Текст книги "Эн баҕас!"
Автор книги: Валерий Бороҥ+
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Оо, олох барахсан киһи дьылҕатынан хаһан санаабыккынан өрө-таҥнары тутан, көөчүктэнэ оонньуургун сөбүлүүгүн даҕаны.
Куоста кулууптан кэлэн баран, күүлэтин үктэлигэр олорон, табахтаан уоскуйда. Онтон дьиэтигэр киирэн, үргүлдьү хоһугар ааста уонна эргэ гитаратын ылан, оронугар тиэрэ түстэ. Итиэннэ струналарын тарбаҕынан нарыннык таарыйан оонньуу-оонньуу, били мааҕын күнүс ыллаабыт, тылын уонна матыыбын ким суруйбута биллибэт, уруккуттан олус сөбүлүүр ырыатын иһиллэр-иһиллибэттик ыллыы сытта:
Хомойума, сонньуйума
Оо, дууһабын эн аймаама,
Хараҕым уутун тоҕоҥҥун
Мин сүрэхпин ытатыма.
Хатыҥ чараҥ саҥабытын
Истибитэ-кистээбитэ,
Тапталбытын сиргэ-буорга
Тэпсибитиҥ тоҕо сүрэй…
Дьиҥнээх доҕор
Атас туһугар атах тостор.
Быыбылык сүр түргэнник оҕо сэллиги эмтиир санаторийын кырыаран эрэр түннүгэр сүүрэн тиийэн көрбүтэ – аҕата Баһылай атын быатын остуолбаҕа сөрүү бырахпытын төлөрүтэн, бугуһуйан өрө мөҕөр соноҕоһун оргууй суолугар сиэтэн киллэрэн баран, ойоҕолуу иһэн кэтит самыытыгар муоһатынан охсон «лап» гыннарда. Онтон эттээх ата кымньыыланан сэниэлээхтик батыччахтаан эрдэҕинэ, туйаҕын иһэҕэ сирэйин сиирэ-халты түһэригэр кыһаллыбакка хаамар-сүүрэр быластаан үстэ-түөртэ киэҥник хардыылаат, бэрт сылбырҕатык сыарҕатыгар олоро түстэ да, дьиэтин диэки атара сэлиинэн тибилиннэрдэ.
Ону көрөн турбут оҕо аҕатын, ийэтин, кырдьаҕас эбэтин Огдооччуйаны, эдьиийин Даайысканы сайыһан, бэлиэр дьиэтин ахтан уонна бииргэ оонньуур доҕотторун санаан уйадыйан, киэҥник көрбүт чох хара хараҕа ууланна. Аны оҕолор көрөн, бу уол атаах, ытанньах эбит диэхтэрэ диэн кыбыстан, ытаамаары сымыһаҕын быһа ытырда. Оттон кэннин эргиллэн ким да суоҕун көрөөт, түргэн үлүгэрдик хараҕын уутун ырбаахытын сиэҕинэн сотто оҕуста уонна курустук, сүрдээх дириҥник үөһэ тыынан баран, кумуччу туттан, атаҕын төбөтүнэн дугунан дьуһуурунай быраас ыйбыт палаататыгар барда.
Бу былыргыта сис баай үрүҥ дьиэтэ диэн ааттанар уораҕай оҕо санаторийа буолан турар. Эргэ да буоллар, бөҕө тутуулаах, ат эккирэтэр кэҥэс дьиэ билигин да туһалыыр.
Оройуон үрдүнэн сэллиги утары үлэ чэрчитинэн ыытыллыбыт бэрэбиэркэ түмүгүнэн, оскуолаҕа Манту боруобатын оҥорбуттарын кэннэ, Быыбылык быһыыта иһэн уонна кытаран, бу дойдуну булла. Туббалыыһа кылаабынай бырааһа Уйбаан Хабырыылыйабыс ытыс саҕа кумааҕыга суруйан биэрбит уонна тус бэчээтин туруорбут дьаһалынан эмтэнэ диэн бүгүн санаторийга киирдэ. Ону ити аҕата кимтэн эрэ, арааһа, Тоһуойахтан сыарҕалаах аты уларсан, кыһалҕаттан уолун тиэйэн аҕалан туттарда.
Быыбылык хайдах-хайдах дойдуга кэлбитим буолла диэн улаханнык мунчааран, санаата түһэн хоһугар киирбитэ – бу хоско баар уонча уолтан, кини дьолугар, үгүстэрэ бэйэтин араа-бараа саастыылаахтара буолан биэрдилэр. Өссө биир уол, быйыл күһүҥҥүттэн уҥуоргу нэһилиэктэн киирэн, кинини кытары бэһис кылааска үөрэнэ сылдьар, номнуо аллар атаһа буолбут Попов Ганя, Гаанньыска, хата, манна сытан эмтэнэр, эбиитин биир хоско сытар буолан үөртэ. Гаанньыска да бииргэ үөрэнэр, оройуон киинигэр олорор, доҕордоһо охсубут табаарыһа киирбититтэн олус үөрэн, сүүрэн кэлэн эҕэрдэлэстэ уонна киирбитэ ырааппыт атаһа Быыбылыгы бэйэтин таһыгар турар кураанах ороҥҥо илдьэн «олохтоото». Ол кэнниттэн оҕолору билиһиннэрэн, санаторий бэрээдэгин кэпсээн-ипсээн киирэн барда. Онуоха сибилигин аҕай соҥуоран киирбит саҥа киһи сонно тута аралдьыйан, субу саба кууспут курус санаата ханна эрэ сиик буолан симэлийдэ, сирэйэ-хараҕа сырдаан, эмискэ сэргэхсийэн кэллэ, соһуйбуттуу көрбүт төгүрүк хараҕа истиҥ-иһирэх мичээринэн туолла.
Сотору буолаат, уолчаан оҕо-оҕо курдук, оҕолорго аралдьыйан, барыларын кытары тэбис-тэҥҥэ оонньоонкөрүлээн киирэн барда, күлэн-үөрэн хос иһин толордо.
Эбиэт кэннэ арыый да улахан кылаас уолаттара-кыргыттара үөрэнэн бүтэн, оскуолаларыттан бука бары бииргэ суулаһан кэллилэр. Олор быыстарыгар биир чобуо уол, саҥа оҕону көрө охсон, бэйэтин сааһыгар уҥуоҕунан өндөс Быыбылыгы булан, онон-манан киирэн-тахсан тойорҕоору, ону ааһан өссө кырбыахча, сутурҕалыахча буолла. Хата, кини дьолугар, Бииргэ үөрэнэр доҕоро Гаанньыска, бэйэтиттэн обургу уолтан уҥуоҕунан кыра, сааһынан төһө да балыс буоллар, табаарыһын быыһаан соһутта.
Кыра уолаттар куттанан, муннукка тоҕуорустулар, саастыылаахтара бу күөнтэһии тугунан түмүктэнэрин көрөөрү тула турдулар, атыттар охсуһуу буолаары гыммытын күөртээри тииһигирдилэр.
Онуоха итини эрэ күүтэн турбут курдук, Гаанньыска, били киэбирээри гыммыт уолтан куттаммакка эрэ, оҕолор быыстарыттан утары ынан тахсан кэллэ.
– На-а, Бааска, бу Быыбылык мин бииргэ үөрэнэр уолум, табаарыһым. Онон атаҕастыаҥ да, дьэ сэрэн! – диэн киһиргээн тиэриллэҥнээн испит уолу, мустубут оҕолор бары истэн турдахтарына, кытаанахтык сэрэттэ.
– Мин саҥа киирбит уолу дьээбэлээри, хайдах уол эбитин тургутан көрөөрү гыммытым, – Бааска киниттэн кыра эрээри, харса суох хорсун уолтан дьулайан, кини да буоллар, мух-мах барда, мулук-илик тутунна.
Онон тыҥааһыннаныах, тугунан түмүктэниэ биллибэт буолан испит ым-тым балаһыанньабыт сити курдук судургутук, этиһиитэ-охсуһуута, эн-мин диэн атааннаһыыта, биир-биэс тыла суох быһаарылынна. Онтон бэйэтэ да соһуйбут Быыбылык бу туран өйдөөн көрбүтэ, Ганята бу санаторий иһигэр бэйэлэрин саастыылаахтарыгар, быһатын эттэххэ, бу дойдуга «атамааннара» буола охсубут, быһаччы бас-көс туттар хамандыырдара эбит. Дьэ онон атамаан атаһа, хамандыыр табаарыһа буолан, Быыбылык, хата диэ, хара маҥнайгыттан табылынна уонна абыранна. Киирдэ-киирээт, иннэ күһүҥҥүттэн киирэн эмтэнэ сытар атын оҕолортон тута ордук балаһыанньаланна.
Ити курдук эмэһэтин көп этэ чэрдийиэр диэри күн аайы хастыыта да укуолланан, эмп бөҕөтүн иһэн, күҥҥэ түөртэ тото-хана аһаан молоччу уойда.
Куһаҕана диэн, укуоллара элбэҕэ бэрт эбит. Күҥҥэ хаста да биэрэллэр. Наар биир өттүгэр ыллахха, киһи эмэһэтин этэ чэрдийэн хаалан, сыппаабыт укуол иннэтэ, кыайан дьөлө киирбэккэ, эрэйдиир. Оччоҕуна аны биир өттүгэр укуол туруоран бараллар. Оттон биир нэдиэлэ буолан баран, аны биир өттүгэр… Ити курдук солбуһуннара сылдьан, эмтэнэн бүтүөххэр диэри укуоллууллар. Дьэ ол баар эбит куһаҕана, ыарыылааҕа. Кыһалҕалаах киһи хайыа баарай, тулуйарыгар тиийэр. Хата, иннэлэрэ сыппаатаҕына, улахан уолаттар укуол иннэтин бытархай таастаах бурууһунан сытыылаан биэрэн абырыыллар.
Үчүгэй астаах-үөллээх санаторийга саҥа дьылга диэри сытан уонна үчүгэйдик эмтэнэн-томтонон, Быыбылык мороду курдук уойан молоруйда. Били дьиэтигэр көҥүл сылдьара тохтоон, режиминэн туран-олорон, уруок аахтан уонна бэлэмнэнэн, үөрэҕэ да лаппа тубуста. Санаторийга сытыар диэри наар үһүнэн үөрэммит бэйэтэ, иккис чиэппэрин букатын да түөрдүнэн-биэһинэн түмүктүөх курдук. Ону кылааһын салайааччыта Дария Никитична бэлиэтии көрөн, уруок аайы сэмэлиир бэйэтэ, хайҕыыртан соло булбат. Инньэ гынан Быыбылык биир эрэ үстээх уонна, хата, этэҥҥэ эмтэнэн, күүтүүлээх Саҥа дьылын дьиэтигэр тахсан көрүстэ.
Оттон саҥа доҕоро Попов Ганя, оҕолор ааттыылларынан Гаанньыска, уһук нэһилиэккэ олорор ийэлээхаҕата аһаҕас сэлликтээх буоланнар, санаторийга үөрэх дьылын лигиччи сытан эмтэннэ. Онтон үөрэҕин түмүктээн баран биирдэ, дойдутугар Ан-2 самолетунан көппүтэ.
Быыбылык билигин да ол хаһан эрэ буолбут түбэлтэни, бэйэтиттэн уҥуоҕунан улахан, аҕа саастаах уолтан куттаммакка, утары мордьойон, кинини көмүскэһэн турар атаһын Гаанньысканы, чоҕулуччу көрбүт харахтаах оҕо сааһын доҕорун наһаа да истиҥник-иһирэхтик саныыр.
Эн баҕас!
Таҥара тулаайах оҕо хараҕын уутун тоҕору ыар аньыынан ааҕар.
Киэһэ кыралар ороннорун булбуттарын кэннэ, алтыска үөрэнэр Мааһыҥка кистээн хараҕын уутун сотто-сотто, аттыы сылдьан ып-ыраас, бэйэтэ да күн аайы сууйар буолан, хас хайаҕаһын, оллурун-боллурун ааҕа билэр муостатын илдьирийбит эргэ тирээпкэтинэн ньиккириччи анньан сууйа сырытта. Ол кэмҥэ ииппит ийэтэ, ааттыын Абытай Аана, хоһугар киирэн утуйар оронун аннын ытыһынан сотон ылаат, оҕо үрдүгэр кутаа уот оттон күтүр үлүгэрдик умайыктана түстэ: «Көр да маны! Бачча кыратыттан, киһи хараҕын баайан, өссө үрдүнэн-аннынан сууйбут буола-буола. Бу тугуй диибин ээ… Бу тугуй?! Бу тоҕо орон аннын муннуктарын киһилии сууйбаккыный ээ… Сирэҕэс… Иитиллэн-аһатыллан олорон, манньаҥ бэлиэтэ дуо бу? Бу!.. Бу!.. Бу тугуй диибин ээ!!!… Эн баҕас киһи үһүгүн дуо?! Абааһы ыамата туох аанньа киһи буолар үһүгүн!.. Туохтаах буолан улахамсыйаҕын… Дьэ тоҕойум, эн иннигин баҕас хайаан да ылан тэйэр инибин… Эппэтэҕэ-сэрэппэтэҕэ диэйэҥий! Ыл үчүгэйдик сууй!..» – дии-дии, ити туох да төрүөтэ суох мөҕөрүн-этэрин быыһыгар кыыс эрэйдээх баттаҕын сөрүү тардан ылан сэниэлээхтик илгиэлээтэ, өссө онно сөп буолбакка, бобуччу туппут сутуругунан төбөҕө харса суох, ханна түбэһиэх ыарыылаах баҕайытык охсуолаата. Мааһыҥка бачча тухары утарсан да, аһыннаран да туһата суоҕун билэр буолан, орон аннын муннугун соппута буолан, тыынын куоттаран түргэн үлүгэрдик сыыллан киирдэ. Ийэтэ буолуохсут аан хоско тахсыбытын кэннэ, хап-хатыҥыр харытыгар хараҕын уутун ньуххана-ньуххана, истибэтэр ханнык диэн сэрэнэн сыҥсыйан ытыы сытта. Ол сытан оҕо муҥнаах: «Мин улааттахпына син биир киһи буолуоҕум, үчүгэй киһи буолуоҕум!» – диэн хаан тахсыар диэри харытын чараас тириитин быһа ытыра-ытыра, бэйэтигэр андаҕар бэриннэ…
Уруттаан эттэххэ, Мааһыҥка барахсан, дьиҥинэн, төгүрүк тулаайах буолбатах этэ. Кырдьаҕас эбэлээҕэ, эһэлээҕэ, ону сэргэ ийэлээҕэ, ыарыһах аҕалааҕа уонна элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээҕэ. Дьиэтин иһигэр Ньунньуулла диэн таптаан ааттанан дьоллоно сырыттаҕына, түөрт саастааҕар ийэтэ Маарыйа эрэйдээх эмискэччи ыалдьан өлөн хаалан, дьиэ кэргэн ыһылларга тиийбитэ. Эбэлээх-эһэлэрэ кырдьаҕас, аҕалара сааһырбыт уонна ыарыһах буолан, ийэтэ суох хаалбыт оҕолор тустарыгар олус уустук балаһыанньа үөскээбитэ. Бачча элбэх иитимньини барыларын бииргэ ылан ииттэр кыахтаах уруу-аймах көстүбэтэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, бары даҕаны туһугар кыһалҕалаах олохтоох дьон этилэр этэ эбээт ол саҕана аймахтара. Онон уопсай сүбэнэн кими эрэ аҕатыгар хаалларбыттара, кими эрэ аймахтара ииттэ ылбыта, кими эрэ интэринээккэ олохтообуттара, кими эрэ детдомҥа ыыппыттара, кими эрэ иитийиэххэ биэрбиттэрэ. Оттон ол иитийиэххэ бэриллибит икки кыралартан биирдэстэрэ – ити Мааһыҥка – киэһэ муоста сууйа сылдьаахтыыра.
Кыыс төрөппүт аҕата Хоноһо Охонооһой Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сталинград анныгар улаханнык бааһыран, сыл аҥаара госпиталлары кэрийэ сылдьан, этэҥҥэ эмтэнэн, сыккырыыр тыына эрэ ордон кэлбитэ. Кэлбитэ да диэхтээн… Кинини түннүктэрэ оҥоһон, халҕана тиэрэ быраҕыллан, эркиннэрэ кубарыйа куура хатан турар кубус-кураанах балаҕан көрсүбүтэ. Күндү дьонун-сэргэтин: баар-суох ийэлээх аҕатын, бииргэ төрөөбүт балтыларын-бырааттарын, кэргэнин Кэтириинэни, туран эрэр уоллаах кыыһын – сэрии обургу тыылга, кырыы сиргэ ситэн сиэн туолбат маҥалайыгар мэҥиэстибитэ. Дьоно эрэйдээхтэр, уонча киһи, икки сыл иһигэр бука бары аас-туор олох ыараханын уйбаккалар, ыалдьан, хоргуйан өлбүттэр, сэрии сиэртибэтэ буолаахтаабыттар. Охонооһой муҥнаах ол онтон арыый да өрүттэн, доруобуйата аматыйан, колхуоска кыладыапсыктыы сылдьан, дьиэ кэргэнин, дьонун уопсай ииннэрин оҕо сааһын доҕоро, маһынан уһанар идэлээх Харачаастыын киһилии эргитэн дьоһуннаах мэҥэ бэлиэ туппута.
Хата, хатарыылаах киһи буолан, Охонооһой ытыы-соҥуу сылдьыбакка, иһэн-аһаан аймаммакка, ыһыктынан кэбиспэккэ, хара күүһүнэн саҥаттан олох олорор күүстээх санаа булуммута.
Ол иһин олоҕун оҥостор, ыал буолар баҕаттан Баачаҥхас Баһылай уонна Баххаанай кыыһа Балбаара диэн кырдьаҕастартан, сүүрбэ биэстэ оҕоломмуттарыттан суоссоҕотох илиилэригэр тутан хаалбыт кыыстара Маарыйаны кэргэн кэпсэппитэ. Онуоха мындыр кырдьаҕастар элбэх сиэннэнэр быалара тардан уонна Маарыйа да бэйэтиттэн быдан аҕа, ону ааһан ыарыһах уонна сэрии инбэлиитэ киһиэхэ тута сөбүлэһэн, онтон ыал-күүс буолан, сылы-сыллатааҕы уу кырбас уонча оҕоломмуттара.
«Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат» диэн дьэ итини этэн эрдэхтэрэ. Сап-саҕаттан салҕанан, суос-соҕотох туран хаалбыт Охонооһой да, илиилэригэр биир эрэ кыыһы тутан хаалбыт Баһылайдаах Балбаара да ити курдук удьуор утумнара ууһаабыта-тэнийбитэ. Уонтан тахса сыл иһигэр, быыһыгар-ардыгар иккитэ игирэлэнэн, оҕо-уруу бу ыалга элбээбитэ. Кыараҕас дьиэ иһэ оҕо күлэн-үөрэн чуопчаарар, күнү супту чаҕаарар саҥатынан туолбута.
Ол эрээри Дьылҕа Хаан Маарыйа эрэйдээҕи эдэр сааһыгар туура тутан, элбэх эрэйи-кыһалҕаны көрсүбүт эрэйдээхтэри өссө төгүл төхтүрүйэн тургуппута. Баһылайдаах Балбаара баар-суох кыыстарыттан илии соттон да баран, сиэннэрэ барахсаттар кэнэҕэһин киһи-хара буолар, инникитин ууһуур-тэнийэр кэскиллээхтэрин сүрэхтэринэн-быардарынан өтө сэрэйэн, ыар аһыыларын тулуйбуттара, хомолтолорун дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрбэтэхтэрэ. Санаан да көрдөххө, сүүрбэ биэс оҕоттон илии соттуу диэн тустаахтарга манан аҕай дьыала буолбатаҕа биллэр. Оттон ууну-уоту ортотунан ааспыт, эмиэ олоҕор ыар аһыыны көрсүбүт Охонооһой хайыа баарай, кэргэнин сүтэрбит хомолтотун куолу курдук хонноҕун анныгар кичэллик кистэммитэ.
Ити курдук ийэтэ суох хаалбыт оҕолор барахсаттар аймахтар, үтүө санаалаах дьон-сэргэ көмөтүнэн тохсуон оннуларын этэҥҥэ булбуттара.
Онон Мааһыҥканы оҕото суох, сааһыра барбыт Уйбаныаптар диэн сэниэ ыал былдьаһа-тарыһа ииттэ ылбыттара. Кыыс саҥа ийэтэ Аана – атыыһыт, онтон аҕата Уйбаан – холкуос биригэдьиирэ этилэр. Мааһыҥка туһугар, дьэ кырдьык даҕаны, бу ыалга иитиллэ кэлиитэ, этэргэ дылы, «үчүгэй куһаҕаннаах, куһаҕан үчүгэйдээх» буолбута. Бу ыал Мааһыҥканы ииттэ ылаат да, бэйэлэрэ утуу-субуу уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Онон иитиэххэ ылбыт кыыстара, дьиҥинэн, оҕо кутун тардыбытын быһыытынан ытыс үрдүгэр сылдьыахтааҕа, хомойуох иһин, оннук буолбатаҕа. Дьиҥ олоххо кыыс оҕо туһугар барыта наар аанньата суох, куһаҕана, төттөрүтэ буолан биэрбитэ.
Уйбаан уһун дьулугур уҥуохтааҕын иһин, Уһун диэн хос аатынан ордук биллэр киһи, үксүн дьиэтигэр-уотугар хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдуга. Саас ыһыы саҕаланна да, бааһынаҕа хоммот эрэ, ол быыһыгар сайылыкка көһүү түрүлүөнэ, оттон аны окко бэлэмнэнии, онтон ыкса күһүн хаар түһүөр диэри от үлэтэ, күһүн аны бурдук хомуура, салгыы кыстык айдаана, соҕотуопкаҕа сүөһү туттарыыта, кыһыны быһа кыстык кыһалҕата, от тиэйиитэ, саах таһаарыыта, ыанньыксыт тиийбэтин эрэйэ, эбии аһылык бэлэмнээһинэ, дулҕа кырбатыыта, талах быстарыыта, салгыы ынах маассабай төрөөһүнэ, ырыган ынах тарбыйах кээһиитэ, сүөһү көлөттөн өлүүтэ… Сылын аайы ити курдук холкуос хара үлэтин тэрээһинэ кыһалҕа үөһэ кыһалҕаны дьаптайан биир кэм эргийэн кэлэ турар буолан, Уһун Уйбаан дьиэтин өҥөйөрө ахсааннааҕа, тэлгэһэтигэр тилэҕэ үктэнэрэ тарбахха баттанара. Кини сүрдээх үлэһит, ирдэбиллээх, иэҕэ-дьиэҕэ суох көнө майгылаах, сытыары-сымнаҕас, үлэ күнүн нэрээтин үчүгэйдик толорор киһи буолан, колхуоһун салалтатыгар, үлэһиттэригэр сөбүлэтэрэ.
Оттон кэргэнэ Аана, эригэр Уйбааҥҥа тэҥнээтэххэ, адьас уун-утары майгылаах, атын киһи этэ дьэ. Атыыһыт буолан, кыра нэһилиэккэ муҥур хотун курдук сананара. Киирбит-тахсыбыт киһини таптаабытынан саҥарара-иҥэрэрэ, ол иһин биир дойдулаахтара дэлэҕэ Абытай Аана диэн хос ааттыахтара дуо?! Кини биир дьиктитэ диэн, Мааһыҥканы хара иитэ ылыаҕыттан иһигэр адьас киллэрбэтэҕэ, бэйэтигэр сыһыарбатаҕа уонна хаһан да ис сүрэҕиттэн иэйэн истиҥник сыһыаннаспатаҕа. Ол быһыыта-майгыта, бэл диэтэр, бэйэтэ иккитэ оҕоломмутун да кэннэ уларыйбатаҕа, иитийэх кыыһыгар, хата, өссө эбии өһөөбүтэ. Саатар: «Бу кыыс оҕо муҥнааҕы ииттэ ыламмыт, Айыыһыппыт оҕо үөскэтэн, бэйэбит оҕолонор дьолун биллэхпит, удьуорбутун салҕаатахпыт», – диэн өйдүүр өйө суох буоллаҕа.
Онон Мааһыҥка олоҕо, туораттан көрдөххө, кырдьык даҕаны, уу долгуйбатын курдук үүт тураан, олус үчүгэй курдуга эрээри, ис иһигэр киирдэххэ, ити курдук олус диэн хобдох, хомолтолоох уонна омсолоох өрүттээҕэ. Ону ити кыысчаантан ураты ким да билбэт этэ. Оҕо барахсан ол кимиэхэ баран үҥсэргиэҕэй уонна ону ким итэҕэйиэҕэй?! Ол иһин киэһэ утуйаары сытан, улаатан эрэр кыыс оҕо барахсан тыынын таһааран, бэйэтэ-бэйэтин аһынан, кистээн ытыыра-соҥуура: «Төрөппүт ийэм өлөн хаалбатаҕа буоллар, мин маннык эрэйдэнэ сылдьыам суоҕа этэ», – диэн кыһыйара-абарара.
Иитэр ийэтэ дэҥ кэриэтэ саҥа таҥас-сап, ырбаахы ыллаҕына, кини обургу илгистэн-дьигиһийэн, эбэһээт ыраахтан туран быраҕан биэрэр дьикти кэмэлдьилээҕэ. Ону: «Ыкка биэрэр курдук», – диэн Мааһыҥка муҥнаах иһигэр наһаа да хомойор, хоргутар буолара. Үөрэрин оннугар күөмэйигэр кытаанах хомуок кэлэн иҥнэрэ, хараҕын уута кэлбэккэ эрэ, кураанахтыы оҕотук дууһата айманара, сүрэҕэ эймэһийэ ытыыра.
Аны аһыыр анал миэстэтэ – остуол муннуга. Киниэхэ өлүүлэммит ас барыта хайаан да илии таһынан бэриллэрэ. Аны туран, кини адьас сөбүлээбэт аһын, туора киһи суоҕар анаан-минээн өлгөмнүк кутан баран, күүһүнэн, ыххайан туран барытын сиэтэн тэйэрэ. О, ол кэнниттэн кыыс эрэйдээх аҕынньыта төллөн, наадатыгар тахсыбыта буолан албаһыран, убуорунайга киирэн, ийэтэ көрбөтүгэр бэлэһин анньынан хотуолуура.
Өссө биирдэ, эбиэккэ, бэйэлэрэ эрэ аһаары олордохторуна, ийэтэ итии мииннээх көстүрүүлэтин остуолга ууран иһэн, тэриэлкэни сыҕарыта охсубатыҥ диэн көстүрүүлэнэн төбөҕө охсубутугар, илиитин тоһуйан быыһанан турардаах. Онно да ол итии мииннээх көстүрүүлэнэн төбөҕө охсор сылтаҕа кыра да этэ ээ, дьиҥинэн.
«Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгар» диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Холобур, Аана кэргэнэ Уһун Уйбаан дьиэтигэр баар буоллаҕына, кыыска тосту-туора тугу да тылласпат, эрэ көрбөтүгэр кытаанах баҕайытык кынчарыйар, тыбыс-тымныы харахтарынан дьөлүтэ көрөр-истэр эбэтэр саҥата суох илиитинэн-атаҕынан үтүргэлиир, түтүө-татаа буолар. Ыалдьыт-хоноһо кэллэҕинэ, силбиэтэнэ сылдьыбыта тута сүтэрэ, ол дьоҥҥо сирэй көрбөх буолан, Мааһыҥкаҕа кимнээҕэр атыннык ньуолбардаан саҥарара-иҥэрэрэ, кини эрэ иитийиэх кыыһыгар сиэри таһынан сымнаҕастык сыһыаннаһар курдук буолан хаалара. Дьон хараҕын дьэ оннук сатабыллаахтык «баайара». Ону көрө-көрө, билбэт дьон, биллэн турар: «Бу Аана барахсан тулаайах муҥнаахха наһаа да амарах, олус да истиҥ сыһыаннаах», – дии саныыра. Оттон хайдах курдук ыалдьыт дуу, хоноһо дуу тахсан бараатын кытта, тимир тириитин кэтэ түһэрэ: туора дьон баарына туттуммутун, хаайтарбыт куһаҕан майгытын-сигилитин биир тыынынан тоҕо-хоро таһааран, кыыс оҕо эрэйдээҕи киһи иилэн ылбат быдьар тылынан үөҕэрэ, ыыһын үрдүгэр кутара. Устунан бэйэтэ-бэйэтиттэн кыйыттан, кыйахаммытын-кыыһырбытын, кыыбаҕатын-кыдьыгын араастаан эргитэн-урбатан, Мааһыҥка муҥнааҕынан таһаарара.
Ийэтэ, атын киһи кэллэҕинэ, киниэхэ наһаа үчүгэйдик сыһыаннаһарын иһин, оҕо барахсан ыалдьыт, хоноһо кэлиэҕин олус да баҕарар этэ. Оскуолаттан кэлиэн, биирдэ эмит ыалдьыт эбэтэр хоноһо кэлэн олорор буоллаҕына, кыыс оҕо сирэйэ сырдыы түһэрэ, дьиэтин иһигэр, омуна суох, лыах курдук көтө-дайа сылдьара.
Кэлин улаатан, ситэн-хотон, үөрэнэн, үлэһит уонна ыал буолбут Маайа оҕо эрдэҕинээҕитин киинэ лиэнтэтин курдук төттөрү эргитэн, элбэхтик саныыра. Тоҕо бу ииппит ийэтэ киниэхэ ити курдук тоҥуй, атаҕастабыллаах сыһыаннааҕын. Ииппит аҕата эрдэ өлбүтэ. Кини бэйэтин төрөппүт да оҕолоругар, иитэр кыыһыгар да биир тэҥ сыһыаннааҕа. Хайаларын да чорбоппото, барыларын таптыыра, барыларын тэҥҥэ тутара. Онон аҕатын Уйбаан туһунан сүрдээх үчүгэй санаалаах, өрүүтүн истиҥ-иһирэх тылынан ахтар. Арай ииппит ийэтэ Аана эрэ киниэхэ хаҕыс сыһыаннааҕа, киһи көрбөтүгэр тосту-туора, сиэргэ баппат быһыылааҕа-майгылааҕа. Ону кэлин баҕар иккиэйэх олорон бүөмнээн ыйытыам, баҕар миигиттэн бырастыы гыннарыаҕа дии саныыра да, оннук түгэн түбэспэтэҕэ. Ийэтэ Абытай Аана эмээхсин өлбүтэ балай да буолла. Билигин кэлэн өлбүт киһи туһунан туох диэн куһаҕаны саҥарыай. Өлбүт өлбүтүнэн буоллаҕа дии. Арай кинини ити курдук оҕо сааһын санатар ааспат-арахпат, оччоттон-баччаҕа диэри мэлдьи аала сылдьар, өйүгэр-санаатыгар сөҥөн хаалбыт курус санаа эрэйдиир. Ол тоҕотун Маайа билигин даҕаны кыайан быһаарбакка, онно эппиэт көрдөөн өрүү муҥнанар.
Олох диэн дьэ дьикти, дьэ дьиибэ даҕаны. Хайдах эрэ эргийэн кэлэн, мэктиэтигэр хатыланар курдукка дылы. Маайа бэйэтэ үс оҕолоох. Икки уол, биир кыыс. Онно эбии кэргэнин Сэргэйи кытары сүбэлэһэн баран, аны балтын Оксана кыыһын, тулаайах хаалбыт Туйаараны, кыыстарыгар ханыы гынан ииттэ ылбыттара. Дьэ ол гынан баран, Маайа бэйэтин оҕо сааһын санаан буоллаҕа, балтын оҕотун бэйэтин кыыһынааҕар ордук тутан, ньырамсытан, атаахтатан улааттыннарда. Ийэ истиҥ сыһыанын, иһирэх тыл иэйиитин биллэрэн. Адьас атарахсыппакка, ис сүрэҕиттэн иэйэ-куойа таптаан. Туйаарата ол курдук сылаас сыһыаны, тапталы билэ улаатан, үрдүк үөрэхтэнэн, бэйэтэ номнуо ыал буолан, оҕолонон-урууланан атын улууска быр-бааччы олорор ээ. Төлүпүөнүнэн кэпсэппэтэх күнэ диэн суох. «Балтым оҕото барахсан үчүгэй киһи буолла, олоҕун бигэтик булла», – диэн Маайа иһигэр үөрэр эрэ.
Кистээбэккэ эттэххэ, оҕолоро этэҥҥэ ыал-күүс буоланнар уонна ити балтын оҕото, ииппит кыыһа Туйаара кини тус дьылҕатын күлүк өттүн хатылаабакка эрэ киниэхэ иитиллэн, төрөппүт ийэтэ Оксананы дьоһуннаахтык ааттатар киһи буолбутуттан, Маайа чахчы ол онон дьоллонон олорор.
Билиҥҥи кэм эбитэ буоллар, Абытай Аана арааһа, Российскай Федерация Дьиэ кэргэнин кодексын «Сокуоннай сааһын туола илик оҕо быраабын туһунан» 11-с баһын 56-с ыстатыйатынан, ол эбэтэр «Оҕо көмүскэллээх буолар быраабын куруубайдык кэһии иһин» ыстатыйанан административнай миэрэҕэ дуу, бэл диэтэр, холуобунай да дьыалаҕа тардыллыан сөбө эбитэ буолуо. Ону баара, хомойуох иһин дииргэ тиийэбит, сэбиэскэй былаас саҕана оҕо бырааба сокуоҥҥа баар курдуга эрээри, сири-буору аннынан ити курдук тулаайах оҕолорго төһөлөөх үгүс-элбэх сэнэбиллээх, атаҕастабыллаах, баттыгастаах, ньүдьү-балай сыһыан биллибэккэ-көстүбэккэ, таах хаалан хаалбыта буолуой?! Арай ону айбыт Айыы Таҥара уонна сирэйэ-хараҕа суох кирдиэхтэммит тулаайах эрэйдээхтэр тус бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Ким эрэ өйүгэр-санаатыгар дириҥник сөҥөрдөн тыыннааҕын тухары чып кистэлэҥ, олоҕун биир саамай баттабыллаах, ааһа баран сааттаах өрүтүн быһыытынан дууһатын түгэҕэр тимирдэн илдьэ сырыттаҕа.
Баҕар, бу курус кэпсээни аахпыт киһи, ити Мааһыҥка оҕо сааһын кэтэх өттө хатыламматын туһугар майгытын-сигилитин, оҕоҕо сыһыанын уларытыа, сыыһатынхалтытын кэмигэр туоратарга кыһаллыа эбитэ буолуо ини.
Дьэ оннук эмиэ баара хаһан эрэ. Абытай Аана, биһиги дьолбутугар, Мааһыҥка кутун-сүрүн тоһуппатаҕа, иннин ылан тэйбэтэҕэ. Оттон кыыс оҕо кимиэхэ да, бэл диэтэр, ииппит ийэтигэр Аанаҕа да хаһан да өһүрбэтэҕэ, куһаҕан майгытын уонна сыһыанын санаатыгар туппатаҕа. Аананы тиһэх суолугар атаарыыга бар дьон истэн турдаҕына, тулаайах хаалбыт кыыһы иитэ ылан, киһи-хара гыммытыгар ис сүрэҕиттэн махтанарын дьиҥнээҕинэн эппитэ.
Ньунньуулла… Мааһыҥка… Маайа… Билигин Васильева Мария Ивановна, хаһан эрэ тимир орон анныгар харытын быһа ытыра сытан андаҕайбытын курдук, кини, кырдьык, үчүгэй киһи: үрдүк үөрэхтээх, үтүөлээх учуутал, дьоһун-мааны дьоллоох ыал ийэтэ, эбэтэ – буолбута.
Ол гынан баран, оҕо сааһын курус түгэннэрин билигин даҕаны кыайан быһаарбакка сылдьар. Баҕар, атаахтык иитиллибитэ буоллар, олоҕо хайдах салаллыа эбитэ буолла? Баҕар, ииппит ийэтин хаҕыс сыһыана кинини, хата, ордук хатарбыта эбитэ дуу? Бу кэлин сааһыран иһэн санаан көрдөҕүнэ, арай ити кини үйэтин тухары мунчаарар-мунаарар суос-соҕотох боппуруоһугар – эппиэтинээҕэр буолуох ыйытыга өссө эбии элбээн, өссө силистэнэн-мутуктанан, өссө тэнийэн-уһаан, өссө эбии дириҥээн иһэргэ дылы.
Хайдах эбитэ буолла ити дьэ…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?