Электронная библиотека » Иннокентий Сосин » » онлайн чтение - страница 3

Текст книги "Эргэ өтөх хоноһото"


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 09:00


Автор книги: Иннокентий Сосин


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 6 страниц)

Шрифт:
- 100% +

ЭРГЭ ӨТӨХ ХОНОһОТО

– Былыр гражданскай сэрии ааһан, сэбиэскэй былаас олоҕун булан эрдэҕинэ, Испирдиэн Уус Маайа оройуонугар милииссийэлээбитэ, – диэн Нуучча Дайыла (Данил Брызгалов) кэпсээбитэ. – Оччоҕо кини, эдэр киһи, милииссийэ араас сорудахтарын толорон, ыраах түҥ тайҕаларга, үрэхтэр бастарыгар тиийтэлиирэ, үгүс уоруйахтары, күрүөйэхтэри тутуһарга үлэлэспитэ.

Арай биирдэ күһүөрү сайын, балаҕан ыйын саҥатыгар эбитэ дуу, атырдьах ыйын бүтүүтүгэр эбитэ дуу, Испирдиэн Маайа өрүһүн салаата ханнык эрэ үрэх устун айаннаан испит. Икки өттүнэн хапчаанныҥы туруору бырааннардаах буолан, кураан кэмҥэ киһи сөтөлүннэҕинэ даҕаны, ой дуораана буолан, үрэх илин-арҕаа эҥээрдэригэр охсуллар. Ардах күнү быһа тохтообокко түспүт. Аттыын, бэйэлиин илдьи сытыйан нэһиилэ салбыҥнаһан испиттэр. Киэһэрэн, халлаан борук-сорук буолуута, эргэ хотонноох балаҕаны булбуттар. Испирдиэн атын сэргэҕэ баайа туран көрдөҕүнэ: дал-хаһаа диэн мэлигир, барыта суйданан хаалбыт. Кыракый ампаар баара, аана ньим курдук сабыылаах. Кыстык мас оннугар долгучуох тобоҕо сытарын көрөн: «Хата, мас мастаан, уот оттон, таҥаспын-саппын куурдуом. Балаҕаным саҥатык соҕус эбит», – диэн үөрэ санаабыт.

Халлаан эбии хараҥарбыт. Былыттар үрүт-үрдүлэригэр хатталаһан, өссө ордук ыаһырбыттар. Ардах түһэрэ күүһүрэн, тыастанан барбыт. Испирдиэн атын сэргэҕэ баайаат, бэрэмэдэйин туппутунан балаҕаҥҥа көтөн түспүт. Ыал олорботоҕо, бэл хоноһо хонон ааспатаҕа өр буолбут быһыылаах. Дьиэ иһигэр кир-хах бөҕө мунньуллубут. Хаҥас икки эргэ туос түннүк сабыылаах, уҥа түннүктэрэ аһаҕас. Бу аҥаһан тураллар. Тыал сирилэччи үрэр, ардах курулаччы кутар. Хотон аана аһаҕас. Хата, оһоҕо киһи хайа баҕарар уот оттон, күөстэниэн курдук сэнэх.

Испирдиэн оһох чанчыгар кураанах мас тобоҕо баарынан уот оттубут. Ол кэннэ оччотооҕу саха киһитин сиэринэн уотугар ас биэрбит. Таһырдьа тахсан атын сыгынньахтаан, ыҥыырын бототун дьиэҕэ киллэрэн баран, мас мастаан бачырҕаппыт. Хардаҕастарын хаста да кырынан оһоҕун чанчыгар үллэччи кыстаан кэбиспит. Тэлгэһэ иһиттэн эрбэһин үргээн, били аһаҕас түннүктэрин бүөлээбит, үрэхтэн уу баһан таһаарбыт. Дьиэҕэ киирэригэр атын атаҕын баайан баран, аһата ыыппыт. Мантан киэһэ таһырдьа тахсыбаттыы санаммыт.

Ити кэмҥэ таһырдьа хараҥарбыт. Ардах түһэрин кубулуппатах, өссө ордук курулаччы кута турбут. Испирдиэн дьиэҕэ киирэн, уотун күөдьүтэн, эбии хардаҕас бырахпыт. Котелокка уу кутан чэй оргутаары уокка уурбут, тас таҥаһын устан уот иннигэр кирээккэҕэ ыйаталаан кэбиспит.

Чэйэ оргуйбутун кэннэ, көмүлүөк оһоҕун сылааһыгар сыраллан аһыы олорон, хотоҥҥо туох эрэ тыаһа торулуурун истибит. Испирдиэн куттаҕаһа суох киһи этэ. Бастаан: «Атым тоҕо хотон истиэнэтин кэрийэ сырыттаҕай?» – дии санаабыт. Сотору буолаат, иккиһин толугураабыт. «Итиннэ туох улахан абааһы кэлэн киирбит үһү. Торбос абааһыта ини. Мииниэн торбоһо суох», – Испирдиэн бэйэтэ бэйэтин уоскутуммут.

Аһаан бүтэн, уотун эбии оттон күлүбүрэппит. Ол кэннэ кирээккэҕэ куурда уурбут таҥастарын эргитэ турдаҕына, хотон иһигэр эмиэ тыас тыаһаабыт, тугу эрэ саайан чыбырҕаппыт.

– Итиннэ ким баарый? Бэрт түргэнник таҕыс, – диэн хаһыытаабытынан милииссийэ бэстилиэтин илиитигэр хабан ылбыт.

Өс киирбэх, тыаһа ах баран хаалбыт.

Испирдиэн уот кытыытыгар олорон эрэ, соҕотохсуйан, хотон иһигэр лүһүгүрээбит тыастан дьаахханан, онуоха эбии кутталыттан этэ аһыллан, бэстилиэтин илиитигэр тутан олорон, ыллаан барбыт:

Дирбиэн-дарбаан күннэргэ

Дирбийэн-дарбыйан тураммыт,

Көнөр көҥүлү көрдүөхпүт,

Көмүс Солону көмүөхпүт…

Испирдиэн ыллыыр кэмигэр хотон иһигэр тыас тохтуурга дылы буолбут. Онтон тэбиэһирэн, онуоха эбии муунтуйбут санаатын тарҕатан ыллыы олорбут:

Балкыырдаах байҕалым

Баалланарын курдук,

Бассабыык баартыйа

Барҕаран таҕыста…

Ити курдук син балайда өр кэмҥэ бэйэтин билэр ырыаларын ыллаамахтаабыт. Тиһэҕэр, таһырдьа тахса сылдьан баран, оронун оҥостон утуйбут. Сылайбыта таайан, ону тэҥэ утуйар кэмэ да кэлбитэ буолуо, сытаат да, утуйан хаалбыт. Төһө өр сыппытын билбэт. Арай суорҕанын ким эрэ саралыы тардыбыт. Испирдиэн соһуйан, оронугар олоро түһэн: «Суорҕаммын ким саралыы тартаҕай?» – диэн, тула өттүн көрүммүт да, хабыс-хараҥаҕа туох даҕаны көстүбэтэх. Суорҕанын бүрүнэн баран хат сыппыт. Саҥардыы нухарыйан эрдэҕинэ, «киһитэ» аны атаҕыттан тардан сиргэ түһэрээри гыммыт. Испирдиэн: «Тохтоо! Ытан кэбиһиэм!» – диэт, бэстилиэтин харбаан ылбытынан олоро түспүт. Олус улаханнык куттаммыт, онтукатын аһаран:

Смело товарищи, в ногу!

Духом окрепнем в борьбе.

В царство свободы дорогу

Грудью проложим себе, —

диэн ыллаан барбыт. Бастаан симиктик, онтон улам-улам кимиилээхтик, эрчимнээхтик ыллаабыт. Ыллыы сытан, эмиэ утуйан барбыт. Абааһыта аны атаҕыттан тардыалаабыт. «Сүгүн утутарыттан ааста. Баран хаалыаҕы, таһырдьа хараҥата бэрт. Туран уотта оттон көрүөххэ. Баҕар, дьиэ иһэ сырдаатаҕына, тохтоорой», – дии санаан оронуттан туран кэлбит. Оһоххо хардаҕастары бырахпыт. Ол кэннэ таҥнан таһырдьа тахсыбыт. Бу сырыыга бэстилиэтин бэйэтиттэн араарбатах. Ардах тохтообокко биир кэм курулаччы түһэ турар эбит. Ата чугастааҕы тиит анныгар төбөтүн сиргэ анньан баран нуктуу турарын көрөн: «Доҕоруом, Элэмээски, кэл эрэ манна!» – диэн ыҥырбыт. Онуоха ата иҥэрсийэн, кыратык хаһыҥыраабыт. «Оо, барахсаным сыыһа, куттанары билбэккэ турдаҕыҥ. Ол эрээри, киһиэхэ мөлтөх доҕор эбиккин. Ыттааҕым буоллар, үчүгэй буолуох эбит», – дии санаабыт… Ардах анныгар төһө өр туруой? Уокка оттор маһа аҕыйаабытын өйдөөн, хараҥатын даҕаны аахсыбакка, мас мастаабыт. Ол сылдьан: «Бу түүн утуйбакка хоройбутунан хонор киһи буоллум быһыылаах», – диэн саныысаныы маһы көтөҕөн дьиэҕэ киирбитэ, били тыаһа уурайбатах, хотонун иһигэр толугуруу сылдьар үһү. Эмиэ бэстилиэтин хостоон таһааран: «Кэл эрэ, бэттэх! Харахпар көһүн! Ытан кэбиһиэм!» – диэн хаһыытаабыт. «Баҕайы, бэстилиэт диэнтэн куттаммат сатана ини. Билбэтэ да буолуо», – диэн хайдах эрэ сонньуйа саныы-саныы, уотугар хардаҕас быраҕан биэрбит.

Ити түүн Испирдиэн аанньа утуйбакка хоройбутунан хоммут. Кыратык өттүгэстии түһэн аргыый нухарыйан бардаҕына, абааһыта суорҕанын саралыы тардар. Онтон ыксаан, аны суорҕанын саптыбакка, тэлгэнэн баран сыппыт. Утуйаары гынна да, абааһыта атаҕыттан тардан уһугуннарар.

Сарсыарданан утуйан хаалбыт. Арай уһуктан кэлбитэ, дьиэ иһэ сып-сырдык буолбут. Оронугар эргичиҥнии сытан тураары аллара көрбүтэ, оронун анныттан… чачархай баттахтаах киһи төбөтө быгыалыыр үһү! Испирдиэн олус диэн улаханнык куттаммыт, түргэн үлүгэрдик сулбу ыстанан тураат, таһырдьа ыстаммыт. Ардаҕа астыбатах, биир кэм түһэн курулата турар эбит. Куттамматаҕа эбитэ буоллар, хонон-өрөөн ардаҕы аһаран барыах эбит… Атын тутан аҕалан сэргэҕэ баайбыт, ыҥыырдаан барардыы тэриммит, таһаҕаһын хомуйан атыгар ыҥыырдыбыт. Атын сэргэттэн сүөрэн, тэлгэһэттэн хоҥноору туран: «Ити туох ааттаах киһитэ орон анныттан быгыалаабыт эбитэй? Киирэн көрүөххэ баара. Ама, тыыннаахтыы сиир үһүө. Оннооҕор бөлүүн хараҥаҕа сиэбэтэҕэ. Билигин хайыыр үһү», – дии санаабыт да, сүгэтин туппутунан дьиэтигэр иккиһин көтөн киирбит. Дьиэ иһэ чуумпу, туох да баара биллибэт. Сүгэтинэн били сыппыт оронун адарайын түөрбүт. Орон анныгар өлбүт киһи уҥуоҕун дьардьамата бу атыгыраан сытар эбит. Этин-сиинин үөн-күрдьэҕэ сиэн бүтэрбит, аҥаардас уҥуохтарын кырамталара эрэ хаалбыт.

«Өлөрөн баран, көмпөккөлөр эрэ, орон анныгар быраҕан кэбиспиттэр эбит. Туох киһи эбитэ буолла? Кимнээх тоҕо, туох иһин, ханнык хараҥа аньыытыгар-буруйугар өлөрдүлэр? Биллэн турар, ороспуонньуктар эбэтэр бандьыыттар өлөрдөхтөрө. Бэйэ киһитэ буолан баран, түүнү быһа куттаабыт эбит», – диэн саныы-саныы, балаҕантан тахсан барбыт.

Сахалар былыр-былыргыттан өлбүт киһини сиргэ көмөн эбэтэр араҥастаан уҥуох тутар үгэстээхтэр. Уҥуоҕа тутуллубатах киһи дэриэтинньик эбэтэр илэ сүүрэ сылдьар абааһы буолуохтаах. Ити туһунан Испирдиэн дьонтон истибит эбит. Онон чугастааҕы ыалларга тиийэн балаҕаҥҥа хараллыбакка сытар киһи дьардьаматын буорга көмөллөрүгэр дьаһал биэрбит.

Испирдиэн ити курдук олус ынырык түбэлтэҕэ түбэһэн баран, куттаҕаһа суох, эр санаалаах буолан, иччитэх өтөххө абааһыны кытта күрэстэһэн хонноҕо. Мин эбитим буоллар, сонно тута таһырдьа ыстаммытым ырааппыт буолуо этэ, – диэн Нуучча Дайыла кэпсээнин бүтэрбитэ.

ЧӨҤӨЧӨГҮ МИИММИТИНЭН…

Бардам Баһылай олох эдэр сылдьан биир дьиибэ түбэлтэҕэ түбэһэн турардаах. Сааһыары соҕус этэ. Баһылай таайдарын аахха күүлэйдии Тамма үрэҕинэн ыҥыыр атынан көтүтэн, дьэргэлдьитэн испит. Эргиччи сып-сырдык, күн сандаарыччы тыган турар. Ол да иһин, сааскы чэбдик салгыҥҥа чэгиэн этинсиинин сайа оҕустараары ыҥыыр аттаммыт.

Арай ол иһэн, иннигэр биир оҕонньор, киһи айан да эрэйбэт кырдьаҕаһа, иһэр эбит. Тохтоон кэпсэппит. Онуоха оҕонньоро: «Тукаам, эдэр киһи кэрэтэ эбиккин. Бу ыран, быстан иһэр оҕонньору аһын. Аккар мэҥэһиннэр эрэ. Бэрт ырааҕа суох сир хаалла да, кыаҕым эстэригэр тиийдэ», – диэн көрдөспүт. Онуоха Бардам Баһылай: «Мин атым ахсыма бэрт, сатаан мэҥэһиннэриэ суоҕа. Бука, тиийиэхтээх сиргэр сатыы да тиийэргин билэн иһэр кырдьаҕас буолуоҥ», – диэбит да, оҕонньор хоруйун истибэккэ эрэ, атын кымньыылаан кэбиспит. Кэннигэр кырдьаҕаһа: «Чэ буоллаҕа. Эдэр киһи миигин өйдөөбөтүҥ», – диэбит саҥатын истэ-истэ, тэйэн хаалбыт.

Бардам Баһылай алааһы туораан баран, өйдөөн көрбүтэ: чөҥөчөгү миинэн баран, кымньыытынан таһыйа сатыы олорор эбит. «Иирбит буоллаҕым дуу? Атым сатана ханна баран хааллаҕай?» – диэн куттаныы бөҕөнү куттаммыт. Тула өттүн көрүммүтэ: ата чугаһынан көстүбэт. Ити курдук эмискэ суос-сатыы туран хаалбыт. Төннүөҕүн дьиэтэ ыраах баҕайы эбит. Тиийиэхтээх, анаан баран иһэр ыалыгар диэри көс кэриҥэ сир хаалбыт эбит. Тэҥнэһиэ дуо? Сатыы барбыт.

Өр соҕус айаннаан ыалыгар тиийбитэ, ата сэргэҕэ бааллан турар эбит. Иччитин көрөөт да, иҥэрсийбит. Баһылай атыгар тиийэн, атын имэрийэн-томоруйан баран, дьиэҕэ киирбитэ, маарыҥҥы оҕонньоро баар, бастыҥ ороҥҥо тиэрэ түһэн, сынньана сытар эбит. Бардам Баһылай: «Оо, муҥум да баар эбит. Улуу кырдьаҕаһы билбэтэхпин. Өссө тугу сордоон иһэр», – диэн ытырыктата санаан, нэһиилэ бэргэһэтин, сонун устубута буола турбут.

– Хайа, тукаам, кэллиҥ дуу? – оҕонньоро сымнаҕас соҕустук ыйыппыт. – Эдэр киһи барахсан атаҕа диэн ыт атаҕа буоллаҕа. Бу икки ардын тулутуох бэйэлээх буолуоҥ дуо? Бука диэн миигин буруйдаама. Ити аккын атах тардыстаары кыратык уларса түстүм. Кырдьык даҕаны, миигинник кырдьаҕас киһини мэҥэһиннэриэ суох ахсым сылгы эбит. Эн ытык, мааны ыал ыччата эбиккин. Кырдьаҕастарыҥ этэҥҥэ үүт-турааннык олордуннар. Бэйэлэрэ үтүө ыал, дьон дьоно эбиттэр. Эн даҕаны, бүгүҥҥү быһыыгыттан бэйэҥ өйдөнүөҥ дии саныыбын, – оҕонньор оронуттан туран уот кытыытыгар кэлбит.

Бардам Баһылай ойуун оҕонньор сымнаҕастык, ис киирбэхтик кэпсэппититтэн өссө ордук саллыбыт, иэнэ кэдэҥнээбит.

– Кырдьаҕас, эйигин билбэккэбин, алҕас тахcыбыт, кырдьыга, көмөлөһүөх баар эбит. Ону баара, атым ахсымыттан саллан, түктэри быһыыламмыппын. Бука диэн, бырастыы гын, – диэн сүгүрүйэ турбут.

– Таайдарбар кыра арыгы кэһиилээх кэлбитим. Ол мааныбар-күндүбэр, бука диэн, бастыҥ остуолларыгар ытык ыалдьыт буоларгар көрдөһөбүн, – диэн, таһырдьаттан чиэппэрдээх бытыылкаҕа толору испиирдээҕин киллэрэн, сандалыга ууран кэбиспит.

Дьиэлээх кырдьаҕас ампаартан сылгы ойоҕоһун киллэрэн буһара охсон, сылгы тоҥ хаһатын кырбаан бастыҥ остуолу тардыбыт. Малааһын маанылааҕа буолбут.

«АЙА ИЧЧИТЭ»

– Кэпсээнтэн кэпсээн, – Хоро уола Байбал көхсүн этиппэхтээтэ. Ол кэннэ саҥата суох, биир сири тобулу одуулаан олорбохтуу түстэ. – Бу түбэлтэ үрүҥнэр үүрүлүннэхтэрин нөҥүө сылыгар буолбута. Оччолорго мин Алдан үрэхтэригэр сылдьан бултуурум. Ол сылдьан «Хоноһо Сүөдэрдээҕи «хайа иччитэ» буулаабыт. Түүн аайы остуолларыгар ас уурдаран аһаан барар үһү. Сирэйэ ынырык куһаҕан. Ыалдьыт, хоноһо сылдьарын, хонорун букатын сөбүлээбэт үһү. Дьэ, ынырык абааһы» диэн кэпсэтэллэрин истибитим.

Мин ол «хайа иччитэ» абааһыны көрүөхпүн баҕаран, биир күһүҥҥү киэһэ Сүөдэрдээххэ хоно тиийдим. Үрэх баһыгар олорор оҕонньордоох эмээхсин эрдэ утуйар эбит буолуохтаахтара. Арай күн киириитэ уоттарын тигинэччи оттон, күөстэрин өрүммүттэр.

– Ыаллар, кэпсээҥҥит? – таһыттан киирбит ыалдьыт киһи быһыытынан дьиэлээхтэри кытта дорооболостум. Хайдах эрэ «биһиги кэпсэтэрбит сатаммат» диир курдуктар, тугу да саҥарбаттар. Онтон оҕонньор мин диэки көрөр, ол кэннэ уҥа орон диэки ыйардыы кэҕиҥниир. Мин «сыгынньахтанан, итиэннэ ити ороҥҥо саҥата суох олор» диир быһыылаах диэн сэрэйэбин. Таҥаспын сыгынньахтанан, хонордуу оҥоһуннум. Оттон дьиэлээхтэр мин баарбын билбэт, миэхэ кыһамматах курдук тутталлар. Оннооҕор бэйэлэрин икки ардыгар букатын кэпсэппэттэр. Дьиэлээхтэр хайа иччититтэн куттанан ыалдьыты, хоноһону кытта кэпсэппэттэрин мин өйдөөбүтүм. Ол иһин кинилэри кытары сэһэргэһэ соруммакка, таһырдьаттан утуйар таҥаспын киллэрэн, күөстэрэ хаһан буһарын кэтэһэн, саҥата суох олордум.

Аһылыкпыт буолбута. Миэхэ куобах сиһин уонна буутун тэриэлкэҕэ ууран баран, саҥата суох илиилэринэн ыҥыран, остуолга олортулар. Бу тухары кэпсэтии суох. Ууну омурдубут кэриэтэ сылдьабыт. Аһаан бүтээт да, дьонум таһырдьа киирэн-тахсан баран, утуйарга бардылар. Утуйарыгар эмээхсин улахан баҕайы ынах этин кырбаан, арыылаах лэппиэскэни абааһытыгар бэлэмнээтэ быһыылаах, остуолга тардан кэбистэ. Испэр «абааһы буолан баран киһи курдук арыылаах лэппиэскэнэн аһыыр эбит дуу?» диэн муодарҕыы санаабытым буолан баран, тугу да саҥарбатым.

Бэрдээн саалаахпын оронум улаҕатыгар, быһахпын сыттыгым анныгар угуталаан баран, атаҕым таҥаһын эрэ устан баран, тас таҥаспын сыгынньахтаммакка, суорҕаным анныгар киирэн сылбырҕатык утуйарга сананным. Санаабар, «хайа иччитэ» буулаатаҕына, киирсэргэ баҕалаахпын. Мин тоҕо эрэ абааһы буолбакка, киһи кубулуна сылдьарыгар улахан эрэллээхпин.

Көмүлүөк уота умуллан, балаҕан иһэ барык-сарык буолла. Түннүгүнэн ый сырдыга муостаҕа тыкта. Бу кэмҥэ аан тыаһаата. Суорҕаным быыһынан көрбүтүм: улахан баҕайы абааһы барыҥнаан киирдэ. Киирээт да, оһоххо биэс-алта хардаҕаһы бырахта. Дьиэ иһэ сырдыы түстэ. «Дьикти «абааһы»! Киһи курдук уот оттор» дии саныыбын. Хаста даҕаны киһилии саҥаран кэпсэтиэхпин саныыбын да, дьулайа саныыбын.

Дьиэ иһэ сырдыы түспүтүгэр, «абааһым» мин диэки эргилиннэ. Олдьу-солдьу сылдьар, киэҥнээх кыараҕас харахтардааҕынан тоҕо эрэ миигин одууласпахтаата. Дьэ, сирэй-харах чахчы дьаабы. Собус-соҕотох аҥайбыт хайаҕастаах токуруйбут муруннаах, ыт аһыытын курдук абына-табына тиистэрдээх, эбиитин икки аһыыта тостубута кытаран көстөр. Сүүһүн ортотуттан уһулу ойон тахсыбыт собус-соҕотох муостаах. Бэйэтиттэн, суумматаҕа-тараамматаҕа өр буолбут киһилии дьап-дьаардаах, сытыйбыт, кир сыта саба биэрэр.

«Абааһы» остуолга тиийэн олорунан кэбистэ уонна миэхэ көхсүн көрдөрөн аһаабытынан барда. Айаҕын тыаһа ньамырҕас. Көхсүнэн олорор буолан, хайдах аһыырын көрбөппүн. Арай «абааһыбыт» арыылаах лэппиэскэни сиэбэккэ эрэ хоонньугар уктар. «Дьэ эмиэ дьиибэ. «Хайа иччитэ» буолан баран, киһиэхэ дылы ас хаһаанар эбит дуу», – диэн дьиктиргээбитим уонна кини букатын даҕаны абааһы буолбатаҕар эрэлим улаатан истэ.

Ити икки ардыгар аһаабыт иһиттэрин остуол ортотун диэки тилир-талыр анньыталаата. Киһи куйахата күүрүөх куһаҕан баҕайытык суордуу кыланна да, били кырдьаҕастар сытар быыстарын кэннигэр киирэн хаалла. Сотору буолаат, сутурук тыаһа кибиргэс буолла. Быһыыта, оҕонньору кырбыыр быһыылаах. Кырдьаҕас айаккалаабат, көннөрү ыҥыранар эрэ.

Быыс кэнниттэн тахсаат даҕаны, «абааһы» аны миэхэ сулбу хааман кэллэ. Абааһы абааһы курдук. Көннөрү ыҥыргыы-ыҥыргыы, үрдүбэр сарбайбытынан түһэн истэ. Мин көмүскэнэргэ, кыаллар буоллаҕына, киирсэргэ даҕаны бэлэм сытар киһи, түүрүллэ түһээт абааһыны түөскэ тэбэн кууһуннардым. Онуоха, били баҕайы тэмтээкэйдээн тиийэн олоппоско «лах» гына олоро түстэ. Мин кини өйдөнүөн икки ардыгар ойон турдум да, абааһыны соҕотох муостааҕыттан харбаан ыллым. Өс киирбэх «муоспут» «харх» гына тыаһаата да, «абааһы» сирэйин аҥаарын бүтүннүүтүн хайа тардан ыллым. Абааһыны хам тутан ылан охторор санаалааҕым да, аны кини миигиттэн мүччү туттарар, куотар аатыгар сырытта. Киһим, дьиҥэр, күөгэйэр күнүгэр сылдьар, тэтиэнэх киһи эбит. Мүччү туттаран, бокуойа суох таһырдьа ыстанна.

– Аны бу дьиэҕэ киирэн көрөөр эрэ! Эйиигин абааһы буолан кубулунан саһа сылдьар уоруйаҕы, былаастарга тыллаан туттаран ылыам, – дьиэ аанын аһан туран хаһыытаабытынан хааллым.

Дьиэлээхтэри кытта кэпсэппитим. Бу «абааһы» кинилэри өссө атырдьах ыйын саҕана булбут. Күһүҥҥү тымныы түүннэргэ окко утуйа сылдьыбыт, билигин аҕыйах хонуктан бэттэх оҕонньордоох хотоннорун долборугар «уйалана» сылдьар эбит. Ону истэн баран, «кыараҕас да ычалаах эбит. Ханна тиийээри абааһы буолан сылдьыбыт бэйэтэй» дии санаабытым.

– Кырдьаҕастаар, ити абааһы буолбатах. Ханнык эрэ саһа сылдьар бандьыыт дуу, уоруйах дуу быһыылаах. Аны киниттэн куттанымаҥ, – диэн оҕонньордоох эмээхсини уоскута сатаатым.

– Эн билигин баран хаалыаҥ. Ол кэнниттэн ити баҕайы биһигини сүгүн олордоро биллибэт. Эмиэ хат муҥнуо-сордуо, – диир эмээхсин.

Мин ити ыалга нэдиэлэ буолбутум. Күнүһүн ити эргин сылдьан бултаабытым. Түүнүн, бэрт эрдэттэн киирэн, ыалларбар хоно сылдьыбытым. Мастарын мастаһан көмөлөспүтүм. Били сатана аппын илдьэ барыа диэн бэркэ сэрэхэдийэ саныырым. Ол иһин атым сэбин-сэбиргэлин дьиэҕэ киллэрэрим. «Абааһыбыт», кэлин сыта да биллибэт буолбута – ханна эрэ күрээтэҕэ.

Көр, ардыгар көннөрү киһи даҕаны кэлэн, хараҥа дьон ортотугар абааһы буолан кубулунан, буор-босхо аһаан-таҥнан сылдьыан сөп эбит этэ.

ДЭРИЭТИННЬИК ДЬАХТАР

Мин бу кэпсээни бэрт өрдөөҕүтэ, Майа оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, биир билэр киһибиттэн истибитим. Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан кэпсэтии буолбутугар киһим: «Алексей Елисеевичпит биэс уонун туолбакка сылдьан өлбүтэ. Кини өлүүтэ даҕаны хомолтолоох. Бука, дэриэтинньик дьахтарга түбэспэтэҕэ буоллар, баҕар, үйэтэ балайда уһуо эбитэ буолуо. Ону баара, биһиэнэ биһиэнин курдук, буолан истэҕэ», – диэн эппитэ.

– Ол туох ааттаах дэриэтинньик дьахтарыгар түбэспитэ буолуой? Кэпсээбэккин ээ.

Өксөкүлээх Өлөксөй түбэспит биир дьикти, дьиибэ түбэлтэтин туһунан норуокка кэпсээн баар. Ону өлүөн иннинэ аҕай, бэйэтэ билэр киһитигэр бэркэ кистээн кэпсээбит эбит. Онон да буоллаҕа, түбэлтэ биир даҕаны суруйуутугар бэлиэтэммэтэх. Ону ааһан бу туһунан кэпсээн баран: «Бука, аны уһаабат киһи буоллаҕым буолуо», – диэбит.

Өксөкүлээх Өлөксөй биир үтүө күһүн соччо киһитэ-сүөһүтэ суох үрэх сиринэн ыҥыыр атынан айаннаан испит. Бөлүүн хоммут ыалыттан үс көстөн эрэ ордуктаах сиргэ олорор ыалга тиийиэхтээх эбит. Баран иһэр үрэҕиттэн атын суолунан туораабыт буолан дуу, били сарсыарда хойутаан суолга туран дуу, ыалыгар тиийиэхчэ тиийбэккэ киэһэҕэ ылларбыт. Күһүҥҥү күн киирээри турдаҕына аҕай, үрэххэ түһэр үрүйэ төрдүгэр маҥан былааттаах эдэр дьахтары көрсө түспүт.

– Тукаам, дьиэҥ хайа диэки баарый? Бу бэйэҥ ханна баран иһэҕин? – диэн ыйыппыт.

– Ити сыыр үрдүгэр ырааһыйа оҕото баар, онно олоробун. Икки ынахтааҕым ньирэйдэрин илдьэ бараннар, кэлимээри гыннылар. Ону көрдүү баран иһэбин, сотору төннүөм. Кыайардар баара, ырааппатылар ини.

– Сыгынах баай олоҕо мантан төһө ырааҕый?

– Тыый! Суолгуттан туораабыккын. Мантан тэйиччи: сиһинэн бардаххына күн аҥаардаах айан. Суола ол тахсан барда. Бачча хойут онно төннөн иһиэҥ дуо? Биһиэхэ хонон баран, сарсыарда барыаҥ буоллаҕа дии. Хата, уот кытыытыгар лэппиэскэ уурбутум. Ону кытыыга таһааран кэбиһээр эрэ, – диэбит да, дьахтар үрэх халдьаайы хатыҥнарын быыһынан маҥан былаата кылбаҥныы турбут.

Өксөкүлээх Өлөксөй: «Үрэх баһын оҕото, сайаҕас да барахсан», – диэн кыыһы кэнниттэн сөбүлүү көрөн хаалбыт. Били дьахтар ыйбыт өтөҕөр тахсыбыта, быһах угун саҕа балаҕан дьиэттэн буруо тахсар. Сэргэҕэ аҕалан атын баайан баран, дьиэҕэ киирбитэ: дьадаҥы баҕайы тэриллээх ыал эбит. Хаҥас диэки утуйар таҥастара хомуллан турар. Ыскаап, остуол, аҕыйах талах олоппостор, иһит-хомуос дуома – онтон ураты киһи хараҕар быраҕыллыахха айылаах мал-сал баара биллибэт.

Дьахтар эппитин өйдөөн, уот кытыытыгар тэйиччи буспут лэппиэскэ турарын остуолга таһааран уурбут. Тас сонун уонна сэлээппэтин суол ааныгар ыйаан баран, дьахтар кэлэрин кэтэһэн, оһох чанчыгар олорбут. Дьиэтин сырдатан, уот эбии оттубут.

Дьахтар тоҕо эрэ хойутаабыт, кэлиэхчэ кэлбэтэх. Уотугар эбии мас быраҕа сылдьан, уот алгыһын ааҕан барбыт. Онуоха уота үллэх-үллэх гынарга дылы гыммыт, күлүм-күлүм гыммыт да, оһоҕун иһиттэн Бырдьа Бытык, Хатан Тэмиэрийэ уот иччитэ, ытык кырдьаҕас бэйэтинэн тахсан кэлбит.

– Тукаам, миигиттэн куттаныма, – диэбит уот иччитэ, Өксөкүлээх хайдах эрэ этэ тардан дьигис гыммытын көрөн. – Мин эйиэхэ туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа. Хата, эйиэхэ дурда-хахха буолаары илэ бэйэбинэн көһүннүм. Бу эн бэрт тыллаах-өстөөх, үтүө алгыстаах оҕо эбиккин. Быһыыта, ытык киһи истибэтэх үтүө тыллаах-өстөөх, сайаҕас санаалаах алгыс тылларын иһиттим, санаабын көтөхтүҥ. Сырдык ыралаах алгыһыҥ иһин махтанан илэ бэйэбинэн көтөҕүлүннүм.

– Махтал… Ытык кырдьаҕаһы дохсун санаатын долгуппут, иһирэх иэйиитин уһугуннарбыт буоллахпына үөрүүлээх суол.

– Тукаам, ол гынан баран, бука диэн куттаныма, долгуйума. Эн бэйэҥ туһаҕар этэргэ тиийдэҕим. Бу эн саха киһитэ, босхо бастаах бороҥ урааҥхай өтөрүнэн түбэспэтэх алдьархайыгар түбэһэн олороҕун. Ол – иэримэ дьиэ иччитэ буолбут дьахтары билигин аҕай үрэххэ көрсөн турардааххын. Кини киһи буолбатах, киһини «тыыннаахтыы сиэччи» дэриэтинньик дьахтар.

– Тойон эһэккээм, ынырык да суолу иһитиннэрдиҥ. Хайдах, туох быыһанар ыйдаҥа сыыһа баарый? Ыйдаҥардыахпын, ыйан кулу. Киһи буолар кэскилбин кэс тылгынан кэпсээн кулу, ытык тылгынан ыйан кулу. Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх, – дии олорбут Өксөкүлээх Өлөксөй.

– Сотору дьахтарыҥ кэлиэ. Ол иннинэ аккын төттөрү ыҥыырдаа, таҥаскын барытын таҥнан кэбис. Дьахтарыҥ кэллэҕинэ: «Өр даҕаны буоллуҥ. Көһүтэн аҕай биэрдим, аччыктаатым даҕаны», – диэн тоһуйаар, куттаммыккын дуостал биллэримэ. Дьахтар ас тардан баран, остуолга ыҥырыа. Онуоха эн остуолга олорон иһэн: «Айан киһитэ сылайдым, тоҥнум даҕаны, эйиэхэ кэһиибин киллэриим», – диэн баран таһырдьа тахсан бэрэмэдэйгиттэн арыгыта киллэрээр. Ол сылдьан аккын эбии көрүнээр, үрдүгэр олоро түстүҥ да, тэбиннэрэн хаалар гына оҥостунаар.

Дьиэҕэ киирэҥҥин остуолга чахчы аһыырдыы, дьоһуннаах соҕустук олорунаар. Дьахтарыҥ чэй кутуо. Оттон эн кини чэйиттэн иһимэ, лэппиэскэттэн сиэмэ. Ити эһиги этэргитинэн – дьаат. Сиэтэххинэ субу түүн бу дьиэҕэ, эмискэ таарымталанан өлүөҥ. Ити соторутааҕыта эмти тутан сиэбитиҥ куһаҕан да, кыра соҕустук сиэтиҥ. Быйыл баҕас сылдьар инигин… Бытыылкаҕын бэйэҥ аһаар. Ол кэннэ иһиккэ куппаккаҕын эрэ миэхэ аҕалаар. Моонньуттан мин түөспэр кутаар. Куппахтыы түһэн баран, таһырдьа ыстанаар. Арыгыгын сиргэ быраҕаайаҕын. Бэйэҥ иһээр. Ол кэннэ атыҥ үрдүгэр түһээр да, маарыын дьахтар көрдөрбүт суолунан бараар. Үрэх сыырын тахсан баран, бэлэхтээх тиит баар, онно тохтоон, эбэҕин аһатаар. Онтон атынын мин бэйэм быһаарсыам, – диэбит да, уот иччитэ мэлис гынан хаалбыт.

Өксөкүлээх Өлөксөй урут хаһан даҕаны түбэспэтэх суолугар соһуччу түбэһэн, бастаан утаа уолуйа быһыытыйбыт. Ол эрээри, аал уотун иччитигэр эрэнэрэ бэрт буолан, уһуну-киэҥи санаан, бастакы ыгылыйбыта ааһан, уот иччитэ тугу диэбитин барытын оҥорбут.

Бэрт өр күүттэрэн баран, дэриэтинньик дьахтар дьэ кэлбит. Туох да буолбатаҕын курдук дьиэтигэр киирбит.

– Хайа, оҕонньор, аһаабакка олороохтуур эбиккин дуу, – дьахтар хаҥас диэки ааһан иһэн, тас таҥаһын устубут. – Мин эйигин аһаатаҕа диэбитим.

– Тоҕо хойутаатыҥ? Ынахтаргын буллуҥ дуу?

– Ээ, аат сүөһүлэрэ нөҥүө үрэххэ түһэн хаалар буоллахтара. Хата, билигин чэйдиэхпит. Остуолга олорунан кэбис, – дьахтар ыскаабын диэки барбыт.

– Тукаам, мин аччыктаатым даҕаны, утаттым даҕаны, онуоха эбии сылайдым. Бэрэмэдэйбэр кыра испиир сыыстаахпын, онтон киллэрэн иһиэхпит. Сөп ини, – диэт, остуолга олоруох курдук гынан иһэн, оҕонньор таһырдьа тахсыбыт.

Ата иччитэ тахсыбытыгар иҥэрсийбит, икки кулгааҕын чөрөҥнөтөн, сирэйэ-хараҕа турбут көрүҥнэммит. Өксөкүлээх атын ыҥыырын көрбүт, холуннарын тардыталаабыт. «Аллаах атым барахсан, билигин барыахпыт. Уолуйума дуу? Барыта этэҥҥэ буолуо. Хата, бэлэм тур», – диэн атын кытта киһилии кэпсэтэ-кэпсэтэ, имэрийтэлээн ылбыт. Бэрэмэдэйиттэн арыгытын ылан баран, дьиэҕэ киирбит.

Дьахтар остуолун тардан бүтэрэн, чаанньыгын оһоҕуттан таһааран, чэй кута турар эбит. «Кырдьаҕаас, кэлэн чэйдээриий!», – диэн хоноһотун остуолугар ыҥырбыт.

Өксөкүлээх Өлөксөй уолуйбутун, куттаммытын тугунан даҕаны биллэрбэтэх. Бэрт дьоһуннаахтык туттан, остуолга олоруммут. «Бу аһы, кырдьаҕас киһи бэйэм астыырбын сөбүлүүбүн. Тукаам, сэлиэнэйдэ аҕал эрэ», – диэбит. Онуоха, дьахтар бэрт түргэнник икки чааскыны аҕалан биэрбит. Өксөкүлээх: «Үгэс быһыытынан бастаан аал уоппут иччитин аһатыахха, – диэбит, итиэннэ бытыылкатын туппутунан, – Тойон эһээм, аһаа-сиэ, үөр-көт, күлүм аллай!» – дии-дии, арыгытыттан уотугар кутан барбыт. Уот күлүм гына түспүт, ону кытта Өксөкүлээх таһырдьа ыстаммыт.

Таһырдьа тахсан арыгытыттан иһэн баран, бүөлүү турдаҕына дьахтар саҥата: «Бу сатана оҕонньоро дьиэбин уоттаары гынна дии! Оо, абаккам! Ситэ баттаан тыыннаахтыы сиэбит киһи. Оо, абаккам. Билбэккэбин киирэн биэрдэхпин», – диэн кыламмыт.

Оттон Өксөкүлээх Өлөксөй атын үрдүгэр түһэн куотан хаалбыт…

Кэлин ыалга тиийэн бэҕэһээ киэһэ туохха түбэһэ сылдьыбытын туһунан кэпсээбит. Онуоха дьиэлээх оҕонньор: «Оо, ол дэриэтинньик дьахтар. Биһиги куттанан чугаһаабат «ыалбыт». Бэйэтэ даҕаны суолтан туора олорор», – диэн бэрт кылгастык быһаарбыт. «Ол дьахтар хайдах, туохтан дэриэтинньик буолбутай?» – диэн Өксөкүлээх ыйыталаспыт. «Соторутааҕыта соҕус ити балаҕаҥҥа булчут саха киһитэ олорбут. Кинилэр оҕоломмотохтор. Бултаан, сүөһү ииттэн, син бэркэ олорбуттар. Арай биир күһүн эр киһи тайҕаҕа бултуу тахсан баран эргиллибэтэх. Тыатааҕы былдьаабыта дуу, атын туох быһыылааҥҥа түбэспитэ дуу – биллибэт. Дьахтар бэрт өр күүтэ сатаан баран, оһох кэннигэр быаланан кэбиспит. Ону ким даҕаны билбэтэх. Саас сытыйан, этэ ууллан, сиргэ тохтон түспүтүн кэннэ билбиттэр. Онтон ыла хараллыбакка туран хаалбыт, ким да куттанан чугаһаабатах», – диэн кэпсээбиттэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации