Текст книги "Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор"
Автор книги: Валентина Семенова
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 5 страниц)
Вениамин Миронов
КЭМСИНИИ ТУҺУНАН
Кэмсинии баар
Бары дьаҥтан
бастыҥ эмп:
Үтүөмсүйүүттэн,
Өйдөөҕүмсүйүүттэн,
Улахамсыйыыттан
Уонна да эҥин-араас
Эгэлгэ куһаҕан быһыылартан.
Билэр киһигин
Сиилээн хоһулуоҥ,
Чугас доҕоргун
Үөхсэн да туруоҥ…
Ааспытын кэннэ
Алҕас кэбилэнним диэн
Анаара санаан
Аһарына сатыаҥ —
Ол кэбэр быһыыгын,
Ол кэһэхтээх тылгын.
Тыл
тэһии чыычаахтыы
Көттө да —
тутуоҥ суоҕа,
Тыыннааҕыҥ тухары
Кэмсинии,
дьэ,
сордуоҕа.
Аны,
хаһан да,
Айахтаппат буолуум
Ааргы тылы,
Отой
уонна, дьэ,
Оҥостубат буолуум
Олуона быһыыны.
Кэмсинэммин —
Киһи дьүһүлэниэм,
Кэмсинэммин —
Кэрэҕэ тиксиэм.
Семен Маисов
КЭМСИНИИ
Төрөөбүт төрүт сир кэрэтэ
Туспа дойдуларынан
Туоххаһыйа тэлэһийэн сырыттахха,
Ордук күүскэ өйдөнөр.
Төрөөбүт төрүт тыл кэрэтэ
Атын омуктардыын
Атыннык алтыһан саҥардахха,
Ситэри ситэн сыаналанар…
Чугас киһигин чугурутан баран
Чуҥкуйдаххына эрэ —
Чычаас санааҕыттан кэлэйэн,
Чанчыгыҥ кылбайар.
Доҕор киһигин доҕолоҥнотон баран
Долгуйдаххына эрэ —
Дааргы өйгүттэн кэмсинэн,
Дар уҥуох хаҕыҥ хаалар.
Икки атах Орто Дойдуга
Олох олорорун тухары
Омнуо майгытыттан
Отох дьылҕаланар.
Туора харахтаах сир үрдүгэр
Сириэдийэрин тухары
Сиппэтэх санаатыттан
Ситэри тыллыбат…
Сайа
Этиэхтээхпин эппэтэҕим
Биир кэрэ да киһиэхэ.
Кэлиэхтээхпин кэлбэтэҕим
Кэлтэй хаалбыт киэһэҕэ.
Кэмсинии!
Аны кэлэн кэмсинии,
Аанай тылга ытаныы,
Ааспыт дьолу аһыйыы…
Олох уута таҥнары
Устубатын билэбин,
Ол да буоллар утары
Тыалга тылбын ыытабын:
Этиэхтээхпин этээри,
Кэлиэхтээхпин кэлээри,
Кэмсинэрбин тиэрдээри…
Леонид Попов
КЭМСИНИИ
Соҕотох буоллахпына,
Сорох ардыгар
Кэмсинии дууһабар
Киирэн кэлэр,
Кэмсинэбин —
Киһи буоллун да итэҕэйэн,
Кирдээх-хохтоох дьоҥҥо
Кииртэлээн биэрэрбиттэн.
Кэмсинэбин —
Туохха эрэ
Дубук туттан,
Туора дьон хараҕар —
Туоратык көстөрбүттэн.
Кэмсинэбин —
Арыт алҕаһаан кэбиһэн,
Атааннаах дьонум айаҕар
Аһылык буоларбыттан.
Кэмсинэбин —
Кыайыахпын да кыайбакка,
Кыраттан тэптэрэн,
Кыһалҕаҕа киирэрбиттэн.
Ол эрээри
Айхалланыах айылааҕы
Айхаллаан-уруйдаан,
Ааҕааччыларбар ааттаннаҕым.
Этиллиэх айылааҕы
Этэн-тыынан
Элбэх дьон уоһугар киирдэҕим.
Сириллиэх айылааҕы
Сирэн-сэмэлээн,
Син тугу эмэни туһалаатаҕым.
Атын дьон айаҕынан
Айдаарбытым диэн суох.
Туспа киһи куолаһынан
Тойук туойбатаҕым.
Бэйэм бигэ тыллаахпын,
Бэйэм ыллыыр ырыалаахпын,
Ол буоллаҕа буолуо
Олорор олохпор
Улахан дьолум диэн!
Сардаана Амгинская
Буруйданыыга тиийбэт куолу,
Буруйданан суолгун быстыма.
Бэйэҕэр накаастабыл булан
Баай-тала кэлиэн бытаардыма.
Киһи саныыр санаата, өйө,
Эппит тыла иччилээх эбээт!
Эн үчүгэйи ыраланаат,
Туолуутун тоҕо тохтотоҕун?
Тоҕо санаанан үрэйэҕин,
Дьол кэлэрин кэбирэтэҕин?
Тоҕо эн бачча сааскар диэри
Бэйэҕин сатаан ылыммаккын?
Буруйданыма, бырастыы гын,
Олоххор эрэлинэн эрдин!
Санааҕын түһэримэ
Иван Гоголев
САНААҔЫН ТҮҺЭРИМЭ
Сырдык күнүс кэнниттэн
Санньыар киэһэ буолуоҕа,
Сандал күнүм мунчааран,
Саҕах уҥуор саһыаҕа.
Санааҕын түһэримэ,
Түһэримэ санааҕын,
Күннээх ыраас сүрэххэ
Күнүм киирбэт букатын.
Сэмэй чуумпу кэнниттэн
Силлиэ-буурҕа буолуоҕа,
Силистэри сиҥнэстэн,
Симэхтээх тиит сууллуоҕа.
Санааҕын түһэримэ,
Түһэримэ санааҕын,
Ханнык да тыал тоһуппат
Хаҥыл санаа кынатын.
Хаарыан сайын кэнниттэн
Хахсаат кыһын кэлиэҕэ,
Хагдарыйан, иинээхтээн,
Хампа күөҕүм өлүөҕэ.
Санааҕын түһэримэ,
Түһэримэ санааҕын,
Тойук-ырыа сылытар
Тоҥуй дьылҕа дьыбарын.
Николай Литвинцев
КУТТАЛ МИИГИН ЭРГИЙЭР
Куттал миигин эргийэр
Кутуруга куйбараҥныы,
Өйбүн-санаабын эрийэр
Ытыран баран ыыппаттыы.
Онтон уҥуох салҕалыыр
Ууну испит сылгылыы,
Албынынан өрө салыыр
Сымыйанан кууспахтыы.
Онтон… Хааллан турбут уу
Хаатын тоҕо түһэринии,
Мин уһуутуу-уһуутуу
Киэр үтэйдим кинини.
Үтэйдим өрүү даҕаны
Өстөөҕүм курдук саныы,
Быһыта сыстым быаны
Быһыттар чаҕылҕанныы.
Уонна уолан бэрдинии,
Ойон турдум сµһүөхпэр,
Сүгэһэрбин түһэрбиттии,
Олус чэпчээтим үөрүүбэр.
Оо, доҕоттоор, кутталы
Кутурук оҥостумаҥ,
Сымыйаны, албыны
Төрүт чугаһатымаҥ.
Уотунан да салаатыннар,
Арыынан да соттуннар,
Киллэримэҥ кутталы
Уотта ыытыҥ утары.
Алампа
Тохтоон, болҕой,
Тоҕо оннугуй,
Томоонноон толкуйдаа!
Уһугун, уоскуй,
Уларый-тэлэрий,
Урааҥхай уола!
Көр-иһит,
Көччүй, көрүлээ,
Көмүһүм оҕотоо!
Араас адырҕайы
Ардах-хаар курдук
Аһаран аралдьый,
Эгэлгэ эрэйи
Элэк-күлүү көрдүк
Этэн-иҥэрэн ис,
Күлүктээх күннэри
Күлүү-элэк көрдүк
Күрэтэн көр!
Мэлдьи билгэлиир буолбат,
Ааспат адьас анаммат,
Барыта баранар,
Урукку уларыйар,
Эҥин эргийэр,
Эгэлгэ буолар
Эбээт, оҕолоор…
Туппуту ыһыктыбат,
Санаабыты саҥарбат
Төрүт түктэри…
Сардаана Амгинская
Тойон улаатымсыйбытыттан
Аһары күүскэ хоргутума,
Бардам быһыы хаарыйбытыттан
Ыгылыйан эн сүөм түһүмэ.
Норуот эрэ тылын иһиллээ,
Боростуой дьон сүрэҕин иһит,
Өйдүүр эрэ киһилиин алтыс,
Сэнэбили доҕор гыныма.
Уолуйууга эн бэринимэ,
Доҕор курдук бэйэҕин өйөө.
Сөбүлээн санааҕар туппутуҥ
Төннө туруоҕар итэҕэйэн.
Күүстээх буол, доҕоор, куттаныма.
Киһи буоларгын эн умнума.
Николай Чуор
МУНЧААРЫМА
Киһи эрэ кэһиэхтээх тыла
Кэҕиннэримэ ырабын,
Хата, миэхэ дойдум тыала,
Тиһиий сырдык ырыабын.
Үтүө эрэ күммэр-дьылбар
Үмүөрүһэр доҕоттор,
ОрооһумаІ дьылҕабар —
Барыта орун-оннугар.
Орун-оннугар барыта:
Олоҕум, кэлэр кэмим,
Санаам сырдык ырата,
Сынтарыйбат эрэлим.
Бэйэбэр бэйэм эрэлим
Миэхэ күүһү биэрэр,
Ардыгар олох эрэйин
Ааһарбар көмө буолар.
Оттон Эн, эдэр сааһым
Үргэммэтэх ньургуһуна,
Ньургуйаана буоллаххына,
Букатын мунчаарыма!
Семен Маисов
ҮҮНЭР ДА ҮҮНЭР…
Олох хаҕыс тыыныгар
Охсуллан,
Ардыгар үлтү да
Тэпсиллэн,
Төһө да
Түгэҕэ биллибэт
Ыар санааҕа
Ыллардарбын —
Ытырыык от курдук
Сырдыкка тардыһан,
Сылын аайы, мэлдьи —
Үүнэ, чэчирии эрэ
Турбут киһи баар ини…
Николай Литвинцев
ТАЛАС ҮРДҮККЭ, КЭРЭҔЭ
Талас үрдүккэ, кэрэҕэ —
Ол буолар киһи айылҕата.
Олоххор үгүстүк күн киириэҕэ,
Күн тахсыаҕа сарсыарда.
Хас күн барыта халтайга
Кэлэн ааһара табыллыбат,
Эбэтэр үгүстүк хайҕалга
Сылдьарыҥ эмиэ кыаллыбат.
Онон, дьэ, бэйэҥ кыаххынан
Саҥа суолларда тобул, ай
Уонна ол баҕалаах ыыргынан
Үтүмэн үрдүккэ дабай.
Айылҕа оҕото буолаҕын,
Талас үрдүккэ, кэрэҕэ,
Сатаммат муомуран хааларыҥ,
Сытар уу дьылҕата кэлиэҕэ.
Василий Саввин
Мин бүгүҥҥү хомолтом,
Мин бүгүҥҥү хотторуум —
Букатын да буолбатахтар
Бүтэһиктээх бэриниим!
Ити – саҥа киирсиилэргэ
Илбиһирдэр, имэҥирдэр.
Ити – өссө бэйэм күүспэр
Эрэллээхпин итэҕэтэр.
Бүгүҥҥү мин хотторуум —
Баара эрэ бэрэбиэркэ!
Хаһан да, туохха да мин
Хаалбат киһибин иэскэ!
Эр санаалаах буол
Николай Чуор
ЭРДЭЭХ БУОЛ
Эрдээх буол, эр киһи буоллаххына,
Эрэйи да билэр түгэннэргэр,
Эт сүрэххинэн суолгун тобуллаххына,
Эрэлгин сүтэримэ үтүө күн
үүнэригэр!
Үүнүөхтэрэ, доҕоччуок, оннук
күннэр,
Ґөрдүөхтэрэ күлэр күннүү
мичээрдээннэр,
Үчүгэйи өлбөөдүппэт туһугар
Үйэлээх тапталбытын
харыстыырбыт буоллар.
…Уол оҕо саадаҕын үстэ курданар
Уорааннаах күннэр уораҕайдарын
туорууругар,
Уолуйуо суохтааххын уордаах да
кэмнэргэ
Умсулҕаннаах дьолго дьулуһар
буоллаххына.
Моисей Ефимов
УОЛБАР
Мин курдук арыт эмиэ санааргыаҥ, санньыйыаҥ,
Эйиэхэ да баар буолуохтара ыарахан күннэр.
Олох диэн, дьэ, оннук. Сатаммат, уолчааныам,
Олохтон аҥаардас үөрүүнү көһүтэр.
Аҥаардас көр-нар аргыстаах олох диэн
Баар буолуон сатаммат. Ол көлдьүн күүгэн.
Чэпчэки буолбатын эйиэнэ олоҕуҥ:
Лыҥкынас ыстаал дуу, көмүс дуу буоллун.
Ыстаал төлөҥҥө уһаарыллан хатарыллар,
Көмүс кири иҥэрбэт, дьэбиҥҥэ да сиэппэт.
Ким олох долгунун күөнүнэн көрсүһэр —
Ол киһи суола көдьүүһэ суох сүппэт.
Арбита
Моһуоктан, эрэйтэн
Мунааран, чаҕыйан,
Кыайтарар күүскүттэн
Куттанан, чугуйан —
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Хабараан суоллартан
Хааннаргын хамсатан,
Өстөөҕүҥ атаҕар
Таҥнары хаптайан —
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Үктэнэр сирэ суох
Үүрүллэн да баран,
Эрэйгэ, кырыыска
Этиллэн да туран —
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Хандалы да быаҕа
Хантаччы баайыллар
Хараҥа күн кэлэн
Хаайбытын иннигэр —
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Суола суох өлүүнэн
Өлөрүҥ да кэллэр,
Суобаскын сүтэрэн
Күөрэйиэҥ да буоллар —
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Наталья Харлампьева
Кытаанах буол. Кытаанах.
Сыыспыт да күннэргэр.
Саҥа күүһү бул сатаан
Алҕаскын билинэргэр.
Доҕор-атас хайаан да
Өйүү-өйдүү сатыаҕа.
Кыһытан, сиилээн да ааһар
Эйигин суолгар көрсүөҕэ.
Ол да буоллар, бука диэн,
Сыыһаҥ, абаҥ ыараханын,
Чугастыы, доҕор санныгар
Сүктэримэ барытын.
Кытаанах буол. Кытаанах.
Сыыспыт да күннэргэр.
Бэйэҥ бэйэҕэр итэҕэйэн,
Доҕотторгун эрэннэр.
Саргылаана Гольдерова
Билбэтиҥ дьулатар,
Өйдөөбөтүҥ өсөһүннэрэр,
Сатаабатыҥ салыннарар,
Баҕарбатыҥ санньытар
буоллаҕына, —
Билбэккин билэ сатаа,
Өйдөөбөккүн да өйдүүргэ кыһалын,
Сатаабаккын да сатыы үөрэн,
Оччоҕо эрэ
Баҕарбатах барбах үлэҥ даҕаны тупсуоҕа,
уонна бэйэҕэр итэҕэлиҥ күүһүрүөҕэ —
диэн түспэтийбит сүрэх эппитэ,
Көтүмэх буолартан сэрэппитэ.
Василий Саввин
КҮҮСТЭЭХ БУОЛ!
Сананыма хаһан да
Бэйэҕин намтатына,
Кыаллыбат элбэх буолааччы
Олоххо тутатына.
Ити эрээри ол ааһыаҕа —
Түүнү күнүс солбуйарыныы,
Кытарбыт сойорунуу,
Үрбүт ыт тохтуурунуу…
Кыһалҕатын, хомолтотун
Күүстээх киһи кыатанар.
Мөлтөх кэпсээн ыһа сылдьар,
Өлбүт-быстыбыт кини буолар!
Баал Хабырыыс
ДАБААН
Оо, дабаан! Үрдүк да дабаан!
Муҥура суох дуу дэһэбит.
Сүрэҕиэм, биһиги хайаан
Бүтэр чыпчаалга тиийэбит!
Сүрэҕиэм, баар сындалыйыы,
Сынньаныах диириІ баа буолбат,
Ыарахан сыыры наар тахсыы —
Оннук эбээт олоххо суолбут.
Кэбис, көрүмэ кэннигин,
Куһаҕан эрдэ аккаастыыр!
Өссө даҕаны биһиги
Кыахтаахпыт салгыы айанныыр.
Сылайбыт-элэйбит иһин
Син биир, чэ, өрө дабайыах!
Арай тулуура суох киһи
Чаҕыйан таҥнары барыа.
Эрэн бэйэҕэр
Саргылаана Гольдерова
ЭРЭН
Эрэн кэлэр кэм
Кэрэнэн иэйэр сибикитигэр.
Эрэн сир сибэккилэрэ
Үтүөнү үксэтэр эйгэлэригэр.
Эрэн таптал өлбөт үйэтин,
Эрэн тапталыҥ төннөр түгэнин.
Эрэн. Эрэлэ суох эйэ да, кэрэ да үөскээбэт,
Эрэй-муҥ хаһан да эйигиттэн тэскилээбэт.
Эрэн —
Кырдьык хаһан баҕарар кырдьыгын булуо.
Эрэн —
Сымыйа хаһан эмэ, хайаан да сымыйата уолуо.
Эрэлгин эһимэ олох дьэбэрэтигэр
Тимирэн да иһэҥҥин,
Алдьархай аһыы хараҕын ууларын
Чачайа да иһэҥҥин.
Эрэн.
Эрэн —
Олох үгүс дьиктитигэр,
Төлкөҥ үтүө илдьитигэр!
Эрэн —
Хараҥа сабардыыр да түүнүгэр
Сырдык санаа күүһүгэр.
Эрэн —
Дьол-соргу түмүллүүтүгэр
Үрдүк көҥүлүҥ эргиллэр
Өрөгөй күнэ үүнүүтүгэр!
Эрэн.
Афанасий Чугунов
ЭРЭЛ
Эрэнэҕин эйэ, ил
Эн олоххор тэнийиэҕин,
Киһи аймах доҕордоһо
Күн сиригэр олоруоҕун.
Эрэнэҕин дьиэҥ иһэ
Эрэл тыына эҥээрдэниэн,
Кэбирэтэр дьаҥ, дьыбар
Кынатынан таарыйымыан.
Эрэнэҕин хара санаа
Эн уйаҕар кииримиэн,
Оҥостон оҕунан ыппыта
Ойоҕоскун эчэтимиэн.
Эрэнэҕин кэргэниҥ,
Иэримэ дьиэҥ киэргэлэ,
Санааргыыр, сылайар күннэргэр
Иэйиитинэн угуттуоҕун.
Эрэнэҕин тапталгар,
Күлүмнэс күндү баайгар,
Орто дойду саамай кэрэ
Кыыһар талым бэлэҕэр.
Эрэнэҕин оҕолоруҥ
Дьоһун ыал буолуохтарын,
Ситим салгыах ыччаты
Бытырыыстыы ыйыахтарын.
Номох буолбут кэс тылы
Үөрэтэ, өйдөтө этэллэр,
Киһи күүтэр эрэлэ
Бүтэһиккэ тыына быстар!
Наталья Харлампьева
Орто дойду киһитэ
Тугу эрэ итэҕэйэр.
Туохха эрэ таҥаралыы
Кини үҥэр-сүктэр.
Сорох – үтүө өрөгөйүгэр,
Киһи киһиэхэ эйэтигэр.
Сорох – дьон өһүөнүгэр,
Ымсыы, иҥсэ илбиһигэр.
Үтүө киһиэхэ дьон, олох
Үтүөнэн эргийэллэр.
Өһүөннэһэр сордоох
Эрэй-муҥ эҥээрдэнэр.
Төһө да бүдүрүйдэрбин, —
Үрдүктүк, ыраастык мин
Үтүөҕэ сырдык итэҕэлбин
Олох устун илтэрбин.
Леонид Попов
ЭРЭЛИМ – ИТЭҔЭЛИМ
Хаһан да куотума
Миигиттэн, эрэлим.
Хаалларыма миигин
Хагдарыйбыт кытылга.
Хаалларыма даа миигин,
Эрэлим – итэҕэлим!
Эрэлэ – итэҕэлэ суох
Эстэбин, бүтэбин —
Күнү да туораабаппын,
Түүнү да туораабаппын.
Эрэлим – итэҕэлим,
Иннибин эрэ сырдат! —
Ханнык баҕарар хараҥаҕа,
Ханнык баҕарар хара тыаҕа
Мунуом суоҕа: суолбун булуом,
Охтуом суоҕа: суолбун солуом,
Эрэлим – итэҕэлим,
Эн кыра да кыымыҥ
Кыһалҕалаах күммэр
Кылах гыныа эрэ кэрэх!
Ангелина Васильева
Эрэлиҥ эстэр
Эрэйдээх күҥҥэр,
Санааҥ самнар
Саппаҕырар түгэҥҥэр,
Сырдыгыҥ кыыма
Сыыйа сүтэр
Сордоох күҥҥэр,
Дууһаҥ таастыйар
Ынырык түгэҥҥэр,
Сулуһуҥ умуллар,
Күнүҥ туллар
Иэдээннээх кэмҥэр:
Бука диэн —
Быстах санааҕа
Ыллаттарар буолумаар…
Адьарай аймаҕын
Албаһар кииримээр…
Былыргы төрүккэр
Иэстээххин умнумаар…
Кэнэҕэски олоххор
Кэскилгин кэрбээмээр…
Төлкөҥ түөрэҕин
Түҥнэри тэбимээр…
Айбытыҥ тарпыт
Ситимин быһымаар…
Сайдар саргыҥ
Сабыытын арыйаар!
Саргылаана Гольдерова
Ааспыт төннүбэт, билэбин.
Ол эрэн итэҕэйэбин:
Көрсүөҕүм кэрэ тапталы.
Халлаан сулуһун ааҕа
Дьылҕам аналын таайыаҕым.
Бу сиргэ олорор киһи эрэ
Кэлэр кэмҥэ сүүс эрэллээх,
Кэскиллээх үчүгэйгэ эрэ.
Эмиэ сибэккилээх аккырыыкка кэннигэр суруйуом
Үөрүүнү, дьолу, тапталы доҕотторбор баҕаран.
Эмиэ бырааһынньык остуолун киэргэтиэм кичэйэн.
Ааспыт – төннүбэт. Билэбин.
Ол эрэн өтө көрөбүн:
Кэлэр кэм үчүгэйин.
Ол эрэ иһин
Бүгүҥҥү эрэйбин кытта эйэлэһэбин.
Семен Маисов
Талаһар саҕахтаах,
Ыҥырар ыралаах,
Баҕарар баҕалаах;
Кэрэни долгуйа кэтэһэр,
Үтүөнү эрэнэ күүтэр буоллахха —
Олох олорор
Олус да судургу…
Наталья Харлампьева
Мин, аныгы үйэ киһитэ,
Итэҕэйэбин син биир
Сир, халлаан уонна күн
Алтыһар албастарыгар.
Икки атахтаах
Ууттан, уоттан, буортан
Арахсыбат тутулугар.
Итэҕэйэбин
Сахам айыыларыгар,
Олох устун
Араҥаччылаан илдьэ сылдьар
Өбүгэлэрим үҥпүт
Үтүө күүстэригэр.
Итэҕэйэбин
Тыл сэтигэр,
Сэрэнэн саҥарар,
Харыстаан саҥарар
Былыргы дьон сиэригэр,
Суруллубатах сокуоннарыгар.
Итэҕэйэбин норуотум
Үйэлэргэ муспут
Муудараһыгар
Уонна
Бэйэм илиим имигэр.
Сайа
ЭРЭН МИЭХЭ
«Эрэн миэхэ!» —
Эттиҥ миэхэ…
Эр киһиттэн онтон ордук
Эрэйиллэр суох курдук…
Эрэнэбин, эрэнэбин,
Элбэх тылга буолбатах:
Эргиппэккэ малтаччы,
Эр киһилии быһаччы
Эр соҕотох этиини
Эн туруору эппиккэр:
«Эрэн миэхэ» – диэбиккэр!
Эр киһиттэн – эркиннээх,
Эр киһиттэн – эрчимнээх,
Эр киһиттэн – эрэллээх
Арай дьахтар эрэйдээх…
«Эрэн миэхэ», —
Эттиҥ миэхэ…
Эрэн миэхэ
Эн эмиэ.
Моисей Ефимов
Саргылаах санаанан кынаттанан,
Сарсыҥҥы күнүнэн олоробун.
Сөҕүмэр дьиктини мин айан
Сарсын өрөгөйдүөх курдукпун.
Өрүүтүн көрдөөһүн түбүгэ
Ол иһин миигиттэн арахпат.
Аттыбар ол дьиктим күлүгэ
Элэҥниир да, таба харбаппат.
Элэҥниир. Мэлийдим мин эмиэ.
Дьэ, бэйи! Сарсыҥҥы күн билиэ!
Туох да диэҥ! Үчүгэй, доҕоттор,
Инники эрэлинэн олорор!
Варвара Потапова
Кэрэ да дьылҕалаах дьону мин көрөбүн.
Кинилэргэ ымсыыра мин сүгүрүйэбин.
Тыыннаах буолар иэстэбилин,
Күнү көрөр төлөбүрүн,
Киһини таптыыр кэриэһин,
Олох бары иэҕиилэрин
Туох баарын барытын уйбуттар,
Ол онон дьоллоох буолбуттар.
Мин тапталым – таарымта кэриэтэ,
Мин абарыым – ииримтийии төрүөтэ…
Барыта сиэри таһынан,
Барыта барбах сиэринэн.
Ол туохтанын токоолооммун,
Сыаналыы сатыыбын сыта-тура,
Соһуйабын даҕаны бэйэм, бэркиһии,
Сүгэһэр оҥостобун күннээх түүн.
Ол да буоллар, эрэнэбин —
Бар дьонум мааны сигилитэ
Бардамныа суоҕа мин туспар,
Кэрэ доҕотторум күүс эбиэхтэрэ,
Үрүҥ түүллэрим эмиэ элбиэхтэрэ…
Күүтэллэр миигин күөх түүннэр,
Күндэлэс сырдыктаах ыраас алардар!
Сардаана Амгинская
Санааҥ барытын тардан ылыа,
Баҕарбытыҥ барыта туолуо,
Арай кэтэмэҕэйдиир санааҥ
Мэһэй-таһай буолбатаҕына.
Бэйэтин сатаан ылыммыкка
Айыылар бастыҥы тиэрдэллэр,
Дьоҥҥо туһалыыр киһиэхэ
Туохтарын да кэрэйбэттэр.
Айыылардыын ситимиҥ буолар
Баай-дуол тиксэ турар аартыга,
Айылҕалыын ситимиҥ буолар
Була турар дьол-соргу суола.
Киһини итэҕэл байытар,
Кини барытын тардан ылар.
Оҕо уонна төрөппүт
Семен Данилов
ОҔО АХТЫЛҔАНА
Мин оҕобун олох байҕалыгар
Соҕотохтуу утааран бараммын,
Турабын үс аартык арахсыытыгар
Иэрэҥ санааҕа ыга ылларан.
Санаабар – суол дэхситэ буолбакка,
Наар охсуулааҕа эрэ охсуллар.
Олоҕу, дьону билбэт ыччакка
Аҕыс алдьархай аана аһыллар.
Мин дьиксинэр муҥурах санаабар:
Оҕобун тэмтэритэн илдьэллэр
Олох түөрэҥ халбас харатыгар
Уонна төннүбэттии тимирдэллэр.
Олох дьэбэрэтигэр дьол аатынан,
Аҕыс албаһынан угуйаллар
Айыы ньуурдаах, абааһы дууһалаах,
Уодаһыннаах кубулҕат кыргыттар…
Ол эрээри, мин аҕа сүрэхпэр
Эрэнэр санаа кэлин баһыйар:
Эрэнэбин дойдум, оҕом кэскилигэр,
Бар дьон өлбөт үтүө санаатыгар.
Мин оҕобун олох кыһатыгар
Соҕотохтуу үтэйэн бараммын,
Алгыс алгыы суол арахсыытыгар
Саарбаҕалыы сайыһа хаалабын.
Семен Маисов
ЫТЫК ИЭС УОННА ДЬОЛ
Ийэни, аҕаны бүөбэйдиир,
Көрөр-истэр, харайар —
Оҕо ытык иэһэ эрэ буолбатах,
Оҕо – дьоло!..
Эһиги – төрөппүт, ииппит оҕолоро
Үөрэхтээҕимсийэн, үтүөлэнэн —
Сатамньыта суох сылтахтанан,
Туспа сиргэ силис тардан
Симэлийэн сүтүмэҥ!..
«Дьылҕабыт, оҥоһуубут оннук…» – дии-диигит
Төрүт тутах санааттан
Усках баран уччуйан улдьаарымаҥ отойун!
Куруук, өрүү бииргэ буолуҥ —
Ийэни, аҕаны кытары…
Оччоҕуна эрэтин
Кырдьар, кыаммат сааскытыгар
Эһигини өйдүөхтэрэ —
Эһиги төрөппүт, ииппит оҕолоргут,
Чугас аймах дьонноргут…
Семен Данилов
АҔАЛААХ ИЙЭ АХТЫЛҔАНА
Айылҕа күн киириитигэр өрүү санньыйа,
Санааргыы хааларын былыргыттан билэбин.
Сааһырдаҕым аайы ордук бэргии, аймана
Ахтар буоллум өлбүт аҕалаах ийэбин.
Кэмсинэ саныыбын: кырдьар саастарыгар
Кинилэри кэмчитик үөрдүбүт иэдээммин,
Олоххо, үлэҕэ үлүһүйэр баарыгар —
Киһилии итийэ мин кэпсэппэтэхпин.
Кэмсинэбин: дойдуларыгар кинилэри
Ахсааннаах аҕыйахта сырытыннарбыппын.
Оҕо төрөтөн кинилэр сүрэхтэрин
Сиэннэрин чаабыйынан сылаанньыппатахпын.
Мин түбүкпүн өрүү көҕүрэтэ сатыыр
Үгэстэринэн – кэриэстэрин тутуһан,
Көмүс уҥуохтарын, муҥ саатар, таптыыр
Дойдуларыгар таһааран көмпөтөхпүн.
Туох эрэ хом санаалаах орто дойдуттан
Төрөппүттэрим арахтахтара диир санаа
Алдьархайын өйдүүргэ тэҥнэһэр муҥтан
Ыарахан баарын отой хоппот мин санаам.
Сааһырдаҕым аайы ордук бэргии, аймана
Ахтар буоллум өлбүт аҕалаах ийэбин.
Күнүм киириитэ сүрэҕим мучумаанын,
Аньыыны ааҕынар түбүгэр түһэбин.
Күннүк Уурастыырап
ОЛОХПУТ САЛҔАНА ТУРУОХТУН
Төлөннөөх үрүҥ күн анныгар
Төннүбэт түстэнэр төлкөбүт
Төрүтэ туохханый диэтэргит —
Төрөтөр оҕоттон тутаахтаах.
Утумнуур удьуордаах буолартан
Улахан дьол диэн суох олоххо!
Оҕото, сиэнэ суох буоллахха —
Удьуордаан ууһуурбут уурайан,
Оһохпут буруолуун умуллуо,
Олоорпут сурахтыын умнуллуо.
Ыраах да, чугас да сиринэн
Ыырдаммыт ыллыкпыт сабыллан,
Ырабыт, кэскилбит сарбыллан,
Ынырык, ыар дьылҕа ыаллаһыа…
Уол буоллун, кыыс буоллун, ончутун
Оҕону сиримэҥ-талымаҥ:
Уола да, кыыһа да туох буолуой,
Ордугун-хоһутун ааҕымаҥ.
Уолаттар олоҕу салҕааннар
Удьуору ууһатар иэстээхтэр,
Кэтэһиҥ кистэлэҥ үөрүүнэн,
Кэрэттэн кэрэни – кийиити.
Кыргыттар кэргэҥҥэ тахсаннар,
Кэнчээри тэнитэр чиэстээхтэр.
Көһүтүҥ күлүккэ имнэнэ,
Күндүттэн күндүнү – күтүөтү.
Төлөннөөх күлүм күн анныгар,
Төннүбэт төлкөбүт аатыгар,
Ыһар буор ыччаппыт дэлэйдин,
Ырабыт чэчирии чэлгийдин!
Олохпут салҕана туруохтун,
Оломо көстүбэт буолуохтун!
Афанасий Арчылан
АҔА АМАНА
Күлүүттэн дьоллоно, уолчааныам,
Күөрэччи эйигин тамныыбын.
Кый үөһэ – ол күҥҥэ – тиэрдиэхпин
Күүс тиийбэт буоллаҕа, абаккам!
Ол эрэн, далбарай, эн иһит,
Оҥоччу көрүмэ омуннук.
Кынаттаах санааны иитиммит
Көтүөхтээх хотойдуу модуннук.
Бастакы хардыыны оҥорор —
Биллэр суол, хаһан да ыарахан.
Оллуртан-боллуртан чаҕыйан,
Олбуорга хаайтарбыт сорсуйар.
Оломун дэбигис булларбат
Олохпут сүүрүгэ – дьулусхан.
Төрөөбүт дойдутун кырсыттан
Тирэммит кыраттан охтубат.
Оноҕос кэриэтэ куһууран,
Олоҕум анараа эн тиийэн,
Туһаайбыт ырабын тутуоххун
Түстүөҕүм күннэтэ, түстүүбүн.
Айыллан баар буолбут сиэринэн,
Аан Кэмниин мин далла мэндэйсэн,
Айдаҕым эйигин, уоланыам,
Айаар дуу эн эмиэ, мин тиллиэм…
Үлэ – бүппэт түбүк
Иван Гоголев
ҮЛЭ
Сылайдым!.. Мин сүрэҕим
Түөспэр ыллыыр чуумпутук,
Кини нүөйэр бүтүн сири
Тилэ көппүт кынат курдук.
Мин бүгүн ый анныгар
Үлэлээтим дуоһуйа,
Миигин кытта аттыбар
Үлэлэстэ хонуу, хайа.
Тунал былыт – мин үлэбэр
Кэппит быыллаах таҥаһым,
Кинини тыа үрдүгэр
Сулустарга ыйаабытым.
Киэһэ күннүүн сынньанабыт.
Үлэ үрдүк үөрүүтүттэн
Дууһам саҥа быһыллыбыт
Бааһыналыы кэҥии түстэ.
Үлэлээбэт суох аттыбар,
Күөх самыыр да түбүгүрэр,
Халлаан кэтит ытыһыгар
Чэр буолан күн төгүрүйэр.
Леонид Попов
КИҺИ ДЬОЛО
Эн дьолуҥ
Түөрт өттүгэр
Буолбатах!
Сыыһа эппиттэр.
Бадаҕа.
Өнөр үрэх
Баһыгар да
Барыма – ону көрдүү.
Түллэр тайҕаҥ
Түгэҕэр да
Түһүмэ – ону көрдүү.
Тиэл дойдулар
Тиэргэннэригэр да
Тиийимэ – ону көрдүү.
Дьолуҥ баар —
Дьоҕус ытыскар.
Илииҥ чэринэн
Эн дьолуҥ кэмнэнэр!
Саргылаана Спиридонова
ҮЛЭ ДЬОЛО
Холум аһылла, тиритэ,
Күннүктээн үлэлээтим.
Күүс-уох өһүллэр үлэтэ
Көрүөхтэн кэрэтин биллим.
Атахпын нэһиилэ сыһан,
Аа-дьуо дьиэбэр барабын.
Көмүс көлөһүммүн ыһан
Киэн туттардыы хаамабын.
Сөрүүн тыал миэхэ сипсийэр:
«Сэгээр, үлэһит киһиэ,
Ыймахтаа дуу сэниэ эбэр
Ыраас салгыммыттан», – диэн.
Дьиэбэр ийэкэм кэтэһэр,
Дьикти сылаас чэйин кутан.
Сарсыҥҥыга күүс эбиллэр
Үлэ дьолугар анаан.
Саргылаана Гольдерова
Эмиэ мин төннөбүн үлэҕэ,
Көлүйэбин көҥүлбүн үлэҕэ,
Чэлгитэр, киэргэтэр үлэҕэ,
Кэскилбин кэрэһилиир үлэҕэ,
Кэхтиибин эрэһэлиир үлэҕэ,
Сайдыыга тирэҕирэр үлэҕэ,
Барҕарыыга сирдиир үлэҕэ.
Айымньылаах үлэ айхалланнын!
Таптыыр идэм таба тайаныллан
Айыыһытым мичик аллайдын!
Сылайыам суоҕа ончу
Сөбүлүүр үлэм түбүгүттэн.
Бырааһынньыкка кубулуйуо үлэ —
Дууһаҕын умаппыт, санааҕын таппыт,
Сүрэххин өрүкүппүт эрэ үлэ!
Биирдэ бэриллэр олоххо
Сордоммокко, суламмакка,
Самныбакка, сабыстыбакка,
Сардаҥалаах күннэрим
Сабыыларын арыйан,
Чаҕылхайдык, кэскиллээхтик
Бу орто дойдуга
Төлкөбүн түстүүрүм туһугар
Анаа даа, Айыыһытым,
Биэр даа, Иэйэхситим,
Таптыыр үлэбин:
Үөрэ-көтө тиэтэйэр,
Үүнэ-сайда киэркэйэр
Бэркэ билэр үлэбин,
Ситиһиилэнэр идэбин.
Семен Маисов
ҮЛЭ ДЬОЛО
Торҕо буруо туман курдук
Толоон сиргэ устан киирдэ,
Кырдал үөһэ турбут дьиэбит
«Саҥа олох» күнүн көрдө…
Чигди хаарга атах тыаһа
Тиэргэн аайы хаачырҕаата,
Хотон аана үрүт-үөһэ
Үөрэ-көтө либиргээтэ.
Үлэ күнэ үүнэн тахсан,
Татым санаа сарбылынна,
Түбүк кэмэ тиийэн кэлэн,
Быстах санаа умнулунна.
Дьарык эрэ дьоллуур эбит
Санаа сиэбит сордооҕун,
Дьаныар эрэ үөрдэр эбит
Эрэй аалбыт эрэйдээҕин…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.