Текст книги "Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор"
Автор книги: Валентина Семенова
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 5 страниц)
Таптал таабырына
Наталья Харлампьева
Эн миэхэ амсаттыҥ
Дьол кымыһын.
Толору кутуллубут
Чороонтон амсаттыҥ
Дьол
Дыргыйбыт амтанын,
Олох дьиҥнээх амтанын…
Мин билигин
Туохтан да
Куттаммаппын,
Туохтан да
Маппыт саҕа санаммаппын —
Мин испитим
Дьол кымыһын
Тапталлаахпын кытта!
Дьуон Дьаҥылы
Миигин кыратык, бэрт кыратык
Билинэр киһи эбиккин,
Холоон көрөҥҥүн эн муодатык
Хоргутуннарбыт эбиккин.
Ити да иһин мин ситиһиим
Эйигин үөрдэр эбит дии,
Эн утары этэр киһилиин
Этиһэ сыһар этим дии.
Чэ, тупсуох, истиҥ көрүүгүнэн
Көрүүй дууһабын курдаттыы,
Хайдахтаах сырдык төлөнүнэн
Бу киһи Эйигин таптыыр.
Эйигин кытта күн анныгар
Маннык дьоллоохтук олоруум,
Көҥүллээ, доҕоруом, санныгар
Мин илиибин биирдэ ууруум.
Кистээбэппин: мин Эйигин
Килбигийэ таптыыбын,
Бэйэм, арыт, бэркиһиибин
Мин туох иһин таптыыбын.
Айманнарбын да сэмэйдик
Туттар курдук саныыбын,
Киһи хайдах үчүгэйдик
Таптыаҕынан таптыыбын.
Эн таптыырыҥ буоллар, баҕар,
Бачча таптыа суох этим.
Арай таптаа – ол сыламар
Умайан өлүөх этим.
Эн таптаама, мин таптааммын,
Доҕор туттуум, ытыктыым,
Күүрдэр тапталы ыллааммын
Күнүс үөрүүм, түүн ытыым.
Саргылаана Гольдерова
МАХТАНАБЫН
Мин курус ахтылҕаным,
Сырдык сулус тапталым,
Махтанабын эйиэхэ
Истиҥ ыраас тапталгар.
Махтанабын эйиэхэ —
Кылгастык да буоллар,
Чаҕылхайдык олохпор
Эн сандааран ааспыккар.
Эйиэхэ мин тапталынан
Бүүс-бүтүннүү умайан,
Дириҥ санаа муоратыгар
Иэйэ умсан ылбытым.
Муҥатыйар да диэмэ
Аймалҕан олохпуттан,
Курутуйуу ханна барыай —
Арыт кууһар санньыар иэйии.
Син биир махтанабын эйиэхэ
Таптал муҥун билбиппэр.
Дьиҥнээх таптал, кэрэ таптал
Баарын мин билиммиппэр.
Семен Данилов
Кини эмискэ, турбут да – баран хаалбыт,
Ол да иһин мин даачам куру-һары кураанахсыйбыт.
Саҥата суох, мин мунчаарбыт курус харахпынан
Кинини көрдүүбүн. Аймана, ахта күүтэбин
Наҥнаспыт сэлэ бэстэрим сэндэ быыстарынан
Кинини суохтуур тэлгэһэбэр аа-дьуо киирэрин…
Чуҥкунаан түһэн, чуумпу да буолаахтыыр эбит
Сыччах биир киһи тэлгэһэттэн таҕыстаҕына!
Чуҥкуйа, тулаайахсыйа ытыы сытан этэбин:
– Оо, тойон сүрэҕим! Эн олус айманаҕын!
Уһун олоххор эн арааһы көрсүбүт буолуохтааххын:
Бу да алдьархайгын саҥата суох саба
баттыахтааххын.
Уонна мин сирэйбэр биир да тымыры хамсатан,
Эбэтэр дууһам ыар мучумаанын муҥунан
Батыһа көрөн биитэр ураты мичээринэн көрсөн,
Кинини мин симитиннэриэ, таайыы хараҥатыгар
Киллэриэ суохтаахпын…
Оннук эрэ сатанар.
Варвара Потапова
Эйигин көрүүм да мин —
Элбэҕи-элбэҕи эргитэ саныыбын,
Эдэр, истиҥ иэйиилэрим
Эргиллибит сааскыларын күөх төлөннөрө
Эһиэкэйдиир курдуктар
Мин сүрэҕим тэбиитин эрчимигэр.
Эйигин көрүүм да мин —
Эмиэ-эмиэ эйэҕэс буолабын.
Хаһан эрэ харысхала суох хагдарыппыт
Хаарыан сибэккилэрим дьөрбөлөрө
Тиллэн, киэркэйэн кэлэллэр.
Эйигин көрүүм да мин —
Эрбэһин саҕабын умнабын.
Ахтар, саныыр алааһым тула суугунуур
Аар тайҕам тойугун үтүктэр туһугар
Ырыа умсулҕаныгар күөлэһийэбин.
Эйигин көрүүм да мин —
Мин баҕарабын эйиэхэ:
Кубулҕата суох доҕору,
Куттаһа суох өстөөҕү,
Хаардаах кыһыны,
Самыырдаах сайыны.
Мин бэйэбэр баҕарабын:
Эн эйэҕэс мичээргин,
Эн чэгиэн көрүҥҥүн,
Эн сылаас сыһыаҥҥын,
Эн эрэ эрэйи билимиэххин,
Эн эрэ миигин эрэниэххин,
Эн эрэ миигин кэтэһиэххин,
Эн эрэ миигин итэҕэйиэххин,
Уонна,
Уонна,
Оо, эйигиттэн эрэ мин
кэлэйимиэхпин…
Наталья Харлампьева
УОСКУТУУ
Дьахтар киһи анала —
Кэтэс Ньургун Боотуру!
Кэлиэхтээх кини эйиэхэ,
Күүт, кэлиэ сотору…
Күүт, эн итэҕэлиҥ
Ууттан, уоттан таһаарыа,
Ытамньыйбыт хараҕыҥ
Ыраахтан үтүөҕэ ыҥырыа.
Күүт, үрдүк халлаантан
Хаһан көтөн кэлэрин,
Күүт, дьиэ таһыттан
Уолун сиэтэн киирэрин.
Кэтэһэртэн сылайан
Үөһэ тыыныма эн,
Күүтүү – дьахтар анала
Былыыр-былыргыттан.
Сардаана Амгинская
Эйигин таптыыры эрэ батыс…
Тус бэйэҕин түһэн биэрбэккэ,
Түөстэн тапталы сүтэрбэккэ
Киһилии олоҕу олоруоҥ.
Эйигин таптыыры эрэ батыс…
Кини эрэ көмөлөһүөҕэ,
Быһа түһэн быыһаан буолбатах,
Киһитийии суолун булларан.
Эйигин таптыыры эрэ батыс…
Сайдыы суолунан тэҥҥэ хаамар,
Уларыйыы уҥуорун көрөр
Истиҥ сыһыантан угуттанан.
Ийэҥ кэриэһин эн ылын:
Эйигин эрэ таптыыры батыс…
Сайа
ТАПТАА МИИГИН
Таптаа миигин,
таптаа, таптаа…
Хаһан эрэ биһигини —
Дьахтары уонна эр киһини
Бу сир син биир мэлдьэһиэҕэ,
Эдэр сааспыт элик уотун
Кэмэ кэлэн – сойутуоҕа…
Таптаа миигин,
таптаа, таптаа…
Баҕар, таптал бу түгэнэ
Хагдарыйбат сайын буолан
Эн олоххор эргиллиэҕэ,
Иэйии саамал кымыһынан
Эн утаххын ханнарыаҕа.
Таптаа миигин,
таптаа, таптаа…
Ол барахсан олус кэрэ
«Этэ» диэҕиҥ… хаһан эрэ.
Наталья Харлампьева
Олоруохха чугас, ыкса,
Одуулаһыахха оһох уотун.
Тугу да, тугу да саҥарымыахха,
Умнуохха тыл суолтатын.
Уот иҥсэлээх төлөнүгэр
Тоһуйуохха иккиэн ытыспытын,
Дьоллоох курдук санаамыахха
Холбоспотох аналбытын.
Син биир бу олохпутугар
Ситимнэспэт дьылҕабыт,
Тэҥҥэ, чугас да буоллар
Тус-туспа кырдьыахпыт.
Олоруохха чугас, ыкса.
Оһох аттыгар, быстахха…
Доҕотторбут дьиэлэригэр,
Муус устар киэһэтигэр.
Баал Хабырыыс
Испэр сэрэйэр этим
Эн миэхэ иҥээҥнииргин.
Оттон мин кэрэйбитим, —
Оҕотуккун, эдэргин.
Кэмнээх буолуо дуо, сэгээр,
Кэрэни кэрэхсээһин!..
Эйиэхэ баара эбээт
Эдэр саас, үтүө дьүһүн.
Мин тапталы кистээһин
Эрэйдэрин билбитим.
Күлэ-үөрэ түһэргин
Көрбөтөх ордук диирим.
Оо, сүрэх сөбүлүүрүн
Өй буойара диэн баар.
Көрсөөр дьолу, үөрүүнү,
Хойут миэхэ махтанаар!
Иван Мигалкин
СААҺЫРБЫТ КЫРГЫТТАР
Сүүрбэ сэттэ сыл олордубут,
отучча сыл күүттүбүт,
Билбэтибит —
Күн курдук улахан тапталы.
Эр киһи көмүскэл буолар
Хоһуун сүрэҕин көрсүбэтибит диэҥҥит
Санааҕытын түһэримэҥ —
сааһырбыт кыргыттар…
Эһиги умнумаҥ,
хаһан да умнумаҥ —
тапталга бэриниилээх сүрэххитин,
уйан сүрэххитин,
эрэнэр сүрэххитин…
Дьоҕурдаах буолуҥ —
сэмэй мичээринэн, мунчаарар көрүүнэн,
килбик кэпсэтиинэн, ахтылҕан күүһүнэн
эр киһи сүрэҕин тапталынан арыйарга…
Дьоҕурдаах буолуҥ —
тэхтиргэ да тэбиллэн,
кыдьыктарга да охсуллан,
арыгыттан да саппаҕырбыт кэмигэр,
эр киһини – киһилии быһыынан өйдүүргэ,
бириэмэтин көрөн дьүүллүүргэ…
Санааҕытын түһэримэҥ —
сааһырбыт кыргыттар,
харыстааҥ сөбүлээбит эр киһигитин,
айылҕаны араҥаччылыыр курдук,
айылҕаттан – сылаанньыйар курдук,
айылҕаттан – ыарыылары тумнар курдук.
Күн буолан сылыйыы,
Ыйдаҥа буолан сырдааһын —
Таптал талаана, таптал кута…
Сатаан таптааһын —
Талааны баһылааһын.
Кинитэ суох —
Эн сатаан олорбот буоллаххына,
Эйигинэ суох —
Кини кыайан олорбот буоллаҕына,
Дьиҥ таптал үөскүүр,
Дьиҥ талаан тахсар.
Биир санаанан тыыныы,
Биир үөрүүнэн кынаттаныы,
Бииргэ хомойуу, бииргэ курутуйуу,
Бэйэ алҕастарын аһаҕастык туоратыы —
Таптал ирдэбиллэрэ, таптал көрдөбүллэрэ.
Санааҕытын түһэримэҥ —
сааһырбыт кыргыттар,
Таптыыр дьоҕуру сүтэримэҥ —
Бу, кырдьык, сорсуйуу.
Кииллийии
Иван Гоголев
ДЬЫЛҔАТТАН КӨРДӨҺҮҮ
Дьылҕам, дьылҕам! Эн былдьаама
Дууһам дьикти нарынын,
Сүрэхпин таас оҥорума,
Харыһыйбаппын атыны.
Аҕал күүстээх өстөөхтөрү
Миигин күүстээх оҥороору,
Суолбуттан киэр гын төрүт
Хоргус, албын доҕоттору.
Миэхэ дьиҥнээх албан ааты
Биэриэххин баҕардаххына,
Уоскутума букатын,
Мускуй чэбдик буурҕаҕынан.
Бэлэхтээ, биир эмэ ыраас
Таптал тыыннаах мүнүүтэтин,
Оччоҕо эрэ сылаас
Тылы сатаан этиэх этим…
Харыһый кирдээх хоптон,
Мин бэйэм уоннааҕытын
Охсуһан, кыайан-хотон
Булуом, булуом барытын.
Саргылаана Гольдерова
Кылгастарын да киһи олоҕун
Кэрдиис кэмнэрэ:
Оҕо саас, эдэр саас,
Аҕамсыйыы, кырдьыы…
Онтон балай хараҥаҕа тимирии.
Билбэккин —
Хаһыс көлүөнэҕэ эн мичээриҥ тиллэр,
Ханнык түһүлгэҕэ эн ырыаҥ иһиллэр…
Кылгастарын да киһи олоҕун
Кэрдиис кэмнэрэ:
Ол тухары,
Олороруҥ тухары
Тугу эрэ уратылааҕы, үйэлээҕи көрдөөһүн,
Иэһи төлөөһүн,
Алҕаһы көннөрүү,
Күндү күннэри көннөрү көтүтүү.
Ол быыһыгар мунуу,
Ол быыһыгар тумуу…
Дьиҥнээх олох олоруу —
Тулуур,
тулуур уонна дьулуур!..
Моисей Ефимов
ДУЙ УОННА КӨМҮС
Олоххо көрүстүм арааһы:
Үөрүүнү, хомолтону даҕаны.
Кэмсиммэппин онтон адьаһын —
Биллэҕим олох амтанын.
Аҥаардас кэрэҕэ, далбарга,
Ытыс эрэ үрдүгэр сылдьаҥҥын
Бу үгүс мааны дьон быыһыгар
Быччархай баарын таайбаккын.
Таайбаккын доҕорум диэбитиҥ
Киһи быртаҕа буоларын,
Билбэккин үтүө аат килбиэнин,
Хоп тыл киртитэр абатын.
Доҕоруом, төһөнөн олохтон
Аһыытын-ньулуунун амсайыаҥ,
Соччонон эн дуйу көмүстэн
Эндэтэ барбакка араарыаҥ.
Наталья Харлампьева
Кырыыс төннөр дэһэллэр…
Ол да иһин сымыһахпын быһа ытыра,
Уодаһыннаах уот тылларбар таҥалайбын салата,
Иэдээннээх, иччилээх этиилэрбин испэр хаайа,
саҥата суох,
хара балыыры,
атаҕастабылы
уйдаҕым буоллун!!
Ол эрэн, биирдэ эмэ
Намыһах халлааҥҥыт кытыытынан
Хараҥа былыттар халыһан тахсаннар
Хаарыаннаах күҥҥүтүн күлүктүү түстэхтэринэ,
Бүтэй алааскыт бүүрүгүнэн
Добун холоруктар ытылла күөрэйэн
Ымсыылаах ымыыгытын ыстахтарына,
Билээриҥ —
бэйэҕит санааҕыт
эргиллибитин,
бэйэҕитигэр илэ
төннүбүтүн.
Василий Алексеев
КИИЛЛИЙИИ
Олус да ыарахан этэ
Ол дьыл хаара-ардаҕа,
Ол эрэйин эгэлгэтэ
Умнуллуо эрэ суоҕа.
Хоһуун да аатырдарбын
Хомойбутум, хоргуппутум.
Ыт элэгэр бараммын
Ытаабытым-соҥообутум…
Көмө буолуо диэбит дьонум
Көхсүлэрин көрбүтүм,
Олох быатыттан биир тутум
Ордон өрүһүммүтүм.
Энэлгэннээх тыалы-кууһу
Эҥэрбинэн тэлбитим,
Муус тыыннаах муҥу-сору
Муннубунан тыырбытым…
Онтон хата кииллийбитим —
Олох ис дьиҥин билбитим:
Киһи сирэйин килбиэнин,
Уонна иһин эриэнин…
Саргылаана Гольдерова
Киһи барахсан!
Эн ыраахтан ыраахха көтөргөр,
Кэрэттэн кэрэни көрдүүргэр,
Үрдүк сыалгар тиийэргэр
Муҥтан буһан-хатан,
Кытаанахтан, кыһалҕаттан эрчиллэн,
Эрэй эҥинин билэн
Суол тэлэр эбиккин.
Онуоха охтубатаххына, самныбатаххына,
Модун санаанан кынаттаннаххына,
Эн Дьиктигин,
Эн Киһигин.
Онтон өрүү мунар,
Сорго сорсуйар,
Санааҥ сарбыллан,
Кимиэхэ эрэ сүгэһэр буолан сүгүллэр,
Унньу-санньы түһэн,
Үтүрүллэр буоллаххына,
Эн
Киһи барахсан диэн
Сырдык ааты сүтэрэҕин.
Николай Литвинцев
О, ОЛОХ БАРАХСАН, ОЛОХ БАРАХСАН
О, олох барахсан, олох барахсан
Долгуннура сытаҕын муора буолан,
Мин онно олук курдук быраҕыллан
Туста сылдьабын баар кыахпынан.
Муора долгунугар, бэл, таас милкиллэр,
Мин эмиэ милкиллэбин Эн долгуҥҥар,
Сороҕор өйүм-санаам өһүллэр
Ыас хараҥаҕа тиийэн сүтэр, муҥурданар.
О, олох барахсан, сороҕор эмиэ
Атаахтатан ылаҕын арҕаскар олордон,
Көлүүр оҕуһунуу эстэр күүс-сэниэ,
Ол эрэн син биир хоргуппаппын олохтон.
Мин олоруохпун баҕарабын өрүү
Кыах тиийэринэн айар айдааннаах,
Сытыам суоҕа этэ, сынньана, өрүү.
Кырдьыы диэн сымыйа, сылдьыам дьалты ыраах.
Сыыһаны утарсыы, табаны биһирээн
Олоруу – мин олоҕум уратыта,
Туох да диэбиттэрин иһин дириҥээн
Баһырхай буолла кэмим оонньуута.
О, олох барахсан, олох барахсан
Мин баҕам – эн курдук олоруу,
Салҕабын чуумпуттан, уоскуйууттан
Мииннэр даа, саҥа долгуҥҥун соноҕостуу.
Саргылаана Гольдерова
Олох олоруу —
Сир тыйыс кыһынын тулуйуу,
Сир куйаас сайыныгар буһуу.
Олох олоруу —
Санаа алҕастарыгар
Кыһыылаахтык мунуу,
Таптал татакайыгар
Сүрэхтиин, сүрэллиин
Кулут буолуу…
Олох олоруу —
Ийэ оҕотугар
Хараҕа суох тапталынан
Үүнэр күн
Аһыытын минньитии.
Олох олоруу —
Сыыһаларгын сыымайдаан,
Алҕастаргын араҥалаан
Дьиҥ кырдьык саспыт
Саҕаҕын булуу.
Оччоҕо буолуо – олох олоруу —
Сир мап-мааны,
ып-ыраас кыһыныгар умсугуйуу.
Сир сып-сылаас,
чээлэй күөх сайыныгар дьоллонуу.
Олох олоруу —
Сып-сырдык санаа сарыалын уматыы!
Тапталтан, көҥүлтэн, кэрэттэн дуоһуйуу!
Суоһааны
Таба суолу туттум бу диэн
Таһырдьаа аан тутааҕын
Тутан туран
Тута хантан билиэҥий?!
Хаамтах ахсын,
Бардах ахсын
Батыллаҥҥын, иҥнэҥҥин,
Арыт охтон ылаҥҥын,
Бии ийэҥ барахсан эппитин,
Аҕаҥ эмиэ сэрэппитин
Өйдөөн-дьүүллээн кэлэҕин,
Атыллыбыт атырдьаҕыҥ
Сол биирин билинэҕин.
Этии-тыыныы истиҥинээҕэр
Олох үөрэҕэ
Ордук тиийимтиэ буолар
Чыпчаххайынан быһыта биэрэ.
Арай диэн хомолтолооҕо
Хойутаабыт буолар сороххо
Хаттаан суолу тэлэргэ.
Олох диэн охсуһуу
Саргылаана Гольдерова
Киһи,
Эн хайаан даҕаны оптимист буоллаххына сатанар:
Олоҕуҥ саҕаланар уонна салҕанар саҕахтарыгар —
Умуллар уонна умайар санааларгар;
Эн харахтаргыттан туустаах таммах тохторун тухары,
Эн дьайыыларгыттан хара санаа охторун тухары.
Киһи,
Эн хайаан даҕаны оптимист буоллаххына сатанар:
Санаа түһүүтэ
Саргылаах ырыаҕын сатарытар үҥүүтэ
Эйигин өрө кыҥыыр,
Эн күүскүн, көҥүлгүн сайыалыыр,
Быстан баран салҕаммыт эн кыл тыыныҥ
Кыланар кырдьыга
Кынаттаах ыраҕын сарбыйа сатыыр.
Киһи,
Эн хайаан даҕаны оптимист буоллаххына сатанар:
Тыйыс санаа ыстаал хатарыытынан,
Үтүө санаа үрдүк дьайыытынан,
Нарын санаа дайар ымыытынан
Эн дууһаҕын толороҥҥун;
Хара чэрдэри, оспот баастары хаалларар
Соһумар баһаардары сүрэххэр умуллараҥҥын,
Аһыныгас тыыннаары арчылыыр аал уот буолаҥҥын.
Леонид Попов
СЫТЫАРЫ КИҺИ
Намыын, холку, номоҕон;
Дьүһүнүн курдук, бытаан саҥалаах,
Бэйэтин олорор да олоҕо
Ол курдук чуумпу айаннаах.
Сүүрүк хоту оргууй устар
Куормата суох аалга холуубун;
Көрбөтөҕүм сүүрэн, тустан,
Күлэн, ыллаан, кини оонньуурун.
Истэ иликпин, дьоннуун утарсан,
Кими сирбитин-хайҕаабытын.
Билэ иликпин, тыл бырахсан,
Саныырын саҥарбытын.
Кинини ол эрээри хайгыыллар,
Киһи сытыарыта киһи дииллэр,
Үчүгэй ахсааҥҥа аатын ааттыыллар,
Тоҕотун билбэтим, сэгэрдэр.
Арай, мин биири эрэ этэбин:
Сытыарытааҕар туруору буолбут ордук.
Эрдиммэт эрэйэ суоҕун билэбин,
Ол эрээри сүүрүгү өксөйбүт ордук!
Леонид Попов
Доҕоруҥ кырдьыккын балыйдаҕына,
Туора дьон хобунан саҥардаҕына, —
Туох диэҥий, эт эрэ миэхэ, —
Туох диэҥий киниэхэ?
– Туох да диэм суоҕа,
Дойҕохтуу барыам суоҕа,
Уоһум миэнэ күлүөҕэ,
Оттон сүрэҕим ытыаҕа!
Наталья Харлампьева
Үтүө тылы – өлбүт кэннэ,
Кэрэ тылы – кэхтибит кэннэ,
Эдэр эрдэххэ – бэрт былдьаһыы,
Тыыннаах эрдэххэ – туруулаһыы…
Икки атахтаах кэмэлдьитин
Ылынаргар тиийэҕин,
Олох салҕанар оонньуутун
Оонньоһоргор күһэллэҕин.
Ол эрэн хайа да түгэҥҥэ
Сиэрдээхтик дьаһаныахха,
Хара санааҕа, хара дьайга
Сорук-боллур буолумуохха!
Саргылаана Гольдерова
Кыһалҕата суох ким да суох.
Оннооҕор кыра оҕо кыһалҕалаах —
Үүнэр-сайдар сарсыҥҥылаах.
Итэҕэйбэппин,
Кыһалҕата суох арай
Мин баарбын дииргин,
Мин кыһалҕаларым элбэҕин дьиктиргииргин.
Тыыннаах эрэ барыта кыһалҕалаах,
Кэхтэр эбэтэр тыллар айылгылаах.
Билинэбин, ол эрээри
Хас биирдии киһиэхэ
Кыһалҕа араастааҕын,
Кыһалҕа туспалааҕын —
Сороҕу самнарарын,
Сороҕу сайыннарарын,
Сороҕу умулларарын,
Сороҕу уһугуннарарын.
Кыһалҕам миэнэ —
Кытаанах санаата иит,
Миигин куоппуту сит.
Кыһалҕам миэнэ —
Үчүгэйи ыралаа,
Үрдүккэ кынаттаа.
Семен Данилов
СҮГЭҺЭР
Олох нүһэр ыараханын,
Олох тыыннаах сүпсүгүн,
Эдэр санным уйарынан
Эдэрбиттэн сүкпүтүм.
Ол мин тутах кыра күүспэр
Балай эмэ сүгэһэр —
Сылын аайы ыараан истэ
Мин нүксүгүр көхсүбэр.
Умса баттыыр ол ботуоҥкам
Күнүүһүт дьон хараҕар
Үөһэ көтөр кынат буолан
Көстөр эбит бадаҕа.
Ордук саныыр ол урдустар
Суолбун ааҕа суоллууллар,
Сур бөрө үөрүн курдуктар,
Салпакка сойуолууллар.
Оо, мин күө-дьаа иһэбин,
Ону ол диэбэккэбин,
Үйэм уурбут сүгэһэрин
Оломмор тиэрдээрибин.
Савва Тарасов
Олох диэн уустук,
Олох – оонньуулаах,
Үөскүөҕүттэн оннук
Тыйыс оҥоһуулаах.
Үчүгэй диэн үҥпүтүҥ
Үлтү барыаҕа —
Үтүө, кэрэ өйдөбүлүҥ
Өһөн хаалыаҕа.
Куһаҕан дии санаабытыҥ —
Хойутаан билбитиҥ, —
Араҥаччылыы сатаабытын,
Арааска тиксибитин.
Атастаатар атаһыҥ
Айааннарга тоһуйуоҕа,
Алҕаһатан-халтарытан
Атаххын тоһутуоҕа.
Сөҕө истиэҥ эмискэ:
Сөбүлээбэт диэбитиҥ
Өлөр-хаалар түгэҥҥэ
Өйөбүлүҥ эбитин.
Олох диэн уустук,
Олох – оонньуулаах…
Таабырын курдук ону
Таба таайыллыахтаах.
Леонид Попов
МИН БУРУЙУМ
Мин буруйум,
Мин иэдээним —
Баҕарабын:
Ситиллибэти ситиэхпин,
Биллибэти билиэхпин,
Булулла илиги булуохпун,
Туойулла илиги туойуохпун!
Мин буруйум,
Мин иэдээним —
Астыммаппын:
Күннээҕинэн сөп буолууну,
Көтөн иһэн уоскуйууну,
Сүүрүк хоту устууну,
Хотуллубуту хотууну.
Мин буруйум,
Мин иэдээним —
Сөбүлэппэт дьонум хараҕар,
Сүлүһүннээххэ, бохсуулаахха
Сүрэҕим сүүдүйэр курдук көстөр.
Мин буруйум,
Мин иэдээним —
Өстөөх киһи санаатыгар,
Өлүүлээххэ, охсуулаахха
Өйүм үлүһүйэр курдук көстөр.
Сымыһахпын быһа ытыран,
Сымыйа диэн
Саҥа таһаарбакка хаһыытыыбын.
Сата-буурай санааларынан,
Сарпа кыымнаах кутааларынан
Уордаах тымныы дууһалары
Уолуһутан туруордарбыан —
Үрүҥү үрүҥ диэн үөгүлэтэ,
Хараны хара диэн хаһыытата!
Николай Литвинцев
ҮӨРЭНИИ
Айылҕа сүүс дьиктитин
Арааран өйдүүр баҕаттан,
Үөрэнэбин мэлдьитин
Өһөстүк туруулаһан.
Үөрэнэбин тус бэйэм
Үгүс сыыһаларбыттан,
Туохтан эрэ кэлэйэн,
Тохтоон туран хаалбыттан.
Үөрэнэбин элбэхтэн
Бүдүрүйбүт эрэйиттэн,
Ыар аһыыттан илистэ
Аймаммыт киһиттэн.
Уонна дьэ, ол үөрэниим
Олох олорорго иитэр,
Олоҕу өйдөөн билиим
Охсуһарга үөрэтэр.
Киһи үйэтин тухары
Үөрэнэр диэн этэллэрэ
Кырдьык эбит, күн аайы
Билбэтим элбээн иһэрэ.
Мин оҕолорбор, сиэннэрбэр
Этиэм этэ биир тылы,
– Салгымаҥ үөрэнэртэн —
Үөрэх үрдэтэр барыны.
Ким ааспытын аахайбат
Силиһин-төрдүн санаабат,
Кэбирэхтик кыайтарар,
Суол ортотугар хаалар.
Саргылаана Гольдерова
Мин үөрэнэбин күн аайы
үчүгэй буоларга.
Мин кыһаллабын күн аайы
үтүө буоларга.
Олус кытаанах үөрэх —
Үчүгэй буолар үөрүйэх.
Үлэҕэр да үтэһэ үрдүгэр сылдьаҕын.
Дьиэҕэр кэллэххинэ,
Айдаарсаллар, этиһэллэр,
Арыт охсуһаллар оҕолоруҥ.
Туттунуоххун баҕараҕын,
Син биир хаһыытыыгын,
Буруйдааҕы накаастыыгын.
Эйэ дэмнээхтик кэпсэтиэххин баҕараҕын
Билэр киһигин кытары.
Табыллыбакка сылдьар кэмигэр
Аһыныаххын да саныыгын,
Бааргынан-суоххунан маанылыыгын.
Ону баара, отой да
Үтүөнү оҥордо диэн үөрбэт,
Хата, өрө баран
Кыйахаммытын, кырдьыктаммытын
Эйигинэн таһаараары
Арааһынайдык хомнуоҕа,
Оҥорботох да аньыыларгын соҥнуоҕа.
Хайыаххыный, киһи буолар быраапкын
Син биир көмүскэһэн
Эн киниэхэ кытаанах тылгын
ыһыктыахтааххын.
Ыгылыйдаххына, ыт курдук ырдьыгынаан
да ылыахтааххын.
Ол да буоллар,
Дьон алдьаммыт уйулҕаларын
Ордуос иэйиилэрин
Ордуутугар да олордорбун,
Мин үөрэнэбин күн аайы
Үчүгэй буоларга.
Мин кыһаллабын күн аайы
Үтүө буоларга.
Кырдьык иһин туруулас
Леонид Попов
КЫРДЬЫК ИҺИН
«Мөккүөргэ көстөр көнө суолу
Атын дьон солоотун – батыһыам.
Уруттуур – охсуһуулаах буолуо,
Үгүс дьоҥҥо өскө барыам», —
Итинник санаама, суох, кэбис!
Олох адаардаах аартыгын
Өрө хааман, инники ис,
Күөрэччи көтөх кырдьыгы!
Туора санаалаахтан торуттан,
Доҕоруҥ кэтэҕэр саһыма.
Кырдьык иһин охсуһууттан,
Кыайтар да, син биир куотума.
Көлдьүн тарҕатар хобугар
Көлбөҕүрүөм диэн куттаныма.
Өһүөннээх үгэтин сойуотугар
Үтүрүллүөм диэн туттунума.
Аллаах ат биир эрэ кымньыылаах —
Санаабыккын хайаан да оҥор.
Үтүө киһи биир бигэ тыллаах —
Ылыммыккын булгу толор.
Кылбайар кырдьык иһин турарга,
Чаҕылхай чахчыны таптыырга,
Ол туһугар өлөргө-тиллэргэ
Ананан кэлбиппит бу сиргэ!
Иван Гоголев
КИҺИНИ ТУОХ?
Киһини туох үрдэтэрий?
Үрдүк уҥуох буолбатах,
Үрдүк соло буолбатах,
Үрдүк өйө, дууһата,
Үрдүк баҕа санаата.
Киһини туох намтатарый?
Кылгас сото буолбатах,
Кылгас соно буолбатах,
Хаптаҥнааһын, ньылаҥнааһын,
Хараҥатык ымсыырааһын.
Киһини туох киэргэтэрий?
Маҥан сирэй буолбатах,
Мааны таҥас буолбатах,
Кэрэ, үтүө майгыта,
Килбиэннэрдээх дьыалата.
Киһини туох киртитэрий?
Кирдээх тарбах буолбатах,
Кирдээх ыстаан буолбатах,
Албына, хобуоччута,
Атын дьону холуннарыыта.
Киһини туох кырытыннарар?
Күн-дьыл хаара буолбатах,
Күүстээх үлэ буолбатах,
Ааспат чуумпу ахтылҕан,
Ааспат аһыы, кутурҕан.
Киһини туох өлбөт тыынныыр?
Өлбөт мэҥэ буолбатах,
Уордьан, мэтээл буолбатах,
Кырдьык иһин мөккүһүүтэ,
Хотой курдук өлүүтэ.
Василий Алексеев
ТЫЫННААХ ТЫЛ ТУРУОҔА
Этиэххин эттэҕиҥ,
Элэктии турдаҕыҥ.
Санааҕын ситтэҕиҥ,
Саарыбын астаҕыҥ.
Айаҕар атыллан,
Адаҕа кэттэҕим,
Санааҕын манньытан,
Сарбыллан эрдэҕим…
Кэннибэр сөрүөстэн
Кэтэххэ биэрдэҕиҥ,
Көхсүбэр үктэнэн
Күллэҕиҥ, үөрдэҕиҥ.
Сыыс оттуу тэпсиллэн
Сыттарбын даҕаны —
Ааттаһар санаам диэн
Адьас суох! Дьэ, аны:
Өллөххө өлүллүө —
Өй, мөккүөр өһүллүө,
Сүттэххэ сүтүллүө —
Сүдү өс көмүллүө…
Үөрэн эр, күлэн эр,
Үтэһэҥ тостуоҕа —
Таҥара дьүүлүгэр
Тыыннаах тыл туруоҕа!
Василий Алексеев
КӨРҮСТЭРБИН ЭРЭ
Халлаан үлтү ыстанан
Хампарыйан түһүөр диэри,
Хаһыытыы сыстым абаран,
Хааным хамсаан, мэйиим иирэн!
Көрүстэхпит үгүс сылы
Көмүөл мууһунуу суурайан,
Уруккута олус иллээх,
Билиҥҥитэ иһэ истээх —
Өһүллүбэт үлүгэрдээх
Өйдөспөтөх икки өстөөх.
Эн угаайылаах санааларыҥ
Ииппит айаларын ырбаларыгар —
Истэр курдукпун бүгүн да,
Эрэйгэ тэбиллибит,
Эргиллибэт эдэр сааһым
Иэйэр-куойар энэлгэнин…
Бырастыы гыммат аналлаахпын
Мин хааннаах андаҕарбынан:
Ол аҕалбыт иэдээннэргин,
Олохпунан эргиммиккин…
Умнубатыҥ ини бүгүн
Оһоллообут куккун-сүргүн?
Көрүстэрбин эрэ көрдүү сылдьыам
Көмүс күннээх эдэр сааспын!
Семен Данилов
Ааспыт кэми барытын
Таҥара оҥостума.
Бэйэҥ үйэҥ кырдьыгын
Ааспыттан намтатыма.
Арбаныы, киһиргэнии
Хаһан да хайҕамматтар.
Ол эрээри кэриэлийии
Күүс бэлиэтэ буолбатах.
Сымыйаттан – кырдьыгы,
Хараҥаны – сырдыктан
Таба көрөн араарыы —
Ол ээ олох ырыата.
Сааһыраллар дьоллоохтор
Иван Брызгалов-Айанаас
ҮӨЛЭЭННЭЭХТЭРБЭР
«Кырдьар – кырыыс».
Ыҥырымаҥ,
Кырыыс сорун киллэримэҥ,
Кырдьар ини дьоллоох уолан —
Хорсун санаа аргыс буолан!
Хоодуот буолуҥ
Манчаарылыы,
Тиксиҥ дьолго Байанайдыы,
Түһээн мииниҥ маІан аты,
Сэргээҥ кэрэ дьахталлары.
Кырдьа-бохсо сатаамыаҕыҥ,
Кыайтараммыт сытымыаҕыҥ.
Улуу мөккүөр – бэринимэҥ!
Уонна адьас түөһэйимэҥ!
Оҕо курдук оҕонньоттор,
Тиэрэ-умса таһыллымаҥ.
Ойон-көтөн оһуокайдаан,
Тайах маска талаһымаҥ.
Айылҕаттан эрчим ылар
Айыы дьоно – сахаларбыт,
Үрүҥ күнтэн тардыылыктаах
Урааҥхайдар буолабыт.
Иван Гоголев
БИИРТЭН ЭРЭ КУТТАНАБЫН
Суох, мин куттаммаппын
Сидьиҥ быртах хобуттан,
Куһаҕан киһи албын,
Сымыйа да тылыттан.
Туох буолуой! Сүрэх бааһа
Өтөр оһуо, чэрдийиэ,
Сулус күөҕэ, долгун тыаһа,
Түүҥҥү сылаас ардах эмтиэ.
Куттаммаппын тыыммын хаайар,
Эппин уоттуур ыарыыттан,
Иин иһигэр дьыбарсыйар
Дьэбиннээх да хараҥаттан.
Туох буолуой! Мин оннубар
Чоргуйуо тыаҕа кэҕэ,
Мин дьаарбайбыт хонуубар
Дохсун кулун сүүрүөҕэ.
Куттанабын бииртэн куруук,
Күүс бүтэн, сыра быстан,
Тостубут хомус курдук,
Туһата суох буоларбыттан.
Онтон эрэ эн миигин,
Быыһаа, быыһаа, оҥоһуум,
Өстөөҕүм сэтэрээбэтин,
Аһымматын доҕорум.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.