Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 18 (всего у книги 62 страниц)
Маайа бэбиэскэтин туппутунан судьуйа кабинетыттан тахсыбыта – Сүөдэр уонна Уйбаан Сэмэнэбис кэлэн кинини көһүтэн олороллор эбит.
– Хайа? Судьуйа тойон туох диэтэ?
Маайа, былаатын баана-баана, дьонугар этэр:
– Баран иһэн кэпсиэм.
Кинилэр таһырдьа тахсыбыттарын Саха сирин кыһыҥҥы туманнаах күдэрик тымныыта кууһан ылар. Ол да буоллар, Маайа үөрбүтэ бэрдиттэн бу тымныыны билбэт курдук. Кинилэр Правленскай уулуссанан Уйбаан Сэмэнэбис олорор дьиэтигэр бараллар. Маайа ол баран иһэн судьуйа тугу ыйыппытын, Дьаакыбылап кулуба хайдах ыксаабытын, судьуйа: «Тахсыҥ, аны үс хонугунан суукка кэлээриҥ!» – диэбитигэр Дьаакыбылап биир сиргэ тэпсэҥнии туран хаалбытын барытын кэпсиир.
Маайа урут хаһан да куорат ыалын дьиэтигэр сылдьа илик. Киниэхэ бары-барыта сонун курдук көстөр. Куорат ыалын олоҕо тыа дьонун олоҕуттан букатын атын быһыылаах. Тыаҕа дьон ороннорун таҥаһын, утуйан тураат, хомуйан кэбиһээччилэр, оттон манна, Уйбаан Сэмэнэбис дьиэтигэр, эмиэ сытаары гыммыт курдук, ороннорун таҥаһын оҥорон кэбиһэр эбиттэр. Дьиэ иһигэр бэрт үгүс хартыыналар, дьон мэтириэттэрэ ыйанан тураллар. Тыаҕа бу курдук хартыынанан уонна мэтириэттэринэн саба ыйаммыт истиэнэлээх дьиэлээх ыал суох.
Оһох аттыгар сылабаар саҥа сыыгынаан тыаһаан эрдэҕинэ, таһырдьаттан нуучча оҕонньоро киирэр. Кини таҥаһа-саба мөлтөх, улаханнык тоҥмут быһыылаах. Күрэҥсийэн эрэр кугастыҥы бытыга кырыаран хаалбыт.
Нуучча оҕонньоро аа-дьуо таҥаһын сыгынньахтанар. Кини манна куруутун сылдьар, дьиэ туттан кэбиспит киһи быһыылаах.
– Кэпшэҥҥит? – диэн нуучча оҕонньоро, олурҕа да соҕустук буоллар, сахалыы хоп курдук ыйытар.
«Бу хараҕы урут хаһан көрбүппүнүй, бу саҥаны урут хаһан истибиппиний?» – диэн Маайа дьиибэргиир.
Бу Маайа билиминэ олорор нууччатын оҕонньоро – Аркадий Романович Эхов этэ. Кини Уйбаан Сэмэнэбискэ Маайа үҥсэр дьыалатын оҥороругар: «Бу мин үөрэтэ сылдьыбыт кыыһым быһыылаах», – диэн иһигэр сэрэйэ санаабыта. Уйбаан Сэмэнэбис Сүөдэрдиин Маайаны судьуйаттан аҕала баралларыгар кини, хойутаан, барсыбакка хаалбыта.
Маайа Аркадий Романович киириэҕиттэн биирдэ да саҥара илик. Ол иһин кини саҥатын истээри, Эхов, били Харатаайаптаахха олорон, Маайаны кытта хас сарсыарда аайы дорооболоһорун өйдөөн:
– Здравствуй, барышня, – диир.
Маайа икки имин хаана тэтэрэ түһэр. Ойон туран бу оҕонньору кууһан ылан ууруон баҕара саныы-саныы:
– Здравствуйте, – диэн симиктик хардарар.
– Барышня, тоҕо уруккуҥ курдук: «Здравствуйте, Аркадий Романович!» – диэбэккиний?
Маайа хайдах ойон турбутун бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалар. Кини Аркадий Романовиһы моонньуттан кууһан ылар уонна ууруу-ууруу:
– Бырастыы гын, Аркадий Романович… Мин эйигин хаһан даҕаны умнубаппын, – диэн сибигинэйэр.
Сүөдэр кэргэнэ ханнык эрэ нуучча оҕонньорун кууһан, уураан барбытын көрөн олорон: «Хайа, бу тугуй?» – дии санаан соһуйар.
Маайа учууталын Сүөдэргэ аҕалар.
– Мин кэргэним бу олорор.
– Үчүгэй кыыһы ылбыккын… Үчүгэй сүрэхтээх, – дии-дии Аркадий Романович Сүөдэргэ илиитин уунар. – Маайаны мин үөрэтэ сылдьыбытым…
Ити икки ардыгар сылабаар оргуйар. Дьиэлээх дьахтар чэй кутуталыыр. Уйбаан Сэмэнэбис арыгы туруорар. Маайа кэргэнин Сүөдэр уонна учууталын Аркадий Романович икки ардыларыгар олорор. Аһыы олорон, Эхов тоҕо кинини Маайа аҕата муустаах ураҕаһынан үүрбүтүн ыйыталаһар. Маайа аҕабыыкка абааһы даҕаны, таҥара даҕаны суох диэн учууталым этэр диэбитин кэпсиир.
Аркадий Романович өр соҕус күлэр, баһын быһа илгистэ-илгистэ:
– Эн аҕабыыкка ити курдук эттиҥ? – диэн ыйытар. – Даа, ол аҕабыыт кэлэн мэһэйдээбэтэҕэ, миигин үүрдэрбэтэҕэ буоллар, улахан үөрэхтээх барышня буолуоҥ этэ.
Ити курдук бэрт өр кэпсэтэллэр, ааспыты ахтыһаллар. Тиһэҕэр тиийэн, Маайа учууталыттан:
– Биһигиттэн барыаххыттан, Аркадий Романович, куруутун куоракка олороҕун дуо? – диэн ыйытар.
– Суо-ох, Саха сириттэн миигин сырытыннарбатах сирдэрэ диэн аҕыйаата… Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Верхоянскайга, Халымаҕа – барытыгар сырыттым. Мин ол сылдьарым былаһын тухары нуучча поэта Николай Алексеевич Некрасов «Ыһааччыларга» диэн хоһоонугар этэрин толоро сатаатым… Маайа, ол хоһоону биһиги үөрэппиппит ээ, өйдүүр инигин? – Аркадий Романович ойон турар, илиитин уунар:
Норуокка билиини ыһааччы!
Кыайан тахсыбат буору буллуҥ дуу,
Ыһар сиэмэҥ куһаҕан дуу?
Куттас сүрэхтээххин дуу? Күүскүнэн мөлтөххүн дуу?
Эрэйиҥ мөлтөх тахсыынан үөрдэр,
Үтүө сиэмэтэ аҕыйах!
Ханна бааргытый, сатабыллаахтар, үтүөкэннэр,
Ханна бааргытый, иһиккитин толору үүнээйилээхтэр,
Бэрт кыратык, сэмэйдик үлэни ыһааччылар,
Кимэн биэриҥ күүскэ!
Ыһыҥ! Өйдөөҕү, үтүөнү, үйэлээҕи,
Ыһыҥ! Нуучча норуота ис сүрэҕиттэн
Баһыыба диэҕэ эһиэхэ…
Аркадий Романович хоһоону ааҕан бүтэр. Дьиэ иһэ уу чуумпу. Арай курунньук курдук харааран хаалбыт истиэнэ чаһыта эрэ «тик-так, тик-так» охсоро иһиллэр.
– Мин Николай Алексеевич Некрасов бу хоһоонугар этэринии, өйдөөҕү, үтүөнү, үйэлээҕи ыһа сатыырга дьулуһабын. Мин ыспыт биир сиэмэм – эн, Маайа, бааргын…
Маайа бу олорон өйдөөн көрбүтэ – Аркадий Романович улахан кырдьаҕаһа суох эбит. Өскөтө бытыгын хорунара, сэнэх соҕус таҥаһы таҥнара буоллар, ким даҕаны кинини кырдьаҕас диэ суох.
Аркадий Романович Маайалаах үҥсүүлэригэр улахан кыттыыны ылыах буолар. Ол эрээри кини, юрист үөрэхтээх буолан, ыраахтааҕы суутун ис хоһоонун бэрт үчүгэйдик билэр. Чэйдии олорон дьонугар бу курдук кэпсиир:
– Эһиги аны үс хонугунан суут буоллаҕына, бу дьыала быһаарыллыа дии саныыргыт буолуо? Көрөөрүҥ да истээриҥ, эһиги дьыалаҕыт кэм тугунан эмэнэн тардыллыбыта эрэ баар буолуо… Дьыала төһө уһуур да, судьуйа тойон хармааныгар соччонон элбэх харчы киирэр. Билиҥҥи биһиги сууппут сокуона оннук.
Уйбаан Сэмэнэбис да, Маайа да Аркадий Романович этиитин итэҕэйбэттэр. Аны үс хонон баран хайаан да суут буолуо диэн эрэнэллэр. Ол эрээри кинилэр санаабыттарын курдук буолбат. Суукка Дьаакыбылап киирбэтэ диэн, судьуйа дьыала көрүллэрин тохтотор.
Уйбаан Сэмэнэбис судьуйаны кытта бэрт өр мөккүһэн көрөр да, туох да туһа тахсыбат. Судьуйа улахан бэриги ылан бу дьыала көрүллэрин уһата сатыыра көстөн турар этэ.
– Суут хаһан буоларын бэбиэскэнэн биллэриллиэ, – диэн судьуйа Маайалааҕы дьиэлэригэр утаартыыр.
Суут буолара уһаатар уһаан, тардылыннар тардыллан барар. Биирдэ Киллэмҥэ Маайаҕа бэбиэскэ аҕалбыттара суут буолар күнүн икки хонугунан хойутаан кэлэр.
– Тоҕо бачча хойутатан аҕаллыҥ? – диэн Маайа хорохооттон ыйыппытыгар:
– Миэхэ судьуйа тойон бүгүн туттарбыта… Хойутаабытын хантан билиэхпиний? – диэн хардарбыта анарааҥҥыта.
Маайа судьуйаҕа киирбитигэр, суукка кэмигэр кэлбэтиҥ диэн бэйэтин мөҥө тоһуйбуттара.
Сүөдэрдээх Маайа, дьыалалара быһаарылларын көһүтэн, ханна да атын сиргэ барбакка, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха олорбуттарын курдук олорон хаалаллар. Кинилэр урут хайдах үлэлээбиттэрэй да ол курдук үлэлииллэр. Кинилэргэ Лэгиэнтэй атыыһыт хамнас диэн тугу да биэрбэт этэ.
Бу кэмҥэ Маайа туһунан араас хоп-сип кэпсээннэр тарҕанан бараллар:
– Ити, Уйбаан Сэмэнэбис диэн киһи Лэгиэнтэй атыыһыттаах хамначчыт дьахталларын эриттэн арааран ылаары сылдьар үһү.
– Көрбөккүт дуо, Лэгиэнтэй атыыһыт ити хамначчытын ойоҕун Маайаны ойох оҥостон олорор үһү дии!..
Бу кэпсээннэри Барыылаах Мааппа диэн чэпчэки майгылаах дьахтар тарҕаппыта. Кини бэйэтэ кэргэннээх, икки кыра оҕолоох. Эрэ Сэлээппэ Сэмэн диэн, ыалы кэрийэн тахсар, хаартыны, арыгыны батыһа сылдьар киһи этэ. Кини, кыра соҕус да буоллар, ханнык эмэ үөрэхтээҕэ. Нууччалары кытта наадатын балкыһан кэпсэтэр этэ. Маайа Барыылаах Мааппаны көрүстэҕинэ куруутун сэмэлиир, саҥарар буолара. Мааппа, баҕар, онтон өһүргэнэн итинник сидьиҥ сымыйалары тарҕаппыта буолуо, ону ким билиэ баарай!
Төһө да кистэлэҥин иһин, киһи саҥарара, кэпсэтэрэ иһиллибэтэҕэ диэн суох. Ити сымыйа кэпсээннэр Маайа, Сүөдэр уонна Лэгиэнтэй атыыһыт кулгаахтарыгар, хойутаан да буоллар, иһиллэллэр.
– Дьон ону-маны саҥаран эрэр, иһиттигит ини? – биир киэһэ чэйдии олорон Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдээх Маайаттан ыйытар.
– Истэн, – диир Сүөдэр. – Сымыйалыыры баҕас сатыыллар.
– Чэ, бэйэҕит талыҥ, мантан антах хайдах буолаҕыт… Атын ыалы булан көһөҕүт дуу, манна хаалаҕыт дуу? – Лэгиэнтэй атыыһыт кинилэртэн ыйытар. – Мин эһиэхэ бэйэҕитигэр даҕаны, оҕоҕутугар Сэмэнчиккэ даҕаны олус ылларан кэбистим… Саҥа-иҥэ элбээбититтэн эрэ этэбин.
Сүөдэрдээх Маайа сыыйа-баайа дьукаах олордор ыалы ыйыталаһаллар. Оннук ыал сотору көстөр. Ол – аҕыйах сыллааҕыта кэргэнэ өлбүт Мотуруона эмээхсин. Кини, улахан дьиэҕэ суос-соҕотоҕун олорор буолан, Сүөдэрдээх Маайаны дьукаах ыларга үөрүүнэн сөбүлэһэр.
Сүөдэрдээх Маайа бу эмээхсиҥҥэ көһөн кэлэллэр. Кинилэр хамнастарыгар аахсан ылбыт сүөһүлээхтэр. Ол сүөһүлэригэр Лэгиэнтэй атыыһыт от биэрэн «абырыыр». Ол от иһин Сүөдэр кини таһаҕаһын Маачаҕа киллэрэн туттарыахтаах. Онон төһө да Лэгиэнтэй атыыһыттан көспүттэрин иһин, Сүөдэрдээх кини илиититтэн син биир кыайан тахсыбаттар.
* * *
Дьаакыбылап кулуба маҥнай утаа мировой судьуйаны «кэтирииҥкэ» харчынан көмөр, ол иһин дьыала көрүллэрин уһатар. Кини кулуба быыбара буолуор диэри бу дьыала туһунан ким да билбэтэр дии саныыр да, уобалас тойотторугар биллэ охсор. Онон Дьаакыбылабы бу быыбарга кулубанан туруортарбаттар.
Ол да буоллар Дьаакыбылап, «баайым элбэх, сотору бүтэ охсубат ини» дии санаан, холку этэ. Кини сотору-сотору судьуйа тойоҥҥо бэрик биэрэрин кубулуппат. Оттон дьиэтигэр аны уола Сүөдэркэ хаартынан иирэн турар, арыт түүн уоннуу сүөһүнү сүүйтэртиир. Баай, икки өттүнэн тэстэр иһит курдук, кудуххайдык баранан барар.
Егор Николаевич оҕонньор маҥнай утаа уолун Сүөдэркэни, хаартылыырын абааһы көрөн, мөҕөөрү, саҥараары гынарын кэргэнэ Огдооччуйа көмүскэһэрэ.
– Оҕоҕун саҥарыма. Эдэр киһи көрүлээтин ээ!
Сүөдэркэ, онуоха тирэҕирэн, кэнникинэн дьиэтигэр да көстөрө ахсааннаах буолан барар. Кэллэҕинэ да, сүүйтэриитин биэрэ эрэ кэлэр буолар.
Олох сатарыйдаҕына, бары-барыта наар аанньа буолан иһэр үгэстээх. Дьаакыбылаптаах да олохторо, ол курдук, улам сатарыйан, улам мөлтөөн барар. Хамначчыттар үрүө-тараа тарҕаһаллар. Үлэлиир киһилэрэ аҕыйыырын кытта тэҥҥэ Дьаакыбылаптаах баайдара улам уостар, мэлийэр.
Оҕонньордоох эмээхсин хас киэһэ аайы ардырҕаһар, этиһэр идэлэнэллэр.
– Ити барыта эн куһаҕаҥҥыттан, акаарыгыттан! – диэн Огдооччуйа оҕонньорун сирэй-харах анньар.
– Мин итинник эрэ буолуо дии санаабатаҕым ээ. Эн даҕаны «үчүгэй» этиҥ. Сылгыһыт ойоҕун көрөөт, үөхсэ тоһуйбутуҥ. Кинилэри киһилии көрсүбүтүҥ буоллар, баҕар, маннык буолуо суох этэ, – оҕонньор эмээхсинин сэмэлиир.
– Сылгыһыкка оҥорон биэрбит сымыйа биэксэллэргин ылбатаҕыҥ эмиэ мин буруйум ини? – Огдооччуйа ытаан хараҕын уута ньолҕоруйан барар.
– Эн даҕаны баарыҥ дии, тоҕо санаппатаххыный? – Дьаакыбылап оҕонньор абаккаран күргүйдүүр.
Маайа Дьаакыбылабы үҥсэр дьыалата сылтан ордук кэм устата мировой судьуйаҕа тутуллан сытар. Онтон Уйбаан Сэмэнэбис: «Судьуйа көрбөккө тутан сытыарар», – диэн Окружной суукка үҥсүү киллэрэн, аны бу дьыаланы онно ылаллар.
Эмиэ били мировой судьуйа курдук, Окружной суут председателэ Мельников тойон Маайаны уонна Дьаакыбылабы ыҥыртаран ылан, сирэй көрсүһүннэрэн олорон кэпсэтэр. Эмиэ сотору суут буолуо диэн эрэннэрэр. Дьаакыбылап аны Окружной суут председателигэр бэрик биэрэр, онон эмиэ дьыала көрүллэрин уһаттарар.
Кырдьыга, Дьаакыбылап бу дьыала көрүллэрин уһаттаран тугу ситиһэрин бэйэтэ да билбэт этэ. Кини саныыра: «Аҕыйах да кэм устатыгар сааттан куотуохха», – диэн. Итини таһынан кини уһуннук буспут эт амтанын сүтэрэрин кэриэтэ, уһуннук тардыллыбыт дьыала сымсыырын эмиэ билэрэ.
Ити курдук сыл кэриҥэ кэм ааһар. Дьаакыбылаптаах эбии дьадайаллар. Уоллара Сылластыгас Сүөдэркэ, маҥнай утаа кэм тугу эмэни сүүйтэлии сылдьыбыт буоллаҕына, аны аҥаардас сүүйтэрэр эрэ аатыгар сылдьар.
Уйбаан Сэмэнэбис, дьыала көрүллэрин уһатта диэн, аны Окружной сууту үҥсэр. Онон аны кинилэр дьыаланы Иркутскай судебнай палататын көрүүтүгэр көрдөөн ылаллар. Дьаакыбылап оҕонньор аны ол үрдүк суукка уруккутааҕар өссө улахан бэриги биэрэргэ тиийэр.
Дьаакыбылап оҕонньор бу аҕыйах сыл иһигэр хаар маҥан баттахтанар, кырдьан уҥуохтуун бүк түһэр. Кини, төһө да быһыта-хайыта тыыттаран ыалдьыбатар, улам мөлтөөн, күүһэ-күдэҕэ эстэн барар.
Сотору Дьаакыбылап биэрэр бэрик харчыта суох буолан хаалар. Сүөһүтүн атыылыан – сүөһүтэ бүтэр. Урут бурдук хаһаастаах буолаллара – аны бурдуктара мэлийэр. Оҕонньор ыксыыр. Онуоха эбии Мельников тойон: «Иркутскайтан харчы эрэйэллэр», – диэн биллэрбит.
– Дьэ, бу харчыны хантан булан биэрэбит?
– Хантан булуохпутуй, булар сирбит суох.
– Суох диэн батан кэбиһиллиэ дуо, хантан эмэ булан ыыттахха табыллар буоллаҕа дии, – Дьаакыбылап оҕонньор бардьыгынаан турар.
– Туоххун ылан харчы оҥороору гынаҕыный? Атыылыырбыт да аччаабыкка дылы дии, – Огдооччуйа оҕонньорун үрдүгэр түһэр.
Ити аата бу киэһэни быһа этиһэн маргыһан тахсар сылтахтара көһүннэҕэ. Ол курдук, бэйэ-бэйэлэрин буруйдаһан, киэһэни быһа этиһэн баран, Дьаакыбылап оҕонньор этэр:
– Аны кэлэн хаһан симэнээригин, эн симэх көмүскүн атыылыахха.
Огдооччуйа эмээхсин эрин диэки куһаҕан баҕайытык көрүтэлиир, хараҕын уутун соттор:
– Эн миэхэ оҥорторон биэрбит симэхтэриҥ дуо? Мин дьонум бокуонньуктар оҥорторон биэрбиттэрэ. Суох, биэрбэппин!
Дьаакыбылап оҕонньор, санаарҕаан саҥата суох олорбохтоон баран, ааттаһар:
– Өйдөө, көрдүүр харчыларын биэрбэтэхпитинэ, суут буолуо, кырдьар сааспытыгар, өлөр үйэбитигэр дьон күлүүтэ буолуохпут…
Огдооччуйа, хараҕын уутун сотто-сотто, хоһун иһигэр киирэн тахсар. Кини илин-кэлин кэбиһэр үрүҥ көмүс симэҕин уонна кылдьыы көмүһүн, кыһыл көмүс харыйа ытарҕаны, хас да биһилэҕи таһааран эрин иннигэр уурар:
– Дьоммор барарбар кэтэн барыам дии саныырым… Быстыахпыт дуо, атыылаатаҕыҥ дии.
Ити курдук, Дьаакыбылаптаах олохторо ыһыллан-бураллан, баайдара-тотторо баранар. Урут ахсаана биллибэт элбэх ынах сүөһүлэрин хонор даллара үрүҥ тэллэйинэн саба үүнэллэр. Кэмэ биллибэт үгүс сылгы сүөһүлэрэ аараабыт киэҥ тэлгэһэлэригэр аны сытыган эрбэһин ыга анньан тахсар. Урукку киэҥ хотоннорун сыбаҕа суох эркиннэрэ, өлбүт сүөһү агдакатын уҥуоҕун курдук, ардьайан көстөр буолаллар.
* * *
Маайа Дьаакыбылаптааҕы кытта үҥсүүтэ саҕаламмыта үс төгүрүк сыла туолар. Ити кэм иһигэр хайа да сүһүөх суут бу дьыаланы көрөн сууттаабат.
Арай биир киэһэ оҕонньордоох эмээхсин хантан харчы булабыт диэн санааргыы олордохторуна, уоллара Сүөдэркэ киирэр.
– Нохоо, харчылааххын дуо? – диэн аҕата оҕонньор ыйытар.
– «э, харчылааҕым буоллар, эһиги ыыспаҕытыгар киирэр этиэм, харчыта суох буолан кэллэҕим дии, – диир уоллара уонна: «Бу дьиэ иһиттэн киһи тугу тутан тахсыар сөптөөҕүй?» – диэбиттии, дьиэ иһин кэрийэ көрүтэлиир.
– Акаары, киэр буол, икки харахпар көстүмэ! – Дьаакыбылап бардьыгынаан тоҕо барар.
Кинилэр бу киэһэ, үс торҕоннообут бөрө курдук, киэҥ дьиэлэрин үс муннугар олорон, араастаан үөхсэллэр, этиһэллэр.
Ол киэһэ Дьаакыбылап дьиэтиттэн күүлэҕэ тахсар уонна «ох!» диэн хаһыытаат, хаҥас түөһүн уҥа илиитинэн саба туттар, бүк түһэн аргыый аҕай олорор уонна устунан сытан барар. Огдооччуйа эмээхсин, ону көрөн, сүүрэн бадаҥхалаан тахсар уонна, кэргэнин олордо сатыы-сатыы, уолун Сүөдэркэни ыҥырар:
– Тоойуом, таҕыс эрэ, аҕабыт туох эрэ буолла!
– Кыыһырбыта бэрдэ, сырыттын, – дьиэ иһиттэн уола хардарар.
Огдооччуйа кэргэнин олордо сатыы-сатыы:
– Туох буоллуҥ? Олор, – диир.
Оҕонньор этэ тымныйан барар. Огдооччуйа кэргэнэ өлбүтүн дьэ өйдүүр.
Дьаакыбылап өлбүтүн кэннэ сотору Маайа үҥсүүтэ көрүллэр уонна маннык уураах тахсар: «Нам улууһун инородеһа Егор Николаевич Яковлев Орто Бүлүү улууһун инородческай быраабатын кулубатын кыыһын Мария Семеновна Каратаеваны, саакка киллэрээри, хамначчыт уолун атыыһыт уола диэн таҥыннаран, сымыйа биэксэллэри биэрэн ойох ылларбыт. Бу быһыы Сокуон сводун тохсус томун 256 ыстатыйатыгар ыйыллар буруйданыы буолар. Онно олоҕуран, Иркутскайдааҕы Судебнай палата уурар: Дьаакыбылап кыыс саатын 5 мөһөөк харчыны төлүүрүгэр».
IIIКуораттан Намҥа аҕыйах хонон баран сэтээтэл тойон тахсар. Кини суут уурааҕын быһыытынан, Дьаакыбылаптаахтан биэс мөһөөк харчыны ылан, Сүөдэр Быладьыымараптаахха биэриэхтээх. Кини, Дьаакыбылаптаах баар баайдарыттан биэс мөһөөктөөҕү тугу да булумуна, улахан дьиэлэрин биэс мөһөөккө сыаналаан, Маайалаахха ылан биэрэргэ быһаарар.
Сэтээтэл тойон быһаарыытын Сүөдэр иһигэр сөбүлүү истибэт. Табыллара буоллар, кини харчытынан ыларын быдан ордоруо этэ. Оттон Маайа Дьаакыбылаптаах улахан, мааны дьиэлэрин ылар буолбутуттан бэркэ үөрэр. Кини бу сыллар усталарыгар баҕарбыт эрэ баҕата, санаабыт эрэ санаата: «Дьиэлэнэн, туспа ыал буолан олордорбут!» – диэн этэ.
…Маайалаах Сүөдэр алта сыллааҕыта, Дьаакыбылап баай хара батталыттан илиигэ тутуура, кэннигэ сэтиитэ суох күрээн барбыт суолларынан билигин Туоһахта диэн ынахтаах, биир тиҥэһэ бургунастаах, ньирэйдээх, Сэмэнчик уол көтөҕүүлээх көһөн иһэллэр.
Эмиэ саас кэлэн үгэннээн турар. Өлүөнэ өрүс, көмүөл мууһун аһаран, от-мас сэбирдэҕэ тыллан эрэр. Халдьаайы барыта, ньургуһун тыллан, дьэрэкээн ойуу буолан киэркэйбит.
Үрдүк мыраан чабырҕайыгар кэҕэ этэн чоргуйар.
Сөрүүн салгыннаах, мутукча сыттаах сиһи туораан, Нам улууһун сирэ көстөр үрдүк мыраан чабырҕайыгар тахсаллар. Кинилэр иннилэригэр Өлүөнэ өрүс барахсан киэҥ нэлэмэн хочото көҕөрөн көстөр. Бу Сүөдэр төрөөбүт сирэ, кинилэри ыҥырар курдук, күөх торҕонон симэнэн, киэркэйэн турар. Бу Нам улууһун сүрүн сирэ. Манна Нам улууһун баайдара, дьадаҥылара хас да нэһилиэк, аҕа уустара буолан, күрүө быыстаһан олороллор.
Сүөдэрдээх Маайа хайа чабырҕайыгар сөрүүкээн сынньана олороллор. Маайа биир сыл устата хамначчыттаан олорбут сирин – кэргэнэ төрөөбүт, Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээх олорор сирин – ахтыбыт курдук көрөр-истэр. Суох, билигин кинилэри ким да атаҕастыа суоҕа. Кинилэр аны баай ыал хамначчыттара буолбатахтар. Маайа Сөдүөччүйэ эмээхсини булан дьиэтигэр ылар санаалаах.
– Маайа, биһиги Киллэмҥэ киирэн иһэн манна тохтоон ааспыппытын өйдүүр инигин?
– Өйдөөмүнэ! «Дьаакыбылаптан куоттубут», – дэһэ-дэһэ, ити хочону одуулаһарбыт. Оттон билигин мин: «Хайдах эрэ бэйэбит ыал буолан, буруо таһаарынан олоробут?» – дии саныы-саныы ити хочону одуулаһабын, – диир үөрэн мичилийбит Маайа.
– Хайдах буолуой, ыал курдук ыал буолан олоруохпут буоллаҕа дии. Чэ, күммүт хойутаан хаалыа. Маайа, сирдэ көҕүрэтэ туруох!
– Сүөдээр, биһиги Сөдүөччүйэ эмээхсини бэйэбитигэр ылыахпыт… Сөп дуо?
– Сөп буолумуна… Эрэйдээх тыыннааҕа дуу, аны өлбүтэ эбитэ дуу?
Мыраан аннынан сыккыраччы сүүрдэр от үрэх талаҕар чыычаахтар ыллаан чырылаталлар. Үөһээ мыраан үрдүнэн элиэ, икки кынатын быластыы быраҕан баран, биир сири эргийэ көтө сылдьар. Чугас соҕус кэҕэ этэр. Ханна эрэ чугас үөккэ өтөн өөҕүргүүр.
Сүөдэрдээх, утуйан хаалбыт Сэмэнчиги уһугуннаран аһатан баран, эмиэ хаамсаллар. Сыыртан түһэн, кыракый үрэҕи туорууллар. Бэс арыыны быһа түһэр суолунан элгээн күрүөтүгэр тиийэллэр. Оол курдук Хомустаах нэһилиэгин таҥаратын дьиэтэ хоройон көстөр. Маайа таҥара дьиэтин көрөөт, били Киллэмҥэ киирэн иһэн, халлааҥҥа өрө көтөн тахсан эрэр күөрэгэйтэн: «Аан дойду үрдүгэр атаҕастабыл-баттабыл баарын таҥараҕа тахсан үҥүс эрэ!» – диэн көрдөспүтүн өйдүүр. «Кырдьык, ол күөрэгэй барахсан мин илдьиппин таҥараҕа тиэрдэн, бу ыал буолаары көһөн истэхпит дии», – диэн иһигэр махтана саныыр уонна таҥара дьиэтин кириэһигэр кириэс охсунан далбаатанар. Эмискэ ыраас хонууттан биир күөрэгэй чыычаах, эмиэ чырылыы-чырылыы үөһэ көтөн, икки кынатын илибирэтэ-илибирэтэ көтөн тахсан барар. «Күөрэгэй чыычаах, мин үтүө илдьитим, таҥараҕа мин махталбын тириэрт!» – диэн Маайа ботугуруур.
Ыкса киэһэ кинилэр Дьаакыбылап кулуба өтөҕөр тиийэллэр. Өтөх иһэ сытыган отунан саба үүнэн хаалбыт. Дьаакыбылаптаах улахан дьиэлэрин олбуорун маһын көтүрэн ылбыттар. Олбуор остоолболоро онно-манна, дьиэни манаан турар курдук, хороһон көстөллөр. Дьиэ аана, түннүктэрэ аҥайан, кэлбит киһини ыйыстан кэбиһиэххэ айылаах харааран көстөллөр.
– Сүөдээр, биһиги маннык дьиэҕэ хайдах олоробутуй? – Маайа куттаммыт куолаһынан ыйытар.
– Оттон Дьаакыбылаптааҕы манна олороллор диэбиттэрэ ээ, суохтар эбит дуу? – Сүөдэр олбуор баҕаналарыгар сүөһүлэрин баайталыыр.
Маайалаах Сүөдэр өйдөөн көрбүттэрэ били кинилэр олоро сылдьыбыт туруорбах балаҕаннарын аттыгар олбуор маһа, булгунньах курдук, өрөһөлөнө сытар.
– Маайа, эн манна оҕоҕунаан сүөһүлэриҥ аттыгар хаал. Мин Хамаҕатта ыалыгар бара охсон кэлиим… Маннааҕы чаччыына онно олорор буолуохтаах.
Маайа иччитэх балаҕан аана, түннүктэрэ оҥойон туралларын көрүтэлээн баран көрдөһөр:
– Сүөдэр, кытаатан түргэнник сырыт.
Сэмэнчик, сылайбыта бэрт буолан, ийэтигэр көтөхтөрөр. Кини сотору, ийэтин түөһүгэр төбөтүн ууран, утуйан хаалар. Көһүттэххэ, түргэн даҕаны бытаан курдук буоларын ким билбэтэ баарай! Маайа хараҕын Хамаҕатта ыалларыттан кэлэр суолтан араарбат. Сааскы күн кылайа киирэн барар.
Эмискэ били туруорбах балаҕан иһиттэн эмээхсин оронон тахсар. Маайа, ону көрөөт, уҥуохтара халыр босхо барыар диэри куттанар. Киниэхэ Дьаакыбылап ойоҕо Огдооччуйа эмээхсин кэлэн иһэр эбит. Биллэ кырдьыбыт, дьүдьэйбит, таҥаһа-саба мөлтөөбүт. Кини хас хардыытын аайы Сүөдэрдээҕи кыраан, ботугуруу сылдьар:
– …мин хараҕым уута, уулбут хорҕолдьун буолан, икки харахтарын тэһэ сиэбэт ээ!.. Саныыр санаам, кырыыр кырыыһым кутаа уот буолан хоруорда сиэбэт ээ!
Маайа, итини истэн, оҕотун Сэмэнчиги былаатынан сабар. Кини, ол сабан, Огдооччуйа кырыыһыттан оҕотун быыһыах курдук сананар.
Огдооччуйа Маайаны көрбөт быһыылаах, кырыы-кырыы дьиэ иһигэр киирэр. Истиэнэттэн мас долбууру көтүрэр тыаһа лиҥкиниир-лаҥкыныыр, уһун тоһоҕону субуйа тардан таһаарара, киһи куйахата күүрүөн курдук, хачыгырыыр.
Огдооччуйа, аантан иҥнэ-иҥнэ, көтүрэн ылбыт долбуурун көтөҕөн балаҕанын диэки барар.
Маайа дьолугар, сотору буолаат, Сүөдэр нэһилиэк чаччыынатыныын Оччороот Уйбаанныын кэлэллэр.
– Дьэ, бу туох ааттаах буоллахтарай? – диир Оччороот Уйбаан, дьиэ халҕана, түннүктэрин араамалара суохтарын көрөн. – Сэтээтэл тойон: «Тыытаайаҕыт!» – диэн сэрэтэн киирбитэ ээ… Бэйи эрэ, бу ыал букатын сатамматахтар ээ… Ити хайдаҕый?!
Оччороот Уйбаан, балаҕаҥҥа баран, Огдооччуйаны уонна Сүөдэркэни илдьэ кэлэн ыххайталыыр:
– Хайдах сэтээтэл тойон көрөрүгэр бары-барыта баарай да, ол курдук буолуохтаах! Сип-сибилигин барытын аҕалыҥ!
Сүөдэркэ хараҕын сиртэн араарбат. Кини ийэтин саҥаран ботугуруур:
– Мин эппэтэҕим дуо, тугу да тыытыма диэн… Киһи тылын истиэх бэйэлээх этиҥ дуо?
– Оҕом, Сүөдэр, баһыыба, тарбытыгар таралыйаҥҥын, хааһыбытыгар тотоҥҥун киһи буолан, биһигини ыал устун ыыппыккар!.. Эһиги да кэдэрги туоларгытын…
– Тохтоо! – Оччороот Уйбаан хаһыытыыр.
Бу Оччороот Уйбаан Огдооччуйа эмээхсини кытта ити курдук кэпсэтэрин Сүөдэр хаһан да истэ илигэ. Кини бэйэтэ билигин да бу эмээхсинтэн куттана-кыбыста саныы турар.
Сүөдэркэ, ийэтин көмүскэспит курдук, Оччороот Уйбаан диэки көрүтэлээн баран, көрдөһөрдүү этэр:
– Ийэ-э!..
– Саҥарыма! – эмээхсин ситэ этиппэт. – Оҕолорбун алгыы-таныйа кэлэн турабын. Мин, хааннаах хара көлөһүммүнэн туттубут дьиэбин ылан, ыал буолан, ыыс буруону таһаара кэллилэр буолбаат?!
– Ийэ-э, тохто-о! – Сүөдэркэ хаһыытыыр.
– Чыыбырҕаама! Эн үчүгэйгиттэн бу мин сордоох кырдьар сааспар, өлөр үйэбэр эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ буолан эрэр буолбаппыан?!
Сүөдэркэ, кырдьык, буруйдаах киһи быһыытынан, ах баран хаалар. Сэмэнчик, дьон саҥатыттан уһуктан, урут хаһан да көрө илик эмээхсинэ, хаһыытыы-хаһыытыы, куһаҕан баҕайытык көрө турарыттан куттанан, ийэтин кууһар. Төһө да саас кэлбитин иһин, күн киирэн, сөрүүн салгын сир үрдүн сабардыыр. Хамаҕатта ыалларын эдэр ыччаттара, мыраан үрдүгэр этэн чоргуйар кэҕэлэри кытта куоталаспыт курдук, үҥкүүлээн туойаллара иһиллэр.
– Кырыыр-таныйар баҕалаахпын! Ону ким бобуой?! – Огдооччуйа хаһыытаан бытарытар. Сөрүүн салгын кини саҥатын, иччитэх балаҕан эркиниттэн тэбиэһиннэрэн, ой дуораана оҥорон улаатыннара, кый ыраах илдьэ барарга дылы. – Мин эһигини, хара көлөһүммүнэн муспут баайбын-топпун аймаабыттары, алаһа дьиэбин алдьаппыттары, илбиркэй эҥээрдээбиттэри, бакыр сүһүөхтээбиттэри, ойуттубут олооччулаабыттары, кыраатаҕым буоллун! Эппит тылым иччитэ, эриэн кыыл буолан, эппэҥниир сүрэххитин эмэ сылдьыахтын! Олорор олоххут түҥнэри төлкөлөннүн, төрөтөр оҕоҕутун иэрийэр ыарыы буллун, иитэр сүөһүлэргитин күрүөлээмэҥ! Сотуун өлүү суолланнын, иирэр ыарыы эҥэрдэстин, оһол-соллоҥ олоҕурдун! Алаһа дьиэҕит аана оҥойдун, түннүгэ дьөлүннүн, унаар буруоҕут быһыннын!..
– Чаччыына, сип-сибилигин түннүктэри, аан халҕанын, долбууру буллартар! – эмээхсин кырыырын тулуйан истиминэ Сүөдэр хаһыытыыр.
Оччороот Уйбаан, дьиэ таһын эргим-ургум көрө-көрө, бардьыгынаан тоҕо барар:
– Эмээхсин, үчүгэйинэн этэбин, булан кулу!
Огдооччуйа булан эрэ биэриэх быһыыта суох, ытыыр икки ыллыыр икки ардынан эҥсэлийэн, этэр тыла эбии иччилэнэн, кыраабытын курдук кырыы турар.
Маайа, эмээхсин кырыырыттан-таныйарыттан кыыһыран-абаран кэлэр:
– Хамначчыт дьонноргун хара хаанынан ытаппыт сэтиҥ-сэмэҥ дьэ ситтэҕэ дии! Оннооҕор өргөс кылааннаах хатан мутуктан сынтарыйар буолбаат, эһиги да хара дьай быһыыгыт-майгыгыт сэтэ туоллаҕа дии… Били икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээҕи төһө ытаттыгыт этэй?!
Огдооччуйа эмээхсин, Маайаны ити эрэ курдук этиэ диэн көһүппэтэх буолан, тайаҕынан батары анньыах курдук туппутунан турбахтаан баран, куттаммыт курдук, кэннинэн тэйэр:
– Эн дьонуҥ эмиэ баай сурахтаахтара, төрөппүттэргэр эмиэ ити миэхэ эппитиҥ курдук этэр инигин?
– Этиминэ… Кинилэр даҕаны, хамначчыттарын көлөһүннэринэн байбакка, туохтарынан байбыт үһүлэрий?.. Атыттара эрэ диэн, сорохтор хамначчыттарын арыый аҕай киһилии туталлара буолуо, онтон атын туох уратылаах үһүгүт, – Маайа, ыал хамначчытын ыарахан, эрэйдээх олоҕун олорбут, билбит буолан, ити курдук утары этэр кыахтаах.
Этиһии тахсаары гыммытын көрөн, Оччороот Уйбаан ыксыыр. Кини суут уурааҕын быһыытынан, Дьаакыбылаптаах дьиэлэрин туттарар эбээһинэстээх. Ол иһин дьиэ түннүктэрин араамаларын, аан халҕанын көрдөөн сүүрэр-көтөр да, тугу да булбат.
Сүөдэр ампаар аана хатыылааҕын көрөр:
– Уйбаан, ампаары астаран көр.
Огдооччуйа эмээхсин, итини истээт, сирэйдиин кубулуйа түһэр уонна, ампаар ааныгар тиийэн, икки илиитин быластаабытынан турунан кэбиһэр.
Оччороот Уйбаан онно ынан тиийэр:
– Үчүгэйинэн бу ампаар күлүүһүн тылын аҕал.
– Миигин өлөрөн баран биирдэ киириэххит… Көр эрэ, кинилэр муспут баайдара үһү. Суох, кими да тыыннаахпар ампаарым иһигэр киллэриэм суоҕа…
Оччороот Уйбаан, эмээхсин хаһыытыттан чаҕыйан, киэр тэйэн биэрэр.
Бу мучумааҥҥа, этиһиигэ түүн ыраатар. Сүөдэр күнү быһа аһаабакка сатыы хааман, манна мучумааннанан улаханнык сылайар, аччыктыыр, кыыһырар.
– Эмээхсин, аһаҕын дуу, алдьатан киирэбин дуу?
– Кырбаа! Ороспуонньук, кырбаа!.. Оҕобун кырбаан тураҕын, аны миигин кырбаары гынаҕын дуо?!
Сүөдэркэ кэлэн, ийэтин ампаар ааныттан киэр сосуһа сатыыр да, эмээхсин хата халбарыйыах эрэ быһыыта биллибэт.
Сүөдэр, эмээхсини киэр анньан баран, халҕаны туох баар күүһүнэн тэбэр. Халҕан, ытыыһа төлө барыах курдук, ортотунан хотос гынар. Сүөдэр иккистээн тэбэр, аан, хаба ортотунан арахсан, икки аҥыы аҥас гынар.
Түннүктэр араамалара, ааннар халҕаннара, остуоллар бүтүннүү ампаар иһигэр бааллар эбит. Сүөдэр Огдооччуйа эмээхсини хаһыытаппытынан, сарылаппытынан ампаар иһиттэн дьиэтин тээбиринин барытын таһаартыыр.
Сүөдэркэ, ийэтин быһыытыттан туох да туһа тахсыа суоҕун көрөн, эмээхсини ытаппытынан-соҥоппутунан, ыһыытаппытынан-хаһыытаппытынан балаҕан диэки соһон илдьэ барар.
Оччороот Уйбааҥҥа көмөлөһүннэрэн, Сүөдэр дьиэтин түннүктэрин уурталыыр, аанын халҕанын олордор. Ол да буоллар Маайа бу дьиэ иһигэр киириэн хайдах эрэ куттана саныыр. Кини, Огдооччуйа эмээхсин кырыырын, ытыырын-соҥуурун истэн, бу курдук ытатан-соҥотон туран да киирбит дьиэ диэн – киһи үчүгэйдик олорбот дьиэтэ буолуо ээт дии санаан, атын сиргэ ханна баҕарар баран олорор баҕалаах.
– Сүөдээр, мин бу дьиэҕэ киириэхпин куттанабын…
– Туохтан куттаннаххыный?.. Чэ, хата, киир, – Сүөдэр, Маайа ис санаатын билбэт буолан, тиэтэтэр.
Сотору соҕус Оччороот Уйбаан, суут уурааҕын толорон, Дьаакыбылаптаах дьиэлэрин Сүөдэр Быладьыымарапка туттаран барар.
Сүөдэр дьиэтин аанын иһиттэн хатанар, оһоххо уот оттон чэй кыынньара туруорар. Сэмэнчик, ороҥҥо утуйан, муннун тыаһа буһурҕаан иһиллэр. Маайа иһитин уган аҕалбыт туос ыаҕаһын сүөкүүр. Огдооччуйа эмээхсин, оҕолорун былдьаппыт бөрө курдук, дьиэни тула хаама сылдьан кырыыр-таныйар.
Сүөдэрдээх сылайбыттара бэрдиттэн, сытаат, сотору утуйан хаалаллар. Маайа сарсыарда күн үөһэ ойбутун кэннэ уһуктар. Кини туран соҕотоҕун таһырдьа тахсыан билигин да куттанар, Сүөдэри уһугуннарар. Кинилэр иккиэн таһырдьа тахсаллар. Огдооччуйа эмээхсин, сирэйдиин-харахтыын буор-сыыс буолан боролуйан баран, олбуор маһын сосуһа сылдьар эбит.
Маайа, эмээхсини көрбөтөх, кини саҥатын истибэтэх курдук, икки ынаҕын ыыр. Сүөдэр, өрүс боротуокатыгар киирэн, уу баһан таһаарар. Чэй өрүнэллэр, күөс күөстэнэллэр.
Оһох турбатыттан күөх унаар буруо солко таҥас курдук сыыйыллан тахса турарын көрөн, Огдооччуйа балаҕаныгар киирэр. Сүөдэркэ утуйа сытар. Эмээхсин, уолун бакыр мутук тайаҕынан охсуталыы-охсуталыы, хаһыытыыр:
– Ыт сирэй, киһи эбитиҥ буоллар, мин сордоох икки хараҕым уутун сотуоҥ этэ…
– Ийэкээ, тугу этэргин барытын толоруом, – диир Сүөдэркэ ийэтэ кырбыырыттан куотаары.
Огдооччуйа эмээхсин, уолун аттыгар ороҥҥо олорон, сибигинэйэр.
– Сиринэн-дойдунан сылдьарыҥ эрэ бэрт дии… Сураҕын иһиттэххэ, ити Сылгыһыт ойоҕо манна күрээн кэлбитин кэннэ, «өлбүт, үөр буолбут» диэн айдаара сылдьыбыт сурахтаахтара ээ… Эн ити дьахтары «өлбүт уонна үөр буолбут» диэн кыырбыт Сыгынньах ойууну дуу, кини кэргэнин Алыһардаах удаҕаны дуу бу диэки ыҥыран аҕалан кыырдыбаккын ээ… Оччоҕо эрэ биһиги ити дэриэтинньик дьахтарыттан быыһаныа этибит.
Сүөдэркэ тугу да өйдөөбөт. Кини ийэтэ туох санааттан оччо ыраах сиртэн ойууну дуу, удаҕаны дуу аҕалтарарын билбэт. «Ойуун абааһытыгар сиэттэрээри гынар бэйэтэ дуу?» – дии санаан, ийэтиттэн ыйытар:
– Ол ойууну дуу, удаҕаны дуу тоҕо аҕалабыный?
– Оо, хаһан өйдөнүөх муҥҥунуй? – Огдооччуйа эмиэ энэлийэн барар. – Хара да кырыыһым баар буолар эбит… Саатар эн, киһи курдук, өйдөөх да буолбаккын…
– Өйдөнүөм, ийэкээ, өйдөнүөм.
– Чэ, тоойуом, ол ойууну дуу, удаҕаны дуу – хайалара сөбүлэһэрин – аҕалларгын эрэ, мин бэйэм кэпсэтиэм.
Күн саҥа соҕуруулаан эрдэҕинэ арҕааттан быһыттаҕас былыттар өрө сүүрэн тахсаллар, сиккиэр тыал сир кырсын отун тараан эрэрдии сыһыары охсор. Алдьаммыт дал кэтэҕэр турар арыы тыа маһа, тыалга баарыстанан, ытаан-соҥоон эрэрдии суугунуур.
Сүөдэрдээх Маайа туруорбах балаҕаҥҥа олорор Огдооччуйа эмээхсин уолунаан бу күн тугу кэпсэппиттэрин, сүбэлэспиттэрин сэрэйбэт да, таайбат да этилэр.
«Билигин бэйэбит ыал буолан, буруо таһааран олоруохпут!» – дии саныыр Маайа дьиэтин истиэнэтин, муостатын, балаҕанын үрдүн, түннүктэрин араамаларын итии уунан сууйа сылдьан.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.