Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 17

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 17 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Аҕалара атын көлүнэ тахсаары таҥныбытыгар, Сүөдэр туран аты көлүйэ тахсар. Аҕалаах кыыс эмиэ иккиэйэҕин хаалаллар.

– Маайа, ийэҕин санаа… Ытыырыгар хараҕын уутун бараата… Эйигиттэн ураты тугу да санаабат, ахтыбат…

Маайа, ийэтэ кинини ахтан сору көрөрүн истэн, сүрэҕэ ыалдьан, тыына бобуллан ылыталыыр. Хараҕын уута икки иминэн сүүрэн мөлбөрүйэн түһэр. Кини билигин кынаттааҕа буоллар, ийэтигэр көтөн да барыа эбит.

– Маайа, бэстилиэнэйбин ыйытабын, барсаҕын дуу, суох дуу?

– Аҕаа, биһигини барыбытын ит… Оччоҕо эрэ…

– Эн хамначчыккын күтүөтүм диэм кэриэтэ – сүнньүм быстыа!

Маайа аҕатын сирэйин уоттааҕынан тобулу көрөр. Кини санаатыгар, бу төрөппүт аҕата буолбатах, атын киһи, хара батталлаах баай тойон олорор. Бу этэ кини киһини билэр буолуоҕуттан ыла иккистээн аҕатын абааһы көрбүтэ. Маайа, аҕатыгар иэдэс биэрэн хоһун диэки баран иһэн, хаһыытыыр:

– Кэргэммиттэн ханна да барбаппын!

– Оччоҕо хаһан да биһигини дьонноохпун диир буолаайаҕын!

– Суох, дьонноохпун диэм суоҕа! – Маайа аанын сабан «лап» гыннарар.

Харатаайап кулуба Лэгиэнтэй атыыһыты, кини кэргэнин уонна Уйбаан Сэмэнэбиһи кытта илии тутуһан быраһаайдаһан тахсар. Маайа аҕата дьиэ аанын сабарын кытта түннүккэ тиийбитин бэйэтэ да билиминэ хаалар. Кини көрөн турдаҕына аҕата тахсан сыарҕатыгар олорор. Олбуор аанын аһан баран, тахсарын кэтэһэн турар Сүөдэр сордооҕу, көрүөхтээҕэр, хараҕын да кырыытынан кынчарыйан ааспат.

Сүөдэрдээх Маайа аҕалара, улуус кулубата, баай Харатаайап кэлэ сылдьыбытыттан кур бэйэлэрэ кубулуйбат, уруккуларын курдук ыалга хамначчыттыыллара уурайбат. Харатаайап кулуба кэлэн барбытыттан арай Уйбаан Сэмэнэбис эрэ үөрэ хаалар. Кини, бэчээт уурдаран ылбыт кумааҕытын Маайалаах Сүөдэр иннилэригэр тэлиҥнэтэ-тэлиҥнэтэ, этэр:

– Биһиги дьыалабыт үчүгэй буолуо… Бэйи, аны көрүөхпүт Дьаакыбылап кулуба туоҕунан мантан куотарын!

Кини үөрүүтүн ким да сэҥээрбэт. Маайаҕа уонна Сүөдэргэ үҥсүүлэрэ туох да буолара син биир. Ону ааһан, Маайа бу күнтэн ыла: «Мин да баай дьон төрүттээхпин», – дии саныыра уурайар. Кини кэргэнинээн Сүөдэрдиин билигин дьэ тэҥ, иккиэн дьонноро суох тулаайах буолаллар. Оттон Лэгиэнтэй атыыһыт Харатаайап кулуба кэлэн хонон барбытыттан тугу саныай? Кини кыһалҕата кыра.

* * *

Ылдьаана кэргэнин Сэмэни кэтэһии бөҕөнү кэтэһэн олорор. Кэтэһэр эрэйин ким билбэтэ баарай?! Кэтэһэртэн ордук сылаалаах, куһаҕан туох кэлиэй! Кэтэһиэх кэриэтэ – бэйэ сылдьыһара быдан ордук! Ылдьаана кэргэнин кытта барсыбатаҕын кэмсинэр. Кини бу күннэргэ хараҕын симэн нуктуу эрэ түстэр куруутун Маайаны көрөр. Арыт Маайа кыракый оҕо буолар, арыт сиппит-хоппут кыыс буолан көстөр. «Ама, кырдьык, оҕом Маайа тыыннааҕа буолуо дуо?.. Оо, айбыт айыы таҥарам, оҕом чахчы тыыннаах эрэ буоллун!» Ылдьаана, оҕото Маайа тыыннааҕа көһүннэҕинэ, туох баар баайдарын барытын да туран биэрэрин кэрэйиэ суох этэ. «Баайгытын барытын биэрдэххитинэ – оҕоҕутун көрүөххүт», – диир баара буоллар, Ылдьаана, букатын саараҥнаабакка эрэ, сөбүлэһиэ этэ! Ийэ сүрэҕэ оҕотун туһугар, көр, оннук амарах буолар!

Харатаайап оҕонньор дьиэтиттэн турбута ый аҥаара буолуута, ата, чоҥкуйа кырыаран, олбуорун иһигэр киирэр. Ылдьаана саал былааты санныгар быраҕынан, аҥаардас чараас ырбаахынан эрэ утары тахсар.

– Көрдүҥ дуо?.. Биһиги Маайабыт дуо? – диэн ыйыппытынан оҕонньоругар утары барар.

Сэмэн Уйбаанабыс, хараҕын кырыытынан кэргэнин көрөн баран, өр соҕус тугу да саҥарбат. Кини уһун суолун устатын тухары кэргэнэ бу курдук ыйыта көрсөрүн өйдүү, онно туох диэҕин барытын саныы испитэ. Кини кыыстара тыыннааҕын биллэрдэр эрэ, Ылдьаана оҕотун аҕалар иһин тугу да кэрэйиэ суоҕа. Харатаайап оҕонньор төһө да чоруун сүрэхтээҕин, баайынан киэбирэрин, кулубатынан күөн туттубутун иһин, чахчы төрөппүт оҕотун көрөн баран, кэргэнигэр «көрбөтүм» диэҕин тыла тахсыбакка, атын баайбыта буола турар.

– Сэмэн, дьүлэй буолан хаалбыккын дуу?.. Оҕобутун көрдүҥ дуо? – Ылдьаана ыксаабыт куолаһынан хаһыытыыр. Тоҥмутуттан эбитэ дуу, тугу эрэ истэбин диэн куттанарыттан эбитэ дуу, уҥуох-уҥуохтара босхо баран, титирэс буолар.

– Э-э, суох… – Харатаайап атын баайан бүтэр. Таҥаһа кырыарбытын үтүлүгүн көхсүнэн соттор.

– Атын дуо?.. Ол да иһин… Оҕом эрэйдээх тыыннааҕа буоллар, ама, мин сордоох ытыырбын сүрэҕэ сэрэйбэттээх буолуо этэ дуо? – Ылдьаана арыычча бэйэтин уйунан, дьиэтин диэки хааман сүөдэҥниир. Сэмэн Уйбаанабыс, кэргэнин төһө да аһына санаатар, киниэхэ Маайа тыыннааҕын кэпсиир санаата суох: «Ыал хамначчыта буолан олорор кыыс биһиэхэ син биир өлбүтүн кэриэтэ!»

Ити курдук Маайа олоҕун суола дьонун олохторун суолуттан тосту арахсар.

Бэһис баһа
I

Уйбаан Сэмэнэбис Киллэмтэн куоракка киирэр. Атын олбуорун иһигэр киллэрэн баайаат, Сэмэн Уйбаанабыс Харатаайаптан ылбыт кумааҕытын туппутунан мировой судьуйа хонтуоратыгар тиийэр. Остуол начаалынньыга Власьевич кинини саҥа көрөн эрэрдии көрүтэлиир, судьуйа кабинетыгар киирээри гыммытын киллэрбэт. Онон Уйбаан Сэмэнэбис суругун судьуйаҕа Власьевиһынан киллэртэрэр.

Судьуйа бу дьыала иккистээн күөрэйэн тахсыбытын дьиктиргиир. Кини Харатаайап кулуба урут Бүлүү уокуругун ыспараанньыгынан ыыппыт суругун бэчээтин кытта бу билигин Уйбаан Сэмэнэбис киллэрбит суругун бэчээтин тэҥнээн көрөр. Кырдьык, иккиэннэригэр биир бэчээт ууруллубут. Онон кини бу суругу сымыйа диир кыаҕа суох, бу чахчы Орто Бүлүү улууһун кулубата Сэмэн Уйбаанабыс Харатаайап биэрбит суруга этэ.

– Уйбаан Сэмэнэбиһи ыҥыр, киирдин, – диир судьуйа Власьевичка.

Уйбаан Сэмэнэбис киирбитигэр судьуйа, икки сурук бэчээттэрин тэҥнээн көрө-көрө, этэр:

– Эн, Уйбаан Сэмэнэбис, итэҕэлгиттэн тахсыбыт киһигин. Мин, кырдьыгын-сымыйатын чахчытын билиэхпэр диэри, бу дьыала туһунан ханнык да быһаарыыны ылбаппын. Билигин бу икки суругу Орто Бүлүү кулубатыгар Харатаайапка ыытыам… Кини тоҕо биир суруйуутугар «кыыһым өлбүтэ, көмүллэ сытар» диэн суруйарый? Оттон иккис суругар тоҕо кини «чахчы мин кыыһым Мария Нам улууһун кулубатын албынынан хамначчыкка эргэ тахсан олорор» диирий? Ити быһаарыллан кэлиэр диэри, эн киллэрбит дьыалаҥ ханна да барыа, көрүллүө суоҕа.

Кырдьык, ол күн судьуйа Уйбаан Сэмэнэбис аҕалбыт суругун Бүлүү уокуругун ыспараанньыгар ыытар. Кини маны кытта холбуу бэйэтиттэн маннык сурук суруйар: «Үрдүк сололоох исправник тойон, Эн Орто Бүлүү улууһун кулубатыттан, Каратаев Семен Ивановичтан, кини кыыһа Мария билигин ханна баарын уонна кини ол кыыһын урукку ыйытыыга тоҕо «өлбүтэ» диэн биллэрбитин сирэй бэйэҥ ыйытан билэн баран, суругунан миэхэ биллэрэргэр көрдөһөбүн. Кини кыыһа чахчы Киллэмҥэ олорор буоллаҕына, ыал хамначчытыгар хайдах эргэ тахсыбытын, онно Нам улууһун кулубата Яковлев туох сыһыаннааҕын быһаарыах тустаах».

Кыһыҥҥы суол турбут кэмэ буолан, бэрт сотору Бүлүүттэн харда тиийэн кэлэр. Ол сурукка Бүлүү уокуругун ыспараанньыга бу курдук биллэрэр: «Мин Орто Бүлүү улууһун кулубатын Каратаев Семен Ивановиһы сирэй көрсөн кэпсэттим. Кини эттэ: «1900 сыллаахха, кыһын, Якутскай уокуругуттан Нам улууһун кулубата Яковлев хамначчыт уола Федор Владимиров, «Гаврильев атыыһыт уолабын» диэн сымыйанан ааттанан, иэс хомуйар сымыйа биэксэл кумааҕылардаах кэлэ сылдьыбыта. Ол сылдьан, тойоно Яковлев этиитинэн, мин кыыспын Марияны кэргэн кэпсэппитэ. Яковлев кулуба, мин оҕом кини уолун сирбитин иһин, ону ситиһээри, ол курдук тэрийбит эбит. Биһиги ону билбэтэхпит. Ол сайыныгар биһиги кыыспыт, ынах көрдүү ойуурга тахсан баран, сүтэн хаалбыта. Кинини ханна да атын сиргэ барбыта буолуо диэн санаа суоҕа, «өллөҕө» диэн саныырбыт. Ол иһин, кини ханна да барбытын билбэт буолан, өлбүтүнэн тойонноон, урут кэлэ сылдьыбыт ыйытык сурукка «өлбүтэ» диэн биллэрбитим. Онтум – быйыл күһүн бэйэм баран көрө сырыттым – мин урут сыыһа суруйбут эбиппин. Мин оҕом Мария билигин чахчы Киллэм дэриэбинэтигэр Иннокентий атыыһыттаахха хамначчыт буолан олорор. Эрэ – Федор Владимиров, уруккута Яковлев кулуба хамначчыт уола. Кини мин кыыспын, кырдьык, албыннаан ойох ылан, бэйэтин курдук, ыал хамначчыта оҥорбут…»

Бу кэнниттэн судьуйа тойон Уйбаан Сэмэнэбис киллэрбит үҥсүүтүн туох да диэн сымыйаргыыр кыаҕа суох буолар. Кини Маайаны Киллэмтэн, Дьаакыбылап кулубаны Намтан биир күн кэнсэлээрийэтигэр кэлэр гына ыҥыртарар.

* * *

Маайа аҕата бардаҕын күн сүөһүлэри уулата сылдьан халтарыйан дэлби түһэр. Онтон сылтаан үс ыйдаах оҕото куотар. Ол кэнниттэн уһуннук тэллэххэ-суорҕаҥҥа сытан ыалдьар. Ол сытан ааспыт олоҕун барытын ырытан, ырыҥалаан көрөр.

Кини оҕо эрдэҕинэ били улахан бытыктаах нуучча киһитигэр кинигэни ааҕар буола үөрэнэ сылдьыбыта, түүҥҥү хараҥаны сындыыс уота хайа суруйан сырдата түһэн ааспытын курдук, өйүгэр умнуллубаттык иҥэн хаалбыт. «Аркадий Романович билигин ханна эрэ сырытта? Эмиэ, били миигин үөрэппитин курдук, кими эмэ үөрэтэрэ дуу, суоҕа дуу?» – дии саныыр Маайа.

Ити кэнниттэн Маайа өйүгэр били кинилэргэ Сүөдэр аан бастаан кэлиитэ күөрэйэ түһэр. Маайа онно кинини, көрөөт, сөбүлүү санаабыта.

«Дьоллоох дьон баайдык олороллор», – диэн дьоннор этэллэрэ сыыһа эбит! Маайа ийэтэ – дьадаҥы дьон кыыһа этэ. Кини баай ыал ийэтэ буолан дьоллоннум диирин Маайа истибэтэҕэ. Хата ол оннугар ийэтэ куруутун этэр буолара: «Баай… ким элбэх сүөһүлээх ыал баайбыт дэһэллэр… Ити баай да буолбатах. Киһи баайа, киһи дьоло – үчүгэй оҕолордооҕо! Иллээхтик-эйэлээхтик олорор таптыыр кэргэнтэн, үчүгэй оҕолордоохтон ордук киһи дьоло туох да баара буолуо дии санаабаппын!» Маайа итини билигин дьэ өйдөөн эрэр.

«Элбэх сүөһүлээх ыал, баайбыт дэһэннэр, кими да киһи диэбэттэр, – дии саныыр Маайа уонна, аҕата оҕонньор дьадаҥы киһи күтүөттээҕиттэн саатан барбытын өйдөөн, олус кэлэйэр. – Ити аата аҕам миигиннээҕэр, суос-соҕотох төрөппүт оҕотунааҕар, баайын ордордоҕо… Миигиннээҕэр сүөһүлэрин үрдүктүк саныыр эбит».

Таһырдьа тымныы ыйдаҥа түүн Киллэм дэриэбинэтин үүт туманынан саба бүрүйэн турар. Дьиэ кэннинээҕи тэлгэһэҕэ Лэгиэнтэй атыыһыт айаҥҥа ыытаары аһаттара, уота турар аттарын атахтарын тыаһа куучугураан-хаачыгыраан иһиллэр. Дэриэбинэ илин уһугун диэки ыт улуйар. Лэгиэнтэй атыыһыттаах дьиэлэрин иһэ уу чуумпу. Хам-түм дьиэ эркинин мастара хайыта тоҥон таһыргыыллар. Маайа улаҕа өттүгэр Сүөдэр утуйан муннун тыаһа хаһыҥырыыр, аттыларыгар кыракый ороҥҥо оҕолоро Сэмэнчик муннун тыаһа бууһугуруур…

Маайа ыйтан ордук ыалдьан сытан баран саҥардыы турар буолан эрэр. Хата, онуоха түбэһиннэрэн, бэҕэһээ үҥсүүтүн дьыалатыгар куоракка, мировой судьуйа тойон кэнсэлээрийэтиттэн ыҥыртарыы кэллэ. Сарсыарда туран кинилэр онно киириэхтээхтэр.

Маайа үҥсэрин Сүөдэр сөбүлээбэт быһыылааҕа. Кини, Маайаны мировой судьуйаҕа ыҥырбыттарын истэн баран, эппитэ:

– Дьадаҥы баайы утары үҥсэн кыайбыта диэн суох… Кинилэр харчылаахтар, астаахтар… «Суут илиитэ дабаххайдааҕар сыстыгас» диэн өс хоһооно баар, баай бэриктээх, эн биһикки чэрдээх эрэ илиибит…

Кырдьыга да оннук. Маайа Уйбаан Сэмэнэбиһи эрэнэр. Ама да бэрик баар буолтун иһин, көстөн турар кырдьыгы хайдах мэлдьэһиэхтэрэй дии саныыр.

Сарсыарда Маайа Сүөдэрдиин Дьокуускайга киирэллэр. Маайа куорат сураҕын эрэ истэр этэ. Кини оннооҕор төрөөбүт сиригэр Бүлүү куоратын көрбөтөҕө. Куораты көрүөм диэн, Маайа үөрэ саныы истэ.

Суоллара куоһаах элгээттэрдээх, уһун-синньигэс күөллэрдээх киллэм хонуу устун барар. Уҥа өттүлэригэр оллороот-боллороот буор хайа хаарынан бүрүллэн маҥхайан көстөр. Кини сыгынньах сирэйдэрин быыстара, аппалара барыта маһынан саба үүммүттэр. Сотору соҕус киллэм хонуу ортотугар үүммүт чаллах тииттэр аттыларыгар дэриэбинэ дьиэлэрэ ыһыллан, бытарыһан тураллара көстөр.

– Ити хайа сирий? – Маайа Сүөдэртэн ыйытар.

– Бу Тулагы Киллэм дэриэбинэтэ.

– Куораппыт билигин да ыраах дуу?

– Ыраах.

Ат, тыбыыран кэбиһэ-кэбиһэ, сиэлэн кыкырыйар. Киллэм хонуу хаарын тыал хастаан кэбиспит буолан, үгүс сиринэн хара буор, хаппыт от бытыгыраан көстөллөр.

«Бүлүү сиригэр холоотоххо, хобдох да сир», – дии саныыр Маайа, кураайы кырдаллары көрө-көрө.

Сотору соҕус синньигэс буолан баран, эмпэрэ баҕайы сыырдаах үрэҕи туораан, үрдүк соҕус кырдалга тахсаллар. Иннилэригэр элбэх дьиэлэр бачыгыраһан көстөллөр. «Куораттара диэн ити буоллаҕа», – дии саныыр Маайа. Сүөдэр кини санаатын таайбыт курдук этэр:

– Ити Марха сэлиэнньэтэ… Итинтэн куорат көһү кыайбат сиргэ баар.

Марха сэлиэнньэтин хоту уһугунан киирэн, үрэх үрдүнэн синньигэс уулуссанан бараллар. Үрэҕи туоруур мас күргэнэн тахсаллар. Марха сэлиэнньэтин дьоно үксэ нуучча быһыылаах, көрсүбүт дьонноро бары нууччалар.

Үрэҕи туораан тахсалларын кытта Сүөдэр, илиҥҥилэтэ соҕуруу диэки ыйа-ыйа, ыйытар:

– Маайа, ол бороҥ былыты көрөҕүн дуо?

– Көрөбүн.

– Ити куорат көстөр, – диир Сүөдэр уонна көхсүн иһигэр ыллаан киҥинэйэн барар.

Маайа, төһө да өндөйө-өндөйө көрө сатаабытын иһин, куораты кыайан көрбөт. «Сүөдэр тугу-тугу тыллаһарый?» – диэн кини иһигэр дьиктиргии саныыр.

– Сүөдээр, куорат ханна баарын этэҕиний?

– Ол былыт көстөр диэбэппин дуо?

– Куорат буолан баран хайдах былыкка тахсыан этэҕиний? – Маайа өһүргэммит курдук саҥарар. Кырдьыга, кини иһигэр санаабыта: «Ити аата Сүөдэр миигин, ыраах ханна да сылдьыбатах дии санаан, күлүү гынан этэр буоллаҕа», – диэн.

– Ити, былыт курдук буолан, куорат дьиэтин буруота көстөр.

Сотору соҕус иннилэригэр көстөр бороҥ былыкка чугаһыыллар. Суолларын икки өттүнэн кинилэр манна киирэн иһэн ааспыт дэриэбинэлэрин дьиэлэриттэн туох да улахан уратыта суох дьиэлэр утуу-субуу көстөллөр. Онтон барбахтаабыттарын кэннэ уулусса хаҥас өттүгэр икки мэндиэмэннээх үрдүк таас дьиэлэр кэлэллэр. Маайа маннык улахан дьиэлэри урут хаһан да көрө илик.

– Бу куораппыт дьиэлэрэ дуо? – Маайа Сүөдэртэн сибигинэйэн ыйытар.

– Бу монопуолдьуйа саҥа таас дьиэлэрэ, – диир Сүөдэр, куораты бэркэ диэн билэр киһи курдук.

* * *

Мировой судьуйа кэнсэлээрийэтигэр Маайаны хаалларан баран, Сүөдэр бэйэтэ атын илдьэ Уйбаан Сэмэнэбистээххэ барар. Маайа лүҥкүччү тоҥмут түннүктэрдээх хос иһигэр киирэр. Манна хас да киһи судьуйа тойон ыҥырарын көһүтэн олороллор. Кинилэртэн биирдэстэрэ, лэкэчэк курдук кыра уҥуохтаах, томторук курдук, сирэйин сулардыы үүммүт хара бытыктаах оҕонньор киһи тугу эрэ кэпсии олорор быһыылаах. Кинини тула хас да киһи үмүөрүспүт. Маайа, кинилэр аттыларыгар кэлэн, кураанах ыскаамыйаҕа олорор, кулгааҕын кырыытынан сэһэни иһиллиир.

– …биһиги кырдьаҕаспытыгар, кыыс көрө, ыраах үрэх баһыттан, Игидэй сириттэн, биир баай ааттанар киһи уола, суорумньулаах, уон алта таба көлөлөөх киирбит. Дьэ үчүгэй. Дьиэлээх эмээхсин, эмис баҕайы сылгы этин буһаран баран, остуолга тардан кэбиспит уонна көмүс иһити-хомуоһу киһи ахсаанынан уурталаабыт. Онтон улахан таас иһиккэ хартыыһаны кутан аҕалан остуол ортотугар туруорбут. Дьэ үчүгэй. Дьиэлээх оҕонньор кыыс көрө кэлбит дьону остуолга ыҥырбыт.

– Эдэр оҕо, аһыы үөрүйэх аһыҥ ини, амсайан көр, – диэн баран, остуол муҥунан тардыллан турар астары ыйбыт. Күтүөт буолуох уол, мичээрдээн кэбиһэ-кэбиһэ, хап-сабар остуол аттыгар олорбут уонна:

– Ээ, төрүөхпүттэн баччабар диэри аһаан кэлбит аһым буоллаҕа, – дии-дии иһиттээх хартыыһа диэки көрүтэлээбит.

Остуолга кэлбит дьон биирдии кырбас эти ылан быһаҕынан быһан барбыттар. Күтүөт буолуохсут уол, көмүс ньуосканан хартыыһаны лоп-бааччы баһан ылан баран, «ньэм» гына уобан ылбыт…

Истээччилэр улаханнык соһуйаллар, сөҕөллөр.

– Ол аата иирэр быһыыта дуу?..

– Абытай аһы уоппут уол буолла… Дьэ, сордоох, хайдах буолбута буолуой?

– Э-э, хааһы дии санаан быһыннаҕа дии…

Кэпсээнньит оҕонньор, истээччилэрэ туох дэһэллэрин истэн олорбохтоон баран, кэпсээнин эмиэ салҕаабытынан барар:

– Дьэ үчүгэй. Били күтүөт буолуохсут, куйааһырҕаабыт тураах оҕотун курдук, уулааҕынан-хаардааҕынан бурулуччу көрөн, ыйыстар да, тыынар да кыаҕа суох, айаҕын ытыһынан саба туттан олорбут…

Истээччилэр ситэ кэпсэттэрбэттэр. Эмиэ сөҕөн, бэркиһээн бараллар:

– Ама дуо!.. Хартыыһа обургу – абытай буоллаҕа дии!

– Дьэ, сатаммат киһи буолла.

– Дьэ үчүгэй. Уол хараҕын уута остуолга саккырыыр. Тулуйбат. Кини остуолга туруорбут туох баар астарын барытын биирдэ тоҕо тибиирэн кэбиһэр…

– Ок-сиэ! Хаарыан аһы алдьаттаҕын, – диир ким эрэ саҥата.

– Дьэ үчүгэй. Быстыахтара дуу, ойдуохтара дуу оннук буолтун кэннэ, дьиэлээхтэр остуолларыгар туруорбут астарын барытын ыкка биэрэллэр уонна саҥа, атын аһы аҕалан туруораллар.

– Ама дуо! Кинилэргэ ас суоҕа баарай!

– Ол аайы, били баҕайы, хартыыһаны дэлбэрийбэт ини! – дэһэн истээччилэр сэҥээрэн биэрэллэр.

– Ханнык кыыс кэлэн итинник быһыылаах киһини сөбүлүөй – уолу кыыстара сирэн кэбиһэр… Ол да буоллар уол дьонун баайыгар ымсыыран… – диэн оҕонньор салгыы кэпсээн эрдэҕинэ аан аһыллар, таһырдьаттан бөрө саҕынньахтаах киһи көтөн түһэр. Киирбит киһи саҕынньаҕын уста турдаҕына Маайа өйдөөн көрбүтэ – Дьаакыбылап кулуба эбит.

Маайа сирэйэ итийэ түһэр. Кини куттаммыт курдук буолар. Хос иһигэр олорор дьон Дьаакыбылап кулубаны билэр быһыылаахтар, кинилэр эмиэ, куттаммыт курдук, ах баран хаалаллар. Өр саҥата суох олорбохтоон баран, били кэпсээнньит оҕонньор Дьаакыбылап кулубаттан ыйытар:

– Нам улууһун кырдьаҕаһа, манна туох дьыалалаах буолан киирдиҥ?

«Бэйи, туох диир эбит?» – дии саныыр Маайа.

Дьаакыбылап кулуба, хос иһигэр «кимнээх бааргытый?» диэбиттии, барыларын кэрийэ көрүтэлиир. Кини хараҕа Маайаҕа кэлэн иҥнэ түһэр. Өһүөмньүлээх баҕайытык көрүтэлээн баран, Дьаакыбылап кулуба этэр:

– Ол-бу кыра дьыала ханна барыай?!

Дьаакыбылап кулуба, дьоһуннаах бэйэлээхтик туттан, судьуйа тойон ыҥыртарарын көһүтэн олорор. Маайа эмиэ саҥарбат. Кинилэр урут хаһан да көрсүбэтэх, бэйэ-бэйэлэрин билсибэт дьон курдук тутталлар.

Сэһэни биһирээн истэ олорбут дьон, ойох кэпсэтэ кэлбит уол хайдах буолбутун истээри, оҕонньортон көрдөһөллөр:

– Оҕонньоор, били уолбут хайдах буолбутай?

Сэһэнньит оҕонньор мичээрдээн баран этэр:

– Баай дьон оҕолоруттан куолутугар эрэ ыйытааччылар, кинилэр кыыс сордоох сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин аахсыах бэйэлээх буолуохтара баара дуо? – биэрдэхтэрэ дии… Хата, уол, сааппыта бэрдиттэн түүн, дьон утуйбутун кэннэ, суорумньу киһитинээн күрээн хаалар. Ону биһиги кырдьаҕаспыт, киһи ыытан эккирэттэрэн, төттөрү ыҥыртаран аҕалтарбыт уонна кыыһын «сөбүлүүр» диэн ытаппытынан эргэ биэрэн кэбиспит…

Дьаакыбылап кулуба бу сэһэн түмүгүн истэн бэркэ сэҥээрэр:

– Дьэ, ол сөп! Аныгы кыргыттар кубулҕаттарын батыстаххына, былыргы, өбүгэ саҕаттан олоҕурбут майгы бүтэр буоллаҕа дии.

Маайа итини Дьаакыбылап киниэхэ туһаайан этэрин үчүгэйдик өйдүүр. Кини хардараары гынан эрдэҕинэ судьуйа тойон кабинетын аана аһыллар, остуол начаалынньыга быган туран:

– Мария Владимирова баар дуо? – диэн ыйытар.

– Баарбын, – диэбитин Маайа кулгааҕа эрэ истэн хаалар. Кини куттаммыта оччото дуу, соһуйбута оччото дуу, итии уунан саба ыстарбыт курдук, эт этэ барыта итийэ түһэр.

Маайа судьуйа хоһугар киирэр. Судьуйа Маайаны остуолун аттыгар олордор уонна кини аатыттан Уйбаан Сэмэнэбис суруйбут үҥсүүтүн ааҕан добдугуратар. Судьуйа, үҥсүүнү ааҕа-ааҕа, Маайаттан:

– Бу кырдьык дуо? – диэн ыйытан иһэр.

– Кырдьык, – дии олорор Маайа.

Судьуйа Маайа үҥсэр дьыалатын барытын ааҕан бүтэн баран, ойоҕос остуолга олорор суруксутугар этэр:

– Дьаакыбылап кулубаны!

Сотору соҕус Дьаакыбылап кулуба киирэр. Кини судьуйаны кытта илии тутуһан дорооболоһор. Судьуйа кинини Маайа аттыгар турар устуулга олордор. Дьаакыбылап кулуба маҥнай утаа, олоруон баҕарбатах курдук, көрүтэлиир, саарыыр, ол эрэ кэнниттэн олорор.

– Бу олорор киһини билэҕин дуо? – судьуйа Маайаттан ыйытар.

Маайа Дьаакыбылап кулуба диэки көрбөккө олорон хардарар:

– Билиминэ! Хайдах билиэм суоҕай, биир сыл устата кинилэргэ олорбуппут… Отторун оттообуппут, хотоннорун күрдьүбүтүм.

Судьуйа суруксута Маайа тугу этэрин суруйан иһэр. Судьуйа аны Дьаакыбылап кулуба диэки көрөр уонна, хайдах эрэ сааппыт курдук, аргыый аҕай ыйытар:

– Егор Николаевич, бу олорор дьахтары эн урут билэр этиҥ дуо?

Дьаакыбылап кулуба, Маайаны саҥа көрөн эрэр курдук одууласпахтаат, сэнээбит куолаһынан этэр:

– Билэбин… Көрөр этим.

– Ким диэн киһи кыыһай?.. Эн кинини хантан билэҕиний?

Дьаакыбылап кулуба, чааркааҥҥа атаҕыттан ылларбыт солоҥдо курдук, кэлиэх-барыах сирин булбат, мэктиэтигэр намтыырга дылы буолан ылар.

– Кинини?.. Кини кимтэн төрөөбүтүн билбэтим… Мин ииппит уолбар эргэ кэлбитин билэбин… Ити кини… бу дьахтар кырдьыга… Кини биһиэхэ биир сыл кэриҥэ олорбута… Мин кинилэргэ дьиэ, сүөһү арааран биэрээри, ыал оҥороору олордохпуна эмискэ күрээн баран хаалбыттара… Мин кинилэри тугунан да атаҕастаатаҕым, баттаатаҕым диэни өйдөөбөппүн, – диэн Маайалааҕы бэйэлэрин сэмэлиир курдук кэпсиир.

Судьуйа Дьаакыбылап диэки хатыылаах баҕайытык көрүтэлиир.

– Бу дьахтар дьонун билбэппин диэтиҥ. Эт эрэ, эн ииппит уолуҥ кэргэн ылбытын билэр буолан баран, хайдах кийиитиҥ дьонун билбэккиний?

– Билэн да диэн… Мин биирдэ эрэ сылдьыбыт ыалым…

– Сылдьыбыт буоллаххына, кимнээх диэннэрий, ханна олохтоохторуй? – судьуйа Дьаакыбылап оҕонньору тылыттан хабан ылар.

– Харатаайаптар диэн этилэр… Орто Бүлүү улууһугар олороллоро, – диир Дьаакыбылап аат эрэ харата.

Дьэ, судьуйа, итинтэн сиэттэрэн, Дьаакыбылап кулуба бэйэтин төрөппүт уолунаан Харатаайаптаахха кэргэн кэпсэтэ кэлэ сылдьыбыттарын, ону кыыс сирэн ыыппытын, кини онтон абаран, кыыһы саакка киллэрээри, хамначчыт уолун «атыыһыт уола» диэн ыыппытын, сымыйа биэксэллэри оҥорон биэрбитин барытын кэпсэттэрэр, билиннэттэрэр.

Судьуйа тойон Маайа бу олорор Дьаакыбылап кулуба курдук баай, кулуба кыыһа буолбатаҕа буоллар, ити курдук иҥэн-тоҥон ыйытыа, орооһуо суох этэ. Кини, икки тэҥ дьону сууттуур, көрөр буолан, чахчытын билэ, таһаара сатыыр. Ону кини кистээбэт даҕаны.

– Егор Николаевич, эн бэрт куһаҕан быһыыны быһыыламмыккын… Бу олорор Мария Семеновна эмиэ эн курдук баай, улуус кулубатын кыыһа… Ханнык эмэ дьадаҥы, хамначчыт эбитэ буоллар, мин бу дьыалаҕа хардыы биэрбэккэ – сабан кэбиһиэ этим… Билигин икки тэҥнээхтэр иирсээҥҥитин сабар кыах суох, – диир судьуйа Маайа истэн олордоҕуна.

«Мин хамначчыт кыыһа эбитим буоллар, итинник көстөн турар кырдьыкпын бу сууттан булуо суох эбиппин дии… Бу туох ааттаах хара батталай?!» – диэн Маайа абаккарар да, ону таһыгар таһаарбат.

Судьуйа тойон, олорбохтуу түһэн баран, Маайалаах Дьаакыбылапка этэр:

– Аны үс хонон баран суут буолуо, онно сарсыарда тоҕус чааска манна баар буолуохтааххыт.

Судьуйа суруксута сонно тута Маайаҕа уонна Дьаакыбылапка бэбиэскэлэри туттартыыр.

Дьаакыбылап кулуба, бэбиэскэни ылан эргим-ургум тута-тута, судьуйаҕа чугаһаан кэлэр:

– Мин эйиэхэ аҕыйах тылы этэр баҕалаахпын.

Ону истээт судьуйа Маайаҕа кыҥнах гынар:

– Итинэн бүтэр… Аны үс хонон баран кэлэҕин.

Маайа саҥата суох тахсан барар.

Дьаакыбылап кулуба Маайа тахсан барарын кытта судьуйаҕа быһа-бааччы этэр:

– Тойон судьуйа, биһиги, сахалар, былыргы абыычайбытын кэһээри гынныҥ… Мин аҕам улуус кулубата, нэһилиэк кинээһэ этэ… Мин эмиэ күн ыраахтааҕы үрдүк сорудаҕын толоро олоробун. Ити ханнык эрэ дьахтар дьыалатынан эрийэн мин ааппын алдьатаары гынныҥ… Харчыга төһө наадыйаҕын да – харчы бэриллиэ, аска төһө наадыйаҕын да – ас бэриллиэ… Кэбис, ити дьыаланы суукка туруорума, таһаарыма!

Судьуйа саҥата суох олорор. «Бу дьыаланы өр соҕус туттахха, киһи балачча харчыны хааччыныан сөп эбит», – дии саныыр кини.

– Дьыала олус судургута, көстөн турара бэрт… Онуоха эбии, ити үҥсээччи Иван Семенович дьыалатын оҥорторор киһитэ, Эхов, сокуону билэрэ бэрт… Хайдах да гынан ууратар, хаалларар кыаҕым суох, арай уһатар, көрүллүүтүн тардар эрэ кыахтаахпын.

– Көрүллүүтүн уһат… үтүөҕүн умнуом суоҕа, – Дьаакыбылап кулуба, сиэбиттэн саппыйаан кумааһынньыгын таһааран, биир «кэтирииҥкэни» ылан судьуйа иннигэр уурар. Судьуйа харчыны, саҥата суох суулуу тутан баран, сиэбигэр кистээн кэбиһэр уонна, арыынан аҥыныахтаммыт курдук, ньалҕарыйбыт хараҕынан Дьаакыбылап диэки көрөр.

– Сөп. Үс хонугунан манна киирээйэҕин… Биэс хонон баран киирэ сылдьаар.

Дьаакыбылап кулуба сиэбиттэн били сип-сибилигин аҕай туппут бэбиэскэтин таһааран көрдөрөр:

– Оттон… маны?

Судьуйа Дьаакыбылап кулубаттан бэбиэскэни ылан тырыта тыытан быраҕар. Остуол начаалынньыгын ыҥыран ылан, аны биэс хонугунан кэл диэн саҥа бэбиэскэни суруйтаран туттарар.

– Баһыыба, тойон судьуйа, манан эрэ мин… эн үтүөҥ-өҥөҥ иһин биэриим бүтүө суоҕа, – Дьаакыбылап кулуба махтанар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации