Электронная библиотека » Иннокентий Сосин » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Эргэ өтөх хоноһото"


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 09:00


Автор книги: Иннокентий Сосин


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 6 страниц)

Шрифт:
- 100% +

ӨЛҮӨС ОЙУУН КЫАЙТАРЫЫТА

Былыр, 1911 сыллаахха эбитэ дуу, 1912 сыллаахха эбитэ дуу, Бүлүү аатырбыт удаҕана Алыһардаах Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгин ойууна Өлүөс Макаарабы сиэбитэ үһү. Ол туһунан биһиги нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһа Яков Федорович Зыков оҕонньор кэпсээбитин букатын оҕо сылдьан истибитим.

– Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгин (билигин Бөтүгүттэ) бэйэтин туһугар киэҥник сураҕырбыт, аатырбыт ойуун Өлүөс Макаарап Дьокуускай куоракка киирэн, уруккуттан буолар үгэһинэн, атастарын-доҕотторун кытары көрсүһэн, хаарты оонньоон, арыгы иһэн, күннүү-күөнэхтии, көрүлүү-нарылыы сылдьыбыт.

Арай биир үтүө күн, куорат биир мааны ыалыгар, Өлүөс Макаарап доҕотторун кытары мустан, хаарты оонньуу олорбут. Кини бу сырыыга хаартыта бэркэ тахсан, син обургу соҕустук сүүйэн, өрөгөйдөөн олордоҕуна, саха киһитэ көрөөт даҕаны «сык» гына түһэр, кэрэ, толомон дьүһүннээх, толуу көрүҥнээх үчүгэйкээн дьахтара киирэн кэлбит. Эр дьон оонньууларын ухханыгар оҕустаран, маннык үтүө дьахтар киирбитигэр долоҕойдорун тохтоппотохтор, олох даҕаны аахайбатахтыы салгыы оонньуу олорбуттар. Оттон дьахтар буоллаҕына Өлүөс Макаарабы кытары кэпсэтэ сатаабыт.

– Оо, үтүө хотун, сололооҕум буоллар, – диэбит Өлүөс Макаарап били дьахтарга туһаайан, – уун-утары көрсөн олорон кэпсэтэ-ипсэтэ, аһыы-сии олоруохха, ол кэннэ оонньуу-көрүлүү түһүөххэ, кытарах дьахтарынан саатыы сылдьыахха үчүгэйкээн да дьахтар эбиккин. Ол билигин, көрөрүҥ курдук, атыҥҥа аралдьыйан олоробун. Эйигин кытары дьарыктаһар иллэҥим суох, – диэбит.

– Дьэ, Өлүөс Макаарап ойуун, эйигин кытта анаан-минээн, атах тэпсэн олорон бүөмнээн кэпсэтээри кэлбитим. Онтукам баара, мин туспар кыратык даҕаны солотуйар бириэмэҥ суох эбит. Кытаат, оонньоо-көрүлээ. Ол эрээри, аны үс хонугунан дьиэҕэр-уоккар ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолуом. Онно кыратык да буоллар, солотуйа түһэн, миигин кытта көрсүһэр гына, үчүгэйдик бэлэмнэнэн олороор, – диэн этээт да, дьахтар таһырдьа тилир гынан хаалбыт.

Өлүөс Макаарап соһуйан дуу, куттанан дуу дьахтарга тугу даҕаны хардарбакка олорбутунан хаалбыт. Ол кэннэ, дьахтар ааны сабан тахсарын кытта, эмискэ сирэйэ-хараҕа уларыйа түспүт, илиитигэр тутан олорор хаартытын остуолга бырахпыт, ол кэннэ олоҕуттан ойон туран, барардыы тэриммитинэн барбыт.

– Бу иэдээммин! Бүлүү эбэ хотун аатырбыт-суолурбут улуу удаҕанын Алыһардааҕы билбэккэбин, өһүргэтэн ыыппыт муҥум да баар эбит. Хайыамый, тургэнник дойдубар, дьиэбэр-уоппар тиийдэхпинэ табыллар киһи буоллум, – диэн ойуун уйулҕата хамсаан, соргута самнан туран эппит.

Ол киэһэ Өлүөс Макаарап бэрт түргэнник хомунан дойдулаабыт.

Ити түбэлтэ буолбута үс хонук ааспытын кэннэ, күнүскү ыам чугаһаан эрдэҕинэ, Мэҥэ улууһун Мө-

ҥүрүөн нэһилиэгин Биэ Өлбүт сайылыгын арҕаа өттүнэн уулаах хараҥа былыт тахсан иһэрэ көстүбүт. Өр буолбатах, тыалыран-кууһуран, силлиэрэн турбут. Чугастааҕы оту-маһы имитэн-хомутан, иэҕэҥнэтэн-куоҕаҥнатан барбыт.

Былыт саҥа тахсан эрдэҕинэ, ону бэрт ыраахтан көрө охсон, бу дойду биир кырдьаҕас ойууна олбуор иһигэр оонньуу сылдьар оҕолору «түргэнник дьиэҕитигэр киирэ охсуҥ, ол кэннэ ардах ааһыар диэри саҥарсымаҥ даҕаны, хам-бааччы олоруҥ!» диэн дьиэҕэ ыҥырталаан киллэртээбит. Ол кэннэ бэйэтэ бэрт түргэнник оһоҕор уот отто охсон, сиэллээх арыыны уотугар биэрэ-биэрэ, уоһун иһигэр ботугураабыт. Күүстээх тыал ааһыар диэри уотун иннигэр, икки илиитинэн сыҥааҕын хам туттан, тоҕоноҕунан түһэҕэр тайанан баран, саҥата суох уотун одуулаан олорбут.

Оттон таһырдьа сэттэ халлаан силлиэтэ, тоҕус халлаан холоруга, ньиргиэр этиҥэ, уот садарах чаҕылҕана доҕуһуоллаах дохсун ардах курулаччы кутан ааспыт.

…Бу улуу киһи айанын кэмигэр быстах оҥоһуулаах, кыра ычалаах киһи сор суолланар, анараа дойдуга аттанар эбит. Моорук нэһилиэгэр Оччуолатар диэн бэйэтин туһугар киэҥник биллэр ойуун баара. Кини киһи ходуһатыгар киирэн от кэбиһэ сырыттаҕына, арҕааттан эмискэ баҕайы хара былыт уһулута ойон тахсыбыт, ону кытта өтөрүнэн түспэтэх сүҥкэн улахан силлиэ түспүт, Оччуолатар ойуун отун түстээри турдаҕына, кыдамалатар аат суох буолбут.

Ойуун ыксаан кыдаматын сиргэ быраҕан баран: «Туох ааттаах сатата түһэн сатыылаан хаалла!» – дии-дии, кэбиһиилээх отугар көхсүнэн буолан, ииктээн хорулата турдаҕына, дохсун холорук кэлэн, оҕонньору бэйэтигэр сөрөөн илдьэ баран иһэн, умса охсон кэбиспит. Оҕонньор онтон улаханнык ыалдьан тахсан, ол силлиэлээх-холоруктаах күн түүнүгэр эмискэ өлөн хаалбыт.

…Наанык оҕонньордоох Бидилики диэн бэйэлэрин төрүт-уус алаастарыгар арҕаа өттүнээҕи Аҥхайдаах диэкиттэн, үрэҕи таҥнаран, хабыс-хараҥа уулаах былыт иһэрэ көстүбүт. Ону кытта тэҥҥэ хара холорук өрө уһууран кэлэн ааспыт, тыал бөҕө түспүт. Сотору бугулларын ыһыталаан, отторун кыырай халлааҥҥа көтүтэн таһаарбыт. Дьон ардахтан күрэнэн алаас халдьаайытыгар сырсан тахсыбыттар. Аны киһи дьиктиргиэн иһин манна тыал да суох, ардах даҕаны түспэтэх, мэктиэтигэр күн кылбаарыччы тыган турар үһү. Оттон сыһыы уҥуоргу куула тыата көстүбэт, дохсун ардаҕа курулаччы түспүт.

Ардах кэлбитин курдук эмискэ халлан хаалбыт. Былыттан күн күлүмүрдүү күлбүтүнэн тахсан кэлбит. Сир-дойду бүтүннүүтэ уунан халыс гына түспүт, куоһахтар барылара туолбуттар, сүүрээнчиктэр тыккыраабыттар.

Аҕыйах хонон баран истибиттэрэ, Алыһардаах удаҕан илин Алтан нэһилиэгэр Өлүөс Макаарап ойууҥҥа ыалдьыттаары айаннааһына эбит. Ол Алыһардаах удаҕан сүүнэ улахан хомуһуннаах удаҕан эбит. Дьиэ ортотугар ууну халытан кэбиһэр, онтукатыгар алыһардар уста сылдьаллар үһү. Кини обургу ахсым ардах аргыстанан, дохсун силлиэ доҕуһуолланан айанныыр эбит. Кэлэн ааспыт сиринэн тыа мастарын үлтү барчалаан, сүүрбэччэ хаамыы кэтиттээх суолу солоон ааспыт. Саҥардыыҥҥа диэри, ол суола оспокко Алыһардаах суола диэн аатырар буолара.

…Өлүөс Макаарап дойдутугар тиийэн, дьиэ кэргэттэрин барыларын көһөртөөн баран, олорор дьиэтин бары түннүктэрин, аанын тэтиҥ маһынан кириэс оҥорон сабыталаан кэбиспит. Быһата, Алыһардаах киниэхэ аанньанан ыалдьыттыы кэлбэтин сэрэйэн, көмүскэнэргэ санаммыт. «Кими даҕаны мин дьиэбэр киллэримэҥ!» – диэн чугас дьонноругар этитэлээбит. Оччотооҕу кэнэн дьон ол сураҕы истэн баран, ойуун дьиэтигэр чугаһыыр бэйэккэлээх буолуохтара дуо? Ырааҕынан сылдьыбыттар.

Алыһардаах болдьообут күнэ үүнүүтүгэр Өлүөс Макаарап аал уотун оттон баран, уотугар ас биэрэбиэрэ алҕаабыт, көрдөспүт. Ол кэннэ дьиэтин омуһаҕар киирэн, дүҥүрүн туппутунан саһан олорбут.

Күн түөртүүр ыам буолуута арҕааттан хара былыт халыйан тахсыбыт, ол кэннэ алдьархайдаах аан холорук өрө уһуутаан тахсыбыт да, аарыма тииттэри силистэри түөрүтэ уурталаабыт. Халлаантан хара самыыр ыаҕастаах уунан куппут. Утаакы буолбатах, ойуун олорор дьиэтин сүүнэ улахан холорук үс төгүл эргийэ көппүт. Ол былаһын тухары дьиэ аанынан да, түннүктэринэн даҕаны дьиэҕэ киирбэккэ сылдьыбыт. Онтон биирдэ оһох үөлэһинэн дьиэҕэ көтөн түспүт. Өлүөс Макаарап өлүөх быатыгар оһоҕун үөлэһин кириэһинэн бүөлүүрүн өйдөөбөтөх дуу эбэтэр уотум иччитэ удаҕан абааһытын чугаһатыа суоҕа дии санаабыта дуу? Онон Алыһардаах удаҕан туох да мэһэйи көрсүбэккэ дьиэҕэ киирбит.

Дьиэ иһинээҕи умуһахха хайдах көрсүһүү буолбутун ким даҕаны билбэт. Киэһэтигэр ардах уурайан, силлиэ ааһан, сайыҥҥы от киэһэтэ буолбут. Ойуун аймахтара кырдьаҕастара дьиэтиттэн тахсарын кэтэһэн көрөн баран: «Кырдьаҕаспыт табыллыбата быһыылаах», – диэн, бэркэ дьаархана саныы-саныы, дьиэҕэ киирбиттэр. Оҕонньордоро дьиэтин умуһаҕар киирэн, дүҥүрүн туппутунан өлө сытарын булан, уҥуох туппуттара үһү.

Былыргы дьылларга улуу ойууттар, удаҕаттар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар күрэстэһэллэрэ үһү. Онно ким күүстээх хомуһуннаах – ол кыайара диэн оҕонньоттор кэпсиир буолаллара. Ол кэннэ: «Билбэт киһигин мээнэ быһа-хото саҥарбат буол. Киһи иннин күөйэр сэттээх-сэлээннээх», – дииллэрэ.

Кийиити «таптаабыт» абааһы

Сэрии саҕаланнаҕын кыһыныгар биһиги Мил үрэҕэр олорбуппут. Биир балаҕаҥҥа алтыа этибит. Түөрт улахан киһи, икки оҕо буолан олус иллээхтик кыстаабыппыт. Киэһэ аайы ону-маны сэһэргэһэбит. Абааһы туһунан эмиэ. Биир киэһэ үлэбитин эрдэ бүтэрэн, аһаан баран, утуйаары олордохпутуна Екатерина Брызгалова, оччоҕо отутуттан эрэ саҥа тахсыбыт дьахтар, хайаттан киирбит абааһы туһунан кэпсээбитэ.

– Мин оҕо эрдэхпинэ Амма Болугуругар үөскээбитим. Уончабыттан саҥа тахсан эрдэхпинэ, Сэмэн оҕонньордооҕу хайа иччитэ буулаабыт, ордук кийииттэрин Балбаараны муҥнуур үһү.

Арай биирдэ, Сэмэн оҕонньор уолунаан иккиэн уокка оттор мастара бүтэн, тыаҕа мас кэрдээри тахсыбыттар. Сааһыары соҕус буолан, тураҕас сылгы күн уотугар туорайдыыр кэмэ. Күн балайда уһун. Оҕонньор уолунаан ый кэриҥэ оттор мастарын кэрдибиттэр, ол кэннэ тиэйэргэ табыгастаах гына чөмөхтөөбүттэр.

– Тукаам, ити бэртээхэй да куруҥах турар. Итини кэрдэммит билигин оҕуспутугар тиэйэн дьиэбитигэр киллэриэххэ баар, – оҕонньор бырааны сирэйдэтэ соҕус турар тиити ыйбыт.

– Кырдьык, бэрт кураанах мас турар.

Оҕонньор маска тиийэн, сүгэтин өнчөҕүнэн тиит умнаһын охсуталаан көрбүт. Бэрт кураанах, лоп-лоҥкунас тыастаах куурбут мас түбэспит.

Арай сууллараары мастарын кэрдиэх буолбуттара, тииттэрэ ис-иһиттэн кыбыс-кытаанах, сүгэлэрэ тэйэ сылдьар, киил бэйэлээх мас буолбут. Ону оҕонньор: «Бэрт киил эттээх мас түбэстэ. Уот обургу сиэҕэ», – дии-дии уолунаан хардары-таары, сынньана-сынньана, бэрт элбэх сыраларын биэрэн, сылбалара быстан туран суулларбыттар.

Тииттэрин дүлүҥнүүллэригэр, аллараа өттүттэн түөрт дүлүҥү, ол иһигэр суп-суон баҕайы сыалдьатын, бэрт эрэйэ суох эрбээбиттэр. Бэһис дүлүҥнэрин эрбииллэригэр мастара кыбыс-кытаанах буола түспүт. Эрбиилэрэ мас этигэр хатаммакка, өрүтэ тэйитэлээбит. Оҕонньор ыксаан, сүгэтинэн хаста даҕаны охсон, олук оҥостубут. Ол кэннэ эрбээбитинэн барбыттар. Эрбиилэрин тииһэ бэрт нэһиилэ хатаммыт. Онтон эрбиилэрэ мас ортотугар даҕаны тиийбэккэ сылдьан иннинэн да, кэннинэн да барбат буола кыбыллан хаалбыт. Оҕонньор ыксаабыт. Ол да буоллар, өһөс санаата дэлэ дуо? «Бу дүлүҥү быраҕан кэбиһиэх. Мас элбэх буолбат дуо?» – диэн уола этэн көрбүтүн, оҕонньор буолумматах. «Мин даҕаны өһөс киһибин. Хайаан даҕаны бу маһы иннин ылыам. Ол кэриэтэ түүҥҥэ ылларыахпыт. Син биир тиэйэн киллэриэм!» – диэбит. Эмиэ эрбээн барбыттар…

Бэрт өр сыралаһан, сэниэлэрэ-сэлбээлэрэ баранан, күн киириитэ дүлүҥнэрин кэрдэн бүтэрбиттэр. Аны тиэйиэх буолбуттара, били дүлүҥнэрэ букатын тиэллибэт, сыарҕаттан төттөрү түһэ турар үһү. Оҕонньор: «Туох ааттаах абааһы маһа буулаата. Дугдуруй да сутуруктаа диэн мээнэҕэ эппэттэр. Бачча сыралаһан кэрдэн баран, хайаан даҕаны аал уотум аһылыга оҥостуом. Уот баҕас эйигин сиир ини», – диэн өсөһөн туран, бэрт нэһиилэ тиэйбит.

Дьиэлэригэр ыкса түүн тиийбиттэр. Дьонноро кинилэри «туох айылаахха түбэһэн, түүҥҥэ былдьаттылар» диэн куттанан, дьаахханан олорбуттар. Тиэйэн аҕалбыт мастарын сүөкээн баран, эр дьон сылайбыттара бэрт буолан, мастарын эрбээбэккэ, дьиэлэригэр киирэн, аһаан баран, сынньаммыттар. Түүн олус үчүгэйдик утуйан турбуттар.

Оҕонньор сарсыарда сүөһүтүн аһатан баран, били дүлүҥүн эрбээбитинэн барбыт. Хас даҕаны чуурканы эрбээбиттэрин кэннэ, бүтэһик иннинээҕи чуурка эрбэттэрбэккэ эмиэ бэҕэһээҥҥи кэптэрин кэтэрдибит. Тиһэҕэр эрбээн баран, хайытан хардаҕастаары гыммытыгар чууркаларыгар сүгэлэрэ тэйэ сылдьар, букатын сыстыбат. Ону ааһан, сүгэтэ тэйэн баран, халтарыйан кырдьаҕаһы чуут бэйэтин дэҥнии сыспыт. Оҕонньор киһи эрэ буоллар ыксаабыт. «Чэ, кэбис хайыттарыа суох, айылааҕын аал уотум сиэтин, – диэн хайыппакка эрэ, нэһиилэ көтөҕөн киллэрэн, умайа турар көмүлүөк оһоҕор киллэрэн оттон кэбиспит. Уота бастаан сыыгынаан иһэн, улам-улам чачыгыраччы сиэн барбыт. Ону көрөн туран оҕонньор: «Эһ-э! Эйигин даҕаны иннигин ылар баар эбит», – диэн сэтэрии турбута үһү.

Оҕонньор уола соторутааҕыта Абаҕа нэһилиэгиттэн эдэркээн баҕайы, чугас эргин көстөр дьүһүнүнэн, тылынан-өһүнэн, өйүнэн-санаатынан тэҥнээҕэ аҕыйах, кэрэ бэйэлээх кыыһы кэргэн ылбыт кэмэ эбит. Кийиит сырдык, ыраас хааннаах, толору уурбут-туппут курдук эттээх-сииннээх, уҥуохтаах көнөтө, кэрэ бэйэлээх быһыылаах, сайаҕас санаалаах, үөрүүнү-көтүүнү, ырыаны-тойугу кытта сылдьар оҕо эбит. Ыаллара: «Сэмэн оҕонньор кийиитэ Балбаара барахсан үтүө дьахтар буолууһук», – диэн сылыктаан кэпсэтэллэрэ. Ол кырдьык этэ. Кыыс үлэһит үтүөтэ, аһы даҕаны үчүгэйдик астыыр, ииһи да мындырдык иистэнэр эбит.

Сыл кэриҥэ олус үчүгэйдик олорбуттар. Ол кэмҥэ улууска сэбиэскэй былаас саҥа олохтонон, дьон-сэргэ сир-уот үтүөтүн диэки харахтара хатанан эрэр кэмэ этэ. Балбаара аҕа кынна сылгылыын-ынахтыын барыта отучча сүөһүлээх, оччотооҕу кэмҥэ орто ыал ахсааныгар киирсэр кырдьаҕас эбит. Онон, үлэ-хамнас да, ас-таҥас даҕаны баар соҕус ыаллара этэ.

Кинилэр ити курдук үчүгэй олохторугар, били чуурканы оһохторугар оттубут киэһэттэн саҕалаан абааһы буулаан, аймалҕан тахсыбыт. Ол күн утуйар аһылыктарын аһыы олордохторуна, кийииттэрин Балбаара иэдэһин ким эрэ, көстүбэт киһи, ытыһынан таһыйан лабырҕатан барбыт. Ону кытта дьахтар саҥата: «Абытай да абытай! Айыкка да айыкка!» – дии-дии, олоппоһуттан туран, сирэйин илиитинэн саба тутта-тутта, куота сатаабыт. Кэргэнэ кэлэн дьахтары бэйэтигэр сөрүү тардан ылбытыгар, аны баттаҕыттан тардыалаабыт.

Дьиэлээхтэр аймаммыттар. Оҕонньор, уотугар ас биэрэ-биэрэ, ааттаһа-көрдөһө сатаабыт. Ону абааһылара истэр быардаах буолуо дуо? Түүн даҕаны букатын утуппатах. Кийиит сотору-сотору кыламмытынан оронугар олоро түһэр. «Абааһыгыт оһох кэнниттэн буорунан тамнааттыыр. Айакка да айаккаа!», – диэмэхтиир. Маккыраччы ытыыр. Оттон абааһы оҕонньор суорҕанын сулбу тардан ылан сиргэ бырахпахтыыр, ардыгар атаҕыттан соһор. Дьиэ ортотугар баар олоппостору ыла-ыла быраҕаттыыр. Тыас-уус бөҕө. Дьиэлээхтэр кутталларыттан сүрэхтэрэ биир кэм эппэҥнэс, систэрэ кэп-кэдэҥнэс. Ийэ-хара көлөһүннэрэ түһэн, суорҕаннарынан бүрүнэн баран, дьөрү, улаханнык даҕаны тыыммакка, саҥаларыттан матан баран сыталлар. Сэмэн оҕонньор куттаҕаһа суоҕунан биллэр киһи этэ даҕаны, кини даҕаны уолуйбут. Оронуттан туран уотун оттон, ас биэрэ-биэрэ абааһыттан көрдөһө сатаан кэбиспит, абааһыта тохтуохтааҕар эбии сатайбыт. Оҕонньор үрдүгэр тоҥ буору курулаччы куппут, оһох кэнниттэн сиэбит эттэрин уҥуохтарынан эпчиргэлээбит. Быраҕара бэргэнэ диэн сүрдээх эбит: оҕонньор иэдэһиттэн атын сиргэ түһэрбэт үһү.

Сарсыҥҥы да күннэригэр абааһылара тохтооботох. Син биир уруккутун курдук, үксүгэр кийииттэрин муҥнуур-сордуур. Оҕонньор киһи эрэ буоллар, муҥатыйар буолбут: «Хара сордоох баара, бу өлөр-эстэр быабар хайа иччитэ олохсуйбут маһын кытары күрэстэспит абам да баар эбит. Бу абааһыны бэйэлээх бэйэм оҕуспунан тиэйэн киллэрэн, дьиэтинуотун алдьатан уокка умаппыт эбит буоллаҕым. Сатаан ыал буолан олорбот быатыгар өсөһүм, абааһым киирбит эбит. Арай ойуун аҕалан үтэйтэрэн көрбүт киһи», – диэн санаабыт.

Оҕонньор ыаллыы нэһилиэгиттэн син обургу соҕус ойууну аҕалан били абааһытын үтэйтэрэн көрбүт. Онуоха анарааҥҥыта кыыран көрөн баран, тохтообут. Кини: «Кырдьаҕас, табыллымаары гыммыккыт. Эн дьиэҕэр хайа иччитэ киирэн олохсуйбут. Кинини үөһэ да, аллара да үтэйэ сатаан кэбистим да, мин абым-хомуһунум кыайбата. Атын улахан ойууну булан көрдөххүнэ сатаныыһы», – диэн абааһыны кыайбатаҕын туһунан аһаҕастык билиммит. Оҕонньор ойууҥҥа атаҕын соболоҥун биэрээри гыммытын, киһитэ ылбатах.

Абааһылара кыратык даҕаны намыраабат, хата күн-түүн аайы ордук абааһытыйан иһэр. Аны кийииттэрин сүгүн хаамтарбат, хатыйар, охторор, туох түбэһэринэн тамнааттыыр. Дьахтар устунан төбөтүнэн ыалдьар, түҥ-таҥ тыллаһар буолан хаалар… Хотоҥҥо турар сүөһүлэрин баайбыттарын кэннэ, бука барыларын быаларын сүөртэлээн хотон иһигэр босхо ыыталыыр. Босхо барбыт сүөһү аанньа буолуо дуо? Хардары-таары кэйсии, харсыһыы бөҕө араллаана буолар. Итиннэ орулаһыы, манна сарылаһыы аймалҕана. Уолуйа куттаммыт, харахтара дьэргэҥнэс буолбут сүөһүлэри баайарга сыра-хара бөҕө барар. Аны абааһылара сылдьар ыалдьыты сүгүн сырытыннарбат, эгэ хоноһону хонноруо дуо? Наар буорунан-сыыһынан тамнааттаан, тымныы уунан ыһыахтаан, ардыгар уҥуоҕунан быраҕаттаан, төттөрү үүртэлээн кэбиһэр. Кэнникинэн оҕонньордооххо ким да сылдьыбат буолан хаалар.

Арай биирдэ, нэһилиэк ревкомугар кэлэ сылдьар хомуньуус, бассабыык киһи: «Абааһы диэн букатын суох. Эһиги туох эрэ сымыйаны кэпсиигит. Ол абааһыгыт хайа ыалга баарый? Мин баран билэн кэлиим. Тугу сымыйанан этэр эбиккитий?» – диэн сирдьит киһи ылан абааһылаах ыалга соруйан, аат ааттаан тиийбит.

– Хайа, хоноһону хоннорбот, ыалдьыты сырытыннарбат абааһыгыт ханнаный? – диэн киһи, саха сиэринэн кэпсэппэккэ эрэ, хара маҥнайгыттан абааһыны суохтаан киирбит. – Тоҕо тугу даҕаны саҥарбаккыт? Суох абааһыны кэпсиир эбиккит, – ол кэннэ кинилэр диэтэх дьон биир сиргэ туруох бэйэлээх буолуохтара дуо? Оһох кэннинэн, хаҥас диэкинэн «абааһыны көрдөөн» тилийэ сүүрбүттэр.

– Илэ сылдьар абааһыгыт ханнаный? Хайдах дьүһүннээҕий? – дии-дии, били киһи оһох кэнниттэн тахсан истэҕинэ, уун-утары тымныы ууну сирэйигэр ыспыт. Аны кэннин хайыһан эрдэҕинэ, ыарыылаах баҕайытык кэтэххэ сырбаппыт. Онтон ыксаан, аан диэки куотаары гыммыттарыгар, аны буорунан сирэйдэригэр ыспыт. Ыалдьыттар даҕаны саха киһитэ буоллахтара, саллыбыттар, куттанан атахха биллэрбиттэр.

Бөтүрүөбүс баай уолун эмиэ чугаһаппатах сурахтааҕа. Онуоха, Бөтүрүөбүс уолаттара: «Доҕоттоор, эһиги бу дьиэҕэ сатаан олоруо суоххут. Ханна эрэ атын сиргэ, ыал булан көстөххүтүнэ сатаныыһы», – диэн сүбэлээн барбыттар. Ол эрээри, ити сүбэ кураанахха хаалбыт. Кыс хаар ортото кинилэри ким дьиэтигэр киллэриэй? Хайа, абааһылара батыһан тиийээ ини. Дьиҥэр, ыал үксэ кыараҕас, бэйэлэрэ иккилии-үстүү буолан дьукаахтаһан олороллоро, ордук моһуоктааҕа – сүөһү турар хотоно хантан даҕаны көстүбэтэ буолар. Онон атын сиргэ көһөр букатын кыаллыбат. Иккис өттүнэн, сахалар итэҕэллэринэн дьиэлэриттэн көстөхтөрүнэ, ол дьиэлэригэр абааһы үйэ-саас тухары олохсуйан хаалар. Киһи дьиэтигэр уһуннук олорбот, тохтуу түһэн баран, син ханна эмэ баран биэрэр үһү. Онон хаһан баҕарар абааһыттан куотан көһөр сатаммат эбит.

Ый кэриҥэ итинник ыарахан, муҥ-таҥ ортотугар олорон баран, кийииттэрэ быста дьүдьэйэр, наһаа улаханнык ыарытыйар. Оннооҕор, абааһытыгар даҕаны кыһаммат буола түлээгирэр. Салгыы маннык олордоҕуна, киһи аатыттан ааһарыгар тиийэр. Ол иһин сүбэлэһэн баран кийиити дойдутугар, Абаҕаҕа төрөппүттэригэр ыытарга быһаарыналлар.

Биир сарсыарда эрдэ соҕус оҕонньор атын көлүйэн баран: «Абаҕаҕа дьоҥҥор күүлэйдии барыах», – диэн эппит. Онуоха кийииттэрэ үрүҥ да, хара да диэн хардарбатах. Күүстэринэн таҥыннаран, сыарҕаҕа таһааран олордубуттар. Аара баран иһэн: «Абааһым батыһан иһэр, эрэйдээҕи сыарҕаҕа олордуохха баар», – диэбитэ үһү. Онтон биирдэ: «Абааһым эрэйдээх аҕыс салаалаах аар хатыҥҥа ытыы-ытыы хаалла», – диэбит. Ол кэннэ түҥ-таҥ тыллаһан иһэн, эмискэ өйдөнөн хаалбыт. Дойдутугар тиийэн ый кэриҥэ суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан баран, үтүөрбүт.

Ол күнтэн ыла оҕонньордоох дьиэлэригэр хайа иччитэ эргиллибэтэх. Эмиэ уруккуларын курдук, эйэ-дэмнээхтик олорбуттар. Сайыныгар, кэргэнэ үтүөрбүтүн истэн, уол бара сылдьыбытын дьахтар буолумматах. Ону уол даҕаны, баҕар, абааһыбыт иккистээн эргиллиэ диэн соччо модьуйса сорумматах. Оттон кини Абаҕаҕа кэлэн олохсуйуоҕун, дьоно буолумматахтар.

Кийиит олоҕо даҕаны соччо үчүгэйэ суох кэскиллэммит. Нөҥүө дьылыгар киин улуустарга илинтэн үрүҥнэр сэриилэрэ тоҕо анньан киирбиттэр. Кинилэр кыыс бииргэ төрөөбүт убайдарын Абаҕаҕа тутан ылан ытыалаабыттар. Бэйэтин «Дьокуускай куораты ылар похуоттарыгар» илдьэ барбыттар. Дьон истэригэр этэрээккэ остуорас, ас астааччы гынабыт диэбиттэр. Онуоха кыыс буолумматаҕын, убайдарын ыппыттарын курдук өлөрөн кэбиһиэх буолан куттаабыттар. Ити кыһын, үрүҥнэр Чурапчынан эргийэн Мэҥэ улууһун сирдэринэн Бүтэйдээҕинэн, Харба Атаҕынан, Бэйбэчэк олоҕунан, Тулагы Киллэм сирдэринэн бүтүннүүтүнэн кэрийбиттэр. Ол былаһын тухары дьахтары илдьэ сылдьыбыттар. Кини төрөөн баран хаһан даҕаны көрсүбэтэх атаҕастабылын, батталын көрбүтэ. Үрүҥ тойотторо саатыыллара, таҕылларын таһаараары күүстэринэн «таптыыллара» үһү.

Сайын үрүҥнэр илин диэки күрүүллэригэр кинини дойдутугар хаалларбакка илдьэ барбыттар. Арай биирдэ, Маайа өрүһүн өксөйөн истэхтэринэ, Балбаара атах сыгынньаҕын тыаҕа түһэн хаалбыт. Собус-соҕотоҕун, киһитэ-сүөһүтэ суох түҥ тайҕа ортотугар хас даҕаны хонукка аһаабакка, аҥаардас сиикэй уунан утахтанан сылдьыбыт. Таҥаһыттан бүттэлээх таҥас ордубатах, от-мас хайыта тыытан бараабыт. Онуоха эбии сайыҥҥы бырдах, күлүмэн, кумаар ыамалара бэйэлээхтэр быһа ыстааннар, этэ бүтүннүү хабылыттан, сыгынньах атаҕа бааһырталаан, хаамтарбат буолан, муҥур уһугар тиийэн, сыгынах үрдүгэр олорон, уйа-хайа суох ытыы олордоҕуна, булчут эбэҥки уола түбэһэн дьиэтигэр илдьибит. Уол дьоно үтүө санаалаах аһыныгас буоланнар, кыыһы аһатан, таҥыннаран, бэйэлэрин кытта бииргэ олордубуттар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации