Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 19

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 19 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
IV

Сүөдэр, күнүс тахсан, эргэ дал сиэрдийэлэрин хомуйан, Маайа ынахтарын ыырыгар сайыҥҥы титииги тутан биэрэр. Кини киэһэ бэрт хойукка диэри ол хотонун тула кыракый тиэрбэс күрүө тутар. Ол Маайа ынахтарын түүн хаайан хоннорор сирэ буолуохтаах.

Иккис күнүгэр сарсыарда эрдэ соҕус туран ойуурга тахсан, Сүөдэр мас кэрдэр. Оҕус тыһаҕаһыгар кыракый соҕус сыарҕа оҥостон, ол кэрдибит маһын дьиэтин аттыгар киллэрэн, суоран, хатырыктарын суйдаан олбуор туттар. Сүөдэр олбуорун маһын Огдооччуйа көтүрэн таспытын ылар кыахтаах этэ да, «сиэхсити кытта ардырҕаһан, саҥа да маһынан туттар инибин» диэн ылбат.

Сүөдэр саҥа олбуорун бэрт кыараҕас, үчүгэй гына тутар. Саҥа кылбайбыт маһынан олбуордаммытыттан эбитэ дуу, Маайа сууйбутуттан, ыраастаабытыттан эбитэ дуу – дьиэлэрэ уруккутунааҕар хайа да өттүнэн холобура суох буола тупсар.

Сүөдэр аны, Дьаакыбылаптаах киэҥ алдьаммыт хотоннорун үрэйэн баран, дьиэтин аттыгар саҥа маһынан кыһыҥҥы хотон туттар. Кини от үлэтэ чугаһаабытыттан олус тиэтэйэр, сарсыарда эрдэ турар, киэһэ хойут оронун булар. Маайа даҕаны бу күннэргэ дьиэтин иһин бэрийэригэр, сууйарыгар күн бокуой буолбат.

Ыалга хамначчытынан олорор куһаҕанын, бэйэ бас билэр муннуктааҕа үчүгэйин Сүөдэр уонна Маайа бу күннэргэ олус үчүгэйдик өйдүүллэр, билэллэр. Кинилэр олорор дьиэлэрин аттыгар кэлбит киһи муннугар суоруллубутунан үөл мас, дабархай, мутукча сыта дьар гына түһэр. Сотору соҕус маҥнай чугастыы Хамаҕаттан ыалын дьахталлара, онтон атын сир да дьоно: «Урукку Дьаакыбылап кулуба дьиэтигэр туох саҥа ыала олоҕуран эрэрий?» – диэн көрө-билэ кэлитэлиир буоллулар.

Маайа кинилэри чэйэ суох таһаарбат. Бу дьахталлар дьиэлэригэр кэлэн, саҥа олохсуйан эрэр ыалларын туһунан сэһэн, кэпсээн бөҕөнү тарҕаталлар:

– Сүөдэрбит үчүгэйкээн да бэйэлээх дьахтар кэргэннээх эбит. Урут Дьаакыбылаптаах хотонноругар сылдьарын саҕана, итинник эрэ бэйэлээх сырыттаҕа дии санаабат этим.

– Урукку Дьаакыбылаптаах дьиэлэрин киһи билбэт гына уларытан кэбиспиттэр… Урут киһи кута-сүрэ тохтообот, тэһийбэт буолара, билигин – арахсыаххын баҕарбаккын.

– Дьэ ити баар ээт, мантан барбатахтара буоллар, били икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин сордоох курдук, өлүөхтэригэр диэри үрүҥ харахтарын өрө көрүө суох этилэр.

* * *

Сүөдэркэ Орто Бүлүү улууһун сиригэр тиийэр. Кини сэнэх соҕустук олорор ыалларга тохтуур, ханна хаартылыырын таптыыр киһи баарын ыйыталаһар уонна оннук дьоннору кэрийэ сылдьан хаартылыыр. Кини, киэҥ сиринэн элбэхтик мускуллан оонньообут буолан, бу тыа хаартыһыттарын барыларын сүүйтэлээн ылар. Ол эрээри манна бэркэ муҥутаан уон сүүһү оонньууллара, атын сир хаартыһыттарын курдук, мөһөөктүүлээҕинэн ким да уурсубат, бырахсыбат этэ.

Ол курдук Сүөдэркэ Күөгэлэптэр диэн ыалга тиийэр. Манна кини Харалаампыйап диэн хаартыһыт киһини көрсөр. Кинилэр, бу ыалга хоно сытан, түүнү быһа хаарты оонньууллар. Ол былаһын тухары хайалара да сүүйтэрэн биэрбэт.

– Эһиги улуус кулубата ким диэн киһиний? – Сүөдэркэ сэмээр ыйытар.

– Ээ, кырдьан хаалбыт Харатаайап оҕонньор. Кинини, баай эрэ диэн, куруутун оҥороллор.

Сүөдэркэ Харатаайаптаах кыыстарын туһунан манна дьон туох диэн кэпсэтэрин истээри, тугу да билбэт киһи курдук ыйытар:

– Ол кулубаҕыт туох ыччаттаах киһиний?

– Оҕо диэн суох дьоно… Биир, суос-соҕотох кыыстаахтара эргэ тахсыбыта табыллыбатаҕыттан моҥнон дуу, ууга түһэн дуу өлбүт сурахтааҕа, – диир Харалаампыйап, хаартыны түҥэтэ олорон.

– Бэйи эрэ, өлбүтэ кырдьык дуо?

– Кырдьык буолумуна… Өлүүнэн оонньуур диэн киһи баар үһү дуо?

– Мин урут истибэтэх буоламмын ыйытабын ээ.

Эмиэ хаартылаан имитэн бараллар. Ол эрээри үчүгэй оонньуу тахсыбат. Сүөдэркэ санаата Маайаттан арахсыбат. Кини бу киһиттэн туох буолбутун, тыыннаах сылдьар дьахтары тоҕо өлбүтэ дэһэллэрин сиһилии истэр санаалаах:

– Бэйи, хаартыбытын тохтотуох эрэ… Киһи хантан арыгы булан иһиэй?

– Арыгы да-а, бу ыалбытыгар арыгы төһө баҕарар баар буоллаҕа дии, – Харалаампыйап өрө көөнньөр.

Кинилэр биир иһит арыгыны ылан иккиэн иһэн кэбиһэллэр. Биллэр буола холуочуйаллар. Харалаампыйап Сүөдэркэни дьиэтигэр ыҥыран илдьэ барар. Аны онно тиийэн арыгылыыллар.

Сүөдэркэ Маайа хайдах «өлбүтүн» туһунан ыйыталаһар санаатын төһө да итиригин иһин умнубат.

– Ол Харатаайаптаах кыыстара хайдах өлбүтэй?

Харалаампыйап улахан итирик. Кини Сүөдэркэни кууһан олорон кэпсиир:

– Баччааҥҥа диэри истибэккэ сылдьар эбиккин дуу?.. Аа-а, ыраах олороҕун… Тоҕо маннык үчүгэй дьон миигиттэн ыраах олороллоруй?.. Хайдах Харатаайап кыыһа өлбүтүн ыйытаҕын… Сүтэн хаалбыта… Манна ойуун баар… Сыгынньах ойуун… Ол кырдьаҕас көрүүлэнэн – өлбүт диэбит этэ… Э-э, ол кэнниттэн, бу диэки дьон букатын утуйбат буолан хаала сылдьыбыттара… Көр, ол кыыстара үөр буолан, дьонун аах дьиэлэригэр олоро сылдьыбыт сурахтааҕа… Онно эмиэ Сыгынньах… уонна Алыһардаах баран кэрэх ыйаппыт, үтэйбит сурахтаахтара…

Сүөдэркэ, хонон тураат, арыгылаабыт, хаартылаабыт доҕоруттан, Харалаампыйаптан, бэрт тиэтэлинэн барар. Кини ол киэһэ Сыгынньах ойууннаахха тиийэн хонор.

Сарсыарда туран Сүөдэркэ дьиэлээх оҕонньорго, сэрэммит курдук, наллаан этэр:

– Мин ыраах сиртэн сылдьар киһибин. Баалаама, ыалдьар кыһалҕатыттан көрдөһө кэллим.

– От үлэтэ буолаары тыҥаан турар… Билигин ол Дьокуускай сирин курдук ыраах сиргэ бара сылдьар бокуой суох буолуо…

Сүөдэркэ, бу оҕонньор барыах баҕалааҕын өйдөөн, эбии күүскэ көрдөһөр:

– Ыарыһахтар биһиги диэки элбэхтэр… Биллэн турар, биһиги ханнык эрэ дьаҥ дуу, сөтөл-сэллик дуу эбитэ буоллар, бачча ыраах сиргэ кэлэн да эрэйдэниэ суох этибит… Дьэ, тылбытын быһа гыммаккыт эбитэ буоллар үчүгэй буолуо этэ.

Сыгынньах ойуун Сүөдэркэни кытта Намныыр. Кинилэр суһал соҕустук айаннаан, аҕыйах хонон, Огдооччуйа эмээхсин олорор туруорбах балаҕаныгар тиийэллэр.

«Ыарыһах киһилэрэ ханна баарый?» – диэн Сыгынньах ойуун балаҕан иһин кэрийэ көрөр да, ыалдьа сытар киһи баара биллибэт. Огдооччуйа эмээхсин үөрбүтэ-көппүтэ сүрдээх. Кини ас астыы охсор. Остуолга барыта көмүс күндү иһити-хомуоһу аҕалан уурар.

«Хайдах-хайдах баҕайыный? Балаҕаннарыттан көрдөххө, маннык баай иһитэ да суох буолуох ыал эбиттэр», – диэн Сыгынньах ойуун дьиктиргии саныыр.

Огдооччуйа, балаҕанын аанын сабан баран, Сыгынньах ойуун аттыгар кэлэн олорон кэпсиир.

– Кырдьаҕас, баҕар, урут истибитиҥ буолуо, мин, кыһалҕалаах киһи, кыһалҕабын кэпсии олоруум… Манна Харатаайап кыыһабын диэн биир дьахтар булла…

Сыгынньах ойуун, «тугу-тугу туойан бардыҥ?» диэбиттии, Огдооччуйа диэки көрүтэлиир. Кини Харатаайап кулуба кыыһа манна эрэ кэлэн олороро буолуо диэн түһээн да көрбөт этэ. «Дьоно иһиттэхтэринэ, биллэхтэринэ – хайдах буолабыный?» – дии санаан ыксыыр.

– Ханнык Харатаайаптаах кыыстарын кэпсээтэххиний? – диэн оҕонньор, баҕар, сымыйа буолаарай диэн, ыйытар.

– Эһиги улуус кулубатын… Суох, суох, соһуйума, кырдьаҕас, кини киһи буолбатах… Биһиги буорбутун булуоҕуттан ыла, мин оҕонньорум эмиэ улуус кулубата этэ… өлөөхтөөбүтэ, – диэн баран Огдооччуйа хараҕын уутун соттор. – Дьэ, ол дьахтар булуоҕуттан эһиннибит, быһынныбыт.

Сыгынньах ойуун кинини тоҕо манна ыҥыран аҕалбыттарын дьэ өйдүүр. Кини Харатаайап кыыһа хаһан, хайдах манна кэлбитин бу түүнү быһа ыйыталаһан хонор. Сарсыҥҥытыгар Сүөдэркэ кинини Хатырык нэһилиэгин кинээһэ Барамыыгын оҕонньор ыалдьа сытарыгар илдьэр.

– Бүлүү ойууна – Сыгынньах ойуун Хатырыкка кыырар үһү, – диэн сурах ыалтан ыалы тилийэ көтөр. Ким бокуойдаах барыта ойуун кыырарын истээри бараллар.

Сайыҥҥы түүн хойут хараҥарар. Ол иһин күн киирэ илигинэ дьиэ түннүгүн таҥаһынан сабан хараҥардаллар. Ойууҥҥа оһох иннигэр олбох уураллар. Сыгынньах ойуун, абааһыларын ыҥыртаан, кыыран барар. Ортолуу кыыран иһэн, эмискэ тохтуу түһээт, көрүүлэнэр:

– А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Бу туох ааттаах, эриэн ситии быа соһуулаах илэ сылдьар дэриэтинньик буолбут, ыйанан өлбүтэ ырааппыт дьахтара кэлэн, көхсүм хараҕын супту көрдөҕөй ньии!

Балаҕан иһигэр мустан олорор дьон ханна моҥнон өлбүт дьахтар баарын өйдүү сатыыллар. Хараҥа ортотуттан алтан чуораан курдук кылыгырайбыт эр киһи саҥата иһиллэр:

– Э-э, били хамаҕатталарга ыйанан өлбүт дьахтар үөрэ буоллаҕа дуу?

Ойуун, утаа соҕус саҥата суох олорбохтоон баран, эмиэ көрүүлэнэр:

– А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Улууһу баһылаан-көһүлээн олорбут тойон киһи тыынын ол илэ дэриэтинньик буолбут дьахтар быспыт эбит… Билигин ол тойон киһи дьиэтигэр уолан киһиэхэ ойох буолан олорор эбит диэтэҕим ньии!

Итинтэн салгыы Сыгынньах ойуун, эмиэ көрүүлэннэҕэ буолан, Маайа дьүһүнүн дьүһүннээн, кини ханна төрөөбүтүн-үөскээбитин, туохтан бэйэтигэр тиийинэн өлбүтүн уонна кини бу дойдуга хайдах кэлэн олохсуйбутун кэпсиир.

Бу түүн ойуун кыыран бүтэр. Нөҥүө күнүгэр дьон наар ойуун көрүүлэммитин туһунан кэпсэтэн тахсаллар, «ити кими эппитэ буолуой?» диэн араастаан таайа сатыыллар. Ону истэ сылдьан, Огдооччуйа эмээхсин киһи ахсын сибигинэйэр:

– И-и-и, билээхтээбэккит… Сылгыһыккыт ойоҕо ээ…

– Э-э, кэбис… Итинник үчүгэй барахсаны…

– Эһиги, мин курдук, аттыларыгар олороргут буоллар, бэйэҕит да көрүө, билиэ этигит… Кини киһи буолбатах… Мин оҕонньорум мас оҕуттаҕына да уйуох курдук киһи этэ… Ити дьахтар биһиги дьиэбитигэр олохсуйа кэлээри, оҕонньорум дууһатын күүлэҕэ тахсан истэҕинэ ылан барбыта дии… Мин, балаҕаммар олоробун буолан баран, хас киэһэ аайы ааммар туора кириэс уурабын… Хайдах кириэһэ суох сытыым, кини арыт уот буолар, арыт… Бу кириэс баарына этэбин… дьиэм ортотунан эриэн ситии быа соһуллан киирэр.

Итинник сэһэн тарҕаннар тарҕанан, дьон Сыгынньах ойуун көрүүлэниитин, ону Огдооччуйа эмээхсин быһаарыытын устунан итэҕэйэн бараллар.

Арай биирдэ, Маайа ойууртан мас киллэрэ, эриэн ситии ынах быатын санныгар иилэ быраҕынан баран, дьиэтиттэн тахсан истэҕинэ Малаанньа кинини утары көрсөр.

Малаанньа Дьаакыбылаптаах биир хамначчыт уолларыгар, Маайалаах Киллэмҥэ Лэгиэнтэй атыыһыттаахха күрээбиттэрин кэннэ, эргэ тахсыбыт этэ. Билигин Оччороот Уйбааннаахха хамнаска киирэн олороллор. Маайалаах урукку Дьаакыбылаптаах дьиэлэригэр көһөн кэллэхтэрин утаата, кини кэлэн бэрт өр ыалдьыттаан, кэпсэтэн барбыта. Кини сотору-сотору кэлиэх, сылдьыах буолбута да, бокуойа суох буолан сылдьыбатаҕа, онтон ити Маайа илэ сылдьар үөр диэн кэпсээн тарҕаныаҕыттан куттанар буолбута.

Малаанньа төбөтүн төҥкөччү туттан, ааспыт эрэйдээх олоҕун эргитэ саныы иһэн, Маайаҕа ыкса чугаһыар диэри кинини көрбөтөҕө.

– Малаанньа-а! – диэн Маайа саҥа аллайбытыгар өлө соһуйбута, куттаммыта. Чинэрис гынан төттөрү чугуруйбута. Куттаннахха, туох баҕарар атыннык көстөр үгэстээх! Малаанньа өйүгэр Маайа туһунан сымыйа кэпсээн көтөн түспүтэ. Онтон кини санаатыгар, Маайа санныгар быраҕан иһэр эриэн ситии быата мооньугар муомахтыы тардыллыбыт курдук көстөр.

– Миигин кытта Айыы тойон таҥара, Иисис Киристиэс!.. – дии-дии кэннинэн ыстанна, буута быстарынан төттөрү сүүрдэ.

Малаанньа туохтан ити курдук куттаммытын Маайа билиминэ саҥата суох туран хаалла.

Малаанньа дьиэтигэр тиийэн куттаммытыттан ыалдьан сытта. Дьоно кини туохтан бу курдук куттаммытын ыйыппыттарыгар:

– Мин Сөдүөттээххэ баран иһэн Дьаакыбылаптаах олохторун чугаһынан ааһан иһэн Маайаны көрүстүм. Кинини дэриэтинньик дииллэрэ чахчы эбит… Эмискэ, мин иннибэр биирдэ баар буола түстэ. Өйдөөн көрбүтүм: моонньуттан эриэн ситии быа соһуллубут… баттаҕыттан уу саккырыы сылдьар. Ону көрөөт, өйбүн сүтэрэн кэбистим… Тыын былдьаһан куоттум.

Малаанньа куттаныыта, кини кэпсээнэ бэрт түргэнник тарҕанар. «Тыала суохха мас хамсаабат» диэн өс хоһоонугар этиллэринии, туох даҕаны суоҕа буоллар, Сүөдэр ойоҕун илэ сылдьар дэриэтинньик диэн ким даҕаны саҥарыа суох этэ» диэн дьон Маайаттан куттанар, дьиксинэр буолан барбыттара.

* * *

Сотору от үлэтин үлүскэнэ кэлэр. Маайалаах Сүөдэр сайыны быһа өрүс арыытыгар хоно сылдьан оттууллар. Ол тухары кинилэргэ биир да киһи кэпсэтэ, көрсө кэлэ сылдьыбат. Сүөдэрдээх Маайа маҥнай утаа тоҕо оннугун өйдөөбөттөр, ону ааһан, дьон кинилэргэ сылдьан аралдьыппаттарыттан истэригэр үөрэ саныыллар. Ол эрээри, кэнникинэн суолга көрбүт дьонноро кинилэртэн куоталларын бэлиэтии көрөн, Маайа дьиктиргиир.

– Сүөдэр, тоҕо биһигиттэн дьон куотарый?

– Ээ, Огдооччуйа дьоннорбутугар тугу эрэ биһиги туспутунан холуннаран кэпсээбитэ буолуо… Чэ бэйи, от үлэтэ бүттүн, туохтан ити курдук буолбуттарын билиллиэ, – дии-дии Сүөдэр мичээрдиир. Кини, сайыҥҥы күн уота сирэйин килээриччи сиэн, тииһэ эрэ килэйэр.

Арай биирдэ Сүөдэрдээх киэһэ үлэлэриттэн тахсыбыттара Огдооччуйа эмээхсин, атын сиргэ көһөн бараары оҕус сыарҕатыгар таһаҕаһын тиэйэ сылдьар эбит. Маайа, ону көрөн, иһигэр үөрэ саныыр. Кини Огдооччуйа бу сайын устата ииппит, тэрийбит хара санаатын толороору атын сиргэ баран эрэрин Маайа хантан билиэ, өйдүө баарай?!

Огдооччуйа, Хамаҕатта ыалыгар көһөн киирээт, бэйэтин тула кырдьаҕас эмээхситтэри, дьахталлары мунньан, Маайа туһунан араас ынырык кэпсээннэри өйүттэн оҥорон кэпсиир. Ол кэпсээннэр улам тарҕанан, улам кэҥээн бараллар. Дьон бары куттаналлар, кыбысталлар. Сүөдэрдээх Маайа олорор сирдэрин аттынан ким да сылдьыбат буолан хаалар. Төһө да эргимтэтин, ырааҕын иһин атын суолунан суолланаллар, кинилэр дьиэлэрин ырааҕынан тумналлар.

Киһи, куттаннар эрэ, хайаан да тугу эрэ көрбүт, истибит буолар үгэстээх, ол курдук, бу күннэргэ дьон эмиэ сымыйанан-кырдьыгынан «мин уоту көрдүм», «мин абааһы тыаһын иһиттим!» диэн кэпсээн үллэҥнэтэллэр. Огдооччуйа ону иһиттэҕинэ: «Ити кини сылдьар быһыыта», – диэн эбэн, тэптэрэн биэрэр.

Хамаҕатта ыалын дьоно ыксыыллар. Тугу да гыныахтарын булбаттар. Оҕо-дьахтар, куттанан, иирэн барыах курдуктар. Ханна эмэ киһи өлбүт буоллаҕына, «ити кини сиэтэ» диэн, барытын Маайаҕа түһэрэн иһэллэр.

– Киһи хайдах халбарытыай?

– Илэ сылдьар буолбутун кэннэ сүгүн олорорбут биллибэт, – дэһэн дьон муҥатыйар буолан бараллар.

Ол ахсын Огдооччуйа былыр дьон үөртэн хайдах быыһаммыттарын туһунан арааһы сэһэргиир идэлэнэр:

– Былыр, Таастаах айыыта диэн эмиэ бэйэтигэр тиийинэн өлбүт дьахтар үөрэ илэ бара сылдьыбыта үһү. Ол, эмиэ ити маннааҕы курдук, дьиэлэнэн-уоттанан олорбута дэһэллэр. Кини ол курдук олоруоҕуттан Таастаах уонна Хатырык нэһилиэктэрин дьоно өлөн бүтээри ыксаабыттар. Ону биир кырдьаҕас киһи сүбэлээн, кинилэри өлөллөрүттэн, эстэллэриттэн быыһаабыт. Онон ити билигин, аҕыйах да буоллаллар, син нэһилиэк буолан сыккыраан олордохторо…

– Эмээхсин, ол кырдьаҕас туох диэн сүбэлээн нэһилиэгин дьонун өрүһүйбүтүй? – диэн дьон сэргиир.

Огдооччуйа, куттаммыт курдук, дьиэ иһин, мустан олорор дьон сирэйдэрин-харахтарын кэрийэ көрүтэлээн баран, бэрт сэрэҕинэн, кистэлэҥинэн этэрдии сибигинэйэр:

– Ол буолуохсут дьиэтин аанын үөл тэтиҥ маһынан кириэс оҥорон баттаталаан баран, умаппыттар. Куһаҕан тыын тэтиҥ мастан оҥоһуллубут кириэстэн өлө куттанар үһү. Онон, кини да буоллар, ханна да куоппатах. Оттон аал уот тугу баҕарар ыраастыыр, ол былыр-былыргыттан биллэр. Абааһы уоттан эрэ куттанар.

Итинтэн ыла Хамаҕаттаҕа уонна чугас эргининэн олорор ыаллар ааннарын үрдүгэр, түннүктэригэр, дьиэлэрин тэлгэһэтигэр киирэр күрүөлэрин ааныгар – барытыгар тэтиҥ маһы тырыыҥкайдаан кириэс оҥорон анньыталыыллар. Кинилэр санааларыгар ити илэ сылдьар абааһыттан, Маайаттан, кинилэри быыһыахтаах.

Күһүн от-мас хагдарыйыыта ыарыы үксүүр, дьон өлүүтэ элбиир үгэстээх. Быйыл күһүн ким ыалдьыбытын барытын – ыраах да, чугас да өлбүт киһини барытын – дьон Маайаҕа балыйаллар.

Огдооччуйа дьукаах олорор ыалыгар Чөмөөт Сэмэннээххэ хас киэһэ аайы чугас ыаллара мустан Маайа туһунан сэһэргэһэр идэлэнэллэр. Огдооччуйа эмээхсин ол ахсын мэлдьитин Таастаах айыытын хайдах суох оҥорбуттарын туһунан кэпсээн тахсар. Кини төһө да Маайаны уоттааҥ диэн аһаҕастык эппэтэр, дьон бу эмээхсин «уоттааҥ» диирин өйдүүллэр. Ол иһин Чөмөөт Сэмэн этэр:

– Оннугун-оннук буолан баран… Итинник бэйэлээх, күнүстэри-түүннэри киһи курдук сылдьар дьахтары уматар сүрэ да бэрт буолуо эбээт.

Ньолоҕор сирэйдээх, күһүҥҥү дулҕа сиэлин курдук, төбөтүн оройуттан таҥнары санньылыйан түспүт саһарымтыйан көстөр хара баттахтаах аҕамсыйа баран эрэр Толлор Ньукулай, ынах этэрбэһин айаҕыттан холтуунун хостоон таһааран, топ-топ тоҥсуйан кэбиһэр.

– Дьэ, доҕоттоор, Сылгыһыт Сүөдэр биһиги кыра эрдэҕиттэн билэр киһибит буоллаҕа дии… – Толлор Ньукулай, туох эрэ бэйэлээҕи этээри гыммыт курдук, уоһун чорбоҥнотор уонна икки таныытыгар табахтаах ытыһын ыга тутан баран, өрө сыҥсырыйан ылаат, сүр күүскэ ытырдан тоҕо ыстанар. – Дьэ, доҕоттоор, биһиги уолбут, Сылгыһыт Сүөдэр, дьахтарыттан араҕыа суоҕа. Уматтахпытына, барыларын уматарбытыгар тиийэбит. Хайа, доҕоттоор, алдьархай тахсаарай?.. Суукка-сокуоҥҥа биһигини тарда сылдьаайаллар?

Дьон, «кырдьык да оннук» диэн, сөбүлэһиэх курдук буолаллар. Дьон санаата халбаҥнаары гыммытын көрөн, Огдооччуйа эмээхсин ыксыыр.

– Дьэ, доҕоттоор, оттон Сүөдэрбит абааһы буолбатах, айыы киһитэ барахсан буоллаҕа дии… – диэн Толлор Ньукулай салгыы саҥаран эрдэҕинэ, Огдооччуйа эмээхсин оргуйан турар:

– Бу баҕайы да саҥатын! Ким кинини абааһы сылдьар диирин лахсыйаҕыный?

– Дьэ, доҕоттоор, Сылгыһыт кэргэнин соччо билбэтэх-көрбөтөх дьахтарбыт… Биир кыһын дьукаах олорбуппут да, кини куһаҕан тыыннааҕын билбэтэхпит…

– Ол эйиэхэ көстө сылдьыа дуо, кубулунар буоллаҕа дии, – диир Огдооччуйа быһа түһэн.

– Дьэ, доҕоттоор, баҕар, кини, кырдьык, үөр даҕаны буолуо ээ… Дьон барыта кинини куһаҕан тыыннаах сылдьарын курдук кэпсииллэр. Дьэ, доҕоттоор, уонна бу эмээхсиннээх баайдара-тотторо, күөс күүгэнэ үрдэххэ уостарын курдук, бэрт сотору суох буолла… Дьөгүөр да оҕонньор өлбүтэ дөбөҥө бэрт…

– Хата инньэ диэ, – Огдооччуйа тэптэрэн биэрэр.

– Ол барыта, кырдьык даҕаны, дьэ, доҕоттоор, аанньаттан оннук буолбат…

– Ньукулай, бэрт сөпкө этэҕин, – Огдооччуйа Толлору хайгыыр.

– Дьэ, доҕоттоор, ол эрээри, таҥара киһититтэн – баачыкаттан итини сүбэлэтэр ордук буолуо эбээт… Баҕар, абааһы сылдьар диэн, айыы киһитин уоттаан алдьархай буолуо… Баачыка оннук эрэ диэтэҕинэ – түргэнник уоттаан, киниттэн быыһаныахха буоллаҕа дии.

– Көр эрэ, Толлор бэрт сөпкө этэр ээ!.. Аҕабыыттан ыйыттахха табыллар, – мустан олорор дьон, үөрбүт курдук, бары саҥа аллайа түһэллэр.

– Мин, сарсын Хомустаахха баран кэлэрдээхпин, таарыйа баачыкаҕа сылдьан ыйытыам, – диир Огдооччуйа.

– Кырдьык, куһаҕан тыын булбут буоллаҕына, түргэнник быыһана охсуохха, – дэһэллэр дьоннор. – Быыһамматахпытына, уһун олохпутун олоруохпут суоҕа.

Дьон итинник санааҕа киирбитэ Огдооччуйа маҥнайгы ситиһиитэ этэ.

V

Сарсыарда Огдооччуйа Хомустаах таҥаратын дьиэтигэр барар. Хамаҕатта таҥаратын дьиэтигэр үлэлээбит аҕабыыт былырыын өлөн хаалан, Хомустаах баачыката кэлэн ыйга биирдэ оҕолору сүрэхтээн, дьону бэргэһэлээн, өлбүттэри ыллаан барар. Огдооччуйа ол Хомустаах баачыката хаһан манна кэлэрин кэтэһиэн баҕарбат, төһө табылларынан түргэнник Маайаны суох гынар, өһүн-сааһын ситиһэ охсор баҕалаах.

Огдооччуйа, Хомустаах таҥаратын дьиэтигэр киирэн чаас аҥаарын кэриҥэ таҥараҕа үҥэн сапсынан баран, баачыканы кытта тугу да кэпсэппэккэ тахсар уонна ол киэһэ баачыка туох диэн быһаарбытын истээри мустубут дьоҥҥо этэр:

– Баачыка «уоттаан кэбиһиҥ!» диэтэ… Кини этэр: «Төһө түргэнник быыһанаҕыт да, соччонон бэйэҕитигэр үчүгэй буолуо», – диэн. Ол кэнниттэн кэлэн манна мэлиибэн ыллыах буолла.

Дьон итини барытын итэҕэйэллэр, ол гынан баран дьиэни уоттуохтарын олус куттаналлар.

– Ойууну аҕалан, үтэттэрэн көрдөххө? – диэн Чөмөөт Сэмэн дьонтон ыйытар.

– Кэбис, бу да киһи саҥатын, илэ сылдьар үөр ойууҥҥа кыайтарыа үһү дуо?! – диэн ону Огдооччуйа эмээхсин саба саҥарар.

– Оннук, оннук! – дьон сөбүлэһэллэр.

– Ол гынан баран Сылгыһыт Сүөдэр дэриэтинньик буолбатаҕа биллэн турар суол. Маҥнай кинини кытта кэпсэппит, киниттэн ыйыппыт киһи дуу? Кэргэн гынан олорор киһи кэм тугу эмэни билэрэ, уорбалыыра буолуо, – диэн Толлор Ньукулай тыл кыбытар.

– Куһаҕаныҥ уол санаатын саба тууйан сырыттаҕа дии. Кини: «Мин кэргэммиттэн ордук үчүгэй дьахтар суох!» – диэҕэ, – диир Чөмөөт Сэмэн.

– Ама дуо! Истибэтэххит дуо, Малаанньыйа биирдэ түбэһэ түһэн кинини көрбүтүн? – диэн Огдооччуйа эмээхсин Малаанньыйа кэпсээнин дьоҥҥо өйдөтөр. – Киһи хараҕар дьиҥ абааһытынан бэрт дэҥҥэ көстөр буоллаҕа дии! – диир Огдооччуйа.

– Чахчы-чахчы! – Бороҥнуур Охонооһой сэҥээрэр.

– Чэ оччоҕо, Охонооһой, уус киһи, тэрийэн кириэстэрдэ оҥортоо… Тыын былдьаһыыта буолтун кэннэ, быстыахпыт дуо, куһаҕан тыыны халбарытан кэбистэххэ сатанар, – дэһэллэр дьон.

– Дьэ, доҕоттоор, – Толлор Ньукулай эмиэ тыл кыбытар. – Бэйэбит уолбутун, Сүөдэри, хайдах быыһыыбытый?

– Быыһаатахпытына сатанар.

– Ээ, доҕоттоор, кинини ыалга ыҥыртарыахха. Онно баран олордоҕуна, тойон эһэбит – аал уот куһаҕан тыыны ыраастаан көрүө буоллаҕа дии, – Бороҥнуур Охонооһой сүбэ-ама буолар.

Сарсыарда халлаан сырдыыта Бороҥнуур Охонооһой уонна Чөмөөт Сэмэн буоланнар быраан тумулугар үүнэр тэтиҥнэртэн кириэс оҥоро тахсаллар. Күһүн буолан тэтиҥ сэбирдэҕэ, хаанынан сотуллубут курдук, кып-кыһыл өҥнөммүт. Тиит мас мутукчата, хагдарыйан, киһи таарыйдар эрэ «сыр-р-р» гына саккыраан тохтор. Охонооһойдоох Сэмэн, тэтиҥ хатырыгын суллаан, Маайалаах дьиэлэрин хас аанын, түннүгүн ахсын кириэстэри оҥорон кылбатан кэбиһэллэр.

* * *

Киэһэлик соҕус Маайалаах Сүөдэр, үлэлэриттэн тахсан, күөстэнэ олордохторуна, Толлор Ньукулай, өлө куттаммыт курдук туттан, киирэн кэлэр. Кини аан аттыгар сукуллан туран:

– Сүөдэр, кэл таҕыс эрэ, – диэн ыҥырар.

«Тугу этээри ыҥырдаҕай?» – дии саныы-саныы Сүөдэр таһырдьа тахсар.

– Дьэ, доҕоор, оҕом Сүөдэр, биһиэхэ барыах эрэ.

– Кэбис, бу оҕонньор даҕаны эттэххин, бачча хойут хайдах баран иһиэхпиний?.. Сарсын эрдэ турардаахпын, – Сүөдэр оҕонньор ыҥырыытын ылыммат.

– Били Чаачахаан оҕуһун өлөрөн баран Моҕус тардыспыта үһү диэн остуоруйаҕа этиллэрин курдук, биир иһит арыгыны булбуппун иһиэхпит этэ диэн ыҥырабын.

Толлор Ньукулайга биир иһит арыгы харчытын Огдооччуйа эмээхсин биэрбитэ. Кини, онон арыгы ылан, Сүөдэри ыҥыран илдьиэхтээх этэ.

Сүөдэр арыгыны амсайбатаҕа ыраатта. Төһө да таптаан испэтэр, арыгыны иһиэн олус баҕарар.

– Чэ, биһиэхэ киириэх. Мин кэргэммиттэн ыйытыым.

Толлор Ньукулай, баайыллан турар ат бараары ыксаан эрэрин курдук, тэпсэҥнээмэхтиир:

– Дьэ, доҕоор, мин манна туруум… Ыйытыаххын баҕарар буоллаххына… ыйыттаҕыҥ дии.

Тугу бэлэмнииллэрин билбэт да, сэрэйбэт да буолан, Толлор Ньукулай кэргэнин күндүлүү ыҥырбытыттан Маайа иһигэр улаханнык үөрэр. «Кэм ыал баар диэн, дьон киһибин ыҥырар эбит ээ», – дии саныыр. Кини, Сүөдэргэ үчүгэй баҕайытык мичээрдии-мичээрдии, этэр:

– Өр буолаайаҕын, мин көһүтүөм!

– Ээ, чэ, Маайа, хойутаатахпына, миигин тугун көһүтэн олоруоххунуй, утуйаар, сөп дуо? – Сүөдэр Маайа төбөтүн имэрийэр.

Маайа күлүм чаҕылыйбытынан көрөр, көр, кини Сүөдэрин курдук үчүгэй киһи аан дойду үрдүнэн суох!

– Сөп, сөп! Ол да эрээри хойутаайаҕын!

Маайа Сүөдэри олбуорун ааныгар диэри тиэрдээри батыһан тахсар. Толлор Ньукулай ону көрөн ыксыыр. Кини: «Айыы тойон таҥара! Иисис киристиэс! Таҥара миигин кытта!» – диэн ботугураамахтыыр, хараҕын Маайаттан араарбат. Куттаммыт санаатыгар, бу дьахтар илэ сылдьар абааһы курдук көстөр.

– Чэ, Ньукулай, барыах!

Толлор Ньукулай туох да саҥата суох түргэн баҕайытык олбуор иһиттэн ойон тахсар. Сүөдэри кытта ыраата соҕус баран иһэн кэннин хайыһан көрөр: Маайа олбуорун айаҕар, сайыспыт курдук, кинилэри кэннилэриттэн көрөн турар эбит.

«Оо, айыы тойон таҥара, хата хаалла ээ!» – Толлор улаханнык үөрэ саныыр.

Кинилэр, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ, Толлор Ньукулайдаахха тиийэллэр. Дьиэ иһигэр Толлор Ньукулай кэргэннэриттэн ураты атын киһи ким да суох. Дьиэлээх дьахтар Сүөдэр киирэн иһэрин эмиэ куттаммыт курдук көрүтэлиир.

Сотору соҕус остуол үрдүгэр биир иһит арыгы туруоруллар. Толлор Ньукулай, икки чохообулу аҕалтаран, арыгы кутуталыыр.

– Дьэ, доҕоор, оҕом биһикки истэхпит дии!

Сүөдэр, чохообуллаах арыгыны ылан, Толлор Ньукулайы кытта охсуһуннаран баран, биир тыынынан түһэрэн кэбиһэр. Оттон Толлор Ньукулай арыгытын бэрт кыратык «сып» гынан, чэйи иһэн эрэрдии иһэ түһээт, Сүөдэргэ кутан биэрэр.

– Дьэ, доҕоор, маны эмиэ иһэн кэбис!

Сүөдэр иккис чохообулун кураанахтыыр.

– Баһыыба, күндүлээбиккэр… Биһиэхэ Бокуруопка кэлэ сылдьаар.

Толлор Ньукулай чохообулларга эмиэ тобус-толору гына арыгы кутуталыыр.

– Дьэ, доҕоор, ити кэргэниҥ Бүлүү кыыһа дуу?

«Ыйыттаҕа баҕас тугун олуонатай? Кини Маайаны бэрт өрдөөҕүттэн билэр ээ. Тоҕо, саҥа көрөн эрэр курдук, ыйытарый?» – дии саныыр Сүөдэр.

– Бүлүү…

– Дьэ, доҕоор, дьон кырдьыгы этэллэр дуо, кини Бүлүү Харатаайап кулуба кыыһа үһү диэн?

– Кырдьыгы буолумуна. Онно туох баарый?

– Дьэ, доҕоор, туох баар буолуой?.. Сүөдээр, кинини эн хайдах булан кэргэн оҥостубуккунуй?

– Чэ, Ньукулай, ол уһун сэһэн, хата, арыгыбытын иһэн кэбиһиэх.

Толлор Ньукулай арыгытын иһэригэр соччо тиэтэйбэт быһыылаах. Кини уоһун оонньоҥнотор уонна, сиэбиттэн холтуунун ороон табаҕын сыҥсырыйар, ытырдар.

– Дьэ, доҕоор, ити кырдьыгы этэллэр дуо… ээ, кэбис… – Толлор тугу эрэ ыйытаары гынан иһэн тохтуур.

– Хайа, итирэн хаалбыккын дуу, хайдах дуу? – Сүөдэр, күлэ-күлэ, Толлортон ыйытар.

Толлор кини сирэйин сип-сибилигин табах сыҥсыйан уу-хаар баспыт хараҕынан көрбөхтүүр.

– Дьэ, доҕоор, итириитин итирэ иликпин буолан баран, хайдах эрэ түҥ-таҥ буолан бардым… Чэ иһиэх!..

Иһит арыгыны иккиэйэҕин кураанахтыыллар. Сүөдэр, арыгыны аччык иһигэр туох да сокууската суох иһэн, улаханнык итирэн барар.

Таһырдьа им балай хараҥа буолар. Көмүлүөк оһох уота дьиэ иһин сандаарыччы сырдатар.

– Мин хойутаатым быһыылаах, – Сүөдэр дьиэтигэр бараары туран байааттаҥныыр.

Толлор Ньукулай кини хас хамсаныытын барытын кэтии көрө олорор, тугу эрэ этээри уоһун чорбоҥното-чорбоҥното, туттунар быһыылаах.

– Дьэ, доҕоор, холуочуйбуккун быһыылаах… Маннык хараҥаҕа хайдах барыаххыный, утуйан баран сарсыарда бараар, – диир Толлор Ньукулай.

– Кэбис, кэргэним көһүтэн өлүө.

– Дьэ, доҕоор, ол кинилэр… киһи буолбатах буолан баран, эмиэ өлөллөр үһү дуо?

«Толлор тугу-тугу саҥарарый?» – диэн Сүөдэр, итирик да буоллар, дьиктиргии саныыр.

– Ити аата, туох диэн ыйытар быһыыгыный?

– Дьэ, доҕоор, эн кэргэҥҥин дьон: «Киһи буолбатах, илэ кубулуна сылдьар абааһы… дэриэтинньик», – дэһэллэр. Эн кэргэниҥ оннук дуо? – Толлор малтаччы ыйытар.

Сүөдэр сүрэҕин хаана барыта сирэйигэр тахсарга дылы итийэ түһэр, тыына кылгыырга дылы буолан ылар.

– Ким инньэ диирий?

– Дьэ, доҕоор, туох диэн эттэххиний, дьон бары кинини өлбүт киһи үөрэ дэриэтинньик буолан сылдьар дэһэллэр дии…

Сүөдэр тугу да гыныан, хайдах да буолуон булбат. Кини таптыыр кэргэнин ити курдук этэллэриттэн икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыыһырар. Кыыһырбытын омунугар сип-сибилигин аҕай арыгынан күндүлээбит доҕорун, Толлор Ньукулайы, уолугуттан харбаан ылар уонна оронугар тиэрэ анньан баран ыйытар:

– Эт, ким мин кэргэммин – Маайаны дэриэтинньик диирий?!

Толлор Ньукулай, ыалдьыта улаханнык кыыһырбытын көрөн, куттанан, иннин-кэннин билбэт гына итирбит буола кубулунар.

Сылгыһыт Сүөдэр Толлор Ньукулайы өр соҕус уолугуттан ылан сахсыйан, этиттэрэ сатыыр да, анараа киһитэ тугу да эппэт.

– Суох, ким мин кэргэммин «дэриэтинньик» диирин этитэн баран арахсыам, – Сүөдэр Толлору илгиэлиир.

Толлор, тугу да өйдөөбөт киһи курдук, кини диэки көрүтэлии-көрүтэлии, булдьуйбута буолбут тылынан этэр:

– Хата утуй!.. Хойутаата!..

* * *

Күһүҥҥү киэһэ сотору хараҥарар. Маайа, Сүөдэри көһүтэн көрөн баран, борук-сорук буолуута оронун оҥостон, оҕотун Сэмэнчиги хоонньоһон сытар. Ол сытан иһиттэҕинэ, ким эрэ атаҕын тыаһа дьиэ аттыгар кэлэр. «Сүөдэр кэллэ, хата, өр буолбата ээ. Аан хатааһына суох, сип-сибилигин киирэр ини», – дии саныыр Маайа. Киһи атаҕын тыаһа, дьиэ ааныгар тохтообокко, дьиэни эргийэ барар.

Маайа ким эрэ дьиэни эргийэ хаамарыттан куттанар. Тугу да гыныан булумуна, оҕотун Сэмэнчиги ыбылы кууһар, тыаһы барытын истэ сытар. Аны икки киһи атаҕын тыаһа олбуордарын иһигэр киирэр, күүлэҕэ кэлэр. Ол дьон аан аттыгар букунаһар тыастара иһиллэр.

«Сүөдэр, итирэн хаалан, аанын кыайан аспакка турдаҕа», – дии санаан, Маайа оронуттан турар. Аанын аттыгар кэлэр уонна аргыый соҕустук:

– Сүөдэ-эр, эн кэллиҥ дуо? – диэн ыйытар.

Икки киһи аантан киэр сүүрэр тыастара иһиллэр.

Маайа аанын аһан тахсаары анньыалыыр. Аана аһыллыбат. Тас өттүттэн туох эрэ ыараханынан баттатыллыбыт. Маайа ыксыыр, куттанан илиитэ халыр-босхо барар. «Аны киирэн өлөрүөхтэрэ», – дии санаан, аанын хатыыр. Оронугар кэлэн сытар. Иһиллии сатыыр да, бэйэтин сүрэҕин тыаһа тугу да иһитиннэриэх быһыыта суох. Сотору буолаат били икки киһи атахтарын тыаһа эмиэ чугаһаан кэлэр. Кинилэр түннүк сабыылаах ыстаабаннарын эмиэ тугунан эрэ баттатар быһыылаахтар.

Ол тухары таһырдьа киһи кэпсэтэр саҥата иһиллибэт. Атахтарын эрэ тыаһа иһиллэр. Маайа онтон ордук куттанар, суорҕанынан төбөтүн кытта бүрүнэн сытар. «Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, тоҕо Сүөдэр бу киэһэ Толлордооххо барбыт муҥай?!» – диэн Маайа кэргэнин ыыппытын кэмсинэ саныыр.

* * *

Маайаны уоттуурга Огдооччуйа эмээхсин бэйэтэ барсыбыта. Бу күн икки оҕус сыарҕатынан Бэс тумустан тэтиҥ кириэстэри тиэйэн киллэрбиттэрэ. Кинилэр борук-сорук буолуута кэлэн туруорбах балаҕан кэннигэр тохтообуттара. Огдооччуйа эмээхсин манна, балаҕан иһигэр, Маайалаах дьиэлэрин манаан олорбута. Кини Сүөдэри Толлор Ньукулай дьиэтигэр илдьэ барбытын, Маайа, сайыспыт курдук, олбуорун айаҕар туран хаалбытын барытын көрбүтэ.

Дьиэ таһа хараҥарарын кытта, Огдооччуйа эмээхсин ыйыытынан, Чөмөөт Сэмэн уонна Бороҥнуур Охонооһой буоланнар ыарахан үөл тэтиҥ кириэстэринэн дьиэ аанын, түннүктэрин таһыттан баттаталлар. Ол кэнниттэн Огдооччуйа эмээхсин, балаҕаныттан ыаҕайалаах кыраһыыны аҕалан, дьиэ түөрт муннуктарыгар ыһар уонна:

– Айыы тойон таҥара, халбарыт! Аал уот иччитэ – бырдьа бытык, төлөн тыл, көмөр тэллэх, күл суорҕан, тойон эһэбит, хараҥа күүһү харай, хара хоруонан көрдөр! – дии-дии кириэс охсунан балааскайданар. Чөмөөт Сэмэн уонна Бороҥнуур Охонооһой, кинини үтүктэн, эмиэ таҥараҕа кириэстэнэллэр.

Огдооччуйа эмээхсин, этэрбэһин айаҕыттан испиискэни ылан, титирэстээбит тарбахтарынан соторугар охсон «сыр» гыннарар.

– Айыы тойон таҥара, быыһаа! – Огдооччуйа эмээхсин испиискэтин уотун кыраһыын кутуллубут сиригэр даҕайар.

Дьиэ түөрт муннугар уот кытыаста түһэр, хара тордох төлөн түүҥҥү хараҥа халлааҥҥа өрүкүйэн тахсар.

Дьиэ умайан күндээрэн тахсыбытыгар умаппыт дьон олбуор кэтэҕэр куоталлар. Чөмөөт Сэмэн уонна Бороҥнуур Охонооһой саҥата суох көрөн тураллар. Кинилэр «дэриэтинньиги уоттаан, дьоммутун абааһыттан быыһыыбыт» диэн истэригэр үөрэ саныыллар.

Дьиэ иһиттэн Маайа хаһыыта иһиллэр. Чөмөөттөөх, ону истэн, куйахалара күүрэр.

– Хайа, эмээхсин, киһини… тыыннаах киһини уматарбыт буолаарай? – өлө куттаммыт Чөмөөт Сэмэн ыйытар.

– Саҥарыма!.. Абааһы эн өйгүн иирдээри гыммыт… Таҥараҕа кириэстэн! – диэн Огдооччуйа хаһыытыыр.

Чөмөөт Сэмэн туох да бокуойа суох таҥараҕа кириэстэнэн далбаатанар.

Огдооччуйа эмээхсин, бу икки киһини илиилэриттэн харбаан ылаат, оҕустаах сыарҕалара турар туруорбах балаҕаннарын диэки соһон илдьэ барар. «Билигин ити дьахтары арбаҕастаах да быыһаабат», – диэн иһигэр эрэнэ саныыр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации