Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 20

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 20 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
* * *

Маайа суорҕанынан тумнары бүрүнэн сытан иһиттэҕинэ, дьиэтин түөрт муннуктарын туох эрэ кирэн эрэрин курдук, тыас иһиллэр. «Туох баҕайыный?» – дии санаан, төбөтүн суорҕанын иһиттэн таһаарбытыгар, муннугар ап-аһыы буруо сыта биллэр. Түннүгүн ыстаабаннарын быыһынан уот төлөнө кытыастан көстөр. Түннүк таастара, уоттан дэлбэритэ баран, тыһыргыыллар уонна лыҥкынаабытынан тохтоллор. Түннүк тааһа алдьанарын кытта уот төлөнө иһирдьэ киирэр. Дьиэ иһигэр буруо туолар. Дьиэтэ умайан эрэрин Маайа дьэ чахчы өйдүүр. Кини ханна да барыах-кэлиэх сирин булбат. Утуйа сытар оҕотун уһугуннарбакка да эрэ суорҕаныгар суулуур уонна көтөҕөн ылан баран, аанынан таһырдьа куотаары, хатыырын төлөрүтэн, халҕаны анньыалыыр. Аан кыратык эрэ сэгэҥниир. Ол ахсын төлөн тыла, салыах курдук, быгыалыыр.

Маайа күүһүн муҥунан хаһыытаан Сүөдэри ыҥырар:

– Сүөдэ-э-р!

Ол хаһыыттан Сэмэнчик уһуктан, куттанан, буруоҕа тумнастан ытаан марылыыр. Маайа оҕотун кууспутунан муостаҕа сытар. Аллара буруо ама соҕус курдук.

«Бу курдук дьиэбит иһигэр хааттара сыттахпытына, уокка былдьаныыһыкпыт», – дии санаан, Маайа оҕотун дьиэтин муостатыгар сытыаран баран, оһоҕун кэнниттэн хардаҕаһы ылан дьиэтин түннүктэрин үлтү сынньан барар уонна умайа турар ыстаабаннары аһаары анньыалыыр да, ыстаабаннар аһыллыбаттар.

Сэмэнчик буруоҕа чачайан ытыыр, сөтөллөр.

– Ийэ-э! Уо-о-т!

Маайа оҕотугар сүүрэн кэлэн көтөҕөн ылар:

– Чыычааҕыам, ытаама-ытаама.

Маайа тугу да гыныан булбат. Бу кэмҥэ дьиэлэрин үрдэ барыта умайан күлүбүрүүр, хас түннүктээҕэй да, ол барыта уот айах буолан кытыастар. Ааннара эмиэ иһиттэн-таһыттан умайар быһыылаах.

– Оҕом эрэйдээх… быыһанар сирбит суох, – Маайа, оҕотун уоттан көмүскээбит курдук, ыбылы кууһар уонна уот аҕыйах сирин диэки сыылар.

* * *

Маайа ыһыытыырын, Сүөдэрин ыҥырарын, оҕолоро Сэмэнчик ытыырын истэн, Чөмөөт Сэмэн уонна Бороҥнуур Охонооһой хайдах да буолуохтарын, ханна да барыахтарын булбаттар. Ол туран Чөмөөт Сэмэн, тулуйумуна, умайа турар дьиэҕэ хаайтаран хаһыытаһар Маайаны уонна Сэмэнчиги быыһаан таһаартыы бараары дугдуҥнаан эрдэҕинэ, хараҥа ойуур иһиттэн Сүөдэр үҥкүү тойугун ыллаан айдаарара дуораһыйан иһиллэр:

 
О-о-һо-о-ко-й-до-о-о-х оһо-о-о-кой!
Э-э-һи-э-кэ-й-дэ-э-э-х эһэ-э-кэй!
Чэйиҥ-чэйиҥ чэкий-дэ-э-э-эр!
Чэгиэн буортан тэйэм-м-и-ит!
Оһо-о-кой-ду-у-ур о-онньу-уну,
О-онньо-о-он ту-уо-йан биэриэҕиҥ!
Ортол-у-ура дой-ду-убар,
Ороһула-а-н үөскэ-эбит,
Оҕо-дьахтар мунньуста-а-н…
 

– Сүөдэр иһэр… көр, бу алдьархайы! – диэт, Бороҥнуур Охонооһой ойуур диэки ыстанар. Чөмөөт Сэмэн оҕуһун быраҕан барыан сатаммат. Сыарҕалаах оҕустар кэбинэ туралларыгар сүүрэн кэлэр, муннуларын быатын сүөрэр уонна инники оҕус ойоҕоһугар сыста түһэр.

– Эмээхсин, сыарҕаҕа олор!.. – хаһыытаан дэлби бараат, Сэмэн оҕуһун миинэр.

Оҕустар ойуур саҕатынан барар суолунан сырсан таҥкычахтаһа тураллар.

VI

Сүөдэр, атаҕар нэһиилэ уйуттар буола итирэн баран, хас силистэн, оттон иҥнэ-иҥнэ, туох да кыһалҕата суох оһоокойдоон-эһээкэйдээн, тиэтэйбэккэ, дьиэтин диэки баран истэ. Ол иһэн ойуур саҕатыгар тахсан көрбүтэ: уот умайар. Сүөдэр туох уота көстөрүн билбэт.

– Ити туох уотай? – диэн бэйэтэ бэйэтиттэн ыйытар. – Бэйи эрэ, туох уотай?.. Дьиэ умайар! Ма-ай-а-а!..

Сүөдэр дьиэтэ умайа турарын көрөн куттаммытыттан арыгы аптаах чаана төбөтүттэн көтөн хаалар, хаһан да итирбэтэх курдук, өйдөнө түһэр.

– Маайа!.. Оҕом!.. Сэмэнчик! – диэн хаһыытыы-хаһыытыы дьиэтигэр сүүрэр. Кини олбуорун иһигэр сүүрэн киирэр, эркиннэрэ бары умайан күлүбүрүү турар дьиэтин эргийэ сүүрэр. Маайа ханна да баара биллибэт. Ол сылдьан өйдөөн көрбүтэ – дьиэтин аана, түннүктэрэ кириэс мастарынан баттатыллыбыттар.

– Бу аата… Соруйан уоттаабыттар… Сэгэрбин… Маайабын, оҕобун Сэмэнчиги сиэтэхтэрэ!

Сүөдэр умайа турар үөл тэтиҥ кириэс баттыгы ылан киэр илгэр уонна аанын, кытарбыт тимир тутааҕыттан ылан, аһа баттыыр. Дьиэ иһэ умайан, сандааран-кытыастан көстөр. Сүөдэр, өлөрүн да кэрэйбэккэ, дьиэ иһигэр сүүрэн киирэр.

– Маайа-а-а!.. Сэмэнчи-и-к!

Дьиэ иһэ таһыргыыр, сирилиир. Сүөдэр, буруоҕа тумнаста-тумнаста, уот төлөнүгэр сирэйин, илиитин, атаҕын, таҥаһын салата-салата, утуйар оронноро баар сиригэр бара сатыыр.

– Чыычаахтарыам! Маайа-а! Сэмэнчик! Тыыннааххыт дуо?.. Бааргыт дуо?

Дьиэ иһигэр киһи эрэ баар быһыыта биллибэт. Сүөдэр утуйар оронноругар тиийэр, уот сиэн эрэр суорҕанын, таба тириитэ тэллэхтэрин туппахтаан көрөр да, кубус-кураанах. «Айыбаан, бу ханна буоллахтарай… Аны бэйэбин уокка былдьатыам», – дии санаан, таҥаһын харбаан ылаат, ньохчоччу туттубутунан аан диэки сүүрэр. Ол иһэн, Маайа хаһыытыыр саҥатын истэргэ дылы гынар. Тохтуу биэрэр.

– Маайа-а-а! Мин – Сүөдэрбин… Дьиэ иһигэр баарбын!

– Сүөдэ-эр, өрүһүй! – Маайа саҥата сир анныттан иһиллэр курдук.

Сүөдэр, түөрт атах буола аттаан, Маайаны ыҥыран хаһыытыы-хаһыытыы кини саҥатын хоту барар. Ол баран истэҕинэ дьиэ муостата үллэс гына түһэр. Маайа оҕотунаан дьиэ боппуолдьатыгар саспыт эбит. Сүөдэр өлө куттаммыт оҕотун Маайаттан ылар уонна, кэргэнин илиититтэн тутан, ааны былдьаһар.

Уот ортотунан таһырдьа сырсан тахсаллар. Маайа дьиэттэн тэйээт умса баран түһэр. Сүөдэр өйдөөн көрбүтэ – Маайа ырбаахыта умайан кытыастан эрэр. Сүөдэр кэлэр да, Маайа ырбаахытын хайыта тыытан, киэр быраҕаттыыр. Онтон аны кини таҥаһа умайан барар, ону туох да бокуойа суох сабыта туппахтыыр.

Сүөдэр Маайаны, олбуор таһыгар көтөҕөн таһааран, окко сытыарар. Сэмэнчиги аҕалан ийэтин аттыгар олордор. Кини ити мучумааннаһа сырыттаҕына, тыас тыаһа «күр» гына түһэр. Дьиэ сарайа биирдэ аллара ньимис гына хаптайан хаалар уонна үөһэ халлааҥҥа тиийэ уот төлөнө өрө уһууран тахсар.

– Сүөдээр, эн… бааргын дуо? – Маайа ыйытар.

– Баарбын… Бу туох үлүгэр буоллугут?

– Ким билэр… Дьиэбитин уоттаатылар, быһыыта… Өлө сыстыбыт…

Маайа, куттанан уонна тымныы окко сыгынньах кэриэтэ сытан, уҥуох-уҥуохтара халыр-босхо бараллар. Оҥкучаҕы булбатахтара буоллар, аҕалара кэлиэр диэри уокка умайан, буруоҕа чачайан өлбүттэрэ ыраатыа эбиттэр.

– Кириэс мастарынан ааммытын уонна түннүктэрбитин баттаппыттар ээ, – диир Сүөдэр.

– Кириэһинэн да-а? – Маайа соһуйар. – Ол да иһин, дьиэбитин тула дьон атаҕын тыаһа иһиллэр этэ ээ.

– Кириэһинэн.

– Ол аата, миигин оҕобун кытта өлөрөөрү соруйан уоттаабыт бэйэлэрэ буоллаҕа дии?! Тоҕо Толлордооххо бачча өр буоллуҥ?

Сүөдэр, дал иһиттэн биир бугулу көтөҕөн аҕалан тэлгиир уонна онно Маайаны, Сэмэнчиги сытыартыыр. Дьиэ умайан бүтэн барар. Кини ону көрөн туран: «Кимнээх, тоҕо дьиэбитин умаппыттара буолуой?.. Ити туох кириэстэрин оҥортоон дьиэбит аанын, түннүктэрбитин баттаппыттара буолуой?» – дии саныыр.

Маайа сарсыарданан уһуктар. Агдатын иһэ төһө да аһыйдар, арыый аҕай буолбут. Төбөтүн ыарыыта ааспыт, Сүөдэр кини аттыгар олорор. Быһыыта, уһун түүнү быһа утуйбатах.

Сүөдэр, Маайа уһуктубутун көрөн, туох да буолбатаҕын курдук мичээрдиир. Кинилэр бэйэлэрэ даҕаны, уот сиэбит төҥүргэһин курдук, сирэйдиин-харахтыын, эттиин-сиинниин хараарбыттар.

– Маайа, кимнээх умаппыттара буолуо дии саныыгыный? – Сүөдэр ыйытар.

– Огдооччуйа эмээхсин уоттаатаҕа дии, – Маайа сүр күүскэ үөһэ тыынан ылар.

– Огдооччуйа итинник ыарахан үөл мас кириэстэри соҕотоҕун көтөхпөтөҕө буолуо… Кыайыа суоҕа.

Бу олорон, Сүөдэр били бэҕэһээ киэһэ Толлор Ньукулай Маайа туһунан «киһи буолбатах»… «абааһы өлөр үһү дуо?» диэн эппитин өйдүү түһэр: «Ити аата, кини эмиэ билэр эбит буоллаҕа… Соруйан уоттаатахтара… Маайаны «дэриэтинньик сылдьар» диир эбит буоллахтара. Ити тоҕо ол курдук саныыллара буолуой?»

Сарсыарда, күн үөһэ ойбутун кэннэ, ойуур саҕатыттан икки киһи – Чөмөөт Сэмэн доҕорунаан Бороҥнуур Охонооһойдуун – тахсан кэлэллэр. Кинилэр, чуҥнаан эрэр курдук, одуулаһа-одуулаһа, Дьаакыбылап ойоҕо олорбут туруорбах балаҕаныгар киирэллэр. Сотору балаҕан иһиттэн тахсаллар уонна улахан дьиэ диэки бараллар. Чугаһаан иһэн, Сүөдэрдээх Маайа тиэргэннэригэр олороллорун көрөн, ойуурга куотуох курдук, чугурус гынан баран тохтууллар. Харахтара Маайаттан арахпат.

– Дьиэҕит умайбыт эбит дуу? – Чөмөөт Сэмэн ыраах туран ыйытар.

– Дьиэ умайбыта диэн… мин туппатах дьиэм… Кэргэммин уонна оҕобун былдьата сыстым.

– Хата, хайдах быыһанаахтаатылар? – Чөмөөт Сэмэн аһыммыт куолаһынан ыйытар.

– Таҥара быыһаата быһыылаах. Дьиэм умайарыгар, саатар, бэйэм суох буолан биэрбитим… Кэлиҥ, тоҕо ыраах тураҕытый?.. Таҥаспыт суох, онно биһиги буруйбут суох, сааппаппыт… «Өлүү болдьохтоох, үтүгэн төрүттээх» диэбиккэ дылы, миигин бэҕэһээ киэһэ Толлор Ньукулай арыгы буллум, иһиэх диэн ыҥыран илдьэ барбыта. Онно итирэн хаалбытым. Хата, хоммоккобун дьиэбэр кэлэн, дьоммун быыһаатым…

Хамаҕаттаттан кэлэр суол төрдүгэр Толлор Ньукулай барыаран тахсан кэлэр. Кини умайбыт дьиэни, чарапчылана-чарапчылана, одуулаһар.

– Толло-ор! Кэл-кэл! – Чөмөөт Сэмэн хаһыытыыр.

Толлор, ону истэн, хардыытын кэҥэтэн биэрэр. Маайа, таҥаһа суоҕуттан саатан, аһаҕас ампаар иһигэр киирэн хаалар. Сотору соҕус Толлор Ньукулай тиийэн кэлэр.

– Дьэ, доҕоттоор, хата бэйэбит уолбутун абааһыттан арааран… – диэн Толлор саҥаран эрдэҕинэ, Чөмөөт Сэмэн өттүккэ имнэнэр. Толлор тоҕо кини имнэммитин өйдөөбөт: «туох баарый?» диэбиттии көрүтэлиир. Онуоха Чөмөөт Сэмэн быһа түһэн этэр:

– Хата, Сүөдэр кэлэн, кэргэнин, оҕотун уоттан быыһаабыт.

Толлор Ньукулай сирэйэ уһуу түһэр. Кини тугу да саҥарыан, этиэн булумуна, уоһун чөппөҥнөтөр. Чөмөөт Сэмэн саҥатыҥы соҕус ырбаахытын устар уонна Сүөдэргэ уунар.

– Маны кэргэҥҥэр илдьэн биэр.

– Чэйиҥ, туруохпут дуо, бу дьон аһыыр астара, таҥнар таҥастара суох хаалбыт буолбаттар дуо, дьиэбититтэн тугу эмэни аҕалан көмөлөһүөҕүҥ.

Дьон барбыттарын кэннэ Маайа ампаар иһиттэн тахсар. Сүөдэр киниэхэ Чөмөөт Сэмэн ырбаахытын уунар. Маайа ырбаахыны ылан кэтэ туран ыйытар:

– Ити дьон кэлэн бардахтара тугун дьиктитэй?

Сүөдэр кинилэр дьиэлэрин Огдооччуйа уоттатарыгар ити дьон сыһыаннаахтарын өтө өйдөөн олорор. Ол эрээри ону Маайаҕа кэпсээбэт.

Сотору соҕус Чөмөөт Сэмэн Малаанньа биир эргэ ырбаахытын кытта биэс муунта кэриҥэ мээккэ бурдугу, чаанньыгы аҕалар. Кини манна кэлэн иһэн арааһы эргитэ саныыр. «Хайдах ити Маайаны дьиҥнээх дэриэтинньик, өлбүт киһи үөрэ илэ сылдьар дии санаабыппыт буолуой? – диэн бэйэтин бэйэтэ сэмэлэнэр. – Ити барыта Огдооччуйа кубулҕата, кини ити дьахтары өлөрөөрү гыммытын биһиги, акаарылар, толорсо сылдьыбыппыт».

Өр-өтөр буолбат, Толлор Ньукулай уонна Бороҥнуур Охонооһой кэлэллэр, эмиэ ас, таҥас аҕалаллар.

Маайа бу дьон аҕалан биэрбит таҥастарын таҥнан, дьиэтин таһыттан мас сыыһын хомуйан, уот оттор. Сүөдэр чаанньыкка уу баһан таһаарар. Кинилэр, лэппиэскэ оҥостон, чэйдэрин кыынньаран аһыыллар. Ол тухары Чөмөөт Сэмэн, Бороҥнуур Охонооһой уонна Толлор Ньукулай кинилэр аттыларыттан арахпаттар.

– Бу дойдуга биһиги курдук дьон сатаан ыал буолан олоруохпут суох, – Сүөдэр сүр күүскэ үөһэ тыынар.

Онуоха ким даҕаны саҥарбат, дьүлэй дьон курдук, аһаран кэбиһэллэр.

– Хайдаҕын да иһин, биһиги дьиэбитин бөөлүүн соруйан уоттаатылар, – диир Сүөдэр, олоро түһэн баран.

Бороҥнуур Охонооһой сирэйэ кытара түһэр.

– Уоттаабыт да буоллахтарына, куруук уоттуу туруохтара диэтэххит дуу! Мантан инньэ, баҕар, кимнээҕэр үчүгэйдик олоруоххут, – диир кини.

Сүөдэрдээх тугу да саҥарбаттар.

* * *

Ампаары дьиэ оҥостон, Сүөдэрдээх Маайа үс-түөрт хоноллор. Уот сиэбит дьиэтин күлүттэн билигин даҕаны ап-аһыы баҕайы буруо унаарыйан тахсар. Ол буруо Маайаҕа дьиэлэрэ умайбыт кутталлаах түүнүн куруутун санатар.

– Эн үнүрүүн бэрт сөпкө эппитиҥ. Биһиги манна сатаан дьиэлэнэн-уоттанан, ыал буолан олоруо суохпут, – диир Маайа Сүөдэргэ.

– Күһүн бу тиийэн кэллэ, ханна барыахпытый?

– Лэгиэнтэй атыыһыттаахха төннүөх… Сүөһүлэрбитин барытын атыылыах уонна эһиил сайын Бодойболуох.

Маайа, кырдьыга, бу дойдуттан ыраах барыан баҕарар. Манна кини тардыһара, олоруон баҕарара туох да суох. Оннооҕор аҕата кэлэ сылдьан, кинини кыыһым диэн аһыммата, тугунан да көмөлөспөтө. Аҕата төннүөҕүттэн ыла дьонуттан туох да сурах иһиллибэт. Ол аата, кинини оннооҕор төрөппүт ийэтэ умнубут, билиниэн баҕарбат эбит.

Бу кэпсэтиилэрин кэнниттэн Сүөдэрдээх Маайа сайын устата оттообут отторун атыылаан кэбиһэллэр. Сүөһүлэрин үүрэн, Киллэмҥэ киирэргэ бэлэмнэнэн бараллар. Огдооччуйа эмээхсин туруорбах балаҕаныгар төннөн кэлэр.

Бу күннэргэ Чөмөөт Сэмэн, Бороҥнуур Охонооһой уонна Толлор Ньукулай буоланнар Сүөдэрдээхтэн букатын арахпаттар. Кинилэр күннэтэ аайы: «Барымаҥ! Биһиги көмөлөһүөхпүт!» – диэн көрдөһө сатыыллар.

Биир тымныы сарсыарда Сүөдэрдээх Маайа, сүөһүлэрин үүрэн, айаҥҥа туруналлар. Онно Чөмөөт Сэмэн, Бороҥнуур Охонооһой уонна Толлор Ньукулай кэлэн атаараллар. Кинилэр Сүөдэрдээххэ кыра харчы сыыһын хомуйан биэрэллэр уонна:

– Биһигини бырастыы гыныҥ, тугу да билбэппититтэн, хараҥабытыттан тахсыбыт суол. Чэ, этэҥҥэ, үчүгэй бэйэлээхтик сылдьыҥ! – диэн көрдөһө, алгыы хаалаллар.

Туруорбах балаҕан ааныгар Огдооччуйа эмээхсин тахсан барыаран туран, бакыр мутук тайаҕын чочоҥното-чочоҥното, Маайалаах Сүөдэри кыраан хардьыгыныыр:

– Барар суолгут баҕана үүтэ буолан бараннын, кэлэр суолгут кэлии үүтэ буолан бүөлэннин… Төннүбэккэ түҥкэлийиҥ, сор-муҥ, суҥха-атах суолланыҥ, эрэй-буруй, иирэр өлүү эҥээрдэниҥ… Баран иһэн бахтайыҥ!..

Ити курдук, Сүөдэрдээх Маайа кырыыс уонна айхал доҕуһуолланан Нам сириттэн бараллар.

Иккис кинигэтэ
ХАЛЛААН СЫРДЫЫТА

Маҥнайгы баһа
I

Лена өрүс хочото хагдарыйа хаппыт. От-мас сэбирдэҕэ, дьадаҥы киһи илбиркэй таҥаһын курдук, бураллыбыт. Күн тахсыан иннинэ салгын ордук тымныйар. Сүөдэрдээх Маайа арыы ойуур аттыгар кэлэн тохтоотулар. Талах, хатыҥ лабааларыгар, титирик мутуктарыгар сиик түһэн, харах уута кыламаҥҥа ыйанан турарыныы, чопчулаһа тоҥор. Маайа били Малаанньа эргэ ырбаахытын кэтэ сылдьар, онтуката илбирийбитин ытыһынан саба туппахтыыр.

Сүөдэрдээх күһүҥҥү күн кылайа киириитэ, көхсүлэрин иһиттэн саҥалара тахсыбат буола өлө сылайан, аччыктаан, Киллэм дэриэбинэтигэр тиийэллэр.

Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтигэр суох эбит. Харытыана эмээхсин Сүөдэрдээҕи соһуйа көрсөр:

– Хайа, бу туох буолан кэллигит?

Кэлбит дьон тугу даҕаны саҥарбаттар. Маайа көтөҕөн турар оҕотугар умса түһэр, ытаан, эҥил баһа титирэстиир. Бу дьон олохторугар табыллыбатахтарын эмээхсин өйдүүр.

– Туох алдьархайга түбэстигит?.. Кистээмэҥ!

Сүөдэр Маайаны олордор уонна туох буолбутун аа-дьуо сиһилии кэпсиир.

Харытыана Маайаттан Сэмэнчиги ылан ороҥҥо сытыарар. Оҕо сылайбыта, уутугар өлбүтэ бэрт буолан илииттэн илиигэ ылалларын, ороҥҥо сытыарбыттарын билэн да көрбөт.

– Маайа, төһө өр бу курдук эрэйи көрө сылдьыаххыный? Төрөппүт ийэлээх-аҕалаах буолбаккын дуо, кинилэргэ барыҥ. Аҕаҕыт оҕонньор, төһө даҕаны кыыһырбычча ону-маны саҥардар, холдьоҕон таһаартыа суоҕа: төрөппүт сүрэх аата – төрөппүт сүрэх.

Дьиэ иһэ им-дьим.

– Лэгиэнтэй ханна барбытай? – Сүөдэр, саҥата суох олорбохтоот, ыйытар:

– Куоракка киирбитэ үс хонно. Бүгүн-сарсын тахсаа ини. Балбаараа! – диэн Харытыана эмээхсин хамначчыт кыыһын ыҥырар.

– Аныгы кыргыттар баҕайылар итинниктэр ээ. Уу баһа киирбитэ да, онон устунан уччуйан бардаҕа ити. Чэй өрүөххэ баар эбит. Ыраах сиртэн сылайан кэлбит дьон аччыктаабыккыт буолуо…

– Мин… мин өрүөм, – Маайа, хараҕын уутун сотто-сотто, хаҥас хос диэки барар.

Харытыана эмээхсин, Маайа сылабаары өрөр тыаһын истэн олорбохтоот, ыйытар:

– Мантан антах хайдах олорор, тугу гынар санаалааххытый?

– Соммут эҥээринээҕэр кылгас санаалаах дьон сырыттахпыт ээ, – Сүөдэр үөһэ тыынар.

«Эмиэ босхо хамначчыттар кэлбиттэр», – диэн эмээхсин үөрэ саныыр.

– Биһиги сүрдээхтик эрэйдэнэн олоробут. Эһиги барыаххытыттан ыла биир да табыгастаах үлэһит түбэспэтэ. Онтон сылтаан оҕонньор эргиэнэ улаханнык атахтанна. Былырыын Маачаҕа ыыппыт таһаҕаһын үксэ суолга малыйбыт. Онуоха эбии Сараапап атыыһыт таһаҕас илдьибит киһибитин көрдөрөн туран балыйбыт. Онон оҕонньорум эйигин олус суохтуур… Бу эһиги кэлбиккитин көрдөҕүнэ үөрээхтиирэ буолуо.

Маайа, сылабаары өрө сылдьан итини истэн, абатыйыах санаата кэлэр: «Баайдар байалларын эрэ саныыллар, атын киһи алдьархайга түбэспититтэн үөрэллэр». Сүөдэр буоллаҕына: «Хата бу ыал биһигини бэйэлэригэр ылыыһыктар ээ!» – диэн эмээхсин эппитин бэркэ сэргии истэр.

– Буолумуна, Сараапаптаах Салаайабы мин бэркэ билэттиибин. Кинилэр кими баҕарар көрдөрөн туран албынныыр дьон. Мин биирдэ, тоҕус уон буут эти туттарарбар, улаханнык албынната сыспытым…

– Ээ, сэгэриэм, эн таһаҕаска сылдьар эрдэххинэ, мин оҕонньорум бөҕөх буолара. Билигин, мэктиэтигэр, киһилии аһаабат да, утуйбат да буолан хаалла. Уруккута буолбатах, быһа охсуллубут быһаҕаһа, хайа охсуллубут аҥаара эрэ хаалла. Бэйэҥ да көрүөҕүҥ…

«Сараапап атыыһыт хараҕа туох ааттаахха туолара буолла? Күн-түүн аайы кини ампаарыгар эт, арыы, балык, түүлээх, көмүс кутуллан аххан биэрэр да, кини хата наһаа түһэн иһэр, – дии саныыр Сүөдэр. – Бэл ыйааһынтан сүүйээри, киирэтигэр тааһы, буору хам тоҥорбут буолааччы. «Баай хараҕын көмүллэр иинин буора эрэ толорор» диэн этэллэрэ кырдьык быһыылаах».

Харытыаналаах Сүөдэр ити курдук кэпсэтэн көбдьөөрө олордохторуна, сайыҥҥы салгыҥҥа саһарчы буспут сирэйдээх, баай ыал үлэтигэр эриллэн, түптээн да аһаабакка чороччу хаппыт, өҥө баранан ойуута көстүбэт буолбут сиидэс ырбаахылаах кыыс толору уулаах икки туос ыаҕаһы тутан киирэр. Дьиэлээх хотун кыыһы кынчарыйталыыр.

– Хотуок, хайа үөдэн айаҕар дуу, түгэҕэр дуу түһэн сырыттыҥ?! – диэн хотун, күөмэйин сонотон, мөҥөр былаастаан ыйытар.

Кыыс, уулаах ыаҕастарын хаҥас хос аанын аттыгар туруортаан баран, сирэйин хотунуттан кистии туттан туран иһиллэр-иһиллибэттик хардарар:

– Уу баһа сырыттым дии…

– Уу баһа барбыт киһи, ууга түспэтэх буоллаҕына, эргиллэр кэмэ быдан ааһарга дылы гынна дии… Ханна эрэ тиийэн, солуута суоҕу чалыгырыы турбутуҥ буолуо, – диэн Харытыана эмээхсин мөҥөн-этэн барда: – Ол дьөлө түһэн сылдьыбыт сиргэр сырыт, аны икки харахпар көстүмэ, киэр кэбэлий!

Кыыс тугу да утары саҥарбакка, ытыы-ытыы таһырдьа тахсар. Сүөдэр урут ыарыһах буолан бэрт нэһииччэ сылдьар, аҕыйах саҥалаах курдук саныыр эмээхсинин ити баттыгастаах тылларын бэркиһии истэр.

– Аныгы сэлээрчэхтэр быһыылара-майгылара ити баар! Киһи тылын сүгүн истибэттэр! – диэн аны эмээхсин кыыс бэйэтэ тахсан барбытын, кыыһы кини үүрэн таһаарбатаҕын курдук эргитэн этэн барар.

Сотору соҕус буолаат сылабаар оргуйан сыыгыныыра иһиллэр.

– Чэй оргуйда, – диэн Маайа дьиэлээх хотуҥҥа кэлэн этэр.

– Тоойуом, били уруккуҥ курдук, бэйэҥ чэйи тэрий. Ас чуулааҥҥа баар, ону киллэр, – Харытыана эмээхсин халадаай ырбаахытын сиэбиттэн күлүүс тылын ылан Маайаҕа уунар.

Маайа, саараабыт курдук турбахтыы түһэн баран, күлүүс тылын ылар, чуулааҥҥа тахсар, арыыны, килиэби киллэрэр. Сылабаарын остуолга аҕалан туруорар, чааскыларга чэй кутуталыыр.

Үһүөн остуол тула олорон чэйдээн эрдэхтэринэ дьиэ аана аһыллар, Лэгиэнтэй атыыһыт киирэн кэлэр. Кини, Сүөдэрдээх Маайа олороллорун көрөн, соһуйар:

– Бай, бу дьон хантан көһүннүлэр?

Атыыһыт, уруккутугар холоотоххо, улаханнык кырдьыбыта харахха тута быраҕыллар.

– Олох сирбититтэн… Намтан, – диир Сүөдэр.

– Бу куораттаан иһэр быһыыгыт дуу, хайдах дуу?.. Сүөһүлэргитин тоҕо сиэтэн киллэрдигит? – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт дьиибэргээн ыйыталаһар.

Сүөдэр ханнык алдьархайга түбэспиттэрин сиһилии кэпсээн биэрэр. Лэгиэнтэй атыыһыт, ону барытын саҥата суох истэн олорон баран: «Хата быйыл үчүгэй үлэһит дьоннонууһукпун. Дьыл бачча хойутаабытын кэннэ мантан ханна бардахтарай?!» – диэн күлүгэр имнэнэн кэбиһэр. Ол да буоллар туох санаалаахтарын билээри лаппыйан ыйытар:

– Ханна тиийэн олохсуйар санаалааххытый?

– Ким билэр, ханна тиийэн тохтуур дьон буоллубут, – диэн эрэ кэбиһэр Сүөдэр уонна үөһэ тыынар.

– Дьыл баччатыгар ханна баран иһиэххитий?.. Манна биһиэхэ хаалыҥ. Кыһыны кыстааҥ… Ол кэннэ ханна олохсуйаргытын бэйэҕит дьэ билиэххит буоллаҕа дии, – Лэгиэнтэй атыыһыт аһыммыта буолла.

Кырдьык даҕаны, Бокуруоп кэлэрэ аҕыйах хонук хаалла. Дьыл баччатыгар кэлэн дьукаах кыбытар ыал көстөрө да биллибэт. Онон Сүөдэрдээх Маайа эмиэ Лэгиэнтэй атыыһыкка хамначчытынан киирдилэр, сүөһүлэрин барытын киниэхэ атыылаатылар.

Лэгиэнтэй атыыһыттаахха кыстаан олорон, Сүөдэрдээх Маайа кэлэр сайын Бодойбоҕо, көмүстээх Тайҕаҕа, барыах буолан сүбэлэһэллэр. Биир киэһэ кинилэр ол быһаарыныыларын тойоннорун аахха этэллэр.

– Көмүстээх Тайҕа, ыраахтан эрэ иһиттэххэ, ыһылла сытар быйаҥнаах сир. Онно даҕаны аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа суох дьоннор, быстыбыттар-ойдубуттар суохтар диэтэххит дуу? – диир онуоха Лэгиэнтэй атыыһыт сөбүлээбэтэх быһыынан.

Харытыана эмээхсин сирэйэ кубулуйа түһэр. Кинилэр бу дьон курдук улгум хамначчыттары булаллара саарбах.

– Ол төрөөбүт буоргутуттан тоҕо бара-кэлэ сатаатыгыт? – Харытыана тоҥуй куолаһынан ыйытар.

– Биһигинньиктэр бу дойду буоругар сатаан ыал буолан олоруохпут суох. Хамначчыт ханна да үлэлиирэ биир ини, – диэн хардарар онуоха Маайа.

Лэгиэнтэй атыыһыт, саҥата суох олорбохтоон баран, Сүөдэрдээх Маайа сирэйдэрин кэрийэ көрөн кэбиһэр. Кини бу дьону бэйэтиттэн ыытыан баҕарбат.

– Дьиэҕитин уоттаабыт дьону булан үҥсүөххүтүн? Оччоҕо ороскуоккутун төлөттөрөн, эмиэ дьиэ-уот тэриниэ этигит буоллаҕа дии.

– Ким уоттаабыта да, ким уоттаппыта да биллэр, – диир Маайа кытаанахтык. – Биһиги Дьаакыбылаптаах аймахтара баалларын тухары бу дойдуга сатаан олоруохпут суох. Үҥсүөхпүтүн… ол үҥсүүбүт эмиэ үс сыл буолуо. Онон эрдэ-сылла, эрэйэ, айдаана суох мантан дьалбарыйан биэрэрбит быдан ордук буолуо.

Бу кэпсэтии кэнниттэн Лэгиэнтэй атыыһыттаах Сүөдэрдээххэ сыһыаннара биллэ уларыйар. Тылга даҕатан хабырыйар, ол-бу сылтах була-була мөҥөр-этэр буолан бараллар.

Сүөдэрдээх Маайа саас Лена өрүс мууһа ааспытын кэннэ, бэс ыйын ортотун эргин, хамнастарын аахсан, барардыы тэринэллэр.

– Мин быйыл сайын Маачаҕа Сараапап атыыһыкка икки сүүс сүөһүнү тыыннаахтыы киллэрэн туттарар кэпсэтиилээхпин, – диир Лэгиэнтэй атыыһыт. – Эһиги таарыччы ол сүөһүлэри киллэрэн туттарбаккыт ээ.

Атыылыыр сүөһүлэрин Сүөдэрдээҕинэн тириэртэрэрэ Лэгиэнтэй атыыһыкка улахан барыстаах. Кини мантан дьону наймылаһан ыытар буоллаҕына, ол дьон барар уонна кэлэр борогуоннарын төлүөхтээх. Ону таһынан, ол дьон хас биирдии сүөһү баһыттан солкуобайдыыны соболоҥ ылаллара чахчы. Оттон Сүөдэргэ биэс уоннуу да харчыны төлөөтөххө сөп. Оччоҕо төһөнү эмэни барыстанаҕын.

Сүөдэрдээх Маайаҕа Маачаҕа диэри бэлэм борогуоннанан бараллара уонна биир мөһөөк кэриҥин хамнас аахсаллара эмиэ улахан. Онон кинилэр Лэгиэнтэй атыыһыт икки сүүс сүөһүтүн илдьэ барыах буолан кэпсэтэн кэбиһэллэр.

От ыйын саҥатыгар Намтан, Бороҕонтон, Байаҕантайтан, Илин Хаҥаластан, Арҕаа Хаҥаластан икки сүүс оҕус хомуллар. Лэгиэнтэй атыыһыт Глотов биир баржатын наймылаһан ылан, онно оҕустарын уонна ол оҕустар Маачаҕа тиийэ сиир отторун симнэрэр. Сүөдэргэ көмө биир киһини биэрэр. Ити курдук тэринэн, от ыйын биир сырдык киэһэтэ Сүөдэрдээх Лена өрүһү өрө өксөйөн усталлар.

Борохуот аттаныыта Маайа, оҕотун Сэмэнчиги көтөҕөн, лоцман будкатыгар тахсар. Онно ыскамыайкаҕа олорон, кини төрөөбүт дойдутуттан арахсан эрэрин санаан хараастан барар. Иэдэһин устун ып-ыраас таммахтар төкүнүһэн оҕотун хап-хара баттаҕар таммалыыллар. Сэмэнчик ол аайы тугу да билбэт хараҕынан ийэтин сирэйин көрбөхтүүр.

Борохуот куорат турар кытылыттан тэйдэр тэйэн, ырааттар ыраатар. Утум-ситим күөх иирэ талах буодьулаах, өлгөм үүнүүлээх күөх арыылар көстө хаалаллар.

Маайа бу олорон саныыр: «Төрөөбүт ийэ буорбуттан арахсан, ыраах туора дойдуга баран истэҕим. Онно төһө муҥ-эрэй күүтэрэ буолла?»

Сотору буолаат Сүөдэр доҕор киһитинээн сүөһүлэрин аһатан кэлэр. Кини хайдах эрэ үөрбүт-көппүт, сүргэтэ көтөҕүллүбүт көрүҥнээх. Үөрэрэ да буолуо. Бу төрөөбүт буора ааттаах сиргэ дьолу булбата. Баҕар, онно, атын сиргэ, кини күнэ тахсыа, күөрэгэйэ ыллыа, күөнэҕэ көбүө!

– Хата, күн киирэ илигинэ, эрдэ соҕус аттанныбыт, – дии-дии Сүөдэр Маайа аттыгар кэлэн олорор.

* * *

Түүннэри-күнүстэри айаннаан, уонча хонон, Маача дэриэбинэтигэр тиийэллэр. Оҕустар, уонча хонук тухары кырыыларынан аалсан туран айаннаабыт буоланнар, кытыл чугаһаабытын билэн, мөҥүрэһэн, мөхсөн бараллар. Кинилэр күөх хонууга көҥүл хаамсыахтарын, талбыттарынан таалалыахтарын баҕарбыттара чахчы.

Оҕустары кытылга таһаараллар. Кинилэр тахсаат, атахтарын сынньатаары, бука бары сытынан кэбиһэллэр. Сүөдэр, сүөһүлэрин туттара охсорго тиэтэйэн, Сараапап атыыһыттаахха барар.

Сараапап атыыһыттаах дьиэлэрин Сүөдэр уруккуттан үчүгэйдик билэрэ. Кини манна Лэгиэнтэй атыыһыттан таһаҕас аҕалан туттарар буолара. Сараапап атыыһыт тура илик эбит. Атыыһыт, өр соҕус көһүттэрэн баран, утуйар хоһуттан айгыстан тахсар.

Сараапап атыыһыт мара соҕус таҥастааҕа буоллар, бу дэриэбинэҕэ олорор атын нуучча бааһынайдарыттан туох да уратыта суох буолуо этэ. Хантан да атын көрүҥнэниэ этэй, кини уонча сыллааҕыта, эмиэ ыалларын курдук, көннөрү бааһынай этэ ээ: кинилэри кытта тэҥҥэ от оттуура, бурдук ыһара, таһаҕас таһара. Ол олордоҕуна хантан эрэ Тайҕаттан Салаайап диэн күрүөйэх киһи кэлэн киниэхэ тохтообута. Кэлиэхсит ханна төрөөбүтүн, туох буруйу оҥорон остуруокка олоро сылдьыбытын манна ким да билбэт этэ. «Салаайап – Тайҕа көмүсчүтэ үһү» диэн арай үһүйээн курдук кэпсээн баара. Салаайап хантан эрэ бэйэтин курдук «ханнааҕылара да биллибэт» дьону мунньубута, кинилэр биэс-алта буолан көмүс сууйан сылдьыбыттара. Ол кэмҥэ Сараапап Үөһээ Тайҕаҕа кистээн испииринэн эргинэрэ үһү. Биирдэ Сараапап, үрээнньиктэр кордоннарын тумнан иһэн, Салаайаптаах көмүс сууйа сылдьар сирдэригэр түбэһэ түспүт. Көмүсчүттэр кини испиирин атыылаһан ылан испиттэр, көр-нар бөҕөнү түһэрбиттэр. Салаайап Сараапапка мантан элбэх көмүһү булбуттарын дьонуттан кистээн кэпсээбит. Ол түүн кинилэр, кистээн сүбэлэһэн баран, итирэн охто сытар көмүсчүттэри барыларын быһаҕынан кэйгэллээн кэбиспиттэр уонна көмүстэрин ылан Маачаҕа кэлбиттэр. Ситинтэн төрүттээн кинилэр кыттыгас атыыны тэрийэллэр. Аҕыйах сыл иһигэр Маачаҕа үс улахан лааппыны туттаран аһаллар. Биир лааппыларыгар аҥаардас кыһыл эрэ көмүһү туталлар, иккис лааппыларыгар – арыыны, эти, түүлээҕи. Оттон үһүс лааппыларыгар дьоҥҥо табаары, чэйи, арыгыны, таҥаһы атыылыыллар. Итилэри таһынан өссө алта улахан дьиэлээхтэр. Ол дьиэлэртэн биирдэстэригэр Сараапаптаах олороллор. Манна биир хос «кыттыгастарыгар» ананан турар. Ол эрээри Салаайап манна бэрт дэҥ эрэ кэриэтэ көстөн ааһар. Кини куруутун дьонтон кистэнэ, саһа сылдьар үгэстээх. Билигин кини Витим дэриэбинэтин чугаһыгар быраҥаатталаах-майаҕастаах күөлгэ балыктыыр ааттааҕа. Ол балыгынан Витимҥэ аспыт рестораннарыгар дьону аһаталлар. Онтон кинилэргэ эмиэ бэрт улахан дохуот киирэр.

Сүөдэр киниэхэ Лэгиэнтэй атыыһыттан икки сүүс оҕуһу аҕалбытын Сараапап атыыһыкка кэпсиир.

– Кырдьаҕас түөкүн, эрдэ соҕус ыыппат да буоллаҕа, – диэн Сараапап үөхсэр.

Кырдьыга, билигин даҕаны эт сыаната Тайҕаҕа олус үрдүк. Оттон адьас аҕыйах хонуктааҕыта биирдии муунта эт биирдии солуотунньук көмүс сыаналана сылдьыбыта. Бу сүөһү ол саҕана кэлбитэ буоллар, Сараапап хас да төгүлүнэн барыстаныа этэ.

– Чэ эрэ, киирэн көрүөх!

Сүөдэр, атыыһыты батыһан, биэрэккэ киирэр. Оҕустар сыппыттарын курдук сыталлар эбит. Сараапап оҕустары, эмистэрин-көтөхтөрүн билээри, кэрийэ сылдьан бигэтэлээн, туппахтаан көрүтэлиир.

– Албыннаабыт… Лэгиэнтэйи кытта аны тугу да ылсыам-бэрсиэм суох, – диэн Сараапап айдаарар. – Турбат буола ыран хаалбыт сүөһүлэри ыыппыт. Биир да атаҕар турар сүөһү суох дии!

Сүөдэр сымыйаны, балыыры тулуйан истибэт. Кини тус бэйэтин балыттарбыт, үөхтэрбит курдук өһүргэнэн, абарбыт куолаһынан этэр:

– Уонча хонук устата биирдэ да сытан сынньаммакка атахтарыгар туран кэлбит сүөһүлэр сыппакка хайыахтарай? Уонна ама хайдах мантан ордук эмис буолуохтарай?

Сараапап саҥата суох Сүөдэр диэки, кынчарыйан эрэр курдук, көрүтэлээн кэбиһэр:

– Хайдах гыныахпыный, тутуом буоллаҕа дии, көтөхтөрүн чахчы көтөхтөр.

Атыыһыт Сүөдэри, төһө да сөбүлээбэтэх курдук көрдөр, дьиҥинэн, иһигэр чобуотун, ахсааҥҥа, кэпсэтиигэ балыйтарбатын иһин хайгыы саныыр. «Маннык үлэһиттээх киһи» диэн санаа кини өйүгэр охсуллан ааһар.

Сараапап сүөһүлэри ааҕан тутар уонна Сүөдэрдээҕинэн үүрдэрэн дэриэбинэ кэтэҕинээҕи хааччахха хаайтарар. Хааччахтан дэриэбинэҕэ төннөн иһэн Сараапап:

– Мантан төннөҕүн дуу? – диэн ыйытар.

– Тайҕаҕа тахсан иһэбин… Онно таарыйа ити сүөһүлэри аҕалыстым.

– Оттон урут Лэгиэнтэй таһаҕаһын таһар этиҥ буолбат дуо?

– Таһарым.

– Иһит эрэ, Тайҕаҕа тахсыаҥ кэриэтэ биһиэхэ үлэҕэ киир. Хамнаскын үчүгэйдик төлүөхпүт.

Сүөдэр, саараан, саҥата суох испэхтээтэ: эмиэ да бу баай атыыһыкка үлэлээн боруобалаан көрүөн баҕарар, эмиэ да умсугуйбут, дьулуспут ыраах Тайҕатыгар тиийэ охсуон баҕарар.

– Мин соҕотох буолбатахпын, кэргэннээхпин, оҕолоохпун.

– Э-э, суох, мин аҥаардас киһиэхэ наадыйабын.

Сүөдэр, баржаҕа киирэн, Маайаны уонна оҕотун Сэмэнчиги илдьэ уруккуттан таһаҕас таһа сылдьан түһэр ыалыгар тахсар. Онно хонон тураат, сарсыардатыгар Сүөдэр Үөһээ Тайҕаҕа тахсар аргыс көрдүү барар. Кини, эмиэ бэйэтин курдук, Тайҕаҕа үлэлии баран иһэр икки саханы булар. Ол дьон, аара аһыыр астарын атыылаһар харчылара суох буолан, олохтоох бааһынайдарга от оттуу сылдьаллар эбит. Сүөдэр кинилэри өйүө атыылаһалларыгар харчынан салгыах буолар уонна, аргыстаһарга үлэһэн баран, түспүт ыалыгар төннөр.

Сүөдэр суоҕуна Сараапап атыыһыттан киһи кэлэн кинини ыҥыра сылдьыбыт. «Тоҕо ыҥыттарар баҕайытай?» – дии саныы-саныы, Сүөдэр атыыһыттаахха барар. Сараапап аан хоһугар мичээрдээбитинэн көрсөр:

– Хайа, үлэҕэ киирэҕин дуо?

– Кэргэннээхпин, оҕолоохпун диэбитим ээ.

– Баҕар, сүбэлэстэхпитинэ барыгытын да ылыа этим…

Сүөдэр туох да диэн булбат. Кини итини соҕотоҕун быһаарарын ыарырҕатар, «Маайабын кытта сүбэлэстэхпинэ сатаныыһык», – дии саныыр.

– Мин кэргэммин кытта кэпсэтиим.

– Иккиэн кэлиҥ, – диэн Сараапап ыҥыртыыр.

Сотору Сүөдэр Маайалыын оҕолорун Сэмэнчиги батыһыннаран киирэллэр. Кинилэри Сараапап атыыһыт кэргэнинээн көрсөллөр. Маайа атыыһыты уонна кини хотунун: «Туох-ханнык дьон буолуохтарай?» – диэн таайа сатыырдыы, олбу-солбу одуулаһыталыыр. Сараапап атыыһыт саар тэгил уҥуохтаах, төгүрүк кыһыл сирэйдээх, кугастыҥы соҕус хойуу бытыктаах, кэҥэс соҕус күөх харахтаах нуучча эбит. Кини килбэлдьигэс саппыкылаах, киэҥ хара сукуна ыстааннаах, кыһыл солко халадаай ырбаахылаах, билиис сэлиэччиктээх, сэлиэччигин сиэбиттэн суон кыһыл көмүс сыап салыбырыы сылдьар. Атыыһыт кэргэнэ уһун-синньигэс маҥан сирэйдээх, сонос соҕус, Маайа бараллаата саастаах нуучча дьахтара эбит. Таҥаһа-саба наһаа мааны, ол гынан баран хайдах эрэ олус боростуой, бааһынайдыҥы тигиилээх. Куорат дьахталларын курдук таҥнара буоллар, ис киирбэх көрүҥнээх буолуо эбит.

Дьиэлээх хотун Маайаны, атыылаһар малы чинчийэр курдук, сирийэн көрдө да, сөбүлээбитин да, сөбүлээбэтэҕин да биллэрбэтэ.

– Сөбүлэһэн кэпсэтистэххэ, эн бэйэҥ таһаҕас таһыытыгар сылдьыаҥ этэ… Кэргэниҥ дьиэ иһигэр эбэтэр лааппы сууйуутугар үлэлиэ, – диэтэ атыыһыт.

Маайа итини сөбүлүү истибэтэ: оччоҕо эмиэ кыһыны быһа тус-туспа сылдьыыһыктар дии? Сүөдэр атыыһыт этиитин кэргэнэ сөбүлээбэтэҕин сэрэйдэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации