиэбигэр харчыланан, икки ыҥыыр аттанан айгыстан дьиэтигэр төнүннэ.
Бу күнтэн ыла куһаҕан сурах бүтүн Бүлүүнү тилийэ көтөр: «Маайа өрүс кытылыгар киирэн ыйанан өлбүт маһыныын ууга барбыт үһү», «Харатаайап кулуба кыыһа ыйанан өлбүт үһү».
Оччотооҕуга бэйэтигэр тиийинэн өлбүт киһи дууһатын таҥара ылбат үһү диэн итэҕэл баара. Оттон көмүллүбэтэх-харайыллыбатах киһи буоллаҕына илэ сылдьар үөр буолар ааттааҕа. Онон Маайа дьоно, кинилэр хамначчыттара олус куттаналлара, хайдах эрэ барыны барытын одуулаһа, иһиллии сылдьаллара, хараҥа буоллаҕына соҕотоҕун таһырдьа тахсыбат буолбуттара.
IIIСэмэн Харатаайаптаах муор-туор буолан олороллорун истэн, кинилэргэ урут сылдьар ыалдьыт сылдьыбат, хонор хоноһо хоммот буолбута.
Ылдьаана эмээхсин Сыгынньах ойуун көрүүлэнэн барыаҕыттан ыла бэрт өр сүрэҕинэн ыалдьан сыппыта, саҥардыы туран сылдьара. Кыыһын саныы түстэр эрэ:
– Оҕом Маайа сордоох дьиэбитин киэргэтэн олороохтообут эбит, – дии-дии ытаахтыыра.
Харатаайап кулуба кыыһа сүтүөҕүттэн ыла хайдах эрэ уҥуохтуун куччаабыкка дылы буолбута, биллэ-көстө кырдьыбыта, киҥэ-наара холлубута. Быраабатыгар киирдэҕинэ улуус суруксутун мөҥөн маргыйара, биир да киһини кытта үчүгэйдик, наллаан кэпсэппэт, биир да дьыаланы быһаарбат буолбута. Дьиэтигэр олорон, хамначчыт дьонун ыгара, мөҥөрө, үөҕэрэ. Тойоннорун киҥэ-наара алдьаммытыттан сылтаан, Харатаайаптаах үгүс сыллар усталара үлэлээбит хамначчыттара атын баайдарга барыталаабыттара.
Ылдьаана эмээхсин биир күһүҥҥү күн, оҕотун аһыытын кыайан тулуйумуна, дьиэтиттэн тахсан, аҕыс биэрэстэлээх, кумах ардайдаах сиһи сатыы туораан, Бүлүү өрүс кытылыгар киирдэ.
Бүлүү өрүһэ, сааскы халаанын саҕана икки хара сыырыттан ыла арыыларын талахтарын мэндээриччи таһыйан, күн уотун ыраас сардаҥатыгар үрүҥ-кыһыл көмүс өҥнөнө оонньуу турар бэйэтэ, уута быһа түһэн, дьара сирдэринэн арҕас кумахтара тахсан, онон-манан быстыах курдук синньээн сытар. Ылдьаана эмээхсин били Сыгынньах ойуун көрүүлэнэригэр эппитигэр маарынныыр быстан түһэ турар кумах сыыр үрдүгэр таҕыста. Бу кыыһым Маайа моҥнон өлбүт маһа турбут сирэ буолуо дии санаан тохтоото. Кини тахсыбыт үрдүк сыырын аннынан, уһун синньигэс хомо уу баарыгар, илдьирийбит эргэ арбаҕастаах балыксыт оҕонньор илим үтэн, тымныы ууга чомпойдоно, төттөрү-таары уста сылдьар.
Ыраах, алын диэки, аҕыс киһи, ханнык эрэ атыыһыт табаардаах аалын соһон, өрүс курустаал таас курдук ыраас салгына дьэргэлгэн буолан оонньууругар, быста-быста салҕанан, улаата-улаата кыччаан, биир сиргэ тэпсэҥнэһэн эймэҥнии сылдьаллар. Харатаайаптаах олорор Төгүрүк алаастара, төһө да киэҥҥэ дылытын иһин, өрүс киэҥ таһаатын, уһун ньуурун, кэрэ көрүҥүн кытта хантан кэлэн тэҥнэһиэ баарай?! Ол эрээри, Бүлүү өрүһүн күһүҥҥү көрүҥэ, сайаҕас салгына, балыксыт оҕонньор сордоох кыракый тыытынан сүүрүгү өрө-таҥнары устан мэскэйдэнэрэ, аал соһооччулар хамсыыллара Ылдьаана оҕотун Маайаны аһыйар санаатын кыайан аралдьыппатылар. Кини хатан хаалбыт хара буорга сөһүргэстии түстэ, бычалыйан тахсыбыт уулаах хараҕынан өрүс диэки көрө-көрө:
– Үтүрдьэхтээх бэйэбитин улаатыннарбыт, кыра бэйэбитин баччырдаабыт, үс үөстээх, үллэ турар быйаҥнаах Бүлүү эбэ хотунум! Мин сордооҕу, аанньа ахтыбата, маанылаабата диэҥҥин, суос-соҕотох оҕобор ымсыыраҥҥын, Маайабын ылбытыҥ буолуо дуо? Оо, оҕом Маайа эрэйдээҕи ылыаҥ кэриэтэ, биһиэхэ биэрбит баайгын-дуолгун барытын да ылбытыҥ буоллун ньии! Оҕом суоҕуна, баай да баар буолан мин сүрэхпин уоскутара биллибэт… – диэн алгыыр икки кырыыр икки ардынан ботугураан барда.
Итинтэн сиэттэрэн, Ылдьаана баай киһи уолугар Сэмэн Харатаайапка эргэ тахсарыгар дьоно, үөлээннээхтэрэ эппиттэрин өйдүү түстэ:
«Баайдык, үчүгэйдик олоруоҥ!»
«Ылдьаана, эн дьоллоох кыыс эбиккин!»
Суох, сымыйа! Кини баай киһиэхэ эргэ тахсан дьолломмото. Кини төрөппүттэрэ төһө да дьадаҥытык, тиийиммэттик олордоллор, кини дьонун аахха олорбут кэмин олус кэрэтик, олус үчүгэйдик ахта саныыра. Оччотооҕуга саас хаар хараарыыта, харалдьык тахсыыта хонууга сырыттахха сиртэн минньигэс, киһини итирдэр, этин-хаанын оонньотор көөнньөрүүлээх сыт аҥылыйар буолара. Ылдьаана баай ыал хотуна буолуоҕуттан ыла ол сааскы сир киһини итирдэр минньигэс сытын билбэт буолбута. Хантан билиэй, кини дьиэтин киилээх киэҥ тэлгэһэтин таһыгар тахсар кыаҕа суоҕа. Ханнык солотунан тахсыай: баай көрүүтэ-харайыыта элбэх.
Эргэ тахсыан иннинэ Ылдьаана дьоно дьиэлэрин таһыгар ыспыт бурдуктарын саһархай өҥнөөх араскыта бытыгыраан тахсарын көрөрө, кэтиирэ. Оо, сип-синньигэс бурдук араскыта хара буору дьөлө көтөн, бытыгыраан тахсара кини сүрэҕин хайдах долгутарай, үөрдэрэй?! Харатаайаптаах хас саас аайы уонунан буут бурдугу ыстарар ааттаахтара да, Ылдьаана манна бурдук көҕөрө бытыгыраан тахсан турарын көрбөт этэ. Көрдөр да, ол бэйэтэ оҕус сиэтэн, сири табыйан, кыраабылынан тарыйан ыспыт бурдугун курдук, кэрэтик көрөрө да биллибэт. Кини баай ыал ийэтэ буолуоҕуттан ыла матыыкка, кыраабыл угун туппатаҕа.
«Баай ыал хотуна буолаҥҥын, үлэлээбэккэ абыраныах кыыскын», – дэспиттэрэ Ылдьаана эргэ тахсарыгар дьүөгэ кыргыттара. Бэйэтэ даҕаны: «Кырдьык, сынньанан абыраныам!» – дии саныыра. Суох, ол сымыйа эбит. Кини үлэлии сылдьарын саҕана бэрт чэгиэн, сытыы кыыс этэ. Оттон эргэ тахсан үлэлээбэт буолуоҕуттан ыла этэ баата курдук сымнаан, сэниэтэ, күүһэ суох буолан барбыта.
Кыыс сылдьан күнүс үлэлээн өлө сылайан дьиэтигэр кэлэрэ. Киэһээ аһылыгын аһаан бүтээт, сайылык сыһыытыгар эдэр дьон мустан, үҥкүүлээн айманар саҥаларын иһиттэр эрэ, сылайбыта ааһа охсоро, үҥкүүгэ көтө-дайа сүүрэрэ. Ол бэйэтэ эргэ тахсыаҕыттан ыла үҥкүүгэ сылдьыбат буолбута. Эдэригэр биирдэ эмэ үҥкүүлүөн баҕардар да: «Харатаайап кинээс кэргэнэ ханнык эмэ дьахтарга дылы үҥкүүгэ сылдьар», – диэхтэрэ дии санаан туттунара. Онтон хойут, Сэмэн улуус кулубата буолтун кэннэ, үҥкүүгэ сылдьыа баара дуо?!
Эргэ тахсыан иннинэ Ылдьаана сайын, баҕа батаһа от сибэккилэнэн бүтүүтэ, аҕатынаан Дулҕалаах толооҥҥо от охсо киирэллэрэ. Маҥнайгы күннэригэр биир эмэ омурҕан устата сүмэлээх күөх оту көҥдөйдүү дайбаамахтаан баран дьиэлэригэр тахсаллара. Ийэлэрэ ол күн алаадьы алаадьылаан тоһуйара.
Оо, ол алаадьы барахсан минньигэһин, үчүгэйин эриэхсит! Ылдьаана хас сайын аайы ол маҥнайгы от охсо киирэр күннэрин «алаадьы сиэм этэ» диэн олус кэтэһэрэ. Оттон билигин күннэтэ аайы – алаадьы. Ол алаадьыны сиэн баҕарыахтааҕар, көрүөн да баҕарбат. Үлэлээбэт киһиэхэ ас да амтана суох буолар эбит…
«Ас, баҕар, буоллун даҕаны, оннооҕор таҥас биир оннук буолар эбит», – дии санаан ылла Ылдьаана. Кини аҕатынаан биир сайын баай Хаппытыанаптаахха оттообуттарыгар дьэрэкээн ойуулаах сиидэс таҥаһы ылбыттара. Ону киниэхэ ырбаахы тигэн кэтэрдибиттэрэ. Оо, ол ырбаахытын кэтэригэр үөрбүтүн эриэхсит! Кини ырбаахытыгар холоонноох таҥастаах кыыс ханна да суоҕун курдук санаммыта. Оттон билигин кини таптаабыт таҥаһын таҥнар. Таҥаһа элбэх буолан, биир да таҥаһы күндүтүк көрбөт, үчүгэй дии санаабат. Тэлгэһэҕэ элбэх оту сүөһүгэ биэрдэххэ, ол от төһө да күөҕүн, минньигэһин иһин, сүөһү тэпсэ сылдьар үгэстээх. Киһи син ол курдук. Ылдьаана хаарыс-солко таҥастары кэһэ сылдьан таҥнара да, биирдэстэрин да, үлэлээн ылан кэппит сиидэс ырбаахытын курдук, күндүтүк санаабат этэ.
Күһүн, от-мас хагдарыйыыта, от-бурдук үлэтин бүтэрэн кэллэхтэринэ, ийэлэрэ малааһыннаан, эмиэ алаадьы алаадьылаабыт буолара. Ылдьаана ол алаадьы сытын алааһын саҕатыгар киирээт билэрэ. Ол уһун сайыннааҕы үлэ бүппүт күнэ кэрэтин кини хаһан умнуо баарай?! Оттон билигин сайыҥҥы үлэ бүтэр эрэ, бүппэт эрэ – Ылдьаана ону билбэт да этэ. Хантан билиэй, бэйэтэ үлэлээн сылайбат. Хамначчыттарын Сэмэн бэйэтэ үлэлэтэрэ.
Ылдьаана эргэ тахсыаҕыттан ыла бу бүгүн аан бастаан кэлэн былыр оттообут, сөтүөлээбит Бүлүүтүн өрүһүн кэрэ киэлитин көрө турар. Кини бүгүн сиртэн тахсар кэрэ сыты, ойуур дабаххай сыттаах минньигэс салгынын билбэккэ да манна киирдэ. Оннооҕор ойуур иһигэр ыллыыр чыычаахтар саҥаларын кини кулгааҕа ытыыр саҥа курдук истэр буолла.
Ылдьаана бу туран, эбэтин иччитигэр оҕотун ылбытын иһин хом санаатын барытын этэн, өрүс кытылын үрдүгэр бэрт өр сытан, уоскуйан баран, дьоно сүтүктээн олордохторуна, киэһэ борук-сорук буолуута дьиэтигэр киирдэ.
* * *
Хагдарыйбыт мутукча, хатыҥ, тэтиҥ сэбирдэҕэ, күһүҥҥү «көтөҕө тэбиир» күүстээх тыалтан, хаар курдук, саккырыы тохтон бүттэ. Хаара суох хара тоҥот күһүн буолла. Ынахтар, сииктээх хара муннуларынан, хагдарыйбыт оту сыллаан көрө-көрө, дьиэлэригэр аччык төннөллөр, маҥыраһа-маҥыраһа тэлгэһэттэн арахпаттар.
– Хаар түһээри гыммыт, сүөһү дьиэ таһыттан арахпат буолбут, – диэн кырдьаҕастар тойонноотулар.
Кырдьык, аҕыйах хонугунан кыстык хаар түстэ. Күннэр, нэдиэлэлэр, ыйдар, илим хотоҕоһо ойбонтон тахсарын курдук, утуу-субуу кэлэн ааһан истилэр. Харатаайап кулубалаах кыыстара Маайа маҥнай сүттэҕин утаата, кини аатын күҥҥэ сүүстэ ахталлара, ааттыыллара. Күн, ый ааһан истэҕин аайы, Маайа таҥастаах дьааһыгын үрдүгэр куоппас төһө халыҥыыр да, кини аата соччо аҕыйахтык ахтыллар буолан барда. Киһи тыыннааҕар, баарыгар дьон тылыттан түспэт. Оттон өллүн, суох буоллун, кини аата маҥнай утаа ааттаммахтаан баран, кэлин, күннээҕи түбүккэ үтүрүйтэрэн, улам умнуллан, аҕыйахтык ахтыллар буолан иһээччи. Арай ийэ эрэ оҕотун аатын хаһан да умнубат, мэлдьи саныы, ахта сылдьааччы. Кини өллөҕүнэ эрэ оҕотун туһунан санаабат, аһыйбат буолаахтыаҕа!
Ыкса күһүн буолуута дьон-сэргэ ортотугар:
– Харатаайаптаах моҥнон өлбүт кыыстара Маайа үөр буолан сылдьарын көрбүттэр, – диэн кэпсээн тарҕанна.
Итинник кэпсээннэртэн Харатаайаптаах чугастарыгар олорор ыаллар киэһэ хараҥа буоллаҕына таһырдьа тахсыахтарын дьулахачыйар буоллулар. «Киһи тыла игиитээҕэр сытыы» диэн өс хоһооно баар. Ити кэпсэтии Харатаайаптаах хамначчыт дьонноругар тиийдэ. Куттас сүрэхтээх кыргыттар аны хотонноругар соҕотоҕун киирбэт буолан хааллылар. От-мас тиэйэр хамначчыт уолаттар эмиэ ону-маны көрбүт, истибит буолан кэпсээтилэр.
Саха киһитин балаҕан иһигэр хаайар кыыдааннаах кыһын ааһар, хаар ууллар, сир кырса көҕөрөр. Уһун кыһын устата хаайтаран олорбут оҕолор, дьахталлар билсэр ыалларыгар ыалдьыттыыллар, кэлэллэр-бараллар, Маайа туһунан кэпсэтэллэр, эбэллэр, күүркэтэллэр…
Сүөкүлэ кыыс хас киэһэ аайы ынахтарын ыы бардар эрэ Маайаны саныыра, куттанара. Били былырыын Маайа ыабыт ынахтарын быйыл кини ыыра.
Биир киэһэ Сүөкүлэ кыыс Хотоонойго ньирэйин ыытан эмнэрээри гыммыта, ынаҕа тоҕо эрэ сүгүн турбата, тэбиэлэннэ, муннун бууһурҕата-бууһурҕата, хараҕын дьүккэтинэн көрүтэлээтэ. Сүөкүлэ:»Маайа үөрэ хотон иһигэр сылдьарын ынах биллэҕэ», – дии саныырын кытта, этэ тымныйа, дырылыы түстэ. «Ханна турарый?» – диэн тула өттүн көрүммэхтээтэ. Суох, Маайа ханна да баара көстүбэт. Кыыс онтон ордук куттанна. Сатаатар, ынах ыыр кыргыттар баран хаалбыттар, соҕотоҕун хаалбыт.
Куттанарыттан хараҕа ирим-дьирим буолла. Ньирэйин ситэ эмнэрбэккэ эрэ быатыттан соһон баайан бооччойдо. Түргэн бэйэлээхтик олоро түһэн, ынаҕын ыары эмиийин чопчутун туппахтаабытыгар, ынаҕа тэбиэлэннэ. Кыыс: «Тохто-о!» – диэн ынаҕын буойан хаһыытыах санаалааҕа да, айаҕыттан тыла тахсыбата. Ол олордоҕуна ким эрэ кинини көхсүгэр аста. Кыыс хатан баҕайытык часкыйбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Бэйэтин хаһыытыттан куттанан, ыаҕастаах үүтүн тоҕо бырахта уонна хотон иһиттэн иирбит курдук сүүрэн таҕыста. Балаҕаҥҥа киирэн оронугар умса баран түстэ.
– Сүөкүлэ үүтүн тоҕо бырахпыт… Ньирэйин баайбатах, – диэн кыргыттар хотуннарыгар тахсан эттилэр. Ылдьаана, туох буолбутун билээри, балаҕаҥҥа барда.
– Хотуой, бу туох буоллуҥ? – Сүөкүлэ кыыһы эҥил баһыттан тардыалыы-тардыалыы, хотун ыйытта. Кыыс туох да диэн булбата: бу киэһэ ыабыт икки ынаҕын үүтүн тохпут буруйдаах, ньирэйин баайбакка, ынаҕын эмтэрэн кэбиспитэ эмиэ буруй, онуоха эбии куттаммыта биир оччо.
– Кыыспыт таарымталаммыт, – дэстилэр кыргыттар.
Итини истээт Сүөкүлэҕэ санаа көтөн түһэр: «Мөҕүллүөм кэриэтэ, таарымталаммыта буолан, мэнэрийиминэ». Инньэ дии санаат, кыыс Маайа үөрүнэн, кини саҥатын үтүктэн мэнэрийэн барда.
Ыччакабын да-а!
Тоҥнохпун да-а!
Эриэн ситии быа
Хам туттаҕын да-а!
Мин сордоох
Эппин-хааммын
Сир Ийэ ылымына
Илэ сырыттаҕым!
Ыччакабын да-а!
Тоҥнохпун да-а!
Ийэлээх аҕам
Ииппит-аһаппыт
Иэримэ дьиэлэрин
Буулаан буллаҕым!
Кыыс мэнэрийэриттэн балаҕан иһигэр баар дьон бары куттаннылар. Хотуннара ытыы-ытыы тахсан барда. Кыргыттар: «Маайа ханна эрэ турда?» – диэбиттии балаҕан хараҥа муннуктарын көрөллөр-истэллэр.
Бу күнтэн ыла хоспоххо сытар хаппыт кур тириини аччык кутуйах кирэрэ, ханна эрэ чабычах туоһун тарбаан хачыгыратара барыта дьону куттуура. Сайыҥҥы куйааска дьиэ эркинин маһа хайыта хатан тыһыргыыра, аһаҕас турар аанынан дьиэ иһигэр салгын киирэн тугу эмэни хамсатара барыта «Маайа үөрэ» диэн ааттанар буолбута.
Сүөкүлэ Маайа үөрүнэн мэнэрийбитэ аҕыйах хонук ааһыыта, Кэтириис ыыр ынаҕын эмиийэ хайыта хатан чопчутун туттарбат буолбута. Ыанарыгар тэбиэлэнэрин иһин, атахтарын кыаһылаары, быа ыла кыһыҥҥы хотонноругар барар. Эрдэ этэ, күн киирэ илигэ. Ол эрээри Кэтириис хотон иһигэр куттана-куттана киирбитэ. Баҕанаҕа баайыллан турар быаны ылаары кини түргэн баҕайытык харбыалаһан баран иһэн, хараҕын кырыытынан көрбүтэ: Маайа сирэйэ кубарыйан баран, моонньугар эриэн ситии быалаах турара. Кэтириис куттанан часкыйа түһээт төттөрү ыстанар. Хотунугар Ылдьаанаҕа сүүрэн мэҥийэн кэлэн:
– Маайа… хотон иһигэр… – дии-дии, тэтиҥ мас сэбирдэҕэ тыалга хамсыырын курдук, титирэстиир.
– Чэ, барыах, көрдөр! – диэн баран Ылдьаана кыыһы илиититтэн сиэтэн, хотоҥҥо илдьэ барар. «Оҕом Маайа ама да үөр буолбутун иһин… дьон хараҕар көстөр, миэхэ тоҕо көстүбэтий?» – Ылдьаана көрдөр эрэ этэр санаалааҕа: «Маайа, биһиги эйигин атаҕастаан да, баттаан да куһаҕан суолга аспатахпыт. Туох буолан биһиги олохпутун айгыратар, алдьатар санааланныҥ?» – диэн.
Кэтириис кыыс хотон ааныгар кэлээт, куттанан илиитин туура садьыйан ылаат, куотан тэлээрэ турбута.
– Хотуой! Ханна бардыҥ?.. Тохтоо! – диэн Ылдьаана хаһыытаан көрбүтэ да, кыыс истиэх эрэ быһыыта суоҕа.
Ылдьаана хотон иһигэр киирэр, одуулаһар. Хотон иһигэр ким да суоҕа. Арай эркинин сыбаҕа түспүт сирдэринэн күн уота баҕанаҕа тыган, киһи сирэйин курдук, кэлтэччи кылбайан турара. Хотон иһин биир гына кэрийэн баран, тугу да булбакка тахсар.
Үөр буолбут кыыһын Ылдьаана көрсүбүтэ да буоллар, куттанар санаата суоҕа. Ол эрээри хотон иһигэр ким да суоҕуттан, хата, тахсан иһэн этин сааһа тымныйталаан ылыталаабыта.
Кэтириис кыыс хотон иһигэр Маайаны моонньугар быа муомахтаах сылдьарын көрдүм диэн кэпсээн, дьону куттааһына Маайа үөр буолан сылдьар дэһэллэрин күүһүрдүбүтэ. Бу кыыс хаһан да сымыйалаабат кыыс этэ.
«Орто Бүлүү улууһун кулубатын кыыһа эргэ тахсыбыта табыллыбатаҕыттан моҥнон өлбүт. Билигин дьонун аах дьиэлэригэр илэ кэриэтэ сылдьар үһү. Эдэр, мааны киһи хоноһолоннохторуна, түүн хоонньугар киирэр үһү. Ол иһин билигин ким да кинилэр дьиэлэригэр сылдьыбат, кинилэргэ хоммот буолбут», – диэн кэпсээн тарҕанан, ыраатан истэҕин ахсын улам эбиллэн, сүрдэнэн-кэптэнэн барбыта.
Итинник кэпсээннэр, биллэн турар, Харатаайап кулубалаах кулгаахтарыгар эмиэ тиийэллэрэ. Сэмэн Уйбаанабыс, кэргэнин кытта баччааҥҥа диэри тэҥнээх доҕор курдук кэпсэппэтэх бэйэтэ, сүбэлэһэргэ быһаарынна:
– Олохпут сатамматыгар тиийдэ… Оҕобут… сүгүн олордумаары гынна. Дьэ, тугу гынабыт… Хайдах буолабыт?
Ылдьаана үөһэ тыынан ылла. Оҕотун туһунан санаан ытыахча аҕай буолан олордо:
– Оҕом эрэйдээх көрсүө, үчүгэй да майгылаах этэ… Ити «көрдүбүт», «иһиттибит» диэн кэпсииллэрэ, ама, кырдьык буолуо дуо?.. Мин итэҕэйбэппин ээ. Оҕом Маайа, дьон кэпсиирин курдук, сылдьара буоллар, ама, мин харахпар көстүбэт бэйэлээх буолуо этэ дуо?..
– Эн биһиги харахпытыгар көстүбэтэҕин иһин, дьон барыта көрөр ээ, – диэтэ Харатаайап оҕонньор. Кини кыыһа сүтүөҕүттэн ыла улаханнык кырдьыбыт көрүҥнэммитэ: сирэйин тириитэ мыччыстыбыта, баттаҕа эмискэ маҥхайан барбыта, бэл, уҥуоҕа да аччаабыкка дылы буолбута. Кини аҕыйах сыллааҕыта тыыллан-хабыллан сылдьарын көрбүт киһи: «Ама бу били Харатаайап кулуба үһүө», – диэх курдуга.
– Күннэтэ аайы быраабаҕа киирэҕин дии, таҥара дьиэтигэр… Сиилин аҕабыыкка сылдьан кэпсэтиэххин… Баҕар, мэлиибэн ыллаатаҕына сүтүө этэ…
Нөҥүө күнүгэр Сэмэн Уйбаанабыс Хампа таҥаратын дьиэтигэр киирэн Сиилин аҕабыыты көрүстэ. Баачыка кинилэр кыыстара сүппүтүн, билигин үөр буола сылдьар диэн кэпсээн тарҕаммытын барытын бэрт үчүгэйдик истэн, билэн олороро. Кини киһи үөр буоларын букатын итэҕэйбэтэр да, Харатаайап кулуба эппитин кырдьык-хордьук иһиттэ:
– Мэлиибэн ыллыахха, сибэтиэй уунан дьиэҕитин ыһыахха наада…
Сэмэн Харатаайап ол киэһэ дьиэтигэр Сиилин аҕабыыты илдьэ таҕыста. Аҕабыыт мэлиибэн ыллаата, «сибэтиэй» уунан дьиэ иһин ыста.
Сиилин аҕабыыт мэлиибэн ыллаабытын да кэннэ дьон «Маайа үөрүн» көрөллөрө, тыаһын истэллэрэ уурайбатаҕа. Хата «итиннэ көрдүбүт», «манна иһиттибит» дэһээччилэр өссө улам элбээн, хойдон испиттэрэ.
Харатаайап оҕонньор нөҥүө кыһыныгар кыайан тулуйумуна, ханна барбытын кимиэхэ да биллэрбэккэ эрэ, бэрт кистэлэҥинэн Сыгынньах ойууҥҥа сүбэлэтэ-амалата барбыта.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.