Электронная библиотека » Иннокентий Сосин » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Эргэ өтөх хоноһото"


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 09:00


Автор книги: Иннокентий Сосин


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц)

Шрифт:
- 100% +

ҮС ҮРҮЙЭ ТӨРДҮГЭР

Сааһыары кыһын. Хайалар быыстарынан хайа солоон түһэр үрэҕи өксөйөн, Уодай Уйбаан атыыһыт наадатынан сыарҕа атынан айаннаан испит. Күн киэһэрбит. Онуоха эбии, былыттаах буолан, хайалар быыстара лүҥкүрэн, хараҥаран барбыт…

Уодай Уйбаан ата тэтимнээх соҕус. Баччааҥҥа диэри аттыын, бэйэлиин бэркэ айаннаан кэллилэр. Ый быыһа этэ. Сотору хараҥаран, айанньыт киһи хонук сирин булан, сынньанарыгар сөп буолла. Уодай даҕаны, өр айаннаабата… Сотору үс үрүйэ түмсэр төрдүгэр, сэдэх мастаах тумус тыа саҕатыгар балаҕан дьиэ уота сандааран көстүбүтэ.

Уодай айан киһитин быһыытынан сотору кэминэн көмүлүөк оһох сылааһыгар бигэнэн сынньанар санаатыттан сылаанньыйан үөрэ санаабыт. Онуоха былыргы көмүлүөк оһох уота муус түннүгү курдат сандаара сырдаан, турбатыттан сотору-сотору кыымнар кытыастан, айанньыт киһини сылааска, сынньалаҥҥа ыҥырар курдуктар. Уодай дьиэ таһыгар атын сэргэҕэ баайан, күрүмэ этэрбэһин тэбэнэн, сирэйин-хараҕын тарбахтарынан имэринэ соттунан баран, иһирдьэ көтөн түспүт.

Дьиэ иһэ сып-сырдык, үс эдэр дьахтар олорор эбит. Таһыттан саҥа киирбит киһини үөрэ-көтө көрсүбүттэр. Барыта, сиэр-майгы быһыытынан эҕэрдэлэһии, сонуну үллэстии буолбут. Ол кэннэ дьахталлар киэһээҥҥи аһылыктарын бэлэмниир түбүккэ түспүтүнэн барбыттар. Уодай Уйбаан таһырдьаттан өйүөтүн киллэрэн: икки кырбас эти күөстэригэр укпут, лэппиэскэтин сылыппыт. Ону дьахталлар туора көрбөтөхтөр, өһүргэнэ санаабатахтар. Сотору киэһэ аһылык буолан, остуолга олорон аһаабыттар. Ол түүн олус үчүгэйдик утуйан, түүлү даҕаны көрбөккө, бэркэ сынньанан турбут. Сарсыарда күн тахсыыта, оронуттан туруутугар дьахталлар чэйдэрэ бэлэм. Уодай Уйбаан суунан-тараанан, наҕылыччы соҕус аһаан баран, айаныгар турбут.

Дьиэттэн тахсаары туран Уодай: «Дьиэҕитигэр тоҕо биир да эр киһитэ суох ыалгытый?» – диэн ыйыппыт. Онуоха саамай улаханнара: «Биһиги сүнньүнэн булдунан аһаан-сиэн олоробут. Дьоммут бултуу барбыттара да, кэлэ иликтэр. Бу күннэргэ хайаан даҕаны кэлиэхтээхтэр этэ да, өрүү биллибэттэр. Хаһан кэлэллэрэ буолла?» – диэн кэпсээбит. Ону истэн Уодай: «Сотору кэлиэхтэрэ. Туохха эмэ тардыллан хойутаатахтара. Арааһа, бултарыгар үлүһүйэн сырыттахтара», – диэн дьахталлары уоскутардыы саҥарбыт. Ол кэннэ: «Төннөн иһэн хайаан даҕаны, эһиэхэ сылдьан, хонон ааһыам», – диэн барбыт.

Уодай Уйбаан күнү быһа, били үрэҕин өксөйөн айаннаан испит. Ол иһэн: «Барахсаттар, эдэркээн, үчүгэй да дьахталлар. Ордук ортоку кыыс. Киһи эрэ умсугуйуох, таптыах барахсана», – диэн сүрэҕэ сылаанньыйан, дойдутугар хаалларбыт күндү доҕорун Сүөкүччэни санаан, онтукатын баҕа санаатын кыната оҥостон айаннаабыт.

Эмиэ киэһэ лүҥкүрэн тиийэн кэлбит. Сотору иннигэр балаҕан дьиэ оһоҕун кыыма кытыастыбыт. Соһуйуон иһин, бэҕэһээҥҥи кэмигэр, бэҕэһээҥҥи дьиэтин таһыгар турар эбит. «Муммут эбит буоллаҕым», – дии санаабыт, ол кэннэ дьахталларыттан олус кыбыстыбыт. «Дьахталлар сирэйдэрин хайдах таба көрөбүн. Дьокуускай бэрдэ буолан баран, суолу-ииһи билбэтэ тоҕо сүрэй? Туох хараҥа соруктаах буолан, төннөн кэллэҕэй? Эҥин арааһы саныахтарын сөп», – диэн иһигэр эргитэ санаабыт да, тэҥнэһэр кыах суох. Дьиэҕэ көтөн түспүт. Дьахталлар үүт-үкчү бэҕэһээҥҥилэрин курдук, дьиэ иһинээҕи үлэлэринэн түбүгүрэ сылдьаллар эбит.

– Хайа, доҕоор, төннөн кэллиҥ дуу? Хайдах суолгун булбатыҥ? – Дьахталлартан биирдэстэрэ ыйыппыт.

– Ээ, аат көлөтө баара, туохтан эрэ сиргэнэн, эмискэ ыарҕаҕа тахсан сыарҕам сээбэһин быатын быһан кэбиһэн, күнү быһа ону оҥосто олорон, хойутаан хааллым, тиийиэхтээх сирбэр бүгүн тиийиэ суох буолан, субу төннөн кэллим. Холдьохпот инигит.

– Буолар баҕайыта. Холдьохпоппут. Биһиэхэ хас да хон. Дьоммут кэлиэхтэригэр диэри доҕор киһи наада.

Ити курдук, эмиэ күө-дьаа кэпсэтэн, туох даҕаны сибикини билбэккэ, олус үчүгэйдик хонон турбут. Сарсыарда бэҕэһээҥҥи кэмигэр эмиэ айаҥҥа турбут. Бүгүн халлаан сигилитэ уларыйбыт. Били бэҕэһээ ичигэс баҕайы, былыттаах күн, тыалыран тоһуйбут. Сарсыарда эрдэ хаар түспүтэ, күн ортотун диэки тыала күүһүрэн, дьиҥнээх буурҕа түспүт. Суолу-ииһи бүрүйэн, тибэн кэбиспит.

Уодай күнү быһа тыалы кытары күрсэн, тибиилээх суолунан атын батыччахтатан айаннаабыт. Киэһэтигэр эмиэ били бэҕэһээҥҥи балаҕаныгар тиийэн кэлбит. Балаҕана уота-күөһэ кытыастан, эмиэ айан киһитин бэйэтигэр ыҥыра-угуйа турар.

Уодай атын баайа туран: «Суол киһитэ сылайдым. Бу киэһэ дьахталлары кытары арыгы истэххэ сатаныыһы. Сылааны таһаардахха, ол кэннэ уот иччитин кытта аһаттахха табыллыыһы», – диэн ат дьааһыгыттан испиир куттан киирбит. Дьиэҕэ дьахталлар эмиэ уруккуларын курдук түбүгүрэ сылдьаллар эбит. Бу сырыыга киһини: «Тоҕо төнүннүҥ?«– диэн ыйыппатахтарын үрдүнэн: «Абааһы күнэ буолла. Суолу-ииһи бүтүннүүтүн тибэн кэбистэ. Бара сатаан баран, эмиэ төннөн кэллим», – диэбит. Онуоха дьахталлар: «Дьылҕаҕыттан ханна барыаҥый? Биһиэхэ үчүгэй. Кэм эр киһи доҕордоох хонуохпут», – дэспиттэр.

Киэһээ аһылыкка Уодай испиирин уулаан, аал уотун аһатан, дьахталларын кытары арыгы иһэн, эмиэ уруккутун курдук олус иһирэхтик кэпсэтэн баран, утуйаары сыппыт. Сотору уот умуллан, балаҕан иһигэр бороҥотуйа хараҥаран эрдэҕинэ, минньигэс уу кынатыгар баһыйтаран утуйан хаалбыт. Арай түһээтэҕинэ, балаҕан көмүлүөк оһоҕун иһиттэн хаар маҥан баттахтаах, кыырыктыйбыт, тэрэччи тэбэ сылдьар үп-үрүҥ бытыктаах, уоттааҕынан, чолбон курдук чоҥолуччу көрө сылдьар харахтаах ытык кырдьаҕас тахсан кэлбит. Киһи: «Тукаам, тур. Мантан бэрт түргэнник бара оҕус. Дьахталлар утуйа сыталлар, кинилэри уһугуннарыма. Тыаһа-ууһа суох таҥнан, таһаҕаскын хомунан тахсан, аккын көлүйэ охсон, суолгун салҕаа!» – диэбит. Уодай: «Эһээ, ол тоҕо барабын?» – диэн өссө даҕаны утуйар уу кынатыгар оҕустара сылдьан ыйыппыт. «Ыйытыма. Дэриэтинньиктэр эйиигин халлаан сырдыан иннинэ сиэхтэрэ. Тура оҕус. Олох тыаһаама-ууһаама. Сэрэн!», – диэбит да, оҕонньор сүтэн хаалбыт.

Уодай уһукта биэрбит. Сүрэҕэ биллиргэччи тэппит, көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбыт. Дьиэ иһэ чуумпу. Дьахталлар туох да буолбатаҕын курдук утуйа сыталлар, муруннарын тыаһа биир тэҥник иһиллэр. Киһи: «Ама дэриэтинньиктэр буолуо дуо? Олус үчүгэйдэрэ, көрсүөлэрэ бэрт ээ», – диэн иһигэр мунаара сыппыт. Ол кэннэ бэҕэһээ уонна иллэрээ күн суолун булбакка, мунан, наар бу балаҕаҥҥа төннөн кэлэ турбутуттан, билигин эрэ: «Кырдьык, манна туох эрэ баар, дьахталлар аптаах быһыылаахтар. Уот иччитэ чахчы миигин сэрэттэ быһыылаах», – дии санаабытынан оронуттан турбут. Бэркэ сэрэнэн, тыаһа-ууһа суох оронун хомуйан, малын-салын илдьэ тахсан барбыт.

Халлаан былыттара аһыллыбытынан сулустар көстөллөр, онон сылыктаатахха, түүн үөһэ өссө даҕаны буола илик. Атын сыарҕатыгар көлүйбүт. Сэргэ төрдүгэр атыгар биэрбит эбиэһин тобоҕун атаҕынан тэбиэлээн, ыһан кэбиспит. Ити кэннэ барыахтаах сирин диэки салайан кэбиспит. Ата түүн үөһэ айанныылларыттан салгыбакка, төттөрүтүн үөрбүт курдук, кулгаахтарын чөрөтөн, сиэллэрин силэйэн, биир тэҥник айаннаан сирилэтэн барбыт.

Өтөх саҕатыгар тахсыытыгар балаҕан диэкиттэн: «Оо, абаккабыт даа баар эбит ээ! Эрдэ тутуу былдьаспаккабыт. Куоттардахпытын!», «Ситэри оҥоһуулаах уол оҕо эбиккин! Сиэттэрбэккэ куоттаҕыҥ», – диэн дьахталлар хаһыылара иһиллибит. Уодай куттаммыта өссө улааппыт, атын бокуойа суох кымньыылаабыт.

Нөҥүө күнүгэр сарсыарда күн тахсыыта ыалга тиийэн үс үрүйэ төрдүгэр түбэспит быһылаанын туһунан сиһилии кэпсээбит. Онуоха, дьиэлээх киһи Уодай кэпсээнин болҕойон олорон истэн баран:

– Ол хотуттар эмиэ эр киһини бултаһан эрдэхтэрэ, – диэн баран, аал уотун диэки көрөн кэбиспит.

– Ити туох дьахталларый? Тоҕо эр киһини «бултаһалларый?» – диэн Уодай чуолкайдаһаары ыйыталаспыт.

– Ити дэриэтинньик дьахталлар, олорбуттара сүүрбэччэ сыл буолла.

– Хайдах? Ити курдук уот оттунан, ас аһаан…

– Кинилэр уот оттуохтара дуо? Эн хараххын баайаллар. Ити эн хоммут дьахталларын өтөр буолабуола, баччаларга дьиэлэригэр олоро түһэ-түһэ сүтэллэр. Эн дьиҥэ, былыр үйэҕэ быраҕыллыбыт, дьон олорботох, тоҥ хаһаа дьиэҕэ хоно сырыттаҕын.

– Мин тоҕо тоҥон хаалбатым? Ол кэннэ онно уот-күөс мааны этэ дии. Олус сылаастык, үчүгэйдик сынньанан турбутум.

– Эйиигин дэриэтинньиктэр абылаатахтара дии.

– Ити дьахталлар хайдах дэриэтинньик буолбуттарай? Кэпсээбэккин ээ, – Уодай дьиэлээх киһиттэн көрдөспүт.

– Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта, биһиги бу дойдуга олохсуйуохпут иннинэ, ити дьиэҕэ икки ыал, ол тэҥэ биир эр киһи балта дьахтар буолан бары дьукаахтаһан олорбуттар. Наар булдунан айахтарын ииттэн, аҕыйах сүөһү сыыстанан, син бэркэ олорбуттар. Куһаҕаннара диэн икки ыал тухары оҕоломмотохтор. Эр дьон бултаан, аһы-үөлү булаллара, оттон дьахталлар сүөһүлэрин көрөллөр. Арай ол олороннор, биирдэ эр дьон бултуу тахсан баран, дьиэлэригэр эргиллибэтэхтэр. Бадаҕа, ханнык эрэ быһылааҥҥа түбэспит быһыылаахтар. Дьахталлар ус сааһы быһа кэтэһэ сатаан баран, биир күн үһүөн ыйанан өлөн хаалбыттар. Ону чугаһынан ыал-көс суох сирэ, онуоха эбии уу-хаар хаайан, сылдьыһыы даҕаны суоҕа эбитэ буолуо, дьахталлар өлүктэрин, ууллан тохтубутун, үөн-күрдьэҕэ ыспытын, киһи чугаһаабат буолбутун эрэ кэннэ булбуттар. Онон, дьахталлар уҥуохтара хараллыбакка хаалбыт.

Чугастааҕы ыал (чугаһа да диэн үс көс иһинэн) ким да сылдьыбат, ырааҕынан тумна хаамар сирдэрэ буолбут.

ДЬАХТАР ОТ МУСПУТА

Мин тус бэйэм, баччаҕа этэҥҥэ сылдьыахха, абааһыны көрбөтөҕүм. Дьиҥэр баран эттэххэ, көрүөхпүн даҕаны баҕарбаппын. Ол да буоллар, билигин даҕаны эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө, киһи уҥуохтаах сирдэргэ соҕотоҕун сылдьыахпын куттана, дьаархана саныыбын.

Сэрии саҕана этэ. Дибдир Мэхээс холкуоска биригэдьииринэн үлэлиирэ. Мин киниэхэ көмөлөһөрүм. Отчуттары кэрийэ сылдьан ким төһөнү үлэлээбитин таабыллыыбын. Сир мээрэйдиибин, бугулларын холоон көрөбүн, кэбиһиллибит оту тутабын. Холкуоспут бухгалтера Георгий Романов: «Дьон үлэтин туох баарынан, үлүннэрбэккэ да, көҕүрэппэккэ да чиэһинэйдик тут. Үлүннэрдэххинэ бэйэҕиттэн тутуохпут», – диэн бэрт кытаанахтык эппитэ.

От ыйын бүтүүтүн саҕанааҕы кураан күннэр. Күн наһаа чаҕылыччы тыган, чэмэлийэн аҕай турар. Тыала-кууһа суох буолан, дьөрү сэбирдэх да хамсаабат. Күнүскү чэй саҕана Кустаах диэн алааска от мунньааччы дьахталларга бэҕэһээҥҥи үлэлэрин таабыллаары кэлбитим. Дьахталлар отторугар киирбэккэлэр, куулаҕа мастар күлүктэригэр саҥата суох сукуһан олороллоругар түбэстим.

– Хайа, доҕоттоор, оккутугар тоҕо киирбэккэ олороҕут? Бу үлүгэр курааҥҥа туттуммахтаан хаалыаххытын? – «тойон» киһи быһыытынан, дьорҕойо соҕус саҥардым.

Ким даҕаны саҥарбат. Бары алаас диэки көрөллөр. Онтон, балайда өр буолан баран, Чээмпээрэ Охонооһой ойоҕо Уһун буут Ылдьаана диэн сааһыран эрэр дьахтар:

– Тукаам, табыллыбакка олоробут, – диэтэ.

– Ол хайдах? – мин соһуйа иһиттим.

– Абааһыны көрдүбүт.

– Абааһы от муста.

– Маҥан ырбаахылаах дьахтар… – кыргыттар утуу-субуу кэпсээн бардылар.

– Бэйи, оҕолор, аргыый ньамалаһыҥ, – Ылдьаана буойталаан кэбистэ. – Аһаан бүтэн баран, үлэбитигэр киирээри аҕай олордохпутуна, Сыырдаахтан киирэр, билигин эн кэлбит суолгунан, маҥан ырбаахылаах, сытыы курбачыйбыт дьахтар тиийэн кэллэ уонна биһиги диэки хайыһан даҕаны көрбөккө, соруктаах курдук ол халдьаайы анныгар киирэн тохтоото. Ол кэнниттэн, кыратык сынньана түһэн баран, от мунньан элээриҥнэппитинэн барда. Көрдөхпүтүнэ, дьахтар дьахтар курдук, туттара-хаптара түргэнэ сүрдээх.

«Мандаас ойоҕуттан атын. Ол эрэйдээх ыарытыйар, от мунньар кыаҕа суох. Оппуруос эмээхсин дуу? Суох. Атын. Айгыр эмээхсинэ Натаалдьыйа дуу? Тоҕо эрэ хамсанара сытыы. Быһата, биһиги билбэт дьахтарбыт», – дэсиһэн мунааран турбахтаатыбыт. Ити икки ардыгар дьахтарбыт от мунньан курбанньыктаммытынан барбыта.

Хайа күн биһиги, табахсыт муҥнаахтар, табахпыт айдаана. «Кыргыттар, арааһа Суолаттан тахсыбыт дьахтар быһыылаах. Табахтаах буолуо. Бараҥҥыт табахта умналаан аҕалыҥ эрэ», – дэһии буолла. Онуоха кыргыттарбыт дьахтартан табах көрдөһө сырыстылар. Дьахтар оту мунньан курбачытар, кыраабыла биир кэм күп-күөрэҥнэс, оту ыһан күдээриҥнэтэр. Биһиги баарбытыгар-суохпутугар букатын кыһаммат. Ити курдук үлэлии турдаҕына, оҕолорбут чугаһаабыттарыгар эмискэ харахпыт ортотугар сүтэн хаалла. Онтон куттанан оппутугар киирбэккэ олоробут.

– Тоҕо куттанаҕыт? Ол абааһы буолбатах, көннөрү салгын хаартыската буоллаҕа дии. Былыр маннык үтүө күҥҥэ, син бу эһиги курдук дьахтар от мунньа сылдьарын салгын устан ыллаҕа дии. Ол эмиэ күнэ-дьыла сөп түбэһэн, бүгүн көстө түстэҕэ, – диэн мин бэйэм билэрбинэн быһаара сатыыр киһи буоллум.

– Буолуо даҕаны. Өрдөөҕүтэ мин Сэбирдэх өтөҕөр Дыргыабай Уйбаан ойоҕун, Мочойох ийэтин курдук дьахтары көрөн турардаахпын, – Ылдьаана мин кэпсээбиппин бигэргэтэн барда. – Ол дьахтар үүт-үкчү Мочойох ийэтин курдуга. Сааһын тухары таптаан кэппит даба ырбаахытын кэтэ сылдьара. Чэйиҥ, оҕолор, оппутун мунньа киириэҕиҥ. Аны абааһы кэлиэ суоҕа.

Били дьахтар от муспут сирин тиийэн көрбүппүт: салаа даҕаны от мунньуллубатах этэ… Охсуллубут от кууран, мунньарга саамай күнэ буолан сытара. Дьахталлар дьэ уоскуйан, отторун мунньан барбыттара.

АЛДЬАРХАЙГА ТҮБЭСПИТ

Былыргы дьон сир-дойду, от-мас барыта иччилээх диэн кытаанахтык итэҕэйэллэрэ. Ол иччилэртэн көрдөһөн, алаас саҕатыгар, улахан айан аартыктарыгар, үчүгэй бэлиэ тииккэ салама ыйаан, бэлэх биэрэр сиэри-туому тутуһаллара. Ытык маһы алдьатыы, кэрдии хайаан даҕаны иэстэбиллээх, сэттээх-сэлээннээх буолар дииллэрэ.

Өрдөөҕүтэ атах мээнэ сылдьар, туох түбэһэринэн үлэлиир, ханнык эмэ харчы сыыһын буллаҕына, харчыта бүтүөр, өлөрүн-тиллэрин билбэт буолуор диэри арыгылыыр нуучча киһитэ Амма үрэҕиттэн Хотуйанан Суолаҕа Бөтүгэттэлээн испит.

Оччоҕо сэрии кэнниттэн соҕус буолан, массыына бэрт сэдэх кэмэ этэ. Хотуйа баһыгар диэри сылгыһыттары кытта ыҥыыр аты мэҥэстэн, аргыстаһан кэлбит. Онтон ыла сылгыһыттар ыйбыттарынан, Хотуйа үрэҕин баһын дабайан өрө тахсабыт. Таһаҕаһа диэн туох кэлээхтиэй? Кыракый сүгэһэрин көхсүгэр быраҕан иһэр. Биирдэ уларыттар таҥас сыыстаах, Бөтүҥ ыалларыттан умналаспыт хаппыт лэппиэскэ тооромостооҕо, икки бааҥка балык кэнсиэрбэтэ суумкатын иччилээбиттэр. Ону тэҥэ хаһан да арахсыспат аргыһа, саамай күндү баайа – биир бытыылка испиирдээх эбит.

Хотуйа үрэҕин тардыытын тахсан, Суола баһыгар түһүүтүгэр, аартык үрдүгэр симэхтээх тиит турарыгар тиийбит. Көрөөт даҕаны: «Хайа, бу эмиэ туохпутуй?» – диэн санаан аһарбыт. Ол кэннэ сынньана таарыйа ол тиити бэркэ сыныйан көрбүт. Маска араас тэрэпиискэ, сылгы кыла, сиэлэ, ойуулаах кумааҕы, онтон да атын араас барыта ыйаммыт. Өссө тиит хатырыгар көмүс, алтан харчылар, ону ааһан бүтүн солкуобайдаах кумааҕы харчы кыбытыллыбыттар, сорохторо сиргэ ыһылла сыталлар. «Хата, бу хайа акаары харчыны быраҕар бэйэтэй?» – дии санаабыт. Ол кэннэ уһуну-киэҥи саныы барбатах – били харчылары бука барытын хомуйан ылан, ыстаанын сиэбигэр уктан кэбиспит. Санаата бэркэ көтөҕүллэн, муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы-ыллыы аартыгы таҥнары түһэн, Буралла үрэҕин баһыгар тохтообут. Сатыы хаампытыттан дэлби утаппыт, аччыктаабыт. Тохтоон аһыырга санаммыт. Уу көрдөөн тула өттүн көрүммүт. Иһирдьэ үрэх сүнньүнэн, сааскы ууттан быстан хаалбыт чалбах баарыгар хараҕа иҥнэ түспүт. Кэнсиэрбэ ньаалбааныттан оҥоһуллубут эргэ хочулуогунан уу баһан таһаарбыт… «Сиикэйдии да истэххэ туох буолуой? Кыра үөннэр сылдьаллар да, Саха сирин үөннэрэ киһиэхэ буортута суохтар. Хайа куртах обургу оннооҕор буолуоҕу буһаран сырыттаҕа», – дии санаабыт да, уутуттан иһэн киллиргэппит. Ол икки ардыгар арыгытын таһааран куруускатыгар кутуммут, хочулуогуттан уулаабыт. Хата, кини бэйэлээх арыгытын кытта баччааҥҥа диэри хайдах аргыстаһан кэлбитэ буолла. Маҥнай сылгыһыттартан көҥөммүтэ быһыылааҕа. Кэлин сискэ тахсан баран, арыгытын иһиэҕин бэркэ баҕара саныы-саныы, тыыннаахтыы иһиэҕин кэрэйэн испэккэ, баччааҥҥа диэри аҕаллаҕа. Быһата, бэйэтин туһугар улахан хорсун быһыыны оҥостубут курдук сананан, арыгытын иһэн хантах гыннаран кэбиспит.

Дьэ итиэннэ кини бүгүн мантан ханна даҕаны барбакка, хонон сынньанарга санаммыт. Арай утуйан хаалбыт. Ол сыттаҕына, атахтарыттан киһи тардыалаабыт. Ону бастаан «не мешай, уходи!» диэн суоһурҕана, этиһэ сыппыт. Салгыы утуйан барбытыгар били киһитэ өссө күүскэ тардыбытыгар, соһуйан олоро түспүт. Хараҕын аһан көрбүтэ – ким да суох эбит. Бэркэ дьиктиргээбит, туран хаамыталаабыт. Бырдах бөҕө түспүт, киниттэн көмүскэнэн түптэ оҥостуммут. Ол быыһыгар арыгытыттан испит, итиэннэ эмиэ утуйан хаалбыт.

Арай этэ уот аһыйа түспүтүгэр өйдөнөн кэлбит. Били түптэтиттэн уот барбыт. Ыстаанын сототугар уот хатанан баран, таҥаһын сиэн күлүбүрэтэн эрэр эбит. Бэрт нэһиилэ, этин уокка салата-салата, ыстаанын уста баттаабыт. Ити икки ардыгар кутталыттан итиригэ ааһан хаалбыт. Аттыгар үүнэн турар хахыйаҕы тосту тардан, тыа диэки куотаары гыммыт уоту сабыта охсон, умулларан кэбиспит. Атаҕын уот сиэбитэ хабыллан тахсыбытын имэрийэ олорон, били бэҕэһээ киэһэ бытыылкатын аҥаарын уулаабакка эрэ сыгынах анныгар кистээбитин өйдүү биэрэр, онтукатын булан, кини дьолугар уот таарыйбатах, бааһырбытыгар, таҥаһа умайбытыгар кыһаллыбакка, астаспытынан барбыт.

Ол түүн утуйа сатаан кэбиспит да, абааһы кинини сүгүн утуппатах. Хаста да атаҕыттан тардан уһугуннартаабыт. Онтон күн тахсан эрдэҕинэ, уһукта биэрбитэ, улахан баҕайы хара бэкир киһи кинини өҥөйөн өҥкөллөн турар эбит. Куттанан хаһыытаабытынан ойон туран, суолга биирдэ баар буолбут.

Киһи эрэ буоллар отууламмыт сиригэр төннүбэтэх. Күн лаппа тахсыар диэри, халдьаайы эҥээригэр сыалдьа сыгынньах киһи тииккэ өйөнөн ытыы олорорун, ааһан иһэр айан дьоно булбуттар.

АБАЛААҔЫ БУУЛААБЫТ АБААҺЫ

Сэрии бүтүүтүн саҕана биһиги Абалаахпытыгар «хайа иччитэ» буулаабытын туһунан бэркэ кистээн, сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ. Ол кэмнэргэ абааһы суоҕун туһунан агитация, өйдөтүү үлэ күүскэ барара. Онон, абааһыны, кэпсиир киһи «сымыйаччы киһинэн» аатырара кыра, ону ааһан бэрт улахан сэмэҕэ-суҥхаҕа түбэһэрэ.

Абалаахха олохсуйбут абааһы туһунан сири аннынан сибигинэһэн кэпсэтиини итэҕэйэ саныырбын ааһан, куттанарым даҕаны. Кэнники ол түбэлтэ ааспытын кэннэ Сосин Петр Алексеевич-Эрбэгэй Бүөтүр диэн Абалаахха уһуннук олорбут оҕонньортон сиһилии соҕус истибитим. Кини кэпсээнигэр олоҕуран ол абааһы туһунан быһа тардан кэпсээтэххэ, маннык этэ.

Биир түүн Абалаах таһынааҕы алааска олорор Кэтириис эмээхсин (оччоҕо эдэрчи соҕус эбитэ буолуо) бэркэ уолуйан, соһуйан уһуктубута. Түүн бары утуйбуттарын кэннэ, дьахтар саптан сытар суорҕанын ким эрэ саралыы тардан, ылан сиргэ бырахпыт. Дьахтар соһуйан, хаһыытаабытынан оронугар олоро түспүтэ, ким даҕаны хаама сылдьара көстүбэт.

Дьиэлээхтэр дьахтар хаһыытыттан уһукта биэрэн, туох буолбутун туһунан ыйыталаспыттар. Онуоха Кэтириис суорҕанын абааһы саралыы тардыбытын кистээн: «Арааһа, баттаттым быһыылаах. Суорҕаммын сиргэ тэбэн кэбиспиппин», – диэбит. Дьоно кини тылын итэҕэйбиттэр. Сотору бары утуйан муннуларын тыаһа хаһыҥыраабытынан барбыт.

Кэтириис куттаммыта ааспатах. Сүрэҕэ биир кэм биллиргэччи тэбиэлии, уута кэлбэккэ оронугар эргичиҥнии, кулун курдук мөхсө сыппыт. Ол кэмҥэ оһох кэннигэр иһит тыаһаабыт. Кэтириис иһиллээн чөрбөйө түспүтэ, кутуйах хачыгырыырыттан атын, кутуйах кыайбат иһиттэрин бэйэ-бэйэлэригэр охсуһуннартаабыт. Дьахтар сэрэхэдийбит. «Бары утуйа сыталлар», – дии санаан эрдэҕинэ маҥнай оҕонньор, тута соҕус дьахтар суорҕанын эмискэ көстүбэт киһи саралаан ылан, сиргэ бырахпыт. Оҕонньор «һуу, бу тугуй?» диэбитинэн оронун үрдүгэр олоро түспүт.

Дьахтар даҕаны саҥа аллайа түһээт, хараҕын быһа симэн баран, оронугар кумуччу туттан сыппыт. Оҕонньор туран бэйэтин уонна эмээхсинин суорҕаннарын хомуйа сылдьан: «Доҕоор, бу туох ааттаах абааһыта кэлэн суорҕаммытын былдьаталыырый?» – диэн ыйыппыт. Оҕонньор оронуттан туран лаампатын уматан, дьиэҕэ ким эрэ киирбитэ буолаарай диэн дьиэ иһин, оһох кэннин кэрийэн көрбүт да – ким даҕаны суох. Абааһыны таһырдьа тахсан куотан хаалбыт диэҕи, дьиэлэрин ааннара иһиттэн хатааһыннааҕа төлөрүйбэтэх. Оҕонньор муодарҕаан лаампатын остуол үрдүгэр умулларбакка эрэ, оронугар тиийэн сытынан кэбиспит. Сотору буолаат, ким эрэ, бэйэтэ көстүбэккэ сылдьан, лаампаларын уотун саба үрбүт. Дьиэ иһэ эмиэ хараҥара түспүт. Ол кэннэ сонно тута, дьиэлэрин хаҥас өттүгэр, үөһэттэн буор сиргэ курулаччы тохтубут. Оҕонньор сирэйигэр бадараан кэлэн «палк» гына быраҕыллыбыт.

– Туох ааттаах көстүбэт сатаната кэлэн биһигини буулаатыҥ? – диэн оҕонньор абааһыны кытары хайаан даҕаны кэпсэтэргэ санаммыт. Кини бу алта уон сааһын томточчу туолуор диэри абааһы диэни көрсүбэтэх, урукку өттүгэр баарын туһунан араас ол-бу үһүйээн сэһэннэри итэҕэйбэтэх киһи этэ. Бу сырыыга тоҕо эрэ олус куттаммыт. Мэктиэтигэр куолаһа уларыйан хаалбыт. Наһаа улаханнык, титирэстээн саҥарар буолбут.

Абааһы тугу даҕаны хардарбатах. Тохтуу түһэн баран абааһылара аны, хаҥас диэкиттэн хабыс-хараҥаҕа хардаҕаһы дьиэ ортотун диэки бырахпыта, тыас-уус бөҕө буолбут. Ити икки ардыгар оҕонньор суорҕанын мүччү туттаран сиргэ ылан бырахпыт. Утуйбакка сытар оҕолор бары хаһыытаһа түһэн баран, суорҕаннарын анныгар түспүттэр. Абааһылара ах баран хаалбыт. Оҕонньор төһө даҕаны куттаннар, оронуттан туран, оһоҕун оттубут. Ол кэннэ аал уотуттан көмүскэл көрдөһөн уокка ас биэрэ-биэрэ: «Бу туох ааттаах буруйбут иһин, ханнык ааттаах халыҥ аньыыбыт иһин», – диэн ботугуруу турбут. Ити икки ардыгар абааһылара таһырдьаттан сылгы тоҥ сааҕынан быраҕаттаабыт. Дьиэлээхтэр өссө аймаммыттар. Сиэннэрэ кыыс эбэтин хоонньугар киирбит. Ийэтэ, отуччатын туола илик эдэр дьахтар, суорҕанын бүрүнэн баран кутталыттан тыыммакка даҕаны сыппыт.

Оҕонньор, эр киһи элээмэтэ буоллаҕа, төһө даҕаны куттаннар, уотун ордук күөдьүтэн, тойон эһэтигэр анаан, дьааһык түгэҕэр уурулла сытар испиир сыыстааҕын таһааран, ыстакаан түгэҕэр кутан, уокка ас биэрбит. Онно уота күлүм гына сырдаан кэлбит.

– Аал уотум иччитэ, Бырдьа Бытык, Хатан Тэмиэрийэ тойон эһэм, аһаа-сиэ. Халыҥ хахха буол, суон турда буол, – диэн ааттаһа-көрдөһө турбут. – Бу биһиги ыал кими даҕаны күөмчүлээбэтэх, туспа ыалы атаҕастаабатах, уутааҕар чуумпу олохпутугар, балыктааҕар кэлэҕэй бэйэбитигэр туох ааттаах көстүбэт бииһэ буулаатыҥ? Атын сирдэринэн, үрдүк өһүөлээхтэринэн, халыҥ хаһалаахтарынан, суон сааллаахтарынан сырыт. Биһигинньиктэртэн тугу туһаныаххыный? Антах сырыттаргын. Бэйэбит даҕаны сап саҕаттан салҕанан, сип саҕаттан ситимнэнэн, бэрт эрэйдээхтик буруобут эрэ буккураан, тыыммыт эрэ сыккыраан олоробут. Эрэйбитин элбэтимэ, кыһалҕабытын күөттээмэ. Көрдөһөр да күттүөннээх, ааттаһар да ахсааннаах», – дии-дии тоҥхолдьуйа турбут. Ол эрээри абааһылара уот алгыһын истибэтэх. Халлаан сырдыар диэри, ыалы сүгүн утуппакка, бэйэтин араас баракаастарын оҥоро сылдьыбыт. Дьиэлээхтэр урут хаһан даҕаны түбэспэтэх, санаан даҕаны көрбөтөх иэдээннэригэр түбэһэн, хоройбутунан хонон турбуттар. Абааһы оҕонньордооҕу нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ арахпакка сордообут, түүн аанньа утуппатын тэҥэ, атын араас баракааһа элбээбит. Умуһахтарыгар киирэн үүттэригэр буору кутан кэбиһэр, иһэр ууларыгар таһырдьаттан сылгы сааҕын киллэрэн булкуйа оонньуур. Аны күнүһүн сылдьар ыалдьыттарын сүгүн сырытыннарбат. Ороҥҥо олордохторуна дьиэ үрдүттэн үрдүлэригэр буор тохтон суккуруур. Ону кытта даҕаспытынан хаҥас диэкиттэн туох түбэһэринэн тамнаталыыр. Ыалдьыттар тулуйбаккалар, таһырдьа ыстаналлар. Кэнникинэн абааһыттан куттанан, ким даҕаны сылдьыбат буолбут.

Абалаах ыалларыгар эрэ буолбакка, Суолаҕа эмиэ оҕонньордооҕу туох абааһыта буулаабытын туһунан таайан көрө сатыыллара. Үгүстэр хайа иччитэ буолуо дииллэрэ. Ону: «Биһиги ханнааҕы хайабыт абааһыта кэлиэй? Хайа иччитэ кэм хайалаах эҥин сиргэ олохсуйар баҕайы ини. Көннөрү аптаах киһи дьээбэлэммитэ буолуо», – диэн утарсааччылар да аҕыйаҕа суохтара. Сорохтор: «Аптаах киһи оҕонньордоох эмээхсини, тоҕо наһаа ити курдук муҥнуоҕай? Ааспата-арахпата, утуппата, сынньаппата сүр. Киһи аата киһи ини. Дьону аһынар, харыһыйар сүрэхтээх ини. Киһи буолбатаҕа чахчы», – дэһэллэрэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации