Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 62 страниц)
Сэмэн Харатаайап Сыгынньах ойууннаахха кыһыҥҥы күн ортотун саҕана тиийдэ. Атын, тэлгэһэҕэ киллэрэн, үс салаалаах сэргэҕэ баайда, бэйэтэ, таҥаһын тэбэнэ-тэбэнэ, дьиэ ааныгар кэлэн тохтоото. Сиргэ тимирбит курдук, туруорбах балаҕан аана саадьаҕай ынах тириитинэн саҥа бүрүллүбүт. Оһох турбатыттан кыым былаастаах борооххой буруо унаарыйан тахсар. Дьиэ кэннинээҕи далга аҕыйах сүөһү аһыы сылдьар. Дьиэ аанын икки өттүгэр тымтыгынан оҥоһуллубут эмэгэттэр хороччу анньыллан тураллар.
Харатаайап кулуба дьиэ иһигэр киирэр. Муус түннүктээх дьиэ иһэ таһырдьаттан киирбит киһиэхэ иин иһин курдук хараҥаран көһүннэ. Оһоххо уот умайан кылаҥныыр. Оһох иннигэр Сыгынньах ойуун, ырбаахытын устан, сиһин уокка сылыта олорор. Хаҥас диэки сылгы кылын курдук хоччоххой баттахтаах, уоттаах чолбон курдугунан көрүтэлээбит, суптугур сэҥийэлээх, туохтан эрэ кыыһырбыкка дылы көрүҥнээх Алыһардаах удаҕан тугу эрэ бэрийэ сылдьар.
Харатаайап киирбитигэр дьиэлээх тойон да, хотун да киһи киирдэ диэн дорооболоспотулар, кэпсэппэтилэр.
Харатаайап, кэтэҕэриин ороҥҥо олорон дьиэлээхтэр кэпсэтэллэрин көһүтэн көрөн баран, быстыа дуо, кыһалҕатын кэпсээн барда:
– Кырдьаҕастарым, эһиги эрэ көмөлөстөххүтүнэ, буруо таһааран, ыал буолан олорор кэммит кэллэ.
Сыгынньах ойуун Харатаайап диэки үс муннуктааҕынан көрүтэлээн ылла да, тугу да саҥарбата. Оттон Алыһардаах удаҕан хайдах эрэ хаанныын кубулуйарга дылы буолла.
Харатаайап кулуба билиҥҥэ диэри тылын ылыннарбатаҕа диэн суоҕа. Оччотооҕуга улуус кулубата диэн бэйэтэ биир туспа муҥур ыраахтааҕы этэ. Киниттэн оннооҕор баайдар куттаналлара, толлоллоро, эгэ кэлэн дьадаҥы, үлэһит-хамначчыт дьон эрэйдээх кыбыстыбаттаах бэйэлээх буолуохтара дуо. Онтон да атын буолуон сатаммат этэ. Ыраахтааҕы ыйааҕынан хас бырааба аайы үрээнньиктэр ананаллара. Кинилэр улуус кулубатын этиитин барытын толорор эбээһинэстээхтэрэ. Хас бырааба аттын аайы «сибииккэ» диэн түннүгэ-үөлэһэ суох хаайыы ампаара турара. Онно улуус кулубатын ыйааҕынан ол үрээнньиктэр буруйдаах киһини хаайаллара. Саха, былыр-былыргыттан бэйэтин киэҥ дойдутугар туох да хаайыыта, хаарчаҕа суох сылдьа үөрэммит буолан, «сибииккэҕэ» олорорун өлөргө тэҥниирэ. Онон улуустар кулубалара бэйэлэрин тустарыгар олус суостаах, кутталлаах тойоттор этилэр.
– Тылбын быһа гыныахтара суоҕа, көмөлөһүөхтэрэ диэн кэлэн олоробун, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс көрдөһүүтүн түмүктүүр.
Сыгынньах ойуун, ыалдьытын диэки куһаҕан баҕайытык көрүтэлээт, оһох уота көхсүн олус сырайбытыттан олоппостуун сыҕарыс гынар.
– Киһи куйахата күүрүөх, бу туох ааттаах тыллаах-өстөөх кэллиҥ? – диэн ыйытан баран, хоруйун истибэккэ эрэ өгдөс гынан, уот иннигэр өһүөҕэ анньыллан турар дүҥүрүн сулбу тардан ылар, хаста да охсон ньиргитэр:
– А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба! Иннигэр арыалдьыттаах, кэннигэр сэтиилээх киһи кэлэн аҕай олорор эбиккин ньии!
Харатаайап: «Миигин кытта ол ким кэлэн олороруй?» – диэбиттии тула өттүн көрүнэр да, ким да суох. Ким да суоҕуттан хайдах эрэ этин сааһа аһыллан, тыбыс-тымныы кымырдаҕастар төбөтүн оройуттан уллуҥаҕын хараҕар диэри сүүрэкэлииллэр.
– А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба-ба! Моҥнон өлбүт кыыс оҕо айыыта эн дьиэҕин буулаан булбут! А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба-ба! Хааҕыргыыр хара суор буолан иннигэр-кэннигэр түһэн, манна батыһан кэлбит эбит ньии! А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Кини буулаан булбут үөрүн халбарыппат эбит буоллаххына, имири эстииһиккит, уоккут умуллууһук, оһоххут тоҥууһук, үөлэскит кырыарыыһык, түннүккүт оҥойууһук. Олоро сылдьыбыт сиргитигэр төҥүргэскит хоруорууһук, баайгыт-токкут барыта бараныыһык, уруугут-дьоҥҥут өлөн бүтүүһүктэр ньии!
Дьиэлээх кырдьаҕас кэпсэтэрин оннугар кыыра-кутура көрсүбүтүттэн Харатаайап олус куттанна. Манна кэлэрин туһунан кимиэхэ даҕаны биллэрбэтэҕэ, ол үрдүнэн, үөр буолбут кыыһа батыһан кэлбит. Дьэ ити кэннэ кини хайдах ыал буолан, буруо таһааран олоруой?
«Суор буолан батыспыт», – диэн санаа кини өйүгэр көтөн түһэр. Кырдьык, Быракаан үрэҕин тэҥкэтигэр биир суор хааҕыргыы-хааҕыргыы үрдүнэн көтөн ааспыта.
– Ытык кырдьаҕас, олорбут олохпут олох буолбатыгар тиийдэ. Күн буолуҥ, ый буолуҥ – абырааҥ! – диэн эмиэ көрдөстө.
Сыгынньах ойуун дүҥүрүн сэбэргэнэҕэ «дар» гына бырахта. Хайдах эрэ тыына тахсыбыт, санаата көммүт курдук дьүһүннэннэ, уотун инниттэн тэйэн, ырбаахытын кэтэн, ыалдьытыгар кэлэн, дьэ, илиитин биэрдэ.
– Мин сүбэм диэн туох кэлээхтиэй, бэйэтинэн илэ кэриэтэ сылдьар буолбут үөрү бу эргиннээҕи ойууннартан кыайан үтэйиэх баарын билбэтим, – диэтэ.
Алыһардаах удаҕан чаанньыкка чэй оргутан аҕалан ыалдьытыгар кутта. Кини бэйэтин туһугар эмиэ аатын киһи ааттаабат, оҕонньорунааҕар ордук хомуһуннаах удаҕан этэ. Кини туһунан эмиэ бэрт элбэх кэпсээн, сэһэн баара. Холобура, хайдах «удаҕанын» дьонугар биллэрбитин туһунан бу курдук кэпсииллэр:
«Дьоно ойууна да, удаҕана да суох син эн, мин курдук ама дьон эбиттэрэ үһү. Арай биирдэ кыыстарын иһэ улааппытын өйдөөн көрбүттэр. Биллэн турар, эргэ тахсыбакка сылдьар кыыс хат буолан хаалара улахан сааттаах суол.
– Хотуок, туохтан бу курдук иһиҥ үлүннэ? – диэн дьоно кыыстарыттан ыйыппыттар.
Кыыстара хайдах эрэ кирик-хорук туттан баран:
– Куттанымаҥ. Мин биир ойууну кытта хатыһан охсуспутум. Ол ойуунум аллараа дойду Хатыыстаах күөлүгэр таҥнары сүнньүөхтээх алыһар балык буолан умсубутун мин хахаарар таллан куоҕас буоламмын кэнниттэн эккирэппитим, ситэн ылан ыйыстан кэбиспитим. Ол иһин иһим улахан, – диэбит.
Ойуун, удаҕан диэн киһи эрэ барыта сөбүлээбэт суола. Аҕата хатыс быаны ылан:
«Эн баҕас эмиэ ойуун-удаҕан буола оонньообут буола-буолаҕын», – дии-дии кыыһын дэлби таһыйбыт.
Ол таһыйа сылдьан биирдэ өйдөөн көрбүтэ: кыыһын буолбакка, тиэргэнин ортотугар турар тойон сэргэтин таһыйа сылдьар эбит.
Дьэ онтон ыла дьоно кыыстарын саҥарбат буолбуттар. Аҕыйах хонон баран кыыстара сүтэн хаалбыт.
– Били баҕайы ойуурга тахсан туох эрэ буолла быһыылаах, эр дьон тахсан көрбөккүт ээ, – диэн онуоха ийэлэрэ дьонун соруйбут.
Дьоно ойуурга тахсан кыыһы көрдөөбүттэр. «Абааһы кыыһа хат буолбут саатыттан моҥнон өллөҕө», – дии санаабыттар. Арай ол көрдүү сылдьан көрбүттэрэ: кыыстара биир уот хараарда сиэбит чөҥөчөгүн төрдүгэр, хаан-сиин буолан баран, улахан баҕайы хааннаах алыһары тутан олорор үһү. Кинилэр кэлбиттэригэр кыыһыран хайысхаламмыт уонна эппит:
– Киэр буолуҥ, бэйэм кинини дьаһайыам!
Дьоно оннук үлүгэри көрөн баран туруохтара баара дуо, дьиэлэригэр төннөн киирбиттэр. Кыыстара ол күн киэһэ киирэн сыппыт. Били үллүбүт иһэ суох буолан хаалбыт үһү. Онтон ыла бу кыыс «Алыһардаах удаҕан» диэн аатырбыт. Аҕыйах сыл буолан баран Сыгынньах ойууҥҥа эргэ тахсыбыт».
Алыһардаах удаҕан оҕонньор Харатаайап кулубаны кытта кэпсэтэрин истэ олорон:
– Кыра ойууттарга кыайтарбатах баҕайыта ини, – диэн алын сыҥаах буолла.
Онуоха Харатаайап ыксаата. «Бу кырдьаҕастар ити курдук этэр буоллахтарына, атын ханнык ойуун кыайан үтэйиэ баарай?» – дии санаата.
Харатаайап оҕонньор таһырдьа тахсан атын хабыалата сылдьан көрбүтэ: дал кэтэҕэр, үрдүк тиит төбөтүгэр биир хара суор хааҕыргыы олорор. «Ити Маайа үөрэ сырыттаҕа», – дии санаан оҕонньор улаханнык куттанна. «Кэһии» оҥостон аҕалбыт икки иһит арыгытын уонна сылгы хаһалаах икки ойоҕоһун тутан дьиэҕэ киирдэ.
Остуолга икки иһит арыгы, харах уутун курдук, дьэҥкэрэн тураллара, эмис сылгы ойоҕоһо ууруллубута дьиэлээхтэр харахтарын абылаата.
– Бу ойоҕостору кыралаан аҕалбаккыт ээ, – диэн Харатаайап көрдөстө.
Сыгынньах ойуун хап-сабар туран, сылгы ойоҕоһун кыралаан аҕалла. Харатаайап буор чааскылары толору арыгы кутан бычалытта. Алыһардаах удаҕан чааскылаах арыгытыттан уокка бэристэ.
Иккис бытыылка түгэҕэ кууруута Сыгынньах ойуун хаана сымнаата. Алыһардаах удаҕан айаҕа аһылынна. Кинилэр, Харатаайап кулуба көрдөһүүтүн быһа гынымына, сөбүлэһиэх курдук буоллулар.
– Эһиги оҕоҕут үөрүн энньэлээн-сэтиилээн үтэйэн көрдөххө эрэ кыайтарара буолуо… Онно үс ойуунтан итэҕэһэ суох буоллахха эрэ кыайтарыан сөп, – диэтэ Сыгынньах ойуун.
– Сүбэлээбиччэ сүбэлээҥ, үһүс кырдьаҕаһы кими көрдөһөбүнүй? – диэн Харатаайап ыйытта.
Сыгынньах ойуун Алыһардаах удаҕанныын сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр.
– Төһө да Чэмэй абааһы эрэ ойууна буоллар, илии-атах буолан син сылдьыһыа, Ньээкээ ойуун баҕайыны ыҥыран көр. – Итинтэн салгыы сүбэлээтэ: – Кэрэҕэ суох сүгүн үтэттэрбэтэ буолуо, онон атыырыҥ үөрүттэн быа түһэ илик ала биэни туттаран баайтаран кэбис. Биһиги үс хонон баран, киэһэ күн киириитэ тиийиэхпит. Ньээкээ ойууну ол кэмҥэ булан аҕалаарыҥ.
Сэмэн Харатаайап мантан быһа инньэ чочулар аттыларыгар олохтоох Ньээкээ ойууну көрдөһө-ааттаһа барда.
VСэмэн Харатаайап, түбүк бөҕөнү көрөн, үс ойууну булла. Кэрэх ыйыырга анаан атыырын үөрүттэн хончойор сааллаах, төгүрүк самыылаах ала биэни туттарда. Ойуурга тахсан эмэх маһы булан киллэрэн, дьахтарга маарынныыр эмэгэт быстардылар. Ол эмэх эмэгэккэ Маайа мааны таҥаһын бастыҥын: бэдэр кэтэхтээх, буобура тулалаах, иннигэр үрүҥ көмүс туоһахталаах, кыһыл сукуна быалаах дьабака бэргэһэтин кэтэртилэр, икки кулгааҕар тоҕус сүһүөхтээх көмүс ытарҕаны ииллилэр. Истиин-тастыын хонуу буобуратыттан тигиллибит оноолоох сонунан сонноотулар. Үрүҥ көмүс кылдьыы симэҕин моонньугар кэтэртилэр. Оҕуруо тиһии сүһүөхтэрдээх илин-кэлин кэбиһэр симэҕин баайдылар. Синньигэс биилинэн, арсыын кэтиттээх, бытырыыстаах солко курунан курдаатылар. Атахтарыгар оҕуруо оһуордаах түнэ этэрбэһи, илиилэригэр буобура билэлээх бөрө тыһа үтүлүктэри кэтэртилэр. Ити барыта Маайа эргэ сүктэн барарыгар кэтиэхтээх таҥаһа этэ. Ол курдук таҥыннаран баран, эмэгэти Маайа утуйар хаппахчытын иһигэр киллэрэн сытыардылар, бэдэр тириитэ суорҕанынан саптылар.
Ылдьаана сордоох, оҕотун Маайа оронугар эмэх эмэгэт сытарын көрө-көрө, ытаан сордоно сырытта. Харатаайап харахтаах көрбөтүнэн, хаптаҕай кулгаахтаах истибэтинэн дьиэттэн ыраах, ойуур иһигэр, хоруоп оҥорторон бэлэмнэттэ.
Күрэххэ анаммыт биэ баайыллыбыта үһүс хонуга туолуута Харатаайаптаах дьиэлэригэр үс ойуун кэллэ. Кинилэргэ арыгы иһэртилэр, ас маанытын аһаттылар. Ойууннар ама дьон курдук хонон турдулар. Сарсыарда кинилэр кэрэххэ анаммыт биэни, хаппахчы иһигэр сытар эмэгэти көрөттөөтүлэр, хос иһигэр үһүөйэҕин хаалан тугу эрэ бэрт өр сүбэлэстилэр. Дьэ ол кэнниттэн кыырар таҥастарын, дүҥүрдэрин киллэртэрэн куурда уурдардылар. Кыырар хосторун кэтэҕэрииҥҥи түннүгүн тыгар саҥа сэргэ туруортардылар.
Киэһэ аһылык кэнниттэн Сыгынньах ойуун кэрэх биэтин аҕалтаран саҥа сэргэҕэ, түннүк аттыгар баайтарда. Хаҥыл биэ барахсан, дьиэ иһигэр хас киһи саҥатыттан, кыра да тыастан барытыттан үргэн, муннун тыаһа хап-хаһыҥырас буолла, сэргэтин кытта өрө туста, мөхсө турда.
Ойууннар кыыралларын көрөөрү эдэр уолаттар, кыргыттар сыбыытастылар. Чугастааҕы ыаллар бары кэллилэр. Урут чугас эргининэн үс ойуун биирдэ кыырбыта диэн суоҕа. Ол да иһин элбэх киһи муһунна.
Ойууннар кыырар аан хосторун түннүгүн-үөлэһин саптардылар, оһох уотун бүрүйтэрдилэр. Улахан ыаҕаска суоратынан ымдаан оҥорторон, биэ баайыллан турар түннүгүн анныгар туруортардылар. Дьэ ол кэнниттэн оһох иннигэр үс олбоҕу уурдаран баран, кыырар таҥастарын таҥыннылар, дүҥүрдээх былаайахтарын ыллылар. Сыгынньах ойуун бастаан, кини уҥа өттүгэр Ньээкээ ойуун, хаҥас өттүгэр Алыһардаах удаҕан ытарҕалаан:
– Үөһэттэн үлүгэрдээх үргүөр үргүйүмэ! Аллараттан алдьархайдаах аргыар аргыйыма! – диэн алҕаан, үс төгүл эргийэн баран, олбохторугар олордулар. Дүҥүрдэрин дөр-дөр охсо-охсо, абааһыларын ыҥыран иһиирэн сирилэттилэр, кэҕэлээн чоҥуйдулар, куоҕастаан хахаардылар, чөкчөҥөлөөн чобурҕаатылар. Дьэ онтон кутуран илгистэн бардылар:
– А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Үөһэттэн уһуллубут, үрдүктэн айыллыбыт, үргэл сулус үктэллээх, үс хороҥнуур бастаах Өксөкү кыыл эмэгэттэрбит, өлбөт үҥэр таҥараларбыт, бэттэх-бэттэх буолуҥ!
А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Уолах тиит быһаҕаһын саҕа уот моҕой тыллаах, хаардаах харыйа саҕа күөх ньалаҕай тыллаах, сэттэ бэлэс сиэмэх хааннаах эмэгэттэрбит, бэттэх-бэттэх буолуҥ!
Итинтэн салгыы, кэдэрги таттарбыт, кэлтэгэй атахтаах кээлээни абааһыларын киллэрэн, хос иһин эргийэ хааман:
– Аҕыс халлаан анараа өттүттэн, ааһан-туораан кэллим эбээт! Хайа, туох аһатар астаах, сиэтэр симэһиннээх буолаайаҕыат? – диэн Кээлээни абааһылара ас көрдөөтүлэр.
– Аһатар аспыт адьас суох, сиэтэр симэһиммит букатын суох! – диэн кулуба тойон бөөҕүнээтэ, мэлдьэстэ.
Утаа соҕус ону-маны тиҥсирийэн, оһох холумтанын тула хаампахтаан баран:
– Ыраах сиртэн ыксаан кэллибит, хайа, эргэ наадыйар субан кыргыттар, манна бааргыт буолаарай? – диэн айдаардылар.
– Суох, манна тоҕус уоннарын туолан токуйа кырдьыбыт эмэх эмээхситтэр эрэ бааллар! – диэн дьиэлээх киһи, Харатаайап кулуба, мэлдьэстэ.
– Оччоҕо ойоххо наадыйар уолан дьон олороргут буолаарай?
Ойуун кыырарыгар уруккуттан сылдьар дьон Кээлээни киирэн кэбилэниитин билэр буоланнар:
– Кэбис, тохтооҥ, киэр кэбэлийиҥ! Манна эһиги көрдүүргүт суох. Үрдүк өһүөлээхтэринэн, киэҥ түннүктээхтэринэн кэбэлийиҥ! – диэн хаһыытастылар.
Ойууннар, кээлээнилэрин киэр атаартаан баран, аны Төгүрүк алаас иччитин, чугастааҕы дойду иччилэрин алҕаатылар, ааттастылар.
Киэһэ халлаан илин иититтэн өрө көтөн тахсыбыт үргэл сулус халлаан оройун ааһан арҕаа диэки таҥнары хойуостан түһэн барар. Ойууннар аны абааһыларын: «Мантан барымаҥ», – диэн ааттаһан-көрдөһөн баран, уот отуннараллар, тохтууллар.
Ойууннар маҥнайгы түүннээҕи кыырыылара манан бүтэр. Дьон һуу-һаа буолан туран таҥналлар. Чугас дьиэлээхтэр дьиэлэригэр тарҕаһаллар, ыраах дьиэлээхтэр таһырдьа хамначчыттар балаҕаннарыгар хоно тахсаллар.
Иккис киэһэтигэр ойууннар эмиэ арыгыны амсайбаттар, аһы даҕаны аанньа аһаабаттар.
«Бу түүн Маайа үөрүн туталлара буолуо», – дии санаан, бэҕэһээ түүннээҕэр элбэх киһи мустар. Ойууннар кыырар хосторун оһоҕун толору уот отуннараллар, кэрэх биэ бааллан турар түннүгүн ыллараллар.
Эмиэ, били бастакы киэһэлэрин курдук, оһох иннигэр үс олбоҕу уурдараллар. Сыгынньах ойуун эмиэ бастыыр. Кинилэр, кутура-кутура, олбохторун үс төгүл эргийэллэр, абааһыларын ыҥыртыыллар.
Түннүк таһыгар турар хаҥыл биэ дүҥүр тыаһыттан куттанан кэтэҕинэн тиэстэн, хаһыҥыраан барар. Сыгынньах ойуун дүҥүрүн-былаайаҕын олбоҕор хаалларан баран, түннүк аттыгар кэлэр. Кини киҥир-хаҥыр кутура-кутура кэлэн ымдааннаах ыаҕаһы биэ диэки дьалкыппахтыыр. Хаҥыл сылгы, таныытын тарылата-тарылата, тиэрэ түһүтэлиир. Онтон сыт ылан, уулаабатаҕа биэс хоммута ыксатан ымдааннаах ыаҕаска муннун уган омурдан ылар. Сыгынньах ойуун, аргыый аҕай кутуран киҥинэйэ-киҥинэйэ, ыаҕастаах ымдаанын дьиэ иһигэр киллэрэр. Биэ ымдааны, дьиэ иһигэр төбөтүн уган, иһэн кэбиһэр.
Дьиэ иһигэр мустан олорор дьон, сип-сибилигин аҕай кустуу мөхсө турбут биэ түннүгүнэн төбөтүн уган ыаҕастаах ымдааны испитин көрөн, дьиҥнээх абааһы эрэ итинник оҥорторуохтаах диэн, дьиэ иһэ толору абааһынан туолбутун курдук санаан, олус куттаналлар.
Ойууннар биэ уулаабыт түннүгүн саптараллар, оһох уотун үлбүттэрэллэр. Эмиэ олбохторугар олорон, кыыран илгистэн бараллар.
– От-мас тиэйэр уолан киһи көхсүн хаанынан утахтаныахпытын, кыҥкыр-хаҥкыр туойар кыыс оҕо кыл хаанынан суунуохпутун баҕардахпытын ньии! – дэһээт, ойууттар тугу эрэ бахсырыйан ыллылар. Эмискэ дүҥүрдэрэ тыаһаабат буолан хаалла.
– Уотта оттон бу көлөлөрү куурда охсуҥ! – диэн Сыгынньах ойуун хаһыытыыр.
Уот оттон, дьиэ иһин сырдатан көрбүттэрэ: үс ойууннарын сирэйдэрэ, дүҥүрдэрэ кыа хаан буолбут.
«Ханнык эрэ суорума суоллааҕы, быстах үйэлээҕи булан сиэтилэр буолла?» – диэн ону көрөн олорор дьон уҥуохтара халыр босхо барыар диэри куттаналлар.
Ойууннар биэ бааллан турар түннүгүн астараллар. Дьиэ иһэ тымныынан аҥылыс гына түһэр. Кырдьаҕас оҕонньоттор тахсаннар кэрэх биэ икки хараҕын саба баайаллар уонна, ымдаан сыттаах ыаҕаһынан мэҥиэлээн, төбөтүн түннүгүнэн дьиэ иһигэр киллэртэрэллэр, быһаҕынан сүнньүн анньан өлөрөллөр.
Ойууннар ыйыыларынан, түөрт уолан киһи кэрэх биэ түөрт атаҕын тириитигэр туйахтарын холбуу сылдьар гына сүлэллэр. Биэни сүлэн, миэстэ-миэстэлэринэн араартаабыттарын кэннэ, Сыгынньах ойуун, биэ хас биирдии миэстэтиттэн быстаран ылан уокка биэрэ-биэрэ алгыыр:
Көй киин, көмүс уорук,
Үс бордооһуннаах
Буор оһохпут иччитэ;
Күл суорҕан,
Көмөр тэллэх,
Бырдьа бытык,
Саалы чанчык,
Булуур мунчук,
Уот мохолу
Тойон эһэ
Аал уоппут иччитэ!
Тоҕус кураах муостаах,
Тимир аарык быарыктаах,
Түөлбэ дүҥүр көлөлөөх
Үс ойуун кэлэммит,
Ас кээһэн ааттаһа,
Бэлэх биэрэн сүгүрүйэ,
Үҥэ-сүктэ, көрдөһө турабыт!
Хара баттахтааҕы харыһыйар
Халбаххай күммүт кэллэ,
Саха урааҥхайы көмүскүүр
Саппахтаах күммүт кэллэ!
Адьарай бииһиттэн ааҥнаабыты
Атаарар аартыкпытын
Арыйан, аһан кулу ньии!
Сыгынньах ойуун үс сиргэ чоххо уурбут сыалара уулан сырдьыгыныыллар, борооххой буруо буолан, эриллэ-эриллэ, оһох үөлэһин тардыытынан таһырдьа субуруйаллар. Онтон күлүм гынан күндээриччи умайаллар.
«Аал уоппут иччитэ кырдьаҕас алгыһын киһилии истэр эбит», – дэһэн көрөн олорор дьон сибигинэһэн кэпсэтэллэр, сөҕөллөр.
Ойууннар иккис түүннээҕи кыырыылара бүтэр.
Харатаайаптаах үс дьиэлэрин оһохторун уота кутаалана умайар. Улахан олгуйдарга кэрэх биэ этин буһаран лыксыталлар. Ойууннар кыыралларын көрө кэлбит дьону барыларын, ким иһэ төһөнү ыларынан, аһаталлар. Кэрэх аһын сокуона оннук этэ. Ким даҕаны айаҕар аһаабытыттан ордубуту илиитигэр тутан дьиэтигэр илдьэ барыа суохтаах. Ону таһынан, кэрэххэ өлөрүллүбүт сүөһү биир да мүһэтин бүлтэһин алдьатар сатаммат. Өскөтө биир эмэ киһи бүлтэс силиитин сиэри хайыппыт буоллаҕына, ойууннар: «Кэрэх көлөбүт бу туох ааттаах буолан доҕолоҥноото?» – диэн айдааны тардаллара үһү…
Сарсыныгар, кэрэх биэ тириитин маска тиирэн, дьиэ аттыгар туруордулар. Төгүрүк алаас хоту тыатыгар тахсан, үс салаалаах, хоҥкугур төбөлөөх, хоппоҕор хатырыктаах чаллах тииккэ кэрэх биэ тириитин ыйыыр туорай маһын оҥорон киирдилэр. Биэ бары кырамталарын уҥуоҕун хомуйан туос түктүйэҕэ уктулар, сигэнэн кэлгийэн баайдылар, үүйдүлэр.
Үһүс киэһэлэригэр ойууннар эмэгэти угар хоруобу дьиэ иһигэр таҥаһынан саптаран киллэртэрэллэр уонна кистии уурдараллар.
Кинилэр бу түүн кыырар хосторун оһоҕун күнү быһа харса суох отуннарбыттара киһи дыгдаччы буһар буола итийбит этэ. Онуоха эбии түннүктэри, оһох үөлэстэрин барытын саптаран кэбиспиттэрэ.
Ойууннар олбохторугар олоруохтарын иннинэ бэйэлэрин солко куһаатынан ноторуускалыы баайтарбыттара. Тоҕус эр киһини ыҥыран ылан:
– Биһиги «үөрү» бохсуруйдарбыт эрэ, дьэ, бэркэ диэн кытаатан тутаарыҥ. Төлө туттаххытына, «үөр» биһигини кытта манна мустан олорор дьону барыгытын аллараа дойдуга тэбэн кэбиһиэ, – диэн сэрэппиттэрэ.
Ойууннар кыырар хосторун иһэ им-балай хараҥа этэ. Биир сиргэ үс дүҥүр тыаһа ньиргийэрэ уонна ыт тыһа бүрүөлээх былаайахтартан уот сардыргыыра. Ити барыта оччотооҕу хараҥа, үөрэҕэ, билиитэ суох дьону олус куттуура. Ойууннар кутурар тылларын тамаҕыттан өйдөөтөххө, Маайа, үөр буолан, ханна эрэ манна куота сылдьарын: «Тохтоо, олор», – диэн көрдөһөр быһыылаахтара.
Түүн оройо лаппа ааһыыта кыыс үөрэ, кинилэр тылларын, көрдөһүүлэрин дьэ ылынан, дьиэтин иһигэр киирэн, утуйар хаппахчытыгар ааспыт аатырбыта. Кырдьык, бу кэмҥэ ким эрэ Маайа хаппахчытын аанын аһар, сабар тыаһа иһиллибитэ.
Ойууннар, тоҕус тутар дьону батыһыннаран, Маайа хаппахчытын иһигэр киирэллэр. Кинилэр эмэх эмэгэти тула хаамса сылдьан:
– Чокуруос харахтаах, тараахтаах туйахтаах, иэгэйэр икки атахтаах тутан көлүнэ сылдьыбатах ала, туҥуй биэтинэн көлөлөөн, эйигин, эйэҕэс бэйэҕин, атаараары ааттаһа-көрдөһө кэллибит: олоро сылдьыбыт ороҥҥор олор, сыта сылдьыбыт тэллэххэр сыт! – диэн ааттаһаллар.
Ойууннар ах бараллар. Туохха эрэ үөмэн эрэр курдук, сыбдыйаллар. Онтон эмискэ хатан баҕайытык:
– Ха-а-ах! – диэн часкыйаат, эмэгэт үрдүгэр умса түһэллэр уонна, бохсуруйан, ыт кус оҕотун тутан эрэрин курдук, дьүһүлэнэллэр. Ол кэнниттэн, хаһыҥырыы түһээт, эмискэ өрө кэдэрийэн тиэрэ түһүөх курдук охтоллор. Ону тоҕус киһи куртан тутан охторботтор. Ойууннары, хаппахчы иһиттэн сыһан-соһон аҕалан, олбохторугар олордоллор. Кистээн сытыарар хоруоптарын дьиэ ортотугар туруораллар уонна онно Маайа таҥаһын таҥыннарбыт, хаппахчы иһигэр сытар эмэгэттэрин угаллар.
Тоҕус киһи ойууннары соһон аҕалан эмэгэт үрдүгэр үҥүлүтэллэр. Сыгынньах ойуун, уһуктубут курдук, төбөтүн өрө көтөҕөн, такымнарын бакык-бакык хамсатан, кутуран барар. Кинини Ньээкээ ойуун уонна Алыһардаах удаҕан үтүктэллэр:
– Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт кыыс оҕо үөрэ илэ хаампытын тутан, эмэгэт маска иҥэрэн, куочай маска хомуйан, өрөгөйдөөх дьайбытыгар өрө көтөҕөн, барбыт төннүбэт, түспүт күөрэйбэт – үс субан туруйа кыыл өһүөлээх, аҕыс аҥыр кыыл тирээбиллээх, куба көтөр түөһүн түүтүнүү кубаххай маҥан халлааҥҥа көлөлөөн атаардахпыт буоллун ньии!
Ити курдук кутура-кутура, хоруоп иһигэр сытар эмэгэккэ силлээн-хаахтаан баран, уот отуннараллар, хоруобу саптараллар. Бэйэлэрэ туох да бокуойа суох кыыран илгистэллэр, бабыгырыы-бабыгырыы өрүтэ көтөн эккирэһэллэр.
Сыгынньах ойуун дьиэ аанын баран тэлэччи аһан кэбиһэр. Тымныы салгын дьиэ иһигэр аҥылыйан киирэр. Тиритэн уу чоккурас буолбут ойууннар, аан аттыгар кэлэн эккирэһэ-эккирэһэ, эмиэ кутуран бараллар:
Өксөкүлээх үрдүк
Өндөй халлааҥҥа
Өрө көтөн истэхпит…
Дьыбар тымныылаах,
Тыйыс тыыннаах халлааҥҥа —
Суккуллар бэлэһинэн,
Суураллар айаҕынан
Өрө дьулуһан истэхпит…
Аан аттыгар эккирии турар ойууннар ыһыллыбыт баттахтара чоҥкуччу кырыарар, кыаһаан муустанар. Ону көрөн олорор дьон санааларыгар, бу үс ойуун илэ-чахчы тымныы халлааҥҥа ыттыбыт курдуктара. Ол курдук кыыран, ойууннар Маайа үөрүн үөһэ үтэйэллэр.
Кыһыҥҥы түүн ааһыыта ойууннар кыыран бүтэллэр.
Дьон бэрт тиэтэлинэн таҥнан, эмэгэттээх хоруобу сүгэн уонна «кэрэх» тириитин илдьэ ойуурга тахсаллар. Манна хайа сахха хаһыллан бэлэм турар ииҥҥэ эмэгэти көмөллөр уонна «кэрэх» тириитин ыйыыллар. Кинилэр эргиллэн киириилэригэр остуол муҥунан ас-арыгы бөҕө тардыллан тоһуйар. Ойууннар, улахан бэйэлээҕи кыайбыт курдук, үөрэ-көтө аһыыллар.
– Дьэ, бэрт эрэйинэн да буоллар, үтэйдибит. Аны оҕоҕут үөрэ биллиэ суоҕа, – диэн Сыгынньах ойуун дьиэлээхтэри уоскутардыы этэр.
– Эһиги эппэтэххит буоллун! – диэн дьиэлээх Сэмэн оҕонньор уонна Ылдьаана үөрэллэр.
Бу күн ойууннар кыыралларын көрө кэлбит дьон дьиэлэригэр тарҕаһаллар. Ойууннар манна өрүүллэр, сынньаналлар. Иккис күнүгэр, дьиэлэригэр баралларыгар, Харатаайаптаах кинилэргэ биирдии буос ынаҕы манньалыыллар, «илии соттууга» диэн сүүрбэлии арсыын сиидэс таҥаһы туттараллар уонна «атах соболоҥо» диэн 25-тии солкуобай харчыны биэрэллэр.
Ойууннар Маайа үөрүн үтэйиэхтэриттэн ыла, кырдьык-хордьук курдук, дьон: «Маайаны көрдүбүт, иһиттибит», – дэһэллэрэ тохтуур. Ийэтэ Ылдьаана, аҕата Сэмэн хайдах эрэ сынньаммыт курдук буолаллар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.