Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 13 (всего у книги 62 страниц)
Сөдүөччүйэ эмээхсин туруортаары ыҥырар саҥатыттан уһуктан, Маайа оронугар олоро түһэр. Сүөдэр сылайбытыттан, кыыһырбытыттан, охсуспутуттан, куттаммытыттан – барытыттан, өлбүт киһи курдук, кытаанахтык утуйа сытар. Маайа Сүөдэр хара баттаҕын имэрийэ-имэрийэ:
– Турабыт… – диэн эмээхсиҥҥэ сибигинэйэр.
Сөдүөччүйэ эмээхсин саҥата суох оннугар барар.
Балаҕан иһэ им-ньим. Малаанньыйа хабырынан кычыгыратара Маайа кулгааҕар хайдах эрэ: «Абатыан!.. Абатыан!» – диэх курдук иһиллэр.
Ити кыыс сордоох, кыһын ынах сааҕын күрдьэ сылдьан, Маайаҕа бэрт кистэлэҥинэн бу курдук кэпсээн турар:
– Сүөдэркэ күүһүлээн оҕо оҥорон кэбиспитэ. Мин, саатаммын, кимиэхэ да биллэрбэккэ сылдьыбытым. Сотору иһим биллэр буолбута. «Кыыһынан сылдьан хат буолбут», – диэн кыргыттар сиилээн-сэмэлээн барбыттара. Арай биирдэ хотунум Огдооччуйа миигин көрөн:
– Хат буолан ырҕайан, үлэттэн куота сатыыгын… Хайа ыттан оһоҕоһуҥ соноото? – диэн ыххайбыта. Саатан хааламмын, ытыы эрэ турбутум.
– Саҥалаах, тыллаах буолан, оҕо оҥорторбутуҥ буолуо?.. – диэн кини миигин ыкпыта-түүрбүтэ. Быстыам дуо, төһө да куттаммытым, сааппытым иһин, кини уола оҕо оҥорбутун эппитим.
– Бу си… көрбөккүн дуо? Аны баайсан, биһиэхэ кийиит буолаары оҥостор эбит дии?! – диэн баран, Огдооччуйа атырдьах угунан иһим түгэҕэр аспыта. Онтон ыалдьан, хас да хонукка тэллэххэ-суорҕаҥҥа сыппытым. Оҕом түспүтэ.
«Кэбис, бу дойдуттан түргэнник куоппут ордук буолсу», – дии санаан, Маайа кэргэнин Сүөдэри уһугуннараары тардыалыыр:
– Сүөдэр, тур!.. Чэ, түргэнник барыах!
– Ханна?.. – Сүөдэр, уутугар аҥаарыйан, Маайа диэки көрүтэлиир.
– Уһугун! Тур!
Сүөдэр дьэ уһуктар. Дьааһыйа-дьааһыйа туран, этэрбэһин кэтэр. Маайа утуйар таҥастарын сыыһын суулаан, ынах быатынан баайар. Ол туран, уйадыйан кэлэр. Бачча тухары дьиэ оҥостон олорбут балаҕаннарыттан арахсаллара хайдах эрэ ыарахаҥҥа дылы. Маайа хараҕын уута тахсыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. «Саатар, чопчу, онно баран олоруохпут диир сирдээх буолларбыт, эмиэ да ама буолуо этэ», – дии санаахтыыр.
Сүөдэр хагдаҥ отунан көрө сытар оронугар ытыһынан сирэйин саба туттан олорор. Кини ханна барарын быһаара, тобула сатыыр быһыылаах. Маайа оһох кэннигэр, Сөдүөччүйэ эмээхсин оронугар барар.
– Сөдүөччүйэ-ээ! Мин бу балаҕаны булуохпуттан эбэлээтэр эбэм, ийэлээтэр ийэм буолбут эн эрэ бааргын… Биһиги бараары гынныбыт, – диир кини уонна Сөдүөччүйэ эмээхсин хатан хаалбыт түөһүгэр төбөтүн уурар.
– Оҕом, Маайа эрэйдээх… – Сөдүөччүйэ эмээхсин Маайа төбөтүн имэрийэр. – Оттон Сүөдэр ханнаный?
Сүөдэр туран эмээхсин аттыгар кэлэр. Кини эмиэ төрөппүт ийэтинээн арахсан эрэр курдук уйадыйар.
– Хаһан аны эһиги саҥаҕытын истэбин… Уһаабакка, анараа дойдуга аттанан, сынньанарым буоллар… Бу дойду түбүгүттэн тэйэн, уһун уубун утуйарым буоллар, сынньанаахтыа этим…
Маайа Сөдүөччүйэ эмээхсини мыччыстаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылар.
– Быраһаай, тукаам, Сүөдэргин үчүгэйдик көрө-истэ сырыт Кини бэрт көрсүө майгылаах эйэҕэс оҕо… Тапталгытынан бэйэ-бэйэҕитин өйөстөххүтүнэ, үчүгэйдик сылдьыаххыт. Мин сордоох икки харахпын бу ыал хотоннорун ыыта тэһэ сиэбэтэҕэ буоллар, эһигини кытта барсыа этим… Чэ, барыҥ, баҕар, атын сиргэ дьоллонуоххут… Ыалдьымаҥ-сүтүмэҥ!
Маайалаах Сүөдэр, санаалара айманан, ыар сүгэһэри сүкпүт курдук буолан, балаҕан үрдүк модьоҕотун атыллаан, таһырдьа тахсаллар. Тахса илик күн кыыһаана халлаан илиҥҥи иитигэр курдуу түһэн сытар күөх былыты кыһыл көмүс дуйунан соппут.
Маайалаах Сүөдэри сарсыардааҥҥы сөрүүн салгын тыбыс-тымныынан кууһа охсон ылар. Кинилэр, даллары туораан, айан суолугар киирэн тохтууллар. «Ханна барабыт?» – диэн санаа кинилэр иннилэригэр, сабыылаах аан курдук, туора түһэн кэбиһэр.
Сүөдэр, бу туран, били Дьаакыбылаптаахтан күрээн баран олоро сылдьыбыт Лэгиэнтэй атыыһыттааҕын өйдүү түһэр:
– Маайа, биһиги Лэгиэнтэй атыыһыттаахха барыах.
Лэгиэнтэй атыыһыт туһунан Маайа былырыын Намҥа кэлэн иһэн Сүөдэртэн истибитэ. Онтон ыла кыккыраччы умнан кэбиспит эбит. Оттон Сүөдэр, били сымыйанан «атыыһыт уолабын» диэн ааттана сылдьыбытын санатарын иһин, Лэгиэнтэй атыыһыттаах ааттарын урут биирдэ да ахтыбатаҕа.
– Ол ханна олорор атыыһытый?
– Мантан ыраах… Киллэм дэриэбинэтигэр…
Кинилэр, барар сирдэрэ биллибититтэн үөрбүт курдук, айан суолугар тахсан тус илин хаамсан бараллар. Ити икки ардыгар күн былыт алын кырыытынан кылбайан тахсар. Оттуун-мастыын, көтөрдүүн-сүүрэрдиин бука бары уһуктан, үөрэн-көтөн чөрөһөллөр, ыллаан-туойан лыҥкынаталлар, айаатаан-мөҥүрээн айдаараллар.
Маайалаах, халыҥ соҕус тиит арыыны туораан, киэҥ киллэм хонууга киирэллэр. Суоллара кырдал үрдүнэн барар. Аллараа хотоолго уһун-инньигэс элгээн уута кылбайар. Элгээн үрдүнээҕи кырдал хааһыгар бэрт элбэх киһи уҥуоҕа көстөр. Манна Сүөдэр аҕалаах ийэтин уҥуохтара эмиэ баара. Кинилэр, ханнык эрэ дьаҥтан бииргэ өлбүт буоланнар, биир ииҥҥэ көмүллүбүттэр.
– Маайа, мин дьонум манна көмүллэ сыталлар, – Сүөдэр дьонун уҥуохтарын аттыгар кэлэн тохтуур.
Маайа саҥата суох хараҕын уутун соттор. Кини бу туран бэйэтин төрөппүттэрин санаан кэлэр: «Оо, дьонум, миигин сүтэрэн, төһө эрэ айманнылар буолла? Ийэм эрэйдээх төһө эрэ ытаата-соҥоото буолла».
Ол курдук аттакылар олорор Ньукуолускай диэн дэриэбинэлэрэ көстөр. Аллара, өрүс боротуокатын кыйа, Хамаҕатта ыалын дьиэлэрэ тураллар. Сүөдэрдээх Маайа, утуйар таҥастарын сүгэн иһэллэриттэн саатан, дьон хараҕар көстүмээри, суолтан туораан, хонуу устун бараллар.
Маайа, хонуу устун хааман иһэн, ньургуһуну хомуйар, ханнык эрэ ырыаны көхсүн иһигэр ыллаан киҥинэйэр.
– Сүөдэр, ол Лэгиэнтэй атыыһыттааҕыҥ төһө кэргэннээх ыалларый?
– Кэргэннэрэ диэн – иккиэлэр эрэ этэ.
Сотору соҕус, ооҕуй оҕус ситимин курдук, эргиччи тардыллыбыт остоолбо бүтэйтэн тахсаллар. Бу манан Дьаакыбылап кулуба бас билэр сирэ бүтэр. Мантан антах атын нэһилиэктэр сирдэрэ кэлэр.
Күн үөһэ ойор. Сүөдэрдээх киэҥ киллэм хонуу ортотунан баран иһэллэр. Били күн тахсарыгар халлаан илин иитин хаххалаан, хараара барыаран көстөр былыт иинэн-сүтэн хаалар. Билигин, халлааҥҥа ханан да былыт тохтооботоҕун курдук, кылбаа ыраас. Күн сып-сылааһынан күөх хонууну, киэҥ хочону барытын кууһар. Ыраах Өлүөнэ өрүс үрүҥ көмүс суол буолан кылбаҥныы устара көстөр. Өрүс нөҥүө өттүнээҕи буор хайалар, ситиини тардыбыт курдук, күөх торҕо дьураа буолан торумтуйаллар эрэ. Ханна эрэ бэрт ыраах субан туруйалар көтөн иһэн хаһыытаһар саҥалара иһиллэр.
– Тоҕо киһи аймахха баай, дьадаҥы диэн араарыы үөскээбитэ буолуой? Көр, сүүрэр атахтаахха да, көтөр кынаттаахха да баай, дьадаҥы диэн араарыы суох буолбат дуо? – Маайа Сүөдэртэн ыйытар.
– Айылҕа айбыта оннук буоллаҕа дии.
– Тоҕо киһи аймах, көтөр-сүүрэр курдук, көҥүл-босхо олорбото буолуой? Ама орто дойду уйгу быйаҥа аҥаардас баайдарга эрэ ананан оҥоһуллубута буолуо дуо?
Сүөдэр үөһэ тыынан ылар. Кини сүгэн иһэр тэллэхтээх суорҕана улам ыарыыр, эҥил баһын быһа баттыыр. Березкин үрээнньик олорор Ньукуолускай дэриэбинэтин утарытыгар тиийэллэр. Кинилэр баран иһэр киэҥ нэлэмэн хонууларын уонна дэриэбинэ икки ардыларыгар уһун элгээн туора түһэн сытар. Дэриэбинэ уулуссатынан икки аттаах киһи төбөлөрө хороҕоччуйан көстөр. Аттаах дьон, түргэн соҕустук сиэллэрэн, дэриэбинэ арҕаа баһыгар ыраас сиргэ тахсаллар. Сүөдэр онно өйдөөн көрбүтэ: Малаанай Ньукулай Березкин үрээнньиктиин Дьаакыбылаптаах диэки тэптэрэн эрэллэр эбит.
Ону көрөн, Сүөдэр кэлиэх-барыах сирин булбат, аны көрүөхтэрэ диэбиттии, түҥнэри хайыһар. Маайа Сүөдэр тоҕо тохтообутун, тоҕо киэр хайыспытын билбэт буолан:
– Сүөдэ-эр!.. – диэн ыйытан эрдэҕинэ, Сүөдэр икки илиитинэн: «Саҥарыма!» – диэн сапсыйар.
Малаанай Ньукулай уонна үрээнньик Березкин көстүбэт буолбуттарын эрэ кэннэ Сүөдэр тоҕо куттаммытын Маайаҕа этэр:
– Малаанай Ньукулай Бэриэскин үрээнньиги илдьэ барда дии.
Сүөдэрдээх Маайа, күрээн иһэр дьон быһыытынан, саҥата суох тиэтэйэ-саарайа хаамсан иһэллэр. Ол баран истэхтэринэ эмискэ кынат тыаһа сырылыыр уонна кинилэр аттыларыгар чыычаахтар кэлэн олоро түһэллэр.
Айанньыттар: «Чыычаахтар туохтан бу курдук куттаннылар?» – дии санаан көрө түспүттэрэ: бороҥнуҥу өҥнөөөх кырбый, кырдыргыы-кырдыргыы, үөһэ эргийэ көтө сылдьар эбит. Маайалаах Сүөдэр көрөн турдахтарына, хонууттан көтөн тахсыбыт биир чыычааҕы кырбый обургу, икки кынатын кыптыыйдыы туттан, супту сурулаан түһэр да, харбаан ылар уонна дулҕа үрдүгэр олоро түһэр.
Кырбыйтан чыычааҕы быыһаары, Маайа хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэр. Кырбый кини чугаһаабытыгар өрө көтөн тахсар. Дулҕа үрдүгэр болоорхой өҥнөөх күөрэгэй чыычаах төбөтүн көтөҕө сатыы сытар. Маайа чыычааҕы ытыһыгар ылан олордор. Чыычаах, тумсун атытан, салгыны эҕирийэ сатыыр. Кини көхсүттэн Маайа ытыһыгар кып-кыһыл ыраас да ыраас хаан таммалыыр.
Сүөдэр кэлэн, кырбый туппут чыычааҕын көрөн турар Маайаҕа аргыый аҕай этэр:
– Аан дойду үрдүгэр бары-барыта ити курдук…
Маайа өлөөрү сытар чыычааҕы улаханнык аһына саныыр. Чыычаах сордоох, төбөтүн көтөҕө сатаан баран, хамсаабат буолан хаалар. Маайа күөрэгэйи дулҕа быыһыгар буорга көмөн кэбиһэр.
– Мин чыычаахтарга ымсыырар этим: көтөр кынаттаах буоланнар, туох да күрүөтэ-хааччаҕа суох киэҥ халлааҥҥа көҥүл көтө сылдьаллар дии санаан, – диир Маайа мунчаарбыттыы. – Онтукам баара, кинилэр эмиэ кыраларын, кыамматтарын тутан сииллэр эбит…
– Баайдар, мин санаабар, эмиэ ити кырбый курдуктар, кинилэр кыра-дьадаҥы дьон хара көлөһүннэрин супту уулууллар, – диэн Сүөдэр ис санаатын Маайаҕа кэпсиир. Кини урут хаһан да бу курдук киэҥник ырыта санаабат этэ. Ити санаа кини Маайаны кытта кэпсэппититтэн хайдах эрэ бэйэтэ үөскээн таҕыста. Кини «баттанабын», «атаҕастанабын» дии саныыра урут да элбэх этэ. Ол гынан баран урут ону барытын «оҥоһуум оннук буоллаҕа» диэн быһаарара.
– Сүөдээр, мин кыра эрдэхпинэ Аркадий Романович диэн сыылкаҕа кэлбит нууччаҕа үөрэнэ сылдьыбытым. Кини миэхэ этэрэ: «Төрүүрүгэр киһи киһиттэн туох да уратыта суох: баай даҕаны, дьадаҥы даҕаны», – диэн.
– Оччоҕо тоҕо сорох баай, сорох дьадаҥы буоларый? – Сүөдэр ыйытар.
– Маҥнай ким сатабыллаах байара буолуо… Онтон астанан, таҥастанан баран, тиийиммэт дьоннорун, ыалларын хамначчыт оҥостон, эбии байан эрдэҕэ дии, – Маайа бэйэтэ өйдүүрүнэн кэргэнигэр быһаарар. – Оттон эн туох дии саныыгыный?
– Таҥара айбыта оннук дэһэллэр дии, – Сүөдэр сонньуйар. Кини итини букатын итэҕэйбэт. Хайдах да таҥара биир киһини баай буол, атынын дьадаҥы буол диэн тус-туспа айыар сатамматын өйдүүр.
– Таҥара, – диэн Маайа, өр соҕус санаарҕаабыт курдук хааман иһэн, ботугуруур, – таҥара… Мин учууталым «таҥара да, абааһы да суох» диэн куруутун миэхэ өйдөтөрө. Сиилин аҕабыыкка ону этэммин, учууталбын үүрдэрбитим, – Маайа үөһэ тыынан ылар.
* * *
Үрээнньик кэлэрин көрсөөрү, Дьаакыбылап кулуба сарсыарда эрдэ турда. Огдооччуйаны туруоран, чэй өрдөрдө, ас астатта, биир иһит арыгыны улахан хоһун остуолугар кылбаччы туруоран кэбистэ.
Дьаакыбылап кулуба сотору-сотору тэлгэһэтигэр тахсан дьаарбайан киирэр. Ол сылдьан көрдөҕүнэ, хамначчыттара өссө да тура иликтэр. Уруккута эбитэ буоллар: «Тоҕо баччааҥҥа диэри утуйа сытаҕытый?» – диэн айдаан бөҕөнү тардыа этэ. Оттон билигин кини: «Сотору турбаттара буоллар!» – дии саныыр. Хамначчыттара туран, онно-манна үлэҕэ тарҕаһан хааллахтарына, Сылгыһыт Сүөдэр эмиэ ханна эмэ баран хаалыа. Оччоҕо аны ол көрдөбүлүн түбүгэ кэлиэ. Онон – утуйдуннар…
Күн илиҥҥи арыы тиит үрдүнэн кылбайан үөһэ ойон тахсыыта Малаанай Ньукулай Березкин үрээнньиктиин сиэллэрэн дьигиһитэн иһэллэрэ көстөр.
Дьаакыбылап, эккэлээбит курдук туттан, Березкин үрээнньиги атын хоско ыҥыран киллэрэр.
– Мин биир хамначчыттааҕым икки сыллаахха Бүлүү биир улууһун кулубатын кыыһын ойох кэпсэтэ барбыта. Онуоха биһиги оонньуу-күлүү кэриэтэ: «Мин атыыһыт уолабын», – диэ диэбиппит уонна кини дьонтон ылар элбэх иэстээҕин курдук сымыйанан «биэксэл» оҥорон биэрбиппит… Биллэн турар, баай кулуба оннук кумааҕыта суох, кыыһын биэрбэт буоллаҕа дии…
Березкин үрээнньик, өйдүү сатаан баран, илиитинэн сапсыйан кулубаны тохтотор.
– Хамначчыт… кулуба кыыһа… биэксэл… – өйдүүр суох!
– Э-э, – Дьаакыбылап тугу эрэ нууччалыы этээри гынар да, кыайан эппэт. – Мин, баранчаак – Сүөдэркэ, – өйдүүр? – диир кини өр соҕус олорбохтоон баран. – Кини кэргэн ылаары Бүлүү кулубатын кыыһыгар барбыта, – өйдүүр?.. – Ол кулуба кыыһа: «Мин барбат», – диэн сапсыйбыта, – өйдүүр?.. – Мин онтон, ол кыыһы саатырдаары, хамначчыт уолбун ыыппытым, – өйдүүр?..
– Вот это ловко!.. Хайдах ол буолла, мин билэр наада!
– Хамначчыт мин оҕом Сүөдэркэ сирэйин бэҕэһээ кымньыынан быһа охсон кэбистэ… Сүөдэркэ! Киирэн, үрээнньик тойоҥҥо сирэйгин көрдөр эрэ!
Сылластыгас Сүөдэркэ, айакалыы-айакалыы, көппөччү иһэн тахсыбыт иэдэһин ытыһынан саба туттубутунан, утуйар хоһуттан тахсар.
– Көрөн кэбис, ити айылаах оҥорбут!
Березкин сип-сибилигин аҕай ымайбыт сирэйэ дьэбин уоста түһэр. Тарбахтарын мускуйан лачыгыратар:
– Хамначчыт – кэһэтии наада!
Аны Дьаакыбылап кулуба кыайан өйдөөбөт: үрээнньик тойон Сылгыһыт Сүөдэр кини уолун сирэйин быһа охсубутун хайгыыр дуу, биитэр хамначчыты кэһэтиэххэ наада диир дуу?
Березкин үрээнньик сатаан сахалыы эппэтэҕин өйдөөтө быһыылаах. Олоппоһуттан ойон турар уонна, сип-сибилигин бараары гыммыт курдук, аан диэки хайыһар:
– Хамначчыт ханна баар? Розга биэрии наада!
Дьаакыбылап кулуба, үрээнньик кими «кэһэтии наада» диэбитин өйдөөн, үөрэр. Ол эрээри кини санаатын ситэ этэ илик. Ону этээри, Березкины илиититтэн ылан олоппоһугар олордор.
– Дьыала итинэн эрэ бүппэт, – диэн кини саҥа кэпсээри гынан эрдэҕинэ Сиидэр суруксут киирэр.
Дьаакыбылап кулуба тугу көрдөһөрүн Сиидэр суруксут көмөтүнэн Березкин үрээнньик дьэ өйдүүр.
Кинилэр үһүө буоланнар дьиэ иһиттэн тахсаллар.
– Хайа, нохоо, Сылгыһыт тахсан барбата дуо? – диэн Дьаакыбылап олбуор айаҕар Сылгыһыт Сүөдэр балаҕантан тахсарын көрөөрү кэтээн турар Малаанай Ньукулайтан ыйытар.
– Суох… Букатын көстүбэт.
Березкин, Дьаакыбылап кулуба, Сиидэр суруксут уонна Малаанай Ньукулай буоланнар хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар кэлэн киирэллэр. Хамначчыттар саҥа туран чэйдэрин өрүнэн эрэллэр. Сылгыһыт Сүөдэрдээх оронноро хагдаҥ отунан көрөн сытар. Сылгыһыт Сүөдэр да, кини кэргэнэ Маайа да көстүбэттэр.
– Сылгыһыт Сүөдэрдээх ханна барбыттарай? – диэн кулуба дьиэлээхтэртэн ыйытар.
Хамначчыт уолаттар, кыргыттар: «Сылгыһыт Сүөдэр суох дуо?» – диэбиттии, хардарыта көрсөн кэбиһэллэр:
– Суохтар… Ким билэр, ханна бардахтарай?
Толлор Ньукулай, ыстаан эрэр курдук, уоһун оонньоҥнотон баран, хардары ыйытар:
– Доҕоттоор, Сүөдэрдээхпит баран хаалбыттар дуу?
Дьаакыбылап кулуба хамначчыттарын: «Билэр эрээрилэр кистииллэр», – дии санаан, сирэйдэрин-харахтарын бэрт суостаахтык көрүтэлиир. Туох буолбутун билбэккэ турар Березкин үрээнньик:
– Баар дуо? – диэн ыйытар.
– Суохтар… Баран хаалбыттар, – диир Сиидэр суруксут киниэхэ нууччалыы.
Үрээнньик, турбахтаан баран, таһырдьа тахсаары эргиллэр уонна бэрт холку бэйэлээхтик этэр:
– Раз нет их, ничего не поделаешь!
Балаҕан иһиттэн тахсаллар. Дьаакыбылап кулуба киҥэ-наара холлор, Малаанай Ньукулай үрдүгэр түһэр.
– Эн көрүмүнэ куоттардаҕыҥ… Сип-сибилигин аттарда ыҥыырдаа уонна кинилэри эккирэтиэх.
Хамначчыт уол сордоох тойоно соруйбутун кэннэ туруо баара дуо? Сыгынньахтаабыт аттарын уонна кулуба тойон бэйэтэ миинэр атын ыҥыырдыы ыстанар.
Аттар ыҥыырданалларын көһүтэн турдахтарына, хамначчыттар олорор балаҕаннарыттан Чөмөөт Сэмэн сүүрэн тоспоруйан кэлэр. Кини тойонун аах диэки кыараҕас баҕайы хараҕынан көрүтэлии-көрүтэлии:
– Сылгыһыт Сүөдэрдээх ханна барбыттарын Сөдүөччүйэ эмээхсин билэр үһү, – диэн тыллыыр.
Дьаакыбылап кулубалаах бука бары эмиэ хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар сууллан киирэллэр. Икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин оһох кэннигэр чэй иһэ олорор эбит.
– Эмээхсиэн, Сылгыһыттаах ханна бардылар? – Дьаакыбылап ыйытар.
Сөдүөччүйэ эмээхсин, ыйан биэрээри гыммыт курдук, хатан хаалбыт бакыр тарбахтардаах илиитин иннин диэки уунар:
– Ыраах-ыраах барбыттара.
– Ол ыраах ханна барбыттарай?
– Куораттаабыттара.
– Ньүдьү-балай, барбыттара төһө өр буолла?
– Э-э, барбыттара быданнаата… Киэһэ барбыттара… Бэҕэһээ киэһэ аһаат аттаммыттара.
Кини итини барытын Дьаакыбылаптаах эккирэтээри гыммыттарын истэн этэр. Биллэн турар, бэҕэһээ киэһэ барбыт дьону хаһан ситээри билигин кэлэн эккирэтэ сылдьыахтарай!
IXСүөдэрдээх Маайа, бу биир эрэ күн устата да буоллар, сэмэлиир-мөҥөр тойоно-хотуна суох көҥүл-босхо сылдьар үөрүүтүн билэллэр… Кинилэр ыкса киэһэ Киллэм дэриэбинэтигэр тиийэллэр. Аччыктаабатахтара буоллар, түүн кэлбитигэр утуйар хаххалаахтара буоллар, кинилэр тоҕо ыалга киирэн: «Биһигини үлэҕэ ылыҥ» – диэн көрдөһөр, бүгүҥҥү күн устата билбит көҥүллэрин атыылыыр этилээр?! Ол эрээри, ханна барыахтарай, аатын ааттаан кэлбит Лэгиэнтэй атыыһыттаахтарыгар кэлэн, олбуор иһигэр киирэллэр.
Дьиэлээх тойон, Лэгиэнтэй атыыһыт, дьиэтин кирилиэһигэр сөрүүкүү тахсан олорор эбит. Маайа, урут хаһан да көрбөтөх киһитэ буолан, Лэгиэнтэй атыыһыты одуулаһа көрө иһэр. Лэгиэнтэй атыыһыт икки чанчыктара маҥхайбыт, тор курдук хоччоххой хойуу хара бытыктаах, кыырт хараҕын курдук төгүрүгүнэн дьэрэличчи көрбүт аҕамсыйа барбыт саха киһитэ эбит.
Лэгиэнтэй атыыһыт бэйэтэ улахан баайа суох: отучча эрэ сүөһүлээх, түөрт уонча аттаах. Кини сайынын дьиэтин биир аҥаарыгар лааппы аһан атыыһыттыыр, кыһынын сүөһү атыылаһан, олору өлөртөөн, эттэрин Маачаҕа киллэрэн туттарар.
Маайа, Лэгиэнтэй атыыһыттан куттаммыт курдук, олбуор аанын аттыгар туран хаалар. Сүөдэр, эмиэ кута-сүрэ тостон, нэһиилэ хааман бакыҥнаан, дьиэлээх тойон иннигэр тиийэн тохтуур. Кини, илдьирийбит кыл сэлээппэтин устан, тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу этэр:
– Дорообо!
Лэгиэнтэй атыыһыт үрдүк хоруобуйалаах дьиэтин түннүктэрин ыстаабанын быыһыгар төрөөбүт хараҥаччылар, Сүөдэрдээҕи атыҥыраабыт курдук, «чир-р-р!» дэһэ-дэһэ, халлааны хайа суруйан ааһаллар.
– Мин… Сүөдэрбин ээ, – диир Сүөдэр, дьиэлээх тойон кини эҕэрдэтигэр тугу да хардарбатаҕыттан кыбыстыбыт куолаһынан.
Лэгиэнтэй атыыһыт: «Сүөдэр буол ээ, онно мин туох кыһалҕалаахпыный?» – диэбиттии көрүтэлиир.
Маайа тулуйан турбат. Кини, күнү быһа хааман, атаҕа ыалдьар, сылайбыта, аччыктаабыта да бэрт. Ол да буоллар кыһыйан-абаран, Сүөдэри ыҥырар:
– Сүөдээр, атын сиргэ барыах!
– Туох соруктаах сылдьар дьонноргутуй? – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт дьэ онно ыйытар.
– Үлэ-хамнас кэпсэтиэ этибит, – диир Сүөдэр аат эрэ харата. Кини манна кэлэригэр: «Лэгиэнтэй атыыһыт миигин олбуорун иһигэр киирэрбин аҕай кытта билиэ!» – дии саныы испитэ. Онто ити баар, атыыһыта кинини билиэн да, истиэн да баҕарбат быһыылаах!
– Үлэ… м-м-м… үлэ? Ол мин үлэни түҥэтэ олорор сурахпын истэн кэллигит дуо?.. Билигин миэхэ хамначчыт наадата суох! – Лэгиэнтэй атыыһыт, кирилиэһиттэн туран, дьиэтигэр киирээри, үөһэ ыттан барар.
Сүөдэр хараҕа хараҥара түһэр. Кинилэр билигин кимнээххэ баран бу түүн утуйаллар?.. Тугу аһаан хоноллор? Сүөдэр ыксыыр. «Миигин умнан кэбиһэн ити курдук эттэҕэ», – дии санаан, ботугуруур:
– Мин… били Дьаакыбылап кулубаттан күрээн кэлэн… эһиэхэ олоро сылдьыбыт Сүөдэрбин.
– Туох да-а?! – диэбитинэн Лэгиэнтэй атыыһыт аанын тутааҕын ыһыктан кэбиһэр уонна эргиллэ түһэр. – Сүөдэрбин диигин дуу?
– Сүөдэрбин.
Лэгиэнтэй атыыһыт аллара сүүрэн түһэр, Сүөдэри икки акымалыттан ылан эргитэ тутар, мичээрдиир.
– Улаатан хаалбыккын дии… Суолга көрсөн охсон да аастаргын, букатын билиэ суох эбиппин… Таҥара баарына, билиэ суох эбиппин!
Атыыһыт аны олбуор аанын аттыгар турар Маайаны таба көрөр.
– Ити кимий?
– Мин кэргэним.
– һэ, буоллаҕа ол дии!.. Биһигиттэн эдэр, кыра уол барбытыҥ, билигин кэргэннээх ыал киһи кэллиҥ… Хантан мин ону билиэмий?
Лэгиэнтэй хараҕын Маайаттан араарбат. Кини бу дьахтары көрөн туран: «Таҥастааҕа-саптааҕа буоллар, бэрт кырасыабай дьахтар эбит… Барахсан эдэрин ньии», – дии саныыр. Оттон Маайа билбэт киһитэ кинини, дьон атыылаһаары гыммыт сүөһүлэрин көрөллөрүн, билгэлииллэрин курдук, көрө-истэ турарыттан саатан, килбигийэн, сирэйин кистии туттар.
– Кэргэҥҥин хантан ыллыҥ? – атыыһыт сымнаабыт куолаһынан ыйытар.
– Бүлүүттэн.
– Бүлүүттэн диигин дуу?.. Бүлүүлэри билэбин… Кинилэри Маачаҕа үгүстүк көрсөөччүбүн. Бэртээхэй диэн дьоннор… Үчүгэй кэргэннэммиккин… Үлэ-хамнас суоҕа диэн кэлиэ дуо! Чэйиҥ, дьиэҕэ киириэҕиҥ.
Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдээх Маайаны, холорук тыал курдук сөрөөн, дьиэҕэ киллэрэр. Маайаҕа бу атыыһыт маҥнай олус тоҥкуруун курдук көстүбүтэ, оттон билигин кини Дьаакыбылап кулубаҕа букатын холобура суох эйэҕэс киһи буола оҕуста.
– Эмээхсиэн! Кэлэн көр эрэ, кимнээх кэллилэр?!
Ойоҕос хос аана аһыллар. Ииммит-хаппыт эттээх, кыракый соҕус уҥуохтаах, кубархай хааннаах саха эмээхсинэ киирэн кэлэр. Кини саҥата суох Маайалаах Сүөдэри көрүтэлиир.
– Билбэккин дуо?.. Бу били Сүөдэр уол… Бачча киһи буолан тыыллан-хабыллан турбут… Оттон бу кини кэргэнэ үһү, – Лэгиэнтэй атыыһыт кэргэнигэр кэпсиир.
Эмээхсин сирэйэ сырдаан кэлэр, мичээрдиир:
– Кырдьык билиэ суох эбиппин ээ.
Маайа бу дьиэлээх дьахтар саҥатын хайдах эрэ сөбүлүү иһиттэ.
– Түргэнник аста-үөллэ бэлэмнэт… Оҕолор ыраах сиртэн аччыктаан кэлбиттэрэ буолуо, – дьиэлээх тойон дьаһайда.
Дьиэлээх хотун саҥата суох уҥа хоско тахсар. Сотору соҕус остуолга иһит-хомуос тардар тыас иһиллэр. Сүөдэрдээх Маайа аччыктара өссө ордук биллэр, аһыахтарын баҕарбыттара өссө ордук күүһүрэр. Лэгиэнтэй атыыһыт кинилэри олоппоско олордуталыыр. Кини, кырдьык даҕаны, үөрбүтэ-көппүтэ сүрдээх. Хайдах кини үөрбэттээх буолуой?! Билигин кини атыыта, сырыыта уруккута буолбатах – кэҥээн, элбээн турар. Ону барытын бэйэтэ соҕотоҕун сылдьан тэрийэр, оҥорор кыаҕа суох. Сүөдэр уолу кини, кыра эрдэҕиттэн билэр буолан, олус эрэнэр. Оттон Сүөдэр кэргэнэ Маайа манна эмиэ улахан наадалаах үлэһит буолуохтаах. Дьиэлээх эмээхсин сотору-сотору ыалдьар, арыт букатын тэллэххэ-суорҕаҥҥа үҥкүрүйэн хаалар. Онон кинилэргэ үчүгэй үлэһит дьахтар бэркэ диэн наада буолан олорор кэмэ.
– Баччааҥҥа диэри Дьаакыбылаптаахха олордуҥ?
– Кинилэргэ.
– Тоҕо онтон кэллигит? Сатаспатыгыт дуу?
– Ээх.
Хос иһэ уу чуумпу буолар. Лэгиэнтэй атыыһыт, тугу эрэ этээри гыммыт курдук, сытыы баҕайытык көрүтэлээн кэбиһэ олорор.
– Сүөдээр, Дьаакыбылап били эйигин тутан илдьэ барыаҕыттан ыла манна сылдьыбат… өстөнөр быһыылаах.
Маайа: «Саатар эрэ сылдьыбатын!» – дии саныыр.
Дьиэлээх эмээхсин, уҥа хостон тахсан, ыҥырар:
– Чэйиҥ, киирэн аһааҥ!
Сүөдэрдээх Маайа, Лэгиэнтэй атыыһыты батыһан, уҥа хоско киирэллэр. Дуобат ойуулаах күөх килэйээҥки ыскаатардаах уһун остуолга чааскылар тураллар. Остуол ортотугар үрүҥ дуйдаах ньолбуһах бордуонньукка сылабаар оргуйа турар. Улахан тэриэлкэни өрөһөлүү үрүҥ буулка ууруллубут. Миискэни дуу, дириҥ истээх тэриэлкэни дуу маарынныыр иһиккэ сиикэй арыы толору туруоруллубут.
Дьиэлээх тойон, остуолга тардыллыбыт аһы көрүтэлээн баран, тылынан таҥалайын чамырҕатар уонна, кэргэнин диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, этэр:
– Эмээхсиэн, били аһы тоҕо остуолга туруорбатыҥ?
Дьиэлээх дьахтар, турбакка олорон, хос ойоҕос аанын диэки эргиллэр уонна обургу соҕустук саҥарар:
– Балбаараа, биир иһиттэ уонна халбаһыыта кырбаан киллэр эрэ.
Утаакы соҕус буолан баран, ойоҕос аан аһыллар. Симмит курдук этиргэн бэйэлээх эдэркээн баҕайы саха кыыһа биир иһит арыгыны уонна биир тэриэлкэҕэ кырбаммыт халбаһыыны киллэрэн остуолга уурар.
Лэгиэнтэй атыыһыт үс үрүүмкэни толорор. Маайа иннигэр турар үрүүмкэ таһынан барыах курдук бычалыйар. Дьиэлээх тойон ону көрөн:
– Аатыҥ ким диэний? – Маайаттан ыйытар.
– Маайа.
Дьиэлээх эмээхсин, мичээрдии-мичээрдии, сылабаар тумсун аннынан Маайаны одуулаһар. Маайа сирэйэ итийэ түһэр, икки имэ тэтэрэр.
– Маайа, үрүүмкэҥ толорутун курдук, толору дьоллоох буолсугун!.. Чэйиҥ, көрсүспүт үөрүүбүтүгэр! – Лэгиэнтэй атыыһыт үрүүмкэлээх арыгытын көтөҕөр.
Күнү быһа тугу да аһаабатах дьон арыылаах буулканы, сыалаах халбаһыыны тотуохтарыгар диэри сииллэр. Аҕыйах үрүүмкэ арыгыттан мэйиилэрэ эргийэн барар.
Аһаан бүтэллэр. Таһырдьа тахсаллар. Күн арҕаа мыраан кэтэҕэр киирэн, салгын сөрүүкүйбүт.
– Куйаас буолан дьиэбит киһини тулутуох буолбатах – итиитэ бэрт. Кэлиҥ, манна олорон сөрүүкүөҕүҥ! – олбуор иһигэр үүммүт көп күөх окко олорон, Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдээх Маайаны ыҥырар. – Оҕолоор, төһө өр буолуохпут дии саныыгытый?
– Кэпсэтииттэн биллиэ, – диир Сүөдэр, – биһиги төһө баҕарар кэмҥэ кэпсэтэр кыахтаахпыт. Халлаан чыычааҕын курдук, ханна баҕарар барар, тохтуур босхо дьоннорбут.
Маайа кэргэнэ Сүөдэр эмиэ чобуо баҕайытык кэпсэтэн барбытын үөрэ истэр.
– Үчүгэй, кэпсэтэн кэбиһиэҕиҥ. Биир сыллааҕы хамнаскытын төһө диир дьон буолаҕытый?
Сүөдэр бачча сааһыгар диэри Дьаакыбылап кулубаттан биир кэлтэгэй кэппиэйкэни хамнас диэн аахсан ылбатаҕа. Били бэрт өрдөөҕүтэ манна кэлэн олороругар кини эмиэ хамнас аахсыбатаҕа. Айаҕар аһаталлара, сыгынньах эрэ сылдьыбатын диэн таҥыннараллара – хамнас диэн онон бүтэрэ. Билигин кинилэр иккиэлэр. Ыал буолуохтарын баҕараллар. Бачча дьоҥҥо, ханнык эмэ да буоллар, таҥас наада, харчылаах буолуохха эмиэ баҕа элбэх. Ону кинилэр, хамнастарыгар эрэ ааҕыстахтарына, булар дьоннор.
Сүөдэр санааргыыр. Кини Лэгиэнтэй атыыһыт ыйытыытыгар туох да диэн хоруйдуон, хамнастарын бачча диэн этиэн булбат. Тугу да этиэн булумуна, чэрдээх ытыстарын көрө, имэрийэ олорор. Кини өҥө туттара диэн бу икки илиитэ эрэ. Кини бу икки илиитин үлэтин төһө да диэн сыаналыан бэйэтэ да билбэт. Урут кимтэн хамнас ылан, ону билээхтиэ баарай!
Маайа урут аҕата дьону кытта хамнас кэпсэтэрин истэр буолара. Ону өйдөөн, Сүөдэригэр көмө буолаары:
– Аһылыкпыт уонна таҥаспыт таһынан биир ынаҕы биэрдэргит сөбүлэһиэ этибит, – диир.
Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа этиитин хайдах эрэ сүөргүлээбит курдук истэр. Кини эр дьон кэпсэтэллэригэр дьахтар булкуһарын абааһы көрөр. «Ханнык эрэ сытыы тыллаах хотун кэлбит ээ», – дии саныыр. Ол да буоллар кини Маайа этиитин сэҥээрбит курдук туттар:
– Аскыт, таҥаскыт таһынан биир ынах диигин дуу? Ол ынаххыт хастаах ынах буолуохтааҕый? Буос буолуохтаах дуу, кытараҕа ордук дуу? Ынаххытын билигин арааран ылаҕыт дуу, кэпсэппит кэмҥит туоллаҕына дуу?
Маайа улахан санааҕа түһэр. Кырдьыга, үлэлии-хамсыы иликтэриттэн: «Ынаҕы билигин ылабыт», – дииллэрэ эмиэ да табыллыбат курдук. Ынаҕы билигин ыллахтарына, аны ол сүөһүлэрин кыһын хантан ылбыт отторунан аһатыахтарай. Оттон ынахтарын, билигин анаппака эрэ, аны саас тиийэн биирдэ ылар буоллахтарына, хайдах дьүһүннээх сүөһүнү «ылыҥ» дииллэрэ эмиэ биллибэт. Итини өйүгэр ыараҥнатан көрөн баран, Маайа этэр:
– Ынаҕы билигин көрдөрөргүт буоллар дии саныыбыт… Оттон ылыытын чааһын – аны саас, сыл туоллаҕына, ылыллыа. Ол ынахпыт буос, туҥуй буоллар үчүгэй этэ. Биһиги дьолбутугар, эрдэ төрөөтөҕүнэ үүтүн, арыытын туһаныах этибит…
Дьиэ ааныгар тахсан иһиллээн турар эмээхсиниттэн Лэгиэнтэй атыыһыт ыйытар:
– Харытыанаа, оччо ыарахана суох буолбат дуо?
– Ким билэр, мин тугу билээхтиэхпиний? – Харытыана эмээхсин, кэргэнин кэпсэтиитигэр хаһан да орооспот үгэстээх буолан, өскүөрүтүн хардарар.
Лэгиэнтэй атыыһыт Маайаны ыйан-хайан көрөрдүү көрүтэлиир. «Бэрт өйдөөх дьахтар быһыылаах, тыла-өһө олохтоох. Ол эрээри мин угаайыбар киирэн эрээхтиигин», – дии саныыр.
– Ыараханын ыарахан соҕус да буоллар, эдэр дьонтон эмиэ тугун түһэрсэ сатаатахпыный, сөбүлэһэбин. Ынах бу кэлэр кыһыҥҥы айаҕын эһигиттэн көрдөөбөппүн. Онтон анараа өттүн кэпсэтиитэ туспа буолуоҕа, ол курдук өйдөөн кэбиһиҥ.
– Сүөдээр, сөбүлэһэр инибит? – Маайа кэргэниттэн ыйытар.
– Сөп ини.
Лэгиэнтэй атыыһыт аны Маайа көрөрүн-истэрин одуулаһар. «Эбэтэр бэрт өр ыалларга хамначчытынан сылдьыбыт, элбэхтик кэпсэппит дьахтар быһыылаах, эбэтэр илэчиискэ бэрдэ», – дии саныыр.
Мыраан үрдүгэр кэҕэ этэн чоргуйар. Дьиэ кэннинээҕи далга ынах ыҥыранар, ньирэй мэҥириир. Балбаара кыыс икки ыаҕастаах ынахтары ыы тахсар.
– Хотуок, кэл эрэ манна! – Лэгиэнтэй атыыһыт хамначчыт кыыһы ыҥыран ылар. – Бу дьоҥҥо туҥуй бургунастары көрдөр.
Маайа, саҥата суох туран, Балбаараны батыһар. Дал иһигэр уонча туҥуй бургунастар кэбинэн сыҥаахтара оонньоҥнуу сыталлар. Маайа бу бургунастартан сүүһүгэр үрүҥ туоһахталаах хара бургунаһы сөбүлүү көрөр.
– Аата ким диэний?
– Туоһахта.
– Туоһахта, Туоһахта! – дии-дии Маайа тарбаҕын эймэҥнэтэр, бургунаска чугаһыыр. Бургунас кэбинэрин тохтотор, кулгаахтарын чөрөҥнөтөр, хап-хара инчэҕэй муннунан салгыны эҕирийэн сыбырҕатар. Маайа кэлэн Туоһахтаны сүүһүттэн имэрийэр.
Балбаара кыыс өр соҕус көрөн туран баран:
– Эһиги хамнаска кэпсэттигит дуу? – диэн ыйытар.
– Кэпсэтэн.
– Э-ээх… – кыыс тугу эрэ этээри уоһун чорботон иһэн, Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдиин кэлэн иһэллэрин көрөн ах барар.
Маайа, уһун кыһыны быһа Дьаакыбылаптаах хотонноругар сүөһүлэри кытта булкуһан тахсыбыт буолан, ынах муоһуттан, хараҕыттан майгытын билэ үөрэммитэ. Уҥуоҕуттан, тириитэ чарааһыттан-халыҥыттан үүттээҕин-үүтэ суоҕун эмиэ быһаарар этэ. Бу имэриттэрэ сытар туҥуй бургунас майгытынан сымнаҕас уонна үүттээх буолсу.
– Хайа, ынаххын талан ыллыҥ дуу? – Лэгиэнтэй атыыһыт Маайаттан ыйытар.
– Бу Туоһахтаны.
Лэгиэнтэй атыыһыт ону көрөн: «Э-э, тугу да билбэт оҕочоос сордоох эбит. Булан-булан талан ылбыт да сүөһүтүн: уҥуоҕунан үгүс бургунастартан кыраларын ылаахтаабыт», – дии саныыр.
Сотору соҕус дьиэҕэ киирэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт Маайалаах Сүөдэр олороллоругар биир туспа кыракый хоһу аныыр.
Суолтан сылайбыт дьон ороннорун оҥостон сыталлар да, уулара кэлбэт. Ынахтарын ыан бүтэн, Балбаара кыыс киирэр. Кинини кытта Лэгиэнтэй атыыһыт тугу эрэ кэпсэтэн ботугуруур. Кыыс ытыыр саҥата иһиллэр. Киирии-тахсыы, кэлии-барыы хойдор. Маайа бу сытан өйдөөтөҕүнэ, хамначчыт кыыстарын үүрэр быһыылаахтар.
– Сүөдээр, бу ыалбыт кыыстарын үүрэн эрэллэр быһыылаах… Итини билбиппит буоллар, манна үлэҕэ киирэргэ кэпсэтиэ суох этибит.
Сүөдэр тугу да саҥарбат. Хамначчыт кыыс эрэйдээх олорбут, үлэлээбит сириттэн үүрүллэрэ ыараханын, кыһалҕалааҕын кини үчүгэйдик өйдүүр.
– Аны сөбүлэппэккэ, үүрүллэрбит буолуо.
– Мин билэр ыалым, тоҕо үүрдэхтэрэй.
– Туох-ханнык майгылаах ыалга түбэстибит буолла?
– Хотуммут Харытыана саҥата-иҥэтэ суох көнө майгылаах эмээхсин… Тойоммут Лэгиэнтэй киириилээх-тахсыылаах киһи. Кини киһини көрдөрөн туран албынныыр, ону хата билиминэ да хаалаҕын. Уруккута оннук киһи этэ. Хайдах да буолтун иһин – Дьаакыбылаптаахха олорбуппут курдук буолуо суоҕа.
– Айыы тойон таҥара, оннук эрэ буоллар!
Сотору соҕус Сүөдэр утуйан муннун тыаһа хаһыҥыраан барар. Маайа уута букатын кэлбэт. Кини өйүттэн: «Хайдах эрэ манна олоробут?» – диэн санаа арахпат. Ол курдук сытан, Маайа устунан нухарыйан утуйан барар. Кини түһээн төрөөбүт Төгүрүк алааһыгар тиийэр, сибэкки хомуйа-хомуйа оонньуу сылдьар эбит. Күн халлаан оройуттан чэмэличчи тыган турар. Онтон… арҕаа диэкиттэн хара былыт өрүкүйэн тахсар, күнү хаххалаан саба халыйар, этиҥ этэр. Маайа дьиэтигэр төннүөх санаалаах да, холорук кэлэн сөрөөн, кинини тыа маһын үрдүнэн мас сыыһын курдук көтүтэн илдьэ бара турар. Кини дьонун аах дьиэлэрин үрдүнэн көтөн ааһан иһэн көрбүтэ: ийэтэ, ытыы-ытыы, икки илиитин киниэхэ ууммутунан сырсан иһэр, уонна… Маайа «һу-у!» диэбитинэн уһуктан кэлэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.