Электронная библиотека » Валентина Семенова » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:41


Автор книги: Валентина Семенова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 5 страниц)

Шрифт:
- 100% +
Иван Гоголев
КИҺИ БУОЛБУТ КЭРЭТИЭН!
 
Үрүмэччи үҥкүүлүүр
Үрүҥ симэх от буолан,
Үчүгэйкээн хонууга
Үүммүт-үүммүт буоллар дуу?
Чэгиэн тыалга бигэнэр
Чэнчис хатыҥ буолаахтаан,
Чээлэй күөхтүүр чараҥҥа
Чэчирээбит буоллар дуу?
Алаараахтыыр халлааны
Амарахтык кууһааччы
Аалай кустук буолаахтаан
Айыллыбыт буоллар дуу?
Симэх от да буолбакка,
Силик хатыҥ буолбакка,
Кэрэ кустук буолбакка,
Киһи буолбут эбиппин.
Симэх оттуу нусхайан
Сиргэ, күҥҥэ үҥэбин,
Аар хатыҥныы суугунаан
Айыым дьонун алгыыбын.
Аалай кустук кэриэтэ
Аан дойдуну кууһабын,
Киһи буолан төрөөбүт
Кэрэкэтин эбитин!
 
Иван Гоголев
ҮЧҮГЭЙ
 
Күн уота сып-сылаас,
Күөх халлаан ып-ыраас,
Үчүгэй, үчүгэй,
Барыта үчүгэй!
Доҕорум мичээрдиир,
«Дьолум эн бааргын», – диир,
Үчүгэй, үчүгэй,
Барыта үчүгэй!
Тулам саас, саас куруук,
Тулам чуор, чуор тойук,
Үчүгэй, үчүгэй,
Барыта үчүгэй!
Мин бэйэм сааскыбын,
Мин бэйэм ырыабын,
Үчүгэй, үчүгэй,
Барыта үчүгэй!
 
Афанасий Чугунов-Нооһой
 
Үөрэбин…
Сардаҥатын сараадыта,
Кыыһар өҥүн ыһыахтана
Көстө ойор күлүмтэн,
Саҥа күнү көрсөртөн.
Үөрэбин…
Инникитэ кэскиллээх,
Үөрэх, үлэ аргыстаах,
Эйэ, таптал эҥээрдээх
Эмньик эдэр саастан.
Үөрэбин…
Норуот чиэһэ, номоҕо
Күөҥҥэ туттар киэргэлэ,
Үйэлэргэ өйдөбүлэ
Өйдөөх дьонтон.
Үөрэбин…
Олох эҥин оһуорун
Ойуулаһа уһанар,
Дэҥҥэ көстөр
Дэгиттэр талаантан.
Үөрэбин…
Куйаары куоһарар,
Сири кытта силбиир,
Силлиһиннэрэ көрдөрөр
Киһи айар дьоҕуруттан!
 
Иван Гоголев
 
Күн сирин кэрэтин барытын
Таптыаҕын баҕарар сүрэҕим,
Таптыыбын кыыс иэйбит ырыатын,
Оҕонньор муударай мичээрин.
Сахалыы таптыыбын кыс хаары,
Дууһабын долгутар хомуһу,
Сир дириҥ кистэлин таайаары
Толкуйдуу көрбөхтүүр сулуһу.
Таптыыбын саҕахха чуумпутук
Маҥнайгы саһарҕа төрүүрүн,
Аан маҥнай кыыстаммыт ыал курдук
Айылҕа үөрэрин-көтөрүн.
Таптыыбын от мүөтэ көөнньүбүт
Бүтэһик куйааска күн уоспун
Бүтэһик тапталын көрсүбүт
Дьахтардыы уохтаахтык ууруурун.
Саас түөспүн нэлэтэн мин тыалы
Утары хаамарбын таптыыбын,
Таптыыбын киэһээҥІи сарыалы
Соҕотох одуулаан турарбын.
Ол дьэдьэн сарыаллыы букатын
Умуллан сүтүөхпэр диэритин,
Күн сирин кэрэтин барытын
Таптыаҕа, таптыаҕа сүрэҕим.
 
Иван Гоголев
ДЬОЛЛООХ БУОЛУҤ!
 
Бар дьонноруом, биир суолу
Көрдөһөбүн олустук:
Дьоллоох буолуҥ, дьоллоох буолуҥ,
Бары дьоллоох буолуҥ куруук.
Дьол диэн сүрэх, быччыҥ ыллыыр
Үлэтиттэн үөскүүр сылаа,
Дьол – сылаастык буруолуур сыыр,
Дьол диэн мичээр, үтүө санаа.
Дьол сиргэ олус элбэх,
Перепись да ыыттыннар,
Муҥутаабыт сэбирдэх
Суугунунан ыҥырар.
Дьол күүтэр, күүтэр мэлдьи
Буларгытын, кууһаргытын,
Сулус эмти барыар диэри
«Дьоллоохпут!» диэн ыллыыргытын.
Дьол хараҕа суох дииллэр,
Сымыйа! Дьол кыраҕы,
Хорсуҥҥа кини кэлэр,
Таптыыр ыраас суобастааҕы.
Бүтэй хоско дьолу хаайан
Чуҥкутумаҥ, доҕотторуом,
Күндү көбүөр быылыттан
Тэтэркэй имэ кууруо.
Кыра тирии кумааһынньыкка,
Сундуукка эрэ батар
Быыкаа дьолтон биир да чааска
Астынымаҥ ый анныгар.
Сүрэххэ уонна түөскэ
Төрүт баппат улахан
Улуу дьолу – илистибэккэ,
Көрдөөҥ, көрдөөҥ дьаныйан.
 
Сайа
 
Дьол…
Кылгас да тыл!
Дорҕооно кылгаһын курдук
Оо, кылгаһыан,
Дьол…
Кини итии долгуна
Эйигин ситтэҕинэ,
Кини балай хараҕа
Эйигин буллаҕына,
Аан дойду бары тыастарын
Баһыйар куолакал дуораана
Сүрэххэр лыҥкыныы охсуллуо:
Дьол!
Дьол!
Дьол!
Уонна өрүү
Дьолу умналаан
Ууммут ытыскар
Уһуу түспэккэ,
Мүлчү туттарыа,
Көй салгын буолан
Көстө симэлийиэ,
Эбэтэр… өҥүн сүтэрэн
өлбөөрөн барыа…
Үйэҥ тухары дьоллоох
буолбаккын эбээт.
 
Николай Чуор
КИҺИ ОЛОҔО
 
Сүрэх күүскэ тэбиэх тустаах,
Санаа, дууһа айманыахтаах,
Туохтан эрэ долгуйуохтаах —
Олох оннук буолуохтаах!
Баҕар, сурук суруллуохтаах,
Киһи арыт иэйиэхтээх —
Биитэр, баҕар, мунчаарыахтаах —
Олох оннук буолуохтаах!
Киһи сиргэ чэлгийиэхтээх,
Киһи адьас кэхтиэ суохтаах,
Кимниин эрэ алтыһыахтаах —
Олох оннук буолуохтаах!
Сиргэ үтүө санаалаах,
Ситтэрбэтэх кэрэлээх,
Саныыр сырдык ыралаах —
Киһи олох олоруохтаах!
Күүтэр дьикти көрсүһүүлээх,
Ыйдаҥалаах киэһэлээх,
Аалай сырдык сарыаллаах —
Киһи олох олоруохтаах!
Мин санаабар, чахчы оннук,
Кырдьык оннук буолуохтаах,
Олох устун хорсуннук
Киһи Дьолго дьулуһуохтаах!
 
Варвара Потапова
 
Үчүгэйиэн, бу Сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар,
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!
Билбэт уолан киһим
Көрө түһээт, мичээрдиир,
«Күннээх халлаан» иһин
Сибэккини бэлэхтиир.
Оргууй хааман иһэбин,
Суоҕу – баар дии саныыбын…
Дьоллоох дьонтон үөрэбин,
Дьоһуна суох ыллыыбын.
Үчүгэйиэн, бу Сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар,
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!
 
Сыһыарыы
САНААНЫ КӨТӨҔӨР НЬЫМАЛАР

Орто дойду дьоллоох туонатыгар олорор киһи ардыгар муунтуйар-мунчаарар, курутуйар-санньыйар, кимтэн-туохтан эрэ хомойор-хоргутар күннэрдээх, санааҕа ылларар, санаата түһэр, санаата самнар, санаата оонньуур кэмнэрдээх. Үтүө-мөкү хардарыта солбуһуутунан олох иннин диэки дьулуруйар. Ол эрээри саха өһүн хоһоонугар «Киһи – санаа хамначчыта» диэн этиллэринии, сороҕор санаа түһүүтэ, ордук уһаан-тэнийэн бардаҕына, киһи уйулҕатыгар, уопсай да туругар охсуулаах буолуон сөп. Киһи барахсан итинтэн харыстанар, бэриммэт буолар араас ньымалардаах. Биһиги аймахтарбытыттан, чугас доҕотторбутуттан, биир идэлээхтэрбититтэн ыйыталаһан, санааны көтөҕөр араас ньыма баарын биллибит. Ол эрээри бу ньымалар хас биирдии киһи уратытыттан тутулуктаахтарын, барсар-барсыбат дьонноохторун бэлиэтиэ этибит. Онон, мантан салгыы санааны сайгыыр, чэпчэтэр ньымалары билсиҥ, сөптөөҕүн сүүмэрдээн күннээҕи олоххутугар туһаныҥ.

1. Баҕа санааҕын, көрдөһүүгүн күүскэ саныы-саныы, алаадьыта буһарын. Үс бастакы алаадьыгын тиэргэҥҥэр уур, атынын эбэ (күөл, өрүс) кытыытыгар төгүрүччү уур, арыынан сот уонна алаадьы таһынан үс сиргэ үүттэ кут (Эдьиий Дора сүбэтиттэн).

2. Ис санааҕын, кыһалҕаҕын чугас, эрэнэр киһигэр тоҕо-хоро аһаҕастык кэпсээн, баар балаһыанньаны көмөлөөн ырытан, сүбэлэтэн, саҥа суолу тобул.

3. Искэр тута сылдьар, баттыыр санааҕын таһаарыаххын наада:

а) соҕотох олорон ис дууһаҕыттан ытаа, ол кэмҥэ бытаан музыканы, ырыаны холбуоххун сөп;

б) хаһыытаа, ким эрэ истиэ диэтэххинэ, сыттыкка да буоллун;

в) боксер грушатын эбэтэр сыттыгы саайталаа, кумааҕыны хайыта тыыт эбэтэр кумалаа;

г) дууһаҥ туохтан долгуйарын, муунтуйарын туһунан, кимиэхэ да кыайан этиллибэт кыһыыгын-абаҕын кумааҕыга аһаҕастык суруй. Кэлин уоскуйан баран аахтаххына, сонньуйуоҥ эрэ.

4. Таптыыр дьарыккынан дьарыктан: иистэн, баай, быысыбайдаа, хоһоонно суруй, кроссворда, сканворда таай. Иннигэр өҥнөөх харандааһы тарҕата ууран баран, тугу баҕараргын, саныыргын уруһуйдаа.

5. Олорон эрэ оргууйдук эбэтэр ким да истибэт буоллаҕына, улаханнык ыллаа, сөбүлүүр музыкаҕын – классиканы, сахалыы ырыаны иһит, хомуска оонньоо, хомус тыаһын эбэтэр аудионан хоһоонно иһит, үҥкүүлээ. Үчүгэй ырыа, музыка алыптаах дорҕооно киһи дууһатын угуттуур, уоскутар, үөрдэр, сырдык санааны үөскэтэр.

6. Тугу барытын быраҕан, тэлэбиисэр иннигэр олорон, сытан эрэ урукку сэбиэскэй киинэлэри эбэтэр иккис канаалга көстөр чэпчэки мелодрамалары көр. Сорохтор Аҕа дойду сэриитин туһунан киинэлэри көрдөхпүтүнэ, биһиги кыґал±абыт дириҥэ суоҕун тута өйдүү түһэбит дииллэр. Саха тэлэбиидэнньэтин «ТОК», «Саҥа күн», «Үчүгэйиэн, бу сиргэ», «Сардаана», «Саха санаата» курдук олоҕу бигэргэтэр биэриилэрин, ватсаптан кыра оҕолор хоһоон ааҕар, ырыа ыллыыр көрдөөх түгэннэрин көрүөххµн сөп.

7. Сөбүлүүр кинигэҕин аах. Ыйыппыт дьоммут Омар Хайям рубаиларын, Шекспир сонеттарын, Алампа, Н. Харлампьева, Сайа хоһооннорун, Далан «Тыгын Дархан» романын ордук көмөлөөхтөр диэн бэлиэтииллэр. Сорохтор олох олорорго үөрэтэр кинигэлэри, биллэр дьон уустук, түһүүлээх-тахсыылаах олохторун кэпсиир «Караван историй», «Биография» курдук халыҥ сурунааллары ааҕан аралдьыйаллар.

8. Санааҥ түстэҕинэ эбэтэр сылайдаххына, оҕо, эдэр саас кэмнэрин эбэтэр ааспыт үөрүүлээх түгэннэри санатар хаартыскаларгын бэрийэн, урукку дьоллоох кэмнэргэр төнүн, уоскуй. Бэйэҥ уонна чугас дьонуҥ үөрэн, мичээрдээн түспүт хаартыскаларын араамалаан остуолгар уур.

9. Көрүдьүөс кэпсээннэри, анекдоттары аах, комедия киинэни көр эбэтэр бэйэҥ олоххор буолбут күлүүлээх түгэннэри санаа.

10. Хаарты, лотуо курдук остуол оонньуута эбэтэр компьютер, төліпүөн оонньуута ардыгар эмиэ аралдьытар.

11. Чүмэчи уматаҕын уонна уоскуйан олорон, олоххор буолбут үчүгэй түгэннэри, сөбүлүүр дьоҥҥун, айылҕа кэрэ көстүүтүн саныы-саныы, чүмэчи уотун 5—7 мүнүүтэ көрөҕүн. Арамаат сыттаах чүмэчини уматыахха сөп.

12. Дьиэҕин бэрээдэктээ, хомуй, сууй, малыҥ-салыҥ миэстэлэрин уларытан туруор, түннүгүҥ сабыытын уларыт.

13. Дьиэҕэр кыһыл сибэккилээх үүнээйини олорт, истиэнэҕэ күннээх, күөх хонуулаах, элбэх сибэккилээх, оттоох-мастаах сайыҥҥы айылҕа хартыынатын ыйаа.

14. Боҕуруоскай оту буруолатан, дьиэни күн эргииринэн ыраастаа. Үөрэ отун ууга оргутан, сыт таһаар. Уутун сиидэлээн, дьиэ үрдүн, муостатын сууйар ууга кутан, ыйга биирдэ сууй.

15. Баанньыкка, саунаҕа сылдьан паардан, сэбирдэхтээх миинньигинэн охсун, итии-тымныы уулаах душ анныгар тур, дьиэҕэр араас сыттаах, күүгэннээх итии вааннаҕа сыт. Сарсыарда тураат, кыра соттору илитэн баран, эккин-сииҥҥин алларааттан саҕалаан үөһээҥҥэ диэри күүскэ аал, оччоҕо күнү быһа чэбдик сылдьыаҥ.

16. Күҥҥэ балтараа лиитэрэҕэ тиийэ ыраас кылыгыр ууну ис, оччоҕо сэниэлэниэҥ, тирииҥ сибиэһэй көрүҥнэниэ.

17. Сөбүлүүр аскын эбэтэр урут хаһан да астаабатах сонун бүлүүдэни астаан, дьиэтээҕилэргин үөрт. Баҕарбыт аскын (сакалаат, мороженай, тоҥ балык) сиэ, кафеҕа, рестораҥҥа сырыт.

18. Лимоннаах, мүөттээх чэй, ардыгар, кофе санааны көтөҕөр. Сакалааты, күндү барыанньаны кытары үүттээх итии чэйи ыксаабакка, астына ис.

19. Аптекаттан эмтээх оттоох чэйи, «Макровит», «Витрум» курдук сэниэ биэрэр битэмиини атыылаһан ис.

20. Күннээҕи режими тутуһа сатаа, кэмигэр утуй, аһаа, сынньан. Киэһэ утуйаргар илиигин-атаххын холкутук ыытан (сулус позатыгар) сыт. Аҕыс чаастан итэҕэһэ суох утуйарга кыһалын.

21. Тас көрүҥҥүн уларыт. Ол инниттэн стилискэ сирэйгин кырааскалат, парикмахерскайга баттаххын кырыйтар, саҥа бүрүчүөскэтэ оҥортор. Тыҥыраххын маникюрдат, чээлэй өҥүнэн лаахтат. Ол кэннэ араастык туттан «селфигэ» хаартыскаҕа түһүөххµн син. Эбэтэр ыксаабакка, холкутук олорон, сирэйгин кириэминэн ньалҕаарыччы сотун, мааската оІоґун.

22. Таһырдьа тахсан хаамп, сибиэһэй салгынынан тыын, сайын айылҕаҕа та±ыс. Хааман иһэн күнү көр, эйиэхэ үчүгэйи баҕарар чугас, таптыыр дьонуІ, оҕолоруІ ситиһиилэрин, төрөппүттэриІ истиҥ сыһыаннарын санаа, кинилэри үөрдэр туһугар кыһалын. Илиигин уунан сааскы тыалга утары кылгас кэмҥэ турдаххына, ис-искиттэн бүтүннүү ыраастаммыт курдук буолаҕын диэн сорохтор бэлиэтииллэр.

23. Маанытык таҥнан, сэргэхтик туттан кэнсиэргэ, киинэҕэ, тыйаатырга сылдьан сэргэхсий.

24. Туох да сыала суох маҕаһыыны кэрий, ырыынакка сырыт. Кыаллар буоллаҕына, бэйэҕэр тугу эмэ сөбүлүү көрбүккүн эбэтэр уруккуттан ыраламмыт малгын атыылас. Дьахтар киһи настарыанньатын саҥа таҥас, былаачыйа начаас көтөҕүө.

25. Спордунан дьарыктан, сэрээккэлээ, спорт саалатыгар сырыт.

26. Кыаллар буоллаҕына, уоппускаҕар ыраах айаҥҥа турун, муораҕа сөтүөлээ, үлэ, кыґал±а туһунан төрүт санаабакка, сынньанардыы сынньан.

27. Дьиэ таһыгар санааны сайгыыр хамсаныылаах үлэнэн дьарыктан: маста хайыт, сири-буору булкуйан оҕуруокка үлэлээ, сыыс оту үргээ, куоскаҕын, ыккын тараа, уот сиэбит көстүрүүлэтин кылбаччы сууй.

28. Үтүө дьону кытары алтыс. Сөбүлүүр дьоҥҥун, доҕотторгун кытары ирэ-хоро кэпсэт, кинилэргэ үтүөнү баҕар, соһуччу бэлэхтэ оҥор, тугунан эмэ үөрдэргэ кыһалын, хайҕаа, махтан, илии тутус.

29. Кыһалҕалаах түгэнтэн кырата үс үчүгэй өрүтүн булан көр, маннааҕар өссө куһаҕан буолуон сөбүн толкуйдаа.

30. Саҥаттан саҥа сыал туруорунан, өйгүн-санааҕын бүүс-бүтүннүү онно үлэлэт.

31. Сыыһаҕын, алҕаскын көннөрөр туһуттан, кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо, оҕолорго µбµнэн, ас-үөл өттүнэн көмөнү оҥорорго кыһалын.

32. Бэйэҕэр эрэллээх буоларга бэйэҕин эмиэ таптаа: бэйэҕин хайҕаа, мөҕүттүмэ, саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тириэрт, тулалыыр быһыыга-майгыга уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйи эрэ булан көрө сатаа.

33. Мэлдьи үчүгэйи эрэ санаа, үтүөнү эрэ ыралаа.

34. Күн аайы үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллэн сылдьарга кыһан. Кыраҕа, ааһарга кыйахана, кыыһыра сылдьыма, ньиэрбэҕин кыраҕа бараама.

35. Күннээҕи таҥаһыҥ өҥүгэр болҕомтолоох буол:

а) хара – тэрээһиннээх, бэрээдэктээх, тулуурдаах буоларга дьайар, ол эрээри олус хараҥа таҥастан күннээҕи настарыанньа түһүөн сөп;

б) бороҥ – өй күүстээх үлэтиттэн сынньанар кэмҥэ кэтэр туһалаах;

в) кыһыл – сылаас сыһыанынан илгийэр, ол гынан баран, түргэнник кыыһырар, элбэхтик күлэр-үөрэр киһи бу өҥтөн туттунара ордук.

г) халлаан күөҕэ – киһини уоскутар өҥ. Ол эрээри халлаан күөҕэ таҥаһы өр кэмҥэ кэттэххэ, киһи түргэнник сылайыан, санаата түһүөн сөп.

д) от күөҕэ – киһини сынньатар, санааны көтөҕөр.

е) фиолетовай – киһини уоскутар, ис туругу бөҕөргөтөр.

ж) саһархай – бэйэҕэ эрэллээх буолууну күүһүрдэр, санааны көтөҕөр.

з) маҥан – ыраастыыр суолталаах. Күүстээх үлэ кэнниттэн дьиэҕэ маҥан таҥаһы кэтиэххэ сөп.

36. Күннээҕи олоххор аффирмациялары туһан. Туруккуттан, үөскээбит быһыыттан-майгыттан көрөн, «мин дьоллоохпун, тугум барыта сатанар», «мин доруобайбын», «мин тулам ыраас, сырдык, кэрэ», «мин бэйэм кыахпар эрэнэбин», «мин ылсыбытым барыта ситиһии түмүктээх», «мин кыайабын» о.д.а. этиилэри киэһэ утуйаргар, сарсыарда тураат, хатылаа биитэр суруйан баран көстөр сиргэ ыйаа. Эбэтэр «таҥара баайдаах, уол оҕо дьоллоох», «уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, иккис күн ат арҕаһыгар», о.д.а. уоскутунар, санньыйбыт санааны аһарынар өс хоһооннорун, «и это пройдет» курдук муударай тыллары санаа, искэр ботугураа.

Саха поэттарын хоһоонноруттан сөбүлээбит строкаларгын малыыппа курдук хатылаа. Холобур, Алампа хоһоонуттан маннык строкалары:

 
Миигин
Хаххалыыр хара санаа – халбарый,
Күлүктүүр күтүр санаа – күрэн,
Баттыыр балыыр санаа – бар,
Ынчыктыыр ыар санаа – ыһылын,
Санаарҕатар саппах санаа – сайҕан.
 

Эбэтэр поэтесса Мария Алексеева кылгас хоһоонун:

 
Барыта этэҥҥэ буолуоҕа,
Эһиил да күөх ача тыллыаҕа,
Көһүйбүт сүрэхпин уулларан
Тапталым ымыыта ыллыаҕа.
Барыта этэҥҥэ буолуоҕа,
Ким эмэ мин ааппын ааттыаҕа,
Сахалыы алгыстаан, арчылаан,
Айаным аартыгын аһыаҕа.
Барыта этэҥҥэ буолуоҕа,
Тускулум тоһуйан туруоҕа,
Үс кутум үрдүк дьол тосхойор
Уоскулаҥ кытылын булуоҕа.
Сахабыт дьоно, барыны кыайар күүстээх санаалаах буолуҥ!
 

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации