Текст книги "Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор"
Автор книги: Валентина Семенова
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 5 страниц)
Семен Данилов
– «Кырдьар – кырыыс!» – дииллэрин
Билинимэ.
– Кырдьыбыккын! – дииллэрин
Истимэ.
Олох бүппэт түбүгүн
Сөбүлээ,
Үлэ ыарын, күүстээҕин
Үлэлээ.
Орулуос дохсун айаны
Айаннаа,
Оонньуур, дохсун ырыаны
Эн ыллаа.
Оҕо-дьахтар кэрэтин
Эн таптаа,
Аһы даҕаны сүмэтин
Эн аһаа.
Оннук хоһуун уолантан
Кырдьар кырыыс
Дьалты ыраах сылдьыахтаах, кыаттаран.
Кимиэхэ да иннигин
Биэримэ;
– Кырдьыбыккын! – дииллэрин
Истимэ.
Наталья Харлампьева
КИҺИ ТУОХТАН КЫРДЬАРЫЙ?
Киһи кырдьар тапталтан,
Дьоллуур, сордуур абытайтан,
Нөҥүө-маҥаа иэйиилэртэн,
Быстах, тутах эйэргэһииттэн.
Киһи кырдьар үлэттэн,
Үөрдэр, хомотор түбүктэн,
Бэрт былдьаһыыттан, ымсыыттан,
Сыыһа-халты дьаһалтан.
Киһи кырдьар төрүөҕүттэн —
Син биир төннөр аналтан
Мүччү түспэт иэдээнтэн…
Марфа Куличкина
БАҔАРДАР, БАТТАХПЫТ МАҤХАЙДЫН
Тахсар күн сарыалын кэтэһэ
Аларга хаамабын аргыыйдык,
Эн миэхэ кэлэргин эрэнэ
Сүрэҕим тэбиэлиир түргэнник.
Илииттэн сиэттиһэн хаамсыһыах,
Истиҥник, наҕыллык кэпсэтиэх.
Минньигэс мичээрдэ бэрсиһиэх,
Олохпут үөрүүтүн ыралыах!
Мэлдьитин бу курдук санаһыах,
Үйэлэр тухара өйдөһүөх,
Умнуһар, тэйсиһэр буолумуох,
Куруутун эдэрдии таптаһыах!
Баҕардар, баттахпыт маҥхайдын,
Саас баттаан көхсүбүт нүксүйдүн,
Сүрэхпит кырдьары билбэтин,
Өрүүтүн эрчимнээх буолуохтун!
Ханна да сылдьарбыт тухары
Куруутун бу курдук биир буолуох,
Ыраахтан даҕаны истиҥник
Оҕолуу итиитик ахтыһыах!
Петр Тобуруокап
Албыннан ээ, эдэрбин диэн,
Аралдьый ээ, чэгиэммин диэн,
Онтон ким да ночоотурбат,
Уһуох сааһа сарбыллыбат.
Оҕо сааһы санаан кэлэр
Ураты да кэрэлээх,
Оннооҕор сорох этэр:
Онтукаҥ күүстээх эмтээх.
Буолуо, баҕар, санаа күүһэ
Тугу-туоҕу кыайбатаҕай,
Хаһан киһи санаа, эрэл
Хамначчыта буолбатаҕай?!
Кэбис, доҕор, наһаа эрдэ
Олус түһэн, үҥсэргээн,
Найыланан, нэһирэн,
Кырдьыбыта буола сатаан,
Кырдьыы эрэ дьарыктанан,
Эһиил кэлиэх хоноһоҕо
Бүгүн орон оҥорума,
Олох күндү тобоҕо
Таах хаалбатын, ордорума,
Сыыска-буорга тохторума!
Петр Тобуруокап
Сүрэхпэр саас сылаас чаҕылын
Иҥэрэн мунньуммут буоламмын,
Тохсунньу тоһуттар тымныытын
Тулуһан туоруубун быһыылаах.
Сүрэхпэр көмүстээх күһүҥҥү
Сөрүүнүн сөҥөрбүт буоламмын,
Уот сайын умайар куйааһын
От охсон туоруубун быһыылаах.
Сүрэхпэр күн ийэм мичээрин
Кичэллик кистэммит буоламмын,
Киҥнээх дьон кырыылаах хараҕар
Кыһаммат буолбуппун быһыылаах.
Сүрэхпэр эдэр саас эрчимин
Харыстаан хаалларбыт буоламмын,
Кырдьар саас кыһалҕа кырыыһын
Бу бачча тулустум быһыылаах.
Николай Литвинцев
ОЛОРОБУН
Аны хаһан даҕаны
Иккиһин төрөөбөппүн,
Бу сири, бу халлааны
Мин ымсыыра көрбөппүн.
Ол иһин тугу барытын
Сыаналыырга үөрэнним,
Кырдьыгынан сылдьарбын
Кыайыым курдук этинним.
Олох сырдык муудараһа
Кэрэҕэ эрэ сиэтэр,
Кэлэр кэм үрдүк куолаһа
Мин кулгаахпар иһиллэр.
Нуурал киэһэ чуумпутук
Иһиллиибин айылҕаны
Бөлүһүөк киһи курдук
Саныыбын барыны-бары.
Тыал кэлэн мас төбөтүн
Куугунатар уһуннук,
Олоҥхо төрдүн-төбөтүн
Санаабар кэпсиир курдук.
Үчүгэйиэн, тыыннаах буолар,
Санаабыккын айа сылдьар,
Күнү таптыыр, сири таптыыр,
Күөх далбарыгар сыламныыр.
Киһи хаһан даҕаны
Киһитэ өрүү өтүөхтээх,
Ыллана илик ырыаны
Ыллаан баран өлүөхтээх.
Өлүү – киһи куоппат иэһэ
Сайа
ХАННА ЭРЭ БАРАБЫТ
Ханна эрэ барабыт.
Харахпытын симэн.
Хааммытын тоҥорон.
Хамсаабат буолан.
Ханна эрэ барабыт.
Халлааннаан көппөккөбүт —
Хара буорга киирэбит.
Хаартыскаҕа хаалабыт.
Хара буол, үрүҥ буол – бииргэбит,
Хайа-хайабыт – маарыннаһабыт:
Хаттаан төннүбэт
аналлаахпытынан,
Ханна барарбытын билбэппитинэн.
Харыстаһыах баар этэ.
Николай Литвинцев
МИН ӨЛҮҮНҮ ӨЙДӨӨБӨППҮН
Мин өлүүнү өйдөөбөппүн,
Өлүү диэн тугу этэллэрий?..
Хантан да, тугу да көрдөөбөппүн
Тоҕо миигин сэрэтэллэрий?
Өлүүнэн куттаамаҥ миигин,
Өлбөтөх суох сир үрдүгэр,
Билэбин хаһан эрэ ситэрин
Күн түүнүгэр биитэр күһүнүгэр.
Куруҥах мас суулларын курдук,
Сууллан түһүөм мин онно,
Сиргэ туох да буолбатаҕын курдук,
Чуумпутук сытыам мас ороҥҥо.
Үлэ киһитэ кэлэн барда диэн
Ким эрэ тыл этиэ симиктик,
Олоҕун ситэрбэккэ барда диэн
Ким эрэ түмүктүө бэрт нүһэрдик.
Уонна туран мин буоллаҕына,
Таптаабыт Ийэ буорбар киириэм,
Хаһан эрэ кэмим туоллаҕына,
Саҥа киһи буолан эргиллиэм.
Алампа
Өйдүөн көрдөххө,
Өлөн хаалар өлүүлээх,
Санаан көрдөххө,
Самнан хаалар салаҥ,
Көстүбэт гына
Көмүллэн хаалар
Күчүмэҕэй,
Аймааһына-аһыыта да алыс,
Кутурҕана-хомолтото да олус.
Ол гынан баран,
Оройдоон көрдөххө,
Орто дойдуга
Охтубат диэн оҥоһуллубатах,
Өлбөт диэн үөскээбэтэх,
Бараммат диэн баһылыктаабатах,
Алдьаммат диэн айыллыбатах,
Элэйбэт диэн этиллибэтэх эбит.
Онон,
Кэтэҕин көрөн
Кэскиллии санаатахха,
Түгэҕин көрөн
Түмэн өйдүөтэххэ,
Өлбүтү аһыйар
Өрүү түктэри,
Охтубукка уйманар
Ордук куһаҕан эбит…
Моисей Ефимов
НЬУРГУҺУН
Таламан кыыс курдук ньургуйан
Тырымныы түһээт, уостаҕын.
Күн анныгар ол эрэн, ньургуһун,
Кэрэтик кэлэн ааһаҕын.
Үүнэртэн-үөскүүртэн бу сиргэ
Кэхтибэт диэн, ама, баар үһүө.
Өлбөөрбөт дэһэллэр, арай дьэ,
Көдьүүһэ суох сытар көмүһү.
Туһата суох оннук мэлдьитин
Көрүнньүк буолуох кэриэтин.
Кылгастык да буоллар, эн курдук
Тырымнаан ааспыт ол ордук.
Савва Тарасов
Мин улуу дьолбунан ааҕыаҕым:
Ол тиһэх күннэрбэр сытарбын
Ким эрэ долгуйа истиэҕин;
Ким эрэ астына саныаҕын
Мин да син олорбут кэмнээхпин —
Дириҥник өрүтэ тыыныаҕын.
Мин улуу дьолбунан ааҕыаҕым:
Ол тиһэх күннэрбэр ким эмэ
Эйэргиир мичээрин биэриэҕин,
Ыксатар, тиэтэтэр бириэмэ
Ыгыытын тохтото этиэҕин:
«Ырыаһыт – ыллыахтаах… кимимэ!»
Мин улуу дьолбунан ааҕыаҕым:
Ол тиһэх түгэҥҥэ ким эмэ
Харааста харахпын сабыаҕын,
Аһыныы суоһугар эмнэрэ
Аймана үрдүбэр ытыаҕын,
Олох диэн кылгаһын саныаҕын.
Мин улуу дьолбунан ааҕыаҕым:
Ол тиһэх түгэҥҥэ ким эмэ
Букатын барбаппын билиэҕин —
Көмүллээт, бэринэн кээспэккэ,
Бар дьоннуун төннүһэн кэлиэхпин,
Өйдөбүл буоламмын киириэхпин.
Мин улуу дьолбунан ааҕыаҕым:
Ким эмэ ол кэлэр кэмнэргэ —
Баҕардар, быдан да хойутун
Кэпсиэҕин ытыктыы киэркэтэ:
«Ол киһи оҕотун оҕотун
Кэхтибэт кэскилэ үүммүтэ».
Петр Тобуруокап
Умай, умай, күлэ-үөрэ,
Сырдат эрэ, сырдаа эрэ,
Умай, бүппэт чүмэчим —
Сырдыы сырыт, сүрэҕим!
Баҕам миэнэ сүрдээх үгүс,
Хаһанын да салгымыах:
Үрүҥ түүҥҥэ, күргүөм күнүс —
Өрүү, куруук умайыах!
Уһун олох аанын сабан,
Сааспыт ситэн төннөргө:
«Аҥаардастыы сырдыы-үөрэ
Олорбута», – диэтиннэр.
Алампа
Ааспыты ахтар алдьархайдаах,
Инникини сэрэйэр иҥнэриилээх,
Быстыбакка быһа сылдьыбыт,
Көҕүрээбэккэ көҕөрө турбут,
Өлбөккө өтүрү үүммүт
Өрүү даа суох эбит…
Олох уонна өлүү – олох бүппэт эргиирэ
Андрей Борисов
ОЛОХ УОННА ӨЛҮҮ
Олох одун
охсуһуулаах,
Олох уустук —
охторсуулаах,
Олох кэрэ —
кэскиллээх,
Олох күндү —
кэрдиилэрдээх.
Өлүү тыйыс —
харыстаабат,
Өлүү куоппат —
көрсүһүөхтээх,
Өлүү суоһар —
мүччүрүппэт,
Өлүү дьикти —
кистэлэҥнээх.
Олох, өлүү —
игирэлэр,
Арахсыспат
аргыстыылар,
Эн аттыгар
олороллор,
Хардарыта
толорсоллор.
«Муҥур», – дэһэн
ытаһабыт,
Кэрэгэйин
кэпсэтэбит,
Кэрэ кэмэ
сыаналаммат
Ааста эрэ
аһыйабыт.
Олох бүппэт
буоллаҕына,
Төһө буолуой
суолтата?
Өлүү диэн суох
буоллаҕына,
Хантан төрүөй
өй-санаа?
Василий Саввин
КИҺИ
Төрөөбүтүм – мин бу сиргэ
Төлкөлөөх олоҕу олороору,
Түөрэккэй олох бэйэбиттэн
Тутулуктаах диэн этээри.
Төрөөбүтүм – тус дьолбор
Түөһүлэспэт айылгылаах,
Тутуура суох бу дойдуттан
Төннөр ыраас санаалаах.
Төрөөбүтүм – киһи аналын
Түһэн биэрбэт ыралаах,
Төһө күүһүм кыайарынан
Туругурдар эрэ баҕалаах!
Күннэтэ дьикти айыллар
Күммүт сирин үрдүгэр:
Киһи – ааһар хомолто,
Киһи – бүппэт ырыа.
Петр Тобуруокап
Сир эйигин төрөппүтэ,
Сир миигин төрөппүтэ,
Көмүс түөстээх күөрэгэйи
Күөх халлааҥҥа көтүппүтэ.
Баар эбээт эн сүрэххэр
Сир сүрэҕин итиитэ,
Баар эбээт эн дууһаҕар
Сир эйэҕэс иэйиитэ.
Тапталы Сир биэрбитэ,
Дьолу да сир биэрбитэ,
Бу дьиктилээх бэлэхтэрбин
Сүтэримээр диэбитэ.
Сиргэ төрөөн, киһи буолбут
Эн бараммат иэстээххин,
Санаа эрэ онтугун
Тугунан төлүөхтээххин.
Сиргэ киирэн, сир буолуоҥ,
Ийэҕиниин куустуһуоҥ,
Сир ийэҥ ону күүппэт,
Оннук иэһи билиммэт.
Эн Сири Күнү кытта
Холбоон үөрдүөх тустааххын,
Тапталынан, дьолунан
Түөһүн сылытыахтааххын!
Семен Данилов
ЫТЫЛЛЫБЫТ ОХ КУРДУК
Кэскил диэки дьулуһа
Олоруохха кэрэтик,
Ыытыллыбыт ракета,
Ытыллыбыт ох курдук.
Охсуһуохха күннэтэ
Олох иһин хоһууннук
Ыытыллыбыт ракета,
Ытыллыбыт ох курдук.
Өлөр тиһэх күнү да
Өһөстүк көрсөр ордук
Ыытыллыбыт ракета,
Ытыллыбыт ох курдук.
Оннук уолан олоҕун
Бар дьон номох оҥостуо:
– Олорбута уола-хаан
Ытыллыбыт ох курдук.
Андрей Борисов
ОЛОХ
Эн баар курдугуҥ
Бу сиргэ мин
Букатын кэлэ иликпинэ.
Эйиэхэ тардыһаммын
Ийэм иһигэр эргийбитим,
Ыҥыраргын истэммин
Күөх сирэмҥэ кэлбитим.
Эн баар этиҥ
Мин оройбунан
Орто дойдуга түһэрбэр.
Эйиэхэ кэлбит үөрүүбэр
Маккыраччы ытаабыппар
Эн баар этиҥ.
Мин сөхпүтүм эн
Үрдүк халлаанныын,
Үрүҥ күннүүн,
Үрүйэлэр үөрбүт сүүрүктэрин,
Ыйдаҥаҥ үрүҥ көмүс
Саккырыы тохтор суһуоҕун.
Таптаабытым кындыа кылыс
Эҥин-дьикти кыргыттаргын,
Уйан сүрэхтээх, суорун өйдөөх
Омун-төлөн уолаттаргын.
Эн баар буолуоҥ
Бу сиртэн
Мин букатын барарбар.
Сүрэҕим таайыаҕа
Сып-сылаас эн тыыныҥ
Миигиттэн букатын арахсан,
Атыҥҥа-саҥаҕа көһүөҕүн…
Ким эрэ үөрүүтүн биллэрэн,
Маккырыы ытыаҕын.
Уонна мин махтаныам
Ол кылгас түгэҥҥэ
Сүҥ Дьааһын
Дьылҕа Хаан Тойоҥҥо,
Киһи оҥорон
Күөх сирэмҥэ
Аҕалан аһарбытыгар.
Күннүк Уурастыырап
Бөлүүн түспүт күүстээх тыалтан,
Бүгүн көөппүт, тумус тыаттан,
Толоон уҥуор тупсан турбут
Толуу тииппит сууллубут.
Сааһын тухары эҥин бэйэлээх
Сатаны-буурҕаны тулуйбута.
Тоҕута сааллар этиҥнэрдээх
Дохсун силлиэлэри уйбута.
Өрүүтүн туруох курдуга.
Үйэтэ-кэмэ туоллаҕа:
Ойор күннээх бу дойдуга
Охтубат мас суох буоллаҕа.
Сүппэт сүөһү даҕаны,
Өлбөт киһи даҕаны
Үөскээбэт-төрөөбөт дииллэр:
Үрдүк дьылҕа оннук дииллэр.
Тиити солбуйар титирик,
Хатыҥы солбуйар хахыйах.
Оттон дьоннору – оҕолоро,
Ордук олоххо олоро…
Саргылаана Гольдерова
Киһи олоҕо кылгаһа олуһун.
Ол эрээри олохпун салгыахтара оҕолорум,
Оҕолорум оҕолоро…
Биһиги анал ааппыт да умнуллуо турдаҕа.
Арай умаппыт уоппут сириэдийэн иһиэҕэ.
Баҕар, хаһыс эмэ көлүөнэҕэ
Эн дууһаҥ тиллиэҕэ,
Эн сүрэҕиҥ тэбиэҕэ.
Мин итэҕэйэбин
Киһи өлбөт аналыгар,
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанар айыы тыыныгар.
Итэҕэйэбин
Сир хаһан да өспөт салгыныгар,
Сүүһүнэн көлүөнэҕэ эн салҕаабыт олоҕуҥ
тарҕанар алыбыгар.
Итэҕэй
Мин итэҕэйэрбин —
Ийэ сир тапталлаах оҕолоро буоларбытын,
Эйэ холууба көтөрүн тухары
Күөх сулус сир ийэ илгэлээх буоруттан
Биһиги айыы куппут ханна да куоппатын.
Савва Тарасов
Мин сүгүрүйбүт
кыргыттарым кырыйдылар,
Өлбөөрдүлэр
үҥпүт кэрэлэрим.
Ыра санааларым
ырдылар-сылайдылар,
Ыччаатылар
ыйдаҥалаах киэһэлэрим.
Хобдоҕуруон сөп эбит
атаахтаппыт айылҕам
Кураанах буоллаҕына,
мин уйаҕас сүрэхпэр…
Хата, күнтэн күн аайы
үлүмнэһэ айыллар
Харахтаах түһээн көрбөтөх
күн-дьыл көтөр күрэҕэр.
Кэллилэр уолан дьону
сүгүрүтэр кыргыттар,
Кэрэлэр көҕүтүһэ,
куоталаһа үүннүлэр.
Ыйы быдан куоһардылар
аны ыра санаалар,
Атын дьикти ыйдаҥалар
киэһэлэргэ күллүлэр.
Уонна тоҕо хобдоҕуруой,
бу улуукан айылҕа!
Саргылаана Гольдерова
Кэрэҕэ тардыһыы,
Бэйэҕэ уонна тулаҕа кэрэни сайыннарыы
Буолуон баҕарабын
Мин хас үүнэр күнүм
Ис хоһоонунан.
Көмүс дуй солконон илибириир сэбирдэх
Тэтиҥтэн түһэн мин санныбар сыстыаҕа.
Курустук тыгар ыйдаҥа
Сырдык долгун утаҕынан
Кэрэ үйэлээх номоҕун
Мин өйбөр уруһуйдуоҕа.
Мин өрүү тымтыктана саныаҕым
Кэрэ туһугар эрэйдээхтик эрээри
Ураты дьоллоохтук олорбут
Сир уран,
Сир уус дьоннорун.
Кинилэр кэрэни тилиннэрэр айыыларын
Мин өрүү сүрэхпэр сөргүтүөҕүм.
Үтүө тыл баайдааҕар күндү
Күннүк Уурастыырап
СҮБЭ
Күүтэр, суохтуур күҥҥүтүгэр,
Күндүл-чаҕыл халлааҥҥа
Көтөн тахсан көрүлүүр
Күөрэгэйи өйдүү түһүҥ —
Күндү, үтүө дойдугут
Көстөн тиийэн кэлиэҕэ.
Татыарыйар кэмҥитигэр,
Тардыы көмүс талахтарга
Тарып-ирип дьаарбайар
Татыйыгы саныы биэриҥ —
Таптыыр, ахтар алааскыт
Тахсан тиийэн кэлиэҕэ.
Ыксыыр, кылгыыр саххытыгар
Ыраас, сырдык сыдьаайдаах
Ыккый ойуур быыһыгар
Ымыыларда ыллатыҥ —
Ыраах хаалбыт кыраайгыт
Ыйдаҥара түһүөҕэ.
Им-дьим, чуҥкук буоллаҕына,
Иэйэр сүрэх долгуйуулаах
Истиих дьикти кэрэтин
Истэр курдук сананыҥ —
Истиҥ, чугас киһигит
Илэ көстө түһүөҕэ…
Наталья Харлампьева
СҮБЭ
Улахан таптал
тургутар ухханын
Абытайын
аастаххына,
Сырдык ыра
дьэбир дьайыыттан
Кэхтэрин
биллэххинэ,
Оччоҕуна саҕаланар
олох дьиҥнээх тускула,
Онно биирдэ биллэр
майгыҥ уйана-хатана,
Киһи буолар,
кии буолар
Дьылҕаҥ айыллар
ис кыаҕа…
Куорсуннаах
СҮБЭЛЭР
Эһэм оҕонньор этэрэ —
Дьону таптаа, оччоҕо
Дьоллоох буолуоҥ, – диэн.
Эбэм эбэн этэрэ —
Куһаҕаны санаама, оччоҕо
Үтүөнү эрэ оҥоруоҥ, – диэн.
Аҕам эмиэ этэрэ —
Аһыныгас буол, оччоҕо
Айыы санааланыаҥ, – диэн.
Ийэм барахсан этэрэ —
Истиҥ майгылан, оччоҕо
Чэпчэки тыыннаныаҥ, – диэн.
Абаҕам сүбэлээн этэрэ —
Албыны утар, оччоҕо
Киргэ сыстыаҥ суоҕа, – диэн.
Убайым куруук этэрэ —
Өһөс хааннан, оччоҕо
Элбэҕи ситиһиэҥ, – диэн.
Эдьиийим такайан этэрэ
Элбэҕи аах, оччоҕо
Дириҥ билиилэниэҥ, – диэн.
Учууталым үөрэтэн этэрэ —
Кыһаллаҥҥын үөрэн, оччоҕо
Киһи үтүөтэ буолуоҥ, – диэн.
Бэйэм бэйэбэр этэрим —
Көнө суолу тутус, оччоҕо
Киһи сиэринэн олоруоҥ, – диэн.
Алампа
УОЛЛААХ КИҺИ КЭПСЭТИИТЭ
(быһа тардыы)
…Үгүс үчүгэйгэ көҕүйбэккэ,
Үлэлээтэххинэ үссэниэҥ,
Алыс аймааһыҥҥа аралдьыйбакка,
Аһыыргын санаатаххына абыраныаҥ,
Кэлтэччи киһиэхэ кэнтэйбэккэ,
Кэскилгин тэриннэххинэ,
Киһи-хара буолуоҥ.
Ити гэннэ
Аналлаах суолгуттан арахсыма,
Туһааннаах суолгуттан туораама,
Сөбүлүүргүн сүһүөҕэр туруорар
Сүдү сөҥ санаалан,
Баҕарар бадаххын барҕардар
Бардам байҕал майгылан,
Кыраттан кыйахаланыма,
Аччыгыйтан абарыма.
Умайа турар уоту
Уу ньуургунан утарылас,
Симилэхтээх сиһи
Сирэйгинэн силэй,
Оргуйа турар ууну
Ортотунан оломноо,
Санааҕын сайыннар,
Өйгүн үксэт.
Уолҕаччы санааҥ уурайдын,
Уоттаах чолбон доҕордостун,
Муҥур санааҥ булгуруйдун,
Буулаҕа майгы булустун,
Саппахтаах санааҥ сайҕаннын,
Салааһыннаах санааҥ сайыннын.
Арбита
СҮБЭЛЭР-СОРГУЛАР
Төһөҕө даҕаны, көмүһүөм,
Бэйэҕин итэҕэс өйдөөмө,
Мин эрэ мөлтөхпүн, мин өлүөм,
Сарбыллыам диэн тылла көрдөөмө.
Күөгэйэр күннэргэр сыаналаа
Кэннигэр кэриэскин кээһэргин,
Сүүс сылы курдаттыыр аналлаах
Үүнэр күн өйүгэр тиллэргин.
Эдэр саас муҥутуур күнүгэр
Эн дьэллэм, сайаҕас буола тур,
Саһыма дьон-сэргэ кэннигэр,
Көҥүллээх сир көрдөөх уола буол.
Төлөннөөх тапталынан таптаа
Бар дьон оҥорбутун барытын,
Таптал диэн тылынан кынаттаа
Санааҥ үөрүүтүн, айманыытын.
Хара күн хаайан кэллэҕинэ,
Кытаатан кытаанах буолар буол,
Кэхтэн хаалыма кэннигинэн,
Куттал ыарын буолаҕынан буой.
Хаһан да дьулайан, симиттэн
Сүрэххин эрэйдии сатаама,
Кимтэн да кистээмэ, сэгэттэй,
Санааҕын, санааҕын, санааҕын!
Наталья Харлампьева
Сүбэм кыра:
Таптыахха – кырдьыктык,
Ытыахха – дьиҥнээхтик,
Арахсыахха – судургутук,
Киһи курдук,
Дьон курдук…
Семен Данилов
КҮЛҮҮ
Күлүҥ!
Үөрүҥ, эдэрдэр.
Күлүү – сүрэх ырыата;
Чэгиэн-чэбдик сүрэхтэн
Күлүм күлүү кытыастар.
Дьолтон, үрдүк үөрүүттэн
Дьон нарыннык күлэллэр.
Оттон тэбиэс тиэхэттэн
Алларастаан биэрэллэр.
Таптыыр сүрэх күлүүтүн
Эндэппэккэ билэбин:
Көмүс чуораан үөрүүтүн
Кылыһаҕар тэҥниибин.
Көрсөөт, күлүм аллайыы —
Кэрэ киһи алгыһа,
Курус мичил атаарыы,
Күүтүү, ахтыы аргыһа.
Оттон уоста сонньуйуу
Төрүүр түгэх күлүүттэн,
Албыннатан хомойуу
Абаккатын бэлиэтэ.
Өрүүтүн мин сүрэхпэр
Күн күлүмүн саната,
Күлүҥ-үөрүҥ, эдэрдэр!
Күлүү – сүрэх ырыата.
Саргылаана Гольдерова
Олоҥхо тылынан
Кэлэн кэхтэр киһилээх,
Кэхтэн кэлэр кэскиллээх
Орто кулан дьэллик дойдуга,
Доҕоруом, олоро сатыахха,
Бэйэ-бэйэни атаҕастаабакка.
Албын атаһы алҕаабакка,
Дьиҥнээх доҕору кыраабакка,
Көлдьүн көрү батыспакка,
Ийэ эрэйин умнубакка.
Охтон баранар мастаах
Орто туруу дьаҕыл дойду
Өлбөт өнөрүн,
Өрөгөй саргытын
Огдолуйан көрбөт улуу олоҕун
Биһиги салгыахха,
Сайыннарыахха,
Барҕатыахха,
Баһааҕырдымыахха,
Сырдатыахха!
Алампа
СҮБЭ
Таҥараҕа саантаамаҥ,
Иччигэ эрэнимэҥ,
Көстүбэти көрдүөмэҥ,
Ол оннугар
Икки атахтаах
Илиитин эпчиҥэр
Истиҥник эрэниҥ,
Өйүн күүһүгэр
Үгүстүк үҥүҥ!
Кини
Көппөтү көтүтэр,
Көрбөтү көрдөрөр,
Хамнаабаты хаамтарар,
Хараҥаны сырдатар.
Туохха да тойон —
Норуот, норуот!
Норуоттан тутуһуҥ,
Норуокка туһалааҥ!..
Наталья Харлампьева
Талаана суоххун диэтэхтэринэ —
Тыылла тэбэн тахсар буол,
Дьоҕура суоххун диэтэхтэринэ —
Дьорҕооттоно түһэр буол!
Харса суох хайҕаатахтарына,
Аахайбатыҥ буоллар дуу,
«Сүгүрүйэбит» диэтэхтэринэ,
Сүөргүлүүрүҥ буоллар дуу!
Сардаана Амгинская
Олох диэн уолбат куттаах баай-дуол
Күннээх көнтөһүн тутан туран
«Дьадаҥыбын» диэн сэнэнимэ,
«Тулаайахпын» диэн тутайыма.
Баары сатаан сыаналаабакка,
Кыраҕа улаханы көрбөт,
Баар олоххо үтүөнү булбат,
Суолтаны биэрбэт диэн сатаммат.
Чугаһы сыаналаа аан бастаан:
Бу тыыннааххын, бу илиилээххин…
Хас биирдии кыракый кыайыыгар
Махталы туһаай айыыларгар.
Байаргын толкуйдуоҥ иннинэ
Эн Олоҕу сыаналыы үөрэн.
Саха ыччатыгар
Аскалон Павлов
ЭР ХОҺУУН БУОЛ
Өскө эн хараххын утары көрдүннэр —
Хараххын куоттарар буолума,
Өскө эн доҕоргун өстөөхтөр күөйдүннэр —
Быраҕан түҥ тыаҕа куотума!
Өскөтүн эйигин быдьардык үөхтүннэр —
Куттанан бөкчөччү туттума,
Хаан хабыр хапсыһыы үгэнин саҕана
Кылыскын умсары тутума!
Өлөргүн умун,
Кутталгын тумун —
Эр киһи буол,
Эр хоһуун буол!
Хайдах да улуй,
Барытын тулуй —
Эр киһи буол,
Эр хоһуун буол!
Хайа да бэйэлээх омуктан саллыма,
Модун киэҥ санаанан самныма,
Хайа да бэйэлээх киһилиин харсыһан
Саатар, бэйэҥ чиэскин харыстан!
Омугуҥ бэрдин эн киэн тутта этиэхтээххин,
Биһиги чулуубут диэхтээххин,
Омугуҥ туһугар охсуһуох тустааххын —
Былааххын өрө тутуохтааххын!
Николай Литвинцев
Сиэним оҕо – эдэр киһи,
Мин саҥабын өйдөөн иһит,
Олох үгүс очуругар
Умса-төннө түһүөҥ турар.
Ол эрээри эн харыстаа
Дьонтон бэйэҥ уратыгын,
Сыаналаа, таба сылыктаа
Утарсыылаах олох кырдьыгын.
Кырдьыгынан эрэ киһи
Охтубат тирэҕин булар,
Суол аҥхалаатын, силиһин
Син эрэйдэнэн ааһар.
Ойуурдаах куобах охтубат,
Дьонноох киһи тутайбат,
Кытаат, силискин түөрүмэ,
Доҕотторгуттан тэйимэ.
Таптаа сириҥ сибэккитин,
Кууһан тур алааһыІ күөҕүн,
Оччоҕо эрэ билиэҕиҥ
Олох үчүгэйин, көҕүн.
Сиэним оҕо, ыга таптаа
Сүрэххэр ылбыт тапталгын,
Энчирээбэккэ харыстаа
Эдэр саас биэрбит аналын.
Эрэнэр, итэҕэйэр киһим,
Быстыбатах – ньүөл силиһим,
Эн буолаҕын мин сарсыардам,
Мин ырааҕы өйдүүр сырдыгым.
Василий Саввин
Баай буолума эн үбүнэн,
Баай буол эн үөрүүнэн.
Төрүт быстар дьадаҥы буол
Киһиэхэ өһүөнүнэн.
Дьадаҥы буол хомолтонон
Уонна санаа түһүүтүнэн,
Баай буол бу олох иһин
Өй-сүрэх күүрүүтүнэн!
Бука, кытаатан баай буол!
Баай буол истиҥ дууһаҕынан —
Уһуйар, угуйар, ыҥырар
Улахан олоҕунан!
Николай Литвинцев
Эр да киһи
Инчэҕэй эттээх,
Өйө-санаата
Өһүллэрдээх,
Күүһэ-күдэҕэ
Күр түһэрдээх,
Абыраан да ылардаах,
Алҕаһаан да турардаах.
Ол кырдьыга
Олох мөккүөрэ,
Олох олоруу
Уустук дьүккүөрэ.
Ол кэмҥэ омуннуран
Ордуостук туттар,
Уокка арыыны быраҕар
Омнуота улахан,
Иэдээнэ элбэх.
Николай Литвинцев
Ким иһэ итийдэ,
Ким өйө малыйда.
Олохпут эргийдэ,
Атыннык халыйда.
Уол оҕо, эр бэрдэ,
Ону эн кыай, тулуй,
Баара-суоҕа биирдэ
Бэриллэр дии олох.
Ол олох, дьиҥинэн,
Дьоһуннук ааһыахтаах,
Көннөрү көтүтэн
Саҥаны айыахтаах.
Ийэҥ да, аҕаҥ да
Күүстэрэ өһүллэн,
Хас саҥа сарсыарда
Сүгэһэр эбиллэр.
Арай эн, эр бэрдэ,
Ол ону кыайыаҕыҥ,
Уҥуоргу биэрэккэ
Тиэрдэри сатыаҕыҥ.
Чэ, тулуй, тиирэ тэп,
Эрэлбит эйиэхэ,
Баар олоҕу тиэтэт
Үтүөҕэ, үрдүккэ.
Леонид Попов
КИҺИ
Түрбүөннээх түбүккэр сылдьаҥҥын,
Ким эрэ ытыырын истэҕин.
Эрчимнээх эдэр уол буолаҥҥын,
Ол хоту көмөҕө сүүрэҕин.
Ким эрэ соҕотохсуйуу соругар
Сордоммутун билэҕин —
Биир киэһэ, кини хоһугар
Муҥун үллэстэ киирэҕин.
Киһини өйдөөбүт күҥҥэр,
Киһини өйөөбүт күҥҥэр
Эн саҕа дьоллооҕу билбэппин.
Эн үөрүүгүттэн
мин үөрэр эбиппин.
Николай Литвинцев
Сахам кыргыттара —
Санаам туллуктара,
Үтүө дьонноргутун —
Үрүҥ Уоланнаргытын
Өлүүттэн өрүһүйүҥ,
Сылаас сыһыаҥҥытынан,
Сырдык өйгүтүнэн
Ороон таһаарыҥ
Олох дьэбэрэтиттэн.
Ыган кэлбит,
Ытарҕалыы ылбыт
Ыарахан кэмҥэ
Ыһымаҥ олоххутун,
Түҥнэримэҥ түөрэххитин.
Уостан хааларга
Умсугуйумаҥ,
Көтөн хааларга
Көҕүйүмэҥ.
Василий Алексеев
ИЙЭ
Көлүөнэ бөҕө ааһыаҕа,
Күн син биир тыга туруоҕа —
Эрэл быстыбат утаҕа
Эйиэхэ эрэ буолуоҕа.
Улахан, кыра да дэннин —
Омук чэчириир анала,
Түөрэҕэ эмиэ мэлдьитин
Түмүллэр эбээт бу тылга.
Иһирэх, үтүө санаалаах
Иэйэр чараас сµрэхтээххин,
Уоттааҕар да сылаас, аптаах
Уратылаах мичээрдээххин.
Эн өрүү икки атахтаах
Имэҥнээх тапталын салгыаҥ
Уонна бу дойду аньыылаах
Мөккүөрүн сымната сатыаҥ…
Оннук аналыҥ. Кыыс-дьахтар —
Ууһат биһи кэскилбитин,
Төлөөн аас ытык алааскар
Төлөрүйбэт сүдү иэскин!
Николай Литвинцев
САХАМ САҤА ЫЧЧАТА
Саргылаах сахам саҥа ыччата,
Санааҕын түһэримэ аччата,
Ханнык даҕаны ыары тулуйар
Хатан күүс хааммытыгар оргуйар.
Оччоҕо биһиги орто дойдуга
Охтон биэрбэт оҥоһуулаах эбиппит,
Күн сиригэр олох диэн охсуһууга
Олоҥхо бухатыырыныы кэлбиппит.
Хаһыылаах, хаан тохтуулаах кэмҥэ
Хахха буоларбыт халыҥ ойуур курдук,
Өлөрсүүлээх үтүргэннээх түгэҥҥэ
Өрүһүйэ сүүрэрбит көмүөл мууһун курдук.
Биһиги бу дойдуну булан,
Биир бэйэбит биэс буолбуппут,
Тоһуттар тымныытын тулуйан,
Томороон күүстэнэн турбуппут.
Саргылаах сахам саҥа ыччата,
Санааҕын түһэримэ аччата,
Дойдум салгынынан өрө тыын,
Онно баар өлбөт-сүппэт тыын.
Үчүгэйиэн, бу сиргэ
Саргылаана Гольдерова
Олох кэрэ!
Эн төһө да мэнэрий,
Алдьархайынан бүтэр түмүгү,
Төннүбэт кутурҕан сүтүгү,
Суоһуур урусхал күлүгүн
Мин сүүспэр бэлиэтээ,
Син биир Иэйэхсит хотун
Имэҥнээхтик сипсийиэ:
Олох кэрэ!
Олох кэрэ!
Эн төһө да кэлэй,
Үөрүүттэн, көртөн-нартан тэй,
Тимэх саҕа үрүҥ сибэккини
Эн аахайбакка тэпсэн аас,
Түөрт муннуктаах эркиҥҥэ сас —
Ооҕуй оҕус илиминии,
Хаххаламмыт баррикадаларгын үлтү солоон
Булан ылыа эйигин
Олох кэрэ көстүүтэ!
Иван Гоголев
ОЛОРОБУН
Олоробун, олоробун
Сирдиин, күннүүн, халлаанныын,
Кинилэрдиин доҕордуубун,
Кинилэргэ хаһаайыммын.
Төрүөхпүттэн ыла халлаан
Хаан уруулуу дууһабар,
Бэһиэлэй күн миэхэ анаан
Күөх суугуну аҕалар.
Сааһы кытта саас ахсын
Сибэккилэри, үрүйэлэри
Ыҥыраммын, эдэр сааспын
Малааһынныыбыт түүннэри.
Өрөгөйдүүр олох иһин
Ый сандалын, күн күлүмүн
Толору кутаммын мин
Үөрүүлээх тост көтөҕөбүн.
Үчүгэйиэн, тыыннаах буолар!
Былыттарга уунан тиийэр,
Хатыҥ намчы биилин кууһар,
Сарыал аалай уутун иһэр!
Ааттаспытым да иһин
Миигин ханнык да дьахтар
Сиргэ аны иккиһин
Төрөппөтө биллэн турар.
Бэл, бүрэ хомурдуостуун,
Бэл, бороҥ үрүмэччилиин
Уруурҕаһа охсуохпун
Баҕарабын ол иһин.
Мин тыыннаахпын. Тыыннаах
буолан
Дьоллоохпун ый анныгар
Пантеоҥҥа сытыйан
Сытар улуу бокуонньуктааҕар.
Эн кэрэҕин, аан дойду!
Мин да мөкү буолбатахпын,
Төрөөбүт күнүм курдук,
Сананабын хас күн ахсын.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.