Электронная библиотека » Иннокентий Сосин » » онлайн чтение - страница 5

Текст книги "Эргэ өтөх хоноһото"


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 09:00


Автор книги: Иннокентий Сосин


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 6 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Оройко ойуун

Былыр Мэҥэ улууһун Моорук нэһилиэгэр уон тохсус үйэ саҥатыгар Оройко Ыстапаан диэн сүдү ойуун олорон ааспыта үһү. Кини туһунан мин кыра эрдэхпинэ араас кэпсээни кэпсииллэрэ. Кини Ермолаевтартан биир төрүттээх, хаан уруу аймах. Ол дьонун кытары тапсыбакка араспаанньатын Степанов дэттэрбитэ диэн буолар.

Кини улахан аптаах, хомуһуннаах ойуун. Эттэниитин Гималай хайатын анараа өттүттэн Индия ойууннарыттан уйуһуллубута үһү. Ол иһин сахалар тэҥнэспэт улуу ойууннара буолбут. Дойдутугар дьоно-сэргэтэ олус саллар, ытыктыыр, кини иннин быһа хаампат киһилэрэ эбит. Эһэтэ Миитэрэй Ермолаев кинээс түөһүгэр таҥара кириэһин иилинэ сылдьар, таҥараҕа үҥэн кириэстэнэ сылдьар буоллаҕына, Оройко ыҥыырдаах атын арҕаһыгар кугас куосканы олордон баран айанныыра үһү.

Кини биир түүн биир кэмҥэ тоҕус ыалга кырара. Ыаллар сарсыарда туран: «Хайа, эһиэхэ туох сонун баарый, ким-туох сырытта?» – диэн ыйыталаһаллара. Онуоха ыаллара: «Бэҕэһээ киэһэ эрдэттэн түүн үөһэ ааһыар диэри Оройко Ыстапаан кыырбыта», – диэн сонунун кэпсиир. Онуоха биирдэрэ: «Бай, оттон бөлүүнү быһа биһиэхэ баара дии?» – диэн соһуйар. Ити курдук сурастахтарына тоҕус ыалга тиийэ ааҕаллара. Онон соҕотох бэйэтэ тоҕус буолара, кини дьиҥнээх бэйэтэ хайа ыалга кыырбытын билбэттэрэ.

Оройко ойуун аата-суола Дьокуускай куоракка ыспыраанньык кулгааҕар тиийбит. Онуоха тойон итэҕэйбэтэх. «Ама, хайа үлүгэрэй, биир түүн тоҕус ыалга кыырара диэн сымыйа буолуо», – диэн. Ол эрэн ити сурах кини өйүттэн-санаатыттан арахсыбатах. Тиһэҕэр тиийэн: «Оройко ойуун миэхэ киирэн абын-хомуһунун көрдөрдүн! Илэ харахпынан көрдөхпүнэ эрэ итэҕэйиэм», – диэн кулубанан Оройкону ыҥыртарбыт. Онуоха Оройко туран ыспыраанньыкка киирэриттэн кыккыраччы аккаастаан кэбиспит. Ыспыраанньык: «Мин диэтэх киһи ыҥырыыбын ылыммат, туох буолбут урдуһуй! Итиччэтигэр хаһаактары ыытан, туттаран ылыам», – диэн сааммыт.

Сотору кэминэн хаһаактар Оройкону тута тахсыбыттар. Киһилэрин тутан ылан, кирис өтүүнэн хамса умнаһын курдук чору-чороччу кэлгийэн кэбиспиттэр, итиэннэ, хааһах иһигэр сытыаран, тиһиликтэрин ыга тиһэн баран, сыарҕаларыгар таһааран бырахпыттар. Бэйэлэрэ хааһахтаах киһилэрин үрдүгэр олорон айаннаабыттар. Оройко олоҕуттан куорат уонча көс сир. Бу тухары киһилэрэ биирдэ ынчыктаабатах, айаккалаабатах, тахсан киирбэтэх, сатаатар, аччыктаатым диэн ас көрдөөбөтөх.

Хаһаактар, аара суолларын ортотугар хонон, куораттарыгар киирэн ыспыраанньык тойоҥҥо хааһахтарын сүкпүтүнэн киирэн:

– Үрдүк сололоох Тойон ыспыраанньык, эн биэрбит сорудаххын толордубут, ойуунуҥ хааһах иһигэр кирис быанан чору-чороччу кэлгиллэн сытар, – диэн арааппардаабыттар.

– Дьэ, мин билигин кинини кытта кэпсэтиэм, – ыспыраанньык олбоҕор олорон эрэ дьаһал биэрбит. – Хааһаххыт тиһилигин сүөрэ охсуҥ! Түргэнник! Дьэ сибилигин урдус туһунан тугу сымыйанан кэпсээбиттэрин билиэхпит. Киниэхэ баҕас туох улахан аба кэлбит үһү. Сымыйалыыллара буолуо.

Хаһаактар ыспыраанньык тойон эппитин кэннэ туруохтара дуо? Хааһахтарын тиһилигин сүөрэн турута тыыталаабыттар. Аппатан, айаҕын аспыттара – киһилэрэ суох. Эмэх маһы чороччу кэлгийэн баран киллэрбиттэр. Ыспыраанньык саллааттарыгар:

– Дьиккэрдэр, миигин күлүү гынан, киһи оннугар эмэх маһы кэлгийэн аҕалбыккыт. Акаарылар. Хааһаххытын илдьэ түрмэҕэ барыҥ. Сарсын, сынньанан баран эһигини кытта кэпсэтиллиэ. Түрмэ тойонугар «Биһигини хаайар үһүгүн!» диэн этиҥ.

Ыспыраанньык Оройко ойуун оннугар, хаһаактарын түрмэҕэ утаарбыт. Сарсыныгар хаһаактарын кытары кэпсэтээри түрмэттэн ыҥыртарбыт. Онуоха хаһаактар кэлиэхтэрин иннинэ Оройко киирэн кэлбит уонна:

– Тойон ыспыраанньык, миигин дойдубуттан манна тоҕо ыҥыттардыҥ? – дии турбут.

– Мин эйигин ыҥырбатаҕым, хаһаактарынан туттаран аҕаларга бирикээстээбитим! – Ыспыраанньык бастаан уолуйбута ааһан, тойон хаанын киллэрэн, уордаах соҕустук эппит. – Эт эрэ миэхэ, эн, чахчы, биир бириэмэҕэ тоҕус сиргэ кыыраҕын дуо? Ол-бу буолбаккаҕын эрэ, дуостал кырдьыгынан эт! Сымыйалыаҥ да сэрэн! Эйигин сэттэҕин ылыам! Маҥнайгы түбэлтэҕэр тымныы түрмэҕэ сытыарыам, иккискэр эт иэҥҥин оруосканан таһыйтарыам.

– Кырдьык. Биир кэмҥэ тоҕус ыалга кыырааччыбын. Ону дьонум мооруктар туоһулуохтара.

– Туора урдус, сыакаар, тоҕо миигин, үрдүк сололоох тойон ыспыраанньыгы, утары көрөн туран сымыйалыыгын? – Кини маннык эппиэти көһүппэтэх буолан, олус уордайбыт. Уоҕар Оройкону сутуругунан охсуолаабыт. Онуоха анарааҥҥыта ымыттан да көрбөтөх, эбиитин күлэн ырдьаллан турар эбит. – Акаарыгын дуо, эн? Айыы таҥара айбыт киһитэ хайдах тоҕус киһи буолуой? Сымыйалыы тураҕын… Ылыҥ, хара баранааҕы ээҕин этиэр диэри хараҥа хаайыыга хатааҥ! Киһи буоллаҕына, ээҕин этиэ. Дэриэтинньик, абааһы буоллаҕына онно сытыйа сыттын! – Оройкону саамай кытаанах түрмэҕэ илдьэн хатаан кэбиспиттэр.

Сарсыҥҥы күнүгэр ыспыраанньык тойоҥҥо Оройко ойуун хаайыыга буолбакка, куорат баһаарыгар сис туттан баран күүлэйдии сылдьар үһү диэн кэпсээн тиийбит. Ыспыраанньык түрмэ тойонун ыҥыртаран ылбыт, ол кэннэ олус улаханнык мөхпүт, итиэннэ:

– Бар, тус бэйэҕинэн сылдьан, Оройкону хаайыытыгар төттөрү аҕала оҕус, – диэн бирикээстээбит.

– Сымыйа буолуо, мин тус бэйэбинэн илдьэн хатаабытым. Күлүүһүм тыла бу баар, – диэн күлүүс тылын таһааран көрдөрбүт.

– Тугу мөккүһэ тураҕын? Дьаабалы түргэнник бэйэҥ тутан-хабан аҕала оҕус, бэрт түргэнник, – ыспараабынньык киһитигэр үөс-батааска биэрбэтэх, бэрт кытаанахтык дьаһайан кэбиспит.

Түрмэ тойоно хаайыытыгар тиийбитэ – ойууна суох. Киһитин оннугар хаппыт эмэх мас сытар эбит. Соһуйуу бөҕөнү соһуйар, куттаныы бөҕөнү куттанар. Тэҥнэһиэ дуо – саллааттарын илдьэ баһаарга тиийэр, били бэҕэһээ киэһэ хаайбыт киһитэ, туох да буолбатаҕын курдук, бэрт холку баҕайытык хаама сылдьар эбит. Оройкону үөс-батааска биэрбэккэлэр, түҥ-таҥ анньан тутан ылбыттар, киһилэрэ даҕаны утарсыбатах, харабыллар илиитин кэлгийэн бараннар, ыспыраанньыкка илдьибиттэр.

– Бу урдус, хата, баһаартан дойдутугар күрээбэтэх дуо? – диэн тойон ыйыта тоһуйар.

– Баһаартан туттубут.

– Бэҕэһээ хаайбыт киһигитин баһаартан аҕалаҕыт? Күлүүһүн алдьатан тахсыбыт дуо?

– Үрдүк сололоох, күлүүс хатаммытынан турар…

– Ол хайдах?! – Ыспыраанньык хаһыытыы түһэр. Бу сырыыга кини Оройкону бэйэтэ илдьэн хаайыыга угар итиэннэ күлүүһүн тылын илдьэ кэлэн, ыскаапка хатаан кэбиһэр. Сарсыныгар били айдаан эмиэ хатыланар, Оройкону ыспыраанньыкка аҕалаллар. Ыспыраанньык куттанар, ол да буоллар чороччу кэлгийтэрэн баран оруосканан таһыйтарар.

Хаһаактар аҕылыахтарыгар, көлөһүн-балаһын аллыахтарыгар диэри таһыйаллар. Оттон Оройколоро биирдэ даҕаны ыарыйдым диэн биир да тылынан ынчыктаабатах. Ол оннугар хаһаактар таһыйа турдахтарына… тойон иннигэр сис туттубутунан хаама сылдьыбыт уонна бэрт холкутук:

– Оройкону хаһаактарыҥ куһаҕаннык таһыйаллар. Үчүгэй аҕайдык, кинини баҕас кэһэтэр гына таһыйалларыгар бирикээстээ. Тойоттор, кытаатыҥ, Оройкону өссө күүскэ таһыйыҥ! – диир.

Ыспыраанньык тойон олус уолуйбут, Оройкону көрүөн даҕаны дьулайбыт. Ыксаабыт:

– Эн киһи буолбатаххын. Абааһы, сатана илэ сылдьар эбиккин. Аны мин икки харахпар көстүмэ, киэр буол! – диэн хаһыытаабыт. Оттон хаһаактар Оройкону буолбакка, куруҥаҕы таһыйа туралларыттан улаханнык кыбыстыбыттар уонна куттаммыттар.

Ол кэнниттэн Оройко дойдутугар уһуннук олорботох. Сотору буолаат: «Мин үс Бүлүү төрдүгэр бардым», – диэн баран сүтэн хаалбыт, дойдутугар эргиллибэтэх. Дойдутугар уола Хабырыыкка хаалан Тоҥ Оттооххо олохсуйбут, киниттэн Бочороох Уйбаан төрүүр, бу киһи икки уолланар, хас да кыргыттары хаалларар, уолаттара Дьаппыа Уйбаан, Чэккэт Баһылай Сыырдаахха олохсуйаллар, Дьаппыаттан Василий Иванович Степанов диэн учуутал киһи хаалбыта. Кини Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыта, уол оҕото суох, онон Оройкоттон удьуордаах Степановтар эстибиттэрэ, Бочороох кыргыттарыттан Холгумаҕа Кирсановтар, Тараҕайга Чыычаахаптар (Хоччурдар), Моорукка Дьөгүөрэптэр (Дьоскуостар) олордохторо.

Расторгуев өтөҕөр…

Биһиги Мил үрэҕэр Моонньообут диэн сиргэ кыстаан бараммыт, бэс ыйын ортотун диэки дойдубутугар көһөн испиппит. Сүөһүлэрбит олус ырыганнык сыл тахсыбыттара. Ол иһин айаммытыгар наһаа тиэтэйбэккэ, аара табыгастаах сир түбэстэҕинэ, онно тохтоон, сүөһүлэрбитин сынньатан, мэччитэн истэригэр-үөстэригэр өҥ таттарар идэлээхпит. Биир сарсыарда Бэс Күөлүн кытыытыгар тураҥ баарыгар, ону салаттаран хойутаан айаҥҥа турбуппут. Кырдьыга, сүөһүлэрбит быйыл кыһыны быһа туустаах тураҥы салаабакка кыстааннар, ахтан аҕай иһэллэрэ. Ынахтарбыт киэһэттэн күөл кытыытын тураҥыттан арахсыбакка сылдьыбыттара.

Киэһэ күөс өрөр кэм саҕана Расторгуев өтөҕөр тиийэн кэлбиппит. Бу бэс чагда быыһыгар турар өтөххө хонордуу, сүөһүлэрбитин үрэх кытыытыгар мэччитэн ааһыахха сөптөөх сир диэн санаммыппыт. Онуоха Сүөккэ диэн бу сиргэ бултуу бэрт элбэхтик сылдьыбыт киһи: «Бу өтөх улахан абааһылаах, сүгүн хонноруо суоҕа», – диэн буолуммата. Онон салгыы бара түһэн, эргэ өтөх элээмэтэ баарыгар тохтоон хонор буолбуппут. Онно, бэрт түргэнник чэй өрүнэ охсон, дьиэ таһыгар оттубут кутаабыт кытыытыгар кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэйдии олорбуппут. Сүөккэттэн ити Расторгуев өтөҕөр ханнык, туох абааһы баарый диэн туоһуласпыппыт. Киһибит даҕаны, биһигини өр көрдөһүннэрбэккэ, аргыый аҕай кэпсээн барбыта:

– Мин ити өтөх абааһытын туһунан Бэс Күөлүгэр олорор Поповтартан истибитим. Кинилэр миигин «бу өтөххө хоммот, сылдьыбат буол, сүгүн хонноруо суоҕа» диэн сүбэлээбиттэрэ.

Арай биирдэ Хоруонай Ньукулай диэн Амма Болугурун киһитэ, бэрт хорсун тэтиэнэх эр бэрдэ киһи, күһүҥҥү киэһэ хараҥарбытын кэннэ ити өтөххө хонордуу былааннанан, таһырдьаттан кураанах мас мастаан, уот оттон, элгээнтэн уу баһан таһааран чэй өрүнэн олорбут. Мөһөөччүгүттэн өйүө лэппиэскэтин таһааран остуолга ууран чэйдиирдии тэриммит. Арай сити кэмҥэ хантан да кэлбитэ биллибэккэ эрэ, эргэ тырыттан хаалбыт даба ырбаахылаах, куһаҕан баҕайы дьүһүннээх, уҥуох-тирии сирэйдээх, бэрт дьүдьэх, дьаардаах, никсик сыттаах эмээхсин остуол уһугар олорунан кэбиспит… Ньукулай уолуйан, тылыттан матан, хамсаабакка эрэ эмээхсини одуулаһа олорбут. Онуоха эмээхсинэ даҕаны, туох да саҥата суох, киһитин кэтэһэр курдук олорбут. Төһө өр бу курдук олорбуттара биллибэт. Арай Ньукулай кутталыттан куйахата күүрбүт, сиһэ кэдэҥнээбит, уҥуоҕа сап-салыбырас буолбут, сүүһүттэн сөп-сөрүүн көлөһүн тахсыбыт. «Сатана, мантан киэр бар!» – диэн били эмээхсини холдьоҕон хаһыытаабыт, ол кэннэ өйүн сүтэрэн ылбыт. Биирдэ өйдөммүтэ: сэргэттэн атын көнтөһүн сүөрэ сатыы турар эбит. Өйдөөбүтэ – сүгэтэ, утуйар таҥаһа, иһитэ-хомуоһа – барыта дьиэҕэ хаалбыт. Дьиэ диэки хайыспыта: кини оттубут уота умайа турар, үөлэстэн кыымнар тахсаллар. Тула уу чуумпу.

«Малбын хайаан даҕаны ыллахпына сатанар», – дии санаабыт да, эр хаанын киллэрэн баран дьиэҕэ киирбитэ, эмээхсинэ сол даҕаны олорор эбит. Бэрт түргэнник өйүөтүн, иһитин-хомуоһун, утуйар таҥаһын, таарыйа суол ааныгар сытар сүгэтин хомуйа охсоот, таһырдьаны былдьаспыт.

Ньукулай барахсан доруобай, хорсун санаалаах буолан улаханнык оҕустарбатах эбит. Өтөх саҕатыгар тахсаат, куттаммыта ааһан хаалбыт.

Дьэ ити курдук, Расторгуев өтөҕө бэйэтин абааһытынан айан дьонун муокастаабыта элбэх. Оннооҕор нууччалар бэйэлээхтэри сүгүн хоннорбокко, кыс хаар ортотугар таһырдьа кыйдаан турардаах. Нууччалар сахаҕа тэҥнээтэххэ, абааһыттан соччо куттаммат хорсун дьон буолуохтаахтар… Онон ити өтөххө ким да сылдьыбат, мээнэ хоммот буолбут, – диэн Сүөккэ кэпсээнин түмүктээбитэ.

«Абааһылар арҕаа бараллар»

Сэрии иннигэр биһиги Табаҕа халдьаайытыгар баар Хардаҕас өтөҕөр Дибдир Мэхээстээҕи кытары дьукаахтаһан отордуу олорор этибит. Мэхээс холкуос толуу үлэһитэ, дьиэтигэр бэрт аҕыйахтык көстөр. Баар буоллаҕына бэрт элбэх кэпсээннээх, ордук абааһылар тустарынан күлүү-элэк оҥостон кэпсиирин кэрэхсээн истэбит.

Биир киэһэ үлэттэн арыый эрдэ кэллэ. Аһаан бүтэн баран, куолубутунан, көмүлүөкпүт иннигэр олорон, оһоххо уота мөлтөөтөҕүн аайы хардаҕас быраҕан биэрэ-биэрэ, Мэхээспит кэпсиирин истэн олордубут.

– Абааһы даҕаны араастаах, – диэн киһибит кэпсээнин саҕалаата. – Ити Мондоҕос Өлөксөй курдук абааһы киэнэ мондоҕойдоохторун, дьорҕоотторун тэҥэ, Бачыкаа Баһылай курдук аанньа көрбөт-истибэт, мөлтөх абааһылар эмиэ баар буолааччылар. Былырыыҥҥыттан бэттэх абааһылар илин диэкиттэн наар арҕаа айанныыллар. Биһиэхэ биир да абааһы хаалымаары гынна быһыылаах. Мин кинилэр айаннарын түһээн да, илэ да көрөбүн. Бу тухары илин, соҕуруу диэки айанныыр биир да абааһыны көрбөтүм. Бары арҕаа айанныыллар, бараллар. Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат диэн этэллэр. Арааһа, арҕаа диэки туох эрэ олус улахан алдьархай, сэрии тахсаары гыннаҕа… Нармаанньыйа омуга бэркэ сэриитимсийэн эрэр. Ону билэн абааһылар арҕаа айанныыллар.

Көр бу киэһэ, ити Араҥастаах хоту халдьаайытынан истэхпинэ, суол кытыытыгар суон тиит кэннигэр туох эрэ барыҥныырга дылы баарын көрөн, суолбуттан туораан иһэн көрбүтүм, мас кэннигэр үүт-үкчү Бачыкаа курдук куһаҕан харахтаах абааһы саһан маска сөрүөстэ сатыы тураахтыыр эбит. Мин абааһы мөлтөх дьүһүнүн бэлиэтии көрөн, кинини сэнии санаатым, чугаһаан тиийэн: – «Тугу гына чугуруҥнуу тураҕын? Мантан киэр бар!» – диэн бардьыгынаатым. Абааһым сордоох, үүт-үкчү киһиттэн куттаммыт ыт оҕотун курдук кутуругун сыыһын кумуччу туттан, ыйылыы-ыйылыы, суол устун киирэн куйбараҥныы турдаҕа үһү. Дьэ дьиибэ диэтэҕиҥ, кини баҕас, ханна тиийэн, тугу булан аһаан-сиэн сылдьаары тоҕо да айанныыра буолла. Манна да сылдьан, өлөөрү гыммыт ыарыһах, оҕонньор, эмээхсин элбэх, ол соҕотох куһаҕан абааһы аһыырыгар сөп буолуо баҕайы ини. Били «Ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалбат» диэн өс хоһооно баарыныы, абааһы мондоҕойдоохторун, атамааннарын сайыһан баран иһээхтиир быһыылаах. Аара суолга быстаран өлүөх эрэйдээх иһэрэ чуолкай…

– Мэхээс, хаһан эмэ буоллар, эн атын күүстээх-уохтаах абааһылары көрөөччүгүн дуо?

– Көрөөччүбүн, үнүр биир түүн, хойут баҕайы Суолаттан мунньахтан тахсан иһэн ити Тиитэп уҥуоҕун үрдүнээҕи халдьаайы сыыр үрдүгэр уот-күөс бөҕө оттуллубут, ол тула абааһылар барыҥнаһаллар, сабдыҥнаһаллар. Эчи элбэхтэрин, харахтарын уота күтүр хараҥаны дьөлө үүттүүллэр. Баҕайылар, чахчы даҕаны, абааһылар диэх курдук дьүһүн-бодо дьаабы. Биир да киһилии быһыылаах абааһы суох: соҕотох харахтаах соххордор, биир атахтаах бэдиктэр, түөстэригэр айахтаах аппаалалар… Хап-харалар. Тула өттүгэр тоһоҕо бөҕөнү анньыбыттар, аахпытым түөрт уон түөрт этэ.

Бу көрдөхпүнэ, үлэлэрин бүтэрэн ханна эрэ бараары барыҥнастылар, ойуоккалааһын, ыстаҥалааһын бөҕөтө. Мин этим саласта, куйахам күүрдэ, мас кэннигэр саһан хааллым. Ити кэннэ абааһылар арҕаа диэки айаннаан ампаалыктаһа турдулар. Ол иһэн биир абааһы кэннин хайыһан: «Били Уодай баҕайыны умнан кэбиспиппит!» – диэбит саҥатын иһиттим, онуоха баара атын абааһы саҥата: «Баҕайы, хааллын. Кини даҕаны ханна куотуой? Кэлин даҕаны булан сиэхпит», – диэн Уодайы кэнники сырыыга хаалларда. Уодай барахсаны абааһылар умнан кэбистилэр, онон сылыктаатахха, кини өссө хас да сыл сылдьа түһэрэ буолуо, – диэн кэпсээнин бүтэрдэ.

«ГАЗИККА» айаннаспыт

Абааһыны былыр эрэ көрөр буолбатахтара, билиҥҥи да кэмҥэ көрөллөр. Бу кэпсиир түбэлтэм уонтан тахса эрэ сыллааҕыта буолбута. Соччо киһи-сүөһү олохсуйбатах, үрэх баһа сирдэргэ абааһы олохсуйар диэн кырдьаҕастар этэллэрэ. Ол иһин ити дойдуларга сырыттахха, мээнэ хаһыытыыр, улаханнык саҥарар, иһиирэр табыллыбат. Хата, ол оннугар хайаан даҕаны саҥа тохтообут сиргэр сир-дойду иччитин аһатан уокка ас бэриллиэхтээх, үрэхтэр быыстарынааҕы аартыктар үрдүлэригэр, суол кытыытыгар турар саламалаах тииккэ хайаан даҕаны тохтоон бэлэх биэрэн ааһыллыахтаах. Сахалар ити үгэстэрин тутуспатах киһи сырыытыгар-айаныгар табыллыбат, хайаан даҕаны туох эмэ кыһалҕаҕа түбэһэр диэн этэллэрэ.

Уонча сыллааҕыта Владимир Васильевич Билир үрэҕиттэн «газик» массыынанан суоппарынаан иккиэйэҕин төннөн, Аммалаан испиттэр. Кыһыҥҥы Мэхээлэйэп саҕана, үрэх сир үрүйэлэрэ-харыйалара чоҥкуччу кырыаран, эргиччи көмнөхтөөх мастарынан ыга баттатан, киһитэ-сүөһүтэ суох үрэх сир эбии иччитэхсийэн турар. Адаархай силистэри, куобах уостара оҥхойдору, хаар саба бүрүйбүт кыһыҥҥы омоох суолунан айаннаан испиттэр. Ааспыт сайын кураан буолан, сопхуос сүөһүлэрэ Амма, Алдан ойоҕос

үрэхтэринэн быданан кыстаан тураллар. Владимир Васильевичтаах субан сүөһү турар сиригэр фермаҕа сылдьан, үлэһиттэри кытта кэпсэтэн, хойутаан, анарааттан күн киирбитин кэннэ айаннаабыттар.

Суолларын кылгатан, суоппарынаан сүүстэ кэпсэппит кэпсээннэрин сэлэһэ испиттэр, ол быыһыгар тылларынан оонньоон, бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаһаллар.

Алдан тардыыта дабааны тахсан, Аммаҕа түһэр үрэххэ киирэн иһэн, Владимир Васильевич бензин, оҕунуох сытыгар маарыннаабат, туох эрэ ыарахан атын сыт баарын билэн, дьиктиргээн кэннин хайыспыта… массыыналарын кэнники олоҕор олус дьүдьэх, ынырык куһаҕан дьүһүннээх «киһи» (илэ абааһы) олорсон иһэр эбит! Владимир Васильевич олус куттаммыт. Куйахата күүрэн, сиһин этэ дьырылаан, иэнэ кэдэҥнээн, саҥатыттан матан, туох эрэ ыарахаҥҥа, олус кутталлаахха ыга баттатан, онтукатын киһитигэр биллэримээри ньимийэн олорбут. Суоппара эмиэ тугу даҕаны саҥарбакка эрэ, массыынатын биир кэмник ыытан курулатан испит. «Газик» өссө ордук кыараабыкка, бүтэйдии ыга баттаабыкка дылы. Көһүппүт, куттаммыт санааларыгар, наһаа өр айаннаан Амма эҥээригэр киирэн кэлбиттэр. Эбэтигэр киирбиччэ, хайдах эрэ чэпчии санаан, кэннин хайыһан көрбүтэ, били «киһилэрэ» син биир олорсон иһэр эбит. Владимир Васильевич төһө даҕаны баҕарбатаҕын иһин, абааһыта наһаа дьүдьэҕин, аҥаардас уҥуох-тирии эрэ хаалбыт «киһитэ» буоларын, уолан хаалбыт харахтарынан суоппар кэтэҕин тобулу одуулаан иһэрин бэлиэтии көрбүт. Таҥас-сап даҕаны бүттэлээх баара көстүбэт. Эргэ нэк бэргэһэ дуомнаах, тугут тириитэ саҕынньах сыыстаах…

Суоппара саҥатыттан матан олорорун, кини эмиэ тугу эрэ көрбүтүн туһунан сэрэйбитэ ыраатта. «Өрүс эҥээринээҕи ыалга тохтоон аастар», – диэн санаалааҕын этиэн баҕарбыт да, саҥата иһиттэн тахсыбат буолбут.

Суоппар тойонун санаатын таайбыттыы, ыалга туоруур суолунан соруйтарыыта суох барбыт. Владимир Васильевич үрэх аартыгар тохтоон, саламалаах тииккэ бэлэх биэрэн ааспатаҕын туһунан кэмсинэ саныы испит. Ыалга киирэн, дьиэлээх оҕонньору туруоран, чэйдииргэ тылламмыт. Оҕонньор бэрт түргэнник эмээхсинин туруоран, эт соркуойдуу охсоннор, ыалдьыттарын чэйдэппит. Онуоха Владимир Васильевич: «Оҕонньор, уоту аһатыам этэ, арыгылааххын дуо?», – диэн көрдөспүт.

Аал уоту аһатан, бэйэлэрэ итии киллэрэн баран, дьиэлэригэр ааһардыы массыыналарыгар тахсыбыттар. Массыына кабинатын сэрэнэ-сэрэнэ аспыттара – били абааһылара суох үһү. Дьэ, өрө тыына түспүттэр, эмиэ сэргэхсийэн, кэпсэтэн-ипсэтэн барбыттар. Дьиэлэригэр чугаһаан иһэн Владимир Васильевич: «Доҕоор, «газикпыт» кэлин олоҕор олорсон айаннаспыт «киһини» көрбүтүҥ дуо?» – диэн суоппарыттан ыйыппыт. «Эн бэрт диэн үчүгэйдик кэпсии-ипсии иһэн, эмискэ сирэйиҥ кубарыйан хаалбытыттан уонна саҥата-иҥэтэ суох барбыккыттан кэннибин хайыһан көрбүтүм. Олус куһаҕан дьүһүннээх киһи, эйигин тонолуппакка одуулуу иһэрин көрбүтүм. Эйигин эбии куттаныа диэн, тугу да саҥарбатаҕым», – диэн суоппара кэпсээбит.

– Ханныгын даҕаны иһин, эбэбитигэр киирэр аартыкка, сиэллээх тииккэ тохтоон, сынньанан, саха үгэһин тутуһан, бэлэх биэрэн ааһыах баар эбит. Ону сыыспыппыт. Аныгы сырыыга ити үгэһи умнубат буолаар эрэ, – диэн Владимир Васильевич киһитигэр эппит.

КҮН ТАХСЫЫТА

– Сотору кэминэн өлөөрү сылдьар киһиэхэ абааһы көстөр диэн былыр-былыргыттан сэһэргииллэр, – Иван Егорович диэн чугас табаарыһым кэпсээн турардаах. – Ол төһө кырдьыктааҕын чуолкай билбит суох буолан баран, биһиги убайбыт Михаил Яковлевич өлүөн иннинэ, икки үс сылтан саҕалаан, оҕо эрдэҕиттэн төбөтүн көмпүт, бэркэ таптыыр төрөөбүт-үөскээбит алааһыгар сылдьыбат, бултаабат-алтаабат буолан хаалбыта.

– Тыый, ол хайдах? – мин соһуйа истибитим. – Михаил Яковлевич алааһын туохха даҕаны биэрбэт буолара дии?

– Мин кини төрөөбүт алааһыгар сылдьыбат буолбутун бэлиэтии санаан: «Убаай, эдэр эрдэххинэ, кэлин даҕаны наар эбэҕэр бултуур буоларыҥ дии? Тоҕо эрэ, кэлин сылдьыбат буолан хааллыҥ. Тоҕо сылдьыбаккын?» – диэн мин убайбыттан ыйыппытым.

– Сатананы, сах билэр, – диэн мин ыйыталаһарбын сөбүлээбэтин биллэрэн, хоруол төбөтүн кыһа олорон, онтукатын быраҕан, олбуорун түгэҕин диэки дьаадьыйан биэрбитэ.

Оччоҕо мин киһи туох буолан алааһыгар сылдьыбат буолбутун туһунан таайа сатаабытым да, эппиэтин тобулбатаҕым. Устунан умнан да барбытым. Арай саас кэлбитигэр Михаил Яковлевичка сылдьан:

– Быйыл ханна бултуугун? – диэн сэһэргэһэ олорон ыйыппытым.

– Билбэтим, – диэбитэ киһим.

– Оттон, алааспытыгар быйыл өтөрүнэн тахсыбатах үчүгэйкээн уу тахсыбыт. Урукку эн дурдаҥ иннигэр олус ыраас уу олохсуйбут. Быйыл хайаан даҕаны кус түһэрэ буолуо, – диибин.

– Сатана дойдутугар барар санаам суох, – киһим биир тылынан аккаастаан кэбиспитэ.

Мин салгыы модьуйса барбатаҕым. Киһибит алааһыттан куттаммыт эбит буоллаҕа диэн бүтэйдии сэрэйэ санаан, саҥата суох олордум. Онуоха киһим миэхэ туһаайан:

– Аны алааспар бултуур санаам суох. Эһиги, эдэрдэр, бултааҥ ээ. Мин субу эргин, дьиэм таһыгар бултуоҕум, – диэбитэ.

– Тоҕо биһигини кытары бултаспаккын?

– Олус даҕаны хаайдыҥ, – киһим мин диэки уун-утары хайыста. – Кырдьыгын баран эттэххэ, эбэм миигин куттаабыта. Онтон ыла эбэбэр сылдьыахпын, бултуохпун тардынабын.

Иллэрээ күһүн, балаҕан ыйын саҥатыгар, сайылык ыала көспүтүн кэннэ этэ. Мин төннүгэс куска бултаары дурдаҕа хоммутум. Түүн хараҥаҕа туох да сибикини билбэккэ, утуйар мөһөөччүгүм иһигэр киирэн, олус үчүгэйдик утуйан турбутум. Сарсыарда халлаан сырдыыта уһуктубутум, халлаан дьыбарсыйбыт этэ. Дурдабыттан тахсан, күөлүм кытыытыгар хаамыталыы түһэн баран, дурдабар киирэн олорбутум. Мин туһаайыыбар кус кэлбэтэҕэ. Күн илин саҕахтан тахсан, бөлүүҥҥү хаһыҥ кыырпахтара окко-маска ыйаммыттара араас өҥнөрүнэн кылапачыһа оонньууллара. Кус төһө даҕаны кэлбэтэҕин иһин, уум ханан, бэркэ сэргэхсийэн күөлүм сырдык иэнин одуулаһа олорбутум. Онно-манна саалар тыастара күһүҥҥү тымныы салгыҥҥа сатараан иһиллэллэрэ. Мин дурдабар баччаҕа кус хайаан даҕаны биллэр буолара, бу сарсыарда биир даҕаны тылбыйар кынаттааҕы көрбөккө олорбутум.

Эмискэ кэннибэр киһи саҥата: «Тоҕо манна олороҕун?» – диэн иһиллибитэ. Мин соһуйан ходьох гына түстүм. Хайдах эрэ этим салаһан, кэннибин хайыһан көрбүтүм: саһаантан ордук үрдүктээх хара бэкир «киһи» кэннибиттэн уонча хаамыылаах сиргэ миигин өҥөйөн турар эбит. Ол икки ардыгар өйдөөн көрбүтүм: киһиттэн букатын атын. Сирэйэ дьүүлэдьаабыта биллибэт, биир кэм хап-хара. Таҥас-сап дьаабы. Ып-ыарахан, ыыр-дьаар сыттаах. Киэҥнээх киһи хотуолуон сөп.

Мин уолуйан хаалан, тылбыттан матан, хамсаабакка даҕаны таалан олордум. Оттон кэннибэр турар «киһи»: «Тоҕо олороҕун? Үтүөнэн мантан бар!» – диэн иккиһин холдьоҕор. Ол кэнниттэн мин дурдабыттан хайдах ойон турбуппун, бэйэм даҕаны билбэппин. Биирдэ отуум таһыгар баарым. Уҥуоҕум халыр-босхо баран хаалбыт, сүүспүттэн тымныы көлөһүн бычыгыраабыт. Баҕарбатарбын даҕаны дурдам диэки хайыспытым, били сатанам турбут сиригэр дьөлө хатанан баран турар эбит…

– Эн суолуҥ туспа, мин суолум туспа, – диэн бэйэбин бэйэм бөҕөргөтүнэ, испэр холкутуйа саныы-саныы малбын-салбын хомунан, дьиэбэр барардыы тэринэбин. Илиим-атаҕым баайыллыбыт курдук буолан, букунаһа сырыттахпына: «Мантан бар диибин буолбат дуо?», – диэн саҥаны истээт да, эргиллэн көрбүтүм: били сатана олох аттыбар кэлэн турар. «Баран эрэбин буолбат дуо?» – диэн этиһэр санаалааҕым да – эппитим дуу, суоҕа дуу? Ити икки ардыгар өйбүн сүтэрэн ылбыт бадахтаахпын, алаас илин баһыгар биирдэ баар буолан хаалбыт этим.

– Аал-уоккун, сириҥ-дойдуҥ иччитин аһаппытыҥ дуо? – диэн мин Михаил Яковлевич кэпсээнин кэнниттэн ыйыппытым.

Онуоха киһим саҥата суох олорбохтуу түспүтэ.

– Суох. Урут аһатар-сиэтэр буоларым. Ол сырыыга түптээн-таптаан аһаабыт да суоҕа… Ол эрээри, абааһы көстүбүтэ дьиибэ ээ…

Ол бука, биһиги эбэбит абааһыта буолбатаҕа буолуо, суол абааһыта буолуо… «Айан ыта ардырҕас, суол ыта суоһурҕас», – диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ааһан иһэн холдьохсон аастаҕа.

Ханныгын да иһин аны алааспар эргиллэр санаам суох. Эдэрдэр, эһиги, бултааҥ. Кырдьык, эбэбит иччитин аһатан-сиэтэн, саха киһитин сиэрин тутуһан, онно-манна мээнэ халаарбакка, көрсүөтүк сылдьан бултааҥ, – диэн кэриэһин этэр курдук этээхтээбитэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации