Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 16

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 16 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
IV

Маайалаах Сүөдэр быйыл саас хамнастарын аахсан, сүөһүлэрин ылан, туспа ыал буолар баҕаларын Уйбаан Сэмэнэбис кэлэ сылдьан үрэйэн кэбиһэр. Маайа туспа ыал буоларыттан тоҕо эрэ куттанар курдук. Онон Лэгиэнтэй атыыһыттаахха аны үһүс сылларыгар үлэлиир буолаллар. Лэгиэнтэй атыыһыт онтон үөрүүтэ-көтүүтэ улахан. Кини Сүөдэр курдук көнө, үчүгэй үлэһити, кини баайын иһин уокка да, ууга да киирэриттэн кэрэйбэт киһини хантан булуой?! Оттон дьиэ үлэтигэр Маайаҕа тэҥнээх эмиэ ким кэлиэй?

Сүөдэрдээх Маайа сайын барахсан кэлэн ааһа охсубутун үчүгэйдик өйдөөбөккө хаалаллар. Хайа сахха күһүн кэлэн, сыарҕа хаара түһэн кэбиһэр.

Сүөдэр тойонун Лэгиэнтэй атыыһыт таһаҕаһын Маачаҕа киллэрэ айаҥҥа барар. Маайа ыарыһах хотунун көрө, бүөбэйдии, Лэгиэнтэй атыыһыт хоноһолорун, ыалдьыттарын аһата хаалар.

Уйбаан Сэмэнэбис буоллаҕына хаар түһэрин, муус тоҥон суол турарын кытта, Харатаайап кулубаны сирэй көрсөн кэпсэтээри, Орто Бүлүүгэ айанныыр. Кини хас да хонук устата айаннаан, Орто Бүлүү улууһун булар. Хампа диэн улуус быраабата баар сиригэр киэһэлик соҕус тиийэр. Улуус быраабатыгар ким да суох эбит. Дьон кини киириэн иннигэр аҕай тарҕаспыт быһыылаахтар.

Уйбаан Сэмэнэбис чугас хонор ыал көрдөһөөрү таһырдьа тахсар. Бырааба чугаһыгар турар дьиэҕэ киирэр. Дьиэ иһэ борук-сорук. Көмүлүөк оһох маһа умайан, төлөннөнөр кэмэ ааһан, кыһыл чоҕунан көрбүт. Оһох аттыгар иттэ турар эмээхсин, ытыраары гыммыт курдук, айаҕын аппатан, уһун, саһархай аһыыларын көрдөрө-көрдөрө, Уйбаан Сэмэнэбистэн ыйытар:

– Бу, хайа диэкиттэн сылдьар киһигиний? Дьокуускайтан даа? Ы-ы-ы! Ырааппытын баҕаһын! Ол туох соруктаах буолан, бу дойду буоругар үктэнниҥ?

– Эһиги улуускут кулубатыгар – Сэмэн Харатаайапка наадалаах кэллим, – диир Уйбаан Сэмэнэбис.

– Ол эрэйдээх саҥардыыҥҥыта дьиэтин диэки баран эрэрэ, ол ыал олохторугар муор-туор буолбуттарын истибит киһи сылдьар инигин?.. – диэт, эмээхсин үөһэ тыынан кэбиһэр. – Суос-соҕотох кыыс оҕолоохторо, бэйэтэ даҕаны урут бу буорга үөскээбэтэх кэрэ, үчүгэй оҕо, эмискэ…

Уйбаан Сэмэнэбис тыыммат да, чыпчылыйбат да, бу эмээхсин туох диирин саҥата суох иһиллээн олорор, оһоххо оттуллубут кураанах мас умайан таһыргыырын иһигэр абааһы көрө саныыр.

– Өлөн хаалбыта… Өлөн да диэн, манна киһи суоҕуна эттэххэ, сүтэн хаалбыта. Ону биһиги «кырдьаҕаспыт», көрүүлэнэн, моҥнон баран, ууга барбыт диэбитэ… Дьэ, онтон ыла… сатамматар эрэ барыта наар аанньа буолан иһээччи… Ээ, бу сирэйэ сытыйбытыҥ баара, ынахтарбын киллэртиирбин харааччы умнан кэбиһэн баран олорор эбиппин буолбат дуо?! – диэн эмээхсин, кэпсээнин ситэрбэккэ эргэ сону кэтэн, борооххой саал былааты баанан, таһырдьа тахсан барар.

Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин ситэрбэтэҕиттэн кыһыйа саныыр. Сотору уокка ууруллубут алтан чаанньык оргуйан, уута таһынан барар. Ким да суоҕун көрөн, Уйбаан Сэмэнэбис ол чаанньыгы тыаҕа тардар.

Өөр буолан баран, били таһырдьа «сүөһүлэрин киллэртии» барбыт эмээхсин, аны оһоҕун кэнниттэн, хотонуттан тахсан кэлэр. Эмээхсин, сонун устаат, саал былаатын көхөҕө ыйаат, аны чэй кутар айдааныгар түһэр. Таһырдьаттан киирбит эрэ киһини чэйдэтэр, итии киллэрэр уонна кинини кытта ону-маны кэпсэтэр – саха ыалын абыычайа.

Уйбаан Сэмэнэбис, чэйдии олорон, били эмээхсин ситэрбэтэх кэпсээнин ситэ истээри:

– Дьэ, ол оҕолоро сүппүтүн кэннэ? – диэн ыйытар.

– Ы-ы-ы! Киһи баччаҕа, таһырдьа хараҥа буолтун кэннэ, кэпсэппэт, саҥарбат үлүгэрэ кэлбитэ… Харатаайап кулубалаах кыыстара илэ сылдьар абааһы буолбута… Үс аарыма ойуун, кэрэх көтөҕөн үтэйэннэр, билигин биллибэт… Дьэ, онтон ыла…

Уйбаан Сэмэнэбис этэ тымныйан, куйаҕата ытырбахтаан ылыталыыр. «Ама, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха олорор дьахтар – илэ сылдьар дэриэтинньик буолуо дуо? – диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. – Сымыйа буолуо, ама, дэриэтинньик, киһи курдук, эрдэнэн, оҕо төрөппүт үһүө».

Тииһэ суох эмээхсин ол киэһэни быһа Харатаайап кулуба кыыһа Маайа хайдах абааһы буолан сылдьыбытын, тугу оҥорбутун кэпсиир:

– Сэгэриэм, манна киһи суоҕар эттэххэ, Сэмэн кулуба бэрт тордурҕас, дохсун майгылаах киһи этэ… Кини быһа-хото баттаабыта төһө да иһиллибэтэҕин иһин, баттыгаһа суох баай диэн баар буолуо дуо? Мин оҕонньорум күн бүгүнүгэр диэри киниэхэ хас сайын аайы отун оттуур, кыһынын аайы маһын мастыыр да – киһи ыллым ээ диир гына илиитигэр тутан хамнаһын аҕалбыта диэн суох… Ити, манна киһи суоҕар эттэххэ, Улахан Эбэ диэн сири хордорбут аньыыларыгар оҕолорун Эбэ иччитэ ылан барбыта… Көр, Эбэ иччитэ уу түһэригэр дьахтар буолан Бөчөөх оҕонньордооххо киирэн тахсыбыт этэ…

Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин маҥнай утаа олус сонургуур, онтон кэлин, итэҕэйиминэ, истиэн да сүрэҕэлдьиир. Эмээхсин кэпсээнин ис хоһооно барыта «үөр», «Эбэ иччитэ», «абааһы» этэ.

Эмээхсин, Уйбаан Сэмэнэбис итэҕэйэригэр-итэҕэйбэтигэр кыһаллыбакка, кэпсии-дойҕохтуу олорор:

– Улахан Эбэ хоруутун хаһалларыгар бэрт үгүс киһи хара көлөһүнэ тохтубута. Буорун хааһахха хаалаан, быанан соһон таһаараллара. Оннук дириҥ хорууну хаспыттара. Көр, улахан сири тыытар, хорор – бэрт аньыылаах буолааччы!.. Оо, Сэмэн кулубалаах ол өлбүт кыыстарын олус да таптыыллара. Биир нуучча бэһиэччигин дьиэлэригэр олордон, кыыстарын кыра эрдэҕинэ үөрэттэрэ сылдьыбыттара… Хата, киһи куһаҕантан күлүө да кэлэр ээ! Ол учууталлара кыыстарын: «Таҥара да суох, абааһы да суох!» – диэн үөрэппит үһү. Ону маннааҕы баачыка билэн, ол бэһиэччиги киэр үүрдэрбит үһү. Ол аньыыларыгар кыыстара, бэйэтигэр тиийинэн өлөн баран, илэ барбыта…

Киэһэ хараҥа буолбутун кэннэ, эмээхсин икки уолаттара хантан эрэ ыраахтан от тиэйэн, тоҥон-хатан кэлэллэр. Оҕолоро кэлэрин кытта эмээхсин им-ньим барар.

Бу түүн Уйбаан Сэмэнэбис букатын утуйбат. Кини Киллэмҥэ олорор дьахтар «Маайабын» диэн чахчы сымыйалаабыт дии саныыр. Кини хайдах да Харатаайап кулуба кыыһа буолуон сатаммат курдук.

«Оо, аан дойду үрдүнэн эҥин-эҥин да дьоннор бааллар ээ. Сахалар кырдьыгы этэр буолаллар эбит: «Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэн, – дии саныы-саныы, Уйбаан Сэмэнэбис оронугар өрө мөхсө сытар. – Кини, сымыйанан Харатаайап кулуба кыыһа буолан, тугу туһанарый? Мин бу тугум кыһалҕатыгар туораттан кыбыллан, саакка киирбит муҥум буолуой?»

Уйбаан Сэмэнэбис сарсыарда, чэйдээн баран, Орто Бүлүү улууһун быраабатыгар кулубаны көрсө барар. Харатаайап кулуба быраабатыгар эрдэ кэлэр үгэстээх эбит. Уйбаан Сэмэнэбис саҥардыы ону-маны кэпсэтэн, билсэн эрдэҕинэ, аан аһыллар – модьуун сиэбит борооскутун курдук, түүтэ түспүт, лаҕыыр буолан хаалбыт арбаҕастаах, нэк бэргэһэлээх оҕонньор киирэр. Кини хаамар-хаампат икки ардынан сыҕарыйан кулуба тойоҥҥо чугаһыыр:

– Күн баһылыктарыам… Хайа муҥун мин сордоох итинник атаҕастабылга-баттабылга олоруохпунуй?.. Хаппытыанап кинээс бороҥ атыырын үөрэ, түөрт уонча сылгы, биир от сыыстаахпын, күрүөтүн сиҥнэри анньан киирэн, сиэн-тэпсэн кэбиспит. Дьэ, бэйэҕит да тойоннооҥ, биир ынахтаахпын тугунан аһатан дьыл таһаарабын?

– Кинээскин кытта кэпсэттиҥ дуо? – Харатаайап кулуба ыйытар.

– Э-э-э! Кинээс мин сордоох тылбын истиэ дуо?! Дьиэтиттэн үүрэн таһаарда, ол иһин бу кэллим ээ.

– Бырыһыанньата суруттаран киллэр – көрүллүө.

– Бырыһыанньа да-а? Ол мин хантан суруксуту булан суруттарабыный? Арай баачыкаттан көрдөһүөх баҕайым дуу? – дии-дии оҕонньор тахсан барар.

– Миэхэ туох соруктаах буолан, бачча ыраах сиртэн кэлбит киһигиний? – диэн Сэмэн Харатаайап Уйбаан Сэмэнэбистэн ыйытар.

Уйбаан Сэмэнэбис хайдах кэпсэтиитин саҕалыан сатаан булбат, аһыыга ылларбыт оҕонньортон өлбүт оҕотун туһунан ыйыталаһыан хайдах эрэ толло саныыр.

– Мин кэлбит соругум диэн… быһатын эттэххэ… Эн хас оҕолоох этигиний? – диэн кини олуонатык ыйытар.

Сэмэн Харатаайап бу киһи көһүппэтэх суолун ыйыппытыттан улаханнык соһуйар, дьиктиргиир, мэктиэтигэр чинэрис гынан ылар.

– Ол, мин хас оҕолоохпор тоҕо кыһаммыт киһигиний? – бэрт суостаах баҕайытык туттан олорон, кулуба хардары ыйытар.

Суох, Уйбаан Сэмэнэбис бу киһиэхэ Киллэмҥэ олорор дьахтар туһунан кэпсээн биэрдэҕинэ сатаныыһык. Онон кини, быһыта-орута да буоллар, Киллэмҥэ олорор Маайа туһунан кэпсиир.

– Кэргэнин аатын ким диэтиҥ?.. Араспаанньата?.. Суох, сымыйа… Быладьыымарап диэн араспаанньалаах киһини букатын истибэтэҕим… Э-э?.. «Хабырыллайап атыыһыт уола?» Оннук ааттаах киһи кырдьык сылдьыбыта… кэпсэппитэ… – диэн Харатаайап кулуба, Уйбаан Сэмэнэбис кэпсээнин сэргиэх курдук буолан иһэн, эмискэ куолаһа тымныйа түһэр. – Ити кэпсиир дьахтарыҥ биһиги кыыспыт буолбатах… Мин суос-соҕотох оҕолооҕум өлбүтэ… Онтон ураты оҕобут суох…

Сэмэн оҕонньор, бу олорон, былырыын кыһын кэлэ сылдьыбыт суругу өйдүүр. Онно эмиэ итинник ааттаах сиргэ: «Эн кыыһыҥ олорор дуо?» – диэн ыйыппыт этилэр. «Ити аата, ама маннааҕы кырдьаҕастар, үтэйдибит диэн, оҕом айыытын ол сиргэ тиэрдэн кэбиспиттэрэ буолуо дуо?» – дии санаан, оҕонньор олус куттанан кэлэр. Оннук эрэ буоллаҕына, кыыстара кинилэри эмиэ булара, манна эмиэ кэлэрэ буолуо. Итинник санаан, Харатаайап Киллэмнээҕи дьахтар мин кыыһым буолбатах диэн кыккыраччы мэлдьэһэргэ быһаарынар.

Уйбаан Сэмэнэбис, оҕонньор тугу эмэ эбии саҥарыа диэн көһүтэн көрөн баран:

– Хайдах гыныахпытый?.. Өлбүт аата – өлбүт, – диир уонна тахсан барар.

V

Сэмэн Харатаайап өр соҕус саҥата суох олорбохтуур. Кини мантан тахсан барбыт Уйбаан Сэмэнэбиһи төттөрү ыҥыран киллэрэн, ол «Харатаайап кулуба кыыһынабын» диир дьахтар туһунан үчүгэйдик иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕын кэмсинэ саныыр. Кини бу күн устата иирбит дуу, итирбит дуу курдук сылдьар. Быраабаҕа өр тулуйан олоруо суох буолан, киэһээҥигэ тиийбэккэ, дьиэтигэр барар.

Сэмэн оҕонньор, дьиэтигэр да кэлэн, олоруох да, туруох да сирин булбат, дьиэтин иһин биир гына төттөрү-таары хаамыталыыр.

– Бу туох буоллуҥ? Ыарыйдыҥ дуу? – кэргэнэ Ылдьаана дьиктиргээн ыйытар.

– Суох, туох буолан ыарыйдамый! – оҕонньор бэрт ыараханнык үөһэ тыынан ылар уонна, улаханнык сылайбыт курдук, хараҕын халтаһатын арыычча атытан, Ылдьаана диэки көрүтэлиир.

Ылдьаана Маайа сүтүөҕүттэн ыла быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара эрэ ордон хаалбыт. Мэктиэтигэр, уҥуохтуун намтаабыт курдук буолбут. Ыас хара баттаҕын икки чанчыктара маҥхайан көстөр буолбуттар. Икки хараҕын, уоһун тулата биллэ мыччыстыбыт.

Сэмэн оҕонньор бүгүн туох буолбутун кэргэнигэр Ылдьаанаҕа хайаан да кэпсээтэҕинэ сатаныыһы, – оччоҕо эрэ уоскуйууһу.

– Кэл эрэ, манна олор, – диэн Ылдьаананы ыҥырар.

– Тоҕо ыҥырдыҥ? Туох баарый? – Ылдьаана куттаммыт курдук ыйытар.

Оҕонньор, дьиксиммит курдук, дьиэ иһин тула көрбөхтүүр, хос аанын үчүгэйдик сабар. «Ама, эмиэ оҕобут үөрэ күөрэйдэҕэ дуу?» – дии санаан Ылдьаана ыксыыр, көхсө кыарыыр, тыына кылгыыр, сүрэҕэ, тырыта баран эрэр курдук, аһыйталаан ылыталыыр.

– Биир дьикти суол баар буолла, – Сэмэн сибигинэйэр былаастаан этэр.

«Оо, сорбут да баар буолар эбит. Эмиэ оҕобут биһигини сүгүн олордумаары гыммыт муҥа буолуо дуо?» – дии санаан, Ылдьаана хараҕа хараҥара түһэр:

– Дууһабын эрэйдээмэ, туох баар буолла? Эт!

Сэмэн оҕонньор Ылдьаана аттыгар кэлэн олорор уонна аргыый аҕай этэр:

– Былырыын… Сааһыары кыһын, сыарҕа суола алдьана илигинэ… Чэ, биир тылынан эттэххэ, оҕобут Маайа туһунан ыйытык…

– Көрсөн кэпсэппит оҕо көстүбүт дуо? – диэн Ылдьаана тулуйумуна быһа түһэн ыйытар.

– Бэйи, тохтоо, ыйытык сурук кэлбитэ… Мин ону: «Оҕобут өлбүтэ, онтон атын оҕобут суох», – диэн харда суруйан ыыппытым.

«Оҕобут өлөн баран, үөр буолан, биһигини була сылдьыбытын туһунан истэн ыйытык сурук суруйдахтара. Оо, сааппыт да баар буолар эбит!» – дии саныыр Ылдьаана. Кини, былаатын төбөтүн тииһигэр ытыран олорор, субу ытаан төлө барара чугаһаабыт быһыылаах.

Сэмэн оҕонньор кэргэнин уоскутаары, көрдөһөр икки мөҥөр икки ардынан этэр:

– Эн куттаныма!.. Киһи куттанара онно суох…

– Ол оҕобут сордооҕу ким ыйыппытый? – Ылдьаана саҥата айаҕыттан нэһиилэ тахсар.

– Ким диэн… Дьокуускай мировой судьуйата биһиги ыспараанньыкпытынан ону ыйыттарбыт этэ… Ким эрэ үҥсүү киллэрбит…

– Үҥсүү да-а! – Ылдьаана соһуйан хараҕын муҥунан көрөр. Кини ол Маайа өлбүтүн туһунан туох да үҥсүүтэ киириэн сатаан да санаабат этэ.

Сэмэн Харатаайап, буруйдаммыт оҕо курдук, сирэйин кистии тутан олорон, иһиллэр-иһиллибэттик саҥарар:

– Ол кэлэ да сылдьыбыт сурукка… Бүгүн да кэлэ сылдьыбыт киһи тылын номоҕуттан өйдөөтөххө, ханна эрэ Киллэмҥэ биһиги кыыспытынан ааттанар дьахтар олорор эбит… Нам улууһун кулубатын – Дьаакыбылап кулубаны кытта үҥсэр үһү…

– Дьаакыбылап да-а?

– Дьаакыбылап… Онно туох баарый?

– Били биһиги оҕобутун уолугар кэргэн кэпсэтээри кэлэн хонон барбыт кулуба буоллаҕа дии? – Ылдьаана, оҕотун Маайаны кимнээх кэлэн ыйыттара сылдьыбыттарын барыларын өйүгэр ырытан көрө сылдьар буолан, кини Нам улууһун кулубатын аатын умнубат этэ.

– Кырдьык, оннук эмиэ баара… Ол кулубаҕа биһиги оҕобут туох сыһыаннаах буолан үҥсүбүт үһү, – диэн Сэмэн бэйэтин санаатын этэр.

– Ол, туох диэн үҥсэр курдук үһүнүй?

– Саат куттарыытыгар курдук ис хоһооннооҕо… Ол кулуба кыыһы, албыннаан, хамначчыт уолугар кэргэн ылан биэрбит үһү. Ол иһин саат куттарыыта…

– Сымыйа буолуо… Ол биһиги оҕобут Дьаакыбылап кулубаны кытта тугар үҥсүөй… Саат куттарыыта буоллаҕына – тугу эрэ атыны булкуйаллар ини, – диэн баран, Ылдьаана үөһэ тыынан кэбиһэр. Кини маҥнай утаа: «Оҕом Маайа көстөөрү гыннаҕа?» – диэн иһигэр үөрэ санаабыта табыллыбатаҕыттан санаата түһэн, үрүллүбүт хабаҕы тэһэ астахха тыына тахсан хапсыйан хааларын курдук, сэниэтэ суох нук курдук буолар.

– Мин ол иһин итэҕэйбэтэҕим… билигин да итэҕэйбэппин… Оччо ыраах сиргэ биһиги оҕобут хайдах тиийиэй?.. Барбыт да буоллаҕына, тоҕо биһиэхэ эппэккэ эрэ барыай?.. – диир оҕонньор.

– Биһигиттэн тугу ыйыталларый?

– «Биһиги кыыспыт олорор» диэн туоһулаа дэһэллэр.

– «Туоһу?..» Бэрт да буолар эбит… Оччо сурук кэлбитин кэннэ, кини олорор сирэ ыйыллар буолтун кэннэ… Баран көрөн да кэлиэ эбиккин… Оҕобутун сүтэрэн, биһиги оччо эрэйи көрбүппүт, – Ылдьаана хараҕын уутун соттон барар. – Аҕа диэн итинник… Мин, истибитим буоллар, ама баччааҥҥа диэри тулуйан олорор этиэм?» – диэн Ылдьаана кэргэнин сэмэлии саныыр.

Харатаайап оҕонньор сурук кэнниттэн бара сылдьыбатаҕын иһин иһигэр бэйэтин бэйэтэ буруйдана да санаатар, тоҕо барбатаҕын кэргэнигэр быһааран көрөр:

– Мин, кырдьыгын эттэххэ, куттана санаан барбатаҕым… Баҕар, били ойууттар оҕобут айыытын онно илдьэн кэбиспиттэрэ буолуо. Аны ол көстөн, саата, аньыыта, эрэйэ күөрэйиэ дии санааммын…

Хос иһэ им-дьим буолар. Таһырдьа тыал хаары көтүтэн аҕалан түннүк тааһыгар быраҕар, дьиэ иһигэр киирээри гыммыт курдук, истиэнэни тарбыыр.

Сотору соҕус киэһээ аһылыктара буолар. Оҕонньор да, эмээхсин да аанньа аһаабаттар. Кинилэр сотору ороннорун булаллар да, уулара кэлбэт. Өйдөрүттэн оҕолоро тахсыбат. Сэмэн бэйэтэ биир туспа саныы сытар, Ылдьаана эмиэ биир туспа санаалаах.

Ылдьаана кэргэнигэр аргыый аҕай этэр:

– Биһиги, кырдьыга, оҕобутун «өлбүтэ» диэхтиибит да, кини хайдах да буолбутун, ханна да барбытын билбэт буолбаппыт дуо?

– Кэбис, – диэн сибигинэйэр Сэмэн оҕонньор, – Сыгынньах ойуун, көрөн турбут курдук, көрүүлэммитэ буолбат дуо?

– Оннугун-оннук да, мин, оҕобун илиибэр тутан көммөтөх буоламмын, билигин да ханна эрэ баара буолуо, тыыннаах сырыттаҕа дии саныыбын.

– Мин итэҕэйэбин… били… – диэн Сэмэн оҕонньор кинилэри оҕолорун үөрэ булан сордообутун ахтан аһарар.

Эмиэ саҥата суох өр соҕус сыталлар. Таһырдьа тоҥмут ыт ыйылыыр, ытыыр саҥата иһиллэр. Ылдьаана ыт сордоох ытыырын истэн: «Оҕом Маайа, тыыннаах буоллаҕына, төһө эрэ тоҥон, ытаан-соҥоон эрэрэ буолла?» – дии саныыр.

– Оҕонньоор, эн ол этэр сирдэригэр баран кэлбэккин ээ, – диир Ылдьаана көрдөһөн эрэрдии.

– Баран да… ким билэр… Биллэн турар, атын дьахтар буолуо.

– Оҕобут иннигэр оччо эрэйи көрбүппүт, саатар, оччо сурах баарын истэ-истэ, баран билбэппит сүрэ да бэрт, – Ылдьаана ытамньыйан барар.

– Чэ-чэ, ытаама!.. Быһаарыахпыт, – Сэмэн оҕонньор улаҕа диэки эргиллэр.

– Оҕом… баҕар, быстан-ойдон сылдьара буолуо… Бу күннэргэ түһээммин куруутун оҕобун көрөбүн, – диэн ботугуруур Ылдьаана ытыырын быыһыгар.

Ийэ сүрэҕин курдук оҕотун иннигэр кэбирэх, сылаас, сымнаҕас, үтүө, амарах ама туох баар буолуой?! Ийэ сүрэҕэ оҕотун туһугар күн курдук сырдык! Ийэ сүрэҕэр оҕото хоргутарын курдук ыарыылаах, кутурҕаннаах туох баар буолуой?! Орто дойдуга төрөөбүтүн үчүгэйинэн ааҕар, күн сирин кэрэтин өйдүүр киһи ийэ барахсан сүрэҕин ытыктыах, кэриэстиэх тустаах! Киһи көрөр хараҕа, сүүрэр быһый атаҕа, дьоҕурдаах нарын тарбаҕа, сылайбат сындааһына – барыта ийэттэн төрүттээх!

VI

Уйбаан Сэмэнэбис, дойдутугар төннөн кэлээт, куоракка тохтообокко эрэ, Киллэмҥэ Лэгиэнтэй атыыһыттаахха тахсар. Кини ханна сылдьыбытын билбэт буолан, Маайа тугу да ыйыталаспат. Оттон Лэгиэнтэй атыыһыт, Уйбаан Сэмэнэбис ханна баран кэлбитин билэр буолан, дьон баарына тугу да саҥарбакка эрэ, ыалдьытын түгэх хоско ыҥыран киллэрэр.

– Дьэ? – диэн баран, Лэгиэнтэй атыыһыт тиэрбэс курдугунан көрөн дьэрэлитэр.

– Харатаайап кыыһа буолбатах, – Уйбаан Сэмэнэбис үөһэ тыынар.

– Ама, сымыйа үһү дуо?..

Лэгиэнтэй атыыһыт бу ыйытыытыгар Уйбаан Сэмэнэбис хардарыан иннинэ, урут хаһан да бу диэки көстүбэтэх аттаах, сыарҕалаах, таҥастаах киһилэрэ олбуор иһигэр киирэр. «Хайалара кэллэ?» – диэн түннүгүнэн одуулаһаллар. Маайа бу кэмҥэ, оһоххо уот оттоору, таһырдьа мас көтөҕө сылдьан, эмиэ бу киһини одуулаһан турар.

Уйбаан Сэмэнэбис эмискэ Лэгиэнтэй атыыһыт илиитин харбаан ылар, сирэйэ кытара түһэр.

– Ити… Харатаайап кулуба, – диэн Уйбаан Сэмэнэбис ботугуруур.

Олбуор иһигэр киирбит киһи, сыарҕалаах атын быраҕаат, Маайаҕа сүүрэн бадаҥхалыыр. Маайа көтөҕөн турар маһын тоҕо быраҕар уонна, эмиэ утары сүүрэн тиийэн, кууһан ылар.

– Кырдьык, аҕата эбит буолбат дуо? – Лэгиэнтэй атыыһыт, ыалдьыты көрсөөрү, таһырдьа тахсар.

Уйбаан Сэмэнэбис, туох да диэн булумуна, түннүк аттыгар туран хаалар.

Сотору соҕус буолаат, Маайа кэлбит киһини кытта аан хоско киирэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт ыалдьытын атын көнтөһүттэн сиэтэн аҕалан сэргэҕэ баайар уонна кинилэри батыһан дьиэ иһигэр киирэр.

Маайа иҥин хаана тэтэрбит, хайдах эрэ уруккутунааҕар кэрэ, үчүгэй көрүҥнэммит.

– Аҕаа, манна таҥаскын ыйаа! – диир Маайа саҥата. Итини барытын Уйбаан Сэмэнэбис түгэх хос түннүгүн аттыгар туран истэр. Сэмэн Харатаайап чахчы бу дьахтар аҕата эбит. Уйбаан Сэмэнэбис маҥнай утаа уолуйбут курдук буолбута ааһар. «Үчүгэй, олус үчүгэй! – дии саныыр кини. – Билигин, дьэ, мировой судьуйа тойон, туох диир эбиккин?» Кини хос иһиттэн ыалдьыт киирбит хоһугар тахсар.

Сэмэн Харатаайап кыыһын Маайаны бэйэтин аттыттан араарыан букатын баҕарбат быһыылаах.

– Оҕом, сүрэҕим сыыһа! Көр, ойууттар баҕайылар букатын сымыйаччы, албынньыт буолаллар эбит… Сүтэн хаалбытыҥ кэннэ ону-маны сыбыс-сымыйанан туойбуттар эбит ээ, – дии-дии кини, кыыһа саҥа хааман эймэҥнээн эрдэҕинэ ыҥырарын курдук, икки илиитин даллатан Маайаны бэйэтигэр ыҥырар, көтөҕөр, кууһар, сыллыыр. Ол олордохторуна Сэмэнчик хоһун иһиттэн үнэн сыылыҥхайдаан тахсар. Кини ийэтин ханнык эрэ урут көрбөтөх оҕонньор көтөҕөн олорорун көрөн, ытаан барар.

– Тоойуом, Сэмэнчик, бу эһэҥ дии, – Маайа уолун буойар. Сэмэнчик эһэ диэни билиммэт киһи быһыылаах, кэлэн өрө мыҥаан олорон, ытаан марылыыр.

Сэмэн оҕонньор кыра сиэннэммититтэн олус долгуйар, үөрэр, сиэнэ уолу мөҕүһүннэрбитинэн, сарылаппытынан көтөҕөн ылар.

Бу өр буолан баран көрсүспүт аҕалаах кыыс, ахтыспыттара бэрт буолан, аттыларыгар баар дьону көрбөт курдуктар. Оннооҕор Сэмэнчик ытыырыгар, тэбиэлэнэригэр кыһамматтар. Ону көрөн туран, Лэгиэнтэй атыыһыт урут өлбүт оҕолорун саныыр, хараҕын уутун кыаммат. Дьон ортотугар ытыы турара сүрэ бэрдиттэн, кини атын хоско киирэн хаалар.

– Аҕаа, сиэҥҥинээн кэпсэтиҥ, көтөхсүҥ! – диэн баран, Маайа чэй оргута тахсар.

Сэмэнчик ытыыра бэрдиттэн Лэгиэнтэй атыыһыт киирэн, Харатаайап кулубаттан оҕону ылар. Оҕо билэр киһитэ көтөхпүтүттэн көнньүөрэн, ах баран хаалар.

– Биһиги оҕото суох буоламмыт, бу уолу бэйэбит оҕобут курдук таптыыбыт, – диэн Лэгиэнтэй кэпсиир.

Сотору соҕус Маайа ыалдьыттарын остуолга ыҥыртыыр. Чэйдии олорон Маайа хараҕа аҕатыттан арахпат. Оҕонньор улаханнык биллэр буола кырдьыбыт. Хараҕын тулатыгар, халаабыс бүүрүгүн түүрэ тардыбыт курдук, бэрт элбэх мыччыстаҕастар баар буолбуттар. Оҕонньор хайдах эрэ эттиин уостубут, уҥуохтуун тоҥхойбут. «Ийэм эрэйдээх төһө эрэ кырыйда, буорайда буолла?» – дии саныыр Маайа, аҕата кырдьыбытын көрө-көрө.

Чэйдээн-аһаан бүтэллэр. Маайа иһити хомуйар, сууйар. Сэмэн оҕонньор кыыһа бу ыал хамначчытынан олорорун өйдүүр. Ол эрээри кини күтүөтэ кимин билигин да билбэт.

Лэгиэнтэй атыыһыт лааппытыгар барар, Уйбаан Сэмэнэбис атын аһата таһырдьа тахсар. Маайа аҕатынаан иккиэйэҕин хаалаллар.

– Маайа, кэргэниҥ ким диэн киһиний? – Харатаайап оҕонньор дьэ кыыһын олоҕун сураһан барар.

– Кэргэним – Сүөдэр…

Сэмэн оҕонньор өр соҕус саҥата суох олорор. Били «Хабырыллайап атыыһыт уолабын» диэн кинилэргэ кэлэ сылдьыбыт оҕо бу ыал уоллара эбит буоллаҕа», – диэн санаа оҕонньор өйүгэр көтөн түһэр. «Оттон урут кэлэ сылдьыбыт сурукка уонна ити сылдьар Уйбаан Сэмэнэбис диэн киһи тоҕо кыыһыҥ кэргэнэ ыал хамначчыта дииллэрэй?» – дии саныыр.

– Маайа, кэргэниҥ туох киһиний?

– Сотору кэлиэҕэ, кэллэҕинэ көрүөҥ, – диир Маайа. Кини мантан салгыы дойдутун олоҕун, билэр дьонноро хайдах олороллорун ыйыталаһан барар. Ити курдук, күн киэһэрэн, халлаан борук-сорук буолар. Хос иһигэр хас да чүмэчини, лаампалары уматаллар.

Лэгиэнтэй атыыһыт лааппытыттан киирэр. Уйбаан Сэмэнэбис Харатаайап оҕонньортон үҥсэр дьыалатыгар «туоһу сурук» ылаары хонордуу оҥостор.

Ыкса киэһэ ким эрэ олбуор иһигэр кыычыгыраан-хаачыгыраан киирэр.

– Сүөдэр кэллэ, – диэн Маайа уруккутунааҕар ордук үөрбүт курдук буолар.

«Дьэ, күтүөтүм ааттаах киһини көрүөм», – диэн Сэмэн оҕонньор кэтэһэн олорор.

Таһырдьаттан тоҥмут-хаппыт биир киһи киирэр. Кини саҥата суох аан хоско саҕынньаҕын устан, сыгынньахтанан барар. Сэмэн оҕонньор өйдөөн көрбүтэ: били кинилэргэ кэлэн, «Хабырыллайап атыыһыт уолабын» диэн Маайаны кытта бэргэһэлэммит киһи эбит.

Маайа аҕатыттан уонна таһырдьаттан киирэн сыгынньахтана турар кэргэниттэн хараҕын араарбат.

– Сүөдэ-э-р, аҕабыт кэлэн олорор, – диир Маайа кэргэнэ сыгынньахтанан бүппүтүгэр.

Ону истэн Сүөдэр соһуйар, дьиэ иһин эргитэ көрө иһэн, хараҕа Харатаайап хараҕыныын көрсө түһэр.

– Бу хайдах-хайдаҕый?.. Кимий Быладьыымарап диэн? – Сэмэн Харатаайап, соһуйбут курдук, ыйытар.

– Быладьыымарап диэн мин, – Сүөдэр аат эрэ харата хардарар.

– Бээ-бээ! Мин өйбүн-төйбүн булунуум эрэ! – Харатаайап сүүһүн имэринэр. – Хайдах эн Быладьыымарап диэн буоллуҥ? Кимий, оттон, Хабырыллайап атыыһыт оҕото?.. Эйигиттэн атын киһи дуо? – Сүөдэри аҕа кылына оҕонньор кэнникинэн ыххайан барар.

Сүөдэр, быстыа дуу, ойдуо дуу, хайдах кини Дьаакыбылап кулуба этиитинэн «Хабырыллайап атыыһыт уолабын» диэн кубулунан бара сылдьыбытын, Дьаакыбылап кулуба Маайаны саакка киллэрээри, аатын алдьатаары ону барытын хайдах тэрийбитин кэпсээн биэрэр.

Харатаайап кулуба, Сүөдэр кэпсээнин истэн олорон, ис-иһиттэн тырыттан, абаккаран, кыыһыран барар. Хайдах да абарбаттаах, кыыһырбаттаах буолуо баарай?! Кинилэр, оҕолорун сүтэрэн, төһөлөөх эрэй, аһыы бөҕөнү көрдүлэр, төһөлөөх харах уутун тохтулар, санаа бөҕөҕө мииннэрдилэр! Ол барыта бу туох да буолбатаҕын курдук кэпсии олорор киһиттэн төрүөттээх.

Харатаайап кулуба бу түүн букатын утуйбат. Кини санаатыгар оҕото Маайа сүппүт түүнэ, көрдөтөн муҥнаныылара, «үөр буолла» диэн дьон куттаныыта, ойууннары аҕалан үс түүн устата кыырдарыылара – барыта бу баар курдук көстөр, сүрэҕин ыарытыннарар, санаатын быыппаһыннарар.

Маайа сарсыарда ким да иннинэ туран уоттарын оттор, чэйдэрин өрөр. Сэмэн оҕонньор уһуктаҕас сытара. Кини Маайаны ыҥыран ылар уонна:

– Тоойуом, бэлэмнэн, бүгүн дьиэбитигэр барабыт! – диир.

Маайа: «Аҕаа, туох буоллуҥ?» – диэбиттии кини диэки саҥата суох көрүтэлиир.

Сарсыарда Сэмэн Харатаайап, чэйдээн бүтээт, күтүөтүн диэки көрбөккө да олорон, кыыһыгар этэр:

– Маайа, тугуҥ соругар ыал хамначчыта буолан олоруоххунуй?.. Чэ, таҥын, дьиэбитигэр барыах!

Маайа бөтө бэрдэриэр диэри үөрэр. Билигин кини оҕотунаан, кэргэнинээн ийэтигэр тиийиэхтэрэ. Оо, ийэтэ эрэйдээх төһө эрэ үөрээхтиир… Оо, үөрүүтүөн, кинилэр аны ыал хамначчыта буолан, эрэйи көрүөхтэрэ суоҕа. Аска-таҥаска кыһаныахтара суоҕа… «Сүөдэрим сордоох дьэ үчүгэйдик, тоҥон-хатан муҥнаммакка эрэ, олороо ини!» – дии санаан Маайа кэргэнин таптыыр, толору дьолломмут хараҕынан көрүтэлиир. Кини хомойуон иһин, Сүөдэр тоҕо эрэ тиэтэйбэт, таҥаһын да таҥнар, хамнаһын да Лэгиэнтэй атыыһыттан аахсар санаата суох олорор.

– Сүөдэ-эр, тиэтэйиий!.. Аҕабытын кытта барсабыт…

Сэмэн Уйбаанабыс кыыһын диэки уоттааҕынан көрүтэлээн баран:

– Мин кинини, ыҥырыахтааҕар, көрүөхпүн да баҕарбаппын! – диэн бардьыгыныыр.

Маайа, итини истээт, уолуйан хаалан, айаҕын аппытынан аҕатын уонна кэргэнин сирэйдэрин көрүтэлиир. Хап-хара киэҥ хараҕа уунан туолан бычалыйар. Сип-сибилигин аҕай: «Мин аҕабыттан ордук үчүгэй, көнө, аһыныгас сүрэхтээх киһи суох!» – дии санаабыта эмискэ ханна эрэ мэлис гынан хаалар. Кини иннигэр батталлаах Дьаакыбылап кулубаттан туох да уратыта суох, эмиэ баттыгастаах улуус кулубата тойон ыадаллан олорор. Ол да буоллар Маайа, аҕатыгар тылын ылыннараары, көрдөһөр:

– Аҕаа, Сүөдэр мин кэргэним… Кэргэммин, оҕобун быраҕан, ол хайдах соҕотоҕун барыахпыный?

– Кини баҕас эмиэ кэргэн буолан… Албын… Хаһан да албынныы сылдьыаҕа… Мин бу түүн да кинини кытта биир дьиэ иһигэр хоммуппуттан саатабын… Чэ, туруоҥ дуо, таҥын, барыах!

Маайа иннигэр икки суол баар. Билигин аҕатын кытта барыстаҕына, ыал хамначчытын сордоох олоҕуттан арахсар, таптыыр ийэтигэр, бэйэтин дьиэтигэр тиийэр. Оо, бу дьыллар усталарыгар ийэтин төһөлөөх аҕынна этэй! Суох, кини, оҕотун, таптыыр кэргэнин быраҕан, бу суолунан барара сатаммат. Иккис суола – таптыыр кэргэнин, оҕотун кытта бииргэ сылдьара, олороро – төһө да эрэйдээҕин, кыһалҕалааҕын иһин – быдан ордук!

– Аҕаа, кэргэммин, оҕобун быраҕан… эйигин кытта хайдах барыахпын этэҕиний?.. Биһигини барыбытын илдьэриҥ эбитэ буоллар…

– Оҕоҕун ыл!.. Соҕотох кини оҥойор айаҕар аһатар ас көстүө!

Маайа Сүөдэр диэки: «Эн итиннэ туох диигиний?» – диэн ыйытардыы көрүтэлиир: Сүөдэр, мөҥүллүбүт тулаайах оҕо курдук, куччуоҕунан куччаан, намтыаҕынан намтаан олорор. Маайа, ону көрөн, олус аһына саныыр: «Миигинэ, оҕото суох хааллаҕына, Сүөдэрим сордоох өлүөҕэ».

– Суох, мин кэргэммиттэн ханна да барбаппын! – диир Маайа ытыы-ытыы.

Харатаайап кулуба кыыһын, онтон күтүөтүн диэки куһаҕан баҕайытык көрүтэлиир. Кини даҕаны эт сүрэхтээх киһи буоллаҕа дии, бачча сыллар усталара сүтэрэ сылдьыбыт кыыһын булан баран, манна ыал хамначчытынан хаалларыан баҕарбат. Ол эрээри кини кыыһын эрин, Сүөдэри, ис сүрэҕиттэн абааһы көрөр. Суох, кини кыыһа сүппүтүгэр биирдэ саакка киирбитэ, билигин кыыһын кытта хамначчыт күтүөтү илдьэ бардаҕына, иккиһин саакка киириэ: «Харатаайап кулуба кыыһа, дьону сирэн-сирэн, ыал хамначчытын батыспытын булуталаан аҕалбыт», – диэн дьон күлүү оҥостуохтара.

– Маайа, барсаҕын дуу, суох дуу? Иккиттэн биирин эт! – аҕата кыыһын ыххайар.

Маайа абатыттан хараҕын уута кууран хаалар. Кини аҕатын диэки көрөн туран, били Дьаакыбылап кулубаны кытта киирэн кэпсэппитин курдук, уордайбыт куолаһынан этэр:

– Баай кулуба аҕабыт, хайыаххыный, ыал хамначчыта киһини күтүөтүм дииргиттэн саатан эрдэҕиҥ… Мин итинник аҕаттан төрөөбүппүттэн дьонтон саатыыһыкпын… Таптыыр кэргэммиттэн, оҕобуттан ханна да барбаппын!

Харатаайап кулуба: «Акаары кыыс, мин саакка киирэрбиттэн кыбыстыбат да буоллаҕа», – диэн иһигэр абарар.

– Чэ чөп, барсыбат буоллаххына, аны миигин аҕалаахпын эрэ диир буолаайаҕын.

– Аҕаа!.. – Маайа эмиэ хараҕын уутун кыаммат. Өр соҕус хараҕын уутун тохтото сатаан сыҥсыйан баран сибигинэйэр: – Ол аата миигин, төрөппүт оҕоҕун…

– Барсыбат буоллаххына, албынньыт киһигин кытта ыал хамначчыта буолан олордоҕуҥ, хайыахпыный!

Харатаайап кулуба кыыһын кытта кыыһырсыбытыттан Уйбаан Сэмэнэбис ыксыыр. Кини хайаан да «туоһу суругу» ылан хаалыахтаах.

– Бэйи, тохтооҥ, сиэр быһыытынан кэпсэтиэҕиҥ.

Сэмэн Уйбаанабыс күтүөтүн Сүөдэр диэки, күрдьүөттээбит оҕус курдук, көрүтэлиир.

– Бу дьыалаҕа, үчүгэйдик өйдөөн көрдөххө, Сүөдэр да буруйдааҕа биллибэт, – Уйбаан Сэмэнэбис Сүөдэри көмүскэһэрдии этэр.

– Оҕобутун сүтэрэн ытаспыппытыгар, ойууттар сымыйанан «үөр буолбут» диэн куттаан олохпутун айгыраппыттарыгар киниттэн ураты ким буруйдааҕый?

– Дьаакыбылап кулуба буруйдаах… Киниттэн ити этэргин барытын ирдэһиэххэ сөп, – Уйбаан Сэмэнэбис куолулуур.

– Киниэхэ да тиийиллиэ… Киниттэн таҥара биһиги харахпыт уутун ирдэстин! – Сэмэн Уйбаанабыс таҥараҕа кириэстэнэн далбаатанар.

Дьэ, итинэн дьиэк ылан, Уйбаан Сэмэнэбис бу оҕонньортон «туоһу сурук» ылар. Ол суругу Уйбаан Сэмэнэбис бэйэтэ эрдэттэн суруйан бэлэмнээбитэ. Онно этиллэр этэ: «Мин, Семен Иванович Каратаев, Орто Бүлүү улууһун кулубата, Якутскай уокурук Киллэм дэриэбинэтигэр кэлэн, төрөппүт кыыспын Марияны буллум. Кинини, кырдьык, Нам улууһун кулубата Яковлев Егор Николаевич албыннаан, хамначчытыгар Федор Владимировка кэргэн ылларбыт. Кыыһым, бэргэһэлэммит кэргэнин көрсөн, кини хамначчыт буоларын билэн, саатан, дьиэтигэр да киирбэккэ, биһиэхэ да эппэккэ, күрэспит. Ону, бу кэлэн көрөн баран, чахчытын туоһулуубун». Ити сурук анныгар Харатаайап кулуба тордоммут көмүс бэчээтэ ууруллубута «С.И.К.» диэн арылыйан көстөр.

Сурукка бэчээтин уурдаран баран, Уйбаан Сэмэнэбис тахсан атын көлүнэр. Харатаайап оҕонньор Маайаттан:

– Барсаҕын дуу, суох дуу? – диэн ыйытан көрөр.

Маайа онуоха тугу да хардарбат, баһын быһа илгистэн эрэ кэбиһэр.

– Ыал хамначчытын оччо таптаабыт, хамначчытынан олороргун оччо сөбүлээбит буоллаххына, хааллаҕыҥ!

Маайа, ытыы-ытыы, хоһугар киирэр. Сэмэнчик тура илик, бэрт минньигэс баҕайытык утуйа сытар, түһээн туохтан эрэ үөрэр быһыылаах, күлэн быһыгырыыр. «Оо, саатар, оҕом, эн дьоллоох киһи буоларыҥ буоллар!» – Маайа оҕотун сүүһүн имэрийэр. Сэмэнчик, уһуктан, үөрэн ымайбытынан ийэтин көрбөхтүүр.

Маайа оҕотун эмиийдэтэ олорон: «Аҕабын кытта барыстарбыт, бу оҕом төһө эрэ үчүгэйдик олорор этэ… Эбэтэ кинини хараҕын харатынааҕар, тииһин миилэтинээҕэр ордуктук көрүө-харайыа этэ, – дии саныыр. – Бэйи, тахсан, аҕабыттан ааттаһан, көрдөһөн көрүмүнэ… Ама кини мин тылбын ылыныа суоҕа дуо? Суох, аҕам мин тылбын хайдах да быһа гыныа суоҕа… Ити билигин кыыһырбычча саҥарар». Кини оҕотун көтөхпүтүнэн тахсар. Аҕатыгар кэлэн, эҥил баһыгар уолчаанын Сэмэнчиги олордор уонна ааттаһардыы этэр:

– Аҕаа, миигин таптыыр буоллаххына, барыбытын илдьэ бар… Ийэм эрэйдээх төһө эрэ үөрээхтиир…

Сэмэн Уйбаанабыс, сиэнэ уолу ылан көтөҕөөрү илиитин уунан иһэн, Сүөдэр көрөн олороруттан, ытыһын көхсүнэн оҕону киэр садьыйан кэбиһэр. Маайа бу туран дьэ өйдүүр: кини кэргэнэ уонна аҕата хаһан да иллэһиэхтэрэ, бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиэхтэрэ суох.

Кырдьыга, Маайа Сүөдэри кытта холбоһуоҕуттан ыла күн сырдыга үчүгэйин көрө илик. Ол да буоллар кини туох да иһин таптыыр кэргэнин быраҕан барыа суоҕа!


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации